Кэпсээ
Войти Регистрация

Оҕолорго кэпсээннэр

Главная / Кэпсээннэр / Оҕолорго кэпсээннэр

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
08.11.2024 21:26
110 0

Содержание

An image to describe postСуорУола 20 марта 2015 21:58

Мээчик

Куочук кыракый уҥуохтаах буолан, кылааһын оҕолоруттан саамай кыралара. Ол иһин кинини туох да күрэхтэһиилэригэр ылбакка сордууллар. Баскетбол да волейбол да буолаҕына, эгэ футболга ылахтара баар дуо. Ол иһин наһаа да хараастар этэ. Оннооҕор остуол тиэниһигэр чугаһаппатар. Биирдэ Куочук эдьийэ Новоссибирскай куоракка күүлэйдии барарыгар, туох баар муньубут харчытын биэрэн, тиэнис мээчигэ ыларыгар көрдөспүтэ. Эдьийэ күүлэйдээн кэлэрин өр да кэтэспитэ. Дьэ онтон саҕаламмыта ээ..дьиҥнээх олох, кини курдук кэтэһиилээх уонна убаастабылаах олох, киниэхэ..Барыларыгар доҕор атас, буолан хаалбыта...Күҥҥэ маҥнай, биэс тиэнис мээчигин илдьэ барар этэ... Оннооҕор улахан кылаас уолаттара, кинини убаастаабыттыы көрөр буолбуттара. Сороҕор оҕолорго сирэйдэриттэн, харахтарыттан көрөн...мээчигин биэрэр буолан киирэн барбыта. Туһата суох дии санаабыт оҕотугар кыкыраччы...акаастаан кээһээр этэ..Кэмниэ кэнэҕэс туох баар бүтэр кэмнээх, аҕыйах устуука мээчик да бүтэр кэмэ эмиэ кэлбитэ...Урукку олоҕуттан дьөссө кусаҕан олох, тиийэн кэлбитэ киниэхэ...били мээчиктэрэ баар эрдэҕинэ атас доҕор буола сылдьыбыт...ким да суох буолбута....Били мээчиктэрин көҥөммүт оҕолоро эрэ...кинилиин кэпсэтэр,алтыһар буолтара...

Мүөт

Роза кыыс мүөтү наһаа да сөбүлүү быһылаах....Кинэҕэ дуу, эбэтэр тэлэбиизэргэ көрдөҕүнэ наһаа да астынар этэ...Ол кынан баран кырдьыгын эттэххэ, олох боруобалаан көрө илик аһа этэ. Саамай баҕара баҕа санаата, мүөт буолан турар. Эбээтитэн куруук көрдөһөр, маҕаһыыҥа бардаҕына көрдөһө сатыыр да эбэтэ ылан бэт. -Чычааҕым мин пиэнсийэм кырата бэт дии...ол эн баҕара мүөккүн ылахпытына, бу ыйы туоруур кыахпыт суох буолар тоойуом...Кэлин үлэһит киһи буоллаххына, бэйэҥ төһө баҕара мүөтү ылар буолуоҥ..-диэн эбэтэ сиэнигэр этэр. Роза кыыһы эбэтэ олох кыһыл оҕо эрдэҕиттэн көрөн олорор....Ийэтэ, кинини эбэтигэр аҕалан быраҕан биэрэн баран, оҕолооҕун олох да умнан кээспитэ. Билигин туспа ыал буолан олорор сураҕа иһиллэр да, кыыһыгар уонна ийэтигэр олох кэлэ сылдьыбат. Оҕо оҕо курдук баҕарара элбэх да, бу кыыска ол эбэтэ кыра пиэнсийэтин харчыта тиийбэт буоллаҕа.....

Көстүү

Ромка сотавай телефона суох....Кылааһыгар оҕолоро бары телефонаахтар. Кинилэр наһаа элбэхтэр, дьонноро кыамматтар. Ол иһин кайан телефон ылар кыахтар суох . Биирдэ Ромка уулусаннан баран иһэн ким эрэ алдьаммытын дуу или эбэтэр алҕас түһэрэн кэбиспит телефон наүшнигын булан ылбыта...Онтуката маҕан өҥнөөх. Наһаа да үөрбүтэ ол булумньуутугар. Кулгааҕар ылан кэтэн кэбиспитэ уонна биир өттүн ылан сиэбигэр уктан, музыка истэ сылдьар курдук туттан уулусаннан, хааман оскуолатыгар киирбитигэр, оҕолор ымсыыра да көрбүттэрэ ээ....

Билисэпиэт

Гераҕа дьонноро билисэпиэт ылан биэрбиттэрэ. Ону да сылы быһа көрдөһөн, төһөлөөх хараҕын уутун тохпутай. Ийиэтэ уолугар кылааскын үһэ суох бүтэрдэххинэ ылыахпыт диэбитэ да, икки үстээх бүтэрбитэ. Ол да буолаар ылбыттара. Уопуска харчытынан . Билигин Гера оҕолору сыса сылдьыбакка бэйэтэ билисэпитээх. Килиэп ыла барарыгар билисэпиэтинэн, аҕыйахта тэбэн тиийэр. Хараҕын харатын курдук харыстыы сылдьыбыта, аҕыйах хонон баран, биир түүн хочуоҥкаҕа укпакка хонорбутугар...сарсарда сүтэн хаалбыт этэ. Ким эрэ кэлэн уоран илдьэ баран хаалбыта. Уол онон манан сүүрэкэлээн көрдүү сатаабыта да билисэпиэтэ суоҕун курдук суох этэ...Күнү быһа сытан ытаабыта....Кэлин аҕата аһынан , булууска кистээбит билисэпиэтин таһааран уолугар биэрбитэ, уонна эппитэ. -Ийиэҥ муҥнаах, хара көлөһүнүнэн мунньан эйиэхэ ылбыт сээкэйин харысаабат эбиккин....Хайа хайдах эбитий, арай дьиҥнээхтик ильдэ барбыт буоллуннар....Өйдөө уонна харыстаа...

Хаанаах андаҕар.

-Бу били уол эмиэ ханна барда?...Хотуой , быраатыҥ диибин ээ.... -Ма..хантан мин билэбин..баар этэ дии..Били Проня уолу кытта , хотон кэннигэр чиэрбэ хаһа сылдьаллара дии..-диир Катя иһит сууйа туран. -Эмиэ балыктыы бараары иирэ сырыттаҕа...Бар ыл ыҥыран киллэр..-диэн кыыһыгар соруйар Биэрэ – Мин иһити сууйуом, бар бырааккын көрдөөн киллэр. -Сөп Ма..-диэн баран Катя таһырдьа ойдо.

Мичиллээх Проня, хотон кэннигэр сиргэ тобуктаан олорон хаһан таһаарбыт буордарын маһынан тарыйан көрө –көрө.. -Да бу көрүүй Пронька ..-диэн баран Мичил эмис баҕайы ардах чэрбэтин, Проня муннун анныгар ылан көрдөрөр. -Маарыын мин эмиэ итиччэ курдугу булбутум дии..-диэн Проня муннун туора соттор. -Эс...булбутуҥ буоллар көрдөрүөҥ этэ дии..-диэн Мичил киһитин диэкки киһиргээбиттии көрөр. -Булбутум..Булбутум итиннэ бааҥкаҕа баара буолуо.-диэн Проня иннин биэрбэт. -Чэ булбут буоллаххына бэт дии..Хата улахан балык хабыахпыт..-диэн Мичил табаарыһын санныга таптайан ылар.

Ол олордохторуна мичил эдьийэ Катя кыыс , аҕылаан мэҥилээн сүүрэн кэлэр. -На...Мичил, тоҕо мин эйигин куруук көрдөөн тахсыахтаахпыный?...Бар дьиэҕэр Ма.. ыҥырар, кыыһырбыта сүрдээх, дьэ кэһэтэрэ буолуо...Бар сүүр түргэнник.. -Ол эмиэ туохха наадыйбыт?....Киһи биирдэ балыктыы бараары кыннаҕына..Тоҕо кэллин диирий..-диэн эдьийин диэкки көрөр. -Ону мин хантан билэбин..Бар түргэнник ыҥыран киллэр диэбитин иһин кэлэн турдаҕым дии...Бар бара оҕус.. -Чэ..Чэ ээх...-диэн Мичил сиртэн туран, дьиэтин диэкки бараары туран доҕоругар Проняҕа туһаайан этэр. -До..Проня эн дөссө чиэрбэлии түс...Элбэх чиэрбэ наадатын бэйэҥ билэҕин.- Киһитэ саҥата суох хаспыт буорун маһынан тарыйан киирэн барбытын көрөн Мичил дьиэтин диэкки, ыстаанын тардына түһэн баран сүүрэ турар. Катя быраатын кэннитэн эмиэ сырсан түһүнэр. Дьиэтигэр ойон киирээт Мичил, Ийэтэ иһин сууйа турарын көрөн ийэтин сырайын хараҕын көрбүтүнэн киирэр. Кыыһырбыт буоллаҕына сирэйин көрөн билэр буолан. Ийэтэ уолун көрөөт , икки иэдэһиттэн тутан ылаан мунутунан оҕотун сылаан ылла. -Оо дьэ.. оҕом сыыһа сирэй харах, ктуйахтаан сии сылдьаҕын дуу..-диэн уолун сырайа буор буолбутун ылан сотон киирэн барар. -Ма...туохха ыҥырдыҥ..Билигин Проня чиэрбэ бөҕөтүн буллаҕына киһини сүгүн балыктатыа суоҕа баттыы..-диэн Мичил уоһун толлотор. -Ол эмиэ туоххутуй...Балыктыы бараары кынныҥ дуо?. -Ма...ааспыкка бараар диэбитиҥ дии...-диэн Мичил кыыһырбыта буолан уоһун толлотон , ытаары бэлэмнэнэр. -Онтон чыычааҕым оҕото, эн бардаххына мин сүгүн олорбот да сыппат да буоллаҕым дии...Оҕом хайдах сылдьар диэн..Кутталбыттан..-диэн ийэтэ уолун иэдэһиттэн сыллыыр. -Ма..балыктаан баран кэлиэҕим буоллаҕа дии..-диир Мичил. -Чэ бараар, бараар...ол кынан баран хоммокун, оннук эрэ буоллаҕына ыытабын...сөп дуо?...Өйдөөтүҥ?. -Сөп..сөп...Ма..мин кыра буолтахпынн ээ...үһүс кылааһы бүтэрдим буотта..Эн куруук кыра оҕо курдук көрөҕүн...-диэн Мичил ийэтигэр кыыһырар. -Эн миэхэ син биир кыра буоллаҕыҥ дии..чыычааҕым сыыһа..-диэн ийэ оҕотун төбөтүттэн сылыыр. -Ма..бүт эрэ..хата илдьэ барар ыһыкпын бэлэмнээриий..-диэн Мичил балыктыы барар буолбутуттан үөрэн, ийэтигэр көрдөһөрүү этэр. -Ээ...оҕом сыыһыгар бэлэмнээ буоллаҕа дии...Катюша...кэл эрэ...били роса бытыыкатыгар бырааккар үүттэ кутан таһаар эрэ оҥкучахтан..-диэн кыыһыгар соруйар. Катя кыыс иһигэр тугу эрэ ботугуруу ботугуруу, киирэн бытыылкаҕа үүт кутан таһаарар. Кыыһырбыт аҕай сирэйдээх аҕалан быраатыгар. -Мэ..үүккүн, бэйэҥ да киирэн кутуоххун –диэн быраатын кынчарыйан ылар. -Чэ...ээх..туггун быстан түстэ, бырааккар үүт кутан таһаарбыккар..Оҕом сыыһа биһигитин аһатаары балыктыы баран эрдэҕэ дии..Улаатаҕына кини биһигитин көрөр, соҕотох эр киһибит –диэн ийэтэ уолун астыммытыы көрөр. -Ма..мин балыктыыр сээкэйбин тэриниэм..миэхэ мэһэйдээмэҥ..-диэн баран Мичил таһырдьа тахсан, сарай үөһэттэн аҕатыттан хаалбыт күөгү маһын ылан сиргэ түһэр. Дьиэ күүлэтиттэн киирэн үс лиитирэлээх үүт бүтүөнүн таһааран, күөгүтүн аттыгар аҕалан уурар. Уонна туох наада буоларын туран толкуйдаан баран, дьиэтигэр киирэн ийэтиттэн, көрдөһөр. -Ма..миэхэ испиискэтэ биэрэҕин дуо?. -Ол эмиэ туохха испиискэлэнигит?..Аны уоту ыытаары..Суох..суох биэрбэппин...Дьэ нохоо..уоран ылбыткын билэхпинэ..бэйэҥ билэҕин...-диир ийэтэ. –Мэ ыһыгыҥ бу баар...килиэпкин эҥин барытын арыылаан барыта бэлэм, уонна бу..-диэн баран остуол тардарыттан кыракый бириичииннэй быһаҕы таһааран уолугар туттарар –Бу аҕаҥ быһаҕа сүтэрэн кэбиһээйэҕиний.. -Суох Ма..сүтэриэм суоҕа..-диэн баран Мичил быһаҕын ыстаанын сиэбигэр уктан кэбиһэр. Таһырдьа тахсан билсэпитин туругун көрбүтэ, кэникээҥҥи көлөһөтүн хаамырата тыына тахсан хаалбыт этэ. Өйдөөн көрбүтэ ниипэлин устан ылбыттарын көрөн хараҕа уулана түстэ. Маарыын сарсыарда эдьийэ Катикка килиэб ыла барарыгар мииннэн барбыта, хаһан кэлбитин өйдөөн көрбөккө хаалбыта бу буоллаҕа. Дьиэтигэр сүүрэн киирэн, ийэтигэр хаһыытаабытынан барбыта. -Ма...билиписиэтим ниипэлин Катикка соруйан устан кэбиспит дии... -Хотуоой...Хотуоой...кэл эрэ манна..-диэн ийэтэ кыыһын хаһыытаан ыҥырдп. Катя хостон тахсан ийэтин диэкки буруйдаммыттыы көрөн, аргыый саҥарда. -Маарыын маҕаһыыҥҥа кирбиппэр, ниипэлбит уоран ылбыттар этэ...онно били Аликтаах, Өстүөпкэ сылдьаллар этэ...-диэн кыыс ытаан барда. -Оо..дьэ сор до оҕолор буоллаххыт...бу кып-кыра дэриэбинэҕэ бэйэ бэйэҕититтэн уорсан түһэҥҥит..Били ол уолаттар биһиэхэ билиниэхтэрэ диэтэҕиҥ..-диир ийэлэрэ. -Кинилэр..кинилэр...тахсыбытым, маҕаһыын кэннинэн сүүрэ турбуттара..-диир Катя. -Аны билигин ниипэл көрдүү барар буоллаҕым...Тоҕо маарыын эпэтэххиний кэллэ кэлээт..Чэ кэл бардыбыт, Алик мааматыгар бара сылдьахха..-диэн баран Биэрэ ойон туран таһырдьа харбыаласта. Кэнниттэн Мичилэ уол батыһан тахсан иһэн. -Ма...оччоҕо биһиги сатыы барыахпыт..Эн ниипэлбин эбэһээт булан аҕалаар...Мин бардым ..Сөп Ма.. -Чэ..Чэ..барар буоллааххына бар..Киэһээ утуйарга кэлээр..Сөп дуо нохоо..-диир ийэтэ. -Сөп..Сөп..-диэн баран Мичил ыһыктаах суумкатын кытта күөгүтүн харбаан ылан баран, доҕорун Проня дьиэтигэр тэбиннэ. Дьиэлэрэ да кэккэлэһэ турар буолан, кыракый күрүө дуомун өр кыныа дуо..

-Пахай...оччоҕуна сатыы

барабыт дуо –диэн Проня сүрэҕэлдьээбиттии кэтэҕин тарбанар. -Сатыы да барыахха, кипииччэ үктүүр сиринэн быһа киириэхпити..оннук түргэн буолуо..Ээ..чиэрбэҕин ханна кынныҥ.. -Бу бааҥкаҕа купутум..-диэн Проня сгушенка бааҥатын көрдөрөр. Мичил бааҥканы ылан ытыһыгар сүөкээн көрбүтэ, чиэрбэлэрэ олох да эбилибэккэ , хайдах кини хааларан барбытын курдук эрэ этэ. -До..биир да чиэрббэни эпэтэххин дии...-диэн Мичил доҕорун сирэйин көрөр. -Үһү булбутум ээ до..Уонна эйигин көҥүлээбэт буолулар диэн..дьиэбэр кэлбитим..-диир Проня атын сир диэки көрө-көрө, табаарыһыттан харахтарын кистээн. -Чэ буоллун...Хата көгүгүн бэлэмнээтиҥ дуо?. -Ыллым, хайдах күөгүтэ суох барыахпыный...толкуйдаан көр. Уонна бу эбии күрүчөктэри ыллым – диэн баран, төгүрүк вазелин иһитин арыйан көрдөрөр. -Ээ..мин оло туһунан олох да толкуйдаабатахпын дии..Хата миэхэ биэрээр эрэ, күрүчүөкпүн былдьатахпына.-диэн Мичил доҕоругар мичээрдиир. -Бирэиэм дии..ама хайаан биэриэм суоҕай доҕорбор..Ээ..хата мин дөссө лиэскэ уонна поплавок эбии ылыам..-диэн баран дьиэтигэр киирэн хаалар. Сотору соҕус буолан баран тахсан Мичилгэ салапаан бакыатка суулана сылдьар лиэскэлээх поплавогу көрдөрөр. -Бу ааспыкка, аҕам куоракка киирэ сылдьан кытай ырыынагыттан ылан тахсыбыта, онно барыта баар үһү..-диэн киһиргээбиттии туттар. Мичил саҥата суох доҕорун диэкки көрөн эрэ кэбиһэр, уонна улахан баҕайытык үөһээ тыынан ылар.. Уолаттар бааһынаны уҥуордаан, кирпииччэ үктүүр сарай сарай атынан балыктыах буолбут күөллэригэр тахсан кэлэллэр. Бу улахан күөл, анна кумах буолан балыгын арааһа элбэх этэ. Манна баара алыһар, кыһыл харах, күстэх уонна сордоҥ, ону таһынан соботун этэ да барыллыбат буоллаҕа. Күөл кытыыта үктэлэ кытаанах буолан уолаттар атахтарын таҥаһын устан, ыстаанарын тиэринэн ууну тэпсэ сылдьан күөгүлүүллэн киирэн бардылар. Маҥнайгыннан балыгы Проня уол хабан үөрүүтэ сүрдээх. -Мичил көр бу...кыһыл харах дии..-диэн доҕоругар аҕалан көрдөрдө.Онтон уолаттар утуу субуу балык бөҕөтө хаптаран киирэн бардылар. Маҥнай ааҕа сатаан баран, кэлин ааҕалларын да умнан кээстилэр. Биир үс лиитирэлээх кыракый бидончиктарын толору балык хабан баран, сүбэлэһэн аһыыр аакка киирдилэр. Кэккэлэһэ олороорн ыһыктарын хостооһун буолла. Мичил ийэтэ бэлэмнээбит, халбаһыылаах уонна арыылаах килиэбин кытта роса бытыылкатыгар кутуллубут үүтүн хостоон таһаарда. Доҕоро Проня буспут сылгы этин кытта, сүөгэйдээх килиэбэ уонна бытыыкаҕа куттан кэлбит саахардаах чэйдээх этэ. -Оо...халбаһыы..-диэн баран Проня, халбаһыылаах килиэби ылан, иҥсэлээхтик уобалаан барда. Мичил доҕорун аҕалбыт этин үрдүгэр түстэ, тото хана аһаан баран доҕордуулар , окко тиэрэ түһэн сытан эрэ маннык кэпсэтии таҕыста... -Пронь... улаатаххына туох буолуоххун баҕараҕыный? –диэн Мичил ыйытта. -Билбэтим ээ...Баҕар аҕам курдук суоппар буоларым дуу...эбэтэр..атыыһыт буоларым дуу ийэм курдук...Онтон эн?. -Мин...мин..баҕа санаалаахпын...-диир Мичил. -До..ол туох баҕа санаалаахыный? -Кимиэхэ да кэпсээбэт буоллаххына эрэ этэбин... -Суох кимиэхэ да этиэм суоҕа...-диэн Проня Мичилгэ илиитин биэрэр –Кэпсиэххин сөп. -Чэ оччоҕо иһит...Мин бастакы кылааска үөрэнэ сырыттахпына аҕам суох буолбута..Ол барыта арыгыттан сылтаан, мин өну өйдүүбүн барытын, ол күн арыгы иһэн баран дьөссө эбинэ бараары масыына саахалыгар түбэспит этэ...Арыгы испэтэҕэ буоллар билигин тыынаах буолуо этэ. Аҕата суох наһаа кусаҕан..Ол иһин ити биир эрэ ыанар ынаҕы хаалларбыта ийэм. Ийэм оскуолаҕа остуорастаан уонна чуораан тыһатар үлэҕэ үлэлээн төһөлөөх хамнаһы өлөрөрүн этэ да барыллыбат. Биирдэ эмит эт ылан сиибит, ый баһыгар атаҕар..Улаатахпына хаһан да арыгы диэни иһэм суоҕа диэн баҕа санаалаахпын. Уонна элбэх, ынах сылгы ииттэн ийэлээх эдьийбин этинэн үүтүнэн хаачыйар баҕалаахпын...-диэн этэн баран Мичил хараҕын уутун туора сотунна. Проня доҕорун баҕа санаатын итстэн, эмиэ харахтара ууланан нэһиилэ ытыырын туттунан олорон Мичилгэ эттэ. -Доҕорум Мичил...Бу улуу эбэбит иннигэр туран иккиэн андаҕар тылбытын биэриэххэ...Хаһан да арыгы диэҥҥэ охтубакка, үлэһит киһи буолан улаатыахпыт диэн... -Оннук...Хата оннук гынахха, бэйэ бэйэбитин өйөһөн, көрсөн арыгыны хаһан да иһиэхпит суоҕа диэн ... Мичил баран хатыҥ мастан туос луоскуйун хастаан аҕалла. -Проня , бу туос луоскуйугар хаанынан андаҕар тылбытын суруйан баран күөлгэ быраҕахпы... -Ээ...кырдьык хаанынан суруйуохха. Былыргы дьоннор курдук...Оннук суруллубуту кэһиллибэт...-диэн Проня Мичил харахтарын көрөр. -Чэ оччоҕо оннук гынахха...-диэн баран Мичил быһаҕын таһааран , быһах төбтүнэн эрбэҕин хайа сотон хаан таһаарар. Талах маһы ылан тоһутан , хааныгар оймуу оймуу суруйан барар.. “ Мин Мичил хаанынан андаҕар тылбын суруйабын... Хаһан да арыгы диэн аһы ...аһыам суоҕа диэн...” Проня доҕорун үтүктэн , эрбэҕин хайа сотон эмиэ
суруйар. Туостарын эрийэ тутан , күөлгэ килэрэн быраҕаллар. -Мичил...күөлбүтүгэр андаҕар тылбытын биэрдибит...Кэһэр күнээх буолахпытына.... -Күөлбүт иччитэ истэстин....-диэн Мичил түмүктүүр. Уолаттар балык бөҕөтө хаптаран, дьилэригэр утуйалларын саҕана кэлэллэр. Ити биэрбит андаҕа тылларын кимҥэ да кэпсээбэккэ, икиэн эрэ бэйэлэрин истэригэр илдьэ хаалбытттара. Бу биэрбит андаҕар тылларын бу уолаттар кэспэтэрэ буоллар диэн эрэнэ хаалабыт...

Добавить комментарий