Главная / Кэпсээннэр / «ДЬУЛААН-ДЬУКААХ»
Добавить комментарий
Куоракка маҥнай көһөн кэлиэхпиттэн дьиэ куортамнаан олоробун. Бу уон сыл иһигэр хас дьиэҕэ олорбуппун, куорат араас уһугуттан төттөрү-таары хаста көспүппүн ааҕа билбэппин. Умнубуппун. Арай ол хас сүүрбэ дьиэттэн ордорон биир «чыбы» кыбартыыраны умнубаттыы өйдөөн хаалбыппын. Ол олус тупсаҕайын, үчүгэйин дуу, олорорго уустугун, ыараханын иһин дуу буолбатах. Бэйэтэ дьикти кыбартыыра этэ. Атыттар курдук иччитэх буолбатаҕа. Ону тута көһөн киирээт да, эппинэн-тириибинэн курдат таайбытым. Хайдах эрэ киһи баар сибикитэ биллэргэ дылыта. Тута тыаһаан-ууһаан биллэрбэтэҕин да иһин, хайдах эрэ бэйэбиттэн ураты атын киһи тыына биллэр курдуга. Ону эдэр буолан соччо аахайбатаҕым, кут-сүр тохтуур сирэ эҥин диэҥҥэ соччо таласпат да быһыылааҕым. Сүрүнэ – сыаната чэпчэки, киинтэн чугас этэ. Кыбартыыра иһигэр урукку хаһаайыттартан хаалбыт дуу, олохтоох дьон киэнэ дуу, эргии-эргэ дьыбаан баара. Ол дьыбааны утуйар орон оҥостоору, хоско соһон тирилэтэн киллэрбитим. Ыскааптары, остуоллары бэйэм сөбүлүү көрбүт сирбэр сыҕарыппытым. Көһөн кэлбитим нэдиэлэ кэриҥэ этэҥҥэ ааспыта. Арай биир түүн хойутуу кэлэн, суунан-тараанан утуйардыы оҥостон сыппытым. Утуйуохча-утуйбакка арааһы эргитэ саныы сыттахпына, куукуна диэки киһи сөтөллөн тоҕо барбыта. Эбиитин иэрийэ-иэрийэ сөтөллүбүтэ. Мин соһуччута бэрдиттэн ороммор олоро түспүтүм. Ол да буоллар санаабын түмэн куукуна диэки барбатаҕым. Суорҕаммар сууланыахпынан-сууланан утуйбута буолбутум. Ол сытан куукунаттан мин сытар хоһум диэки атах тыаһа хааман кэлбитин истибитим. Санаабар, сүрэҕим айахпынан уһулу ойон тахсаары битигириирэ. Атах тыаһа түөспэр толугуруур сүрэҕим тыаһын лаппа баһыйан ыараханнык үктээн аттыбар кэлэн тохтообута. Мин сымыһахпын ытырыахпынан-ытыран, харахпын ыга симэн сыппытым. Санаабар, харахпын көрдүм эрэ, били абааһылаах киинэҕэ баар курдук харамай харбаан ылан тыыннаахтыы ыйыстан кэбиһиэх курдуга. Ол курдук биир түүнү утуйбакка эрэ сытар балаһыанньабын уларыппакка, харахпын аспакка хонон турбутум. Халлаан сырдаабытыгар көһүйбүт эппин-сииммин, дьэ көннөрөн хамсаабытым. Ити дьулаан түүн кэннэ дьиэбэр соҕотох хоммотоҕум. Доҕору-атаһы, устудьуон бырааты-балыһы ыҥыран хадаҕалаан аһата-аһата хоннорор үгэстэммитим. Хайыам баарай, төлөөбүт кэммин толору олоруохтаах буоллаҕым. Сатахха, көһөр да сирим суоҕа. Күнүһүн соҕотох буоллахпына күөмэйим муҥунан хаһыытыы-хаһыытыы билэр-билбэт ырыаларбын кутан кэбиһэрим. Оччоҕо куттаммытым син ааһар курдуга. Дьиэбэр баар «дьукааҕым» дөрүн-дөрүн иһити-хомуоһу тыаһатан баарын биллэрэн ааһара. Оччоҕо куйахам күүрүөр диэри ыга куттанарым. Хонукпар биирдэ дьиэбин буларга кыһалларым. Биир күн күнүс эрдэ кэлэн «Ой мороз…» диэн ыллыы-ыллыы хас эмэ күн мунньуллубут кирдээх иһиппин сууйдум. Киэһэ балтым кэлэн хонуста. Түүн ортото саҥардыы нухарыйан иһэн ким эрэ: «…моего коня!» – диэн ыыра барбытыттан уһуктан кэллим. Санаабар, олох кулгаахпын туһаайбытынан хаһыытыырга дылы гыммыта. Ол кэннэ утуйа сылдьыам дуо. Балтыбын уһугуннарыахпын турар санаа да, кыах да адьас суоҕа. Ити кэннэ икки хонон баран атын дьиэ булан көспүтүм. Атын сиргэ көһөөт, олус астыктык утуйбуппун билигин да умнубаппын. Дьэ, ити курдук абааһы баарын эт бэйэбинэн билэн турабын. Хата, туох да буолбатаҕым. Арай сүрэҕим кыралаан ыалдьар буолбута уонна күөмэйим нэдиэлэттэн ордук кэм бүтэ сылдьыбыта.