Кэпсээ
Войти Регистрация

КИНИ уонна мин

Главная / Кэпсээннэр / КИНИ уонна мин

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
11.11.2024 22:14
7k 0

An image to describe postСулус уола - 13 февраля 2017 21:00

    Биир күн тойонум кабинетыгар ыҥыран киллэрбитэ:
-Айаал,командировкаҕа баран кэлбэккин ээ..,
Мин ситэ истибэккэ:
-Ээ,айыка барбаппын,саас ыраатта,онно-манна барарбын-кэлэрбин ыарырҕатар буолбуппун,-диэн быһа этэн кэбиспитим.
-Оо дьэ,оччоҕуна кими ыытабын? Тойонум толкуйдаан кэтэҕин тарбаммахтаан ылбыта.
-Дьөгүөр,онтон эдэр дьону ыытыаххын,-тойоммун кытта бииргэ үлэлээбитим ырааппыта бэрт буолан,аҕатын аатын состорбокко,быһа бааччы Дьөгүөр эрэ диибин.
-Кинилэр онно тиийэн тугу сатыахтарай.Билэр-көрөр,сатаан салайар киһи ордук буолуо этэ.
-Үөрэнниннэр ээ,билигин үөрэммэтэхтэринэ хаһан үөрэниэхтэрэй,-мин кэпсэтии манан бүтэр диэбиттии олохпуттан оронон туран,кабинеттан тахсан эрдэхпинэ,тойонум:
-Сынньана таарыйа төрөөбүт дойдугар баран-кэлиэ эбиккин.Соччо уустуга суох командировка ээ.
"Төрөөбүт дойдугар" диэн тыллары истээт сүрэҕим ытырбахтаан ылбыта.Дойдубар бара сылдьыбатаҕым олус ырааппыт эбит.Кырдьык да,кэлин сылларга дойдубун олус ахтар буолбуппун,киһи сааһыран истэҕин аайы төрөөбүт дойдутун ахтара күүһүрэр дииллэрэ чахчы эбит. Бачча сылтах көстүбүтүгэр баран-кэлэрим туох куһаҕаннаах үһү,дии санаабытым.
-Төрөөбүт дойдугар,диигин дуу?
-Оннук,оннук,төрөөбүт дойдугар.
-Тугунан барабын?
-Онтон,сөбүлэстэргин эрэ сымнаҕас олбохтоох джиппын даҕаны туран биэриэм. Максим илдьэн биэриэ,бүттэххинэ баран ылыа. Кыра оҕо курдук,атаахтаан ыараан-чэпчээн баран сөбүлэспитим.
Дьэ, ол бэйэм төрөөбүт дойдубар кэлэн бу олордоҕум. Мин киһи күүспүн-уохпун харыстаабакка, үлэни кыайа тутан,ыйга тиийбэккэ бүтэрэ оҕустум диэххэ сөп.Бэнидиэнньиккэ хонтуораҕа тиийэн оччуоттуом,ол күн массыынам кэлиэхтээх уонна куоратым диэки айанныы туруом.Хата Дьокуускайбын,бэлэм уулаах-хаардаах,тахсан-киирэр унитазтаах, таас дьиэбин олуһун аҕынным. Ый кэриҥэ дойдубар сырыттым даҕаны, биир да билэр киһибин көрсүбэтим. Оскуолаҕа бииргэ үөрэммит оҕолорбуттан ким даҕаны дойдутугар хаалбатах буоллаҕа дуу.Ээ чэ, билигин уулуссаҕа алҕас кими эмэ көрбүт да буоллахпына билбэт инибин,миигин эмиэ билбэттэрэ буолуо ээ,элбэх кэм аастаҕа.Мин оскуоланы бүтэрээт, дойдубуттан тэйбитим,онтон ыла,күнүнэн кэлэн ааспыппын аахсыбатахха, эргиллэ иликпин диэххэ сөп. Дьиҥэр түһэр,хонор-өрүүр дьиэм даҕаны суох.Бииргэ үөрэммит оҕолорум,саас ылан,киһи билбэт гына уларыйдахтара-тэлэрийдэхтэрэ, мин даҕаны эдэр сааһым аастаҕа.
    Бүгүн субуота,тугу да гынарым суох буолан,гостиница хоһун түннүгүнэн таһырдьаны көрөн олоробун. Дойдум барахсан олус тупсубут, бииртэн биир тупсархай тутуулаах,киэргэллээх-оһуордаах дьиэлэр хороспуттар,уулуссаны кыйа кэккэлэспиттэр. Толору хааччыллыылаах иккилии,үстүү этээстээх таас дьиэ эчи үксээбитин.Тутуу күргүөмнээхтик салҕанан бара турар,дойдум миэнэ өссө тупсуо,эбии чэчириэ. Бэйэ,олорон хаалаары гынным,дөкүмүөннэрбин бэрийиэххэ, бэнидиэнньиккэ диэри биир даҕаны сыыһата-халтыта суох барыта "лоп" курдук бэлэм буолуохтаах. Кумааҕыларбын таһааран остуолга тэлгэттим эрээри,үлэлиэх санаам олох кэлбэт. Эмиэ түннүгүм диэки сыҕарыйдым,ол курдук түннүгүнэн харахтанан чуҥкуйан олордум. Оскуола оҕолоро үөрэнэн бүтэн дьиэлээн иһэллэр.Кыра оҕолор барахсаттар сүгүн хаамыахтара баара дуо,биир кэм мэниктээн сырсаллар,хаарга булкуллаллар.Ити биир уол,хам-бааччы хааман иһэр кыргыттары кэннилэриттэн эккирэтэн кэлэн,сүгэ сылдьар суумкаларыттан харбаан ылан,тиэрэ тардан, охторо сатаата да кыайбата.Обургу кыыс эргиллэ биэрдэ да, уолу хатыйан түһэрдэ,оо,бу сордоох,түүтэх курдук атахтара өрө адаарыйан,тиэрэ баран түһээхтээтэ.Атын уолаттар быардарын тарбана-тарбана күлсэллэр,кыргыттар барахсаттар часкыйа-часкыйа суолтатыгар куоппута буолаллар. Ол быыһыгар,сырысталлар ханнык диэбиттии, сотору-сотору кэннилэрин хайыһан көрөллөр.Кинилэр даҕаны оонньоһуохтарын баҕаран эрдэхтэрэ. Аллараа суолунан улахан кылаас оҕолоро хаамсан иһэллэр. Биир уол кыыһын суумкатын туппут,кэккэлэһэ хааман иһэн,тугу эрэ кэпсиир,кыыс сэргээн истэр,сөп буола-буола үтүлүгүнэн айаҕын сапта-сапта күлэр да күлэр. Ол аайы уол кэпсээнэ омуннурар да омуннурар быһыылаах,иллэҥ илиитэ биир кэм күөрэҥнээн,халлааны таһыйара үксүүр. Атын кыргыттар-уолаттар эмиэ тугу эрэ кэпсэтэллэр,кинилэр мэниктээбэттэр,төһө кыалларынан боччумнаахтык тутта сатыыллар, бэйэ "улахан дьон" буоллахтара.
Бу олорон,харахпын быһа симэн, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьыбыт кэмнэрбин санаан кэллим. Бииргэ үөрэммит кылааһым оҕолоро илэ кэриэтэ биир-биир харахпар көстөн кэллилэр. Бу кыра-оҕолуу мэник-тэник Слава, бу быһах угун саҕа быыкаайык уҥуохтаах Миша, кини кыратыттан кыбыстан,куруук атаҕын төбөтүгэр сылдьар буолара,улахан курдук көстөөрү,үрдүк сири былдьаһа сатыыра. Онтон бу синигэр киирэн хаалбыт Витя,кини туохха да кыһаммат,баҕар эн өл да төрөө, хайыһан даҕаны көрбөккө ааһа бара туруо. Бу,бэйэм курдук аҕыйах саҥалаах Андрей,күҥҥэ биир тылы ыган-ыган таһаардаҕына улахан кыайыы диэххэ сөп. Онтон бу Марианна уонна Лиза,кылааспыт сытыы кыргыттара,кыыһырдахтарына сэттэ этээстээх маатыраны биир тыынынан субурутан кэбистэхтэринэ көҥүллэрэ.Кинилэргэ холоотоххо Саргы барахсан унаарыҥнаан түһэн эчи бытаанын,эчи холкутун,кинини төһө баҕар дьээбилээ,үөх олох кыыһырбат,төптөрүтүн тэбис тэҥҥэ күлсүө. Ити курдук бииргэ үөрэммит оҕолорбун барыларын ырыта олорон,хайдах эрэ эмискэ дьикти турукка киирэн хааллым.Харахпын арыйа биэрбитим урукку кэмҥэ баар буолан хаалбыппын,түннүгүнэн күн уотуттан хараара барыарбыт олбуордаах, самнайан хаалбыт эргэ дьиэлэр көстөллөр. Хас биирдии ыал турбатыттан үөһээ диэки буруо унааран,халлааҥҥа тиийэн силбэспит. Бары үтүктүспүт курдук, хара сонноох,сэгиэйкэ бэргэһэлээх, хаатыҥкалаах дьон уулусса устун төптөрү-таары хаамсаллар, биирдэ эмэ кырса дуу,хара саһыл дуу саҕалаах, дыраап сонноох,таба тыһа этэрбэстээх мааны дьахталлар ааһаллар. Ыраах,ыраах мин үөрэммит икки этээстээх таас оскуолам кылбайар, киирэр аан үрдүнэн,хаба ортотугар Ленин мэтириэтэ ыйаммыт, аллараа өттүнэн "Учиться,учиться и еще раз учиться" диэн сурук ыраахтан саһаран көстөр.
    Мин онус "А" кылаас үөрэнээччитэбин.Бүтэһик уруок саҥаланыан иннинэ аччыктаан,утуктаан,сэниэм эстэн паартабар умса түһэн сыттахпына,киирэн кэллэ кини... Бэйэ, барыта хайдах саҥаланна этэй?

    Ыкса киэһэ дьиэбин дьэ буллум,суох мин онтон олох үөрбэппин,төптөрүтүн ис-испиттэн кыыһыра да,кыһыйа да сылдьабын. Дьиэм аанын хайа тардан киирээт:
-Дорообо ийээ,дорообо эбээ,-диэтим,онон кэпсээним бүтэн,хоһум диэки ааһа турдум.
Эбээм барахсан харахпын утары көрөөт,туох буолбуппун биллэ быһыылаах,кини киһи билэр бөҕө буоллаҕа,айылҕаттан бэриллибит оннук айдарыылаах,киниттэн тугу даҕаны кистээбэккин,барытын курдаттыы көрөр. Арай ийэм аймана түстэ:
-Хайа сыллыай,тоҕо төннөн кэллиҥ,тоҕо күрэхтэһэ барбатыҥ? Диэн сүрэҕин харбанна.
-Ийээ барыта үчүгэй,-эрэ диэн хардардым.
Хоспор киирэн,спортивнай суумкабын хаҥас диэки элиттим уонна сыгынньахтаммакка даҕаны,ороммор умса түһэн ,сыттым.Ол сытан кыһыыбыттан сыттыкпын кырбаан ылабын. Мин кыыһырарым оруннаах. Кыһын устата Өрөспүүбүлүкэ иһинэн-таһынан күрэхтэһии бөҕөтүн ааһан,биирдэ даҕаны хотторбокко дьиҥ чахчы кыахтаахпын көрдөрөн, Саха сирин хамаандатын чилиэнэ буолар үрдүк ааты ситиспитим.Бу сайын миигин Дьокуускай куоракка бэлэмнэнэр сборга ыҥырбыттара, Казань куоракка буолар боксаҕа Всесоюзнай турнирга кыттыахтаах этим.Бу мин маҥнайгы улахан күрэхтэһиим буолуохтаах этэ. Онтукам ханна баарый? Мэлийэн кэлэн,бу ороммор умса түһэн сыттаҕым.Сайын устата аар саарга аатырбыт тренердэргэ эрчиллэн,элбэҕи билбитим,үгүскэ үөрэммитим,ох курдук ити турниры кыайарга оҥостубутум. Бэлэмим,туругум олус үчүгэй этэ,ыйааһыным даҕаны орун оннугар, түһэрэн сэниэ эһэр кыһалҕа суох этэ. Ол эрээри миэнэ миэнин курдук, диэбиккэ дылы,биир күн хаҥас иэдэһим биллэр-биллибэттик нүөлүйэн ыларга дылы гыммыта. Ол да буоллар,ааһар ини дии санаан,эрчиллиини көтүппэккэ сылдьыбытым.Боксер аата боксер буоллаҕа, сирэйгэ бэрдэриитэ суох эрчиллии,эрчиллии буолбатах. Ол күн син балай да элбэхтик сыҥаахпын таһыйбыттара,хата онтон эбитэ дуу, иэдэһим нүөлүйэрэ сүтэн,умнуллан хаалбыта. Ол киэһэ сынньана таарыйа бииргэ эрчиллэр уолаттарбынаан куорат киинэ тыйаатырыгар сылдьан, индия киинэтин бэркэ диэн астына көрбүппүт. Онтон хоспутугар төннөн кэлэн,буолуохтааҕын курдук эрдэ утуйбуппутт. Сарсыарда сэттэ чааска тренербыт:
-Подъем,-диэн хаһыытаан-ыһыытаан сарсыардааҥҥы эрчиллиигэ бэлэмнэнэн стройдуу таҕыстыбыт, ол тухары хайдах буолбуппун билбэппин. Стройга туран эрэ баран,уолаттарым сирэйбин өйдөөн көрдүлэр.Сорохтор сиргэнэн,сорохтор саллан эттэрэ тардан ылла,буолары буолбаты тылластылар. Кэмниэ кэнэҕэс тренербыт чугаһаан кэлэн, илиитинэн иэдэспин тутан-хабан көрбүтэ уонна:
-Тииһин ыарыйда дуо? Диэн ыйыппыта.
-Суох тугум даҕаны ыалдьыбат,өлүөрбүн,-эрэх-турах хоруйдуу охсубутум.
-Хаҥас хараххынан көрөҕүн дуо? Тренерим эмиэ ыйытар.
Онно ытыспынан уҥа харахпын саптыбытым,доҕо-оор,хаҥас харахпынан нэһиилэ кылатар эрэ эбиппин! Мин хараҕым көрбөт буолбут диэн, дьэ ыксаабытым:
-Туох буолбуппунуй? Эрэйдээбэккэ этиҥ эрэ.
-Киирэн сиэркилэҕэ көрүҥ,сирэйин эмэһэ курдук буолбут,-ыарахан ыйааһыҥҥа киирсэр,хамаандабыт хапытаана,быһа-бааччы этэн-тыынан кэбиспитэ.
Кырдьык оннук буолан тахсыбыта, бары-баллаччы иһэн хаалбыт иэдэспин сиэркилэҕэ көрүнэн баран,сирэйим дуу,эмэһэм дуу диэн саарбахтаан балай да өр турбутум. Ол күн биир тренери батыһан,балыыһа бөҕөнү кэрийдим,тиһэҕэр тиийэн салгыы эрчиллэр кыаҕа суох диэн түмүктээн,хамаандаттан устан кэбиспиттэрэ. Эрчиллиини салайар тренери кэнниттэн эккирэтэ сылдьан,тугум даҕаны ыалдьыбат дии-дии, ытаан-соҥоон көрдөһө сатаан кэбиспитим эрээри туһа тахсыбатаҕа. Бүттэхпит ити. Сарсыҥҥытыгар малбын-салбын хомунан,дойдум диэки айанныы турдаҕым дии. Кыһыыта кыһыылаах дьиэбэр чугаһаан истэхпинэ сирэйим испитэ мэлдьэспит курдук симэлийэн сүтэн хаалбыта.
Хоһум аанын тоҥсуйан, тренерим киирэн кэллэ, ийэм түлүпүөнүнэн эрийэн биллэрэ охсубута саарбаҕа суох.
-Айаал,хайдаххыный?
Мин туох буолбуппун быһа-бааччы кэпсээн биэрдим.
-Итиччэ улахан күрэхтэһииттэн матан кэлэн олоробун,-диэн түмүктээтим.
-Айаал, санаабытын түһэрбэппит, Балаҕан ыйын маҥнайгы күнүттэн эрчиллибитинэн барыахпыт,быйыл күрэхтэһии элбэх,барытыгар кытта сатаан көрүөхпүт,өссө эдэргин барыта иннигэр,-оҕо эрдэхпиттэн эрчийбит тренерим илии тутуһан баран,хоспуттан таҕыста.
Мин санаам көнөр кыаҕа суох,тренерим тахсан бараатын кытары эмиэ сыттыкпар умса түстүм.Ол сытан иһиттэхпинэ таһырдьаттан киирэр ааны тоҥсуйдулар,ийэлээх,эбээм ону истибэтилэр быһыылаах.Аан аһыллан,киһи киирэн кэллэ,хобулугун тыаһа биир кэм тоһугуруур:
-Кто дома? Кыыс куолаһа иһилиннэ.
Мин соччо кыһамматым,иһиттэхпинэ ийэм хоһуттан тахсан:
-Хайалара кэллэй,бачча хойут? Хардары ыйытта.
-Ээ,эһиэхэ молоток дуу,сүгэ дуу баар дуо?
-Хайыа,бачча эдэркээн кыыс,бачча хойут тоҕо өтүйэлэнниҥ,сүгэлэнниҥ? Ийэм ыйытар.
-Мин, ити диэки училище үлэһиттэрэ олорор түөрт квартиралаах дьиэлэрэ баар батта, онно олоруохтаахпын..,онтукам таһыттан хатааһыннаах,бачча хойут күлүс көрдүү барбат буоллаҕым дии. Алдьатан киириэм этэ,сарсын оҥотторуом буоллаҕа дии,-кыыс хайдах сааһылаан этиэҕин билбэккэ түҥ-таҥ саҥарда.
-Устудьуон кыыскын дуо? Ити кураанах квартиратыгар былырыын устудьуоннар олоро сылдьыбыттара ээ.
-Ээ,оннук курдук.
-Бэйэ тукаам күүтэ түс,ити уолбун туруоран ыытыам,бэйэҥ сатаан алдьатыан суоҕа,нарыныҥ бэрт.
-Ээ,спасибо.
Мин кыыһырдарбын даҕаны,ийэм тылын быһа гыммакка сөбүлэһэн, сүгэ кыбыныылаах таҕыстым. Тахсан эрдэхпинэ ийэм быаҕа баайылла сылдьар хара баһаам элбэх күлүүс тылларын туттаран кэбистэ.
-Тукаам, бастаан аһа сатаан көрүҥ,баҕар биир эмэ тыл сөп түбэһээрэй,-дии хаалла.
Мин ол дьиэни бэркэ билэр буоламмын кыыс иннигэр түһэн,киэҥ-киэҥник атыллаан бара турдум,кини диэки хайыһан да көрбөппүн.Аанын аһа охсон баран,дьиэбэр төннөн кэлэн,ороммор умса түһэн, сытар эрэ толкуйдаахпын.Кыыһым кэннибиттэн саппай уопсан иһэр,хобулугун тыаһа били мээнэ тоһугуруур да тоһугуруур.Күһүммүт үөмпэхтээн,таһырдьа хайыы-сах хараҥаран эрэр.Кыыһым чугас да истэр сирэйэ соччо-бачча көстүбэт,арай духуутун сыта,мэйиибин иирдиэхчэ. Туох ааттаах сүрэй, таҥнары сүөкэнэн кэбиспит буоллаҕа дуу. Кыыс дьиэтигэр тиийэн кэллибит, баайылла сылдьар күлүүс тылларын сүрэҕэлдьээбиттии көрдүм,эчи элбэҕин,биирдии-биирдии сыымайдыы турбат инибин дии санаатым. Кэнним диэки тэйэ түстүм уонна ааны бэрт холкутук тоҕо тэбэн кэбистим,манан бүтэр диэбиттии эргийэ биэрдим уонна дьиэм диэки бара турдум. Кыыһым кэннибиттэн эккирэттэ:
-Ээ,уолчаан,чымадааннарбын аҕаларга көмөлөһүөн дуо баһаалыста,ити автовокзалгытыгар хаалларбытым ээ. Наһаа улахаттар ээ уонна наһаа ыараххаттар..,-диэн эрэрэ да мин ситэ истибэккэ бара турдум.
Эмиэ ороммор умса түһэн сыттым,ол сытан тренерим эппит тылларын санаан кэллим. Кырдьык даҕаны,тоҕо санаарҕаатахпыный,барыта иннибэр,өссө да элбэх күрэхтэһии миигин күүтэр. Чаһы уон буолбут,режиммын тутустахпына сатанар. Сарсын эрдэ туран эрчиллибитинэн барыллыа. Утуйуом иннинэ хайаан даҕаны салгын сиир үгэстээхпин,ону эмиэ тутуһар оруннаах. Таһырдьа тахсан,уулусса устун хаама сылдьабын. Биһиги уулуссабыт уу-чуумпу,манна ынах иитэр ыал суох,онон киэһээҥҥи ыам,хотон үлэтин түбүгэ диэн өйдөбүл букатын суох. Чуумпу уулусса устун хаама сылдьан охсууларбын чочуйан салгыны дайбыалыыбын,хайдах охсор ордугун толкуйдуубун. Ол сылдьан иһиттэхпинэ илиҥ диэкиттэн туох эрэ тыас иһиллэр,өссө сыыйа-баайы мин диэки чугаһаатар чугаһаан иһэр. Сотору соҕус киһи күлүгэ көһүннэ,тугу эрэ тирилэтэн соһор да соһор,эмиэ да төптөрү барар өссө тугу эрэ соһон аҕалар,онтон эмиэ төптөрү барар,эмиэ тугу эрэ соһон тирилэтэн аҕалар. Мин хараҥаны быыһынан көрө сатаан баран,тугу да быһаарбакка,сэрэххэ олбуорум иһигэр киирдим уонна олус диэн сэҥээрэн,хайаҕаһынан көрөн турабын.Пахай,били кыыһым дии,чымадааннарын биир-биир соһоттуу сылдьар,кырдьык улахан чымадааннар эбит. Автовокзал мантан балай эмэ ыраах ээ,онтон биирдии-биирдии соһон сордонон иһээхтиир буоллаҕа. Кыыс иккис чымадаанын соһон аҕалла уонна мин олбуорум иннигэр тохтоон,чымадаанын үрдүгэр сынньана олордо,ол быыһыгар өрүтэ тыыммахтаан ылаахтыыр,аҕылаабыта сүрдээх,миэхэ тиийэ иһиллэргэ дылы. Онтон туран кэллэ,ынчыктыы-ынчыктыы икки чымадаанын тэҥинэн көтөҕө сатаата,нэһиилэ өҥдөттө эрээри аҕыйахта хардыылаат умса баран түстэ,биир чымадаана аһыллан,мала барыта ыһыллан хаалла. Ол да буоллар санаата бөҕөх,тура оҕуста,суолтатыгар эрэ таҥаһын тэбэммэхтээтэ уонна малын сааһылаан чымадааныгар төптөрү симтэ. Тугу эрэ көрдөөн эргим-ургум көрүтэлиир. Кэбис мин тулуйарбыттан аастым,тыаһа суох олбуорум аанын аһан,көмөлөһө диэн ааттаан кыыс диэки хаамтым.Кыыһым миигин олох да өйдөөн көрбөт,чугаһаан эрдэхпинэ, үрдүк хобулуктаах түүпүлэтин устан,чымадааныгар укта уонна дьууппатын өрө тардынан, сыгынньахтаммытынан барда. Мин онтон кыбыстан төптөрү олбуорум диэки ыстанным,хайдах тахсыбытым курдук тыаһа суох киирэн хааллым.Кыыс мин чугаһаан кэлэ сылдьыбыппын олох да сэрэйбэтэ. Ол да буоллар тыыммакка да туран көрөбүн,кыыһым колгуоккатын уһулла, ууннары тардыалаамахтаан баран,чымадаанын кэлгийдэ уонна сүр күүскэ "Һуу" диэн өрө тыынаат чымадаанын ылан көхсүгэр быраҕынна,иккис чымадаанын аҥар илиитигэр тутан,бөхчөйүөҕүнэн бөхчөйөн, атах сыгынньах, дьиэтин диэки сакыҥныы турда. Эрэйдээҕиэ, диэн саныы-саныы хараҥаҕа киирэн сүтүөр диэри көрөн турдум.Ол да буоллар сотору кэминэн уот умайан дьиэтин түннүгэ сандаарда. Уоту уматаат да,тиэрэ баран түспүт буолуохтаах,ити квартираны бу сайын кэлбит-барбыт дьон арыгылыыр уйа оҥосто сылдьыбыттара,сэрэйдэххэ кураанах бытыылка бөҕө төкүнүйэ сытара саарбаҕа суох. Хайдаҕын да иһин дьиҥнээх хомсомуолка,бойобуой кыыс эбит,дии санаатым.

    Бүгүн Балаҕан ыйын маҥнайгы күнэ. Күн сырылаччы тыган сайыҥҥылыы сылытар.Муус маҥан баартыктаах,муус маҥан баанчыктаах бытарыспыт кыргыттар, мааны да мааны көстүүмнээх,чуолкалара эрэ харааран көстөр гына баттахтарын ньылбы кырыттарбыт уолаттар,омуннаан эттэххэ бэйэлэрин саҥа бартыбыалларын сүгэн,сибэкки дьөрбөтө тутуурдаах оскуола диэки хаамсан иһэллэр. Кинилэр эмиэ улааппыт тэҥэ сананан боччумнаахтык тутта сатаахтыыллар,төһөтүн да иһин оҕо саадын бүтэрэн,үөрэх дьоно буолан эрдэхтэрэ.Барахсаттары көрө-көрө киһи күлүөх санаата кэлэр.
Мин эмиэ оскуолабар тиийэн кэллим,кылааһым оҕолорун булан,эр киһилии боччумнаахтык илии тутуһан,барыларын кытта дорооболостум. Уолаттар бары да боччумурбуттар,сирэйдиин-харахтыын уларыйбыттар,сорох-сорохторго бытык сыыһа бытыгыраабыт. Оннук буолуохтаах да буоллаҕа,быйыл оскуоланы бүтэрэр сылбыт,умнуллубат онус кылаастарбыт. Кыргыттар диэки хайыһан көннөрү:
-Приветтэрин,-диэтим.
Кыргыттар омуннаах бэйэлээхтик тугу эрэ кэпсэтэ туран:
-Привет, Айаал,-дэстилэр.
Арай Валя миэхэ утары хааман кэллэ:
-Иллэрээ күн кэлбит эбиккин батта уонна тоҕо саатар звоннаабаккын,-диэтэ.
Урукку кэпсээннэрбин аахпыт дьон Валяны билэргит буолуо.Онтон саҥа ааҕар буоллаххытына кылгастык кини туһунан кэпсии түһүүм. Биһиги Валялыын төрүөхпүтүттэн тохсус кылааска диэри ыаллыы олорбуппут. Онон оҕо эрдэхпититтэн бииргэ оонньоон улааппыппыт. Кини аҕыйах ый аҕатынан туһанан куруук хотумсуйар идэлээҕэ, ону мин көнөм бэрт буолан,быһа гыммакка истэр,толорор этим. Кини хотумсуйар эрэ буолбакка,миигин көрө-истэ сылдьара. Оҕо саадыгар сылдьан, алын кылаастарга үөрэнэ сылдьан сыыҥым туора соһуллуор диэри мэниктээн-тэниктээн оройбунан көрбүт уол оҕото буоллаҕым,ону кини киһи тутан ылан,мөҕө-мөҕө, бэйэтин платогунан соторун бу баар курдук өйдүүбүн. Көрөр-истэр эрэ буолбакка аны көмүскэһэр идэлээҕэ. Манна диэн кистээн эттэххэ оҕо сылдьан охсуһарбын олус сөбүлүүр этим,хаһан даҕаны толлон турбакка киирсэн иһээччибин.Кыайарым дуу,кыайтарарым дуу улахан суолтата суох, нууччалыы эттэххэ "важен сам процесс" диэбиккэ дылы. Охсуһууттан дуоһуйуу ыларым. Ол эрээри үксүгэр хотторооччум суох,тоҕо диэтэххэ бойобуой доҕорум Валя куруук аттыбар баар буолара.Хоттороору гыннахпына Валя сүгэ сылдьар суумкатын устан сиргэ элитэн кэбиһэрэ уонна бэйэтин кэлэйбэккэ өстөөхпөр саба түспүтэ эрэ баар буолара. Онон хотторуум отой аҕыйах этэ. Кини сорох уолаттардааҕар баҕас итэҕэһэ суох дайбаһааччы. Кинини уол курдук санаамаҥ,бэйэтигэр сөрү-сөп быһыылаах-таһаалаах уол оҕо хараҕа халтарыйар мааны кыыс этэ. Быһатын эттэххэ мин кинини эдьиийим курдук саныыбын.
-Айаал,истэҕин дуу,суох дуу,тоҕо звоннаабаккын,диибин дии,-Валя ийэбиннээҕэр ордук долгуйбут курдук.
-Ээ,настроением суох этэ.
-Онтон саатар саарата кэлиэм этэ буоллаҕа,-диэн Валя санныбар сөрөннө.
Ону истэн уолаттар күлүстүлэр:
-Оо,Валя саллаатын олох уҥа-хаҥас хамсаппат.., Айаал,хайдах тулуйан сылдьаҕын,айа да айа,-дэстилэр.
Миэхэ синэ-биир,оҕо эрдэхтэн доҕорум буоллаҕа,хайдах да гынар кыаҕым суох.
Балаҕан ыйын маҥнайгы күнэ сыл аайы буоларын курдук биир кэлимсэтик ааста. Кылааһым оҕолоро бука бары тутуспутунан,салгыы бырааһынньыктыы бардылар. Мин барсыбатым. Кистээбэккэ эттэххэ оччолорго арыгы көлүччэ тэҥэ кутуллар этэ. Мин өйдүүрбүнэн киһи барыта арыгы иһэр этэ. Арыгы сыаната да олус чэпчэки этэ. Вермут диэн кыһыл арыгылара баара суоҕа тоҕус уон икки эрэ харчы буоларын чопчу өйдүүбүн. Эбэтэр обургу соҕус буочукалаах арыгы буор босхо кэриэтэ атыыланарын өйдүүбүн. Оскуола оҕолоро да оччо дэлэйтэн туора туран хаалбат этилэр. Биһиги кылааспыт оҕолоро үгүстэрэ арыгыны амсайаллара. Холуочуйан баран,үлүбээй тыллаһалларын отой сөбүлээбэппин,ол иһин мээнэ түмсүүлэргэ сылдьааччым суох.
Балаҕан ыйын иккис күнүттэн үөрэх саҥаланна.
Иккис уруок кэнниттэн уһун сынньалаҥ буолла. Оскуолабыт көрүдүөрүгэр тоҕо эрэ биир даҕаны ыскамыайка суох этэ. Ол иһин кэпсэтэ-кэпсэтэ подоконника кэчигирэһэн олоробут. Валя тиийэн кэллэ:
-Айаал,кэл аһыахха,-диэн суумкатын хастан,арыылаах,халбаһыылаах килиэп,бытыылкаҕа саахардаах чэй таһааран туттарда. Ол быыһыгар мөҕөрүн кубулуппат,-тоҕо куруук аһа суох сылдьаҕыҥ,киэһэ сэттэ аҥарга диэри куртаҕын курулуур ини.
Атын кыргыттар эмиэ суумкаларыттан өйүөлэрин таһааран,подоконниктарга тэлгэтэн аһаабытынан бардылар,арай уолаттар тоҕо эрэ өйүө таһан сордоммот этибит. Кыргыттарбыт үтүө санаалара киирдэҕинэ атын уолаттары күндүлээн абырааччылар. Онтон миигин куруук Валя көрөр-истэр,аһатар-сиэтэр. Оннук аһаан оппоҥнуу олордохпутуна,аттыбытынан хобулугун тыаһа биир кэм тоһугураан, ыга тута сылдьар хара дьууппалаах,оннук хара колгуоккалаах,кып-кыһыл булууһалаах, хоп-хойуу эбиитин кырааскалаах баттаҕын били мээнэ эриммит, кып-кыһыл гына помадаламмыт уостаах,хоп-хойуутук туштаммыт кыламаннаах,сүүнэ улахан түгэхтээх кыһыл көмүс сахалыы ытарҕалаах,кыһыл көмүс цепочкалаах,эмиэ оннук биһилэхтээх мааны да мааны кыыс иннибитинэн эриллэҥнээн ааста,суох кини оҥосто-оҥосто эриллэҥнээбэт,бэйэтэ айылҕаттан итинник хаамара өтө көстөр. Биһиги,уоллуун-кыыстыын бука бары чуумпуран,кыыһы батыһа көрөбүт. Марианна көрө сатаан баран тулуйбата:
-Эй,кыысчаан тохтоо эрэ,-диэтэ.
-Тохтоо диэтилэр батта,-аны Лиза кыттыста.
Суох кыыс истибэт,уһун көрүдүөр устун бара турда.
-Ничего себе таҥныбыт,кырааскаламмыт,-Марианна куолулуур.
-Өссө кыһыл көмүс ытарҕалаах,-Лиза хабан ылар.
Атын кыргыттар эмиэ хаалсыбаттар:
-Учууталлар тоҕо мөхпөттөрүй.
-Биһиги ити курдук кырааскаламмыппыт буоллар,айдаан бөҕө буолуо этэ.
-Ити ханнык кылааска кэлбит кыыһый? Марианна сүгүн буолбат.
-Б-ларга, В-ларга саҥа кыыс кэлбитин истибэтэҕим,-ким хайа иннинэ барытын көрө-билэ сылдьар Нина хардара оҕуста.
-Нууччалар кылаастарын диэки барда,нууччалыы кылааска кэлбит кыыс эбит,-Лиза ыраахтан кыҥастаһан быһаара оҕуста.
-Нуучча кылаастара бары ситэн-хотон хаалбыттар,кинилэри олох мөхпөттөр,ол иһин көҥүл сылдьаллар,-Марианна олох уоскуйбат.
Ол олорон,өйдөнө биэрбитим,Валя илиитинэн хараҕым иннигэр дайбаатыы аҕай олорор эбит:
-Айаал,кырасыабай кыыһы көрөн,олох ууллан хаалан,өйгүн сүтэрэн кэбистиҥ дуу? Оҕолору күллэртээтэ.
Кырдьык оннук,ыстаан испит халбаһыылаах килиэппин ситэ ыстаабакка, сыҥааҕым аллараа түһэн хаалбыт. Килиэппэр хара сыыстым. Чуораан тыаһаабытыгар кылааска киирэн иһэн,тохтуу түһэн,кистээн көрүдүөр түгэҕин диэки кылатан ылабын. Суох,мааны кыыс көстүбэт. Учуутал кэлиэр диэри өссө да тура түһүөхпүн,Валя илиибиттэн соһон,кылааска киллэрэн кэбистэ.
Ити курдук маҥнайгы күммүтүн үөрэннибит. Билигин бүтэһик уруок,омук тыла. Омук тылыгар кылаас икки группаҕа хайдар,Валя атын группаҕа үөрэнэр,онон мөҕөр-этэр киһим суох буолан,учуутал иннигэр бастакы да паартаҕа олордорбун,көҥүллүк олоробун.Утуйан да хаалыахпын син,учуутал миэхэ соччо кыһаммат этэ,чиэппэр бүтүүтэ эрэйдээн-муҥнаан баран үһү токурутан кэбиһээччи.Бу уруогу мин олох сөбүлээбэппин. Бастатан туран буржуйдар тыллара,онтон мин хомуньуустар ыамаларабын. Иккиһинэн,мин нуучча тылын,саха тылын кырамаатыкатын ымпыгар-чымпыгар диэри билэбин ээ,суруйарбар даҕаны соччо-бачча сыыһааччым суох. Онтон бу аангылыйалар тыллара олох букатын өйбөр хатаммат,тута умнан иһэбин. Тоҕо оннугун быһаарар кыаҕым суох. Онон сатаан аахпаппын даҕаны,суруйбаппын даҕаны.Куртаҕым курулаан,дэлби утуктаан,бу уруокка буоларын курдук, төбөбүн паартаҕа ууран,нухарыйа сытабын.Арай ол сыттахпына,хобулук тыаһа тоһугураата,духуу сыта аҥылыйда,чуо иннибэр турар учуутал остуолугар тиийэн,суумкатын тыастаах бэйэлээхтик уурда уонна истибит баҕайы куолаһым:
-Учуутал кылааска киирдэҕинэ үөрэнээччилэр турар үгэстээхтэр,-диэтэ.
Мин соһуйан өрө өҥдөс гынным уонна тута харахтарым кини харахтарыгар кэтиллэ түстүлэр.

    Кини..,кини,учуутал эбит дуу. Мин баһаам элбэх күлүүс тылын илдьэ сылдьар эрээри, биир-биир сыымайдыахпын сүрэҕэлдьээн, аанын тоҕо тэбэн кэбистэҕим үһү. Эбиитин итиччэ көрдөспүтүн кэннэ,икки чымадаан сыыһын дьиэтигэр аҕалан биэрбэккэбин. Өссө сыгынньахтана турарын тыаһа суох чугаһаан кэлэн көрбүттээхпин,бу иэдээни. Онтукам учуутал эбит, буолаары буолан омук тылын учуутала,онтон омук тылыгар экзамен баар ээ. Дьэ бүппүппүн,мин буоларбын биллэҕинэ хайаан даҕаны иэстэһиэҕэ,оннук көрүҥнээх. Аттестат ылбат киһи буолбуппун диэн,тута ыарахан санааҕа ыллардым. Били мааҕын уһун сынньалаҥ кэмигэр аһыы-аһыы,тотуохпутугар диэри үөхпүт кыыспыт учуутал буолан хаалбытыттан оҕолор бары даҕаны айахха бэрдэрдилэр. Эдэркээн кыыс кылааска киирэн кэлбитигэр ким даҕаны учуутал дии санаабатаҕа сэрэйиллэр,сорохтор бэйэм курдук утуйа олорбуттара,сорохтор мэниктээн иирэ сылдьыбыттара. Ол бэйэлэрэ саҥаларыттан матан хамсаабакка даҕаны тураллар. Арай мин өмүрэн,хараҕын утары көрөн,олорбутум курдук олорор эбиппин. Учуутал миэхэ туһаайан:
-Stand up,-диэтэ.
Мин тугу даҕаны өйдөөбөтүм эрээри,кэннибин хайыһан оҕолору көрөн,үтүктэн турдум.
-please sit down,-диэн эмиэ омуктаата.
Бары олордубут. Учууталбыт онус кылаастар омук тылын үчүгэйдик билиэхтээххит диэн,куруук омуктуу саҥарар буолан биэрдэ,нуучча тылын биирдэ эмэ кыбытан ылар. Омуктуу:
-Мин аатым, Мария Ивановна,-диэн саҥалаата уонна уруок бүтүөр диэри биир кэм омуктуу кутта-симтэ. Мин эрэйдээх ааппын ыйыппытыгар,сыыһа-халты да буоллар хардардым,ону да оҕолор көмөлөһөннөр.Омуктуу билэр оҕолор тэбис-тэҥҥэ чыыбырҕаһаллар,сорохтор мөккүһэн да ылаллар быһыылаах,ити барыта кулгааҕым таһынан ааста. Уруок бүппүтүгэр,дьэ өрө тыынным,хата мин буоларбын билбэтэ диэн өрө тыынным. Уруок кэнниттэн оҕолор тута тарҕаспатыбыт,бары кылааһынан түмсэн,кэпсэттибит,ол быыһыгар саҥа учууталы-Мария Ивановнаны ырыттыбыт. Омук тылын үчүгэйдик билэр оҕолор, бэркэ үөрэтэр учуутал диэн хайҕаатылар. Мин омуктуу сатаан ааппын эппэккэ мух-мах буолбуппун ахтан кэлэн,дэлби күлүстүлэр. Оннук кэпсэтэн,сэргэхсийэн,хотулар,соҕуруулар,илиҥнэр диэн арахсан күлэ-үөрэ дьиэ дьиэлэринэн тарҕастылар.Валя, "миигин атаар" диэбитин сүрэҕэлдьээн кыккыраччы аккаастанным уонна аччыктаан куртаҕым курулуу-курулуу дьиэм диэки арҕаа соҕотоҕун саллаҥныы турдум. Арҕаа диэки дьиэлээх соҕотохпун,онон куруук соҕотоҕун оскуолабар барабын-кэлэбин.
Ол баран иһэн көрбүтүм доҕо-оор, иннибэр Мария Ивановна хааман иһэр эбит. Дьэ бу проблема буолбутун онно тута өйдөөтүм,омук тыла биһиэхэ нэдиэлэҕэ үстэ бүтэһик уруогунан буолар, атын кылаастарга эмиэ бүтэһик уруогунан буолар эбит. Эдэр учуутал диэн атаҕастаан эрдэхтэрэ,бүтэһик уруогунан куруутун эр дьон,эбэтэр эдэр учууталлар уруоктара буолааччы.Ол аата күн аайы "аргыстаһарбытыгар" тиийэбит дуу. Эрэй эбит,ыаллыы олорор буоллахпыт. Ол аата аанын хайа тэппит уол мин буоларым хаһан эрэ син-биир биллииһик. Оо,саатар хаамара бытааны-ыан. Өссө хобулуктаах түүпүлэлээх ээ,хаама сатаахтыыр эрээри олох сир өрпөт. Учууталбын кэнниттэн батыһан,санаабар олус өр хааман кэмниэ-кэнэҕэс дьиэбин дьэ буллум. Кыһын этэрбэс кэттэҕинэ син түргэнник хаамар буолар ини диэн толкуйдаан ыллым.Оннук хас да күн ааста,сороҕор мин инникки түһэбин,оччоҕуна ханнык дьиэҕэ олорорбун биллэримээри харса суох түһүнэн кэбиһэбин,онтон сороҕор батыһааччы буолабын,дьэ оччоҕуна уһун айаҥҥа эрдэттэн бэлэмнэнэбин,ситэн ааһарым хайдах да табыллыбат. Билигин кини саппыкылаах,онто син-биир үрдүк хобулуктаах,онон хаамара син-биир бытаан.Кэнниттэн батыһан иһэн хаһан этэрбэс кэтэр кэм үүнэрин кэтэһэбин.
Биир күн чуораан тыаһаабытыгар, үөрэнэн бүтэн,"ураа" дэһэ-дэһэ дьиэбитигэр тиэтэйэн хомуммутунан бардыбыт. Кылаастан тахсан эрдэхпитинэ Мария Ивановна:
-Потапов,Иванов бука баһаалыста хааларгытыгар көрдөһөбүн,-диэн үгэргээн эрэрдии саҥаран унаарытта. Туох буоллаҕай? Диэн саныы-саныы төннөн кэлэн миэстэбэр олордум, Тима эмиэ бэйэтин миэстэтигэр тиийэн олордо. Саҥата суох олорон,учууталбыт айаҕын маныыбыт. Мария Ивановна ыксаабат,сөбүлээбэтэх харахтарынан биһигини хардары-таары көрөр. Онтон дьэ:

  • Хомуньуус баартыйалаах райком хотуттара сүбэлэһэн баран, оскуола дириэктэригэр дьаһал биэрбиттэр, оҕолорбут омук тылын үчүгэйдик билиэхтэрин наада диэн. Биир ыама оскуола кэнниттэн омук тылыгар туттарса барар санаалаах үһү,онтон биир ыама омук тылыгар эрэ үстээх үһү, оскуоланы туйгуннук бүтэриэн наада үһү. Оскуола дириэктэрэ,сыыр намыһахтыы миигин соруйда,иллэҥ кэммэр,уруок кэнниттэн хаалан, буор-босхо эһигини үөрэтэ олоруохтаахпын. Мин партия саллаата буолбатахпын,иллэҥ кэммэр үөрэтэ олорор санаам суох.Ону эһиги туох дии саныыгыт? Диэн быһа-бааччы этэн-тыынан кэбистэ.
    Оччону истэн баран,тэтэрээттэрбин хомунан,саҥата суох кылаастан тахсан,бара турдум. Кэннибиттэн учууталым:
    -Бэрт киһи ийэҕэр үҥсэ сүүрдүн ини,- дии хаалла.
    Таһырдьа тахсан эрдэхпинэ Тима кэннибиттэн эккирэтэн кэллэ:
    -Айаал тоҕо куотан хааллыҥ?
    -Мин ийэм эбии үөрэх туһунан тугу даҕаны эппэтэҕэ уонна төрөппүттэрбин үөхтэрэ-үөхтэрэ үөрэнэ олорбот инибин. Онтон эн эрдэттэн билэр этиҥ дуо?
    -Ээ,мин омук тылын үчүгэйдик үөрэтэр оскуоланы булан,куоракка барар санаалааҕым туһунан ийэбэр эппиттээхпин. Ону баара итинник дьаһайан кэбиспит дуу,ону мин эмиэ билбэтэҕим.
    -Мин эбии үөрэнэн да туһамматым буолуо,онтон эн омук тылыгар туттарса барар киһи хаалыаҥ этэ буоллаҕа.
    -Ити тактическай ход оҥордум.
    -Ол туох тактикатай?
    -Билигин кини хайаан даҕаны,ийэлэригэр үҥсэ бардылар дии санаабыт буолуохтаах,оннугар мээнэ тылласпытын сыта-тура толкуйдуур ини. Көрөөр, аныгыскы сырыыга сыһыана тосту уларыйыа.
    -Тима,онтон ийэҕэр үҥсүбэт инигин?
    -Суох бөҕө буоллаҕа.
    -Чэ пока,- диэн арҕаа диэки хайыспытым Мария Ивановна хайыы-сах инники түһэн,дьиэлээн иһэр эбит.
    Оргууй аҕай кэнниттэн батыстым. Кини таҥна-симэнэ сылдьара дьонтон тосту ураты, киһи учуутал диэ суох курдук. Кыһыл дьүһүннээх ыга тута сылдьар кууркалаах, Кэннэ обургу бэйэлээх тыыраҕастаах хап-хара дьууппалаах, үрдүк хобулуктаах саппыкыта муоднай да муоднай, сэрэйдэххэ омук киэнэ, оннооҕор тута сылдьар суумката ойуу-бичик бөҕөлөөх.Муоданы эккирэтэр кыыс быһыылаах. Ити курдук учууталбын кэнниттэн одуулаан,баһыттан атаҕар диэри ырыта-ырыта дьэбэр тиийэн кэллим. Кини буоллаҕына мин дьиэбин ааһа түһэн,бэйэтин дьиэтигэр чугаһаан иһэн тохтуу биэрдэ, онтон синэ-биир диэбиттии,төбөтүн өрө көтөҕөн,хобулугун тыаһа тоһугураан,бэрт эрэллээхтик хаамта-сиимтэ. Туох буоллаҕай? Диэн борук-сорукка кылатан ол диэки көрбүтүм, икки күлүк көстөр. Мария Ивановна ол дьоҥҥо чугаһаата,дьон олбуорун аанын күөйэ турунан кэбистилэр,киллэрэр санаалара суох быһыылаах.
    -Туораан! Диэн хаһыы иһилиннэ.
    -Маша тоҕо куота сылдьаҕыҥ? Диэн олох билбэт куолаһым дуорайда.
    -Тоҕо эккирэтэ сылдьаҕыҥ миигин?
    -Баҕар таптаан кэбиспитим буолуо,ону хайыыр да кыаҕыҥ суох,-билбэт куолаһым хардарар.
    -Мин атын киһини таптыыбын.
    -Оччоҕо маҥнай билсэрбитигэр тоҕо оонньоспуккунуй?
    -Олох даҕаны оонньоспотоҕум,туораан диибин дии,-Мария Ивановна сыыһа-халты харбатан дьиэтигэр чылыпыс гынан хаалла.
    Уолаттар ааны тоҥсуйа сатаан баран,бэриннилэр, уулусса устун кэккэлэһэн,төннөн иһэллэр уонна бэлэстэрин муҥунан кэпсэтэллэр.
    -Итиччэ таптыыр буолан бараҥҥын тоҕо аанын тоҕо тэбэн киирбэккиҥ? Биирэ ыйытта.
    Куолаһын истээт ким буоларын тута биллим, оройуоммутугар баппатах "Күлүгээн Бааска" эбит. Быһа-бааччы Күлүгээн диэн хос аатынан биллэр киһи.
    -Аныгыскы сырыыга оннук гыныам,-билбэт куолаһым хардарда.
    -Киирэн ороҥҥо тиэрэ баттаан кэбис да,бүттэҕэ ол,эйиэнэ буолар,ханна барар үһү,-Күлүгээн Бааска быһаара оҕуста.
    -Сөпкө этэҕиҥ,-биирдэрэ сөбүлэһэ оҕуста.Оннук кэпсэтэ-кэпсэтэ ааһа бара турдулар.
    Мин испэр учууталбын,дьэ кэһэй,араастаан таҥна-таҥна,кырааскалана-кырааскалана кыймаҥнаабытыҥ тахсыбыт, сөптөөх дьоҥҥор түбэспиккин,дии санаатым.

    Тима обургу тактиката табыллыбыта. Биһиги хаһыс да күммүтүн уруок кэнниттэн хаалан омук тылын эбии үөрэтэбит. Ол эрээри Мария Ивановна миэхэ олох даҕаны кыһаммат, куруук Тималыын эрэ кэпсэтэр. Английскайдыы тугу эрэ саҥараллар да саҥараллар, мин тугу даҕаны өйдөөбөккө истибитэ буолан олоробун эрэ.
Бүгүн эмиэ туох да уларыйыы суох,Мария Ивановна:
-Потапов,бу маны аах,-диэн баран кинигэ туттаран кэбистэ уонна Тима диэки хайыһан,омуктуу тыбыырбытынан барда.
Мин хантан сатаан ааҕыам баарай, кинигэбин туора анньан кэбистим уонна уруучукабын таһааран,уруһуйдуу олордум, ол быыһыгар тугу кэпсэтэллэрин истэ сатыыбын даҕаны биир да тыл өйбөр киирбэт, баҕар миигин үөҕэллэрэ буолуо,ону билбит суох.
Биир үөрэх күнэ эмиэ бүттэ,мин английскайдыы билэн сайдыбытым баара көстүбэт. Учууталым иннигэр түһээри,сып-сап хомунан,ойон эрдэхпинэ:
-Потапов кылааһы хатаан күлүүһү вахтаҕа туттар,- диэн соруйда.Бэйэтэ Тималыын омуктуу кэпсэтэ-кэпсэтэ тахсан бара турда. Эмиэ кэнниттэн батыһар киһи буолбуппун диэн, бытаан айаҥҥа эрдэттэн бэлэмнэнним. Ыксаабакка кылааһы хатаан,күлүүспүн остуорас эмээхсиҥҥэ туттаран, дьиэлиир суолум төрдүн булбутум,учууталым соччо ырааппатах эбит. Хаһан этэрбэс кэтэр баҕайыный? Диэн саныы-саныы ыраахтан батыһан иһэбин. Халлаан хараҥаран эрэр, ол да буоллар мин сэппэрээктэр быыстарынан чус кутуйах сүүрэрин ыраахтан тобулу көрөр сытыы харахтаах буоламмыт,икки киһи утары иһэрин тута кылаттым,били уолаттар буолалларын сэрэйдим. Учууталым кинилэри эмиэ көрдө,эргиллэ биэрдэ уонна түргэн-түргэнник мин диэки хаамта,кини эрэйдээҕи өр гыныахтара баара дуо,тута ситэ баттаан ыллылар. Мин сарай кэтэҕэр түһэн саһа оҕустум уонна хата бу түгэни туһанан,эргийэ көтөн, дьиэм диэки ойон хаалбыт киһи, диэн санаа көтөн киирдэ.
-Маша куотума,тохтоо диэтим,-билбэт куолаһым бардьыгынаата.
-Тохтоо, диэтилэр батта,-Күлүгээн хос сыҥаах буолла.
Сэрэнэн-сэрэнэн өҥөйөн көрбүтүм, олох аттыбар тардыалаһыы буолан эрэр эбит. Дьэ онно биллим,иккис киһитэ Итирик Ылдьаа эбит. Эмиэ биир оройуоҥҥа баппатах адьынат.Аармыйаҕа сылдьан киһини улаханнык дэҥнээн, дисбакка түбэспит сурахтааҕа, ол бэйэтэ босхолонон,дьэ төннөн кэлбит буоллаҕа дуу.
-Тоҕо эккирэтэ сылдьаҕыт миигин? Мария Ивановна кыдьыгыран ыла-ыла часкыйда.
-Онтон эн тоҕо куота сылдьаҕыҥ? Итирик Ылдьаа хардары ыйытта.
-Мин таптыыр уоллаахпын диибин батта.
-Сымыйалаама,мин эйигин таптыыбын.
-Мин эйигин таптаабаппын.
-Тоҕо?! Тоҕо?! Миигин таптаабаккын! Бастаан билсэрбитигэр бэркэ диэн оонньоспутун дии! Кэпсэтии хаһыыга-ыһыыга кубулуйан барда.
-Олох да оонньоспотоҕум. Эн акаарыгын уонна куруук арыгы сыттааххын,арыгы сытын ынырыктык абааһы көрөбүн!
-Туох диэтиҥ? Ким акаарыный? Итирик Ылдьаа учууталбын хабарҕатыттан харбаан ылла уонна биир кэм уҥа-хаҥас сахсыйбытынан барда,биирдэрэ туох эрэ диэн саҥа таһаара сатаахтыыр.Онтон сэрэйдэххэ көмө көрдүүрэ буолуо. Мин сарайы эргийэ көтөн,дьиэм диэки ойуох буолбутум даҕаны,тоҕо эрэ миэхэ отой кыһаммат учууталбын аһынан кэллим. Бу баҕайылар күүһүлүөхпүт диэн тыллаһан эрэллэрэ,аны кырдьык күүһүлээн кэбистиннэр,иэдээн. Мин кумирым Мухаммет Али, "пархать как бабочка,жалить как оса", диэбиттээҕэ. Мин бэдэр курдук имигэстик,тыаһа суох аҕыйахта ойуолаан аттыларыгар баар буола түстүм. Итирик Ылдьааны санныттан тартым:
-Эй,-диэтим.
Күлүгээн Бааска,мин эмискэ аттыларыгар баар буолан хаалбыппын соһуйа көрдө эрээри:
-Ээ,быраат,киэр буол.Таптаһар дьон бэйэлэрэ быһаарсыахтара,-дии-дии миэхэ чугаһаан эрдэҕинэ,көрүөх бэтэрээ өттүгэр хаҥас илиим сыҥааҕар тиийэн кэтиллэ түстэ. Тута тиэрэ баран түстэ,умса эргийэн тура сатаата да кыаллыбата,оннук түөрт атах буолан бэһис муннугу көрдүү барда.
Итирик Ылдьаа учууталбын тиэрэ анньан кэбистэ,биирдэрэ омуннаах бэйэлээхтик таралыйа түстэ,ыга тута сылдьар эмэһэтигэр тиийэ тыыраҕастаах дьууппата "күр" гына хайа баран хаалла.Дьэ уонна бүтүн бэйэтэ мин диэки эргиллэн, утары хардыылаан эрдэҕинэ уҥа илиибинэн эмиэ кэбирэх сиригэр-сыҥаахха туттаран кэбистим. Күлүгээн Бааскаҕа холоотоххо обургу соҕус киһи да буоллар,турар мастыы умса баран түстэ. Охтон эрдэҕинэ халбарыйан биэрдим уонна хараҕын быччаччы көрөн олорор Мария Ивановнаҕа илиибин ууннум.
-Эн..,-эрэ диэтэ.
Илиититтэн тардан туруордум уонна бара турдум. Учууталым кэннибиттэн эккирэттэ,ыга тутар дьууппата хайдан,хардыыта син балай эмэ кэҥээбит,хобулугун тыаһа тоһурҕаан,олох хаалсыбат. Саппай уопсан иһэн,сотору-сотору кэннин хайыһан,охтон сытар дьон диэки көрөр,туран кэлэн эккирэтиэхтэрэ дии саныыр быһыылаах. Быдаҥ ыраатан эрэ баран,кэмниэ кэнэҕэс эрдийдэ:
-Көр бу таҥаспын дьаабылаатахтары-ыаҥ! Киһи кэппэт таҥаһа буолбут,-диэн сотору-сотору тохтоон тэбэнэр,хайдыбыт дьууппатын туппахтыыр,ол быыһыгар саппыкытын туругун көрүнэн,атаҕын тумсун эргитэр-урбатар.
Оо,бу сордоох, күүһүлэнэ сытан,эмиэ таҥаскын харыһыйа сытар инигин дии санаатым.Онтон күлүөх санаам кэллэ эрээри, дьиэбэр тиийэн хааллым. Билигин кэлэн хайыам баарай,киирэр эрэ буоллаҕым. Мария Ивановна тохтоото:
-Ээ,били уол эбиккин батта,ааммын тоҕо тэппит уонна чымадааммын..,-диэн эрэрэ,мин ситэ истибэккэ дьиэбэр киирэн хааллым. Ол да буоллар итиччэ өрүһүйбүтүм кэннэ сыһыана син уларыйар ини диэн эрэх-турах сананным.
Сарсыҥҥы күнүгэр эбиэт кэннэ,оскуолабар үөрэнэ бардым. Бу сырыыга иннибин-кэннибин манаммакка,олбуорум аанын тэлэ баттаат,уот харахха учууталбар кэтиллэ түстүм,хайыахпыный:
-Здравствуйте,-диэтим уонна күлүгээттэртэн быыһаабыппар махтал тылын истиэм дии санаабытым төптөрү буолан таҕыста.
-Дьэ,Потапов улаатымсыйан саҥарбат тоҥуй эрэ киһи буолбатах эбиккин.Ону ааһан тоҥ сүрэхтээх сордоох эбиккин. Арай ити кырбаабыт дьонун өлөн хаалбыт буоллуннар,хайдах буолаҕын?
Мин саҥарбаппын,түргэтээн эрэ биэрэбин, Мария Ивановна олох хаалсыбат кэннибиттэн эккирэтэн иһэн саҥарар да саҥарар. Оскуолаҕа чугаһаан баран,тулуйарбын ааһан,эргиллэ биэрдим уонна:
-Ити уолаттар эйигин күүһүлүөх буолбуттара,оннук ордук буолуо этэ дуо? Диэтим.
-Ону эн хантан билэҕиҥ? Мария Ивановна иннин биэрбэт.
-Ааспыкка дьиэм иннинэн ааһан иһэн кэпсэтэллэрин истибитим,-диэн баран сүүрэ турдум.
Сурах тарҕанара эчи түргэнин,этэрбэс араадьыйата сири-буору аннынан үлэлии охсубут. Ол күн оскуола хаһыата тахсан, аналлаах миэстэтигэр ыйаммыта эрэ баар. Өссө уруһуйдаах,мин улахан сутуругум икки күлүгээни тэҥинэн хаһыйан эрэр. "Онус "А" кылаас үөрэнээччитэ комсомолец Айаал Потапов учууталы өлөр өлүүттэн быыһаабыт... Биһиэхэ үтүө холобур буолар." Диэн ис хоһоонноох ыстатыыйалаах.
Ити кэнниттэн Мария Ивановна сыһыана арый да сымнаабыта. Уруок кэнниттэн хаалан эбии үөрэнэрбитигэр,кинигэ эрэ быраҕан биэрбэт буолбута. Нууччалыы,омуктуу булкуйа саҥаран, ону-маны үөрэтэн көрө сатыыра да, мин оройбор син-биир киирэн биэрбэт этэ.

    Тима ыарыһах баҕайы этэ. Сылга хаста да ыалдьан,үөрэнэ кэлбэт буолара. Бүгүн үөрэнэ кэлбэтэҕэ үһүс күнэ. Учууталым сыһыана арый тупсан,мин омук тылын уруогун балай да сэҥээрэр буолбутум. Аах,диэтэҕинэ, маҥнайгы кылаас оҕотун бэтэрээтинэн,билэр буукубаларбын ситимнээн,кэлэҕэйдээн-кэлэҕэйдээн туох эрэ тыллары таһааран үөрэбин-көтөбүн. Учууталым ону истэ-истэ кыатана сатыыр даҕаны кыаллыбат, күлэн тоҕо барар.
Биир күн уруок кэнниттэн хаалыахтаахпын билэн,миэстэбиттэн турбакка,олоробун. Кылааска Валя киирэн кэллэ:
-Бүттүгүт дуо,үөрэнэн? Диэн ыйытта.
-Бүтэн,-диэтим.
Валя кэлэн,аттыбар олордо уонна:
-Оччоҕуна миигин атаарыый,дьиэбэр,-диэн көрдөстө.
-Билигин хаалан, эбии үөрэнэбин.
-Кэтэһэбин дуо?
-Тугу гына кэтэһэн олоруоххунуй? Барбытын ордук ини.
-Арай эн эмиэ баран хаал?
-Ээ,хайаан даҕаны үөрэннэхпинэ сатанар,экзамеммын хайдах туттарыахпыный?
-Ирам ыалдьан хаалбыт,соҕотоҕун барар буоллаҕым.
-Илиҥнэри кытта аара аргыстас,-диэтим.
Валя тахсан барбытын кэннэ,кылаас иһэ чуумпуран хаалла. Ити кэпсэтэрбитин барытын истэн олорбут Мария Ивановна кэлэн,аттыбар олордо уонна:
-Потапов,арай биһиги эмиэ баран хааллахпытына хайдах буолуой? Тимабыт суох, кинитэ суох скучнай,- Мария Ивановна бэркэ сүрэҕэлдьээбит,утуктаабыт көрүҥнээх.
-Оо.
-Дэлби аччыктаабытыҥ буолуо,мин эмиэ аччыктаатым. Маннык гыныахха Тима суох кэмигэр эрдэ барыахха уонна аһаан баран,дьиэбэр киирээр,онно үөрэниэхпит. Сөбүлэһэҕиҥ?
-Сөп,-хата мин онтон үөрдүм,аччыктаан муҥнана олорон үөрэммит туох аанньа буолуой.
Ойон турдум даҕаны таҥнаат ыстанан эрдэхпинэ.
-Потапов,тохтоо. Аргыстаһан барыахха,-диэтэ.
Бу үйэҕэ учууталы кытта, толору ыйдаах,чыпчылыһар сулустардаах күһүҥҥү халлаан аннынан, аргыстаһан хаамсыбатаҕым,ол бэйэм дьэ бу кэккэлэһэ истэҕим. Тугу даҕаны кэпсэппэппит,саҥата суох хаамсабыт,ол эрээри кини тугу эрэ этиэн баҕарара тута көстөр. Тута көстөр эрэ буолбатах,тугу этиэн баҕарарын мин киһи тута биллэҕим дии. Дьиэбэр чугаһаан баран,тохтоотум уонна:
-Мария Ивановна,ити этиэххин баҕараргын быһа-бааччы этэн кэбис,-диэтим.
-Ээ,сөп. Ити били уолаттар эмиэ наһаалаан эрэллэр,хаста да кэлэ сылдьыбыттара. Бэҕэһээ ааммын тоҕо тэбэн, киирэн кэлбиттэрэ.., түүнү быһа охсуһан утуйбакка сылдьабын. Көмөҕө ыҥыран,хаһыытыы сатаабытым даҕаны,соседтарым олох истибэт курдуктар,ким даҕаны киирэн абыраабатаҕа. Куттанабын ээ,-Мария Ивановна хайдах эрэ итинник буолуохтааҕын курдук, итиччэ үлүгэр түбэлтэттэн соччо-бачча долгуйбатахтыы кэпсээтэ. Аһыннара сатыыр санаата суоҕа өтө көстөр.
-Сөп,ийэбин сэрэтэн баран тахсыам.
-Хата баһыыба,манна күүтүөм.
Ийэбин сэрэтэн,тэтэрээттэрбин хаалларан,дьиэбиттэн таҕыстым уонна охсуһардыы бэлэмнэнэн,учууталым дьиэтин диэки хаамтым. Мария Ивановна кэннибиттэн эккирэтэн иһэн:
-Английскайын тэтэрээтин ылбатыҥ дуо? Диэн ыйытта.
-Суох,туһата суох.
-Ол тоҕо?
-Тэтэрээтим кураанах,сатаан суруйбаппын.
-Оо, онтон оччоҕуна хайдах онус кылааска тиийбиккиний?
-Күрэхтэһииттэн күрэхтэһиигэ сылдьабын, ол иһин өрө тардаллар. Онтон уонна хомуньуустар ыамалара буоллаҕым дии.
-Потапов,чэ бырастыы гын,алҕас тыллаһан кэбиспиппин.
Учууталым дьиэтигэр чугаһаан кэллибит.
-Ким да суох дии,хайыыбыный?
-Онтон киириэххэ,үөрэниэххэ. Баҕар тиийэн кэлиэхтэрэ.
Күүлэтин аанын олуура туллан хаалбыт,ону маһынан баттатан кэбистэ. Дьиэ аанын хатыыра эмиэ тоҕо тардыллыбыт,ону тоһоҕолуу сатаахтаабыт эрээри соччо абырыа суох. Дьиэтин иһигэр мала-сала сэдэх. Хоско тимир орон көстөр,таҥас ыйыыр ыскааба аана туллан хаалбыт. Арааһа бэҕэһээҥҥи охсуһуу түмүгэ буолуо. Хата ыйанан турар таҥнар таҥаһа элбэҕэ сөхтөрдө.Куукунатыгар эргэ халадьыынньык биир кэм тыаһаан куугунуур, сабыыта суох аһыыр остуол, икки киһи ыкса батар мас ыскамыайка, соҕотох табуретка, иһит уурар ыскаап туома баар.Улахан хоһугар сэнэх көрүҥнээх соҕотох дьыбаан турар. Онон мала бүтэр. Ол да буоллар дьиэтэ ырааһа диибин диэн,бэркэ кичэйэн сууйбут-соппут.
-Киирэн ити остуолга олор, мин таҥаспын уларыттан баран тахсыам,-диэн баран, Мария Ивановна хоһугар киирэн, аанын таҥас сабыытынан саптан кэбистэ. Сотору дьиэҕэ кэтэр таҥаһын кэтэн тахсан кэллэ.
Бу сордоох дьиэтигэр эмиэ хобулуктаах түүпүлэҕэ майгынныыр тапочканнан сылдьар эбит. Онон-манан абырахтаммыт эрээри бэрт муоднай джинсы ыстааннаах,оччолорго джинсы ыстаан сэдэх буолара. Этэргэ дылы джинсы ыстааннаах киһи былааһы ылара. Дьиэтигэр баҕас,ким даҕаны көрбөтүгэр тоҕо эмиэ маанымсыйар баҕайыный, дии санаатым. Дьэ биһиги кинигэбитин арыйан,кэлэҕэйдии-кэлэҕэйдии омуктуу аахпытынан бардыбыт. Бэрт кыра кэпсээни уһун киэһэни быһа ааҕан сэттэ көлөһүнүм саба түстэ,саатар дьиэтэ итиитэ диэн хара сор. Ааҕан бүтэрэрбин кытта:
-Тугу өйдөөн хаалбыккын кэпсээ,-диэн соһутта.
Мин тугу өйдөөн хаалыам баарай,тылым тосто сыыһыар диэри ааҕан бүтэрбиппэр махтал. Толкуйдаан олорбохтуу түһэн баран:
-Дьиэн наһаа итии эбит уонна ынырыктык аччыктаатым. Мин барыахпын син дуо? Диэн атыны туойан турдум.
-Олоро түспэккин дуо? Кырдьыгынан эттэххэ, мин наһаа куттанабын ээ. Ити ыалларым истэр эрээрилэр көмөҕө кэлбэттэрин наһаа сөхтүм,өлөрөн кэбистэхтэринэ даҕаны, ким да кыһаныа суох.
Мин саҥата суох кинигэбэр умса түстүм уонна аахпыта буола олордум. Учууталым эмиэ саҥарбакка олордо,онтон дьэ өйдөммүттүү ойон туран халадьыынньыгын арыйа баттаата,онтон кэмпиэт, бичиэнньэ,саахар, сүөгэй таһааран,иннибэр тардан кэбистэ. Аһа онон бүтээхтээтэ. Аччык иһигэр охсуһан,аны хотторон хаалыа диэбиттии сирэйбин-харахпын одуулуур. Бу тардыбыт аһын барытын даҕаны мотуйдахпына топпотум биллэр. Ол эрээри, бу да буолларбын, кини кыһалҕатын толору өйдүүбүн, онон "тапталлааҕын" манаан олорорбор тиийэбин.

    Ол киэһэ хойуккааҥҥа диэри биир кэпсээни ботугураан, хаста эмэтэ хатылаан ааҕа-ааҕа олорбутум. Кэтэһэ сатаабыппыт даҕаны, ким да кэлэн,ааны тоҕо тэппэтэҕэ.
Оннук хас да күн ааста. Ол тухары киэһэ аайы учууталбын дьиэтигэр атаарабын, онно олорон эрэ үөрэнэбит. Күнүс оскуолаҕа барарбытыгар даҕаны үгүстүк көрсөр буоллубут, ол аайы уруккум курдук куоппаппын,кэккэлэһэ хаамсан иһэн ону-маны кэпсэтэбит. Кэпсэтэбит диэн буолуо дуо,үксүн кини кэпсиир,мин истэбин эрэ. Тугу эмэ ыйыттаҕына аһаҕастык сиһилии хардарабын,ол эрээри аҕыйах саҥалаах бэйэм, тоҕо эрэ кинини кытта кэпсэтэрбэр,сыыйа-баайы айаҕым аһыллан барбыта. Мария Ивановна киһини сэҥээрдэр гына эбэн-сабан,омуннаан-төлөннөөн кэпсиир этэ. Ол эрээри үгүстүк саҥаран бардаҕына,бэйэтэ да өйдөөбөтүнэн, нууччалыы тылын кыбытара үксээн, сыыйа-баайы нуучча тылыгар көһөн хаалара уонна сүр холкутук нууччалаан эрэриттэн бэйэтэ соһуйара.
-Тоҕо нууччалыы саҥаран бараҕын? Диэн ыйыппыппар.
-Детдом оҕотобун,онно нууччалыы эрэ оскуола баар этэ,-диэбитэ.
-Онтон сахалыы хантан билэҕиҥ?
-Хата умнубатахпын, ол эрээри сахалыы саҥарабын эрэ. Сатаан аахпаппын,суруйбаппын.
-Онтон тоҕо суруйарга,ааҕарга үөрэнэ сатаабаккыный?
-Саха тыла туохха наадалаах үһү. Сэбиэскэй Сойуус бүтүннүү нууччалыы билэр,ханна да тиий, нууччалыы кэпсэтэҕиҥ. Онтон биһиги эрэйдээхтэр граница таһыгар тахсарбыт саарбах,тахсар түгэннээх буоллахпына,бүтүн Аан дойду английскайдыы саҥарар,онтон мин ити тылы баһылыыбын. Онон ханна даҕаны тиийдэрбин, туохтан да иҥниэ суохтаахпын.
-Онтон саха тыла төрөөбүт ты..,
-Потапов,не надо идеализировать, смотри на этот мир реально и все будет ясно,-диэн кэпсэтиини түмүктээн кэбиспитэ.
Учуутал уоһуттан манныгы истиэм дии санаабатаҕым,мөккүһэ барбатаҕым. Кырдьык,кини этэрэ оруннаах ээ,саха тылын оскуолаҕа эрэ үөрэтэбит, онтон салгыы? Үрдүк үөрэххэ,үөрэх ханнык баҕар салаатыгар,үлэҕэ даҕаны саха тыла суох. Онтон олоххо? Дьэ, ону мин быһаарар кыаҕым суох. Ол эрээри төрөөбүт тылбын ымпыгар-чымпыгар диэри билбитим,уу-сахалыы толкуйдуурум быдан ордук ини дии санаабытым.
Бүтэһик уруок бүппүтүн кэннэ Мария Ивановна:
-Потапов, Тима ханна олорорун билэҕиҥ дуо? Диэн ыйытта.
-Билэбин.
-Арай онно баран кэллэхпитинэ? Наһаа элбэҕи көтүттэ,задание илдьэн биэриэм этэ.
-Онтон барар буоллахпыт дии.Оччоҕуна бүгүн үөрэммэппит дуо?
-Киэһэ уһун,аһаан баран,дьиэбэр киириэн буоллаҕа дии.
-Сөп.
Учууталбын батыһыннаран, Тима дьиэтигэр тиийдибит.
-Мин киирбэппин,манна кэтэһиэм диэтим.
-Ол тоҕо?
-Оннук,-диэн кэбистим.
Мария Ивановна киирдэ,мин таһырдьа кэтэһэ хааллым. Тималаахха сылдьыбат буолбутум төрүтэ диэн,кини балта. Сытыы да кыыс этэ,алын да кылааска үөрэннэр, таптыырын туһунан араас ис хоһоонноох сурук суруйан сордуура. Мин биирдэ даҕаны хардарбатаҕым. Онтон куруук Валяны кытта сылдьарбын көрөн,аны хаһыа да буолан,кырбаары тииспиттэр. Валя кинилэри киһи гыныа баара дуо,эккирэтэ сылдьан,быһыта тэбиэлээн кэбистэҕэ дии. Дьэ онно оскуола үрдүнэн улахан айдаан тахса сылдьыбыттааҕа.Биллэн туран хотун оҕото кураанах тахсыбыта,буруйдаах Валя буолаахтаабыта.
-Наһаа улахан,сып-сырдык,наһаа үчүгэй дьиэлээхтэр,-дии-дии Мария Ивановна тахсан кэллэ,-эчи хаарыанын ити курдук дьиэҕэ олорбут киһи баар ини.
Мария Ивановна суолу быһа биир кэм кэпсиир да кэпсиир, арыт олох оҕолуу тыллаһан ылаахтыыр. Мин кэнниттэн батыһан иһэн суотту иһэбин. Уон сэттэ сааһыгар оскуоланы бүтэрэр, түөрт сыл институтка үөрэнэр, пахай, баара суоҕа сүүрбэ биир эрэ саастаах эбит дуу, быһаара охсобун. Дьиэбитигэр чугаһаан кэллибит,үгэспитинэн ыраахтан туран эрэ чуҥнуубут,сытыы харахтаах киһи мин хабыс-хараҥаҕа кыҥастаһабын.
-Дьиэн айаҕар үс киһи турар,-диэн дакылааттыыбын.
-Уой,мамочки,-диэн хонноҕум анныттан ылла.
-Хайыахпытый,барар буоллахпыт дии.
-Оннук, куттаммаппын көмүскэһэр киһилээхпин.
Тутуспутунан чугаһаан кэллибит,уолаттар утары хааман кэллилэр.
-Бу баар дуо таптыыр киһиҥ? Итирик Ылдьаа миэхэ ыган кэллэ,Күлүгээн Бааска сутуругун суулуу тутан,охсуохча чугаһаата.
Хата үһүс киһилэрэ,эмиэ дэриэбинэ биир биллэр арыгыһыта, Хотой диэн хос ааттаах киһи мин буоларбын биллэ. Уолаттарын иннигэр түһэн,сибигинэйэ былаан:
-Бэйэ,тохтоон,ити боксер Потапов дии,-диэтэ.
Уолаттара истээт да,уоскуйбукка дылы буоллулар.Ону туһанан:
-Мария Ивановна,дьиэҕэр киирэ тур,мин кэпсэтиэм,-диэтим уонна баҕар охсуһуу буолуо дии санаан үөрэнэр тэтэрээттэрбин туттаран кэбистим.
Учууталым ону истээт,дьиэтин диэки тоһугуруу турда. Итирик Ылдьаа миигиттэн толлоро харахтарыгар көстөр эрээри,биллэрбэккэ буола сатыыр,кини киһи оннооҕор буолуоҕу олоҕор аастаҕа дии.
-Мин Машаны таптыыбын,кини миэнэ. Эн баҕар боксер да буол,охсуһарга бэлэммин,-дии-дии тиэрэлэҥнээтэ.
Мин, сиппит-хоппут үс киһини кытта хайдах сатаан охсуһуохпун, өйүм хоппот,ол иһин дьыаланы эйэ дэмнээхтик быһаарарга сананным.
-Ылдьаа,таптыыргын билэбин,ол эрээри биири сэрэтиэхпин баҕарабын.
-Миигин сэрэтэр наадата суох,бачча сааспар диэри сэрэнэн-сэрэнэн кэлбитим.
-Оччоҕуна салгыы сэрэнэрин ордук буолуо.
-Ол туохтан сэрэнэбин?
-Кэл манна этиэм.
Ылдьаа киһи эрэ буоллар, истэ охсор баҕата баһыйда быһыылаах,чугаһаан кэллэ.Мин кинини хонноҕун анныттан ыллым уонна атастарыттан тэйиччи илтим. Киһим тулуйбата:
-Тугу этээри гынаҕыҥ?
-Ити таптыыр дьахтарыҥ баар батта,ыалдьар ээ.
-Ол туга ыалдьарый?
-Туга диэн,сэбэ ыалдьар үһү.
-Сифилис дуо?
-Билэр эбиккин батта.
-Эс,ону мин хантан билиэхпиний? Ээ, быраат сымыйалыыр инигин,бэйэҥ эрийсээригин.
-Мин оскуола оҕотобун,хомуньуустар ыамаларабын,онтон кини учуутал. Эһигиттэн куттанан миигин хахха оҥосто сылдьар,миэхэ ол наадалаах этэ.
-Таах даҕаны оннук ээ. Ол эрээри хантан билэҕиҥ?
-Тастыҥ эдьиийим Дуня сири-буору аннынан ийэбэр кэпсээбитин истибитим.
-Ээ,били процедурнайга үлэлиир Дуня дуо?
-Кини.
-Тфу-у-уу,б****т. Кырдьык буоллаҕына сэрэппиккэр махтал,быраат.
-Мужик буоллаххына дьоҥҥо ыһа-тоҕо кэпсии сылдьыбат инигин,кини учуутал..,-диэн эрдэхпинэ Ылдьаа быһа түстэ:
-Барыта өйдөнөр.
Мин учууталым дьиэтигэр киирэн,тэтэрээттэрбин ыллым,тахсан эрдэхпинэ:
-Хайа,хайдаҕый? Диэн ыйытта.
Мин улаханы ситиспит киһи быһыытынан,киэҥ тутта:
-Барыта үчүгэй,аны кэлиэхтэрэ суоҕа,-диэтим уонна аарааҥҥа диэри күлүгээттэри кытта аргыстаһан дьиэлээтим.

    Туохтан да толлубат күлүгээттэр ууга тааһы бырахпыттыы мэлийбиттэрэ. Кинилэр даҕаны син киһи буоллахтара,куһаҕан ыарыыттан салыннахтара.Инньэ гынан кутталга олорбут түөлбэбит дьоно быгыалаһан тахсыбыттара. Мария Ивановна ыаллара тоҥуй майгыларыттан кыбыстан,кинини кытта аат харата дорооболоһон эрэ ааһаллара уонна буруйдаахтарын билинэн,төбөлөрүн умса туттан кэбиһэллэрэ.Биир өрөбүл күн сүгэлээх,өтүйэлээх,күлүүстэрдээх учууталым дьиэтигэр көтөн киирдим.Мария Ивановна:
-Хайа,бу тугуй дии тоһуйда?
-Аннарыҥ хатыырдарын оҥоруом,-диэн туттан-хаптан бардым. Мария Ивановна хамсанарбын көрө-көрө ымайбахтаан ылар.
-Дьиэҥ аһара итии,бачча кыра дьиэҕэ батарыайата элбэҕэ бэрт. Биири сабан кэбиһэбит дуо?
-Оо,олус бэрт буолуо этэ,-диэн сөбүлэстэ.
Хап-сабар биир батарыайатын ылан сабан кэбистим уонна малларбын хомунан тахсаары турдахпына:
-Потапов,чэйдээн баран дьиэҕэр тахсаар,- диэтэ.
-Пахай,эн кэмпиэттээх,бичиэнньэҕэр топпот буоллаҕым дии.
-Пироженнай баар ээ,-диэтэ.
-Чэ,пироженнай буоллаҕына сиэххэ,-диэн күллүм.
Мария Ивановна оҕолуу саһыгыраччы күлэ-күлэ пироженнайын халадьыынньыгыттан таһааран остуолга уурда, биир чааскыга уу кутта уонна:
-Биир эрэ чааскылаахпын,саҥа чааскы ыла иликпин,чэ биир чааскыттан иһэр инибит,-диэтэ.
Биһиги биир чааскыттан сылбархай уу иһэ-иһэ,пироженнай сиибит уонна кэпсэтэбит.
-Ити эн Валялыын доҕордоһоҕун даа?
-Киһини өйдүүр буолуохпуттан ыла доҕордоһобун..,-диэнтэн саҥалаан барытын кэпсээн биэрдим.
-Онтон любовь кыыма баар дуу? Диэн аны учууталым дууһабын хасыһан барда.
-Мин кинини эдьиийим тэҥэ саныыбын,мөҕөрө-хайгыыра көҥүлэ,тылыттан тахсыбаппын,истэрбэр эрэ тиийэбин.
-Үчүгэй баҕайы кыыс дии,таптыаххын.
-Сүрэҕи соруйар кыах суох,-кэпсэтии наар мин туспунан бараары гыммытыгар,-онтон эн таптыыр киһилээххин дуу? Диэн халыта оҕустум.
-Мин таптыыр уоллаахпын,кини билигин атын оройуоҥҥа үлэлии сылдьар. Үлэ көһүннэҕинэ эһиил манна кэлиэ,эбэтэр мин киниэхэ барыам.
-Ахтаҕын даа,кинини?
-Олуһун ахтабын,кинини санаабытынан утуйабын,кинини санаабытынан турабын. Өрөбүл аайы телефонунан кэпсэтэбит,ахтылҕаммытын таһаарабыт. Таптал диэн,Потапов,наһаа күүстээх иэйии,чэ улааттаххына билиэҥ.
-Кэпсээ баһаалыста таптал диэн хайдаҕын.
-Таптал диэн..,таптал диэн.., таптаатаххына биирдэ билэриҥ буолуо,тугу да этэр кыаҕым суох.
-Мин көрдөхпүнэ тапталтан эрэйдэнэ олорор курдуккун дии,олус ахтаҕыҥ,дууһан ытыыр.
-Потапов,-учууталым кытаанахтык саҥаран кэбистэ.
-Сөп,бүттүм.
Сабыы быыһынан хос иһигэр гитара турарын көрдүм.
-Гитаралаах эбиккин дуу?
-Ха-ха-ха,ити маннааҕы "тапталлааҕым" Итирик Ылдьаа ааспыкка "шумнуу" сылдьан хаалларбыта уонна тоҕо эрэ кэлэн ылбат дии.
-Чэ кэлбэтин,оннуга ордук.
-Оннук.Онтон эн тоҕо ыйыттыҥ,гитараҕа оонньуугун что ли?
-Дьон көрбөтүгэр,муннук диэки хайыһан олорон ыллааччыбын.
Мария Ивановна ойон туран,гитараны аҕалан туттаран кэбистэ:
-Бу гитара,ол муннук. Давай ыллаа.
Мин кырдьык-хордьук табуреткабын муннук диэки сыҕарыттым уонна муннук диэки хайыһан ыллаабытынан бардым:

Дьиэрэйэр музыка кутуллан
Эдэркээн сүрэхпин туймаардан,
Эрчимнээх бу вальска ыҥыран
Эргитэн эрэбин эйигин.

Эн эрэн миэхэҕэ доҕоруом
Элиэтии көтүтүөм,абылыам,
Эйиэхэ ананар туллугуом
Эйэҕэс тыллардаах бу ырыам.

Тэбиэлиир сүрэҕим долгуйан
Тэтэрэр иэдэһим кыбыстан,
Эриэкэс тыллары ымпыктаан
Этиэхпин билбэппин таптыырбын.

Эрэллээх илиигэ куустаран
Тэлээрэр суһуоҕун ыһыллан,
Кэрэҕин эн бүгүн, намчыгын
Бэлэхтээ бараммат мичээргин.

Тэскилиэх кураанах тыллартан
Тэйсимиэх ып-ыраас иэйииттэн,
Эн көрүүй харахпын утаран
Сэрэйиэн оччоҕо таптыырбын.

Мария Ивановна ытыһын таһынна уонна:
-Өссө,- диэн көрдөстө.
Мин муннук диэки хайыспычча аһыллан,хас да ырыаны ыллаатым,ол быыһыгар Битлз ырыатын английскайдыы ыллаан соһуттум:

Yesterday
all my troubles seemed so far away,
Now it looks as though they're here to stay.
Oh, I believe in yesterday.

Suddenly
I'm not half the man I used to be,
There's a shadow hanging over me.
Oh, yesterday came suddenly.

Why she had to go,
I don't know, she wouldn't say.
I said something wrong,
now I long for yesterday.

Yesterday
love was such an easy game to play.
Now I need a place to hide away.
Oh, I believe in yesterday.

Мария Ивановна тыаһа суох чугаһаан кэлэн,кулгааҕын тоһуйан,истэ аҕай турар эбит. Ыллаан бүтээппин кытары,дьээбилээн кэтэххэ охсон сырбатта:
-Английскайдыы билэр эбиккин батта,даже биир да тылы сыыһа саҥарбатыҥ,даже акцент не услышала.

    Кыһыҥҥы хаар быыстала суох хойуутук кырса түүтүн ыһан эрэрдии кыыдамныыр. Биһиги аргысаһан оскуолаҕа баран иһэбит,мин үөрэнэ,кини үөрэтэ. Эрдэһит дьон хайы-сах хаатыҥка кэппиттэр,сорох-сорохтор тыс этэрбэстэммиттэр. Онтон Мария Ивановна кэм даҕаны хобулуктаах саппыкынан сылдьар,сырдык халлаан күөҕэ өҥнөөх драп сонноох,онто хара саһыл саҕалаах,киис бэргэһэлээх,мааны да мааны.
-Потапов, мин таптыыр уолум сурук суруйбут,ол эрэн бу сырыыга сахалыы суруйбут.
-Ону?
-Киэһэ киирэн ааҕаар эрэ.
-Онтон бэйэҥ тоҕо аахпаккын?
Мария Ивановна сүр күүскэ ойоҕоско кэйдэ уонна:
-Сахалыы сатаан аахпаппын билэҕин батта,-диэтэ.
-Оннук этэ дуу.
Тимабыт үтүөрэн, этэҥҥэ үөрэнэ сылдьар. Кини английскай тылы дьаныһан туран үөрэтэр. Арай мин,кинигэбин ааҕа-ааҕа,тылдьыты хасыһан,тылбаастыы олорон,туораттан көрдөхпүнэ, Тима сотору-сотору омуктуу тугу эрэ ыйытан, бэйэтэ даҕаны сылайан хаалбыт Мария Ивановнаны эрэйдиир аҕай курдук. Өрө тыына-тыына, Тимаҕа кэлэн тугу эрэ быһаарар,сороҕор бэйэтэ даҕаны бутуллан ылаахтыыр быһыылаах. Тима учууталбыт сылайбыт диэн өйдүүрэ дуу,суоҕа дуу? Өссө хаалан үөрэниэх курдук. Сороҕор мин тулуйбакка:
-Тима,сөп буолуо,аччыктааһын барда,дьиэлиэххэ,-диэччибин.
Онно дьэ өйдөнөн,чаһыытын көрүнэн баран:
-Кырдьык даҕаны,-диир.Ол да буоллар дьиэтигэр толороору эбии сорудах хайаан даҕаны көрдөөн ылар.
Ол киэһэ,дьиэбэр аһаан баран,Мария Ивановнаҕа киирдим.
-Потапов,чэ түргэнник сыгынньахтана оҕус,бу баар сурук,-тапталлааҕын суругун истээри оҥостон,иннибэр олорунан кэбистэ,үөрбүтэ сүрдээх.
Мин кэмбиэрдээх суругу тутаат даҕаны тута биллим,куһаҕан ис хоһоонноох сурук буоларын. Хайдах эрэ тымныынан хаарыйар. Суругу кэмбиэриттэн таһаарбакка олорон:
-Бу суругу ааҕар туһата суох,-диэтим.
-Тоҕо? Мария Ивановна тугу даҕаны сэрэйбэт, кини барахсан хантан сэрэйиэй.
-Соччото суох ис хоһоонноох сурук.
-Ону эн хантан билэҕиҥ,аахпакка олорон?
-Таптыыр уолун аата Аркадий диэн дуо?
Мария Ивановна сыҥааҕа аллараа түһэн хаалла:
-Мин эйиэхэ эппэтэҕим дии,хантан биллиҥ?
-Мин элбэҕи билэбин,эн тугу саныырын барыта хараххар сурулла сылдьар. Мин ону ааҕар дьоҕурдаахпын.
-Ол иһин ааспыкка аргысаһан кэлэн иһэн, тохтуу биэрээт,этиэххин баҕараргын быһа-бааччы этэн кэбис,диэбит эбиккин дуу. Онтон мин дьиэбэр диэри атаар диэн,хайдах этиэхпин быһаарыммакка испитим.
-Оннук.
-Оннук буолуон табыллыбат, бу олоххо барыта реальность.
-Ол эрээри дьикти дьон баар.
-Эн коммунистар оҕолороҕуҥ,комсомолецкын уонна өссө тугу эрэ итэҕэйэҕиҥ?
-Оннук.
-Мин итэҕэйбэппин,кини миигин таптыыр,туох да куһаҕан суох буолуохтаах. Аах суругу.
Мин суругу кэмбиэриттэн таһааран ааҕан бардым:

"Күндү доҕорум, Маша.
Бу эйиэхэ бүтэһик суругум. Устудьуоннуу сылдьыбыт сылларбытын ахтан аастым..,олус да үчүгэй этэ.., ол эрээри туох барыта түмүктээх эбит.., кутаалыы умайбыт таптал эмиэ умуллар,уостар,онтон симэлийэр... Онтон атын таптал күөдьүйэр күнэ үүнэн кэлэр... Мин атын кыыһы таптаатым... Дьиҥнээх таптал буоларын сүрэхпинэн,эппинэн-хааммынан биллим. Эн эмиэ тапталгын хайаан даҕаны бул,дьоллоох буол.
Бары үчүгэйи кытта, Аркадий."

Диэн уустаан-ураҥнаан суруйбут суругун түмүктээбит.
Мария Ивановна аахпыппын өйдөөтө дуу,суох дуу. Икки илиитинэн сирэйин саба туттан олордо, онтон эмискэ күлэн тоҕо барда. Онтон ытыы-ытыы туран кэллэ,төптөрү-таары хаамыталаата,остуолга турар ыстакааныны харбаан ылан тоҕо быраҕан иһэн харыһыйда быһыылаах,төптөрү ууран кэбистэ уонна:
-Успокойся Маша,успокойся,-дии-дии төптөрү-таары хаамыталыыр.
Мин онтон олус ыксаатым,туран кэллим. Миигин дьэ таба көрдө:
-Потапов,тугу гына тураҕыҥ? Дьиэҕэр бар! Диэтэ.
Мин хап-сабар таҥнан хадьымахтастым,бэргэһэбин кэтэ-кэтэ аан диэки харбыалаһан эрдэхпинэ:
-Потапов,тохтоо,-диэтэ уонна ытыы-ытыы кэлэн, саба кууһан ылла.
Ол курдук моонньубар хатаастан туран,түөһүм харах уутуттан илийиэр диэри ытаата. Мин хамсаабакка даҕаны мас курдук туран биэрдим. Туох да диэн уоскутуохпунуй,туох диэн сааратыахпыный. Таптал диэни мин билэ иликпин,таптал диэн улахан дьон иэйиилэрэ буоллаҕа. Мария Ивановна кэмниэ кэнэҕэс уоскуйда, хараҕын уутун туора-маары сотунна,ол эрээри төбөтүн мин түөспүттэн олох араарбат. Оннук туран эрэ:
-Потапов,аны мин тугу саныырбын хаһан даҕаны харахпынан киирэн ааҕыма сөп,-диэтэ.
-Сөп.

    Аныгыскы күнүгэр оскуолаҕа бараары бэлэмнэнэ сылдьан,түннүгүнэн көрбүтүм Мария Ивановна миигин кэтэһэн,суолга турар эбит. Таҥна охсон таҕыстым.
-Здравствуйте,-диэтим.
Киһим күлэн ылла уонна туох да буолбатаҕын курдук:
-Привет,привет Айаал,-диэтэ.
-Хайа эн миигин Айаал диэтиҥ дии.
-Оннук,Айаал диэтим,-эбиитин хонноҕум анныттан ылан бодоруускалаан кэбистэ.
-Ээ,дьон көрүөхтэрэ,-мин кыбыһынным.
-Көрдүннэр,ол эйигин бодоруускалаабыппар тугун даҕаны туллан түһүө суоҕа.
Саҥата суох хаамсан иһэбит.
-Айаал тоҕо саҥарбаккын,тоҕо тугу да ыйыппаккын?
-Тугу ыйытыахпыный? Бэҕэһээ..,-диэн эрдэхпинэ.
-Бэҕэһээҥҥи күн ааспыта, ол биир уол таптала уостубутугар,мин күн тура-тура хараҕым уутунан суунуо суохпун. Оннооҕор ийэлээх аҕам бырахпыттарыгар ытыы сыппыппын өйдөөбөппүн. Олох устун иннибит хоту хаамыахха,ыарахаттары көрүстэххэ кыайыахха. Оннук буолбат дуо,Айаал?
-Оннук, Мария Ивановна,олус сөпкө эттиҥ.
Бүтэһик уруок буола турар,Мария Ивановна бэҕэһээ туох да буолбатаҕын курдук,уруогун үөрэ-көтө тэтимнээхтик ыытар. Оҕолор аччыктаабыттарын,сылайбыттарын аахсыбакка көхтөөхтүк кыттан иһэллэр,английскайдыы үчүгэйдик билэр оҕолор тэбис-тэҥҥэ чыыбырҕаһаллар,онтон мөлтөх өттө баҕар туох эмэ саҥаны билээйэбит диэбиттии кулгаах-харах буолан чөрбөҥнөһөллөр. Оннооҕор мин тугу эрэ удумаҕалатар буолан барбытым,билэр тылым хойдубукка дылы буолбута.
Учууталым кылаас устун төптөрү-таары хаамыталыырын,харахпын араарбакка батыһа көрө олороммун, олус да аһынным. Эдэркээн баҕайы,саҥа учууталлаан эрэр тулаайах кыыс.Өссө кини үрдүк үөрэҕи бүтэрбит,ким үбүлээн,көмөлөһөн үөрэттэрбитэ эбитэ буолла. Олох билбэт дойдутугар тиийэн кэлэн,хаһан даҕаны харахтаан көрбөтөх дьонун кытта уопсай тыл була охсон,үлэлээн-хамсаан эрдэҕэ. Эбиитин күн бэҕэһээ таптыыр уола быраҕар,ону ол диэбэт.Дьэ кытаанах санаалаах кыыс диэтэҕиҥ.Туттара-хаптара,тыла-өһө уопуттаах учууталлартан туох даҕаны итэҕэһэ суох. Тулаайах кыыс барахсан олоҕун суолун бэйэтэ оҥостон эрдэҕэ,ким киниэхэ көмөлөһүөй...
-Потапов,Потапов,-учуутал туох эрэ диэн английскайдыы саҥарар,ол быыһыгар мин ааппын ааттыыр. Мин саныы олорбут санаам үрэллэн хаалла,туран кэллим. Мария Ивановна тугу эрэ ыйытар,суох мин тугу да өйдөөбөтүм. Бэйэ аныгыскы сырыыга аралдьыйбакка сэргэх олоруллуо.Оҕолор күлсэллэр да күлсэллэр,тугу эрэ этэ сатыыллар,суох мэлийдим. Учууталым омуктуу "two" диэтэ. Ити аата эмиэ иккини ылбыппын сэрэйдим.
Үөрэнэн бүтэн,дьиэлээн иһэбит,Мария Ивановна туох да буолбатаҕын курдук бодоруускалаан кэбистэ.Үгэспитинэн ону-маны кэпсэтэбит. Дьиэбэр тиийэн,киирэн эрдэхпинэ:
-Айаал,иккини туруорбуппар өһүргэммэт инигин? Диэн ыйытта.
-Ээ,суох. Билиибэр сөрү-сөп сыана.
-Арба, бүгүн сарсыарда миэхэ куораттан мороженнай уонна лимонад аҕалбыттара-аа.
-Мороженнай?
-Да,мороженнай,сиэххин баҕараҕын?
-Конечно.
-Чэ,оччоҕуна бардыбыт,-диэн баран Мария Ивановна илиибиттэн сиэтэн ылан дьиэтин диэки состо.
Мин үөрүүнэн батыстым.Оччолорго мороженнай уонна лимонад диэн олус күндү ас буоллаҕа,тыа сиригэр атыыланарын бу диэн олох өйдөөбөппүн. Биһиги куоракка тиийдэхпитинэ эрэ мороженнайынан аһылыктанар этибит,онно даҕаны уһун уочаракка туран,тиксэрбит.
-Айаал,уонна өссө тугу эрэ аҕалбыттара,тиийдибит да, хайаан даҕаны көрдөрүөм,-учууталым оҕолуу дьиэрэҥкэйдээн ылла.
Дьиэтигэр киирээт даҕаны күндү малын хоруопкатын арыйа баттаата.
-Бу.
Өҥөйөн көбүтүм сабыс-саҥа касеталаах магнитофон эбит. Ымсыыран:
-Оо,эчи хаарыанын,-диирбэр эрэ тиийдим.
-Өссө микрофоннаах,көр бу.
Мин кинигэтин ааҕа-ааҕа магнитофону хаһыспытынан бардым.Ол кэмҥэ Мария Ивановна күүлэтиттэн икки мороженнай киллэрдэ,бытыылкалаах "Буратино"диэн ааттаах лимонады арыйда уонна:
-Чэ,биир чааскыттан иһэр инибит,өссө да саҥа чааскы ыла иликпин,-диэтэ.
Магнитофон холбонно омуктуу "Смоки" бөлөх ырыата кутуллар. Биһиги ырыа истэ-истэ күндү аспытын мороженнайбытын сиибит,ол быыһыгар биир чааскыттан,мороженнайтан туох да итэҕэһэ суох күндү лимонад иһэбит.
-Айаал истэ сылдьыахпын ырыаларгын миэхэ запистаан биэриэн? Мария Ивановна мороженнай сии олорон,атаахтаабыттыы унаарытан көрдөстө.
-Дьон баарыгар,эбэтэр запистыыр игин буоллахпына ырыам олох табыллыбат ээ.
-Чэ,ол-бу буолума,гитара баар,муннук ол баар. Мин олох мэһэйдиэм суоҕа,тыыммакка да олоруом. Ыллаатаххына өссө мороженнай биэриэм. -Оччоҕуна кимиэхэ даҕаны иһитиннэрбэккин.
-Сөп,ол эрээри тоҕо?
-Наһаа кыбыстабын,мин ыллыырбын ким даҕаны истэ илик ээ.
-Дьикти киһи эбиккин,ыллыыргыттан кыбыстар.
-Тоҕо эрэ оннук,хайыыр даҕаны кыаҕым суох.
-Тылбын биэрэбин,кимиэхэ да этиэм суоҕа,кимиэхэ да иһитиннэриэм суоҕа.
Мороженнай сиир баҕаттан ыллыырбар тиийдэҕим дии. Эмиэ муннук диэки хайыһан олорон,хас да ырыаны магнитофоҥҥа суруйтардым.
-Чэ,бүгүн сөп буолуо,сороҕун кэлин суруйтарыам.
Баччааҥҥа диэри саҥата суох олорбут,Мария Ивановна эрэннэрбит мороженнайын киллэрэн туттарда уонна:
-Икки ыйытыылаахпын,-диэтэ.
-Дьэ,истэбин.
-Ити сорох ырыалары хаһан даҕаны истибэтэҕим ээ,ким ыллыыр ырыаларай?
-Ити мин ыллыыр ырыаларым.
-Бэйэҥ суруйаҕыҥ что ли?
-Бэйэм.
-Хаарыан ырыалар муннукка эрэ ылланан хаалыыһыктар дии.
-Оннук.
-Иккис ыйытыым,ыллыыргар муннук диэки тонолуппакка көрөҕүн дии,атын сир диэки олох хайыспаккын. Кырдьык муннук эрэ диэки хайыстаххына арыллан ыллыыгын дуо?
-Оннук.
-Оо,мин эн курдук ыллыырым эбитэ буоллар,сыанаттан таҥнары соһон түһэриэхтэригэр диэри ыллыы-ыллыы туруо эбиппин.

    Дьокуускай куоракка нэдиэлэ кэриҥэ күрэхтэһэ сырыттым. Улахан саастаах оҕолорго Республика турнирыгар кыттан,кыайан-хотон, олус үөрэн,суумкабар тобус-толору маллаах-саллаах дьиэбэр төннөн кэллим. Куоракка барар сурахпын истэн, куруук буоларын курдук,түөлбэм дьоно ону-маны үллэспиттэрэ.Ону барытын булан,суумкабар толору симэн аҕаллым. Мария Ивановна эмиэ хаалсыбатаҕа,бэркэ саараҥнаан:
-Тэлэбиисэр ылабын дуу,джинсы ыстаан ылабын дуу? Диэн бэркэ саараҥнаан баран, тэлэбиисэр ылаары мунньубут харчытын куораттаары турдахпына аҕалан туттаран кэбиспитэ,-джинсыта ордук дии,санаатым,арый улахан да буоллун син-биир ылаар,кыаратыам буоллаҕа,-диэбитэ.
Оччолорго джинсы ыстаан дэлэйдик атыыламмат этэ. Өрөбүл күн борохуолкаҕа эрэ тиийдэххинэ булаҕын,онно даҕаны талбыккынан ыһылла сыппат. "Ковбой",эбэтэр кыайа туттаххына "Монтана" диэн фирмалаах ыстааны булуохха сөп. Ама кыыс оҕоҕо анаан-минээн тигиллибит джинсы ыстаан баара кэлиэ дуо,мин өйдүүрбүнэн оннук суоҕа. Кыргыттар хайаан даҕаны быһыыларыгар-таһааларыгар сөп түбэһэр гына тигэн,кыаратан биэрэллэр этэ. Мария Ивановна үллэспит размера суох буолан,кыччатар ини дии санаан,арый улаханы булан ыллым. Бүгүн үөрэнэ барбат инибин,хойутаан хааллым. Дьиэбэр кэлэн,эбээм барахсан астаабыт аһын тото аһаан,сылаам тахсыбыта билиннэ,олус сылайбыт эбиппин,ороммор сытаат,утуйан хааллым. Киэһэ аһылык саҕана эр киһи куолаһа дьиэ иһин бүтүннүү толорон,доргуччу саҥаран уһугуннарда:
-Хайа уолбут кэлбит үһү дии?
-Ону эн обургу хантан биллиҥ? Эбээм төптөрү ыйытар.
-Ити оҕолорум түннүгүнэн көрбүттэр.
-Кэлэн,кэлэн.
-Хайаспыта буолла?
-Кыайдым диэбитэ.
-Ок-сиэ,дьэ бу өрүөл,биһиги киһибит буоллаҕа. Били сакааспын булбута дуу?
Ону истэн мин турдум:
-Аҕалбытым, Дьөгүөр,- туһунан сууламмыт,илииннэн анньар обургу соҕус устурууһу туттардым. Киһим үөрбүтэ сүрдээх,күндү малын сэрэнэн-сэрэнэн тутан таҕыста. Мин суумкабын сүгэн,түөлбэм дьонугар үллэспит малларын тарҕата,кэнниттэн батыстым. Уулуссаҕа тахсаат, тэйиччи турар Мария Ивановна дьиэтин диэки көрөбүн,түннүгэ сандаарар,ол аата үлэтиттэн кэлбит,бэйэ киниэхэ бүтэһик тиийиэм.Манна диэн кистээн эттэххэ,кинини олус суохтаабыппын,кинитэ суох чуҥкук,айаҕым аһыллан аһаҕастык кэпсэтэр киһим кини эрэ эбит. Ыаллары кэрийэн,малларын түҥэтэлээн, Мария Ивановнаҕа тиийэн кэллим, аанын тоҥсуйааппын кытары,манаан олорбут курдук:
-Кто? дии түстэ.
-Айаалбын.
Дьиэ иһигэр:
-Ура-аа,-диэн хаһыыны кытары аан тэлэллэ түстэ, Мария Ивановна харахтара чаҕылыспыттар,олох оҕолуу үөрээхтээбит,моонньубар хатанан,кууһан кэбистэ.Бэл диэтэр хараҕын уута ыгыллан таҕыста:

  • Наһаа суохтаатым,наһаа аҕынным.Эйигинэ суох наһаа скучнай эбит,кимниин даҕаны кэпсэппэппин,кими даҕаны билбэт эбиппин,- Мария Ивановна сыллаан ылыах курдук буолан иһэн,мичик гынна уонна төбөтүн түөспэр ууран,дурда-хахха буолуох аҕай киһиэхэ атаахтаан,өр да өр турда.
    -Джинсы ыстааҥҥын аҕаллым ээ.
    Учууталым онно тута саҥа ыстаанын,хоһугар киирэн,кэтэн таҕыста.
    -Хайа,хайдаҕый?
    -Кыратык кыаратан биэрдэххинэ оруобуна сөп буолсук.
    -Ону баҕас кыаратыллыа,-диэтэ.
    Дьиэбэр тахсаары турдахпына:
    -Айаал,сарсын саҥа индийскэй киинэ буолар,барабыт дуо?
    -Ээ,арай билэр дьоммут баар буоллуннар.
    -Оннук ээ.
    -Кыбыстыыта бэрт дии.
    -Арай тус-туспа миэстэҕэ билиэт ыллахпытына,ким сэрэйиэй?
    -Мин сарсын билиэт ылыам,эйигин киинэҕэ ыҥырабын.
    -Сөп.
    Индийсэй киинэҕэ заал тобус-толору буолааччы,ким биһигини кыҥастаһа олоруой. Аргыстаһан барыахпыт,кэлиэхпит эрэ буоллаҕа.
    Сарсыҥҥы күнүгэр киэһээҥҥи киинэҕэ бараары, Мария Ивановнаҕа киирдим, киһим хайыы-сах саҥа джинсытын кыарата охсон кэппит:
    -Хайа хайдаҕый? Диэн мин иннибэр эргичиҥнии тоһуйда.
    -Олус үчүгэй,эйиэхэ наһаа барсар,ол эрээри...
    -Ол эрээри тугуй?
    -Ээ,суох,барыахха,хойутаары гынныбыт,- хаарыан ыстааны илиитинэн тигэн дьаабылаабытын этээри гынан баран,эппэтим.
    -Ой,платокпун,-умнуллан хаала сыыспыт платогун ылан, сонун сиэбигэр угунна.
    -Тоҕо эмиэ платоктанныҥ?
    -Ытыам дии.
    -Хайаан даҕаны ытыыгын дуо?
    -Индия киинэтигэр обязательно ытыыбын.
    Киинэ тыйаатырга чугаһаан иһэн,дьон хараҕыттан куотан,мин инники түстүм,кини хаалла. Заалга киирэн миэстэбин булан олордум,киинэ саҥаланара чугаһаабытын кэннэ,бары үтүктүспүт курдук хара таҥастаах дьон быыһыгар,сырдык күөх сонноох,ураты мааны Мария Ивановна киирдэ. Мин кэннибэр эрээккэ,дьону туруора-туруора,кыбыллан киирэн,миигин ааһа баран иһэн санныбын бэрт сылаастык таарыйан ааста. Мин кини диэки хайыһан мичээрдээтим,кин эмиэ хардаран,мичээрдээн ылла.
    Киинэ буола турдаҕына,уоран кэннибин хайыһан, учууталым диэки көрөбүн. Барахсаны-ыам, киинэ саҥаланыаҕыттан бүтүөр диэри хараҕын уутун соттон таҕыста,хараҕын кырааската баранаахтаата.
    Омуннаах да омуннаах Индия киинэтин көрдүбүт, таптаһаллара дьонтон эрэ ураты, куустуһуохча буола-буола куустуспаттар,сыллаһыахча буола-буола сылласпаттар. Охсуһаллара абытайы-ыан, биирдэ дайбаатын кытары иккилии-үстүү киһи тэҥинэн сууллар. Охтон сытар киһини сотоҕо тэбиэлээн дөйүтэн кэбиһэр. Ол да буоллар Индия киинэлэрин олуһун диэн дуоһуйа,астына көрөр этибит.
    Киинэ кэнниттэн дьиэлиир суолбут төрдүгэр тиийэн,күндү доҕорум буолан хаалбыт учууталбын кэтэһэбин. Өр кэтэһиннэрбэтэ,үтүө дьон хаатыҥка,этэрбэс кэппиттэрэ ыраатта,онтон кини хобулугун тыаһа тоҥуу хаарга тоһугураан,тиийэн кэллэ, илиитин уунан сиэттэрдэ.Ол курдук сиэттиспитинэн дьиэбит диэки бара турдубут. Манна биһигини ким даҕаны көрбөт,ким даҕаны хараҕын аалбаппыт.
    -Мария Ивановна.
    -Тугуй?
    -Хаарыан джинсыны наһаа куһаҕаннык тикпиккин.
    -Ол хайдах?
    -Аккуратнайа суох.
    -Оо,дьэ оччоҕуна хайыыбыный?
    -Миэхэ аҕалаар,тигэн биэриэм.
    Эмискэ күлэн тоҕо барда:
    -Аны өссө иистэнэҕиҥ? Ну ты вообще.

    Оскуолаҕа Саҥа дьыл каникула саҥаланна,ол да буоллар биһиги Тималыын английскай тылга эбии үөрэнэрбит тохтообот. Киэһэ аайы оскуолабытыгар кэлэн,дьарыктанабыт. Тима дьоҕурдаах киһи элбэҕи биллэ,бу тылы букатын баһылаата,онтон мин тугу даҕаны өйдөөбөккө, үлүбээй кэлэҕэйдээн ааҕарбыттан ыраата иликпин. Биир оннук үөрэх кэнниттэн дьиэлээн иһэн ыйыттым:
-Мария Ивановна, онтон эн Саҥа дьылы хайдах көрсөҕүҥ,ханна бараҕыҥ?
-Ханна барыахпыный,кими даҕаны кытта бодоруһа иликпин дии.
-Оччоҕуна соҕотоҕун көрсөҕүҥ дуо?
-Соҕотоҕун буолбакка,- бу үлүгэрдээх улахан бырааһынньыгы улахаҥҥа уурбатах курдук хоруйдуу оҕуста.
-Саатар тэлэбиисэрин суох дии.
-Ха-ха-ха,за то джинсы ыстааннаахпын.
Биһиги күллүбүт. Соҕотоҕун Саҥа дьыллыы олорорун санаан наһаа аһынным,сиэттиһэн иһэр илиитин ыга туттум.
-Эн биһиэхэ кэлээр,бииргэ Саҥа дьылы көрсүөхпүт.
-Кырдьык дуо?
-Кырдьык.
-Онтон ийэҥ?
-Эн улахан киһигин дии,тоҕо ийэбиттэн куттанныҥ?
-Ээ,куттаммаппын,ол эрээри хайдах эрэ дии.
-Мин ийэм олус үтүө киһи,кини кими даҕаны мөҕөөччүтэ суох, мэниктээбэтэххинэ эйигин эмиэ мөҕүө суоҕа.
Эмиэ күлүстүбүт.
Покалаһан баран дьиэбэр киирбитим,тастыҥ эдьиийим Дуня кэлэн олорор эбит. Эбээбин укуоллаары шприһа оргуйарын кэтэһэн,кэпсээн-ипсээн айаҕа биир кэм кытарар. Миигин көрөөт:
-Дорообо , Айаал,-диэн ылла.
-Дорообо,-диэн хоспор ааһан эрдэхпинэ:
-Ээ,арба даҕаны, ити Итирик Ылдьаа бэҕэһээ балыыһабар укуол ыла сылдьан,ити таһанаа олорор саҥа учуутал кыыс туһунан ыйыталаһан соһутта.
-Ол тугу?
-Онтон эн билэҕиҥ,эн киниэхэ кэпсээбит үһүгүн дии, куһаҕан ыарыыга ылларан миэхэ укуол ыла сылдьарын туһунан.
-Ону эн туох диэтиҥ?
-Ол саҥа учууталгыт, укуолланыахтаах эмэһэтин көрүөхтээҕэр,сирэйин да көрө иликпин. Дьэ ол кыыһы таҥнан-симэнэн кыыс оҕото дииллэр, Итирик Ылдьааҕа бэртээхэй ханыы буолуо эбит, Ылдьаа обургу сирэйэ-хараҕа турбута сүрдээх этэ, сымыйалаабат инигин дии-дии хабарҕабын хайа тута сыыста ,-эдьиийим тоҕо-ыһа кэпсээн-ипсээн айаҕа кытара олордо.
Дьэ,иэдээн тахсар буолбут,кистэлэҥим арылыннаҕа ити. Мария Ивановнаны сэрэттэххэ табыллар. Барытын кырдьыгынан,хайдах баарынан кэпсээбитим быдан ордук буолуо. Мин таҥна охсоот доҕорум дьиэтин диэки ойдум.
Күлүгээттэри охсуһуута суох хайдах курдук албастаан кыайбыппын,онтукам дьэ кэлэн арыллан тахсыбытын туох баарынан кэпсээн биэрдим.Мария Ивановна болҕойон истэн олордо,онтон:
-Сифилис диэ,- туран саҥата суох төптөрү-таары хаамыталаата.
Билигин кыыһырыа,онтон дьиэтиттэн үүрүө диэн долгуйа олордум. Мария Ивановна кэлэн иннибэр олордо:
-Билигин биһиги иккиэбит онон куттаммаппыт,охсуһар буоллахтарына охсуһуохпут.
Оо,эн барахсан,сутуругун сыыһынан тугу хотутуоххунуй,эбэтэр хобулуккунан тэһитэ кэйиэлиигин дуу, дии санаан ыллым,ол эрээри кыыһырбатаҕыттан үөрэн,сөбүлэһэн:
-Сөп,-диэтим.

Саҥа дьыл киэһэтэ тиийэн кэллэ. Биһиги дьиэбитигэр күндү ыалдьыт учууталым,доҕорум,киһи хараҕа халтарыйар мааны да мааны таҥастаах-саптаах, Мария Ивановна баар. Кини баҕар биһиэхэ киириэ суоҕа эбитэ буолуо, били "тапталлаах" Итирик Ылдьаата күөрэйэн тахсыбатаҕа эбитэ буоллар.Бачча бырааһынньыкка соҕотоҕун дьиэтигэр олороро эмиэ куттал. Ийэбин,эбээбин кытта кэпсэтэр,ол эрээри сорох ардыгар оҕолуу кыбыстан туттуна сатыыра өтө көстөр. Кини биир сиргэ лоп-бааччы олорор,били этэргэ дылы,мөҕүллүмээри саараама мэниктээбэт. Остуол хайдарынан баһаам элбэх ас арааһа тардыллыбытын сонургуу көрө-көрө сөҕөр да сөҕөр, ас тардан көмөлөһө сырыттахпына,биир түгэҥҥэ илиибиттэн тутан ылан ыйытта:
-Тоҕо бачча элбэх ас тартыгыт,барытын син-биир сибэт инибит?
-Барытыттан амсайыахпыт буоллаҕа дии.
-Онтон хаалбытын ханна гынаҕыт?
Суох,кини оонньоон ыйыппат,кини дьиҥ-чахчы өйдөөбөтөҕүҥ ыйытар. Барахсаны-ыа,аһынан сүрэҕим ньүөлүйэн ылла. Ийэлээх аҕата кинини тоҕо бырахпыттарын,хайдах тулаайах хаалаахтаабытын туһунан хаһан даҕаны ыйыталаспатаҕым. Кини олоҕор маннык дэлэй астаах остуолу баҕар көрө илигэ буолуо. Мин туох диэн хардарыахпын сатаан тобулбатаҕым.
Уон икки чаас чугаһаата,биһиги тэлэбиисэр көрө-көрө аһыыбыт, Саҥа дьылбытын кэтэһэбит. Арай Мария Ивановна туохтан саҥалаан аһыаҕын,луоскатын,биилкэтин хайдах тутуоҕун билбэккэ,силин быһа ыйыста-ыйыста олороохтуур.
-Мария Ивановна харса суох аһаан ис Саҥа дьылы тот көрсөр ордук,-ийэм тэриэлкэтигэр салаат баһан биэрдэ.
Мин ийэм дьону кытта сатабыллаахтык кэпсэтэр,хайдах баҕарар киһини айаҕын атытан тэйитэр. Мария Ивановна даҕаны сотору айаҕа аһылынна,кыбыстара уурайда.Тэбис-тэҥҥэ күлүстэ-үөрүстэ.
Уон икки чаас буолбутун биллэрэн Кремль чаһыта оҕуста. Саҥа дьылбыт үүннэ. Улахан дьон шампаныскайдаах бокалларын охсуһуннардылар. Ону кытта тэҥинэн түлүпүөн тырылаата.
-Айаал, Саҥа дьылынан.Баран эрэҕин дуо? Валя ыйытар.
-Тахсан эрэбин.
Мин таҥнан эрэрбин көрөн,Мария Ивановна тиийэн кэллэ:
-Ханна бардыҥ?
-Кулуубка.
-Онтон мин?
-Эн хаалар буоллаҕыҥ дии.
-Ээ,суох барсабын.
-Оҕолор сөбүлүөхтэрэ суоҕа.
-Ол тоҕо?
-Хайдах учууталы батыһыннара сылдьыахпыный,илиибит-атахпыт бааллар буоллаҕа дии.Бүгүн Саҥа дьыл,оҕолор көҥүл көрүлүөхтэрин баҕараллар.
-Оо,дьэ.
-Учууталлар кулуубка сылдьааччылара суох ээ.
-Онтон мин барсыахпын баҕарабын,эһиэхэ мэһэйдиэм суоҕа туһунан сылдьыам.Баччааҥҥа диэри кулуубу өҥөйөн көрө иликпин дии.
-Ол кимниин сылдьыаххыный?
-Соҕотоҕун даҕаны сылдьыам.

    Мария Ивановна туох да манньаҕа хаалбата. Бодоруускалаһан баран уулуссабыт устун хааман иһэбит.
-Айаал,наһаа түргэнник хаамаҕан,бытаара түс.
-Хамандьыырым Валя кэлэн, кэтэһэн турар буолуохтаах,эмиэ мөҕүллүөм дии.
-Хаһан даҕаны бачча элбэҕи аһаабатахпын аһаан кэбистим,иһим хайдах эрэ буолла,таалым анньар. Эһиги күн аайы итиччэ элбэҕи,сибиинньэ курдук аһыыгыт дуо?
Мин күллүм:
-Бырааһынньыктарга эрэ.
-Бырааһынньык элбэх,ол аата сылга хаста да ити курдук аһыыр эбиккит.
Уулуссабыт суола бүтэн киэҥ аартыкка таҕыстыбыт,мантан ыла тус-туспа айанныыбыт. Мин инники түһэн,сүүрэ турдум,Мария Ивановна тотон хаалбыт иһин имэринэ-имэринэ аа-дьуо тоһугураан иһээхтиир.
Кулууб айаҕар тиийээппин кытары,миигин кэтэһэн, кирилиэскэ турбут кылааһым кыргыттара утары сүүрэн түстүлэр. Хойутаабыппын мөҕүллэр буолбуппун дии санаабытым, олох да атыны туойан турдулар.
-Итирик Ылдьаалаах хаһыа да буолан эйигин кырбаары кэтэһэ аҕай сылдьаллар уонна Мария Ивановнаны сэрэтэ оҕус киниэхэ ыалдьыттыы тиийиэхпит дэһэллэр,- кыргыттар былдьаһа-былдьаһа тугу истибиттэрин, кэпсээн субуруттулар.
Мин соччо куттамматым,итирик дьону кытта аахсар инибин дии санаатым:
-Ол төһө элбэхтэрий?
-Бэһиэлэр дуу,алтыалар дуу,сыгынньахтаммакка да, аан айаҕар тураллар,-дэстилэр.
Элбэхтэр эбит оччо элбэх киһини кытта охсуһан туһа суох,кырбанар эрэ буоллаҕым. Куотаары оҥостон эрдэхпинэ өлүү түбэлтэлээх, Итирик Ылдьаа бөппүрүөскэтин уоппутунан,кулуубтан субу тахсан кэллэ. Миигин көрөөт,бөппүрүөскэтин уматтыбакка эрэ тыган кэбистэ уонна төптөрү ыстанна,ити аата доҕотторун ыҥыра киирдэ. Мин буутум быстарынан төптөрү тэбинним. Хата мин дьолбор Мария Ивановна сир өрпөтөх,иһэ эрийэн оргууй аҕай иһээхтиир эбит.
-Куоттубут! "Тапталлааҕыҥ" сиэри-аһаары,тыыннаахтыы мэҥиэстээри сырсан иһэр.
-Уой,Итирик Ылдьаа дуо? Мария Ивановна иһэ ыалдьарын умна оҕуста,кэннибиттэн саппай уобуста,хобулугун тыаһа били-мээнэ тоһугураата.
-Уонна атын ким таптыыр баарый?
-Уой,мама-аа ол сүүрэн аҕай иһэллэ-ээр! Эчи элбэхтэрин,- учууталым куттаммыт омунугар харбыалаһан мин иннибэр түстэ.Эмиэ тыыраҕастаах ыга тута сылдьар былаачыйата тыыра баран "кыр" гына тыаһаата.
-Айаал,тоҕо куотабытый,тоҕо кинилэри кырбаталаан кэбиспэккиний?
-Кинилэр элбэхтэр,мин икки эрэ сутуруктаахпын.
-Куттанаҕыҥ даа?
-Сорох ардыгар куотуу-кыайыыга тэҥнэһэр.
-Мин сылайдым.
-Чугаһаатылар,ситэн эрэллэр,эбэн биэр.
-Мантан ордук түргүүр кыаҕым суох,таалым анньар,иһим ыалдьар. Барыта эн буруйдааххын.
-Тоҕо хобулуктаах саппыкынан сылдьаҕын бачча кыһыннары,хаатыҥка кэтиэххин.
-Ээ,айыка,хаатыҥка кэтиэм кэриэтин кырбаныам,-кыыһым олох да бытааран хаалла.
Хайыахпыный? Мин эмиэ бытаардаҕым дии. Син-биир ситэллэрин ситэллэр,сатаан куотуо суохпут.
-Мария Ивановна,төһө кыалларынан сүүрэ тур. Туох да буоллун олох кэннигин хайыһан көрүмэ,дьиэҕэр барыма,мин дьиэбэр киирээр,-диэтим.
-Сөп,-Мария Ивановна хобулугун тыаһа биир кэм тоһугуруур.
Мин тохтоотум,сорох ардыгар куоппуттааҕар харса суох охсуһан баран кырбаммыт быдан ордук. Икки сутурукпун суулу тутан,өстөөхтөрбөр утары сүүрэн киирдим. Маҥнайгы сүүрэн испит киһи тохтуу биэрдэ,куттанара өтө көстөр,кэннинэн тэйиэкэлиир,дьоно баттаһа кэлэллэрин кэтэһэр. Бу баҕайыны соҕотохтуу самнара охсуохха,ыкса киирдим да,сырбаттым.Сыҥаах тыаһа таһырҕаата,суох охтубат,иккистээн сырбаттым,олоро биэрдэ эрээри эмиэ туран кэллэ.Дьэ кытаанах сыҥаахтаах киһи буолла. Дьоно баттаһа кэллилэр,сыыһа-халты тэбиэлээбитинэн,уҥа-хаҥас дайбаабытынан бардылар. Дьэ бу охсуһуу,охсуһуу эмиэ "искусство" эбээт. Манна ыксыыр сатаммат,төһө кыалларынан холку буолар,төбөнү үлэлэтэр тоҕоостоох. Түгэн көһүннэ эрэ мүлчү туппакка охсон,тэбэн ис. Төгүрүйэн кэбиспит өстөөхтөрбүн кулгаах-харах буолан маныыбын,иннибэр аһыллан биэрбит киһини охсон иһэбин,кэннибиттэн тыас иһилиннэр эрэ эргиллэ биэрээт сырбатабын.Син балай эмэ табабын ээ,ол тухары биир даҕаны киһи охтубат,туох ааттаах сыҥаахтарыгар сибиниэс симиммит баҕайыларый. Кэннибэр атах тыаһа иһилиннэ,чугаһаата,сутурук тиийэр ини дии санаат,эргиллэ биэрдим да сырбатан саайдым. Пахай, Мария Ивановна икки атаҕа өрө адаарыс гынна да,тиэрэ баран түстэ. Мин соһуйан туран хааллым,ону туһанан баҕайылар бары өттүбүттэн саба түспэттэр ээ.Хараҕым уот чаҕылыс гына түстэ,охтордулар,айыка-аа,тэбиэлээн эрэллэр. Дьэ бу охсуһуу,ким эрэ кыайыахтаах,ким эрэ хайаан даҕаны хотторуохтаах.Хайа тоҕо тэбиэлээбэттэр,төбөбүн өҥдөтөн көрбүтүм сиэхситтэрим куотан эрэллэр,кэннибин хайыспытым,кылааһым уолаттара хаһыытаан-ыһыытаан саба сырсан иһэллэр эбит. Һуу,бу дьолбун. Уолаттар күлүгээттэри эккирэтэн,биһигини ааһа сүүрэ турдулар,оннооҕор туохха да кыһаммат,синигэр киирэн хаалбыт Витя саппай уопсан иһэр. Кыргыттар эмиэ кэлсибиттэр. Тохтоотулар:
-Хайдаххытый?
-Мин үчүгэйбин,онтон Мария Ивановна хайдаҕый?
Мария Ивановна туран кэллэ,кыһыыта кыһыылаах маҥнай таҥаһын көрүнэ оҕуста:
-Былаачыйам хайдан хаалбыт,-диэтэ,сирэйин аахса барбата.
Уолаттар төптөрү сүүрэн аҕылаһан-мэҥилэһэн тиийэн кэллилэр:
-Сиппэтибит,үрүө-тараа сырсан хааллылар.
-Кэлин син-биир тутуохпут,биирдии-биирдии ээхтэрин этитиэхпит,-Витя сирэйэ-хараҕа турбута сүрдээх.
-Кэбис,баҕайылары кытта аахсыман,-Мария Ивановна буойталаата.
-Ээ,син-биир тутаттыахпыт,-дэстилэр уолаттар.
Аара суолга диэри кылааһым оҕолоро атаардылар. Дьиэбитигэр чугаһаан эрдэхпитинэ Мария Ивановна:
-Чэ,оҕолоор, баран бырааһынньыктаан,манна сырсан кэлбэттэр ини. Өрөһүйбүккүтүгэр махтал,-диэтэ.
Валя чугаһаан кэлэн харахпын көрдө,имэрийэн ылла:
-Оо,хараҕын саллаччы испит,ыарыылыы хаалабын дуо?
-Бачча бырааһынньыкка миигин ыарыылыы олоруон дуо? Оҕолору кытта сылдьыбытыҥ ордук ини,-диэтим.
-Сарсын эрийээр,хайдаххын этээр,-диэн соруйда уонна оҕолору эккирэтэн сүүрэ турда.
Мария Ивановналыын иккиэйэх хааллыбыт.
-Ити тоҕо киһини харахха сырбаттыҥ?
-Хантан билиэхпиний,атах тыаһын истээт,эргиллэ биэрбитим да охсубутум.Куота тур диэбитим батта. Тоҕо тиийэн кэлбиккиний?
-Куотан иһэн санаабытым,баар-суох доҕорбун соҕотохтуу хаалларан кэбистим дуу. Ол иһин көмөлөһө кэлбитим,-Мария Ивановна миигин аһыммыттыы көрдө уонна биилбиттэн кууһан кэбистэ.
Мин дьиэбэр кэлэн,аара муус кыһан киллэрэн,сотторго суулаан,эчэйбит харахпытын саба туттан,тэлэбиисэр көрө дьыбааҥҥа кэккэлэһэ олордубут. "Голубой огонёк" буола турар,ону көрө олорон,Мария Ивановна төбөтүн мин санныбар уурда уонна тута харахтара сабыллан утуйбутунан барда. Мин кинини куустум уонна эмиэ халтаһам ыараан, утуйан иһэн көрбүтүм, муус маҥан таҥастаах,кып-кыһыл уостаах,оҕо эрдэхпиттэн түүлбэр дуу,илэ дуу көстөн куруук араҥаччылыы сылдьар кыыһым суорҕан аҕалан иккиэммитин бүрүйэ сапта. Ити Сулусчаана,мин кинини итинник ааттаабытым.Кини туох эрэ диэн саҥарар,мин уубар аҥаарыйан тугу даҕаны өйдөөбөтүм. "Аналыҥ..," "төннөн кэлээр..," эрэ диэн тыллары арааран иһиттим.

    Кыһын обургу тымныыннан хаарыйан,уһаан-кэҥээн соҕотохтуу киэбирэ бүрүүкээтэр даҕаны,кэмэ кэллэҕинэ муоһа тостон,халбарыйар. Оччоҕуна күн уотун сылааһынан сыдьаайан сааспыт барахсан тиийэн кэлэр. Биһиэхэ даҕаны саас кэлбитэ. Биһиги, онус кылаастар,экзаменнарга бэлэмнэнэрбит элбээбитэ. Предмет,предмет аайы анал консультациялар тэриллибиттэрэ.Саатар экзаменнаах предметтэрбит олус да элбэх. Барытын саба баттыыр кыаллыбат да курдуга. Үөрэхтэригэр кыһанар оҕолор оскуолаттан быкпат буолбуттара. Мария Ивановна хас да кылааска консультация биэрэр буолан,солото суох үлэтигэр охтубута. Биһиги оскуолабытыгар сиэттиһэн барарбыт-кэлэрбит отой мэлийбитэ.Итиннэ солото суохпут улахан сылтах диэххэ сатаммат. Сүрүн төрүөтэ күн уһаан,халлаан сырдаабыта. Хайдах учууталбын кытта сиэттиһэн оройуон устун хаамсыахпыный? Аһаҕас айахтаах дьон тылларыгар киирэбит буоллаҕа, этэрбэс араадьыйата сири-буору аннынан сурах ыыта охсуо этэ. Оннук сурах сүүс төгүл омуннуран оройуону биир гына толоро охсуо этэ. Кыһын үчүгэй да этэ,хараҥаҕа балыйтаран,төһө баҕар күүлэйдиирбит. Ону мин олус ахтар буолбутум. Бу кэмнэргэ миэхэҕэ олус ыарахан хара балыыр буулаабыта. Бастатан туран, бойобуой доҕорум Валя дьиэтэ биир үтүө түүн соҕотохто умайан хаалбыта, онно бүтэһик сылдьыбыт,кинилиин кыыһырсан арахсыбыт мин буолан хаалбытым. Иккиһинэн, аармыйаттан саҥа кэлбит,тастыҥ убайым мин дьиэбэр өлөр итирик хоно сытан,тоҕо эрэ кус сыгынньах таһырдьа тахсан,тоҥон өлөн хаалбыта.Кини ыкса киэһэ киирэн кэлэн,аҕабын ыххайан туран арыгы көрдөөбүтэ,барыбытын кырбаары тииспитэ. Ону мин сыҥаахха биэрэн дөйүтэн кэбиспитим уонна ханна да барбатын диэн сыгынньахтаан,аҕабынааан дьыбааҥҥа сытыарбыппыт. Онтукабыт баара киһибит утуйа сыттахпытына тахсан, баран хаалбыт эбит. Онон кырбаабыт киһи,мин буруйданыах курдук буолан тахсыбытым. Сотору-сотору милииссийэлэр ыҥыран,ыйытан сордууллара. Ханна да барарым-кэлэрим хааччахтаммыта,инньэ гынан күрэхтэһии бөҕөтүн көтүппүтүм. Бу миэхэ улахан охсуу буолбута. Ол да буоллар дьарыктанарбын кубулуппаппын, сарсыарда аайы хайыһардыыбын,онтон боксабар дьарыктана барабын уонна үөрэммитим курдук үөрэнэн сылдьабын. Мин күндү доҕорум, Мария Ивановна,...ыарахаттары көрүстэххэ кыайыахха, диэбиттээҕэ.
Биир сарсыарда эрдэ туран эмиэ хайыһардыы паарка диэки бардым. Хайыһарбын сүгэн,хааман иһэн көрбүтүм,хайыһар суолун төрдүгэр биир кыыс турар, ыга тута сылдьар "адидас" диэн суруктаах халлаан күөҕэ өҥнөөх ыстааннаах, күөх,маҥан дьүһүннээх ыга тута сылдьар "адидас" диэн суруктаах мастеркалаах, эмиэ "адидас " маҥан дьүһүннээх бэргэһэлээх. Мин тута сэрэйдим, ити Мария Ивановна,киниттэн ордук маннык ураты маанытык ким таҥныай? Омуммар сүүрэн кэллим,ахтыбытым бэрт буолан кууһан ыллым,кини эмиэ кууста.
-Хайыһардыы баран иһэргин куруук түннүгүнэн көрөбүн,ол иһин хайыһардыахпын баҕаран кэллим,-диэтэ.
-Тыый,эйиэнэ пластик хайыһар дии,оскуола киэнэ эбит батта. Маннык хайыһардары Пётр Петрович оскуола сборнайдарыгар эрэ биэрээччи дии. Эйиэхэ хайдах биэрдэй?
-Көрдөһүүтүн сатаатаҕым дии.
-Чэ бардыбыт, Айаал.
-Ээ,мин инникилиим,эн наһаа бытаан буолуоҥ.
-Чэ сырыс,ситтэххинэ,ааһа бара тураар,- Мария Ивановна тэбинэн кэбистэ.
Мин кэнниттэн сырыстым,арай көрдөхпүнэ кыыһым сыыйа-баайы эбэн иһэр,эбэн иһэр. Хайыһара үчүгэйэ бэрт буолан наһаалаата,сотору сылайан бытаарар ини дии санаатым. Суох,кыыһым бытаарар санаата баара көстүбэт, сатабыллаахтык маастаммыт мас хайыһарбын харса суох тэбэбин да тэбэбин,ол эрээри икки ардыбыт атаатар атан иһэр. Үс биэрэстэ соччо уһуна да суох буолар этэ,хаһан даҕаны аҕылааччым суох,бу сырыыга хаалсымаары харса суох тэбинэрбиттэн-анньынарбыттан, тыыным кылгаата,оннооҕор түөһүм аһыйда. Аны туран "финишка" чугаһаан иһэн, Мария Ивановна кытаанах хаардаах киэҥ сиргэ тахсан, "коньковайдаан" барда, били-мээнэ тэлэбиисэргэ көстөр хайыһардьыттартан туох даҕаны итэҕэһэ суох туттар-хаптар. Мин ону көрөн,дьиктиргээн олох да тохтоон хааллым, биһиги оройуоммутугар "коньковайынан" ким да сүүрбэт этэ. Оннук сүүрэр киһи баарын бу диэн олох өйдөөбөппүн. Мин аҕылаан-мэҥилээн кыбыстыахпынан кыбыстан "финишкэ" тиийэн кэллим.
-Мария Ивановна ити курдук сүүрэргэ миигин үөрэт.
-Сөп,үөрэтиэм. Оскуола оҕотугар үс километырга бириэмэн соччо куһаҕана суох, итиннэ айаххын атан аппайан туран хаалбатаҕын буоллар син балай да үчүгэй буолуо эбит.
-Туох үчҕгэйдээҕий? Кыыска хоттордум дии,буолаары-буолан быдан ырааҕынан.
-Потапов,ити кими кыыс диэтиҥ?
-Уой,бырастыы гын,Мария Ивановна.
-Оонньоон эттим,Айаал,- Мария Ивановна илиибиттэн сиэттэ,-чэ барыахха.
-Бу курдук сиэттиһэн хаамсыбатахпыт ырааппыт эбит,ол кыһыҥҥы кэмнэри наһаа ахтабын.
-Мин эмиэ,-Мария Ивановна ыга сыһынна,-аны сарсыарда аайы бииргэ хайыһардыахпыт,манна ким да суох,баҕар куустуһуохпут,баҕар уураһыахпыт. Барыта бэйэбит дьыалабыт,-учууталым барахсан сиэттиһэн иһэн оҕолуу дьиэрэҥкэйдээн ылла.
-Оннук,-мин күлэбин,-Мария Ивановна, сатабыллаах киһи,миэхэ эмиэ Пётр Петровичтан пластик хайыһарда көрдөөн ыл эрэ.
-Эйиэхэ биэрбэтэ чуолкай.
-Ол тоҕо?
-Оскуола сборнайдарыгар эрэ биэрэр.
-Оччоҕуна эн оскуола сборнайыгар бааргын дуо?
-Оннук, бу аата оройуон күрэхтэһиитигэр бэлэмнэнэ сылдьабын.
-Оо,улуу хайыһардьыкка хотторбут эбиппин дии.
-Маҥнайгы разрядтаах хайыһардьыкка.
-Кэбис күрэхтэһиигэ бэлэмнэнэр буоллаххына мэһэй-таһай буолбаппын,үчүгэйдик бэлэмнэҥ.
-Инньэ диэмэ Айаал,эн аттыбар баарыҥ миэхэ наһаа үчүгэй. Уой,дьон иһэр, чэ пока. Киирэ сылдьаар.
-Пока,Мария Ивановна,-мин кини сылааһынан иэйэр илиитин олох ыытыахпын баҕарбаппын,кини эмиэ ыытыан баҕарбатын сэрэйэбин.Ол эрээри хайаан даҕаны ыыттахпына эрэ сатанар.
Дьон чугаһыан иннинэ икки аҥыы бардыбыт. Туох буолуой? Сарсын сарсыарда эмиэ көрсүөхпүт,өйүүн эмиэ көрсүөхпүт,оннук күн аайы сарсыарда көрсүөхпүт, бу курдук сиэттиһэн хаамсыахпыт.

    Билигин санаатахха кылгас да кэм устата сааскы сарсыарда аайы көрсөн,сиэттиһэн хаамсыбыт эбиппит. Оннук хаамсарбытын саҥа тахсан эрэр сааскы күнтэн ураты ким даҕаны көрбөккө хааллаҕа. Ол да буоллар мин ити кылгас кэм устата "коньковай" диэн аатырар ньымаларын баһылаабытым. Хаар ууллан,дириҥ чалбаҕынан көрөн сытар, хайыһар суола тэлгэммит сибикитэ да суох.
Бүтэһик чуораан тыаһаата,онус кылаас оҕолоро үөрэнэн бүттүбүт,билигин оскуолабытыгар консультацияҕа уонна экзамен эрэ туттара кэлэбит. Маҥнайгы икки экзамены хайы-сах ситиһиилээхтик туттардым.Билигин бу учууталбыттан,кини дьиэтигэр мөҕүллэ олоробун,сарсын английскай тылга экзамен. Мин буоллаҕына тугу да өйдөөбөппүн, үлүбээй ааҕабын эрэ,онтукам даҕаны сэттэ уон сэттэ сыыһалаах. Ама ааҕан баран сатаан тылбаастыам баара дуо, аҕыйах тыллаах кэпсээни даҕаны сатаан суруйбаппын.
-Бу эн ханнык эрэ туһата суох саха тылын биэскэ суруйаҕыҥ,чэ нуучча тылын баҕар туйгун сыанаҕа суруй,сөпсөһөбүн. Онтон Аан дойду бүтүннүү билэр английскай тылын тоҕо сатаан оройгор киллэрбэккин. Хайдах маны өйдүөххэ сөбүй,тоҕо кыаллыбатый?
-Быһаарар кыаҕым суох.
-Онтон сарсын хайдах туттараҕыҥ? Чэ буоллун,баҕар миэхэ түбэстэххинэ соһон-сыһан үһү туруоруом,онтон атын учуутал ыҥыран ыллын. Хайдах буолабыт?
-Билбэппин.
-Биир түүн иһигэр мин эйигин английскайдыы сатаан саҥардыбатым буолуо ээ. Мин оннук абым суох...Бэйэ эрэ, эн дьон тугу толкуйдуурун харахтарынан киирэн көрөр дьоҕурдаах этиҥ дии.
-Оннук эрээри,бэйэм туспар ону кыайан туһаммаппын.
-Оо,абаккам эбит. Ханнык эрэ киинэҕэ английскай тылы билээри хаптаһынынан оройго бэрсэллэр этэ. Оннук эрэ ньыма хаалла.Чэ,хайыыр да кыахпыт суох,баран утуй,сарсыҥҥы күн быһаарыа,-Мария Ивановна икки илиитин тобукпар уурда,онтон,-барахсаммы-ыан,-диэн иэдэспиттэн имэрийэн ылла,-долгуйума Айаал,мин эйигин ыҥырдым да,бэлэмэ да суох буоллаххына тута тахсаар.
-Сөп,-мин арыый уоскуйан тахсан иһэн,аан холуодатыгар сүүспүнэн балай да күүскэ саалла түстүм,-айа,-эрэ диэтим.
Мария Ивановна онтон күлэ хаалла. Бэйэтэ барахсан,миигиннээҕэр ордук долгуйаахтаабыт.
Сарсыарда,күн уота чаҕылыччы тыгар,спортзал иннигэр кылааспыт оҕолоро мустубуттар бары маанытык таҥныбыттар. Английскайдыы билэр оҕолор олох долгуйбат курдуктар,холкулара сүрдээх. Сатаан ааҕааччылар тугу эрэ ааҕаллар,тылбаастыыллар,билбэт тылларын бэйэ-бэйэлэриттэн ыйыталаһаллар, ити кинилэр тута өйдүүр буоллахтара дуу,диэххэ айылаах. Үс омук тылын учуутала уонна завуч экзамены тутар үһү диэн сурах тарҕана оҕуста. Сотору спортзал аана аһылынна,завуч тахсан:
-Бастакы биэс киһи киириҥ,-диэтэ.
Биллэн турар Тима эрэллээх баҕайытык туттан бастакы киирдэ,онтон киниттэн итэҕэһэ суох омуктуу билэр кыргыттар киирдилэр.
-Өссө биир киһи,түргэнник киирэ охсун,бириэмэни тардымаҥ,-завуч ыксатар.
Тима кэннигэр олордохпуна баҕар тугу эмэ туһаныам,көмөлөһөр ини дии санаат,ойон туран,киирэн хааллым. Биир-биир билиэппитин тардан ыллыбыт,мин бүтэһик ыллым. Үс ыйытыылаах,барыта омуктуу суруллубут,дьэ бу иэдээн. Туох ыйытыылара эбитэ буолла,саатар ону билбэппин. Тиманы уруучукабынан көхсүгэ анньабын,кумааҕыбын уунан,сибигинэйэн:
-Көмөлөс,тылбаастаа,- диибин.
Тима билиэппин ылан,көрүөх бэтэрээ өттүгэр тылбаастыы оҕуста. Дьэ туох туһунан ыйыппыттара билиннэ. Уон этиилээх талбыт темаҕар кэпсээннэ суруй диэн баар эбит. Мин кыайардыы онтон саҥалаатым. "Сахам тылын таптыыбын" диэн төбөлөөн,тылдьыты туһанан суруйбутунан бардым. Тылдьыттан тыллары хайдах суруллубуттарынан көнөтүк устан ылабын. Сэрэйдэххэ кэпсээним бу курдук суруллубут буолуохтаах:
"Саха тыл таптал. Мин төрөө тыл олус баай. Саха тыл сайдыы..." итинтэн ордубата ини дии саныыбын. Ол да буоллар үс сыанаҕа мас курдук эрэнэн,күндү доҕорум буолбут учууталбар бастакынан ойон тиийдим.
-Чэ кэпсээ,-диэтэ быһыылаах сэрэйдэххэ.
Мин суруйбут кэпсээммин ботугураан ааҕан эрдэхпинэ,аны оскуола дириэктэрэ киирэн кэллэ,Мария Ивановна аттыгар кэлэн чопчу олорунан кэбистэ. Хараҕым кытыытынан көрдөхпүнэ, Мария Ивановна сирэйэ кытарыаҕынан кытарбыт,субу эстэн,тэһэ барыахча. Миигиннээҕэр ордук долгуйбут. Мин синэ-биир диэбитти суруйбуппун ааҕан ботугуруу олоробун. Эмискэ дириэктэр улахан баҕайытык саҥаран соһутта:
-Бу Потапов английскайдыы үчүгэй баҕайытык ааҕар эрээригин,тоҕо муннун анныгар ботугуруу олороҕуҥ. Киэҥ тутта,бары истэллэрин курдук,улаханнык,доргуччу ааҕыаххын. Мин истэрбинэн кырата түөрт сыанаҕа эппиэттэһэр,оннук буолбат дуо, Мария Ивановна? Дириэктэрбит спортзал иһигэр ой дуораана ойуор диэри этэн-тыынан кэбистэ.
Кыбыстан кытара олорбут Мария Ивановна күлэрин кыатана сатыы-сатыы:
-Оннук,Иван Ильич. Потапов,сөп буолуо таҕыс.
Дириэктэр саҥарбыт-иҥэрбит тылларыттан оннооҕор мин, долгуйа олорбут бэйэм,күлэ сыыстым.Итиччэни истэн баран,тута таһырдьаны былдьастым.Таһырдьа турар оҕолор миигин көрөн ыксаатылар:
-Хайа Айаал, үүрэн таһаардылар дуо? Дэһэ-дэһэ төгүрүйэн кэбистилэр.
-Арааһа түөрдү ыллым быһыылаах,-дии-дии хараҕым уута ыгыллан тахсыар диэри күлэбин.
Сорохтор итэҕэйбэтилэр.
-Эс,эн түөрдү ылбыт буоллаххына,онтон мин Англияҕа олох да көҥүл үспүйүөннүү барыахпын син эбит дии,-Слава санныбын таптайда.
Кутталлаах экзамен ити курдук,дириэктэр быһа этиитинэн этэҥҥэ ааста,түөрт сыанабын атын учууталлар даҕаны,завуч даҕаны утарар кыахтара суох.
Киэһэ эбээбинээн олордохпутуна Мария Ивановна ыалдьыттыы киирэ сырытта. Саҥа дьыл кэнниттэн биһиэхэ үгүстүк киирэ сылдьар буолбута,эбээбинээн бэркэ тапсан кэпсэтэллэрэ.
Дириэктэрбитин саныы-саныы күлсүбүппүт. Дьиэтигэр тахсаары туран:
-Айаал,за тобой должок,-диэбитэ.
-Понял.
-Мин биир баҕа санаабын толороҕун.
-Холобур.
-Ну допустим, выпускной банкетка вальса ыҥыраҕыҥ.
-Легко,-диэбитим.

    Бүгүн оскуоланы бүтэрэр банкеппыт. Урут тоҕо эрэ "Выпускной бал" диэн ааттаммат этэ, быһа-бааччы "банкет" дэнэрэ. Спортзалга уһун остуол тардыллыбыт. Төрөппүттэрбит ас тардан түбүгүрэ сылдьаллар. Куорат курдук ыраах сиртэн "лимонад",торт онтон да атын күндү ас арааһын тиэйэн аҕалбыттар. Бастаан оскуола актовай заалыгар торжественнай чааһа буолуохтаах,аттестаппытын туттарыахтаахтар,онтон бары тутуспутунан,туһунан турар, спортзалга тахсыахтаахпыт. Дьэ онно бэлэм аһы аһыы-аһыы түүнү быһа үҥкүү-битии,үөрүү-көтүү,ол быыһыгар саҥа тахсан эрэр күнү көрсөн,уруйдаан-айхаллаан кэлиэхтээхпит.
Онтон билигин бу бука бары мустан кылааспытыгар олоробут. Оҕолор маанылара сүрдээх,бары сабыс-саҥа көстүүмнээхтэр,эбиитин хаалтыстаахтар,кыргыттар сири сиппийэр уһун былаачыйалаахтар, сорох-сорхтор эмиэ да баанчыктаммыттар, хобулуктаах түүпүлэ кэтэн,кырааскаланан-симэнэн биллэ уһаабыттар,тупсубуттар. Ол эрээри ким даҕаны үөрэ-көтө саҥарбат-иҥэрбэт,бары хомойбут-хоргуппут көрүҥнээхтэр. Оннук буолумуна,хас да сыл кылааспытын салайбыт учууталбыт, тиһэҕэр тиэрдибэккэ,бачча бырааһынньык саҕана биһигини соҕотохтуу хаалларан, эмискэ баҕайы ханна эрэ баран хаалбыт. Ханна барбытын бу диэн олох өйдөөбөппүн,кэлин сураһа сатаабатаҕым. Ол олордохпутуна кылааска Мария Ивановна киирэн кэллэ. Күн кэриэтэ мичээрдээбитинэн, кини киирэн кэллэҕинэ кылаас сырдыырга дылы буолара,оҕолор сэргэхсийэ түһэллэрэ. Бу да сырыыга оннук буолла.
-Оҕоло-оор, чэ хайдах гыныахпытый? Мин бүгүн эһигини салайан илдьэ сылдьыам. Сөбүлэһэр инигит?
-Сөбүлэһэн,сөбүлэһэн,-дэстилэр кыргыттар,уолаттар утарбаттарын биллэрэн кэҕиҥнээтилэр.
-Биир нюанс баар эбит,-диэтэ Мария Ивановна.
-Ол туох? Дэһэ түстүбүт.
-Атын кылаастар бука бары музыкальнай нүөмэрдээхтэр эбит. Онтон биһиэхэ баар дуо?
-Суох,бэлэмнэммэтэхпит..,ким даҕаны ол туһунан биһиэхэ эппэтэҕэ.
-Аттестаппытын ылан баран,музыкальнай нүөмэрбит суох буоллаҕына сүрэ бэрт буолуо. Тугу эмэ толкуйдуохха.
-Туохпут да суох,ол хаһан бэлэмнэнэ охсуохпутуй? Оҕолор кыккыраччы аккаастаннылар.
-Онтон, улахан бэлэмэ да суох,ким эмэ гитаралаах тахсан ыллаатаҕына? Мария Ивановна мин диэки тонолуппакка көрөр.
-Ол хантан гитара була охсобут?
-Гитара баар,-Мария Ивановна хараҕын олох миигиттэн араарбат.
Мин кытарыахпынан кытаран хааллым быһыылаах,ис-испиттэн кыыһыран кэллим. Саҥарыма,диэн төбөбүн быһа илгистэбин.
Киһи эрэ буоллар Мария Ивановна саҥарбата.
-Чэ оҕоло-оор, актовай заалга барыаҕыҥ,тугу эмэ толкуйдуохпут,-диэн өрө тыынан кэбистэ.
Тахсан иһэн көрбүтүм, бойобуой доҕорум Валя кимниин даҕаны кэпсэппэт,санаата көммүтэ баара көстүбэт,соҕотоҕун тахсан бара турда. Ама билигин даҕаны миэхэ кыыһырбыта уостубакка сылдьар дуу,бэйэ эккирэтэн тиийэн сааратан көрбүт киһи дуу.., диэн санаан эрдэхпинэ:
-Потапов,хаал эрэ,-Мария Ивановна куолаһын соҥотто.
Соҕотоҕун хаалан баран кэпсэтии туох туһунан барыахтааҕын сэрэйдим,тута:

  • Ыллаабаппын,туох да манньаҕа ыллаабаппын,-дии оҕустум.
    -Айаал,-Мария Ивановна ким да суоҕунан туһанан төбөбүттэн имэрийэн ылла.
    -Көрдөһөрүҥ даҕаны,соруйарыҥ даҕаны туһата суох,хаһан даҕаны сыанаҕа тахсан ыллыы иликпин.
  • Айаал,маннык санаан көрүөххэ эрэ,эн ыллыыргын ким даҕаны баччааҥҥа диэри истэ илик,ким даҕаны билбэт. Онто-оон.., онтон эмискэ баҕайы оскуоланы бүтэрэр бүтэһик күҥҥүтүгэр "Битлзтар" ырыаларын олох на высшем уровне,биир даҕаны акцена суох, ыллаан хайа тардан кэбиһэҕиҥ,олох бары айахтарын атан кэбиһиэхтэригэр дылы,саас-үйэ тухары өйдүү-саныы сылдьалларын курдук. Эн английскайы түөрт сыанаҕа туттарбыккын үгүстэр итэҕэйбэттэр, учууталлар эмиэ итэҕэйбэттэр,хотун оҕото буолан,собус-соруйан дириэктэр киирэн кэлэн өрө тарта дииллэр. Ону ырыаҕынан итэҕэт,бары биллиннэр,хайдах курдук үчүгэйдик английскайдыы ыллыыргын.
    Эмиэ ийэбинэн киирбиттэр,онтон мин олус кыһыйдым,хотун оҕото буоллум да, талбыппынан сылдьарым курдук тылласпыттар. Ити тыллары истэн абаккаран кэллим.
    -Киһи бөҕө көрөн олордоҕуна хайдах ыллыахпын өйүм хоппот.
    -Онтон сүүһүнэн киһи көрөн олордоҕуна рингаҕа тахсаҕын дии,Айаал. Онно тоҕо кыбыстыбаккыҥ, туох уратылааҕый? Рингаҕа тахсыбыт курдук сананан кэбис,эн утарылаһааччыҥ гитара буоллун,харса суох струналарын тардыалаан ис. Оччоҕуна кыайыаҕыҥ,барыта сатаныа. Атын кылаастар бука бары музыкальнай нүөмэрдээхтэр,биһиэхэ эрэ суох,ыллаабатаххына өссө ордук кыбыстыы буолуо. Бэйэҕиҥ эрэ сананыма,кылааһын туһугар кыһан.
    Эмиэ даҕаны оннук ээ.Хаһааҥҥа диэри муннукка ыллыы сылдьыахпыный,бэйэм даҕаны сыанаҕа тахсан ыллыахпын олус баҕарабын,бачча үчүгэй түгэни мүлчү тутумуохха. Ол эрээри рингэҕэ мин иннибэр биир эрэ утарылаһааччы баар,көрөөччүлэргэ отой кыһаммаппын,онтон манна көрөөччүлэр иннилэригэр ыллыахха наада. Ээ,чэ харахпын быһа симэн кэбиһиэм..,
    -Боруобалаан көрүөм.
    Мария Ивановна үөрүүтүттэн кып-кыһыл помадалаах уоһунан иэдэспиттэн сыллаан ылла,онтон бэйэтэ соһуйан:
    -Уой,-диэн тэйэ хаамта,-"тапталлааҕым" гитаратын илдьэ кэлбитим ээ,-суумкатыттан платок таһааран,помада суолун сото-сото күлэр,ол быыһыгар имэрийэн ылар. Духуутун сыта тоҕо баҕас кэрэтэй,тоҕо баҕас бэрдэй,киһи мэйиитэ туймаарыах.
    Торжественнай чаас саҥаланна. Бастаан дириэктэр тыл эттэ,онтон завуч,онтон учууталлар,онтон аны оҕолор... Онтон кыһыл көмүс мэтээлинэн,үрүҥ көмүс мэтээлинэн оскуоланы бүтэрбит оҕолор аттестаттарын тахсан ыллылар. Ол эрэ кэннэ аттестаты уопсай туттарыы саҥаланна, аан бастаан биллэн туран онус "А" кылаастан саҥалаатылар. Биһиги бары аттестаппытын ылбыппыт кэннэ,Мария Ивановна кылаас салайааччытын быһыытынан трибунаҕа тахсан, тыл эттэ. Кини киһи нууччалыы саҥарда, этэн-тыынан араатар бэрдэ эбит. Тыл этэн бүппүтүн кэннэ,баартыйа съездыгар мустубут дьон бэтэрээтинэн ытыс таһынан хабылыннардыбыт.
    -Билигин биһиги музыкальнай эҕэрдэбит,английскай тылынан ыллыыр Айаал Потапов, "Yesterday".
    Бэл диэтэр аттыбар олорор,аҕыйах саҥалаах Андрей:
    -Эн дуо? Эс кэбис,-диэтэ.
    Мин өрө тыынан баран, бэрт эрэллээхтик сыана диэки хаамтым. Санаабар рингаҕа тахсан эрэр курдукпун,ытыс тыаһа батыһа хабыллар,онно олох кымаардаан да кыһаммаппын. Кирилиэһи биир-биир үктээн сыан үрдүгэр баар буола түстүм.Бу турар мин утарылаһааччым-гитара. Бэртэ эрэллээхтик ылан сүгэн кэбистим. Тренерим кэриэтэ,Мария Ивановна сибигинэйэн:
    -Кытаат,-диэтэ уонна сыанаттан түстэ,хобулугун тыаһа тоһугуруу турда.
    Мин харахпын быһа симэн заал диэки хайыстым уонна гитарам струналарын оргууй наллаан тардан ыллаабытынан бардым:

Yesterday,
All my troubles seemed so far away
Now it looks as though they're here to stay
Oh, I believe in yesterday...

    Хайа, заал иһэ тоҕо чуумпутай,бары тахсан баран хааллылар дуу, чуор кулгааҕым бүөлэнэн хаалла дуу. Тоҕо дьон тыынарын истибэппиний? Аҥар харахпын аһан көрүөххэ.

Suddenly,
I'm not half the man I used to be
There's...

    Чуумпута бэрдин тулуйбакка харахпын аһабын,ону кытта тэҥинэн ырыам кэхтэн хаалар. Муннук..,тоҕо иннибэр муннук суоҕуй? Ханна гынныгыт муннукпун? Гитарам тыаһаабат, синньигэс струнатын тоҕо эрэ олус күүскэ тардабын,тарбахпар быһа киирэн ыарытыннарар дуу,хайа үөдэн дуу... Иннибэр сыҥаахтара аллара түспүт сирэйдэр...

Сүүстэн тахса харахтар
Миигин тэһэ көрөллөр,
Ыллаа,ыллаа,-дэһэллэр
Тугу эрэ ирдииллэр...

    Кэмниэ кэнэҕэс ыга тарпыт струнам быһа баран "ньы-ыр" гына ыйылыы түстэ. Ону кытта тэҥинэн,гитарабын устан хаалларар бокуойа суох сүкпүтүнэн, ааны былдьастым,тахсан бара турдум. Ити кэннэ дьон-сэргэ истэригэр биир эрэ кэмҥэ байаан тардан ыллыы сылдьыбыттаахпын,ону да хараҥаннан сабарданан,дьиктини көрүүлэнэн. Тоҕо дьон истибэтигэр муннук диэки хайыһан олордохпуна эрэ аһыллан ыллыырым буолуой? Маны дьон үксэ сатаан өйдүө суоҕа,мин эмиэ билбэппин тоҕо оннугун. Манна диэн эттэххэ соччо-бачча кыбыстыбаппын ээ.Чэ ити хааллын...
Аан дойду бүтүннүү миигин утары барбыт курдук сананан,онно барытыгар учууталбын Мария Ивановнаны буруйдуу-буруйдуу дьиэбэр тиийэн кэллим. Аны оскуолабар төннүбэппин,бэйэлэрэ банкеттыы сырыттыннар.
Таҥаспын уларыттан баран,хата балыктыы барыам дии сананан,матасыыкылбын көрүнэ таҕыстым. Сууйан-сотон,кыра алдьаныытын оҥостон,собуоттаан көрдүм,дьэ бэрт, барыта үчүгэй. балыктыыр тэриллэрбин ыла,дьиэбэр киирэн эрдэхпинэ:
-Айаал,-диэн саҥа иһилиннэ. Ити Валя.
-Тугуй?
-Привет,-Валя мух-мах буолан ылла.
-Привет,Валя.
-Айаал, эйэлэһиэххэ.
-Чэ,-мин илиибин ууннум.Валя харбаан ылан ыга тутта:
-Барыахха банкекка.
-Ээ,суох барбаппын.
-Тоҕо?
-Мария Ивановнаҕа кыыһырдым,ити кини ыллаа диэбитэ.
-Оҕолор,учууталлар бары соһуйдулар дии ыллыыргын истэн,струнан быһа барбатаҕа буоллар...
-Син биир барбаппын.
-Оччоҕуна хайыыбытый?
-Мин балыктыы бараары сылдьабын.
-Оччоҕуна миигин илдьэ бар.
-Онтон эн мааны баҕайыгын дии.
-Таҥас уларсар инигин?
Сотору Валя мааны былаачыйатын уларыттан,гаражтан тахсан кэллэ. Мин спортивнай көстүүмүм улахан да буоллар олус барсар эбит. Ыстаанын тиэрэн биэрдим уонна таҥас туттарарынан туттартаан кэбистим.Матасыыкылбытын мэҥиэстэн,айанныы турдубут. Банкекка кэтиллиэхтээх мааны былаачыйа,аһаҕас ааннаах гаражка соҕотохсуйан ыйанан хаалбыта. "Эдьиийим" барахсан төһө да хотумсуйдар олус диэн амарах ээ,ити икки ардыгар эйэлэстэхпит ити. Кэлин даҕаны,биһиги банкекка сылдьыбатахпытын олох кэмсиммэтэхпит.

    Куоракка бараары тэринэ сылдьабын, оччолорго улахан суумка арааһа суоҕа,ол оннугар элбэх мал батар тэрилэ чымадаан диэн баара. Биир чымадааҥҥа малбын-салбын толору симинним. Хайаан даҕаны үөрэххэ туттарсан киирэр санаалаахпын,киирбэтэхпинэ да куоракка хаалыахтаахпын. Онно киэҥ сиргэ олорон,аатырбыт тренердэргэ дьарыктаныам,элбэх күрэхтэһиилэргэ кыттыам. Тугу да умнубатым барыта бэлэм. Кылааһым оҕолоро үгүстэрэ куораттаабыттара ыраатта,бэрт аҕыйах оҕо хаалбыт.Сотору кинилэри кытта көрсө барыам,онуоха диэри аны киирии экзаменнарыгар бэлэмнэнэн,ороммор сытан,кинигэ ылан ааҕабын.
Дьиэ аана аһылынна:
-Дорооболоруҥ,-Мария Ивановна куолаһа.
Ойон туран хоспуттан таҕыстым:
-Здравствуйте, Мария Ивановна.
-Айаал, наһаа да итинник официально буолбатар.
Мин саҥарбаппын. Ити кини буруйдаах ыллыырбын кимиэхэ да этиэ суох буолан баран,саакка-суукка киллэрбит. Ол эрээри киирэн кэлбитигэр испэр үөрдүм. Мария Ивановна мичээрдиир:
-Айаал,барыахха күүлэйдии.
-Пааркаҕа?
-Дьон көрбөт сиригэр-пааркаҕа буоллаҕа уонна ханна сылдьар этибитий?
-Чэ,барыахха,- мин үөрүүнэн сөбүлэстим.
Кэккэлэһэ хааман иһэн, Мария Ивановна эмискэ бодоруускалаата уонна атаахтаан эрэрдии илиибэр ыйанна:
-Айаал,бырастыы гын,кыыһырбат инигин. Мин кырдьык билбэтэҕим дьон-сэргэ ортотугар ырыан тахсыбатын. Ити банкекка көрөн эрэ баран, сирэйин-хараҕын уларыйан хаалбытыгар, дьиҥ-чахчы өйдөөбүтүм,итэҕэйбитим.

  • Мария Ивановна,дэриэбинэттэн тахса иликпит дии,дьон көрүөхтэрэ,- мин илиибин мүлчү туттаран босхолуу сатыыбын.
  • Көрөн абыраатыннар,эн син-биир сарсын бараҕыҥ, мин буоллаҕына кыбыстыбаппын,-учууталым икки илиитинэн хаҥас илиибин кууһан кэбистэ. Онтон олох да төбөтүн санныбар ууран кэбистэ.
    Эмиэ да оннук,мин билигин оскуола оҕото буолбатахпын, улахан киһибин,тоҕо кыбыста оонньуу сырыттахпыный. Оннук тутуспутунан пааркабытыгар тиийэн кэллибит.
    -Мария Ивановна,көр ол хайыһарбыт суола күөх окко тэлгэнэн сытар дии,-күлэбин.
    -Кырдьык даҕаны,чэ эккирэт,-диэт Мария Ивановна "коньковайдаан" эрэрдии икки илиитинэн харса суох анньыммыта буола-буола,хаһан эрэ саас хайыһар суола сыппыт ыллыгын устун тэбинэ турда.
    Мин кэнниттэн эмиэ хайыһардаабыта буолан эккирэттим.
    -Ситэн эрэбин. Кытаат, эбэн биэр.
    -Эн мас хайыһаргынан хантан миигин ситиэххиний.
    -Миэнэ эмиэ пластик хайыһар, Петр Петровичтан ыххайан туран былдьаан ылбытым.
    -Ол иһин даҕаны мээнэ-мээнэ барбыккын,- Мария Ивановна тыа саҕатыгар кэккэлэһэ үүммүт бэстэр икки адыларынан барыахча-барымыахча тохтуу биэрдэ.
    -Тоҕо тохтоотуҥ?
    -Манна силиһэ-мутуга бэрт,хайыһарбын харыһыйдым.
    -Тоһуттаххына Петр Петрович саҥа хайыһар биэриэ,харыһыйыма.
    -Кырдьык оннук,-диэт,күлэ-күлэ ыстанан иһэн,умса баран түстэ. Мин кэнниттэн сүүрэн кэлэн,кини үрдүнэн ыстанан иһэн салгыҥҥа эргийэ биэрдим уонна атахпар тура түстүм,онтон охтубута буолан умса баран түстүм. Мария Ивановна биир кэм күлэ-күлэ сытар,турар санаата олох суох. Аттыгар кэлэн сыттым.
    Саҥа тыллыбыт тыа сыта тоҕо баҕас бэрдэй. Чыычаахтар бэрт былдьаспыттыы куоталаһа-куоталаһа ыллаан, ойуур иһин толороллор. Иннибитигэр сылгы чыычаахтара мэниктээн сырсыакалаһаллар,өрө көтөн тахса-тахса сиргэ кэлэн түһэллэр,уһун кутуруктарынан биир кэм дайбаммахтыыллар. Биһиги умса түһэн кэккэлэһэ сытабыт,учууталым күлэрэ уостубут, мэниктээбитэ-тэниктээбитэ мэлийбит. Ол сытан,халлаан диэки хайыста уонна бу курдук ис хоһоонноох нууччалыы саҥарбытынан барда:
    -Мин истиҥ доҕорум, Айаал Потапов. Кини баара суоҕа уон сэттэ эрэ саастаах оскуола оҕото, онтон мин учууталбын.Ол эрээри бу санаан көрдөххө,мин киниттэн туох да ордуга суохпун ээ. Эмиэ кини курдук мэникпин-тэникпин,эмиэ кини курдук оҕо санаалаахпын.Хата кини миигин быдан куоһарар,барыны бары сатыыр,элбэҕи билэр. Ол иһин кистээн "Волшебник" диэн ааттыыбын,кырдьык оннук,илиибиттэн сиэттэҕинэ сиппит-хоппут эр киһиттэн туох да итэҕэһэ суох,дурда-хахха көрүҥнэнэр. Оччоҕуна мин сүрэҕим ууллан хаалар,өйүм бааллар,кыыс оҕолуу атаахтыах санаам киирэн кэлэр, хаһан истиҥник кууһан ыларын кэтэһэбин.Аны баҕар уураан ылыа диэн харахпын быһа симэбин. Кини ону сүрэҕинэн сэрэйэрэ,билэрэ буолуо дуо? Миэхэ күндү буолбут доҕорум сарсын киэҥ сиргэ Дьокуускай куоракка барар. Кини онно элбэх доҕордонуо,миигин умнуо диэн сүрэҕим сэрэйэр. Онтон мин бу оройуоҥҥа кэлиэхпиттэн кинини эрэ кытта доҕордоспут эбиппин уонна кимниин даҕаны бу диэн бодоруспатахпын. Кини бардаҕына соҕотохсуйарбын саныы-саныы сүрэҕим ыалдьар. Тоҕо кини оҕонуй,онтон мин учууталбыный? Тоҕо?
    -Ити тугуй?
    -Ити бүгүн сарсыарда дневникпар бэлиэтэммит суругум.
    Мария Ивановна харахтарын утары көрөн сытабын,суох тулуйбатым... Ыга да ыга кууһан ылан, сатабыла суох баҕайытык уоһуттан сыллаабытынан бардым. Кини эмиэ кууста,көхсүбүн алларааттан үөһээҥҥэ диэри имэрийэр, бэйэтигэр сыста тарда сатыыр. Мин хаһан даҕаны кыыһы кытта бу курдук сыллаһа иликпин,ама таптыам баара дуо,онтон кини сүүрбэ икки сааһыгар диэри таптал диэни биллэ ини,билбэтэ ини. Мин олох өйбүттэн таҕыстым,иирбит тэҥэ буоллум,тоҕо баҕас үчүгэйэй,тоҕо баҕас минньигэһэй,өссө ыга куустум, көҥүл барбыт илиим аны буутугар тиийдэ. Тула өттүбэр, кытаат Айаал, диэбиттии чыычаахтар өрө көтөн тахса-тахса ыллаан чыыбырҕаһаллар. Мин дууһам кинилэри кытта тэбис-тэҥҥэ ыллаһар. Бу тугуй,туох дьикти иэйиитэй,тоҕо кинини ыытыахпын баҕарбаппыный,тоҕо кини миигин абылыырый? Тоҕо кини бобсубатый,тоҕо кини буойбатый? Кини учуутал дии,онтон мин саҥа оскуоланы бүтэрбит оҕочооспун. Учуутал! Бу иэдээни,учууталбын.., бу сааты,бу сууту. Эмискэ баҕайы өйдөмүттүү түөһүттэн тэйиччи анньан, олоро биэрдим,киэр хайыстым. Мария Ивановна сыппытын курдук сытар,мин буруйдаммыттыы умса көрдүм,кини икки илиитинэн сирэйин саба тутунна. Быыстала суох ыллаан чыыбырҕаспыт чыычаахтар, "оо" дэспиттии кэлэйэн хам баран хаалбыкка дылылар. Уу-чуумпу,ким даҕаны саҥарбат. Чочумча сыппахтаан баран,Мария Ивановна күлэн тоҕо барда, ол курдук күлэ-күлэ туран кэлэн, ыга тута сылдьар "адидас" ыстаанын, "адидас" футболкатын тэбэннэ уонна миэхэ илиитин уунна:
    -Дьиэлиэххэ, Айаал.
    Мин илиибин хардары уунан турдум,Мария Ивановна илиибин ыыпата,ол курдук сиэттиспитинэн дэриэбинэҕэ тиийэн кэллибит. Бу сырыыга тус-туспа суолунан икки аҥыы барбатыбыт, тутуспутунан Мария Ивановна дьиэтигэр тиийэн кэллибит.
    -Кэллибит,- учууталым дьиэтин айаҕар тохтоото,-чэ,пока,-диэтэ. Мин аҥала курдук кэнниттэн көрөн турабын,ама маннык хобдохтук арахсан хаалыахпыт дуо,манан бүтэр дуо?
    -Мария И.., Ив..,-диэн эрдэхпинэ,доҕорум төптөрү сүүрэн кэллэ,моонньубар икки илиитинэн хатана түстэ уонна харса суох:
    -Ыыппаппын,-дии-дии ытаабытынан барда.
    Мин эмиэ ыга да ыга куустум,оннук куустуһан өр да өр турдубут.
    Баҕар дьон көрдүн,баҕар бүтүн дэриэбинэ да көрдүн,мин онно олох кыһаммаппын.

    Таһырдьа баһыйа хараҥара охсубут. Бачча хараҥаҕа тугу эрэ кылатар баҕайы киһи курдук, түннүгүнэн харахтана олорор эбиппин. Кыһыҥҥы күммүт тоҕо баҕас кылгаһай, соторутааҕыта сырдаан эрэр этэ да,хайы-сах харах тэстэр хараҥата буола охсубут. Остуолга тэлгэппит кумааҕыларбын бэрийбэтим дии,бэйэ көрүөххэ,үлэлээтэххэ сатанар. Дөкүмүөннэрбин биирдии-биирдии сыымайдыыбын,ол эрээри санаам олох атыҥҥа. Эмискэ бэйэлээхтик өй көтөн киирдэ,арай субу, сип-сибилигин Мария Ивановнаны көрдүү бардахпына хайдаҕый, баара буолуо дуо билигин? Баар буоллаҕына бүтүн киһини булан ылар инибин,кэбиһиилээх окко сүппүт иннэ буоллаҕай. Бачча дойдубар кэлбиччэ баран көрдүөххэ,аны хаһан төннөн кэлиэм биллибэт. Оскуолаттан саҥалыахха,онно чуолкай билэллэр буоллаҕа. Мин таҥнан тахсан иһэн дөкүмүөннэрбин көрөн,кэтэхпин тарбанан ыллым,ээ чэ сытан эрдиннэр. Бэргэһэбин оройбор уурунан,тахсан бара турдум. Оскуола диэки хааман иһэн, суолбуттан туора соҕус биир маҕаһыын "киирэн аас" диэбиттии аана тэлэллэн,уота биир кэм сандаара тырымныы турарын таба көрдүм. Онно соччо кыһаммакка ааһа баран иһэн,аны арыгы атыыланар чааһа бүтэн хаалыа,дии санаатым. Чэ бэйэ киирэн ааһыахха, учууталбын булбатахпына даҕаны куораппар илдьэ барыам буоллаҕа,биир эмэ киһи ыалдьыттыы кэллэҕинэ күндүлүөм. Куорат маҕаһыыныттан туох да итэҕэһэ суох дэлэй астаах-үөллээх маҕаһыын буолан биэрдэ,талбытын барыта баар,арай сыаналара балай эмэ ыарахан,чэ туох буолуой. Арыгы арааһа кырыы-кырыытынан анньыллыбыт,мин арыгыны араарбат сордоох бутулуннум,хаһан арыгы атыыласпытым баарай.
-Хайдах арыгыны ылыаххын баҕараҕыҥ,кимиэхэ анаан? Элэккэй бэйэлээх атыыһыт кыыс бутуллубуппун сэрэйдэ быһыылаах,ыйыта оҕуста.
-Миэхэ туох эрэ минньигэс,талба көрүҥнээх чэпчэки соҕус арыгы наада этэ уонна хоруопкалаах сакалаат.
Кыыс хап-сабар тала охсон биэрдэ. Дьэ кырдьык сэргэх бытыылкалаах,өссө хоруопкалаах эрээри чэпчэки сыаналаах арыгы буолан биэрдэ. Каассаҕа тиийэн оҕустараары уочараттаан турдум. Иннибэр,икки киһи нөҥүө, сиргэ соһуллар-соһуллубат сырдык дьүһүннээх нуорка саҕынньахтаах,ол курдук нуорка бэргэһэлээх, хобулуктаах саппыкылаах,омуннаан эттэххэ тоҥолоҕор тиийэ сыыһар уһун, хара тирии перчаткаларын хаҥас илиитигэр тутан, мааны да мааны дьахтар турар. Мин бачча сааспар диэри түүлээҕи үҥкүрүтэ сылдьан иистэнэр буоламмын,мааны дьахтар таҥаһын сирийэ кыҥастаһабын, тоҕо баҕас бэрдэй диэн сөҕөбүн-махтайабын. Ол турдахпына, уон түөртээх-биэстээх кыргыттар аттыбынан ааһан иһэннэр:
-Здравствуйте,Мария Ивановна,-диэтилэр.
-Здравствуйте,девочки,-мааны дьахтар хардарда.
Дьахтар атыыласпыт мала соччо элбэҕэ да суох буоллар,оҕолор:
-Вам помочь? Дэстилэр.
-Спасибо девочки,не надо,-диэтэ мааны дьахтар.
Мария Ивановна диэтилэр дуу, мин истибиппин итэҕэйбэккэ,дөйөн туран хааллым.Кэннибэр турар киһи ойоҕоско кэйбитигэр биирдэ уһугуннум. Мааны дьахтар харчытын төлөөн баран,былаатын көннөрүнэ турдаҕына көрбүтүм,отой билэр улахан баҕайы түгэхтээх сахалыы ытарҕата көстөн кэллэ. Ити кини, Мария Ивановна.Көрдөөбүт сыыһы булар диэн маны этэн эрдэхтэрэ.Ол эрээри тоҕо эрэ саҥам тахсыбат. Мария Ивановна мин диэки хайыста,хараҕа хатана түстэ,санаабар сип-сибилигин туох эрэ диэх курдук,суох, тахсар аан диэки бара турда,хайыһан эмиэ мин диэки көрдө. Тоҕо саҥарбаппыный,тоҕо тылбыттан маттым? Харчыбын төлүү охсоот,кэнниттэн сырыстым,таһырдьа тахсан хобулук тыаһын истэбин, а-һаа ол диэки тыаһыыр,ити кини атаҕын тыаһа,ону мин чопчу биллим. Арыгыбын хороччу туппутунан, кэнниттэн эккирэттим, өр-өтөр гыныам баара дуо ситэ баттаан ыллым уонна туох диэн кэпсэтэн саҥалыахпын билбэккэ,хам-бааччы кэнниттэн батыһан истим. Мария Ивановна тохтуу биэрдэ,кэннин даҕаны хайыспакка туран:
-Айаал Потапов,илэ-чахчы эн дуо? Диэт сымыыттаах пакетын мүлчү тутан кэбистэ. Мин куоска бэтэрээтинэн ыстанан кэлэн,сиргэ тиийэ илигинэ хабан ыллым:
-Мин,Мария Ивановна.
Учууталым эргийэ биэрдэ, төбөтүн түөспэр уурда уонна ытаабытынан барда. Барахсан, хараҕын уута бэтэрээ да сылдьаахтаабыт эбит. Оннук турдубут, дуоһуйуор диэри ытаахтаата, бэрт хойуу хараҕын кырааската бүтүннүү иэдэһигэр халыйда, ону платогунан туора-маары соттон кэбистэ.
-Арыгыланан,сакалааттанан ханна баран иһэҕиҥ? Диэтэ.
-Эйигин көрдүү баран испитим.
-Кырдьык дуо?
-Кырдьык.
-Чэ оччоҕо барыахха,-Мария Ивановна хоннохпуттан тутуһан кэбистэ.
Дьэрэкээн бэйэлээх сабыс-саҥа дьиэлэри ааһан, урукку дьиэтигэр тиийэн кэллибит.
-Киир,аас, Айаал Потапов,-диэн уоту умаппытыгар,эмискэ бэйэлээхтик этим тардан ылла. Дьиэ иһин эргиччи көрбүтүм туох да уларыйбатах, ол иһит уурар ыскаап,ол таҥас ыйыыр ыскаап,сабыыта суох остуол, икки киһи нэһиилэ кыбыллан олорор мас ыскамыайка, биир табуретка. Арай дьыбаана уларыйбыт дуу,сабыыта эрэ саҥардыллыбыт дуу. Тэлэбиисэр баара көстүбэт,арай музыкальнай центр эбиллибит,ону кытта компьютер турар. Мария Ивановна сыгынньахтанна, хобулуктаах саппыкытын устан,хобулуктаах тапочатын анньынна. Эмиэ уруккутун курдук ыга тутар былаачыйалаах,баттаҕа кылгаабыт, ол эрээри нуучча бэтэрээтинэн сырдык гына кырааскалаппыт. Кыһыл көмүс биһилэҕэ,ытарҕата хара баһаам. Сирэйэ ханан даҕаны мырчыстаҕаһа суох,эдэр эрдэҕинээҕитин курдук,киһи хараҕа саатыах, эчи маҥанын.
-Соҥҥун манна ыйаа,-диэбитигэр,ыскаабы арыйбытым,доҕо-оор,омуннаан эттэххэ сэттэ уон сэттэ саҕынньах арааһа ыйаммыт,аллараа өттүгэр хобулуктаах саппыкы тобус-толору кэчигирэспит. Ол тухары биир даҕаны тапочка,саатар алҕас көстүбэккэ атах сыгынньах сылдьар буоллум. Ол да буоллар дьиэтэ ып-ыраас,быыл сыстыбыта ханан да баара көстүбэт.
-Айаал,уол оҕото буола улааппыккын дии,-Мария Ивановна миигин көрө-көрө күлэр да күлэр.
-Кырдьыбыккын диэ.
-Үрүҥ баттах баарын көрбөппүн,кырдьыбыт сибикин биллибэт, саатар иһин ыххайбатах,-учууталым күлэрин уураппат.
Мария Ивановна халадьыынньыгын арыйан өҥөйөн көрдө,эмиэ да ыскаабын хаста эмэ арыйда,онтон тохтуу түһэн баран:
-Ээ,чэ ,сымыыт буһарыам,-диэхтээтэ, ол икки ардыгар икки сымыыты ылан чаанньыгар уга оҕуста уонна холбоон кэбистэ.
Ону көрө олорон күлүөх санаам тиийэн кэллэ.
-Тоҕо күлэҕиҥ?
-Мария Ивановна олох уларыйбатаххын,ол кэмҥэ хаалан хаалбыт курдуккуҥ.
-Оннук.Арыгыгын бу иһиккэ куттар инигин,-туох эрэ дьикти бэйэлээх иһити ыскаабыттан булан таһааран,остуолга хороччу туруорда.
Чаанньык оргуйан иһиирдэ, Мария Ивановна икки сымыытын ороон таһааран остуолга төгүрүтэн кэбистэ,халадьыынньыгыттан пироженнай таһааран уурда уонна эмиэ ыскаабын хаһыста:
-Ээ,чэ, биир чааскыттан чэй иһэр инибит,-диэн баран,харда эрэйбэккэ,ип-итии ууну кутан,"одноразовай" чэй укта уонна бачча дэлэй астаах остуолбар ыҥырарым дуу,суох дуу,диэбиттии утары көрөн мас ыскамыакатыгар олордо. Ол олорон мичээрдиир.
-Тугу саныырбын харахпынан киирэн,хасыһа сатыы олороҕуҥ дуу?
-Суох,урут боппутун дии,-ыҥырарын кэтэспэккэ табуретканы ылан утары олордум.
Бытыылкабын арыйан,дьикти бэйэлээх иһиккэ толору куттум уонна:
-Чэ көрсүһүүннэн,-диэн иһити биэрдим.
Мария Ивановна уоһунан таҕайда эрэ уонна аһыырҕатан төбөтүн быһа илгиһиннэ,төптөрү уунна.
Мин ылан хантатан кэбистим,онтукам доҕо-оор, кырдьык аһыы арыгы буолан биэрдэ. Бу сатана,мааҕын хайҕаабыт атыыһыт кыыспын испэр үөхсэбин, иһэргэ чэпчэки диэн этэ сатаабыппын өйдөөбөтөх,кыраадыстаах эрээри,сыаната чэпчэки арыгыны булан биэрбит. Мин чыычаах мэйии сордоох, арыгым испэр тиийбэккэ, тута төбөбөр тахсан хаалла,тиэрэ-маары көрбүтүнэн бардым.
-Айаал,билигин даҕаны кэпсээн кэмчи киһитэҕиҥ дуу?
-Дьиҥэр кэмчи этэ даҕаны,мантан киэһэ элбээн да турдаҕына көҥүлэ буолаары гынна.
-Чэ,оччоҕуна кэпсээн саҥалаа,хайдах олордуҥ,туох ситиһии.
Мин холуочуйан хаалбычча,айаҕым аһыллан олохпун бүтүннүү ытыска ууран биэрдим. Валяны кытта ыал буолбуппун,эдэр сааспар соҕотох хаалбыппын,икки оҕобун соҕотоҕун атахтарыгар туруорбуппун. Баара суоҕа икки сыллааҕыта,соҕотоҕун олорортон чуҥкуйан, уруккуттан билсэр дьахтарбын кытта сөпсөһөн холбоспуппун ыһа-тоҕо кэпсээтим. Ытамньыйан да ыллым быһыылаах.
-Онтон эн хайдах олордуҥ? Диэн ыйытыылаах кэпсээммин түмүктээтим.
-Дьиэм иһин эргиччи көр,туох да уларыйыы суох,олоҕум эмиэ оннук. Сарсыарда оскуолабар барабын,киэһэ кэлэбин,сарсыҥҥы күнүгэр эмиэ хатыланар,онтон эмиэ,онтон эмиэ...
Көстөн турары алҕас ыйытан кэбиспиппиттэн олус кэмсинним.Хайдах бачча үчүгэй кыыһы биир да уол таба көрбөтөҕө эбитэ буолла,дии санаан ыллым.
-Ээ,Айаал мин эйиэхэ тугу эрэ иһитиннэриэм,-Мария Ивановна туран,хоһугар киирдэ, онтон дискэ тутуурдаах тахсан,музыкальнай центырын холбоото.

Дьиэрэйэр музыка кутуллан
Эдэркээн сүрэхпин туймаардан,
Эрчимнээх бу вальска ыҥыран
Эргитэн эрэбин эйигин...

    Сии олорбут сымыыппар хара сыыстым. Ити оҕо сылдьан мин ыллаабыт ырыам дии. Өйдөөн кэллим иэстээхпин, холуочуйбучча харса суохпар киирбиччэ учууталбын кууһан ыллым:
-Мин иэстээх этим,ону хайаан даҕан төлөөтөхпүнэ сатанар,-диэтим.
-Өйдүүбүн,- Мария Ивановна биир илиитин санныбар уурда. Биһиги эргийбитинэн бардыбыт. Бу харахтар,миигин утары көрөр харахтар, тимирдим мин букатын,кый ыраах көтөммүн...

Эн эрэн миэхэҕэ доҕоруом
Элиэтии көтүтүөм,абылыам,
Эйиэхэ ананар туллугуом
Эйэҕэс тыллардаах бу ырыам.

Тэбиэлиир сүрэҕим долгуйан
Тэтэрэр иэдэһим кыбыстан,
Эриэкэс тыллары ымпыктаан
Этиэхпин билбэппин таптыырбын.

Эрэллээх илиигэ куустаран
Тэлээрэр суһуоҕун ыһыллан,
Кэрэҕин эн бүгүн, намчыгын
Бэлэхтээ бараммат мичээргин.

Тэскилиэх кураанах тыллартан
Тэйсимиэх ып-ыраас иэйииттэн,
Эн көрүүй харахпын утаран
Сэрэйиэн оччоҕо таптыырбын.

    Ырыа бүппүтэ ыраатта онтон мин кинини ыытыахпын баҕарбаппын,олох баҕарбаппын.
-Айаал,итирбиккин,харахтарын уоттаммыттар,-Мария Ивановна утары көрөр,куота да сатаабат,хата төптөрүтүн төбөтүн түөспэр уурар,- Айаал өйдүүгүн дуо Саҥа дьыл түүнүн.
Мин саҥарбаппын, өйдүүбүн,барытын өйдөөн кэллим, быдаҥ үйэҕэ умнубуппун эмиэ өйдөөтүм.
-Онно дьыбааҥҥа утуйа олорон дьикти түүлү түүһээбитим, муус маҥан таҥастаах кыыс кэлэн, "кини эн аналыҥ", диэбитэ уонна суорҕанынан бүрүйэ саппыта. Мин оннугу олох итэҕэйбэт бэйэм тоҕо эрэ итэҕэйбитим ээ.
Мин кинини өссө ыга куустум,онтон сыллаан ыллым,өссө сыллыыбын,ыга да ыга кууһабын...

Мин бүгүн итирбиппин
Харса суохпар киирбиппин,
Илэ-чахчы иирбиппин
Халыр-босхо барбыппын.

Кэми тэһэ кэйэммин
Эдэр сааспар тиийбиппин,
Кэрэ кыыһы сиэтэммин
Көҥүл көтөн эрэбин.

Көҥүл көтөн эрэбин,
Көҥүл көтөн эрэбин...

P.S.
    Сымнаҕас олбохтоох тойонум массыынатынан дойдум буолбут Дьокуускайым диэки айаннаан иһэбин. Суоппар уол чуҥкуйан,ону-маны ыйыталаһан,кэпсэтэ сатаата да,мэлигир саҥаран абыраабаппын. Кэннибин хайыһан төрөөбүт дойдум диэки көрөбүн, тэһэ баран "тохтоо,төннүөх" диэхпин баҕарабын.Онно хаалла мин күндү доҕорум,эдэр сааспар төннөрбүт аптаах түүнүм. Барыта ураты,барыта дьиҥ-чахчы,барыта судургу, олохпор билбэтэх дьикти иэйиим. Бачча сааспар диэри таптал баарын билбэтэҕим, итэҕэйбэппин даҕаны. Таптыыбын диэн тылы туттан эрэрбин бу диэн өйдөөбөппүн даҕаны. Суох,суох кэбис,кини олоҕо туһунан,мин олоҕум туһунан. Ол эрээри син биир сүрэҕим ньүөлүйэр,киниэхэ тардыһар. Мэлдьэһиэхпин хайдах да кыаллыбат. Ама дуу билигин кэлэн...

Күндү ааҕааччыларым манан кэпсээним бүтэр. Аныгыскы кэпсээннэрбэр көрсүөххэ диэри.

Добавить комментарий