Главная / Кэпсээннэр / Эһэ Хайа лааҕыра (1938-1954) (Ахтыылартан)
Добавить комментарий
ok.ru 1930-с сыллар ортолоругар П.П. Епифанов диэн геолог Дьааҥы сиригэр-уотугар хорҕолдьун уруудатын халыҥ саппааһын арыйбыта.
Ол түмүгэр, Эһэ Хайа диэн сиргэ хорҕолдьуну хостуур рудник оҥоһуллубута.
Манна Дальстрой “Якутолово” диэн управлениета хаайыылаахтарынан хорҕолдьуну хостоторго быһаарбытын түмүгэр, 1938 с. Эһэ Хайаҕа ГУЛАГ улахан лааҕыра тэриллибитэ.
Норуодунай суруйааччы В.Яковлев-Далан суруйарынан, Саха сиригэр барыта ГУЛАГ 105 лааҕыра баар буола сылдьыбыт. Олортон биир саамай ынырыктара бу Эһэ Хайа лааҕыра буолбута.
Эһэ Хайаҕа хаайыылаах ахсаана, лааҕыр эстиэн иннинэ, 1953 с. муҥутаан 7636 киһиэхэ тиийэ сылдьыбыта. Хорҕолдьуну Эһэ Хайаҕа эрэ буолбакка, онтон чугас Көстөр Хайаҕа, Бургавлига, Илин Тааска эмиэ хостууллара. Олорго таас суол оҥорторон, улахан таһаҕас массыыналарынан күннэри-түүннэри Баатаҕайдааҕы ХБК-ккэ тохтоло суох таһаллара.
Хаайыылаахтары Сэбиэскэй Сойуус бары муннуктарыттан манна илиҥҥи муораларынан, холобур Охуоскай муора Ванино пуордунан, аҕалаллара. Ону оччолорго Саха сиригэр дьон билбэт да этэ.
Билиҥҥи Эһэ Хайа уонна Баатаҕай бөһүөлэктэрэ, аэропорт бары хаайыылаахтар күүстэринэн тутуллубуттара. Үөттээххэ дьахтар холуонньата баар буола сылдьыбыта. Нуучча норуотун улуу ырыаһыта Лидия Русланова онно эмиэ сылдьыбыта да, тоҕо эрэ, биографиятыгар ону ахтыбаттар.
Син ол тэҥэ, дойдубут элбэх биллиилээх дьоно, судаарыстыбаннай диэйэтэллэр, артыыстар уо.д.а. Эһэ Хайа уонна ол чугаһынааҕы лааҕырдарга кэлэн сору-муҥу көрбүттэрэ. Далан “Дьылҕам миэнэ” диэн кинигэтигэр Эһэ Хайа лааҕырыгар араас омук дьонун сэргэ, 8 чэчиэн киһитэ хаайыылаахтар ортолоругар “былааһы ылан” олорбуттарын суруйбута.
Кинилэр ортолоругар Сэбиэскэй Сойуус дьоруойа, Сталинград кыргыһыытыгар соҕотоҕун 920-ччэ фашист саллаатын өлөрбүт младшай лейтенант Ханпаша Нурадилов (1920-1942) убайа баарын суруйан турардаахтар. “Былааһы ылан” олорбут чэчиэннэри атын сиргэ көһөрбүттэрин кэннэ, “былаас” төттөрү нуучча блатнойдарыгар төннүбүт.
Ону 1954 с. “Берлинский этап” диэн араас буруйу оҥорон хаайыллыбыт Сэбиэскэй Аармыйа байыаннайдарын бөлөҕө кэлэн тохтоппут. Ол эрэ кэннэ арыый киһилии бэрээдэк олохтонон, хаайыылаахтар өрө тыыммыттар.
1957 с. диэри Депутатскай бөһүөлэгэ Верхоянскай оройуонугар киирэрэ. Ити сыл Ыччат өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлэ буолбута. Бэстибээл оройуоннааҕы сүүмэрдиир күрэҕэр Депутатскайтан ГУЛАГ лааҕырдарыгар олоро сылдьыбыт ССРС, РСФСР хас да норуодунай артыыстара кыттыбыттара үһү.
Ол көрүүгэ кинилэри Адыаччы нэһилиэгин ыччата “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону туруоран кыайан тахсыбытын билэбит.
Эһэ Хайа лааҕырыгар саха биллиилээх дьоно эмиэ олоро сылдьыбыттара. Ол иһигэр, Р.Ф. Кулаковскай (1889-1939), Илин Хаҥалас улууһугар сэбиэскэй былааһы олохтообут Г.М. Павлов (Ньурба киһитэ), А.Ф. Бояров уо.д.а. Кинилэри кытта Сталин репрессияларын сыаптаах ыта, 1927-1928 сс. – конфедералистары, 30-с сылларга үөһэ ахтыллыбыт Р.Ф. Кулаковскайы хобулаабыт, эйэлээх нэһилиэнньэни утары кыыллыы быһыытынан “аатырбыт” Куоста Сокольников (1890-1944) Эһэ Хайаҕа, бэйэтэ үҥсэн туттарбыт дьонун кытта, бииргэ олорбута.
1943 с. сайыныгар Эһэ Хайа лааҕырыгар хаайыылаахтар киэҥ далааһыннаах өрө турууну бэлэмнээбиттэрэ арыллыбытын кэпсииллэр. Ону тэрийбит дьон бары ытыллыбыттара үһү. Ол билигин да киэҥник биллибэккэ сылдьар. Сорохтор сабаҕалыылларынан, өрө турууну салайааччылар кэккэлэригэр Алексей Алексеевич Семенов диэн уруккута Коковин уонна Басов атыыһыттар эргиэннэрин дьиэтин управляющайа, Эндыбааллааҕы сибиниэс руднигын хаһаайына, кэлин 1922-1923 сс. Саха АССР үбүн-харчытын наркома, улуу суруйааччы М.Горькай чугас доҕоро киһи баар буолуон сөп диэн кэпсээн баар.
1938 с. диэри Дальстрой тиһигинэн тутуллубут Баатаҕай уонна Эһэ Хайа бөһүөлэктэрин тулата барыта “Чолбон” диэн холкуос сирэ-уота этэ. Бу – Дьааҥы улууһугар сылгы-сүөһү иитэргэ саамай табыгастаах ходуһалаах, мэччирэҥнээх, бултаах-балыктаах, үтүө айылҕалаах сир. Ону барытын 1938 сылтан ыла Дальстрой баһылаабыт, олохтоох дьону атын нэһилиэктэргэ көһөрбүттэр.
Сэрии сылларыгар бу лааҕыр тиһигин Халеев диэн генерал-майор, сэрии кэнниттэн лааҕыр эстиэр диэри Князев диэн полковник салайбыттар. Хаайыылаахтары харабыллыыр дивизиону өр кэм устата Сорока диэн майор дьаһайбыт.
Эһэ Хайа лааҕыра бөһүөлэк ортотугар, балачча киэҥ сири сабардаан, тула хатыылаах боробулуоханан күрүөлэнэн олороро. Олбуор түөрт муннугар харабыллаах вышкалар тураллара. Лааҕыр олбуорун иһигэр “спецзона” диэн 2 хос эркиннээх, ферма хотонун курдук быһыылаах, хотуттан соҕуруу быһыылаах тутуллубут, түннүгэ-үөлэһэ, аана тимир эрэһиэҥкилээх бараак баара үһү.
Бараак ортотунан халыҥ уонна бөҕө быыстаах. Хоту аҥаарыгар – “вордар”, соҕуруу өттүгэр – “сукалар” – уһаакка чэпчэтинэн сыппыттар. Бэрээдэк быһыытынан, сууккаҕа биирдэ 15 м. таһырдьа тахсан, харабыл арыалдьыттаах “салгын сииллэр”. Бу икки бөлөх хаайыылаахтар бэйэ-бэйэлэрин кытта хаан өстөөхтүүлэрин, кыыллыы дьакыйсалларын таһынан, саханы букатын өрө көрдөрбөттөрө. Харабыл дивизионугар, байыаннай сулууспа суотугар, Украинаттан кэлбит саллааттар сулууспалыыллара.
"Тоҕо харабылга олохтоох саха-нуучча уолаттара сулууспалаабаттарый?" диэн ыйытыкка, салалта: “Олохтоох дьон манна туһалара суох: хаайыылаахтары аһыныахтарын сөп. Оннук саллаат манна наадата суох! Биһиэхэ аһыныгаһа суох саллаат наада!” – диирэ үһү.
Эһэ Хайа лааҕырыттан элбэхтик күрүүллэрэ. Ону “ханна да ырааппаттарын, син биир өлөллөрүн билэ-билэ, кылгас да кэмҥэ көҥүл тыынаары, муҥур уһуктарыгар тиийбит дьон күрүүр буолуохтаахтар” диэн сылыктыыбыт.
Сталин кэмигэр лааҕыртан күрээбит дьон тутулуннулар да, хаайыллыбыт болдьохторуттан тутулуга суох, ытыллан иһэр эбит буоллахтарына, Сталин өлбүтүн кэннэ күрүөйэххэ болдьоҕор 1 сыл эбиллэр буолбут.
Далан кинигэтигэр суруллубутунан, күрээбит нуучча хаайыылаахтара өрүс-үрэх сүнньүн тутуһан бара сатыыр буоланнар дөбөҥнүк тутуллар буоллахтарына, күрээбит саха тыанан-тайҕанан барар буолан син дьүгээр туттаран быстыбата үһү.
Эһэ Хайа лааҕырыгар күрүөйэхтэри булан өлөрүүнэн дьарыктанар Каратаев уонна Гладышев диэн 2 идэтийбит палач бааллара кэпсэнэр.
Күрүөйэҕи ыраатыннарбакка ситэн өлөрдөхтөрүнэ, хаҥха ыҥыыр ойоҕоһугар баар күрүчүөккэ ойоҕоһуттан ыйаан аҕалан зона киирэр-тахсар ааныгар “көрдөрүүгэ” анаан хас да күн сытыараллара үһү.
Оттон ыраатан хаалбыт күрүөйэх өлүгүн таһан эрэйдэммэккэ, төбөтүн эбэтэр илиитин быһан аҕалан отчуоттууллара. Бу Гладышев кэлин хойукка диэри Эһэ Хайаҕа олорбута үһү.
Оттон Каратаев Магадааҥҥа көһөн барбыт. Онно тиийэн кини уруккута Саха АССР борокуруора Артемовы (1952 с. Даланы, Багдарыыны, А.Федоровы балыйан хаайтарбыт киһи) кытта кыра массыынанан баран иһэллэрин кимнээх эрэ улахан таһаҕас массыынатынан ибили тэбистэрэн өлөрбүттэр.
Хаайыыттан дьон куоттахтарына, лааҕыр салалтата ол туһаайыыга баар саха сельсоветтарыгар “бачча саалаах-сэптээх, аттаах дьону баар гыныҥ!” диэн дьаһал биэрэрэ. Оннук “мобилизацияҕа” Адыаччыттан А.Потапов-Холльун уола Охонооһой диэн уруккута үрүҥ бастаанньаҕа сылдьыбыт, кус быһый, ат бөҕө киһи сылдьыспыта үһү. Хата, биир да күрүөйэҕи тутуспатах, киһи тыыныгар турбатах.
Бүлүү педучилищетын преподавателэ, Дьааҥы күтүөтэ Н.И. Федоров-Маҥан Баттах 1973 с. маннык кэпсээбитэ:
– Сэрии ортотун диэки Эһэ Хайа лааҕырыттан, харабылы өлөрөн баран, 3 хаайыылаах саалаах күрээбиттэр. Дьааҥы өрүһүн таҥнаран, Эҥэ нэһилиэгин туһаайыытынан түспүттэр.
Кинилэри Сэбиэскэй-финскэй сэрии аатырбыт снайпера Кузнецов диэн киһи салайбыт. Бу Кузнецов дьонугар: “Нууччаны эрэ ытыҥ, саханы ытымаҥ! Саханы өлөрдөххүтүнэ, саха дьоно өһөөн тута суоллаһан ситиэхтэрэ”, – диирэ үһү. Икки киһитэ тутуллубутун кэннэ, Кузнецову соҕотохтуу ырааһыйаҕа турар эргэ өтөх балаҕаныгар төгүрүйбүттэр.
Икки овчарка ыты ыыппыттарын тута ыстыыгынан үөлэн өлөртөөбүт. Бэйэтэ өтөх аһаҕас түннүгүнэн сирэйин быһаҕаһа эрэ көстөн ааһарын, Романов диэн саха киһитэ бинтиэпкэнэн истиэнэ курдат ытан өлөрбүт.
Бу Кузнецов тоҕо, туохтан күрээбитэ биллибэт. Баҕар, улахан патриот киһи буолан, бу сидьиҥ-нэгэй дойдуттан мүччү туттаран тахсан арҕаа фроҥҥа өстөөҕү утары сэриилэһэ бара сатаабыта буолуо.
Үгэс курдук, хаайыылаахтар 3-4 киһилээх бөлөхтөрүнэн күрүүллэр эбит. Ытынан ирдэтэн сырсалларын билэр буолан, аара туох эмэ малларын хааллараллара. Ол хаалбыт малы булан баран ыт “тугу көрдөтө сатыыргытын буллум” диэн баран салгыы ирдииртэн батынан кэбиһэрэ үһү.
Дьааҥыга өр үлэлээбит аҕам Семен Колосов ахтыытыгар манныгы суруйбута баар:
– Биир саас, чалбах тоҥор кэмигэр, лааҕыртан 4 киһи күрээбиттэр, онтон биирэ – лүөччүк, иккиһэ – ааттаах снайпер. Күрүөйэхтэр баран иһэр тосхоллорун уларытан, соҕуруулуу-арҕаа түспүттэр. Ол баран, Дулҕалаах нэһилиэгин Томтор диэн аҕыйах дьиэлээх бөһүөлэгэр кэлэн, хонтуораттан 100-чэкэ миэтэрэ ыраах сытан мээнэ ытыалаан барбыттар.
Хонтуораҕа хас да кинилэри сырсан испит харабыл хаайтаран хаалбыттар. Олор истэригэр Уус Мэхээлэ диэн уруккута кыһыл бартыһаан баара, ааны астаран алларанан сыыллан тахсан, боруҥуйга, сабараанньа муннугар саһан олорон көрбүт-истибит. “Ол кэннэ, туосапкабын ылан ыстыыктаах сааны туппут киһи тура сылдьыбыт кэмигэр сөп түбэһиннэрэн, сүүһүн ортотун көрөн баран ытан “тыс” гыннардым.
Кыһыл сирэйдээх киһи ньимис гынан хаалла. Трехлинейканы атын киһи ылла быһыылаах, балаҕан үрдүн туһаайан үстэ ытта. Мин эмиэ ыттым... Ол кэннэ көһүтэн көрдүбүт... Тиийэн көрбүппүт, 2 киһи өлө сытар. Ыстыыктаах саа 13 ботуруоннаах.
Лүөччүк хоонньугар элбэх харчы баара. 2 киһилэрэ суох, Арааһа, олох суохтар быһыылаах”, – диэн кэпсээбит.
Күрүөйэхтэри өлөрүүгэ били Каратаев диэн палач эмиэ баара үһү. Бу суруллубуту мин кэлин Дулҕалаах нэһилиэгин дьонуттан чуолкайдаспытым. Чахчы оннук эбит этэ.
Эһэ Хайа лааҕыра букатын эстэн, 1950-с сыллар ортолоругар атын сирдэринэн көспүтэ. Лааҕыр суох буолуутун райком II сэкирэтээрэ Николай Терешкин (1919-1966) тэрийсибитэ. Кини туһунан биһиги аҕабыт Семен Петрович Колосов маннык суруйбут:
– Н.Д. Терешкин ССКП устаабын туппутунан Дальстрой Эһэ Хайатааҕы управлениетыгар тиийэн айдаан бөҕөнү тардыбыт: “Эһиги – дальстройдар – ССКП устаабын быһыытынан, сиргитинэн-уоккутунан Верхоянскай райкомугар киирэҕит, онон биһиэхэ бас бэриниэхтээххит!”
Онтон ССКП КК-гэр үҥсүү түһэрбит. Ол кэннэ, Терешкин кыайан, оройуоҥҥа баар Дальстрой бары тэрилтэтэ оройуоҥҥа холбоспута. Терешкин – дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах салайааччы этэ. Кинини “үөрэҕирэн муҥутаатаҕына Киин Кэмитиэти да сүгүн олордуо суоҕа” диэбиттэрэ буолуо, үрдүкү партийнай үөрэххэ бара сатаабытын ылбатахтара...
Бу ахтыллыбыт Н.Д. Терешкин – Амма Аччыгыйа “Алдьархай” диэн сэһэнин сүрүн дьоруойа Николай Тогойкин дьиҥнээх прототиба. Кини 1943 с. Ленскэй райкомолун I сэкирэтээринэн үлэлии сылдьан, сөмөлүөт саахалыгар түбэспит дьону өлүүттэн быыһаабыта.
Тыыннааҕар бырабыыталыстыба наҕараадатыгар тиксибэтэҕэ эрээри, 1993 с. РФ бастакы бэрэсидьиэнэ кинини өлбүтүн кэннэ “Хорсунун иһин” бойобуой мэтээлинэн наҕараадалаабыта.
Ылдьаа Куолаһап Мэҥэ Хаҥалас, Майа.
Содержание

Лааҕыр эстиитэ

Ылдьаа Куолаһап
Мэҥэ Хаҥалас, Майа.