Главная / Кэпсээннэр / Сэнэбил
Добавить комментарий
Автор: СуорУола 2 апреля 2015 19:23
-Прохар Степанович эйигин Сэмэн Егорович ыҥырар - диэн нуучча тылын учуутала Анна Васильевна кылаас аанын сэгэтэн баран сибигинэйэн эттэ. Прохар Степанович үөрэтэ олорбут оҕолоругар, задания биэрэ охсоот, дириэктэрин кабинетын диэкки тиэтэлээхтик хааман иһэн саныыр...-Туох буолан, миигин уруок ортотуттан ыҥыттардаҕай....эбэтир били уолаттар эмиэ тугу эрэ оҥорбуттарын бочуттараары кынна дуу хайдах дуу..-дии саныы саныы дириэктэрин аанын тоҥсуйан киирэн кэллэ. -Семен Егороыич...туохха ыҥырдыгыт...мин уруогум бүтэ илик...-диэн сөбүлээбэтэҕин биллэрэн эттэ. -Так...Прохар Степанович ...эн орто үөрэҕи бүтэрбитиҥ буолбат дуо...-диэн көрүстэ Сэмэн Егорович. -Орто анал үөрэх...-диир Прохар, туох эрэ буолаары кыммытын, сүрэҕинэн таайа сатыы турда. -Маннык диэн буолла....отро үөрэхтээх учууталлары барыларын, үөрэхтэрин үрдэтэргэ диэн дьаһал кэлбит....Онон эн уонна , ити Анатольий эмиэ орто анал үөрэхтээх буолаҥыт Ленинград куоракка алта ыйдаах курска бараҕыт диэн этээрибин ыҥыттардым...ону эн туох дии саныыгын -диэн баран ачыкытын үрдүнэн көрөн кэбистэ. Прохар истибэтэҕин истэн, үөрүөн дуу хомойуон дуу билбэккэ дирэктэрин диэкки мээнэннэн көрөн туран хаалла. Дириэктэрэ салгыы саҥаран барда. -Онон маннык...билигин дьиэҕэр бараҥҥын бэлэмнэн, киэһээ масыына барар онон куоракка айаныаххыт. Куораттан мустан элбэх буолан бараргыт буолуо дии саныыбын. Онно тиийэн дьэ бэйэҕитин түһэн бэрбэккэ, дьоһунаахтык сылдьаргытыгар этиэм этэ. Чэ бар Толя баран бэлэм олороро буолуо....Чэ ыксаа, уонна масыына бү күннэргэ барара билибэт..-диэн кэпсэтэн бүппүтүн биллэрэн туран, остуолун дьааһыгын хасыһан барда. Прохар кабинеттан тахсан барда , уонна дьиэтин диэкки сүрүү хаамыы ыкардынан тиэтэйэн бара турда. Дьитэ да диэхтээн буолуо дуо...олорор хоһо, элбэх баҕайы комунальанй хостордоох үлэһиттэр олорор уопсай дьиэлэрэ. Хоһугар тиийэн оронун аныттан чемадаанын хостоон таһааран оронугар уурда. Туох элбэх таҥастаах буолуой, кэтэ сылдьар көстүүмэ уонна аҕыйах маҕан ырбаахытын кытта халтаҥ соҥо баар этэ. Аанын тоҥсуйбакка Толя ойон киирбитэ. -Прошка...биһиги Ленинградка барар буолубут дии....санаан көр Ленинград...Улуу Өрөбөлүүсүйэ буолбут куората...Истрорияҕа киирбит улуу куораты көрөр дьоллоннохпу ...Прохар..Ленин...Блокаада буолбут куората...Аврора, Зимнэй дбарыас...илэ харахпытынан көрөбүт...-диэн үөрбүт киһи саҥата иһиллэр. -Кырдьык наһаа да соһуччу, киһи итэҕэйиэ суох үөрүүтэ....Эн бэлэмнэнниҥ дуо..-диэн ыйытар Прохар Толяттан. -Туохпун бэлэмнэниэхпиний....ол биһиги соҕотох дьон, аҕыйах кэтэр таҥаспытын ылахпыт да бүттэҕэ дии...Хата кыттыһан чэйдиэххэ, мантан ынтах икиэн бииргэ сылдьар буолахпыт дии...Мин баран хоспуттан хортуоска буспута баар ону аҕалыам..Эн чаанньыккын туруор -диэн баран киирбитин курдук элэс кынан хаалла. Прохор чайнига уу кутан примуска оргутта туруорда...
Куорака кэлэн Үөрэҕирии Министеристибэтигэр, Саха сирин бары оруйуоннарыттан, уон икки киһи буолан мустан Ленинградка көппүттэрэ. Ленинград куоракка Улуу Өрөбөлүүсүйэ 60 сылын көрсөөрү, бэлэмнэнэ сылдьаллара. Куорат барыта кыһыл былаахтарынан уонна плакаатарынан толору буолан турар этэ. Саха сириттэн кэлбит эрэ буолуо дуо, бүтүн Сэбискэй Сойуус бары мунугуттан, орто анал үөрэхтээх учууталлар мустубут этилэр. Үөрэтэр сыаллара Коммунистическай хамсааһын пропогандата уонна оҕолорго хайдах ол туһунан үөрэтии этэ. Үөрэнэ кэлбит дьоннору куорат барыларын, куорат иһигэр Южно Приморскай парка аттыгар баар уопсай дьиэҕэ түһэртээбиттэрэ. Сасыарда эрдэ тураннар бары үөрэнэр сирдэригэр айаныыллара. Үөрэнэн бүтэн баран, дьэ куорат устун күүлэйдиилэр уонна онно манна сылдьан кэрийэр буолаллара. Прохар Кэбээйи улууһуттан кэлбит Сэмэн Егоров диэн уолу кытта үчүгэйдик доҕордоспута уонна Нам оруйуонуттан сылдьар Евгения Лебедьева диэн нууча кыыһа буоланнар бииргэ сылдьар буолбуттара. Бирдэ үөрэхтэрин кэнниттэн эмиэ үһүөн бодуруһан куораты көрө барарга кэпсэттилэр. Баран Эрмитаж көрөргө диэннэр уопсай тылы булбуттара. Женя кыыс Прохары сөбүлүү көрөн ол иһин кини диэкки чугаһыы сатыыр этэ. Уол кыыһы эмиэ сирбэккэ бэйэтигэр чугаһатан, бииргэ сылдьар уонна хайдах эрэ таптаабытын кыайан эппэккэ кыбыста сылдьыбта. Женя кыыһы Толя эмиэ сөбүлээн кэбиһэн, иннигэр кэннигэр түһэн олох батыһа сылдьар буолан хаалбыта. Бу да сырыыга кинилэри кытта эмиэ кыттыһан барсар буолбута. Прохардаах Женя иккиэн хааман истэхтэринэ, Толя икки ыккардыларыгар киирэн, Женя диэкки көрө- көрө ыйыталаһар. -Бүгүн ханна барабыт...Баран Аврора крейсеры көрүөххэйиҥ. Женя эн көрбүтүҥ дуо..-диэн ыйытар. Кыыс Прохар диэкки ыйытардыы көрөн ылар уонна -Мы хотели....в Эрмитаж...а Аврору мы потом....да Прошка -диэн ыксаан Прохар диэкки көрүтэлиир. -Чахчы биһиги Эрмитажка барар былаанаахпыт..бүгүн - диэн кыттыһар Сэмэн. -Ол ким оннук былаанаата...Куолуостаххайыҥ..Мин Аврораҕа барыаххайыҥ диибин..-диир Толя. -Нет.. мы с Прохором идём в Эрмитаж...-диэн этэн баран кыыс, Толяны эргийэ көтөн Прохар биир өттүгэр кэлэн биэрдэ -Чэ буоллун...Эрмитаж буоллаҕына Эрмитаж ..-диир Толя кыыск үтүөнү оҥорбут курдук туттан. Киэһээ хойукка дылы Эрмитаж ол бу хартыыналарын уонна оҥоһуктарын көрөн бараннар, олорор уопсайдарын диэкки сатыы барар буолбуттара. Киэһээҥҥи куораты көрө таарыйа диэн. Женя кыыс Прохар атыттан олох арахпакка тутуһан баран сылдьар этэ. Уонна Толя истибэтигэ Прохарга эппитэ. -Он какой то противный...не по душе мне этот Анатолий -диир кыыс. -Да нет.. мы с ним в одной школе работаем, нормальный, просто он такой...как сказать то...Энергичный вот..-диир Прохар кыыска. -Я выросла в детском доме...и знаю нрав людей...Мне он что то не нравиться...-диир Женя. -Женя эн сахалыы өйдүүгүн дии...Онтон тоҕо саҥарбаккын..-диэн Прохар ыйытар, кэпсэтии тематын уларытаары. -Я могу говорить..но слишком смешное выражения у меня...-диэн кыыс күлэ-күлэ этэр.
Олорор уопсайдарын атынааҕы парка аатыгар кэлэн баран, бириэмэ өссө да баарын иһин кыратык паркаҕа күүлэйдии түһэр санаа ылыннылар. Прохар Женялыын уонна Толя буоланнар. Сэмэн уол наһаа сылайдым диэн пааркаҕа хаамарын сүрэҕэлдьээн уопсайыгар барбыта. Үһүөн күһүҥҥү сылаас киээһээҥи паарка устун хаамсан истэхтэринэ, утары биир ыксаабыт омук уола сүүрэн кэлэн. -Памагитэ..Памагитэ...там этэ...бйуут...-диэн Прохардаахха көрдөстө. -Что..Что.. -диэн Прохар өйдөөбөккө ыйытта. Ону Женя кыыс сахалары кытта өр олорбут буолан, ити омук уола тугу эппитин быһаара оҕуста. -Там кого то бьют наверное...так я поняла -диэн быһаарда. -Да..Да..там...-диэн уол ыйан биэрдэ. -Толя бардыбыт -диэн баран Прохар уол ыйбыт сирин диэкки сүүрэ турда. Онно тиийэн көрбүтэ уон дуу аҕыс дуу уолаттар биир киһини сиргэ төкүнүтэ сылдьан тэбиэлээн төкүнүтэ сылдьаларын көрөн. Учууталлы сылдьан элбэхтэ оҕолор охсуһууларыга түбэспит буолан, тохтотордуу сананан ысанан тиийэн тохтотордуу сананна. -А ну стой...что вы делаете...-диэн хаһыытаан бытарытта. Маҥнай уолаттар соһуйан тохтуу түһэн ылылар, онтон биир уоллара эттэ. -Эй ты откуда нарисовался обьезяна....Че стали пацаны...-диэтин кытта уолаттар аны Прохарга ынан киирэн бардылар. Биир уол кэлэн Прохары тэбэн саайбытын атаҕын садьыйан кэбиһэн баран тиэрэ аньан түһэрдэ. Дьэ ол кэннэ баар уолаттар бары тоҕо аньан кэлэннэр ким охсо сатаан, ким тэбэ сатаан, бэйэ бэйэлэригэр мэһэйдэһэ мэһэйдэһа сатаан тапакка сырыттылар. Прохар дойдутугар оҕо сылдьан син үчүгэйдик охсуһар этэ, уонна ыһыахтарга хапсаҕҕайга тустар буолан сылбархай уонна бэйэтин кыанара туһалаабыта. Уолаттары тутан ыла ыла киэр элитэлээн испитэ. Кыахтаах уолга тубэһэн эдэр уолаттар ыксаан, бэйэ бэйэлэрин хаһыытаһар саҥалара элбээбитэ. Биир уол илиитигэр быһахтаах кэлэн эрэрин көрөн Прохар, хаһан эрэ убайа үөрэппит ньыматынан ол уолтан быһаҕын былдьаан ылбытыгар, кэниттэн маһынан саайаннар өйүн сүтэрэн охтон түспүтэ...
Прохар өйдөнөн кэлбитэ, баһын иһэ сибиниэһинэн туолбут курдук уонна ыалдьар этэ. Тулатын көрбүтэ киһи бөҕө баар курдуга, ол быыһыгар милийия формалаах дьоннор кинини илиитин кэдэрги эргитэн баран наручниктаан кэбистилэр. Өй мэй буолан тугу да өйдөөбөккө уонна төбөтө да ыалдьарыттан, саҥара да кыаҕа суох олорор. Иһиттэҕин биир кэм ..._Убийца....Убийцу задержали....-диэн дьоннор саҥалара иһиллэргэ дылы этэ. Милиция үлэһитэ илиитин наручнигынан хатаан баран , хаарга олорор Прохары сутуругунан сыҥаахха сырбаппытыгар, төбөтүгэр маһынан охсуллан улахан эчэйии ылбыт буолан, өйүн сүтэрэн эмиэ налыс кынан хаалла... Өйдөнөн кэлбитэ...ханна эрэ кусаҕан баҕайы сыттаах сиргэ муостаҕа сытар этэ....сытан эрэ туох буолбутун саныы сатаата да төбөтө ыалдьара бэт буолан тугу да өйдөөбөт...Өйдүүрэ диэн Женялыын илиилэриттэн тутуһан баран, уопайдарын диэкки хааман иһэллэрэ...уонна...уонна...Ээ..ханык эрэ омук уола кэлэн көрдөһөн эрэрэ...онтон охсуһуу....Оччоҕо тоҕо кинини бу манна уктулар...тоҕо кинини илиитин баайбыттарай....тугу оҥорбуттун олох өйдөөбөт....Нэһиилэ туран, ханна укпуттарын билээри тула өттүн көрүммүтэ, кыракый кирпиччэнэн тутуллубут хос иһигэр укпуттар этэ....кусаҕан баҕайы сыт, хос биир муннугар турар биэдэрэттэн кэлэр этэ...- Оо...бу иэдээни....хаамыраҕа сытар эбиппин..-диэн бэйэтин саҥатын истэн хаалла. Ол аата били охсуһа сылдьан кими эрэ эчэппит буоллаҕа дуу...диэн санаан ылла...Дьэ иэдэн...кими эмит эчэтэн бу манна түбэстэҕэ...-диэн санаалар элэс кынан аастылар. Хас чаас ааспыта буоллар...илиититтэн чаһыытын уонна бачыыҥатын быаларын кытта курун устан ылан кэбиспит этилэр. Ысиаана сулбуруйа сылдьарын иһин сиэбиттэн платоогун булан ыстаанын кур иилиллэр быаларыттан туттаран биэрдэ. Сотору соҕус тимир аана хачыгыраан , бөдөҥ уҥуохтаах нуучча киһитэ киирэн... -А ну на выход....руки за спиной...-диэн күргүйдээн эттэ. Прохар илиитин кэннигэр туттан хаамыратын иһиттэн таҕыста. Таска тахсыбытыгар киһитэ . -Мордой к стене..-диэн баран, аанын хатаата уонна -На лево...шагом марш.-диэн бөөҕүнээтэ.
Прохары биир кыра хоско киллэрэн , илиитин остуолга баар наручникка хатаан олордон кэбистэ. Онтон таххаатын кытта , көстүүмнээх эдэр уол киирэн кэллэн, остуол нөҥүө олороот кумаахыларын хостоон барда суумкатыттан. -Мин Пивоваров Альберт Васильевич диэн следователь буолабын....Эн киһини өлөрүүгэ түбэһэн бу дьала тэриллэ сылдьар -диэн эппититтэн Прохар соһуйан ойон тураары кыммыта остуолга иилилибин хандылыта мэһэйдээн кыайан турбакка хаалла. -Мин кими да өлөрбөтөҕүм....-диэн эрэ нэһиилэ саҥарда. -Оччоҕо мин өлөрбүтүм.....Эйигин киһини өлөрө сырыттаххына дьоннор көрөннөр, маһынан төбөҕө саайан дөйүтэн баран миицияҕа тылаабыттар -диэн эппититтэн Прохар тыына хаайтаран ылла. -Суох...онук буолуон сатаммат..мин кими да өлөрбөтөҕүм...Онно паркаҕа эдэр уолаттар биир киһини кырбыы сылдьалларын, кэлэн тылаабыттарыгар баран тохтото сатаабытым...-диир Прохар -Сымыйалаама....Эйигиттэн сылтаан дойдулар истэригэр улахан айдааны таһаарары кынаҕын дуо....Билэҕин дуо эн кими өлөрбүккүн...-диэн хаһыытаан тоҕо барда. -Суох мин кими да өлөрбөтөҕүм...өлөрөр да санаам суох этэ... -Эн...Эн...Анголияттан кэлэн үөрэнэ сылдьар студент уолу быһаҕынан аньан өлөрбүккүн билэҕин дуо...Бу бириэмэҕэ ити ытыллыыга барар статыйаатын билэр буолуохтааххын... -Ол хайдах....Ол уолу кырбыы сылдьар уолаттар баалара дии...Мин ол омук уолугар көмөлөһөө сатаабытым.... -Саҥарыма...оччоҕо эдэр хомсомуол уолаттар албыныылар диэн этиэххин баҕараҕын дуо....Эйигин кинилэр тохтотон милицияҕа тылаабыттарыгар махтаныахха сөп этэ...-диир следователь. -Суох...Суох...мин ол киһини өлөрбөтөҕүм...ол уолаттар....бэйэлэрэ....бэйэлэрэ... -Бу манна эйигин туппут милиция араапара эмиэ тиһиллэ сылдьар...диэн баран ааҕан иһитиннэрдэ. -Мин сержант Соломин.А.П уонна рядовой Васильев В.В буолан центральнай паркаҕа дьуһуурустубалыы сырыттахпытына, уолаттар сүүрэн кэлэннэр , киһини өлөрүөхсүтү туппутарын туһунан эпитэригэр тиийбиппит. Өлөрүөхсүт илиитигэр быһах тутан баран дөйө сытар этэ.....- Бу маны эн туох диигин диэн ыйытта Прохартан. -Ол аата ...бэйэлэрэ өлөрөн баран миигин уган биэрбиттэр...Ол уолаттар ол киһини кырбыы сылдьаллар этэ..-диэн хаһыытаан тоҕо барда Прохар.
Сарсыҥҥытыгар Прохары эмиэ ыҥырдылар, уонна кимниин паркаҕа сылдьыбытын туох былаанаах Ленинграддка кэлбитин ыйыталаспыттара. Прохар баар кырдьыгынан барытын кэпсээн биэрбитэ. Саха сириттэн партия пропогандатын үөрэҕэр үөрэнэ кэлэ сылдьарын туһунан кэпсээбитэ. Ол күн Эрмитажка кэрийэн баран, төннөн иһэн паркаҕа күүлэйдээн баран уопсайдарыгар барыахтаахтарын туһунан кэпсээбитэ. Следователь кэпсээбитин сурунан баран, Прохары хамыратыгар атаатаран тахсан барбыта. Киэһээтин Прохары уонна атын тутуллубут дьоннору, аатырбыт бастакы нүөмэрдээх Кресты следственнай изоляторга көһөрөн тиэйэн илдьибиттэрэ. Прохары РСФСР Уголовнай Кодексын 73, 74 уонна 102 пункт А диэн статьяларынан буруйданаҕын диэн докумуонугар суруллубут этэ, уонна бэйэтигр эмиэ биэрбиттэрэ, ыйыттахтарына итини этэрҕин диэн быһааран биэрбитэрэ. Прохар бу туох диэн буолалларын таайбат да сэрэйбэт да этэ. Кинини кытта хаайылаахтары таһар масыынаҕа,. түөрт киһи баара. Олортон иккитэ эмиэ Прохар курдук саҥа түбэспит эдэр уолатта биирдэстэрэ Грузин уола, иккис олох эдэр нучча. Онтон икки киһи уруккаттан хаайыы диэни билбит уркагааннар буолар этилэр. Масыынаннан айаннаан иһэн Прохар атыгар уркалартан биирдэстэрэ түбэһэ олорбута уонна Прохарга эттэ. -Мин Джокер диэммин, дьиҥнээх аатым Павел...ити эн статьяларгыттан иһиттэххэ олох ыарахан сатьяннан олорсон иһэр эбиккин.. Олорсон иһэр диэн биһиги тылбытынан эттэххэ Пасажир диэн...ити биһиги хаайыылаахтар жаргоннара ...Эн билэҕин дуо ити тугу сүгэ сылдьаргын -диэн ыйытта. -Тугу сүгэ сылдьаргын диэн....., тугу этэҕиний..-диэн ыйытар Прохар. -Эн бастакы түбэһииҥ буолан тугу да билбэт эбиккин...Ол аата туохха буруйданаргын этэбин...Мин бастакы срокпун Кайыы буолбут сылыгар түбэспитим...онтон бу үһүс айаммын айаннаан истэҕим...Мин уоруйахпын....Эн кутаныма...эппикэ дылы бэйэ дьонуттан мин уорбат киһибин, сокуону убаастыыбын...-диэн күлэр Джокер. -Сокуону убаастыыбын диигин да ...онтон уорар эбиккин дии...Уоруйахпын диир буоллахына... -Ити мин хаайыы сокуонун этэбин эйиэхэ...Бэйэ хаайылаахтартан уорар киһини ...крыыса диэн буолар ол иһин...Чэ кэлин билэн иһиэҥ хаайыы сокуона олох туһунан сурулубатах сокуон...сороҕор кытаанах да сороҕо сымнаҕас да буолуоҕа...Эн курдук саҥа түбэспит дьоҥҥо ыйан кэрдэн биэрэр киһини ананар ,сыыһа суолунан үктэмэтиҥ курдук...
Пивоваров следователь, Прохар үөрэнэ сылдьар сиригэр тиийэн биир дойдулаахтарын булан ыйыталһар санаалаах тиийбитэ. Ыйдаран Анатолийы булан кэпсэппитэ. -Ол күн буруйданааччы Уримжинов көрдөрүүтүнэн эйигин уонна Евгения Лебедьева диэн кыыс буолаҥҥыт пааркаҕа күүлэйдиир санаалаах тиийбиккит ол кырдьык дуо..-диэн Толя куттаммытын көрөн ыган киирэн барда. -Кырдьык ол күн ...Прохар Уримжинов биһигитин кытта паркаҕа сылдьыспыта...Ону эмиэ Лебедьева туоһулуон сөп.-диир Толя -Эн өйдөө...Уримжинов....омук уолун өлөрбүт...Эн кинини көмүскэһэр санаалаах буоллаххына, салгыы үөрэнэр уонна үлэлиир кыаҕыҥ быһылан сөбүн туһунан....Бу сотору Союз иһигэр улахан Олимпияда буолуохтааҕын туһунан билэр инигин...Ол иһин улуу нуучча норуотун аатын түһэн биэрбэт курдук, балаһыаньа булолуохтааҕын бэйэҥ билэр буолуохтааххын...Онон тугу саҥараргын толкуйдуу толкуйдуу саҥар. Инники олоххун саныыр буоллахына..-диэн кутаан киирэн барда Пивоваров Толяны. -Ол аата....суох..суох мин кинини көмүскэспэппин...Ол кынан баран биһиэхэ биир омук уола сүүрэн кэлэн, көмөлөһүҥ диэн көрдөспүтүгэр, Уримжинов ол диэкки сүүрэн барбыта....Мин кинини кыайан тохтоппокко хаалбытым...Били кэлэн көрдөспүт омук уола,салгыы куота турбута...Мин Лебедьеваны нэһиилэ тохтотон уопсайбыт диэкки илдьэ барбытым...Оннук гынан ол сиргэ туох буолбутун билбэти...-диир ыксаабын Толя. -Уримжинов онно тиийэн, киһини быһаҕынан аньан өлөрөн тутуллубута....Эн Уримжиновы төһө үчүгэйдик билэҕиний. -Дойдубутугар биир оскуолаҕа учууталынан үлэлээбиппит....Ээ..үлэлиибит....Кини сутурук сокуоннааҕын истэр этим...Ол иһин оҕолоор киниттэн кутанар этилэр. -Ол аата оҕолору кырбаталыыр этэ диэххин баҕараҕын дуо. -Мин көрбөтөҕүм кынан баран..истибитим.. -Кини өлөрүөн син дуу...Быһахтаах сылдьарын эн көрбүтүҥ дуо..биир дойулаахын... --Билбэтим быһахтаах сылдьарын көрбөтөҕүм...баҕар сиэбигэр илдьэ сылдьыбыт да буоллаҕына миэхэ көрдөрбөккө сылдьан эмиэ сөп этэ... -Чэ сөп эн бар...Уонна миэхэ Лебедьеваны ыыт -диэн Пивоварав Толяҕа эттэ.
-Женя эйигин следователь ыҥыттарар.....Прохар онно киһини өлөрбүт үһү...Иһит эрэ...эн кинини олох көмүскэһэ сатаама..бэйэҕэр кусаҕан оҥостуоҥ... -Эн хайдах буоллуҥ...хайдах көмүскэһэ сатаама.... -Үөрэхтэн утуохтарын сөп диэн этэбин...Эйиэхэ үчүгэй буоллун диэн кыһаллан.... -Эйиэхэ дуу миэхэ дуу....кимиэхэ кыһалларыҥ биллэр ини...мин сымыйаны этиэм суоҕа...Эн миэхэ онон манан кииримэ..-диэн баран Женя сөбүлээбэтэҕиг биллэрэн, куота тэйэ хааман следователь олорор кабинетын диэкки хаама турда. Кэннитэн Толя иһигэр саныы хаалла..-Дьэ көрүллүө ...итиннэ киирэн тахсыбытыҥ кэннэ туох дааргин....Наһаа да бэйэҕин үрдүктүк тутта сылдьыбыккын тохтотоллоро буолуо ээ....-диэн кыһыйбыт санаатыгар саныы хаалла.
-Мин Лебедьева Евгения диэммин..-диэн кыыс киирэн следователь иннигэр киирэн олорунан кэбистэ. Пивоваров кыыһы сыаналыырдыы аларааттан үөһээ, көрөн таһааран баран эттэ. -Бу эн нучча кыыһа буолан баран, тоҕо ити...ханнык эрэ дьиикэй омуктары кытта сылдьыбыккын өйдөөбөккө олоробун..-диэн кыыһы сиилии көрүстэ. -Ханнык эрэ дьиикэй....Билэҕин дуо эн....ити эн этэр ханык эрэ дьиикэй диир омугуҥ, миигин киһи кынан таһаарбытын.... -Ол хайдах буолбутун мин хантан билиэмий...уонна билэ да сатаабаппын....-диир Пивоваров. - Эн ити дьоннору кытта сылдьыбыккын билинэҕин дуо.... -Да мин билинэбин...Мин Уримжиновы кытта бииргэ сылдьыбыппыт. Маҥнай Эрмитажка күүлэйдээн баран, киэһээ сатыы уопсайбытыгар сатыы кэлбиппит. аара пааркаҕа күүлэйдээн ааһыахха диэн мин тыл көтөҕөн , онно дьаарбайа , хаамса түһээри кымыппыт. Утары биир омук уола сүүрэн кэлэн, кини табаарыһын уолаттар кырбыы сылдьалларын эппитэ, уонна көмөлөһөргө көрдөспүтүн Уремжинов көнө уонна Сэбиэскэй киһи быһыытынан көмөлөһө ыстаммыта. Мин барсаары кыммыппар миигин Сивцев Анатолий тохтотон, уопсайга күүһүнэн кэриэтэ соһон илдьэ барбыта...Билигин кэлэн кэмсинэ олоробун барсыбатахпыттан.-диэн эттэ Женя. -Уремжиновы эн итэҕэйэҕин дуо....кини киһини өлөрбүт, ону билэҕин дуо эн...Буолаары буолан атын омук уолун...-диир Пивоваров -Табаарыс следэбэтэл...эн бэйэҥ токуйдаан көр....Хайдах көмөлөһө тиийбит киһитин кини өлөрүөн сөбүн..-диэн кыыс ыйыппытыттан Пивоваров бэйэтэ да саатан ылла кынан баран, онтукатын таска таһаарбата. Киниэхэ бу омук уолун өлөрүүнү түргэн соҕустук, ити тутуллубут саха сириттэн кэлбит киһиэхэ сыбаан , хаайыга ыытарга диэн сордоҕу толоро сатыы сылдьара. Аҕыйах сылынан Сойууска Олимпияда буолаары турдаҕына нуучча норуотун оҕолоро омуктары кырбаан уонна өлөрөр диэн, олох улахан айдааны таһарыахтааҕын иһин киниэхэ тойотторо , улахан кистэлэҥ бирикээс биэрбиттэрэ. Ону бу нуучча кыыһа мэһэй таһай буолуоҕуттан куттанан киирэн барбыта. Ол кынан баран бу кыыһы үөрэҕиттэн үүрдэрэн, түргэнник ханна эрэ ыыталарын курдук оҥоторого быһаарынна. Ити биир кыыс олоҕо дуу, эбэтэр бүтүн Союз дьылҕата дуу .Оннук быһаарынан Пивоваров кыыһы эйигиттэн ыйытарым бүттэ диэн эппитэ...
Лебедева Женяны үөрэҕиттэн ууратан, дойдутугар атаарбыттара. Уонна ону таһынан кыыһы Саха сирин түгэх ханык эмэ сиригэр ыраах ыыталларын курдук дьаһалы биэрбитэрэ. Оннук кынан Женя дойдутугар кэлэн баран, Хотугу оруйуоҥҥа үлэлии ыытыллыбыта. Уонна Сэмэн Егоровүөрэҕиттэн уһуллан дойдутугар барбыта. Сэмэн дойдутугар тиийэн үлэтиттэн эмиэ үүрүллэн, тыаҕа кадравай булчут быһыытынан үлэлиир буолбута. Онтон Анатолий Сивцев үөрэммитин курдук үөрэнэ сылдьара. Ол бу буолан , ону маны туойа сылдьар буоллаххына доҕоргун батыһан барыаҕыҥ диэн кутаан кэбиспиттэрэ. Прохары, Грузины уонна Джокеры үһүөннэрин 157А диэн хаамыраҕа анаан, биирдии бэйэлэригэр матараас уонна аһыыр иһит биэртэлээн, бэйэ бэйэлэрин батыһыннартаан үөһээ этээскэ таһааран. Бааир аан иннигэр истэнэни көрдөрөн туруортаан баран ааны арыйан хачыгыраппытара. Хаамыра иһигэр киирбиттэрин кэннэ. Аанарын хатаан кэбиспитэрэ. Хаамыра иһинээҕи олохтоохтор кинилэри остуолга, олорон көрсүбүттэрэ.Джокер хаамыраҕа киирээт , баҕар билэр биир эмит киһибин көрүөм диэбиттии , дьоннор сырайдарын көрүтээлээтэ. Уонна саҥараен барда.. -Мин Джокер диэммин...Бу үһүс айамын айанаары, кынаппын куурда сылдьабын...Ким бу хаатаны көрөн олороруй....-диэн ыйытта. Хаамыра түгэҕиттэн кавказ омук акценнаах саҥа иһилиннэ . -Ва...дарогой....Джокер....ити чахчы эн куоласкын истэбин дуо...Чахчы эн куолаһыҥ курдук -диэн баран сабыылаах икки ярустаах орон быыһыттан, барыта бытык буолбут уһун киһи тахсан кэллэ. Ол киһини көрөөт Джокер ымайыаҕынан ымайан. -Кими көрөбүнүй....Киви...Киви...Норуот аҕатын быраата....Киви бэйэҥ бэйэҕинэн... -Ай... Паблуша...Джокер....Кэрэ да түүнэр буолар буолбуттар...Джокер бэйэтинэн Крестыыга баар буолбут....Хаччы бөҕөтө хамсыыһык....Биһиги хаатабыт байар буолбут...-дии дии илиитин имэринэр. -Тохтоо..Тохтоо Киви...Барытыа баар буолуо ол...Бу миигин кытта киирбит олрсоочулары миэстэлэрин булартыахха наада...Бу эн быраатыҥ эмиэ грузин ыччата,...Вано, уонна тус хоту ыччата Прохар диэн саҥа олххо тардыһаачыла...-диэн быһааран биэрдэ.
-Прохар кэлэр эрэ манна кэпсэтии баар -диэн Джокер Прохары ыҥыран хаамыра түгэҕэр Киви оронун аттыгар ыҥыран ылла. Муннукка баар орон аттыгар Джокердыын тиийбитэ Кивины кытта, саастаах интелегент көрүҥнээх еврей киһитэ кинини кэтэһэг олорор этилэр. Джокер Прохарга эттэ. -Бу Аврам Соломонович билсэн кэбис, кини сокуон хараҕын барытн билэр киһи...Эн бэйэҥ дьалаҕын киниэхэ сиһилии кэпсээ...Тугу билэрин барытын быһарыа...- диэн баран олоппос ылан , ол киһи иннигэр туруоран биэрдэ. Прохар Соломоновичка туох буолбутун барытын кэпсээн биэрбитэ. Соломонович сиһилии истэн баран , төбөтүн быһа илгистэ -илгистэ саҥарда. -Да...олус ыарахан дьала буолбут....Да...Да...эн омук уола....Токуйдаан көр...Өскөтүн ол уолаттар өлөрбүттэрэ быһаарылыннаҕына....улахан айдаан буолар кыахттаах...Ол иһин эйигин ыар буруйу сүктэрэн ыыталлара ордук курдук буоллаҕаа...Даа...Билэҕин дуо аны үс сылынан дойдубутугар туох буоларын... -Билэбин....Оччоҕо мин дьалам...кусаҕан диэн этэҕин дуо... -Эн следовательыҥ Пивоваров диэбитиҥ дии...Олус үчүгэйдик билэр оҕом...Кини ким эрэ ыйан биэриитинэн үлэлиир....эпиккэ дылы марионетка...Көрөөр да истээр, ким да эйигин көмүскүүр киһи суох буолуоҕа. Ол уол ылысатаҕына , ылсар уол...Онон тойуом...эпиккэ дылы....Прошу к нашему Шалашу...Киви мин манна туһам бүппүт буолаҕына...Мин эйиэхэ туһам суох ини...-диэн ыйытан туран барда. Ити кэпсэтиини истэ олрбут Кивилаах Джокер, прохар диэкки көрөн олордулар.Онтон Джокер саҥаран барда. -Так...иһит эрэ Прохар...Бу дойдуга....Биһиги испитигэр омугунан арахсыы диэн дэҥҥэ көстөр...Суоҕун да кэриэтэ сөп диэххэ сөп...Онон бэйэҥ эрэ түһэн биэримиэххин наада диэххэ сөп.... -Син ону маны билэбин диэххэ сөп...Мин дойдубар хаайылаахтар элбэхтэр, кинилэр кэпсээнэринэн ол бу туһунан билэбин...Бу оҥорботох буруйбар түбэһиннэрэр да күннээх буолахтарына...Мин да өчөс хаанаах киһи буоларбын билиэхтэр турдаҕа... -Джокер.. бу уолу бэйэҥ эппиэккэр ылан үөрэтэргэр, туох баар бары барытын сиһилии быһааран биэрэргин бэйэҥ билэҕин...-диэн Киви кинилэргэ туһаайан эттэ. Джокер Прохарга, күнүн аайы ол бу туһунан кэпсээн,,.быһааран биэрэ буолбута.....-Түрүмэҕэ да, зонаҕа да олорор дьоннор маастарга арахсаллар..Смотрящие...ити Киви курдук көрөн тутан олорооччулар, Блатнойдар- онно смотрящайга чугас дьоннор, олор хаһан да ханна да үлэлээбэт ...улахан аптарытыаттаах дьоннор. Отрицаловкалар - диэн эмиэ блатнойдарга тэҥнээх , барытын бары утары сылдьар, кимиэхэ да бас бэриммэт дььоннор. Мужики - көнөрү олорооччулар, үлэлиилэр бэрээдэги кэспэттэ. Шныри - уборшиктар , ол бу бөх хомуйааччылар, ас түҥэтэр иҥин үлэлээх Баландер иҥин курдуктар. Чуханы - суумат, кирдээх бэйэтин көрүммэт дьоннор .Ол бу кирдээх үлэни үлэлиир дьоннор...Суки или Козлы - активтар, адмистрацияҕа үлэлиир , стукачтар эҥин диэбит курдук олорооччулар. Обиженнайдар уонна .....растар -диэн саамай киһи аатыттан түспүт дьоннор .. Уонна Фуфлыжниктар -диэн баллар , ол хаарты иэһин төлөспөтөх, тылларыгар турбат дьон.
Киэһээтин аайы Джокеры ханна эрэ илдьэ барар этилэр, уонна сасыарда бэрэбиэркэ буолуон эрэ иннигэр кэлэр буолара. Прохар Джокеры ханна илдьэ баралларын биирдэ Кивиттан ыйыппытыгар, киһитэ эппитэ. -Эн ол туоххунуй...барытын билэр киһи буолуоххун баҕараҕын дуо...Оччо наадыйар буоллаххына бэйэтиттэн ыйыт...-диэн баран Прохар диэкки тобулу көрөн баран олорбута. Прохар мээнэ ону маны дьоннтон ыйыталаһыма диэн Джокер эппитин өйдөөн кэлэн, ыйыппытыттан кэмсимитэ. Биирдэ күнүскү прогулкаҕа тахса сылдьан Прохар Джокертан ыйыппыта. -Павел Павлович...эйигиттэн биири ыйытахпын баҕарабын..Баҕар мин ороһорум сыыһа буолуо кынан баран, мин да ону маны биллэхпинэ сатанар...Ити кэһээтин аайы ханна илдьэ баралларый -диэн сэмээр ыйытта. Джокер Прохар сырайын өр соҕустук көрөн тура түһэн саҥаран барда. -Павел Павлович....истэргэ үчүгэй кынан баран...Өйдөө манна мин Джокер диэммин. Джокер да диэтэххинэ өһүргэниэм суоҕа...Хата эйиэхэ эппиккэ дылы аат наада, ол хаайыга олорор дьон погоняла дииллэр...Бэрэ эн хантан сылдьабын диэбикиний... -Саха сириттэн..-эпиэтиир Прохар -Чэ ону баҕас кэлин буоллун....Онтон ити киэһээтин аайы диэҥҥэ....Аапыт билэҕин дии...Толкуйдаан көр..-диэн мичээрдээн ылла. -Ээ...хайдах ол эрэ туһунан санаабатахпын...Хаарты...Хаарты диэ...-диэн саҥа аллайда. -Саҥарба...-диэн баран тула өттүн көрүнэн баран - Ити муньах дэнэр, мээнэ саҥарыллыбат....Манна муньахха , икки өтүттэн хабыр хапссыһыы...Ити кыһыл түүлээхтэргэ эмиэ оонньуур дьоннор бааллар. Ол курдук өйдөө мээнэ кэпсии сылдьар буолаайаҕын...Биллэхтэринэ киһи кымматтар.. -диэн сэрэтэр Джокер. -Джокер...Мин хаартылаан көрүөхпүн баҕарабын, ол сатаныа дуо... -Өйдөөбөтүм....ол эн оскуола оҕолорун албынаан оонньуур оонньуу буотах...Мин кэпсээбитим дии эйиэхэ, хаарты иэһэ диэн ...олох бүтэһик дьала диэн Фуфлыжник, тыһытааҕар алараа кэккэҕэ сыдьар киһи буолар... -Иһит эрэ мин кэпсиэм...Онтон бэйэҥ толкуйдаар...Мин аҕам сэрииттэн икки илиитэ суох буолан кэлбитэ, саамай кыра оҕо буолан мин кинини куруутун кэниттэн батыһа сылдьар буолар этим. Ол икки илиитэ суох инбэлиит киһи тугу үлэлиэй...Ыаллары кэрийэ сылдьан хаарты ооннььуур этэ...Онно киниэхэ илиитэ мин буолар этим. Оннук кынан биэс -алта саастаах уол оҕото хаарты оонньоон кирэн барбытым аҕам, миэхэ ханнык хаарты ылахтааҕын этэр этэ, онук гынан хаарты ооньуутун үксүн билэбин диэххэ сөп..-диэн кэпсээтэ. -Бэрэбиэркэлиэхпит...хаатабытыгар киирдэхпитинэ...-диэн Джокер эппигэр Прохар үөрэ иһиттэ.
-Дьэ эрэ Прохар...тугу сатыыргын билигин көрүөхпүт...-диэн баран Джокер, Прохар иннигигэр хааартыны тылыгыратан ылла. Икки орон ыккардыгар олопос ууран бараннар. Прохар, Джокер Киви уонна Индус диэн хос аатаах еврей киһитэ буоланнар ооньоороу олордулар. -Дьэ доҕоттор, бэйэҕит билэҕит биһиги интириэскэ оонньообот дьоннорбут...Биир хаатаҕа олорорбут быһыытынан, табаахха ооньуоххайыҥ диэн этэбин - диэн Джокер тыл көтөхтө. -Табаахха буолаҕына табаахха....Үстүү паачыканы, ооньууьут, Онтон элбэххэ барыллыбат -диэн Индус саҥарар. -Мин табааҕым...суох, табаах да тардыбат киһибин -диэн Прохар туран бараары кыммытын Джокер тохтотто. Уонна үс пачка Прибой диэн табааҕы ылан тутаран кэбиһэн баран...-Бу эйиэхэ иэс биэрэбин, ол курдук өйдөө...-диэн баран имнэнэн ылла. Маҥнай ким дьиэлэнэрин таайсыы буоллулар. Чиэрбэ тууһа Прохарга кэлэн хаартыны кини ырытар буолан хаалла. -Тугу ооньуубут -диэн дьоннорун көрөн баран ыйытта Прохар. -Биэс хаартылаах покеры...-диэн Киви саҥарда..-Билэр ооньууҥ ини...-диэн Прохартан ыйыттар. -Билэн....урут босхо эрдэхпинэ ооньуур этибит...Таах мээнэҕэ...-диэн баран Джокер ддиэкки көрөн ылбытыгар, киһитэ сөбүлээбэтэҕин биллэрэн , тииһин ырдьас кыннаран ылла. Ити аата мээнэ ону маны саҥарыма диэн этэр быһыыта этэ. Оонньу дьэ саҕаланан барда... Прохар хаартытын түҥэпитин кэннэ бааҥҥа , бары баардии сотолорун киллэрэн...дьэ саналааһын саҕаланна . Бастакыннан Индус үс сото табааҕы киллэрдэ, уонна үс хаарты уларыта. Онтон Киви -Эпиэтиибин диэн үс сото киллэрэн икки хаарты уларытта. Джокер - Үрдэтэбин диэн биэс сото табаахха дылы үрдэтэн биэрдэ...Прохар хаартытын көрбүтэ икки сэттэни кытта икки хоруол уонна бугунай тууһа кэлбит этэ...-Эпиэтиибин диэн биэс сотону баанарыгар килэрдэ.Уонна биир хаартыны уларыппыта үһүс сэттэ кэлбитэ. Индус уонна Киви иккилии сотону эбэн биэрдилэр . Ол кэннэ дьэ сыаналааһын саҕаланна. Индус -Биэс сото -диэн баран килэрдэ. Киви тэҥнээтэ. Онтон Джокер Прохар диэкки көрөн баран -Мин уон сото диибин диэтэ. Прохар токуйдаан олоро түһэн баран--Тэҥниибин диэн эбии уон сото табааҕы килэрдэ. Индус эмиэ баарбын диэн тэҥнээтэ. Киви акаастанан -Мин пас -диэн туорааг биэрдэ.-Чэ арыйсыҥ диэн , дьоҥҥо туох хаарты кэлбитин көрөөрү кэтэһэн олордо. Бастаан Индус хаартытын арыйда...Үс тууһу арыйан олопоско бырахта- Тройка на Тузах -диэн , дьоннрун сырайдарын харахтарын көрдө. Джокер бирдии биирдии хаартытын ылан уурталаан киирэн барда,.маҥнай.. аҕыс, тоҕүс, уон, кулут...уонна дьахтар хаартылары арыйтаан -Стрит диэн этэн баран Прохары көрөн баран олордо. Прохар үс сэттэтин арыйда...уонна тохтоон олоро түһэн баран икки хоруолу ууран биэрдэ...Фул Хаус...-диэн дьоннорун диэкки ырбайан ылла......Анна бастаан Индус эстибитэ үс паачыка табааҕа бүтэн, туран барбыта...Онтон сотороу соҕус Киви туораабыта. Джокердаах Прохар икиэн эрэ хаалан баран кыратык ооньуу түһэн баран Прохар эпитэ...-Чэ Джокер бүтүөххэ ...Бу иэһим уонна кини ытырыыта. диэн түөрт пачыканы тутаран кэбистэ уонна бу хаалбыт табаахтары ...уопсай айахха диэн Кивига туттарн кэбист. Ону истэ олорбун баар дьоннор Прохары махтанан төбөлөрүн тоҥхох кынан махталларын билэрдилэр Прохарга. Джокер Прохардыын икиэн эрэ хаалбытарыгар эттэ. -Чахчы үчүгэйдик ,хаарты хаамыытын билэриҥ бэт эбит...Бэт ...оонньууга илдьэ бара сылдьахха син эбит -диэн эттэ.
Биир ыйы быһа следствеенай изоляторга хаайыллан сыппытын иһигэр, Прохар следователья Пивоваров баара суоҕа иккитэ эрэ кэлэн барбыта. Ол кэлэн барабытыттан Прохар кинини туоһулуур биир да киһи суоҕун билбитэ. Буруйу барытын киниэхэ сүктэрэн , дьала тэрийэр буолбуттарын билбитэ. Кини биир дойдулаахтарын ыйыппытыгар .Пивоваров киниэхэ Сивцев көрдөрүүтүн таһааран көрдөрбүтэ. Прохар Толя көрдөрүүтүн ааҕан баран , саҥатыттан маппыта. Онно манык суруллубут этэ. " Мин Сэбиэскэй киһи быһыытынан, туох баар кырдьыгы этиэхпин баҕарабын. Бу тутуллубут Уримжинов мөкү быһыытын , киһи санаатыгар кайан килэрбэт дьала дии саныыбын. Уонна кини мин биир дойдулааҕым буоларыттан саатабын. Төһө да биһиги Сахалар, киин сиртэн ыраах олорбуппутун иһин. Биһиги испитигэр ити Уримжинов курдук былыргыннан олорор дьоннор элбэхтэр диэхпин сөп этэ. Кинини оскуолаҕа учууталлыы да сылдьан, оҕолору күүһүнэн уонна сутуругунан кутаан иитэр идэлээҕин истэр этим кынан баран, итэҕэйбэт этим. Онтум баара бу манна кэлэн бэйэтин дьиҥнээх сырайын көрдөрдө. Биһиги киниттэн кэлэйэн , санаабыт адьана сыдьар. Манна баар саха дьоннорун аатын түһэн биэрэр диэхпин баҕарабын. Кини оҥорбут буруйугар эпиэтээтин диэн баҕа санаалаахпыт...-диэн илэ бэйэтин илиитинэн суруйбут суругун аахпыта. Уонна Женя эппит тыларын санаан кэлбитэ..-Он какой то противный....не по душе мне этот Анатолий -диэбит тыллара иһиллэргэ дылы кыммыта. Прохар кыыс туһунан ыйыппытын Пивоваров Лебедева Евгения үөрэҕиттэн үүрүллэн, ханна барбытын билбэппин диэн сапсыйан кэбиспитэ. Аны бу миигиттэн сылтаан Женяны үөрэҕиттэн уһулбуттар диэн санаа Прохарга охсулан ааста. Пивоваров Прохарга эйиэхэ адбакаат анамытын туһунан эпитэ. Уонна бү күннэргэ , эйиэхэ кэлэ сылдьа диэн этэн баран тахсан барбыта. Прохар хаамыратыгар кэлэн Аврам Соломоновичка тугун хайдаҕын кэпсээн бирбитигэр киһитэ эпитэ. -Да...дьэ дьалаҥ кусаҕан эбит...Хайдаҕын да иһин эйигин түбэһиннэрэр буолбуттар....Эйигин күүстэринэн ол өлүгү эйиэхэ сыбыы сатыахтара....ону тулуйарыҥ эрэ наада...Тулуйдаххына ...Баҕар ол кынан баран , ол эмиэ кутталаах...Эйигин бэйэтигэр тиийимит да кынан кэбиһиэхтэрин сөп...Мин санаабар эн ол киһини бэйэҕэр ылынарыҥ ордук буолуо этэ...Ол кынан баран, эн кинилиин бииргэ сылдьан атаанаһан итинникэ тиийбит курдук оҥороруҥ рдук буолуо этэ...Тоҕо диэтэххэ ол киһи омук, эн да омуккун ол иһин бииргэ сылдьан сатаспакка өлөрбүт буолаххына Государственнайтан , үһүс главаннан өлөрүү эрэ киэнинэн көрүлүөҕүҥ этэ 102 или 105 диэҥҥэ бэйэтин көмүскэниитин таһынан барбыт диэҥҥэ үктэтэ сатыаххын наада...оччоҕо аҕыйах сылы ылаҥ этэ..-диэн эптигэр Прохар өһүргэнэн ойон турда. -Суох...Суох...мин киһини өлөрүүнү ылыммаппын..-диэн баран, тэйэ хааман барда.....
Биир түүн хаартыга оонньуу буола турдаҕына , Прохартан оонньуу олорор дьоннортон Вахтанг диэн эмиэ грузин киһитэ ыйытта. -Мин биир дойдулааҕым Киви хайдах сылдьар...төһө үчүгэйдик хаамыраны тутан олорор.... -Кэрэ...барыта кэрэ...-диэн Прохар эпиэтиир. -Билэҕит дуо эһиги доҕоттоор... тоҕо кини Киви диэн күлүүлээх баҕайы аатааҕын...Чэ мин кэпсиим ....Киви дьиҥнээх аата Гиви Беридзе диэн , Дальстрой хаайытыгар сылдьар кэмигэр хоту дойду уолун кытта доҕордоспут, онтуката тоҥус дуу юкакиир дуу киһитэ. Иккиэн куруук бииргэ сылдьан мас охторор үлэлээхтэрэ . Ууп уһун грузин уолун кытта кыра уҥуохтаах хоту киһитэ , көрөргө наһаа да күлүүлээх буолара. Ол киһи Гивины куруук кэниттэн батыһа сылдьан Киви..Киви...диэн ыҥыра сылдьар буолара. Биирдэ саас икиэн мас охторо сырыттахтарына эрдэ уһуктубут эһэ кинилэргэ саба түспүтэ. Ол хаайылаах сордоохтор туох сэптээх буолуохтарай иики киһи эрбиир эрбиилээх эрэ буолахтара дии.. Эһэ сүүрэн иһэрин Гиви көрөн баран уолуйан туран хаалбыта...Онтон били кыракый киһитэ эрбиини сулбу тардан ылаат эһэҕэ ыстамыта. Үрдүгэр саба түһэн эрэр эһэҕэ эрбии тииһинэн айаҕар батары биэрэн баран эһэ төбөтүн ыбылы кууһан ылан баран эһэҕэ хатаастан сылдьан киһитигэр хаһыытыыр үһү -Киви..Киви...Киви...Охрана наада..Киви ..Охрана наада...Гиви онно дьэ өйдөнөн баран саалаах охранигы ыҥыран кэлбитэ, киһитин көхсө барыта хаан бөҕөтө буолан баран эһэтигэр хатаастан баран сылдьар эбит этэ. Охраник эдэр салдаат уола ону көрөн кутанан баран турдаҕына Гиви уолтан саатын харбаан ылан кэлэн эһэни тирээн турааран өлүөр диэри хаста да ытыалыыр. Эһэ хамсаабат буолбутугар биирдэ ттохтуур. Онтон сааттын салдаатын диэкки быраҕан баран киһиитэ тыынааҕын бэрэбиэркэлээри тиийбитигэр киһитэ кинини көрөн - Киви...Киви...Молодец ...медведь убил...Киви Молодец..-диэн баран өйүн сүтэрэн хаалбыт этэ. Ону Гиви ол киһитин илиитигэр көтөҕөн лааҕыр балыыһатыгар диэри сатыы илдьибит этэ..Ол баран иһэн салдаат уол киниэхэ көрдөһө сатаабыт , эһэни кини өлөрбүтүн курдук этэригэр ..Гиви киһитин лазариетка аҕалбыта өйдөнөн кэбитэ уонна Гиви диэкки көрөн баран - Киви ты живой...Киви..хоросо что ты живой...Киви...Киви..-диэн баран тыына быстаахтаабыта. Ол салдаат уол эһэни өлөрбүтүн иһин дьиэтигэр уопускаҕа баран сыньанан кэлбит. Ол кэннэ Гиви, уонна миигин Киви диэн аатыыгыт диэн , кинини өлөртөн быыһаабын хоту хорсун уолун ыҥырар аатые ылыммыта....-диэн түмүктээбитэ Вахтанг.
Прохар хаартыга сүүйүү бөҕөтө буолан , Крестыы үрдүнэн төлөһүйэ көпүтэ. Уруһуй уонна Черчения уруогун ыыта сылдьыбытын иһин киниэхэ Художник диэн ааты иҥэрбиттэрэ. Прохар үчүгэйдик уруһуйдуурун көрөн сөҕөллөр этэ. Көрөн олорон харандааһынан киһини уруһуйдаан биэртэлиир буолана, ытыс үрдүгэр сылдьар буолан киирэн барбыта. Биирдэ көннөрү уруучуканнан сүүрбэ биэстээх солкуобайдаах харчыны үүт үүкчү уруһуйдаан Джокердаах Кивини соһуппута. Киви ону көрөн баран -Талаан сылдьар эбиккин...Мин доҕордоох этим...эмиэ Саха сириттэн сылдьар Слепцов Степан диэн уол, кини эмиэ олус үчүгэйдик уруһуйдуур этэ..-диэн баран көхсүгэр баар татуировкатын устан көрдөрбүтэ. Оҕотун көтөҕөн турар Сассоферрато уруһуйа үүт үүкчү уруһуйдаммыт этэ. -Ити били кэпсиир уоларын уруһуйа дуо - диэн ыйыппыта Прохар. -Кини...Кини сырдык кэриэһин ытыктаан , доҕорум ыҥырар аатын билиҥэ дылы илдьэ сылдьабын...Өскөтүн кини онно куотан хаалбыта эбитэ буоллар миигин баҕас ол эһэ сиирэ хаалбыта. Доҕорум муҥнаах мин туспар бэйэтин олоҕун кэрэйбэккэ туран эһэҕэ утары барбыта....Дьэ кыра киһи диэтэххэ санаата күүстээҕэ сүрэ бэт эбит этэ...Сыгыньах илиитинэн эһэҕэ киирэр диэн...Тыынаах хаалбыта буоллар, төһөлөөх үчүгэй буолуо этэй.....Кини мин илиибэр быстаахтаабыта. Биһиги кинилиин, сэттэ сылы быһа бииргэ эн мин диэн сылдьыбыппыт. Степканы уон сылга болдьохтоон хаайыга тубэһинэрбиттэр этэ. Куораттан бэрибэркэлии кэлбит дьоннору тыынан өрүһү туоратаары , тыылара устан иһэр маска кэтиллэн ууга түспүттэр этэ. Бэйэтэ нэһиилэ тыынаах хаалбыт этэ. Ол дьонноро итирик буоланнар тута тимирэн хаалбыттар. Ол иһин кинини соруйан өлөртөөһүн быһыытынан түбэһинэрбитэрин кэпсиирэ. Мин кини кэпсиирин итэҕэйбэт этим...Эһэни, бөрөнү соҕотоҕун сылдьан бултуубун диэн кэпсиирин....Онтум баара....Бу да сырыттарбын доҕорум биир соҕотох уолугар , куруутун харчыннан көмөлөһө сылдьабын...-диэн кэпсээбитэ Киви.
Прохга дьоннор татуировка оҥотороору кыммытарын акаастаан, уруһуйун эрэ уруһуйдаан биэртэлиир буолбута. Онтуката да сыанаҕа турар буолан харчы киирэ турара. Акастаабыт биричиинэтинэн Джокер сүбэтинэн Партакка киирэн биэримэ диэн сүбэлээбититтэн тахсыбыта. Биридэ адвокатынан анаммыт эдэр баҕайы уол кэлэ сылдьыбыта уонна туох буолбутун сиһилии истэн баран, ону маны бэлиэтэмитэ буолан баран баран таастыы сүтэн хаалбыта. Ол курдук ыйы быһа кинини умнан кэбиспиттэрин курдук, туох да билибэтэҕэ. Прохар биирдэ эмит киэһэтин баран хаартылаан кэлэр буолан, бириэмэтин билбэккэ ааһар буолбута. Дойдутугар туох хайдах сурах тарҕаммытын билиэҕин баҕарар этэ кынан баран. Киниэхэ ким да суруйбат уонна бэйэтэ да кимҥэ да суруйбат этэ. Слиэстибийэ бара турар кэмигэр эйиэхэ бобуллар диэбиттэрин иһин, суруйа да сатаабат уонна суруйар киһитэ да суох этэ. Эппиккэ дылы, бу түрүмэ да иһигэр харчылаах буоллахына тугу барытын булуохха сөп этэ.Үчүгэй ыраас таҥас, ас арааһын ..тугу баҕарбытыҥ барыта баар этэ.
Прохар хаартыга ,Магадаантан сылдьар Босман диэн хос аатаах киһини улахан иэскэ килэрбитэ. Киһитэ кыайан төлөспөт иэскэ киирбитин билинэн улахан санааҕа ылларан , саҥата иҥэтэ суох сөҥөн баран сылдьарын атын хаайыылаахтар көрөн үөрбиттэр көпүттэрэ. Босман бэйэтэ дьон бөҕөтүн иэскэ килэрдэҕинэ , төһөлөөх дьон олоҕун аймаан аһымат буоларын Прохар истибитэ. Ол иһин Босманы кэһэтэ түһүөн баҕарбыта. Джокертан биирдэ ыйыппыта. -Босмантан иэспит хайдах төнүннэрэбин. Эбэтэр атынынан төлөтөрөрүм сөп дуо. -Эн иэскин бэйэҥ билэҕин....Эйиэхэ иэскэ киирбитин элбэх манна элбэх дьон билэр. Холобура...эн ити иэһиҥ суотугар , тугу баҕарар кыннараыҥ бэйэҥ дьалаҥ...Ол кынан баран , ол төлөрүйүүтүн...эпиккэ дылы эмиэ туоһулааччы баар буолуохтаах, кэнники ол бу буолбатын туһугар - диэн кэпсиир Джокер. -Оннук буоллаҕына...иэһи иэскэ диэбиккэ дылы, миэхэ иэстээх киһи баар...Ол киһини..... -Тугу этэргин арааһата сэрэйдим быһылаах....Ол кынан баран ол бэйэҥ дьалаҥ...Туоһуннан буолуохпун син... -Оччоҕо олус үчүгэй....Хас киһи туоһу буолуон сөбүй.. -Миигин кытары дөссө, Киви буолаҕына сөп...Биһи тылбыт мээнэ буотаҕа биллэр...Босман бу күннэргэ босхолонобун диэн аһары баран иэскэ киирэн хаалла акаарытыгар. Мин саныахпар кини фуфлыжник аатын сүгүөн баҕарбатаҕа буолуо...Эпикин кыаллар дьалата буолаҕына ылыныаҕа дии саныыбын...Онон уһаппака тугу баҕарбыккын үчүгэйдик толкуйдаан баран этиэххин наада этэ. Босман абтарытатаах хаайылаах ону өһүргэппэт курдук...Чэ ону бэйэҥ толкуйдаа...мин туоһу эрэ буоларга баарбын иэс төлөрүйүүтүгэр.
-Босман...иэскин төлөһөргөр бэлэмҥин дуо -диэн Прохар кэпсэтиини саҕалаата. -Мантан хантан оссо элбэх харчыны булан биэриэ дии саныыгын...Сотору мантан таҕыстахпына төлөһүөм диэн эппитим дии....Или эн миигин итэҕэйбэккин дуо Художник...-диэн ыйыта көрүстэ. Кэпсэтии тематын сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, Прохар диэкки кыыһырбыт харахтарынан көрүтэлиир. -Итэҕэйии диэн..итэҕэйии...Ол кынан баран хаарты иэһэ диэн бэйэҥ билэҕин....Мин эйиэхэ биир дьаланы тэээри кынабын...Холобура онно сөбүлэһэр буоллаххына иэскин, төлөспүт курдук саныам дии саныыбын...Ону эн туох дии саныыгын...-Прохар Босмантан ыйытар -Кыаллар дьала буоллаҕына үөрүүнү кытта ылынылыа....Онтон кыалыбат буоллаҕына.....-диэн ыйытар Босман. -Ону бэйэҥ бэккэ диэн билэҕин дии Босман -диир Прохар. -Эн...кимҥиний...миигин үгүс зуонаҕа билэллэр..Биир да сруоогу тэпсибэккэ сылдьан ...Эн миигин ...-диэн Босман кыыһыран киирэн барбытыгар, кэпсэтиини истэ олорбут Джжокеры кытта Киви саҥаран барда. -Ша..ша..Босман эн туох буоллуҥ....Бэйэҥ дьоннору иэскэ ыйатаалаан хайдах сордуургун умуннуҥ дуо...Художник бэйэ киһитэ...Джокер да атын маннааҕы аптарытыатаах олороочулар онно эпиэтиэхтэрэ...Эбэтэр иэскин төлөөмөөрү ол бу буолан , олорбутуҥ олорботоҕуҥ диэн киэбирээри кынаҕын дуо...-диэн Босмаҥҥа эттэ. -Киви...суох мин төлөспөппүн диэбэппин...Художник бэйэ киһитэ буоларын мин да билэбин...Суох ол бу буолбапын сыыһа өйдөөтүгүт....Туох да диэн баайсыбаппын..-диир ыксааыт Босман. -Тохтоо Боман...эн эт Художник эйигиттэн ыйытта дии...Кини услуобуйатыгар сөбүлэһэҕин дуо диэн. Эн ону эт ..Биһиги онно туоһу буолабыт Киви уонна мин...-диэн Джокер Босмаҥҥа эппитигэр киһитэ , олоро түһэн баран . Прохар диэкки көрөн баран эттэ. -Художник эппитим курдук кыаллар буоллаҕына ылсам...суох буоллаҕына..Чэ истэбин, тугу этээри кыммыкыный... -Мин биир дойдулааҕым баар... -диэн Прохар Босмаҥҥа тугу баҕарбытын . Босман олорон толкуйдуу түһэн баран, туран илиитин Прохарга уунна уонна. -Мин санаабар кыаллар дьала....Барытын эппитин курдук оҥоруом...
Сивцев Анатолий дойдутугар кэлэн үлэ үөһүгэр түспүтэ. Ленинградтааҕы быһылаанын кусаҕан түүл курдук санаан төбөтүттэн киэр элиппитэ. Туоҕу саныырын следователь Пивоваровка барытын кэпсээн да биэрбитэ үчүгэй эбит. Холобура Уримжиновы көмүскэһэн үөрэҕиттэн да үлэтиттэн да үүрүлүөн баҕарбатаҕа. Били Лебедеваны кытта Егоров көмүскэһэннэр ыттыы үрүлүбүттэрэ. Ону санаатаҕына куттанан сүрэҕэ салыбыраан ыларга дылы билигин даҕаны. Женя кыыска сэрэтэ сатаабыта ээ...Итиччэ үчүгэй кыыһы куотаран кэбистэҕэ кыһыытын. Чэ кининнэн эрэ кыыс бүппэтэх буолухтаах. Үөрэҕин бүтэрэн кэлэн билигин дириэктэр солбуйаачытыгар дылы үрдээбитэ да үчүгэй киниэхэ. Үрдүк должнастаах киһи , эппикэ дылы эдэр учуутал кыргыттарга билигин былдьаһыкка сылдьар. Уруккутун курдук кинини сэнээн бүттүлэр.Билигин очуотун оҥорон баран дьиэтигэр барыаҕа....Онно муузыка учуутала кыыһы ас астата көмөлөһөргө көрдөһөн ыыпыта. Билигин дьиэтигэр тиийиэ ...уонна...уонна... Оскуолаттан тахсан дьиэтин диэкки , бытаан соҕустук хааман ол буну көрө көрө тиийдэ. Хоһугар киирбитэ миньигэс ас сытынан көрүстэ...Ити аата кыыһа тугу соруйбутун толорбут. Дьиэтигэр кистэммит сухой арыгытын таһаара иккиэн иһиэхтэрэ. Оччоҕуна ити кыыс киниэнэ.... -Катюша...туох үчүгэй миньигэс сытай -диэбитинэн кыыска утары хааман тиийдэ. Уонна кыыһы кууһаары кыммытын кыыһа куота тэйэн биэрдэ. Уонна остуолу бэлэмнээн киирэн барда. -Анатолий Егорович...мин барыахтаахпын. Сарсыҥҥы уруоктарбар иҥин бэлэмнэниэххпин наада этэ..-диир Катя. -Миигин кытта олорон аһаан баран барыаҕыҥ ..ыксаама..-диэн баран баран ыскаабын түгэҕиттэн бытыылкалаах сухойун хостоон таһаарда...- Кыратык сылаа таһаарына түһүөххэ , уонна эн биһиги чугастык билсэрбитигэр тос көтөҕүөхпүт. -Эс..суох...мин испэппин -диир Катя. -Сатар биир үрүүмкэтэ көтөҕүс...сатар биири -диэн Толя кыыск үрүүмкэни туттаран кэбистэ. -Чэ буоллун бү кэннэ ...уонна олох испэппин -диэн баран кыыс үрүүмкэтин охсуһуннаран баран , барытын биирдэ хантатан кэбистэ.....
Анатолий,кинини ким эрэ сахсыйарыттан өйдөнөн кэлбитэ...Муостаҕа олорор этэ, кинини ббиир милиицийэ үлэһитэ уолугуттан тутан баран сахсыйа сахсыйа тугу эрэ ыйытан , айаҕа эрэ хамсыыр этэ...Төбөтүн иһэ ку-хаа буолан тугу да истибэт...Арай илиитин көрбүтэ илиитэ барыта хаан буолбут этэ...тугу да өйдөөбөккө мээнэннэн көрүтэлии олорон арай....оронугар ким эрэ сытар этэ. Нэһиилэ сиртэн оронон туран көрбүтэ, оронугар сыгыньах кыыс сытар этэ. Анатолий кыыска чугаһаан кэлэн көрбүтэ ....Катя кыыс сытар этэ...Ол кынан баран...Барыта кыа хаан быыһыгар.... -Көр бу тугу гыммыкын....-диэн баран милиицийэ үлэһитэ кинини кэнниттэн бүөгэ кибилиннэрдэ - Арыгы иһэрдэ ..кыыһы күһүлүү сатаабыккын...Уонна көр ити...Хайдах кыммыкын....-диэн баран дөссө төгүл, бүөргэ оҕуста. -Мин...буотах...мин...буотах....-диэн нэһиилэ ыган саҥарда Анатолий. -Дөссө туох диигин ...-диэн баран кэлэн илиитин кэдирги тутан наручнигы кэтэрдэн кэбистэ. Уонна саҕатыттан тутан муннукка турар олоппоско олордон кэбистэ - Манна олоро түс.. экспертар кэлиэхтэригэр дылы...Ол бу буолан саҥаран көр эрэ...Ытан кэбиһэн баран куотааары кыммыта диэҕим...Өйдөөтүҥ дуо, Суолас....-диэн кулгааҕыгар хаһыытаата. -Сөп...Өйдөөтүм...-диэн Анатолий өлөрүттэн куттанан сөбүлэһэ охсон. саҥата суох көрө көрө олордо. Сотору соҕус хоһун иһигэр киһи бөҕөтө кутуллан киирдэ. Элбэх баҕайы милиисийэ үлэһиттрин кытта оскуола дириэктэрэ эмиэ кэлсибит. -Табаарыс майор...Гражданиин Сивцев, бу эдэр кыыһы өлөрбүтэ барыта бу бэйэҕит көрөргүт көстөн сытар...Мин кэлэрбэр гражданин Сивцев муостаҕа утуйа сытар этэ. Илиитигэр бу быһаҕы тутан баран сытар этэ..-диэн баран тирээпкэҕэ суулана сылдьар быһаҕы арыйан көрдөрдө...- Мин санаабар кыыһы маҥнай , бытыылканнан төбөҕө саайан дөйүппүт..Уонна ороҥҥо көтөҕөн илдьэн күһүлээри кыммыта, кыыһа өйдөнөн кэлбит быһылаах.. Онтон...бу бэйэҕит көрөҕүт..-диэн ыйан көрдөрдө. -Ким тыллаан, эн манна кэлбиккиний -диэн майор ыйытар. -Сосед киһитэ,түүҥҥү симиэнэтиттэн кэлэн аана аһаҕас турарын иһин өҥөйөн көрбүт, уонна миэхэ тыллаабыта. -Семен Егорович, бу эн үлэһитиҥ дуо...-диэн майор ыйытар оскуола директарыттан. -Мин үлэһитим....Ити кыыс.....эмиэ, бу соторутааҕыта биһиэхэ ананан кэлбит учуутал кыыс.-диэн эттэ. -Кыыс аата суола ...-диэн ыйыттта кинилэри кытта кэлбит лейтенант званиялаах киһи. -Екатерина Егорова ....Повловна...Егорова Екатерина Павловна музыкаҕа учууталынан ананан кэлбит кыыс...Ээ...кэлбитэ.. -Чэ сөп...быһарсахпыт...Эһиги барыаххытын сөп. Манна слиэситибийэ буоларыгар мэһэйдээмэҥ. -дмиэн майор дириэктэргэ эттэ.
Хас да күнү быһа хаайтаран Дьокуускай куораттан Босман , дьэ сөмөлүөккэ регистрация буолбутугар , айдаан бөҕөтүн таһааран быһалыы киирэн билиэтин регистрациялатта. Сөмөлүөккэ киирэн олорон Художника биэрбит тылын толорон бу айаннаан истэҕэ. Кини сөмөлүөтүнэн көтөрүн олох сөбүлээбэт этэ. Билигин кырата уон чаас курдугунан көтөн тиийиэхтээх. Онтон салгыы хайдах айаныырын билбэт. Бу кэриэтэ, борохуотунан төһө баҕар устуоҕун сөп этэ. Сор бөҕөтүн көрөн , утуйар утуйбат ыккардыгар олорон, дьэ сөмөлүөтэ түһэргэ бэлэмнэммитин сэрэйэн . Сырайын хараҕын мускунан ылла. Бачча ыраахха бу айанаан кэллэҕэ. Эппит тылыгар турар буолан бу айаннаан кэллэҕэ. Кини Художникка төлүөхтээх иэһэ дьигинэн элбэх этэ эбээт... Сөмөлүөттэн тахсан , бөһүөлэккэ туох барарын дьонтон ыйыталаһан ,Зил 157 масыына кузовыгар олорсон бөһүөлэги булла. Уонна оскуола дьиэтин ыйдаран , сатыы хааман тиийдэ. Биир оҕо ааһан иһэриттэн библиотека ханна баарын ыйытта. Оскуола иһигэр киирэн , Библиотека диэн суруктаах ааны арыйан иһирдьэ киирдэ. -Дорооболоруҥ...-диэн баран аан аттыгар кэтэһэн турда. Түгэх диккиттэн кэрэ көрүҥнээх уһун уҥуохтаах нучча кыыһа хаамн кэлэн. -Дорообо...эһиги туохха наадыйдыгыт - диэн ыйытта. -Миэхэ Евгения Юрьевна наада буолан кэлэн турабын...-диэн Босман , буруйдаммыт оҕолуу туттан муостаны көрөн баран турда. -Мин Евгения Юрьевнабын...эһиги туохха миэхэ наадыйдыгыт....-диэн Женя эмиэ кинини сүгүн үлэлитимээри кыммыттарыттан куттанан ыйытта. -Мин эйиэхэ сурук уонна посылка аҕаллым -диэн сибиттэн таһаара суругу туттарда. Уонна суумкатын иһиттэн хаһыакка суулааҕы хостоон таһааран , кыыска уунна..-Бу посыылка бу баар. -Ким миэхэ ол сурук ыытар...-диэн Женя киирбит киһиттэн куттанан көрөн баран турда. -Эн маҥнай суругу аах...оччоҕо барыта билиэҕэ буоллаҕа...Миигиттэн кутаныма, мин таска табаахтыы тахсыам...-диэн баран Босман тахсан барда. Женя суругу арыйа баттаат , ааҕан киирэн барда.
Женя Дорообо.... Бу мин Прохар Уримжинов суруйан эрэбин. Миигин эн бырастыы гынарыҥ дуу суоҕа дуу..Ону мин билбэппин, мин бу манна буруйа суохпар тутуллан олоробун диэн эйиэхэ этэбин. Эйигин уонна Егоров Сэмэни үөрэхититтэн устан кээспиттэрин миэхэ следователь Пивоваров кэпсээбитэ.Миигин көмүскэһэн бэйэҕитин уган биэрбиккит, ол кыһыылаах...Дьиҥинэн миигин көмүскэһиэ суохтаах этигит....Анатолий Сивцев сөпкө кынан , үөрэҕигэр хаалан салгыы үөрэммитэ. Мин киниэхэ кыыһырбаппын , киһи бэйэтин олоҕу оҥостуохтаах ..Чэ ити хааллын дьылҕам миэнэ буоллаҕа. Эн хайдах олордуҥ..Баҕар суруйар буоллаххына суруйуоххун сөп....Баҕарар буоллаххына. Мин күүспүнэн суруй диэн эппэпин. Уонна эйиэхэ туттаргар харчы ыытабын. Миигин мантан ханна илдьэллэрэ биллэ илик, суутум да буола илик. Харчыны бэйэҥ көрөҥҥүн тутун. Чэ бары үчүгэйи кытта. Прохар Уремжинов
Женя Дорообо....
Бу мин Прохар Уримжинов суруйан эрэбин. Миигин эн бырастыы гынарыҥ дуу суоҕа дуу..Ону мин билбэппин, мин бу манна буруйа суохпар тутуллан олоробун диэн эйиэхэ этэбин. Эйигин уонна Егоров Сэмэни үөрэхититтэн устан кээспиттэрин миэхэ следователь Пивоваров кэпсээбитэ.Миигин көмүскэһэн бэйэҕитин уган биэрбиккит, ол кыһыылаах...Дьиҥинэн миигин көмүскэһиэ суохтаах этигит....Анатолий Сивцев сөпкө кынан , үөрэҕигэр хаалан салгыы үөрэммитэ. Мин киниэхэ кыыһырбаппын , киһи бэйэтин олоҕу оҥостуохтаах ..Чэ ити хааллын дьылҕам миэнэ буоллаҕа. Эн хайдах олордуҥ..Баҕар суруйар буоллаххына суруйуоххун сөп....Баҕарар буоллаххына. Мин күүспүнэн суруй диэн эппэпин. Уонна эйиэхэ туттаргар харчы ыытабын. Миигин мантан ханна илдьэллэрэ биллэ илик, суутум да буола илик. Харчыны бэйэҥ көрөҥҥүн тутун. Чэ бары үчүгэйи кытта.
Прохар Уремжинов
Босман табаахтаан киирбитэ , Женя ытаабыт харахтаах олопоско олорор этэ, Босман киирбитигэр киниэхэ ытары хааман кэлэн. -Прохар буруйа суоҕун мин билэр этим...Ол иһин манна бу кэлэн олордоҕум...Тоҕо кинини итинник буруйдаабыттарын мин сэрэйэбин. Билигин да миигин саныырыттан мин үөрдүм. Мин да кинини санаабатах күнүм суох курдук....Эн миэхэ кини туһунан сиһилии кэпсээ...Хайдах онно сылдьарын, доруобуйата санаата хайдаҕын..-диэн Женя Босмантан ыйытта. -Художник...Ээ..Прохар олус үчүгэйдик сылдьар диэххэ сөп...Кини мин таххарбын билэн..миигиттэн көрдөспүтэ. Олус үчүгэйдик билэр киһибэр ....Баар суох таптыыр киһибэр..-диэн Босман бэйэтэ эбэн биэрэн эппитэ..- сурук тиэрдэн уонна посыылка тиксэрэрбэр. Биһиги бэйэҥ билэриҥ курдук эппит тылбытыгар туоҕун да иһин толорор дьоммут. Ол иһин бу ырааҕын , айана эрэйдээҕин көрбөккө туран бу кэлэн турдаҕым...Балтыкам эн...Ити Балтыкам диирбиттэн эн соһуйума...сурук суруйар буоллаххына миигиннэн ыытыаххын сөп...Прохар баҕар бу кэмҥэ, ханна айаннаабыта билибэт. Онтон мин, булан тиксэриэҕим ол туһугар эрэниэххин сөп. Онон эпиэккин миигиннэн ыытар буоллаххына суруйа охсоруҥордук буолуо этэ...Мин манна уһаабатым ордук буолуо этэ. Уонна ити ыыппыт харчытын...олох ыларгар көрдөһөбүн...Бэйэҕин кытта илдьэ хаалан, баҕар тугу баҕар кын....ол бэйэҥ дьалаҥ. Мин итини төттөрү ыларым...эпиккэ дылы ...Чэ ону эн билэриҥ наадата суох. Суруккун суруй...-диэн Босман быһааран биэрдэ. Уонна отуолга сытар Огонек сурунаал сытарын ылан олопоско олорон , аахпыта буолан барда. Женя остуолугар олорон Прохарга сурук суруйан барда..
Прохар Степанович Дорообо. Кырдьыгынан эттэххэ суруккун тутуом дии олохох санаабатаҕым...Бүтэһикпин эйигин көрөөрү Кресты изоляторга баран эйигин кытта көрсөөрү кымыппын, эйиэхэ көрсүһүү да сурук да көҥүлэммэт диэн, эпиттэриттэн хомойон төттөрү төнүбүтүм. Семен Егоровтуун Саха сиригэр кэлбиппитин кэннэ. Министерствоҕа айдаан бөҕө буолан көрсүбүттэрэ. Иккиэмитин ыттыы үүрэн кэбиһээри кыммытарын , мин көрдөһөн бу хоту дойдуга кэлбитим. Онтон Семен уурайан дойдутугар , ыраах ьайҕа киһитэ буолан сырыттаҕа . Итиччэ талаанаах уол дьылҕата сарбылыннаҕа. Эпитим курдук Анатолий, кусаҕан киһитин көрдөрдө....Ону мин туох да диир кыаҕым суох. Эн санааҕын түһэрбэккэ сылдьаргыттан мин наһаа үөрдүм. Уонна ити - Баар суох таптыыр киһибэр диэбиккитэн наһаа да астынным уонна эпэтэхпин этэбин...Мин эйигин эмиэ таптыыбын..Ол саҕана, кыбыстан эйиэхэ эпэтэхпиттэн наһаа да кэлэйэбин...Мин эйигин эбэһээт күүтүөм. Эн миигин эрэн...Мин эйигин эрэнэбин...Ханна тиийбит сириҥ билиннэҕинэ, мантан көһөн онно тиийиэҕим... Евгения.
Прохар Степанович Дорообо. Кырдьыгынан эттэххэ суруккун тутуом дии олохох санаабатаҕым...Бүтэһикпин эйигин көрөөрү Кресты изоляторга баран эйигин кытта көрсөөрү кымыппын, эйиэхэ көрсүһүү да сурук да көҥүлэммэт диэн, эпиттэриттэн хомойон төттөрү төнүбүтүм. Семен Егоровтуун Саха сиригэр кэлбиппитин кэннэ. Министерствоҕа айдаан бөҕө буолан көрсүбүттэрэ. Иккиэмитин ыттыы үүрэн кэбиһээри кыммытарын , мин көрдөһөн бу хоту дойдуга кэлбитим. Онтон Семен уурайан дойдутугар , ыраах ьайҕа киһитэ буолан сырыттаҕа . Итиччэ талаанаах уол дьылҕата сарбылыннаҕа. Эпитим курдук Анатолий, кусаҕан киһитин көрдөрдө....Ону мин туох да диир кыаҕым суох. Эн санааҕын түһэрбэккэ сылдьаргыттан мин наһаа үөрдүм. Уонна ити - Баар суох таптыыр киһибэр диэбиккитэн наһаа да астынным уонна эпэтэхпин этэбин...Мин эйигин эмиэ таптыыбын..Ол саҕана, кыбыстан эйиэхэ эпэтэхпиттэн наһаа да кэлэйэбин...Мин эйигин эбэһээт күүтүөм. Эн миигин эрэн...Мин эйигин эрэнэбин...Ханна тиийбит сириҥ билиннэҕинэ, мантан көһөн онно тиийиэҕим...
Евгения.
Диэн суруйан бүтэрэн баран , конверт көрдөөн булумахтаммытын Босман көрөн эттэ. -Балтыкам...биһиги бэйэбит туһунан конвердаах дьон буолабыт, суруккун аҕал миэхэ. Почтатааҕар биһиги почтабыт быдан эрэбиллээх буоллаҕа -диэн мичээрдээн ылла.
Босман куорат пордуттан таксии булан, элбэх харчы төлүүҕүм диэн суоппар киһини нэһиилэ кэпсэтэн Прохар олорбут дэриэбинэтигэр дылы айанаан тиийбитэ. Суоппарын күүтэригэр кэпсэтэн, оскуолаҕа тиийэн Анатолий Сивцевы ыйыппытыгар, Муоста сууйа сылдьар саха эмээхсинэ, куттаммыттыы Босман диэкки көрөн баран, нэһиилэ саҥарбыта. -Кини...кини...учуутал кыыһы өлөрөн тутуллубута....-диэн нэһиилэ, быһааран биэрбитэ. -Эн эмээхсин миигиттэн куттаныма....Мин Ленинград куоратыттан кэллим, хаһыакка үлэлиибин...Тугу билэргин сиһилии кэпээ...-диэн хаайда. -Мин хантан билиэмий...дьон кэпсээбитинэн эрэ билэбин. Ол киһи эдэр учуутал кыыһы быһаҕынан аньан өлөрбүт диэн кэпсииллэр. Онон куоракка тутан илдьэ барбыттар сурахтааҕа...уонна тугу да билбэппин -диэн баран эмээхсин , оскуолатын сууйбута буолан барда. Босман истибэтэҕин истэн, төттөрү кэлбит масыынатыгар тиийэн куоракка айанаата. Масыынаҕа олорон Прохарга туох диэн этэрин толкуйдуур. - Лебедеваны көрсөн , посыылкатын тиэрдибитин уонна эпиэт сурук аҕалбытын туһунан этиэ...Онтон Сивцев диэн киһитин булбатаҕын туһунан эттэҕинэ , киһитэ итэҕэйиэ эрэ итэҕэйимиэ эрэ. Ити эмээхсин кэпсээбитин этиэ буоллаҕа...Оччоҕо иэһиттэн төллөрүйэр эрэ , төлөрүйбэт эрэ...Ситэри кыаллыбатах дьаланы...Чэ хайдаҕын да иһин , эппитин толоро сатаата.....-дии саныы олорон утуйан барда. Суоппар Босманы куорат пордугар аҕалан баран тардыалаан уһугуннарда. Босман суопарыгар кэпсэппит харчытын туттаран баран тахсан барда. Прохар киниэххэ кэлэргэр бараргар уонна суол ороскуотугар диэн элбэх харчы биэрбитэ. Ол иһин Босман гостиницаларынан уонна рестораанарынан куттаммакка сылдьаталаабыта. Дьигинэн Босман ити уолу кытта бодуруһан доҕордостоҕуна , хаартыга элбэх харчы эргитиэ этилэр. Ол иһин бу сырыттаҕа...
Анатолийы куорат ттүрүмэтигэр аҕалан хаамыраҕа соҕотохтуу хаайан кэбиспиттэрэ. Манна кэлиэҕиттэн Толя дьэ улахан санааҕы ылларда.- Ити баар....Ити баар...тоҕо да арыгы испитэ буоллар....Эпитэ ээ киниэхи Ийиэтэ муҥнаах...-Туокаа...олох арыгыны иһээйэҕин тойуом...Эн оҕо сылдьан төбөҕүн улаханнык эчэтэн тураҕын....-диэн куруутун этэр буолар этэ эбээт....Кини билэр этэ, кыыһырдаҕына эҥин бэйэтин кыайан туттумат буолуор диэри уларыйарын....Итирдэҕинэ, элбэх арыгы истэҕинэ, тугу да өйдөөбөт буолан хааларын билэрэ...Бу да сырыыга, кыыс барабын диэбититтэн кыыһырар курдук этэ....Онон манан син өйдүүр эбит ...Катя кыыс...Таах даҕаны арыгы иһэн...Билигин кини хаайылаах...Хайылаах...диэбиккэ дылы...Прохар Уримжиновы туох да буруйа суох киһини...эмиэ кыыс туһуттан....Маны этэн эрдэхтэрэ...атын киһиэхэ дьаама хаһыма диэн...Буруйа суох...Буруйа суох...Онтон кини буруйдаах...Ол иһин таҥара накаастаата быһылаах, кутанан бэйэтин олоҕун туһуттан кутанан туох да буруйа суох киһини хаайыыга ыытан. бэйэтигэр эргийдэҕэ....Ол кынан баран кини буруйдаах....Буруйдаах...Хайдах гынарбын мин билэбин...Билэбин...-диэн санаан баран Толя сыттык хаатын уһулан ылла....Оскуоланы бүтэрэр сылыгар этэ....Аҕата күн аайы арыгы иһэн баран, кэлэн Ийэтин сордуурун иһин Ийэтэ бэйэтигэр тиийиммитин булбуттара....Ийиэ...Ийиэ...мин билэбин...тугу гынарбын билэбин -диэн баран, орон баһыгар быа биир баһын баайан баран , биир өттүн төбөтүгэр кэттэ.....-Мин билэбин...Тугу гынарбын билэбин...-диэн баран, атаҕын тиирэ тэбэн олорунан кэбистэ.....
Прохар Крестыы түрүмэтигэр сыппыта сыл кэриҥэ буола охсубута. Бу тухары кини дьалатын ити быһаарыахпыт бу быһаарыахпыт дии дии , уһаан кэҥээн тэнийэн испитэ. Адыбакаата биир күн дьалабыт үчүгэй, арыт күн олох кусаҕан диэн соһутар. Прохар мантан тахарын эрэммэт да буолан барда. Манна олоруоҕуттан кини аптарытыата үрдээн, мээнэ дьону кытта тэҥнэспэт уол оҕото буолан сылдьар.. Кинини кытта билэр дьон хаарты оонньообот буолан барбыттара. Онооҕор түрүмэ үлэһиттэрэ кинини убастыыр буолан барбыттара, Прохар Степанович диэн эрэ ыҥырар , аатыыр буолбуттара. Биир күн Прохарга көҥүлтэн бичик кэлбитин тиксэрбиттэрэ. Бичиги Босман суруйбут, уонна Женяттан суруктаах этэ. Маҥнай Босман суругун ылан аахпыта..
Художник Эҕэрдэ..Босман бичийдим. Эн эппикин толорон, ыраах сиринэн тэһэлийэ сүүрэн, бу кэлээт эйиэхэ бичийэн эрэбин. Туолбутун туһунан ити кыыс суруга дакаастыаҕа. Уонна биири иһитинэриэм этэ. Били бииргэ үөрэнэ сылдьыбыт уолуҥ Анатолий, киһини өлөрөн түрүмэҕэ сытарын кэпсээбиттэрэ. Туоҕун хайдаҕын мин сиһилии билбэтим. Сурах хоту иһиттэххэ учуутал кыыһы өлөрбүт диэн, дьиэ сууйаар эмээхсин кэпсээбитинэн эрэ. Ол иһин ол уолу көрсүбэтим....Онон көрдөһүүҥ 70-80 эрэ быраһыанын толордум дии саныыбын. Ону бэйэҥ быһаарыаҥ, иэһим 70 да бырыһана сотулуннаҕына мин үөрүөм..Бары үчүгэйи кытта Босман.
Р.S Мин манна баарбын...Туох наадатын суруй...Бырааттарга,Убайдарга Эҕэрдэ...
Босман суругун ааҕан баран Прохар, салла санаата. Дьон тылыгар турар буоларыттан. Дьигинэн кини итэҕэйбэт этэ...Албынаан да кээһиэн сөп буолаҕа дии..Хаайы сокуона туһунан эйгэлээҕин иһин салла санаата. Босман аптарытыата үрдүүр , тылыгар турар киһи аатын сүктэҕэ. Онтон ылан Женятын суругун ылан аахта....
Таптыырын эппэтэх...Ол да иһин...Женя кинини көрөрүттэн хайдах таайбатах баҕайытай....Баар суох таптыыр киһибэр диэбэтэххэ дылы этим....Ол аата Босман оннук тиэттэҕэ...Оо бу акаары бэйэм да суруйбакка. Мин эйигин эбэһээт күүтүөм..Эрэн ..диэбит .Мин кинини олоҕун алдьатарым сөп дуо..Эдэр сааһыгар ыал буолан оҕолонон. Эбэиэр ол миигин, туга ханныга билибэт киһини күүтэрэ...Чэ өйдөөх кыыс , бэйэтэ быһаарыа...Аны ол бу диэтэхпинэ ,таптаабат эбит дии санаан хомойуо...Көрсөн кэпсэтэр киһи...-дии санаан ылла Прохар. Тэтэрээт лииһин ылан Босмаҥҥа эппиэтин суруйан барда.
Босман Эҕэрдэ...Улахан Улахан Махталбын биллэрэбин...Үтүө киһи тыла биир. Эппитим курдук...Эн миэхэ иэһиҥ, толорү төлөммүт курдук санаа. Манна эйигин дьоннор үөрэ иһиттилэр...Кинилэртэн эйиэхэ Улахан Улахан Эҕэрдэ диэн тиксэрэбин... Уонна биир көрдөһүүлээхпин...Женя туһунан сиһилии суруйаргар....Онтон Анатолий туһунан бэйэм сураһыам. Босман дьөссө төгүл эйиэххэ Махтал ...Эн миэхэ уонна иэһиҥ суох....Тутаах дьоҥҥо ону тиэртим, сөбүлэстилэр да үөрдүлэр да.. Художник. -диэн бичийэн баран ыытарга бэлэмнээн эрийэн баран , трасса диэҥҥэ биэрэн ыыттарда. Оннук аналлаах сурук кэлэригэр барарыгар анаммыт дьоннор баар этилэр.
Биир күн Прохары тиэйэн илдьэн Городской Суд диэн дьиэҕэ аҕалан , киллэрэн биир залга килиэккэ иһигэр хатаан кээспиттэрэ. Бу аата сабыылаах суутара диэн буоларын , киниэхэ кэпсээбит буолан таайа охсубута. Буруйдаачы ааҕыытыттан иһиттэххэ кинини киһи Статья 102. Умышленное убийство при отягчающих обстоятельствах пункт г) совершенное с особой жестокостью диэн буруйданар диэн . Уонна 15 сылы аныырга диэн аахпыта. Адыбакаата ол бу туһунан , мээнэни туһата суоҕу туойбута. Бүтэһиккэ Прохар тыл этэргэ көрдөһөн туран эппитэ. -Бу эһиги, сууд да дьонноро уонна слиэстибийэ да үлэһиттэрэ сымыйаннан дьону суутууугут, атын омук диэн сэнээҥит буруй оҥорботох киһини , буруйдаах оҥороҥҥут хаайыга ыытан эрэҕит..Дьиҥинэн мин ити киһини өлөрбөтөҕүм ...-диэн саҥара турдаҕына харабыл милицийэлэргэ этэн тохтоторон кэбиспиттэрэ..Уонна сууттар бириигэбэрин тута ааҕан иһитиннэрбиттэрэ. Оннук кынан Прохар 15 сылга кытаанах эрэжиимнээх хаайыга түбэспитэ.
Прохары уонна хас да киһини Томбовтаҕы ЯТ-30/1 дылы поездка симэтэлээн тиэйэн аҕалбыттара. Ол бу атын куораттарга тохтоон эбии дьон ылар буолан, өр баҕайы айаннаан нэдиэлэ курдугунан олоруохтаах сирдэрин дтэ булбуттара. Томбов хаайытыгар элбэх сылы ылбыт дьоннор олорор этилэр 15 тэн 25 сыллааха дылы баар этилэр, бу сиргэ. Манна эрдэттэн ким кэлэн иһэрин билэн олорор буолалара . Киһи кэлиэн инниттэн туохха түбэспитэ, ханнык балаһыаньалааҕа барыта эрдэ кэлэр буолара. Прохары кытта манна айанаан барыта отуттан тахса киһи тиэллэн кэбиттэрэ. Үксүтэ өлөрүү, разбой,иҥин курдук ыарахан статьяннан суутаммыт дьон этилэр. Ол иһигэр күһүлээһиҥҥэ түбэспит дьоннор эмиэ баар этилэр. Олору аптарытаттаах дьоннору кытта бииргэ туппакка , туһунан тэйиччи соҕус арыаллыы сылдьар этилэр. Прохар манна кэлиэн иннинэ, кини туһунан бичик кэлбитэ ыраапыт этэ. Уонна кинини кытта маҥнай изольяторга, тиэллэн кэлбит грузин уола баарын көрөн үөрэн киһитин кытта эҕэрдэлэспитэ. Грузин уола Прохары көрөн сүрдээҕин диэн үөрбүтэ. Прохар Кресты изоляторыгар олорон , бэйэтин аптарытыатын үөһээ таһааран, кини туһунан истибит киһи сох курдуга. Уол Прохар диэкки сыҕарыйан кэлэн.
Прохары 7 этэрээккэ анаабыттара, онно Дата эмиэ анаммыта уонна кинилэри кытта кэлсибит Амбушинов диэн кармыык омук уола, анаммыта. Кини вольнай тустуунан дьарыктаммыт буолан кэтит баҕайы сарыннаах, күүстээх көрүҥнээх уол этэ. Сэттис этээрээти үксэ сойуустан түбэспит атын омуктар, уонна атын госудаарыстба омуктарыттан тэриллибит этээрээт буолара. Этэрээт биригэдииринэн эстонияттан сылдьар Чапкаускас диэн киһи этэ. Кэлбит дьоннору биригээдэтигэр илдьэн, биирдии бэйэлэригэр робаларын биэртэлээтэ, уонна мыыла иһитигэр хлорканы туттаран баран- 7 отряд уонна фамилияларгытын суруйуҥ диэн , кыракый хара таҥас луокуйдарын биэртэлээтэ. Бытовой хоско олорон суруйбут бииркаларын тиктэн , иккилии яарустаах оронорго аҕалан хас биирдиилэригэр , эн манна сытаҕын диэн ыйатаалаан бирбитигэ , оронор бастарыгар эмиэ бэлэмнэбит бииркэлэрин ыйаатылар. Оннук бэйэлэрин оҥостон бүппүтэрин кэннэ киэһээҥи аһылыкка барыҥ диэн , барыларын таска үүртэлээн таһаартаата. Таһырдьа тахсаннар этэрээтэр остолубуойга бараары стройдаан туралларыгар, тиийэннэр бэйэлэрин этэрээтэрин булларан биэрдэ , уонна. -Биһиги этэрээпитигэр саҥа дьоннор кэлилэр...Ол бу ыйытар буоллахытына мантан киэһээ ыйытаарыҥ....Ол бу диэн балыгырыыргытын иһиттэхпинэ бу киэһээ аһа суох хаалыхыт..-диэн этээрээтин сэрэттэ. -Ээ...Чапа туох диэн саҥардаҥый...Биһиги аччык хаалахпытына. Бэйэҥ сору көрүө буоллаҕа....Саҥа кэлбит дьоҥҥо былааскын көрдөрө сатыыгын дуо...-диэн этээрээт түгэҕин диэккиттэн саҥа иһилиннэ. Остолобуойдарыгар тиийэн , балаанда диэн астарын аһаабыта буола олордохторуна . Атын этэрээт отуолун диэккиттэн баар киһи хааман Прохар иннигэр тохтоото. -Художник....миигин өйдүүрүҥ дуу суоҕа дуу билбэтим. мин эһиги хаартылыыргытыгар Цыгааны харабыллыы сылдьыбытым крестыы изоляторга...Мин манна кэлбитим сыл аҥаара курдук буолла . Манна миигин Шмайцер диэнинэн билэллэр...Ити тоҥо Шмайцер диир буоллаххына немецтэр Шмайцер автомаатарын атыылаан түбэспитим иһин итинник аат биэрбиттэрэ...Ити эн этэрээккэр көрөөччүннэн молдованин Руссо диэн киһи тутан олорор. Онтон ити бэйэҥ көрбүтүҥ курдук Чапа утуйуу буолуор эрэ дылы киэбирэр...Киэһээ сиһилии кэпсэтиэххпит -диэн баран илиитигэр четкатын эргитэ эргитэ баран иһэн Чапа атаҕын тэбэн ааста.-Туйахтаргын харайа түс эрэ...фашист ыамата...-диэн сиилээбитти көрөн ааста. Киэһээтин Прохардаах ол бу туһунан кэпсэтэ олордохторуна, биир киһи кинилэргэ кэлэн . -Саҥа кэлбиттэр эһигитин ыҥыраллар - диэн баран , төбөтүнэн ыҥыран бэйэтэ сирдээн илдьэ барда. Бараахтар быысарынан хааман Клуб диэн суруктаах дьиэҕэ киирдилэр. Иһирдьэ киирэннэр кулууб түгэҕэр баар хоско килэртээтэ. Киирбиттэрэ киһи бөҕөтө мустан олорор этэ. Прохардаах киирбитэрин көрөннөр , кэпсэтэ олорбут дьон тохтоон кинилэри көрөн олоро түһэн баран, биир кыра хара киһи саҥарда. -Мин Руссо диэммин , бу Маштак ...онтон бу Чеботарь, Мамай, уонна ол турааччы Капкан -диэн били кинилэри сирдээн аҕалбыт киһины ыйан көрдөрдө. -Эһиги кимнээх диэҥитий..-диэн кинилэртэн ыйытта. Уолаттар инилэригэр Прохар тахсан эпиэтээтэ. -Мин Художник диэммин Кресты изолятортан итинник аааттанан кэлбитим...Онтон бу Дата уонна Амбуш...Биһиги ити Даталыын иккиэн Крестыытан кэлибит, Амбуш Бутыыркаттан олосубута.-диэн бэйэлэри билиһиннэрдэ. -Да...Художник уонна Дата туһунан манна бичик кэлбитэ...Киви уонна Джокер эһиги тускутугар тылларын биэрэллэр...-диэн Маштак диэн киһи саҥарбыта. -Амьуш....Амбушинов Дархан көҥүл тустуу маастара, Бутырка түрүмэтигэр икки вертухай илиитин тоһутан сылларыгар эбии эптэрэн манна ананан кэлбит...Бичик баар , бэйэбит киһибит...-диэн Мамай диэн киһи күлэ күлэ кэпсээтэ.
-Туох дии саныыгыт, бары даҕаны уонтан үөһээ сыллардаах эрэттэр эбиккит...Ким үлэлиэн баҕарар үлэлиэ...Ол кынан барн үлэлиир буоллаххытына бэйэҕит билэҕит, мужиктар аатарын сүгэргэ тиийэҕит...Онтон ким...чэ ону бэйэҕит билиэххит....Ээ...Художник, эйигин үчүгэйдик библияны ааҕар диэн сурах баара..Манна даҕаны мунньахтар буолаталыыллар. Онон кыттыһаххын баҕарар буоллаххына...Чэ сылдьан эриҥ хайдах дьоннор кэлбиккитин көрүөхпүт..-диир Руссо молдаван. Ити кэпсэтии кэнниттэн Амбуштаах, Дата Прохар аттыттан арахпат буолан хаалбыттара. Биир сасыарда Чапа бригадиир Прохары уонна Амбуһу промзона диэн сиргэ хаптаһын сааһылыыр үлэҕэ ыытаары эппитигэр Прохар эппитэ. -Иһит эрэ Чапа...эн туох буоллуҥ...кыһыл бэбээскэ кэппит буоллаххына, миигин үлэлэтэ ыытаары кынаҕын дуо...Мин манна баҕа өттүбүнэн кэлбэтэҕим...Онон өйдөө...мин эйиэхэ манна үлэлии кэлбэтэҕим...Хаайыга сыталлар...Мин манна сыта кэлбитим... -Эн ону миэхэ этимэ ..Этэрээт начальнигар этээр...Эн эмиэ барбаккын дуо...-диэн Чапа Амбушиновтан ыйыппытан киһитэ кини диэкки көрөн баран ырбайан ылла..-Чэ сөп....мин эһиэхэ миэстэҕитин булларыаҕым..-диэн баран .Атын дьоннорго үлэ түҥэтэ барда. Үлэттэн акаастаммытарын иһин Прохар уонна Амбуш этэрээт начальныга кэлэн . -Кэллэ кэлээт...Бэйэҕитин көрдөрөн эрэҕит дуо...Бүтэһигин ыйытабын, үлэлиигит дуу суох дуу...-старшай лейтенант сваниялаах Карпенко диэн хохол киһитэ , Прохардаах иннилэригэр хаама сылдьан хаһыытаата. -Бэйэҥ үлэлээ...Начальник...мин илиим үлэҕэ анамматах илии...-диир Прохар. -Эйиҥиниин өйдөннө...Онтон эн..-диэн Амбуштан ыйытта. -Эн кими көрөҕүн..-диэн Амбуш ыйытта...-Киһини дуу Аты дуу... -Өйдөөбөтүм...-диир Карпенко -Мин ат буотахпын үлэлиир...Киһибин..-диир Амбуш -Саҥарыма...-диэн хаһыытан баран куттанан тэйэ хаамта, Амбушинов дьалатын аахпыт буолан.- Иккиэн...сэттэлии сууккаҕа карцерга бараҕыт..-диэн баран , баран баран карцер икки охранник салдаатарын ыҥыртаан Прохардааҕы тутан илдьэ бардылар.
Хабыс хараҥа хаамыраҕа хаайан кэбиспиттэрэ, манна лаампа эҥин диэн суох эгэ утуйар таҥас кэлиэ дуо...Манна хаалыбыт дьоннор бетоннай муостаҕа сытан утуйар этилэр, муннукка толчок баар уонна туох да суох сирэ этэ...Түүнүн аана хачыгыраан аһыллан биир киһи киирэн кэллэ. -Художник...бу эйиэхэ ..-диэн баран хаһыакка суулаааҕы туттаран баран тахсан барда. Кэннитэн ааны хатыыр тыас иһилибитин кэннэ Прохар хаһыаты арыйа баттаабыта, килиэп аҥаарын кытта краковскай халбаһыы тоорохойо уонна баар хаа бөпүрүөскэни кытта испиискэ сылдьар этэ. Табааҕы эргитэ тутан көрөн баран сэбигэр ылан уктан кэбистэ, ипиискэтин уматан сырдатан көрдө. Уонна килэбиттэн тоһутан ылан баран , халбаһыытын аҥаардаан төттөрү хаһыакка килиэбин тобоҕун кытта суулаан хаамыратын биир мунугар кичэйэн уурд, уонна аһаабыта буола олорон, бу аата кинини Руссолаах хаачыйбыттарын толкуйдаата. Киниэхэ ас аҕалбыт буоллахтарына Амбунка эмиэ тиксэрдэхтэрэ...бү кэннэ кинини үлэттэн аккаастанар диэн куруук манна туппатар ини, иккитэ үстэ кутуу түһэн баран тохтуулар диэн Джокер кэпсээбитин кини өйдүүр. Карцерга түбспит бэйэ киһитин аһынан табааҕынан хаачылларын кини эмиэ билэр. Хайдах эмэ кынан тулуйуон эрэ наада этэ. Соҕотох олорон моруу буолбатын курдук, Прохар хайдах Женялыын билсибитин бастакы кэпсэтиилэрин ,барытын сиһилии хас биир тылларын эргитэ саныы өйдүү олордо. Киниэхэ итини эмиэ Джокер эппитэ..Өскөтүн карцер диэҥҥэ түбэһэр буоллаххына...Мин санаабар эн син биир онно түбэһэриҥ буолуо...Олоххор кэрэ күннэри эргитэн аҕалан саныыр буолаар..Оччоҕо бириэмэ түргэнник барыаҕа..Сороҕор түргэн баҕайытык биэрбит күннэрэ бүтэн хаалан сордуур...-итинник диэбитин санаан Прохар иһигэр үөрэн ылла. Кырдьык даҕаны киһи кэрэни санаатаҕына атын эйгэҕэ киирэри кини да билэр этэ..
Биир нэдилэ түргэн баҕайытык ааһан хаалбытын Прохар билбэккэ да хаалбыта. Киэһээтин аайы киниэхэ астарын уоран аҕала тураллара. Уоран буолуо баар дуо, онно балаһыаньаны эпиккэ дылы уоруйахтар тутан олорор буолан, вертухайдар да онно сөбүлэһэн утарыласпат этилэр. Карцертан тахсан Прохар, Амбуштуун этээрээккэ тиийбиттэригэр уруйдуу айхалыы көрсүбүттэрэ. Киэһээтин икиэннэрин эмиэ били сирдэригэр ыҥыртаан ылбыттара. Онно тийбиттэрэ кинилэр зоналарын аптарытыатаах дьонноро бары мустубут этилэр. Ол быыһыгар били Прохардыын остолубуойга кэпсэппит Шмайцер эмиэ баара. Прохар киирбитин көрөн билэр киһилии кэлэн илиитин биэрэн баран кууспаҕалаан ылла уонна эттэ. -Художник манна кэлэн , бэйэҥ ааккын таһааран эрэргиттэн үөрэбин доҕоор...Итинник кыһыллар этээрээтэрин толорбокко биһиги састаапытыгар киирэриҥ олох үчүгэй..-диэн эттэ , уонна Амбуһу эмиэ илиитин бэрэн эҕэрдэлээтэ. -Оҥорботох буруйум иһин, мин кинилэргэ үлэлиир санаам суох..үлэлиэм да суоҕа..-диэн Прохар киниэхэ эпиэтээтэ. -Оннук.. биһиги бары манна буруйа суох хаалан олордохпут..-диэн күллэ Руссо..-Чэ кэлиҥ уолаттар...манна эһигитин көрсөөрү кыракый остуол тэрийдибит -диэн Прохардааҕы ыҥыртаата. Прохардаах тиийэн остуол тула олорор дьоннору эҕэрдэлээн баран олорон асаһан бардылар. Куруускаҕа арыгы кутан биэрэн баран Руссо кинилэргэ туһаайан эттэ. -Эһигитин уонна үлэҕэ ыытыахтара суоҕа...Ол туһунан кэпсэтии барбыта...Онон кими да эчэппэккэ сырыттахытына, ити дойдуга киириэххит суоҕа...Амбуш өйдөө манна үлэлиир бөхтөр биһиги илиибитигэр сылдьаллар, ол иһин эн кинилэри тыыта суохтаахын..-диэн саҥарда Руссо. Оннук гынан этэрээтэригэр кэлэннэр , утуйар сирдэригэр саамай түгэх сиргэ ороннорун анаттаран эппикэ дылы өҥнөөхтөр сирдэригэр анаммытара. Бу кинилэр этэрээтэр үксэ омуктартан турар буолан, кинилэртэн куттана салласаныылара. Прохардаах карцерга сытар кэмнэригэр кинилэр этэрээтэригэр биир француус киһитин аҕалбыт этилэр Лебрун Андре диэн аатаах кыратык нуучалыы саҥарар киһини 93 статьяннан Хищение государственного или общественного имущества, совершенное путем мошенничества -диэн суутаан эмиэ уон биэс сылы анаабыт этилэр. Бу киһи элбэх таҥара мэтэриэтэ бөҕөтө таһааран иһэн тутулубут буолан итиччэ элбэх сылы ылбыта. Чапа францууһу кэлээтин кытта инин ыла сатыы сылдьара. Прохар тахсыбытын кэннэ этэрээккэ баар дьонтон хайалара эрэ сүбэлээн француз Прохартан кэлэн көрдөспүтэ. -Художник....мин эйиэхэ көрдөһүүлээх буолан кэллим...Бу сиргэ миигин көмүскүүр киһини көрдүүбүн..Миэхэ эйингин сүбэлээн биэрбиттэрэ манна баар дьонтон кимин эпэпин..Мин Андре Лебрун диэмин...түрүмэҕэ сыттахпына миэхэ Наполеон диэн ааты иҥэрбиттэрэ, француз буоларым иһин...мин эһиги сокуҥутунан кыһылларга көмөлөспөтөҕүм кинилэр этиилэринэн ылдьыбатаҕым диэн этэбин...Ити Чапа диэн киһи миигин буулаан сордууруттан эйиэхэ бу кэлэн турабын -диэн эттэ. -Эн тоҕо именно миигин буллуҥ...Тоҕо мин эйигин көмүкэһиэхтээхпиний..-диэн Прохар төттөрү ыйытта. -Ити Чапа миигин бэйэтин курдук кыһыл оҥороору кынар...мин онно сөбүлэспэпин, эйигин көмөлөһүө диэбиттэрин иһин эйиэхэ кэлбитим дьиҥинэн...Көмөлөспөт буоллаххына мин өйдүөҕүм...-диэн бараары кыммытын Прохар эттэ. -Тохтуу түс эрэ...Чэ сөп баҕар көмөлөһүөм , ол кынан баран өйдөө мин эйигин ити Чапа эрэ сабыдыалыттан босхолуом...Атын өттүн бэйэҥ билэҕин..Манна хаайыы сокуона баарын бэйэҥ билэриҥ буолуо.. -Ону баҕас түрүмэҕэ сытан билбитим...Мин элбэх сыллаах киһи буоларым быһыытынан , эппикэ дылы өйөбүлэ суох хайдах сылдьамый ...Мин бэйэбин түһэн биэриэм суоҕа...Ол туһугар эрэн..-диэн этэн баран тэйэ хаампыта. Кэпсэтиини истэ олорбут Амбуштаах Дата баалара Прохартан, Дата эппитэ. -Художник, ити аата эйигин улахан аптарытыат оҥорбуттара көстөр..Ити уолга көмөлөстөххүнэ аатыҥ дьөссө үрдүөҕэ дии саныыбын.
Прохарга биирдэ, дойдутуттан суругар эпиэт кэлбитэ. " Биир дойдулаахпыт Художник Эйиэхэ Эҕэрдэ буоллун...Бү куорат түрүмэтиттэн Хаҥастай Дьаакып бичийээн эрэбин. Анатолий Сивцев диэн киһини көрдөөбүккэр эпиэтин ыытабын...Ол киһиҥ манна бэйэтин быаланан , суорума суолламыт сурахтааҕа, онон уонна атыны бичийэр кыаҕым суох. Эн тускунан манна үчүгэй сурахтар иһиллэлэр. Хаһан эмит көрсөр түгэннээх буолуохпут баҕар...-диэн бичиги ааҕан баран Прохар, Толя бэйэтигэр тиийимитин ааҕан баран , санаата түһэн хаалбыта. Ол аата кырдьык киһини өлөрөн онукка тиийдэҕэ. Хайдаҕын да иһин, дьоҥҥо кусаҕаны оҥороруҥ бэйэҕэр тиийэр диэн итини этэн эрдэхтэрэ...Онтон Женяттан сурах олох суох этэ. Босман ону маны биллэхпинэ билэриэҕим диэбитэ . Мантан атын сиргэ көһөрбөтөхтөрүнэ тугу эмэтэ биллэрэр ини Босман. Прохар Чапаны ыҥыттаран ылбыта. Бригэдиир Прохарга эрдэттэн албыннаһан чугаһаабыта. -Прохар Степановмч...мин эйигин ханнык да үлэҕэ туруорбатым курдук хаһаайынтан сэрэтиллэн турабын...ааспыкка алҕас быһыыбын бырастыы кынаргар көрдөһөбүн...Ол туһугар бу кыракый бэлэхпин ыларгар көрдөһөбүн ..-диэн баран хаһыакка суулаҕы туттаран кэбистэ. Прохар ол суулаҕы ылан Амбушка биэрбитин, Амбуш суутун арыйа баттаан көрбүтэ туустамыт сибиньэ сыата баарын көрөн. баран -Оо туустаах сибиньэ сыата...диэн баран Прохарга көрдөрдө -Махтал Чапа...Иһит эрэ, ити Лебрун диэн француз киһитин тыыпакар этэбин ...-диир Прохар -Сөп өйдөөтүм...өйдөөтүм...-диир Чапа -Өйдөөбүт буоллаххына үчүгэй..чэ барыаххын сөп...-диэбитигэр Чапа түргэн соҕустук ,элэс кынан хаалбыта.
Прохар бэйэтиттэн да саллан барбыта, тоҕо маннык дьиикэй буолбутуттан. Хаһан даҕаны дьону атаҕастаабатах киһи бу манныкка тиийэн хаалбытыттан. Ол кынан баран этэргэ дылы, бөрөлөөр быыстарыгар сылдьан, бөрө эрэ буоллахха тыынаах хааларын кини билэр. Бэйэҕин мөлтөх өттүгүттэн көрдөрдөххө , манна сииллэрэ биллэр этэ. Кинини тугу да оҥорботох буруйугар укпуттарын иһин санаата да өчөһөн, бэйэтэ да өчөһөр санааҕа киирэн. Маннык олоххо тиийдэҕэ. Онтон Толяны санаан кэллэҕинэ, эмиэ да сөппкө кыммыт дии саныыр...Тоҕо диэтэххэ , күһүлээһиҥҥэ түбэспит киһини хайдах курдук сордоон илдьэ сылдьаларын , билэрэ көрөрө. Кини Кресты түрүмэтигэр олорор эрдэҕинэ, биир кыра кыыһы күһүлээн киирбит киһини кини хараҕар өлөрбүттэрэ...Маҥнай утаа сорун сордоон барбыттара. Ол киһи күүһүнэн күүстээх этэ да , төһөлөөх да күүстээх кыахтаах буолларгын ..тоһуталларын көрбүтэ. Хаайы сокуона кытаанах этэ...Кэлин ол киһи шнырга кубулуйан , атын хаамыраҕа куопутун да иһин ситиспиттэр этэ. Ол курдук көрүлүөргэ муоста сууйа сырыттаҕына...Кэннитигэр сыбаабыраны аньан өлө сытарын булбуттара....Ол иһин Толя эрдэттэн бэйэтигэр тиийимитин истэн , эрэйи көрүөхтээҕэр оннук гыммытын сөбүлэһэ санаабыта. Наполеоны Прохар француз тылыгар үөрэтэригэр эппитэ, ол курдук гынан Прохар оскуолаҕа сылдьан ,француз тылын үөрэппит буолан кыра ол бу тыллары билэрин этэн көрбүтүн, Син киһи өйдүүр кынан баран олох атыннык саҥараҕын диэбитэ. Уонна тэтэрээт буларыгар эппитэ. Оннук гынан Прохар бириэмэтин француус тылын үөрэтиигэ барыыр буолан,. кэмэ билибэккэ ааһар этэ. Маҥнай хайдах саҥарарга , онтон суруйарга үөрэтэр буолан барбыта. Аҕыйах ый иһигэр, бэйэтин наадатын быһаарсар буолан барбыта. Ол курдук маннык санааҕа кэлбитэ, оҕолору ханнык да омук тылыгар үөрэтэргэ маҥнайгыннан, кэпсэтии тылыттан саҕалаатахха ордук буолуо эбитин. Ону таһынан английскай тылы эмиэ үөрэтэр буолан барбыта. Кинини кытта олорор дьонорга английскайдыы саҥарар элбэх киһи баар буолан , онно проблема суох этэ. Биирдэ киниэхэ Женя суруга тиийэн кэлбитэ: " Доҕорум Прохар Степанович Дорообо...Мин Саха сириттэн бүтэн, эйиэхэ чугаһыыр санаалаах , эн олорор сириҥ диэкки кэлээри кынабын..Ону эн туох дии саныырыҥ буоллар...Чэ кэллэхпинэ сиһилии харах харахха кэпсэтиэхпин баҕарабын..Ол курдук өйдөө..-диэн суругу ааҕан Прохар көтөр кыната суох буолан , үөрэ көтө сылдьыбыта.
Прохоры хаһаайын ыҥыттаран ылбыта. Кабинетка тоҥсуйан киирбитигэр эппитиэ. -Уримжинов...мин тугу гынарбын билбэппин...Эмиэ да акаастыахпын баҕарабын, эмиэ да утары утары баран көҥүлүөххпүн баҕарабын...Эйигинниин свиданияҕа диэн биир кыыстан заявления мин ааппар кэлэ сытар...Сатаатар эн үлэттэн акаастанан бйэҕин куһаҕан өттүттэн көрдөрөрүҥ мэһэйдиир...Чахчы эттэххэ хайыырбын билбэппин...Мин ити эйиэххэ кэлбит кыыһы аһынабын....Итичэ ыраах сиртэн кэлбитин, акаастаан ыытахпына.. эмиэ да эйиэхэ кусаҕаны оҥороммун кусаҕан киһи аатырарым чуолкай...Ону эн туох дии саныыгын Уримжинов..-диэн ыйытта. -Мин туох диэхпинин Начальник..Ону эн бэйэҥ билэҕин...Мин эйиэхэ үҥэ сүктэ барыам суоҕа...Акаастыыр буоллаххына акаастыыр буоллаҕыҥ дии...Онтон көҥүлүүр буоллаххына...көҥүлээ...Ол кынан баран..ити аайы бэйэҥ анныгар батаабатыҥ буолуо дии саныыбын... -Акаарыгын дуо эн Уримжинов...мин эйиэхэ, бэйэм анныбар батыам диэтим дуо...Мин манна үлэлээбитим уонча сыл буолан эрэр...Эйигиттээҕэр элбэх хаайылаахтары көрдүм ини көрбөтүм ини...Онноҕор улахан аптарытыаттаах хаайылаахтар уонна уоруйахтар миигин убаастыылара сыттаҕа...Этэргэ дылы мин...мээнэ тылбынан ыһахтаммат тойон буоллаҕым..Уонна иккиһинэн...мин татаар буоламмын эйиэхэ утары бараары кынабын...Эн татаардыы араспааньыйалаах буолан баран хайдах Саха сиригэр тиийэн хаалбыккын билиэхпин баҕарабын..Чэ ону кэлин кэпсэтиэхпит..Мин санаабар үс суутка уһун свидания, сөп буолуо дии саныыбын...-диэн баран , кумаахыга илии баттаан баран. -Уримжинов, таска тахсан кэтэс...сотору ыҥырыахтар. -диэн эпитигэр Прохор, соһуйан начальнигар махтаммакка ,ыксаан ттаһырдьа тахса турда. Таска тахсан баран биирдэ өйдөөтө, итиччэ үтүөнү оҥорбут киһиэхэ сатаатар махтаммытын биллэриэхтээҕин. Ол ынан баран, кэнники да махталын этэр ини, дии санаата. Сотору соҕус буолаат лааҕыр уруупорынан кинини аатаан ыҥыран, свидания буолар икки этээстээх таас дьиэҕэ, сүүрэр хаамар ыккардынан тиийдэ. Бэрэбиэркэ бөҕөтүн ааһн иһирдьэ киирэн, аатын суолун ханнык статьяннан суутанан олороун дакылаатаабытын кэннэ. -Уримжинов 27 с хоско аас..-диэн тимир ааны аһан халыгыраттылар. Прохор сүүрбэ сэттис хос аанын, сэрэнэн арыйбыта....Түннүк аттыгар Женя турара...кыыс долгуйан хаалбыта харахха быраҕыллар этэ. Илиилэрин мускун да мускун буола туран , долгуйан кыайан тугу да саҥарбатаҕа..Оннук курдук утарыта өр соҕус көрсөн турдулар...Онтон Прохор нэһиилэ ыган саҥарда.. -Женя Дорообо...Мин эйигин кэлиэ эрэ дии санаабатаҕым... Женя кинини көрөн тура түһэн баран, харахтарын аллараа көрөн баран эттэ. -Мин...Мин сурукпар суруйбутум дии...Олорор сиргэр тиийдэххинэ тиийиэҕим диэн...Ол аата...-диэн баран, кыыһырбыт харахтарынан Прохоры көрөн баран - Эн миигин итэҕэйбэккэҕин....-диэн эрдэҕинэ Прохор тиийэн Женяны кууһан ылла. -Женя...Чыычааҕым..Хайдах итэҕэйиэм суоҕай..-диэн баран Женя идэстэрэ хараҕын уутуттан илийэ охсубуттарын, кууһан туран ураан киирэн барда. Женя Прохоры кууһан ылан баран. -Эн эрэ миэхэ наадаҕын...Мин эйигин эбэһээт кэтэһиэм...Мин эйигин тапыыбын...Таптыыбын..-дии дии Женя Прохоры сылаан киирэн барда...
Таптал диэн дьэ дьикти дьылҕалаах....Ким кинини үөрэтэн, кэтээн көрбүтэ баарай. Нуучча өс хоһоонугар эппитэрин курдук "Любовь зла, полюбишь и козла." диэбит курдук , бу сиргэ тапталы киһи таайбат...Тапталтан сылтаан, өлөрсүү...этиһии...охсуһуу. Ол кынан баран бу мин кэпсиир дьоннорбор ол сыһыана суох, төттөрүтүн эрэллээх таптал диэххэ эбитэ дуу...
-Прохор...миигин биир санаа сорбун сордуур...Ону ыйытахппын баҕарабын -диэн Женя Прохоры кууһа сытан сибигинэйэн ыйытта. -Тугу ыйытаары кыммыкыный..Чыычааҕым ..-диэн баран Прохор, Женяны уоһуттан уураан ылла. -Ити...Мм..Эн мин иннибэр...биир эмит кыыстаах этиҥ дуо...-диэн баран Женя, харахтарын кистээн Прохор түөһүгэр сыһынна. -Женеячка...туох диэн сымыйалаан эттэхпиний..Итэҕэй итэҕэйимэ кынан баран...Суох этэ..Эппиккэ дылы, кыыһы ууруохтааҕар буолуох илиититтэн сиэтэн да көрбөккө сылдьыбытым..-диэн баран Женятын сирэйиттэн икки илиитинэн тутан, уоһуттан уураан ылан баран -Эн миэхэ бастакы уонна....-диэн иһэн тохтоон хаалла Прохор. -Уонна..-диэн төттөрү ыйытта Женя Прохор харахтарын көрөн баран -Уонна..туох диэххин баҕарбыккыный... -Женя...мин уон биэс сылы быһа...хаайыы киһитэбин...Эн олххун алдьатаммын...=диэн эрдэҕинэ Женя кыыс илиитинэн Прохор айаҕын саба тутта. -Суох...Суох...ситэри саҥарыма...Маҥнай миигин иһит...Прохор мин оҕо дьиэтигэр улаапытым, олох кыра эрдэхпинэ дьонноро суох хаалбытым. Оҕо сылдьан куруук дьоннорбун ахтан ытыыр этим...Ол кынан баран бу, диэн олох дьоннорбун өйдөөбөппүн...Ол иһин бэйэбэр улаатан баран кытаанах санаа ылыммытым..Таптаабыт киһибин хаһан да таҥнаран, уонна олҕум тухары атын киһини таптыа суох буолар курдук. Дьиҥинэн эттэххэ элбэх араас уолаттар билсэ сатаабыттара да, мин бэйэҥ билэриҥ курдук киһини кытта кэпсэтээт киһи санаатын тута таайар идэлээхпин..Маҥнай эйигин куоракка, били муспут сирдэригэр көрбүтүм. Эн ханнык да дьоннордооҕор бэйэҥ бэйэҕэр симиктик тутта сылдьаргын көрөн, сурэхпэр онно киллэрбитим. Ол иһин эйигин, бэйэбэр тардыахпын баҕарбытым...Ол кынан баран эйигин ис сүрэхппиттэн таптаабыппын кыайан эппэккэ хаалбытым...Сатаатар Сивцев эн биһиги ыккардыбытыгар, мэһэй таһай буолан. Эн бу кэлэн сыттаҕын.. -Женя...Толя суох буолбутун истибитиҥ дуо..-диир Прохор. -Аа..ол хайдах суох буолбут...Өйдөөбөтүм...-диир Женя. -Анатолий...дойдутугар биир учуутал кыыһы...өлөрбүт сурахтааҕа...Куорат түрүмэтигэр бэйэтигэр тиийиммит диэн сурах кэлбитэ... -Ол да иһин...ыт ыттыы өллөҕө... -Оо..Женя тоҕо итинник диигиний...төһөтүн да иһин кини...мин билэр киһим буоллаҕа дии...бииргэ үлэлии сылдьыбыт доҕорум этэ ээ... -Мин кинини олох аһыммаппын кырдьык эттэххэ, мин эйиэхэ эппитим дии. Олох испэр кинини киллэрбэтэҕим....Сирэйигэр хараҕыгар биллэ сылдьар этэ....албына төкүнэ... -Төһөтүн да иһин өлбүт киһини итинник саҥарар аньыыта бэт... -Тоҕо ол мин киһини өлөрбүт киһин аһынахтаахпыный...-диир Женя. -Онтон мин....Эмиэ киһини өлөлөрөн диэн бу сырыттаҕым дии... -Мин билэбин эн өлөрбөтөххүн...Эн өлөрөр..албыныыр киһи буотаххын..Оннооҕор ити эйигин таҥнарбыт киһини көмүскүү сыттаҕыҥ дии...Эйигин мин итэҕэйэбин...Уонна таптыыбын...-диэн баран Женя Прохоры кууһан уураан ылла.
Чэ ол курдук оҕолоор...Таайдаххыт буолуо эһиги. Икки таптаһар сүрэхтэр, хайдах курдук бэйэ бэйэлэрин ахтыспыт ахтыллҕаннарын таһаарбыттарын . Манна дьон ааҕыытыгар суруллубат дьыала буоларын бэйэҕит билэҕит..Имэҥ..киһи кистэлэҥэ..ону бар дьоҥҥо таһаарар сүрэ бэт буоллаҕаа...
-Pour vous dire combien Je t'aime Il pourrait alors pardonnez-moi .. Je dis Je t'aime .. Croyez-moi, mes mots ..-диэн Прохор Женятыгар ааҕан биэрбититтэн, кыыһа соһуйан ыйытта. -Ити эн француустуу аахтыҥ дуо..Мин билбэппин ээ..Нууччалыы этиий ..-диир Женя -To tell you how I love you He could then forgive me .. I say I love you .. Believe me, my words .. -Аа..аны английскай...мин ханнык да омук тылын билбэттим сыттаҕа дии...Туох диэбитиҥ эбитэ буоллар. -Мин манна сытан омук тылын үөрэтэргэ сананным..Оннук гыннан бириэмэбин атаардахпына билибэккэ ааһар курдук гынар.. -Оччоҕо мин эмиэ , үөрэттэхпинэ сатаныыһы эбит..-диир Женя..-Ити эппикин покаа переводтаама. Кэлин бэйэм быһаарыаҕым. Ээ мин эйиэхэ биири эпэтэхпин дии..Мин бу куоракка Библотекаҕа үлэҕэ киирдим, Онон куруук эн таскар баар буоларбын этэбин. -Онтон арай атын сиргэ көһөрдөхтөрүнэ..-диир Прохор. -Оччоҕо ...батыһан тиийиэҕим дии...Ханна да тиийбитиҥ иһин..-диир Женя.. Үс күн ааспыта билибэккэ хаалбыта...Прохор этэрээтигэр тиийбитигэр Амбуш үөрэ көрүстэ. -Художник...тоҕо бэрдэй...киһи санаата көтөҕүллэр...Миэхэ ким да кэлбэт буоллаҕаа.. -Баҕар эйиэхэ эмиэ ким эмит кэлиэ буоллаҕа...санааҕын түһэримэ доҕочуок..диир Порохор. -Дьэ билбэтим...Мин союз иһигэр туста сылдьан элбэх доҕоттордоох этим..Бу түбэспитим кэннэ миигиттэн бары акаастанан кээспиттэрэ...Мин кинилэргэ онтон кыыһырбаппын..Ол бу араас омук сиригэр тахсан тусталарыгар мэһэйдиирэ чахчы...Кыһыыта диэн бэйэлээх бэйэм эмээхсиним, түрүмэҕэ сыттахпына арахсабын диэн эпититтэн..-диир Амбуш. -Онно эн кинини буруйдууруҥ сыыһа дии саныыбын...Санаан көр..Эдэр дьахтар олох олоруон баҕарар буоллаҕа дии. Кинини эмиэ өйдүөх тустааххын...Ити мин бэйэм санаабын этэбин.-диир Прохор. -Ээ..арба..Датаны түрүмэҕэ илдьэ бардылар дьалатыгар туох эрэ эбии көрдөрүү баар булбут диэн эппитэ, Эйигинниин көрсүбэккэ барбытыттан хомойбута . Билигин Ленинградка тиийбитэ буолуо. -Уолбут дьалата хайа буолар...Эбиллэн кэлэр дуу...Ханна ыыталлар дуу...Чэ кэтэһиэхпит бичик кэллэҕинэ билиэхпит буоллаҕа..Наполен баар дуо... -Баар бөҕө буоллаҕа...Ханна барыай..Руссо эйигин көрүөн баҕарбыта. Хата онно бара сылдьахха-диир Амбуш
-Уолаттар...маннык тема буолла....Козеллар төбөлөрүн көтөҕөн эрэллэр....Биһигитин былаастан туоратан, бэйэлэрин былаастарын көрдөрөөрү турунан эрэллэр...Ол иһин кыракый үөрэтии курдук оҥоро түһүөхпүтүн баҕарабыт...Онтон сылтаан тутан олороочубутун буурга хаайан кэбистилэр...Ол курдук уолаттар сэриигэ бэлэмнэниҥ...Бэйэбит дьоннорбут бары сэритиллэн бэлэм сылдьаллар...-диэн түргэн соҕустук Прохордаахха быһааран биэрэн баран Руссо, салгыы ону маны кына барардаахпын диэн дьоннорун атаартаата...
-Художник...дьэ хайдах буолабыт...Бу манна эн биһиги икиэн эрэ баарбыт быһылаах...Наполены бэйэбитигэр тардабыт дуу хайдах дуу...Сатаатар Датабыт баран хаалбыта кусаҕан эбит..Мин кэтээн көрдөхпүнэ маннык...Биһиги иэкки манна кусаҕан харахтарын хатаабын дьоннор элбэхтэрин бэлиэтии көрөбүн..Кыргыһыы бөҕө буолара буолуо. Хас киһи биһиги өттүбүтүгэр сыстара ..Дьэ хайа буолабыт..-диир Амбуш. -Былаас иһин охсуһуу...Былаас былдьаһыы...ханна да тиий, онноҕор манна бу....дьэ диэ...-диир Прохор -Мин Наполеннуун кэпсэтиэм дьэ тугу диир .. -Дьэ оннук гын...мин эмиэ манна тута сылдьыбыт уолаттар баалара олору кытары кэпсэтэн көрүөм..-диэн баран Амбуш , атын сир диэкки хаама турда. Прохор Наполену кулубтан булан ыҥыран ылан ыйытта..
Киэһээ бэрэбиэркэ кэнниттэн Прохор Напалионк кытта утуйар сиригэр кэлэн кэпсэтэ олордоҕуна, Амбуш биэс киһи батыһыннарыылаах тиийэн кэллэ уонна ыксаабыт куолаһынан Прохорга эттэ. -Саҕаланна...-диэн баран орон баһыттан табуреттканы хаба тардан , икки атахтарын тосту үктээн тоһутан баран . Прохарга хайдах куйах курдук туттарга көрдөрдө. Иккиһи эмиэ оннук оҥорон Наполенҥа биэрдэ уонна таһырдь тахсалларыгар эттэ. Бары таһырдьа кутуллан тахсыбыттара киһи бөҕө сүүрүү көтүү буолан эрэр этэ. Кинилэр тахсыбыттарын көрөн Чапа батыһыннара сылдьар дьонноругар тугу эрэ хаһыытаан эпитигэр, уонтан тахса киһи кинилэр диэкки , илиилэригэр ол бу тимир арматууратын, уонна орон дуускатын туппут дьон сүүрэн кэллилэр...Амбуш уолаттарыгар хаһыытаат утары иһэр дьоннорго,кэннигэр кистии сылдьыбын нунчаакатын таһараат утары барда. Бастаан испит илиитигэр хойгуо туппут Бульбаш, диэн белорусияттан сылдьар киһини нунчаакатынан төбөҕө саайаары кыммытын киһитэ хаптайан аһаран биэрбитэ..иккистээн эргитэн аҕалан хаҥас атаҕын тобугун таппытыгар киһитээ, сарылаабытынан охтон түстэ..Кэннитэн иһэр дьоннор ону көрөн тохтуу биэрбиттэригэр, Амбуш уолаттара сүүрэн тиийэн аҕыйах киһини сиргэ суулартаатылар. Атыттара төттөрү куотар аакка тиийдилэр..Олору сырса бараары кыммытарын Амбуш хаһыытаан төттөрү , Прохордаах көрөн турар сирдэригэр кэллилэр... -Атын сир диэкки барыаххайыҥ..Кэннибититтэн кэлэн түспэттэрин курдук - диэн Амбуш Прохорга эттэ. -Төрдүс куорпуска барыаххайыҥ..Онно Руссолаах баар буолуохтаахтар..-диэн Прохор дьоннроугар хаһыытыыр - Билигин ити дьоннорбут өй төй булан иккистээн киириэхтэрэ...Көрүҥ ол ..Уһун турбалардаах уонна арматууралаах дьоннору ыҥыртаан эрэллэр.. Төрдүс бараах диэкки сүүрэн кэлбиттэрэ. Таска сүүрбэччэ киһи мустан, корпус иһигэр хаайбыт дьоннорун ол бу таастарынан уонна кирпииччэ үлтүрүйкэйинэн тамнаатыы сылдьалларын көрдүлэр. Тохтооннор сиһилии көрбүттэрэ, таска сылдьааччылар сөһүлэр иһирдьэ уону кыайбат киһи, куорпус аанын бүөлүү көмүскэнэ сылдьаллара..Прошкалаах Амбуш ону көрөөт кимэн киирэ сатыыр кыра этэрээти дьаһайтыахха диэн сүбэ ылынаат ол дьоннор диэкки ойдулар...Прохор Наполионуун иккиэн бииргэ сүүрэн тиийбиттэрэ .Прохор сиртэн кирпииччэ аҥаарын ылан ..маҥнай бэтэрээ турбут кыра уҥуохттаах кэтит киһини төбөҕө саайда, уонна иккис киһитин кирпиччэннэн сирэгэ бырахта..Наполион ол кэмҥэ илиитигэр тута сылдьыбыт орон дуушкатынан биир киһини хатыйан түһэрэн, оройго саайан дөйүтэ оҕуста. Амбуш уолаттара эмиэ аҕыйах дьону эчэтэн уону кайбат киһи куотар аакка тиийдилэр..Дьиэ иһиттэн ити кыргыһыыны көрөн турбут дьоннор сэрэнэ сэрэнэ утары тахсан кэллилэр. -Оо..Художник...кэлбиккит үчүгэй...Амбуш махтал..-диэн Руссо эҕэрдэлии утары таҕыста..-Билигин маннык гынаххайыҥ..Бу куорпус иһигэр киирэн оборуона оҥостон олоруохпутун наада...Маннык буоллаҕына тутан сииһиктэр..Билигин тревога уже бардаҕа, аны уонча сүүрбэччэ мүнүүтэннэн манна салдаат бөҕөннөн туолара чахчы..Сүөһүлэр сөптөрүн ыллылар. Салдааттар кэлэхтэринэ аҥаар кырыытыттан кыдыйан барыахтара...Онон утарылаһа сатаайаҕыт..Чэ киирдибит...-диэн дьоннорун куорпуска ыҥыртаан киллэрдэ. Сотору соҕус буолаат сириэнэ ыйылаан тоҕо барда...лааҕыр үрдүнэн бары баар уоттар холбонон, уруупорунан- Утары турбут арестаннар уоскуйан , сэпкитин сэбиргэлгитн быраҕаттаан сиргэ сытарга модьуйдулар уонна илиигитин утары уунан умса сыппат дьоннору ытыалаан иһиэхпит диэн хос хос хатылаан саҥардылар. Онон манан аптамаат тачыгырыыр тыаһа иһилитэлээн барда...Ол кэннэ аптамаат тутуурдаах салдаат бөҕөтө лааҕыр иһин толорон кэбистэ...Дьоннору барыларын пасцка таһааран , илиилэрин төбөлөрүн кэннигэр туттарн (на кортачках) олортоон муньуталаан истилэр. Утарыласпыт биир эмит киһини ытыалаан кэбиһэллэр. Прохордааҕы эмиэ корупус иһиттэн үүрэн таһааран , плацка олордуталаан кэбистилэр..Прохор аттыгар Руссо олороорн сибигинэйэн саҥарда. -Тугу да билбэппин ...тыымын көмүскэһэртэн атыны билбэппин диэриҥ..-диэн сэрэттэ..-Билигин биир биир ыҥыран сорбутун сордуохтаахтар, ол курдук өйдөөҥ...ким кими да уган биэримэҥ..
Прохары уонна хас да киһини, көһөрөн ЮЛ-290\33 Хакасия Абакан куоратыгар көһөрөн тиэйэн иһэллэр. Амбуш булбут уолаттарыттан икки тустуук уол эмиэ бааллара. Олорго Амбуш этэн Рохор аттыттан арахпакка кинини маныы сылдьаллара. Алта уркалары кытта, аҕыс кыһыллар этилэр. Кыһылларга Чапа баар этэ. Барыларын илиилэрин наручнигынан хатаан тиэйэн иһэр буолан. Уонна кытаанах манабыл улахан айдаана суох, айанаан иһэллэрэ. Оннук гынан элбэх киһи атын атын сирдэринэн көһөрүллүбүтэ. Амбуш, Напалеон уонна Руссо Красноярскай диэкки барбыттарын туһунан истибиттэрэ. -Мин Тимоха диэммин..Художник эн тускунан элбэҕи кэпсээбитэ Амбуш... Ити Рагим Дагестанец эмиэ тустуук уол..-диэн барн уолун ыҥырда.- Рагим ...бу диэкки кэл эрэ..- Рагим Прохорга чугаһаан төбөтүн тоҥхотон эҕэрдэлэстэ. -Салам..Художник...Мин Рагиммын... -Эҕэрдэ Рагим...мин эйигин өйдүүбүн..Биһиэхээ сыстыбыккытан кэмсимэт инигин..-диэн Прохор ыйытар. -Суох..тоҕо кэмсиниэхпиний...олоҕум, дьылҕам оннук буоллаҕа..Уонна Амбуш эппитэ миэхэ сокуон буоллаҕа..Амбушы кытта биһиги Украинаҕа бииргэ сборга сылдьыбыппыт. Мин киниэхэ эрэнэбин. Эйигин хараххыт харатын курдук, харыстааҥ диэбитэ... -Рагим...мин бэйэбин көмүскэнэр киһибин... -Ээ...ыттар элбэхтэр...тутан сиэхтэрин сөп...Мин тылбын биэрбитим... -Чэ сөп...оннук буоллаҕына махтал..-диэн баран Прохор Рагимҥа наручниктаах илиитин уунан илиитин ыга тутта.
Прохор Женятыгар сурук суруйбута. Ол суругун тиксэрэригэр начальнигы көрдөспүтэ. Кинини ыҥыран допруостуур кэмнэригэр , ыарахан хомпуустааһыны ааспыта.
манан .. Манан бастакы кэпсээнэ бүттэ до5отоор...Салгыыта кэлин суруллуо...Баалаамаҥ..Уонна үөхсүбэккитигэр көрдөһөбүн...
манан ..
Манан бастакы кэпсээнэ бүттэ до5отоор...Салгыыта кэлин суруллуо...Баалаамаҥ..Уонна үөхсүбэккитигэр көрдөһөбүн...
Кыракый баҕайы хаамыра иһигэр, сүүрбэччэ киһини ыга симэн кэбиспиттэрэ. Сыта- сымара, итииитэ салгына суоҕа дьэ иэдээн дойду манна этэ. Тимоха, Рагим уонна Прохор буоланнар хаамыра биир муннугар үһүөн мустан олордулар. Кинилэргэ ким да сыста сатаабат, бары бэйэлэрин эрэ кыһалҕаларыгар ылларбыт дьон буоланнар. Киирэр аан аттыгар Чапа уонна түөрт кини киһитэ ордууланан олороллор этэ. Сорохторун атын хаамыраҕа угаталаан , билигин аҕыйаан уйаларыгар уу киирэн сылдьара. Биирдии биирдии ыҥырталаан, сорох сорохтору илдьэ барар этилэр. Манна олорбуттара иккис күнүгэр Прохордаах диэкки биир киһи хааман кэлбитэ. -Эҕэрдэ Бродягалар....мин Артыыс диэммин. Эһиги тускутунан истибитим..Соруйан кэтээн көрөн бу дьэ чугаһыырга сананным.... -Тугуй ол...кэтээн көрөммүн диэн, итэҕэйбэккэ манаатыҥ дуо- диэн Тимоха эпиэтээтэ. -Кыыһырымаҥ уолаттар, сордох оннук...Бэйэҕит билэҕит, оннооҕор истиэнэ кулгаахтаах буолар....-диир Артыыс диэн кэлбит киһи. -Туох наадалаах кэлбиккиний, этэ оҕус уонна тэйэ хаам - диэн Рагим этэн баран утары турунан кэбистэ. -Миэхэ Художника этии тиэрдиэхтээх этим....-диэн Артыыс Прохор диэкки көрүтэлээн ылла. Рагим Прохор диэкки ыйытардыы көрбүтүгэр , Прохор сөбүлэһэн төбөтүн төҥкөтөн биллэрбитигэр Артыыска суол биэрэ туораан биэрдэ. Артыыс Прохор аттыгар кэлэн олорунан кэбистэ уонна кулгааҕар сибигинэйэн киирэн барда. -Самалтыыр Баай эйиэхэ эҕэрдэ тиэртэ...Эн манна кэлэриҥ эрдэттэн билибитэ. Эйигин манна көрсөөрү бэлэм олоробут...Ити кыһыллар тустарынан эмиэ барытын билэн олороллор, итилэр манна дьон буолбаттар...Мантан сорохторо тахсва суохтара...Онно эһиги мэһэйдэспэккитин этиэм этэ..Ол курдук уолаттаргар этээр. Бугүн дуу сарсын дуу эйигин мантан таһааран ханнык эрэ этэрээккэ аныахтара. Манна биһиги былааспыт....Чэ манан этэрим бүттэ -диэн баран Артыыс туран баран эрдэҕинэ Прохор эттэ. -Артыыс...Махтал..Үтүөҕүн умнуом суоҕа... Артыыс кулгааҕын ыйан көрдөрөн -мин иһиттим -диэн бэлиэ көрдөрдө, уонна бэйэтин дьоннорун бөлөҕөр барда. артыыс барбытын кэннэ Тимохалах Рагим Прохорга кэлбитэригэр уолаттарыгар эттэ. -Уолаттар...сотору кыракый буза буолуоҕа...Онно тугу да кытыспакка орооспокко буолуоххутун наада... -Ол аата кыһыллары, кэһэтэлээри кыннахтара..Оо..эчи хаарыаны, онно кыттыһыахха баар этэ...-диир Рагим. -Ол биһиги дьалабыт буотах, бэйэлэрэ барытын оҥоруохтара ол курдук өйдөө ..-диэн Прохор Рагимҥа этэр. -Мин просто этэбин..билигин да кыһыым тахса илик, ол иһин..-диэн Рагим буруйдаамытыы туттар. -Мээнэ онно манна киирэн биэрэҥҥин, быстахха былдьанаан хаалаайаҕын. Туоҕун хайдаҕын да иһин барытын толкуйдаан оҥоруохха наада..Билбэккин билэр киһиттэн сүбэлэтэн...Олох оҥоруута оннук, киһи төһө да күүстээҕин иһин , өй эмиэ наада киһиэхэ ону өйдөөҥ уолаттар -диэн Прохор уолаттаарын сэмэлиир.
Киэһээҥҥи бэрэбиэркэ кэннэ , аан аттыгар айдаан тахсан эрэрэ биллибитэ. Саҥа түбэспит эдэр уол, ааһан иһэн кыһыл атаҕын үктээн ааспытыттан тахсыбыта. Дьиҥинэн эттэхэ ол соруйан үктээн ааһыы этэ. Артыыс саҥа түбэспит уолу дэлби кигэн, айдаан таһаарар сылтах булбута. Кыһыллар үктээн ааспыт уол үрдүгэр саба түһэн саҥаран киирэн барбыттара. -Хараххын ханна уктан баран сылдьаҕын..-диэн киэбирии бөҕө буолан киирэн барбытарыгар. Ону эрэ кэтэһэн олорбут Артыыс уолаттара кимэн киирэн барбыттара. Онтон улам-улам айдаарсан охсуһуу саҕаламмыта. Элбэх киһи үмүөрүһэ сылдьарынан туһанан бэлэм сылдьыбыт дьон үс кыһыл киһитин,тимир ньуосканнан оҥоһуллубут биилээҕинэн аньыталаан кэбиспиттэрэ. Өл өлбүттэр быыстарыгар Чапа эмиэ хабыллыбыта. Икки хаалбыт дьоннору конвоирдар ааны аһан тыынаах хаалбыттара. Олор көрүдүөргэ сүүрэн тахсан быыһаммытара. Аптамаатаах дьон сүүрэн киирэннэр барыларын соһон таһаара таһаара, уһун көрүдүөр устун истэнэҕэ илиилэрин өрө уунаран кэчигэрэппитэрэ. Били эдэр айдаан таһаарбыт уол , дьоннору өлөртөөбүтүн бэйэтигэр ылынан хаһыы бөҕөтө буола сылдьарын, илиитин кэдэрги тутан атын сир диэкки дьэгдэриҥнэтэн илдьэ барбыттара. ..Дьиҥинэн ис иһигэр киирэн эттэххэ ити буруйу бэйэтигэр ылыммыт уол, түрүмэҕэ туох эрэ косяк оҥорон буруйун саптынаары ити дьаланнан ыраасанар санаатан киирэн бирбитэ. Хайдаҕын да иһин дьэ ыарахан сокуонаах олохтоох дьон буолалларын бэйэҕит таайдаххыт буолуохтаах....
Содержание
Автор: СуорУола 2 апреля 2015 19:23
-Прохар Степанович эйигин Сэмэн Егорович ыҥырар - диэн нуучча тылын учуутала Анна Васильевна кылаас аанын сэгэтэн баран сибигинэйэн эттэ. Прохар Степанович үөрэтэ олорбут оҕолоругар, задания биэрэ охсоот, дириэктэрин кабинетын диэкки тиэтэлээхтик хааман иһэн саныыр...-Туох буолан, миигин уруок ортотуттан ыҥыттардаҕай....эбэтир били уолаттар эмиэ тугу эрэ оҥорбуттарын бочуттараары кынна дуу хайдах дуу..-дии саныы саныы дириэктэрин аанын тоҥсуйан киирэн кэллэ.
-Семен Егороыич...туохха ыҥырдыгыт...мин уруогум бүтэ илик...-диэн сөбүлээбэтэҕин биллэрэн эттэ.
-Так...Прохар Степанович ...эн орто үөрэҕи бүтэрбитиҥ буолбат дуо...-диэн көрүстэ Сэмэн Егорович.
-Орто анал үөрэх...-диир Прохар, туох эрэ буолаары кыммытын, сүрэҕинэн таайа сатыы турда.
-Маннык диэн буолла....отро үөрэхтээх учууталлары барыларын, үөрэхтэрин үрдэтэргэ диэн дьаһал кэлбит....Онон эн уонна , ити Анатольий эмиэ орто анал үөрэхтээх буолаҥыт Ленинград куоракка алта ыйдаах курска бараҕыт диэн этээрибин ыҥыттардым...ону эн туох дии саныыгын -диэн баран ачыкытын үрдүнэн көрөн кэбистэ. Прохар истибэтэҕин истэн, үөрүөн дуу хомойуон дуу билбэккэ дирэктэрин диэкки мээнэннэн көрөн туран хаалла. Дириэктэрэ салгыы саҥаран барда.
-Онон маннык...билигин дьиэҕэр бараҥҥын бэлэмнэн, киэһээ масыына барар онон куоракка айаныаххыт. Куораттан мустан элбэх буолан бараргыт буолуо дии саныыбын. Онно тиийэн дьэ бэйэҕитин түһэн бэрбэккэ, дьоһунаахтык сылдьаргытыгар этиэм этэ. Чэ бар Толя баран бэлэм олороро буолуо....Чэ ыксаа, уонна масыына бү күннэргэ барара билибэт..-диэн кэпсэтэн бүппүтүн биллэрэн туран, остуолун дьааһыгын хасыһан барда. Прохар кабинеттан тахсан барда , уонна дьиэтин диэкки сүрүү хаамыы ыкардынан тиэтэйэн бара турда. Дьитэ да диэхтээн буолуо дуо...олорор хоһо, элбэх баҕайы комунальанй хостордоох үлэһиттэр олорор уопсай дьиэлэрэ. Хоһугар тиийэн оронун аныттан чемадаанын хостоон таһааран оронугар уурда. Туох элбэх таҥастаах буолуой, кэтэ сылдьар көстүүмэ уонна аҕыйах маҕан ырбаахытын кытта халтаҥ соҥо баар этэ. Аанын тоҥсуйбакка Толя ойон киирбитэ.
-Прошка...биһиги Ленинградка барар буолубут дии....санаан көр Ленинград...Улуу Өрөбөлүүсүйэ буолбут куората...Истрорияҕа киирбит улуу куораты көрөр дьоллоннохпу ...Прохар..Ленин...Блокаада буолбут куората...Аврора, Зимнэй дбарыас...илэ харахпытынан көрөбүт...-диэн үөрбүт киһи саҥата иһиллэр.
-Кырдьык наһаа да соһуччу, киһи итэҕэйиэ суох үөрүүтэ....Эн бэлэмнэнниҥ дуо..-диэн ыйытар Прохар Толяттан.
-Туохпун бэлэмнэниэхпиний....ол биһиги соҕотох дьон, аҕыйах кэтэр таҥаспытын ылахпыт да бүттэҕэ дии...Хата кыттыһан чэйдиэххэ, мантан ынтах икиэн бииргэ сылдьар буолахпыт дии...Мин баран хоспуттан хортуоска буспута баар ону аҕалыам..Эн чаанньыккын туруор -диэн баран киирбитин курдук элэс кынан хаалла. Прохор чайнига уу кутан примуска оргутта туруорда...
Куорака кэлэн Үөрэҕирии Министеристибэтигэр, Саха сирин бары оруйуоннарыттан, уон икки киһи буолан мустан Ленинградка көппүттэрэ. Ленинград куоракка Улуу Өрөбөлүүсүйэ 60 сылын көрсөөрү, бэлэмнэнэ сылдьаллара. Куорат барыта кыһыл былаахтарынан уонна плакаатарынан толору буолан турар этэ. Саха сириттэн кэлбит эрэ буолуо дуо, бүтүн Сэбискэй Сойуус бары мунугуттан, орто анал үөрэхтээх учууталлар мустубут этилэр. Үөрэтэр сыаллара Коммунистическай хамсааһын пропогандата уонна оҕолорго хайдах ол туһунан үөрэтии этэ. Үөрэнэ кэлбит дьоннору куорат барыларын, куорат иһигэр Южно Приморскай парка аттыгар баар уопсай дьиэҕэ түһэртээбиттэрэ. Сасыарда эрдэ тураннар бары үөрэнэр сирдэригэр айаныыллара. Үөрэнэн бүтэн баран, дьэ куорат устун күүлэйдиилэр уонна онно манна сылдьан кэрийэр буолаллара. Прохар Кэбээйи улууһуттан кэлбит Сэмэн Егоров диэн уолу кытта үчүгэйдик доҕордоспута уонна Нам оруйуонуттан сылдьар Евгения Лебедьева диэн нууча кыыһа буоланнар бииргэ сылдьар буолбуттара. Бирдэ үөрэхтэрин кэнниттэн эмиэ үһүөн бодуруһан куораты көрө барарга кэпсэттилэр. Баран Эрмитаж көрөргө диэннэр уопсай тылы булбуттара. Женя кыыс Прохары сөбүлүү көрөн ол иһин кини диэкки чугаһыы сатыыр этэ. Уол кыыһы эмиэ сирбэккэ бэйэтигэр чугаһатан, бииргэ сылдьар уонна хайдах эрэ таптаабытын кыайан эппэккэ кыбыста сылдьыбта. Женя кыыһы Толя эмиэ сөбүлээн кэбиһэн, иннигэр кэннигэр түһэн олох батыһа сылдьар буолан хаалбыта. Бу да сырыыга кинилэри кытта эмиэ кыттыһан барсар буолбута. Прохардаах Женя иккиэн хааман истэхтэринэ, Толя икки ыккардыларыгар киирэн, Женя диэкки көрө- көрө ыйыталаһар.
-Бүгүн ханна барабыт...Баран Аврора крейсеры көрүөххэйиҥ. Женя эн көрбүтүҥ дуо..-диэн ыйытар. Кыыс Прохар диэкки ыйытардыы көрөн ылар уонна
-Мы хотели....в Эрмитаж...а Аврору мы потом....да Прошка -диэн ыксаан Прохар диэкки көрүтэлиир.
-Чахчы биһиги Эрмитажка барар былаанаахпыт..бүгүн - диэн кыттыһар Сэмэн.
-Ол ким оннук былаанаата...Куолуостаххайыҥ..Мин Аврораҕа барыаххайыҥ диибин..-диир Толя.
-Нет.. мы с Прохором идём в Эрмитаж...-диэн этэн баран кыыс, Толяны эргийэ көтөн Прохар биир өттүгэр кэлэн биэрдэ
-Чэ буоллун...Эрмитаж буоллаҕына Эрмитаж ..-диир Толя кыыск үтүөнү оҥорбут курдук туттан.
Киэһээ хойукка дылы Эрмитаж ол бу хартыыналарын уонна оҥоһуктарын көрөн бараннар, олорор уопсайдарын диэкки сатыы барар буолбуттара. Киэһээҥҥи куораты көрө таарыйа диэн. Женя кыыс Прохар атыттан олох арахпакка тутуһан баран сылдьар этэ. Уонна Толя истибэтигэ Прохарга эппитэ.
-Он какой то противный...не по душе мне этот Анатолий -диир кыыс.
-Да нет.. мы с ним в одной школе работаем, нормальный, просто он такой...как сказать то...Энергичный вот..-диир Прохар кыыска.
-Я выросла в детском доме...и знаю нрав людей...Мне он что то не нравиться...-диир Женя.
-Женя эн сахалыы өйдүүгүн дии...Онтон тоҕо саҥарбаккын..-диэн Прохар ыйытар, кэпсэтии тематын уларытаары.
-Я могу говорить..но слишком смешное выражения у меня...-диэн кыыс күлэ-күлэ этэр.
Олорор уопсайдарын атынааҕы парка аатыгар кэлэн баран, бириэмэ өссө да баарын иһин кыратык паркаҕа күүлэйдии түһэр санаа ылыннылар. Прохар Женялыын уонна Толя буоланнар. Сэмэн уол наһаа сылайдым диэн пааркаҕа хаамарын сүрэҕэлдьээн уопсайыгар барбыта. Үһүөн күһүҥҥү сылаас киээһээҥи паарка устун хаамсан истэхтэринэ, утары биир ыксаабыт омук уола сүүрэн кэлэн.
-Памагитэ..Памагитэ...там этэ...бйуут...-диэн Прохардаахха көрдөстө.
-Что..Что.. -диэн Прохар өйдөөбөккө ыйытта. Ону Женя кыыс сахалары кытта өр олорбут буолан, ити омук уола тугу эппитин быһаара оҕуста.
-Там кого то бьют наверное...так я поняла -диэн быһаарда.
-Да..Да..там...-диэн уол ыйан биэрдэ.
-Толя бардыбыт -диэн баран Прохар уол ыйбыт сирин диэкки сүүрэ турда. Онно тиийэн көрбүтэ уон дуу аҕыс дуу уолаттар биир киһини сиргэ төкүнүтэ сылдьан тэбиэлээн төкүнүтэ сылдьаларын көрөн. Учууталлы сылдьан элбэхтэ оҕолор охсуһууларыга түбэспит буолан, тохтотордуу сананан ысанан тиийэн тохтотордуу сананна.
-А ну стой...что вы делаете...-диэн хаһыытаан бытарытта. Маҥнай уолаттар соһуйан тохтуу түһэн ылылар, онтон биир уоллара эттэ.
-Эй ты откуда нарисовался обьезяна....Че стали пацаны...-диэтин кытта уолаттар аны Прохарга ынан киирэн бардылар. Биир уол кэлэн Прохары тэбэн саайбытын атаҕын садьыйан кэбиһэн баран тиэрэ аньан түһэрдэ. Дьэ ол кэннэ баар уолаттар бары тоҕо аньан кэлэннэр ким охсо сатаан, ким тэбэ сатаан, бэйэ бэйэлэригэр мэһэйдэһэ мэһэйдэһа сатаан тапакка сырыттылар. Прохар дойдутугар оҕо сылдьан син үчүгэйдик охсуһар этэ, уонна ыһыахтарга хапсаҕҕайга тустар буолан сылбархай уонна бэйэтин кыанара туһалаабыта. Уолаттары тутан ыла ыла киэр элитэлээн испитэ. Кыахтаах уолга тубэһэн эдэр уолаттар ыксаан, бэйэ бэйэлэрин хаһыытаһар саҥалара элбээбитэ. Биир уол илиитигэр быһахтаах кэлэн эрэрин көрөн Прохар, хаһан эрэ убайа үөрэппит ньыматынан ол уолтан быһаҕын былдьаан ылбытыгар, кэниттэн маһынан саайаннар өйүн сүтэрэн охтон түспүтэ...
Прохар өйдөнөн кэлбитэ, баһын иһэ сибиниэһинэн туолбут курдук уонна ыалдьар этэ. Тулатын көрбүтэ киһи бөҕө баар курдуга, ол быыһыгар милийия формалаах дьоннор кинини илиитин кэдэрги эргитэн баран наручниктаан кэбистилэр. Өй мэй буолан тугу да өйдөөбөккө уонна төбөтө да ыалдьарыттан, саҥара да кыаҕа суох олорор. Иһиттэҕин биир кэм ..._Убийца....Убийцу задержали....-диэн дьоннор саҥалара иһиллэргэ дылы этэ. Милиция үлэһитэ илиитин наручнигынан хатаан баран , хаарга олорор Прохары сутуругунан сыҥаахха сырбаппытыгар, төбөтүгэр маһынан охсуллан улахан эчэйии ылбыт буолан, өйүн сүтэрэн эмиэ налыс кынан хаалла...
Өйдөнөн кэлбитэ...ханна эрэ кусаҕан баҕайы сыттаах сиргэ муостаҕа сытар этэ....сытан эрэ туох буолбутун саныы сатаата да төбөтө ыалдьара бэт буолан тугу да өйдөөбөт...Өйдүүрэ диэн Женялыын илиилэриттэн тутуһан баран, уопайдарын диэкки хааман иһэллэрэ...уонна...уонна...Ээ..ханык эрэ омук уола кэлэн көрдөһөн эрэрэ...онтон охсуһуу....Оччоҕо тоҕо кинини бу манна уктулар...тоҕо кинини илиитин баайбыттарай....тугу оҥорбуттун олох өйдөөбөт....Нэһиилэ туран, ханна укпуттарын билээри тула өттүн көрүммүтэ, кыракый кирпиччэнэн тутуллубут хос иһигэр укпуттар этэ....кусаҕан баҕайы сыт, хос биир муннугар турар биэдэрэттэн кэлэр этэ...- Оо...бу иэдээни....хаамыраҕа сытар эбиппин..-диэн бэйэтин саҥатын истэн хаалла. Ол аата били охсуһа сылдьан кими эрэ эчэппит буоллаҕа дуу...диэн санаан ылла...Дьэ иэдэн...кими эмит эчэтэн бу манна түбэстэҕэ...-диэн санаалар элэс кынан аастылар.
Хас чаас ааспыта буоллар...илиититтэн чаһыытын уонна бачыыҥатын быаларын кытта курун устан ылан кэбиспит этилэр. Ысиаана сулбуруйа сылдьарын иһин сиэбиттэн платоогун булан ыстаанын кур иилиллэр быаларыттан туттаран биэрдэ. Сотору соҕус тимир аана хачыгыраан , бөдөҥ уҥуохтаах нуучча киһитэ киирэн...
-А ну на выход....руки за спиной...-диэн күргүйдээн эттэ. Прохар илиитин кэннигэр туттан хаамыратын иһиттэн таҕыста. Таска тахсыбытыгар киһитэ .
-Мордой к стене..-диэн баран, аанын хатаата уонна -На лево...шагом марш.-диэн бөөҕүнээтэ.
Прохары биир кыра хоско киллэрэн , илиитин остуолга баар наручникка хатаан олордон кэбистэ. Онтон таххаатын кытта , көстүүмнээх эдэр уол киирэн кэллэн, остуол нөҥүө олороот кумаахыларын хостоон барда суумкатыттан.
-Мин Пивоваров Альберт Васильевич диэн следователь буолабын....Эн киһини өлөрүүгэ түбэһэн бу дьала тэриллэ сылдьар -диэн эппититтэн Прохар соһуйан ойон тураары кыммыта остуолга иилилибин хандылыта мэһэйдээн кыайан турбакка хаалла.
-Мин кими да өлөрбөтөҕүм....-диэн эрэ нэһиилэ саҥарда.
-Оччоҕо мин өлөрбүтүм.....Эйигин киһини өлөрө сырыттаххына дьоннор көрөннөр, маһынан төбөҕө саайан дөйүтэн баран миицияҕа тылаабыттар -диэн эппититтэн Прохар тыына хаайтаран ылла.
-Суох...онук буолуон сатаммат..мин кими да өлөрбөтөҕүм...Онно паркаҕа эдэр уолаттар биир киһини кырбыы сылдьалларын, кэлэн тылаабыттарыгар баран тохтото сатаабытым...-диир Прохар
-Сымыйалаама....Эйигиттэн сылтаан дойдулар истэригэр улахан айдааны таһаарары кынаҕын дуо....Билэҕин дуо эн кими өлөрбүккүн...-диэн хаһыытаан тоҕо барда.
-Суох мин кими да өлөрбөтөҕүм...өлөрөр да санаам суох этэ...
-Эн...Эн...Анголияттан кэлэн үөрэнэ сылдьар студент уолу быһаҕынан аньан өлөрбүккүн билэҕин дуо...Бу бириэмэҕэ ити ытыллыыга барар статыйаатын билэр буолуохтааххын...
-Ол хайдах....Ол уолу кырбыы сылдьар уолаттар баалара дии...Мин ол омук уолугар көмөлөһөө сатаабытым....
-Саҥарыма...оччоҕо эдэр хомсомуол уолаттар албыныылар диэн этиэххин баҕараҕын дуо....Эйигин кинилэр тохтотон милицияҕа тылаабыттарыгар махтаныахха сөп этэ...-диир следователь.
-Суох...Суох...мин ол киһини өлөрбөтөҕүм...ол уолаттар....бэйэлэрэ....бэйэлэрэ...
-Бу манна эйигин туппут милиция араапара эмиэ тиһиллэ сылдьар...диэн баран ааҕан иһитиннэрдэ.
-Мин сержант Соломин.А.П уонна рядовой Васильев В.В буолан центральнай паркаҕа дьуһуурустубалыы сырыттахпытына, уолаттар сүүрэн кэлэннэр , киһини өлөрүөхсүтү туппутарын туһунан эпитэригэр тиийбиппит. Өлөрүөхсүт илиитигэр быһах тутан баран дөйө сытар этэ.....- Бу маны эн туох диигин диэн ыйытта Прохартан.
-Ол аата ...бэйэлэрэ өлөрөн баран миигин уган биэрбиттэр...Ол уолаттар ол киһини кырбыы сылдьаллар этэ..-диэн хаһыытаан тоҕо барда Прохар.
Сарсыҥҥытыгар Прохары эмиэ ыҥырдылар, уонна кимниин паркаҕа сылдьыбытын туох былаанаах Ленинграддка кэлбитин ыйыталаспыттара. Прохар баар кырдьыгынан барытын кэпсээн биэрбитэ. Саха сириттэн партия пропогандатын үөрэҕэр үөрэнэ кэлэ сылдьарын туһунан кэпсээбитэ. Ол күн Эрмитажка кэрийэн баран, төннөн иһэн паркаҕа күүлэйдээн баран уопсайдарыгар барыахтаахтарын туһунан кэпсээбитэ. Следователь кэпсээбитин сурунан баран, Прохары хамыратыгар атаатаран тахсан барбыта. Киэһээтин Прохары уонна атын тутуллубут дьоннору, аатырбыт бастакы нүөмэрдээх Кресты следственнай изоляторга көһөрөн тиэйэн илдьибиттэрэ. Прохары РСФСР Уголовнай Кодексын 73, 74 уонна 102 пункт А диэн статьяларынан буруйданаҕын диэн докумуонугар суруллубут этэ, уонна бэйэтигр эмиэ биэрбиттэрэ, ыйыттахтарына итини этэрҕин диэн быһааран биэрбитэрэ. Прохар бу туох диэн буолалларын таайбат да сэрэйбэт да этэ. Кинини кытта хаайылаахтары таһар масыынаҕа,. түөрт киһи баара. Олортон иккитэ эмиэ Прохар курдук саҥа түбэспит эдэр уолатта биирдэстэрэ Грузин уола, иккис олох эдэр нучча. Онтон икки киһи уруккаттан хаайыы диэни билбит уркагааннар буолар этилэр. Масыынаннан айаннаан иһэн Прохар атыгар уркалартан биирдэстэрэ түбэһэ олорбута уонна Прохарга эттэ.
-Мин Джокер диэммин, дьиҥнээх аатым Павел...ити эн статьяларгыттан иһиттэххэ олох ыарахан сатьяннан олорсон иһэр эбиккин.. Олорсон иһэр диэн биһиги тылбытынан эттэххэ Пасажир диэн...ити биһиги хаайыылаахтар жаргоннара ...Эн билэҕин дуо ити тугу сүгэ сылдьаргын -диэн ыйытта.
-Тугу сүгэ сылдьаргын диэн....., тугу этэҕиний..-диэн ыйытар Прохар.
-Эн бастакы түбэһииҥ буолан тугу да билбэт эбиккин...Ол аата туохха буруйданаргын этэбин...Мин бастакы срокпун Кайыы буолбут сылыгар түбэспитим...онтон бу үһүс айаммын айаннаан истэҕим...Мин уоруйахпын....Эн кутаныма...эппикэ дылы бэйэ дьонуттан мин уорбат киһибин, сокуону убаастыыбын...-диэн күлэр Джокер.
-Сокуону убаастыыбын диигин да ...онтон уорар эбиккин дии...Уоруйахпын диир буоллахына...
-Ити мин хаайыы сокуонун этэбин эйиэхэ...Бэйэ хаайылаахтартан уорар киһини ...крыыса диэн буолар ол иһин...Чэ кэлин билэн иһиэҥ хаайыы сокуона олох туһунан сурулубатах сокуон...сороҕор кытаанах да сороҕо сымнаҕас да буолуоҕа...Эн курдук саҥа түбэспит дьоҥҥо ыйан кэрдэн биэрэр киһини ананар ,сыыһа суолунан үктэмэтиҥ курдук...
Пивоваров следователь, Прохар үөрэнэ сылдьар сиригэр тиийэн биир дойдулаахтарын булан ыйыталһар санаалаах тиийбитэ. Ыйдаран Анатолийы булан кэпсэппитэ.
-Ол күн буруйданааччы Уримжинов көрдөрүүтүнэн эйигин уонна Евгения Лебедьева диэн кыыс буолаҥҥыт пааркаҕа күүлэйдиир санаалаах тиийбиккит ол кырдьык дуо..-диэн Толя куттаммытын көрөн ыган киирэн барда.
-Кырдьык ол күн ...Прохар Уримжинов биһигитин кытта паркаҕа сылдьыспыта...Ону эмиэ Лебедьева туоһулуон сөп.-диир Толя
-Эн өйдөө...Уримжинов....омук уолун өлөрбүт...Эн кинини көмүскэһэр санаалаах буоллаххына, салгыы үөрэнэр уонна үлэлиир кыаҕыҥ быһылан сөбүн туһунан....Бу сотору Союз иһигэр улахан Олимпияда буолуохтааҕын туһунан билэр инигин...Ол иһин улуу нуучча норуотун аатын түһэн биэрбэт курдук, балаһыаньа булолуохтааҕын бэйэҥ билэр буолуохтааххын...Онон тугу саҥараргын толкуйдуу толкуйдуу саҥар. Инники олоххун саныыр буоллахына..-диэн кутаан киирэн барда Пивоваров Толяны.
-Ол аата....суох..суох мин кинини көмүскэспэппин...Ол кынан баран биһиэхэ биир омук уола сүүрэн кэлэн, көмөлөһүҥ диэн көрдөспүтүгэр, Уримжинов ол диэкки сүүрэн барбыта....Мин кинини кыайан тохтоппокко хаалбытым...Били кэлэн көрдөспүт омук уола,салгыы куота турбута...Мин Лебедьеваны нэһиилэ тохтотон уопсайбыт диэкки илдьэ барбытым...Оннук гынан ол сиргэ туох буолбутун билбэти...-диир ыксаабын Толя.
-Уримжинов онно тиийэн, киһини быһаҕынан аньан өлөрөн тутуллубута....Эн Уримжиновы төһө үчүгэйдик билэҕиний. -Дойдубутугар биир оскуолаҕа учууталынан үлэлээбиппит....Ээ..үлэлиибит....Кини сутурук сокуоннааҕын истэр этим...Ол иһин оҕолоор киниттэн кутанар этилэр.
-Ол аата оҕолору кырбаталыыр этэ диэххин баҕараҕын дуо.
-Мин көрбөтөҕүм кынан баран..истибитим..
-Кини өлөрүөн син дуу...Быһахтаах сылдьарын эн көрбүтүҥ дуо..биир дойулаахын...
--Билбэтим быһахтаах сылдьарын көрбөтөҕүм...баҕар сиэбигэр илдьэ сылдьыбыт да буоллаҕына миэхэ көрдөрбөккө сылдьан эмиэ сөп этэ...
-Чэ сөп эн бар...Уонна миэхэ Лебедьеваны ыыт -диэн Пивоварав Толяҕа эттэ.
-Женя эйигин следователь ыҥыттарар.....Прохар онно киһини өлөрбүт үһү...Иһит эрэ...эн кинини олох көмүскэһэ сатаама..бэйэҕэр кусаҕан оҥостуоҥ... -Эн хайдах буоллуҥ...хайдах көмүскэһэ сатаама.... -Үөрэхтэн утуохтарын сөп диэн этэбин...Эйиэхэ үчүгэй буоллун диэн кыһаллан.... -Эйиэхэ дуу миэхэ дуу....кимиэхэ кыһалларыҥ биллэр ини...мин сымыйаны этиэм суоҕа...Эн миэхэ онон манан кииримэ..-диэн баран Женя сөбүлээбэтэҕиг биллэрэн, куота тэйэ хааман следователь олорор кабинетын диэкки хаама турда. Кэннитэн Толя иһигэр саныы хаалла..-Дьэ көрүллүө ...итиннэ киирэн тахсыбытыҥ кэннэ туох дааргин....Наһаа да бэйэҕин үрдүктүк тутта сылдьыбыккын тохтотоллоро буолуо ээ....-диэн кыһыйбыт санаатыгар саныы хаалла.
-Мин Лебедьева Евгения диэммин..-диэн кыыс киирэн следователь иннигэр киирэн олорунан кэбистэ. Пивоваров кыыһы сыаналыырдыы аларааттан үөһээ, көрөн таһааран баран эттэ.
-Бу эн нучча кыыһа буолан баран, тоҕо ити...ханнык эрэ дьиикэй омуктары кытта сылдьыбыккын өйдөөбөккө олоробун..-диэн кыыһы сиилии көрүстэ.
-Ханнык эрэ дьиикэй....Билэҕин дуо эн....ити эн этэр ханык эрэ дьиикэй диир омугуҥ, миигин киһи кынан таһаарбытын....
-Ол хайдах буолбутун мин хантан билиэмий...уонна билэ да сатаабаппын....-диир Пивоваров. - Эн ити дьоннору кытта сылдьыбыккын билинэҕин дуо....
-Да мин билинэбин...Мин Уримжиновы кытта бииргэ сылдьыбыппыт. Маҥнай Эрмитажка күүлэйдээн баран, киэһээ сатыы уопсайбытыгар сатыы кэлбиппит. аара пааркаҕа күүлэйдээн ааһыахха диэн мин тыл көтөҕөн , онно дьаарбайа , хаамса түһээри кымыппыт. Утары биир омук уола сүүрэн кэлэн, кини табаарыһын уолаттар кырбыы сылдьалларын эппитэ, уонна көмөлөһөргө көрдөспүтүн Уремжинов көнө уонна Сэбиэскэй киһи быһыытынан көмөлөһө ыстаммыта. Мин барсаары кыммыппар миигин Сивцев Анатолий тохтотон, уопсайга күүһүнэн кэриэтэ соһон илдьэ барбыта...Билигин кэлэн кэмсинэ олоробун барсыбатахпыттан.-диэн эттэ Женя.
-Уремжиновы эн итэҕэйэҕин дуо....кини киһини өлөрбүт, ону билэҕин дуо эн...Буолаары буолан атын омук уолун...-диир Пивоваров -Табаарыс следэбэтэл...эн бэйэҥ токуйдаан көр....Хайдах көмөлөһө тиийбит киһитин кини өлөрүөн сөбүн..-диэн кыыс ыйыппытыттан Пивоваров бэйэтэ да саатан ылла кынан баран, онтукатын таска таһаарбата. Киниэхэ бу омук уолун өлөрүүнү түргэн соҕустук, ити тутуллубут саха сириттэн кэлбит киһиэхэ сыбаан , хаайыга ыытарга диэн сордоҕу толоро сатыы сылдьара. Аҕыйах сылынан Сойууска Олимпияда буолаары турдаҕына нуучча норуотун оҕолоро омуктары кырбаан уонна өлөрөр диэн, олох улахан айдааны таһарыахтааҕын иһин киниэхэ тойотторо , улахан кистэлэҥ бирикээс биэрбиттэрэ. Ону бу нуучча кыыһа мэһэй таһай буолуоҕуттан куттанан киирэн барбыта. Ол кынан баран бу кыыһы үөрэҕиттэн үүрдэрэн, түргэнник ханна эрэ ыыталарын курдук оҥоторого быһаарынна. Ити биир кыыс олоҕо дуу, эбэтэр бүтүн Союз дьылҕата дуу .Оннук быһаарынан Пивоваров кыыһы эйигиттэн ыйытарым бүттэ диэн эппитэ...
Лебедева Женяны үөрэҕиттэн ууратан, дойдутугар атаарбыттара. Уонна ону таһынан кыыһы Саха сирин түгэх ханык эмэ сиригэр ыраах ыыталларын курдук дьаһалы биэрбитэрэ. Оннук кынан Женя дойдутугар кэлэн баран, Хотугу оруйуоҥҥа үлэлии ыытыллыбыта. Уонна Сэмэн Егоровүөрэҕиттэн уһуллан дойдутугар барбыта. Сэмэн дойдутугар тиийэн үлэтиттэн эмиэ үүрүллэн, тыаҕа кадравай булчут быһыытынан үлэлиир буолбута. Онтон Анатолий Сивцев үөрэммитин курдук үөрэнэ сылдьара. Ол бу буолан , ону маны туойа сылдьар буоллаххына доҕоргун батыһан барыаҕыҥ диэн кутаан кэбиспиттэрэ.
Прохары, Грузины уонна Джокеры үһүөннэрин 157А диэн хаамыраҕа анаан, биирдии бэйэлэригэр матараас уонна аһыыр иһит биэртэлээн, бэйэ бэйэлэрин батыһыннартаан үөһээ этээскэ таһааран. Бааир аан иннигэр истэнэни көрдөрөн туруортаан баран ааны арыйан хачыгыраппытара. Хаамыра иһигэр киирбиттэрин кэннэ. Аанарын хатаан кэбиспитэрэ. Хаамыра иһинээҕи олохтоохтор кинилэри остуолга, олорон көрсүбүттэрэ.Джокер хаамыраҕа киирээт , баҕар билэр биир эмит киһибин көрүөм диэбиттии , дьоннор сырайдарын көрүтээлээтэ. Уонна саҥараен барда..
-Мин Джокер диэммин...Бу үһүс айамын айанаары, кынаппын куурда сылдьабын...Ким бу хаатаны көрөн олороруй....-диэн ыйытта.
Хаамыра түгэҕиттэн кавказ омук акценнаах саҥа иһилиннэ .
-Ва...дарогой....Джокер....ити чахчы эн куоласкын истэбин дуо...Чахчы эн куолаһыҥ курдук -диэн баран сабыылаах икки ярустаах орон быыһыттан, барыта бытык буолбут уһун киһи тахсан кэллэ. Ол киһини көрөөт Джокер ымайыаҕынан ымайан.
-Кими көрөбүнүй....Киви...Киви...Норуот аҕатын быраата....Киви бэйэҥ бэйэҕинэн...
-Ай... Паблуша...Джокер....Кэрэ да түүнэр буолар буолбуттар...Джокер бэйэтинэн Крестыыга баар буолбут....Хаччы бөҕөтө хамсыыһык....Биһиги хаатабыт байар буолбут...-дии дии илиитин имэринэр.
-Тохтоо..Тохтоо Киви...Барытыа баар буолуо ол...Бу миигин кытта киирбит олрсоочулары миэстэлэрин булартыахха наада...Бу эн быраатыҥ эмиэ грузин ыччата,...Вано, уонна тус хоту ыччата Прохар диэн саҥа олххо тардыһаачыла...-диэн быһааран биэрдэ.
-Прохар кэлэр эрэ манна кэпсэтии баар -диэн Джокер Прохары ыҥыран хаамыра түгэҕэр Киви оронун аттыгар ыҥыран ылла. Муннукка баар орон аттыгар Джокердыын тиийбитэ Кивины кытта, саастаах интелегент көрүҥнээх еврей киһитэ кинини кэтэһэг олорор этилэр. Джокер Прохарга эттэ.
-Бу Аврам Соломонович билсэн кэбис, кини сокуон хараҕын барытн билэр киһи...Эн бэйэҥ дьалаҕын киниэхэ сиһилии кэпсээ...Тугу билэрин барытын быһарыа...- диэн баран олоппос ылан , ол киһи иннигэр туруоран биэрдэ. Прохар Соломоновичка туох буолбутун барытын кэпсээн биэрбитэ. Соломонович сиһилии истэн баран , төбөтүн быһа илгистэ -илгистэ саҥарда.
-Да...олус ыарахан дьала буолбут....Да...Да...эн омук уола....Токуйдаан көр...Өскөтүн ол уолаттар өлөрбүттэрэ быһаарылыннаҕына....улахан айдаан буолар кыахттаах...Ол иһин эйигин ыар буруйу сүктэрэн ыыталлара ордук курдук буоллаҕаа...Даа...Билэҕин дуо аны үс сылынан дойдубутугар туох буоларын...
-Билэбин....Оччоҕо мин дьалам...кусаҕан диэн этэҕин дуо...
-Эн следовательыҥ Пивоваров диэбитиҥ дии...Олус үчүгэйдик билэр оҕом...Кини ким эрэ ыйан биэриитинэн үлэлиир....эпиккэ дылы марионетка...Көрөөр да истээр, ким да эйигин көмүскүүр киһи суох буолуоҕа. Ол уол ылысатаҕына , ылсар уол...Онон тойуом...эпиккэ дылы....Прошу к нашему Шалашу...Киви мин манна туһам бүппүт буолаҕына...Мин эйиэхэ туһам суох ини...-диэн ыйытан туран барда. Ити кэпсэтиини истэ олрбут Кивилаах Джокер, прохар диэкки көрөн олордулар.Онтон Джокер саҥаран барда.
-Так...иһит эрэ Прохар...Бу дойдуга....Биһиги испитигэр омугунан арахсыы диэн дэҥҥэ көстөр...Суоҕун да кэриэтэ сөп диэххэ сөп...Онон бэйэҥ эрэ түһэн биэримиэххин наада диэххэ сөп....
-Син ону маны билэбин диэххэ сөп...Мин дойдубар хаайылаахтар элбэхтэр, кинилэр кэпсээнэринэн ол бу туһунан билэбин...Бу оҥорботох буруйбар түбэһиннэрэр да күннээх буолахтарына...Мин да өчөс хаанаах киһи буоларбын билиэхтэр турдаҕа...
-Джокер.. бу уолу бэйэҥ эппиэккэр ылан үөрэтэргэр, туох баар бары барытын сиһилии быһааран биэрэргин бэйэҥ билэҕин...-диэн Киви кинилэргэ туһаайан эттэ.
Джокер Прохарга, күнүн аайы ол бу туһунан кэпсээн,,.быһааран биэрэ буолбута.....-Түрүмэҕэ да, зонаҕа да олорор дьоннор маастарга арахсаллар..Смотрящие...ити Киви курдук көрөн тутан олорооччулар, Блатнойдар- онно смотрящайга чугас дьоннор, олор хаһан да ханна да үлэлээбэт ...улахан аптарытыаттаах дьоннор. Отрицаловкалар - диэн эмиэ блатнойдарга тэҥнээх , барытын бары утары сылдьар, кимиэхэ да бас бэриммэт дььоннор. Мужики - көнөрү олорооччулар, үлэлиилэр бэрээдэги кэспэттэ. Шныри - уборшиктар , ол бу бөх хомуйааччылар, ас түҥэтэр иҥин үлэлээх Баландер иҥин курдуктар. Чуханы - суумат, кирдээх бэйэтин көрүммэт дьоннор .Ол бу кирдээх үлэни үлэлиир дьоннор...Суки или Козлы - активтар, адмистрацияҕа үлэлиир , стукачтар эҥин диэбит курдук олорооччулар. Обиженнайдар уонна .....растар -диэн саамай киһи аатыттан түспүт дьоннор .. Уонна Фуфлыжниктар -диэн баллар , ол хаарты иэһин төлөспөтөх, тылларыгар турбат дьон.
Киэһээтин аайы Джокеры ханна эрэ илдьэ барар этилэр, уонна сасыарда бэрэбиэркэ буолуон эрэ иннигэр кэлэр буолара. Прохар Джокеры ханна илдьэ баралларын биирдэ Кивиттан ыйыппытыгар, киһитэ эппитэ.
-Эн ол туоххунуй...барытын билэр киһи буолуоххун баҕараҕын дуо...Оччо наадыйар буоллаххына бэйэтиттэн ыйыт...-диэн баран Прохар диэкки тобулу көрөн баран олорбута. Прохар мээнэ ону маны дьоннтон ыйыталаһыма диэн Джокер эппитин өйдөөн кэлэн, ыйыппытыттан кэмсимитэ. Биирдэ күнүскү прогулкаҕа тахса сылдьан Прохар Джокертан ыйыппыта.
-Павел Павлович...эйигиттэн биири ыйытахпын баҕарабын..Баҕар мин ороһорум сыыһа буолуо кынан баран, мин да ону маны биллэхпинэ сатанар...Ити кэһээтин аайы ханна илдьэ баралларый -диэн сэмээр ыйытта. Джокер Прохар сырайын өр соҕустук көрөн тура түһэн саҥаран барда.
-Павел Павлович....истэргэ үчүгэй кынан баран...Өйдөө манна мин Джокер диэммин. Джокер да диэтэххинэ өһүргэниэм суоҕа...Хата эйиэхэ эппиккэ дылы аат наада, ол хаайыга олорор дьон погоняла дииллэр...Бэрэ эн хантан сылдьабын диэбикиний...
-Саха сириттэн..-эпиэтиир Прохар
-Чэ ону баҕас кэлин буоллун....Онтон ити киэһээтин аайы диэҥҥэ....Аапыт билэҕин дии...Толкуйдаан көр..-диэн мичээрдээн ылла.
-Ээ...хайдах ол эрэ туһунан санаабатахпын...Хаарты...Хаарты диэ...-диэн саҥа аллайда.
-Саҥарба...-диэн баран тула өттүн көрүнэн баран - Ити муньах дэнэр, мээнэ саҥарыллыбат....Манна муньахха , икки өтүттэн хабыр хапссыһыы...Ити кыһыл түүлээхтэргэ эмиэ оонньуур дьоннор бааллар. Ол курдук өйдөө мээнэ кэпсии сылдьар буолаайаҕын...Биллэхтэринэ киһи кымматтар.. -диэн сэрэтэр Джокер.
-Джокер...Мин хаартылаан көрүөхпүн баҕарабын, ол сатаныа дуо...
-Өйдөөбөтүм....ол эн оскуола оҕолорун албынаан оонньуур оонньуу буотах...Мин кэпсээбитим дии эйиэхэ, хаарты иэһэ диэн ...олох бүтэһик дьала диэн Фуфлыжник, тыһытааҕар алараа кэккэҕэ сыдьар киһи буолар...
-Иһит эрэ мин кэпсиэм...Онтон бэйэҥ толкуйдаар...Мин аҕам сэрииттэн икки илиитэ суох буолан кэлбитэ, саамай кыра оҕо буолан мин кинини куруутун кэниттэн батыһа сылдьар буолар этим. Ол икки илиитэ суох инбэлиит киһи тугу үлэлиэй...Ыаллары кэрийэ сылдьан хаарты ооннььуур этэ...Онно киниэхэ илиитэ мин буолар этим. Оннук кынан биэс -алта саастаах уол оҕото хаарты оонньоон кирэн барбытым аҕам, миэхэ ханнык хаарты ылахтааҕын этэр этэ, онук гынан хаарты ооньуутун үксүн билэбин диэххэ сөп..-диэн кэпсээтэ.
-Бэрэбиэркэлиэхпит...хаатабытыгар киирдэхпитинэ...-диэн Джокер эппигэр Прохар үөрэ иһиттэ.
-Дьэ эрэ Прохар...тугу сатыыргын билигин көрүөхпүт...-диэн баран Джокер, Прохар иннигигэр хааартыны тылыгыратан ылла.
Икки орон ыккардыгар олопос ууран бараннар. Прохар, Джокер Киви уонна Индус диэн хос аатаах еврей киһитэ буоланнар ооньоороу олордулар.
-Дьэ доҕоттор, бэйэҕит билэҕит биһиги интириэскэ оонньообот дьоннорбут...Биир хаатаҕа олорорбут быһыытынан, табаахха ооньуоххайыҥ диэн этэбин - диэн Джокер тыл көтөхтө.
-Табаахха буолаҕына табаахха....Үстүү паачыканы, ооньууьут, Онтон элбэххэ барыллыбат -диэн Индус саҥарар.
-Мин табааҕым...суох, табаах да тардыбат киһибин -диэн Прохар туран бараары кыммытын Джокер тохтотто. Уонна үс пачка Прибой диэн табааҕы ылан тутаран кэбиһэн баран...-Бу эйиэхэ иэс биэрэбин, ол курдук өйдөө...-диэн баран имнэнэн ылла. Маҥнай ким дьиэлэнэрин таайсыы буоллулар. Чиэрбэ тууһа Прохарга кэлэн хаартыны кини ырытар буолан хаалла.
-Тугу ооньуубут -диэн дьоннорун көрөн баран ыйытта Прохар.
-Биэс хаартылаах покеры...-диэн Киви саҥарда..-Билэр ооньууҥ ини...-диэн Прохартан ыйыттар.
-Билэн....урут босхо эрдэхпинэ ооньуур этибит...Таах мээнэҕэ...-диэн баран Джокер ддиэкки көрөн ылбытыгар, киһитэ сөбүлээбэтэҕин биллэрэн , тииһин ырдьас кыннаран ылла. Ити аата мээнэ ону маны саҥарыма диэн этэр быһыыта этэ. Оонньу дьэ саҕаланан барда...
Прохар хаартытын түҥэпитин кэннэ бааҥҥа , бары баардии сотолорун киллэрэн...дьэ саналааһын саҕаланна . Бастакыннан Индус үс сото табааҕы киллэрдэ, уонна үс хаарты уларыта. Онтон Киви -Эпиэтиибин диэн үс сото киллэрэн икки хаарты уларытта. Джокер - Үрдэтэбин диэн биэс сото табаахха дылы үрдэтэн биэрдэ...Прохар хаартытын көрбүтэ икки сэттэни кытта икки хоруол уонна бугунай тууһа кэлбит этэ...-Эпиэтиибин диэн биэс сотону баанарыгар килэрдэ.Уонна биир хаартыны уларыппыта үһүс сэттэ кэлбитэ. Индус уонна Киви иккилии сотону эбэн биэрдилэр . Ол кэннэ дьэ сыаналааһын саҕаланна. Индус -Биэс сото -диэн баран килэрдэ. Киви тэҥнээтэ. Онтон Джокер Прохар диэкки көрөн баран -Мин уон сото диибин диэтэ. Прохар токуйдаан олоро түһэн баран--Тэҥниибин диэн эбии уон сото табааҕы килэрдэ. Индус эмиэ баарбын диэн тэҥнээтэ. Киви акаастанан -Мин пас -диэн туорааг биэрдэ.-Чэ арыйсыҥ диэн , дьоҥҥо туох хаарты кэлбитин көрөөрү кэтэһэн олордо. Бастаан Индус хаартытын арыйда...Үс тууһу арыйан олопоско бырахта- Тройка на Тузах -диэн , дьоннрун сырайдарын харахтарын көрдө. Джокер бирдии биирдии хаартытын ылан уурталаан киирэн барда,.маҥнай.. аҕыс, тоҕүс, уон, кулут...уонна дьахтар хаартылары арыйтаан -Стрит диэн этэн баран Прохары көрөн баран олордо. Прохар үс сэттэтин арыйда...уонна тохтоон олоро түһэн баран икки хоруолу ууран биэрдэ...Фул Хаус...-диэн дьоннорун диэкки ырбайан ылла......Анна бастаан Индус эстибитэ үс паачыка табааҕа бүтэн, туран барбыта...Онтон сотороу соҕус Киви туораабыта. Джокердаах Прохар икиэн эрэ хаалан баран кыратык ооньуу түһэн баран Прохар эпитэ...-Чэ Джокер бүтүөххэ ...Бу иэһим уонна кини ытырыыта. диэн түөрт пачыканы тутаран кэбистэ уонна бу хаалбыт табаахтары ...уопсай айахха диэн Кивига туттарн кэбист. Ону истэ олорбун баар дьоннор Прохары махтанан төбөлөрүн тоҥхох кынан махталларын билэрдилэр Прохарга. Джокер Прохардыын икиэн эрэ хаалбытарыгар эттэ.
-Чахчы үчүгэйдик ,хаарты хаамыытын билэриҥ бэт эбит...Бэт ...оонньууга илдьэ бара сылдьахха син эбит -диэн эттэ.
Биир ыйы быһа следствеенай изоляторга хаайыллан сыппытын иһигэр, Прохар следователья Пивоваров баара суоҕа иккитэ эрэ кэлэн барбыта. Ол кэлэн барабытыттан Прохар кинини туоһулуур биир да киһи суоҕун билбитэ. Буруйу барытын киниэхэ сүктэрэн , дьала тэрийэр буолбуттарын билбитэ. Кини биир дойдулаахтарын ыйыппытыгар .Пивоваров киниэхэ Сивцев көрдөрүүтүн таһааран көрдөрбүтэ. Прохар Толя көрдөрүүтүн ааҕан баран , саҥатыттан маппыта. Онно манык суруллубут этэ.
" Мин Сэбиэскэй киһи быһыытынан, туох баар кырдьыгы этиэхпин баҕарабын. Бу тутуллубут Уримжинов мөкү быһыытын , киһи санаатыгар кайан килэрбэт дьала дии саныыбын. Уонна кини мин биир дойдулааҕым буоларыттан саатабын. Төһө да биһиги Сахалар, киин сиртэн ыраах олорбуппутун иһин. Биһиги испитигэр ити Уримжинов курдук былыргыннан олорор дьоннор элбэхтэр диэхпин сөп этэ. Кинини оскуолаҕа учууталлыы да сылдьан, оҕолору күүһүнэн уонна сутуругунан кутаан иитэр идэлээҕин истэр этим кынан баран, итэҕэйбэт этим. Онтум баара бу манна кэлэн бэйэтин дьиҥнээх сырайын көрдөрдө. Биһиги киниттэн кэлэйэн , санаабыт адьана сыдьар. Манна баар саха дьоннорун аатын түһэн биэрэр диэхпин баҕарабын. Кини оҥорбут буруйугар эпиэтээтин диэн баҕа санаалаахпыт...-диэн илэ бэйэтин илиитинэн суруйбут суругун аахпыта. Уонна Женя эппит тыларын санаан кэлбитэ..-Он какой то противный....не по душе мне этот Анатолий -диэбит тыллара иһиллэргэ дылы кыммыта. Прохар кыыс туһунан ыйыппытын Пивоваров Лебедева Евгения үөрэҕиттэн үүрүллэн, ханна барбытын билбэппин диэн сапсыйан кэбиспитэ. Аны бу миигиттэн сылтаан Женяны үөрэҕиттэн уһулбуттар диэн санаа Прохарга охсулан ааста. Пивоваров Прохарга эйиэхэ адбакаат анамытын туһунан эпитэ. Уонна бү күннэргэ , эйиэхэ кэлэ сылдьа диэн этэн баран тахсан барбыта. Прохар хаамыратыгар кэлэн Аврам Соломоновичка тугун хайдаҕын кэпсээн бирбитигэр киһитэ эпитэ.
-Да...дьэ дьалаҥ кусаҕан эбит...Хайдаҕын да иһин эйигин түбэһиннэрэр буолбуттар....Эйигин күүстэринэн ол өлүгү эйиэхэ сыбыы сатыахтара....ону тулуйарыҥ эрэ наада...Тулуйдаххына ...Баҕар ол кынан баран , ол эмиэ кутталаах...Эйигин бэйэтигэр тиийимит да кынан кэбиһиэхтэрин сөп...Мин санаабар эн ол киһини бэйэҕэр ылынарыҥ ордук буолуо этэ...Ол кынан баран, эн кинилиин бииргэ сылдьан атаанаһан итинникэ тиийбит курдук оҥороруҥ рдук буолуо этэ...Тоҕо диэтэххэ ол киһи омук, эн да омуккун ол иһин бииргэ сылдьан сатаспакка өлөрбүт буолаххына Государственнайтан , үһүс главаннан өлөрүү эрэ киэнинэн көрүлүөҕүҥ этэ 102 или 105 диэҥҥэ бэйэтин көмүскэниитин таһынан барбыт диэҥҥэ үктэтэ сатыаххын наада...оччоҕо аҕыйах сылы ылаҥ этэ..-диэн эптигэр Прохар өһүргэнэн ойон турда.
-Суох...Суох...мин киһини өлөрүүнү ылыммаппын..-диэн баран, тэйэ хааман барда.....
Биир түүн хаартыга оонньуу буола турдаҕына , Прохартан оонньуу олорор дьоннортон Вахтанг диэн эмиэ грузин киһитэ ыйытта.
-Мин биир дойдулааҕым Киви хайдах сылдьар...төһө үчүгэйдик хаамыраны тутан олорор....
-Кэрэ...барыта кэрэ...-диэн Прохар эпиэтиир.
-Билэҕит дуо эһиги доҕоттоор... тоҕо кини Киви диэн күлүүлээх баҕайы аатааҕын...Чэ мин кэпсиим ....Киви дьиҥнээх аата Гиви Беридзе диэн , Дальстрой хаайытыгар сылдьар кэмигэр хоту дойду уолун кытта доҕордоспут, онтуката тоҥус дуу юкакиир дуу киһитэ. Иккиэн куруук бииргэ сылдьан мас охторор үлэлээхтэрэ . Ууп уһун грузин уолун кытта кыра уҥуохтаах хоту киһитэ , көрөргө наһаа да күлүүлээх буолара. Ол киһи Гивины куруук кэниттэн батыһа сылдьан Киви..Киви...диэн ыҥыра сылдьар буолара. Биирдэ саас икиэн мас охторо сырыттахтарына эрдэ уһуктубут эһэ кинилэргэ саба түспүтэ. Ол хаайылаах сордоохтор туох сэптээх буолуохтарай иики киһи эрбиир эрбиилээх эрэ буолахтара дии.. Эһэ сүүрэн иһэрин Гиви көрөн баран уолуйан туран хаалбыта...Онтон били кыракый киһитэ эрбиини сулбу тардан ылаат эһэҕэ ыстамыта. Үрдүгэр саба түһэн эрэр эһэҕэ эрбии тииһинэн айаҕар батары биэрэн баран эһэ төбөтүн ыбылы кууһан ылан баран эһэҕэ хатаастан сылдьан киһитигэр хаһыытыыр үһү -Киви..Киви...Киви...Охрана наада..Киви ..Охрана наада...Гиви онно дьэ өйдөнөн баран саалаах охранигы ыҥыран кэлбитэ, киһитин көхсө барыта хаан бөҕөтө буолан баран эһэтигэр хатаастан баран сылдьар эбит этэ. Охраник эдэр салдаат уола ону көрөн кутанан баран турдаҕына Гиви уолтан саатын харбаан ылан кэлэн эһэни тирээн турааран өлүөр диэри хаста да ытыалыыр. Эһэ хамсаабат буолбутугар биирдэ ттохтуур. Онтон сааттын салдаатын диэкки быраҕан баран киһиитэ тыынааҕын бэрэбиэркэлээри тиийбитигэр киһитэ кинини көрөн - Киви...Киви...Молодец ...медведь убил...Киви Молодец..-диэн баран өйүн сүтэрэн хаалбыт этэ. Ону Гиви ол киһитин илиитигэр көтөҕөн лааҕыр балыыһатыгар диэри сатыы илдьибит этэ..Ол баран иһэн салдаат уол киниэхэ көрдөһө сатаабыт , эһэни кини өлөрбүтүн курдук этэригэр ..Гиви киһитин лазариетка аҕалбыта өйдөнөн кэбитэ уонна Гиви диэкки көрөн баран - Киви ты живой...Киви..хоросо что ты живой...Киви...Киви..-диэн баран тыына быстаахтаабыта. Ол салдаат уол эһэни өлөрбүтүн иһин дьиэтигэр уопускаҕа баран сыньанан кэлбит. Ол кэннэ Гиви, уонна миигин Киви диэн аатыыгыт диэн , кинини өлөртөн быыһаабын хоту хорсун уолун ыҥырар аатые ылыммыта....-диэн түмүктээбитэ Вахтанг.
Прохар хаартыга сүүйүү бөҕөтө буолан , Крестыы үрдүнэн төлөһүйэ көпүтэ. Уруһуй уонна Черчения уруогун ыыта сылдьыбытын иһин киниэхэ Художник диэн ааты иҥэрбиттэрэ. Прохар үчүгэйдик уруһуйдуурун көрөн сөҕөллөр этэ. Көрөн олорон харандааһынан киһини уруһуйдаан биэртэлиир буолана, ытыс үрдүгэр сылдьар буолан киирэн барбыта. Биирдэ көннөрү уруучуканнан сүүрбэ биэстээх солкуобайдаах харчыны үүт үүкчү уруһуйдаан Джокердаах Кивини соһуппута. Киви ону көрөн баран
-Талаан сылдьар эбиккин...Мин доҕордоох этим...эмиэ Саха сириттэн сылдьар Слепцов Степан диэн уол, кини эмиэ олус үчүгэйдик уруһуйдуур этэ..-диэн баран көхсүгэр баар татуировкатын устан көрдөрбүтэ. Оҕотун көтөҕөн турар Сассоферрато уруһуйа үүт үүкчү уруһуйдаммыт этэ. -Ити били кэпсиир уоларын уруһуйа дуо - диэн ыйыппыта Прохар.
-Кини...Кини сырдык кэриэһин ытыктаан , доҕорум ыҥырар аатын билиҥэ дылы илдьэ сылдьабын...Өскөтүн кини онно куотан хаалбыта эбитэ буоллар миигин баҕас ол эһэ сиирэ хаалбыта. Доҕорум муҥнаах мин туспар бэйэтин олоҕун кэрэйбэккэ туран эһэҕэ утары барбыта....Дьэ кыра киһи диэтэххэ санаата күүстээҕэ сүрэ бэт эбит этэ...Сыгыньах илиитинэн эһэҕэ киирэр диэн...Тыынаах хаалбыта буоллар, төһөлөөх үчүгэй буолуо этэй.....Кини мин илиибэр быстаахтаабыта. Биһиги кинилиин, сэттэ сылы быһа бииргэ эн мин диэн сылдьыбыппыт. Степканы уон сылга болдьохтоон хаайыга тубэһинэрбиттэр этэ. Куораттан бэрибэркэлии кэлбит дьоннору тыынан өрүһү туоратаары , тыылара устан иһэр маска кэтиллэн ууга түспүттэр этэ. Бэйэтэ нэһиилэ тыынаах хаалбыт этэ. Ол дьонноро итирик буоланнар тута тимирэн хаалбыттар. Ол иһин кинини соруйан өлөртөөһүн быһыытынан түбэһинэрбитэрин кэпсиирэ. Мин кини кэпсиирин итэҕэйбэт этим...Эһэни, бөрөнү соҕотоҕун сылдьан бултуубун диэн кэпсиирин....Онтум баара....Бу да сырыттарбын доҕорум биир соҕотох уолугар , куруутун харчыннан көмөлөһө сылдьабын...-диэн кэпсээбитэ Киви.
Прохга дьоннор татуировка оҥотороору кыммытарын акаастаан, уруһуйун эрэ уруһуйдаан биэртэлиир буолбута. Онтуката да сыанаҕа турар буолан харчы киирэ турара. Акастаабыт биричиинэтинэн Джокер сүбэтинэн Партакка киирэн биэримэ диэн сүбэлээбититтэн тахсыбыта. Биридэ адвокатынан анаммыт эдэр баҕайы уол кэлэ сылдьыбыта уонна туох буолбутун сиһилии истэн баран, ону маны бэлиэтэмитэ буолан баран баран таастыы сүтэн хаалбыта. Ол курдук ыйы быһа кинини умнан кэбиспиттэрин курдук, туох да билибэтэҕэ. Прохар биирдэ эмит киэһэтин баран хаартылаан кэлэр буолан, бириэмэтин билбэккэ ааһар буолбута. Дойдутугар туох хайдах сурах тарҕаммытын билиэҕин баҕарар этэ кынан баран. Киниэхэ ким да суруйбат уонна бэйэтэ да кимҥэ да суруйбат этэ. Слиэстибийэ бара турар кэмигэр эйиэхэ бобуллар диэбиттэрин иһин, суруйа да сатаабат уонна суруйар киһитэ да суох этэ. Эппиккэ дылы, бу түрүмэ да иһигэр харчылаах буоллахына тугу барытын булуохха сөп этэ.Үчүгэй ыраас таҥас, ас арааһын ..тугу баҕарбытыҥ барыта баар этэ.
Прохар хаартыга ,Магадаантан сылдьар Босман диэн хос аатаах киһини улахан иэскэ килэрбитэ. Киһитэ кыайан төлөспөт иэскэ киирбитин билинэн улахан санааҕа ылларан , саҥата иҥэтэ суох сөҥөн баран сылдьарын атын хаайыылаахтар көрөн үөрбиттэр көпүттэрэ. Босман бэйэтэ дьон бөҕөтүн иэскэ килэрдэҕинэ , төһөлөөх дьон олоҕун аймаан аһымат буоларын Прохар истибитэ. Ол иһин Босманы кэһэтэ түһүөн баҕарбыта. Джокертан биирдэ ыйыппыта.
-Босмантан иэспит хайдах төнүннэрэбин. Эбэтэр атынынан төлөтөрөрүм сөп дуо.
-Эн иэскин бэйэҥ билэҕин....Эйиэхэ иэскэ киирбитин элбэх манна элбэх дьон билэр. Холобура...эн ити иэһиҥ суотугар , тугу баҕарар кыннараыҥ бэйэҥ дьалаҥ...Ол кынан баран , ол төлөрүйүүтүн...эпиккэ дылы эмиэ туоһулааччы баар буолуохтаах, кэнники ол бу буолбатын туһугар - диэн кэпсиир Джокер.
-Оннук буоллаҕына...иэһи иэскэ диэбиккэ дылы, миэхэ иэстээх киһи баар...Ол киһини.....
-Тугу этэргин арааһата сэрэйдим быһылаах....Ол кынан баран ол бэйэҥ дьалаҥ...Туоһуннан буолуохпун син...
-Оччоҕо олус үчүгэй....Хас киһи туоһу буолуон сөбүй..
-Миигин кытары дөссө, Киви буолаҕына сөп...Биһи тылбыт мээнэ буотаҕа биллэр...Босман бу күннэргэ босхолонобун диэн аһары баран иэскэ киирэн хаалла акаарытыгар. Мин саныахпар кини фуфлыжник аатын сүгүөн баҕарбатаҕа буолуо...Эпикин кыаллар дьалата буолаҕына ылыныаҕа дии саныыбын...Онон уһаппака тугу баҕарбыккын үчүгэйдик толкуйдаан баран этиэххин наада этэ. Босман абтарытатаах хаайылаах ону өһүргэппэт курдук...Чэ ону бэйэҥ толкуйдаа...мин туоһу эрэ буоларга баарбын иэс төлөрүйүүтүгэр.
-Босман...иэскин төлөһөргөр бэлэмҥин дуо -диэн Прохар кэпсэтиини саҕалаата.
-Мантан хантан оссо элбэх харчыны булан биэриэ дии саныыгын...Сотору мантан таҕыстахпына төлөһүөм диэн эппитим дии....Или эн миигин итэҕэйбэккин дуо Художник...-диэн ыйыта көрүстэ. Кэпсэтии тематын сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, Прохар диэкки кыыһырбыт харахтарынан көрүтэлиир.
-Итэҕэйии диэн..итэҕэйии...Ол кынан баран хаарты иэһэ диэн бэйэҥ билэҕин....Мин эйиэхэ биир дьаланы тэээри кынабын...Холобура онно сөбүлэһэр буоллаххына иэскин, төлөспүт курдук саныам дии саныыбын...Ону эн туох дии саныыгын...-Прохар Босмантан ыйытар
-Кыаллар дьала буоллаҕына үөрүүнү кытта ылынылыа....Онтон кыалыбат буоллаҕына.....-диэн ыйытар Босман.
-Ону бэйэҥ бэккэ диэн билэҕин дии Босман -диир Прохар.
-Эн...кимҥиний...миигин үгүс зуонаҕа билэллэр..Биир да сруоогу тэпсибэккэ сылдьан ...Эн миигин ...-диэн Босман кыыһыран киирэн барбытыгар, кэпсэтиини истэ олорбут Джжокеры кытта Киви саҥаран барда.
-Ша..ша..Босман эн туох буоллуҥ....Бэйэҥ дьоннору иэскэ ыйатаалаан хайдах сордуургун умуннуҥ дуо...Художник бэйэ киһитэ...Джокер да атын маннааҕы аптарытыатаах олороочулар онно эпиэтиэхтэрэ...Эбэтэр иэскин төлөөмөөрү ол бу буолан , олорбутуҥ олорботоҕуҥ диэн киэбирээри кынаҕын дуо...-диэн Босмаҥҥа эттэ.
-Киви...суох мин төлөспөппүн диэбэппин...Художник бэйэ киһитэ буоларын мин да билэбин...Суох ол бу буолбапын сыыһа өйдөөтүгүт....Туох да диэн баайсыбаппын..-диир ыксааыт Босман.
-Тохтоо Боман...эн эт Художник эйигиттэн ыйытта дии...Кини услуобуйатыгар сөбүлэһэҕин дуо диэн. Эн ону эт ..Биһиги онно туоһу буолабыт Киви уонна мин...-диэн Джокер Босмаҥҥа эппитигэр киһитэ , олоро түһэн баран . Прохар диэкки көрөн баран эттэ.
-Художник эппитим курдук кыаллар буоллаҕына ылсам...суох буоллаҕына..Чэ истэбин, тугу этээри кыммыкыный...
-Мин биир дойдулааҕым баар... -диэн Прохар Босмаҥҥа тугу баҕарбытын . Босман олорон толкуйдуу түһэн баран, туран илиитин Прохарга уунна уонна.
-Мин санаабар кыаллар дьала....Барытын эппитин курдук оҥоруом...
Сивцев Анатолий дойдутугар кэлэн үлэ үөһүгэр түспүтэ. Ленинградтааҕы быһылаанын кусаҕан түүл курдук санаан төбөтүттэн киэр элиппитэ. Туоҕу саныырын следователь Пивоваровка барытын кэпсээн да биэрбитэ үчүгэй эбит. Холобура Уримжиновы көмүскэһэн үөрэҕиттэн да үлэтиттэн да үүрүлүөн баҕарбатаҕа. Били Лебедеваны кытта Егоров көмүскэһэннэр ыттыы үрүлүбүттэрэ. Ону санаатаҕына куттанан сүрэҕэ салыбыраан ыларга дылы билигин даҕаны. Женя кыыска сэрэтэ сатаабыта ээ...Итиччэ үчүгэй кыыһы куотаран кэбистэҕэ кыһыытын. Чэ кининнэн эрэ кыыс бүппэтэх буолухтаах. Үөрэҕин бүтэрэн кэлэн билигин дириэктэр солбуйаачытыгар дылы үрдээбитэ да үчүгэй киниэхэ. Үрдүк должнастаах киһи , эппикэ дылы эдэр учуутал кыргыттарга билигин былдьаһыкка сылдьар. Уруккутун курдук кинини сэнээн бүттүлэр.Билигин очуотун оҥорон баран дьиэтигэр барыаҕа....Онно муузыка учуутала кыыһы ас астата көмөлөһөргө көрдөһөн ыыпыта. Билигин дьиэтигэр тиийиэ ...уонна...уонна... Оскуолаттан тахсан дьиэтин диэкки , бытаан соҕустук хааман ол буну көрө көрө тиийдэ. Хоһугар киирбитэ миньигэс ас сытынан көрүстэ...Ити аата кыыһа тугу соруйбутун толорбут. Дьиэтигэр кистэммит сухой арыгытын таһаара иккиэн иһиэхтэрэ. Оччоҕуна ити кыыс киниэнэ.... -Катюша...туох үчүгэй миньигэс сытай -диэбитинэн кыыска утары хааман тиийдэ. Уонна кыыһы кууһаары кыммытын кыыһа куота тэйэн биэрдэ. Уонна остуолу бэлэмнээн киирэн барда.
-Анатолий Егорович...мин барыахтаахпын. Сарсыҥҥы уруоктарбар иҥин бэлэмнэниэххпин наада этэ..-диир Катя.
-Миигин кытта олорон аһаан баран барыаҕыҥ ..ыксаама..-диэн баран баран ыскаабын түгэҕиттэн бытыылкалаах сухойун хостоон таһаарда...- Кыратык сылаа таһаарына түһүөххэ , уонна эн биһиги чугастык билсэрбитигэр тос көтөҕүөхпүт.
-Эс..суох...мин испэппин -диир Катя.
-Сатар биир үрүүмкэтэ көтөҕүс...сатар биири -диэн Толя кыыск үрүүмкэни туттаран кэбистэ.
-Чэ буоллун бү кэннэ ...уонна олох испэппин -диэн баран кыыс үрүүмкэтин охсуһуннаран баран , барытын биирдэ хантатан кэбистэ.....
Анатолий,кинини ким эрэ сахсыйарыттан өйдөнөн кэлбитэ...Муостаҕа олорор этэ, кинини ббиир милиицийэ үлэһитэ уолугуттан тутан баран сахсыйа сахсыйа тугу эрэ ыйытан , айаҕа эрэ хамсыыр этэ...Төбөтүн иһэ ку-хаа буолан тугу да истибэт...Арай илиитин көрбүтэ илиитэ барыта хаан буолбут этэ...тугу да өйдөөбөккө мээнэннэн көрүтэлии олорон арай....оронугар ким эрэ сытар этэ. Нэһиилэ сиртэн оронон туран көрбүтэ, оронугар сыгыньах кыыс сытар этэ. Анатолий кыыска чугаһаан кэлэн көрбүтэ ....Катя кыыс сытар этэ...Ол кынан баран...Барыта кыа хаан быыһыгар....
-Көр бу тугу гыммыкын....-диэн баран милиицийэ үлэһитэ кинини кэнниттэн бүөгэ кибилиннэрдэ - Арыгы иһэрдэ ..кыыһы күһүлүү сатаабыккын...Уонна көр ити...Хайдах кыммыкын....-диэн баран дөссө төгүл, бүөргэ оҕуста.
-Мин...буотах...мин...буотах....-диэн нэһиилэ ыган саҥарда Анатолий.
-Дөссө туох диигин ...-диэн баран кэлэн илиитин кэдирги тутан наручнигы кэтэрдэн кэбистэ. Уонна саҕатыттан тутан муннукка турар олоппоско олордон кэбистэ - Манна олоро түс.. экспертар кэлиэхтэригэр дылы...Ол бу буолан саҥаран көр эрэ...Ытан кэбиһэн баран куотааары кыммыта диэҕим...Өйдөөтүҥ дуо, Суолас....-диэн кулгааҕыгар хаһыытаата.
-Сөп...Өйдөөтүм...-диэн Анатолий өлөрүттэн куттанан сөбүлэһэ охсон. саҥата суох көрө көрө олордо. Сотору соҕус хоһун иһигэр киһи бөҕөтө кутуллан киирдэ. Элбэх баҕайы милиисийэ үлэһиттрин кытта оскуола дириэктэрэ эмиэ кэлсибит.
-Табаарыс майор...Гражданиин Сивцев, бу эдэр кыыһы өлөрбүтэ барыта бу бэйэҕит көрөргүт көстөн сытар...Мин кэлэрбэр гражданин Сивцев муостаҕа утуйа сытар этэ. Илиитигэр бу быһаҕы тутан баран сытар этэ..-диэн баран тирээпкэҕэ суулана сылдьар быһаҕы арыйан көрдөрдө...- Мин санаабар кыыһы маҥнай , бытыылканнан төбөҕө саайан дөйүппүт..Уонна ороҥҥо көтөҕөн илдьэн күһүлээри кыммыта, кыыһа өйдөнөн кэлбит быһылаах.. Онтон...бу бэйэҕит көрөҕүт..-диэн ыйан көрдөрдө.
-Ким тыллаан, эн манна кэлбиккиний -диэн майор ыйытар.
-Сосед киһитэ,түүҥҥү симиэнэтиттэн кэлэн аана аһаҕас турарын иһин өҥөйөн көрбүт, уонна миэхэ тыллаабыта.
-Семен Егорович, бу эн үлэһитиҥ дуо...-диэн майор ыйытар оскуола директарыттан.
-Мин үлэһитим....Ити кыыс.....эмиэ, бу соторутааҕыта биһиэхэ ананан кэлбит учуутал кыыс.-диэн эттэ.
-Кыыс аата суола ...-диэн ыйыттта кинилэри кытта кэлбит лейтенант званиялаах киһи.
-Екатерина Егорова ....Повловна...Егорова Екатерина Павловна музыкаҕа учууталынан ананан кэлбит кыыс...Ээ...кэлбитэ..
-Чэ сөп...быһарсахпыт...Эһиги барыаххытын сөп. Манна слиэситибийэ буоларыгар мэһэйдээмэҥ. -дмиэн майор дириэктэргэ эттэ.
Хас да күнү быһа хаайтаран Дьокуускай куораттан Босман , дьэ сөмөлүөккэ регистрация буолбутугар , айдаан бөҕөтүн таһааран быһалыы киирэн билиэтин регистрациялатта. Сөмөлүөккэ киирэн олорон Художника биэрбит тылын толорон бу айаннаан истэҕэ. Кини сөмөлүөтүнэн көтөрүн олох сөбүлээбэт этэ. Билигин кырата уон чаас курдугунан көтөн тиийиэхтээх. Онтон салгыы хайдах айаныырын билбэт. Бу кэриэтэ, борохуотунан төһө баҕар устуоҕун сөп этэ. Сор бөҕөтүн көрөн , утуйар утуйбат ыккардыгар олорон, дьэ сөмөлүөтэ түһэргэ бэлэмнэммитин сэрэйэн . Сырайын хараҕын мускунан ылла. Бачча ыраахха бу айанаан кэллэҕэ. Эппит тылыгар турар буолан бу айаннаан кэллэҕэ. Кини Художникка төлүөхтээх иэһэ дьигинэн элбэх этэ эбээт...
Сөмөлүөттэн тахсан , бөһүөлэккэ туох барарын дьонтон ыйыталаһан ,Зил 157 масыына кузовыгар олорсон бөһүөлэги булла.
Уонна оскуола дьиэтин ыйдаран , сатыы хааман тиийдэ. Биир оҕо ааһан иһэриттэн библиотека ханна баарын ыйытта. Оскуола иһигэр киирэн , Библиотека диэн суруктаах ааны арыйан иһирдьэ киирдэ.
-Дорооболоруҥ...-диэн баран аан аттыгар кэтэһэн турда. Түгэх диккиттэн кэрэ көрүҥнээх уһун уҥуохтаах нучча кыыһа хаамн кэлэн.
-Дорообо...эһиги туохха наадыйдыгыт - диэн ыйытта.
-Миэхэ Евгения Юрьевна наада буолан кэлэн турабын...-диэн Босман , буруйдаммыт оҕолуу туттан муостаны көрөн баран турда.
-Мин Евгения Юрьевнабын...эһиги туохха миэхэ наадыйдыгыт....-диэн Женя эмиэ кинини сүгүн үлэлитимээри кыммыттарыттан куттанан ыйытта.
-Мин эйиэхэ сурук уонна посылка аҕаллым -диэн сибиттэн таһаара суругу туттарда. Уонна суумкатын иһиттэн хаһыакка суулааҕы хостоон таһааран , кыыска уунна..-Бу посыылка бу баар.
-Ким миэхэ ол сурук ыытар...-диэн Женя киирбит киһиттэн куттанан көрөн баран турда.
-Эн маҥнай суругу аах...оччоҕо барыта билиэҕэ буоллаҕа...Миигиттэн кутаныма, мин таска табаахтыы тахсыам...-диэн баран Босман тахсан барда. Женя суругу арыйа баттаат , ааҕан киирэн барда.
Босман табаахтаан киирбитэ , Женя ытаабыт харахтаах олопоско олорор этэ, Босман киирбитигэр киниэхэ ытары хааман кэлэн. -Прохар буруйа суоҕун мин билэр этим...Ол иһин манна бу кэлэн олордоҕум...Тоҕо кинини итинник буруйдаабыттарын мин сэрэйэбин. Билигин да миигин саныырыттан мин үөрдүм. Мин да кинини санаабатах күнүм суох курдук....Эн миэхэ кини туһунан сиһилии кэпсээ...Хайдах онно сылдьарын, доруобуйата санаата хайдаҕын..-диэн Женя Босмантан ыйытта.
-Художник...Ээ..Прохар олус үчүгэйдик сылдьар диэххэ сөп...Кини мин таххарбын билэн..миигиттэн көрдөспүтэ. Олус үчүгэйдик билэр киһибэр ....Баар суох таптыыр киһибэр..-диэн Босман бэйэтэ эбэн биэрэн эппитэ..- сурук тиэрдэн уонна посыылка тиксэрэрбэр. Биһиги бэйэҥ билэриҥ курдук эппит тылбытыгар туоҕун да иһин толорор дьоммут. Ол иһин бу ырааҕын , айана эрэйдээҕин көрбөккө туран бу кэлэн турдаҕым...Балтыкам эн...Ити Балтыкам диирбиттэн эн соһуйума...сурук суруйар буоллаххына миигиннэн ыытыаххын сөп...Прохар баҕар бу кэмҥэ, ханна айаннаабыта билибэт. Онтон мин, булан тиксэриэҕим ол туһугар эрэниэххин сөп. Онон эпиэккин миигиннэн ыытар буоллаххына суруйа охсоруҥордук буолуо этэ...Мин манна уһаабатым ордук буолуо этэ. Уонна ити ыыппыт харчытын...олох ыларгар көрдөһөбүн...Бэйэҕин кытта илдьэ хаалан, баҕар тугу баҕар кын....ол бэйэҥ дьалаҥ. Мин итини төттөрү ыларым...эпиккэ дылы ...Чэ ону эн билэриҥ наадата суох. Суруккун суруй...-диэн Босман быһааран биэрдэ. Уонна отуолга сытар Огонек сурунаал сытарын ылан олопоско олорон , аахпыта буолан барда. Женя остуолугар олорон Прохарга сурук суруйан барда..
Диэн суруйан бүтэрэн баран , конверт көрдөөн булумахтаммытын Босман көрөн эттэ. -Балтыкам...биһиги бэйэбит туһунан конвердаах дьон буолабыт, суруккун аҕал миэхэ. Почтатааҕар биһиги почтабыт быдан эрэбиллээх буоллаҕа -диэн мичээрдээн ылла.
Босман куорат пордуттан таксии булан, элбэх харчы төлүүҕүм диэн суоппар киһини нэһиилэ кэпсэтэн Прохар олорбут дэриэбинэтигэр дылы айанаан тиийбитэ. Суоппарын күүтэригэр кэпсэтэн, оскуолаҕа тиийэн Анатолий Сивцевы ыйыппытыгар, Муоста сууйа сылдьар саха эмээхсинэ, куттаммыттыы Босман диэкки көрөн баран, нэһиилэ саҥарбыта.
-Кини...кини...учуутал кыыһы өлөрөн тутуллубута....-диэн нэһиилэ, быһааран биэрбитэ.
-Эн эмээхсин миигиттэн куттаныма....Мин Ленинград куоратыттан кэллим, хаһыакка үлэлиибин...Тугу билэргин сиһилии кэпээ...-диэн хаайда. -Мин хантан билиэмий...дьон кэпсээбитинэн эрэ билэбин. Ол киһи эдэр учуутал кыыһы быһаҕынан аньан өлөрбүт диэн кэпсииллэр. Онон куоракка тутан илдьэ барбыттар сурахтааҕа...уонна тугу да билбэппин -диэн баран эмээхсин , оскуолатын сууйбута буолан барда. Босман истибэтэҕин истэн, төттөрү кэлбит масыынатыгар тиийэн куоракка айанаата. Масыынаҕа олорон Прохарга туох диэн этэрин толкуйдуур. - Лебедеваны көрсөн , посыылкатын тиэрдибитин уонна эпиэт сурук аҕалбытын туһунан этиэ...Онтон Сивцев диэн киһитин булбатаҕын туһунан эттэҕинэ , киһитэ итэҕэйиэ эрэ итэҕэйимиэ эрэ. Ити эмээхсин кэпсээбитин этиэ буоллаҕа...Оччоҕо иэһиттэн төллөрүйэр эрэ , төлөрүйбэт эрэ...Ситэри кыаллыбатах дьаланы...Чэ хайдаҕын да иһин , эппитин толоро сатаата.....-дии саныы олорон утуйан барда. Суоппар Босманы куорат пордугар аҕалан баран тардыалаан уһугуннарда. Босман суопарыгар кэпсэппит харчытын туттаран баран тахсан барда. Прохар киниэххэ кэлэргэр бараргар уонна суол ороскуотугар диэн элбэх харчы биэрбитэ. Ол иһин Босман гостиницаларынан уонна рестораанарынан куттаммакка сылдьаталаабыта. Дьигинэн Босман ити уолу кытта бодуруһан доҕордостоҕуна , хаартыга элбэх харчы эргитиэ этилэр. Ол иһин бу сырыттаҕа...
Анатолийы куорат ттүрүмэтигэр аҕалан хаамыраҕа соҕотохтуу хаайан кэбиспиттэрэ. Манна кэлиэҕиттэн Толя дьэ улахан санааҕы ылларда.- Ити баар....Ити баар...тоҕо да арыгы испитэ буоллар....Эпитэ ээ киниэхи Ийиэтэ муҥнаах...-Туокаа...олох арыгыны иһээйэҕин тойуом...Эн оҕо сылдьан төбөҕүн улаханнык эчэтэн тураҕын....-диэн куруутун этэр буолар этэ эбээт....Кини билэр этэ, кыыһырдаҕына эҥин бэйэтин кыайан туттумат буолуор диэри уларыйарын....Итирдэҕинэ, элбэх арыгы истэҕинэ, тугу да өйдөөбөт буолан хааларын билэрэ...Бу да сырыыга, кыыс барабын диэбититтэн кыыһырар курдук этэ....Онон манан син өйдүүр эбит ...Катя кыыс...Таах даҕаны арыгы иһэн...Билигин кини хаайылаах...Хайылаах...диэбиккэ дылы...Прохар Уримжиновы туох да буруйа суох киһини...эмиэ кыыс туһуттан....Маны этэн эрдэхтэрэ...атын киһиэхэ дьаама хаһыма диэн...Буруйа суох...Буруйа суох...Онтон кини буруйдаах...Ол иһин таҥара накаастаата быһылаах, кутанан бэйэтин олоҕун туһуттан кутанан туох да буруйа суох киһини хаайыыга ыытан. бэйэтигэр эргийдэҕэ....Ол кынан баран кини буруйдаах....Буруйдаах...Хайдах гынарбын мин билэбин...Билэбин...-диэн санаан баран Толя сыттык хаатын уһулан ылла....Оскуоланы бүтэрэр сылыгар этэ....Аҕата күн аайы арыгы иһэн баран, кэлэн Ийэтин сордуурун иһин Ийэтэ бэйэтигэр тиийиммитин булбуттара....Ийиэ...Ийиэ...мин билэбин...тугу гынарбын билэбин -диэн баран, орон баһыгар быа биир баһын баайан баран , биир өттүн төбөтүгэр кэттэ.....-Мин билэбин...Тугу гынарбын билэбин...-диэн баран, атаҕын тиирэ тэбэн олорунан кэбистэ.....
Прохар Крестыы түрүмэтигэр сыппыта сыл кэриҥэ буола охсубута. Бу тухары кини дьалатын ити быһаарыахпыт бу быһаарыахпыт дии дии , уһаан кэҥээн тэнийэн испитэ. Адыбакаата биир күн дьалабыт үчүгэй, арыт күн олох кусаҕан диэн соһутар. Прохар мантан тахарын эрэммэт да буолан барда. Манна олоруоҕуттан кини аптарытыата үрдээн, мээнэ дьону кытта тэҥнэспэт уол оҕото буолан сылдьар.. Кинини кытта билэр дьон хаарты оонньообот буолан барбыттара. Онооҕор түрүмэ үлэһиттэрэ кинини убастыыр буолан барбыттара, Прохар Степанович диэн эрэ ыҥырар , аатыыр буолбуттара. Биир күн Прохарга көҥүлтэн бичик кэлбитин тиксэрбиттэрэ. Бичиги Босман суруйбут, уонна Женяттан суруктаах этэ. Маҥнай Босман суругун ылан аахпыта..
Художник Эҕэрдэ..Босман бичийдим. Эн эппикин толорон, ыраах сиринэн тэһэлийэ сүүрэн, бу кэлээт эйиэхэ бичийэн эрэбин. Туолбутун туһунан ити кыыс суруга дакаастыаҕа. Уонна биири иһитинэриэм этэ. Били бииргэ үөрэнэ сылдьыбыт уолуҥ Анатолий, киһини өлөрөн түрүмэҕэ сытарын кэпсээбиттэрэ. Туоҕун хайдаҕын мин сиһилии билбэтим. Сурах хоту иһиттэххэ учуутал кыыһы өлөрбүт диэн, дьиэ сууйаар эмээхсин кэпсээбитинэн эрэ. Ол иһин ол уолу көрсүбэтим....Онон көрдөһүүҥ 70-80 эрэ быраһыанын толордум дии саныыбын. Ону бэйэҥ быһаарыаҥ, иэһим 70 да бырыһана сотулуннаҕына мин үөрүөм..Бары үчүгэйи кытта Босман.
Р.S Мин манна баарбын...Туох наадатын суруй...Бырааттарга,Убайдарга Эҕэрдэ...
Босман суругун ааҕан баран Прохар, салла санаата. Дьон тылыгар турар буоларыттан. Дьигинэн кини итэҕэйбэт этэ...Албынаан да кээһиэн сөп буолаҕа дии..Хаайы сокуона туһунан эйгэлээҕин иһин салла санаата. Босман аптарытыата үрдүүр , тылыгар турар киһи аатын сүктэҕэ. Онтон ылан Женятын суругун ылан аахта....
Таптыырын эппэтэх...Ол да иһин...Женя кинини көрөрүттэн хайдах таайбатах баҕайытай....Баар суох таптыыр киһибэр диэбэтэххэ дылы этим....Ол аата Босман оннук тиэттэҕэ...Оо бу акаары бэйэм да суруйбакка. Мин эйигин эбэһээт күүтүөм..Эрэн ..диэбит .Мин кинини олоҕун алдьатарым сөп дуо..Эдэр сааһыгар ыал буолан оҕолонон. Эбэиэр ол миигин, туга ханныга билибэт киһини күүтэрэ...Чэ өйдөөх кыыс , бэйэтэ быһаарыа...Аны ол бу диэтэхпинэ ,таптаабат эбит дии санаан хомойуо...Көрсөн кэпсэтэр киһи...-дии санаан ылла Прохар. Тэтэрээт лииһин ылан Босмаҥҥа эппиэтин суруйан барда.
Босман Эҕэрдэ...Улахан Улахан Махталбын биллэрэбин...Үтүө киһи тыла биир. Эппитим курдук...Эн миэхэ иэһиҥ, толорү төлөммүт курдук санаа. Манна эйигин дьоннор үөрэ иһиттилэр...Кинилэртэн эйиэхэ Улахан Улахан Эҕэрдэ диэн тиксэрэбин... Уонна биир көрдөһүүлээхпин...Женя туһунан сиһилии суруйаргар....Онтон Анатолий туһунан бэйэм сураһыам. Босман дьөссө төгүл эйиэххэ Махтал ...Эн миэхэ уонна иэһиҥ суох....Тутаах дьоҥҥо ону тиэртим, сөбүлэстилэр да үөрдүлэр да.. Художник. -диэн бичийэн баран ыытарга бэлэмнээн эрийэн баран , трасса диэҥҥэ биэрэн ыыттарда. Оннук аналлаах сурук кэлэригэр барарыгар анаммыт дьоннор баар этилэр.
Биир күн Прохары тиэйэн илдьэн Городской Суд диэн дьиэҕэ аҕалан , киллэрэн биир залга килиэккэ иһигэр хатаан кээспиттэрэ. Бу аата сабыылаах суутара диэн буоларын , киниэхэ кэпсээбит буолан таайа охсубута. Буруйдаачы ааҕыытыттан иһиттэххэ кинини киһи Статья 102. Умышленное убийство при отягчающих обстоятельствах пункт г) совершенное с особой жестокостью диэн буруйданар диэн . Уонна 15 сылы аныырга диэн аахпыта. Адыбакаата ол бу туһунан , мээнэни туһата суоҕу туойбута. Бүтэһиккэ Прохар тыл этэргэ көрдөһөн туран эппитэ.
-Бу эһиги, сууд да дьонноро уонна слиэстибийэ да үлэһиттэрэ сымыйаннан дьону суутууугут, атын омук диэн сэнээҥит буруй оҥорботох киһини , буруйдаах оҥороҥҥут хаайыга ыытан эрэҕит..Дьиҥинэн мин ити киһини өлөрбөтөҕүм ...-диэн саҥара турдаҕына харабыл милицийэлэргэ этэн тохтоторон кэбиспиттэрэ..Уонна сууттар бириигэбэрин тута ааҕан иһитиннэрбиттэрэ. Оннук кынан Прохар 15 сылга кытаанах эрэжиимнээх хаайыга түбэспитэ.
Прохары уонна хас да киһини Томбовтаҕы ЯТ-30/1 дылы поездка симэтэлээн тиэйэн аҕалбыттара. Ол бу атын куораттарга тохтоон эбии дьон ылар буолан, өр баҕайы айаннаан нэдиэлэ курдугунан олоруохтаах сирдэрин дтэ булбуттара.
Томбов хаайытыгар элбэх сылы ылбыт дьоннор олорор этилэр 15 тэн 25 сыллааха дылы баар этилэр, бу сиргэ. Манна эрдэттэн ким кэлэн иһэрин билэн олорор буолалара . Киһи кэлиэн инниттэн туохха түбэспитэ, ханнык балаһыаньалааҕа барыта эрдэ кэлэр буолара. Прохары кытта манна айанаан барыта отуттан тахса киһи тиэллэн кэбиттэрэ. Үксүтэ өлөрүү, разбой,иҥин курдук ыарахан статьяннан суутаммыт дьон этилэр. Ол иһигэр күһүлээһиҥҥэ түбэспит дьоннор эмиэ баар этилэр. Олору аптарытаттаах дьоннору кытта бииргэ туппакка , туһунан тэйиччи соҕус арыаллыы сылдьар этилэр. Прохар манна кэлиэн иннинэ, кини туһунан бичик кэлбитэ ыраапыт этэ. Уонна кинини кытта маҥнай изольяторга, тиэллэн кэлбит грузин уола баарын көрөн үөрэн киһитин кытта эҕэрдэлэспитэ. Грузин уола Прохары көрөн сүрдээҕин диэн үөрбүтэ. Прохар Кресты изоляторыгар олорон , бэйэтин аптарытыатын үөһээ таһааран, кини туһунан истибит киһи сох курдуга. Уол Прохар диэкки сыҕарыйан кэлэн.
-Эҕэрдэ Дата...Били биһиги хаатабытыттан көһөрүллүбүтүн кэннэ эн тускунан Киви кэпсиир этэ..Уол оҕото Дата диэн аатаммыт диэн кэпсээн турардаах...Хас сылы сүктүҥ....Миэхэ 15 сылы, биэрдилэр...-диэн баран сиргэ силлээн ылла.
-Оо...Эльэх сылы биэрбиттэр дии...Миэхэ 12 сылы анаатылар...-диир Дата.
-Бу да киһи...15 да 12 да иккиэн элбэхтэр дии...-диэн күлэр Прохар.
-Ээ...суох уон икки диэн, уон икки....Уон биэс диэн үс сылынан элбэх дии..-диэн хомойбуттуу туттар Дата.
Прохары 7 этэрээккэ анаабыттара, онно Дата эмиэ анаммыта уонна кинилэри кытта кэлсибит Амбушинов диэн кармыык омук уола, анаммыта. Кини вольнай тустуунан дьарыктаммыт буолан кэтит баҕайы сарыннаах, күүстээх көрүҥнээх уол этэ. Сэттис этээрээти үксэ сойуустан түбэспит атын омуктар, уонна атын госудаарыстба омуктарыттан тэриллибит этээрээт буолара. Этэрээт биригэдииринэн эстонияттан сылдьар Чапкаускас диэн киһи этэ. Кэлбит дьоннору биригээдэтигэр илдьэн, биирдии бэйэлэригэр робаларын биэртэлээтэ, уонна мыыла иһитигэр хлорканы туттаран баран- 7 отряд уонна фамилияларгытын суруйуҥ диэн , кыракый хара таҥас луокуйдарын биэртэлээтэ. Бытовой хоско олорон суруйбут бииркаларын тиктэн , иккилии яарустаах оронорго аҕалан хас биирдиилэригэр , эн манна сытаҕын диэн ыйатаалаан бирбитигэ , оронор бастарыгар эмиэ бэлэмнэбит бииркэлэрин ыйаатылар. Оннук бэйэлэрин оҥостон бүппүтэрин кэннэ киэһээҥи аһылыкка барыҥ диэн , барыларын таска үүртэлээн таһаартаата. Таһырдьа тахсаннар этэрээтэр остолубуойга бараары стройдаан туралларыгар, тиийэннэр бэйэлэрин этэрээтэрин булларан биэрдэ , уонна.
-Биһиги этэрээпитигэр саҥа дьоннор кэлилэр...Ол бу ыйытар буоллахытына мантан киэһээ ыйытаарыҥ....Ол бу диэн балыгырыыргытын иһиттэхпинэ бу киэһээ аһа суох хаалыхыт..-диэн этээрээтин сэрэттэ.
-Ээ...Чапа туох диэн саҥардаҥый...Биһиги аччык хаалахпытына. Бэйэҥ сору көрүө буоллаҕа....Саҥа кэлбит дьоҥҥо былааскын көрдөрө сатыыгын дуо...-диэн этээрээт түгэҕин диэккиттэн саҥа иһилиннэ. Остолобуойдарыгар тиийэн , балаанда диэн астарын аһаабыта буола олордохторуна . Атын этэрээт отуолун диэккиттэн баар киһи хааман Прохар иннигэр тохтоото.
-Художник....миигин өйдүүрүҥ дуу суоҕа дуу билбэтим. мин эһиги хаартылыыргытыгар Цыгааны харабыллыы сылдьыбытым крестыы изоляторга...Мин манна кэлбитим сыл аҥаара курдук буолла . Манна миигин Шмайцер диэнинэн билэллэр...Ити тоҥо Шмайцер диир буоллаххына немецтэр Шмайцер автомаатарын атыылаан түбэспитим иһин итинник аат биэрбиттэрэ...Ити эн этэрээккэр көрөөччүннэн молдованин Руссо диэн киһи тутан олорор. Онтон ити бэйэҥ көрбүтүҥ курдук Чапа утуйуу буолуор эрэ дылы киэбирэр...Киэһээ сиһилии кэпсэтиэххпит -диэн баран илиитигэр четкатын эргитэ эргитэ баран иһэн Чапа атаҕын тэбэн ааста.-Туйахтаргын харайа түс эрэ...фашист ыамата...-диэн сиилээбитти көрөн ааста.
Киэһээтин Прохардаах ол бу туһунан кэпсэтэ олордохторуна, биир киһи кинилэргэ кэлэн .
-Саҥа кэлбиттэр эһигитин ыҥыраллар - диэн баран , төбөтүнэн ыҥыран бэйэтэ сирдээн илдьэ барда. Бараахтар быысарынан хааман Клуб диэн суруктаах дьиэҕэ киирдилэр. Иһирдьэ киирэннэр кулууб түгэҕэр баар хоско килэртээтэ. Киирбиттэрэ киһи бөҕөтө мустан олорор этэ.
Прохардаах киирбитэрин көрөннөр , кэпсэтэ олорбут дьон тохтоон кинилэри көрөн олоро түһэн баран, биир кыра хара киһи саҥарда.
-Мин Руссо диэммин , бу Маштак ...онтон бу Чеботарь, Мамай, уонна ол турааччы Капкан -диэн били кинилэри сирдээн аҕалбыт киһины ыйан көрдөрдө. -Эһиги кимнээх диэҥитий..-диэн кинилэртэн ыйытта. Уолаттар инилэригэр Прохар тахсан эпиэтээтэ.
-Мин Художник диэммин Кресты изолятортан итинник аааттанан кэлбитим...Онтон бу Дата уонна Амбуш...Биһиги ити Даталыын иккиэн Крестыытан кэлибит, Амбуш Бутыыркаттан олосубута.-диэн бэйэлэри билиһиннэрдэ.
-Да...Художник уонна Дата туһунан манна бичик кэлбитэ...Киви уонна Джокер эһиги тускутугар тылларын биэрэллэр...-диэн Маштак диэн киһи саҥарбыта.
-Амьуш....Амбушинов Дархан көҥүл тустуу маастара, Бутырка түрүмэтигэр икки вертухай илиитин тоһутан сылларыгар эбии эптэрэн манна ананан кэлбит...Бичик баар , бэйэбит киһибит...-диэн Мамай диэн киһи күлэ күлэ кэпсээтэ.
-Туох дии саныыгыт, бары даҕаны уонтан үөһээ сыллардаах эрэттэр эбиккит...Ким үлэлиэн баҕарар үлэлиэ...Ол кынан барн үлэлиир буоллаххытына бэйэҕит билэҕит, мужиктар аатарын сүгэргэ тиийэҕит...Онтон ким...чэ ону бэйэҕит билиэххит....Ээ...Художник, эйигин үчүгэйдик библияны ааҕар диэн сурах баара..Манна даҕаны мунньахтар буолаталыыллар. Онон кыттыһаххын баҕарар буоллаххына...Чэ сылдьан эриҥ хайдах дьоннор кэлбиккитин көрүөхпүт..-диир Руссо молдаван.
Ити кэпсэтии кэнниттэн Амбуштаах, Дата Прохар аттыттан арахпат буолан хаалбыттара. Биир сасыарда Чапа бригадиир Прохары уонна Амбуһу промзона диэн сиргэ хаптаһын сааһылыыр үлэҕэ ыытаары эппитигэр Прохар эппитэ.
-Иһит эрэ Чапа...эн туох буоллуҥ...кыһыл бэбээскэ кэппит буоллаххына, миигин үлэлэтэ ыытаары кынаҕын дуо...Мин манна баҕа өттүбүнэн кэлбэтэҕим...Онон өйдөө...мин эйиэхэ манна үлэлии кэлбэтэҕим...Хаайыга сыталлар...Мин манна сыта кэлбитим...
-Эн ону миэхэ этимэ ..Этэрээт начальнигар этээр...Эн эмиэ барбаккын дуо...-диэн Чапа Амбушиновтан ыйыппытан киһитэ кини диэкки көрөн баран ырбайан ылла..-Чэ сөп....мин эһиэхэ миэстэҕитин булларыаҕым..-диэн баран .Атын дьоннорго үлэ түҥэтэ барда.
Үлэттэн акаастаммытарын иһин Прохар уонна Амбуш этэрээт начальныга кэлэн .
-Кэллэ кэлээт...Бэйэҕитин көрдөрөн эрэҕит дуо...Бүтэһигин ыйытабын, үлэлиигит дуу суох дуу...-старшай лейтенант сваниялаах Карпенко диэн хохол киһитэ , Прохардаах иннилэригэр хаама сылдьан хаһыытаата.
-Бэйэҥ үлэлээ...Начальник...мин илиим үлэҕэ анамматах илии...-диир Прохар.
-Эйиҥиниин өйдөннө...Онтон эн..-диэн Амбуштан ыйытта.
-Эн кими көрөҕүн..-диэн Амбуш ыйытта...-Киһини дуу Аты дуу...
-Өйдөөбөтүм...-диир Карпенко
-Мин ат буотахпын үлэлиир...Киһибин..-диир Амбуш
-Саҥарыма...-диэн хаһыытан баран куттанан тэйэ хаамта, Амбушинов дьалатын аахпыт буолан.- Иккиэн...сэттэлии сууккаҕа карцерга бараҕыт..-диэн баран , баран баран карцер икки охранник салдаатарын ыҥыртаан Прохардааҕы тутан илдьэ бардылар.
Хабыс хараҥа хаамыраҕа хаайан кэбиспиттэрэ, манна лаампа эҥин диэн суох эгэ утуйар таҥас кэлиэ дуо...Манна хаалыбыт дьоннор бетоннай муостаҕа сытан утуйар этилэр, муннукка толчок баар уонна туох да суох сирэ этэ...Түүнүн аана хачыгыраан аһыллан биир киһи киирэн кэллэ. -Художник...бу эйиэхэ ..-диэн баран хаһыакка суулаааҕы туттаран баран тахсан барда. Кэннитэн ааны хатыыр тыас иһилибитин кэннэ Прохар хаһыаты арыйа баттаабыта, килиэп аҥаарын кытта краковскай халбаһыы тоорохойо уонна баар хаа бөпүрүөскэни кытта испиискэ сылдьар этэ. Табааҕы эргитэ тутан көрөн баран сэбигэр ылан уктан кэбистэ, ипиискэтин уматан сырдатан көрдө. Уонна килэбиттэн тоһутан ылан баран , халбаһыытын аҥаардаан төттөрү хаһыакка килиэбин тобоҕун кытта суулаан хаамыратын биир мунугар кичэйэн уурд, уонна аһаабыта буола олорон, бу аата кинини Руссолаах хаачыйбыттарын толкуйдаата. Киниэхэ ас аҕалбыт буоллахтарына Амбунка эмиэ тиксэрдэхтэрэ...бү кэннэ кинини үлэттэн аккаастанар диэн куруук манна туппатар ини, иккитэ үстэ кутуу түһэн баран тохтуулар диэн Джокер кэпсээбитин кини өйдүүр. Карцерга түбспит бэйэ киһитин аһынан табааҕынан хаачылларын кини эмиэ билэр. Хайдах эмэ кынан тулуйуон эрэ наада этэ. Соҕотох олорон моруу буолбатын курдук, Прохар хайдах Женялыын билсибитин бастакы кэпсэтиилэрин ,барытын сиһилии хас биир тылларын эргитэ саныы өйдүү олордо. Киниэхэ итини эмиэ Джокер эппитэ..Өскөтүн карцер диэҥҥэ түбэһэр буоллаххына...Мин санаабар эн син биир онно түбэһэриҥ буолуо...Олоххор кэрэ күннэри эргитэн аҕалан саныыр буолаар..Оччоҕо бириэмэ түргэнник барыаҕа..Сороҕор түргэн баҕайытык биэрбит күннэрэ бүтэн хаалан сордуур...-итинник диэбитин санаан Прохар иһигэр үөрэн ылла. Кырдьык даҕаны киһи кэрэни санаатаҕына атын эйгэҕэ киирэри кини да билэр этэ..
Биир нэдилэ түргэн баҕайытык ааһан хаалбытын Прохар билбэккэ да хаалбыта. Киэһээтин аайы киниэхэ астарын уоран аҕала тураллара. Уоран буолуо баар дуо, онно балаһыаньаны эпиккэ дылы уоруйахтар тутан олорор буолан, вертухайдар да онно сөбүлэһэн утарыласпат этилэр. Карцертан тахсан Прохар, Амбуштуун этээрээккэ тиийбиттэригэр уруйдуу айхалыы көрсүбүттэрэ. Киэһээтин икиэннэрин эмиэ били сирдэригэр ыҥыртаан ылбыттара. Онно тийбиттэрэ кинилэр зоналарын аптарытыатаах дьонноро бары мустубут этилэр. Ол быыһыгар били Прохардыын остолубуойга кэпсэппит Шмайцер эмиэ баара. Прохар киирбитин көрөн билэр киһилии кэлэн илиитин биэрэн баран кууспаҕалаан ылла уонна эттэ.
-Художник манна кэлэн , бэйэҥ ааккын таһааран эрэргиттэн үөрэбин доҕоор...Итинник кыһыллар этээрээтэрин толорбокко биһиги састаапытыгар киирэриҥ олох үчүгэй..-диэн эттэ , уонна Амбуһу эмиэ илиитин бэрэн эҕэрдэлээтэ.
-Оҥорботох буруйум иһин, мин кинилэргэ үлэлиир санаам суох..үлэлиэм да суоҕа..-диэн Прохар киниэхэ эпиэтээтэ.
-Оннук.. биһиги бары манна буруйа суох хаалан олордохпут..-диэн күллэ Руссо..-Чэ кэлиҥ уолаттар...манна эһигитин көрсөөрү кыракый остуол тэрийдибит -диэн Прохардааҕы ыҥыртаата. Прохардаах тиийэн остуол тула олорор дьоннору эҕэрдэлээн баран олорон асаһан бардылар. Куруускаҕа арыгы кутан биэрэн баран Руссо кинилэргэ туһаайан эттэ.
-Эһигитин уонна үлэҕэ ыытыахтара суоҕа...Ол туһунан кэпсэтии барбыта...Онон кими да эчэппэккэ сырыттахытына, ити дойдуга киириэххит суоҕа...Амбуш өйдөө манна үлэлиир бөхтөр биһиги илиибитигэр сылдьаллар, ол иһин эн кинилэри тыыта суохтаахын..-диэн саҥарда Руссо. Оннук гынан этэрээтэригэр кэлэннэр , утуйар сирдэригэр саамай түгэх сиргэ ороннорун анаттаран эппикэ дылы өҥнөөхтөр сирдэригэр анаммытара. Бу кинилэр этэрээтэр үксэ омуктартан турар буолан, кинилэртэн куттана салласаныылара. Прохардаах карцерга сытар кэмнэригэр кинилэр этэрээтэригэр биир француус киһитин аҕалбыт этилэр Лебрун Андре диэн аатаах кыратык нуучалыы саҥарар киһини 93 статьяннан Хищение государственного или общественного имущества, совершенное путем мошенничества -диэн суутаан эмиэ уон биэс сылы анаабыт этилэр. Бу киһи элбэх таҥара мэтэриэтэ бөҕөтө таһааран иһэн тутулубут буолан итиччэ элбэх сылы ылбыта. Чапа францууһу кэлээтин кытта инин ыла сатыы сылдьара. Прохар тахсыбытын кэннэ этэрээккэ баар дьонтон хайалара эрэ сүбэлээн француз Прохартан кэлэн көрдөспүтэ. -Художник....мин эйиэхэ көрдөһүүлээх буолан кэллим...Бу сиргэ миигин көмүскүүр киһини көрдүүбүн..Миэхэ эйингин сүбэлээн биэрбиттэрэ манна баар дьонтон кимин эпэпин..Мин Андре Лебрун диэмин...түрүмэҕэ сыттахпына миэхэ Наполеон диэн ааты иҥэрбиттэрэ, француз буоларым иһин...мин эһиги сокуҥутунан кыһылларга көмөлөспөтөҕүм кинилэр этиилэринэн ылдьыбатаҕым диэн этэбин...Ити Чапа диэн киһи миигин буулаан сордууруттан эйиэхэ бу кэлэн турабын -диэн эттэ.
-Эн тоҕо именно миигин буллуҥ...Тоҕо мин эйигин көмүкэһиэхтээхпиний..-диэн Прохар төттөрү ыйытта.
-Ити Чапа миигин бэйэтин курдук кыһыл оҥороору кынар...мин онно сөбүлэспэпин, эйигин көмөлөһүө диэбиттэрин иһин эйиэхэ кэлбитим дьиҥинэн...Көмөлөспөт буоллаххына мин өйдүөҕүм...-диэн бараары кыммытын Прохар эттэ.
-Тохтуу түс эрэ...Чэ сөп баҕар көмөлөһүөм , ол кынан баран өйдөө мин эйигин ити Чапа эрэ сабыдыалыттан босхолуом...Атын өттүн бэйэҥ билэҕин..Манна хаайыы сокуона баарын бэйэҥ билэриҥ буолуо..
-Ону баҕас түрүмэҕэ сытан билбитим...Мин элбэх сыллаах киһи буоларым быһыытынан , эппикэ дылы өйөбүлэ суох хайдах сылдьамый ...Мин бэйэбин түһэн биэриэм суоҕа...Ол туһугар эрэн..-диэн этэн баран тэйэ хаампыта. Кэпсэтиини истэ олорбут Амбуштаах Дата баалара Прохартан, Дата эппитэ.
-Художник, ити аата эйигин улахан аптарытыат оҥорбуттара көстөр..Ити уолга көмөлөстөххүнэ аатыҥ дьөссө үрдүөҕэ дии саныыбын.
Прохарга биирдэ, дойдутуттан суругар эпиэт кэлбитэ.
" Биир дойдулаахпыт Художник Эйиэхэ Эҕэрдэ буоллун...Бү куорат түрүмэтиттэн Хаҥастай Дьаакып бичийээн эрэбин. Анатолий Сивцев диэн киһини көрдөөбүккэр эпиэтин ыытабын...Ол киһиҥ манна бэйэтин быаланан , суорума суолламыт сурахтааҕа, онон уонна атыны бичийэр кыаҕым суох. Эн тускунан манна үчүгэй сурахтар иһиллэлэр. Хаһан эмит көрсөр түгэннээх буолуохпут баҕар...-диэн бичиги ааҕан баран Прохар, Толя бэйэтигэр тиийимитин ааҕан баран , санаата түһэн хаалбыта. Ол аата кырдьык киһини өлөрөн онукка тиийдэҕэ. Хайдаҕын да иһин, дьоҥҥо кусаҕаны оҥороруҥ бэйэҕэр тиийэр диэн итини этэн эрдэхтэрэ...Онтон Женяттан сурах олох суох этэ. Босман ону маны биллэхпинэ билэриэҕим диэбитэ . Мантан атын сиргэ көһөрбөтөхтөрүнэ тугу эмэтэ биллэрэр ини Босман.
Прохар Чапаны ыҥыттаран ылбыта. Бригэдиир Прохарга эрдэттэн албыннаһан чугаһаабыта.
-Прохар Степановмч...мин эйигин ханнык да үлэҕэ туруорбатым курдук хаһаайынтан сэрэтиллэн турабын...ааспыкка алҕас быһыыбын бырастыы кынаргар көрдөһөбүн...Ол туһугар бу кыракый бэлэхпин ыларгар көрдөһөбүн ..-диэн баран хаһыакка суулаҕы туттаран кэбистэ. Прохар ол суулаҕы ылан Амбушка биэрбитин, Амбуш суутун арыйа баттаан көрбүтэ туустамыт сибиньэ сыата баарын көрөн. баран -Оо туустаах сибиньэ сыата...диэн баран Прохарга көрдөрдө
-Махтал Чапа...Иһит эрэ, ити Лебрун диэн француз киһитин тыыпакар этэбин ...-диир Прохар
-Сөп өйдөөтүм...өйдөөтүм...-диир Чапа
-Өйдөөбүт буоллаххына үчүгэй..чэ барыаххын сөп...-диэбитигэр Чапа түргэн соҕустук ,элэс кынан хаалбыта.
Прохар бэйэтиттэн да саллан барбыта, тоҕо маннык дьиикэй буолбутуттан. Хаһан даҕаны дьону атаҕастаабатах киһи бу манныкка тиийэн хаалбытыттан. Ол кынан баран этэргэ дылы, бөрөлөөр быыстарыгар сылдьан, бөрө эрэ буоллахха тыынаах хааларын кини билэр. Бэйэҕин мөлтөх өттүгүттэн көрдөрдөххө , манна сииллэрэ биллэр этэ. Кинини тугу да оҥорботох буруйугар укпуттарын иһин санаата да өчөһөн, бэйэтэ да өчөһөр санааҕа киирэн. Маннык олоххо тиийдэҕэ. Онтон Толяны санаан кэллэҕинэ, эмиэ да сөппкө кыммыт дии саныыр...Тоҕо диэтэххэ , күһүлээһиҥҥэ түбэспит киһини хайдах курдук сордоон илдьэ сылдьаларын , билэрэ көрөрө.
Кини Кресты түрүмэтигэр олорор эрдэҕинэ, биир кыра кыыһы күһүлээн киирбит киһини кини хараҕар өлөрбүттэрэ...Маҥнай утаа сорун сордоон барбыттара. Ол киһи күүһүнэн күүстээх этэ да , төһөлөөх да күүстээх кыахтаах буолларгын ..тоһуталларын көрбүтэ. Хаайы сокуона кытаанах этэ...Кэлин ол киһи шнырга кубулуйан , атын хаамыраҕа куопутун да иһин ситиспиттэр этэ. Ол курдук көрүлүөргэ муоста сууйа сырыттаҕына...Кэннитигэр сыбаабыраны аньан өлө сытарын булбуттара....Ол иһин Толя эрдэттэн бэйэтигэр тиийимитин истэн , эрэйи көрүөхтээҕэр оннук гыммытын сөбүлэһэ санаабыта.
Наполеоны Прохар француз тылыгар үөрэтэригэр эппитэ, ол курдук гынан Прохар оскуолаҕа сылдьан ,француз тылын үөрэппит буолан кыра ол бу тыллары билэрин этэн көрбүтүн, Син киһи өйдүүр кынан баран олох атыннык саҥараҕын диэбитэ. Уонна тэтэрээт буларыгар эппитэ. Оннук гынан Прохар бириэмэтин француус тылын үөрэтиигэ барыыр буолан,. кэмэ билибэккэ ааһар этэ. Маҥнай хайдах саҥарарга , онтон суруйарга үөрэтэр буолан барбыта. Аҕыйах ый иһигэр, бэйэтин наадатын быһаарсар буолан барбыта. Ол курдук маннык санааҕа кэлбитэ, оҕолору ханнык да омук тылыгар үөрэтэргэ маҥнайгыннан, кэпсэтии тылыттан саҕалаатахха ордук буолуо эбитин. Ону таһынан английскай тылы эмиэ үөрэтэр буолан барбыта. Кинини кытта олорор дьонорга английскайдыы саҥарар элбэх киһи баар буолан , онно проблема суох этэ.
Биирдэ киниэхэ Женя суруга тиийэн кэлбитэ: " Доҕорум Прохар Степанович Дорообо...Мин Саха сириттэн бүтэн, эйиэхэ чугаһыыр санаалаах , эн олорор сириҥ диэкки кэлээри кынабын..Ону эн туох дии саныырыҥ буоллар...Чэ кэллэхпинэ сиһилии харах харахха кэпсэтиэхпин баҕарабын..Ол курдук өйдөө..-диэн суругу ааҕан Прохар көтөр кыната суох буолан , үөрэ көтө сылдьыбыта.
Прохоры хаһаайын ыҥыттаран ылбыта. Кабинетка тоҥсуйан киирбитигэр эппитиэ.
-Уримжинов...мин тугу гынарбын билбэппин...Эмиэ да акаастыахпын баҕарабын, эмиэ да утары утары баран көҥүлүөххпүн баҕарабын...Эйигинниин свиданияҕа диэн биир кыыстан заявления мин ааппар кэлэ сытар...Сатаатар эн үлэттэн акаастанан бйэҕин куһаҕан өттүттэн көрдөрөрүҥ мэһэйдиир...Чахчы эттэххэ хайыырбын билбэппин...Мин ити эйиэххэ кэлбит кыыһы аһынабын....Итичэ ыраах сиртэн кэлбитин, акаастаан ыытахпына.. эмиэ да эйиэхэ кусаҕаны оҥороммун кусаҕан киһи аатырарым чуолкай...Ону эн туох дии саныыгын Уримжинов..-диэн ыйытта.
-Мин туох диэхпинин Начальник..Ону эн бэйэҥ билэҕин...Мин эйиэхэ үҥэ сүктэ барыам суоҕа...Акаастыыр буоллаххына акаастыыр буоллаҕыҥ дии...Онтон көҥүлүүр буоллаххына...көҥүлээ...Ол кынан баран..ити аайы бэйэҥ анныгар батаабатыҥ буолуо дии саныыбын...
-Акаарыгын дуо эн Уримжинов...мин эйиэхэ, бэйэм анныбар батыам диэтим дуо...Мин манна үлэлээбитим уонча сыл буолан эрэр...Эйигиттээҕэр элбэх хаайылаахтары көрдүм ини көрбөтүм ини...Онноҕор улахан аптарытыаттаах хаайылаахтар уонна уоруйахтар миигин убаастыылара сыттаҕа...Этэргэ дылы мин...мээнэ тылбынан ыһахтаммат тойон буоллаҕым..Уонна иккиһинэн...мин татаар буоламмын эйиэхэ утары бараары кынабын...Эн татаардыы араспааньыйалаах буолан баран хайдах Саха сиригэр тиийэн хаалбыккын билиэхпин баҕарабын..Чэ ону кэлин кэпсэтиэхпит..Мин санаабар үс суутка уһун свидания, сөп буолуо дии саныыбын...-диэн баран , кумаахыга илии баттаан баран.
-Уримжинов, таска тахсан кэтэс...сотору ыҥырыахтар. -диэн эпитигэр Прохор, соһуйан начальнигар махтаммакка ,ыксаан ттаһырдьа тахса турда. Таска тахсан баран биирдэ өйдөөтө, итиччэ үтүөнү оҥорбут киһиэхэ сатаатар махтаммытын биллэриэхтээҕин. Ол ынан баран, кэнники да махталын этэр ини, дии санаата. Сотору соҕус буолаат лааҕыр уруупорынан кинини аатаан ыҥыран, свидания буолар икки этээстээх таас дьиэҕэ, сүүрэр хаамар ыккардынан тиийдэ. Бэрэбиэркэ бөҕөтүн ааһн иһирдьэ киирэн, аатын суолун ханнык статьяннан суутанан олороун дакылаатаабытын кэннэ.
-Уримжинов 27 с хоско аас..-диэн тимир ааны аһан халыгыраттылар. Прохор сүүрбэ сэттис хос аанын, сэрэнэн арыйбыта....Түннүк аттыгар Женя турара...кыыс долгуйан хаалбыта харахха быраҕыллар этэ. Илиилэрин мускун да мускун буола туран , долгуйан кыайан тугу да саҥарбатаҕа..Оннук курдук утарыта өр соҕус көрсөн турдулар...Онтон Прохор нэһиилэ ыган саҥарда..
-Женя Дорообо...Мин эйигин кэлиэ эрэ дии санаабатаҕым...
Женя кинини көрөн тура түһэн баран, харахтарын аллараа көрөн баран эттэ.
-Мин...Мин сурукпар суруйбутум дии...Олорор сиргэр тиийдэххинэ тиийиэҕим диэн...Ол аата...-диэн баран, кыыһырбыт харахтарынан Прохоры көрөн баран - Эн миигин итэҕэйбэккэҕин....-диэн эрдэҕинэ Прохор тиийэн Женяны кууһан ылла.
-Женя...Чыычааҕым..Хайдах итэҕэйиэм суоҕай..-диэн баран Женя идэстэрэ хараҕын уутуттан илийэ охсубуттарын, кууһан туран ураан киирэн барда. Женя Прохоры кууһан ылан баран.
-Эн эрэ миэхэ наадаҕын...Мин эйигин эбэһээт кэтэһиэм...Мин эйигин тапыыбын...Таптыыбын..-дии дии Женя Прохоры сылаан киирэн барда...
Таптал диэн дьэ дьикти дьылҕалаах....Ким кинини үөрэтэн, кэтээн көрбүтэ баарай. Нуучча өс хоһоонугар эппитэрин курдук "Любовь зла, полюбишь и козла." диэбит курдук , бу сиргэ тапталы киһи таайбат...Тапталтан сылтаан, өлөрсүү...этиһии...охсуһуу. Ол кынан баран бу мин кэпсиир дьоннорбор ол сыһыана суох, төттөрүтүн эрэллээх таптал диэххэ эбитэ дуу...
-Прохор...миигин биир санаа сорбун сордуур...Ону ыйытахппын баҕарабын -диэн Женя Прохоры кууһа сытан сибигинэйэн ыйытта.
-Тугу ыйытаары кыммыкыный..Чыычааҕым ..-диэн баран Прохор, Женяны уоһуттан уураан ылла.
-Ити...Мм..Эн мин иннибэр...биир эмит кыыстаах этиҥ дуо...-диэн баран Женя, харахтарын кистээн Прохор түөһүгэр сыһынна.
-Женеячка...туох диэн сымыйалаан эттэхпиний..Итэҕэй итэҕэйимэ кынан баран...Суох этэ..Эппиккэ дылы, кыыһы ууруохтааҕар буолуох илиититтэн сиэтэн да көрбөккө сылдьыбытым..-диэн баран Женятын сирэйиттэн икки илиитинэн тутан, уоһуттан уураан ылан баран -Эн миэхэ бастакы уонна....-диэн иһэн тохтоон хаалла Прохор.
-Уонна..-диэн төттөрү ыйытта Женя Прохор харахтарын көрөн баран -Уонна..туох диэххин баҕарбыккыный...
-Женя...мин уон биэс сылы быһа...хаайыы киһитэбин...Эн олххун алдьатаммын...=диэн эрдэҕинэ Женя кыыс илиитинэн Прохор айаҕын саба тутта.
-Суох...Суох...ситэри саҥарыма...Маҥнай миигин иһит...Прохор мин оҕо дьиэтигэр улаапытым, олох кыра эрдэхпинэ дьонноро суох хаалбытым. Оҕо сылдьан куруук дьоннорбун ахтан ытыыр этим...Ол кынан баран бу, диэн олох дьоннорбун өйдөөбөппүн...Ол иһин бэйэбэр улаатан баран кытаанах санаа ылыммытым..Таптаабыт киһибин хаһан да таҥнаран, уонна олҕум тухары атын киһини таптыа суох буолар курдук. Дьиҥинэн эттэххэ элбэх араас уолаттар билсэ сатаабыттара да, мин бэйэҥ билэриҥ курдук киһини кытта кэпсэтээт киһи санаатын тута таайар идэлээхпин..Маҥнай эйигин куоракка, били муспут сирдэригэр көрбүтүм. Эн ханнык да дьоннордооҕор бэйэҥ бэйэҕэр симиктик тутта сылдьаргын көрөн, сурэхпэр онно киллэрбитим. Ол иһин эйигин, бэйэбэр тардыахпын баҕарбытым...Ол кынан баран эйигин ис сүрэхппиттэн таптаабыппын кыайан эппэккэ хаалбытым...Сатаатар Сивцев эн биһиги ыккардыбытыгар, мэһэй таһай буолан. Эн бу кэлэн сыттаҕын..
-Женя...Толя суох буолбутун истибитиҥ дуо..-диир Прохор.
-Аа..ол хайдах суох буолбут...Өйдөөбөтүм...-диир Женя.
-Анатолий...дойдутугар биир учуутал кыыһы...өлөрбүт сурахтааҕа...Куорат түрүмэтигэр бэйэтигэр тиийиммит диэн сурах кэлбитэ...
-Ол да иһин...ыт ыттыы өллөҕө...
-Оо..Женя тоҕо итинник диигиний...төһөтүн да иһин кини...мин билэр киһим буоллаҕа дии...бииргэ үлэлии сылдьыбыт доҕорум этэ ээ...
-Мин кинини олох аһыммаппын кырдьык эттэххэ, мин эйиэхэ эппитим дии. Олох испэр кинини киллэрбэтэҕим....Сирэйигэр хараҕыгар биллэ сылдьар этэ....албына төкүнэ...
-Төһөтүн да иһин өлбүт киһини итинник саҥарар аньыыта бэт...
-Тоҕо ол мин киһини өлөрбүт киһин аһынахтаахпыный...-диир Женя.
-Онтон мин....Эмиэ киһини өлөлөрөн диэн бу сырыттаҕым дии...
-Мин билэбин эн өлөрбөтөххүн...Эн өлөрөр..албыныыр киһи буотаххын..Оннооҕор ити эйигин таҥнарбыт киһини көмүскүү сыттаҕыҥ дии...Эйигин мин итэҕэйэбин...Уонна таптыыбын...-диэн баран Женя Прохоры кууһан уураан ылла.
Чэ ол курдук оҕолоор...Таайдаххыт буолуо эһиги. Икки таптаһар сүрэхтэр, хайдах курдук бэйэ бэйэлэрин ахтыспыт ахтыллҕаннарын таһаарбыттарын . Манна дьон ааҕыытыгар суруллубат дьыала буоларын бэйэҕит билэҕит..Имэҥ..киһи кистэлэҥэ..ону бар дьоҥҥо таһаарар сүрэ бэт буоллаҕаа...
-Pour vous dire combien Je t'aime
Il pourrait alors pardonnez-moi ..
Je dis Je t'aime ..
Croyez-moi, mes mots ..-диэн Прохор Женятыгар ааҕан биэрбититтэн, кыыһа соһуйан ыйытта.
-Ити эн француустуу аахтыҥ дуо..Мин билбэппин ээ..Нууччалыы этиий ..-диир Женя
-To tell you how I love you
He could then forgive me ..
I say I love you ..
Believe me, my words ..
-Аа..аны английскай...мин ханнык да омук тылын билбэттим сыттаҕа дии...Туох диэбитиҥ эбитэ буоллар.
-Мин манна сытан омук тылын үөрэтэргэ сананным..Оннук гыннан бириэмэбин атаардахпына билибэккэ ааһар курдук гынар..
-Оччоҕо мин эмиэ , үөрэттэхпинэ сатаныыһы эбит..-диир Женя..-Ити эппикин покаа переводтаама. Кэлин бэйэм быһаарыаҕым. Ээ мин эйиэхэ биири эпэтэхпин дии..Мин бу куоракка Библотекаҕа үлэҕэ киирдим, Онон куруук эн таскар баар буоларбын этэбин.
-Онтон арай атын сиргэ көһөрдөхтөрүнэ..-диир Прохор.
-Оччоҕо ...батыһан тиийиэҕим дии...Ханна да тиийбитиҥ иһин..-диир Женя..
Үс күн ааспыта билибэккэ хаалбыта...Прохор этэрээтигэр тиийбитигэр Амбуш үөрэ көрүстэ.
-Художник...тоҕо бэрдэй...киһи санаата көтөҕүллэр...Миэхэ ким да кэлбэт буоллаҕаа..
-Баҕар эйиэхэ эмиэ ким эмит кэлиэ буоллаҕа...санааҕын түһэримэ доҕочуок..диир Порохор.
-Дьэ билбэтим...Мин союз иһигэр туста сылдьан элбэх доҕоттордоох этим..Бу түбэспитим кэннэ миигиттэн бары акаастанан кээспиттэрэ...Мин кинилэргэ онтон кыыһырбаппын..Ол бу араас омук сиригэр тахсан тусталарыгар мэһэйдиирэ чахчы...Кыһыыта диэн бэйэлээх бэйэм эмээхсиним, түрүмэҕэ сыттахпына арахсабын диэн эпититтэн..-диир Амбуш.
-Онно эн кинини буруйдууруҥ сыыһа дии саныыбын...Санаан көр..Эдэр дьахтар олох олоруон баҕарар буоллаҕа дии. Кинини эмиэ өйдүөх тустааххын...Ити мин бэйэм санаабын этэбин.-диир Прохор.
-Ээ..арба..Датаны түрүмэҕэ илдьэ бардылар дьалатыгар туох эрэ эбии көрдөрүү баар булбут диэн эппитэ, Эйигинниин көрсүбэккэ барбытыттан хомойбута . Билигин Ленинградка тиийбитэ буолуо.
-Уолбут дьалата хайа буолар...Эбиллэн кэлэр дуу...Ханна ыыталлар дуу...Чэ кэтэһиэхпит бичик кэллэҕинэ билиэхпит буоллаҕа..Наполен баар дуо...
-Баар бөҕө буоллаҕа...Ханна барыай..Руссо эйигин көрүөн баҕарбыта. Хата онно бара сылдьахха-диир Амбуш
-Уолаттар...маннык тема буолла....Козеллар төбөлөрүн көтөҕөн эрэллэр....Биһигитин былаастан туоратан, бэйэлэрин былаастарын көрдөрөөрү турунан эрэллэр...Ол иһин кыракый үөрэтии курдук оҥоро түһүөхпүтүн баҕарабыт...Онтон сылтаан тутан олороочубутун буурга хаайан кэбистилэр...Ол курдук уолаттар сэриигэ бэлэмнэниҥ...Бэйэбит дьоннорбут бары сэритиллэн бэлэм сылдьаллар...-диэн түргэн соҕустук Прохордаахха быһааран биэрэн баран Руссо, салгыы ону маны кына барардаахпын диэн дьоннорун атаартаата...
-Художник...дьэ хайдах буолабыт...Бу манна эн биһиги икиэн эрэ баарбыт быһылаах...Наполены бэйэбитигэр тардабыт дуу хайдах дуу...Сатаатар Датабыт баран хаалбыта кусаҕан эбит..Мин кэтээн көрдөхпүнэ маннык...Биһиги иэкки манна кусаҕан харахтарын хатаабын дьоннор элбэхтэрин бэлиэтии көрөбүн..Кыргыһыы бөҕө буолара буолуо. Хас киһи биһиги өттүбүтүгэр сыстара ..Дьэ хайа буолабыт..-диир Амбуш.
-Былаас иһин охсуһуу...Былаас былдьаһыы...ханна да тиий, онноҕор манна бу....дьэ диэ...-диир Прохор -Мин Наполеннуун кэпсэтиэм дьэ тугу диир ..
-Дьэ оннук гын...мин эмиэ манна тута сылдьыбыт уолаттар баалара олору кытары кэпсэтэн көрүөм..-диэн баран Амбуш , атын сир диэкки хаама турда. Прохор Наполену кулубтан булан ыҥыран ылан ыйытта..
-Artiste ... nous aimons la Révolution française ... faire bien sûr, je suis avec vous ... Je dois rien à craindre ...(Художник..биһиги францустар революция оҥорорбутун сөбүлүүбүт..мин эһигитин кытта буоларым чахчы..мин туохтан да кутаммапын) -диир Наполен.
-Дьэ оннук буоллаҕына үчүгэй...Мин эйиэхэ эрэммитим...-диэн Прохор Наполен илиитин ыга тутта..
Амбуш кэлэн Прохорга эттэ.
-Дөссө түөрт уол биһиэхэ сыстыах буоллулар...Бары бэйэлэрин кыанар спортсмен уолаттар...Дьэ бэт..Атын этэрээттэр да дьоннорун хомунан эрдэхтэрэ...Киэһээ утуйуу кэннэ саҕаланар үһү...Руссону көрүстүм итинник диэн сэрэттэ...Мэ бу эйиэхэ ..-диэн баран Прохарга робатын сиэҕиттэн, арматуураттан таппталлан оҥоһуллубут икки өттүнэн биилээх уһун соҕус финкаҕа майгынныыр биилээҕи туттаран кэбистэ...-Бу маны, олох улахан ыксал буоллаҕына туттаар ..Мин чааспар кыһаллыма диэн баран икки турбанны сыабынан холбоммут нунчаакыны кэнниттэн таһааран көрдөрдө...-Төһө эрэ уҥуох уонна төбө алдьанар...-диэн күлэн кэбистэ...-Художник..сүөһүлэр эмиэ сэп сэбиргэл бөҕөтүн бэлэмнэнэ сылдьаллар үһү..Онон мин аттыбыттан олох атын сиргэ тиийэ сатаайаҕын..-диир Амбуш
-:Амбуш...мин бэйэбин көмүскэнэр киһибин, тоҕо наһаа миэхэ кыһалынныҥ..-диир Прохор Амбушка.
-Художник...иһит эрэ..Мин Бутыркаҕа сыттахпына кэпсээбиттэрэ, Монгол диэн Москва куораты 72 сыллаахха, барыыгалары уонна фарцовщиктары халаталаан олорбут бэйэбит курдук ыйдыы сырайдаах киһи эппитэ ээ...Доҕордоох буоллаххына Москва да курдук улахан куораты илиигэр ылаххын сөп диэн...Эн онтон өһүргэнимэ Художник..Манна мин эйигин эрэ доҕор курдук саныыбын..
-Махтал Амбуш..Ити тылларгын мин хаһан да умнуом суоҕа...-диэн баран Амбуш илиитин бобо тутан ылла.
Киэһээ бэрэбиэркэ кэнниттэн Прохор Напалионк кытта утуйар сиригэр кэлэн кэпсэтэ олордоҕуна, Амбуш биэс киһи батыһыннарыылаах тиийэн кэллэ уонна ыксаабыт куолаһынан Прохорга эттэ.
-Саҕаланна...-диэн баран орон баһыттан табуреттканы хаба тардан , икки атахтарын тосту үктээн тоһутан баран . Прохарга хайдах куйах курдук туттарга көрдөрдө. Иккиһи эмиэ оннук оҥорон Наполенҥа биэрдэ уонна таһырдь тахсалларыгар эттэ. Бары таһырдьа кутуллан тахсыбыттара киһи бөҕө сүүрүү көтүү буолан эрэр этэ. Кинилэр тахсыбыттарын көрөн Чапа батыһыннара сылдьар дьонноругар тугу эрэ хаһыытаан эпитигэр, уонтан тахса киһи кинилэр диэкки , илиилэригэр ол бу тимир арматууратын, уонна орон дуускатын туппут дьон сүүрэн кэллилэр...Амбуш уолаттарыгар хаһыытаат утары иһэр дьоннорго,кэннигэр кистии сылдьыбын нунчаакатын таһараат утары барда. Бастаан испит илиитигэр хойгуо туппут Бульбаш, диэн белорусияттан сылдьар киһини нунчаакатынан төбөҕө саайаары кыммытын киһитэ хаптайан аһаран биэрбитэ..иккистээн эргитэн аҕалан хаҥас атаҕын тобугун таппытыгар киһитээ, сарылаабытынан охтон түстэ..Кэннитэн иһэр дьоннор ону көрөн тохтуу биэрбиттэригэр, Амбуш уолаттара сүүрэн тиийэн аҕыйах киһини сиргэ суулартаатылар. Атыттара төттөрү куотар аакка тиийдилэр..Олору сырса бараары кыммытарын Амбуш хаһыытаан төттөрү , Прохордаах көрөн турар сирдэригэр кэллилэр...
-Атын сир диэкки барыаххайыҥ..Кэннибититтэн кэлэн түспэттэрин курдук - диэн Амбуш Прохорга эттэ.
-Төрдүс куорпуска барыаххайыҥ..Онно Руссолаах баар буолуохтаахтар..-диэн Прохор дьоннроугар хаһыытыыр - Билигин ити дьоннорбут өй төй булан иккистээн киириэхтэрэ...Көрүҥ ол ..Уһун турбалардаах уонна арматууралаах дьоннору ыҥыртаан эрэллэр..
Төрдүс бараах диэкки сүүрэн кэлбиттэрэ. Таска сүүрбэччэ киһи мустан, корпус иһигэр хаайбыт дьоннорун ол бу таастарынан уонна кирпииччэ үлтүрүйкэйинэн тамнаатыы сылдьалларын көрдүлэр. Тохтооннор сиһилии көрбүттэрэ, таска сылдьааччылар сөһүлэр иһирдьэ уону кыайбат киһи, куорпус аанын бүөлүү көмүскэнэ сылдьаллара..Прошкалаах Амбуш ону көрөөт кимэн киирэ сатыыр кыра этэрээти дьаһайтыахха диэн сүбэ ылынаат ол дьоннор диэкки ойдулар...Прохор Наполионуун иккиэн бииргэ сүүрэн тиийбиттэрэ .Прохор сиртэн кирпииччэ аҥаарын ылан ..маҥнай бэтэрээ турбут кыра уҥуохттаах кэтит киһини төбөҕө саайда, уонна иккис киһитин кирпиччэннэн сирэгэ бырахта..Наполион ол кэмҥэ илиитигэр тута сылдьыбыт орон дуушкатынан биир киһини хатыйан түһэрэн, оройго саайан дөйүтэ оҕуста. Амбуш уолаттара эмиэ аҕыйах дьону эчэтэн уону кайбат киһи куотар аакка тиийдилэр..Дьиэ иһиттэн ити кыргыһыыны көрөн турбут дьоннор сэрэнэ сэрэнэ утары тахсан кэллилэр. -Оо..Художник...кэлбиккит үчүгэй...Амбуш махтал..-диэн Руссо эҕэрдэлии утары таҕыста..-Билигин маннык гынаххайыҥ..Бу куорпус иһигэр киирэн оборуона оҥостон олоруохпутун наада...Маннык буоллаҕына тутан сииһиктэр..Билигин тревога уже бардаҕа, аны уонча сүүрбэччэ мүнүүтэннэн манна салдаат бөҕөннөн туолара чахчы..Сүөһүлэр сөптөрүн ыллылар. Салдааттар кэлэхтэринэ аҥаар кырыытыттан кыдыйан барыахтара...Онон утарылаһа сатаайаҕыт..Чэ киирдибит...-диэн дьоннорун куорпуска ыҥыртаан киллэрдэ.
Сотору соҕус буолаат сириэнэ ыйылаан тоҕо барда...лааҕыр үрдүнэн бары баар уоттар холбонон, уруупорунан- Утары турбут арестаннар уоскуйан , сэпкитин сэбиргэлгитн быраҕаттаан сиргэ сытарга модьуйдулар уонна илиигитин утары уунан умса сыппат дьоннору ытыалаан иһиэхпит диэн хос хос хатылаан саҥардылар. Онон манан аптамаат тачыгырыыр тыаһа иһилитэлээн барда...Ол кэннэ аптамаат тутуурдаах салдаат бөҕөтө лааҕыр иһин толорон кэбистэ...Дьоннору барыларын пасцка таһааран , илиилэрин төбөлөрүн кэннигэр туттарн (на кортачках) олортоон муньуталаан истилэр. Утарыласпыт биир эмит киһини ытыалаан кэбиһэллэр. Прохордааҕы эмиэ корупус иһиттэн үүрэн таһааран , плацка олордуталаан кэбистилэр..Прохор аттыгар Руссо олороорн сибигинэйэн саҥарда.
-Тугу да билбэппин ...тыымын көмүскэһэртэн атыны билбэппин диэриҥ..-диэн сэрэттэ..-Билигин биир биир ыҥыран сорбутун сордуохтаахтар, ол курдук өйдөөҥ...ким кими да уган биэримэҥ..
Прохары уонна хас да киһини, көһөрөн ЮЛ-290\33 Хакасия Абакан куоратыгар көһөрөн тиэйэн иһэллэр. Амбуш булбут уолаттарыттан икки тустуук уол эмиэ бааллара. Олорго Амбуш этэн Рохор аттыттан арахпакка кинини маныы сылдьаллара. Алта уркалары кытта, аҕыс кыһыллар этилэр.
Кыһылларга Чапа баар этэ. Барыларын илиилэрин наручнигынан хатаан тиэйэн иһэр буолан. Уонна кытаанах манабыл улахан айдаана суох, айанаан иһэллэрэ. Оннук гынан элбэх киһи атын атын сирдэринэн көһөрүллүбүтэ. Амбуш, Напалеон уонна Руссо Красноярскай диэкки барбыттарын туһунан истибиттэрэ.
-Мин Тимоха диэммин..Художник эн тускунан элбэҕи кэпсээбитэ Амбуш... Ити Рагим Дагестанец эмиэ тустуук уол..-диэн барн уолун ыҥырда.- Рагим ...бу диэкки кэл эрэ..- Рагим Прохорга чугаһаан төбөтүн тоҥхотон эҕэрдэлэстэ.
-Салам..Художник...Мин Рагиммын...
-Эҕэрдэ Рагим...мин эйигин
өйдүүбүн..Биһиэхээ сыстыбыккытан кэмсимэт инигин..-диэн Прохор ыйытар.
-Суох..тоҕо кэмсиниэхпиний...олоҕум, дьылҕам оннук буоллаҕа..Уонна Амбуш эппитэ миэхэ сокуон буоллаҕа..Амбушы кытта биһиги Украинаҕа бииргэ сборга сылдьыбыппыт. Мин киниэхэ эрэнэбин. Эйигин хараххыт харатын курдук, харыстааҥ диэбитэ...
-Рагим...мин бэйэбин көмүскэнэр киһибин...
-Ээ...ыттар элбэхтэр...тутан сиэхтэрин сөп...Мин тылбын биэрбитим...
-Чэ сөп...оннук буоллаҕына махтал..-диэн баран Прохор Рагимҥа наручниктаах илиитин уунан илиитин ыга тутта.
Прохор Женятыгар сурук суруйбута. Ол суругун тиксэрэригэр начальнигы көрдөспүтэ. Кинини ыҥыран допруостуур кэмнэригэр , ыарахан хомпуустааһыны ааспыта.
-Гражданин Начальник...миигин кырбыы кэлбит дьоннорго..туран биэриэхтээх этим дуо...Уонна ол кэккэ дьонноруҥ , сирэй сирэйгэ көрөн туран эттиннэр ээ...
-Саҥарыма...мин эйиэхэ дьону эчэппиккэр , биэс хас сылы эбэн биэриэхпин сөп этэ...Өйдөөтүҥ дуо... уурка баара...-диэн хаһыытаан тоҕо барда Рассадников.
-Иван Сергеевич...тохтуу түһүҥ эрэ...-диэн подполковник Каюмов кыттыста. -Уримжинов...туох буолбутун кэпсиигин дуу, суох дуу..
-Гажданин Начальник ..мин бэйэбин көмүскэммитим...кими да билбэппин, мин соҕотоҕун сылдьыбытым....
-Соҕотоҕун сылдьыбытым диир буоллаххына, тоҕо сэттис бараахха Руссолаааҕы кытта бииргэ саһан олорбуккунуй -диэн Рассадников ыйытар.
-Кинилэр миигин кырбаары сысыбатахтара, ол иһин..мин да көмүскүүр дьоннору булан сырыттаҕым дии...соҕотох сырыттахпына тутан сиилэрэ чахчы ..-диир Прохор
--Итинник буоллаххына, эн олҕуҥ тухары хаайыы киһитэ буолар буолбуккун. Бэйэҥ олоххор бэйэҥ тойоҥҥун ..-диэн баран майор Рассадников туох эрэ наадалаах кабинеттан таххан барда. Ону туһанан Прохор .
-Гражданин Начальник...мин биир көрдөһүүлээхпин...
-Ол мин эйиэхэ таҥара буоллум дуо...көрдөһүүлээх баҕастаах...-диир Каюмов.
-Таҥара да буолбатар...баара суоҕа били миэхэ кэлэ сылдьыбыт кыыска сурук тиксэрээри кынабын...
-Ол мин эн суруккун, билигин биэрэ сүүрбүт үһүбүн...Онон манан кииримэ, туох да суругун ылбаппын да тиксэрбэппин да..
-Чэ умуннубут... суох буоллаҕына суох...Уонна туох ыйытардааххыт...-диэн Прохор ыйытта.
-Эн Уримжинов син биир тугу да кэпсээбэтиҥ биллэр...Эйигин атын сиргэ көһөрөргө аныахпыт, ол курдук өйдөө...суруккун аҕал тиэрдиэм...-диэбитигэр Прохор сиэбиттэн ылан суругу туттарда. Каюмов суругу ылан сибигэр түргэн соҕустук уктан кэбистэ. Ол кэннэ Рассадников майор киирбитин кэннэ Прохоры бар таҕыс диэн үүрэн таһаарбыттара.
Бу айанаан иһэн ити кэпсэтиини Прохор санаан Женятыгар сурук тиксибит буолуохтааҕын эрэнэр.
Сэнэбил. Иккис чааһа
Кыракый баҕайы хаамыра иһигэр, сүүрбэччэ киһини ыга симэн кэбиспиттэрэ. Сыта- сымара, итииитэ салгына суоҕа дьэ иэдээн дойду манна этэ. Тимоха, Рагим уонна Прохор буоланнар хаамыра биир муннугар үһүөн мустан олордулар. Кинилэргэ ким да сыста сатаабат, бары бэйэлэрин эрэ кыһалҕаларыгар ылларбыт дьон буоланнар. Киирэр аан аттыгар Чапа уонна түөрт кини киһитэ ордууланан олороллор этэ. Сорохторун атын хаамыраҕа угаталаан , билигин аҕыйаан уйаларыгар уу киирэн сылдьара. Биирдии биирдии ыҥырталаан, сорох сорохтору илдьэ барар этилэр. Манна олорбуттара иккис күнүгэр Прохордаах диэкки биир киһи хааман кэлбитэ.
-Эҕэрдэ Бродягалар....мин Артыыс диэммин. Эһиги тускутунан истибитим..Соруйан кэтээн көрөн бу дьэ чугаһыырга сананным....
-Тугуй ол...кэтээн көрөммүн диэн, итэҕэйбэккэ манаатыҥ дуо- диэн Тимоха эпиэтээтэ.
-Кыыһырымаҥ уолаттар, сордох оннук...Бэйэҕит билэҕит, оннооҕор истиэнэ кулгаахтаах буолар....-диир Артыыс диэн кэлбит киһи.
-Туох наадалаах кэлбиккиний, этэ оҕус уонна тэйэ хаам - диэн Рагим этэн баран утары турунан кэбистэ.
-Миэхэ Художника этии тиэрдиэхтээх этим....-диэн Артыыс Прохор диэкки көрүтэлээн ылла. Рагим Прохор диэкки ыйытардыы көрбүтүгэр , Прохор сөбүлэһэн төбөтүн төҥкөтөн биллэрбитигэр Артыыска суол биэрэ туораан биэрдэ. Артыыс Прохор аттыгар кэлэн олорунан кэбистэ уонна кулгааҕар сибигинэйэн киирэн барда.
-Самалтыыр Баай эйиэхэ эҕэрдэ тиэртэ...Эн манна кэлэриҥ эрдэттэн билибитэ. Эйигин манна көрсөөрү бэлэм олоробут...Ити кыһыллар тустарынан эмиэ барытын билэн олороллор, итилэр манна дьон буолбаттар...Мантан сорохторо тахсва суохтара...Онно эһиги мэһэйдэспэккитин этиэм этэ..Ол курдук уолаттаргар этээр. Бугүн дуу сарсын дуу эйигин мантан таһааран ханнык эрэ этэрээккэ аныахтара. Манна биһиги былааспыт....Чэ манан этэрим бүттэ -диэн баран Артыыс туран баран эрдэҕинэ Прохор эттэ.
-Артыыс...Махтал..Үтүөҕүн умнуом суоҕа...
Артыыс кулгааҕын ыйан көрдөрөн -мин иһиттим -диэн бэлиэ көрдөрдө, уонна бэйэтин дьоннорун бөлөҕөр барда. артыыс барбытын кэннэ Тимохалах Рагим Прохорга кэлбитэригэр уолаттарыгар эттэ.
-Уолаттар...сотору кыракый буза буолуоҕа...Онно тугу да кытыспакка орооспокко буолуоххутун наада...
-Ол аата кыһыллары, кэһэтэлээри кыннахтара..Оо..эчи хаарыаны, онно кыттыһыахха баар этэ...-диир Рагим.
-Ол биһиги дьалабыт буотах, бэйэлэрэ барытын оҥоруохтара ол курдук өйдөө ..-диэн Прохор Рагимҥа этэр.
-Мин просто этэбин..билигин да кыһыым тахса илик, ол иһин..-диэн Рагим буруйдаамытыы туттар.
-Мээнэ онно манна киирэн биэрэҥҥин, быстахха былдьанаан хаалаайаҕын. Туоҕун хайдаҕын да иһин барытын толкуйдаан оҥоруохха наада..Билбэккин билэр киһиттэн сүбэлэтэн...Олох оҥоруута оннук, киһи төһө да күүстээҕин иһин , өй эмиэ наада киһиэхэ ону өйдөөҥ уолаттар -диэн Прохор уолаттаарын сэмэлиир.
Киэһээҥҥи бэрэбиэркэ кэннэ , аан аттыгар айдаан тахсан эрэрэ биллибитэ. Саҥа түбэспит эдэр уол, ааһан иһэн кыһыл атаҕын үктээн ааспытыттан тахсыбыта. Дьиҥинэн эттэхэ ол соруйан үктээн ааһыы этэ. Артыыс саҥа түбэспит уолу дэлби кигэн, айдаан таһаарар сылтах булбута. Кыһыллар үктээн ааспыт уол үрдүгэр саба түһэн саҥаран киирэн барбыттара.
-Хараххын ханна уктан баран сылдьаҕын..-диэн киэбирии бөҕө буолан киирэн барбытарыгар. Ону эрэ кэтэһэн олорбут Артыыс уолаттара кимэн киирэн барбыттара. Онтон улам-улам айдаарсан охсуһуу саҕаламмыта. Элбэх киһи үмүөрүһэ сылдьарынан туһанан бэлэм сылдьыбыт дьон үс кыһыл киһитин,тимир ньуосканнан оҥоһуллубут биилээҕинэн аньыталаан кэбиспиттэрэ. Өл өлбүттэр быыстарыгар Чапа эмиэ хабыллыбыта. Икки хаалбыт дьоннору конвоирдар ааны аһан тыынаах хаалбыттара. Олор көрүдүөргэ сүүрэн тахсан быыһаммытара. Аптамаатаах дьон сүүрэн киирэннэр барыларын соһон таһаара таһаара, уһун көрүдүөр устун истэнэҕэ илиилэрин өрө уунаран кэчигэрэппитэрэ. Били эдэр айдаан таһаарбыт уол , дьоннору өлөртөөбүтүн бэйэтигэр ылынан хаһыы бөҕөтө буола сылдьарын, илиитин кэдэрги тутан атын сир диэкки дьэгдэриҥнэтэн илдьэ барбыттара. ..Дьиҥинэн ис иһигэр киирэн эттэххэ ити буруйу бэйэтигэр ылыммыт уол, түрүмэҕэ туох эрэ косяк оҥорон буруйун саптынаары ити дьаланнан ыраасанар санаатан киирэн бирбитэ. Хайдаҕын да иһин дьэ ыарахан сокуонаах олохтоох дьон буолалларын бэйэҕит таайдаххыт буолуохтаах....