Кэпсээ
Войти Регистрация

Тоҕо эһиги кыргыттар...

Главная / Кэпсээннэр / Тоҕо эһиги кыргыттар...

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
09.11.2024 08:27
3k 0

An image to describe postАвтор: СуорУола 22 февраля

Ромашки спрятались поникли лютики
Когда застыла я от горьких слов
Зачем вы девочки красивых любите
Непостоянная у них любовь
Зачем вы девочки красивых любите
Непостоянная у них любовь...

Араадьыйаннан бу ырыа кэллэҕин аайы Сэмэнчик, санаата түһэр. Кырдьк этэргэ дылы...кини кыра уҥуохтаах уонна сирэйэ кусаҕана сыттаҕа, ол иһин биир да кыыс кинини көрбөтө. Бачча сааһыгар дылы соҕотох сырыттаҕа. Дьигинэн ыллахха кини дууһата ырааһа, уонна эппит тылыгар турара сыттаҕа.. Бүгүн кини отут үһүн туолар күнэ. Урут эдэр эрдэҕинэ, доҕотторун муньан син төрөөбүт күнүн ылар этэ. Онно кыргыттар эмиэ ыҥырыллан кэлэр этилэр кынан баран, киниэхэ ким да хараҕвн уурбат буолара. Доҕоро Димка дьэ онно күннүүрэ...уһун,кэрэ дьүһүннээх буолан кыргыттар киниэхэ ыйана сылдьаллар. Онтон төрөөбүт күннээхпит таах ас, уонна арыгы булааччыннан эрэ сылдьаахтыыра. Дима баҕарбытынан кыргыттары уларытара, эппикэ дылы бэччээкитин уларытар курдук...Онтон киниэхэ биир да баҕалаах. Ол иһин кэнники кэмнэргэ, Сэмэнчик төрөөбүт күнүн оҥорбот буолбута. Син биир кинини ким да көрбөт, оҥор да оҥорума..халтайга ороскуот. Бииргэ үөрэммит уолаттара бары даҕаны ыал буолан бүттүлэр, оҕо уруу ыраатта. Сорох сорохтор иккилии үстүү оҕолонон үөрүү көтүү. Доҕоро Димка иккис ойоҕо. Бастакытыгар икки оҕону оҥорон баран арахсыбыта. Билигин эдэр кыыстыын олороллор да..син биир атын атын кыргыттарга сыбыытыырын тохтоппот. Онтон Сэмэнчик кыйаханар. -До..Дим, эн хайдах буолбут киһигиний, тоҕо кыргыттары итинник сордуугунуй..Ыал буолбут киһи сүгүн олоруоххунуй...ама да буолбутуҥ иһин. -Ол дьахталлар миигин баҕарбыттарыгар, мин туох буруйум кэлиэй..-диэн күлэр доҕоро. -Миэхэ биир эмит кыыс түбэһэрэ буоллар...Мин ол кыыһы олох илиибэр көтөҕө сылдьам этэ. Уонна олох таҥнарыам суох этэ дии саныыбы...Онтум баара биир да кыыс көрөн абыраабат...-баҕа санаатын этэр Сэмэнчик. -Дьахтар диэн акаары буоллаҕа дии...кинилэри албынаан, ол бу тыллары эттэххэ олох уулан хаалаллар. -Эс хайдах сааппакка, бу көрөн туран албыныахха сөбүй?..Мин холобура оннук албыныырга тылым тахсыбат буолаҕа дии -диир Сэмэнчик доҕоруттан кэлэйэн. -До..сөбүлүү көрбүт кыыскар суптуу хааман тиийэҕин, уона этэҕин..-Оо пирибиэт, ааспыкка ханна сүтэн хааллыҥ, мин эйигин көрдөөн иирэ сыыспытым дии..-диигин диир Дима. -Хайдах..Ааспыка..Өйдөөбөтүм..тугу этэҕин? -диир Сэмэнчик. -Албынаан этэр буоллаҕыҥ дии...-диэн күлэр Дима. -Хайдах ол..хаһан да көрбөтөх кыыскар итинник диэххэ сөбүй?. -Албынаан диибин дии..ол кыыс этэр -Эн сыыстардыҥ ээ арааһата, кими эрэ бутуйдуҥ быһылаах -диир, оччоҕо тылыттан хабан ылаҕын, хомойбут киһилии туттаҕын уонна..- Ира буотаххын дуо?..Или албынаан эпитиҥ дуо...мин кырдьыктаммытым ээ..-дигин,уонна ытаары кыммыт киһи курдук туттан кыыс харахтарын көрөҕүн. Оччоҕо кыыһыҥ, сүрэҕэ соҕотох буоллаҕына эбэһээт аһынан..-Мин чахчы Ира буотахпын ээ..эйигин саҥа көрдүм дии..-диэн кэпсэтии саҕаланан барар...Уонна бүттэҕэ дии, мин илиммэр түбэстэҕэ ол.-диир Димка күлэ күлэ. -Уонна сырайыҥ кытаран да көрбөт дуо?-диэн баһын илгистэр Сэмэнчик. -Эс..тоҕо ол кытарар. Мин сырайым онтон кытарбат буоллаҕа..Эн наһаа да көнөҕүн..сордоох, Ол иһин бу сырыттаҕыҥ соҕотох... -Эн курдук уһунум, уонна кыыс хатанар көрүҥнээҕим эбитэ буоллар, албыныам этэ дии санаабаппын доҕоор...-диир кэлэйбитти Сэмэнчик.

Оҕолоох табаарыстарын көрдөҕүнэ наһаа да ымсыырар...Кинини эмиэ оҕолор Аҕаа дии дии экирэтэ сылдьахтарын баҕарар да, онуга суох буоллаҕа дии...Тоҕо, таҥара баар буоллаҕына итинник гынара эбитэ буоллар, дии саныыр..туох буруйун иһин, кинини биир да кыыс сөбүлүү көрбөтүй...ити Димка курдук, хас күн аайы тапталын булбатый...Сорох киһи күн да аайы уларытыан сөп..онтон сорох, хас да сылы быһа сордоммутун иһин биир да кыыс сөбүлүү көрбөтүй...Эбэтэр ити доҕорун курдук албынчык буоллаҕына сатара дуу...Эс сүрэ бэт..хаһан эмит кини да аналын көрсөр ини...Баччааҥа дылы күүттэ, кэтэһэр ини..Дьиэтигэр Ийэтэ күүтэ сатаан баран кэникиннэн эрэммэт да буолахтаата..Ити дэрибинэҕэ, бу дэриэбинэҕэ итинник кыыс баар үһү диэн бэйэтэ кпсии сатыыра тохтоон турар. Сатаатар биир эмит оҕолоох кыһы дуу, эбэтэр огдообо хаалбыт биир эмит чүөчэни кэпсэтэбин дуо дии сатаан баран, кэнники саҥарбат да санаппат да буолла. Саатаатар биир эмит үөрэххэ үөрэммитэ эбитэ буоллар, баҕар туох эмит туһа тахсыа эбитэ буолуо. Үөрэхтээх киһи ойох булара түргэн соҕус быһылаах. Кини сылгыларыттан уонна ынахтарыттан арахпат. Хотон сыттааҕым буолуо диэн кулуубка да киирэрин саатар буоллаҕа. Биир эмит саҥа учуутал дуу, или үлэһит дуу кыыс кэллэҕинэ ыраахтан ымсыыра эрэ көрөөхтүүр эрэ. Хата доҕор Дима илин кэлин түспүтэ ыраапыт буолар..Оччоҕуна туһата суоҕун кэриэтэ буоллаҕа, дии санаан санаата түһэн хаалар...дьэ кыһыы диэтэҕиҥ. Ол иһин кэникиннэн ханна эмит көһөн барыаҕын санаталаан ылар буолла. Ханна да барбытын иһин, кэрэ аҥаар кинини син биир көрбөттөрүн билэр да сэрэйэр да. Арай...контрагынан бардаҕына...кырдьык даҕаны..кини аармыйаҕа сылдьан снайпер этэ ээ...кыра уҥуохтаах буолан саһарыгар иҥин туһалаах буолар этэ дии..кинини эрэ кыайан булбат буолаллара дии...Эпписиэрдэр хайгыылара сүрдээх этэ, саха дьоно бары саанан ыталлар дииллэр этэ..Эһиги дойдугутугар сааҕытын сүгэ сылдьар буолаҥҥыт итинник үчүгэйдик ытаҕыт дуо..диэн күлүү элэк оҥостоллоро...эһэлэргит, бөрөлөргүт бэйэҕитин кытта тэҥҥэ хаамса сылдьар курдук кэпсиилэр ол кырдьык дуо? -диэн ыйытан сордуулара. Онно суох дии сатыырын олох итэҕэйбэт этилэр. Бииргэ сулууспалыыр нуучча уолаттара..Сэмэн хараҕа кыччаҕар ол иһин кыҥыырга табыгастаах диэн күлүү элэк оҥостоллоро. Биир да атын омуктан, кини курдук элбэх хайгабылы ылбатаҕа эбээт снайпердар куурстарын бүтэрэригэ. Куоракка киирэн Байыҥкамаака сылдьан билистэҕинэ сатаныыһы.

1991 сыл бүтүүтэ 1992 сыл саҕаланыыта, Нагорнай Карабаахха сэрии саҕаламмыта. Армян байыаннай чаастара, *****байджан хас да дэрибинэтигэр саба түспүттэрэ.... Сэмэнчик Новосибирскай куоракка кэлэн, *****байджаннар диаспораларын кэпсэтэн Карабахха көмөҕө барбыта. *****байджан Гянджа куоратыгар кинини кытта, сэттэ киһини илдьибиттэрэ. Ол сэттэ дьоннортон үһэ нуучча уолатара этилэр уонна түөрт *****байджан дьоно. Бу кэлбит дьоннор бары талбыт курдук улахан уонна бөдөҥнөрө сүрдээҕэ. Сэмэнчиги кытта ким да кэпсэппэт, бары даҕаны бэйэ бэйэлэрин кытта кэпсэппэттэр. Арай *****дар бэйэлэрин тылларынан аҕыйах тылы бырахсан ылаллара. Кинилэри барыларын ханнык эрэ байыаннай чааска аҕалтаабыттара. Уонна биир бииир ыҥыртаан, кэпсэтэллэр этэ. Биир киэһээ Сэмэнчиги ыҥырбыттар. Кыра түннүгэ суох хос иһигэр, остуолга ус байыаннай таҥастаах дьоннор олороллоро. Сэмэнчик киирбитигэр, бэйэ бэйэлэрин көрсөн күлэн ылбыттара, онтон биир саастаах соҕус киһи нууччалыы ыйыппыта. -Эн тоҕо манна кэллиҥ..сулууспалаабытыҥ дуо?. -Сулууспалаан..Мотострелковый полкаҕа, снайпер идэлээхпин... -Манна сэрии буола турарын билэҕин дуо? -диэн иккис киһи ыйытар. -Билэн араадыйаны, тэлэбиизэри көрөбүн...-диир Сэмэнчик, ыйытыы допуруос курдук буолбутуттан диксинэн. -Ол аата эйиэхэ..ханнык да өттүтэн киирбитиҥ синэ биир диэри кынаҕын дуо?- диир үһүс олорор эдэр киһи. -Хайдах ол..ханнык да өттүттэн диэн -диэн төттөрү ыйытар Сэмэнчик. -Тоҕо бу биһиги *****байджан өттүн таллыҥ, Армяннар диэкки буолбакка.. - диир эдэр киһи. -Мин сулууспалыы сылдьар кэммэр элбэх *****дар да Армяннар да баар этилэр...*****дар тыллара да сорох абыычайдара да биһиги сахаларга олох чугас курдук диии санаабытым..-диир Сэмэнчик. Дьоннор ити тыллартан бэйэлэрин ыккардыларыгар тыл бырахсан кэпсэтэн ыллылар. -Кырдьык Сахалар тюрко язычнай норуоттар этигит дии..ол иһин аймахтаргар көмөлөһө кэлиҥ дуо? -диир саастаах киһи. -Оннук курдук... -Чэ сөп..снайперынан киириэххин баҕараҕын дуу эбэтэр?. -Идэбинэн снайпер ордук буолуо этэ дии саныыбын.. -Онтон бу эн уҥуоҕун да кырата..сатаан сылдьыам дии саныыгын дуо?. -Булдьа эмиэ кыра да,туох баар тыынар тыыннаах барыта куттанар киһи эмиэ.. -Дьэ ити үчүгэй этии...-диэн хайгаата саастах киһи уонна эттэ - Эйигин Алтун Мамедов этэрээтигэр аныыбыт -диэн баран били эдэр уолу ыйан көрдөрдө. -Мантан ыла эн кини эрэ бирикээһин истиэхтээхин, атын ким да эпптитин билиммэккин. Оннооҕор мин тылбын истиэбэккин..Чэ сөп бар таҕыс...

Сэмэнчик хостон тахсан тиийбитин кэннэ, биир нуучча уола кэлэн ыйытта. -Кырачаан.. эйигин туох диэтилэр? -диэн баран сэнээбитти көрөн турда. Сэмэнчик туох баарынан эпиэтээтэ. -Мамедов хамаандатыгар, анаатылар.. -Оо...бэккэ түбэспиккин дии...мин эмиэ онно -диир Махир Азеев диэн атльет көрүҥнээх *****байджан уола- Мамедов этэтэрээтигэр мээнэ дьоннору ылбаттар, ол аата олох үчүгэй дьарыктаах буолаҥҥын онно түбэстэҕиҥ...Мин холобура тустуук, спортсмен уонна ВДВга сулууспалабытым, ол да буоллар нэһиилэ кини хамаандатыгар көрдөһөн ыллылар.. -диир. Баар дьоннор Сэмэнчиги саллыбытты, да астыммытты көрөн турдулар. Бу кыра да буоллар арааһата иһигэр буораахтаах ыччат сылдьар быһылаах дии санаатылар. Сорох кэлбит дьоннору, ол бу сээкэй таһыытыгар, госпитальга санитарынан уонна блокпост байыаһынан анаталаабыттара...

Сэттэ киһилээх этэрээт, бөртөлүөккэ олорон көтөн иһэллэр. Манна баар дьонтон Сэмэнчик билэрэ Махир, уонна тойонноро Алтун Мамедов. Атыттарын, сиһилии эттэххэ маннык... Алтун Мамедов - ДШБ ВДВ подплковнига, Афганистан бэтэрээнэ. Бу этэрээт хамандыыра. Хас биирдии бэйэригэр ыҥырыы аат ылбыттара. Тойоннорун ыҥырыыта- Көмүс -диэн этэ. Алтун диэни бөрөбүөттээтэххэ Көмүс (Золото) диэн буоларын иһин. Ли Хон Пай -кореец , хантан кэлбитэ билибэт нуччалы үчүгэйдик саҥарар. Илии охсуһуутун маастара.-Тэхвандо. Заман Алушев -капитан ГРУ - Особист. Муса Керимов- уруккута милиция майора - Майор. Генадий Зубов -нучча уола, подрывник идэлээх мындыр уол -Динамит. Махир Азеев - Самбо. Уонна Сэмэнчик бэйэтэ, киниэхэ били кэпсэтии кэнниттэн- Булдьа диэн аат иҥпитэ (Пуля). Хас биирдиилэрэ хайаҕа аналлаах таҥас, сэп сэбиргэл ылбыттара. Сэрии сэбэ да элбэҕэ..Холобура Сэмэнчик, СВД бинтиэпкэни таһынан, кылгас уостаах Калашников уонна Стечкин бистэлиэти таһынан быһаҕа. Сэмэнчик бинтиэпкэннэн ытыалаан көрдөрбүтүн кэннэ, чахчы үчүгэй снайпер буоларын итэҕэйбиттэрэ. Алтун кэнсиэрбэ баанкатын үөһээ бырахпытын сиргэ түһүөр диэри, биэстэ ыппыта барытыгар таппыта. Сэмэнчиккэ кариктировщигынан Алтун Мамедов бэйэтэ сылдьара.

Киэһээ хараҥарбытын кэннэ, сэттэ күлүк тыаһа суох хайалар быыстарынан айаннаан иһэллэр. Кинилэр ханна тугу гына баран иһэллэрин бэйэлэрэ да билбэттэр. Ону тойонноро Көмүс,бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ. Ханныг эрэ дэрибинэни, хайа үөһээтэн өҥөйөн сыталлар. Көмүс бинокльунан көрө сытар, онтон бирикээһэ иһиллэр. -Булдьа.. көрөҕүн дуо ол, дьиэ үөһээ снайпер саһан сытарын? -диэн кулгаҕар кэтэ сылдьар наушнигар иһилиннэ. -Көрөн..иккис киһи дьиэ нөҥүө, кыра дьааһык кэннигэр саһан сытар...-диир Булдьа. -Көрдүм..көрдүм, дьэ сытыы харахтаах эбиккин..Ити дьоннору .....-диэн бирикээстээтэ Көмүс. -Сөп..өйдөөтүм -диэн баран Булдьа, маҥнай антах дьааһык кэннигэр сытар киһини, онтон бэтэрээ олорор снайпердары биирдии ытыынан суох оҥортоото. Бу кини аан бастан киһини ытыыта этэ...Оптикатынан суох оҥортообут дьоннорун көрөрүгэр , хайдах эрэ оҕо сааһыгар сэриилэһэн оонньуу сылдьар курдук санаан ылбыта...Онтон кырдьык дьоннору өлөртөөбүтүн өйдөөн, дууһата айманан ылбыта.. -Особист, Майор уонна Динамит баран үрэҕи туоруур муостаны миинэлээҥ -диэн Көмүс бирикээһэ иһилиннэ -Уолаттар түргэтээҥ, биһиги эһигитин прикрывайдыхпыт -диэн эбэн биэрдэ. Үс киһи күлүгэ тыаһа суох , хайа хаспаҕынан ааһар муоста диэкки үөмэ турдулар. -Булдьа үчүгэйдик көр, биир эмит киһи элэҥниир буоллаҕына бирикээһэ суох .... -диэн саҥаны истэн Сэмэнчик дьэ өйдөнөн кэлэн , саатын оптикатыгар түстэ. Дьиэ кэннитэн икки киһи тахсан, муоста диэкки хааман истэхтэринэ биирдии ытыыннан икиэннэрин суулартаата. Саата глушительаах буолан таһа олох иһилибэт этэ. Онуката киһи сөтөлөрүнээҕэр кыра тыастааҕа. -Кытаат..Булдьа бэт..-диир Көмүс. Ити кэннэ биир да киһи хата көстүбэтэ Сэмэнчик дьолугар. Түөрт киһи дууһата..эмиэ санаан барда. Чахчы бу кини сэриигэ кэлбит эбит..дьоннору таах ыталаан кэбиһэтэлээтэ..Бу иннигэр кини ыты да өлөрбөтөҕө ээ...Оннооҕор ийэтэ сүөһүлэрин өлөтөөрөөрү кыннаҕына, сэсиэттэрин Гошаны ыҥыран киллэрэр этэ дии..Онтон билигин...түөрт киһи..тыынын быста...

Кинилэр былаанара, перевалы туоруур муостаны тоҕо тэптэрэии эбит этэ. Тоҕо тэптэрэр сэрээтэрин ууран бараннар уолаттара төннөн кэлбитэригэр. Төттөрү айаннаабыттара, ол баран истэхтэринэ улахан эстии тыаһа тыаһаабыта. Динамит ырбайбыт сирэйинэн дьоннорун диэкки көрутэлиир этэ. Төннөн иһэр дьон саҥата иҥэтэ суох, лааҕырдарыгар тиийбиттэрэ. Сэмэнчиги штабка ыҥыран ылбыттар. Онно тиийбитэ саастаах киһи уонна камандыыра Мамедов бааллар этэ. -Хайдах сырыттыҥ..-диэн саастаах киһи ыйыппыта. -Кырдьык эттэххэ...дууһабар кусаҕан, маҥнайгыбын дьоннору...-диэн этэн баран, атын сир диэкки хайыһан турда. -Бу иннигэр киһини, өлөрө илик этиҥ дуо -диир салгыы. -Суох..хайаан өлөрүөхпүнүй...-хараҕыттан уу тахсыбытын кайан тутуммакка туран Сэмэнчик. -Буолааччы...эн билэ билэ манна кэлбитиҥ, уонна өйдөө сэрии аата сэрии..ким эрэ өлөр, ким эрэ өлөрөр..ити дьоннор буотахтарынын өйдүөх тустааххын..кинилэр эмиэ сэрииһиттэр, эйигин эмиэ өлөрүөхтэрин сөбүн өйдөө...Эн хас биирдии киһиҥ аайы хаччы аахсаргын умнума. -Өйдүүбүн..Билэбин, сотору ааһыа...кыратык бэйэбин булуна түһүөхпүн наада...-диир Сэмэнчик. -Чэ сөп...сарсыҥҥа дылы быһаарын..

Сэмэнчик оронугар сытан, ити өлөртөөбүт дьоннорун эргитэн өйдүү сатаата да, кыайан бу диэн өйдөөбөт эбит. Ыраах соҕус буолан сирэйдэрин бу диэн өйдөөбөт..Ол кынан баран санаатыгар син биир хайдах эрэ буруйдаах курдук санаммытыы сананар .Онтон итти эттэ эбээт...хас биирдии киһи аайы хаччы аахсаҕын диэн. Киһи дууһата хаска эрэ туран эрдэҕэ...тииҥэ дуу саарбаҕа дуу буолан, хас киһи аайы ..киһи да күлэр. Хата биир киһи, хаска турарын билбит киһи..кимнтэн эмэ ыйытарым дуу...Ээ Көмүс билэр буолуохтаах, сэмээр ыйытам этэ...Чэ буоллун ..бу көрөн туран өлөрөр буотах...ыраахтан ытыыалыы сырыттахха, син барсыыһы..бу хараҕын көрөн туран өлөрөр буотах..Кырдьык уот харахха эттэ..мин баҕа өттүбүнэн кэллэҕим дии..чэ биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай..Үс ый хайдах эмэ кынан сылдьа сатаабыт киһи..-дии санаата Сэмэнчик.

Киэһээтин Сэмэнчик тойонун Мамедовы көрсөн кэпсэтиилээхпин диэн эппитигэр, киһитэ хоһугар киллэрэн ыйыттв. -Хайа тугу токкуйдаатыҥ...туох диэн санааҕа кэллиҥ -диэн ыйытта. -Туох диэн этиэххэ сөбүй...Ити..биир киһи төбөтүн аайы харчы төлөнөр диэбитиҥ дии..-диэн мух- мах туттан ылла Сэмэнчик. -Ол аата салгыы сылдьар санаа киирдэҕэ, бэт бэт эбит..Чэ оччоҕо сиһилии иһит, ол кынан баран бу кэпсэтии туһунан кимҥэ да кэпсиэ суохтааххын. Хас биирдии киһитин аайы, биһиги эйиэхэ 300 дуоллар төлүүбүт, ити элбэх хаччы ону өйдүөх түстээхин. Төһөннөн, хас сырыыбыт аайы элбэх өстөөҕү суох оҥороҕун да..бэйэҥ токкуйдаа..-диир Мамедов уун утары көрөн олорон. -Оччоҕо...төһөннөн элбэх буоллаҕына..аһары элбээн хаалыа дии санаабаккыт дуо..-диир Сэмэнчик. -Ол чааһыгар эн олох кыһаллыма..Эн ытаргын эрэ бил. Эбэтэр алыныахтара диэн куттанаҕын дуу. -Билбэтим, буолуон сөп буоллаҕа дии..-диир Сэмэнчик, кини санаатын тарбыы сылдьыбыт санаатын. -Ол иһин, мин этээрээппэр мээнэ дьоннору ылбаппытын көрбүтүҥ буолуо. Мин этээрээтим хамсааһына чахчы үбүлэнэр..Онно эн олох саанааҕын түһэрбэккэ итэҕэй миэхэ. Оччолоох харчыны мин биир дойдулаахтарым бүтүүн сойуус үрдүнэн оҥоро сырыттахтара. Мин эйиэхэ бэйэм тылбын биэрэбин...Албыннаатахпынэ миигин ытты ытан кээбиһиэххин сөп..-диир Мамедов. -Ол аата мин..хас киһини ытарбын, очуотуубун дуо... -Суох ..ол иһин мин бэйэм эйигин кытта сылдьабын дии. Бэйэм бэлиэтэнэбин эн..бултуургун адьырҕа кыыларга- диир Мамедов күлэ-күлэ- Чэ табыллан бултаа...Саха булчут уола.-диэн кэпсэтэн бүппүтүн билэрбитэ Мамедов Алтун.

Сэмэнчик Мамедовы кытта кэпсэтии кэнниттэн, олох төбөтүн иһэ харчы эрэ туһунан саныыр буолан хаалбыта. Хас задааняҕа эрэ баралларын кэтэһэ сылдьар буолан хаалбыта. Бүгүҥҥү сырыыга сэттэ киһи тыынын быһан кэлэн олорор. Бэйэтэ эмиэ кистээн бэлиэтэнэр буолбута. Хас баран кэлэҕин аайы, хас киһи дууһатын быспытын. Куһаҕан дьаллык, ыларыылаах буолар дииллэрэ кырдьык буолан тахсыбыта. Бу олорон бэйэтин бэлиэтэммит суругун көрөн олорор..Барыта 73 киһи..бу маны үстүү мөһөөххө төгүлээтэххэ хас эрэ буолар...Суокка мөлтөҕө ити сыттаҕа..Чэ бээ, Мамедов хас диэн бэлиэтэнэ сылдьарын быһаарсыбыт киһи, дии саныыр..баҕар итэҕэс суруна сылдьара буолуо диэн куттанар. Бу да киһи..хайдах буоллум..саарбаҕа дылы, дьоннору тэҥнээн ааҕан, дьэ кэлэйии..чэ хайдаҕын да иһин, талан ылбыт олоҕум..синэ биир. Кырдьык аны санаатахха элбэх киһи буолбут. Хайдах эмэ кынан аҕыйаппыт киһи...Ол кынан баран, киһи биирдэ олорор. Үс хонуктааҕыта Майору кытта Самбо, эргиллибэтии хаалбыттара. Самбо растящканы көрбөккө түбэспитигэр, Майор кинини быыһаары суорума суолламмыта. Элбэх киһилээх өстөөхтөр этэрээтттэрэ кэлэн, нэһиилэ куотан быыһаммытара. Мамедов Сэмэнчиги бүтэһигэр дылы ытыалыы сатаабытын, күүһүнэн кэриэтэ саҕатыттан харбаан ылан туруоран куоппуттара. Ол кэннэ кэлэн баран, Сэмэнчик Мамедовка кыыһыран киэһээтин эппитэю -Тоҕо дьоммутун быыһыы сатаабакка тэскилээн хаалыбыт...-диэн санаатыт тоҕо таппыта. -Эн өйдөө..биһиги диверционнай этэрээт, буоларбыт быһыытынан. Ууруллубут бирикээспитин эрэ толорор эбээһинэстээхпит, өлбүт бааһыран охтубут киһини быыһыыр диэн биһиэхэ суох. Өстөөх илиитигэр түбэспит киһини, биһиги өлөрөр тустаахпыт. Холобура мин даҕаны өстөөх илиитигэр түбэстэхпинэ, эн өлөрүөххүн сөп..ол курдук өйдөө. Ол иһин ити сордоххо барарбытыгар туох да дөкүмүөнэ суох барабытын бэйэҥ билэҕин.-диэн быһа бааччы этэн кэбистэ.

Бүгүн түүн эмэиэ бараары хомуннулар. Икки хонуктааҕыта эбии үс киһи эбиллибитэ. Үһүөн Харахалпаак дьонноро, дыгдаһан дьэ уолаттар. Сэмэнчик ол дьоннору кытта кэпсэтэ сатаабат, олор да улахан саҥалара суох урдуустар. Кэпсэтэр эрэ киһитэ, Мамедовтан ураты кэриэй киһитэ. Үнүр Мамедовтан, төһө киһи буолбутун туоһуласпытыгар, 93 өстөөҕү суох оҥорбуккун диэн соһутта...Кини бэйэтин ааҕытынан 87-тэ этэ, алта киһини хантан ылан суруйбутун токуйдуу сатаата да кыайан өйдөөбөтө..Чэ буоллун синэ биир. Түүн үөһүгэр кинилэр этэрээттэрэ, биир хайа быыһыгар турар аулга тиийэн кэллилэр..Көмүстээх, Сэмэнчик уонна бүлүмүөттээх Особист, дьоннур үөһэттэн кэтээн көрүүгэ хаалан сыталлар. Дьонноро аулга баар боеприпастаах ыскалааты тоҕо тэптэрээри, үөмэн киирэн иһэлэрэ...Арай доҕоор.. биирдэ прожектор уота бөҕө сандаара түспүтүн кэннэ, аптамааттар тыастара бөҕөтө талыгырыы түспүтэ...Бу аата кинилэри кэтэһэ сыппыт этилэр. Үөһэттэн сытан көрдөххө, биэс киһилээх этэрээти үс өттүттэн элбэх киһи төгүрүйэн баран ытыалаан эрэр этилэр..Особист, бүлүмүөтүн тупутунан дьонноругар көмөҕө ыстанна. Сэмэнчик үөһээттэн, дьонноругар чугаһаабыт дьоннору ыталыы сытта...Онтон тойонун Мамедов саҥата, кулгааҕын таһыгар саҥарбыта иһилиннэ, тоҕо эрэ араасыйатыгар буолбакка. -Булдьа...бүт, бырах...тур бардыбыт -диэн саҕатыттан тардыалыыр..- Итилэргэ аны ким да кыайан көмөлөспөт..Тур бардыбыт..-диир. Сэмэнчик киһитин илиитин садьыйа охсоот.. -Эн бар..мин, манна хаалабын..-диэн баран эмиэ ытыалаан барда. Мамедова тура түһэн баран, күлүгэ эрэ көстөн хаалла. Сэмэнчик көрбүтэ уолаттара, биир биир суулуталаан, соҕотох Кэриэй эрэ ытыалаһа сатыы сылдьан, булдьата бүттэ дуу..хайа сах дуу..көрдөҕүнэ саһан баран олорор этэ..Особист бүлүмүөтүнэн ытыалыыр да ыталыыр. Онтон гранатаметтар тыастара бөтүөхтиир тыастара иһиллэн баран, Особист сытар сиригэр кэлэт тоҕо тэптилэр...Бүлүмүөт тыаһа, тыаһаабат буолан хаалла..Арай ол кэмҥэ кэриэй илиитин уунан, хаһыытыы-хаһыытыы тахсан кэлбитн, Сэмэнчик уоптикатын иһигэр киллэрэн ытаары кынан эрдэҕинэ...Тоҕо тэбии тыаһа сатарыйда, Кэриэйи төгүрүйбүт биэс киһи ону кытта, тиэрэ таһылла түстүлэр.. Сэмэнчик эмиэ ытыалаан барда, уонна ким да ыппат, кини эрэ соҕотох хаалбытын биллэ..Миэстэттэн миэстэҕэ сүүрэ сылдьан ытыалыыр, бу да сылдьан суулларбыт дьоннорун иһигэр ааҕа сылдьар..Иннигэр кэннигэр, гранаталар эстэр тыастара, элбээн киирэн барда..Икки өттүттэн кимэн киири бөҕөтө буолан эрэр этэ..Онтон аттыгар эстии тыаһаа тыаһаан эрэрэ....-Бүттэ..олох быһынна... Ити баар...Манна ким буруйдааҕый..Кыргыттар...Кыргыттар..Тоҕо эһиги кыргыттар, кыраһыабай эрэ уолаттары көрөҕүт..Мин эмиэ таптыыр санаалаах этим эбээт...Мин...Мин..таҥнарыам суоҕа этэ дии..таптаабыт кыыһы, олох илиибэр көтөҕө сылдьан, таҥараҕа тэҥниир санаалаах этим ээ...Билигин бүттэ...Аны кэлэн..Дьэ кыргыттар да кыргыттар..-ити курдук бүтэһик санаатын санаан хаалаахтаабыта Сэмэнчик уол.

хм... - Виктория
1 марта 21:36

бэрдэ бэт дии, аны кини туормастаан кыргыттары кытта билсэ, кэпсэтэ сатаабакка сэриигэ баран елбутугэр биьи буруйдаах буоллубут диэ((( А так учугэй кэпсээн, бутэьик санаабыт санаата буорту гынан бистэ:((

Печаль ба5айытык бутэрдин ди(( - Оннук.
1 марта 22:03

Сэмэнчик,дьиэтигэр раненый буолан тоннон кэлэн судьбатын санаторийга корсон:дьиэ-уот тэринэн,3 о5о тапталлаах а5ата буолан олорбот да?

Пахыай(((((( наһаа ынырык дии, бүттэ дуо итинэн? - сыралыма11
2 марта 06:27

Саатар бааһырбытын булан, дьиэтигэр ыытыахтарын... Ийэтигэр төһө эрэ ынырык(

сэмэнчик - суор уола
2 марта 13:49

па, бэчээл

Суор Уола - Былыт
11 марта 08:40

Олус учугэйдик суруйа5ын,но куьа5ан баайытык буттэ.Киьи хараастар.Кэпсээннэриц иьин махтал!

суор уола - лиза
12 марта 00:12

Оо дьэ кэм да буруйдаах дьахтар буолумуна но кэпсээццин аагабын

Добавить комментарий