Кэпсээ
Войти Регистрация

Харахтар

Главная / Кэпсээннэр / Харахтар

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
08.11.2024 21:57
4k 0

An image to describe postСуор Уола 3 марта 23:30

Петр Петрович бүгүн саҥа должностка ананна, ону таһынан званията үрдээн майор буолла. Сасыарда эрдэ кабинетыгар кэлэн, бүгүҥҥү үлэтин былааныы олорор....Бастакытынан, үлэһиттэрин кытта билсии...онтон, хас биирдии үлэһитигэр кэккэ дьалалары биэрии, уонна хонтуруолааһын...-диэн үлэтин дневнигэр бэлиэтэнэ олордоҕуна, аанын токсуйан кини үлэһиттэрэ субуруһан киирэн остуолга олорбутунан киирэн бардылар. Арааһата кини ининээҕи тойонноро итинник үөрэппитэ, эбитэ буолуо. Биир капитан званиялаах орто саастаах киһи. -Петр Петрович, планеркаҕытын саҕалыахытын сөп..-диир. Петр Петрович киирбит дьоннору сиһиилии көрүтэлии түһэн баран, аргыый саас сааһынан саҥаран барда. -Эписиэрдэр...чаһыы оруобуна тоҕус буолла, эһиги дьигинэн тоҕус чааска үлэҕитин саҕалаан барыахтаах этигит...Мантан иньэ, мин кабинеппар 8.45 мүнүүтэҕэ баар буоларгытын ирдиибин. 9.00 чаастан үлэбитин саҕалаан киирэн барар эбээһинэстээхпит, ол курдук өйдөөҥ..-диэн үлэтин бастакы күнүн саҕалаата, СКМ начаальнигынан ананан кэлбит Петр Петрович.

Петр Петрович дьоннор дьалаларын үөрэтэ олорор,ааҕан сыҥалаан көрөн баран кимҥэ биэрэрин быһаарар. Устудьуон уолаттар бэргэһэ устубуттар, бу маны эдэр саҥа үлэлээн эрэр Волков кыайа дии санаан, харандааһынан муннугар, лейтенанту Волкову.И.П. диэн бэлиэтээтэ. Онтон иккис дьаланы ылан арыйан көрдө, киоска маҕаһыыны халааһын...бу маны..маны Сидоров, түргэнник арыйа дии саныыбын, диэн муннугар бэлиэтээтэ. Үһүс дьаланы арыйбыта...Өлөрөөрү куттааһын..икки төгүл хаайыга олорбут киһи ыаллары өлөөрөөрү куттаабыт...Дьалаҕа иһигэр хаайыылаах хаартыската баарын ылан көрөн баран, уотунан оҕустарбыттыы дьик гынан ылла...Бу харахтар...кини бу харахтары хаһан да умнубат..Бу харахтар...Өр сыллары быһа түүлүгэр төһөөн көрөр харахтар..Бу харахтр...Ол хаһан этэй, бу харахтары көрбүт кэмэ....

Петя уол дьиэтигэр соҕотох хаалан, денди оньуу сатаан баран сүрэҕэлдьээн киирэн барда.Холобура ийэлээх аҕата баалар эбитэ буоллар, буойсыа этилэр оччоҕо өчөһө-өчөһө оонньуо эбитэ буолуо. Билигин баҕар күнү да быһа оонньуо этэ да сүрэҕэлдьээн киирэн барда. Приставкатын арааран баран таһырдьа таҕыста, кыракый хочуоҥка үөһээ сүүрэн тахсан ыалларын тэлгэһэтин одуулаата. Доҕоро Куочук куурусалары аһата сылдьарын көрөн. -Куочуу..к -диэн хаһыытаан сатарытта. -Тугуу..й -диэн Куочуга хардарар. -Кээ..л түргэнии..к -диир Петька. -Тохтоо..тиийээ.м -диэн эпиэтиир уола. Дьэ бэт сотору Куочук кэллэҕинэ тугу гыналларын быһаарсахтара. Тиийэн кистэлэҥ сириттэн арагааккатын хостоон таһаарда, уонна ол бу диэкки кыҥаталаан тардыалаан көрдө. Ол сырыттаҕына олбуор нөҥүө доҕорун төбөтө былтас кына түстэ. -Тугуй до..туохха ыҥырдыҥ? -диир ол бу диэкки көрө-көрө. -До..тугу гына сылдьаҕын...моҕотойдуу барабыт дуо?-диир Петька. -Дьукканы эмиэ ылахха, маа5ыын килиэп ыла сылдьан киирэ сылдьыбыта..Уонна Эрэхтээххэ поддон болуот баар диэн кэпсээбитэ. Бэҕэһээ онно Киэсиктээҕи кытта болуотаабыттар үһү..-диэн кэпсиир Куочук. -Ээ кырдьык оччоҕо оннук гынахха..биллигин Дьуукка дьиэтигэр барыахха. -Доо..онтон дьонноруҥ саҥарыахтара суоҕа дуо?- диир Куочук сибигинэйэн. -Киэһээ биирдэ кэлэллэр..ону да суол баар буоллаҕына..-диир Петька -Мин эбээм биллэҕинэ кэһэтэрэ буолуо..-диир Дьукка. -Эн этимэ ээ эбээ5эр..кыра оҕо курдук...Эбээ..Эбээ..-диэн күлүү кынна Петька табаарыһын. -Ээ чэ бардыбыт..моҕотойдуу сырыттыбыт диэхпит да бүттэҕэ дии..-диир Дьукка -Мин баран арагаайкабын ылан кэлиэм, уонна моҕотойдуу бардым диэн сэрэтиэм эбээбин, билигин кэлиэм..-диэн баран төбөтө сүтэн хаалла.

Петькалаах, Дьукка дьиэтигэр кэлэннэр тастан туран хаһытаан ыллылар. -Дьукка биһигитин кытта барсаҕын дуо -диир Куочук. -Ханна баран иһэҕит..барсан бөҕө буоллаҕа дии..-сөбүлэһэ түһэр Дьукка . -Эрэхтээххэ тиийэн болуот баар диэбитиҥ дии..онно уҥуор туораан тахсан моҕотойдуххайыҥ-диир Петька -Кырдьык барыаххайыҥ..мин арагаайкабын ылан баран тахсам..күүтүҥ билигин тахсыам -диэн баран Дьукка дьиэтигэр киирдэ. Сотору соҕус буолаат тахсыбытын кэннэ, үс доҕордуулар буолары буолбаты кэпсэтэ кэпсэтэ Эрэхтээх диэкки быһалыы алаастары туораан бара турдулар. Эрэхтээххэ тиийэн,Дьууккалаах хомус отунан кистии саба бырахпыт поддоннарын күөлгэ аньан киллэрэн аньынар мастарын ылан ууга киирдилэр. Үс кыра уолаттары подуоннара син уйар буолан аргыый сыҕарыйан күөл ортотун диэкки, устан киирэн бардылар. Киэҥ ууга киирбит поддоон болуот, дьэ син түгэнник сыҕарыйан киирэн барда. Уолаттар бэйэлэрин олх мотруостар курдук сананан үөрүүлэрэ көтүүлэрэ сүрдээх. Онтон Петька маһынан аньынары мүччү туттан, охто сыыһан поддоон кытыытыгар үктэнэ, үһүөн биир кытыыга баар буолан хаалбыттара подуоннара кулахачыс гынаатын кытта уолаттар ууга сакыраһан түстүлэр...

Гордей, Сидор уонна Ганя буолан бүгүн күүлэйдиир санаалаах муһуннулар. Сидор Ганяны илдьэ матасыыкылынан кэллэ. Гордей эрдэ кэлэн остуол уонна олбох оҥоро сылдьыбыта. Матасыыкыл талыгыраан кэлбитигэр, уолаттарын көрсөөрү, үлэтин быраҕан утары барда. -Оо...уол оҕото кэлэн барытын бэлэмнии охсубуккун дуу..-диэн Сидор үөрбүт саҥата иһилиннэ. -Гордей дорообо доҕоор.. -диэн Ганя илиитин биэрэн дорооболосто. -Да Гордей..Аленкалаах,Галя кэлэр буоллулар, ол кынан баран киэһээ үлэлэрэ бүттэҕинэ кэлэллэр үһү..манна кинилэри Ромка аҕалаан биэриэх буолла. Эн харчы кэм да булбатыҥ? -диир Сидор. -Суох ..булбатым..бэйэҥ билэҕин дии үлэлээбэккэ сылдьарбын..-диир Гордей сири көрөн туран. -Мин үлэлиибин дуо...харчы булабын дии, куруук эн быстыбыт ойдубут аатыраҕын -диир Сидор. -Эн кыахтаах дьон оҕото, үлэлээбэккэ да харчыҥ халыҥын биһи билэр буоллахпыт..- Гордей кыһыйан сиргэ силлиир. -Онтон бу Ганя син наадыйдаҕына булар дии...До Ганя хантан харчы булбуккун кэпсээ эрэ доҕоор..-диир Сидор. -Ээ...ити, аҕам андаатырдарын атыылаатым дии...ЛЭП нуучаларыгар -диир Ганя хараҕын кистии туттан. -Уйбаан биллэҕинэ бэт диэбэтэ буолуо, эпитиҥ дуо аҕаҕар? -диэн ыйыттар Гордей Ганяттан. Киһитэ төбөтү быһа илгистэр.-Дьэ дыала эбит, кыһыны быһа бултаан эрэйдэммитин ылан атыылаан кээһэр диэн..-Гордей баһын быһа илгистэр. -Наа..эн онно тоҕо кыһалынныҥ..Хантан да буллун.Куруук мин харчыбар иһээр кынаҕыт дуо?- диир Сидор. -Мин эппитим.. харчы булар кыаҕым суох диэн. Ити Ганя курдук, кимтэн да уоран ылан атыылыыр каҕым суох, ону эһиги бэккэ билэҕит-диир Гордей. -Чэ оччоҕо сатаатар бараҥҥын, икки иһит Арайаалла атыылаһан кэл, Ырыынак Марыыналаахха баар диэбиттэрэ. Бу кэлэн иһэн сылдьыбыппытыгар, табаар тута сылдьабын биир чааһынан кэлээр диэбитэ. Чэ билисипэккинэн баран кэл, наһаа уһаама.Ити матасыыкылым бэнзиинэ аҕыйах, киэһээ Аленканы хатааһылатарбар эмиэ наада курдук, ону өйдөө...чэ бар -диир Сидор.

Гордей билисипиэтигэр олорон бөһүөлэк диэкки тэбэн саныыр...-Ити Сидордаах икки этээстээх дьиэлэрин тута сылдьан, Гордей аҕата суорума суолламыта..икки оҕону тулаайах хааларбыт буруйдарын билинэн Сидор дьонноро кини ийэтигэр, наар онон манан көмөлөһө тураллара. Күһүнүн идэһэ этэ, муус мас килэрээһинин эмиэ. Аҕалара өлбүтэ алтыс сылыгар барда да, Гордей билигин да аҕатын суохтуур курдук. Бөһүөлэккэ ытыс үөһээ сылдьар мас ууһа этэ..бөһүөлэк иһигэр кини туппу дьиэтэ, ол бу араас оҥоһуктара элбэх этилэр. Олору көрө-көрө Гордей сүрэҕэ үөрэр. Бу күһүн кини, ПТУга тутааччы үөрэҕэр үөрэнэ барыахтаах Сидор аҕата Матвей Иванович оннук баҕарбыта. Биирдэ Гордейдаахха кэлэ сылдьан маннык кэпсэтии тахсыбыта -Тойуом..Гордей, мин эһиги иннигитигэр ыар буруйдаах курдук санана сылдьабын...Ол иһин эһиги киһи буоларгытыгар туох баар күүспүн барытын уура сатыам...Ол кынан баран ити мин уолбун кытта таах кудуруһа сылдьаргын сөбүлээбэппин...Ити уолу ийэтэ нааһаа дьай ыытан кээһэн, киһи да саатар...Мин буойаары кыннахпына көмүскэһэн сүрдээх..Эн кинини кытта мээнэ батыаккаласпатыҥ эбитэ буоллар, бэт буолуо этэ...мин уолбун билэрим бэт..үчүгэйгэ тиэрдиэ суоҕа, онон өйдөө мин эппиппин..-диэн эппитэ Матвей Иванович. Эрэхтээх кытыытынааҕы үрдүк суолунан айаннаан иһэн, Гордей күөлгэ үс кыра уолаттар болуотунан ууга киирэн уста сылдалларын көрөн ылбыта. Арай көрдөҕүнэ уолаттар болуоттара кыҥнайан, оҕолор ууга саккыраһан түспүттэрэ..-Оо бу иэдээни -диэн баран Гордей билисипиэтиттэн ойон түһээт, күрүөнү нөҥүөлээн күөл диэкки сүүрдэ, аара сүүрэн иһэн атаҕар кэтэ сылдьар киэтэлэрин уһултаат. Уонна ууга ыстанан киирэн оҕолор диэкки харбаан киирэн барда. Болуокка тиийиэр дылы сэниэтэ бутэн нэһиилэ аҕылаан тыынар буолла. Кыратык тыын ыла түһэн баран, ууга булумахтана сылдьар уолга харбаан тиийэн, саҕатыттан харбаан ылан болуокка аньан таһаарда. -Манна хамсаабакка сыт..-диэн хаһыытаан эттэ, уонна иккис уол ууга түһэ-түһэ чалапаайдана сылдьарыгар, умсан тиийэн уолу кууһан ылан эмиэ болуот диэкки харбаан барда. Онно тиийэн уолу нэһиилэ болуокка анньан таһаарда. Сэниэтэ олох эстэн, сүрэҕэ айаҕынан тахсах курдук буола. Болуот кытыытыттан тутуһан, кыратык тыын ылан сыньана түстэ.. -Уонна ким баарый...хайа диэкки түспүтэй..-диэн уолаттартан ыйытар. -Ыаа..ыаа..ити диэкки быһылаах..-диир биир уол ытыы ытыы. Гордей кырататык тыын ыла түһэн баран, уол ыйбыт сирин диэкки харбаан тиийэн, умсан көрдөөн киирэн барда..үһүс умсуутугар илиитэ оҕо атаҕын таарыйан ылбытын харбаан ылан, уу түгэҕиттэн хостоон таһаарда. Уонна уолаттарын көмөлөһүннэрэн уолу болуокка таһаардылар. Биир уолга, тобуккар иһинэн сытыар диэн этэн ыйан кэрдэн бирэн уол испит уутун сүөккэттэ...Уолара уу бөҕөтүн испит этэ, айаҕыттан уу бөҕө тохтубутун кэннэ, уол сөтөллөн баран, тыын ылан баран ытаан киирэн барда.. -Ытаа..ытаа тыҥаҕын ыраастаа..-диир Гордей үөрүүтүттэн. Уолаттар ытаһан, тыын ылан уоскуйбуттарын кэннэ үһүөннэрин болуоттарыгар сыттыартаан баран, биэрэк диэкки үтэ-үтэ үтүрүйэн харбаан барда. Уун утары, бүтэһик ууттан хостообут уола көрө сытарын көрөн Гордей. -Ноо..кимҥиний -диэн ыйытта Гордей. -Петькабын...-диир уол. -Тоҕо ууга оонньуугутуй...ити көрдүҥ дии..туох буолтун..Аны хаһан да ууга оонньоомоҥ...өлөн хаалыаххыт дии..-диир Гордей. -Сөп..уонна хаһан да...-диир Петька уол. Ол бириэҕэ болуот биэрэккэ кэлэн тигистэ. -Чэ уолаттар...аны хаһан да ууга оонньоомоҥ..өйдөөтүгүт - диэн ыйытар Гордей. -Аа..сөп..өйдөөтүбүт -диэн баран уолаттар дьиэлэрин диэкки сүүрэ турдулар.

Гордей хаалан таҥастарын ыкта олорон, ырбаахытын сиэьиттэн харчыта түһэн хаалбытын дьэ өйдөөн көрдө. Онон манан көрүтэлии сатаата да, ханна да көстүбэт. Дьэ сатана диэтэҕэ аны уолаттарыгар туох диирэ буолла. Ити оҕону хостоору умса сырыттаҕына түһэн хааллаҕа..Хайдах эмэ кынан быһаарар инибин -диэн баран төттөрү дьоннорун диэкки, билисипиэтигэр олорон тэптэрэ турда... -Хайа, хайдах бачча түргэнник кэллиҥ -дии тоһуйда Сидор.- Ха до..бу туох айылаах буоллуҥ..-диэн Гордей таҥаһа инчэҕэйин көрөн ыйытар. -Уолаттар...хаччыбын сүтэрдим -диир Гордей. -Эс...хайдах ол..-диир Сидор. -Тугу эрэ гони..кынаҕын дуу, хайдах дуу..-кыттыһар Ганя. -Кырдьык этэбин...ити Эрэхтээххэ, үс кыра уолаттар ууга түспүттэрин, быыһыы сылдьан түһэрэн кээстим быһылаах..-диэн Гордей буруйун билинэр. -Да ну нах.. ол ханнык уолаттар -диир Сидор. -Арааһата билии Миитээ оҕонньор, сиэнэ быһылаах..-диир Гордей. -Дыа эн тугу эрэ сымыйанан кэпсиигин ээ араһата..Харчыбытын кистээн баран сымыйалыы тураҕын быһылаах.. -Уолаттар болуоттаан оонньуу сылдьаннар, ууга булумахтана сылдьар этилэр этэ мин тиийбитим..-диир кыһыйбыт Гордей. -Тоҕо ааһа турбатыҥ..кэһэйэ түһэн баран тахса этилэр дии..-диэн Сидор саҥарар. -Эс..бүт эрэ даа..биир уолу олох тимирбитин хостообутум уу түгэҕиттэн, ааһа барбытым буоллар бары да тимириэ эбиттэр этэ..дириҥэ сүрдээх этэ.-диир Гордей. -Дыа.. эн дөсө туох диигин..-диэн Сидор ынан кэлэн баран Гордейы түөскэ саайда. -Оҕо олоҕо дуу..ол эн арыгыҥ дуу..толкуйдаан көр ээ..Хаччыгын булан биэрилиэ буоллаҕа дии -диир Гордей. -Хантан эн ол булаҕын..Куруук эн ийэҥ ытыһын тоһуйан мин дьоммор кэлэр буолбат дуо..-диэн Сидор Гордейы сутуругунан саайаары куттуур. -На блэ..мин ийэбин эн тыытыма..-диир Гордей кыыһыран. Ити тыллары истэн Сидор Гордейы сутуругунан саайталаан киирэн барар. Ганя тойонугар Сидорга көмөлөһөн, эмиэ Гордейы көмөлөөн кырбаан бараллар. Гордейы сиргэ охторон түһэрэн баран тэбилии сырыттахтарына, Гордей илиитигэр оллоон маһа түбэһэ түспүтүн харбаан ылан, ойон туран дьоннорун куттан салгыҥҥа саайталыыр. Оннук кумалыы сырыттаҕына, Сидор Ганя уолу бэйэтин хаххаланан иннигэр аньан биэрбитэ. Уола куһаҕан баҕайытык хардьыгынаан сууллан түстэ.Ганя охтубутугар Гордей биирдэ өйдөнөн кэллбитэ. Ганя чэчэгэйиттэн хаан бөҕөтө фантааныы тыга сытара. Оллоон маһын төрдүгэр оскуома төбөтө быга сылдьара, уолга чэчэгэйигэр түбэспит этэ. Оллоон мас уруккута күрүө маһын тобоҕо буолан биэрбитэ. Гордей маһын быраҕан баран Ганяҕа ыстанна, уол айаҕыттан уонна муннуттан хаан бөҕөтө сүүрэн киирэн барбыта. Сидор итини көрөн тура түһэн баран, матасыыкылын собуоттаан дэриэбинэ диэкки көтүтэ турбута.. Учасковайы кытта, сэбиэт бирисидээтэлэ уонна Ганя аҕата буолаа милиисийэ масыынатынан тиийэн кэлбиттэрэ, Гордей былыр үйэҕэ сойон хаалбыт Ганя өлүгүн көтөҕөн баран ытыы олороро...

Гордейы киһини соруйан өлөрүүтүн иһин уон сыл хаайыга анаабыттара. Уол бэйэтин көмүскэнэн, тугу да кэпсээбэтэҕэ. Кини бэйэтин дууһатыгар ыар буруйу оҥорбутун билинэн, санаата түһэн барытын сөбүлэһэн испитэ. Хайдах кинини кырбыы сатаабыттарын олох тугу да быктарбатаҕа. Эгэ оҕолор тыынарын быыһаабытын кэпсиэ дуо. Онтон уон сыл олорон баран, таххан Сидоры булан кпсэтээри кыммытын. Киһитэ куттанан эмиэ үҥсэн биэс сылга төттөрү хаайытыгар киирбитэ.... Петр Петрович бу киһи докумуонун ааҕан баран, улахан толкуйга түстэ. Бу киһи бастакы түбэһиитэ, били кинилэр ууга түспүт кэмнэригэ сөп түбэһэр. Ол аата баҕар кини буотаҕа буолуо...Суох кини сыыстарбат, харахтара ол харахтар..Бэ..бэ..бу дьаланы бэйэтэ ылсан көрөрө дуу...Чэ оннук гынан көрүбүт киһи, тугун хайдаҕын билэн баран, быһарыа буоллаҕа дии.

-Тутулааччыны аҕаллыбыт -диэн конвойга сулууспалыыр уол, Петр Петровичка дакылааттаата. -Киллэриҥ -диэн бирикээстээн баран, Петр Петроыич хайдах эрэ долгуйан киирэн барда. Конвой сааһыра барбыт киһини ыҥыран киллэрэн остуол аттыгар турар, олоппоско олордон баран таххан барда. -Кимҥиний, хантан сылдьаргын барытын кэпсээ..-диэн Петр Петрович саҕалаата. -Онтон ити докумуоммар барыта баар дии Начальник, сурулла сылдьар..-диир тутуллааччы. -Эн бэйэҥ кэпсиириҥ, миэхэ ордук буолуо. -Чэ оччоҕо иһит..-диэн баран хас сылаахха ханна төрөөбүтүн, хаанна оскуоланы бүтэрбитин туһунан барытын кэпсээн биэрбитэ. Петр Петрович сиһилии истэн баран, кинини өр сылларга батыһа сылдьыбыт санаатын билээри ыйытта. -Биир сайын эн...оҕолору ууттан быыһаабытыҥ дуо.. -Ону хантан биллигит..оннук баар этэ, ол күн...мин бастакы буруйбун оҥорон түбэспитим...-диир. -Ол аата...эн этэ дуо, ол оҕолору быыһааччы -диир Петр Петрович ыксаан хаалбыт куолаһынан. -Мин..Начальник мин..ол кынан баран ол күн, табаарыспын алҕас өлөрөн кэбиһэн хаайыга түбэспитим. Биир күн үтүөнү уонна мөкүнү оҥоруу... -Мин...Петькабын...-диир Петр Петрович ууланан хаалбыт харахтарынан, киһитин диэкки көрө көрө. -Петька..Петька..ээ...оччоҕо били кыра уол, эн этэ дуо...-диэн ыйытар киһитэ ыксаабыт куолаһынан. -Мин..этэ ол оҕо, уу түгэҕиттэн хостообут уолуҥ бу олоробун..-диир Петр Петрович. -Оо...улахан киһи буолбуккун дии...бэт киһи үөрэр.. -Эн үтүөҕүнэн киһи буоллаҕым дии..онно эн суоҕуҥ буоллар, туох буолуо биллибэт этэ.. -Дьэ диэ...ол кэмҥэ эһигини быыһыы сылдьан харчыбын сүтэрбитим...онтон сылтаан айдаарсан...Эппикэ дылы Дьол уонна Сор эйигин бииргэ арыалыылар диэннэрэ ити буолан эрдэҕэ.. -Гордей..эн миэхэ сиһилии кэпсээ...туох буолбутун, онтон мин туох кыаллар буоллаҕына көмөлөһө сатыам. Мин эн олоххор кыттынастаах эбиппин..Мин уолаттары кучуйан Эрэхтээххэ барбатаҕым буоллар баҕар атын буолуо эбитэ буолуо...Төһө кыалларынан тугу да кистээбэккэ кэпсээ..

Гордей Петр Петровичка туох буолбутун, барытын сиһилии кэпсээн биэрбитэ. Иккис түбэһиитин тоҕо түбэспитин эмиэ. Гордей хаайыттан тахсан, Сиодоры булан тоҕо буруйу барытын киниэхэ ыйаабытын туһунан ыйытар санаалаах тиийбитэ. Киһитэ кинини үөрбүтэ буолан көрсөн арыгы бөҕөтө туруорбута. Онтон аһааһын сиэһин кэнниттэн, урукку дьаланы санаан кыыһырсыы тахсыбыта. Кыратык охсыһан ылыы да баара. Ол кэннэ кинини кэлэн тутан барбыттара. Гордейы Сидоры уонна кини дьоннорун өлөртөөрү кыммыт диэн, буруйдаан иккистээн түбэһиннэрбиттэрэ. Онно заявленияны Сидор ойоҕо суруйбут аатырбыта. Кинини саҥа хаайыттан тахсыбыт киһини, ким да истэ барбаттаҕа. Баҕардар итирэ сылдьан саҥарбытым буолуо кынан баран, мин бэйэм санаабынан оннук санааһын суох этэ диэн кэпсээбитэ Гордей. Бу сырыыга соторутааҕыта тахсан баран, тоҕо сымыйалаан иккистээн хаайыга ыыппыттарын, сиһилии истээри эмиэ кинилэргэ тиийбитин, эмиэ үҥсэн бу тутуллан олордоҕо. Атаҕастаммыт, баттаммыт наар баттанна сылдьарын эппитэ. Тоҕо олоххо итиннигин, хаайыылаах эмиэ киһитин. Тоҕо кинилэр тылларын улахаҥҥа уурбаттарыттан кыһыйар этэ. Петр Петрович бу дьаланы бэйэтэ ылсан, тоҕо киһи олоҕун алдьаппыт Сидоры көрсөн кэпсэтэргэ сананна. Сидордаах дьиэлэригэр тиийэн, кэпсэтиитин саҕалаабыта. -Арыылаахов Сидор Матвеевич, мин Семенов Гордей Ильич дьалатын силэстибийэлии сылдьабын..Эһигиттэн сайабыланьа киирбититтэн көрдөххө. Эмиэ иккис түгэнин, эһигитин өлөртөөру кутаабыт курдук... -Оннук табаарыс слиэдэбэтэл...кини куруук миигин буруйдуур, уонна өлөрүөх буолан кутуур. Урут бастакы сырыытыгар , биһигитин маһынан саайталаан, биир уолу өлөрөн турардаах..ол өлөрбүтүгэр миигин буруйдаах курдук оҥоро сатыыр... -Онтон бу сайабыланьа эн ааккыттан буолбакка, тоҕо Алена Владимрьевна аатыттан сурулла сылдьарый. -Мин дьоммун барытын өлөртүөх буолан кутуур, ол иһин ити эмээхсиним куттанар ээ... -Онтон эн аҕаҥ Матвей Иванович, олох атыны кэпсиир...тоҕо оннугуй... -Аҕам диэ...кини куруук кинилэри аһыммыта буолар...урут уруккаттан..кинилэргэ харчы бөҕөтүн...Мин кинини кытта билсибэппин, мин аҕам буолан бүппүтэ...Аҕам миэхэ суох.. -Аҕаҥ билигин соҕотох олорор...кырдьыбыт аҕаҕар көмөлөһүөҥ кэриэтэ.Аҕам суох дии олороҕун. -Ийэм суох буолбутун кэннэ, куруук миигин саҥаран тахсар..Мин буруйдаах үһүбүн барытыгар..Ийэм өлбүтүгэр эмиэ...Хайдах да буоллун... -Эн тоҕо... Гордей уолу кырбаан барбыккытын туһунан урут кистээбиккиний. -Суох..мин кырбаабатаҕым, кини биһигитин кырбаабыта...маһынан... -Билэҕин дуо эн...Онно ол Гордейыҥ ууга түспүт оҕолору быыһаан таһаарбын... -Сымыйалыыр..хантан кини..кини өлөрүөхсүүт...Хантан быыһаабыт үһү..Сымыйалыыр.. -Суох сымыйыалаабат, дьэ ол баҕас кырдьык...Онтон эн...сидьиҥ киһи..тылларыҥ барыта сымыйа...Оннооҕор төрөппүт аҕаҕын убаастаабат..-диэн баран Петр Петрович дьиэттэн тахсан барбыта.

Гордей, Петр Петровыһы Сидоры, тыыппатыгар көрдөспүтэ. -Кинилэргэ таҥара көрөн оҕо биэрбэтэх,мин бу да сырыттарбын биир уол оҕолоохпун ээ...-диэн этэр Гордей. -До..ол хаһан успейдаан..-диэн соһуйар Петр Петрович. -Бастакы срокпун бүтэрэр кэммэр, безконвойник буолан онно манна үлэлэтэ таһаарар этилэ, онно сылдьан биир кыыһы кытта билсибитим....кини аҕатын көрсө кэлэ сылдьр этэ ийэтинээн. Оннук билсэн көрсөн, кыыс миээ кэлэр буолбута, уһун свиданияҕа...Билигин уолум диэххэ дуу..иккис кылааска үөрэнэ сылдьар. -Онтон дьоҥҥор барбакка, тоҕо ити Сидордааҕы буулаабыккыный... -Мин кинилиин киһилии кэпсэтэр санаалаах этим...Ону баара киһим олох өйдөөбөт, ойоҕун Аленканы эмиэ онно сатаатар кыттыһыннарбыт...Чэ олох, бэйэтэ аахса...Аленканы аһынабын, үчүгэй баҕайы кыыһы, буорту оҥорбут...-диир Гордей. -Ээ..кырдьык даҕаны, бу эн дьалаҕын көтүрдүлэр ону этээри кэлтим.- диир Петр Петрович. -Ити..ээ..бири этээри кыммытым..Олорор кэммэр, маһынан элбэхтэ уһанар уонна ону маны оҥорор идэлээх этим..Ол иһин кыракый сувениирнай цех диэбит курдук тэринээри кынабын..Онно олох тугу да билбэппин, онно көмөлөһүөҥ буолаарай..-диир Гордей. -Бэт..бэт..үөрүүннэн көмөлөһөр буоллаҕым дии, оччоҕо манна аҕаҥ дьиэтигэр олорордуу сананныҥ дуо. -Ээ..оннук курдук..Дьоннорбун көһөрөн аҕалан баран...-диир Гордей. -Олох үчүгэй..Өйдөө Гордей, билигин барыта эн бэйэҥ илиигэр...Уонна мин баарым тухары эйиэхэ тирэх буолуом..Бэйэҥ эрэ түһэн биэримэ..-диир Петр Петрович Гордей илиитин тутан туран.

  • Суох...суох, үтүө киһи ханна да сылдьыбытын иһин син биир ..санаата кэрэ буолар...
    -диир Гордей.

Добавить комментарий