Кэпсээ
Войти Регистрация

Дьол суола ыҥырар

Главная / Кэпсээ / Дьол суола ыҥырар

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
10.11.2024 16:25
3k 0

An image to describe post

сулус_суьума - 16 марта 2016 15:22

Сайыҥҥы ичигэс халлаан. Массыына көнө суолунан ырыаҕа уйдаран биир кэм сыыйыллар. Суоппар таһыгар отутун ааспыт Кеша олорсон иһэр. Кини хойутаан телеграмма туппута. Оскуола эрдэҕиттэн бииргэ үөрэммит, бастакы таптала Ксюша куһаҕан буолан, хойутаан онно баран иһэр... Халдьаайы сыырыгар дабайан, Ксюша уҥуоҕун булан иннигэр олордо. "Хайа кэлэр күннээх эбиккин дуу" диэбиттии эдэр кыыс унаарыччы көрөн олорор. Ким эдэр сааһыгар олохтон барыа дии саныаҕай? Оскуоланы бүтэрээт, бу дэриэбинэҕэ уол кыыһы көрсө бара-кэлэ сылдьыбыта. Ксюша балта Таня бу Кешаны эмиэ таптыыра. Була сатаан орооһо сатыыра. Хайаларын да хаалларан, Кеша куораты талбыта. Куоракка эдэр уол үлэ булан, атын олох баарын билэн кыргыттары умнубута. Ол эрэ сылдьан телеграмма тутан эмиэ да хомойо, эмиэ да сонньуйан ылбыта. "Быдан дьылларга быраһаай... аны манна кэлиэм биллибэт" диэт сибэккитин уураат, суолтан куораттыам диэн хаама турда.
Бу суолунан интернакка олорон, элбэхтэ хаампыта. Дэриэбинэ хас биирдии муннугун ааҕа билэр. Саныы таарыйа Ксюша дьиэтин таһынан ааһарга быһаарынна. Бу калитка таһыгар төһөлөөх куустуһан турбуттарай? Элбэх да эрэллээх тыллар этиллэн аастахтара. Тура түһээт суол диэки хаамта.
-Кешаа, эн дуо?-дьиэттэн соһуйбут Таня тахсан турара.
-Мин аһа, Ксюша уҥуоҕар тахса сырыттым. Саатар туохтан куһаҕан буолбутун этиэн буолаарай?
-Кини оҕолоноору... эн оҕоҕун...
-Миигиттэн да? Тоҕо эрдэ тугу да эппэтэҕэй?!-Кеша соһуйан хаалла. Дьиэттэн Таня ийэтэ тахсан кэллэ.
-Эйиэхэ кыыһырбаппыт Кеша, буолар буоллаҕа. Оҕону Таня аатыгар суруйтардыбыт. Эйиигиттэн тугу да эрэйбэппит. Быраһаай!
-туох эмит наада буоллаҕына, биллэрээрин-Кеша остановка диэки автобуска сүүрэ турда.
-Кешааа,-Таня хараҕыттан уу хаар баһан турда.
-киир дьиэҕэ. Икки кыыстааҕым ити уолга иирбиккитий? Ксюша аны суох. Ити Кешатын күүтэр этэ, оҕолоох көрсүөм диэн. Ханна баарый? Буруйа баар Кеша, кэргэн ылбыта буоллар... Дьиэҕэ кыра оҕо ытаан бэбээрдэ. Ону истээт, ийэлээх кыыс онно ойдулар.

Куорат. Кеша манна үчүгэй үлэлээх, квартиралаах. Директорын кыыһын кэргэн ылаары сылдьар. Тася куорат кыыһа буолан, сытыы-хотуу. Ол да иһин Ксюшатын манна кэлэн умнубута. Тася атаах соҕус да буоллар, уол барытын тулуйар, таптыыра да бэрт. Бу сотору уол дьиэтигэр Тася көһөн холбоһордуу кэлиэхтээх. Онон соҕотох олорор олох бүтэр. Кеша табаарыстарын ыҥыран, дьиэтин сууйар-сотор. Вадим Кеша уларыйбытын өйдөөн көрдө:
-Эн бу тоҕо билбэт улуускар баран кэллин эмискэ баҕайы?
-Билэр кыыһым куһаҕан буолан...
-Ол иһин курус санааҕа ылларбытын биллэр эбит. Саҥа кэргэннэнээри сылдьаҥҥын, кэбис!
-Суох, дьыала онно буотах. Оҕолоох эбиппин. Мин оҕобун төрөтөөрү ол куһаҕан буолбут. Оҕону балта ылбыт. Көрсөрүм дуу, инник умнан кэбиһэрим дуу?
-Дьэ, ону бэйэн толкуйдаа. Тася биллэҕинэ эмиэ өйдүө суоҕа, майгытын бэйэн билэҕин.
-Пока хааллын. Тасяҕа тугу да эппэппин.
Бу курдук кэпсэтэн дьиэлэрин хомуйдулар. Соҕотох холостуой олорбут олоҕун суола ханна да суох буолла.
Кеша кэлэн көстөн ааһыаҕыттан Таня утуйар уутун умунна. Туох баар иһигэр хам баттыы сылдьыбыт таптала иккистээн күөдьүйэн таҕыста. Кыыһын Кеша курдук диэн үөрэр, ис сүрэҕиттэн ылларан таптыыр. Кырачаан кыыһы Валюша диэн ааттаабыттара. Валентина Иннокентьевна. Улаатан ыммайан эбээлээх ийэтин албынныыр буолан иһэр. Төһө да буолтун иһин улааттаҕына, дьиҥнээх ийэтэ Ксюша буоларын кэпсиэхтэрэ... Саатар Кеша оҕобун көрдөрүн да диэбэтэҕэ, ким диэн ааттыан баҕарарын да эппэтэҕэ. Таня онтон кыһыйар. Ол да буоллар сурук суруйан, кыыһын хаартыскаларын ыытар санаалаах. Бу ыраах улууска сибээстэрэ суох. Булан эрийэ да сырыттаҕына, баҕар Кеша саҥа кэргэнэ сөбүлүө суоҕа. Ксюша быстарыгар аадырыһын булан биэрбитэ. Кыыһын утутан баран, остуолга бүк түһэн, суруйан барда:
"Кеша, дорообо! Бу Таня суруйа олоробун. Сөп диирин дуу, суоҕа дуу. Биһиги этэҥҥэ олоробут. Ийэбит доруобуйата кэминэн. Кыыскын Валюша диэн ааттаабыппыт. Улаатан күлэр-үөрэр. Эйиэхэ майгылыыр, хаартыскаларын бу уктум. Бу суруйарбын ийэм билбэт. Эйиигин иһигэр буруйдааҕынан ааҕар. Сибээстэһимэ диир. Эн туох солун? Үлэн? Кэргэннэннин дуо? Кыра да буоллар суруйаар. Күүтэбин. Мин эйиигин ахтабын, уруккум курдук... Таня" маннык ис хоһоонноох суруйаат, толкуйдуу түһээт почта диэки ыстанна.

Суруга Дьокуускайга көтөн кэлэн, почтатын дьааһыгар түстэ. Кеша улаханнык бэрэбиэркэлээбэт буолан, көрбөккө сырытта. Улуустан ийэтэ куоракка киирэн көрдөрүнэ сылдьар. Хас сарсыарда аайы мед центрга Кеша илдьэн биэрэр. Биир киэһэ ийэтэ бэйэтэ автобуһунан кэлэн, подъездка турар дьааһыгы өҥөйөн көрдө. Сурук сытарын ылымаары гынан баран, ылла. Дьиэҕэ киирээт, аһан ааҕан киирэн барда. Бастаан олох өйдөөбөтө, сыыһа атын дьон суругун астым дуу, диэн кэмбиэр таһын көрдө. Суох, чахчы кини уолугар аадырыстаммыт. Дьэ, өйүгэр түстэ, арба уолун атын улууска үөрэттэрэ ыыппыта. Онно уола интернакка олорон, доҕордоһор Ксюша диэн кыыстаахпын диирэ. Ол кыыс оҕолоноот өлбүт эбит... Хаартыскалары көрөөт, сүрэҕэр ыттарда: чахчы биһиги хааммыт! Умса бырах, тиэрэ бырах сиэнэ бэйэтин курдук эбит. Ааны звоноктаатылар. Ийэтэ суруктары суумкатыгар уктан кэбистэ.
Түүнү быһа утуйбакка ол санаатыгар сытта. "Уолум Киэсик оҕолооҕун билбэтэ буолуо. Кийиит буолаары сылдьар Тася сөбүлүө дуо? Оҕону биһиэхэ биэриэхтэрэ дуо?" Уолугар билигин суругу көрдөрбөт санааны ылынна. Бастаан барытын бэйэтэ көрүө-билиэ.
Күн-дьыл ааһар. Таня санаатыгар сурук күүтэр да, эппиэт суоҕун курдук суох. Кырачаан Валюша биир сааһын туолла да аҕата биир бэлэх сыыһын ыыппата. Эбээтэ күүппэт да буолла, сиэнэ бэйэтигэр баар буолла да бүтэр. Танятын ыал оҥоруон баҕарар. Манна дэриэбинэҕэ кэргэн, аҕа буолуон сөптөөх да киһи суох. Арай биир дьүөгэтин уола ананан үлэлии кэлиэхтээх. Сэмээр ону күүтэр, Танятыгар холбуу сатыаҕа. Ол ханнык эрэ бэйэмсэх Кеша наадата суох. Онтон Таня Кешаны көрөн, эмиэ таптала тиллибитэ. Утуйар уута көтөн, аанньа аһаабат да буолла. Сурук күүтэр, почтаҕа сылтах була була сылдьа сатыыр.

Ол да гыннар сурук сыыһа да кэлбэтэ... Күһүн Кеша Тасятынаан уруу оҥордулар. Доҕотторун, аймахтарын ыҥыран рестораҥҥа буолла. Бары элбэх оҕону, дьолу баҕардылар. Ону истэ олорон, Кеша оҕотун санаата. Билигин балтараата, ол тухары сибээс да, бара сылдьыы да суох. Сүрэҕин түгэҕэр барыларыттан кистээн сөҥүөрэн сылдьар. Биир эмэ күн бара сылдьыан баҕарар да, тоҕо эрэ санаата буола илик. Тасятынаан билсибиттэрэ, сылдьыбыттара ыраатта да оҕо үөскүү илик. Дьэ онтон үөскүүр ини. Кини саҕа дьоллоох киһи суох. Кэргэнин дьиэтигэр көһөрөн аҕалаат, олохторо саҕаланна. Тася улаханнык дьиэ үлэтигэр сыстаҕаһа суох да буоллар, Кешаны кини салайар. Кини көмөтүнэн Кеша үлэтигэр дуоһунастанна. Массыына, дьиэ, харчы баар, ол аата дьоллоохпут дии саныыр Кеша. Бу олорон, эдэрдэр оҕолоноору балыыһаны бары кэрийдилэр. Бүтэһигэр аккаастанан да эрэллэр. Тася урут бастакытын түһэттэрэн, аны оҕо үөскээбэт буолбут. Инниги истээт Кеша оҕотун саныыра өссө күүһүрдэ. Кэргэнигэр барытын кэпсээн биэрэн, баран оҕону бэйэтигэр да ылыан санаталыыр. Ол да буоллар Ксюшаларын кэнниттэн хаалбыты былдьаан ылар сүрэ бэрт буолуо, саатар сибээс тутуон баҕарар да, Таня тугу да биллэрбэт...
Валюша икки сааһа чугаһаата. Кеша улаханнык оҕо малын ылбатах да буоллар, куукула, улаатыннара таҥас-сап, минньигэс атыылаһан, командировкаҕа ыыттылар диэн улууска айаннаата. Уһун айаны айаннаан, бу дьиэлэрин таһыгар тохтоото. Хачыалга кэннинэн олорор кыыһын сэрэйдэ. Аргыый олорон уоскуйан баран, куукула тутан массыынаттан таҕыста. Олбуорга киирээт аан бастакытын кыыһын көрдө. Көрөөт да, бэйэтин курдугун биллэ. Утары хааман тииийэн кыыһын кууһан ылаат, сыһыары тутан турда. "Валюша, паапа кэллим дии" сыллаан ылла. Дьиэттэн Валюша эбээтэ тахсан кэллэ. Кеша кэлбитин көрөн, сөбүлээбэтэҕин биллэрдэ: "наадыйбакка гынан баран, бүгүн кэлэн наада буолла да? Кыыһы Таня бэйэтигэр ылта, онон ылыам игин дии санаама!" Кеша долгуйбута ааспакка туран:" билэбин ылаары гыммаппын, саатар төрөппүт оҕобун көрсөрбүн боппот инигин?" "Ону суох утарбаппын. Киир дьиэҕэ, Таня сотору кэлиэҕэ".

Таня дэриэбинэҕэ саҥа кэлбит уоллуун саҥа билсэн, өрүс кытыытынан хаамсан кэллилэр. Дьиэҕэ киирээт, Кеша кыыһын кытта олоророрун көрөн, соһуйан турда. Кеша аан тыаһын истэн, кэннин хайыһан, харахтарын утарыта көрсө түстүлэр. Көрсө түһээт, кыбыстан умса туттан кэбистилэр. Төһөлөөх бу кэми кыыс оҥорон көрөн кэтэспитэй? Айыы таҥара баар эбит.
-Мин кэлиэн диэн эрэммитим Кеша.
-Кэлэн буоллаҕа, кыыспын хайдах умнан кэбиһиэхпиний? Куоракка үлэ бөҕө, тус олохпун...- диэн иһэн уол тохтоон хаалла. Ыал буолбутун тоҕо эрэ эппэтэ. Таня сып-сап туттан, минньигэс астаах остуолугар ыҥыртаата. Төрдүөн Валюша туһунан кэпсэтэн күлсэн да ылан аһаатылар. Киэһэ Кеша дэриэбинэни көрүөн баҕаран, оҕолорун илдьэ хаама барар буоллулар. Ортолоругар сиэтэн бэйэлэрэ ыал курдуктар. Дэриэбинэ дьоно көрөн, саҥа билсэ сылдьан аны атын уолу аҕалбыт диэн сурах тилийэ көттө. Саҥа ананан кэлбит уол кулгааҕар түргэнник тиийдэ. Кешаны кытта кэпсэтиэм по мужски диэн саана хаалла. Түүн. Дьиэ иһэ уу-чуумпу. Ийэлэрин мунна муораҕа тиийдэ. Таня хоско утуйа киирбит Кешаны кэтээтэ. Суох, уол утуйа илик эбит, мөхсөрө иһиллэр. Таня үөмэн тураат хоско уолга киирэн, хос аанын сабынна...
Куоракка Тася толкуй бөҕөҕө түстэ. Кэргэнэ Кеша кыра бириэмэҕэ туох командировкатыгар бардаҕай? Үлэлиир сиригэр эрийбитигэр, кыыс ылаат, Иннокентий отгул ылта, командировка киниэхэ суох диэтэ. Тася тугу тугу иһиттим диэн олоро түстэ. Кэргэнигэр эрийэ сатыыр да арахса сылдьар, хаппат. Аны таҥас сууйтара сылдьан, сиэбиттэн кыра оҕо маҕаһыынын чегын бөҕө булбута. Өссө күүскэ ньиэрбинэйдээн табах бөҕө тарта. Дьэ, өй киирдэ, уол ийэтигэр эрийдэ:
-Дорообо, Тасябын. Кеша командировка диэн айаннаабыта да, онтуката олох да былааҥҥа суох эбит. Отгул ылбыт. Телефона арахса сылдьар. Аны оонньуур, оҕо таҥастарын чегын булаттаатым. Ини хайдах өйдүөххэ сөбүй? Миигин оҕоломмот диэн оҕолоох дьахтары буллаҕа дуу...
-Дорообо, билбэппин гынан баран, ааспыкка почтаҕытыгар сурук кэлбит этэ. Оҕоломмут эбит Кеша эрдэ. Ол оҕо ийэтэ өлбүт. Хайа эрэ Таня иитэ ылбыт. Хаартыскаларын көрбүтүм. Бука сэрэйдэххэ онно барбыт эбит.
-Оо! Ол ылбыт дьахтар оччоҕо эдэр даа?!-Тася хаһыытыы түстэ.

Күн-дьыл элэстэнэн ааһара түргэниин... Кеша бу күннэри туохха да атастаһыа суоҕа этэ. Аттыгар кырачаан кыыһа, чуумпу дэриэбинэ, сибиэһэй салгын... Ол да буоллар куоратыгар төннөр күнэ үүннэ. Таня туран аһатан атааран, остановкаҕа барда. Тиийэн автобус күүтэ турдаҕына, били Таня манна билсиһэр уола кэлэн турар эбит.
-Эн миэхэ ойох тахсаары сылдьар Танюшаҕа тоҕо чугаһыыгын?
-Кыыспар кэлэн барарым улахан эбит!
-Онно кэл, онтон Таняҕа олох чугаһааама! Сотору олох да кыыскын көрбөт буолуон, көрөөр даҕаны!

  • Хайаа даҕаны, кыыспын олох тыытыма!
    Манан кэпсэтии бүттэ. Автобус хата кэлэн абыраата.
    Куоракка тиийээт Кеша олорон, толкуйдуу түстэ. Кинини биир суолунан оҕото уонна унаарыччы көрбүт Танята күүтэр. Биир суолунан Тасята. Дьиэтигэр киирбитэ Тася баар эбит.
    -ханна сырыттын? Барытын билэн олоробун!-Тася ийэтэ хаһыытяя көрүстэ.
    -Чаас эрдэ диигин? Бу ининэ барытын билэбин.

Бу кэпсэтии кэннэ Кеша хоһугар киирэн аанын саптан кэбистэ. Тася ааттаһаары гынан баран, тоҕо кистии сылдьыбытай? дии санаат дьыбааҥҥа утуйардыы сытта. Утуйа сатаата да, уута кэлбэтэ. Туран түннүгүн арыйан табахтаата. Төһөтүн да иһин тапталынан холбуспуттара. Барытын кистээбэккэ кэпсиэхтээх этэ, оччоҕо да Тася туохха кыыһырыа этэй... Сарсыарда уһуктубута Кеша эрдэ туран үлэтигэр барбыт. Кыыс сыта түһээт, ийэтигэр эрийэн барытын кэпсээтэ. Ийэтэ бэрт сотору айаннаан кэлэ охсон, кыыһын Кешаны ыксатыма, эйиигин таптыыр диэн уоскутта. Хас да күнү быһа кэпсэппэккэ сылдьан баран, хаһыытаһаллара элбээтэ. Тася була сатыы-сатыы Таняҕа күнүүлүүр. Кеша барытын быһаара сатаан баран, устунан сапсыйан кэбиһэр буолла. Саатар Тася истерика бөҕө, онон-манан быраҕаттанар. Кыыһырда да ол улууска оҕоҕор, көрсүүгэр бар диэн үүрэрэ элбээтэ. Кини оҕоҕо баҕарар буолан, кэлин онтон наһаа ньиэрбинэйдиир. Хас оҕолоох дьону көрдө да, олорон хаалааччы. Өр да өр санааларга уйдаран олорооччу. Кеша да ону өйдүүр, баарынан кэргэнин уоскута сатыыр. Оҕо ииттэр туһунан кэпсэппиттэрэ да, Кеша атын оҕону хайдах да бэйэтигэр чугастыы ылыммат. Кыыһын да саҥа оҕоргуур буолла. Харчы мунньунан, уурунан Тася дьэ эмтэнэр буолла. Бу сотору ыҥырыахтаахтар. Онон эрэл кыыма саҕыллан арыый да кэпсэтэр, күлэр-үөрэр буоллулар.

Биир күн Кеша үлэтигэр олордоҕуна, телефона тыаһаата. Көрбүтэ билбэт нүөмэрэ.
-але, привет! Танябын.
-Оо, привет, биллим ээ.
-Кеша, Валюша улаханнык ыарыйда. Онон куоракка киирэр буоллубут. Обследованиеҕа элбэх харчы наада. Уонна куоракка түһэр сирбит суох. Олордор инигин?
-Онтон... онтон кэлээрин аа.
-сөп биллэриэм.
Кеша олорон толкуйга түстэ. Киллэрбэппин диирэ олох табыллыбат. Онон Тася туох да диэтин, кэллиннэр. Үлэлээн бүтээт дьиэтигэр тиийбитэ, кэргэнэ кэлэ илик эбит. Кэллэҕинэ кэпсэтэр инибин диэт, утуйан хаалла. Киэһэ хойут Тася дьонуттан кэллэ. Кэргэнэ утуйа сытарын көрөн уһугуннарбата. Сарсыарда хойутуу тураат, кофе иһэ олордо. Кеша туран, аһаан барбыт. Ааны звоноктаатылар. Тиийэн аспыта кыыс оҕолоох Таня турар эбит.
-Вы кому?
-45 квартира да?
-Аһа, но ошиблись буолуо.
-Суох мин Кешаҕа кэллим ээ. Бэҕэһээ эрийбитим дии, эппэтэҕэ дуо?
Тася истэн уҥан кэлэн түһэ сыста. Таняны үрдүттэн анныгар көрөн түһэрдэ.
-суох, ол тоҕо манна кэллигит? Кэргэнэбин дии.
-билэбин аа, барар сирбит суох ээ. Валюшаны көрдөрүөххэ наада. Сүрэҕэ ыалдьар. Тася аһына санаата, чэ киирин диэт аантан туораан биэрдэ. Кыыһы өйдөөн көрбүтэ Кеша курдук эбит. Валюша дьиэҕэ киирээт кэрийэн киирэн барда. Таняны дьүөгэлэрэ куораты кэрийэ ыҥырдылар. Ону истээт Тася бар ээ, аҕалан биэрэллэр ини диэтэ. Онон Валюшалыын хаалан иккиэн оонньоотулар, мультик көрдүлэр. Киэһэ Кеша кэлэн, Тася кыыстыын оонньуу сылдьарын көрөн үөрдэ аҕай.
-этиэхтээх этим да, бэҕэһээ утуйан хаалбыппын, прости-диэтэ. Үһүөн дэлби оонньоотулар, оҕо кинилэри өссө чугаһаталаата. Таһыттан сылдьан көрдөрүннүлэр. Тася куруук Валюша аттыгар буола сатыыр, оҕоҕо ылларбыта көстөр. Уурунуу харчытын барытын эмкэ диэн биэрбитэ, оҕоҕо таҥас-сап куруук ылар. Оҕо маҕаһыыныгар куруук көрөн, ымсыыран тахсар этэ. Билигин баҕарбытын үөрэ-көтө ылар. Танялыын да сыһыаннара үчүгэй, дьүөгэлии да буоллулар диэххэ сөп. Таня Кешаны таптыы сылдьыбын, билигин улууска баар уолун таптыырын эттэ. Сотору бэйэтэ оҕолонуохтааҕын кэпсээтэ. Сыыһаны оҥоро сыһан, Кешаҕа хоско киирбитин билиннэ. Кеша кэргэнин таптыырын эппит эбит, чугаһаабатах. Ону истэн Тася күнүүлүү санаабыта барыта сүттэ. Кыайан оҕолонор кыаҕа суоҕун хараҕа ууланан кэпсээтэ. Таня кыыһы сүрдээҕин аһынна. Көрдөххө тоҥуй Тася ис иһигэр сырдык киһи эбит дии санаата.

Көрдөрүнэн бүтэн, сарсын Танялаах айанныахтаахтар. Онон бүгүн ким да үлэлии барбата, дьиэҕэ бааллар. Тасялаах Таня ас бөҕө астаатылар. Улаханы саҥарбакка аһаатылар. Бу олорон Таня санаалара түспүтүн өйдөөн көрдө. Утуйары сытан Тася кыыһы ыытыан баҕарбатын этэн ытаата...
Сарсыарда туран барыта бэлэм буолла. Такси кэлэн эрийдэ. Тасялаах Кеша атаартыы таҕыстылар. Тася туттуммата, сайыһан сыҥсыйар.
-Мин маннык быһаарынным, Валюшаны эһиэхэ хаалларабын. Төһөтүн да иһин Кеша оҕото. Мин ыал буолан эрэбин. Бэйэбит оҕолонуохтаахпыт. Санаатыбыт да, ийэбинээн кэлэр буолуохпут, эһиги эмиэ-Таня нэһиилэ ыган саҥарда. Тугу тугу иһиттибит диэбиттии Кешалаах Тася кыыһы кууһа түстүлэр. Таняҕа махтаннылар. Таня кыыс малын хаалларан массыынаҕа олорон, Бүлүүлүүр суолунан айанныы турда. "Дьолбут суола бу сытар" диэн Кешалаах Тася көрөн турдулар...
Бүттэ.

Добавить комментарий