олохтон дьицнээх кэпсээн буолбатах эбт ди. 1) 33 саастааххын огоц 1 класс 7 с знчт 26 с тереебуккун, ол кэмцэ студеццын. хайдах 26 с сыалай дьахтар беременнай слдьн дьонугар иитиллэн олорор санаалаах буолуой? бэйэзин ого баи крдк описывайдаабыккын нестыковка, или ол бастакы ого сатамматага ду? тьфу3 иэдээн. уонна Алеша 80 с эн где то 83 с Алеша моторола рэйзор в3 (ону имела ввиду ди) куоракка где то 2004-5 с кэлбитэ. аны ол сагана горизонт рт этэ ди минутага 10 рб минимум ылар этэ тлф кэпсэтэр киьи агыйах этэ, эн бо чааьы чааьынан кэпсэтэр крдк суруйбуккун мегафон мтс 2006 с биирдэ кэлбиттэрэ по моему но тогда вы уже старички буоллаххыт 2) все люди понимают, что мы в ответе за тех, кого приручили. итиччэ теплай сыьыаннаах эрээри итинник мас таас крдк грубайдык уурэн кэбиьэр нелогично. тем более ты хорошо его знаешь. онтон того эрэ учугэйдик билбэт Аликкынаан сразу бииргэ олорон барбытыц.3) милиция тутара уонна телогрейкалаах слдьра неправдоподобно. телогрейканы блгн да в 2000х да киьи музейга эрэ булан керуе этэ. аны дьабакы модата диэбиккин дьабакы ессе в конце 90 мода этэ, 2001-2 уже ааспыта. ол аата хас сыллаахха ол киьигинээн ыал буолбуккунуй? 2001-2 сс сотовай олох редкость этэ, олох агыйах киьигэ керееччум и то онон кэпсэтэллэрин ейдеебеппун, крч дорогое удовольствие этэ 4) хайдах ол ыал буолан (сожительстволаан) дьоццор хат кэлэн иитиллэн олоруохха себуй? они что, обязаны воспитывать и обеспечивать твоего ребенка? чэ ити моменнарв мин ейдеебетум хайдах хат буолан баран тугу да былааннаабакка подарок крдк иитиллэн баран олоруохха себуй если оба родителя так и норовят тебя поженить. айыллыбыт да буоллар учугэй кэпсээн, кртк психологиялаатахха эр дьоццо хом санаалааххын ону ити Алешаны сордообуккунан кердерегун.
Автор: Уйбаан 92 21 сентября 2016
Кэпсээн тус бэйэ аата "Маҥнайгы таптал"
Хас биирдии киһи маҥнайгы тапталын этинэн-хаанынан билбит буолуохтаах, ким эрэ харах уутун туустаах амтанын амсайдаҕа, кимиэхэ эрэ дьэдьэн амтаныныы минньигэс мүөттээх буоллаҕа, ол эрэн хомойуох иһин мин олохпор маҥнайгы таптал күүстээхтик, суостаахтык умайаат уостубута, барыта күлгэ кубулуйбута... Мин сирдээҕим аналым бэҕэһээ киэһээ утуйардыы оҥостон сыппытым кэннэ whatsapp-ка суруйбута, наһаа да ахтыбыт эбиппин тапталбын, хаһан командировкаттан кэлэрин күннэтэ күүтэбин, оҕом сыыһа аҕатын эмиэ ахтыбыт аҕай "Хаһан кэлэрий? Иккитэ утуйан турдум да суох дии" диэн маҥнайгы кылаасска үктэммит кыысчааммыт мунчаарар. Мин бэйэбин сырдатар буоллахпына 33-гэр сылдьар кыыспын дэнэрим ду, дьахтарбын дэнэрим дуу))) күнтэн күн күммүт эр-биир солбуллан ааһан иһэр, ыйдар, сыллар-хонуктар... Күн-дьыл ааһара түргэниин, соторутаахха аҕай ыал буолан эрэйи-муҥу көрөн эрэр этибит да, номнуо аҕыс төгүрүк сыл ааһа охсубут эбит. Мин бэйэм маҥнайгы тапталбын суруйуохпун баҕарар эбиппин, өйдүүр эрдэхпинэ))) баҕар сыыһалар, мүччү-хаччы суруйуоҕум, ону бука баһаалыста баалаайаҕыт диэн көрдөһүүлээхпин.
Оскуолабын аныгы сүүрбэһис үйэ саҕаланыытыгар ситиһиилээхтик да буолбатар син сыһыллан-соһуллан бүтэрбитим, олох киэҥ аартыгар үктэннэрбит учууталларбар уонна төрүппүттэрбэр махталым муҥура суох. Оччотооҕу оҕолорго инетернет диэн кэлиэ дуо? Домашка телефон эҥин холботторбуппут быһыылааҕа дьиэбитигэр оччолорго. Ол саҕана уолланар игин диэн баар буолуо дуо, билиҥҥи оҕолор курдук уулусса устун сиэттиһии, сыллаһыы игин төрүт суоҕа, воспитания диэни ааспыт көлүөнэ буоллахпыт ди, аҕам кырдьаҕас хомуньуус этэ, ол иһин сүрдээх үөрэҕи ааспыт эбиппит биһиги. Аҕабыт мөхпөтөр да дьиэ иһигэр кинини Ыстаалын курдук өрө тутар этибит, кини тылын ким да быһа гыммат этэ, Ийэм барахсан киниэхэ холоотоххо сытыары сымнаҕас, куруук сыллыы-ууруу сылдьааччы, ол да буоллар наһаа атаахтаан барбакка иккиэннэрин ылыннарыылаах тылларын истэн киһи буолан кэлэн олордохпут дии. Оскуоланы бүтэрбит сайыммар куоракка үөрэнэбин диэн туруорсан орто үөрэххэ туттарсан киирбитим. 2002-2003 сс үөрэх дьыла саҕаланна, мин оччолорго кып-кыра уҥуохтаах, хатыҥыр, сиспэр дылы хара уһун баттахтаах, сэмэй, килбик кыыс этим. Олох киэҥ муоратыгар соҕотоҕун маҥнай устар уустуктардаах этэ, үөрэнэ кэлэн баран дьоммун ахтан элбэхтэ сыттыкпын илиппит түүннэрдээх этим... Син сыыйа-баайа кыргыттары кытта билсэн, доҕордоһон үөрэнэн барбытым. Күһүҥҥү трудовой практикаҕа тахсан үөрэх иннигэр үлэлэтэр этилэр, онно кыргыттарбын кытта хортуоска хомуйан куулга чөмөхтөөн баран баайа турдахпытына, саҥарбыт-иҥэрбит уол бэрдэ кэлэн:- Хайа кыргыттар ыксаан ыксаан чэ- диэн үөннээх чоҕулуйбут харахтарынан биһигитин кэрийэ көрүтэлээтэ. Баайан бүппүппүтүн кэннэ күүһүн көрдөрөөрү уол сүрдээх баҕайытык ылан кэтит саннытыгар быраҕан кэбиһээри гыммыта буолуо да, кыаммата, охто сыыһа сыыһа чуут санныгар бырахта, биһиги күлэн быара суох турабыт, киһибит ырбайбыта буолан баран тракторга баран уолаттарыгар биэрдэ. Кэлэн инчэҕэй буорга түспүт баайыы бэргэһэтин көрдөөтө, онтукатын мин ыламмын буорун тэбээн баран утары ууннум, киһим күлэн мичээрдээн баран бэргэһэтин ылла, уонна кылгас баттаҕын имэринэ имэринэ бэргэһэтин кэтэ туран:- Махтал буолуохтун, кыргыттар эһиги ханныктаргытый?- диэн ыйыталаста, биһиги бары сирэй сирэйбитин көрсөн кэбистибит, Айтабыт күлэ сатыы турар, мин нэһиилэ тулуйа сатыы турабын, сытыы-хотуу кыыспыт Маша үөрэхпитин уонна бастакы куурус буоларбытын эттэ. Киһибит үрдүк уҥуохтаах уонна модьу-таҕа көрүҥнээх, биһигиттэн кыбыста быһыытыйда быһыылаах, ырбайан баран:- Ээ диэ, мин Алеша диэммин, (ханнык эрэ үөрэх, хаһыс эрэ куурус) Ньурбаттан сылдьабын- диэн түмүктээбитин өйдүүбүн, Айтабыт тулуйбата күлэн тоҕо барда, мин ону кытта ытыспын айахпын бүөлүү бүөлүү эмиэ күлэн тоҕо бардым. Кэлин Айтабын Ньурбалыы ыллаан саҥарарын үтүктэ үтүктэ быара суох сыппыппыт хоспутугар. Хайдах эрэ күлүүлээх баҕайы этэ маҥнай Алешаны кытта билсиһэрбитигэр. "Барахсаныы" диэн Машабыт аһыммыта буолааччы. Алешабыт онтон ылата бастаан уулуссаҕа көрсөн ханнык уопсайга олорорбутун игин ыйыталаһааччы, кэлин хантан билбитэ буоллар, биир үтүө киэһээ аллараа вахтаны айдаарса турарын көрсө түспүппүт, киһибит сирэйэ биһигитини көрөн баран уларыйбытын көрүө этигит)))
Киэһээҥҥи аспытын аһаан бүтэн баран Машабын кытары аллараа этээскэ түһэн иһэн истибиппит, вахта хоһун диэкки айдаан бөҕө буола турар, кырдьаҕас вахтершабыт саҥатын быыһыгар билэр баҕайы куоласпыт "Баһаалыста" диэн саҥата иһиллэн ааһар. Барбыппыт Алешабыт кэлэн биһигитини ыйыталаһа турар эбит. Тиийэн кэллибит, мин түүлээх курдук сылаас былааппын санныбынан бүрүнэ сылдьабын, тымныы соҕус этэ, Алешабытын көрөн баран соһуйбуппут аҕай, барахсан көлөһөнө сүүрүөр дылы тириппит, ол саҕанааҕы хара нерповай киэпкэлээх этэ, онтун уһулаат ырбайыы бөҕөтө. Кыратык кэпсэтэ түһэн баран тахсыахпыт хоспутугар диэн вахтершабытын уоскутан баран мас ыскамыайкаларга олорон кэпсэттибит. Уолбут маанымсыйбыт аҕай, кожанка куркатын нэлэккэйдэнэн баран:- Һуу хата дэлби тириттим ди, көннөрү кэпсэтэн баран барыам диэбиппин өйдөөбөт- диэн вахта хоһун диэкки көрөн ылар. - Онтон чахчы чаһыы ыраатта баттаа, сотору аан хатанар ээ, уонна эн хантан биллиҥ манна олорорбутун?- Машам быар куустан олороорон дьоһумсуйда.
Күн-дьыл ааһан истилэр, Алешабыт киирэ-тахса сырытта, вахтаны кытта уопсай тыл булан, бэйэ киһитэ буолбут этэ. Оннук сылдьан биир түүн утуйаары орон оҥосто турдахпына деревяшка телефонум тыаһаан бааҕынаата, ылан көрбүтүм 'Алеша' диэн тахсан турар эбит, наһаа долгуйдум, Машабар ким эрэ истиэ диэбиттии сибигинэйэ быластаан:- Аккаары эрийэ турар бтаааа- диэн күлээри саба тутуннум, ылбаппын диэммин тутан турдум, Машам:- Ылыый тоҕо ылбаккын?- диэн күлүстүбүт. Салгыны дьириҥник эҕэрийээт телефоммун ылбытым, телефон нөҥүө Алеша:- Алло привет, хайа ужэ утуйдуҥ да?- диэн туоһулаһа турар. - Аа привет, суох оҥостон саҥа сытаары сылдьабын, эн туохха эрийдиҥ?- диэн ыйыта оҕустум. Киһим мух-мах буолан баран:- Ээ көннөрү, кэпсэтээри- диэтэ, мин обургу:- Алеша мин срс игин аахтыахтаахпын, солото суохпун, кэлин эрийээр сөп?- диэн сымыйалаан сыыйылыннардым, бэйэм Машабын көрө көрө тылбын быктаран хайдах да буолуохпун буолбакка олордум. - Ээ сөп, чэ кэлин оччоҕо баттыы сылдьыаҕым- диэбитин кэннэ телефоммун саба тутан кэбистим. Билбэтим хаһан да уолу кытта сылдьыбатах, алтыспатах буолан дуу, хайдах ду, кыбыста быһыытыйбытым. Уонна Алешаны куһаҕан киһи диэбэппин эрээри ис испэр киллэрбэт этим. Кини бэһиэлэй, күллэринньэҥ, ис киирбэх санаалаах эрээри киһиргэһинэн баппат))) кэпсээнин этэ да барыллыбат, ол эрэн мин кинилиин буоларбын сатаан санаабат этим тоҕо эрэ, вниманиятын ууран барбытыгар куттана санаабытым.
Ээх Алеша да Алеша))) билигин да наар ахтан-санаан ааһабын ээ харах уулаах, эргэрэн эрэр альбоммун арыйдахпына Алеша күлэн мичээрдээн турара бу баарга дылы, кэрэ да кэм кэлэн ааспыт эбит, устудьуон сырдык сылларым. Бээ онтукпут кэлин Алеша диэтэхпитинэ көннөрөр буолбута, "Мин Леха диэммин" диэн крутой баҕайытык туттара, онтун быыһыгар сыһыгыратан күлэрэ. Көмүс күһүммүт бүтэн, хаксаат тыаллаах тымныылар түспүттэрэ, биир киэһээ үөрэнэн бүтэн уопсайбытыгар баран иһэн көрбүппүт, үктэлбит таһыгар биир киһи ыгдаччы үлүйбүт, табааҕын туора уобан сиэбин кожанкатыгар уктан биһигитини кыҥастаһа турар эбит. Как всегда Лехабыт тыал быыһынан хараҕын кыаратан мэлдьи мичээрдээбитинэн:- Хайа дорооболоруҥ- диэн бөҕүөрүйэ охсубут илиитинэн табаҕын ылан тэбээбитэ буолла. Мин:- Хайаа Леша тоҕо манна турдуҥ? Хайыы сылдьаҕын? - диэн соһуйбут харахтарбын араарбатым. Барахсаным кырыылаах бүрүүкэтин кэппит, сайыҥҥы туфлялаах эрэ турар:- Ээ ааһан иһэбин ээ, үөрэнэн бүттүгүт да? - кэпсэтиини атыҥҥа көһөрөр. Машам:- Привет Леша, тоҕо чараас баҕайытык таҥна сылдьаҕын? - бэргэһэтин быыһынан баттаҕа быкпытын ылан кулгааҕын кэннигэр кыбытан биэрэр. Лешабыт эппиэтэ мэлдьи бэлэм:- Ээ тымныы аатырдаҕай, кыһыҥҥыны кыһын кэтиллиэ буо.- Табааҕын сиргэ быраҕаат тумустаах түүппүлэтинэн тэпсэн биэрэр. Мин тоҥоору гынан:- Чэ туруохпут дуо иһирдьэ киириэххэ- диэн этии киллэрэн үһүөн уку-сакы туттан уопсайбыт халыҥ халҕаһатын тэлэ баттаан иһирдьэ тоҕуоруһан киирдибит. Киһибит киһи эрэ буоллар кытарбыт илиилэринэн сирэйин имэриммитэ буолар, миигин таайтарыылаахтык, үөнээхтик көрөн ылар. Ол аайы кыбыстан ханна да барыахпын буолбакка, антах хайыһабын. Леша кэпсэтиини саҕалыыр:- Бүгүн туох былааннааххыыт? - диэн таайтарыылаахтык көрүтэлиир. Мин тутатына:- Бүгүн дьиэтээҕи үлэбит элбэх, сарсыҥҥа дылы бүтэриэхпитин наада- диэн Машам сирэйин көрөн кэбистим, Маша бастаан өйдөөбөтөхтүү көрөн баран:- Аа чахчы бүгүн үлэбит элбэх аһаа- диэн ырбайда. Лешабыт:- Срс диэн таах ааһан иһэн буо, киэһээ аҕыска дылы оҥороҕут буо- эмиэ чаһыытын ылан көрөн ырбаҥныыр. Иккиэн :- Ол аҕыска туох буоларый?- дии оҕустубут. Киһибит өр бэлэмнэммит быһыылаах этээри:- Киинэҕэ билет ылбытым баарыын, онно бараары- диэн баран миигин уун утары көрдө, мин отой буорайдым, кыыспар турааран:- Ээ мин барар кыаҕым суох, спасибо... Маша баран киинэ көрөр инигин?- диэн кыыспар иҥнэнним, киһим хараҕа быччайыаҕынан быччайда, дэлби соһуйда уонна:- Ээ кэбииис, суох мин бүгүн отой иллэҥим суоох- игин бөҕө буола түстэ. Лешабыт хайдах эрэ санаата түстэ быһыылаах, тоҕо эрэ таһыгар таһаарбата, ньиэрпэбэй киэпкэтин кэтэҕэр уурунаат, куркатын сомуоктанна:- Оччоҕо кэлин да барар инибит- диэн ырбайбыта буолла. Мин:- Оннук оннук - диэн сөбүлэһэ охсоот атах таҥаспын уларыттар аакка бардым. Киһим турбахалыы түһэн баран туох эрэ диэбитэ, мин кыбыстан тапочкабын анньынан баран кэннибин хайыһан көрбүтүм киһим тахсан барбыт эбит. Машам миигин сии сыыста:- Аккаарышка тоҕо киһини уган биэрэҕин?- диэн чэ кыратык күлүстүбүт. Тахсан иһэн вахта саҥата:- Туох айылаах киһитин тоҥордугут таһырдьа? Баарыҥҥаттан хаамыталаан гынан биэрдэ дии- диэн биһиги диэкки сөбүлээбэтэхтии көрөн ылла. Машам хоспор тиийэн баран:- Барахсан киинэҕэ бараары ыгыччы киэргэммит эбит бта, ол иһин даҕаны- диэн күлбүтүгэр мин хайдах эрэ сүөргүлүү иһиттим, хайдах эрэ испэр буруйдаах киһи курдук санаммытым, "иччэ тымныыга өр кэтэһэн баран туга да суох төптөрү бардаҕа" түннүкпүн арыйан баҕар турара буолуо диэн алаараа кыҥастаһабын да, эргэрбит гаражтар, тыалга көппүт бөҕү, мууһурбут чалбахтан ураты тугу да көрбөтөҕүм...
Лешабытын кытта урукку курдук кэпсэппэт буолбуппут, хайдах эрэ куруутун куота туттар буолбуппут. Киһибит да наһаа кэлбэт-барбат буолан барбыта. Оннук сылдьан кини да киһи буоллаҕа сэрэйдэҕэ дии чугаһаппаппытын, кэлин отой сүппүтэ. Үөрэх, ол быыһыгар дьоммор кэлэ-бара сырыттым, биирдэ Айтабыт:- Хайа онтон тапталлаах Алексейгыт тоҕо быкпат буоллаа?- диэн күлээри биһиги диэкки көрдө, мин ороммор сытааран санаан кэллим "Арба оннук киһилээх этибит дии" диэн баран ороммор олоро биэрдим, Машам ыскаабар таҥаһын сааһылыы турааран эргиллэн көрдө уонна:- Арба ол киһибит кэлбэтэҕэ чахчы ырааппыт эбит дии- диэн мин диэкки көрдө, мин күлэн ылан баран:- дии Чахчы даҕаны, эрийэ сылдьыбаппыт да? Хайдах эрэ ахтыбыт курдукпун дии- диэн этии киллэрдим. -Ээ абааһыны- дии оҕуста Машам- эрийимээ, эмиэ араҕыа суоҕа- диэн эмиэ да сөбүлэбэтэҕин биллэрдэ. "Хайдах сылдьара буоллаар" дии санаат телефоммун ылан эрийдим, сотору соҕус буолаат ыҥырда... - Аллее- диэн ахта быһыытыйбыт Леха куолаһа иһилиннэ, мин баттахпын ылан көннөстөөт:- Привет Леша, хайа биллиҥ дуу?- диэн бэтиэхэлээх соҕустук ыйыттым, киһим:- Оо привет привеет! Анчыккын да?- итэҕэйбэтэхтии ыйытта. -Аһаа мин мин, уже умнубуккун дуу?
Күн-дьыл сүүрүк курдук устан иһэр, кыыдааннаах кырыа кыһыммыт амырыын тымныыларын түһэрэн турар кэмэ этэ, ахсынньы ый ортотугар игин быһыылааҕа, тымныйан үтүөрэн быстыбакка балыаһаҕа эмтэнэ киирбитим. Ол сыттахпына Лешабыт хантан харчы булара эбитэ буоллар, ас бөҕө атыылаһа атыылаһа кэлэр буолбута, тохтото сатыырым ылбат буола сатыырым да, хайыам баарай, кырдьыга да ас мөлтөҕөр өйөбүл күүс көмө буолбутугар сиртэн халлааҥҥа диэри махтаныам этэ... Аан бастакы тиийэн кэлбитин өйдүүбүн, ааны аһан дед мороз курдук кырыа быыһынан көрөн суумка муҥунан ас тутан аҕалбыта, онно көрүө этигит хайдах курдук дьол тосхойбутун. Барахсаным стеклянкаҕа салат, жаркой, ол быыһыгар минньигэс аҕалара. Биирдэ тоҥ балыгы кыһан ас астаан аҕалбыта, минньигэһэ сүрдээх. Балыаһаҕа сытан чункуйан дьоммун ахтан ытыырым, ийэбин саныы саныы таһырдьаны одуулаан олорбут күннэрим үгүстэр этэ, хата Лешабыт тут как тут диэбит курдук барыга барыта баар буолан наһаа санаарҕаабатаҕым. Кэлэн көрдөөх кэпсээннэрин кэпсээн барара. Ол курдук саҥа дыл тирээн кэллэ, мин этэҥҥэ балыаһаттан тахсаат сессиябын сабан баран дьиэбэр бараары хоспор малбын чөкөттө сырыттахпына вахта ааны тоҥсуйда:- Тоойуом Анчык, ыл арый эрэ- Ивановна кырдьаҕас вахтершабыт кэлэн турар эбит. Ааны арыйбытым кэннэ:- Дорообо, эйиэхэ Өлөксөй кэлэн турар, айуу айа илдьиттээри гыммытым ким да суох, бары бары охсубуттар дуу.- диэн бэйэтэ бэйэтигэр саҥар.
Оҕо эрдэхпинэ убайым итирик кэлэн дьаабыланарын көрөн кэлбит буоламмын аргы сытын игин ыллым эрэ хайдах эрэ куһаҕан баҕайы турукка киирэрим. Леша миигиттэн үс сыл аҕа саастааҕа, кинини наар убайым кудук көрөөччүбүн, киһи киһи быһыытынан үчүгэй эрээри инник быһыыланарын олох сөбүлээбэт этим. Салгыы тахсан туох эрэ санаатыгар ылларан соҕотох хоспор ороммор олордум, арай телефонум тыаһыыр, ылан көрбүтүм 'Леха' диэн таҕыста (Кини бэйэтэ инник диэн сохраняйдаабыт этэ телефоммар) - Алле- диэн телефоммун кулгаахпар даҕайбытым, телефон нөҥүө хаар хачыгырыыр тыаһа хаачыгыраан олорор, видимо хааман иэһэр быһыылаах.
Сандал сааспыт сандааран тиийэн кэлэ охсубута, күммүн чаҕылыччы тыган сылаас ылбаҕай күннэр турбуттара, биир үтүө күн Айтабыт уолунаан, Маша мин уонна Леша буолан катоктуу барбыппыт, наһаа астык күн этэээ))) хаһан ханкылаабытым баара, аан бастаан үөрэнэр үчүгэйиин, иһим көһүйүөр дылы күлбүппүт) аны Айталаах сатыыллар, Машаны кытта мин уонна Леша буолан бэйэ бэйэбитин тутуһан охто сылдьабыт, таҥаспыт сыыһа барыта инчэйэн, ол киэһээтигэр онтон үлүйэн игиннээн, бэрткэ көрүлээбиппит. Аны ол сатаабакка бөҕө буола сырыттахпына хантан эрэ биир уол кэлэн баайсан киирэн барда аны, эмиэ бэйэбит курдук устудьуон быһыылаах, боростуой, хатыҥыр, уһун соҕус уҥуохтаах эр бэрдэ. Охтон истэхпинэ кэннибиттэн тутан ылбыта маладьыаһын, мин махтанан баран мууска олордум, киһи күлэ күлэ:- Кэбис олорума тымныы кэл.- диэн күүстээх илиитинэн мин муҥнааҕы солко таҥаһы көтөҕөр курдук өрө ыйаан таһаарда, хаарбын тэбэнэ турдахпына киһим уун утары көрөн баран турда:- Кыыс хаҥкылыырга үөрэтэбин дуо?- диэн ыйытта. Мин:- Ээ спасибо, бэйэм үөрэнэн көрүөм, а так махтал- кыккыраччы аккаастанным. Ол кэпсэтэ турдахпытын Лешабыт охто сыыһа сыыһа тиийэн кэллэ, туохта тугун эрэ былдьаппыт киһи курдук ол уол барахсаны тэһэ көрдө. Дьэ туох эрэ буолаары гыммытым сүрэхпинэн-быарбынан таайдым:- Леш кэл чэ барыах.- диэн илиититтэн сиэтэн тардыаластым. Иннэ гынан хата туох да буолбата, киһим миэхэ эргиллээт:- Кимий ити?- диэн сөбүлээбэтэхтии туттар. Мин билбэт киһим диэбиппэр Лешам допрос бөҕө буолла, как всегда. Кэлин киһим онно-манна ыҥыра сатаан бөҕө буолбута, мин тоҕо эрэ барааччым суоҕа, эмиэ күнүүлээн дьаабыланыа игин, чэ букатын итинник быһыытын иһин куотунааччым. Таһырдьа лаппа сылыйбытын кэннэ общагабар ас астыы турдахпына эрийэн табаарыстарын кытта походтуу барарын эттэ, онтон миигин илдьэ барар санаалааҕын ханан эрэ намектаан намектаан баран ыйыппыта) мин "Бу киһи араҕыа суох, биирдэ чэ барсан кэлбит киһи" дии санаат, Машаны илдьэ барар буоллаҕына эрэ барсабын диэн сөбүлэммин биэрбитим. Иннэ гынан ол күн эбиэт кэннэ массыынаннан кэлэн сылгылаан барбыттара. Ол саҕана шашлык игин диэн билиҥҥи курдук үөдүйэ илигэ ду хайдаҕа ду, биир дача тэлгэһэтигэр бара ас астан аһаабыппыт, сүүрбүппүт-көппүппүт, киэһээтигэр кутаа уот тула олорон гитараҕа ырыа ыллаабыппыт) эмиэ олус үчүгэй күн этээ, а так Лешабыт антах тиийэн отой авторитет дьэ, туттардыын-хаптардыын , саҥалыын-иҥэлиин уларыйбыта. серьезнай игин баи.
Саас барахсан сандааран түһэн үчүгэйэ сүрдээх, хаар ууллан чалбахтар онон-манан тахсан эрэр кэмнэрэ, тураахтар кэлэн айманан ааһаллар, суол барыта бадараан, массыына да массыына, мин тугу да гынарым суох буоллаҕына түннүгүм анныгар таһырдьа буола турар хартыынаны одуулаан өөр да өөр санаа кулута буолан сөҥүөрэн олорооччум. "Киһи- санаа кулута" диэн мээнэҕэ эппэтэхтэр сахалар барахсаттар. сэбирдэҕэ барыта бараммыт хатыҥ тыалга имиллэҥнии турарын санаан ийэбин оҥорон көрдүм, ийэм эйэҕэс мөссүөнэ бу баарга дылы, олус да суохтаатым... Хоһум аана тыаһаабытыгар эргиллэн көрбүтүм Маша киирэн сыгынньахтана турар эбит:- Хайа үөрэнэн бүттүҥ да?- түннүк долбууруттан түһэн иһэн ыйытабын. Машам ыксаабыт көрүҥнээх:- Даа Анчык, миигин Сережа киинэҕэ ыҥырда дии, хайыыбыный?- диэн долгуйбут аҕай куолаһынан саҥараат мин сирэйбин-харахпын манаһар.
Самаан сайыммыт салаллан кэллэ этэргэ дылы айылҕабыт уһун хонуктаах уутуттан уһуктан, оттуун-мастыын көҕөрбүтэ. Бадарааннаабыт уулуссалар кууран куораппыт иһэ бурхачыйар быылга турбута. Ону ол диэбэххэ мин уопсайым анныгар үүнэн турбут хатыҥчааным көҕөрүмтүйэн силигилии ситэн, тыыллан барбыта. Күн уота сылыйан, чыычаах саҥата хойдубута, күлүк сиргэ муустар күн уотуттан саспыттыы кирийэн сыталлара, төһө да сылыйдар тыала тымныы, чараас таҥаһынан тахсыбат халлаана этэ. Мин этэҥҥэ оттон-мастан тутуһан үөрэхпин сүүрэн-көтөн хорошистаан дьоллонон сылдьар кэмим этэ. Лешабыт киһи сөҕүөх үөрэҕин туйгуннук түмүктээн хайа эрэ улууска барыахтааҕын эппитэ. Бириэмэ элэҥнээн ааһа оҕустаҕыан, киһи эрэ сөҕөр. Иннэ гынан олорор уопсайбытын өрөмүөннээн, таһырдьа тахсан бөх сыыс хомуйан субботинниктар буолуталаабыттара. Биир үтүө күн ол эбэтэр бэс ыйын 7 күнүгэр быһыылааҕа киэһээ биир кыыспытын дьиэтигэр атаара таҕыстыбыт. Оржаникидзе болуоссатынан кыйа хааман Ленин болуоссатыгар тиийэн олордубут. Маша Лера уонна мин буолан буолары буолбаты кэпсэтэн солуута суох күлэ олордохпутуна икки уолаттар ааһан иһээрэн Лерабытын көрөн тохтоон кэпсэтиини саҕалаабыттара. Ынарааҥҥы биир уола уонна биһиги Лерабыт бииргэ үөрэммит дьон быһыытынан кэпсэтэн баран билсиһиини тэрийдилэр. Лералыын үөрэммит доруобай уһун баттахтаах уола Санябын диэтэ, бииргэһэ наһаа үчүгэй мичээрдээх уол кыбыста быһыытыйан баран:- Приветтарыҥ, мин аатым Алик диэн- кытыыга турбут Машабытыттан саҕалаан илии тутуһааччы киһи буолан биэрдэ. Мин отой кыбыстан хааллым, хайдах эрэ бастаан көрөн баран ис киирбэх уолтан астынным быһыылаах отой, испэр лыах көтөр дииллэринии буолла. Нэһиилэ биллэр биллибэттик:- Аня диэммин- диэн баран уунан турбут илиитин туттум, уолум минньигэскээн мичээринэн мичээрдээт:- Очень приятно- саҥараат хараҕа миигиттэн арахпата. Маша миигин кытта турааран өттүгүнэн миэхэ иҥнэннэ, хайыһааппын кытта үөннээҕинэн көрө көрө күллэ Машкам, ол аайы күлбэт буола сатаан туора хайыһабын. Чэ ити курдук маҥнайгы Аликтыын билсиһиибит кыбыстыылаах да буоллар олус үчүгэйдик ааспыта диэххэ))) Киэһээ сылаас да салгын үрэрэ, киһи барыта таһырдьа хаамса сылдьаллара. Мин кыыспынаан уопсайга баран иһэн Аликпытын ырытыы бөҕө) все таки наһаа үчүгэй уол диэн буолбута. Хоспутугар киирэн суунан, аһаан баран сытыы буолла, мин сүрэҕим мөхсөр да мөхсөр, суорҕаммын тардынан истиэнэ диэкки хайыстым, олох Алик өйбүттэн тахсан биэрбэтэ... "Аны көрсүөм дуо, баҕар кыыстааҕа буолуо, ама хайаан инник уол кыыһа суох сырыттаҕай... Суох да буоллаҕына миигин көрбөт буоллаҕа" дии санаат дьириҥник үөһэ өрө тыынан баран санаарҕаабыттыы сыттыкпын ыга куустум "Арай мин Лераттан через уол телефонун номерын ыллахпына, так то кыыс бастакы суруйара хайдах эрэ дии, кэбиис наһаа оннукка тиийбэтэх киһи, ол эрэн баарыын үчүгэй баҕайытык миигин астыммыттыы көрөрө" диэн төбөм иһигэр бэйэм бэйэбэр кэпсэтэрим, санаам минньийэргэ дылы буолла, төптөрү Машам диэкки хайыспытым, кыыһым сэттис түүлүн түһүү сытар аҕай))) мин уум хойукку дылы кэлбэккэ хоһум өһүөтүн өрө мыҥаан баран сыта түһэн нуктаан барбыт этим...
Дойдубар бараары кынаппын куурда сылдьабын, общагабар таксибын кэтэһэ таарыйа соседка кыыстыын хоско кэпсэтэ олордохпутуна, телефонум тыаһаан тоҕо барда, ылан көрбүтүм билбэт номерым тахсан турар эбит. Сэрэнэн телефоммун ылан кулгаахпар даҕайдым, ханна эрэ истибит куолаһым:- Привет Аня.
Дойдум сылаас салгынынан түөһүм муҥунан эҕэрийээт сээкэйбин туппутунан дьиэбэр киирдим. Дэлби буксуйан ардах бөҕө суолу суурайан кэбиспитин хата суоппарбыт барахсан туттара-хаптара түргэн, үөрүйэх буолан наһаа хойутаабатахпыт. Дьиэбиттэн аҕам тахсан куустуһан, сыллаһан үөрүү бөкө буоллубут, иһирдьэ ийэм алаадьылыя олорор эбит, туран эмиэ сүүспүттэн сыллаан ылла, аҕам биир улахан суумкабын сүгэн киллэрдэ. Айманыы, кэпсэтии дьиэни биир гына толорон кэбистэ. Ити курдук сайыҥҥы каникулбун саҕалаабытым, киэһээ буолла да оҕолор мустан уулусса мээрэйдиир этибит, оҕо курдук мэниктээн оонньуурбут, үөрэхтэн кэлбит устудьуоннары көрсөрбүт. Бириэмэ ааһара түргэниин, сайын үтүөтэ бүтэн, таһырдьа атырдьах ыйын хараҥалара түстүлэр, хатыҥ саһаран барбыта. От бөҕөнү оттообуппут ол дьыл. Алигым биллибэтэҕэ, мин "Домашкам номерын билбэт ол иһин биллибэтэ" дии санаабытым, ол оннугар Леха эрийэ сылдьыбыта. Туох да буолбатаҕын курдук кылгас кэмҥэ кэпсэппиппит, үчүгэйдик сылдьарын, миигин күүскэ ахтыбытын туһунан эппитэ, баҕар сатаннаҕына Күһүн Дьокуускайдыам игин диирэ. Иннэ гынан төптөрү куораттыын кэмим тигинээн кэлбитэ, мин отой барымаары дьоннорбун кууһан баран тура түһээт, массыынам кэлбитигэр иһирдьэ киирэн олорбутум. Куоракка барарбар хата суол үчүгэй этэ, этэҥҥэ сахсыллан айаннаан общагабын булбутум. Куораппар кэлэн дьоммун ахтан ол же түүн ытаан сыҥсарыйбытым. Харчы сыыһын бэрсибиттэринэн таҥас-сап көрүнэн кистии-саба Аликпын күүтэрим да биллибэтэҕэ. Курус күһүммүт эмиэ кэлэн, үөрэх-дьыла саҕаланан барбыта, уруккутун курдук үөрэнэн барбыппыт да Лешабыт суоҕа хайдах эрэ этэ. Куруук кини общагам аанын айаҕар. Тоһуйан турар бэйэтэ ханна да суох... Аспынан быстарбыт түгэммэр эмиэ Лешабыт суоҕун курдук суох. Биирдэ хоспор олорон ахтан телефоммун ылан эрийбитим да тиийбэтэҕим, саҥа оҕо, саҥа үөрэх дьыла, сонурҕаан эмиэ үөрэхпэр умса түһэн үөрэнэн эрдэхпинэ Лешам биир үтүө сарсыарда звоннаата, нэһиилэ уум быыһынан туран ыллыи:- Алле.
Күһүөрү кыһын, хаар бөҕө кыыдамныы турар таһырдьа, мин биир киэһээ кыргыттарбын кытта үөрэнэн бүтэн илиибиттэн ылсан баран хаамсан истибит, арай утары билэр баҕайы уолум хааман аҕай иһэр, өйдөөн көрбүтүм Алик эбит, уһун убаҕас баттаҕа дэлби уһаабыт, онтун тыал үрдэҕинэ аайы сэксэҥниир, миигин хараҕынан кылгас кэмҥэ көрөн ылан баран, аахайбатахтыы салҕыы хааман иһэн өйдөөтө быһыылаах, тохтуу биэрээт миигин супту көрөн турда, мин кыбыстан хааман иһэр атахтарбын көрөн умса хайыстым, Машам ойоҕоһугар састым, иннэ гынан аасыһан хааллыбыт. "Кэннибин хайыһан көрбүт киһи дуу, суох дуу" дии саныы иһэн, санаам буолбата... Баттахпын кулгааҕым кэннигэр аҕалан иҥиннэрэ таарыйа уоран көрбүтүм, киһии суол ортотугар өссө да миигин одуулаһа турар эбит. Ол Алигы көрөн санаам көтөҕүллэн, испэр кинини ойуулаан көрдүм, ааспыт сайыҥҥыбыт өйдөөн кэллим, оргууй бэйэм бэйэбэр мичээрдээн ылан баран иккистээн хайыһан көрбүтүм, киһи дьон быыһыгар сүтэн симэлийэн хаалбыт, ол ыккардыгар Машам ойоҕоско кэйдэ:- Эн истэҕин дуо тугу кэпсиирбин??? - диэн абарбыттыы ыйыта. Мин дьэ өйүм-санаам сиргэ түстэ:- Истэбин аһаа, кэпсээн иһиий- диэн Машабын көрөн ырбайдым, кыыһым өйдөөбөтөхтүү көрөн ылан баран:- Дьэ туох туһунан кэпсээтибиний?- үөннээҕиннэр көрөн хоруйдуурбун кэтэһэр, онуоха мин билбэккэбин күллүм уонна:- Истибэтэх эбиппин- диэн этээт тылбын быктаран кэбистим))) Күлүү-салыы кэнниттэн:- Ол айылаах кими санаатын? Тугу толкуйдаатыҥ?- Машам токкоолоһор.
Мин кыбыстан куоласпын оҥостон көхсүбүн этитэн ылабын. Машам кэлиэр дылы син да буоччу ирэ-хоро кэпсэттибит, бүтэһигэр уолум:- Аня аныгыс нэдиэлэ бүтэһигэр куоракка тиийиэхтээхпин, көрсүөҥ дуо миигин?- диэн сэрэнэн ыйытта, мин долгуйан:- Көрүөхпүт, практика игин суох буоллаҕына көрсүөхпүн сөп, диэн хоруйдаатым, киһим:- Бэт эбит дии, чэ сарсын звоннуоҕум.- диэттин кытта аттыгар ким эрэ мөҕөр саҥата иһилиннэ, ону кытта покалаһаат телефоммун уурдум. (дьиэтиттэн эрийэн зоновай харчыта бөҕө аахтарар этэ, ону ол диэбэккэ күнүн аайы звоннуур идэлэммитэ) Ол күнтэн ылата киэһээ аайы кини звоннуурун кэтэһии-манаһыы диэн онно этэ))) сорох күн эрийбэтэҕинэ тугум эрэ тиийбэт курдуга, санаарҕыырым. Биир киэһээ ас астыы астыыбын эмиэ Аликпын кэтэһэ сырыттым звоннуурун, телефонум остуолга сытан эрэ эмискэ бааҕынаата, ону кытта илиибин ыксалынан сотто охсон баран ылаары тиэтэйдим, олох телефонун тыаһын кытта сөбүлүүрүм, эҥин араастык бааҕынаан барда да мин сүрэхпэр дьикти иэйии саҕыллара, күнүм тыгара, чэ арай ылбытым 'Леха' диэн тахсан турар, мин дьиктиргээн ыллым:- Алле.
-Эн хайдах эрэ буолаҕын быһыылаах бытта? - диэт оргууй хааман иннигэр чугааһаат - Леш тоҕо инник гынаҕыный? Тоҕо?- саҥата суох умса көрөн турар уолбуттан ыйыттым, илиититтэн ылан баран дьириҥник үөһээ өрө тыынным:- Бырастыы гын миигин... Эн миэхэ убай кэриэтэ киһигин, өйдөөрүүй... Биһиги иккиэн атын атыммыт, кыыс эрэ элбэх Леша... Аналгын хаһан эмит булуоҕун. Истэҕин дуо миигин?- диэн киһим хараҕын хантайан көрөбүн. Киһим илиитин мин илиилэрбиттэн арааран баран туора хаамта, бэрчээткэтин устан ытыһынан хараҕын саптан тура түстэ, онтон мин диэкки эргиллээт кэһиэҕирбит куолаһынан:- Анчык мин... Баҕар... - диэт бөтө бэрдэрдэ, онтон синим биир диэбиттии:- Сөп өйдөөтүм...- диэн саҥараат эргэ быраҕыллыбыт турба хаарын да тэбээбэккэ үрдүгэр олорунан кэбистэ, ньилбэгинэн хараҕын уутун туора хаһыйаат умса көрөн олорбута. Ол кэмҥэ төһөлөөх мунчаарбыта, төһөлөөх хомойбута, кыһыйбыта буолуой? Таһыгар таһаарымаары өрө сыҥан тулуйбута барахсаным((( Кырдьыга да кини мин эрэ туспар олорбута ээ кэлиҥҥи кэмҥэ, мин туспар кыһаллар аҕай гынан биэрбитин ол күн мин тапталын сыыһын сиргэ тэпсибитим... Ыарахан кэмнэрбэр өйөөн-убаан кэлбитин, тоҕо эрэ мин ол күн киниэхэ илиибин утары ууммакка, саҥата суох эргиллэн баран хаама турбутум( син да буоччу хаамаат эргиллэн көрбүтүм киһим оол-ол харааран дьэбин сиэбит турба үрдүгэр сүөм түһэн олорон хаалбыта. Ыар санааҕа баттатан хоспор киирээт сыгынньахтанан баран ороммор олорон көрбүтүм, Леша бэлэхтээбит эһэ миискэтэ "туох буоллуҥ?" диэбиттии көрөн олорорун кууһан ылаат санаарҕаан өөр да өөр сытаммын утуйан хаалбыт этим, киэһээ телефонум тыаһыттан уһукта биэрээт ылбытым, Алик кэлэн турар эбит аллараа. Төбөм ыалдьан нэһиилэ тураат "Аныгыскы нэдиэлэҕэ кэлэбин диэн баран тоҕо эмискэ эрдэ кэллэ" дии саныы саныыбын таҥнан-саптан хомунан аллараа түспүтүм, киһим Леша курдук ыскамыайкаҕа кэтэһэн олорор эбит. Иккиэн симиктик кэпсэтээт баран аһаан, киинэлээн кэлбиппит. Алик уол убайдарын кытта кэлсэн баран сарсын барыахтаах, иннэ гынан ол киэһээ үөрүү-көтүү аргыстаах уопсайбар аҕалан биэрбиттэрэ, бараары туран Алик:- Чэ аныгыс вторникка диэри, пока:-диэт кууһан ылан баран көхсүбүн таптайбытыгар, астынан сууллубатаҕым эрэ))) наһаа үчүгэй иэйии куппун-сүрбүн сабардаан ылбыта. Дьоллонон аҕай этээспэр тахсан хоһум аанын аһаат киирбитим Маша:- Хайаа бу кыыс хантан дьоллонон аҕай кэллиҥ?- диэн үөрэ-көтө көрүстэ. Иннэ гынан ол киэһээ үлтү секреттаһан, кэпсэтэн, күлсэн баран утуйбуппут. Арай түүн түүл түһээн көрөбүн, Лешам барахсан хомойбут аҕаай;( хоспор кэлэн турар диибин, киир диирбин буолуммат, онтон эмиэ да Алик баар буолан хаалбыт диибин, иккиэн тугу эрэ кэпсэтээт күлсэн бараллар игин. Хайдах хайдах буолла дии санаат ыйыталаһа сатыыбын игин. Арай Лешам эмискэ ханна эрэ бардым, диэн баран салгыҥҥа ыйанан көппүтүгэр соһуйуу бөҕө буолан:- Барымаа!- дии диибин атаҕыттан тардыста сатыыбын да, эмискэ уһукта биэрбитим түүн эбит. Сүрэҕим тыаһа сүрдээх, тириппит аҕай эбиппин, туохха түһээбитим буоллар дии санаам буолбакка эһэ миискэбин ыксары тардан баран сыллаан-уураан ылаат утуйбутум.
Үөрэх онтон уопсай, ол кэннэ киэһээ Аликтыын көрсөн күнү-дьылы түргэнник да кээрэтэ оҕустум. Уопсайбар үөрэнэн киирээт да бүгүн Аликтыын ханна күүлэйдии барарбын эрэ саныыр буолан барбытым. Онтон да буолуо, сорох срс-бын оҥорбокко эрэ күүлэй киһитэ буолан үөрэхпэр мөлтөөн ылбыт түгэннэрим баара. Алик дойдутуттан сотору буолаат кэлбитэ, киэһээ аайы массыынанна уопсайбытта сылгылаан илдьэ барара, ардыгар киинэ, ханна эрэ баран олорор этибит, эбэтэр хатааһылааччыбыт. Мин ол кэмҥэ санаам барыта сэттис халлааҥҥа, романтика не романтика, таптал не таптал диэбит курдук))) Биир киэһээ эмиэ күүлэйдээн кэлэн баран ороммун оҥосто туран эһэ миискэбин сиргэ түһэрдим, онтукпун ылан көтөҕөн сыттыкпар сытыарааппын кытта Лешабын саныы биэрдим, арба баар-суох доҕорбун умнан баран сылдьарбын тэһэ кэйдэрдим. "Арба Леша барахсан ханна ханна тиийбитэ буоллар? Үлэлиэм игин диирэ ди" оннук санаалаах эрийэн билсэргэ сананным. Сиэркилэм иннигэр оҥосто олороорон телефоммун ылан эрийэн көрдүм да арахса сылдьар... Төбөбөр ол бу араас санаалар бары киирдилэр, куттанан долгуйан кэллим, "табаарыһыгар Сэргэйгэ звоннаан билсэн ыйыппыт киһи" дии санаан баран оҥостон утуйбутум. Сарсыарда үөрэхпэр таҕыстым, таһырдьа дьыбар түһэр тымныыта буолан эрэр, атаҕым анныгар хаар тохтоло суох хаачыгырыыр, мин кулгааҕым эминньэхтэрэ тоҥоору хаайан хаамарбын эбэн биэрэбин. Эбиэккэ дылы үөрэнэн баран Уопсайбар баран иһэн Сэргэйгэ звоннаат телефоммун кулгаахпар даҕайан иһиттим, ыҥырар да ылбат... Арааран эрдэхпинэ дьэ ылла киһи:- Аллее. -Привет Сергей. -Привет. -Биллиҥ да? Анчыкпын... Леша подругатабын- диэн эбэн биэрдим. Киһим:- Аа билэн, биллим. -Туох диэхпиний- диэн мунааран ылаат, нэһиилэ:- Леша ханна барбытын билбэккин да? Телефона арахса сылдьар ди. -Аа-а Леха... Леха балыаһаҕа сытар ди.- диэн саҥарааттын кытта хааман иһэн эмискэ тохтуу биэрдим, өйдөөбөтөхтүү- Туох диигин? Балыыһаҕа диигин да?- диэн итэҕэйбэккэбин хаттаан ыйыттым, сүрэҕим эппэҥнэс буола долгуйа оҕустум. Телефон нөҥүө:- Аһаа, Леха балыыһаҕа киирбитэ нэдиэлэ буолла быһыылаах.- диэн толкуйдаабыттыы ыллаан унаарытта. Мин дэлби куттанан сүөһүөҕүм нэһиилэ уйда, тулабын көрүнэбин:- Х-хайдах туох буолла??? -Ээ охсуһан, кырбанан киирбитэ ди телефона алдьаммыт.- диэн Сэргэй эмиэ санаарҕаабыттыы үөһээ өрө тыынан ылла. -Ханнык балыаһаҕа баарый? -РБ дваҕа киллэрбиттэрэ. -Оо...- диэн соһуйан тура түстүм, онтон өй ылан:- Сергей чэ кэлин билсиэхпит эрэ.- диэн суһаллык телефоммун араараат сүүрэр-хаамар ыккардынан уопсайбар тиэтэйдим. Дэлби ыксаатым, ыгылыйдым Аликка эрийээт тута ыҥыран балыаһаҕа барбыппыт. Баран иһэн сөбүлээн сиир аһын "Чайное" диэн кыра бичиэнньэ оҕотун, "Ласточка" диэн истээх сакалаатын онтон да атын аһы, утаҕы булан атыылаһаат балыаһаҕа кэллибит. Киирэн ыйыталаһан көрдүбүт да эбиэт кэннэ тихий час буолла диэн киллэрбэтилэр, ол иһин билэр киһибинэн кэпсэтэн син халаат анньынан иһирдьэ аастым. Алигым таһырдьа табахтыам диэн кэтэһэ хаалбыта, коридор устун хаам да хаам, киһи мунуох дойдута ол быыһыгар ыксаабыт санаабар ытамньыйан нэһиилэ тулуйа сылдьабын. ЧЛХ (Челюстно лицевая хирургия) алтыс ду хаһыс ду этээскэ баарын ыйдылар, чэ син булан тахсан процедурнайга турар кырдьаҕас соҕус дьахтарга:- Дорооболоруҥ, Васильев Александр Александрович 1980 сыл төрүөх киһини көрдүүбүн.- диэн аҕылыырым быыһыгар ыйыттым, чүөчэм мин диэкки соһуйбуттуу көрөн баран:- Вообще-то у нас тихий час ээ- диэн үөһээ ыйанан турар чаһыыны ыйда. Мин дэлби тириппиппин баттахпын туора илгээт:- Баһаалыста көрсүһүннэриэххит дуо аҕыйах бириэмэҕэ, мин ыксыы сылдьабын.- игин диэтим, билэр киһим киллэрбитин эттим. Онуоха хата сахалыы сайаҕас баҕайы дьахтар сирэйэ уларыйаат:- Тохтоо эрэ- остуолга баран лииһи көрдө- Баһылаайап баар аһаа # хоско баар эбит.- диэттин кытта хайдах эрэ чэпчээбит курдук буола түстүм. -Бардыбыт эрэ- диэн дьахтар палаталар диэкки хаампытын кэннэ кэнниттэн батыстым. -Бу хоско баар, наһаа өр буолаайаҕыт сөп, түөрт аҥаарга дылы бүтээриҥ.- диэн илиитигэр баар чаһыытын ылан көрдө, палата аанын сэрэнэн сэгэтэн баран:- Алексей ол бүтэһиккэ сытар- сибигинэйэ быластаан саҥараат барда. Мин аспын туора ууран баран курткабын ыскамыайкаҕа хаалларан баран палата аанын иннигэр хайдах сирэйдээх көрсүөхпүн буолбакка өрүтэ тыыммахтаан тура түһэн баран аспын ылан иһирдьэ киирдим. Палатаҕа үс киһи кэчигирэһэн утуйа сыталлар, мин Лешкам түннүк анныгар баар койкаҕа суорҕанын түөһүн тылыгар дылы тардыммыт, минньигэстик утуйан букунуйа сытар эбит. Төбөтө барыта биинтэ буолбут Лешикпын көрөн уйадыйан кыайан туттумматым, илиибин сирэйбин саба бүөлэнээт харах уулаах оргууй хааман кэллим. Астаах суумкабын сэрэнэн олоппоһун үрдүгэр ууран баран саҥата суох көрөн турдум, кэмниэ кэнэҕэс Лешам кыламаннара симириҥнээн баран хараҕын бытааннык арыйда, онтон хараҕын сыҕарытан миигин көрөн баран итэҕэйбэтэ быһыылаах, эмискэ төбөтүн өндөтөн баран миигин одууласта, салыбыраабыт илиитинэн хараҕын ньухханан баран эмиэ көрдө, онтон нэһиилэ бэрэбээскиннэн бүрүллүбүт айаҕыттан саҥа ыгыллан таҕыста:- Анчык эн да бу?- диэн ыйытта. Онуоха мин оронун ыксатыгар хараҕым уутун сотто соттобун:- Мин Леша, мин... Анчыкпын дии- диэт тулуйбаххабын ытаан сыҥсарыйдым((( Киһим оронугар олоро биэрдэ, бэйэтигэр ыксары тардаат:- Чахчы да, Анчыы-ы-ык- диэт туоххаһыйан миигин кытта тэҥҥэ ытаспытынан барбыта... Оннук син олорбохтуу түһэн баран киһим дьириҥник тыынан уоскуйан баран кэһиэҕирбит, долгуйбут куолаһынан:- Мин эйиигин сүтэрдим дии санаабытым... - диэн чуолкайа суохтук ыган таһаарда, сыҥааҕын тосту оҕустарбыт, онтун эпэрээссийэлээбиттэрин кэннэ син саҥарар буола сылдьар кэмэ эбит. Барахсаным толкуйдаан көрбүтүм ол же күн киэһээтигэр, хомойон испэккэ сылдьыбыт аһыы утаҕын иһэн, кыһыйан, кыыһыран атын дьоннору кытта дэлби охсуһан, телефонун алдьатан ол түүн суһаллык балыыһаламмыт эбит. Мин ол кэмҥэ Алигы кытта романтикалыы сырыттаҕым дии акаары((( бүлгүрүйбүт улахан сутуругун ылан сиэттим, Лешабын аһынан бастакыбын иэдэһиттэн муннубунан сырылаччы сыллаан ылан баран:- Аккаарыгын дии Леша...- диэн кулгааҕар даҕайан саҥардым, хаҥас илиибинэн баттаҕын имэрийдим. Киһим үөрүүтүттэн хараҕын уута сирэйин биинтэтин сиигирдибит, баттаҕым инигэр сабырыйан түспүтүн оргууй ылан туора илдьэн кулгааҕым кэннигэр иҥиннэрээт:- Анчык мин эйиигинэ суох олорбот эбиппин... Миэхэ олох диэн өйдөбүл эн эбит, эн суоххун- олоҕум миэнэ эмиэ суох...- диэн биинтэ быыһынан килэйбит хараҕынан утары көрөн олордо, мин кыбыстан умса көрдүм, туох диэхпин билбэккэ мичээрдээн ылан баран:- Леш... - диэн баран- Эн чахчы акаары эбиккин.- диэт күлэн күһүгүрээтим. Иккиэн күлүстүбүт, онтон мин туох хайдах буолбутун ыйыталаһан бардым, син кэпсэттибит. Аспын бакаа сиэбэтэ, син үчүгэй буоллаҕына сиэм диэт туора уурда, билигин уу-хаар аһалыктаах сытар. Мин наһаа олорон бараары гыммыппын өйдөөн:- Чэ Леша кытаат эмтэнэн үтүөрэ оҕус, туох наадалааххын этэн кэбис мин аныгыскы кэлээһиммэр аҕалыаҕым.- диэт оронтон туран- истэхпинэ Леша илиибиттэн сиэтэн ылла:- Анчык аныгыскыга диэн хаһан кэлэҕиний? Мин ол күнү күүтүөм да күүтүөм.- диэн бэркэ санаата сырдаабыт Лешкам мичээрдээтэ. Манна сытар куһаҕан бөҕө буоллаҕа, тэһийбэккэ күрээн көрүөм игин дэтэлиирэ))) былырыын балыаһаҕа сыппыппар кини кэлэн бардаҕына хайдахтаах курдук ыанньыйбыт санаам чэпчиирин билэр буоламмын:- Өйүүн игин үөрэҕим кэнниттэн кэлэ сылдьыаҕым.- туран Леша аттыгар турар капельницатын көннөрөн баран аа-дьуо тахсар аан диэкки покалаһаат хаамтым. Палататтан тахсан баран хааман иһэн хараҕым уута тахсан краскабын суурайбытын сиэркилэ иннигэр тохтоон көннөстөн баран барбытым, тахсыбытым Алигым массынатын иһигэр утуйа сытар эбит, иһирдьэ киирбиппин кэннэ уһуктан:- Хайа туох ааттаах өр буоллуҥ- диэн хараҕын хастар. Атаһым итирэн охсуһан балыаһаҕа киирбитин кэпсээбиппэр, соччо сөбүлээбэтэхтии:- Аккары буолбат баҕайыта- диэн иһигэр саҥарбытын сөбүлээбэтэҕим.
Күн-дьыл биир кэм хотоҕостуу субуллан истэ, бүгүҥҥү күнү сарсыҥҥы солбуйар, сарсыҥҥыны өйүүҥҥү... Ол курдук Леша этэҥҥэ эмтэнэн үтүөрэн тахсыбыта, мин үстэ бара сылдьан эмин, аһын хааччыйбытым. Бэйэтэ харчыта суоҕа;((( куруук кэллэхпинэ үөрэн бөҕө буолара барахсаным. Биир үтүө күн Леша общагабар кэлэн кэтэһэн олорор эбит, киирбиппин кэннэ ыскамыайкаттан туран кэллэ, туох да диэҕин билбэккэ сүнньүн мускунан турда, муммут оҕо курдук көрүҥнэммит. Бэргэһэбин устан, соммун нэлэккэйдэнэн баран Лешаны көрөн:- Оо Леша привее-ет хайа хайыы сылдьаҕыный?- диэн ыйытан көрүстүм. Киһим:- Дорообо Анчык, мин...- тохтоон ылла, баайыы бэргэһэтин имиттэ:- Харчыгынан төһө баайгыный?- диэн сэрэнэн ыйытта. -Оо Леша хантан, харчым суох ээ((( -Ээ сөп, иэспин ыксаталлар, баҕар эйиэхэ баар буолаарай диэн кэлбитим э.- диэн кэтэҕин төптөрү-таары имэринэр. Леша быстаран аһыыр да харчыта суох хаалаахтаабыт этэ, куоракка аймахтара тыаҕа көһөн барбыттара, кини үлэтэ суох сир-халлаан ыккардыгар хаалан хаалаахтаабыта, соҕотох ыарыһах ийэтэ ыраах тыаҕа баара, аҕата оҕо сырыттаҕына суох буолбут этэ. Иннэ гынан төһө да аһынан көмөлөһүөх баҕа баара да, туохпунан, тугунан көмөлөһөрбүн билбэтэҕим... Бэйэм эмиэ харчыга быстарбытым, өйдүүргүт буолуо оччотооҕу стипендиям сыыһа баара суоҕа түөрт эрэ мөһөөх этэ;( Леша дьигинэн хоту үлэтигэр баран үлэлээбитэ буоллар хамнастаах киһи буолан сылдьыа эбитэ буолуо да, тапталынан иирэн ол барыта хаалбыта. Табаарыстарынан онон-манан хонор этэ, ол сылдьан тугу аһаан-сиэн сылдьарын билбэппин;( ыскамыайкаҕа ыксары олорон кэпсэтэ олордохпутуна Алик эрийдэ:- Алле Привет, ханна бааргыный? -Привет уопсайбар баарбын. Эн кэллиҥ да?- диэн соһуйдум. -Эйиэхэ баран иһэбин. -Алиик эн миэхэ харчы иэстиэҥ дуо?- диэн хаһан да ыйытыа суохпун ыйыттым. -Аа төһөнү? Мин Телефоммун саба тутан баран Лешикпар:- Төһө нааданый?- диэн ыйыттым. Киһим нэһиилэ:- Биэс мөһөөх. Аликпар эргиллэн баран:- Биэс мөһөөх.- төһө да кыбыһыннар эттим, кыһалҕа кыһарыйар буоллаҕа ди хайа да киһини. -Сөп, сотору тиийиэҕим. Мин Лешикпар хайыһан баран:- Харчы көһүннэ. - диэн үөрбүт харахтарбынан көрдүм. Уолум сирэйэ сырдаата:- Оо махтал!- диэт илиибин ылан ытыһым көхсүттэн сымнаҕастык убураан ылла. Мин:- Леша-ааа- диэн күлэн охсуолуубун. Киһим эмиэ дьээбэтэ-хообото киирэн үтүөлэһэ олордубут ыскамыайкаҕа))) ол кэмҥэ Алик киирдэ, вахтаны кытта дорооболоһоот биһиэхэ хааман кэллэ, мин долгуйан:- Оо Алик кэллэ, билсиһэн кэбиһиҥ бу Леша диэн.- диэт киһибин ыйабын,- Онтон бу Алик диэн.- турар киһибин ыйан баран ырбайан кэбистим. Леша:- Леха диэммин.- диэн баран илиитин уунна, ынарааҥҥыта:- Алик.- диэт илии тутустулар. Онтон иккиэн миигин көрөн баран бииргэ турда, бииргэһэ олордо. Куһаҕан сатамньыта суох баҕайы түгэн үөскээтэ, туох да диэхпин билбэккэ олордохпуна Алигым:- Ээ арба мэ Анчык- диэн биэс мөһөөҕү утары уунна, мин махтанан баран кыбыста кыбыстабын ыллым. Иннэ гынан үһүөн ыскамыайкаҕа олорон син сээкэйи кэпсэттибит, ол олорон Алигым оргууй мин кулгаахпар:- Бүгүн киинэлиибит да?- диэн сибигинэйэн ыйытта, мин:- Билбэтим ээ- диэн ырбайбыта буоллум, Лешам куһаҕан баитык көрөн кэбистэ, Оо мин испэр аккаары баи түгэн үөскээтэ, саатар Алигым:- Онтон ааспыкка барыах буолтун ди.- диэн илиитин санныбар уурбутугар, Лешам тулуйбата:- Чэ Анчык мин барыыһыкпын, чэ давайдарын.- диэт бэргэһэтин ылаат тахсар аан диэкки хаамта. Мин дэлби ыксаан:- Алик кыратык кэтэс эрэ- диэт Леша кэнниттэн сүүрэн таҕыстым. Киһим кирилиэһи түһэн түргэн түргэнник хааман истэҕинэ кэнниттэн ситэ баттаан, илиититтэн тардан ыллым, онуоха Лешигым тыйыс хараҕынан көрбүтүгэр:- Хайа ханна бардыҥ? Харчыгын ылбаккын да?- диэн тыын быһаҕаһынан аҕылыы туран ыйыттым. Таһырдьа тымныы, мин буоллаҕына ыһыллыбыт баттахтаах сон нэлэккэй турабын. Уолум:- Харчы наадата суох буолла.- диэт түҥнэри хайыһаат баран эрдэҕинэ:- Леш бүтүүй баһаалыстаа- диэн ытамньыйан харахпар уу-хаар бастым. Киһим эргиллэн көрөн ылан баран хаама турбута... Мин тыбыс-тымныыга харахпын ньухханан тура түһэн баран санаам түһэн төптөрү хаампытым;( иһирдьэ киирээппин кытары Алигым:- Хайа хайдах буоллуҥ???- диэн сирэйэ-хараҕа турбут- Хайдах гынна?- диэн абарбыт аҕай куолаһынан ыйытта. Мин туора хайыһан баран:- Ээ суох, туох да буолбата ээ.- диэн куотуна сатаатым. Киһим таһырдьа тахсан истэҕинэ илиититтэн тардыстым:- Алик бүтүүй эн, туох да буолбата ээ- иилистэ түстүм. Киһим миигин утары көрдө:- Сымыйалаама, туох буолла??? Кырдьыгынан эт!- диэн кыыһырыахча буолла, мин дэлби ыксаан хааллым, саҥаран иһэн саҥарбатым... Кыра оҕо курдук бөтүөхтээн хааллым, онтон тулуйбакка ытыы ытыы ыскамыайкалар диэкки хаамтым. Вахта саҥата хойдо түстэ:- Туох буолла? Хатыай тоҕо ытаатыҥ?- диэн кырдьаҕас Викторовна өрө мыҥан кэллэ. Алик кэннибиттэн ситэн кэлээт кууһан ылан уоскуппутунан барда...
Инньэ гынан ытаһан-соноһон ол киэһээ Алик миигин алы гынаары буолуо, сымнаҕастык уоспуттан наҕыллык сыллаан барбытыгар, бастаан соһуйан өсөһөн баран, ыксары тардан уураспытынан барбыппыт:))) Онтон ылата Аликтыын сылдьан саҕалаабыппыт. Мин үөрүүм муҥура суох, Алигым киэһээ аайы кэлэ-бара сырытта, биир үтүө күн киэһэлик срс суруйа олордохпуна вахта кыыһыран аҕай тахсан ааммын дьибдьиэлээтэ, мин ыксаан аанмын баран арыйааппын кытары вахтершам кытарбыт аҕай:- Эйиэхэ кэллилэр! Түһэҥҥин көрсө оҕус уонна атаар!- диэн силэ бырдаҥалаата, мин испэр тутатына таайбытым ким кэлэн турарын, биир да-биэс да тылы саҥарбакка былааппын санныбар и***** аллараа этээскэ тиэтэйдим. Кирилиэһинэн түһэн истэхпинэ аргы аһыы сыта муннубар саба биэрдэ, сэрэнэн тиийэн көрбүтүм, дьэ турар эбит ээ Лешам сирэй-харах буолан... Наһаа итиригэ суох эрээри холуочук, миигин көрөн баран мичээрдээн ылла, тэмтээкэйдээн ыла ыла чугаһаата. Көрбүтүм аҥаар хараҕа баһыллыбыт, көҕөрбүт көрүҥнээх, баттаҕа кэтэҕинэн умсаа көҕүлүн курдук турбут. Оргууй муннубун саба бүөлэнэн хааман тиийбиппин кэннэ:- Аанчыак... Анчы-ык баһаалыста миигин бырастыы гыныаҥ дуо?- диэн болдьуйбут тылынан бөтөн ыла ыла ыйытта. Вахталыын дэлби этиспиттэр быһыылаах, биһиги киһибит ньоҕойо бэт буоллаҕа. "Сарсын өйдөөххөр кэлэн кэпсэтээр" диэбитин ылыммакка "Көрсөн кэпсэттэхпинэ биирдэ тэйэбин" диэн буолумматах. Сирэй-харах сыыҥ-сыраан, таҥас-сап буолан турар Лешабын көрөн сүрдээҕин санаам түспүтэ, урукку Леша буолбатах отой... -Леша баһаалыста итирэ итирэ манна кэлэн бүт, эйиигин кытта кэпсэтэр санаам суох!- диэн абардым. Киһим бөҕүөрэн кытарбыт илиилэрин миэхэ утары уунан эрдэҕинэ, түҥнэри хайыһан куотан биэрдим. Киһим:- Анчык мин... Мин эйиигин таптыыбын эээ, таптыыбын! Тоҕо миигин көрбөккүн?! Мин оннук айылаах куһаҕан киһибин дуо? Этиий тугум тиийбэтий? Анчыаак...- сиргэ сууллаат кыра оҕолуу ытаан сыҥсарыйда. Түөрт атах буолан кэлэн мин атахпын кууспутугар:- Леша эн төбөҕүнэн ыалдьыбыккын! Ыыт! Мин атын киһини таптыыбын, истэҕин дуо?- диэн аҥаар атахпын Леша илиилэриттэн туура тардан ыллым. Киһим Алигы санаан кэллэ быһыылаах, сирэйэ-хараҕа уларыйда, оҕус курдук сүүһүн аннынан сүргүччү көрөн ыскамыайкаттан өйөнөн туран кэллэ:- Ээ сөп, мин өйдөөтүм... Массыыналаах халыҥ харчылаах уолу көрөр буоллаҕыҥ дии- хараҕын уутун соттор- Акаары да эбиппин... Анчыык- диэн баран куһаҕан баитык көрдө, онтон күлэн ылбыта буолла. Төптөрү хааман иһэн истиэнэбитин быыла түһүөр дылы оҕуста. Мин куттаныахча санаам киирдэ:- Леша баран утуй, итирэ итирэ манна кэлимэ уонна!- диэн тахсан истэхпинэ, киһим:- Анчыык тохтоорууй баһаалыста, мин биири этэбин дуо?- диэн хайа тардыллыбыт курткатын көннөрүнэ көннөрүнэ чугааһаан истэҕинэ хата вахта ыҥырбыт милициялара тиийэн кэллилэр. Мин тохтоон туох буолар эбитий диэн көрөн турдахпына, биир милиция ынырык баҕайытык Лешабын түҥнэри охсон түһэрдэ. Барахсаным бэргэһэтэ көтөн хаалла бэйэтэ утарылаһаары охтон түһэн баран тура сатаата;((( иккис милиция нарушнигын ылан илиитин кэдэрги эрийэ баттаат кэтэрдибитигэр барахсаным мин диэкки уулаах хараҕынан көрбүтүгэр сирэйбин саба бүөлэнним. Киһибин кэбиэлии кэбиэлии таһырдьа соһон эрдэхтэринэ:- Анчы-ыа-к!- диэн Лешам бүтэһигин кыланан хаалбытын истэн хааллым. Тура түһэн баран Лешам түһэн хаалбыт баайыы бэргэһэтин сиртэн көтөхтүм, барахсаммын аһыйан хараҕым уулара сүүрдүлэр. Вахтершам кыыһырбыт аҕай тугу эрэ саҥара саҥара Лешам сиргэ тохтубут хаанын сууйда-сотто. Мин аа-дьуо бэргэһэбин туппутунан үөһээ хоспор таҕыстым, хааман иһэн хараҕым ууларын соттобун...
Ахсынньы ыйбыт ортолоон эрэр, Леша ууга тааһы бырахпыттыы сүппүтэ. Миигин Алик бэйэтин дьиэтигэр көһөрөн ылбыта, уопсайга ол быһылаан кэнниттэн сатаспатахпыт. Ыал ыал курдук олорон саҕалаабыппыт, бастаан ас-таҥас тиийбэтэ, биирдэ эмит харчы дук гыннаҕына оптовайдыыр этибит. Ол курдук биир күн сүбэлэһэн баран массыынабытынан оптовайдыы барбыппыт, оптовайдыы да диэн буолуо да, эт көрө диэн Крестьянскай рынагы кэрийбиппит. Таһырдьа ахсынньы аам-даам тумарык тымныылара түһэн турар кэмэ, биһиги таһырдьа турар эттэри көрөөрү хаамса сырыттахпытына утары баата ыстааннаах тилигириэйкэлээх, торбос үтүлүктээх киһи андаатар бэргэһэтин сэгэччи анньынан баран кууллаах балыктары тимир тачкаҕа соһон тилигирэтэн иһэр эбит, бастаан аахайбакка аттынан ааһан иһэн күрбүтүм Леша кырыа быыһынан көрөн ааһан иһэр эбит. Ол саҕана мин Дьабакы бэргэһэлээх этим (өйдүүргүт буолуо ол саҕана Якутяночка бэргэһэ муодата кэлэ сылдьыбытын) эргэ да буоллар ийэм саҕынньаҕын кэтэ сылдьыбытым, сирэйим тоҥмотун диэн халыҥ баҕайы маҕан баайыы саарпыкпын тууна бааммыт буоламмын Леша миигин билбэтэ. Мин тохтоон прилавка таһыгар балыктары көрбүтэ буолан Лешаны манастым, киһим улахан баллайбыт хаатынкатынан доҕолоҥноон ыла ыла балыктарын дьаарыстаата. Мин көрдөхпүнэ олох букатын кырдьаҕас сабыстыбыт оҕонньорго дылы, барахсаным сотору сотору мин диэкки көрөн ылар, ол кэмҥэ мин уруккуну-хойуккуну эргитэ санаан кэллим: "Лешалыын маҥнай билсиспиппин, уопсай ыскамыайкаларыгар олорон күлсэрбин, мууска хатыыскалыырбын, остулубуойга минньигэстик аһыырбытын, көрдөөх оонньуулары оонньуурбутун илэ бэҕэһээҥҥи курдук этэ дии... Леша барахсан үөрбүт мичээрэ, дьолломмут харахтара мичилийэн киһини үөннүрэн:- Анчыык!- дии дии үрүҥ тиистэрин кэчигирэтэн күлэн күһүгүрүүрэ харахпар бу көстөн ааста, дьоллоох да кэмнэр ааспыт эбиттэр;((( Кырыылаах бүрүүкэтэ, муодунай кепката, кожанка курката барыта мэлийбит, билигин кини бэйэлээх Лешабыт индьирийбит тилигириэйкэлээх тоҥмут балыктары кытары өрө туста сылдьаахтыыр. Киһи билбэтэ буолбут аҕыйах ый устата;( барахсаным тугунан аһаан-сиэн сылдьаахтыырыҥ эбитэ буоллар..." дии дьириҥник үөһээ өрө тыынан турдахпына Алик:- Аня антах чэпчэки эт баар эбит хата, харчы эйиэхэ баар да?- диэн соһутан санаам ситимин быһан кэбистэ. Мин сиигирбит харахпын үтүлүкпүн устан туора соттон баран:- Аа миэхэ баар аһаа, мэ баран ыла тур дии, мин сотору тиийиэҕим- диэн мунчаарбыт көрүҥмүн кистии саба бүөлэнним. Киһим кошелекпун сиэбигэр уктаат:- Чэ кытаат наһаа өр буолаайаҕын, массыынаҕа баар буолуоҕум- диэт ойон хаалла. Онтон уора-саба Лешабын көрбүтүм да киһим суох буолан хаалбыт, ханна барбытын көрө сатыы турдахпына кэннибиттэн:- Кыыс туораан биэриэҥ дуо?- диэн саҥа иһиллибитигэр хайыһа биэрбитим Лешам тимир таачкатын соһон кэлэн миигиттэн инньэн турар эбит. Мин дэлби кыбыстан халлым, умса көрөн туораабыппын кэннэ киһим таачкатын тыаһа мин иннибинэ тохтоото, сэрэнэн өрө көрбүтүм Лешам миигин уун утары көрөн аҕай турар эбит. Кэлиэх-барыах сирбин билбэккэ кэннибинэн тэйэн барыахча буолбуппар киһим:- Анчыык, Анчыккын дуо?- диэн соһуйбутту ыйытта, мин сиргэ тимириэхпин сир кытаанах буолан биэрдэ, халлааннаан көтүөхпүн халлаан ыраах буолан хайыах муҥум баарай нэһиилэ:- Привет Леша...- диэтим. Уолум дэлби уолуйбут көрүҥнээх:- Х-хайа х-хантан көһүннүҥ??? -дьиэбиттэн уонна хантан буолуой Леша. -Ээ уопсайгар суоххун батта, хаста да тиийэ сылдьыбытым ди. -Аа мин уопсайга олорбоппун ээ билигин... -Оччоҕуна ханна олороҕунуй? -Аликпын кытта олоробун...- диэппин кытта киһим дьэбин уоста түстэ:- Ээ сөп диээ...- диэн андаатар бэргэһэтин көннөстүбүтэ буолла. -Эн хайдаххыный? Хайдах Ханна олороҕунуй? -Мин... Биир табаарыспар бакаа баарбын, бу манна грузчутунан киирэн үлэлии сылдьабын, син этэҥҥэбин эрээри эйиигин ахтарым бэт Анчык... -Леша баһаалыста бүтүүй.- диэн долбууртан суумкабын ылан барыахча буолбуппар киһим:- Анчыык баһаалыста бырастыы гыныаҥ дуо?- диэт умса көрдө. -Бырастыы гыммытым ээ ыраатта. -Мин уопсайынан далай акаары киһи эбиппин... -Иннэ диэмээ! Эн саамай үтүө, аһыныгас санаалаах киһигин Леша. -Ээ ол баҕас диэн, эн Алигын курдук харчыта суох киһибин, Баҕар харчылааҕым буоллар... Эн миигин көрүө этиҥ. -Эс бүтүүй Леша, миигин харчыны эрэ батыһар кыыс диигин дуо?- диэн абара санаан кэллим. Киһим саҥата суох тура түһэн баран:- Бырастыы, ол эрэн оннук курдук буолан тахсар ди, мин наар саныыр этим хаһан эбит эйиигинниин бииргэ буолуом диэн... Эн билбэккин хайдах курдук түүннэри эйиигин санаан утуйбаппын, төһөлөөх харгыһы туораабыппын, эн билбэккин... Хайдах курдук эйиигин күүскэ таптыырбын... - диэн Леша титирэстээбит илиилэрин мин санныбар ууран чугаһаабытыгар, туора хайыһаат илиитин киэр садьыйдым:- Айа Леша бүт... - сирэйбин үтүлүкпүнэн саба бүөлэнним. -Көрөөр эрэ Анчык сотору мин да өттүбэр күн тыгыа, хаһан эмит...- диэн баран тохтоон хаалла, ону ситэрэн биэрээри мин:- Хаһан эмит хайыыгыный? -Хаһан эмит мин эйиигин ситиһиэҕим.- диэттин кытта Алигым кэлэн:- Хайа тугу гына сылдьаҕын? Өр да кэтэһиннэрдиҥ дии, барыах.- диэн тоҥмут аҕай, Лешаны көрөн баран:- Кими кытта кэпсээтиҥ?- диэн ыйытта. Мин:- Ээ урукку табаарыспын көрүстүм.- диэт, иккиэн массынабытыгар хаамтыбыт. Баран иһэн кэннибин эргиллэн көрбүтүм Леша көрөн аҕай турар эбит, испэр "Хайдах эрэ буолбут барахсан" дии санаабытым. Саҥа дьыл ааспытын кэнниттэн мин ыарахан буолбуппун билбитим. Киһибэр "хайдах эппит киһии" дии санаан дьиэбэр ас астыы сырыттым. Киэһээ аспын тардан баран Аликпын кэтэстим да суох, "Арааһа табаарыһыгар Сергейга барбыт быһыылаах" дии санаан баран аспын аһаан баран төптөрү хомуйа тутан баран сыттым. Түүн хойут баҕайы ааны тоҥсуйда, мин уһуктан баран ааны аспытым Алигым итирик турар эбит, дэлби кыыһырдым, этиэхтээх сонуммун эппэккэ ол же күн кыыһырсан баран утуйбуппут, хоонньубар киирэ сатаабытын дьыбааҥҥа үүрбүтүм. Сарсыарда баскаһыанньа онон үлэлээбэт, суббота күн сынньана таарыйа испитим диэн билиммитэ, инньэ гынан эбиэккэ аһыы олорон:- Алик мин эйиэхэ биир үчүгэй сонуннаахпын.- диэн долгуйан кэллим, үөрбүт харахтарбынан уолбун манаһабын, киһим сирэйэ-хараҕа мөлтөх туруктаах, өлөттөрөн уу эрэ иһэ олорор:- Дьээрэ туох ол айылаах баарый?- диэн нэһиилэ барбатах балык миинин курдук туманынан көрөн олорон ыйытта. Мин салгыммын дьириҥник эҕэрийээт:- Алик эн биһиги иккиэн оҕо күүтэр буоллубут.- диэн этээппин кытта киһим уу иһэ олорон эмискэ чачайан сөтөллө сөтөллө нэһиилэ тыын ылла, ол кэннэ миигин соһуйбут харахтарынан быччаччы көрөөт:- Чахчы дуо??? -Чахчы... Киһим тоҕо эрэ үөрбүт көстүүтэ суоҕа, икки илиитинэн төбөтүн туттан остуолга олоро түһэн баран:- Аня чыычаах, биһиэхэ билигин оҕо наада суох.- диэбитигэр эппэт кэлэҕэй буолан хааллым, наһаа ынырыктык соһуйдум, сирэйбэр тымныы ууну ыстарбыт киһи курдук буоллум:- Тоҕо???- диэн ыйытыкпар:- Билигин өссө да эрдэ, үөрэхпитин да бүтэрэ иликпит, уонна мин өссө да бэлэмэ суохпун.- диэбитигэр өлөн түһэ сыыстым:- Оччоҕуна?- диэн ыйытыкпар:- Түһэртэриэххэ.- диэн саайбата дуо, мин манныгы эрэ күүппэтэх киһи онно же тураат утуйар хоһум диэкки бардым. Ороммор сууллан түһээт ыйа-хайа суох ытаан барбытым...
Олохпут салҕыы устан иһэр, күммүт кутуйах хаамыытынан сырдаан, уһаан истэ. Сотору таһырдьа күммүт чаҕылыччы тыган сандааран киһи дууһалыын ырааһырар күннэр-дьыллар үүннүлэр. Мин үөрэхпэр төһө да санаам түстэр үөрэнэ сырыттым, ийэлээх аҕабар туох диэхпин билбэккэ сылдьыбытым, кыбыстар да, толлор да этим. Аны киһим ол кэнниттэн аргылыыра элбээн истэ, киэһээ тардыллан хаалар идэлэммитэ, ол туһуттан хаста да этиһэн игиннээн, бүтэһигэр олох да күн кэлбэт буолан хаалбыта. Эбиитин ыарахан сылдьабын, тонустуубун игин, ол быыһыгар срс оҥоробун, ас астыыбын, дьиэ хомуйабын;( киһим үлэтиттэн кэлэн баран дьыбааҥҥа телевизор иннигэр сытынан кэбиһэр, киниттэн бастаан утаа внимания көрдүүр этим да, кэлин уһугар олох да кыһаллыбат буолбута. "Сылайдым" диэн тылы элбэхтик туттар ол быыһыгар ийэтэ кэлэн орооһор;( Аҕата уолугар наадыйбат ол оннугар ийэбит буолан хаалан турар арыт ардыгар... Дэлби сылайан депрессиялаан сснаарҕаан сатаан да үөрэммэт түгэннэр элбээтэр элбээн истилэр, арыт ардыгар таһырдьа күн чаҕылыччы тыктаҕына түннүгүм анныгар кэлэн өөр да өөр күөх былыттары одуулаан ыар санаам хайдах эрэ суураллыбыкка дылы буолара да, кэннибэр аан тыаһаат "Аня ханна бааргыный???!" диэн үөгүлээбитинэр эрим дуома киирдэ да орун оннугар түһэрэ, биир үтүө күн истээх сырыттахпына илиитин көтөҕөн турардаах;((( ол туохтан сылтаан диир буоллаххытына киэһээ аспын астаан баран кинини кэтэһэ таарыйа киинэ көрө сытан утуйан хаалбыт этим, ону киһим кэлэн дьыбааҥҥа сыттахпына баттахпыттан илгиэлээн туруорбута уонна:- Аскын тоҕо буһарбатыҥ? Тоҕо ас суоҕуй?! - диэн киҥэ-наара хоҥнубут, эбиитин холуочук турар этэ, мин куттанан аны утарыластахпына эчэтиэ, хайдах буолара биллибэт, ол иһин ытыы ытыы сирэйбин бүөлэнэн нэһиилэ тулуйбутум, сарсыныгар көҕөрбүт сирэйдээх үөрэнэ барыам дуо... Бүтэһигэр олох дэлби кэлэйэн дьоммор звоннаан баары баарынан эппитим, дьонум бастаан кыыһырыахча буолан баран хайыахтарай кыыстарын аһынан ыҥырбыттара. Иннэ гынан Алик үлэлии барбытын кэннэ малбын хомунан дойдубар суол сабылла илигинэ тэскилээбитим. Ол дьыл академ көрдөһөн-ааттаһан ылан дойдубар сайылаабытым. Аны дьиэбэр аҕам кырдьаҕас коммунист кытаанах киһи этэ, ийэм эрэйдээх көмүскэһэрэ да саҥа-иҥэ ханна барыай? Кыыстарын үөрэттэрээри киэҥ сиргэ ыыппыттарын үөрэҕиттэн уурайан, эбиитин ыарахан кэлэрэ кинилэргэ эмиэ кыһыы буоллаҕа... Дьигинэн Саас сессиябын сабан баран барыам этэ да тулуйбатаҕым, Алигы инник киһи эрэ диэбэт этим да "Сүөһү эриэнэ таһыгар, Киһи эриэнэ иһигэр" дииллэринии кинини үчүгэйдик ис иһиттэн билбэккэ эрэ ыал буолбуппуттан кэмсинэн арыт ардыгар санаарҕаан бу күн сириттэн барар санаалар киирэтэлээн ылбыттара да Оҕобун санаан уоскуйарым. "Кини кыпкыра киһичээн туох буруйдааҕый, бу олоххо кини да олох олороору сүрэҕим анныгар мөхсө сырыттаҕа дии" инник санаан кэллэхпинэ харахпыттан сылаас таммахтар иэдэһим устунан халыйан аллараа сэҥийэбинэн таммалыыллара... Олох диэн уустук, бүгүн баар-сарсын суох, күннээҕиннэн олорбокко бу сиргэ кэлбит аналгын толору олоруохтааххын. Сайын барахсан эмиэ күөҕүнэн көрөн чэчирээн кэлэ оҕуста, Бэс ыйын түптэлээх киэһээлэрэ сүөһү айаатааһына, ыт үрэрэ, оҕолор күлсэр саҥалара-дэриэбинэни ылан кэбистэ. Киэһээҥҥи ыамҥа кэлбэккэ икки ынахпыт атын ыал тиэргэнигэр киирэн аһыы сылдьалларын булан төптөрү үүрэн "Һаай! Һай бар!" бөҕө буола буола кэлэн иһэн көрбүтүм, дьиэм диэкки Доҕолоҥ Дьөгүөрү кытта биир эдэр киһи кэпсэтэ кэпсэтэ ааһа турдулар. "Ким ким кэллэҕэй?" дии санаан уҥа илиибин сүүспэр тутан чарапчаланан көрө сатыыбын да, киэһээҥҥи күн уотун сардаҥата мэһэйдиир, эбиитин түптэ буруота унаарыйан дьонум олох да мэлийдилэр. Талахпынан сапсынан сүөһүлэрбин хотон иһигэр үүрэн киллэрэн эр-биир олорон ыан, тарбыйахтарын ыыталаан эмтэрдим. Торбостор бу кыһыҥҥы буолан обургулар, нэһиилэ соһобун. Биэдэрлээх үүппүн туппутунан дьиэм диэкки хааман иһэн көрдөхпүнэ аны аҕам тахсан ол дьоннору кытта тугу эрэ сэлэһэ турар. "Тыый туох тойоно кэлбит баҕайыный? рубашкалаах игин, арааһа Оппуруос уола сылдьар быһыылаах" дии санаан биэдэрэбин биир өттүгэр көһөрөн биэрэбин. Арай доҕоор чугаһаан көрбүтүм Леша сирэйэ харааран турар, тииһэ килэйэн ырбайан миигин кэтэһэн тураллар эбит, мин ол кэмҥэ тутан испит солуурбут тоҕо түһэрэ сыыһан игиннээн, үүппүн сиргэ уураат утары сүүрдүм, киһим миэхэ утары икки илиитин даллаппытынан хааман кэллэ, дьэ уонна дьол диэн онно этээ))) куустуһуу бөҕө, миигин салгыҥҥа өрө көтөҕөн таһаарда игиннээтэ, олох киинэҕэ курдук. Мин ол кэмҥэ көрбүппүн итэҕэйбэккэбин хараҕым уутун сотто соттобун иккистээн көрөбүн чахчы Леша дуо диэн, көрдөхпүнэ Леша Лешаннан, хараарбыт уонна бытыктаммыт эрэ. Олох олоҕум табыллыбакка санаа бөҕө баттата сылдьар кэммэр кини мин дьиэм тэлгэһэтигэр кэлэн көрсүбүтүгэр тууйуллубут ыар санаам барыта сиик буолан симэлийбитэ. Наһаа да ахта охсубут эбиппин, кини өрүү мин ыарахан түгэммэр тирэх буола сылдьыбыта ээ сэгэрим сыыһа;((( үөрүү-көтүү бөҕө буолбуппутугар ытым Маанчык өмүрэх курдук күүлэм анныттан тахсан үрэн иһэн биһиги куустуһан турарбытын көрөн тохтоон хаалла. Леша сирэйэ-хараҕа арыый сырдаабыт, бэттэх кэлбит эрээри ааспыттааҥҥы икки милиция дубинканнан атаҕын охсуолааннар эчэтэн доҕолҥноон хаамар барахсаным... Өй-төй булан дьиэҕэ хаамтыбыт, мин Лешабыттан:- Хайа эн манна хайыы сылдьаҕыный??? Туохха кэлэ сылдьаҕыный?- диэн өйдөнөн ыйыттым. Киһим миигин санныбыттан кууһан баран иһэн:- Ээ аара баран иһэн мунан хааллым, ол иһин манна эйиэхэ кэллим.- диэн кырдьык-хордьук курдук туттар. Мин:- Аккаары быһыылаах- диэн идэбинэ күлэ күлэ Лешабын илиибинэн түөһүн табыйабын. Киһим күлэн ылан баран:- Оонньоон этэбин, кырдьыктыы эттэххэ мин эйиэхэ кэллим.- диэн баран миигин имэрийэ көрөр. Онно мин эмиэ кыбыстан хааллым, аҕалаахпын эргиллэн көрөн ылан баран:- Ол миэхэ хайыы кэллиҥ бачча ыраах?- диэн күлэн сыһыгырыыбын, дьолломмутум өссө да ааһа илик. Киһим олбуорум аанын арыйан баран эппиэтэ холку:- Таах күүлэйдии кэлбитим, таарыйа эйиигин көрүөм игин диэн- диэн үөннэҕинэн көрө баран аҥаар хараҕын симэн ылла. Чэ ити курдук дьиэҕэ киирэн ийэм чэй бэлэмниир аакка барда, аҕам Доҕолоҥ Дьөгүөрү кытта таһырдьа туран хааллылар. Дьиэ иһигэр мэниктии сылдьыбыт эдьиийим оҕолоро саҥа киһини көрөөт оһох кэннигэр састылар, уоран өҥөйөн көрө көрөлөр күлэн чыыбыгыраһаллар. Мин ийэбин Лешаны кытта остуолга аһыы олорон билиһиннэрдим, Ийэм как всегда күтүөтү доппуруостуур курдук ыйыталаспытыгар күлэн быара суох сытабын, ол аайы Лешам серьезнайа киирбит чэй иһэ иһэ кэпсэт да кэпсэт. Аҕалаах Ийэм Лешабын сэргээбит аҕай этилэр, биһиги киһибит да "норуот киһитэ" буоллаҕа саҥаран иҥэрэн кэпсэтэн, киирэн-тахсан диэбит курдук. Инньэ гынан миэхэ соһуччу үөрүү кэлэн туох да теплицабар үүнэн турар оҕурсууларбар оҕуруоттарбар уу кутуохтаахпын умнан ол киэһээ ирэ-хоро кэпсэтэн хоммуппут. Леша Аликка холоотоххо отой атын киһи, туохтан да толлубакка иннин хоту буоллун-буолбатын Санаатын ситиһэн тэйэр киһи, маладьыаһын үлэлээн сордоммут харчытын сыыһын мунньунан таҥас-сап ылынан ыраах хаһан да сылдьыбатах дойдутугар кэлэн хаалар. Абаккам Алик иннигэ эбитэ буоллар дии санааччым ардыгар, ол эрэн Алик мама папа оҕото, кини эппиэтинэһэ суоҕун үрдүнэн сүрэҕэ суох этэ, ол оннугар Леша соҕотох ыарыһах ийэтинээн дьалхааннаах тоҕуһуонус сылы эрэйи-муҥу көрөн улааппыт оҕо буолан олох кыратыттан самостоятельнай буола улааппыт... Мин истээх сылдьарбыттан бастаан утаа кыбыстар этим, Лешам улахаҥҥа уурбатын иһин син үөрэммитим) хайдах эрэ кини аттыгар мин харысхаллаах, бэйэбэр бигэ эрэллээх сананарым, кини миэхэ дурда-хахха киһи буоллаҕа дии, саамайа астынарым диэн Леша олус, нууччалыы эттэххэ, увереннай бэйэтигэр.
Сайыммыт саамай муҥутуур уһугар тиийэн турар, сүөһүлэр барахсаттар кумаардаан сүгүн аһаабакка дьиэ таһыгар кэрискэлэнэллэр, уу сылыйан оҕолор сотору сотору олбуорбут аттынан сөтүөлүү субуруһаллар. Халлааммыт кыырпах да былыта суох, күммүт чэмэличчи тыган, олоҕум миэнэ эмиэ сайыҥҥы курдук сандааран, чаҕылыччы тыгарга дылы гынна. Леша эмискэччи кэлэн миигин да дьоммун да улаханнык соһутан турардаах. Аҕам үөрүү бөҕөтө, тиэргэҥҥэ хас да сылы быһа алдьанан турбут эргэ УАЗ массыынабытын иккиэн күнү-супту батыаккалаһан оҥоро сылдьаллар. Мин ийэбинээн ас арааһын астыыбыт, эр дьоннорбут илиилэрэ барыта уҥунуох буолан киирэн суунан аһаат төптөрү ыстаналлар. Ол курдук биирдэ таһынааҕы ыалбыт кырдьаҕас эмээхсин Настаа барахсан торуоскатынан сири бигээн тайахтанан-таймаланан киирэн кэллэ, Лешалаах Аҕам ыалга запчасть ыла барбыт кэмнэрэ, мин эбиэт кэннинээҕи ас тобоҕун хомуйа сырыттахпына:- Һаргыаа, Һаргы- диэн Настаа үөгүлүүр, мин миискэбин туора ууран баран ааммын өҥөйөөт:- Настаа дорообо! Ийэм манна хоско баар!- диэн дьүлэй эмээхсиҥҥэ үөгүлүүбүн. Настаа өҥө бараммыт өрбөх тапочкатын муостаннан соһон киирэн кэлэн баран:- Дьиэлээхтэр дорооболорооҥ! Хайа тоойуом ыл олоппосто ылан биэр эрэ- диэн сэрэнэн оһохпут иннигэр кэллэ. Мин аҕам кыракый талах олоппоһун утары уунан биэрдим:- Настаа дорообо, хайа хайдаххыный? Этэҥҥэҕин дуо?- диэн баран тирээпкэбин ыгаат остуолбун сотобун. Настаа олоппоһун уурунан үрдүгэр лаппаччы олорунаат:- Ээ син этэҥҥэбин, арай сүһүөхтэрим кыйан сатаан утуппат буола сылдьаллар, Һаргы кэлэн табаах тардыспат дуо?- диэн күөх өҥнөөх баайыы сэлиэчигин сиэбиттэн "прима" диэн кыһыл өҥнөөх табааҕын ороон таһааран биир сотону кытаахтаан ылан уоһугар кыбыта анньар. Хостон Ийэм тахсан:- Оо Настаа кэлэн олорор эбит дуу, хайа бу эммэхсин атаҕа үтүөрэн бэлдьиэллэбит дуу?- диэн ийэм үөннүрэн күлэр. Онуоха Настаа тииһэ бараммыт айаҕынан күлэн ылаат:- Бээ тохтоо, бэҕэһээ оннооҕор Кулуһуннаах төрдүттэн биир ынахпын сылгылаан аҕалбытым ээ бу да буолларбын.- диэн салыбыраабыт мырчыстаҕас илиилэринэн испиискэтин уматтан табааҕар даҕайар. Ийэм:- Һуу бу да эмээхсин барбыта эчи ырааҕыын, куттамматыҥ да бэт эбит дии.- дижн салгыҥҥа сапсынар. Олоппос ылан эмээхсиҥҥэ сэргэстэһэ олорон табаах уматынна. Настаа миигин көрөн мүчүк гынан баран, киирбит соругун ыйытар:- Хайа биһиги Анчыкпыт ыал буолан эрэр дииллэр дии... - диэн үөннээҕиннэн көрөр. Мин күлэн ылаат:- Ээ сымыйалара, чугас доҕорум кэлэ сылдьар.- диэппин кытары эмээхсин дьүлэйэ бэргээн:- Һээ? Туох диэтиҥ? -Доҕорум диибин, доҕорум... Чугас! -Доҕор даа? Бээрэ ол хайдах хайдах баҕайыный?- диэн Настаа толкуйга түһэр, табааҕын оһох айаҕар үрээт:- Онтон үөс диэкки киһи бары күтүөт дииллэр дии, мин соторутааҕыта килиэп ылан кэлбитим ээ.- эмээхсин мунаахсыйар. Ийэм кэпсэтиигэ кыттыһар:- Ээ күтүөт буолбатах эмээхсин, баҕар этэҥҥэ буоллахтарына күтүөт да буоллаҕына куһаҕана суох буолуо этэ.- диэн таайтарыылаахтык миигин хараҕын кырыытынан көрөн ылар. Мин:- Оодьээ Маамаа бүтүүй- диэн кыбыстан күлэн ылабын. Настаа төбөтүгэр эринэ сылдьар *** былаатын көннөстөн баран:- Оо оннук оннук, эдэр дьон ыал буолан буруо таһаараргыт ордук, хата уонна таптыыр буоллаҕына ким оҕолоох кыыһы көрүөй? Бээрэ арба ол уолбут ханна баарый?- диэн эмээхсин өйдөөн кэлэн ыйытта. Ону кэтэһэн турбут курдук ааны тардан Леша хап-хара илиилээх киирэн кэллэ. Настаа обургу хараҕын кыаратан Лешабын кыҥаан көрөн баран:- Тоом бэттэх сырдыкка чугаһаа эрэ көрүөхпүн- диэн илиитинэн ыҥыран ылар. Онуоха Леша кухня түннүгэр чугаһаан баран:- Дорообо.- диэн баран миигин көрөр. Мин кыбыстан нэһиилэ турабын, Настаа сыаналыырдыы баһыттан атаҕар дылы көрөн түстэ, табааҕын күлүн тэбээн баран:- Били Марыына улахан уолугар дылы дии, ким этэй сатана... Болуодьа дииллэр этэ да?- диэн ийэм диэкки көрөр, Ийэм:- Ханнык Марыына? Ээ Ыстапаанаба диээ, ол кырата Болуодьа диэн, улахан уол Сааска, бу уол туга эрэ майгынныыр Сааскаҕа.- диэн Лешам барахсаны ырыталлар. Киһи баран рукамойникка илиитин сууна турдаҕына Настаа:- Бээ бээ эн оччоҕуна хантан кэллим диэтиҥ? Хайа дойдугунуй?- диэн туоһулаһар. Леша кэннин хайыһан көрөн баран:- Мин Ньурбабын, атаак билигин куоракка баарбын. -Тугу үлэлиир буолаҕын? -бакаа үлэ көстүөр дылы холтууралыыбын. -Ээ сөп, туох дьоннооххунуй? -Ийэм урут Совхозка ыанньыксыттыыр этэ, билигин ыарыһах, биэнсийэҕэ олорор, аҕам кырабар оһолго түбэһэн суох буолбута... Соҕотох оҕобун. -Ээ барахсаттар...-диэн Настаа олоро түстэ, онтон табааҕын соппойоот:- Бээрэ эн оччоҕуна биһиги кыыспытыгар күтүөттүү кэллиҥ диээ.- диэн чуоп-бааччы ыйытта. Киһим миигин көрбүтүгэр мин түҥнэри хайыстым, ол кэмҥэ уу чуумпу сатараата, Леша кирпииччэ:- Ээ оннук.- диэбитигэр мин соһуйан Киһибин көрбүппэр уолум күлэн мүччүҥнүүр. Мин сутурукчааммын көрдөрөөт таһырдьа тахсан хааллым. Леша кэлбитэ иккис эрэ күнэ, сурах тарҕанара дьикти дэриэбинэ иһигэр, иннэ гынан күтүөт аатырбыта аҥардастыы))) мин Настаа тахсыбытын кэннэ дьиэбэр киирэн ас астаары оһохпор уубун уурдум, киэһээ буолан эрэр, сотору ньирэйдэрбин хаайталыам, сибиинньэбин аһатыам. Лешалаах Аҕам таһырдьа үлэ-хамнас бөҕө буола сылдьаллар, үчүгэйдик булсубуттар, сотору сотору күлсэр саҥалара иһиллэр. Мин зал түннүгүн сабыытын сэгэтэн Леша массыына коробкатын таҥа олорорун көрөн " Хантан кэлэн хааллыҥ? Тоҕо атын кыргыттары көрбөтүҥ буолуой? Эчи кыһаллыбыт аҕай кини..." диэн санаа төбөм иһигэр саҥарар. Ол олорон уолум эмискэ сэрэйэн буолуо, миигин түннүк нөҥүө эргиллэн көрдө, ону кытта мин сабыыбын саба баттаат кыбыста кэннибинэн тэйэн биэрдим. Иһим син улаатан эрэр, уулуссаҕа игин мээнэ тахсыбаппын кыбыстарым бэт, хас көрсүбүт киһим ыйытар ыйытыыта диэн " Хайа ыал буолан эрэҕин дуу?" диэн ис хоһоонноох буолар. Лешаны дьыбааҥҥа олохтообуппут, киһим кэлэригэр улахан баҕайы суумкалаах этэ да улахан аҥара барыта миэхэ анаан ылбыт минньигэс кэһиитэ этэ. Үһүс күнүгэр остуолбар иһит сууйан кылыгырата турдахпына аҕам киирэн кэллэ, олоппоһугар баран олорон чэйин ылан сыпсырытаат:- Анчык оҕом сыыһа инникигэр туох былааннаах сылдьаҕын?- диэн ыйытта. Мин долгуйан кэллим, чахчыта дугу да билбэт эбиппин, түннүк диэкки көрөн ылан баран:- Этэҥҥэ төрөөтөхпүнэ баҕар салҕыы үөрэнэн көрөрүм буолуо.- диэн саарбахтаабыттыы хоруйдаатым. Онуоха Аҕам аа-дьуо:- Леха куһаҕана суох ыччат быһыыта, үлэһитэ, билэрэ-көрөрө дьикти... Тоойуом эн киниэхэ кэргэн тахсан хааларыҥ буоллар, инник дьон мээнэҕэ көстүбэттэр ээ...- диэн саныы сылдьыбыт санаатын сэрэнэн ырааҕынан эргитэн эттэ. Мин умса туттан иһиппин сото туран:- Аҕаа мин Лешаны таптаабаппын ээ, кини миэхэ доҕор эрэ уонна туох да буолбатах. Аҕам куолаһа сөҥүөрэн кыыһырыахча:- Тапталллаах баҕастаах ээ, Кэм биһиги аккаарылары көрөбүт! Үчүгэйдэри батыһыахпыт дуо, суох! Кэлин эрэйи көрүөҥ дии, Леха баҕас мин санаабар киирэн-тахсан кэлин биһигитини өрө тардар киһи сылдьар ити, итинник киһини куоттарыма... Чыычаах Аанчык аҕаҥ эйиэхэ үчүгэйи баҕаран этэр ээ, өйдөөрүүй.- диэн кэннибэр олорон саҥарар. Мин тулуйбакка саҥата суох таһырдьа тахсан инчэйбит харахпын соттобун. Ол курдук курус санааҕа ылларан эбиэттээн бүтэн кыргыттарым кучуйаннар Леша мин Гуля уонна Сардаана буолан аҕам матаһыыкылын собуоттаан үрэххэ сөтүөлүү барбыппыт. Санаам көтөҕүллэн тиийиэхтээх сирбитигэр тиийэн сыгынньахтанан киирэргэ бэлэмнэннибит. Леша эр киһи быһыытынан бастакы сүүрэн киирдэ, кыргыттарым күлсэ күлсэ нэһиилэ хааман киирдилэр. Мин кытылга таҥаспын устубаккабын эрэ уу тэпсэ сырыттахпына Леша обургу ууттан тахсан кэлэн миигин сырсан тиийэн кууста, мин ыһыы-хаһыы бөҕөтөбүн, мөхсө сатыыбын кычыкаланан да Леша ууга сүгэн киллэрбитигэр "Ыччуу" бөҕө буолан киһибин көхсүн тоҥсуйабын. Иннэ гынан дэлби мэниктээн күлэ күлэ ууннан ысыһан оонньоотубут, барыта наһаа үчүгэй этэ... Сөтүөлээн бүтэн мин инчэйбит таҥастаах быар куустан илибирии илибирии тахсыбыппар кэннибиттэн Леша сылаас баҕайытык кууспутугар тоҥмутум ирэн итии сүүрээн эппинэн сүүрэн тарҕана оҕуста. Өссө да куустаран туруо эбиппин испэр "Эчи үчүгэйииин" дии саныы саныы сылаанньыйан туран эмискэ кыбыстан киһибиттэн төлө туттараат матаһыыкылга сүүрдүм. Киһим кэннибиттэн сырсан иһэн ынах сибиэһэй сааҕыттан халтарыйан умса баран түстэ, мин олох быара суох сытабын))) айуу дэлби күлэн, дьиэбитигэр кэлэн аны сүөһү ыан үүт туттара барбыппыт. Билигин санаатахха астык да кэмнэр элэҥнээн ааһа охсубуттар эбит;((( Сарсыныгар эмиэ кыра оҕолор курдук мэниктээн сырсыаккалаһан күнү-дьылы билбэккэ да аһардыбыппыт. Леша иннэ гынан биһиэхэ биэс хоммута, ол кэмнэр наһаа да дьоллоох күннэр этилэр... Өссө да хаалыах киһини мин акаарыбыттан үүрбүтүм... Бүтэһик күн киэһээтигэр эмиэ мэниктии мэниктии дьиэҕэ киирэн дьыбааҥҥа олордохпуна Ийэм кэлэн баран:- Анчык кэлэ сырыт эрэ бэттэх- диэн баран утуйар хос диэкки ааста. Мин кэнниттэн батыһан киирээппин кытары Ийэм:- Анчык эн аҕан этэрин истиэҥ этэ, чахчы Леша үчүгэй эрэбиллээх киһи дии санаатым мин, ыал буолларгыт аҕаҥ биһиги иккиэн дьоллонуох эрэ тустаахпыт.- диэн сибигинэйэ быластаан саҥараат илиибиттэн сиэттэ. Мин- Ийээ тоҕо кинини кытта холбуу сатыыгытый? Мин кинини убайым курдук көрөбүн, чугас доҕор буоллаҕа дии кини миэхэ... Таптаабат киһибэр ойох туох да иһин тахсыбаппын.- диэн Ийэм эрэйдээҕи түҥнэри көрөөт хостон тахсан барбытым. Леша туох да буолбатаҕын курдук телевизор иннигэр олордоҕуна таһырдьа ыҥыран таһаардым. Тахсаат киһибэр үөһээ өрө тыынан ылан баран:- Леша эн төптөрү барыыһыккын, Ийэлээх Аҕам сүгүннээмээри гыннылар... Харчыҥ суох буоллаҕына биэриэҕим, иһиттиҥ?- диэн Лешабын батары көрдүм. Киһим саҥата суох туран иһиттэ, онтон умса көрөөт:- инник диир буоллаххына барабын буо... Ол эрэн эн...- диэн баран сүнньүн туттан тохтоон хаалла, туох эрэ диэн баҕарар да сатаан эппэтэ. Мин турааран:- Ол эрэн мин хайыыбыный?- диэн киһибин хаайабын. Киһим симктик туттан туран:- Ээчэ суох.- диэн аккаастанна. Мин:- Чэ эппиккин этэн кэбис, тоҕо саҥаран баран ситэри саҥарбаккыный?- диэн буойдум. Леша сэрэнэн:- Баҕар эн... Миэхэ кэргэн тахсарыҥ эбитэ буо...- диэн саҥаран истэҕинэ мин быһа түһэн:- Леша ты опять за свое да?- диэн кыыһырыахча буоллум. Уолум илиибиттэн ылан баран:- Анчык эн миэхэ таҕыстаххына мин эйиигин дьоллоох киһи гыныам этэ, баҕар ууга да тимиртиннэр, баҕар уокка да бырахтыннар, мин син биир эн эрэ тускар олоруом, олохпун кэрэйбэппин ээ Аанчык баһаалыста өйдөөрүүй.- диэн Леша ыксаабыт куолаһа билиҥээҥҥи диэри кулгаахпар иһиллэр. Мин:- Эр дьоннор бастаан эрэ инник диигит, бэйэмсэххит... Мин уонна эһигит тылгытын итэҕэйбэппин.- диэт эргиллэн баран ааммын аһан иһирдьэ киирэн хоспор ааһа турдум. Ороммун оҥостон сытан баран "Таах сибиэ саҥардым быһыылаах" дии санаан кэлэн кыайан эмиэ утуйбатым. Сарсыарда хойутаан уһуктан, таҥаспын таҥнан ороммун игин оҥорон баран дьиэм иһин кэрийдим да ким да суох. Таһырдьа тахсыбытым ийэм ньирэйдэргэ уу кута турар, халааппын баанан баран тиийээт- Мааа хайа Папалаах Леша ханна барбыттарый?- диэн ыйытыкпар:- Ээ Леша бу сарсыарда эрдэ туран Дойдулаабыта, Аҕаҥ Һэргэйдээххэ барда быһыылаах.- диэбитигэр курус санаа саба кууста, хайдах эрэ итэҕэйбэтим, төптөрү дьиэбэр киирэн Леша сээкэйин ууран турбут долбуурун арыйан көрбүтүм да кураанаҕынан көрөн турар, дьыбаан үчүгэй баҕайытык хомуллубут, Леша кэтэ сылдьыбыт тапочката сааһыланан чөкө турар, бэйэтэ буоллаҕына мэлийбит... "Ама барбыт дуо?" дии санааммын тахсан аартык суолу сайы көрөбүн да тула барыта уу чуумпу, тыал хатыҥ сэбирдэҕин үрэр тыаһа эрэ суугунуур... Леша барахсан сарсыарда чэй иһэн баран саҥата суох хомунан тахсан эрдэҕинэ Аҕам аах тохтотоору гыммыттар да киһилэрэ сүөм түһэн суумкатын саннын нөҥүө элитээт быраһаайдаһан баран тахсан бараахтаабыт;((( кини барбытын кэннэ чуҥкутуон, тула барыта хараҥарбыт курдуга, бэйэм бэйэбин сэмэлэнэрим да хайыахпыный буолар буолбут буоллаҕа...
Сахабыт сирин кылгас сайына түргэн үлүгэрдик элэҥнээн ааһа оҕуста, Атырдьах ыйын бүтэһик күннэригэр лаппа сөрүүдүйэн хаһыҥнаан ылан сөрүүн күннэр турдулар. Балаҕан ыйын саҕаланыытыгар мин район киинигэр киирэн балыаһаҕа туттулар, ол кэннэ Балаҕан ыйын ортотугар этэҥҥэ уол оҕолонон быыһаммытым. Биирггэ сытар кыргыттарбар кэргэттэрэ сибэккии, кэһии бөҕө тутуурдаах кэлэн көрсөн илдьэ бараллара, мин ону көрөн ымсыыра саныыр этим, биир биир кыргыттарым кэргэттэрин кытары бардылар, мин палатабар соҕотох хаалан мунчаарыы бөҕөтүн мунчааран санаам тууйуллан ытыах санаам кэлэн туттунан дьоммун күүтэбин. Түннүгүнэн аллараа көрбүтүм биир уол дьолломмут аҕай кэргэнин иннигэр-кэннигэр түһэн көтүөҕүн кыната эрэ тиийбэт, сыллаһан-уураһан, сибэккии-тайма бөҕө буолан массыынаҕа олорон барбыттарын көрөн "Биһиги аҕабыт Леша курдук эбитэ буоллар төһөлөөх дьоллонон олоруох этибиний? Ол кыыс курдук мичээрдээн аҕай балыаһа кирилиэһиттэн хааман түһүөх этим" диэн санаан харахпыттан сылаас таммах подоконникка таммалаата. Сотору соҕус буолаат дьонум айманан аҕай кэллилэр, оо онно көрүө этигит хайдахтаах үөрэн дууһалыын чэпчээбиппин. Кэм кэрдии бэйэтин хаамыытынан баран истэ, мин төрөөн баран үөрэниэх игин буолбутум да, ол былаан тохтообута, уолбун кытта дьонум аахха олорбуппут. Кып-кырачаан Айаалым барахсаанчыгым мим-минньигээс кинии, бастакы күннэрбэр сатаан үүт киирбэккэ сордонор аҕай этибит, Ийэм барахсан сүбэ-ама буолан көмөлөһөн өйөөн-убаан кэлбитэ. Ийэ буолар туспа дьол, бэйэлээх бэйэҥ оҕоҥ хараххар улаатара, бастакы хардыыта, саҥата барыта хатыламмат иэйии, туспа үөрүү. Кыһын аҕабыт Алик биир күн биллибитэ эмискэ, "эйэлэһиэх, өйбүн туттум" игин диэн төптөрү холбоһоору хаайара, бастаан утаа сөбүлэҥмин биэрбэтэҕим, ол кэннэ Саҥа дьыл буолбутун кэннэ "Баҕар оҕотун көрөн көнүө уонна таптыыр буоламмын" төптөрү көһөн күккүрээн холбоһон олорбутунан барбыппыт. Ол эрэн соторуннан билбитим киһим саҥата эрэ эбит, бэйэтэ буоллаҕына оҕо көрсүөн баҕарбат, наар сылайар аатыран барбыта. Төптөрү арахсыахпын дьонум төбөбүттэн имэрийбэттэрэ чахчы, ол иһин төһө да кыамматар күннэҕи түбүккэ ылларан бириэмэни кээрэтэн син оттон-мастан тардыһан ыал олоҕунан олорбуппут. Олох диэн түһүүлээх-тахсыылаах, очурдардаах... Биһиги олох оскуолатын үөрэнэн мискиллэн буһан-хатан син олох аһыытын амтанын билбиппит. Быстарык да ханна барыай, оҕобутун үөрэттэрэн, ол быыһыгар иккиэн тапсыбатарбыт да үлэлээн-хамсаан 2007 сылга дылы кэлбиппит... Таптал диэн букатыннаахтыы суураллыбыта, ол эрэн Айаалчыгым эрэ нөҥүө сырдык дьоллоох күн тыгара. Кэм кэрдии барытын сааһылыыр эбит орун оннугар, мин заочно син үөрэнэн дьоҕус тэрилтэҕэ үлэҕэ киирэн, элбэх доҕоттордонон үлэбэр аралдьыйан сиҥмэр түһэн, оннубун булан күннээҕи олох тугу уунарынан олорон истим. Саҥа дьылбыт үүнэн кэллэ, биһиги коллективынан рестораҥҥа бырааһынньыктыыр буоллубут, оҕонньорум ыытымаары бөҕө буолбутун ааттаһан эрдэ кэлиэх аатыран нэһиилэ мүччү туттаран дьүөгэлэрбин кытары хобулук, юбка краска бөҕө буолан ресторааммытыгар кэлбиппит. Остуол муҥунан ас арааһа тардыллыбыт, дьон-сэргэ сүргэтэ көтөҕүллэн бырааһынньыкпытын күлэ-үөрэ көрсүбүппүт. Аһаан-сиэн баран ким хаалар хаалан, сорохтор танцполга үҥкүүлүү түстүбүт. Үлтү сылайыахпытыгар дылы имиллэҥнээн, үҥкүүлээн баран столиктарга кэлэн олордубут, арааһы кэпсэтэ олорон мин кыракый сиэркилэбин ылан хааспын көннөстө олорон көрбүтүм кэннибэр билэр баҕайы сирэйдээх киһим олорор. Сиэркилэбин арыычча уоттаах сиргэ тутан кыҥастаһан көрөбүн))) көхсүм нөҥүө арай Лешигым күлүү бөҕө буолан табаарыстарын кытары олорор эбит. Дэлби долгуйдум, ыксаатым, сэрэнэн кэннибин хайыһан көрбүтүм чахчы Леша эбит, дэлби этирбит, хаалтыс, маҥан рубашка, хара пиджак игин бөҕө уол, туох эрэ тойонун курдук, олорон эрэ мин диэкки хайыспытыгар төптөрү эргиллэ оҕустум. Кыргыттарым туран үҥкүүлүү бардылар, мин сылаарҕаан кэлин тиийиэх аатыран остуолбар соҕотох хааллым. Сотору сотору эргиллэн Лешабын көрөбүн, отой умна быһыытыйбыт эбиппин, киһим олус диэн тупсубут, түспэтийбит. Биир кэмҥэ Леша хараҕа миэхэ кэтиллэ биэрдэ, мин үгэс быһыытынан коктейлбын ылан испитэ буоллум, хараҕым кырыытынан көрдөхпүнэ киһим хараҕа миигиттэн арахпат "Биллэ быһыылаах" дии санаан долгуйан кэллим, эмиэ да испэр үөрэ санаатым. Сотору соҕус Леша үрүүмкэтин хантатаат солфетканнан уоһун соттубута буолан баран туран мин диэкки хаамта, мин ханна да барыах-кэлиэх сирбин булбакка олорон хааллым, киһи аа-дьуо столикпар кэлэн баран:- Анна Гаврильевна можно присоединиться к вам?- диэн урукку үөннээх Леша харахтара миигин тонулуппакка көрбүттэригэр, симиктэн сиргэ тимирбэтим эрэ:- Да, можно Алексей Александрович- диэт үөрбүт дьоллоох харахтарым утары көрдүлэр. Онтон туттумматым ойон туран Лешикпын кытары куустуһан дьоллонон тура түстүбүт, онтон өй ылан иккиэн олордубут. киһим харахтара килэбэчийэн столик нөҥүө уун-утары олорон миигин үөрэтэрдии-чинчийэрдии көрбөхөлүү түһэн баран:- Олус да тупсубуккун дии, бириэмэ олох уларыппатах эбит.- диэбитигэр кыбыстан:- Махтал, эн эмиэ дэлби тупсубуккун, урукку Леша буолбатаххын, тойон буолбуккун быһыылаах сэрэйдэххэ.- диэн таайтарыылахтык кэпсэтиини саҕалаабытым. Остуол уҥуор-маҥаар олорон уруккуну-хойуккуну ирэ-хоро кэпсэппиппит. Киһим мин дойдубуттан кэлэн баран санаата түһэн, кэлэйэн аргылыах санаата киирэн аргылаан эрдэҕинэ таайа үлэлии ыҥыран. Инньэ гынан таайын кытары олорон үлэлээн- хамнаан син киһи-хара буолан баран салҕыы дьол көрдөһө кыракый харчылаах Дьокуускайы булар. Онно-манна араас тэрилтэҕэ үлэлээн оннун булар, табаарыстанан предприниматель буолар игин. Ол тухары миигин умнубатах, олорбут олоҕун ситиһиитин барытын хаһан эмит миигин ситиһэргэ уурар. Ол эрэн кини суолугар биир эдэркээн кыыс кэлэн кинини ойох ылан биир оҕолонон быр-бааччы олороллор эбит. Син да буоччу олорбуппут, сотору буолаат бытаан, наҕыл ырыа тыаһаата, танцполтан кыргыттарым төптөрү кэлэн иһэллэр, миигин Леша туран илиитин ууммутугар кыракый илиичээннэрбин Леша ытыһыгар уурдум, киһим тардан туруорда. Иккиэн сиэттиспитинэн танцпол диэкки хаамтыбыт, ааһан иһэн дьүөгэлэрим харахтара кэҥээн биһигитини соһуйбуттуу одуулаһа хааллылар.
Зал иһэ хараҥа, светомузыка сырдатан эрэ ааһар биһигитини, мин төбөбүн Леша киэҥ түөһүгэр өйөөн хаһан да медляктаабатахпын медляктаабытым. Тулалыыр эйгэбин барытын умуннум, "үчүгэйиин! Кини илиитин иһигэр мөхсөр, ханнык бэйэлээх кыыһы ылбыта буоллар? Кэбиис ону-маны санаама! Кини уже кэргэннээх оҕолоох киһи, мин эмиэ оҕолоох оҕонньордоох дьахтарбын... Оо уруккуну барытын эргиппит киһи баар инии..." диэн үҥкүүлүү туран бэйэбин буойа саныыбын, ол ыккардыгар ырыабыт тохтоото, мин кыбыстан үҥкүүлээн бүтэн баран кэннибинэн тэйдим, Лешам ыытыах санаата суох, икки илиибиттэн сиэтэн тэтимнээх, эрчимнээх ырыа тыаһаабытыгар күлэ күлэ үҥкүүлээн бардыбыт. Сотору соҕус мин чаһыыбын ылан көрбүтүм олох да түүн үс час буолан эрэр эбит. "Арба 12-ни кэнниттэн баран дьиэлиэхтээх этим дии" дии санаат ыксаатым, улахан музыка быыһыгар Лешам кулгааҕар чугаһаан баран:- Мин бардым Леш, чаһыы ыраатта.- диэн баран суон моонньуттан кууһан ыллым. Киһим өйдөөбөтөхтүү миигин быччаччы көрдө, ол кэмҥэ мин аан диэкки хааман эрдэхпинэ илиибиттэн тардан ылла:- Анчык тоҕо бардыҥ? Кыратык хаала түспэккин дуо?- диэн ыксаабыт аҕай, мин эргиллэн баран:- Киһибэр эрдэ кэлиэм диэбитим ээ, хойутаан хаалбыппын- диэн Золушка курдук бараары ыксаатым. Киһим пиджагын сиэбиттэн телефонун ороон таһаараат:- Аа-анчык номергын хаалларыаҥ дуо?- диэн ыытымаары илиибиттэн сиэтэн турда. Мин номербын этээт тахсар аан диэкки сүүрэр-хаамар ыккардыгар бардым. Гардеробтан шубабын ылаат таксига звоннаатым. Эрим буолуохсут кыыһыран кэтэһэн эрдэҕэ, телефоммар пропущеннай бөҕө буолбут, звоннуу сатаабыт. Олус диэн куттанным, ол эрэн Лешаны көрсүбүт астыммыт санаам өссө да ааһа илик. Сиэркилэ иннигэр туран таҥна турдахпына Леша залтан ойон таҕыста, миигин көрдүү сылдьар эбит:- Анчык тохтоо, мин илдьэн биэриэм- диэт гардеробщицаҕа баран биркатын биэрдэ. Уол табаарыһын массыынатын күлүүһүн ылан кэлбит эбит. Мин:- Лешаа мин таксим уже кэллэ ээ, бэйэм барыам.- диэн сонун кэтэ турар киһибин тохтотобун. Леша он и здесь Леша хаһан тохтуой, ылыммытын хаһан да ыһыктыбат киһи кини:- Ханна кэллэ? Кэл бардыбыт эрэ- диэн миигин сиэппитинэн таһырдьа таҕыстыбыт. -Таксин ханна кэллэний?- диэн эргиллэн ыйытта, мин ыйан биэрбиппэр киһи сулбу хааман тиийэн таксиһы кытта тугу эрэ кэпсэттэ, онтон төптөрү хааман кэлэн хара өҥнөөх иномарка иннинээҕи аанын арыйан баран:- Прошу мадам.- диэн үөннээҕинэн көрөн кыһаллыбыт аҕай кини. Мин күлбүтүнэн иһирдьэ Киирэн олорбуппун кэннэ киһим массыынаҕа олорон аа-дьуо хоҥнон бардыбыт. Аара баран иһэн арааһы кэпсэттибит, санаатыбыт игин. Дьиэбэр аҕалан баран тахсан ааммын арыйан илиибиттэн сиэтэн таһаарда, Лешабар махтанан баран бараары хааман истэхпинэ эмискэ киһим:- Анчыык- диэбитигэр кэннибин хайыһан истэхпинэ күүстээх илии тардан ылан кууһан ылла, уонна уохтаахтык уураабытынан барбыта))) билбэккэ да хааллым, ол эрэн утарыласпатым. Биирдэ өйдөөбүтүм дэлби тоҥмут эбиппин уонна туора харах көрөн кэбиһиэ диэммин киһибин кэннин диэкки астым, уолум дэлби собуоттаммыт аҕай- Уоскуй Леша, дьоннор көрүөхтэрэ- диэн күлэн ылаат титиристээбитинэн бардым. Киһим:- Анчык эйиигин уонна хаһан көрөбүн?- диэн ыытымаары төптөрү кууһан ылар. Мин:- Билбэтим Леша, мин кэргэннээх дьоннору кытары көрсөөччүм суох, онон бырастыы гын миигин, эн биһиги иккиэн тус-туспа дьылҕалаахпыт.- диэн баран кууспут илиитин сэрэнэн арааран баран подъездым үктэлигэр таҕыстым. Киһим:- Анчык оннук буолбатах, эн биһиги иккиэн бу сиргэ анан кэлбиппит... Чэ ону кэлин билиэҕин, билигин киирэ оҕус дэлби тоҥмуккун, биллэ сылдьыаҕым.-диэн бэйэтигэр эрэллээх Лешигым кэннибиттэн астыммыт сирэйдээх көрө хаалбыта, мин дьиэбэр киирбитим эрим телевизор көрө олорор эбит. Бастаан утаа туох да буолбатаҕын курдук олорон баран:- Чаһыы хас буолла?- диэн ыйытта, мин эппиэттээтим, хойутаабыппын билинэн алҕаспын эттим. Киһим:- хайа эрэ эр дьоннор иннилэригэр үҥкүүлүү сырыттаҕын ди, ***!- диэн киһим ойон тураат мин диэкки хааман кэллэ, мин ыксаан:- Алик бүтүүй- эрэ диэн хааллым, охсон түһэрбитигэр туймааран сиргэ тиэрэ кэлэн түстүм. Муннум хаана тоҕо барда, саҥа өй ылан эрдэхпинэ баттахпыттан состо:- Сүөһү уонна ханна да барбаккын иһиттиҥ бта!- диэн кыыһыран тииһин быыһынан сыыйан саҥарар. Ол кэмҥэ кыракый Айаалчыкпыт уһуктан кэлэн көрөн турар эбит. Ону ол диэбэккэ оҕо көрөн турдаҕына тэбиэлээн барда. Мин ааттаһа сатаатым да наоборот өрө бара бара сутуругунан түстэ... Уолбут дэлби куттанна, ытаабытыгар киһи эрэ буоллар тохтоото, прохожка уотун хатаан баран уолун көтөҕөн утуйар хос диэкки барда. Мин хаан-билик буолан хайдыбыт уостаах, арбайбыт баттахтаах муостаҕа син да буоччу сыппытым. Искэ тэппитигэр ыарыыката бөҕөтө, кыайан турбатаҕым...
Ол түүн нэһиилэ өйөнөн туран дьыбааммар кэлэн сыттым, төбөм ыалдьар аҕай, ол сытан иһиттэхпинэ уолум:- Маамаа- дии дии ытыыр аҕай утуйар хоспутугар, ол аайы аҕата боччуйар саҥата иһиллэр, өссө таһыйар игин быһыылаах, мин нэһиилэ сытабын, тугу да гынар кыаҕа суохпуттан дэлби абаран ытаан ньолҕооруйабын... Кыайан тулуйуо суохпун оҕом ытыырын дьыбааммыттан өндөйөн истэхпинэ хараҥа сыгынньах атах муостаны таһыйан сүүрэн кэлэргэ дылы, онтон мин күҥҥэ көрдөрбүт көмүс уолчааным эмискэ кууһан ылла, оо онно үөрдэхпиээн, чыычааҕым сыыһын бэйэм хоонньубар уктаат төбөтүттэн сылаат хараҕым уутун соттобун. Айаал барахсан кыратыттан көрбүт хартыыната, оҕо психиката кыраттан да алдьанар ээ, ону биһиги аҕабыт буолуохсут өйдөөбөт... Сарсыарда турбутум уолум минньигэс баҕайытык утуйан буккуруу сытар, мин этим барыта ыалдьар, көһүйбүт курдукпун, ол эрэн сэниэ булан туран сирэй-харах сууммута буоллум. Бэҕэһээҥҥи Саҥа дьыллааҕы бырааһынньык эрэ туох эрэ, олох сүр баттатан дьиэбэр күлүк курдук сылдьабын. Аҕабыт туран биир да саҥата суох аһаан баран үлэтигэр барбыта. Мин испэр бырастыы көрдөһүө дии санаабытым да, киһим буолуох утары да көрбөтөҕө. Арахсыахпын баҕарабын да куттанабын, оҕом аҕата суох улаатарын эмиэ баҕарбаппын. Ас астаан оҕобун аһата охсон детсадыгар илдьээри таҥаһын бэрийэ турдахпына телефонум ынараа хоско хаһыытыыр. Үлэбэр барбатаҕым, маннык сирэйдээх-харахтаах, "баҕар сэбиэдиссэйим эрийэн эрэрэ буолуо" дии санаан сүүрэн кэриэтэ баран көрбүтүм олох билбэт номерым эбит. Ылбытым телефон нөҥүө Леша саҥата:- Алее привет Анна Гаврильевна (күлэн ылар) -Ээ Леша дорообо.- диэн маннык киһилээхпин дьэ саныы биэрдим. -Хайа төһө бэркэ утуйан турдуҥ? Мин бу билигин саҥа бүттүм, дьиэлиэм.-диэн Леша сүргэтэ көтөҕүллэн олорор. Мин бөлүүҥҥү быһылааны санаан кэлэн куһаҕан буола сыыстым, кэһиэҕирбит куоласпынан:- Ээ этэҥҥэ утуйан турдум- диэн кыккыраччы сымыйалаан эттим. Киһим саҥабыттан биллэ быһыылаах:- Хайа Анчык туох буоллуҥ???- диэн куолаһа уларыйа оҕуста, онуоха мин:- Ээ суох барыта үчүгэй, эн хайдаххыный? Барыта этэҥҥэ ааста дуо?- диэн кэпсэтиини атыҥҥа халыта сатыыбын. Киһим муодарҕаата:- Анчык ким атаҕастаата, куоласкыттан биллэр дии, эт туох буоллуҥ?- диэн хаайда, мин туох да диэхпин билбэккэ:- Леш баһаалыста бүт, мин үчүгэйбин ээ, кэлин эрийээр мин солото суох сылдьабын.-диэн хоруйдаат өрө сыҥан ыллым. Леша тутатына:- Анчык эриҥ атаҕастаата дуо? Хайдах гыннай?!- диэн кыыһырбыт саҥата иһилиннэ. Мин телефоммун саба тутаат ытыспын саба туттаат туттунан тулуйа сатыы олордохпуна иккистээн телефонум дыыгыныыр, мин ылан быраҕа турдум. Онтон уоскуйан тыын ылан харахпын сотто олордохпуна СМС кэллэ "Сотору тиийиэм" диэн Леша номера таҕыста. Мин отой куһаҕан буола сыыстым, төптөрү звоннаан:- Аллее Леша баһаалыста бүтүүй, биһиги бэйэбит испитигэр бэйэбит быһаарсыахпыт.- диэн ыксаан кэлэбин. Киһим кыйахаммыт аҕай:- Анчык мин эйиигин кимиэхэ да атаҕастатыам суоҕа истэҕин? Эриҥ да буоллун, тугуй ол тулуйан олороору гынаҕын дуо? Мин бэйэм быһаарсыам-диэн кыйахаммыт аҕай Лешигым суоһарҕанар. Мин саҥата суох сүөм түһэн олордум... Телефон нөҥүө:- Анчык бу эйиэхэ баран иһэбин, киһиҥ баар да? -Суох...- диэн нэһиилэ хардардым. -Кэтэс тиийиэҕим, чэ наһаа куттаныма барыта этэҥҥэ буолуо, тиийдэхпинэ биллиэҕим. -Сөп... Инньэ гынан Леша уол оҕото тиийэн кэлбитэ, сирэйбин-харахпын көрөөт Алигым хас биирдии ойоҕоһун ааҕыах буолан сааммыта. Мин уолбун детсадка илдьэн кэлэ охсубутум кэннэ оруобуна түбэһэ кэлбитэ, бастаан сирэйбин-харахпын кистии саба тутта сатаабытым кыбыстан. Киһим саҥата суох кэлэн кууспутугар ыйа-хайа суох ытаабытым. Чэ ити курдук тура түһэн баран уоскуйан иһирдьэ дьиэҕэ киирэн чэй испиппит. Мин туох-баар ыар санаабын барытын олорон кэпсээбитим, киһи олорон барытын истэн, сүбэлээн-амалаан барбытыгар ыйааһын санныбыттан түспүтүгэр дылы буолбута, чэпчээн күлэн ылар этим арыт ардыгар. Киһим эрбин кытары биир бииргэ эр киһилии кэпсэтиэх буолан барбыта. Мин куттана санаабыппар:- Суох хайыам да суоҕа, көннөрү кэпсэтиэҕим.- диэн имэрийэ көрөөт тахсан барбыта.
Таһырдьа дьыбардаах халлаан, бытархан тымныылар саамай үгэннээн турар кэмнэрэ, түннүкпүнэн аллараа туман быыһынан хаамсар дьоннору көрөн "Барахсаттар кинилэр эмиэ туох эрэ кыһалҕаҕа ыктаран хаама сырыттахтара, ким эрэ Ороһооспону ылаары сүүрүү-көтүү бөҕө буолуо, ким эрэ тапталларыгар бэлэх уунаары кэрискэлэнэрэ буолуо" диэн арааһы санаан чуумпу кухнябар олоро түстүм. "Леша уол оҕото хайдах кини буоллар эбэһээт сүүрэн-көтөн дьыаланы барытын быһаарса охсоро буолуой? Кинини кытта арай эрдэ холбоспутум буоллар, оччоҕуна? Хайдах буолуо этэй?" диэн бэйэм бэйэбин кытта испэр кэпсэтэбин. Ороммор баран сэттис түүлүн түһүү сытар куоскабын ылан төбөтүн имэрийэ имэрийэ сыттым испэр "Арай бу баар Муркабыт күн кыһалҕата суох аһыы аһыы утуй да утуй, кини курдук олоҕу олорбут баар ини... Ол эрэн кыһалҕата суох олох эмиэ да соччото суох буолаарай? Араас олоххо буолар харгыстары туораары киһи буолан төрөөн-ууһаан эрдэхпит ди" дии саныы сытан чункуйан утуйан хаалбыппын. Эбиэт кэннэ уһуктан эт киллэрэн ириэрэ уурдум, киэһээ аҕа баһылыкпыт туох диэн тыынан кэлэрэ биллибэт, эмиэ туһунан куттал дьэ. Киэһээ ириистээх эттээх минньигэс торуой буһаран киһибин кэтэстим да кэлбэтэ, "эмиэ табаарыстарыгар бардаҕа буолуо" дии санаабытым. Уолбун кытары телевизор көрө сыттахпытына ааммытын тоҥсуйдулар, туран аспытым Алик аан боруогар турар эбит, туохтан эрэ өлө куттаммыт, сирэйэ кубарыйан тыын быһаҕаһынан тыынан иһирдьэ ааһан саҥата суох сыгынньахтанан барда. Мин "Бу киһи туох буолла" дии санаат:- Хайа туох айылаах хойутаатыҥ?- диэн ыйыппыта буоллум. Алик саҥарбат, сирэйин ньухханаат дьыбааҥҥа бара олоро түһэн баран, ас бэлэмнии турдахпына:- Аанчык бырастыы гын миигин, сыыһа гыммыт эбиппин...- диэн умса көрдө. Леша эр киһилии кэпсэппитин түмүгэ оннук ааспыта. Мин буолуох буолуохтааҕын курдук саҥата суох килиэп кырбаатым. Киһим:- Аны инник гыныам суоҕа ...- диэт оронун диэкки сыҕарыйда. Инньэ гынан ол киэһээ Леша хайдах гыммытын билбэппин эрээри Алик аһын да аһаабакка утуйаахтаабыта. Онтон ылата киһим туохтан эрэ дьиксинэр курдуга, миигин кытта кэпсэтэрэ лаппа аччаабыта, Леша кэлин звоннаан ыйыппытыгар "Бырастыы көрдөспүтэ" диэбиппэр, киһим "Оннук гыныахтаах этэ, аныгыскы сырыыга ол бу буолар түгэнигэр миэхэ кыбыстыбаккаҕын этэр буолаар" диэбитигэр, хайдах эрэ атыҥырыы санаабытым. Олохпут ити курдук баран истэ, Леша олох күнүн аайы звонннуур буолан барбыта, ол оннугар кэргэним дьиэтигэр хоноһо курдук кэлэн барар буолан хаалбыта. Төһө да кэргэммин таптаабатар да дьиэбит иһигэр бэйэ киһибит, оҕобут аҕата буоллаҕа, ол иһин араастаан эйэлэһэ, кэпсэтэ сатыырым. Биир киэһээ Леша эмиэ үгэс быһыытынан эрийбитигэр:- Аллее Леш привет, кэлин эрийээр дии солото суох сылдьабын- диэт арааран кэбистим. Сотору буолаат Леша иккиһин эрийээт:- Алее Анчык эн хайдах буоллуҥ? Эмиэ туох эрэ буолла дуо? -Суох, уопсайынан махтал көмөҥ иһин, ол эрэн кэпсэтэрбитин тохтотон эриэххэ, все таки мин ыал ийэтэбин, эн ыал аҕатаҕын... -Аа... Эээ сөп диээ, мин билигээҥҥэ диэри ахтабын, эйиигин куруук көрүөхпүн, сыллыахпын, кууһуохпун баҕарабын, ол эрэн мин эмиэ сыыһалардаахпын-бырастыы гын миигин. Анчык баһаалыста инник диэмэриий. -Леша билэбин эн миигин таптыыргын, студент саҕаттан билэбин, ол эрэн биһиги тус туспа кэргэннээх, дьиэлээх дьон буоллахпыт ди, мин оҕом аҕатын кытары арахсыахпын баҕарбаппын, уолум аҕатын ити да буоллар ахтар.- диэппин кытары телефонун нөҥүө тыына түстэ:- Мин эмиэ оҕобун таптыыбын ээ- диэттин кытары:- Онтон кэргэҥҥин? Кэргэҥҥин тоҕо таптаабаккыный? Эйиэхэ кыыс оҕону бэлэхтээбитин кэннэ?- диэн ыйыттым. Леша:- Мин кинини урут да таптаабатаҕым, билигин да таптаабаппын, кыыһым эрэ туһуттан олоробун. -Леш бырастыы гын мин детсадка баран эрэбин, бүтүөххэ- диэт Леша саҥаран истэҕинэ арааран кэбистим. Онтон ылата Леша эрийэ барбакка массыынаннан үлэм дьиэтин айаҕар кэлэн кэтэһэр идэлэммитэ, "Ну он же Леша че поделаешь?" кини урут да инник этэ, билигин кэлэн уларыйыа дуо. Биир киэһээ эмиэ үлэбиттэн тахсан дьүөгэбин кытары кэпсэтэ турдахпына массыына тигинээн кэллэ, ааны аһан Леша кыһыл роза букет, сакалаат тутуурдаах тахсан кэлбитигэр испин хайа түспэтим эрэ, уол олох санаатын түһэрбэт, түһэрэр да санаата суох. Айка хайдах да гынар кыаҕым суох, иннэ гынан астыныы бөҕө буолан сибэккиибин ылан массынатыгар олорбутум, дальше рестораан аттыгар тохтоон онно киирэн аһаабыппыт, сатаатар оҕом аҕатын кытары дьонугар бааллар, ол иһин ыксыырым суох, Леша да ону билэн эрдэттэн былааннаатаҕа дии. Тото-хана аһаат Леша олорор дьиэтигэр айаннаабыппыт...
Уулусса устун сымнаҕастык айанныыр иномарка массыына иннигэр олорон "Туох сюрприһын оҥорбут баҕайыный? Баҕар туох эрэ сыаналаах бэлэх эмиэ ылан онтун таайтарара дуу?" диэн арааһы санаан ылабын, хараҕым кырыытынан Лешаны көрөн ылабын, киһим уруулун эрийэ олорон мин көрөн ылбыппар миэхэ хайыһан хараҕынан оонньуу олордо. Мин күлэн ылан баран:- Сэрэн суолгун көр оонньцу олорума- диэн буойабын. Киһим киһиргэһэ киирэн гаһын үктээн биэрэр, оччоҕо массыына халтарыйан куймаҥныыр ол аайы:- Лешааа-а! Соруйан гынаҕын дуо-оо?! - диэн үөгүлүү олоробун. Светафорга тохтообуппутугар мин сэрэнэн:- Леш чэ этэн кэбиһиий тугу эмиэ бэлэмнээтиҥ?- диэн ааттаһардыы көрөбүн. Киһим уоһугар үрүҥ тиистэрэ кэчигирээтэ:- Кэллибит ээ почти, тиийдэххинэ бэйэҥ көрөөр.- диэн уруулун мускуйар. Номнуо айаннаан биир улахан дьэндэйбит таас дьиэҕэ кэлэн тохтоотубут, Леша сүргэтэ көтөҕүллүбүт аҕай, эккэһит ыт курдук иннибэр-кэннибэр түһүөлүү сылдьар. Ааммын арыйан сиэтэн таһаарда ол аайы бэйэбин туох эрэ хотуна курдук сананным. Кирилиэс устун сиэтэн үөһээ таҕыстыбыт. Лифтка киирэн долгуйан сүрэҕим айахпынан тахсыбата эрэ, сотору соҕус лифпыт тохтоото, иккиэн тахсан биир квартира аанын иннигэр кэллибит, Леша күлүүһүн халыгыратаат аанын арыйан миигин киир диэн илиитинэн көрдөрөр, сэрэнэн иһирдьэ аастым, саҥыйахпын устан ыйаан баран кухняҕа кэллибит, Леша харпххын сим эрэ диэн баран бастакы ааста, мин үөрүүбүттэн харахпын быһа симэн баран "хайа аһабын дуо?" диэн сотору сотору тулуйбакка ыйытабын, кэмниэ-кэнэҕэс Леша:- Чэ арый- диэттин кытары харахтарбын аспытым доҕоор көрбүппүн бастаан итэҕэйбэтим мин иннибэр Айталаах Маша уонна урукку дьүөгэбит Лена күлбүтүнэн утары сүүрэн кэлэн саба түстүлэр. Олох көрсүбэтэхпит ырааппыт эбит, наһаа дьоллонон харахтарым эмиэ ууннан туоллулар. Кыргыттарым барахсаттар уларыйбыттарыын, тупсубуттарыын... Айтабытын Леша Хаҥалас улууһун Улахан Ааныттан сылгылаан аҕалбыт, Ленкабын Намтан кэлбит, Маша манна Дьокуускайга үлэлиир эбит. Үөрэхпин быһыахпыттан көрсүбэтэх буолан олус үөрдүм, Лешам миэхэ кыһаллан кэм эмиэ кини тэрийэн сүүрэн-көтөн бу киэһээ мустан тото-хана кэпсэппиппит, аһаабыппыт, үөрбүппүт-көппүппүт. Остуол муҥунан аст толору тардыллыбыт этэ, мин Лешабар хайдах махтаныахпын билбэппин, ол иһин даҕаны Леша сотору сотору телефонунан кимиэхэ эрэ туһаайан " Бэлэм дуо?" диирин кулгааҕым кырыытынан истибиттээҕим. Дьоно ханна барбыттара эбитэ буоллар, дьиэтэ син киэҥ, истиэнэҕэ эмээхсинин уонна оҕотун кытта түспүт хаартыската ыйанан рамкаланан турарын көрбүтүм. Түүн үөһүгэр бүтэн сылайыы буолла, мин кыргыттарбын кытары залга киэҥ диваны түһэрэн онно сыттыбыт, Леша спальнайга барбыта. Утуйаары сытан Айтам:- Анчыык эн оччоҕо хайыыр буоллуҥ? Аликкын кытта арахсан баран Лешалыын бииргэ буоллаххына? Кини эн тускар кыцаллар аҕай дии, студенныы да сылдьан элбэхтэ сүүрэрэ дии... Мин үөһээ өрө тыынан баран:- Билбэтим ээ Айта, биир өттүнэн наһаа үчүгэф буолуо этэ да оҕолоохпун игин дии, оҕом ылыныа дуо кинини? Ол эбэтэр Леша оҕобун? Аҕабытын эмиэ да аһынабын ээ, дьиэ кэргэммин быраҕан туран атын дьээдьэҕэ бардахпына эмиэ соччото суох буолуо, дьоннор арааһы саҥарыахтара. Ленкабыт сытыы киирбит-тахсыбыт кыракый уҥуохтаах, арылыччы киэҥ харахтардаах красавица:- Анчык дьоннор туох да диэтиннэр, кэлин уоскуйуохтара мало ли что, уонна Леша конечно примет твоего ребенка, ты ж видешь он счастлив как ребенок. Бу күнү вообще эрдэттэн былааннаан звоннуу сылдьыбыта, так что Айта сөпкө этэр.- диэн Ленка сибигинэйэн чыыбыгыраан олорор. Хараҥаҕа Маша кэпсэтиигэ кыттыһар:- Эхх.., миэхэ маннык сүүрэн-көтөн кыһаллаллара эбитэ буоллар мин үөрүүнү кытары киниэхэ баобытым ырааппыт буолуо этим, хомойуох иһин биир да уол мин диэкки көбөт даҕаны... Анчык эн наһаа драмалыыгын дии, возможность баар эодэҕинэ киниэхэ баран хаал, а то чахчы тьфу, тьфу, тьфу, дерево, дерево, дерево- диэн мас туумбабытын тоҥсуйан ылар-туох эрэ буолуо дии, олоххо араас буолар.- диэн Машам биилбиттэн кууһан ылар. Ол түүн арааһы ырытан сарсыардааҥҥа диэри сытан кэпсэтэн баран минньигэс уубутугар умсубуппут. Сарсыарда эбиэт саҕана уһуктубутум минньигэс сыт дьиэни тунуйбут, кухня диэкки Леша ыллыыр саҥата иһиллэн ыларга дылы. Арбайбыт баттахтаах Ленка кууспут илиитин ыламмын туран сирэйбин ньухханабын, тыыллан ылабын. Шторабытын аспытым күммүт чаҕылыччы тыган турара үчүгэйиэн. Кыргыттарым өссө да утуйан буккуруу сыталлар. Мин сэрэнэн атаҕым төбөтүнэн сыбдыйан тахсан туалетка киирэн сирэйбин сууннум. Кухняны өҥөйбүтүм Леша муннун аннынан кигинэйэн ыллыы ыллыы ас ыһаарылыы турар эбит, уоран кэнниттэн уһун тыҥырахтаах тарбахтарбына эмискэ көхсүттэн бобо тутабын, киһи соһуйуу бөҕөтүн соһуйан дьигис гынан тутан турбут луоскатын сиргэ ыһыктынан кэбистэ. Мин күлүү бөҕө күлэн, киһим:- Уу йолка Анчык эбиккин дуу, киһини куттаатыҥ дии, хайа төһө бэркэ утуйан турдуҥ? -диэн астыммыт Лешам салҕыы аһын астыыр. Мин:- Олус үчүгэйдик утуйан турдум, баһыыба Леша эйиэхэ барытыгар... Эн баар буолан олоҕум хайа эрэ кэмҥэ сырдаан ылар, дьоллонон ылабын, баһыыба...- диэн оргууй кэнниттэн кууһан сирэйбин кэтит көхсүгэр бигиибин.
Эбиэт кэннэ кыргыттарым уһуктан оҥостубуттарын кэннэ минньигэс эбиэт буолла, остуол тула олорон аһыы олордохпутуна эмискэ звонок тыаһаата, аһыы олорон бары ньимийэн бэйэ бэйэбитин көрсөн кэбистибит, Леша айаҕар баар аһын ыстаан баран дьүккүк гына ыйыстаат уутун иһэн баран туран аан арыйа барда, сотору соҕус прихожка диэкки кыыс истерикалыыра иһилиннэ, ону кытта Леша кэргэнин кытта кухняҕа киирэн кэллилэр, кыыс кыыһырыаҕын дэлби кыыһырбыт, хаһыытан Лешаны саҥардыбат даҕаны, биһиги киһибит "урукку Доҕотторбун кытта көрүстүм" дии сатыыр ынарааҥҥыта истибэт, бүтэһигэр биһигитини кытта хаарыйан ылла, иһити-хомуоһу сиргэ тарыйда, үүртэлээтэ игин. Леша уоскута сатаан баран массыынатын күлүүһүн ылаат бары тахсан бардыбыт. Кыыс ытыы хаалла соҕотох, Лешабыт кыыһырбытын биһиэхэ көрдөрбөт буола сатыыр, инньэ гынан тарҕаспыппыт, саамай бүтэһигэр миигин дьиэбэр илдьэн иһэн санаата түспүт Леша:- Анчык бырастыы гын, инник буолуо дии санаабатаҕым... -Эс бүтүүй Леша туохха бырастыылаһаҕын? Эн кэргэнин дии айдарыахтаах да буоллаҕа, мин эбитим буоллар эмиэ саҥардыа суох этим, сразу саҕаҕыттан тутан таһырдьа элитиэм этэ- диэн баран күлүөхчэ Лешабын көрөбүн, киһим мүччүҥнээн ылан баран:- Оннук ээ...- мин диэкки хайыһан баран- Мин эйигинниин буолуохпун баҕарабын хаалбыт олохпун эйигинниин холбоору гынабын.- диэн өр да өр бэлэмнэммит быһыылаах этээри, мин тугу диирбин истээри долгуйбута билиннэ. Мин инник хаһан эмит син биир этэрин испэр билэр буоламмын соһуйбатым:- Онтон дьонуҥ? Кыыһыҥ?- -Мин кэргэммин кытта арахсан баран туох-баар күүспүнэн кинилэргэ көмөлөһүөм, кыыспар кэлэ-бара сылдьыам.- диэн быһаарыммыт киһи быһыытынан саҥарда. Мин тутатына:- Акаарылаама Леша, олох оонньуу буолбатах, кэргэнин барахсан хайдах ылынар? Улахан охсуу буолбат дуо? Арахсыма Леша баһаалыста, мин синбиир эйигинниин буолар санаам суох, ол эрэн мин эйиигин олус күүскэ таптыыр эбиппин...- диэн баран умса көрдүм. Киһим саҥата суох олордо, светафорга кэлэн тохтоотубут уу чуумпу массыына иһин ылан кэбистэ, арай поворотка тыаһа "тык, тык, тык" тыаһыыр. Күөх уот тыкпытыгар аа-дьуо хоҥнон бардыбыт. Мин буруйдаах харахпына Лешаны көрөөт:- Бырастыы гын миигин Леша, мин кэргэҥҥиттэн араарыахпын баҕарбаппын, син-биир хаһан эбит билсэ-көрсө сылдьыахпыт буоллаҕа, эн...- диэн истэхпинэ Леша быһа түстэ:- Баһаалыста инник диэмэ Аанчык, олох биирдэ бэриллэрин умнума, билигин биһиги өссө да эдэрдэрбит, саҥаттан саҕалаатахпытына туох аньыыта баарый? Эт эрэ миэхэ. Мантан салҕыы мин хайдах буоларбын билбэппин...- диэн киһим саҥата тыйыһыран баран устунан кэһиэҕирдэ. Ол кэмҥэ массыынабыт дьиэм иннинэ тохтоото. Мин суумкабын ылан баран тахсаары туран:- Леш бириэмэ көрдөрөн иһиэ- диэн баран тахсан бардым. Таһырдьа саас кэлбит сибикитэ биллибит, сылыйбыт, чыычаах саҥата бөҕө чыыбыгырыыр, детский площаткаҕа оҕолор бөҕө оонньоон букунаһа сылдьаллар, мин дьириҥник хааман иһэн тыынан ылан баран подъездым үктэлигэр чугаһаан эрдэхпинэ кэннибэр:- Анчыык...- диэн Леша саҥата иһилиннэ, эргиллээппин кытары көмүрүө буолбут хаары кэһэн Леша сүүрэн кэлээт кууһан ылла, төҥкөйөн уураан барбыта. Син да буоччу куустуһан турбуппут, киһим хараҕын уулара саккыраабыт, баттахтара сааскы тыалга ибигирээбит, аҕылыырын быыһыгар:- Анчык инник диэмэ хаһан да, эн биһиги бириэмэни күүппэккэ бииргэ буолуохпут...- диэс сүүспүттэн, оройбуттан барытыттан сыллаан сырылаппыта. Мин кинини тэҥҥэ уйадыйан харахтарым эмиэ сиигирбиттэрэ, уһун суһуохпун туора хаһыйаат Киһибэр сибигинэйэ быластаан:- Леш чэ мин киириэм, сотору дьоннорум кэлэллэр чугаһаата, эн эмиэ дьонноргор баран иллэс, истэҕин?- диэн баттаҕынттан имэрийэн ылан баран уоһуттан уураан ыллым. Киһим сүргэтэ көтөҕүлүннэ кыра оҕо курдук, хараҕын уутун соттон баран ырбайан, үөрэн кэннибиттэн батыһа көрөн хаалбыта. Сарсыныгар звоннаабытыгар кэпсэппиппит, соседка кыыс үҥсэлээн биэрбит, "Эриҥ эн барбыккын кэннэ кыыс бөҕөнү дьиэтигэр аҕалан ый ыһыаҕын ыһа сылдьар" диэн ис хоһоонноох, син тугу эрэ кэпсэтэй эйэлэспиттэр быһыылаах. Мин дьонум эбээлээх эһээтиттэн кэлэн дьиэм иһигэр сүүрэн мэниктии сылдьар, Алик кэм үлэтигэр барбыта. Күннээҕи олоҕум орун оннун булан салҕанан барда, эмиэ күнүн аайы буолар түбүк бүппэтэ. Ол сылдьан наар Лешабын саныыр идэлэнним, киһи итэҕэйиэ суох курдук кини эмиэ кинини санаатахпына эрийэн үөрдэрэ. Алик бэйэтин бэйэтигэр бүгэн сылдьара, ардыгар баар, ардыгар суох, кэлиҥҥи бириэмэҕэ наадыйбат буолбуппун, барарыгар-кэлэригэр. Үлэ-детсад-дьиэ күнүн аайы, ардыгар хамнас түстэҕинэ кыргыттарбынаан баран кофешкаҕа баран олорон кэлэбин, арыт ардыгар Лешалыын киинэҕэ барарым. Ити курдук олохпут биллибэккэ ааһа оҕуста, номнуо сайыҥҥы сылаан түүннэрдээх күннэр үүннүлэр. Алик командировкаҕа барбыта аҕыйах хонно, уолбунаан киэһээ мультик көрө сыттахпытына телефонум тыаһыыр, ылан көрбүтүм "Леша" Тахсан турар эбит, диваммыттан туран утуйар хос диэкки баран ыллым:- Алле привет Леша. -Алле привет, эн бүгүн туох былааннааххын? -Ээ билбэтим, эмиэ тугу эрэ былаанныы сылдьаҕын да? -Хантан таайдыҥ?- диэн Леша телефон нөҥүө үөннүрэн күлэн ылар- Аһаа баар, Сергей төрөөбүт күнэ бүгүн, эн кинини билэриҥ буолуо Ачыкааһап. Так буот онно барсыаҥ дуо миигинниин?- диэн соһуччу баҕайытык ыйытта, мин:- Аа Сергейы билэбин, а так мин уолбун кытары соҕотохпун дьиэбэр, барбатым буолуо. -Онтон уолгун мин кыыспын кытары ийэбэр хаалларан эриэххэ буоллаҕа. -Оо эн ийэҥ манна куоракка баар дуо? -Ааспыкка эмтэнэ кэлбитэ, билигин этэҥҥэ, эйиигин үчүгэйдик билэр-диэн күлэн ылар. -Онтон кэргэниҥ? -Аа Олечка дойдутугар баар, Ийэм мин дьиэбэр олорор. Мин толкуйдуу түһэн баран:- бара сылдьыахха сөп гынан баран эрдэ кэлэр буоллахпытына эрэ.- диэн хоруйдаатым. Киһим сөбүлэһэн кэлэн ылыах буолбута.
Дорооболоруҥ күндү сэргээн ааҕааччыларым, бу айыллыбыт кэпсээни тиһэҕэр диэри суруйбатым, кылгастык эттэхпинэ Аанчык инникитигэр Лешалыын холбоһон оҕолонон ыал буолан дьоллоох олоҕу олорор. Бу айымньыннан бутуурдаах олохпутугар арааһынай буолар түгэннэри, кэлэтии эмиэ да дьоллонуу, суобас, таҥнарыы өссө да элбэх күннээҕи буолар түбэлтэлэри суруйдум. Ааҕааччы сөпкө да бэлиэтииллэр, сорох түгэҥҥэ сыыһаларым да ханна барыахтарай, ис хоһоонун ааҕааччы бэйэтэ ыраҥалаан көрүө диэн эрэнэбин. Кэлтэйдии сэмэлээччи да дьоннор бааллар, ис иһиттэн аһыммыттар да үгүстэр. Хомойуох иһин биһиги биирдэ бэриллэр олохпутугар сыыһа-халты туттан дьолтон матан хоргуппут да кэмнэрбит аҕыйаҕа суох, ол барыта киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах. "Олох- саҥата суох үөрэх" диэн мээнэҕэ эппэтэхтэрэ чуолкай. Онон хас биирдии күҥҥүтүн мүччү-хаччы туппакка туһалаахтык олоруҥ диэхпин баҕарабын. Эрдэ "Саабыкка" уонна "Ksyshka Sivseva" диэн кэпсээннэри суруйбуттааҕым, ону сэргээн аахпыт дьоннор тута буочарбын билбит буолуохтаахтар. Тоҕо түмүктээбэтиҥ?- диир буоллаххытына дипломнай суруйа сылдьабын үөрэхпэр, бириэмэ да суох, сороҕор сүрэҕэйдээн да ылабын, сорох сорохтор отой да Сэлээрчэх дьахтар игин диэн үөҕэн да бараары гыннылар, чэ ити курдук, бэйэм туспунан кыратык сырдатар буоллахпына СВФУ 4 курс устудьуонабын, Тыл үөрэҕэ суохпун, идэм буоллаҕына Историкпын. Баҕар ыйытык үөскүө "Тоҕо кыыс аатыттан суруйдуҥ?" игин диэн- эппиэттиибин: улахан туох да суруйааччы буолар санаам суох эрээри бэйэм эмиэ кыыс аатыттан суруйан холонон көрүүм буолар. Болҕойон аахпыккытыгар барыгытыгар барҕа махтал, а так кэтэһиннэрбиппин иһин бырастыы гыныҥ;((( этэҥҥэ буолун! кэпсээннэрбин аахпатах буоллаххытына ааҕаарыҥ)))