Кэпсээ
Войти Регистрация

«ХАРАҤА КИЭҺЭ»

Главная / Кэпсээннэр / «ХАРАҤА КИЭҺЭ»

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 174
05.11.2022 10:41
351 0

2003 сыл. Ол кэмҥэ куоракка үлэлиир этим. Күн ахсын Мархаттан сарсыарда эрдэ куоракка үлэлии кэлэрим уонна киэһэ 7 чаас саҕана үлэлээн бүтэн төттөрү айанныырым. Ардыгар сакаас элбэх буоллаҕына, хонон да хаалар күннэрим бааллара. Биир күн ахсынньы ый тымныыта сатыылаан турдаҕына 20-с оптуобуска олорон дьиэм диэки айаннаатым. Киэһэ 9 чаас буолан эрэрэ. Түһүөхтээх сирбэр кэлэн түстүм. Аттынааҕы маҕаһыыҥҥа киирэн бородуукта атыыластым. Тахсан иһэн хара таҥастаах, икки бэрт дьиибэ дьон туралларыттан салла быһыытыйдым. Хараҥа уулуссанан аргыый хаама турдум. Дьонум кэннибиттэн батыһан испиттэрэ. Олорор ыалым аах дьиэлэрэ ыраах, уота суох уулуссаҕа турара. Сүүрүөхпүн тутуурум элбэҕэ мэһэйдиирэ. Биир уулусса эргииригэр киирээт, сүүрбүтэ буоллум, батыһан иһээччилэрим улам-улам чугаһаан испиттэрэ. Арай иннибэр көрбүтүм, массыына киирэр киэҥ аана аһыллан турарынан ыал олорор дьиэтэ көһүннэ. Ыксаан иһэр киһи, дьиэбэр киирэр курдук, ол аанынан тэлгэһэҕэ киирэн хаалбытым. Уонна олбуор быыһынан ол батыһааччыларбын одуулаан турдум. Дьонум тохтоон тураллар, илиилэригэр тимир тутуурдаахтар. Кыратык тура түһээт, хата, төннүбүттэрэ. Мин, дьэ “һуу” диэт эргиллэн көрбүтүм, сырдык тэлгэһэҕэ дьиэ турара, аттыгар массыына уонна миигин көрөн, уонча саастаах нуучча кыыһа мичээрдии турар. Халааһынтан, баҕар, өлөр өлүүттэн быыһаабыт оҕоҕо баһыыбалаатым. Кыыс өссө истиҥник мичээрдээбитэ уонна тугу да саҥарбакка, барарбын батыһа көрөн хаалбыта. Мин түргэнник хардыылаан, дьиэбэр этэҥҥэ тиийбитим. Ол түбэлтэни умнан да кэбиһиэм эбитэ буолуо да, сарсыҥҥы күнүгэр эмиэ үлэбэр айаннаан иһэн бэҕэһээҥҥи дьиэни көрөн баран олус соһуйбутум. Иннибэр иччитэх, олбуора тэлэччи аһыллан турар тэлгэһэҕэ, өрдөөҕүттэн киһи олорботох өтөҕө турара. Миигин ол хараҥа киэһэ туох сырдык күүстэрэ араҥаччылаабыттарын билигин даҕаны муодаргыыбын уонна махтана саныыбын.

Дьокуускай 2018 с.

Добавить комментарий