Кэпсээ
Войти Регистрация

Сунтаар куокуну сэрии сылларын оҕотун ахтыылара

Главная / Кэпсээ / Сунтаар куокуну сэрии сылларын оҕотун ахтыылара

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
15.11.2024 07:34
1k 0

An image to describe postАвтор: Тиит - 1 мая 2020 20:23

    Мин аҕам Сунтаар улууһун Куокуну нэһилиэгин олохтооҕо. 1904 сыллаах төрүөх Армияҕа от ыйын 06 күнүн 1943 сыллаахха барбыт. Бастакы ыҥырыкка о.э. 1941 сылга барыаҕын, оччолорго кини нэһилиэккэ биир уөрэхтээх ол эбэтэр ааҕар, суруйар, суоттуур киһилэрэ, колхоз бары баайын-дуолун көрөр истэр-биэрэр-ылар баар суох киһилэрэ, сопхуос (завхоз) үһү. Үөрэхпит даҕаны баара суоҕа 4 кылаас сыаркап (церковно-приходская школа) оскуолата үһү. Оччотооҕу бириэмэҕэ онтуҥ даҕаны ботуччу үэрэх эбит, өссө эбиитин сылабаары (словарь) туһанан нууччалыы кэл-бар диэн билэр эбит. Колхоз тутаах-эппиэттээх үлэһитэ буолан 2 сыл боруонньа сокуонунан туһунан Армияҕа барартан босхолоно сылдьыбыт. 1943 сыллаахха от ыйын бүтэһигэр ыҥырыллан сатыы Сунтаартан Хаданынан быһа Мохтуйаҕа(Ленскэй) сатыы былыргы ыллык суолунан НКВД (милиция) офицера командирдаах түһэрэллэр эбит, Мохтуйаттан-Усть-Кутка, онтон Читаҕа иппиттэр. Үс ый үэрэтэн баран, Забайкальскай фроҥҥа Монголия кыраныыссатыгар турар байыаннай чаас Кавалерскай полкатыгар түбэспит. Сахалары акка үөрүйэхтэр диэн элбэхтик кавалерияҕа аныыллар эбит. Инньэ гынан 2 сылы супту кинилэр Армиялара-Квантунскай Армияны утары күннэри-түүннэри ити саба түһүөхтэрэ – бу саба сүүрэн кэлиэхтэрэ диэн бэйэ бэйэлэрин манаһа сыппыттар. Хайдах сэриилэспитин улаханнык кэпсээбэт этэ. “Сэрии диэн иэдээннээх дьыала, киһи өйүн сүтэрэр-куттанар эҥин диэни билбэт буолан хаалар, дьону үтүктэ, батыһа сылдьаҕын, барыта хамаанда, ыһыы-хаһыы, муут-маат, маатыры-үөхсүү бөҕө”- диирэ. “Атырдьах ыйын ортотун диэки Арҕааҥҥы фронтан кыайбыт-хоппут фронтовиктар кэлбиттэрэ, иэдээннээх харса-хабыра суох саҥалаах иҥэлээх-биһигини үрдүбүтүнэн эрэ хаампат дьон этэ”. Оннооҕор немеһи кыайбыппыт, самурайдары баҕас кэһэтиэхпит”-дииллэр үһү. “Дьэ, онтон доҕоор, кимэн киирии саҕаланар, сир халлаан сиҥнибит курдук, халлааҥҥа самолет диэн былыт курдук, сиргэ артиллерия ытан куһуйар, оһуобай Катюша диэн сэптэрэ баар эбит сири дойдуну барытын уот оҥорор”. Бары билэргит курдук Советскай Армия Квантунскай Армияны өр-өтөр гымматаҕа түргэнник урусхаллаабыта. Биир эмэ японеһы өлөрбүтүҥ дуо?-диэн ыйыттахха “Хантан билиэххиний, инниҥ хоту ыт даҕаны, ыт буолаҕын, хаһан эмэ көстөн ааһар дьону.Үксүн артиллерия, бомбалааһын кыайар быһылаах этэ”. Аҕам 1947 сыллаахха тыыннаах эргиллэн кэлбитэ, оччоҕо 5 саастаах бэдик хайдах кэлбитин өйдөөбөппүн. Ийэм Николаева Мария Трофимовна диэн 1914 төрүөх. Сэрии сылларыгар Куокуну 4 кылаастаах оскуолатын интернатыгар үчүгэй асчытын иһин повардаабыт. Сэрии кэнниттэн колхозка өр сылларга дояркалаабыта. Ийэлээх, аҕам 14 оҕону төрөппүттэриттэн 4 эрэ тыыннаах хаалбыппыт, мин тохсус оҕобун,оччолорго медицинэ,врач, фельдшер, балыыһа,эмп-томп диэн сылдьыбыт сыта да суох. Оччолорго муостата суох балаҕан дьиэ, көмүлүөк оһох, маһа бүттэ даҕаны умуллан, дьиэҥ дуома тымныйан барар этэ. Тымныйан ыалдьыбыт оҕону, сэбиргэхтэппит, муҥурдаах (аппендецит) оҕону абааһы иһин убахтаан кээспит дииллэрэ. Биһиги саҕана 0 кылаас диэн баар. Начальнай оскуолаҕа 4 кылааска диэри биир учуутал, биир кылааска 2 кылаас оҕотун сэргэ үэрэтэр этэ, учууталлар тиийбэттэрэ буолуо. Кылааска 5-6 оҕобут. Оскуолабыт дуома даҕаны тоҥ хаһаа, киппииччэ оһох, таҥастаах олорон үэрэнэҕин, черниилэбит тоҥон хаалар, илииҥ бөҕүөччү тоҥор. Таҥаспыт диэн чараас-уонна кылгас баҕайы телогрейка сон дуома, куобах бэргэһэ, үтүлүк, этэрбэс иһинэн кэтэр эмиэ куобах куллуку. Үгүс оҕолор дьоммут фермаҕа сүөһүгэ үлэлиир буоланнар онтон 3-5 км сири хааман үөрэнэбит, тоҥор кыһалҕаттан сүүрүүннэн сылдьабыт. Оонньуур оонньуубут лапта, былаах былдьаһыыта, городки, хайыһардааһын, хаҥкылааһын, остуол оонньуута хабылык, хаамыска, дуобат. Оонньуурбут тииҥ, куобах төбөлөрун уҥуохтара, түү мээчик. Хампыат диэни Саҥа Дьылга Дед Мороз аҕыйах устууканы биэрэр. Уол оҕолор кыра эрдэхтэн куобахха туһахтааһын, куска тиргэлээһин, ол барыта эбии аһылык буолар этэ. Биһиги бөһүөлэкпитигэр электричество уота, радио 1952-53 сс. кэлбитэ быһылааҕа, оччотооҕу үөрэҕэ суох дьоммут уонна оҕолор өйбүтүгэр хайдах да киирбэт этэ оһуобай радионнан улуу Москваттан киһи саҥата иһиллэрэ, оттон электричество туһунан санаабыт даҕаны тиийбэтэ. Ийэлээх, аҕабыттан ону ыаһыйалаан ыйытан, мээрилээн мөҕүллэн сыыһа халты охсуллар этим. Аны уонтан тахса сылынан бэйэм үрдүк үэрэҕи бүтэрэн радиоинженер буолуом диэн өйгө даҕаны суох. Эбиитин оччолорго Авиатор идэтин ылан улуу Россияны, төрөөбүт Сахам сирин уһаты туора сылдьыам диэн түһээн даҕаны баттаппаппын. Биһиги көлүөнэ оҕолоро оччотооҕу олох ыарахаттарыттан (50 сыллар ХХ үйэ) 7 кылааһы бүтэрэн баран түргэнник үлэһит буолан дьонноругар көмөлөһөөрү салҕыы үэрэммэккэ хаалбыттара. Бу табаарыстарым дойдуларыгар хаалан үлэһит бастыҥнара, комсомол-партия чилиэннэрэ буолбуттара, төһөлөөх колхоз, совхоз араас үлэтин сүргэйбиттэрин айбыт бэйэтэ билэр. Ол курдук Клавдий Иванович Михайлов-Ленин орденын кавалера, Зоркин Егорович Генеров, Яков Семенович Николаев, Василий Григорьевич Тихонов, Иннокентий Гаврильевич Иванов, Даниил Захарович Еремеев, Алексей Егорович Павлов, Иван Матвеевич Павлов, Семен Константинович Николаев, Капитолина Алексеевна Евсеева, Татьяна Титовна Егорова (Маркова), Елизавета Антоновна Григорьевна, Елена Семеновна Любенко, Мария Федоровна Егорова, Надежда Кирилловна Федорова, Розалия Матвеевна Павлова, Люция Егоровна Игнатьева (Назарова) араас правительственнай наҕараадаламмыттара, бүтүн республикаҕа биллэр бастыҥ үлэһиттэр буола үүммүттэрэ. Билигин даҕаны сиэннэрин, хос сиэннэрин көрөн-истэн уопсастыбаҕа туһалыы сылдьларынан биир бэйэм киэн тутта уонна үөрэ саныыбын. Кырдьаҕастар, бэтэрээннэр көрүүбүтүнэн, ыраах барбакка Сахабыт сиригэр, норуоппутун-ыччаппытын сиртэн, боростуой хара илии үлэтиттэн тэйитэн, барыта бэлэмҥэ үөрэнии буолла, Аһыыр аһылыкпыт, таҥнар таҥаспыт, Европаттан, АХШ, улуу КНР. Өбүгэлэрбит, ХХ с үйэ саҕаланыытыгар онтон даҕаны эрдэ, бэйэлэрин айахтарын ииттэн, көрүнэн олорбуттарын остуоруйа кэрэһэлиир. Бэл мин өйдүүрбүнэн 1950 сылларга сыһыы аайы ынах, сылгы үөрэ, улахан сыһыылар кытыыларыгар Сайылык фермаларга, түптэ буруота унаарара. Сайын бөһүөлэккэ оҕонньор эмээхсин эрэ хаалар, бары от үлэтигэр, сайылык фермаларга үлэлииллэр-хамсыыллар. Билигин тугуй? Олохпут күн-түүн ыарыы турар, ветераннар уонна сэрии сылларын оҕолоро чэпчэтии, эбии төлөбүр туруорса сатыыбыт, онтуҥ ханна-баарый аччаппаттарыгар, соппотохторугар махтал. Бэчээккэ суруйалларынан Англия, Германия пенсионердара биһиги харчыбытынан ыйдааҕы пенсиялара 100-150 тыһыынча солкуобай! 1945с үлтү урусхалламмыт Германия Европаҕа бастыҥ баай-дуол дойду, 1,5 млрд нэһилиэнньэлээх Китай КНР орто дойдуну аһатан-таҥыннаран олорор. Түмүккэ үөлээннэхтэрим Государствобытыгар эрэл суох, бэйэбитигэр эрэ- эрэниэххэ, оҕолорбутун-сиэннэрбитин сиртэн, хара илии үлэтиттэн тэйиппэккэ, өбүгэлэрбит үгэстэригэр үөрэтиэххэ, иитиэххэ диэн ыҥырабын уонна сүбэлиибин.

Сэрии сылларын оҕото Үлэ, Авиация ветерана – Өлөксөй

Добавить комментарий