Главная / Кэпсээннэр / О5о киэнэ одьунааһа ®
Добавить комментарий
Кыыс о5о кырыылаа5а - 24 апреля 01:05
Атаах киэнэ мааныта буолан улаатан, кыыс-уол атынын быьаарар кэмим кэлиитэ, ыьыах кунун уунуутэ, оонньуу баран иьэн ал5аска...хара5ым биир кыыска хатаммыта... Мичээрдии кербут хара5а, интэриэьиргээбит дьуhунэ бу баарга дылы... ол кэннэ хаьан да маннык кыыьы интэриэьиргиэм дии санаабатах киьи, дьикти иэйиигэ ыллардым. Ити мин 8 кылааьы бутэрбит сайыммар этэ... -кимий да ити? -ээ, ити Покровскайтан ун'куулуу кэлбиттэр ыьыахха...Ити Киэсэлээххэ туспуттэр, ол иьин биьиги олбуорбутунан быьалыы ааьаллар...Атыттара ити соседтар олбуордарынан аастылар ээ, арай ити кыыстар смело со5отох биьигинэн барда дии...дьиктитик...
Итинэн ити кыыс туьунан кэпсэтиибит буттэ да мин ейум-санаам талаьыыта, билиэн-керуем ба5а санаата олох ааьан быстыбата. Ыьыах хаьан буоларын кэтэьэн бардым. Аны ыьыахха кэтиэх айылаах танаьым суох. Онтон сылтаан ыьыахтыы барымыах санаалар киирэллэр да5аны, ити кыыьы ессе керуех санаа киирэн, хайаан да барыахтаахпын диэн санаа ууйэ-хаайа тутта. Хаьан да5аны кыыьынан иирбэтэх кыыс дьикти алыпка ыллардым, бэйэм бэйэбин се5е санаатым да5аны, улаханна уурбатым, ити японочка курдук кыыьы керуехпун эрэ ба5арабын... Ол курдук бэс ыйын 19 кунэ уунэ о5уста. Ыьыах кун ууннэ. Атаахтаан таран'ныы сыппакка эрдэ туран, дьуегэм кэлиитигэр бэлэм буоллум, дьэ уонна кэтэьиилээх ыьыахпытыгар бардыбыт. Киирэн хорчуоппа кэрийдибит уонна концерт керердуу кэтэьэн олордубут. Алгысчыт сиэрин-туомун кэннэ, концерт са5аланан, Эркээни эдэр саастара ун'куулээн туьулгэни ылан кэбистилэр. Мин хара5ым тахсыар дылы японка5а маарын'ныыр кыыспын одуулаан баран олоробун, эчи хамсанара имигэьиэн, киьи эрэ керен олоруох курдук...
Ол курдук концерт бутэн курэхтэьиилэр са5аланнылар. Сууруугэ суруйтарыан дуо диэбиттэрин, тан'аспытиан кыбыстан батынан кэбистим. Дьон хара5ар быра5ыллыбатах ордук. Сууруугэ олохтоох кыргыттартан ким да суруйтарбатах барыта ун'куулуу кэлбит кыргыттар суруйтарбыттар диэн буолла. Миигин ессе тегул суруйтар, суур диэбиттэрин аккаастаатым. Ол курдук курэхтэьии керен, кымыс иьэн дьиэбитигэр тар5астыбыт. Киэьээ дискотека5а керсуеххэ дылы, диэн буолла.
Киэьээ буолара кэтэстэххэ уьунуон. Кэмниэ-кэнэ5эс, 9 ааьыыта кулуупка барыах диэн дьуегэм кэллэ. Кэллим да5аны, хара5ым аантан арахпат, санаабар, "Эркээним эдэр саастарын" кэтиибин.
Онтон биир уол кэлэн, дэлби сургэтэ кете5уллубут: Покровскайдар иьэллэр диэтэ...Тиритии-хорутуу, долгуйуу процеьа барда, японочкабын кере охсоору ба5а сур. Кулууп таьыгар тахса о5устубут уонна хайдах киирэллэрин керен турдубут.
Ун'куу быыьыгар оонньуу бе5е оонньоттулар, оннук сылдьан ун'кууьут кыргыттары кытта билистибит. Японочкам аата Света диэн эбит. Света...Светик...Сибэкки курдук нарын-намчы кыыс...киьини эрэ уулларыах курдук истин' кэрэ мичээрдээх кыыс...
То5о эрэ сургэм кете5уллэн бэркэ оонньоон-керулээн дьиэбитигэр тар5аспыппыт. Онтон сарсыныгар кинилэри керееру дьуегэбит дьиэтиттэн арахпатахпыт. Соседтара Киэсэлээх буолла5а...онтон Киэсэлээххэ кини баар...Дьикти нарын Сибэкки кыыс Сибиэтэ... Дьуегэбитигэр тиийэн оонньообута буола сырыттахпытына субу дьиэтин аттынан кэлэн сетуелуу аастылар...Мин дьуегэлэрбин кучуйдум да, кэннилэриттэн эккирэтии.. Аллараа ерус аттыгар туспуппут кыра уолаттар сылдьаллар эбит, санааларыгар эмиэ Покровскай кыргыттарыгар ин'ээн'нии...
Биьиги тиийдибит да5аны уу тэпсэн киирэн бардыбыт, хайабытыгар да купальник суох. Уу туьэ илик буолан сетуелуур сезон са5алана да илик. Арай кинилэр а5ыйах буолан лягушатник курдукка сетуелуу киирбиттэр эбит. Атыттара кулуккэ кэтэьэ олороллор. Биьи уу тэпсибитэ буолан, бэйэ-бэйэбитин уу анныттан сэбирдэх хостоон быра5а2: ба5аа диэн дьээбэлэьэн хайаан баран дьиэбитигэр та5ыстыбыт. Кэннибититтэн Светиктаах иьэллэр...кэпсэтиэхпин наьаа ба5арабын да5аны, хайдах-туох диэнтэн са5алыахпын билбэппин... Ол курдук дэриэбинэ5э та5ыстыбыт. Дэриэбинэ5э куруе уеьээ, ен'ей бетууктэр курдук олорунан кэбистибит да5аны, мин ыйытан ыыра бардым: Девочки, а вы на дискотеку придете? -придем, придем, вы только нас ждите.
Аны киэьээни кэтэьии буолла. Ким эрэ магнитофон кассетата кердуур, ким эрэ бензин... Бары киэьэ буоларын кэтэьэллэр, бэлэмнэнэллэр... Ол курдук киэьээ дискотека буолла. Парка5а ун'куу-битии, хамсаныы бе5е, Света ессе тупсубукка дылы, мичээрэ эчи минньигэьиэн, эриэхсит...))
Кыыс о5о кырыылаа5а - 24 апреля 01:05
Атаах киэнэ мааныта буолан улаатан, кыыс-уол атынын быьаарар кэмим кэлиитэ, ыьыах кунун уунуутэ, оонньуу баран иьэн ал5аска...хара5ым биир кыыска хатаммыта... Мичээрдии кербут хара5а, интэриэьиргээбит дьуhунэ бу баарга дылы... ол кэннэ хаьан да маннык кыыьы интэриэьиргиэм дии санаабатах киьи, дьикти иэйиигэ ыллардым. Ити мин 8 кылааьы бутэрбит сайыммар этэ...
-кимий да ити?
-ээ, ити Покровскайтан ун'куулуу кэлбиттэр ыьыахха...Ити Киэсэлээххэ туспуттэр, ол иьин биьиги олбуорбутунан быьалыы ааьаллар...Атыттара ити соседтар олбуордарынан аастылар ээ, арай ити кыыстар смело со5отох биьигинэн барда дии...дьиктитик...
Итинэн ити кыыс туьунан кэпсэтиибит буттэ да мин ейум-санаам талаьыыта, билиэн-керуем ба5а санаата олох ааьан быстыбата. Ыьыах хаьан буоларын кэтэьэн бардым. Аны ыьыахха кэтиэх айылаах танаьым суох. Онтон сылтаан ыьыахтыы барымыах санаалар киирэллэр да5аны, ити кыыьы ессе керуех санаа киирэн, хайаан да барыахтаахпын диэн санаа ууйэ-хаайа тутта. Хаьан да5аны кыыьынан иирбэтэх кыыс дьикти алыпка ыллардым, бэйэм бэйэбин се5е санаатым да5аны, улаханна уурбатым, ити японочка курдук кыыьы керуехпун эрэ ба5арабын...
Ол курдук бэс ыйын 19 кунэ уунэ о5уста. Ыьыах кун ууннэ. Атаахтаан таран'ныы сыппакка эрдэ туран, дьуегэм кэлиитигэр бэлэм буоллум, дьэ уонна кэтэьиилээх ыьыахпытыгар бардыбыт. Киирэн хорчуоппа кэрийдибит уонна концерт керердуу кэтэьэн олордубут. Алгысчыт сиэрин-туомун кэннэ, концерт са5аланан, Эркээни эдэр саастара ун'куулээн туьулгэни ылан кэбистилэр. Мин хара5ым тахсыар дылы японка5а маарын'ныыр кыыспын одуулаан баран олоробун, эчи хамсанара имигэьиэн, киьи эрэ керен олоруох курдук...
Ол курдук концерт бутэн курэхтэьиилэр са5аланнылар. Сууруугэ суруйтарыан дуо диэбиттэрин, тан'аспытиан кыбыстан батынан кэбистим. Дьон хара5ар быра5ыллыбатах ордук. Сууруугэ олохтоох кыргыттартан ким да суруйтарбатах барыта ун'куулуу кэлбит кыргыттар суруйтарбыттар диэн буолла. Миигин ессе тегул суруйтар, суур диэбиттэрин аккаастаатым. Ол курдук курэхтэьии керен, кымыс иьэн дьиэбитигэр тар5астыбыт. Киэьээ дискотека5а керсуеххэ дылы, диэн буолла.
Киэьээ буолара кэтэстэххэ уьунуон. Кэмниэ-кэнэ5эс, 9 ааьыыта кулуупка барыах диэн дьуегэм кэллэ. Кэллим да5аны, хара5ым аантан арахпат, санаабар, "Эркээним эдэр саастарын" кэтиибин.
Онтон биир уол кэлэн, дэлби сургэтэ кете5уллубут: Покровскайдар иьэллэр диэтэ...Тиритии-хорутуу, долгуйуу процеьа барда, японочкабын кере охсоору ба5а сур. Кулууп таьыгар тахса о5устубут уонна хайдах киирэллэрин керен турдубут.
Ун'куу быыьыгар оонньуу бе5е оонньоттулар, оннук сылдьан ун'кууьут кыргыттары кытта билистибит. Японочкам аата Света диэн эбит. Света...Светик...Сибэкки курдук нарын-намчы кыыс...киьини эрэ уулларыах курдук истин' кэрэ мичээрдээх кыыс...
То5о эрэ сургэм кете5уллэн бэркэ оонньоон-керулээн дьиэбитигэр тар5аспыппыт. Онтон сарсыныгар кинилэри керееру дьуегэбит дьиэтиттэн арахпатахпыт. Соседтара Киэсэлээх буолла5а...онтон Киэсэлээххэ кини баар...Дьикти нарын Сибэкки кыыс Сибиэтэ...
Дьуегэбитигэр тиийэн оонньообута буола сырыттахпытына субу дьиэтин аттынан кэлэн сетуелуу аастылар...Мин дьуегэлэрбин кучуйдум да, кэннилэриттэн эккирэтии.. Аллараа ерус аттыгар туспуппут кыра уолаттар сылдьаллар эбит, санааларыгар эмиэ Покровскай кыргыттарыгар ин'ээн'нии...
Биьиги тиийдибит да5аны уу тэпсэн киирэн бардыбыт, хайабытыгар да купальник суох. Уу туьэ илик буолан сетуелуур сезон са5алана да илик. Арай кинилэр а5ыйах буолан лягушатник курдукка сетуелуу киирбиттэр эбит. Атыттара кулуккэ кэтэьэ олороллор. Биьи уу тэпсибитэ буолан, бэйэ-бэйэбитин уу анныттан сэбирдэх хостоон быра5а2: ба5аа диэн дьээбэлэьэн хайаан баран дьиэбитигэр та5ыстыбыт. Кэннибититтэн Светиктаах иьэллэр...кэпсэтиэхпин наьаа ба5арабын да5аны, хайдах-туох диэнтэн са5алыахпын билбэппин... Ол курдук дэриэбинэ5э та5ыстыбыт. Дэриэбинэ5э куруе уеьээ, ен'ей бетууктэр курдук олорунан кэбистибит да5аны, мин ыйытан ыыра бардым: Девочки, а вы на дискотеку придете?
-придем, придем, вы только нас ждите.