Главная / Кэпсээннэр / Сүрэх
Добавить комментарий
Автор: СуорУола 27 декабря 2014 21:29
Савелий 1994 сыллаахха Чечня бастакы сэриитигэр икки атаҕын сүтэрбитэ...хас да сылы быһа Ростовтааҕы Байыаннай Госпитальга сытан баран дьиэтигэр Новосибирскай таһынааҕы кыракый станцияҕа тиийбитэ. Уруккута сүүрэ сылдьар уол инбэлиит кэлээскэтигэр олорон кэлэрэ ырахан этэ. Дьоннор көмөлөһн вогонтан станцияҕа таһааран олордон кэбиспиттэрэ. Ол курдук собус соҕотоҕун эрэ кини эрэ станцияҕа кэлэн түспүтэ...Уруккаттан да бу кинилэр станцияларыгар биирдэ эмэтэ тохтоон ааһар буолар этилэр пасажирскай поездтар. Улахан куорат таһынааҕы умнуллубут дэриэбинэ, хантан асфальт суоллардаах буолуой, бэт эрэйинэн бадарааҥҥа батылла батылла сиргэ аҥаарыгар дылы тимирэн хаалбыт дьиэтигэр нэһиилэ тиийбитэ. Дэриэбинэҕэ биир да тыынар тыыннах көстүбэт этэ..уруккуттан да оннук буолара. Дьиэтигэр Ийэтин кытта, инбэлиит балта бааллара. Ийэтэ муҥнаах уола икки атаҕа суох имбэлит кэлээскэннэн кэлбитин көрөн, киһи кыайан суруйбат да кэпсээбэт...Ону оҕолоох дьон бэйэҕит толкуйдаан көрөргө тиийэҕит...Уолун атахтарыттан ордон хаалбыт сирдэрин ытыы ытыы сылаа сылаа буолар.. Хата тыыннах, хаалбыккар таҥараҕа махтал буоллун дии дии..уолун сылыыр ууруур. Балтыта муҥнаах орон тэллэх киһитэ, оннугар сытан хараххтара эрэ чаҕылыһаллар...уонна туох баар күүһүнэн мичээрдии сатаахтыыр.. -Биһиги бу маннык олоробут, кыахтаах дьон бары куоракка көһөн барбыттар..Манна бэйэбит курдук кыаммат, уонна биир икки кырдьаҕас хаалылар. Куоракка киирэн дьиэ сууйан кэлэбин..Оннук гынан аһыыр аспытыгар хаччы булунабын. Балтын манна сытан хаалаахтыыр. Оҕом операциятыгар хантан хаччы кыайан мунньар кыаҕым суох..барыта билсии көрсүү быһаарар буоллаҕа. Эйигин эрэнэ санаабытым бу буолан кэлбиккин дии...Дьэ хайдах буолабыт мантан иньэ...
Ол курдук Савелий балтын кытта дьиэтигэр хаалан таах сытан тахсар буолла. Сытан эрэ хайдах тугу гынан киһи буоларын толкуйдуур.. Саатар атахтара баара эбитэ буоллар балтын атаҕар туруоруо этэ..ону баара бу кэбилээнэ сыттаҕа. Биирдэ телевизорга дьоннор бэйэлэрин бүөрдэрин, ол бу эттиктэрин элбэх хачыга атыылыыларын сэргии истибитэ...Уонна кытаанах санааны ылыммыта. Ийэтиттэн көрдөһөн Новосибирскайга киирэн хас да хонукка сүтэ сылдьан баран кэлбитэ. Уонна куоракка көһөн киирэр буолбуттарын эппитэ. Куоракка икки хостоох квартира булбутун, уонна балтын балыыһаҕа ылан туругун көрөллөрүн туһунан эппитэ. Кыаллар буоллаҕына операциялыыр хаччыта баарын туһунан эппитэ. Ийэтэ хантан итиччэ элбэх хаччы булуҥ дэн ыйыта сатаабытын, биир да тылы эппэтэҕэ. Дьоннорун кэлэн көһөрөн куоракка килэрбиттэрэ. Кыыһы операцияланнаҕына турар кыахтаах диэн буолбута. Дьэ ол кэннэ биирдэ Ийэтигэр маннык диэн эппитэ: -Ийэм..эн миигин баалаама...мин син биир киһи буолбат киһибин...ол иһин бу эһиги саатар дьоллоох буолун диэн маннык санаа ылынным. Мин баар суох бүтүн хаалбыт Сүрэхпин атыылаатым..... Бүттэ
Автор: СуорУола 27 декабря 2014 21:29
Савелий 1994 сыллаахха Чечня бастакы сэриитигэр икки атаҕын сүтэрбитэ...хас да сылы быһа Ростовтааҕы Байыаннай Госпитальга сытан баран дьиэтигэр Новосибирскай таһынааҕы кыракый станцияҕа тиийбитэ. Уруккута сүүрэ сылдьар уол инбэлиит кэлээскэтигэр олорон кэлэрэ ырахан этэ. Дьоннор көмөлөһн вогонтан станцияҕа таһааран олордон кэбиспиттэрэ. Ол курдук собус соҕотоҕун эрэ кини эрэ станцияҕа кэлэн түспүтэ...Уруккаттан да бу кинилэр станцияларыгар биирдэ эмэтэ тохтоон ааһар буолар этилэр пасажирскай поездтар. Улахан куорат таһынааҕы умнуллубут дэриэбинэ, хантан асфальт суоллардаах буолуой, бэт эрэйинэн бадарааҥҥа батылла батылла сиргэ аҥаарыгар дылы тимирэн хаалбыт дьиэтигэр нэһиилэ тиийбитэ. Дэриэбинэҕэ биир да тыынар тыыннах көстүбэт этэ..уруккуттан да оннук буолара. Дьиэтигэр Ийэтин кытта, инбэлиит балта бааллара. Ийэтэ муҥнаах уола икки атаҕа суох имбэлит кэлээскэннэн кэлбитин көрөн, киһи кыайан суруйбат да кэпсээбэт...Ону оҕолоох дьон бэйэҕит толкуйдаан көрөргө тиийэҕит...Уолун атахтарыттан ордон хаалбыт сирдэрин ытыы ытыы сылаа сылаа буолар.. Хата тыыннах, хаалбыккар таҥараҕа махтал буоллун дии дии..уолун сылыыр ууруур. Балтыта муҥнаах орон тэллэх киһитэ, оннугар сытан хараххтара эрэ чаҕылыһаллар...уонна туох баар күүһүнэн мичээрдии сатаахтыыр.. -Биһиги бу маннык олоробут, кыахтаах дьон бары куоракка көһөн барбыттар..Манна бэйэбит курдук кыаммат, уонна биир икки кырдьаҕас хаалылар. Куоракка киирэн дьиэ сууйан кэлэбин..Оннук гынан аһыыр аспытыгар хаччы булунабын. Балтын манна сытан хаалаахтыыр. Оҕом операциятыгар хантан хаччы кыайан мунньар кыаҕым суох..барыта билсии көрсүү быһаарар буоллаҕа. Эйигин эрэнэ санаабытым бу буолан кэлбиккин дии...Дьэ хайдах буолабыт мантан иньэ...
Ол курдук Савелий балтын кытта дьиэтигэр хаалан таах сытан тахсар буолла. Сытан эрэ хайдах тугу гынан киһи буоларын толкуйдуур.. Саатар атахтара баара эбитэ буоллар балтын атаҕар туруоруо этэ..ону баара бу кэбилээнэ сыттаҕа. Биирдэ телевизорга дьоннор бэйэлэрин бүөрдэрин, ол бу эттиктэрин элбэх хачыга атыылыыларын сэргии истибитэ...Уонна кытаанах санааны ылыммыта. Ийэтиттэн көрдөһөн Новосибирскайга киирэн хас да хонукка сүтэ сылдьан баран кэлбитэ.
Уонна куоракка көһөн киирэр буолбуттарын эппитэ. Куоракка икки хостоох квартира булбутун, уонна балтын балыыһаҕа ылан туругун көрөллөрүн туһунан эппитэ. Кыаллар буоллаҕына операциялыыр хаччыта баарын туһунан эппитэ. Ийэтэ хантан итиччэ элбэх хаччы булуҥ дэн ыйыта сатаабытын, биир да тылы эппэтэҕэ. Дьоннорун кэлэн көһөрөн куоракка килэрбиттэрэ. Кыыһы операцияланнаҕына турар кыахтаах диэн буолбута. Дьэ ол кэннэ биирдэ Ийэтигэр маннык диэн эппитэ:
-Ийэм..эн миигин баалаама...мин син биир киһи буолбат киһибин...ол иһин бу эһиги саатар дьоллоох буолун диэн маннык санаа ылынным. Мин баар суох бүтүн хаалбыт Сүрэхпин атыылаатым.....
Бүттэ