Кэпсээ
Войти Регистрация

Мин санаам...

Главная / Кэпсээннэр / Мин санаам...

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
09.11.2024 08:33
31 0

Автор: СуорУола 11 января 2015 01:13

    Дьоннор мин бэйэм санаабын эһиэхэ суруйуохпун баҕардым.. Дьэ ол курдук маннык: Баалар биһи кэкэбитигэр, эһиги да билэр дьоҥҥутугар буолуон сөп...Дьонтон бэйэлэрин ордук туттар, атын киһини сэнии саныыр..ким эрэ тугу эмит ситистэҕинэ сиилии.. ама ити киһи дуо дии саныыр. Киһи киһиттэн кэрэ диэн мээнэҕэ этиллибэт...Хас биирдии киһи туһунан санаалаах, туохха эрэ ордук туохха эрэ мөлтөх. Сорох дьон дьону, статуһунан көрөр идэлээх..     Тойон, Хотун өттүгэр албыннаһар боростуой дьиэ сууйар киһигэ наадыйбат аахайбат дьоннор баар буолаллар. Киһини сэнээбэккэ барыларын кытта биир тэҥник сыһыаннаһа сатаан диэн этиэхпин баҕарабын. Эбэһээт ол Тойон киһи эйиэхэ үтүө эрэ оҥоруохтааҕар баҕар кусаҕаны оҥоруон сөп..
    Дьууруй үөрэҕин бүтэрэн дэриэбинэҕэ үлэлии кэлбитэ. Кинин оҕонньордоох, эмээхсиҥэ олордор буолбуттара. Дьууруй үөрэнэ да сылдьан билигин да, кыра хара дьоннору сэниир идэлээх этэ. Сорох дьону кытта кэпсэппэт да этэ. Ол оннугар тойотторо, бас күүс дьоҥҥо адбыннаһан сүүрэн көтөн биэрэр этэ. Олорор ыалларын уоллара, былааһы утары турунуутун иһин диэн хаайыыга олорорун билэн баран, бу дьонтон миигин көһөрүҥ диэн Сельсовет председательигар түүннэри тиийэн көрдөспүтэ. Ити дьоннор туох да онно сыһыаннара суох диэн этэ сатаабытын үрдүнэн барбаппын диэн олох акаастаан кэбиспитэ. Кыаллар буоллаҕына мин эһиэхэ олоруом диэн көрдөспүтэ. Оннук гынан күүһүнэн олоро хаалбыта.Биирдэ олорбут ыалын эмээхсинин маҕаһыыҥа көрсүбүтүгэр эмээхсин эппитэ:
    -Хайа тойуом бу ханна сүтэн хаалыҥ..биһиги эйигин сүтэрэн ыксал бөҕөтө дии -диэбитэ уолга мичээрдии мичээрдии.
    -Ол норуот өстөөҕүн төрөппүт дьон.. аны миигин бэйэҕит кэккэтигэр килэрээри гынаҕыт дуо?-диэн дьон истэрин курдук соруйан улаханнык эппитэ. Эмээхсин истибэтэҕин истэн, кэлэйэн атыылаһа кэлбит аһын да ылбакка таһырдьа куотар аакка тиийбитэ. Уол кыайбыт хоппут киһилии тула өттүн көрүнэн ылбыта. Дьоннор саҥата суох бары ууну омурдубуттуу саҥата суох тураахтыллара. Арай акаары Аккаака диэн аатыыр киһилэрэ кэлэн кэлэн уолга уолугар түспүтэ...
    -Бу ыт сирэй....Эйигин ким төрөпүтэй, эн ыттан төрөөбүт буолаҥҥын кырдьаҕас дьону убаастаабаккынын дуо.. Ыт уола..-дии ди уолугуттан илгиэлээбитэ. Дьоннор кэлэн Аккааканы нэһиилэ арааран илдьэ бартара. Уол маҕаһыынтан куотан председатель дьиэтигэр тиийбитэ. Онно тиийбитигэр ОГПУ үлэһиттэр кинини көрсө түспүттэрэ. Дьиэттэн Ксенофонтов ыҥырыы суруктарын булбуттарын туһунан эппитэрэ. Председатель ити уол киэннэрэ буолуо диэн ыраас баҕайы хараҕынан кини диэкки көрөн кэбиспитэ.
    -Миигин соруйан бэйэтин диэкки килээрэри, миэхэ олоро кэлбит эбит...Олох тутан барыҥ -диэн хаһыыты хаалбыта. Уолу тутан баран истэхтэринэ кэннилэриттэн акаары Аккаакка ытыһын таһына таһына батыһан иһэрин көрөн хаалбыта.

Бүттэ.

Добавить комментарий