Главная / Кэпсээннэр / Сандалы
Добавить комментарий
Автор: СуорУола 30 декабря 2014 21:44
Сахаларга биир ытыктанар малынан Сандалы ( остуол) буолар..Саха киһитэ хаһан да Сандалын сутуругунан охсубат..эгэ үрдүгэр кэннинэн олоруо үһү дуо.....Ол иһин биир түгэни кэпсиэххпин баҕардым.. Дьэ ол курдук маннык биирдэ Сахабыт сиригэр Улуу Нучча омуга кэлэ илигинэ диэххэ, Олорбуттара үһү икки ини бии эр бэттэрэ, Моҕол уонна Дьайдаар диэн уорууннан дьону халааһынынан аһаан сиэн олорбуттара. Улахан уол Моҕол бас көс тутан сылдьар эбит. Кинилэр хантан баар буолбуттара дэтэхитинэ. Тутталлаллара хапталлар барыта монголуу эбитэ үһү. Биирдэ да кинилэр саҥа таһааран саҥарбыт дьоно тыыннах хаалбыт сурахтара суох үһү.
Сандалы кырдьаҕас түүнүн сатаан утуйбата ..түүнү быһа түүҥү ыалдьыттара кэлэн тугу эрэ кэпсии сатаан өҥөҥнөһүү, супсуруһуу....Сандал үртэлии сатыыр да иэстиэхтэрэ баара дуо, ыксаабыттара туруммуттара сүрдээх. Дьэ туох эрэ буолаары кынна дуу.. хайа сах..дуу. Арааһа көрүүлэнэн көрдөҕүнэ сатаныыһы быһылаах. Кини эрэттэрэ мээнэҕэ кэлбэттэр этэ дии...
Эрдэ күн тахсыытын эрэ ининэ туран, хомунан Дуорҕаны Баска тиийэ сылдьарга быһаарынна тиийэн сүбэлэһээри гынар, көрүүнэлиирин Дуорҕаны Бас бобон кэбиспитэ...Мин көҥүлэ суох, ойунуургун бобобун, өскөтө ону маны гынан таһаабыт буоллаххына.. баскын хатарыам диэн сэрэппитэ..Ха.. Ха..Ха..дьиҥэр мин кини бобуутуттан куттаммат ордуус буоллаҕым этэ да...бу кырдьар сааспар харайар киһи баара ордук этэ...ол иһин кини эппитин ылынан сору көрөн эрдэҕэ.
Дуорҕаны Бас аҕата , улуу киһи этэ...ол да иһин кинини бу улуус дьоно бэйэлэрин тойоннорунан талбыттара, Хохулла диэн кыахтаах, өйдөөх буойун этэ. Уола кини курдук мандар өйө суох этэ кынан баран, буойун быһыытынан хаалсыбат этэ. -Хайа бу улуу кырдьаҕас, туох буолан бэйэлээх бэйэҥ тиийэн кэллиҥ....Аһыыр аскын, соторутааҕыта били уолаттар тиксэрбиттэрэ бүтэ оҕуста дуу?-диэн көрүстэ Дурҕаны Бас. -Мин дьон аһыыр аһыгар улаханнык кыһалҕам суох этэ да...баар буоллаҕына аһыыбын суох буоллаҕына эйгэ аһатар аналаахпын.. -Оччоҕуна туохха кэллиҥ...миэхэ кырдьаҕас?. -Дуорҕаны Бас...эн миигин илиибин атахпын баайан кэбиһэн киһи аатыттан таһааран сылдьаҕын...Ол ойоҕум куттанна диэн Ойууну утары барар буоллаххына.. төһө өр бараары гынаҕын.. -Дьөссө..утары бараары сананан кэллиҥ дуо?. Билигин баскын батыйаннан быһа батаан кэбиһиэм... -Оннооҕор аҕаҥ Хохулла миэхэ ордоотообот этэ-диэн баран илиитин тарбахтарынан киһитин сырайын тырыта тыытаары кыммыттыы -Ша...дибитигэр Дуорҕаны Бас илиитэ атаҕа хамсаабат буолан хаалла. Харахтара эрэ сүүрэлиир. -Мин этэрбин сиһилии дойҕоохтоон иһит.....Туох эрэ улахан буолаары гынна биһи диэкки..Ол иһин бу кэлэн турабын...Таҥаспын саппын кэтэн көрүүлэнэн көрөргө сананнан туурабын..онон ол курдук өйдөө...дүҥүрүм да домун тыаһаабатаҕа ыраата сытан хатан хайа барарыгар тиийэн эрэр...Бу сэттэ уоннтан тахсыс хаарбын көрсөөрү сылдьар киһи ..эйигиттэн ыйытахтаахпын үһү дуо тугу гынарбын...Ол иһин өйдөөн кээс..мэһэй туорай буоллаххына.. Бэйэҥ кэмсинэ сылдьаайаҕын. Мин билигин тахсан барыам...Эн олоро түс токкуйдан..Сотору ыбылы ылбыта ыыта.
-Һу.. бу кырдьаҕас киһини баайдаҕын сүрүн....Айа да айа...илиим атаҕым хамсаабат буолан хаалбыта тоҕо бэрдэй.. Улахан күүстээх кырдьаҕаһы мөкү гынан ол бу буолан хаалылыһы быһыыта....че олороро да аҕыйах сыл хаала, тулуйа түспүт киһи...сырыттын аны киһини ол бу гыныыһы...били дьахтары муоһун эрбии түстэххэ сатаныыһы...Ити туох туох диэтэ..туох эрэ куһаҕаны биттэнэр быһыылаах этэ. Дьоммун мунньан бэлэм олордуннар диэн этилииһик. Аҕам Хохулла ити кырдьаҕаһы кырдьык утары көрбөт этэ.
Сандалы кырдьаҕас өтөҕөр тиийэн киэһээҥи добун тэринэн киирэн барда...улахан кулуһун уоту оттотугар мас тастта. Кырдьан сэниэтэ эстэн хаалар буолбут. Кутуруксутунан сылдьыбыт Морҕо уолу, Дуорҕаны Бас ыраах ханна эрэ сир көрдөрө ыыпыт сураҕын истибитэ. Уола баара эбитэ буоллар маннык сордонуо суох этэ...соруйа соруйа олоруо этэ. Кыаһааннарын ыраастаан, килэбэчитэн, арбахтарын сарбахтарын көнөртөөн ылла. Дүҥүрүн ылан имэрийэ имэрийэ -Бу киэһээ көтөн көрүө этибит...сытан сылайдаҕыҥ...тулуйа түс..-ди ди дүҥүрүн кыра оҕону курдук көтөҕөн өтөҕүгэр киллэрдэ.
Хараҥа буолуута, сулустар чаҕылыһа тыгалларыгар кулуһунун отунна уонна өтөҕөр киирэн арбаҕаһын кэтэн, баттаҕын арбатан дүҥүрүн туппутунан кулуһуна ортолоон эрдэҕинэ таххан кэллэ.... -Оуу...оуу....оуу... -Хох...хох..хох....-диэн бөрөлүү улуйан, суордуу хоохтоон дүҥүрүн охсо охсо уоту тула ойуоккалаан киирэн барда...кыаһаанарын тыаһын кытта хобо тыһа лыкынаан киирэн барда.... -Аа.. Ээ...суурэр көтөр уолаттарым....көрөр истэр кулгаахтарым... бааргыт дуо эһиги....
Дуорҕаны Бас ыраахтан көстүбэккэ манна диэн Мөлтөс диэн аатаах сорук болуур уолун кыната, ол уол ыраахтан сытан көрдөҕүнэ Сандалы кырдьаҕас атаҕа сиргэ тиийбэккэ дайа сылдьар курдук буолан көстөрө..кырдьаҕас киһи диэтэххэ, ойон тэйэн олох эдэр киһи да кыайан хамсаммат хамсаныыларын хамсанан эрэр этэ... Кырдьаҕас биир түгэҥҥэ тохтуу биэрээт Мөлтөс сытар туһаайыытын диэкки чарапчыланан көрөн баран..дүҥүрүн охсон кини дэкки үтүрүйбүтүгэр Мөлтөс өйүн сүтэрэн охтон түстэ.
Сандалы кырдьаҕас киирэн кэлбитигэр, Дуорҕаны Бас туран көрсөөрү кыммыта тобуктара халыр босхо баран кыайан турбата. Кырдьаҕас кини диэкки суптуу хааман кэлэн аа дьуо саҥаран барда: - Дуорҕаны Бас иһит мин этэрбин...Үс сылааҕыта Чынгыыс Хаан ыйааҕын кэһэн, биэс урдуус буойуттар куотаннар бу дойду диэкки туруммуттар...аара куотан иһэн икки киһилэрин, кинилэри суоллаан испит бөтөстөр өлөртөөн биир киһилэрин тутан ылан илдьэ хаалбыттар. Икки ини бии быраатыылар, өрүскэ түһэн харбаан туораан тыыннах хааланнар бу диэкки айаннаан иһэллэр үһү...ол дьоно аһынар сүрэхтэрэ суох дьон, көрсүбү дьоннорун барытын өлөрөн өһөрөн иһэр дьон буолан биэрбиттэр... Ити оҕону ыытаҥҥын таах халтайга сиэттэрэ сыыстыҥ...хаар түһэн уулуор диэри, ити уол аар маар киһилии сылдьыа.. күөххэ үктэннэҕинэ бэйэтин чөлүгэр түһүөҕэ..Онон буруйдаах киһи быһыытынан оҕону күөххэ үктэниэр диэри көрөргөр тиийэҕин.... Ол дьону мин бэйэм көрсөр курдук ыллыктарын ыйдым... бэйэлэрэ да билбэккэ мин өтөҕүм диэкки айаннаан иһэллэр ...мин кинилэри көрсүөм..эн дьонноргун илдьэ уонча хонукка бу дойдуттан бараргар тиийэҕин. Ол кэннэ кэлэн мин өтөхпөр Морҕо уолу соҕотохтуу ыытаҥҥын Арбаҕастаах, Дүҥүрбүн эрэ ылаар диэн сорудах бирэн, өтөхппун баардыын суохтуун барытын уотаан кэбистин...
Моҕол кутана саныыр.. кини олох өлүөн баҕарбат, өлүөн кэриэтэ атыттары барыларын өлөртүө...Оннооҕор бииргэ төрөөбүт биитин өлөрөн кэбиһиэн баҕарталаан ылар. Бу баччааҥҥа дылы кини баар буолан тыыннах сырыттахтара. Элбэх дьоно тыыннарын быстылар... бу диэкки олорор омуктар туох да улахан баайдара көмүстэрэ суох буолан биэрдэ. Ал Тай эркин омуктар көмүстээх этилэр. Бу омуктар бэйэлэрин курдук мэлтэҕэр сирэйдээх кынан баран олох мас көнө сордоохтор эбит...ол кынан баран бу дойду тымныыката сүрэ бэт эбит. Хайдах эрэ бу тымныы түһүөр диэри тулуйан сырыттахтарына табылыа этэ. Өрүс мууһа тууруута көлө булунан Ман Жур киэҥ кыраайыгар турунуо этилэр... Хаһан эрэ өрдөөҕүтэ ол диэкки барса сылдьан кэлбиттээх саҥа акка олоро үөрэнэн баран, кытай омукктан бэрик хомуйар аравааты кытары. Кэҥ киһи сүтэр дойду курдук көрбүтэ..Ол дэкки тиийэр эбитэ буоллар биитин суох оҥорор санаалаах, соҕотохтуу сүтэр ордук буолуо этэ дии саныыр...дьэ хайа буолар.
Түүннэри айаннаан биир алаас кытыытыгар тохтоотулар...ыраахтан чуҥнаан көрөн үөрэтэн баран киирэр санаалаахтар. Күһүн буолан эрдэ хараҥарар этэ. Бороҥуй буолбутун кэннэ дьэ туран өтөх диэкки хаамтылар. Ыраахтан сытан көрдөхтөрүнэ бу өтөххө олорор киһи кыахтаах курдук көстөр этэ..Моҕол биитин таска хаал диэн биллэрэн баран бэйэтэ өтөххө ойон киирбитэ....... -Эһигини күүтэн олоробун....-диэн көрүстэ сандалыга олорор кырдьаҕас оҕонньор. Моҕол соһуйан сүрэҕэ айаҕынан тахса сыыста оҕонньор кини тылынан саҥаран барбытыттан дуу или иннигэр Чынгыыс Хаан бэйэтэ илэ ортотуттан эбитэ дуу...-Киириҥ ааһыҥ.. биигин ыҥыр киирдин -диэн быһа бааччы этэн кэбистэ. Моҕол халҕааны арыйаан биитин ыҥыран иһиирдэ. Дьайдаар иһирдьэ киирбитэ иннэ Моҕол мөҕүллүбүт оҕо курдук сандалыга олорор кырдьаҕас инигэр турарын көрдө...
-Кэл олор...-диэн соруйардыы, эппитигэ тиийэн сандалы үрдүгэр кырдьаҕас иннигэр олорунан кэбистэ. -Ха...Ха..Ха..бэйэҥ баҕа өттүгүнэн миэхэ ас буоллаҕыҥ бу....Эһиэхэ куйаар олохтоохторугар сандалы диэн өйдөбүл суоҕа ити баар, мин сандалыбар ууруллубут мин аһым буолар..онон эйигин сиирбэр тиийэбин...-диэн баран Сандалы Дайдар диэкки уҥа илиитин тарбахтарын төбөлөрүн бииргэ хомуччу тутан үрэн сырылаппытыгар, киһитэ хараҕын тиэрэ көрөн уҥан таралыйа түстэ. Моҕол ону көрөн көхсүнэн тымныы сүүрээн сүүрбүтүү илибирээн киирэн барда.. -Эн хайгаллга сылдьар буойун этиҥ...бу маннык суолга, эйигин ымсыыҥ тиэрпитин бэйэҥ билэҕин..куруук дьонтон ордук буола сатаан сордонон биэрэриҥ. Эдэр сылдьан... дьаһаах хомуйар арабаҕа сылдьан, дьахталлары уонна оҕолору өлөртөн үтүө оҥорбут курдук туттубуттун...төттөрү буолан тахсыбыта. Онтон ыла ол арааба эйигин бэйэтигэр ылбатаҕа...эйигин бастакы кэккэҕэ ыытар буолан барбыттара. Буруйун туһалаахха таһааран хаанын тохтун диэн. Онтон өһүрэн маннык суолга туруммутуҥ, бэйэҥ курдук дьону кытта куомуннаһан Ал Тайынан дьон бөҕөтүн өлөртөн, кэбирэ сырыппыккыт...Ону эһигитин тутан эппиэккэ таттараары, тыыннаахтыы эбэтэр төбөлөрүн булан аҕалыҥ диэн кытаанах сорудах элбэх киһи ылыммыта..эһигини тутан ,эбэтэр төбөҕүтүн аҕаллбыт киһигэ , биирдии төбө иһин биирдии үөр сылгыны анаабыттара. Ол иһин элбэх буойуттар туруммуттара. Аара Улуу эбэ нөҥүө бииргитин тутан, икки киһи төбөлөрүн быһан төттөрү айанаабыттар. Эһиги өрүһү харбаан туорааҥҥыт тэскилээбиккит. Сырсан иһээчилэр таҥастаах ууга киирэллэрин туттуммуттар...Чынгыыс ыйааҕын кэһиэххтэрин баҕарбатахтар. Ол иһин өрүһү туоруу сорумматахтар... Бу өтөхтөн эһиги уонна тахсыбаккыт.
Моҕол хамсыаҕын, илиитэ атаҕа хамсаабат...Дайдаар сандалы үрдүгэр сытан, таттаран илибирээн салыбыраан, айаҕыттан күүгэн тахсан киирэн барда... -Бу оҕо буруйа кыратын иһин, эрэйдэммэккэ бараахтаата.....өскөтүн сандалым үрдүгэр таххан олорботоҕо буоллар, тыыннаах халарыахтаах этим....бэйэтин дьылҕатын бэйэтэ быһаарда....онтон эн- диэн истэҕинэ Моҕол туох баар күүһүнэн быһаҕын таһаараат кырдьаҕас диэкки хаамаары кыммыта, атахтара истибэккэ умса баран түстэ, ол түһэригэр быһаҕын сандалы остуол сирэйигэр батары саайда..сиртэн нэһиилэ оронон атаҕар туран ...хаһан да көрбөтөҕүн көрөн, дьөссө иэдэйдэ.. -Дьэс...быһаҕынан..-диэн сарылаат кырдьаҕас ойон туран икки илиитин сараппытыгар...үс атахтаах сандалы аттыы ойуоккалаан киирэн барда, маҥнай үрдүгэр өлө сытар Дайдаар өлүгүн киэр элиттэ, ол кэннэ тула холоруктаан эргийэн кулахачыйан киирэн барда...ол кэннэ ойон кэлэ кэлэ Моҕолго түһүөлээн киирэн барда...Моҕол куталыттан сүрэҕэ тулуйбакка сууллан түстэ...
Морҕо уол тойонун Дурҕаны Бас этиитинэн тиийэн Сандалы кырдьаҕас өтөҕүн уоттаан кэбиспитэ...онтон кини Сандалы кырдьаҕас арбаҕастаах таҥаһын кытта дүҥүрүн эрэ ылбыт этэ. Уонна туох буолбутун , ким да Морҕо уолтан ыйыталаһа барбатаҕа....уол бэйэтэ да кэпсээбэтэҕэ, ол ол курдук ааспыта.... Саас ааһан күөх от үүнүүтэ Мөлтөс дьэ киһи чөлүгэр, түспүтэ...дьоннору билэтиир буолан киирэн барбыта, сотору соҕус туох да булбатаҕыныы эмиэ сүүрэн көтөн барбыта...Дуорҕаны Бас, Морҕо уолу били түгэн кэннэ онно манна соруйан ыыппат буолбута...Морҕо, Сандалы олорбүт өтөҕөҕөр сэттэ сыл ааспытын кэннэ өтөх туттан онно олоро тиийбитэ.....
Морҕо уол туһунан, олох атын остуоруйа....
Автор: СуорУола 30 декабря 2014 21:44
Сахаларга биир ытыктанар малынан Сандалы ( остуол) буолар..Саха киһитэ хаһан да Сандалын сутуругунан охсубат..эгэ үрдүгэр кэннинэн олоруо үһү дуо.....Ол иһин биир түгэни кэпсиэххпин баҕардым.. Дьэ ол курдук маннык биирдэ Сахабыт сиригэр Улуу Нучча омуга кэлэ илигинэ диэххэ, Олорбуттара үһү икки ини бии эр бэттэрэ, Моҕол уонна Дьайдаар диэн уорууннан дьону халааһынынан аһаан сиэн олорбуттара. Улахан уол Моҕол бас көс тутан сылдьар эбит. Кинилэр хантан баар буолбуттара дэтэхитинэ. Тутталлаллара хапталлар барыта монголуу эбитэ үһү. Биирдэ да кинилэр саҥа таһааран саҥарбыт дьоно тыыннах хаалбыт сурахтара суох үһү.
Сандалы кырдьаҕас түүнүн сатаан утуйбата ..түүнү быһа түүҥү ыалдьыттара кэлэн тугу эрэ кэпсии сатаан өҥөҥнөһүү, супсуруһуу....Сандал үртэлии сатыыр да иэстиэхтэрэ баара дуо, ыксаабыттара туруммуттара сүрдээх. Дьэ туох эрэ буолаары кынна дуу.. хайа сах..дуу. Арааһа көрүүлэнэн көрдөҕүнэ сатаныыһы быһылаах. Кини эрэттэрэ мээнэҕэ кэлбэттэр этэ дии...
Эрдэ күн тахсыытын эрэ ининэ туран, хомунан Дуорҕаны Баска тиийэ сылдьарга быһаарынна тиийэн сүбэлэһээри гынар, көрүүнэлиирин Дуорҕаны Бас бобон кэбиспитэ...Мин көҥүлэ суох, ойунуургун бобобун, өскөтө ону маны гынан таһаабыт буоллаххына.. баскын хатарыам диэн сэрэппитэ..Ха.. Ха..Ха..дьиҥэр мин кини бобуутуттан куттаммат ордуус буоллаҕым этэ да...бу кырдьар сааспар харайар киһи баара ордук этэ...ол иһин кини эппитин ылынан сору көрөн эрдэҕэ.
Дуорҕаны Бас аҕата , улуу киһи этэ...ол да иһин кинини бу улуус дьоно бэйэлэрин тойоннорунан талбыттара, Хохулла диэн кыахтаах, өйдөөх буойун этэ. Уола кини курдук мандар өйө суох этэ кынан баран, буойун быһыытынан хаалсыбат этэ. -Хайа бу улуу кырдьаҕас, туох буолан бэйэлээх бэйэҥ тиийэн кэллиҥ....Аһыыр аскын, соторутааҕыта били уолаттар тиксэрбиттэрэ бүтэ оҕуста дуу?-диэн көрүстэ Дурҕаны Бас. -Мин дьон аһыыр аһыгар улаханнык кыһалҕам суох этэ да...баар буоллаҕына аһыыбын суох буоллаҕына эйгэ аһатар аналаахпын.. -Оччоҕуна туохха кэллиҥ...миэхэ кырдьаҕас?. -Дуорҕаны Бас...эн миигин илиибин атахпын баайан кэбиһэн киһи аатыттан таһааран сылдьаҕын...Ол ойоҕум куттанна диэн Ойууну утары барар буоллаххына.. төһө өр бараары гынаҕын.. -Дьөссө..утары бараары сананан кэллиҥ дуо?. Билигин баскын батыйаннан быһа батаан кэбиһиэм... -Оннооҕор аҕаҥ Хохулла миэхэ ордоотообот этэ-диэн баран илиитин тарбахтарынан киһитин сырайын тырыта тыытаары кыммыттыы -Ша...дибитигэр Дуорҕаны Бас илиитэ атаҕа хамсаабат буолан хаалла. Харахтара эрэ сүүрэлиир. -Мин этэрбин сиһилии дойҕоохтоон иһит.....Туох эрэ улахан буолаары гынна биһи диэкки..Ол иһин бу кэлэн турабын...Таҥаспын саппын кэтэн көрүүлэнэн көрөргө сананнан туурабын..онон ол курдук өйдөө...дүҥүрүм да домун тыаһаабатаҕа ыраата сытан хатан хайа барарыгар тиийэн эрэр...Бу сэттэ уоннтан тахсыс хаарбын көрсөөрү сылдьар киһи ..эйигиттэн ыйытахтаахпын үһү дуо тугу гынарбын...Ол иһин өйдөөн кээс..мэһэй туорай буоллаххына.. Бэйэҥ кэмсинэ сылдьаайаҕын. Мин билигин тахсан барыам...Эн олоро түс токкуйдан..Сотору ыбылы ылбыта ыыта.
-Һу.. бу кырдьаҕас киһини баайдаҕын сүрүн....Айа да айа...илиим атаҕым хамсаабат буолан хаалбыта тоҕо бэрдэй.. Улахан күүстээх кырдьаҕаһы мөкү гынан ол бу буолан хаалылыһы быһыыта....че олороро да аҕыйах сыл хаала, тулуйа түспүт киһи...сырыттын аны киһини ол бу гыныыһы...били дьахтары муоһун эрбии түстэххэ сатаныыһы...Ити туох туох диэтэ..туох эрэ куһаҕаны биттэнэр быһыылаах этэ. Дьоммун мунньан бэлэм олордуннар диэн этилииһик. Аҕам Хохулла ити кырдьаҕаһы кырдьык утары көрбөт этэ.
Сандалы кырдьаҕас өтөҕөр тиийэн киэһээҥи добун тэринэн киирэн барда...улахан кулуһун уоту оттотугар мас тастта. Кырдьан сэниэтэ эстэн хаалар буолбут. Кутуруксутунан сылдьыбыт Морҕо уолу, Дуорҕаны Бас ыраах ханна эрэ сир көрдөрө ыыпыт сураҕын истибитэ. Уола баара эбитэ буоллар маннык сордонуо суох этэ...соруйа соруйа олоруо этэ. Кыаһааннарын ыраастаан, килэбэчитэн, арбахтарын сарбахтарын көнөртөөн ылла. Дүҥүрүн ылан имэрийэ имэрийэ -Бу киэһээ көтөн көрүө этибит...сытан сылайдаҕыҥ...тулуйа түс..-ди ди дүҥүрүн кыра оҕону курдук көтөҕөн өтөҕүгэр киллэрдэ.
Хараҥа буолуута, сулустар чаҕылыһа тыгалларыгар кулуһунун отунна уонна өтөҕөр киирэн арбаҕаһын кэтэн, баттаҕын арбатан дүҥүрүн туппутунан кулуһуна ортолоон эрдэҕинэ таххан кэллэ.... -Оуу...оуу....оуу... -Хох...хох..хох....-диэн бөрөлүү улуйан, суордуу хоохтоон дүҥүрүн охсо охсо уоту тула ойуоккалаан киирэн барда...кыаһаанарын тыаһын кытта хобо тыһа лыкынаан киирэн барда.... -Аа.. Ээ...суурэр көтөр уолаттарым....көрөр истэр кулгаахтарым... бааргыт дуо эһиги....
Дуорҕаны Бас ыраахтан көстүбэккэ манна диэн Мөлтөс диэн аатаах сорук болуур уолун кыната, ол уол ыраахтан сытан көрдөҕүнэ Сандалы кырдьаҕас атаҕа сиргэ тиийбэккэ дайа сылдьар курдук буолан көстөрө..кырдьаҕас киһи диэтэххэ, ойон тэйэн олох эдэр киһи да кыайан хамсаммат хамсаныыларын хамсанан эрэр этэ... Кырдьаҕас биир түгэҥҥэ тохтуу биэрээт Мөлтөс сытар туһаайыытын диэкки чарапчыланан көрөн баран..дүҥүрүн охсон кини дэкки үтүрүйбүтүгэр Мөлтөс өйүн сүтэрэн охтон түстэ.
Сандалы кырдьаҕас киирэн кэлбитигэр, Дуорҕаны Бас туран көрсөөрү кыммыта тобуктара халыр босхо баран кыайан турбата. Кырдьаҕас кини диэкки суптуу хааман кэлэн аа дьуо саҥаран барда: - Дуорҕаны Бас иһит мин этэрбин...Үс сылааҕыта Чынгыыс Хаан ыйааҕын кэһэн, биэс урдуус буойуттар куотаннар бу дойду диэкки туруммуттар...аара куотан иһэн икки киһилэрин, кинилэри суоллаан испит бөтөстөр өлөртөөн биир киһилэрин тутан ылан илдьэ хаалбыттар. Икки ини бии быраатыылар, өрүскэ түһэн харбаан туораан тыыннах хааланнар бу диэкки айаннаан иһэллэр үһү...ол дьоно аһынар сүрэхтэрэ суох дьон, көрсүбү дьоннорун барытын өлөрөн өһөрөн иһэр дьон буолан биэрбиттэр... Ити оҕону ыытаҥҥын таах халтайга сиэттэрэ сыыстыҥ...хаар түһэн уулуор диэри, ити уол аар маар киһилии сылдьыа.. күөххэ үктэннэҕинэ бэйэтин чөлүгэр түһүөҕэ..Онон буруйдаах киһи быһыытынан оҕону күөххэ үктэниэр диэри көрөргөр тиийэҕин.... Ол дьону мин бэйэм көрсөр курдук ыллыктарын ыйдым... бэйэлэрэ да билбэккэ мин өтөҕүм диэкки айаннаан иһэллэр ...мин кинилэри көрсүөм..эн дьонноргун илдьэ уонча хонукка бу дойдуттан бараргар тиийэҕин. Ол кэннэ кэлэн мин өтөхпөр Морҕо уолу соҕотохтуу ыытаҥҥын Арбаҕастаах, Дүҥүрбүн эрэ ылаар диэн сорудах бирэн, өтөхппун баардыын суохтуун барытын уотаан кэбистин...
Моҕол кутана саныыр.. кини олох өлүөн баҕарбат, өлүөн кэриэтэ атыттары барыларын өлөртүө...Оннооҕор бииргэ төрөөбүт биитин өлөрөн кэбиһиэн баҕарталаан ылар. Бу баччааҥҥа дылы кини баар буолан тыыннах сырыттахтара. Элбэх дьоно тыыннарын быстылар... бу диэкки олорор омуктар туох да улахан баайдара көмүстэрэ суох буолан биэрдэ. Ал Тай эркин омуктар көмүстээх этилэр. Бу омуктар бэйэлэрин курдук мэлтэҕэр сирэйдээх кынан баран олох мас көнө сордоохтор эбит...ол кынан баран бу дойду тымныыката сүрэ бэт эбит. Хайдах эрэ бу тымныы түһүөр диэри тулуйан сырыттахтарына табылыа этэ. Өрүс мууһа тууруута көлө булунан Ман Жур киэҥ кыраайыгар турунуо этилэр... Хаһан эрэ өрдөөҕүтэ ол диэкки барса сылдьан кэлбиттээх саҥа акка олоро үөрэнэн баран, кытай омукктан бэрик хомуйар аравааты кытары. Кэҥ киһи сүтэр дойду курдук көрбүтэ..Ол дэкки тиийэр эбитэ буоллар биитин суох оҥорор санаалаах, соҕотохтуу сүтэр ордук буолуо этэ дии саныыр...дьэ хайа буолар.
Түүннэри айаннаан биир алаас кытыытыгар тохтоотулар...ыраахтан чуҥнаан көрөн үөрэтэн баран киирэр санаалаахтар. Күһүн буолан эрдэ хараҥарар этэ. Бороҥуй буолбутун кэннэ дьэ туран өтөх диэкки хаамтылар. Ыраахтан сытан көрдөхтөрүнэ бу өтөххө олорор киһи кыахтаах курдук көстөр этэ..Моҕол биитин таска хаал диэн биллэрэн баран бэйэтэ өтөххө ойон киирбитэ....... -Эһигини күүтэн олоробун....-диэн көрүстэ сандалыга олорор кырдьаҕас оҕонньор. Моҕол соһуйан сүрэҕэ айаҕынан тахса сыыста оҕонньор кини тылынан саҥаран барбытыттан дуу или иннигэр Чынгыыс Хаан бэйэтэ илэ ортотуттан эбитэ дуу...-Киириҥ ааһыҥ.. биигин ыҥыр киирдин -диэн быһа бааччы этэн кэбистэ. Моҕол халҕааны арыйаан биитин ыҥыран иһиирдэ. Дьайдаар иһирдьэ киирбитэ иннэ Моҕол мөҕүллүбүт оҕо курдук сандалыга олорор кырдьаҕас инигэр турарын көрдө...
-Кэл олор...-диэн соруйардыы, эппитигэ тиийэн сандалы үрдүгэр кырдьаҕас иннигэр олорунан кэбистэ. -Ха...Ха..Ха..бэйэҥ баҕа өттүгүнэн миэхэ ас буоллаҕыҥ бу....Эһиэхэ куйаар олохтоохторугар сандалы диэн өйдөбүл суоҕа ити баар, мин сандалыбар ууруллубут мин аһым буолар..онон эйигин сиирбэр тиийэбин...-диэн баран Сандалы Дайдар диэкки уҥа илиитин тарбахтарын төбөлөрүн бииргэ хомуччу тутан үрэн сырылаппытыгар, киһитэ хараҕын тиэрэ көрөн уҥан таралыйа түстэ. Моҕол ону көрөн көхсүнэн тымныы сүүрээн сүүрбүтүү илибирээн киирэн барда.. -Эн хайгаллга сылдьар буойун этиҥ...бу маннык суолга, эйигин ымсыыҥ тиэрпитин бэйэҥ билэҕин..куруук дьонтон ордук буола сатаан сордонон биэрэриҥ. Эдэр сылдьан... дьаһаах хомуйар арабаҕа сылдьан, дьахталлары уонна оҕолору өлөртөн үтүө оҥорбут курдук туттубуттун...төттөрү буолан тахсыбыта. Онтон ыла ол арааба эйигин бэйэтигэр ылбатаҕа...эйигин бастакы кэккэҕэ ыытар буолан барбыттара. Буруйун туһалаахха таһааран хаанын тохтун диэн. Онтон өһүрэн маннык суолга туруммутуҥ, бэйэҥ курдук дьону кытта куомуннаһан Ал Тайынан дьон бөҕөтүн өлөртөн, кэбирэ сырыппыккыт...Ону эһигитин тутан эппиэккэ таттараары, тыыннаахтыы эбэтэр төбөлөрүн булан аҕалыҥ диэн кытаанах сорудах элбэх киһи ылыммыта..эһигини тутан ,эбэтэр төбөҕүтүн аҕаллбыт киһигэ , биирдии төбө иһин биирдии үөр сылгыны анаабыттара. Ол иһин элбэх буойуттар туруммуттара. Аара Улуу эбэ нөҥүө бииргитин тутан, икки киһи төбөлөрүн быһан төттөрү айанаабыттар. Эһиги өрүһү харбаан туорааҥҥыт тэскилээбиккит. Сырсан иһээчилэр таҥастаах ууга киирэллэрин туттуммуттар...Чынгыыс ыйааҕын кэһиэххтэрин баҕарбатахтар. Ол иһин өрүһү туоруу сорумматахтар...
Бу өтөхтөн эһиги уонна тахсыбаккыт.