Главная / Кэпсээннэр / Табыллыбатах олох
Добавить комментарий
Ааҥҥытын аһын,- диэн суостаах хаһыыны кытары ааны тэбиэлиир тыас иһиллэр. Тимир аан хас тэбии ахсын, бүтүн уопсай дьиэни барытын уйгуурдан, үлүгэр тыаһын -ууһун таһааран ньиргийэр. -Аспаппын, сарсын өйдөнөн баран кэлээр, өйдөөххө кэпсэтиэх,- диэн көрдөһө -көрдөһө уһун унуохтаах, кылгас, кыырыктыйан эрэр баттахтаах, саас ортолоох киһи аан аттыгар турар. Бу, аан таһыгар көрдөһө турар киһини өйдөөн көрдөххө хараҕа кытара-кытара көҕөрүөр дылы быһа охсуллан дьолточчу испит. Уоһа эмиэ быһа охсуллубут, онтуттан хаан таммалыырын ытыһынан саба туттан турар. Эргэ, тимир аан күүстээх тэбиэлээһиннэри тулуйда. Хатыылаах аан тас өттүгэр, -билээттэр, дьэ итинник буоллаххытына,- диэн хаһыытыыр саҥа иһилиннэ, атах тыаһа кирилиэс устун аллараа сүүрэн түһэр тыаһа тилигирээтэ. Эргэ мас дьиэ тас аана сүр күүстээхтик, таас- гынан сабыллар тыаһа иһиллэн ааста. Бэйэтэ нэһиилэ, сууллар – сууллубат ыккардынан турар, аварийнай туруктаах дьиэ, ол күүстээх сабыыттан титирэстээн ыларга дылы гынна. Өр- өтөр буолбата, аны массыына собуоттанар тыаһа иһилиннэ, харса хабыра суох газтанан, массыына дьиэ кытыытынан эргийэ барар штакеттик күрүөнү тоҕу көтөр, ол кэннэ штакетниктары тоһута тэпсэр тыаһа иһилиннэ. -Билээттэр, киириэм да өлөртүөм,- диэн хаһыы сүр суостаахтык аны утуйар хос түннүгүн анныттан сатараата. Ааҥҥа, сарсын кэлээр диэн көрдөһө турбут киһи аны хаһыы иһиллибит түннүк баар хоһугар ыксал бөҕөннөн киирдэ. Икки этээстээх, самналлыбыт, эргэрэн көтуллэрэ эрэ хаалбыт дьиэ иккис этээһин түннүгүнэн таһырдьаны өнөйөн көрбүтэ, уола улахан джип массыынатын түннүк анныгар аҕалбыт. Массыынаттан салҕанан аны түннүгүнэн киирэрдии оҥостон эрэр. Оо дьэ, билигин киирдэ да кырдьык кырбаталаан өлөттүүр дии санаата да, бу турар киһи сүр сымсатык дьыбаан анныгар сытар, саас быраата аҕалан уурбут саатын сулбу тардан ылла. Саа аттыгар хаа ботуруон сыппытыттан биир ботуруону ылан биэстэ эстэр саа устубуолугар уга охсон баран төттөрү туннуккэ кэллэ. Түннүгүнэн тахсан иһэр уол, дьиэ иһинээҕи киһи саалаах турарын көрөөт: -Билээ т, өссө сааламмыт буола- буола, саалана оонньообуккун сибилигин киирдим да пиздескин тасаарыам-диэн сүр кырыктаахтык хаһыыраат аһыллар түннүк кыра тутаахтааҕыттан хабан ылла. Ол тутаах дуомуттан түннүгүн күүскэ аһардыы тардыбытыгар бэйэтэ да эргэрэн, эмэх буолан нэһиилэ иҥнэн турбут түннүк ыһыллан, өстүөкүлэлэри, араамалары куруппа курдук баран, сиргэ таммалаата. Дьиэ иһигэр саалаах турар киһи синигэр туһэн, түннүккэ ыттан эрэр уолга- дьэ ноко,итинник буоллаххына өлөрөр бу баар- диэн утары хаһыытаат, уол төбөтүн көрөн баран саатын сомуогун тардан кэбистэ. Саа тыаһа кыараҕас хоско сүр күүскэ ньиргийэ түстэ, эстибит саа буораҕын хабархай сыта уонна буруота хос иһин ылан кэбистэ. Түннүгүнэн киирэрдии оҥостон испит, иирбитэ да, итирбитэ да биллибэт уол сирэйэ тоҕу ытыллан, кытар гына, хаана ыһылла түстэ уонна үөһэттэн аллараа диэки сууллан, тимис гынан хаалла. Дьиэлээх хаһаайын аргыый аҕай саатын истиэнэҕэ өйөннөрө уурда. Ыстаанын хаҥас сиэбиттэн салҕалас тарбахтарынан табах ылан уматынна, иккитэ -үстэ күүскэ оборон,табагын буруотун эҕирийбэлээн баран иккис сиэбиттэн сотовай телефонун хостоон ылла. 02 нүөмэри булан эрийдэ. Анараа өттүттэн- аллоо, полиция истэр- диэн эппиэт иһилиннэ. -Мин киһини ытан кэбистим, кэлэн ылын, аадырыһым Строда уулусса иккитэ. Телефон анараа өттүгэр: - Киһини өлөрүүннэн оонньоомо, сымыйа информация иһин уголовнай эппиэтинэс диэн баар - диэн хардардылар. -Оонньообоппун, кэлэн ылын, аадырыһым Строда уулусса иккитэ. Ити кэпсэтэ турдаҕына хос аана аһылынна, сирэй- харах биллибэт гына үлтү кырбаммыт, эмиэ дьиэлээх киһи барыллаа саастаах, маах- маҥан, мэктиэтигэр саһарбыт баттахтаах, модьу- таҕа киһи нэһиилэ байааттаҥнаан киирэн кэллэ. -Хайа доҕоор, уолгун ытан кэбистин дуу? Оо дьэ, эмиэ тубэһэр дьон буоллубут,- диэн курутуйбут саҥата иһилиннэ. -Ээ чэ, сүөһү өллүн. Ыппатаҕым буоллар бэйэбитин тыыннаах хааллартыыра биллибэт этэ. Зонаҕа да олоруллуо, олорон кэлбит сирбит. Иккиэн уку-суку, эргэ дьыбааҥҥа кэккэлэһэ олордулар. Элбэҕи көрбүт эргэ дьыбаан ыарырҕаппыттыы хаачыгыраан ылла. -Миигин итиннэ кыбытыма, оо дьэ, таах да кэлэн быстахха былдьанным. Көрсүбэтэхпит да буоллар ордук буолуо эбит. -Ээ суох, эн итиннэ туох да кыттыгаһыҥ суох, тоҕо эмиэ кыбылыннаххыный? Көрсүһүү диэ? Олохпутугар манна кэлэн көрсүөхтээххит, маннык буолуохтаах диэн эрдэттэн суруллан турдаҕа, ону хайдах да уларыппаккын. Аҕыйах чаас анараа өттүгэр сүүрбэччэ сыл көрсүбэтэх табаарыстыылар көрсүбүт үөрүүлээх түгэннэрэ дьэ итинник хобдох түмүктээх буолан таҕыста. Ити барыта кинилэргэ, табыллыбатах олохтоох дьоҥҥо, куруук буоларын курдук көрсүһүү арыгыннан бэлиэтэммитин түмүгэ. Күлэ-үөрэ кэпсэтэн, аһыы- сии олордохторуна дьиэтигэр олордор быраат уола кэлбитэ. Бииргэ асаһан иһэн биир тылтан хапсан айдаан таһааран ыалдьыты охсубута, ол кэннэ көмүскэһэн турбун убайын кытары ыалдьыт иккиэн кырбаммыттара. Өлөрдүү тэпсиллиэх дьон быраат наадатыгар таһырдьа тахсар кэмигэр ааны хатаан ити тыыннаах хааллылар. Бэйэлэрин кэмнэригэр мээнэ киһи киирэн биэрбэт ыарахан дьоно саас ылан эдэргэ баһыйтардахтара. -Эн сааһыран баран өссө биирдэ, элбэх сылга хаайыыга тубэһэн тахсыаҥ. Ол хаайыыттан тахсан баран өр буолуоҥ суоҕа, уһаатаҕына үс- түөрт ый эрэ буолуоҥ уонна өлүөҕүн диэн билгэлээн эппит,- сахаттан биир, киһи олоҕун курдары көрөр көрбүөччү эппит тылын дьиэ хаһаайына дьыбааҥҥа,саҥата суох умса туттан олорон санаан кэллэ. Ити тыллар отой өрдөөҕүтэ, иккис төгүлүн хаайыыттан тахсан, итиэннэ ол дойдуга хайдах да үһүстээн барбат санаалаах кэмигэр этиллибиттэрэ. Ол кэмнэргэ отутча эрэ сааһыттан тахсыбыт, күүс- уох, оту-маһы тардар, санаа кууһунэн луому токурутар кэмигэр этэ. Онон ити тыллары оччолорго улаханнык итэҕэйбэтэҕэ. Иккис өттүнэн сааһырыы диэн киниэхэ ол кэмҥэ ханна эрэ, отой ыраах курдуга. Өр өтөр буолбата, милиисийэ массыынатын сириэнэтин тыаһа иһилиннэ, массыына ааннара ыксаабыттыы аһыллар сабыллар тыастара лабырҕаатылар. Хаһаайын туран түннүгүнэн таһырдьаны өҥөйөн көрдө. Киһитигэр: - Бөхтөр кэллилэр, чэ бэлэмнэн диэтэ. Ол эрэн бу олорор дьон тугу бэлэмнэниэхтэрэй? Суох буоллаҕа. Ханнык түннүктэн аллараа, массыына аттыгар сытар киһи ытыллыбытын көрөн, автоматтарын ытардыы бэлэм туппут милиисийэ уолаттара түннүккэ турар киһиэхэ сааҕын манна бырах диэн хаһыытастылар. Хайыай, истиэнэҕэ өйөнөн турар саатын ылан аһаҕас түннүгүнэн аллараа бырахта. Ытардыы бэлэм турар уолаттар, илиигин үөһэ уун уонна хамсаама диэн сэрэттилэр. Ити кэмҥэ алларааттан кирилиэс устун өрө сүүрэн тахсар атах тыастара иһилиннилэр. Ааны күүскэ тоҥсуйан лиһигирэтэн бардылар. -Хайыыбын ааны аһабын дуо? диэн автоматтаах, аллараттан ытардыы бэлэм турар уолаттартан ыйытта. -Сэрэн, акаарытыайыаҥ да сэрэтиитэ суох ытабыт, баран ааны ас. Ааҥҥа тиийэн олуурун ылла, кулууһун эрийэн аста, икки милиисийэ формалаах уол киирэн кэллилэр да бэйэтэ нэһиилэ турар киһини түҥнэри охсон туһэрдилэр уонна умса эргитээт икки бэгэччэгэр наручник кэтэрдэн кэбистилэр. Онтон хоско киирэн, оо, өссө биир киһи баар дэһэр саҥалара иһилиннэ. Син биир наручниктыылларын билэн, илиитин утары уунан турар киһиэхэ наручник кэтэрдэн, хостон таһааран, кухняга турар олоппоско олортулар. Муостаҕа умса сытыарбыт, наручниктаабыт хаһаайыннарын өрө тардан муостаттан туруордулар, ол кэннэ бастакы киһилэрин кэккэлэһиннэрэ устуулга олортулар. Сотору өссө массыыналар кэлэр тыастара иһилиннэ. Эбии хас да киһи киирдэ. Биир киһи остуолга утары олорон, бастакы доппуруоһу кумааҕы ылан суруйан барда. Ити кэннэ таһаараа, ыаллыы квартиралартан, алдьархайтан саһан, уу- чуумпутук бүгэн олорбут ыалларын биир- биир ыҥыртаан тугу көрбуттэрин- истибиттэрин ыйыталаһан сурунан ыллылар. Таһырдьа сылдьар милиисийэ дьоно массыына уонна дьиэ ыккардыгар кыбыллан сытар, төбөтө тоҕу ытыллан, былыыр үйэ өлөн хаалбыт уолу хаартыскага түһэрэллэр, тугу эрэ бэлиэтэнэллэр. Онон итиннэ эмиэ туһунан улэ бара турар. Хас да чаас ити курдук үлэлээн, ыйыталаһан, кэпсэтэн, сурунан баран, тутуллубут дьонноругар, ыҥырыллыбыт ыалларагар илии баттаттылар. Дьэ ол кэннэ: -Бүттүбүт, дьиэҥ күлүүһэ ханна баарый?- диэн дьиэлээх хаһаайынтан ыйыттылар. -Итиннэ таҥас ыйыыр аттыгар ханна эрэ сытара буолуо, көрүҥ. -Бу сытар эбит, бардыбыт- диэн устуулларыттан нэһиилэ турбут наручниктаах дьоннорун иннилэригэр уктан дьиэттэн таҕыстылар. Алдьаммакка уонна аһыллыбакка, бу тутуллан тахсан иһэр дьоҥҥо үрүн күн сырдыгын көрөллөрүн уһаппыт тимир ааны таһыттан хатаан, бэчээттээх кумааҕыны сыһыаран кэбистилэр. Ол аата бу дьиэ хонтуруолга киирдэ, туора киһи киирэрэ итиэннэ көҥүллэммэтин бэлиэтэ.
"Көҥүл- көҥүл көҥүүл, киһиэхэ күндү",- диэн Аскалон Павлов ырыатын ыллыах курдук. Олох олоруу диэн уустук. Былыргылар :- " Олох олоруу- кыра үрэҕи туорааһын буолбатах". "Ытыллыбыт ох төннүбэт",- диэн сөптөөх да этиилэрэ бааллар. Олорон ааспыт олоҕуҥ үчүгэй да, хобдох да буоллун, хос хайдах да эргиппэккин, сыыһатын көннөрбөккүн. Хаар маҥан баттахтаммыт, уруккута уһун уҥуохтаах киһи нуксуйэн эрэрэ, саас ылан эбитэ дуу? санаа - оноо кыайан эбитэ дуу? , хаппыт- куурбут эттээх- сииннээх киһи зона олбуорун аана аһыллыбытыгар аа- дьуо тахсан кэллэ. Кыһыҥҥы тымныы салгыны түөҺүгэр толору эҕирийдэ, көрдөҕүнэ туман быыһыгар хас да массыына кэлэн турара көстөр. Ити, эмиэ табыллыбатах олохтоох, олохторун хаайыыга аһарбыт дьон кинини көрсө кэлэн олороллор. Олох салҕанар. Ол эрэн ким, туох эйигин көҥүлгэ күүтэр?. Үөһэттэн ыйыллыбыты курдары көрөр көрбүөччү эппит тыла кырдьык буолуо дуо. Бу кылгас кэпсээн, доҕорум Гоша Данилов- дьоҥҥо биллэринэн Дьиикэй Гоша хаайыыттан тахсарын кытары суруллубута. Тахсан баран бу орто дойдуга кырдьык өр буолбатаҕа. Кинилиин биир баҕа санаалаах этибит, дьоммутугар- сэргэбитигэр 90-с сыллар уустук, уларыйыылар кэмнэрин, криминал, предприниматель, боростой дьон олоҕун холбоон сэһэн гына суруйан хаалларар.
Ааҥҥытын аһын,- диэн суостаах хаһыыны кытары ааны тэбиэлиир тыас иһиллэр. Тимир аан хас тэбии ахсын, бүтүн уопсай дьиэни барытын уйгуурдан, үлүгэр тыаһын -ууһун таһааран ньиргийэр.
-Аспаппын, сарсын өйдөнөн баран кэлээр, өйдөөххө кэпсэтиэх,- диэн көрдөһө -көрдөһө уһун унуохтаах, кылгас, кыырыктыйан эрэр баттахтаах, саас ортолоох киһи аан аттыгар турар. Бу, аан таһыгар көрдөһө турар киһини өйдөөн көрдөххө хараҕа кытара-кытара көҕөрүөр дылы быһа охсуллан дьолточчу испит. Уоһа эмиэ быһа охсуллубут, онтуттан хаан таммалыырын ытыһынан саба туттан турар. Эргэ, тимир аан күүстээх тэбиэлээһиннэри тулуйда. Хатыылаах аан тас өттүгэр, -билээттэр, дьэ итинник буоллаххытына,- диэн хаһыытыыр саҥа иһилиннэ, атах тыаһа кирилиэс устун аллараа сүүрэн түһэр тыаһа тилигирээтэ. Эргэ мас дьиэ тас аана сүр күүстээхтик, таас- гынан сабыллар тыаһа иһиллэн ааста. Бэйэтэ нэһиилэ, сууллар – сууллубат ыккардынан турар, аварийнай туруктаах дьиэ, ол күүстээх сабыыттан титирэстээн ыларга дылы гынна.
Өр- өтөр буолбата, аны массыына собуоттанар тыаһа иһилиннэ, харса хабыра суох газтанан, массыына дьиэ кытыытынан эргийэ барар штакеттик күрүөнү тоҕу көтөр, ол кэннэ штакетниктары тоһута тэпсэр тыаһа иһилиннэ.
-Билээттэр, киириэм да өлөртүөм,- диэн хаһыы сүр суостаахтык аны утуйар хос түннүгүн анныттан сатараата. Ааҥҥа, сарсын кэлээр диэн көрдөһө турбут киһи аны хаһыы иһиллибит түннүк баар хоһугар ыксал бөҕөннөн киирдэ. Икки этээстээх, самналлыбыт, эргэрэн көтуллэрэ эрэ хаалбыт дьиэ иккис этээһин түннүгүнэн таһырдьаны өнөйөн көрбүтэ, уола улахан джип массыынатын түннүк анныгар аҕалбыт. Массыынаттан салҕанан аны түннүгүнэн киирэрдии оҥостон эрэр. Оо дьэ, билигин киирдэ да кырдьык кырбаталаан өлөттүүр дии санаата да, бу турар киһи сүр сымсатык дьыбаан анныгар сытар, саас быраата аҕалан уурбут саатын сулбу тардан ылла. Саа аттыгар хаа ботуруон сыппытыттан биир ботуруону ылан биэстэ эстэр саа устубуолугар уга охсон баран төттөрү туннуккэ кэллэ. Түннүгүнэн тахсан иһэр уол, дьиэ иһинээҕи киһи саалаах турарын көрөөт:
-Билээ т, өссө сааламмыт буола- буола, саалана оонньообуккун сибилигин киирдим да пиздескин тасаарыам-диэн сүр кырыктаахтык хаһыыраат аһыллар түннүк кыра тутаахтааҕыттан хабан ылла. Ол тутаах дуомуттан түннүгүн күүскэ аһардыы тардыбытыгар бэйэтэ да эргэрэн, эмэх буолан нэһиилэ иҥнэн турбут түннүк ыһыллан, өстүөкүлэлэри, араамалары куруппа курдук баран, сиргэ таммалаата. Дьиэ иһигэр саалаах турар киһи синигэр туһэн, түннүккэ ыттан эрэр уолга- дьэ ноко,итинник буоллаххына өлөрөр бу баар- диэн утары хаһыытаат, уол төбөтүн көрөн баран саатын сомуогун тардан кэбистэ. Саа тыаһа кыараҕас хоско сүр күүскэ ньиргийэ түстэ, эстибит саа буораҕын хабархай сыта уонна буруота хос иһин ылан кэбистэ.
Түннүгүнэн киирэрдии оҥостон испит, иирбитэ да, итирбитэ да биллибэт уол сирэйэ тоҕу ытыллан, кытар гына, хаана ыһылла түстэ уонна үөһэттэн аллараа диэки сууллан, тимис гынан хаалла.
Дьиэлээх хаһаайын аргыый аҕай саатын истиэнэҕэ өйөннөрө уурда. Ыстаанын хаҥас сиэбиттэн салҕалас тарбахтарынан табах ылан уматынна, иккитэ -үстэ күүскэ оборон,табагын буруотун эҕирийбэлээн баран иккис сиэбиттэн сотовай телефонун хостоон ылла. 02 нүөмэри булан эрийдэ. Анараа өттүттэн- аллоо, полиция истэр- диэн эппиэт иһилиннэ. -Мин киһини ытан кэбистим, кэлэн ылын, аадырыһым Строда уулусса иккитэ. Телефон анараа өттүгэр: - Киһини өлөрүүннэн оонньоомо, сымыйа информация иһин уголовнай эппиэтинэс диэн баар - диэн хардардылар. -Оонньообоппун, кэлэн ылын, аадырыһым Строда уулусса иккитэ. Ити кэпсэтэ турдаҕына хос аана аһылынна, сирэй- харах биллибэт гына үлтү кырбаммыт, эмиэ дьиэлээх киһи барыллаа саастаах, маах- маҥан, мэктиэтигэр саһарбыт баттахтаах, модьу- таҕа киһи нэһиилэ байааттаҥнаан киирэн кэллэ.
-Хайа доҕоор, уолгун ытан кэбистин дуу? Оо дьэ, эмиэ тубэһэр дьон буоллубут,- диэн курутуйбут саҥата иһилиннэ.
-Ээ чэ, сүөһү өллүн. Ыппатаҕым буоллар бэйэбитин тыыннаах хааллартыыра биллибэт этэ. Зонаҕа да олоруллуо, олорон кэлбит сирбит.
Иккиэн уку-суку, эргэ дьыбааҥҥа кэккэлэһэ олордулар. Элбэҕи көрбүт эргэ дьыбаан ыарырҕаппыттыы хаачыгыраан ылла.
-Миигин итиннэ кыбытыма, оо дьэ, таах да кэлэн быстахха былдьанным. Көрсүбэтэхпит да буоллар ордук буолуо эбит.
-Ээ суох, эн итиннэ туох да кыттыгаһыҥ суох, тоҕо эмиэ кыбылыннаххыный? Көрсүһүү диэ? Олохпутугар манна кэлэн көрсүөхтээххит, маннык буолуохтаах диэн эрдэттэн суруллан турдаҕа, ону хайдах да уларыппаккын.
Аҕыйах чаас анараа өттүгэр сүүрбэччэ сыл көрсүбэтэх табаарыстыылар көрсүбүт үөрүүлээх түгэннэрэ дьэ итинник хобдох түмүктээх буолан таҕыста. Ити барыта кинилэргэ, табыллыбатах олохтоох дьоҥҥо, куруук буоларын курдук көрсүһүү арыгыннан бэлиэтэммитин түмүгэ. Күлэ-үөрэ кэпсэтэн, аһыы- сии олордохторуна дьиэтигэр олордор быраат уола кэлбитэ. Бииргэ асаһан иһэн биир тылтан хапсан айдаан таһааран ыалдьыты охсубута, ол кэннэ көмүскэһэн турбун убайын кытары ыалдьыт иккиэн кырбаммыттара. Өлөрдүү тэпсиллиэх дьон быраат наадатыгар таһырдьа тахсар кэмигэр ааны хатаан ити тыыннаах хааллылар. Бэйэлэрин кэмнэригэр мээнэ киһи киирэн биэрбэт ыарахан дьоно саас ылан эдэргэ баһыйтардахтара.
-Эн сааһыран баран өссө биирдэ, элбэх сылга хаайыыга тубэһэн тахсыаҥ. Ол хаайыыттан тахсан баран өр буолуоҥ суоҕа, уһаатаҕына үс- түөрт ый эрэ буолуоҥ уонна өлүөҕүн диэн билгэлээн эппит,- сахаттан биир, киһи олоҕун курдары көрөр көрбүөччү эппит тылын дьиэ хаһаайына дьыбааҥҥа,саҥата суох умса туттан олорон санаан кэллэ. Ити тыллар отой өрдөөҕүтэ, иккис төгүлүн хаайыыттан тахсан, итиэннэ ол дойдуга хайдах да үһүстээн барбат санаалаах кэмигэр этиллибиттэрэ. Ол кэмнэргэ отутча эрэ сааһыттан тахсыбыт, күүс- уох, оту-маһы тардар, санаа кууһунэн луому токурутар кэмигэр этэ. Онон ити тыллары оччолорго улаханнык итэҕэйбэтэҕэ. Иккис өттүнэн сааһырыы диэн киниэхэ ол кэмҥэ ханна эрэ, отой ыраах курдуга. Өр өтөр буолбата, милиисийэ массыынатын сириэнэтин тыаһа иһилиннэ, массыына ааннара ыксаабыттыы аһыллар сабыллар тыастара лабырҕаатылар. Хаһаайын туран түннүгүнэн таһырдьаны өҥөйөн көрдө.
Киһитигэр: - Бөхтөр кэллилэр, чэ бэлэмнэн диэтэ.
Ол эрэн бу олорор дьон тугу бэлэмнэниэхтэрэй? Суох буоллаҕа.
Ханнык түннүктэн аллараа, массыына аттыгар сытар киһи ытыллыбытын көрөн, автоматтарын ытардыы бэлэм туппут милиисийэ уолаттара түннүккэ турар киһиэхэ сааҕын манна бырах диэн хаһыытастылар. Хайыай, истиэнэҕэ өйөнөн турар саатын ылан аһаҕас түннүгүнэн аллараа бырахта. Ытардыы бэлэм турар уолаттар, илиигин үөһэ уун уонна хамсаама диэн сэрэттилэр. Ити кэмҥэ алларааттан кирилиэс устун өрө сүүрэн тахсар атах тыастара иһилиннилэр. Ааны күүскэ тоҥсуйан лиһигирэтэн бардылар. -Хайыыбын ааны аһабын дуо? диэн автоматтаах, аллараттан ытардыы бэлэм турар уолаттартан ыйытта. -Сэрэн, акаарытыайыаҥ да сэрэтиитэ суох ытабыт, баран ааны ас.
Ааҥҥа тиийэн олуурун ылла, кулууһун эрийэн аста, икки милиисийэ формалаах уол киирэн кэллилэр да бэйэтэ нэһиилэ турар киһини түҥнэри охсон туһэрдилэр уонна умса эргитээт икки бэгэччэгэр наручник кэтэрдэн кэбистилэр. Онтон хоско киирэн, оо, өссө биир киһи баар дэһэр саҥалара иһилиннэ. Син биир наручниктыылларын билэн, илиитин утары уунан турар киһиэхэ наручник кэтэрдэн, хостон таһааран, кухняга турар олоппоско олортулар. Муостаҕа умса сытыарбыт, наручниктаабыт хаһаайыннарын өрө тардан муостаттан туруордулар, ол кэннэ бастакы киһилэрин кэккэлэһиннэрэ устуулга олортулар. Сотору өссө массыыналар кэлэр тыастара иһилиннэ. Эбии хас да киһи киирдэ. Биир киһи остуолга утары олорон, бастакы доппуруоһу кумааҕы ылан суруйан барда. Ити кэннэ таһаараа, ыаллыы квартиралартан, алдьархайтан саһан, уу- чуумпутук бүгэн олорбут ыалларын биир- биир ыҥыртаан тугу көрбуттэрин- истибиттэрин ыйыталаһан сурунан ыллылар. Таһырдьа сылдьар милиисийэ дьоно массыына уонна дьиэ ыккардыгар кыбыллан сытар, төбөтө тоҕу ытыллан, былыыр үйэ өлөн хаалбыт уолу хаартыскага түһэрэллэр, тугу эрэ бэлиэтэнэллэр. Онон итиннэ эмиэ туһунан улэ бара турар. Хас да чаас ити курдук үлэлээн, ыйыталаһан, кэпсэтэн, сурунан баран, тутуллубут дьонноругар, ыҥырыллыбыт ыалларагар илии баттаттылар. Дьэ ол кэннэ: -Бүттүбүт, дьиэҥ күлүүһэ ханна баарый?- диэн дьиэлээх хаһаайынтан ыйыттылар.
-Итиннэ таҥас ыйыыр аттыгар ханна эрэ сытара буолуо, көрүҥ.
-Бу сытар эбит, бардыбыт- диэн устуулларыттан нэһиилэ турбут наручниктаах дьоннорун иннилэригэр уктан дьиэттэн таҕыстылар. Алдьаммакка уонна аһыллыбакка, бу тутуллан тахсан иһэр дьоҥҥо үрүн күн сырдыгын көрөллөрүн уһаппыт тимир ааны таһыттан хатаан, бэчээттээх кумааҕыны сыһыаран кэбистилэр. Ол аата бу дьиэ хонтуруолга киирдэ, туора киһи киирэрэ итиэннэ көҥүллэммэтин бэлиэтэ.
"Көҥүл- көҥүл көҥүүл,
киһиэхэ күндү",- диэн Аскалон Павлов ырыатын ыллыах курдук. Олох олоруу диэн уустук. Былыргылар :- " Олох олоруу- кыра үрэҕи туорааһын буолбатах". "Ытыллыбыт ох төннүбэт",- диэн сөптөөх да этиилэрэ бааллар. Олорон ааспыт олоҕуҥ үчүгэй да, хобдох да буоллун, хос хайдах да эргиппэккин, сыыһатын көннөрбөккүн. Хаар маҥан баттахтаммыт, уруккута уһун уҥуохтаах киһи нуксуйэн эрэрэ, саас ылан эбитэ дуу? санаа - оноо кыайан эбитэ дуу? , хаппыт- куурбут эттээх- сииннээх киһи зона олбуорун аана аһыллыбытыгар аа- дьуо тахсан кэллэ. Кыһыҥҥы тымныы салгыны түөҺүгэр толору эҕирийдэ, көрдөҕүнэ туман быыһыгар хас да массыына кэлэн турара көстөр. Ити, эмиэ табыллыбатах олохтоох, олохторун хаайыыга аһарбыт дьон кинини көрсө кэлэн олороллор.
Олох салҕанар. Ол эрэн ким, туох эйигин көҥүлгэ күүтэр?. Үөһэттэн ыйыллыбыты курдары көрөр көрбүөччү эппит тыла кырдьык буолуо дуо.
Бу кылгас кэпсээн, доҕорум Гоша Данилов- дьоҥҥо биллэринэн Дьиикэй Гоша хаайыыттан тахсарын кытары суруллубута. Тахсан баран бу орто дойдуга кырдьык өр буолбатаҕа. Кинилиин биир баҕа санаалаах этибит, дьоммутугар- сэргэбитигэр 90-с сыллар уустук, уларыйыылар кэмнэрин, криминал, предприниматель, боростой дьон олоҕун холбоон сэһэн гына суруйан хаалларар.