Кэпсээ
Войти Регистрация

Гульнаара

Главная / Кэпсээннэр / Гульнаара

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
10.11.2024 09:32
4k 0

An image to describe Dalle3 Dalle3 Автор: СуорУола 11 января 2015 00:35

Бүгүн эмиэ атаҕастаатылар..кинин көмүскэһэр киһитэ суох диэн оҕолор бары атаҕастыылар. Сатаатар учуутала эмиэ мөхпүтэ, биир да буукубаны холбоон аахпаккын диэн сэмэлээбитигэр оҕолор күлүү бөҕөҕө буола түспүттэрэ. Особенна Зина кыыс кимнэҥҕэр да үөрбүтэ көппүтэ, буолумуна кини оскуола учууталын оҕото буолан ким да кинини буойбат... -Эн таҥаһыҥ сабыҥ куһаҕана бэт, куруук биир таҥастаах сылдьаҕын, уонна кыыс буолан баран хаатыҥка кэтэ сылдьаҕын...-дии дии баттаҕыттан илгиэлээбитин, оҕолор өс саҕа буолан хабан ыланнар - Валеньки, валеньки Гульнаренки Валеньки -диэн тула көтө сылдьан үөхтүлэр... Гульнара киргиз омук кыыһа, бу Саха сиригэр сэрииттэн куотан мааматын кытта уонна быраата буолан кэлбиттэрэ. Аҕалара өлбүтүн кэннэ сатаан олоруо суохтарын иһин, дьоннортон истэн сэрии суох сиригэр куотан кэлбиттэрэ. Маҥнай кэлбиттэригэр биир дойдулаахтара көмөлөһөн, дьиэ куортамнаан биэрбиттэрэ. Мааматыгар үлэ булан үлэлэппитэрэ. Ол иһин ол дьоҥҥо хамнаһыттан бырыһыана бара турара. Икки кыракый оҕолоох,атын омук дьахтарыгар ыараханын иһин хайыыр да кыаҕа суох үлэлииригэр эрэ тиийбитэ. Оҕолор саха оҕолорун кытта бодуруһан,түргэнник сахалыы кэпсэтэр буолбуттара биир сыл иһигэр. Гульнаараны оскуолаҕа бэрик биэрэн киллэттэрбитэ. Уонна күнү быһа, пельмен оҥорор үлэҕэ үлэлиир буолан оҕолорун киэһээ эрэ көрөөхтүүр. Кыра уолун куортамнаан олорор дьиэтигэр соседка саха эмээхсинигэр хаччыга көрөргө кэпсэппитэ. Кыыһа оскуолатыттан бүтэн кэллэҕинэ быраатын ылан бэйэтэ көрөр. Гульнаара дьиэтигэр баран иһэн, гарааштар кэннилэригэ киирэн олороорон ытаан ылла. Уһун переменаҕа аһылыкка диэн биэрбит коржиктарын быраатыгар илдьэр санаалаах сылдьыбытын, ким эрэ суумкатыттан хостоон уоран ылбытыттан кыһыйан, уонна оҕолортон кэлэйэн кыра кыысчаан ытыыр...
Гульнара дуоһуйа ытаан баран диэтин диэкки хааман барда. Тиийэн соседка эмээхсинтэн быраатын ылан дьиэтигэр киирдилэр. Быраата Эмильчик эдьиийэ кэһиилээх кэлэрин билэр буолан буолан саҥата иҥэтэ суох кэтэһэн көрдө. Онтон тулуйбакка ыйытта. -Эдьиий.. миэхэ туох да аҕалбатыҥ дуо..мин наһаа ачыктаатым. -Бүгүн туох да суох. -Оскуолаҕа аһаппаттар дуо эһигини?. -Сарсын аҕалыаҕым, сөп Эмильчик?. -Чэ..сөп, оччоҕо миэхэ оскуолаҥ кинигэтин көрдөрүүй?. -Мэ көр, алдьаппакка отуо учууталым мөҕүө миигин... Итинник икки кыра оҕолор кэпсэтэ кэпсэтэ киэһээ ийэлэрэ кэлиэр диэри олордулар. Киэһээ ийэлэрэ кэлэн оҕолоругар пельмен буһаран аһаталаата. Хайдах сылдьыбыттарын ыйыталаста. -Үчүгэйдик сырыттыбыт...Мама хаһан биһи дойдубутугар барабытый?.-диэн Гульнара ыйытта. -Онно барарга элбэх хаччы наада дии..уонна биһигини онно ким да күүппэт... -Миигин оҕолор Гульнаренки Вальенки диэн үөҕэллэр дии.. -Оо...оҕом сыыһа тулуйаргар тиийдэҕиҥ дии...оннооҕор буолуоҕу тулуйбутуҥ дии..сэрии диэни..онуоха холоотоххо ити диэн кыра бөҕө буоллаҕа. -Уонна таҥаһын куһаҕан диэн,биир да кыыс миигин кытта кэпсэппиттэр дии... -Тулуйа түс чыычааҕым...тулуйа түс...

Гульнаара сасыарда туран, эмиэ оскулатыгар тэринэн киирэн барда, барыан баҕарбатар да ийэтин хомотуон баҕарбат. Ол иһин барарыгар тиийэр. Оскуолатыгар чугаһаатаҕын аайы кыыс санаата мөлтөөн, хараҕа ууланан киирэн барар.
Дьигинэн эттэххэ бу кыыс, оҕо оҕо курдук наһаа эйэҕэс уонна аһыныгас сүрэхтээх этэ, барыны барытын аһынан тахсара оннооҕор телевизоры көрө олорон дьоннор кыыллары өлөрөллөрүн көрөн, хараҕын уута сүүрэн бараахтыыра, өлбүт кыылы аһынан...төһө да адьырҕа кыыл да буобутун иһин аһынара. Төһө да оҕолор кинини туоруппуттарын иһин, кини оҕолорго олох өс санаатын туппат этэ. Кини билэр этэ, саха оҕолоро дьигинэн бэйэтин курдук, эмиэ үөрүньэҥ уонна эйэҕэс буолалларын. Маҥнайгы кэлбит кэмигэр, бииргэ оонньуур оҕолорун санаан кэллэҕинэ санаата көтөҕүллэн үөрэн мичээрдээн ылар. Ол оҕолор истэригэр дэриэбинэттэн кэлэ сылдьыбыт Гурий диэн уолчааныын таппсан оонньуура. Кини Гульнаараны сахалыы кэпсэргэ үөрэппитэ, икки ый иһигэр сахалыы ону маны өйдүүр буолбута. Уонна хаһан да атаҕастаабат этэ, кыра Эмилбегы наар сүгэ сылдьан онно манна илдьэ барара. Биһиги дэриэбинэбитигэр кэлиҥ, онно биһиэхэ ынахтар уонна сылгылар баалар диэн кэпсиирэ. Гурий баара буоллар кинини, кимҥэ да атаҕастатыа суоҕа этэ дии санаан Гульнаара үһээ тыынан ылла. Саҥа Дьылга каникулга кэлиэҕим диэн эппититэ. Ол иһин санаатыгар Саҥа Дьыллааҕы каникулу кэтэһэр.

Гурий дэрибинэтигэр үһүс кылааска үөрэнэ сылдьара, бу сайынын куоракка эдьиийигэр сайылаабыта. Дьонноро улахан хотон туттаарылар кыра уолларын Гурийи мэһэй таһай буобатын диэн куоракка эдьиийигэр сайылата ыыппыттара. Гурий бу дьон саамай кыра оҕолоро этэ, кыра убайыттан кини аҕыс сыл кыра этэ, эдьиийэ куоракка үөрэххэ үөрэнэ сылдьар студенка. Ол иһин бырааттарын Гурийи олох кыра оҕолуу көрөллөрө, харайаллара. Уол куоракка кэлээт таһынааҕы ыал оҕолорун кытта бодуруһан күнү быһа, таһырдьаттан киирбэккэ оонньуулара. Эдьиийэ сайыҥҥы уһун каникуулугар, үлэ булан үлэлиир буолан быраатын, киэһээ үлэ кэнниттэн биирдэ көрөрө. Гурий таһынааҕы куротамнаан олорор киргиз оҕолорун, туһунан наар эдьиийигэр кэпсиир этэ. - Ити оҕолор паапаларын, сэриигэ өлөрбүттэр үһү...мин, наһаа аһынабын ити оҕолору....ити киинэҕэ көрдөрөллөрүн курдук кынан баран дьиҥнээх сэрии үһү....миэхэ Гульнаара кэпсээбитэ, хайдах кинилэр саспыттарын маамаларын кытта ити кыракый быраатын кытта. Уонна манна куотан кэлбиттэр үһү...Эдьий ити оҕолору, мин манна килэртиибин дуо...оонньуу?. -Ол атын саха оҕолоро суохтар дуо...эйигиниин оонньуур?. -Эн..тоҕо кинилэри абааһы көрдүҥ, ол оҕолор.. тугу гынахтарай....кинилэри кытта ким да оонньообот дии. -Суох тойуом мин абааһы көрбүтүм ээ..Оонньоо, оонньоо саатар эрэ.Хата эйиэхэ доҕор буолуохтара, мин үлэбэр сылдьар кэммэр. -диэн биир киэһээ эдьийинээн итинник кэпсэтии буолбута.

-Ма...Ма...-диэн Гурий дьиэтигэр кэлэн, ийэтин ыҥырбытынан киирдэ. -Тугуй...тойуом туох буолуҥ?-диэн Гурий ийэтэ кухнятыттан ыксаан аҕай таҕыстта. -Ма...сотору биһиги Саҥа Дьыллааҕы каникуулбут буолар үһү...мин куоракка Риммаҕа барыам этэ...мин эбэһээт тиийэм диэн эппитим....ол иһин. -Онтон эдьийиҥ Римма, манна кэлэбин диэбитэ дии.... -Суох... суох.. мин эдьийбэр буотах... мин доҕотторбор, эппитим.. -Онтон Саҥа Дьылы көрсөн баран..эдьийгинээн барыаҥ буоллаҕа дии... -Суох.. оннук сатаммат...мин эбэһээт кэлиэм диэн тылбын биэрбитим....киниэхэ.. -Ол кимҥэ? ... -Кини миигин күүтэрэ буолуо...Саҥа Дьылы бииргэ ылахпыт диэбитим мин.... -Ол кимий...тойуом? . -Гульнаара... уонна кини быраата....мин доҕотторум... -Чэ...оччоҕо Аҕаҥ кэллэҕинэ быһаарыа...сөп тойуом? ....

Маргарита Ивановна кыра уолун Гурийи сааһыран баран оҕоломмута, кинини төрүүрүгэр 38 саастаах, этэ билигин номнуо тоҕус сыл ааһа охсубут. Билигин 47 тигэр үктэнэн эрэр. Аҕата Петр Егорович эмээхсиниттэн икки сылынан улахан этэ. Ол иһин кыра уоллара кинилэргэ муннуларын бүөтэ буолбута. Киэһээ утуйаары сытан оҕонньоругар, бүгүҥҥү уолун кэпсэтиитин туһунан кэпсээбитэ.. -Били кыыс, кэпсээбитэ миэхэ киргиз оҕолорун кытта билсэн, күнүн быһа олору кытта бодуруһар диэн. -Ээ..оччоҕо ол оҕолоругар бара сатаахтыыр буоллаҕа уолуҥ -диир Рита. -Бу күһүн ыла тиийэрбэр ол оҕолору көрбүт эбиппит.. икки кыракый кыыстаах уолу..кыыс ытыы хаалбыта.. ону мин дьөссө уолбун күлүү гыммытым..Хайа мин оҕом невесталаммыккын дуу хайдах дуу..көр ол ытыы хаала дии нохоо..диэбиппэр, уолум ууланан хаалбыт хараҕынан оҕолорун диэкки көрөн аҕай олорор этэ..

  • Оо..оҕом сыыһа ол да иһин..ахтаахтаан эрдэҕэ. Оччоҕо хайдах гынабыт?. -Бэ.. бэ..мин бу күннэргэ куоракка киирэрдээхпин, онно киирэн ол оҕолор дьонноругар сылдьан кэпсэтэн көрүөм. Оччоҕо биллиэ буоллаҕа. Уолгар пакаа тугу да этимэ. -диэн эппитэ эмээхсинигэр.

Гульнаара кылааһыгар киирбитин уолаттар
-Эмиэ кэппит хаатыҥатын...Вальенки Вальенки -дии көрүстүлэр. Кыыс саҥата суох тиийэн паартатыггар олорунан кэбистэ. Степа диэн аатаах уол ойон кэлэн кыыс суумкатын былдьаан ылаат, арыйа баттаат муостаҕа сүөкээтэ..
-Эмиэ дьиэҕэ үлэтин толорботоҕо буолуо бу кыыс, көрүҥ оҕолор тэтэрээттэрэ кинигэтэ аҕыйаҕын....-диэн баран атаҕынан тэбэн саайда.
Оҕолор бары күлэн алараһыы бөҕөтө буоллулар. Гульнаара илиитинэн сырайын саптан баран, саҥа таһаарбакка ытаан киирэн барда. Ол бириэмэҕэ учууталара Алена Сидоровна киирэн кэллэ, уонна Гульнаара ытыы олорорун көрөн -Бу эмиэ туох буолугу, оҕолор?.-диэн ыйытта.
-Ити..Степа Гульнаара суумкатын сиргэ суөкээтэ..-диэн үҥсэн биэрдэ Рома диэн аатаах кыракый уҥуохтаах уол. Степа Ромаҕа сутуругун көрдөрөн хаалла.
-Степан.. ну ка быстро собери вещи Гульнары -диэн кыыһырбыт куолаһынан учууталара эппитигэр Степа эттэ -Она домашнию, опять не зделала...
-Это..не твое дело...Я сказала собирать вещи.
-Я соберу...-диэн баран Рома ойон кэлэн, кыыс ыһыллан сытар кинигэлэрдээх тэтэрээтэрин хомуйан киирэн барда. Хомуйан бутэн баран Гульнаараҕа суумкатын аҕалан -Гульнаара вот я собрал.-диэн илдьэн биэрдэ. Гульнаара Рома диэкки уу бөҕө баспыт харахтарынан көрөн баран - Спасибо Рома-диэн баран мичээрдээн ылла.
-Вот...настоящий мужчина Роман -диэн учуутала хайгаата.
Уруокка Алена Сидоровна Гульнаараны ыҥыран, бэйэҥ дойдуҥ туһунан оҕолорго кэпсээ диэн эттэ..кыыс тура түһэн баран кэпсээн киирэн барда:
-Биһиги Киргизияттан кэлбиппит, мин быраатым Эмилбек уонна маамам... биһиги дойдубут мантан ыраах баар...мин бастакы кылааска дойдубар үөрэммитим.Арай биирдэ биир сарсыарда оскуолабар бараары сырыттахпын..уулуссаҕа дьон ыһыыта хаһыыта бөҕөтө буолбута биһиги куттанан дьиэттэн тасыбатахпыт..Паапабыт эһиги мантан ханна да тахсымаҥ диэн баран, туох буолбутун билэ барбыта....ол кэнниттэн саалар уонна аптаамааттар тыаһаан киирэн барбыттара. Дьон ыһыыта хаһыыта дьөссө элбээбитэ миигин уонна быраапын маамам илдьэ кыракый оҥучах иһигэр киирэн саспыппыт..мин маамабыттан туох буолла диэн ыйыппыппар..Сэрии. Сэрии..диэбитэ.. Оннук киэһээҥҥи дылы саһан олорбуппут..Онтон маамабыт паапабытын көрдүү барбыта кынан баран булбакка төннөн кэлбитэ. Паапабытын үс күн буолан баран өлбүтүн булбуппут...-диэн баран Гульнаара ыытаан киирэн барбытыгар, оҕолор тулуйбакка эмиэ ытаһан барбыттара.. Гульнаара аргыый паартатыгар тиийэн олорунан кэбистэ. Итинник кэпсээни истиэ суохпут дии саныы олорбут оҕолор, бары саҥата суох,туох эрэ санааҕа ылларан олорон хаалылар. Оннооҕор учууталлар ытыы олорорун көрөннөр бары ах баран, олорбуттара...

Алена Сидоровна бэйэтэ бэйэтиттэн саатта.. ити кыра киргиз кыыһын кини кылааһыгар аҕаллбыттарыгар, сөбүлээбэтэҕэ...хайдах эрэ тоҥуй баҕайытык көрсүбүтэ....ханнык эрэ шабаашниктар оҕолорун үөрэтиэхтээх үһүбүн дуо диэн, ити кыыска өһүрэ санаммыта..олох атын дьылҕалаах кыысчаан эбит, кэпсээниттэн иһиттэхэ..учуутал аатын сүгэ сылдьар аатааҕыттан кыбыста санаата... Киэһээҥҥи аһылыктарын аһаары олордохторуна ааннарын тоҥсуйбуттарыгар Гульнаара тиийэн арыйбыта биир дьээдьэ турар этэ.
-Здравствуйте.. я это отец Гурийа...вашего друга..
-Гурий кэллэ дуо?-диэн кыыс уу сахалыы ыйыппытыгар соһуйан ,хараҕын тиэрэ көрөн ылла.
-Мин..киириэхпин сөп дуо..кэпсэтиилээх кэллим эһиэхэ. -диэтэ Петр Егорович.
-Мама к нам отец Гурия пришел..
-Проходите...что вы хотели?.
-Да я это...хотел узнать. Сын мой хочет встретит Новый год с вами.
-С нами...ну не знаю.. дочка учиться а сына я остовляю у соседки. Вот когда будут каникулы они одни останутся. Я работаю с утра до вечера.
-А может вы к нам..в деревню на каникулы?.
-Меня с работы не отпустять...
-А детей вы с мной отпустете...погстить?.
-Дочка моя постоянно рассказывает о вашем сыне..и скучают они о нём. Если вам они не помешают то могла бы.-диэн баран кыыһыттан ыйытта.
-Гульнара вы хотите поехать в гости к своему другу?. Кыыс үөрэн төбөтүнэн сөбүлэһэн көрдөрдө.
-Хорошо.. значит вот так зделам, я должен за дочкой приехать до праздников и как раз заберу их.

Гурий дьиэтигэр сылдьааран ийэтиттэн ыйытта.
-Ма..паапа туох диэтэ..ыйыппытыҥ дуо...миигин?
-Онтон эппитим да, тугу да дии илик.
-Ол аата...ыытымаары сылдьар буоллаҕа дии..
-Дьэ ону эн, бэйэҥ ыйытаар аҕаҕыттан.
-Ма..эн ыйытаарыый..миигин мөҕүө дии...-диэн кынкыйдаан барбытын ийэтэ кыыһыран.
-Дьэ ыйыппатаххына сылдьыаҥ буоллаҕа...киһини онно манна уган паапаҕын кыыһырдаары. Мин эйигин олох ыытыахпын, баҕарбаппын. Бэйэҕит быһаарсыҥ.-диэн баран кухнятын диэкки баран хаалла.
Гурий соҕотоҕун хаалан баран дьэ улахан толкуйга түстэ..кини эбэһээт тиийиэҕим диэн эрэннэрбитэ ээ, хайдаҕын да иһин тиийэн наада.. ол иһин аҕата кэллэҕинэ кэппсэтэргэ быһаарынна....
Киээһээ аҕата кэлэн , киэһээҥҥи аһылыгын аһаан бүтэрин кэтэһэр.. уонна хайдах кэпсэтиини саҕалыырын толкуйдуур. Аҕата аһаан бүтэн заалаҕа тахсыьытыгар.
-Па... мин биири ыйытаары гынабын, ыйытыахха сөп дуо?...
-Ол тугу ыйытаары гынныҥ...Чычааҕым?-диэн баран төбөтүттэн сылаан ылла.
-Па..өскөтүн киһи тылыгар турбат буоллаҕына, ол киһини эн туох дии саныаҥ этэй?.
-Тылыгар турбат киһи..оннук киһиэхэ ким кэлин итэҕэйиэй...бэйэм сааабынан эттэххэ.. кусаҕан киһи диэм этэ..
-Оччоҕо мин..олох кусаҕан киһи эбиппин эбит...
-Тоҕо нохоо...ол туох буоллуҥ?.
-Мин доҕотторбун албыннаан.. эбэһээт кэлиэҕим диэн эрэннэрбитим.. тиийбэт буоллум быһыылаах дии..эһигиттэн сылтаан -диэн кыыһыран хаалбыт харахттара ууланан, аҕатын диэкки көрөн турарыттан, аҕата уолун хайгыы санаата, уола тугу баҕарбытын улахан киһилии быһаарса тутарыттан.
-Ээ...чахчы даҕаны, этэрбин умнубуппун дии оҕобор...Гурийчигым чыычааҕым...ол оҕолоргун маамалара көҥүлээтэ, манна кэлэлэрин... Гурий итэҕэйбэккэ аҕатын диэкки, көрөн тура түһэн баран.
-Па..ити кырдьык, эттиҥ дуо?..
-Кырдьык бөҕө буоллаҕа Чыычааҕым-диэн баран уолун көтөҕөн ылан баран сыллаан ылла.
-Ура...доҕотторум кэлэллэр.. Ураа...-диэн Гурий үөрүүтүттэн хаһыытаата. Уола үөрбүтүттэн аҕа сүрэҕэ эмиэ үөрдэ...

Гульнаара сарсыарда оскуолатыгар кэлбитигэр, урукку курдук оҕолор күөҕэ көрсүбэтилэр. Саҥата суох көрөллөр эрэ. Степа уол киирэн кэлэн баран, Гульнаараҕа суптуу хааман кэллэ, уонна улахан баҕайы яблоканы туттаран кэбистэ, уонна - Эн миигин, бырастыы кын..аны хаһан да атаҕастыам суоҕа.. уонна атаҕастатыам суоҕа... сөп?.-диэн эппититтэн оҕолор бары соһуйан хаалылар. Уонна оҕолор диэкки көрөн баран эттэ. -Оҕолор истиҥ...аны ким эмит..Гульнаараны атаҕастыа,ытатыа..ол оҕону мин бэйэтин кырбыаҕым...ол курдук өйдөөн. -диэн баран сутуругун көрдөрдө.
Гульнаараҕа хаһан да буолбатаҕын үчүгэй күн ааспыта, оннук кынан кыра кыыс үөрэн мичээрдиирин оҕолор көрбүттэрэ. Оҕо оҕо курдук мэликтиир эбит, этэ...дьиэтигэр үөрэн аҕай кэлбитэ. Бүгүн кинини биир да оҕо, үөхпэтэҕэ да атаҕастаабатаҕа да. Бары уруогар көмөлөһө сатаан бөҕө буолбуттарыттан санаата көтөҕүллэн кэлбитэ. Ол курдук элбэх оҕолору кытта доҕордоһо түспүтэ. Онноҕор уолүаттар, дьиэтигэр диэри атааран биэрбиттэрэ. кыыс олоҕо тосту уларыйан тахсыбыта.

Киһиэхэ кыра да наада....оҕоҕо оннооҕор кыра....бу кыракый атын омук кыыһыгар, атын дойду, атын итэҕэл. Саамай куһаҕана диэн көмүскүүр киһитэ... төрөппүт аҕата, суох буолан бу кыыс оҕоҕо төһөлөөх хомолтолоох эбитэ буоллар....Гульнаара аҕата өлө сытарын көрүөҕүттэн, улахан айдаантан, хаһыыттан ыһыытан олох куттанар буолан хаалбыта....куруук туохтан эрэ куттанар, саҥата иҥэтэ суох, бэйэтэ бэйэтигэр хатанан хаалбыта. Онтон ити Гурий диэн уол оҕону көрсүөҕүттэн, син бэттэх кэлэн үөрэр буолбута. Ол кэннэ бу оскуолаҕа, кэлэригэр эмиэ доҕорун Гурийи, санаан оҕолорго эрэнэ санаабыта...оҕолор атаҕастыы көрсүбүттэригэр кыысчаан эмиэ бэйэтигэр хатанан халаахтаабыта...куруук доҕорун Гурийы кытта оонньообут кэмнэрин эрэ санаан бэйэтин уоскутунар буолбута. Оннооҕор учуутала тугу кэпсиирин, кулгааҕын таһынан истэн эрэ кэбиһэр этэ...Учуутала дойдуҥ туһунан кэпсээ диэн, кылаас иннигэр таһаарбытын, туох буолбутун бэйэтин оҕо санаатынан кэпсээбитэ. Ол кэннэ оҕолор, кинини аһынан ытаспыттарыгар, оҕолору аһына санаабыта. Онтон бүгүҥҥү күн киниэхэ, эрэли биэрбитэ, бүгүн кини оҕолору кытта аан маҥнай бииргэ оонньоото, үөрдэ көттө. Наар атаҕастыыр уола Степа, хаһан да атаҕастыа суох буолан, тылын биэрдэ. Степа биэрбит яблокатын, быраатыгар кэһии кынан дьиэтигэр илдьэ кэлбитэ. Быраата Эмилбек онно, наһаа да үөрэхтээбитэ. Кини санаатыгар эдьиийэ Гульнаара тугу барытын сатыыр, тугу барытын билэр ол иһин эдьиийин улаханнык убаастыыр этэ.

Гульнааралаах үөрэнэн бүтэн, каникуулга бардылар, бу кыыс кэнники күннэргэ олох уларыйан хаалбытта. Оннук гынан Саҥа Дьыллааҕы утренникка бэйэтэ тылланан, дойдутун үҥкүүтүн үҥкүүлээн оҕолору да учууталлары да үөрдүбүтэ. Оҕолорун кытта бырааһыньыктаан үөрбүтэ көппүтэ. Быраатыгар үҥүүлэбитин иһин Дед Мороз биэрбит подарагын илдьэ дьиэтигэр тэбиммитэ. Үлэ чааһын бүппүтүн кэннэ, маамалара кэлэрин кэтэһэн подарактарын тыыппакка кэтэспиттэрэ. Маамалара кэлбитигэр үөрүү көтүү бөҕөтө буолан, көрдөрбүүтэрэ уонна хайдах үҥүүлээбитин туһунан ,көрдөрө көрдөрө кэпсээбитэ. Маамата кыыһа, уларыйбытын үөрэр көтөр буолбутуттан, санаата көтөҕүллэн үөһээ тыынан ылаахтаабыта. Кыыһа аҕата өлбүтүн көрөн баран, бэйэтигэр хатанан хаалбытын ийэ сүрэҕэ таайбата буолуой. Төһө да атын омукктарын иһин...Ийэ аата ийэ, оҕо аата оҕо буоллаҕа...
Аанарын тоҥсуйан Гурий эдьиийэ Римма киирэн кэллэ.
-Здравствуйте ..а мы за вами...Гульнаара мааматын диэкки кылап гыннаран көрөн ылла, төһөлөөх бу күнү кэтэспитэй эбитэ буолуой.
-А отец где?-диэн ыйытта кыыстан.
-Отец в машине ждет.
-Мне надо было с ним поговарить.
-Хорошо, я позову -диэн баран кыыс төттөрү ыстанна.
-Здравствуйте -диэбитинэн Гурий аҕата киирэн кэлбитэ.
-Я взяла отпуск, и хотела бы тоже с вами..
-Хорошо в чем вопрос, собирайтесь..
-Мы быстро -диэн баран оҕолорун, таҥыннара ойдо.

Гурий уол аҕата масыынатын кэтэһэн субу субу түннүгү маныыр, кини билэр бүгүн кини доҕотторо кэлэллэрин. Ол иһин кэтэһэн олорор да турар да сирин булбат. Күнү быһа кэтэспитин кэннэ, киэһээ масыына паарата тыкпытыгар соҥүн уонна бэргэһэтин тутаат таһырдьа ойон таҕыстта. Оҕолор масыына иһиттэн тахсыбыттарыгар, үөрбүтэ кэпсээҥэ кэпсэммэт...Бары үөрүү көтүү буолан дьиэҕэ кутуллан киирдилэр. Уолун үөрбүт сирэйин, көрөн ийэтэ дөссө үөрбүтэ.
Осиповтар икки этээстээх улахан дьиэлээх этилэр. Ыалдьыттарыгар анаан биир хоһу бэлэмнээбиттэрэ. Дьоннорун хосторун булларан баран, киэһээҥҥи остуолларын бэлэмнээһин барбыта.
Тыа ыалын остуола, былыргылыы улахана. Элбэх киһи мустарыгар анаан оҥоһуллубут этэ. Сылгылара ынахтара элбэх дьон диэх курдук, этэ суөгэйэ, үүтэ арыыта, толору этэ. Петр Егорович оҕолорго анаан фрукта арааһын атыыласпыта. Тото хана аһаан баран Гурий, доҕоругар Гульнаараҕа хотонун көрдөрө диэн тахсыбыттара. Кыра уол Эмилбек салайбыта бэт, бэт буолан утуктаабыт буолан барсыбатаҕа.
Дьиэлэриттэн тэйиччи соҕус тутуллубут саҥа хотоҥҥо оҕолор барбыттара. Гурий кыыска бу ынахтар, бу ньирэйдэр, диэн көрдөртүүр. Бу манна от бирэбит, уонна кинилэртэн үүт ыыбыт диэн кэпсиир. Сарсын сырдыкка сылгылары көрдөрүөҕүм диэн,эрэннэрдэ. Уонна сибииньэни көрн, үтүктэн күлүлэр үөрдүлэр.

Маргарита Ивановна кыыһын Римма кычаабыт таҥастарын барытын , кичэйэн уурар идэлээҕэ. Онно баара таба тыһыттан унтуу. Киис бэргэһэ, уонна сырдык сигэйкэ кыыс соҥо. Ол таҥастары булан Гульнараҕа кэтэрдэн көрбүтэ, оруобуна буолан биэрбитэ. Кыыс оҕо үөрэн, чаҕылыйа түһээхтээбитэ уонна:
-Аны миигин...Вальенкиннан аатаабат буоллулар, мин да ыргыттар курдук унтууланным-диэн унтуутуттан наһаа үөрбүтэ. Уонна Маргаритаҕа махтанан сыллаан ылбыта.
Оҕолор күнү быһа, таһырдьанна оонньоон тахсаллара. Сыырга да хатааһылан ,күннэрэ онно бүтэрэ.
Гульнараах ийэлэрэ, Маргариталыын ас астаан бэйэ бэйэлэрин дойдуларын астарын туһунан уопут бөҕөтө атастаспыттара. Хотоҥҥо тахсыһан ынах да ыан, көрбүүтэрэ. Чэ дьахталлар истэригэр бэйэлэрин кистэлэҥҥнэрэ элбэх этэ.
Гурий эппитин толорон, аҕатын кытта Гульнараны илдьэ сылгыларын баран көрдөрбүттэрэ. Кыыс элбэх баҕайы сылгыны көрөн баран; -Биһиэхэ дедушкабар, эмиэ элбэх баҕайы коньнар баалар, ол кынан баран эһиги коньнаргыт кыралар эбит..биһиэттэрэ улахаттар, уонна эһиэнин курдук кыһыны тулуйбаттар, тоҥоллор буолуо.-диэн Гурийга эппитэ.
Саҥа Дьыл буолар күнэ, тиийэн кэлбитэ. Дьиэҕэ баар дьон бары тэринии, оҕолор оонньуртан ордубаттар, соро5ор мультик холбоон көрөллөр. Таххан сибиньэни дьиибэлииллэр, ньирэйдэри аһаталлар.

Күүтүүлээх киэһээ тиийэн кэллэ...Саҥа Дьыл буолар киэһээтэ. Бары остуолга мусатан олордулар. Тэлэбизэргэ Россия призиденин тыл эппитин кэннэ, кураант тыаһыгар, дьэ бэйэ бэйэлэрин эҕэрдэлэһии буолла. Гурий Гульнаараҕа анаан уура сыппыт подарагын туттарда. Гульнаара кыракый суулаах хоруоппканы арыйа баттан көрбүтэ, сахалыы үрүҥ көмүс ытарҕалар буолан биэрбиттэ. Кыыс үөрэн, ытарҕаларын ылан мааматыгар көрдөрбүтэ уонна Гурийга махтанан эппитэ. -Гурий улахан улахан махтал... Ол кынан баран, мин эйэиэхэ биэрэр туох да туох да подарагым суох...Хаһан эрэ мин эйиэхэ эмиэ подарак оҥоруоҕум....билигин кыаҕым, суох....-диэн баран ытаан барбытыгар. Гурий доҕоро ытаан барбытыттан ыксаан эттэ. -Миэхэ подарак наадата суох....эһиги манна кэлбиккит миэхэ улахан подарак. -диэн Гульнараны уоскутта. Уоллара улахан киһилии тыласпытыттан Гурий дьонноро үөрэ да астына иһиттилэр, уонна бэйэ бэйэлэрин көрсөн астыммытыы, үөһээ тыынан ылбытарара. Саҥа Дьылларын үөрэ көтө, ыллаан туойан көрүстүлэр.

Хаһан да буолбатах Саҥа Дьылы көрсүбүтэ Гульнара. Кыра кыыс мэйиитигэр олоҕун тухары ити түгэн хатанан хаалбыта. Каникул кэннэ, кылааһыгар киирэн кэлбитигэр оҕолор соһуйан саҥаларыттан маппыттаара. Кыыстара таба тыһа унтуулаах, моднай сигиэйкэ сонноох уонна киис бэргэһэлээх этэ. Бииргэ үөрэнэр кыргыттарыттан, биир да кыыс кини курдук киис бэргэһэтэ суох этэ. Оннооҕор кэтэ сылдьар таҥастара барыта уларыйбыт этэ. Бу кэннэ оҕолор сыһыаннара Гульнараҕа тосту уларыйбыта. Арай Зина кыыс, өс санаатын Гульнара кыыска бэйэтин иһигэр кистэммитэ. Бу кыыс кэлиэн иннинэ кылаас оҕолоро бары кини эппитинэн сылдьыбыттара. Билигин кинини ким да ааххайбат, уонна истибэт буолбутуттан барытын бу киргиз кыыһын буруйдуур этэ. Уонна хайдах эмэ кынан бу кыыһы иэстэһэр санаата киирбитэ.
Гульнара санаата көтөҕүллэн,үөрэҕэр эмиэ бастыҥҥнар аатарыгар киирэр буолбута. Особенна кыыс математика дьоҕурдаах буолан биэрбитэ, уонна кыһаллан саха тылын урогар үөрэнэрин сөбүлүүр этэ. Биирдэ физкультура урогар барбыттарыгар, Рома уол формата суох буолан дуоска ыскаабын иһигэр киирэн саһан хаалбыта. Онно олорон истибитэ кылаас аана тыаһаабытыгар учуутал көрдүү кэллэ быһылаах диэн кирийиэҕин кирийэн олорбута, ыскаабын аанын кыратык сигэтэн көрбүтэ Зина кыыс киирэн турар этэ. Рома арааһата миигин көрдөтө ыыппыттар дии санаан тыаһа суох манаан олордо туох буоларын. Арай көрдөҕунэ Зина кыыс, тугу эрэ ботугуруу ботугуруу Гульнаар сумкатыгар тиийэн хаһыспыта уонна сүүрүүнэн кылаастан тахсан баран, ааны хатыыр тыаһа иһиллибитэ. Рома саһа сыппыт сириттэн оргуй тахсан тоҕо Зина Гульнара суумкатын хаспытын быһаарарга сорунна. Тиийэн кыыс суумкатын арыйа баттаан көрбүтэ, киниэлэр анныларыгар платокка суулана сылдьар сээкэйи хостоон таһаарбыта. Онтукайын арыйан көрбүтэ, кыһыл көмүс ытарҕаны кытта кулонаах сыапачка буолан биэрбитэ. Тоҕо Зина бу кыыска маны укпутун уол сэрэйэ таайбыта. Ол иһин ол сээкэйи Зина бэйэтин суумкатыгар кистии аньыбыта.... Физкультура урогуттан о5олор айдаан бөҕөтө буолан кэлбиттэрэ, Рома ону туһанан саһа сыппыт сириттэн тахсан оҕолорго буккулан билибэккэ хаалбыта.

Физкультура урогар Зина сиэбиттэн көмүс ытарҕа уонна сыапачыкалаах кулон сүппүтүн туһунан айдаан буолбута. Учууталлара ыксаабыта диэн сүрдээх, о5олору кылааска килэртээн баран тугу гынан билбэт.
Зина ытааһын бөҕөтө, мааматын көмүһүн уордарбыт буолан аймалҕан бөҕөтүн таппыт. Оскуола директора киирэн оҕолорго ким ылыммытт төннөрүҥ дии сатаата. Оҕолор тугу да билбэтэхтии тутталлар. Зина кыыс, о5олор суумкаларын сиэптэрин көрүҥ диэн ыххайар.
-Мин билэбин...атын оҕолор ылбаттар..бу кылаас иһигэр кимҥэ эрэ баар дии саныыбын-дии дии ытыыр.
-Чэ оҕолор биир биир кэлэн, сипкитигэр туох баарын көрдөрүҥ эрэ.-диэн директор эппитигэр оҕолор утуу субуу кэлэннэр, суумкаларын сүөкээн уонна харамааннарын сээкэйдэрин көрдөрбүтүнэн бардылар. Рома туох буолбутун билэн, Зина сырайын хараҕын маныы сырытта. Гульнара суумкатын илдьэ кэлбитигээ , сорунан тиийэн аттыгар туран көрдө да, тугу да булбатылар. Зина итэҕэйбэккэ, бэйэтэ ылан хасыһан көрдө. Уонна дьэ чахчы суоҕун көрөн , сирэйэ дөссө иэдэйдэ.
-Манна...баар буолуохтаах...манна...-дии дии кыыс суумкатын эмиэ хаһан көрдө
-Тоҕо манна диигин Зина?.-диэн Гульнара ыйытта
-Мин...билэбин..билэбин...-диэн баран ытаан барда Зина. Оҕолор бары суумкаларын харамааннарын көрдөрөн бүттүлэр, сүтүк көстүбэтэҕэ. Рома уол Зина суумкатын ыйан көрдөрөн баран.
-Онтон бу суумканы бэрэбиркээлээбэтигит дии-диэн ыйан биэрдэ.
-Аҕал эрэ..манна ити суумканы -диэн директор Ромаҕа эппитин, уол илдьэн биэрдэ.
-Бу кимэнэй -диэн ыйыппытыга, оҕолор ..
-Зина суумката ити.-диэн эттилэр.
-Зина эн суумкаҕын эмиэ көрдөр. -диэн директор эпитигэр Зина сээкэйдэрин хостуу туран, платокка сууламмыты хостоон таһаарбыта. Онну директор ылан арыйан көрбүтэ, көмүстэр этэ.
-Бу бааллар эбит дии көмүстэриҥ..,уонна тоҕо уордулар диэн сымыйалыы сылдьаҕын -диэн директор кыыһырбыт саҥата иһилиннэ.
-Мин...мин..Гульнара суумкатыгар укпутум...манна хайдах баар буолбутун билбэппин. -диэн ытаан киирэн барда.
-Ол аата...Гульнараны уоруйах дэттэрээри уккпутуҥ дуо кини суумкатыгар?-диэн Степа уол кэлэн ыйытта Зиинаттан. Кыыс саҥарбакка киэр эргийэн хаалла.
Зина кыыс маамата тиийэн кэлэн,.кыыһын көмүскэһэн киирэн барбыта.
-Мин оҕом....оннук кымматах буолуохттаах, ити кыыс уоран ылан бааран укпута буолуо-дии дии Гульнараны охсуохча курдук буолбутун, директор нэһиилэ тохтото.
-Кыыһыҥ бэйэтэ билииннэ дии, ити кыыс суумкатыгар укпутун-диэн этэн нэһиилэ тохтотто.
-Ити кыыһы, тоҕо көмүскээбитэ буола сылдьаҕыт, хантан эрэ кэлбит омук кыыһын, буола буола.. мин кыыспын баҕааһырдаҕытый?-диэн айаҕа кытаран олорор дьахтар.
-Хайдах итинник диигиний, бу оҕону эн тоҕо итинник диэн саҥарыахтааххыный,бэйэҥ учуутал буолан баран туттуна да түһүөҥ этэ.-диэн директор саҥарда. Дэлби кыыһырбынан кыыһын илдьэ кылаастан, тахсан барда.
-Оҕолор..чэ дьиэҕитигэр, тарҕаһын -диэн директор оҕолорго туһаайан эттэ. Степан, Рома уонна Гульнаара буолан дьиэлэригэр баран иһэн Рома эттэ.
-Мин сэрэйбитим, ити Зина сымыйаннан эппитэ буолуо диэн .
-Тоҕо мин сууммкабар укпутуй?, миигин уоруйах оҥороору дуо...тоуоҕум иһин, миигин абааһы көрөллөрүй?.-диэн кыыс ытаан барбыта. Уолаттара ыксаан, кыыстарын уоскутан.
-Гульнара биһиги эйигин атаҕастатыахпыт суоҕа, мин сарсын ити Зинаны кэһэтиэм.-диир Степа.
-Степа, не нада.. киниэхэ бүгүн итак кусаҕан күн буолла ди...не надо, ладно Степан? .-диир Гульнара.
-Ити..мин, эн суумкаҕыттан ылан бэйэтин суумкатыгар укпутум...Оннук кымматаҕым эбитэ буоллар Зина маамата эйигин сиирэ тиийбит.
-Эн хантан билэҥҥин, Гульнара суумкатыттан ылан төттөрү бэйэтигэр укпуккунуй?-диэн Степа ыйытар. Уол туох буолбутун барытын кэпсээн биэрбитэ.
-Оо...кырдьык ынырык кыыс эбит....маамата эмиэ киһи саллар киһитэ.-диэтэ Степа.

Гульнара киэһээ мааматыгар туох буолбутун кэпсээн биэрбитигэр маамата эппитэ.
-Эн итиннэ кыһалҕаҕын уурума,үчүгэй доҕоттордоох буоллаххына эйигин ким да атаҕастыа суоҕа.
-Доҕотторум үчүгэйдэрин иһин, Зина маамата миигин сүгүнүө сырытыннарар үһү дуо?.
-Чыычааҕым тулуй, тулуурдаах эрэ буоллахха олоххо ситиһии кэлэр ону өйдөө.
-Мин сороҕор наһаа соҕотохсуйабын...оччоҕо Гурий бэлэхтээбит ытарҕатын, илиибэр ылан көрдөхпүнэ күүсаэр күүс эбиллэргэ дылы.
-Эн курдук итинник, доҕоттордоммут киһи баар ини... Гульнаара доҕрун Гурийи санаан үөрэн ылла.

Сааһары ыраах Киргизия сириттэн, Гульнааралааҕы көрдөөн оҕолор аҕаларын аҕата, Эмилбек Таджиев диэн киһи тиийэн кэлбитэ. Уола өлбүтүн кэннэ, сиэннэрин көрдөөн тиийэн кэлбит этэ. Оҕолор эһэлэрин көрөннөр үөрүү көтүү бөҕө буолбуттара.
-Тоҕо миэхэ кэлбэккэҕин, бачча ыраах кэлэн сору көрө сылдьаҕытый -диэн ыйыталаспыта.
-Ол саҕана, дойду үрдүнэн барыта айдаан буолан эрэр диэммин, оҕолорум олохторун быыһаары куоппутум.-диэн ытыы ытыы кэпсээбитэ кийиитэ.
-Мин эһигини ыла кэллим, ити мин баар суох уолум оҕолоро буолаллар. Ол иһин бэйэбин кытта олорбуттара ордук дии саныыбын. Оҕонньор Нарын диэн өрүс аттыгар, элбэх сүүрүүк аттары иитэр фермалаах этэ. Ол иһин сэниэлэхтик олорор этэ. Бу сиэннэрин икки сылы быһа көрдөөн, булан олорор. Олох илдьэ барабын диэн эппитэ, манна бачча тымныыга, хайдах тулуйан олорбуттарын туһунан ыйыталаспыта. Гульнара баралларын туһунан истэнн баран үөрэ да хомойо да санаабыта. Хомойоро диэн, саҥа доҕотторун хаалларан барарыттан этэ. Гульнара доҕоругар Гурийга сурук суруйарга санаммыта.

Доҕорум Гурий Дорообо!.

Бу мин Гульнара суруйан эрэбин. Биһиги дойдулаан эрэбит. Бу Саха сиригэр кэлэн олоро сылдьыбытым туһунан миэхэ эн эрэ туһунан үчүгэй өйдөбүл хаалла дии саныыбын. Хайдах эн биһигитин кытта оонньууруҥ. Саамай кэрэ Саҥа Дьылылга эһиэхэ күүлэйдии сылдьыбыппын уонна эн бэлэххин сахалыы ытарҕаны хаһан да сүтэрбэккэ бэйэбин кытта илдьэ сылдьыам диэн эрэннэрэбин. Миэхэ куһаҕан буоллаҕына эн биэрбит ытарҕаларыҥ күүс биэрэр курдуктар. Хаһан да мин эйигин умнуом суоҕа. Хаһан эмит көрсөр инибит диэн саныыбын.

Доҕоруҥ Гульнара.

Гульнара суругун суруйан баран, Гурий эдьийигэр Риммаҕа таһааран биэрбитэ, уонна дойдуларыгар барар буолбуттанрын туһунан эппитэ. Сарсыныгар маамата тиийэн оскуолаттан кыыһын докумуонун ылбыта. Оҕолор Гульнара дойдулуур буолбутугар, Зина кыыһы буруйдаабыттара. -Эн кусаҕаны оҥороҥҥун Гульнара барбыта буолуо-диэн эппитэ Степа Зинаҕа. Зина иһигэр үөрэ санаабыта да, били быһылаан кэннэ кинилиин биир да оҕо доҕордосот буолбута, бары киниттэн кэлэйэн хаалбыт этилэр.
Сааскы каникул буолбутугар, Гурий дэриэбинэттэн куоракка киирэн доҕоро көһөн барбыт сураҕын истэн наһаа хомойбута. Эдьийэ киниэхэ Гульнара биэрбит суругун биэрбитэ. Ону ааҕан баран Гурий киэһээни быһа саҥата суох сылдьыбыта, түүнүн кистээн ытаан ылбытын эдьийэ истибитэ. уонна быраатын аһынан тугу да ыйыталаһа барбатаҕа. Сарсыныгар Гурий дьиэтигэр төннөн барбыта. Дьиэтигэр тиийэн, ийэтигэр тоҕо төннөн кэлбитин кэпсээбитэ. Уонна кыыс суругун аахтара биэрбитэ. Ууланан хаалбыт хараҕынан ийэтин диэкки көрөн баран ыйыппыта.
-Ма...Киргизия диэн төһө ыраах дойдунуй?.
-Ыраах бөҕө буоллаҕа дии..
-Доҕорбун хаһан эмит көрсө барыаҕым...көрсүөхпүт диэбит..ол иһин..
-Улаатаххына көрсүөҥ буоллаҕа дии тойуом.
-Мин син биир Гульнараны булуоҕум!.-уола итинник диэн баран хоһун диэкки бара турда. Ийэтэ уолун тылын итэҕэйэ иһиттэ, ити кыыһы көрсүөҕүттэн оҕото тосту уларыйбытын ийэ сүрэҕэ таайбата буолуо дуо.

Гульнара бүгүн выпускной биэчэригэр тэринэ сылдьар. Кыыс оҕото улаатан, кэрэ сэбэрэлэнэн көрбүт эрэ киһи барыта хараҕын араарбат дьүһүннэммитэ. Этэргэ дылы соҕурууҥу дойду кырасаабыссата буолан тахсыбыта. Оскуолатын бүтэрэн Экономист-Финансист үөрэҕэр барардыы быһаарынан сылдьара. Ону киниттэн эһэтэ да ирдиирэ. Бу дойдуга Гульнара эһэтэ, сүүрүүк аттарынан дьарыктанар буолан бэйэтин сиэннэрин ол дьалатыгар киллэриэн баҕарар этэ. Ол иһин туоҕун да кэрэйбэккэ туран, икки сиэннэрин үрдүк үөрэхтээн туран, бэйэтин киэҥ бизнеһигэр киллэриэн баҕарара. Оҕолору бэйэтин илиитигэр ылыаҕыттан кэтээн көрөн, сиэнин Гульнараны быдан өйдөөҕүнэн, уонна ылсыбыт дьалатын тиһэҕэр диэри тиэрдэрин иһин сөбүүлүүрэ. Ол иһин кыыска хас да омук тылын, күүһүнэн кэриэтэ үөрэттэрбитэ. Гульнара төһө да сэттэ омук тылын билбитин иһин саха тылын умнубатаҕа. Суругун суруйан баран Гурий эдьийигэр Риммаҕа таһааран биэрбитин кэннэ. Римма Гульнараҕа биһигитин умнаайаҕын диэн баран Николай Якутскай Төллкө , уонна Араҥ уонна Таптал, Далан Тулаайах о5о, уонна Саха Остуоруйалара кинигэлэрин бэлэхтээбитэ. Гульнара бу кинигэлэри куруук ылан ааҕа сыльар этэ. Сахалыы кэпсэтиэн баҕаран быраатын Эмилбегы сорун сордуура. Уонна сахалыы үрүҥ көмүс ытарҕата, бүгүн бу ытарҕатын кэтэн барвахтаах. Илиитигэр ытарҕаны ылан, оҕо сааһын доҕорун Гурийи санаан харахтара ууланан кэлбитин бэйэтэ да билбэккэ хаалбыта.
-Оо..оҕом сыыһа, эмиэ доҕоргун санаан олороҕун дуо?-диэн мааматын саҥатыттан соһуйан дьигис кынан ылла.
-Хаһан эрэ биһиги, көрсүөхпүт дии саныыбын.
-Ол кыра уол баҕар умуннаҕа дии..
-Суох...суох хайдах да умнубатах буолуохтаах.
-Дьэ билбэтим тойуом..
-Эн билбэккин кинини... мин билэбин син биир саныыра буолуо дии саныыбын.
-Кыысчааным...киһи улаатаҕына уларыйар. Дьэ билбэтим...
-Гурий оннук буотах...-диэн баран Гульнара хоһун диэкки ытыы сүүрэ турда.
-Кыысчааным муҥнаах..эн эмиэ дьахтар буолаҥҥын ..хайдах хайдах олоххо тиксээхтиигин -дии санаата Гульнара маамата.

Гурий Южный военный округ, Кабардино-Балкарской Республика пограничнай заставатыгар сулуубалаабыта сылтан ааспыта. Кини манна маҥнай кэлбитигэр, саха уолун атаҕастаары кыммыттарын бэйэтин көрдөрөн ата5астаппатаҕа. Онно кини тустуугга уонна боксаҕа эччиллибитэ улаханнык көмөлөспүтэ. Хаста да кырбыы сатаан баран уолу иннин ылбатахтара. Кэнникиннэн киниттэн куттанар да буолбуттара. Билигин бэйэтэ балаһыаньаны көрөр, ол бу мучумааннары кинитэ суох быһаарбат этилэр. Гурий дьону атаҕастаабат буолан, молодой салдаатар бары киниэхэ көмүскэттэрэ кэлэллэрэ. Омугуттан көрбөккө, киһини киһи курдук көрөн бэд улахан аптарытыакка сылдьара. Оннооҕор офицердар убаастыып этилэр.
Гурий окуолаҕа үөрэнэ сылдьан, Гульнаралыын бирдэ эмит сурук суруйсар этилэр. Бүтэһик суругар Гульнара киниэхэ бэйэтин хаартыскатын ыыппытаах. Улаатан эрэр кэрэ сэбэрэлээх кыыс, элбэх баҕайы аттар быыстарыгар түспүтүн, уонна доска почетаҕа иилиллэргэ анаан түспүт хаартыскалара бааллара. Ол хаартыскатын кэннигэр омуктуу In my heart,only you.... диэн сурук баар этэ. Ону кини, дьэ бэт эрэйинэн бэйэтэ переводтаан баран соһуйуу да үөрүү буолбутаах этэ. Аттар быыстарыгар турар хаартыскатыгар кыыс аадырыһын суруйбут этэ. Онтон суругар, улахан тугу да суруйбакка үөрэнэ сылдьалларын иҥин суруйбут этэ. Ол кэмҥэ Гурий эпиэтин кайан ыыпатаҕа, билиҥэ дылы эппиэтии илигэ. Суруйуон баҕарар да...кыыс хаартыскатын ылан көрдөҕүнэ санаата хараастан хаалар этэ, бачча үчүгэй кыраһыабай кыыс ол киниэхэ надыйыа дуо диэн..ло кыры сылдьан доҕордоспуттара диэн кыра буоллаҕа дии санаан ылара. Ол кынан баран...хаартыска кэннигэр баар ити сурук киниэхэ эрэл биэрэр курдуга. Ол иһин кыракый сурук суруйда нууччалы.

Привет!. Друг моего Детства.

Я служу в Пограничное управление ФСБ России по Кабардино-Балкарской республике. Осталось служить меньше полгода. Прости что не писал так долго.Я не любитель писать письма. Вот отправлю фото.

Твой друг Гурий.

Кылгас баҕайы суругу суруйан баран, бэйэтэ да саата санаабыта да хайыай ыытаыгар тиийбитэ..Ол кынан баран хаартыскатын кэннигэ сахалыы суруйан биэрбиттэ......Мин Сүрэхпэр Эн Эрэ..-дэн кыыс суруйбутун сахалыы суруйан ыыппыта.

Биирдэ Гурий биир быһылааҥа түбэспитэ ол маннык этэ.. Таджиктар уонна Кабардинецтар, уонча буолан биир саҥа сулуусбалыы кэлбит эдэр уолу кырбаары туралларыгар түбэспитэ. Гурий кэлэн тоҕо бу уолу кырбаары кыммыттарын сураһан билбитэ. Бу уол атаҕастаары кыммыттарыгар бэриммэтэх этэ, ол иһин элбэх буолан кэһэтэ түһээри кыммыттарын эппиттэрэ. Онно Гурий бэйэтин санаан бу уолу,көмүскэһэр санаата киирбитэ ол иһин эппитэ:
-Эһиги шакааллар...биир бииргэ кыайан хоппот буолан, элбэх буолан сири кынаҕыт дуо..киэр буолуҥ мантан ото мин билигин эһигитин бэйэм ыһаталыа. Или биир бииргэ киисэр хорсун баар дуо бу уолу кытта?-диэн эппитигэр сорох уолаттар Гурий илиититтэн кэһэй буоланнар тэскилээн хаалбыттара. Сорохтор хаалан
-Эн тоҕо молодой салдаты көмүскэһэҕин -диэн баайсан турбуттара, олорго эппитэ
-Оччоҕо мин иннибин ылыҥ...бу уолу эһиэхэ шакалларга кырбаттарыам суоҕа.-диэн баран уолаттар иннилэригэр турунан кэбиспитэ. Дьонноро тура түһэн баран саллан киэр барбыттара. Баран истэхтэринэ Гурий эппитэ.
-Бу уолу иэстэһэ сылдьар буоллаххытына, мин эһигитин бэйэҕитин тутаталаҕвм...ол курдук өдөөҥ!=диэн хаһыытабыта. Уонна уолга эппитэ.
-Куттаммакка бэйэҕин көмүскэнэн ис. -диэн баран уолу хааларан баран хаалбыта. Ол ул бэйэтин днеыинигар маннык диэн суруйбыта:

Стая свирепых шакалов, загнали одинокого волка в тупик... Их было много, волк учуял свою смерть но хотел биться до последнего вздоха...И в друг откуда появился Снежный Барс, он встал между волком и шакалами и начал рычать на шакалов, некоторые шакалы от испуга убежали поджав хвосты. Самые смелые остались на месте, но Барс приготовился к битве и начал тихонько приближаться к шакалам. И шакалы испугавшись Снежного Барса убежали. Барс повернувшись к волку, и повиляв хвостом ушел... дав волку понять что он спасен....

Атырдьах ыйа үгүөнээн турар кэмэ, Балантыын кэлээскэлээх матасыыкылынан отуур сиригэр көтүтэн иһэн, аара суолга матаасыыкыла умуллан хаалбытын кыайан эспэккэ сордонно, аны сатыы барыаҕын сүүрбэ литирэлээх канистраҕа бензина баар. Ол бензинын отун тиэйиэхтээх Өндөрөйгө биэриэхтээх этэ. Чэ масыынаннан төннөн иһэн ылар инибит диэн сатыы барарга сорунна, би сэби хасыһа олордоҕуна күн дьыл бүтэр буоллаҕа дии, санаан баран хаама турда...
Ол бириэмэҕэ хаайыыттан босхолон тахсан, ускул тэскил сылдьар Көстөкүүн диэн киһи дьоннор илимнэрин уоран көрөн иһэн алдьанар турар матасыыкылга кэтиллэ түстэ. Матасыыкылга чугаһаан кэлэн, сэмээр кэтэһэ түспүтэ буолан табаахтаата онтон чугаһынан киһи баара билибэтин иһин матасыыкылга баар сээкэйи хаһыспытынан барда. Кэлээскэҕэ канистралаах бензини хостоон таһааран, толкуйдуу түһэн баран илиитигэр ылан тыаҕа түһэн сүтэн хаалла....
Балантыын отун тиэйэн кэлэн иһэн, матассыыкылыгар тохтотоон ааһаары кынан баран Өндөрөйө ыксыырын иһин үргүлдьү ааһа турбуттара, турбут сээкэй туруо дии санаабыта турарын көрөн. Дьиэтигэр кэлэн отун сүөкээбитин кэннэ, аны биир эрэй буолла эмээхсинэ уута кэлэрэ чугаһаан масыына көрдүү ыстанна. Участковай Толяны көрдөһөн улуус киинигэр киллэрэ бардылар, матасыыкылын саныы да барбата, бу ыксал буола турдаҕына.

Маргарита киэһээ наадатыгар тахсыбыта, хотон диэкки киһи күлүгэ элэс кынан ааспытын көрөн, эмиэ били сатана сырыттаҕа диэн көрө барбыта. Хотонун аанын арыйан иһирдьэ киирбитэ, уоту холбоон хааман иһэн, бэнзиин сыта муннугар билиннэ...Арай хотонун биир муннугуттан уот кыымнара күөдьүйэн эрэрин көрө биэрдэ..-Уоттаатылар-дии санаат, ынахтарын быыһыырдыы сананан быаларын сүөртэлээн киирэн барда. Ол бириэмэҕэ уот хотону тула барыта умайан эрэр этэ..Ынахтар ыксаан орулаһыы бөҕө буолан.. сүөрүллүбүт сүөһүлэр мээнэ сүүрүү көтүү буолан барбыттара. Ол аймалҕаҥҥа Маргарита саахтан халтарыйан охтон төбөтүнэн охсуллан өйүн сүтэрэн кэбиспитэ....
Бүөтүр эмээсиним тоҕо өр буолла дии санаан түннүгүнэн көрбүтэ хотон диэкки уот тыллара тахсан эрэллэрин көрөн...
-Рита..Рита.. -дии дии хотонугар сүүрэн тиийбитэ хотоно төгүрүччү умайа турар этэ. Хотон аанын арыйа баттаат, хотоҥҥо сүүрэн киирбитэ иэдээнэ хартыына этэ...умайа сылдьар ынахтар, буруоттан тумнастан өлбүт сүөһүлэр. Бүөтүр эмээхсинин, хотон муостатыгар өйө суох сытарын көрдө.
-Рита..Рита..сэгэрим сыыһа-диэн хаһыытаат ойон тиийдэ. Эмээхсинин өлбүт сүөһү хам баттаан сытарын, хостуу сырыттаҕына салгын итиититтэн таҥаһа умайан барда. Бүөтүр онно эрэ кыһаммакка эмээхсинин нэһиилэ сүөһү өлүгүн аныттан хостоон таһааран, илиитигэр көтөҕөн хотонтон тахсарыгар дьоннор кэлэн умайа сылдьар таҥаһын умулларбыттара...

Гурийи дежурный по роте кэлэн штабка срочно барар үһүгүн диэн кэлэн эттэ. Штабка киирэн кэлбитигэр Застава командира уонна начальнига олороллор этэ. Командир Гурийга эппитэ:
-Сержант Осипов...эр киһи буоллаҕыҥ дии...бу дойдугуттан телеграмма кэллэ...мэ аах -диэн баран, телеграмманы уунан биэрдэ.

"Командиру Шкульеву Н.П. В вашей части проходит службу Осипов Г.П. Извещаем вас что родители Осипова Г.П. постродали при пожаре. Оба родителья в реанимации.
Администрация Сельсовета.

Телеграмманы ааҕан баран итэҕэйбэккэ, иккистээн аахта. Командира Штаб начальнига туһаайан ыйытта. -Осипов бу күһүн дембэллэнэр этэ буолбат дуо....Кинини срочно дьиэтигэр ыытарга, онтон бирикээс таҕыстаҕына.. дембэлэммит курдук оҥорорго. Проеһын хаччытын булан биэрэргэ. Чэ кытаат... төрөппүт аата төрөппүт. Бүгүн киэһээҥҥи самолетка успейдыырын курдук.-диэн подполковник Шкульев бирикээс биэрдэ. Уонна Гурийга туһаайан эттэ.
-Чэ давай сержант... дьиэҕэр тиийэ оҕус....онно манна уһуу сылдьыбакка, төрөппүттэргэр ыксаа. Бу күнтэн эн службаҥ бүттэ.-диэн баран илиитин бэрэн ыга тутта.
-Мин эйигин дьигинэн, манна хааларар санаалаах этим....кантрактник быһыытынан. Прапоршик үөрэҕэр үөрэттэрэн бара...чэ хайыахпытый, буолар буоллаҕа дии....баҕар кэлин толкуйданан баран билээр. Мин ханна баарбын билэҕин...Чэ сүүр, дьиэҕэр бараргар бэлэмнэн.-диэн эттэ Шкульев.

Гульнара бүгүн Гурийтан сурук туппута, суругун тутан баран ыраах ким да суох сиригэр баран ааҕаары, мииннэр атын үрдүгэр олороот хайалар диэкки көтүтэ турбута. Ким да суох сиригэр тиийэн атыттан түһэн, дьэ суругун хостоон таһаарда...долгуйан олох илиитэ сап салыбырас буолан хаалан суругун арыйбакка олорон уоскуйа түһэн ылла. Кини аата..кини буочара... ылан суругу сылаан ,баҕар кини сыта баара буолуо диэн хараҕын симэн баран олоро түһэн баран дьэ суругу арыйа баттаата...Гурий аҕыйах баҕайы суругу суруйбут этэ...уонна суруга нууччалыы...кини сахалыы суругу ааҕыан баҕарбыта... уонна хаартыската баар этэ..Гульнара Гурий хаартыскатын ылан өр одуулаата...кини кини.. олох уларыйбатах...мичээрэ уруккутун курдук....харахтара....харахтара..эмиэ уларыйыы суох...хаартыска кэннин көрбүтэ, сахалыы суруллубут этэ.....Мин сүрэхпэр Эн Эрэ....-бу баар кини күүппүт тыллар...уонна атын киниэхэ туох да наадата суох..ити тыллар барытын этэллэр. Гульнара хаартысканы ылан сылаан баҕар Гурийым сыта баара буолуо диэн муннугар тутан олордо, хараҕыттан үөрүү хараҕын уута сүүрэн барда...Мин сүрэхпэр Эн Эрэ..кини эрэммитэ, күүппүтэ...

Эмилбек кырдьаҕас верандаҕа салгын сии тахсан көрбүтэ, арай ыраах хайалар диэккиттэн аттаах киһи көтүтэн иһэрин көрбүтэ. Бу хайаларай диэн туран көрбүтэ бэйэтин сиэн кыыһа Гульнаара ойутан иһэр этэ..кыыс акка үөрүйэҕин эһэтэ билэр буолан онтон куттаммата..кыыһа акка олорон икки илиитэ үөһээ күөрэҥнээн олорор этэ....уһун дистанцияҕа кыайбыт киһилии үөрүү хаһыыта иһиллэрэ. Эһэтэ сиэнэ туохтан эрэ улаханнык үөрбүтүн көрөн аллара көрсө түстэ...Гульнара ойутан кэлэн атыттан ыстанан түһээт, дьиэтигэр сүүрэн киирэн иһэн эһээтигэр кэтиллэ түстэ.
-Хайа, бу туох айылаах буоллуҥ? .-диэн эһэтэ кыыстан ыйытар.
-Мин.. эппитим..кини умнубатах.-диэн баран Гульнара муостаны көрөн турда.
-Тугу этэҕин.. тойуом?.-эһээтэ өйдөөбөт.
Ол бириэмэҕэ Гульнара маамата кэллэ.
-Бу кыыс туох буоллун, туох ыһыытай хаһыытай?.-маамата ыйытар.
-Кини умнубатах...эппитим мин...умнубат диэн.
-Өйдөөбөтүм.. тугу умнубатах?.
-Бу..көр -диэн баран кыыс суругу көөчүктэтэн көрдөрдө.
-Эһиги миэхэ быһаарыҥ эрэ, туох буолла манна.-диэн кыыс эһэтэ ыйытта.
-Ээ ити били, саха уолуттан сурук тутан үөрүү көтүү буола сылдьар.-диэн маамата быһаарар.
-Тойуом миэхэ көрдөрүөҥ дуо, суруккун көҕүлүүр буоллаххына?.-диэн сиэниттэн ыйытта эһэтэ. Кыыс тура түһэн баран Гурий хаартыскатын эһэтигэр уунна. Эһэтэ хаартысканы ылан көрөн, баран сиэринэн төттөрү биэрдэ. Гульнара хоһун диэкки сүүрэн бара турда.
-Ити кыыс, мин уолум ийэтин курдук оруобуна. Эбэтин баттаҕа. Эбэтэ мин эдэр сылдьан хаайыыга харалла сыттахпына төһөлөөх эрэйи муҥу көрбүтүн Аллаах таҥара бэйэтэ билэн эрдэҕэ...Комсомолтан, үөрэҕиттэн уһуллан, миигин кэтэһэн өр да сордоммута..Сэгэрим сыыһа тыынааҕа буоллар сиэниттэн үөрүө да эбит..Ити кыыс биир тапталлаҕа туох куһаҕан буолуой, эгэ эрэ буоллаҕа...сэлээччэх дьахтар буолуохтааҕар оннук эрэ буоллун Аллаах көмөтүнэн.. Эн ону баалаама.. Ити кыыс өйдөөх оҕо, бэйэтэ быһаарыныа.-диэн этэн баран, оҕонньор үөһээ хоһугар тахсан иһэн көрбүтэ сиэнэ кыыс хаартысканы тутан баран үҥкүүлээн эргийэ сылдьарын көрөн аһарбыта.

Гульнара эппиэт суругу суруйа охсубута, биһигиттэн чугас сылдьар эбиккин. Службаҥ бүттэҕинэ манна кэлэ сырыт, мин күүтүөм уонна эһээбин кытта билиһиннэриэм диэн суруйбута. Мин эйигин куруук саныыбын, эн миэхэ кимнээҕэр да күндүгүн диэн кыбытан биэрбитэ...Ол суругу Гурий тупатаҕа, кини түргэн үлүгэрдик дьиэлээбитин кэннэ хойутуу тиийбитиэ суруга. Ол курдук сурук заставаҕа сытан сытан баран сүтэн хаалбыта....

Ол кэннэ биир сыл ааһа охсубута Гульнара баҕар Гурий кэлиэ диэн кэтэһэ сатаабыта да кэлбэтэҕэ. Баҕар сурук аара ханна эрэ сүтэн туппака хаалбыта буолуо,диэн бэйэтин уоскутуна саныыра. Гурий кинини умнарын олох итэҕэйбэт, кини бэйэтэ да умнубат кини киниэхэ эрэнэр.
Биирдэ бииргэ үөрэммит уола Муртало Саидов диэн уолу көрсө биэрбитэ. Муртало баай дьоннордоох кыахтаах уол этэ. Ол уол Гульнараҕа сыбыытаан, онно манна ыҥыран киирэн барбыта. Кыыс аккааһы биэрэн, куотунан иһэрэ. Ол курдук Муртало аҕатын кытта Гульнаралаах дьиэлэригэр тиийэн кэлбиттэрэ. Кыыс илиитин кэпсэтэ диэн. Эһэтэ кыыһын туох диирин истиэн баҕаран, кыыһы ыҥыран ылбыта.
-Бу мин үчүгэйдик билэр киһим, оҕото эйигин кэпсэтэ кэлэн олороллор, ону эн туох диигин?.-диэн сиэниттэн ыйыппыта.
-Мин туох диэн сымыйалыамый...баар кырдьыгы этэбин, мин сүрэҕим атыҥҥа ананан сылдьар ону эһиги бырастыы кынаргытыгар тиийэҕит. Мин олоҕум бэйэм олоҕум, мин эйигин таптыам олох биллибэт.. мин санаам кини эрэ..түүн утуйарбар кинини санаан сытабын, сарсыарда турарбар кинини ахтан турабын..Ол оннук кийиит эйиэхэ наада дуо..мин санаабар суох.. Ол иһин мин эппиэтим суох.-диэн өйдөнөр курдук быһааран эппитэ. Уол аҕата, кыыс эппититтэн саллан төбөтүнэн өйдөөбүтүн биллэрэн тоҥхох кынан ылбыта. Муртало Гульнараҕа эппитэ. -Кырдьыккын эпиккитэн астынным...ол да буоллар сатаатар эн биһиги доҕордуу буолан хаалыахха.-диэбитэ.
-Суох...кыыска биир эрэ доҕордоох буолуохтаах кини таптыыр киһитэ.-диэбитэ Гульнара.
-Сатаатар хайа дьоллоох дьигит, эн кэрэ сүрэххэр киирбитин этиэҥ буолаарай.
-Мин сүрэхпэр... мин санаабар бу кини эрэ..-диэн баран Гульнара Гурий хаартыскатын ыйан көрдөрдө. Муртало хаартысканы көрөн баран...онтон Гульнараны көрдө...онтон хаартысканы илиитигэр харбаан ылан көрдө. Гульнара Гурий хаартыскатын алдьатаары кынна диэн былдьаан ылбытыгар. Муртало ыйытта.
-Эн кинини хантан билэҕин......
-Бу мин сүрэҕим баар суох таптала, кини эрэ буолар.
-Снежный Барс...Снежный Барс ити мин службалаабыт сирбэр ити уол баара. Саха сириттэн сылдьар Снежный Барс.
Гульнара истибэтэҕин истэн, ыйытта
-Чахчы кини дуо?...Или эн сыыстардыҥ дуу?.
Уол хаартысканы ылан көрдө.
-Кини.. кини бу хаартыска дөссө чааспытыгар Доска Почета ыйанан турбута..
-Чахчы кини буоллаҕына кэпсээ, кини туһунан -диэн Гульнара ыххайан барбыта. Муртало хайдах кинилиин көрсүбүттэрин кэпсээн биэрбитэ.
-Чахчы ,ол аата кини эбит -диэбитэ Гульнара Гурийи санаан-Дьэ ол мин Гурийым.
-Да..да аата Гурий Осипов диэн этэ. Ол кынан баран, кини эрдэ дьиэтигэр барбыт сурахтааҕа...уолаттар кэпсиилэринэн Ийэлээх ,Аҕата уокка былдьаммыт үһүлэр ол иһин эрдэ барбыт дииллэрэ..
-Уой ол да иһин....ол да иһин...Чэ мин бардым -диэн баран Гульнара хоһун диэкки сүүрэн хаалла.

Гульнара Саха сиригэр бараары тэринэ сылдьар, билигин кини сайыҥҥы каникула буолан бириэмэтэ баар курдук. Дьиҥэр эһэтин кытта Турцияҕа сүүрүүк аттары атыыласпы Султааҥҥа илдьиһэ барсаары сылдьыбыта. Эһэтигэр Саха сиригэр баран кэлиэҕин баҕарарын туһунан эппитэ. Доҕорун төрөппүттэрэ, уокка умайан эчэйбиттэрин туһунан кэпсээбитэ. Эһээтэ сиэнин амарах сүрэхтээҕин билэр буолан, сөбүлэспитэ уонна доҕоргор көмөлөһөөр диэн, уонна кэлэригэр барарыгар диэн анаан элбэх сууммалаах хаччыны биэрбитэ. Оҕонньор сиэнигэр икки бэйэтин телохранительнарыттан анаан, олох харахтары харатын харыстыыларын курдук бирикээстээн ыыппыта. Оннук кынан Гульнара Бешкек куораттан Дьокуускайга көтөн иһэр. Самолетка олорон, оҕо сылдьыбыт сааһын санаан кэллэ. Гурий төрөппүттэрин, кини өйүгэр Гурий мааматын эрэ өйдөөн хаалбыт. Кини кыракый Гульнараҕа. бэргэһэлээх, унтууну кэтэрдэн баран үөрэн хаалбыт сирэйин. Уонна кинини оҕотун курдук сылыы ууруу сылдьарын. Онтон аҕатын бу диэн өйдөөбөт. Өйүгэр Гурий маамата, уонна эдьийэ Римма уонна Гурий. Гурийын бу бээһэ буолбутун курдук барытын өйдүүр, тоҕо диэтэххэ күн аайы ону саныыр буолан олох умнубатах этэ.

Гурий чааһыттан тахсаат, Саха сиригэр түргэнник тиийэн кэлээт куораттан ожоговай оделенияҕа дьонноругар тиийбитэ. Ийэлээх, аҕата иккиэн онно сыталлара. Эдьийэ Римма дьоннорун ыарыылыы сыльар этэ. Ийэтэ ыарахан туруктаах, комаҕа сытар этэ. Онтон аҕата көхсүн барытын уокка сэппит этэ, туруга олох мөлтөх кынан баран өйүн тута сытар этэ. Уола кэлбитин көрөн үөрэн нэһиилэ мичээрдээн эрэ ылаахтаабыта, уонна нэһиилэ саҥарбыта.
-Дьэ биһиги бу кэбилэнэн сыттахпыт...эрдэ тахсыбакка.... сэгэрим сыыһын уокка былдьаттахпын....Эйигин көҥүлээн ыытылар дуо?.
-Мин бүтэн кэллим...хайдах маннык буолла..туохтан сылтаан?.-диэн ыйытар Гурий.
-Баһаарынайдар уоттааһын диэбиттэрэ даҕаны....ол биһиэхэ ким өстүйбүтүн сатаан санаабаппын...
-Ким ол дьаланы көрө сылдьарый? .
-Куораттан киһи тахсыбыт дииллэр этэ....манна биир эдэр следователь уол кэлэн ыйыталаһан барбыта...баҕар ол оҕо буолуо...Эдьийиҥ Римма билэр... кэллэҕинэ киниттэн ыйыталаһаар....Уонна бэйэҥ тускунан кэпсээ...хайдах сырыттыҥ...тугу ситистиҥ? .
-Па...нэһиилэ сытаҥҥын дөссө ол миэхэ кыһалла сытаҕын дуо..миэнэ барыта үчүгэй....эһиги эрэ үчүгэй буолуоххутун наада.
Сотру соҕус буолан баран Гурийга аҕата маннык диэн кэпсээбитэ.
-Оҕом сыыһа иһит эрэ...мин арааһа киһи буолар кыаҕым бүттэ быһыылаах.. этими сииним барыта ыалдьар...
-Па..тоҕо иньэ диигин, атаххар туруоҥ дии.
-Суох.. иһит миигин...ити быһыылаан быдан иннинэ...били Адарай уола Көстөкүүн, хотоҥҥо кэлэн хаста хоно сытарын үүрэн турардаахпын....баҕар онтон өһүрэн....билбэтим баҕар кини буотаҕа буолуо....мин итини эйэхэ эрэ эттим..уонна ким да билбэт... эн итини хасыһа сылдьыма...баҕар кини буотаҕа буоло...аны ону маны кынан кээһээйэҕин...оччоҕо киһи аатыттан ааһаҕын....кыһыыта баара сэгэрбин кыайан көрбөтүм...-диэн кэпсэтии буолбута, ити Гурий аҕатын кытта бүтэһик кэпсэтиитэ буолахтаабыта, аҕата ол киэһээтин тыына быстыбыта.

Кыһын ааһан саас буолбута, Гурий дойдутугар кэлэн дьиэтин уотун көрөн барар этэ. Убайа Гаврил ыраах хоту оройуонугар охот инспектарынан үлэлиир буолан, аҕатын кэлэн көмсөн баран төттөрү барарыгар тиийбитэ. Эдьийэ Римма куоракка, биир дьоҕус тэрилтэҕэ үлэлиир буолан кэлэр барар каҕа суох этэ. Дьон кэпсиириттэн истэн Гурий Балантыыны булан сиһилии ыйыталаспыта.
-Балантыын дорообо...эт эрэ миэхэ, хайдах эн бэнзиннээх канистраҥ иһитэ, баһаар буолбут сиригэр баар буолбутун?.
-Ол саҕана, сатаатар эмээхсиним төрөөрү ыксаан учаскубай Туолалыын улуус киинигэр киирэн хаалбытым, матасыыкылым оннук сир аҥаарыгар олорон хаалбыта. Баһаар буоларыгар биһиги онно сылдьар этибит, киэһээ умайбыт этэ, биһиги сарсыныгар биирдэ истибиппит ону. Матасыыкылбын кэлин баран ылбытым, онно бэнзинээх канистра суоҕун иһин Өндөрөйү ылбыта буолуо дии санаан улахаҥҥа уурбатаҕым. Онтон кэлэн ыйыппыппын ылбатаҕым диэбитигэр, биирдэ бабат диэн учаскубай Туолукка үҥсүбүппүн, умайан хаалбыт канистра хаартыскатын көрдөрбүтэ. Канистрабар тутааҕар бэлиэ кынан, боробулуоханнан эрийбиппитэн билбитим. Хайдах онно кэлэн хаалбытын мин билбэппин.
-Ол саҕана Адьарай уола, ханна баар этэй өйдүүгүн дуо?.
-Ээ.. ол сатана ханна сырыппыта буолла..илимнэрбин уоран көрөн ол саҕана сордообута. Отуубутугар кэлэн аспытын уоран сиэн кэбиһэн дьэ сордоох киһи диэтэҕин. Баҕар ол да сатана уоттаабыта да буолуо..Киһи итэҕэйбэт киһитэ.
-Онтон эһиги ону эппэтэххит дуо?.
-Этэн бөҕө буоллаҕа дии..Ол сатана ол күн куоракка бииргэ олорбут уола босхоломмутун сууйа сылдьыбыт сурахтаах буолан куотан хаалбыт этэ...сатана баара.
-Чэ сөп, Балантыын мин онно манна сылдьарым элбэх..
-Гурий тойуом эн миэхэ кыыһырбат инигин..ити канистра туһуттан?.
-Эс мин эйэиэххэ туохха кыһырамый..
-Чэ оччоҕо оннук эрэ буоллун.

Миитэрэй оҕонньор, илимин көрө киирээри кыммыта тыытын эмиэ ким эрэ илдьэ баран хаалбыт этэ. Ол иһин тэйиччи соҕус Барыыһапптар кустуу сытар сирдэригэр барарыгар тиийдэ, баҕар тыыбын кинилэр ылбыттара буолуо диэн. Тиийбитэ уолаттар чэйдээри сылдьаллар этэ.
-Митэрэй кэллэ, хата кэлэн биһигитин кытта чэдээ..сонунна кэпсээ.-диэн уолаттар үөрэ көрүтүлэр.
-Сонунна кэпсээ...кырдьаҕас киһини бачча ыраах хаамтара хамтараҕыт...сонунна кэпсээ диигит..-оҕонньор кыыһыран эпиэтиир.
-Хайа оҕонньор..туохха кыыһырдын?.
-Тыыбын эһиги ыллыгыт дуо?.
-Хайа, онтон маарыын сасыард уста сылдьар буотах этиҥ дуо?.
-Мин бу саҥа кэллим...
-Эн тыыҥ биһиэхэ суох..Онто биир киһи уста сылдьара дии..саатар халампааһа суох киирэн кимн көрбөккө хаалбытым.
-Пахай оччоҕо..ким ылбыта буолуой?.
-Билбэппит биһиги бу саҥа утуйан туран чэйдээри сылдьабыт. Эн биһиги тыыбытын ылан илимҥин көр ээ..биһиги син биир хойутуу киирэбит.
-Хата оннук гыныым...эһи миигин бырстыы кыныҥ, уорбалаабыппар оҕолор..
-Чэ...ол баҕас кыра буоллаҕа..кыһаллыма.
Митэрэй оҕонньор илимигэр кэлэн..илимигэр сөрөлөнөн баран өлбүт Адарай уола Көстөкүүн өлүгүн булбута.

Гурий ыалдьан хаалла тымныйан, ол кынан баран бу тымныйбытын ким да билимиэн наада. Хайдах эмит кынан үтүөрэ охсуон наада. Хата ойоҕостоторо буолуо, сааскы уу тымныыта дьыалатын оҥорбут... ол кынан баран санаатын ситистэ...
Кини Көстөкүүн хоргойбут сирин булан ыраахтан кэтээн көрбүтэ. Киһитэ күн тахсыан иннинэ туран, дьон илимин тиийэн уоран көрөр идэлээҕин билэн, онно бэлэмнэммитэ....аармияҕа үөрэппиттэрин курдук тымныы ууга арыыннан соттон баран кириэххэ сөбүн өйдөөн дьиэтиттэн ынах арыыта баарын ылан үрүгзээгэр уктубута, тобуктарын уонна тоҥолохторугар биинтэ эриммитэ... уонна баран киһитэ хайа диэкки тахсан барарын кэтэһэ таарыйа Гульнараны саныы сыппыта. Суругу туппута эрэ суох эрэ...туппут буоллаҕына тугу эрэ санаата..Арай көрбүтэ Көстөкүүн тыаһа суох, саһаан кэннинэн баран эрэрэ көһүннэ...баран иһэн тохтоон иһилиир, түөкүн түөкүн курдук сылбырхай. Гурий тыаһа суох кэнниттэн батыһан истэ, кинини пораничнай заставаҕа үөрэппиттэрэ эбээт, маһы кытта мас буолары, отко хайдах көстүбэккэ саһары. Күөлгэ кэлэн, тыыга олорон ууга киирбитигэр таҥаһын устан арыыннан бистэн чараас таҥас кэтэн киирэн уугу умсан хаалла...

Гульнаара Дьокуускай пордуттан үргүлдьү ожоговай киин балыыһатыгар тиийдэ. Ыйыталаһан Маргарита сытар палаататыгар киирэн кэлбитэ, палаатаҕа Гурий эдьийэ Римма баар этэ. Ханнык эрэ эдэр кыыс киирэн кэлбитин билбэккэ көрөн турбута, онтон ыйыппыта.
-Что вам надо, кого вы ищите?.
-Римма это я не узнала?...Мин Гульнарабын билбэтиҥ дуо?.
-Уоаай...билбэтим дии..Гульнара эн дуо?.
-Мин..мин дии..-диэн Гульнаралаах Римма куустуһан ыллылар. Ороҥҥо Гурий ийэтэ көрө сытар этэ. Гульнара онно тиийэн .
-Маргарита Ивановна Дорообо!. Бу мин Гульнарабын..
-Маамам саҥарбат, кома кэнниттэн саҥарбат буолан хаалбыт. Ол кынан баран барытын өйдүүр, билэр.
Маргарита Ивановна кыыһы көрөн мичээрдээн ылла, уонна илиитинэн Гульнараны имэриэн ылла.
-Биллэ дии..эйигин.-диир Римма. Гульнара тобуктаан олорон Маргарита Ивановна илиитин тутан олорон ытаан барда. Ону кини, ытаама диэбитти илиитинэн таптайан, барыта үчүгэй диэн биллэрдэ. Гульнара Римматтан Гурий ханна баарын ыйыппытын. Сарсын кэлиэхтээх диэн эппитэ. Гульнара саха тылын хайдах умнубакка сылдьарын туһунан ыйыппытыгар кыыс эпиэтээтэ.
-Били эн бэлэхтээбит кинигэлэрин миэхэ куруук доҕор буолан сылдьыбыттара. Хас сүүстэ ол кинигэлэри аахпытым буолуой. Хас киэһээ аайы ылан ааҕар этим. Ол иһин саха тылын умнубакка сылдьабын.
-Мин билиҥэ диэри Төлкөнү ааҕа иликпин...хата киһини кыбыһыннардыҥ. Хайаан да аахтахпына сатаныыһы.
-Аах аах үчүгэй кинигэ.-диир Гульнара. Кыргыттар түүнү быһа олорон ол бу туһунан кэпсэтэ хоммуттара.

Гурий тымныйыытыттан, бэт сорунан эмтэммитэ. Киниэххэ онно бөрө отун испитигэр улханнык туһалаабыта. Биир күн нэһиилэ туран, кустуу диэн баран ууга түһэн кэллим диэн дьиэтигэр эмтэнэ сыппыта. Били Адарай уолун, дьон илимин уоран көрө сылдьан ууга түспүт диэн кэпсииллэрэ. Ким да кинини ирдэһэ барбатаҕа. Хата дьоу сордообокко барда диэн, истэригэр үөрэр да дьон бааллара.
Гурий үтүөрэн куоракка тиийэн Ийэтигэр балыыһаҕа тиийбитэ. Палатаҕа киирбитэ арай ханнык эрэ атын кыыс олорор этэ, эдьийэ Римма буолбакка. Ону кини үлэтигэр кыһаттаран бу кыыһы нанимаайдаабыт дии санаан ылбыта баара, олох атын буолан биэрбитэ. Кыыс кини киирбитин көрөн ойон турбута, уонна тугу да саҥарбакка кини диэкки көрөн турбута...Гурий көрдөҕүнэ өрдөөҕүтэ ханна эрэ көрбүт кыыһа турар этэ. Эдьийим Римма подругаларыгар маннык кыыс баарын өйдөөбөппүн..кини..кини эбит кини оҕо сааһын доҕоро...Гульнара..
-Гульнара..-диэн баран, Гурий соһуйуоҕун соһуйан ах баран турда.
-Көрсөр күннээх эбиппит...наһаа да күүппүтүмбу күнү...-диэн кыыс сахалыы саҥарбытыгар, Гурий эмиэ соһуйан эттэ.
-Саха тылын умнубаака сылдьаҕын дуо?.
-Суох тоҕо умнуомуй...мин саамай сөбүүлүүр тылбын...
-Хаһан кэллин..хантан билэн?.
-Дьэ ол уһун кэпсээн...Ону кэлин кэпсиим. Эн бэйэҥ тускунан кэпсээ...
-Ээ..онтон мин бу..тугу кэпсиэмий, бэйэҥ көрөрүҥ курдук.
Маргира Ивановна уолун ыҥыран ылла илиитинэн биллэрэн, уола ийэтигэр тиийбитин, кыыс илиитин илиитигэр ылан баран уолун илиитин ылан, кыыс илиитигэр туттаран кэбистэ уонна бэйэтин илиилэринэн холбоотуу ыга тутта.
-Бу аата Ийэҥ биһигитин...-диэн Гульнара хараҕыттан уу сүүрэн таҕыста.
-Арааһата..оннук быһылаах. -диир Гурий уонна Гульнаран кууһан ылла, уонно уоһуттан уураан ылбытын көрө ийэтин хараххтарыттан уу сүүрэн барбытын көрөннөр аймаммыттарын барыта үчүгэй, эһигиттэн үөрэн ытыыбын диэн биллэрдэ. Уонна эһиги баран ханна эрэ кэпсэтэн кэлиҥ, ахтыспыт сүрэхтэр кэпсэтэргит элбэх буолуо, мин сытан сыньаныам диирди эппитэ.
-Биһиги киэһээ кэлиэххпит. -диэн Гульнара эппити. Суох суох диир кыыһым Римма кэллин дэн көрдөрдө.

Ийэ сүрэҕэ Гульнара маҥнай бу палаатаҕа киирээтин сэрэйбитэ, бу кэрэ атын омук кыыһа кини уолун таптыырын. Кинилэр бу күннэргэ элбэҕи кэпсэппитэрэ Гульнааралыын. Кыыс тылынан кэпсиирэ, хайдах саха тылын баччаҥҥа дылы умнубакка кэлбитин, хайдах быраатын сахалыы кэпсэт диэн сордуурун.Уонна кини уолун Гурийи хайдах ахтарын. Онтон кини, илиитинэн көрдөрө син өйдөһөн кэпсэппитэрэ. Рита Гульнараттан мин уолбун таптыыгын дуо диэн ыйыппытын, кыыс кини илиитин ылан сүрэҕэр туппута уонна хараҕын өр баҕайы симэн олорбута уонна эппитэ -Кини эрэ мин дьолум..Мин сүрэхпэр кини эрэ..Кинитэ суох олох суох...миэхэ -диэбитэ.

Гурийдаах балыыһаттан тахсан хайа диэкки баралларын билбэккэ, мээнэ хааман истилэр. Гульнара ыйытта.
-Ханна барабыт Гурий?-диэн Гульнара ыйыппытыгар биирдэ өйдөнөн.
-Ээ кырдьык даҕаны, оннуктаах этибит дии..бырастыы кын, олох өйбүттэн тахсаан хаалым. Эн аччыккын дуо?.
-Суох..аччык буотахпын, били биһиги олоро сылдьыбыт дьиэбитин көрүөхпүн баҕарабын.
-Оччоҕо онно барыахха хата.-диэн баран Гурий Гульнара илиититтэн сиэтэн баран.
-Били оруобуна кыра сылдьан, маннык ситэ сылдьарбын өйдүүбүн...
-Мин күн аайы ол күннэр тустарынан санаан тахсааччыбын..уонна эйигин..
-Мин эмиэ...эйигин наар саныыр этим.-диэн баран Гурий саатан,сырайа кытаран хаалла. Кыыс тохтуу түстэ, уонна Гурийи харахтарын көрөн баран.
-Мин эйигин...Таптыыбын..уонна хаһан да сүтэриэхпин баҕарбаппын...Онтон эн..-диэн баран кыыс көрөн турда.
-Мин..Эмиэ..-диэн баран Гурий Гульнараны уоһуттан уураан ылла, оннук кыратык тура түһэн баран. Салгыы сиэтиспитинэн хаама турдулар.
Икки этээстээх дьиэлэр аттыларыгар чугаһаан баран. Гульнара гараажтар туралларын көрөн.
-Бу гараж кэннигэр киирэн ытыырбын өйдүүбүн, оҕолор атаҕастаатахтарына.
-Тоҕо миэхэ эппэт этигиний, ол саҕана..мин кинилэри...-диэн Гурий этэн истэҕинэ Гульнара
-Оҕолору кырбаталыы кэлиэҥ этэ дуо.., мин бэйэм да кыраттан ытыы сылдьар оҕо этим дии..-Гульнара күлэр.
Олорбут дьиэлэрин таһыгар кэллилэр. Көрөн истэн баран аны Гульнара үөрэммит оскуолатын көрө бардылар. Ол баран иһэн Гульнар эттэ.
-Били эһиэхэ бара сылдьан, хотоҥҥо ньирэй аһатар этибит дии..
-Уонна сибиньэни үтүктэн бөҕө буоларбыт -Гурий күлэр.
-Онно эппитиҥ дии эн...Биһиги улааттахпытына эмиэ элбэх баҕайы сылгыны уонна ынаҕы итиэхпит диэн.-диир Гульнара.
-Ону эн сибиньэны ыйан баран, онтон сибиньэлэри..-диэн ыйыппытын.
-Ээ.. сибиньэни да ылахпыт..эмиэ элбэҕи диэбитиҥ..-диэн күллэ Гульнара онтон Гурий диэкки көрөн баран.
-Оччоҕо ..ол кыра сылдьан баҕарбыт баҕабыт туолар дуо?.
-Мин баҕарабын ону...эн эрэ сөбүлэһииҥ наада..-диир Гурий, кыра оҕо курдук сири көрөн туран.
-Мин..мин...саамай баҕарар баҕам..

Гульнара сайыны быһа Саха сиригэр сырытта, үөрэҕэ чугаһаабытын кэннэ дойдутугар барара тиийэн кэлбитэ. Кинилэр кыра оҕолуу доҕордуу эрэ көрсүүнү көрсөллөрө. Гульнара Гурийгэ холбостохпутуна эрэ, бииргэ утуйар буолуохппут диэн эпптэ. Гурий онно сөбүлэспитэ, кини Гулььнаратын ол чааһыгар итэҕэйэрэ. Уонна үөрэххин бүтэрдэххинэ, ыал буолуохпут диэн бэйэ бэйэлэригэр тыл бэрсибиттэрэ. Гульнара балыыһаҕа Гурий мийэтигэр, бүтэһик түүнүн хоннон баран сарсыныгар көтүөхтээх. Гурийи эдьийигэр ыытан баран, соҕотоҕун хаалбыта. Уонно Маргарита Ивановналыын түүнү быһа кэпсэппитэрэ. Кини Гурийи дойдутугар илдьэ барыан баҕарарын туһунан эппитэ. Ону Маргаритта Ивановна, мин эйиэхэ уоллбун эрэнэбин илдьэ бараргар көҥүл биэрэбин диэн этэн биллэрбитэ. Сарсыныгар Гурий Гульнаратын портка киллэрэн атаарбыта. Гульнараны көрө кэлсибит охранник уолаттар, биирдэ да кинилэр харахтарыгар көстүбэккэ ыраахтан маныы сылдьыбыттара. Оннук дьон баалларын Гульнара да бэйэтэ билбэт этэ.

Гурий Дьокуускай куораттан Новосибирскайга персадкалаан Бешкекка көппүтэ. Кинини онно Гульнара эһэтин кытта бырата Эмильбек көрсүбүттэрэ. Уонна масыынаннан сирдэрин көрдөрө таарый олорор сирдэригэр айанаабыттара.

P.S Бу курдук олоххо буолбута биллибэт кынан баран, этиэм этэ бар дьоммор.... Урут сэбиэскэй былаас кэмигэр, биһи бары бииргэ Киргиз,Грузин, Украинец..уонна да атыттар Чичиэннэр, Ингуштар буоламмыт бары бииргэ саа сээдэх тутан сулууспалаан кэллэхпит...Билигин да ол доҕотторбун кытта, билсэн суруйсан кэпсэтэ сылдьабын диэххэ сөп. Төһө да атын Государства буолбуттарын иһин..Ким да эдэр саас доҕордоһуутун, биһиги ыккардыбытыгар эһиэ да араарыа суоҕа.....

Добавить комментарий