Кэпсээ
Войти Регистрация

Кырдьаҕас буойун кэпсээнэ

Главная / Кэпсээ / Кырдьаҕас буойун кэпсээнэ

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
15.11.2024 07:44
2k 0

An image to describe postАвтор: Баба5а Баатыр - 23 апреля 2020 18:15

    Куорат тэрилтэтигэр үлэлиир киһиэхэ уоппускаҕын ханнык кэмҥэ ыларыҥ эмиэ биир туспа кыһалҕа. Барыта баҕаҥ хоту буолбат. Тэрилтэбитигэр үксүн кэли- гэс дьон үлэлиир буолан, сайын үтүөтүгэр уоппускаламматаҕым. Бииргэ үлэлиир дьо- нум, сорох-сорохторо үөннээн-көйүүрдээн даҕаны, уоппускаларын булгуччу сайын ылан соҕуруунан-арҕаанан көтөллөр. Дьэ, кинилэр хас уоппуска аайы киһи хайдах да ааҕыстаҕына сатанар төрүөтүн булаллар. Онон, төрүт олох- тоох үлэһиттэр, уоппускабытын кыһын, саас эбэтэр күһүн ылабыт. Булт кэмин хаптахха, ити биһиэхэ, эр дьоҥҥо, туох даҕаны куһаҕана суох. Биир сыл ыам ыйын уһун өрөбүллэрин ха- бан туран уоппускаланар буоллум. Даачаҕа ону- маны туттуох киһини, кэргэним доруобуйаҕын көрүн диэн, хантан путёвка булбута буолла, профилакторийга киирэн эмтэнэр-сынньанар буоллум. Онно-манна киэҥ сиринэн сылдьыбатах саха көннөрү киһитигэр үтүө дойду эбит. Эмчиттэрбит билиилэрин таһыма үрдүгэ, көрөр-истэр персонал болҕомтолооҕо дьикти. Эмпит-томпут, аспыт-үөлбүт барыта сөбүнэн. Сирэй-харах анньыллар үлэҕэ сылдьы- быт киһиэхэ, бэрт сынньалаҥ олох буолла. Иллэҥсийии суох курдук гынан баран, барыта бэйэҥ тускар хамсанаҕын. Сарсыарда ыксаабакка утуйан тураҕын, хайдах турбуккунан уочараттааҥҥын күнүскү аһылыкка диэри эмтэнэр процедураҕын бараҕын. Ол кэннэ, баҕар-баҕарыма, эбиэттэн киэһэ утуталлар. Ол быыһыгар укуоллаан, систиэмэ туруоран бараллар. Киэһэ аһылык кэнниттэн эрэ иллэҥ буолаҕын. Биир үтүө күн хоспутугар иккиэлэсти- бит. Түөһэ барыта «тимир», уордьан, мэтээл бөҕөлөөх кырдьаҕаһы киллэрдилэр. Киһибин батыгана суох курдук кэпсээтилэр. Аныаха диэри аттынааҕы хоско сыппыта. Иккиһэ, анарааҥҥыта, эмиэ сэрии бэтэрээнэ, туохтан эбитэ буолла, сатаспатахтар. Оннук майгы- лаах буоллаҕына киһини сүгүннүө суоҕа, аны ол мин ааттаах-суоллаах кырдьаҕаһы кытта сатаспатаҕым усках кэпсээн буолан барыа диэн сэрэхэчийдим. Ол гынан баран, көрдөхпүнэ элбэх саҥалаах-иҥэлээх сытыы-хотуу эрээри, сүрдээх судургу кырдьаҕас. Киирээт, сэрэхэчийбиппин таайда быһыылаах, холку баҕайытык эттэ: — Дьон кэпсээнин истимэ. Ити кырдьаҕастыын уруккуттан сөпсөспөппүн. Кини, дьоппуон сэриитин кыттыылааҕа буолан баран, биһигиннээҕэр ордук түөһүн охсунар. Сэрии бэтэрээннэрин сэбиэтин чилиэнэ буолан тойоттор мунньахтарыгар барытыгар сылдьар. Оҕолорун эмиэ дьиэлээтэ. Оттон биһиги дьом- мут саҥата-иҥэтэ суох сылдьаллар, уочаракка тураллар да, хаһан дьиэлэнэллэрэ буолла?.. Ити курдук билсиһиибитин саҕалаата, мин, туох диэхпиний, киһим кэпсээнин истэбин. — Кэл манна, чэйдиэх. Оҕолорум аҕалбыт астара баар, саха дьоно буоларбыт быһыытынан Кырдьаҕас буойун кэпсээнэ билсиһиэ этибит. Хантан сылдьар оҕоҕун, туох дьоннооххун? Тугу үлэлиигин? — диэн ыйы- таласпытынан барда. Киһим, кэпсээнин сүнньүн туттахха, үйэтин тухары салайар аппараакка сылдьыбыт, ол гынан баран, чугас билистэххэ, бэрт судургу эбит. Мин киниэхэ ылгын уол буола түстүм. Сарсыарда турарыгар чэйин оргутабын, про- цедураларыгар киирэригэр уочараттаан биэрэбин. Биир остуолга аһыыбыт, биир хоско хонобут. Профилакторийбыт таһыгар тахсан, ону-маны кэпсэтэбит. Хаартылыыбыт. Саахы- маттыыбыт. Киһим бэйэтин оҕотугар курдук сыһыаннаһар. Аҕыйах хоноот, эн-мин дэһэр буолан хааллыбыт. Олоҕу олорбут буолан, киһим кэпсээнэ элбэх. Бэйэм даҕаны тэптэрэн биэрэбин. Эҥин- эҥини барытын кэпсиир. Ордук Аҕа дойду сэриитигэр ньиэмэстэри кытта хайдах сэрии- лэспитин кэрэхсиибин. — Сэриигэ барарбытыгар адьас акаары эбиппит, бу билигин санаатахха. Бииртэн куттанар этибит: биһиги Саха сириттэн сэрии буола турар сиригэр тиийиэхпитигэр диэри биһиги дьоммут, Кыһыл Аармыйа, ньиэмэстэ- ри үнтү сынньан кыайан кэбиһиэхтэрэ диэн. Инньэ гынан, биир дойдулаахтарбын кытта, сүүрбэччэ киһи, 1941 сыллаахха сэрии буо- лаатын кытта бэйэбит тылланан барбыппыт. Ол бииргэ барбыт доҕотторбуттан мин эрэ соҕотох эргиллэн кэлбитим. Сэрии алдьархайын, дьиҥнээх сирэйин арҕаа фронт аттыгар тиийэн биирдэ билбиппит. Онуоха диэри өрө күүрүүлээхтик, ырыа дьоҕуһуоллаах айан- наабыппыт. Ким даҕаны өлөр-сүтэр туһунан санаабат этэ. Бары даҕаны сэриини биллэрбит Германияны аҕыйах хонугунан кыайабыт диэн өйдөбүллээх этибит. Уонтан тахса хонук тимир суолунан айан- наан, Москуба аттыгар ханнык эрэ тимир суол станциятыгар тиийдибит. Онно Сибииртэн кэлбиттэри барыларын үс кэккэнэн кэчиги- рэччи туруоран баран, улахан кэпсэтиитэ суох, формалаах дьон: «Бастакы кэккэ, уҥа диэки эргийиҥ! Иккис кэккэ, хаҥас диэки эргийиҥ! Иннигит диэки хаамыҥ! Үһүс кэккэ, оннугу- тугар туруҥ!» — диэн соруйдулар. Онно, Саха сириттэн кэлбит уолаттар, тута өйдөөбөккө, тус-туһунан кэккэҕэ туран хааллыбыт. Инньэ гынан, ол станцияҕа бэйэ-бэйэбититтэн бука- тыннаахтык арахсан турабыт. Биһиги кэккэни дьон тоҕуоруспут сүрүн сириттэн туора тахсааппытын кытта эмиэ кэчигирэтэн туруордулар, эмиэ байыаннай формалаах дьон тиийэн кэллилэр. Онтон биирдэрэ: «Ким акка сыһыаннаах кэккэ иннигэр тахсыҥ!» — диэбитигэр хаалбыт сахалар, үһүө буолан, инники таҕыстыбыт. Ол курдук, биир- дэ өйдөөбүппүт Доватор диэн генерал аттаах сэриитин буойуттара буолан хааллыбыт. Чааспытыгар тиийбиппит, бииргэ сэриилэһиэхтээх дьоммут: «Калмыыктар, дьиикэй дивизия кэллэ!» — дэстилэр. Нууччалыы бил- бэт буолан эрэйдэннибит. Санаабытыгар дьом- мут атаҕастыыр курдук саҥараллар. Биир кэм маат-куут. Наар аллараа тэрилинэн сирэйдэнэн кэпсэтэллэр, ол тэрилгэр бар диэтэхтэрин аайы өһүргэнэн, кыыһырсан дайбаһан иһэбит. Кэлин санаатахпына, бэйэ-бэйэлэрин кытта кэпсэтэр үгэстэрэ эбит. Өр-өтөр буолбата, Москуба анныгар Новгород куорат туһаайыытынан бырахты- лар. Маҥнайгы сүрэхтэниибин онно «Крас- ный путь» диэн холкуос сиригэр аастым. Ким дьаһайбыта эбитэ буолла, ньиэмэс тааҥкаларыгар биһиги, аттаах буойуттар, сыгынньах саабылабытын туппутунан утары сүүрдэн киирдибит. Ньиэмэстэр тааҥка иһиттэн пулемётунан быһыта ытыалаан кэбистилэр. Киһи бөҕөтө өллө. Ол иһигэр бииргэ кэлсибит биир дойдулаахтарым. Бэйэм буоллаҕына аппын табаннар, аппыттан сууллан, сирэйбин, ойоҕоспун тоҕо түһэн, илиибин тоһутан, санитардар сэрии хонуутут- тан таһааран госпитальга ыыппыттара. Онно үс-түөрт ый эмтэммитим. Ол кэнниттэн Доватор корпуһун сүтүгэ элбэҕинэн ыһан кэбиспиттэрэ. Инньэ гынан, пехотаҕа түбэстим. Онтон ыла биир даҕаны саханы көрсүбэтэҕим. Сэрии диэн ыарахан үлэ. Ким сүрэхтээх ол тыыннаах хаалар этэ. Кылгас да тохтобул буоллун, харыстанар гына, дириҥ окуопа хастан кэбиһэбин. Инньэ гынарым хаста да олохпун быыһаабыта. Уолаттар сүрэҕэлдьииллэр этэ, сытар эрэ гына окуопаларын хасталлара, буордарын иннилэригэр томточчу кутан эрэ кэбиһэллэрэ. Ол сөмөлүөттэр буомбалыыл- ларыттан, снаряд эстиититтэн быыһаабат этэ. Инньэ гынан, үгүс киһи бааһырар, өлөр этэ. Саха киһитэ, сэрии кэмигэр саллаат буоларга сөп түбэһэр эбит. Сатабылгынан, тулуурдааххынан уонна бэйэҥ айаххар аскын буларгынан. Хайдах сиргэ түбэспиппинэн, айылҕа ханнык кэмэ буоларынан кустуубун, кроликтыыбын, арыт хабааны да, табаны да бултаһабын, нэлэм сиргэ түбэстэххэ, ити манна баар дьабарааскы кыылы бултаһабын. Ону уолаттарбар аҕалан астаан биэрдэхпинэ дьонум былдьаһа-былдьаһа сииллэрэ. Онон ытыс үрдүгэр сылдьыбытым. Ити турааҕыҥ этэ сүрдээх минньигэс ээ, — диэн кэпсээнин быыһыгар көтөн ааһан эрэр турааҕы ыйан көрдөрөр. * * * — Сэриигэ араас түгэн барыта буолар этэ. Сэриини Чехословакияҕа Прага куоракка түмүктээбитим. Кыайыы күнэ буолбута хас да хонно. Ол гынан, Прагаҕа баар ньиэмэстэр бэ- риммэккэ сэриилэһэ сыталлар. Кыайыы буолбутун кэннэ ким да өлүөн баҕарбат, ол иһин биир эмэ дьиэттэн ытыалаатахтарына атаакаҕа биһиги өттүбүтүттэн ким да киирбэт. Артилле- рия аҕалан ол дьиэни тоҕу ытан урусхаллаан кэбиһэллэр. Дьиэ-уот бөҕөтө алдьаммыта. Ол курдук сэриилэһэ сырыттахпытына ро- табытын массыынаҕа тиэйэннэр, куорат биир кытыытыгар аҕалан, «бу кварталы ньиэмэстэртэн ыраастыыгыт, туох баар квартиралары барытын кэрийэҕит!» диэн дьаһал биэрдилэр. Биһиги генералларбытын манан ааһан истэх- тэринэ хантан эрэ ытыалаабыттар. Мин Дон казактарыттан төрүттээх уолу кытта биир биэс этээстээх дьиэни квартираларынан кэрийэргэ сорудах ыллыбыт. Соторутааҕыта кыргыһыы буолан аастаҕа — биир да ыал олорбот, квартиралар кураанах- тар. Бэрт кылгас кэминэн үөһэ бэһис этээскэ таҕыстыбыт. Бүтэһик квартира хаалбытыгар уолум эттэ: «Манна табахтыы түһүөм, эн киирэн көрө тур». Квартира бары хосторун көрүтэлээн баран, бүтэһик хоһу өҥөйөн көрбүтүм, арай биир ньиэмэс сэрии таҥаһын көннөрү таҥаска уларытта турар. Иккиэн соһуйуу бөҕөтө буоллубут. Утарыта көрсөн баран турабыт. Ньиэмэһим миигиттэн уҥуоҕунан быдан үрдүк. Бастаан уолуйан хамсаабакка турдум. Дьиҥэр, урукку буолбатах, сэбиргэлим элбэх.
Ол эрээри, сэрэххэ, иннибэр тута сылдьыбыт аптамааппын ким да суох быһыылаах диэн көхсүбэр быраҕыммытым, онтукабын тардыалаабытым туохтан эрэ иҥнэн кэлбэт. Өлбүт ньиэмэс эписиэриттэн ылбыт бэстилиэппин эмиэ кэнним диэки анньынан кэбиспитим, онтукабын хостоно турдахпына, били ньиэ- мэс бэйэтин тылынан туох эрэ диэн саҥараат, миэхэ ыстанан кэллэ да, уп-уһун илиилэри- нэн хабарҕабыттан тутта. Күүһүнэн төрүт тулуппат. Түннүк диэки соһон илдьэн, түннүк холуодатыгар тиэрэ баттаата, бэһис этээстэн сиргэ быраҕаары гынна. Мадьыктаһыы буолла. Тыыным хаайтаран, харахтарым олохторуттан ойон тахсаары гыннылар. Киһибин даҕаны са- таан көрбөппүн, барыта үрүҥ туман буолла. Ол сылдьан биир кэмҥэ өйдөнөн көрбүтүм, киһим сирэйэ бу малайан турар, ньиэмэһим бэскитэ мин сирэйбэр намылыйан түспүт... Онтон эмискэччи киһи куйахатын күүрдэр ынырык хаһыы иһилиннэ. Хабарҕабын ыбылы тута сылдьар илиилэр мүччү барбыттарыгар туора ыстанным, бэстилиэппин дьэ хостоо- тум. Болҕойон көрбүтүм, ньиэмэһим муостаҕа олорор, икки ытыһынан сирэйин хам туттубут. Хаана илиилэрин икки өттүнэн фонтан курдук тыгар. Ол икки ардыгар, ньиэмэс хаһыытын иһиттэҕэ буолуо, нууччам уола ойон киирдэ да, били ньиэмэһи аптамаат маһынан оройго биэрэн дөйүтэн кэбистэ. «Туох буолла? Хай- даххыный?» — диэн миигиттэн ыйытта. «Кыл мүччү түннүгүнэн быраҕа сыста... Бээ, өйбүн- төйбүн булуна түһүөм», — диибин. Тыын ылан баран өйдөөн көрбүппүт, ньиэмэспит мунна төрдүттэн ыла суох.

    Балачча өр ол ньиэмэспит муннун көрдөөтүбүт, хос иһин сүрдээҕин чинчийэн көрүтэлээтибит да тугу да булбатыбыт. Уолум, күлэ-күлэ: «Муннун быһа ытыран ыйыстан кэбиспиккин быһыылаах. Хайдаҕый, минньигэс этэ дуо?» — диэн дьээбэлээн барда. Ньиэмэспитин били таҥастарыттан биинтэ оҥороммут сирэйин бэрэбээскилээн баран, эвакуационнай пууҥҥа илдьэн туттаран кэ- бистибит. Ол күнү быһа бииргэ сэриилэһэ сылдьар уолаттарым дьээбэлээн таҕыстылар, тутуллан кэлбит ньиэмэстэргэ, атын даҕаны дьоҥҥо миигин кэпсииллэр. «Бу дьиикэй киһи. Си- бииртэн сылдьар. Онно тыбыс-тымныы, туох даҕаны үүммэт, аһылык кэмчи. Аччыктаатах- тарына муннуларын, кулгаахтарын быһыта хадьырыйсан, бысыһан мииннээн сииллэр. Көрүҥ эрэ, бу хайдах курдук хадьырыйбы- тый?» — дииллэр уонна били ньиэмэһи ыйаллар, туттан-хаптан көрдөрөллөр. Ол аайы дьон, кырдьык-хордьук, миигит- тэн тэйэн биэрэллэр. Билиҥҥэ диэри дьиибэргиибин, ол ньиэмэс муннун чахчы ыйыстан кэбистэҕим дуу? Тугу да өйдөөбөппүн, тыын-тыыҥҥа харбас этэ. Онтон ыла миигин «ньиэмэс муннун сиэбит байыас» диэн билэр буолбуттара, — диэн кырдьаҕаһым ити күн кэпсээнин түмүктээтэ. * * * Кыайыы күнэ үүммүтүгэр кырдьаҕаһым, сарсыарда эрдэ уһуктар бэйэтэ, оронугар адьас хамсаабакка бэҕэһээ хайдах сыппытынан утуйа сытар. Мин үгэспинэн эрдэ туран, таһырдьа тахсан кыратык сүүрэн, хааман, хамсанан киирдим. Күн мастар үрдүлэринэн тахсан чаҕылыччы тыкта. Халлааҥҥа онон-манан маҥан былыттар көстөллөр. Ардахтыыр көрүҥэ суох. Сайыҥҥылыы сып-сылаас, үтүө күн үүммүт. Бэс мас туораахтара сиргэ түһэн сыталла- рын хомуйан сиэппэр уктан уонна тоҥ буору дьөлө үүнэн тахсыбыт бастакы ньургуһуннары үргээн киирдим. Кырдьаҕаспын үөрдээри, били туораахтарбынан кини остуолугар «Кыайыы күнүнэн!» диэн сурук суруйдум. Ньургуһуннарбын уулаах бааҥкаҕа уган баран, остуолга туруоран кэбистим. Оҕонньорум уһуктубата, кытаанахтык утуйа сытар. Тоҕус чаас саҕана уола кэлэн ылыахтаах. Кыайыы болуоссатыгар тиийэн сэрии бэтэрээннэрин параадтарыгар кыттыах- таах. Ону бэҕэһээҥҥи кэпсэтиигэ ыарырҕатар этэ. «Олус уһуннук тыл этэллэр. Атаҕым сүһүөхтэрэ уйбаттар. Өр турарбытын, бэтэ- рээннэр, бары даҕаны ыарырҕатабыт. Ону аахсыбаттар», — диэн сонньуйар этэ. Чэ, бээ, утуйа түстүн диэммин сарсыардааҥҥы аһылыкка соҕотоҕун тиийэн аһаатым. Кырдьаҕаһым аһылыгын тутан хоспор илдьэ таҕыстым. Киирбиппэр суунан-тараанан бүппүт. — Дьэ, оҕом, эҕэрдэҥ иһин, миигин үөрдээри сүүрбүтүҥ-көппүтүҥ иһин махтана- бын, — диэн саҥалаах көрүстэ. — Эн, хайдах эрэ, дьону барытын кытта тапсаҕын ээ. Ити биэлсэр кыыһы кытта кэпсэтэн бүгүҥҥү укуол- бун билигин оҥорор гына кэпсэт эрэ, — диэтэ. Дьуһуурунай биэлсэр кыыска тиийэн көрдөспүппэр бэрт түргэнник кэлэн укуолун биэрэн барда. Оҕонньорум үөрүү-көтүү бөҕө. Телефонунан уолун кытта кэпсэтэн баран, кэ- лэрин кэтэһэ таарыйа, бырааһынньыкка кэтэр таҥаһын таҥнан барда. Били, куйах курдук, мэтээлинэн, уордьанынан иилиллибит бин- сээгин, арааһа, хас да киилэ баар быһыылаах, кэтэрдэн биэрдим. Саастаах дьон, итинник ыйааһыннаах бинсээктэрин кэтэн, эбиитин күн уотугар икки-үс да чаас көннөрү турдахтарына, кэпсииригэр дылы, ыарырҕаталлара буолуо. Уола кэлбитигэр, кырдьаҕаспын таһааран, массыынаҕа олордон биэрдим. Күнүм көннөрү күн курдук ааста. Хоспор утуйаары сыттахпына кырдьаҕаһым киирэн кэллэ. Сылайбыт көрүҥнээх. Кыайыы күнүн параадыгар сылдьан кэлбит аата өрүкүйбүт, өрө көтөҕүллүбүт көрүҥэ суох. Ол киирэн хомолтотун кэпсээтэ. — Кэргэним бу дойдуттан барыаҕыттан ыла оҕолорбун кытта өйдөспөт буолан иһэбин. Бүгүн бу дьиэбэр тиийэн баран хоммокко кэл- лим, эйигин кытта аҕыйах хонукка да билистэрбин, бу бүгүҥҥү күммүн, Кыайыы күнүн, ылаары. Кырдьар сааспар олохпун ырытам- мын муунту буолан бүттүм. Ону-маны эргитэ санааммын эрэйдэнэн эрэбин. Бу билиҥҥи өйбүнэн иккистээн төрүүрүм буоллар, атын- нык олохпун оҥостуом этэ, — кырдьаҕаһым, дириҥ ис хоһоонноох тыллары этэн баран, миигин ыҥырда. — Кэл, манна олор. Тойоттор биэрбит кэһиилэрэ баар, — дии-дии, биир бытыылка ханньаагы уонна буокканы суум- катыттан хостоон таһаарда, сокуускатыгар дьиэтиттэн аҕалбыт астарын уурталаата. — Бу күнү бэлиэтиэххэ, — диэтэ. Остуолга кэлбиппэр ханньаактаах үрүүмкэтин туттарда. — Сэрии хонуутугар охтубут, олохторун, сырдык тыыннарын биһиги дьоллоохтук оло- рорбут туһугар толук уурбут доҕотторум кэ- риэстэригэр, кинилэр сырдык өйдөбүллэригэр көтөҕүөххэ, — диэтэ уонна балачча өр саҥата суох турда, бииргэ сэриилэспит уолаттарын, доҕотторун санаата быһыылаах. Ити курдук иккиэйэҕин ону-маны кэпсэ- тэ, сэһэргэһэ, остуол тула олорон, Кыайыы күнүн бэлиэтээтибит. Ол олорон, кырдьаҕаһым бүгүҥҥү күнтэн улахан хомолто санаалаах кэлбитин аһаҕастык үллэстэн киирэн барда. — Киһи бу олоххо бэйэмсэх буолар эбит. Бу мин бэйэм олохпунан сыаналаатахпына, киһи бэйэтин сир-дойду киинин курдук сана- нан баран, олох атын өттүн көрбөт эбит. Дьэ, бу эн миигин улахан үрдүк дуоһунастарга үлэлээбит салайааччы, сэрии бэтэрээнин, республикатыгар, сахатын дьонугар элбэҕи оҥорбут киһи курдук көрөҕүн, ол барыта кырдьык. Ону бу наҕараадалар туоһулууллар. Кыыстаах уоллаахпын. Элбэх тэрилтэҕэ уонна партия салалтатыгар үлэлээн кэллим да, бу бүгүҥҥү күҥҥэ эйигиттэн атын ким да илии тутуһан эҕэрдэлээбэтэ. Онно барытыгар бэйэбин буруйдуубун. Тойон, салайааччы буола сылдьан кими да бэйэбэр чугаһаппатаҕым. Барыта партия дьаһала, норуот туһугар дии- дии бииргэ үлэлэспит дьоммун ыбылы үктээн, ыган, дьаһайан, дьоммун сүгэ-лаппаакы кур- дук көрөн кэлбиппин. Бэйэ күнүн аахсыбакка үлэлээбитим, оҕону иитиигэ болҕомто уурбак- ка, ол түмүгэр уоллаах кыыһым бэйэбинээҕэр бэйэмсэх буолан таҕыстылар. Киһини буолбак- ка, киһини мөһөөччүктээх харчы быһыытынан көрөллөр. Өйдөбүллэрэ диэн харчы. «Хантан харчыны сомсон ылабын?» диэн, онтон атын өйдөбүл суох. Эдэр көлүөнэ барыта да оннук буолан иһэр. Оннооҕор аймахтарын да ал- быннаан туран, харчы үктэтэн ыллахтарына, төһөнөн элбэх киһини албыннаатахтарына үгүс ыччат дьон өйдөбүлүгэр «крутой» дэнэр буоллулар, албыннаппыт дьону «лохтар» дииллэр. «Бэйэтэ акаарытыгар буруйдаах!» дэнэр буолла. Итинник өйдөбүлүнэн төһө ыраатарбыт буолла. Онон бу күҥҥэ ити олохторун толук уурбут доҕотторум сыр- дык өйдөбүллэринэн олоробун. Бу кырдьар сааспар Улуу Кыайыы күнүгэр дьиэбэр соҕотоҕун хаалан хааллым. Уолум да, кыыһым да кэлэ сылдьыбатылар, саатар, телефон- наабатылар. Уолум мааҕын сарсыарда бэрт ыксалынан дьиэбэр илдьэн түһэрбитэ. Онон оҥоруохтааҕын оҥорбут курдук сананнаҕа буолуо. Кырдьар сааспар олохпор улахан сыыһаны оҥорбуппун дьэ өйдөөтүм. Бу, көрөрүҥ курдук, чороҥ соҕотох хаалан, бүгүҥҥү күнү эйигин кытта ыла олоробун. Бииргэ сэриилэспит уолаттарбын саныыбын. Хайдах курдук биир санаанан, өйдөбүлүнэн сылдьыбыппытый? Барыта кыайыы туһугар, бары фронт туһугар! Араас омук биир киһи курдук этибит. Сталин баар эбит улуу киһи. Дойдуну дойду оҥорбут, экономикатын ³р³ көтөхпүт. Араас омугу барытын биир өйгө- санааҕа аҕалбыт. Улуу государствоны оҥорбут. Ону ыстыбыт. Уон аҥыы араҕыстыбыт. Бэйэ- бэйэбитин, оннооҕор аҕыйах ахсааннаах сахалар, өйдөспөппүт. Оройуонунан арахсан киирсэбит. Аҕыйахпытын билиммэппит. Дьэ, ол эрэ буолуо дуо, дьиэ иһигэр хаан-уруу дьон өйдөспөппүт. Бииргэ сэриилэспит, хонууга охтубут уолаттарбыт өйдөбүллэрин тыыннаахпытыгар биһиги, фронтовиктар, таҥнаран биэрдибит. Уолбар санаабын аһаҕастык этэ- бин, — диэн кырдьаҕаһым киирии тылыгар муунту буола сылдьар санаатын барытын ытыска ууран биэрдэ. Сыыһа саҥаран хомотуом диэн саҥата суох истэбин эрэ. Олоҕун олорбут киһи бэйэтигэр сыана бэринэрэ бэйэтин толкуйуттан тахсан кэллэҕэ уонна ону ким да туора киһи халбаҥнаппата буолуо. Аҕа көлүөнэҕэ, олохто- рун устун илдьэ кэлбит сырдык өйдөбүллэрэ тыыннаахтарыгар үнтү сынньыллара сиэри таһынан ыарахан буоллаҕа. Испэр итинник саныыбын. Оттон кырдьаҕаһым санаатын салгыы арыйан кэпсии олордо. — Олорбут олохпун кэнним диэки хайыһан көрдөхпүнэ, улахан ахсаанынан аахсар буол- лахха, сахам дьонун иннигэр улахан буруйдаах эбиппин. Ол барыта киһи бэйэмсэҕиттэн тах- сар. Бу сиргэ киһи муннун аннын эрэ көрөр эбит. Инники олоҕун киһи тымтыктанан көрбөт эрээри, олох сокуоннарын тутуһан, олоххун олорбутуҥ кэннэ бэйэҕэр бэйэҥ сыана бэринииҥ ол буоллаҕа дии ким да халбаҥнаппат кырдьыга. Онон ол курдук бэйэҕэ сыанабыл бэри- нэр буоллахха, сэрии-үлэ үөһүгэр сылдьан үлэ бөҕөтүн үлэлээн кэллим, Украина биир кыыһын кэргэн ылан, ыал буолан, уоллаах кыыс оҕолонон дьоллоохтук үйэбитин моҥоотубут. Ити өттүгэр хомойорум суох. Ол гынан баран, уолум бэйэм курдук нуучча кыыһын кэргэн ылбыта. Онон сиэним нууччалыы иитилиннэ, сахалыы биир да тылы өйдөөбөт. Кыыһым эмиэ атын омук анала буолла. Онон бу биир киһи олоҕун устатыгар ууһум сыдьаана атын омук буолан хаалла. Ол — «мин сахабын!» диир киһиэхэ ыарахан таһаҕас. Дьэ, кырдьык, бэйэм бу олоххо куһаҕана суохтук олорон кэллим, атын дьоҥҥо тэҥнээтэххэ, үрдүк дуоһунастарга үлэлээн, баай-тот олоххо олорон кэллим. Ол оннугар саха омугун элбэтэр, хаҥатар аналлаах орто дойдуга кэлбит аналбын, сүрүн сорукпун, туора хааман, толорботох эбиппин. Аҥаар атахпынан иин үрдүгэр турар киһиэхэ, анараа дойдуга барарга өрөгөйдөөх санаалаах буол- бакка, кыайтарыы санаалаах барар буоллум, сахам дьонун иннигэр буруйбун билинэбин уонна бэйэбэр итинник сыанабыл бэринэбин. Төһө да түөспүтүн охсуммуппут иһин, олох бэйэтэ киһини кыһарыйан, хамсатан, салайан онно-манна тиэрдэр эбит. Сэрии буолбатаҕа буоллар, ол миигин — алаас оҕотун, тулаайах киһини — ким илдьэн дуу, хайаан дуу Европаны тилэри хаамтарыа этэй? Биир да нууччалыы тылы билбэт этим. Маҥнай утаа бииргэ сылдьар саллаатта- рым ону-маны саҥардахтарына харса суох «нет» да «нет» буолабын, тугу этэллэрин ис хоһоонун өйдөөбөт буоллаҕым, онтон аһары «неттээтим» дуу дии санаатахпына аны «да» да «да» бөҕөтүн түһэрэбин. Оннооҕор ыты үөрэттэххэ, киһи эппитинэн үрэр буолар. Мин да үөрэннэҕим дии, аҕыйах ый буолаат, убай омуктарым курдук маатыра-куутара аҥаардаах кэпсэтэн, туох баар кыһалҕабын барытын быһаарсар буолбутум. Дьоллоох киһибин, түөрт сыл устата сэ- рии уотун устун саллаат олоҕун ааһан баран, биирдэ да улахан бааһырыыны ылбакка эргий- битим, миигин кытта бииргэ сэриигэ көрсүһэн сылдьыспыт биэс саха саллаат доҕотторум өлбүттэрэ, атыттары киһи ааҕан сиппэт. Кэ- лин саллааттар ортолоругар харысхал курдук буолан хаалбытым. Атаакаҕа киирии саҕана саллааттар миигин тутуһар буолбуттара. Саллаат араадьыйата үлэлиир буоллаҕа. Хас биирдии кимэн киирии кэнниттэн хаман- дыырдар, саллааттар даҕаны: «Бу саха эмиэ тыыннаах!» — дииллэрэ. Ардыгар, кыргыһыы быыһыгар, бөҕөргөтүнэн сыттахха: «Дьэ эрэ, саха, ырыаҕын ыллаа», — диэн буолара. Оҕо сылдьан, биир кэмҥэ, тулаайах буолан, айаҕым инниттэн ойуун кутуруксута буолан сылдьы- бытым. Уубар-хаарбар, турукка киирэн куту- ран бардахпына: «Алыс ыараханнык, нүһэрдик иһиллэр», — диэн тохтотон кэбиһэллэрэ. Билигин бу сааһыран олорон санаатахпына кырдьык даҕаны оннук буолуо. Арай биирдэ эмиэ бөҕөргөтүнэн сытар кэммитигэр взводум хамандыыра ыҥырда. Землянкаҕа киирбитим хас да эписиэр баар. Взводнайым туран ыйытар: «Эн ойууҥҥун дуо? Мин эйиэхэ алтыс взводнайбын, сэрии саҕаланыаҕыттан эн эрэ соҕотох тыыннаах сылдьаҕын! Туох албастааххыный?» Онуоха мин: «Туох да албаһым суох. Бэйэм сахалыы толкуйбунан сылдьабын», — диибин. «Бөҕөргөтүнэр буоллахха, окуопабын булгуччу киһи үрдүгүнэн дириҥ гына хастабын. Итиэн- нэ, дьонтон атыным диэн, артиллерия, авиация уотуттан куотаары, эбии окуопаны хайаан даҕаны хастабын. Онтукабын, устаап этэрин курдук, кэнники иккис кирбиигэ буолбатах, төттөрүтүн, ньиэмэстэр диэки утары киирэн оҥостобун. Тоҕо диэтэххэ, ньиэмэстэриҥ бөҕөргөтүнүү маҥнайгы сүрүн кирбиитин артиллерия, авиация уотунан тоҕута ытан, буомбалаан баран, салгыы иккис кирбиигэ көһөрөн биэрэллэр. Оттон мин ол кэмҥэ ин- нибэр хастыбыт окуопабар көһөн биэрэбин. Кимэн киирэр буоллахха, кэтии сытан, аан бастаан, ньиэмэстэр пулемёттара, миномёттара ханан туралларын быһаарабын, иккиһинэн, сир быһыытын-уратытын көрөбүн. Ол түмүгэр эрдэттэн киирэр хайысхабын быһаарынабын. Хаһан даҕаны пулемёттар, миномёттар турар сирдэригэр утары киирбэппин, онтон атын албаһым суох», — диибин. Ол эписиэрдэр ортолоругар полкабыт ар- тиллерийскай батареятын хамандыыра баар эбит. Кини ити кэпсэтии кэнниттэн миигин бэйэтин батареятыгар корректировщик-на- водчик быһыытынан талан ылла. Уустук соҕус идэ эбит. Куруутун инники күөҥҥэ, бэйэбит уонна ньиэмэстэр икки ардыларыгар сылдьаҕын. Наар өстөөх уот аһар сирдэрин көрдүүгүн, атыннык эттэххэ, ханна тааҥка, пушка, миномёт уонна пулемёт турар сирдэ- рин чуолкайдык быһаараҕын. Кимэн киирии кэмигэр, түргэнник суох оҥорор курдук, олору артиллеристарга ыйаҕын, сыыһа-халты ыттах- тарына көннөрөн биэрэҕин. Итиннэ биир дьикти соҕус түгэн буолбута. Күн аайы иэспин толорон, ньиэмэстэр бөҕөргөтүнүүлэрин үөрэтэбин. Биир түгэҥҥэ ньиэмэстэрим, икки тааҥканы аҕалан, биһиги туһаайыыбытынан буору хаһан тимирдэн кэ- бистилэр. Мин рациялаахпын, дьоммор этэн биэрдим. Өр буолбата, дьонум артиллериянан тоҕута ытан кэбистилэр. Сарсыҥҥы күнүгэр ньиэмэстэр саһан сы- тар сирбин билбиттэр, мин киирэрбин кэтэһэ сытан, миномётунан ытыалаатылар. Тула өттүм барыта миинэ эстэр тыаһа. Дөйдүм. Өйбүн сүтэрдим. Өйдөнөн кэлбитим, миигин буорунан көмөн кэбиспит. Арай салгын тиий- бэт, тыыным хаайтаран барда. Бэрт эрэйинэн буор анныттан төбөбүн быктардым. Салгыны иҥэринэн, тыын киллэрэн баран, тула өттүбүн көрүммүтүм, арай биир ньиэмэс саллаата аптамаатынан миигин тирээн оло- рор эбит. Соһуйдум даҕаны, хайыыр да кыах суох. Аптааматым ханна сытара биллибэт. Бэйэм даҕаны адьас мөлтөхпүн, төбөм иһэ куп-куугунас, муннубуттан, кулгаахпыттан хаан кэлэ сылдьар. Кыратык хамсаатым даҕаны ытан кэбиһииһи. Хайыахпыный, дойдубун, дьоммун-сэргэбин тиһэх төгүлбүн саныы- бын, бырастыылаһабын. Буорунан бүтүннүү көмүллэн хаалбыппын. Туруору. Бэйэбин кытары саастыы ньиэмэс эбит. Оччолорго сүүрбэ эрэ саастаахпын. Киһим маҥнай утаа улаханнык сэрэхэчийбит курдук тутунна, хас хамсанарбын барытын манаата, онтон кэлин хайыыр да кыаҕа суохпун көрөн, аптамаа- тын туора быраҕынан аттыбар кэлэн олордо. Ону-маны саҥарбыта буолар да, хантан мин ону өйдүөмүй, миэхэ хаас саҥатын курдук. Оннук олорон табахтаата. Миигин билигин өлөрөн-өһөрөн кэбиһэр курдук туттубата, сирэйэ-хараҕа сымнаҕас. Мин, орто соҕустук контузия ылбыт киһи, төбөм хайа бараары гым- мыт ыарыытыттан ордук атын кыһалҕам суох. Илиитин, сирэйин хамсатан кэпсэтэ сатаата, тугу да өйдөөбөтүм. Арай ньиэмэһим айахпар табах уган табахтатта. Сүгэ сылдьар иһититтэн шнапс кутан иһэртэ. Анараа дойдуга ыытыан иннинэ күн сирин анныгар бүтэһигин үссэнэ түстүн диир буоллаҕа дии санаатым. Арай киһибин кытта чугас соҕус сиртэн ким эрэ ньиэмэстии кэпсэттэ. Аптамаатын ылбытыгар «дьэ, бүттүм!» дии санаатым да, ньиэмэһим халлаан диэки ытан баран, киһитигэр туох эрэ диэтэ уонна, миэхэ төҥкөйөн, санныбын тап- тайда: «Гитлер капут», — диэн сибигинэйдэ. Ол кэнниттэн бэйэтин дьонун диэки сыылан бара турда. Түүн хараҥарбытын кэннэ бэйэм дьонум кэлэн хостоон ыллылар. Бииргэ сэриилэһэ сылдьар киһигин өлбүтүн-тыыннааҕын хайаан даҕаны көрөн-истэн бараҕын. Ити биһиэхэ, саллааттарга, суруллубатах сокуон этэ. Ити түгэни билиҥҥэ диэри дьиибэргиибин. «Кур- ская дуга» диэн ааттаммыт кыргыһыыга ньиэ- мэстэр үнтү сынньыллыбыт кэмнэрэ этэ. Онон өйдөрө-санаалара уларыйбыт кэмэ буолуон сөп. Баҕар, ол да саҕана ньиэмэстэр ортоло- ругар эмиэ араас өйдөөх-санаалаах дьон баар буоллаҕа, онон антифашист дуу, коммунист дуу буолуо, туох билиэ баарай. Ол кэнниттэн чааспытын Молдавия сиригэр-уотугар бырахпыттара. Румыннар уонна ньиэмэстэр холбоһуктаах сэриилэрин утары. Кишинёв куорат туһаайыытынан өстөөх бөҕөргөтүнүүтүгэр фронт үрдүнэн тэрээһиннээх тоҕу көтөн киирии буолбута. Билигин кэпсииллэринэн, онно сэрии саҥа тактиката туһаныллыбыта дииллэр. Ол курдук, пехота «ураа!» хаһыытаабытынан киирбэтэҕэ. Маҥнай сөмөлүөттэр буомбалаабыттара, ол кэнниттэн артиллерия күүскэ ытыалаабыта, олор кэннилэриттэн, тааҥкаҕа олорон, пехо- та киирбитэ. Ол түмүгэр бэрт кылгас кэмҥэ өстөөх сэриитин бэрт улахан бөлөҕүн Киши- нёв таһыгар төгүрүйэн баран урусхаллааһын буолбута. Мин Днепр өрүһү туораат, артиллерия маҥнайгы күүстээх уотун кэнниттэн ордубут ытар уйалары бэйэбит батареябытыгар ыйан биэртэлээбитим. Бэйэм туһаайыыбар кимэн киириигэ иһэр саллааттар мэһэйэ суох ааспыттара. Ол онно ылбыт «За отвагу» диэн мэтээлим бу сылдьар, — диэн элбэх мэтээлин, уордьанын быыһыттан миэхэ онтун таһааран көрдөрдө. — Күүстээх кимэн киириигэ биһиги да өттүбүтүттэн бэрт үгүс сүтүк тах- сыбыта. Ол иһин батареябытын сынньалаҥҥа таһаарбыттара. Кэргэммин Таняны, Дон казач- катын, онно билсибитим. Ханнык эрэ дэриэбинэ кытыытыгар урукку холкуос хонтуоратын дьиэтэ ордон турарыгар түһэрдилэр. Күн иллэҥ буола түстүбүт. Тыыл- тан саҥа чаастар кэлэллэрин күүтэбит. Оччоҕо, батареябытын саҥа саллааттарынан толорунан баран, салгыы сэриилэһэ барыахтаахпыт. Тугу да гынарым суох буолан, өрүскэ киирэн сөтүөлээбит киһи диэн, аттаах уу баһааччы тэлиэгэтигэр олорсон өрүскэ кииристим. Олохтоохтор от охсо сылдьаллар, үксэ дьахтар аймах. Арай көрбүтүм, биир нуучча кыыһа от охсо сылдьар. Бэйэтигэр сөбө суох улахан хотуурдаах, отун охсо сатыыр да, хо- туура отун быһа түспэт. Хайдах эрэ дойдубун санаан кэллим. Биһиги дьоммут эмиэ оттуу сырыттахтара диэммин. «Көмөлөһөбүн дуо?» — диэтим. Кыыһым: «Бу козаларбар от охсо сылдьабын. Сүгүн аһаабакка үүттэрэ суох, балтыбар уонна бырааппар үүт иһэрдиэм этэ. Икки убайым сэриигэ. Ийэм, аҕам кырдьаҕастар», — диэн кэпсээтэ. Хотуура маһыттан хамсыы сылдьар, буолта күүһүнэн туттараллар эбит. Онтуката босхо барбыт, инньэ гынан, хотуура хамсыы сылдьар буолан, оту быһа түспэт. Хотууру хайдах сатанарынан оҥорон баран от оҕустум. Кыыһым үөрүү-көтүү бөҕө. Ол сылдьан ону-маны кэпсэтэбит. Саха сириттэн сылдьарбын, айылҕабыт, тымныыбыт хайдаҕын кэпсиибин. Барытыттан соһуйда. Төрүт истибэтэх дойдута буоллаҕа. Бараары туран: «Сарсын эмиэ кэлиэм, хотууру таптайарга, саатар, сүгэлээх, өтүйэлээх кэлээр, бэйэм сахалар хотуурдарын оҥорон биэриэм», — диэтим. Сарсыҥҥы күнүгэр тиийбитим, аҕата кэлсибит. Хотуурдарын биитин илии чочуту- нан оҕустаран сытыылыыллар эбит. Мин эрдэ быһаарыммытым курдук, бэҕэһээ тиийээт да, үөттэн хотуур тутааҕын оҥорбуппун аҕалан олортум, виноград хомуйар дьааһыктан ылбыт ньаалбааммынан хотууру эрийэ тардан, кыбы- тык мас анньан, хотууру саҥалыы оҥордум. Хотуурбун өтүйэнэн сүгэ тимирин кэтэҕэр таптайан баран, игиинэн тардыалаан сытыылаатым. Хас хамсаныыбын барытын аҕата көрө сырытта. От охсон көрдүбүт. Бэҕэһээҥҥи буолуо дуо, сытыыта сүрдээх. От бөҕөтүн от- тоотубут. Аҕата миигин хайҕааһын бөҕө: «Сатабыл- лаах, сытыы өйдөөх саллааккын!» — диир. Онуоха мин: «Бу мин өйүм буолбатах, норуотум өйө», — диибин. Ол курдук, нэдиэлэ кэриҥэ оттостум. Аан маҥнай кыыһы кытта онно хоонньоспутум. Салгыы фронт иннин диэки сыҕарыйан сэриилэһэ бара турбутум. Суруйсубуппут. Сэрииттэн төннөн иһэн, Киевкэ көрсүбүппүт. Үгүс кэпсэтиитэ суох Саха сиригэр кэлбиппит. Олоҕум салгыытын эн хайыы үйэ билэҕин. Хата, бу оҕобор са- наабын үллэстэммин өйүм-санаам чэпчээтэ, — диэн кырдьаҕаһым мин диэки сымнаҕастык көрдө. Кыайыы күнүн салгыы бэлиэтиибит. Кырдьаҕаһым илиитигэр биэс сулустаах ханньаагы тутан олорон эттэ: — Сэрии толоонугар сылдьыбыт кэммэр бу аһы кытта ситимнээх биир ыраас өйдөбүл баар. Ону мин эйиэхэ сааһылаан кэпсиим. Били, инники өттүгэр кэпсээбитим кур- дук, хас да хонуктаах күүстээх, улахан хаан тохтуулаах кыргыһыылар кэннилэриттэн, киэҥ нэлэмэни биир гына сыыйан баран, эмискэччи Днепр өрүскэ тахсан кэллибит. Икки өттүттэн күүс-уох эһиннэ быһыылаах. Мин, көннөрү саллаат, тугу билиэмий, эппит- тэрин эрэ хоту сылдьар буоллаҕым. «Манна уһун кэмҥэ бөҕөргөтүнэҕит, бары окуопата хастыҥ!» — диэн дьаһал кэллэ. Өрүспүт анараа өттө биһигиттэн үрдүк, ньиэмэстэр эрдэттэн бэлэмнэнэн бөҕөргөтүммүттэр. Өрүс хааһыгар кими эмэ көрдөхтөрүнэ пулемётунан, аптамаатынан сыыйтара сыталлар. Сэрии тылынан эттэххэ, биһиги кытылбыт барыта барыллаан ытыаламмыт (пристрелкаламмыт), өлүү-өлүү үллэһиллэн хайытыллыбыт. Саллаат тылынан этэр буоллахха, холобура, бу мин окуопам иннин үрдэтэн баран, ытарга үчүгэй буоллун диэн ытар сирбин намтатан таптайабын, туох көстөрүнэн, талах дуу, мас дуу, үксүн хаптаһын уурабын, онно аптамааппын эбэтэр бинтиэпкэ- бин сытыарабын уонна окуопаттан өндөйбөккө да ыттахпына, буулдьам халлааҥҥа көппөккө, аара ууга түспэккэ, ньиэмэстэр окуопаларыгар чуо түһэр гына оҥостобун, ол аата барыллаан ытыаламмыт дэнэр. Инньэ гынан, сырдык кэмҥэ төрүт хамсаппаттар. Инники чаастарбыт кимэн киириигэ маҥнайгы омуннарыгар өрүс уҥуоргу кы- тылыгар онон-манан ойон тахсыбыттарын төттөрү түһэртээбиттэр. Биһиги батареябыт Днепргэ тиийиигэ сүрүн чаастан хаалам- мыт, хамандыырбыт улаханнык сэмэлэннэ. Соторутааҕыта майорун ылбыта, онтукатыттан төттөрү түһэрэн, капитан оҥордулар. Буруйа да суох этэ. Ити иннинэ дэлби ардахтаан, суол ал- дьанан бытааран хаалбыппыт. Баары баарынан кэпсииргэ тиийэбин. Хас да аппыт эстэннэр суолга охтон хаалбыттара. Сэрии диэн сэрии, аты харыстыы сылдьыаҥ дуо? Кымньыынан сырбат да сырбат, кыаҕын таһынан айаннат да айаннат. Туох аанньа буолуой, охтоллоругар эрэ тиийэллэр. Ол аттарбытын олохтоох дьон аттарын хаһыытаппытынан былдьаан ылан солбуйабыт. Үгүс кэпсэтиитэ суох, сирэйгин кистии туттан баран, бэйэҥ дьоҥҥуттан саа уоһунан куттаан туран ылаҕын. Ким көҥүл өттүнэн эйиэхэ бэйэлээх бэйэтин атын биэ- риэй? Сэрии сокуона кытаанах, кумааҕыга суруллубуттан атын, — диэн кырдьаҕаһым саҥа кэпсээнин саҕалаата. — Батареябыт инники эшелонтан тэйиччи соҕус турбутун иһин, мин, корректировщик буолан, кирбиибит инники күөнүгэр сылдьабын. Батареябыты- гар биэспит. Полкабыт тэнийэн сытар сирин бэйэбит икки ардыгар үллэстэн кэбиһэбит. Мин, бэйэм этии киллэрэн, уҥуоргу өттүгэр, туруору эмпэрэлээх, үрдүк сыырдаах сири ыл- лым. Наар уустук өттүгэр түбэһэбин. Онтукаҥ күннээҕи үлэтэ ыараханын иһин, сахалыы толкуйум быһыытынан, бу бүгүн эн иннигэр кэпсии олорорбор төрүөт буолбута буолуо дии саныыбын. Ону дьонум өйдөөбөттөр этэ. Сэриигэ үгүс киһи өлүүтэ атаакаҕа киирэн истэххэ буолара, ол эмиэ өйдөнөр курдук. Аһаҕас сиринэн өлүүгэ уун-утары киирэр буоллаҕыҥ. Өстөөхх³ үнтү анньан киирии кэн- ниттэн биирдэ мин сөпкө талбыппын өйдөөн хайҕыыллара. «Кыараҕас харахтааҕын аанньа барытын таба көрөр. Эмиэ муннубутун туура соппут», — диэн буолара. Сэрии күүстээх өттө кыргыһарга сөптөөх сиринэн, ханан техника сылдьар сиринэн буолара. Ол иһин үксүн ки- нилэр өттүлэринэн сэрии барара. Сэрии барар сиригэр үгүс өлүү-сүтүү тахсара эмиэ чуолкай. Биһиги өттүбүтүгэр өрүс кытыыта онон- манан талахтаах, кэннибит ыраас нэлэмэн. Онон ньиэмэстэр ыраахха диэри ким-туох хамсаммытын, үрдэл сиргэ сытар буоланнар, көрө сыталлар. Оттон уҥуор туох сэрии сэбэ турара биллибэт. Мин соругум ону билиэх- тээхпин. Хамандыырбыт ыҥыран ылан: «Үс хонук иһигэр полк турар сирин утары биэрэстэ аҥаара иһирдьэ өстөөх туох сэриитэ-сэбиргэлэ турарын билиҥ!» — диэн бирикээс биэрдэ. Үчүгэйэ диэн бэйэм талбыт сирбэр кэтиир уйабын хастабын. Днепр кытыыта талахтаах, биир түүн, онно сэрэнэн киирэн, өрүс ыксатыгар уйа хаһынным. Эбиитин сахалыы дурда оҥостон кэбистим. Онтукам землян- калыы быһыылаах. Муора уонна өрүс чугаһа буолан ардахтаах. Ол иһин үрдүтүн саптым, кэннинэн ааннаах. Холлороон устун сыыл- лан киирэбин. Инним дурда киэнин курдук көрөр хайаҕастаах. Хомус хомуйан аҕалан, аллара тэлгэттим. Күнү-күннүктээн сытар гына оҥоһуннум. Бүнүөкүллээхпин, онно эбии снайпер саатын оптикатын илдьэ сылдьабын. Онтукам бүнүөкүлтэн быдан күүстээх уонна, күн утары буоллаҕына чаҕылыҥнаабат гына, тааһыгар күн уота түспэтин диэн анал чарап- чылаах. Үрдэлбин күнү быһа манаатым. Өрүспүт ити биһиги Бүлүү өрүспүт саҕа кэтиттээх. Инньэ гынан, ньиэмэстэри бу сылдьар кур- дук көрөбүн. Күүскэ бөҕөргөтүммүттэр. Траншеяларын дириҥник хастыбыттар. Кы- ратык төҥкөйдүлэр да көстүбэттэр. Кытылы бүтүннүү миинэлээбиттэр. Хатыылаах боробу- луоханан кэлимсэ тардыбыттар. Инньэ гынан, траншеяларыгар төбөлөрө эрэ быстах кэмҥэ онон-манан көстөн ааһар. Үрдэлим оройугар икки пулемёт, биир миномёт баалларын билэн хаартаҕа киллэрдим. Киэһэ, хараҥарбытын кэннэ тахсан, ха- мандыырбар: «Товарищ командир! При визу- альном наблюдении передного края обороны противника, мною обнаружены две пулемёт- ные точки и одна миномётная. Место их распо- ложения занесено на карте. Изучение огневых точек противника на глубину 500 метров не произведено ввиду отсутствия видимости», — диэн дакылааттаатым. Хамандыырым үрдэл кэннин үөрэтиигэ полка разведкатын туһаныахпыт диэн бэйэтин түмүгүн оҥордо, баран сынньан диэтэ. Землянкабар тиийбитим, уолаттар бары кэлбиттэр. Атын землянкаларынан тарҕанан, батареябыт сүрүн састааба бары утуйа сы- таллар. Уолаттары кытта кэпсэтии түмүгэр биһиги полкабыт иннигэр өстөөх улахан күүһэ суох диэн буолла. Сабаҕалааһын быһыытынан бэйэбит курдук полка турар эбит диэн түмүккэ кэллибит. Ол — эмиэ үчүгэй. Ол аата өстөөҕүҥ эйиэхэ эмискэччи атаакалаан киирэр кыаҕа суох, онон манна балачча өр бөҕөргөтүнэн сытыахпытын сөп курдук дэһистибит. Итин- ник кэпсэтии саллаат араадьыйата буолан түргэнник тарҕанар. Кэпсэппиппит курдук буолла. Маннык уһуннук биир сиргэ бөҕөргөтүнэн сыта илик- пит. Биир ый буоллубут. Аны да төһө өр буо- ларбыт биллибэт. Сайын үтүөтэ үгэннээн турар кэмэ. Бэйэ-бэйэбитин манаһа-манаһа сытабыт. Туох да хамсааһын суох. Саллаат араадьыйатыттан Курскай аттыгар улахан кыргыһыы буола турар үһү диэн истэбит. Ити олордохпутуна биир кэмҥэ ньиэмэс снайпера буулаата. Биһиги сытар сирбитин «улахан сиртэн» быһан кэбистэ. Ас таһар сал- лааты өлөрдө. Иккис саллааты эмиэ өлөрдө. Инньэ гынан, хас да күн аһаабакка олордубут. Ким туох тобохтооҕунан аһыы сырыттыбыт. Арай биһиги эрэ батареябыт үссэнэр. Мин аттарбыт кутуруктарын кылыттан туһах хатан баран, түүнүн тиийэн, биһиги дьабарааскыбыт курдук кыылга уйаларыттан тахсар хороон- норугар туһах иитэлээтим. Ким да бултаспат буолан куттамматтар. Хас ииппит туһахпар барытыгар ыллым. Ол дойду дьабарааскыта биһиэниттэн икки төгүл улахан буолар эбит. Урукку өттүгэр тииҥи хайдах астаан буһаралларын көрөр этим. Туох атыннаах үһү диэн баран, хоннохторун анныгар баар быччар- хайдарын ылан кэбистим. Тииҥи астыыр кур- дук астаан, ол кыылларбыттан кимиэхэ туус, лапса баарынан холбоон миин буһаран сири- лэттим. Дьэ, ааттаах миин буола түстэ. Мин- ньигэс миин сыта тарҕана оҕуста быһыылаах, аттыбытыгар баар атын чаас саллааттара кэлэн ыалдьыттаатылар. Дьабарааскы эрэ элбэх. Миигин көрбүт уолаттар ыйан-кэрдэн биэрэллэр. Аччык саллаат түргэнник үөрэнэр эбит. Быччархайын сатаан ылыаҥ кэрэх, ас да ас буола түһэр буоллаҕа. Уолаттар үөрүүлэрэ сүрдээх. «Сразу видно, что человек из рода охотников. Надо же додуматься силки делать из хвоста лошади! И ещё надо уметь поймать на них, этих евражек!» — дэһэллэр. Оннук мин булугас өйбүн хайгыы-хайгыы, тугу да хаалларбакка дьабарааскыларым этин биирдэ хадьырыйан кэбистилэр. Ол быыһыгар сибиряктар тустарынан кэпсэтии тахсан кэллэ. Батарея хамандыыра землянкабытыгар киирэн кэпсэтиигэ кыттыста, ол саҕана саха омук диэни нууччалар билбэттэр эбит этэ, биир кэм «сибиряк» эбэтэр «чукча» диэн ыҥыраллара. Хамандыырым: «Вы же, сибиряки, белку в глаз бьёте из ружья, а ну-ка достань этого гада. Если достанешь я тебе две бутылки коньяка поставлю», — диэн эмиэ да көрдөһүү, эмиэ да бирикээс курдук тыл кыбытта. Сэрии кэмигэр саллаат биир күнүнэн сыл- 13 дьар буоллаҕа, уолаттар кикпиттэригэр аһара баран: «Товарищ капитан, постараюсь достать этого гада, но он же снайпер, обученный, а вдруг меня убьёт. Поэтому прошу в виде аванса бутылочку коньячка наперёд», — диэн саҥарбыппын кулгааҕым эрэ истэн хаалла. Хамандыырым өс киирбэх: «Я сейчас», — диэт, землянкабытыттан тахсан барда. Өр- өтөр буолбата, адьютана уол землянкабытыгар көтөн түстэ: «Эй, сибиряк, танцуй, командир тебе коньяк отправил. И вот тебе закуска», — дии-дии, сибиинньэ сыатын кытта биир бухааҥка килиэби остуолга ууран кэбистэ. Инньэ гынан, ол киэһэ, бары аччык дьон, үөрэ-көтө аһаатыбыт. Ону билиҥҥэ диэри үчүгэйдик саныыбын. Саллааты хамандыыр- дар ол курдук өйдүүллэр этэ. Бары биир өлүүгэ сырыттахпыт. Иккис күммүтүгэр, корректировщиктар, ол ньиэмэс снайперын позициятын булуҥ диэн бирикээһи быһаччы ыллыбыт. Дурдабар киирэн, ньиэмэстэрим инники кирбиилэрин маныыбын. Сарсыарда өттүгэр күн биһиги өттүбүтүттэн көрөр. Биир кэмҥэ үрдэлим оройуттан уот кылапачыс гына түстэ, ол кэнниттэн саа тыаһа иһилиннэ. Киэһэ хамандыырбар тахсан: «Снайпер мин утары үрдэл оройугар сытар», — диэн эттим. «Бэрт. Сарсын кинини артиллерия уо- тунан саба биэриэхпит», — диэн буолла. Землянкабар тиийэн утуйан хааллым. Арай ким эрэ уһугуннарар, көрбүтүм, хамандыы- рым адьютана эбит. «Сибиряк, хамандыыр ыҥырар», — диэтэ. Землянкатыгар тиийбитим, хамандыырым миэхэ туһаайан: «Кэл манна, бэҕэһээ ханна снайпер позициятын көрбүккүн бэлиэтээ», — диэн соруйда. Бэлиэтээбитим кэннэ салгыы дьаһайда: «Получен приказ уничтожить снай- пера, а также огневые пулемётные и миномёт- ные точки. Идите в свою боевую позицию, если что будете корректировать огонь батареи». Бирикээс ылбыт саллаат быһыытынан дурдабар киирэн ньиэмэстэрбин манаһабын. Толкуйум диэн биир: били снайпербыт киир- битэ дуу, суох дуу диэн. Балачча өр кэтэстим. Биир түгэҥҥэ урукку сиригэр күн уота таастан тэйэн кылапачыс гынна. Ону көрөөт, телефон үрдүгэр түһэн: «Товарищ командир, он на своём месте», — диэн дакылааттаатым. Ол кэнниттэн өр-өтөр буолбата, сир ньир гына түстэ, кэннибэр пушкалар ытар тыастара иһилиннэ да, били кэтии сытар снайперым үрдэлэ снарядтар эстиилэриттэн өрө бурҕаҥнаата. Ыҥырыа уйата тоҕу тардылынна, икки өттүттэн чаас курдук пулемётунан, аптамаатынан уонна бинтиэпкэ- нэн ытыалаһыы буолла. Онтукабыт сыыйа син намыраан тохтоон хаалла. Дьэ, артиллериянан итиччэ күргүөм ытыы кэннэ тоһун ылла ини дии санаатым. Киэһэ тиийбитим, арай биир саллаат уол ас тарҕатан аһата сылдьар. Сылаас эт миинэ иһэн абыран- ныбыт. Испит тотон, улахан дьоллоох дьон курдук сананныбыт. Ханныгын да иһин, тот саллаат үчүгэйдик сэриилэһэр буоллаҕа. Ол кэнниттэн нэдиэлэ аһаатын кытта по- зициябытыгар атын ньиэмэс снайпера кэл- лэ, эмиэ барыбытын сордоото. Ким даҕаны төбөтүн өндөппөт буолла. Саллаат бөҕөтүн эчэттэ, бааһырта. Ньиэмэс снайпера урукку снайперы хайдах суох гыммыттарын үөрэппит быһыылаах, биир сиртэн иккитэ ыппат. Ин- ньэ гынан, снайпербытын таба туппатыбыт. Снайпердары кытта сэриилэһэр биһиги, артиллеристар, киирсэр хайысхабыт буолба- тах даҕаны. Ол гынан баран, хамандыырбыт хараххытын быраҕа сылдьыҥ диэн дьаһайда. Утары үрдэлгэ баар ньиэмэстэрим биир күн кэлиилэрэ-барыылара элбээтэ. Онон-ма- нан кааскалар көстө-көстө сүтэллэр. Массыына мотуора тыаһыыр курдук. Тугу гыналларын билэргэ сананным. Мин сытар сирбиттэн ал- лара, өрүс ортотугар кумах арыыга, эргэ мас тыы кэлиэхпититтэн аҥаарыгар диэри кумахха көмүллэн баран сытар. Онно киирэн чугастан көрдөххө сатаныыһы диэн санаа киирдэ. Тугу толкуйдаабыппын хамандыырбар этэн көҥүл ыллым. Киэһэ хараҥарыыта биир нуучча саллаатын кытта ол кумах арыыга киирэн, бэрт улахан сэрэҕинэн ол тыы анныгар киирэн, умуһах курдук хаһан, киһи олорорун курдук оҥоһуннубут. Аллараа өттө бүтүннүү уу, ин- ньэ гынан, таҥаспын-саппын уһулан баран, биилим үрдүгэр диэри ууга киирэн олордум. Доҕор саллаатым төттөрү тахсарыгар кэлбит суолбутун талаҕынан сиппийэн суох оҥорон таҕыста. Хата, сайын буолан уу сылаас. Сарсыарда халлаан сырдыыта тыыбар буулдьалар дьөлүтэ түспүт хайаҕастарынан сырдык сардаҥалара түстүлэр. Тыым көҥдөйө эрэ турар эбит, бүтүннүү буулдьа суола. Ол, хата, өстөөхтөрбүн кэтиирбэр туһалаах эбит, тула өттүбүн барытын көрө сытабын. Үрдэлим сирэйэ туруору, барыта ытыска уурбут курдук көстөр. Ол гынан баран, ньиэмэстэрим уу хайы сүүрбүт аппатынан, талахтарынан саһан киирэн, уу баһан тахсаллар эбит. Икки ньиэмэс саллаата, бэркэ саһан киирэн, ранецтарга уу баһан таҕыстылар. Ол оннугар үрдэл үрдүгэр ньиэмэстэр тугу гыналлара биллибэт, сытар сирбиттэн букатын көстүбэт. Онон, сорук оҥостон, ап- паны манаатым. Ньиэмэстэр тугу гыналлара элэс курдук көстөн ааһар. Курданалларыт- тан үөһээ өттүлэрэ сыгынньах ньиэмэстэр, землянка туттарга сөптөөх маһы сүгэ-сүгэ, төттөрү-таары сүүрэллэр. Маҥнай утаа, били, биһиги тоҕута ытыалаабыт блиндажтарбытын абырахтаан эрэллэр быһыылаах дии санаатым. Кумааҕы оҕотугар тугу көрбүппүн барытын суруйан иһэбин. Биир кэмҥэ тааҥка дуу, само- ходка дуу башнята көстөн ааста. Ньиэмэстэр бөҕөргөттөллөр эбит. Испэр ити куһаҕан бит, утарыта турууга туох эрэ уларыйыы буолаары гыннаҕа диэн толкуйдаатым. Бу иннинэ биһиги полкабыт утары өстөөх тааҥката суоҕа, ол аата хантан эрэ эбии күүс көмөҕө кэллэҕэ. Ол мэнээк буолбатах, саллааттарга сотору күүстээх тоҕу анньан киирии буолар диэн сурах тарҕаммыта хас да хонук буолла. Өр сэриилэспит дьон сэрэйиибитинэн, биһиги туһаайыыбытыгар ол буолуо суохтаах. Атын эбитэ буоллар, сүгүн олордубатахтара ыраап- пыт, күн аайы ыгыы-түүрүү бөҕө буолуохтаах этилэр. Ол суох, инньэ гынан, испитигэр үөрэбит. Ньиэмэстэр да ону билэн олордох- торо. Ити киинэҕэ көрдөрөллөрүн курдук буолбатах, ньиэмэстэриҥ сэрииһит омук. Икки өттүттэн тэбис-тэҥ өлүү-сүтүү тахсара. Билиҥҥи сэриигэ техника быһаарар. Ити кэмҥэ биһиги ньиэмэстэри тааҥкаҕа, сөмөлүөккэ уонна күүстээх тоҕу ытар тэрилгэ баһыйа тутан кыайбыппыт. Күнү устата ол ньиэмэстэрбин манастым. Дьонум үлэ бөҕө. Туох да уларыйыы суох. Киэһэлик, күн киириитэ, биир бинтиэпкэ саалаах, анал саһар таҥастаах ньиэмэс саллаата талахтарга киирэн сүтэн хаалла. Мин өрө көрө түстүм. Ньиэмэспит снайпера бүгүн бу манна дойдуламмыт! Оттон сарсын ханан киирэн кирийиэ биллибэт. Булчут хааным оонньоото. Бултаһарга сананным. Ол эрэн, тахсан барыахпын кут- танным, снайпер кыраҕы хараҕыттан ханна саһыаххыный. Сэмээр аппабын манаһабын, ньиэмэһим ханна барбыта биллибэт. Халлаан хараҥарда. Кинилэр түүннэрэ диэн ыас хараҥа, бу да турары көрүөҥ суоҕа. Иккис күнүгэр эмиэ туох да улахан уларыйыы суох. Ол гынан баран, ньиэмэс снайперын кыраҕы хараҕын анныгар сытарбын билэбин. «Ити аппаҕа киирэн ханан сытара буолла?..» диэн аппабын үөрэтэн таҕыстым. Аппам ытыс үрдүгэр ууруллубут курдук көстөр да, ньиэмэс бэргэнин таба булан көрбөтүм. Арай биир сиргэ туруору таас сирэйгэ хайаҕас баар, ол иһигэр сытара буолуо диэн сэрэйэбин эрэ. Толкуйум диэн биир: халлаан хараҥарыыта төттөрү тахсарыгар мүччү туп- патах киһи дии саныыбын. Аппаҕа талахтар бүтэр сирдэриттэн салгыы үрдэл чыпчаалыгар тахсыахха диэри уонча миэтэрэ ыраас сир баар, ону туоруур кэмигэр ытыам диэн тол- куйдаахпын. Биирдэ эрэ ытар кыахтаахпын. Сытар сирбин биллэллэр эрэ, киһи оҥорботтор. Күн киириитэ, саабын илиибэр ылан, били ыраас сири манастым, отой бэлэм олоробун. Хараҥаран барда. Үрдэл үрдүгэр сырдык имэ сүтэ илик. Ньиэмэс бүгүн төттөрү тахсыбат буолла дии олордохпуна, үрдэл үрдүгэр төбө, онтон көҕүс көһүннэ. Элбэрээкпин тардан кэбистим. Ол кэнниттэн, билигин кэлэн туох кистэлэ баар буолуой, кутталбыттан били хастыбыт оҥкучаҕым түгэҕэр түһэн хааллым, саспыта буоллум. Сэрэйбитим курдук, эмиэ чаас холобурдаах ытыалаһыы буолла. Мин дьолбор, хантан ыппыппын билбэтилэр, анараа дьоммун сэриилээн таҕыстылар. Сарсыарда соҕус, били сирбиттэн үөмэн, дьоммор таҕыстым. Хамандыырбар тиийэн тугу көрбүппүн уонна били ньиэмэс снайпе- рын ыппыппын дакылааттаатым. «Өлбүтүн, тыыннааҕын этэр кыаҕым суох», — диэтим. «Танк видел говоришь, это плохо! Значит до- полнительные силы подбрасывают. Я сперва не понял, почему они такую пальбу подняли. Оказывается, это ты им настроение испортил», — диэтэ. Ити кэнниттэн саллааттары бултаһар снайпер сүтэн хаалла, улаханнык бааһырбыт эбэтэр өлбүт буолуон сөп. Бары да үөһэ тыынныбыт. Сотору буолан баран, биир киэһэ ха- мандыырым адьютана эмиэ биир ханньаагы туппутунан киирэн кэллэ. Ол онно үөрбүппүт бу билиҥҥэ диэри ыраас өйдөбүл буолан сылдьар. Мин, оччолорго эдэр киһи, ханньаак диэн астарын аан маҥнай амсайбытым уонна билигин ханньаак истэхпинэ, наар ити түгэни саныыбын, — дии-дии, кырдьаҕаһым Кыайыы күнүн бэлиэтигэр биэрбит ханньаактарыттан үрүүмкэлэргэ кутта. — Бу үрүүмкэни Кыайыы уонна чугас дьоммут туһугар көтөҕүөххэ! — диэн кэпсээнин түмүктээтэ. * * * Сарсыарда кырдьаҕаспын кытта про- цедурабытыгар сылдьан баран, хоспутугар кэллибит. — Дьэ, ити бэҕэһээ элбэҕи даҕаны кэпсээтиҥ. Ол гынан баран, өрөгөйдөөх Кыайыы күнүн ханна көрсүбүккүн ахтыбатыҥ. Ону кэпсиэҥ дуу, — диэн көрдөстүм. Кырдьаҕаһым кэпсээн киирэн барда: — Сэрии бүтэһик күннэрин Чехословакия сиригэр көрсүбүтүм. Онуоха диэри Молда- вия, Румыния уонна Словакия сирин устун сэриилэһэн кэлбитим. Миигин, алаас оҕотун, бүтэҥи олохпуттан ороон, сэрии эмискэччи, холорук ытыйбытын курдук, Москуба анны- гар кыргыһыы уотугар бырахпыта. Ол мин олохпор, өйбөр-санаабар улахан охсуулаах этэ. Сирэйинэн этэр буоллахха, ол саҕана, тулаайах оҕо, кимиэхэ да тирэнэр киһим суох буолан, «биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай?» диэн курдук саныырым. Күннээҕи аһылык туһугар ойуун кутуруксута буола сылдьар оҕотук киһи, кэнэн санаабар, Кыһыл Аармыйа ньиэмэстэри үнтү урусхаллаан, мин тиийиэхпэр диэри сэрии бүтэн хаалыа, кыайыы өрөгөйүн куоттарыам диэн толкуйдааҕым. Кеша Алексеев курдук ат үрдүгэр олорон, өстөөхт³р ортолоругар саабылалаах көҥү көтөн киирэн кэйгэллиэм уонна дьоруой буолан кэлиэм дии саныырым. Бааһырыы, өлөр туһунан толкуй, сэрии тыйыс сирэйин, саллаат күннээҕи ыарахан үлэтин туһунан өйдөбүл суоҕа. Сэрии тыйыс, уорааннаах сирэйин көрөн баран өйдөөтүм саха диэн кимин. Сахабынан киэн тутуннум. Дьонум-сэргэм, дойдум биир кэнэн уолларыгар элбэҕи да биэрбит эбиттэр. Маҥнай биһиги, сахалар, куртахпыт-испит эрэ туһугар сүөһүнэн, булдунан дьарыктанар омукпут дии сананар этим. Түөрт сыллаах уоттаах сэрии толоонун ааһан баран, саха киһитэ дьиҥинэн боотур, кыргыһыыга ананан төрөөбүт омук эбит диэн өйдөбүллээхпин. Ону-маны барытын сатыырбыт, сатабылбыт, айылҕаттан бэриллибит дириҥ, киэҥ тол- куйбут — барыта онно аналлаах эбит. Тоҕо диэтэххэ, мин эҥин араас омук аҕа саастаах дьонун ортотугар аҥаардас сатабылбынан ытыс үрдүгэр сылдьыбытым. Сэрии диэн өстөөҕү, тыйыс айылҕаны кытта сирэй көрсүү уонна саллаат туһугар хара үлэ буоллаҕа. Былыргы төрүт хааным оонньоон, сэрии муударастарын түргэнник ылынан, онно сөп түбэһэн тыыннаах хааллаҕым. Оттоох ходуһаларбытын, алаастарбытын, балыктаах, кустаах күөллэрбитин, өрүстэрбитин, бултаах түҥ ойуурдарбытын көмүскүүргэ ыйаахтам- мыт эбиппит. Хаһан эрэ оннук түгэн кэлиэҕэ, онно иитэр эбит дойдум тыйыс айылҕата, омугум төрүт өйө-санаата. Аан маҥнай Москуба көмүскэлигэр кыһын тыйыс тымныыларга хаардаах толоон ортотугар сатаан уот отторбунан, саллааттар- га тоҥон-хатан аччык олордохторуна сылаас чэй, табыллыбыт күнүгэр миин иһэрдэрбинэн бииргэ сылдьар саллааттарым ортолоругар өрө тутуллубутум. Ол кэмҥэ, бэйэлэрин сатаан көрүммэккэ, элбэх саллаат өстөөх буулдьатыт- тан буолбакка, тымныйан ыалдьан өлбүттэрэ. Сэрии диэн хара үлэ этэ. Төһ³ дириҥ гына окуопаҕын хастаҕын да, ол оччонон тыыннаах хаалар этиҥ. Үгүстэр сүрэҕэлдьииллэрэ, ол түмүгэр артиллерия, авиация саба түһүүтүгэр өлөллөрө-сүтэллэрэ. Ол-бу блиндаж, землянка тутуута бэйэм илиим иһигэр этэ. Ама, хан- нык саха сүгэнэн сатаан туттубат буолуоҕай? Дьиэтэ-уота суох сиргэ, кыһын ортото мас тостор тымныытыгар окуопа түгэҕэр уот от- тон, чоҕун ыраастаан баран, ол үрдүгэр от-мас тэлгэтэн, бэйэм отделением саллааттара бары хоонньоһон утуйан турарбыт. Аттыбытыгар баар саллааттар кэлин бары инньэ гынар буолбуттара. Көрбүт эрэ барыта сэргиирэ. Ол эрэ буолуо дуо? Булчуппут хаана оонньоотоҕуна, тугу баҕарар бултаан айахпы- тыгар аспытын булунар буоллахпыт. Ол диэки бороҥ дьүһүннээх куобах дэлэй. Ону иллэҥ кэмҥэ туһахтаан ылан, астаан, бииргэ сылдьар саллааттарбын аһатабын, ол аайы дьонум: «Вот даёт якут! Откуда у тебя такие знания, навыки?» — диэн сөҕөллөрө-махтайаллара. Ол барыта сахам дьоно өр сылларга мунньуммут баайа, өйө буоллаҕа. Атын өттүнэн ыллахха, сэрии түөрт сылын устата элбэҕи билбитим. Тас омуктар хайдах туттан-хаптан олороллорун көрбүтүм. Ол сыл- дьарым тухары алааспар, дойдубар тыыннаах, этэҥ²э тиийдэрбин эрэ үтүктэн көрүө этим диэн толкуйдуурум. Быстах саба быраҕан тэҥнээтэххэ, оннооҕу омуктар бэйэлэрин олохторугар-дьаһахтарыгар быдан дьоһуннук сыһыаннаһаллара, чиҥник тэринэн олороллоро көстөрө. Хас биирдии дьиэ кэргэн, биһиги, сахалар, алааһынан олорорбут курдук, «хутор» диэни туттан, бэйэ-бэйэлэриттэн син тэйиччи соҕус тэринэн олороллор. Сөхпүтүм диэн, ол хутордарга хас биирдиилэригэр оҥоһуулаах таас суол тиийэрэ. Ол хутордар сорох-сорохторо биһиги сэрии ин- нинэ тэриммит холкуоспутуттан быдан баай- дар. Дьиэлэрэ-уоттара тупсаҕай. Хутордар тула бэйэ үүннэриитэ саад. Онтуларыгар отонноох мастарын олус көрөн, наардаан олордоллор. Альпа сис хайатын кэтэҕэ буолан, халлааҥҥа чарбачыһар хайалара төһө да суоҕун иһин, балачча түһүүлээх-тахсыылаах сирдээхтэр. Ол хаптал хайалар сирэйдэригэр барытыгар вино- град үүннэрэллэр. Оччолорго мин соһуйбутум, ньиэмэс анныгар хас да сыл олорон баран, улахан батталы, атаҕастабылы көрсүбэккэ, урукку олорбут олохторун сүнньүн тутан, дьон баайдык-тоттук олороро. Сирдэрин-уоттарын сэрии уота таарыйбатах. Словакия сиригэр биир даҕаны мас дьиэни көрбөтүм. Барыта таас тутуу. Кэмиттэн кэмигэр былыргы феодаллар олорбут замоктара көстөллөр. Сирдэрэ-уотта- ра, суоллара уонна дьиэлэрэ — барыта таастан бэйэ оҥостуута. Сэрии бүтэн эрэр буолан, өстөөхтөрбүт да утарсаллара мөлтөөтө. Бу эҥээргэ ньиэмэстэр күүстээх көмүскэниигэ бэлэмнэниилэрэ суох буолан, Румынияттан саҕалаан чугуйарга сылдьаллар. Биһиги Братиславаны ылаат, Че- хословакия киинэ Прагаттан биэс көс курдук сиргэ кэлэн баран, эмискэччи кимэн киириини тохтотон кэбистибит. Ону тоҕотун билиҥҥэ диэри өйдөөбөппүн. Иннибитигэр биир даҕаны өстөөх улахан холбоһуга Прагаҕа диэри суоҕун кэриэтэ, ханнык эрэ бытархай гарнизоннара, кыра куораттарга бааллара, Прага диэки тэйэн биэрдилэр. Итиниэхэ диэри Словакия сирин олус тэтимнээхтик ааспыппыт. Ньиэмэстэр утарсарга бэлэмнэммит пууннарын сэрии- лэспэккэ аһары түһэн бара турарбыт. Олору кэлин тобоҕолоон эрдэхтэрэ буолуо. Урукку буолуо дуо? Күүс-уох бөҕө буоллаҕа. Урукку өттүгэр сатыы тэйбэҥниир дьон, массыынаҕа тиэллэ сылдьабыт. Инньэ гынан, олохпут сынньалаҥ буолла. Ол быыһыгар бааһырбыт саллааттары тиэйбит массыыналары ута- ры көрсөбүт. Дьоммут үөрүү-көтүү, ырыа доҕуһуоллаах айаннаан иһэллэр. Ол саллаат- тарга ымсыырабыт. Кинилэргэ сэрии бүттэҕэ. Тыыннаах хааллахтара. Үөрбэккэ. Кэргэннэ- ригэр, оҕолоругар, дьиэлэригэр тиийэллэрин эрэ толкуйдуу сырыттахтара. Ол курдук, күүскэ кимэн киирэн иһэн, фронт үрдүнэн тохтобул биллэриллэн, биир үтүө күн биһиги батареябытын ханнык эрэ хуторга түһэрдилэр. Дьиэлээх Мирош Га- шек диэн словак кэргэнинээн көрүстүлэр. Тыллара-өстөрө нууччалыыга майгынныыр курдук гынар. Биһигини, биэс уонча саллааты, таһынааҕы сарайга түһэрдилэр. Батареябыт хамандыыра уонна эписиэрдэри ыалдьыттар- га аналлаах дьиэҕэ, оттон орудиелар хамандыырдара, старшина, сержант уолаттар баан- ньыкка түстүлэр. Атын фроҥҥа сэрии бөҕө, оттон биһиги ити хуторга уонтан тахса хонук буоллубут. Виноградтара моонньоҕон эрэ саҕа үүммүтүн туура тардан амсайыыга сиибин. Күлүөҥ гынан баран, онно кэлэн баран биирдэ биллим, маска отоннор үүнэллэрин. Дьаабылы- каны, сливаны, грушаны аан маҥнай сэриигэ сылдьан амсайбытым. Ол хуторы олус диэн сэргээн көрбүтүм. Биһиги курдук, аҕа ууһунан, дьиэ кэргэнинэн күрүө-хаһаа туттан олороллор. Миэхэ барыта дьикти, сонун. Хутор кэннинэн үрэх сүүрэр. Ол уутун туһанан миэлиҥсэни уонна динамо диэн уот биэрэр тэрили эрийтэрэллэр. Сүөһү сааҕыттан гаас оҥорон ылан, сылаастарын хааччыналлар уонна ас астаналлар. Көр эрэ, хайдах курдук эрдэ сайдыбыт эбиттэрий? Электричестволарын, гаастарын барытын бэйэлэрэ оҥороллор, оттон биһиэхэ оннук өй аны даҕаны киирэ илик, — дии-дии, кырдьаҕаһым икки илиитинэн сапсыйан кэ- бистэ. — Хутор иһин-таһын олус ыраастык туталларын кэрэхсии көрбүтүм. Хаһаайыттар сарсыарда эрдэ туран, киэһэ утуйалларын иннинэ туох эмэ сыыс-бөх тахсыбытын бары- тын хомуйа сылдьаллар. Биһиги курдук, ат, ынах сүөһү, коза туталлар эбит. Сүөһүлэрин- көтөрдөрүн тутан турар сирдэрэ барыта аналлаах, тус-туһунан. Ону көрөллөрүгэр механизацияны ити кэмҥэ киллэрбиттэрин сөҕө көрбүтүм. Сүөһү сааҕын анал хорууга түһэртэрэн баран, ол хоруу устун тимир тиистээх лиэнтэни тыраахтарга холбоон эрийтэрэн ыраастыыллар. Биһиэхэ ити саҥардыы киирэ сатыыр. Бэйэлэрин хаһаайыстыбаларын иһигэр уһанар, сыыр оҥорор уонна утах, пиибэ сыах- таахтар, миэлиҥсэлээхтэр. Астарын-үөллэрин, туттар тэриллэрин-сэбиргэллэрин бэйэлэрэ оҥорон таһаараллар. Электричество уотун быстах ыларга бэлисипиэт курдук тэриллээхтэр. Тэптэххэ, эмиэ уот ылар эбиккин. Ону сыахтары үлэлэтэргэ быстах кэмҥэ туһаналлар. Хаһаайыттар дьиэлэрин иһигэр баар «камин» диэн оһохторун бэйэм көмүлүөкпэр майгынната көрөн улаханнык сэргээтим. Алааспар тиийдэхпинэ, дьиэ тутуннахпына нуучча оһоҕун уонна итинник камины хайаан даҕаны туттуом диэн өйдөбүл төбөбөр кытаа- нахтык киирдэ. Сотору кэминэн сэрии түмүктэнэрэ билин- нэ. Күн аайы сэрии хонуутугар туох уларыйыы буоларын истэбит. Батарея связиһа күннээх Уз- бекистан уола Русланбек улахан ыйааһыннаах саллаат буола түстэ. Кини айаҕа хамсыырын кэтэһэбит. Биһиги сэриилэрбит Одер өрүскэ тиийэн, өстөөх күүстээх бөҕөргөтүнүүтүн тоҕу түһэн, фашистыы Германия киинэ буолан олорор Берлини штурмалыы сылдьалларын истэбит. Күҥҥэ хаста даҕаны сонуну истээри мунньустабыт. Өр-өтөр буолбата, ыам ыйын иккис күнүгэр кэтэспит үөрүүлээх сонуммут кэллэ: «Внима- ние! Говорит Москва! Информация от Совин- формбюро! Победа за нами!» Рейхстаг үрдүгэр Кыайыы былааҕа ыйаммыта эфир устун тилэри сүүрдэ. Берлиҥҥэ сэрии түмүктэннэ. Гитлер тутуллубут, ытыллыбыт, дьаат иһэн өлбүт диэн эҥин араас сурахтар саллааттар ортолоругар киэҥник тарҕаннылар. Үөрүү- көтүү оройо суох. Аны сэрии уһаабата бил- лэр. Биир өттүттэн биһиги, Кыһыл Аармыйа, атын өттүттэн кыттыгас дойдулар сэриилэрэ, Чехословакияҕа ньиэмэстэри ытарчалыы хам ылан олоробут. Иннибитигэр Прагаҕа ханнык эрэ ньиэмэс генералын талыы СС сэриитэ турар. Бэриммэккэ кыргыһа сыталлар. Оттон биһиги хас да күн тугу да гыммакка олоробут. Инньэ гынан, далбар бөҕөҕө түбэстибит, күн аайы пиибэ диэн утахтарын ыймахтыыбыт. Кырдьаҕаһым мин диэки көрөн баран: — Ол онтон ыла ити чехтэр пиибэлэрин сөбүлүүбүн. Ол саҕана да үчүгэй этэ, билигин ордук тубустаҕа, — диир. — Чэ, ити хааллын. Онтон эмискэччи чехтэр араадьыйалара өрө оргуйа түстэ. Чех национальнай кэмитиэтин ыҥырыытынан Прагаҕа ньиэмэстэри утары өрө туруу буолбута эмиэ эфири ылан кэбистэ. Ол быыһыгар, ол саҕана өйдөөбөтөҕүм, Прага арҕаа өттүттэн ханнык эрэ нуучча сэриитэ киирэн, Праганы босхолоһон сэриилэһэн эрэрин быстах кыбытан ылаллар. Эфиргэ чехтэр өрө туруулара Прагаҕа ыарахан турукка киирбитин туһунан сотору-сотору биллэрэллэр, биһигини уонна кыттыгастарбыт сэриилэрин көмөҕө кэлиҥ диэн ыҥырыы бөҕө. Биһиги оннубутут- тан хамсаабаппыт. Дьиэлээхпит Гашек биһиэхэ кыыһырар: «Там в Праге с немцами воюют простые люди за освобождение Чехословакии от оккупации фашистских войск, а вы, солдаты, здесь сидите, жируете и пиво моё пьёте!» Ону, тоҕо тугу да гыммакка олорорбутун, биһиги, көннөрү саллааттар, хантан билиэх- питий? «Саллаат сорудаҕы толорор. Дьаһал кэлэрин кэтэһэбит», — диибит. Истэн олорон, аараттан мин абаккарабын: — Тоҕо оннук гыммыттара буолла? Син биир сэриилэһэр буолан баран, эрдэ үлтү сэ- риилээн кэбиһиэх баара! — Дьэ, итинтэн ыла чехтэр араадьыйала- рын истэбит. Адьас үнтү сынньыллыах дьону, нуучча ханнык эрэ сэриитэ кэлэн көмөлөһөн, онтон эр ылан, Прага үгүс өттө ньиэмэстэр- тэн босхоломмут, автовокзал, почта, киин араадьыйа дьиэлэрэ, Влтава өрүһү туоруур күрбэлэр чехтэр илиилэригэр киирбиттэр. Ол да буоллар, ньиэмэстэр улахан утарсыыны оҥороллор уонна кинилэргэ көмөҕө тааҥкалар иһэллэр эбит. Кыргыһыы хаамыытын, хайдах хамсыырын билэ олоробут. Араадьыйанан кэлэр сэрии хаамыытын туһунан сонуннары истэ олорон: «Это что за русская армия там воюет за чехов?» — диэн дьоммуттан ыйытабын. «Это власовцы. За- чем они вдруг начали воевать против своих фашистских хозяев за освобождение чехов? Они же изменники Родины!» — диэн дьонум миэхэ сырдатан биэрэллэр. Бэйэлэрэ да дьии- бэргииллэр. Ити кэмҥэ мин аан маҥнай власо- вецтар тустарынан иһиттим. Биһигини утары бэйэбит дьоммут, нууччалар, сэриилэһэллэрэ буолуо диэн санаа төбөбөр хайдах даҕаны баппат өйдөбүл этэ. Биир-икки таҥнарыахсыт баара өйдөнөр. Оттон бүтүн аармыйа буолан, ньиэмэстэргэ көмөлөһөн, бэйэ норуотун утары сэриилэспиттэрэ миэхэ төрүт өйдөммөт суол. Онтон, аны туран, чехтэри көмүскээн ньиэмэстэри утары сэриилэһэллэр. Дьэ, дьикти! Арай ыам ыйын тоҕус күнүн түүнүгэр, икки-үс чаас саҕана, утуйа сытар дьон, таһырдьа аптамаат тыаһыттан уһукта биэрди- бит. Ньиэмэстэр саба түстэхтэрэ диэммит, бары аптамааттарбыт үрдүгэр түстүбүт. Эмискэччи аан аһылынна. Мин ол диэки ыстанан иһэн, батареям хамандыырыгар кэти- линним. Киһим миигин ыбылы кууһан баран уураан ылла. «Якут, ура! Война кончилась. Победа за нами!» — диир. Бары киһибит диэки итэҕэйбэтэхтии көрөбүт: «С чего ты взял?» «Вот, из штаба дивизии передали, что немцы капитулировали. Конец войне!» — хамандыырбыт үөрүүкэтэ сүрдээх. Бары «ураа!» хаһыытаабыппытын билбэккэ хааллыбыт. Таһырдьа ойон таҕыстыбыт. Халлаан ракеталар, прожек- тор уоттарыттан сып-сырдык. Аптамаат, пулемёт, бэстилиэт тыаһа биир кэм бап- бачыгырас. Халлааны бүтүннүүтүн сырдыыр буулдьалар суруйа көтөн ааһаллар. Үөрүү- көтүү, ол быыһыгар дьоллонуу хараҕын уута — барыта баар буолла. Көрсүбүт саллааттар бары куустуһа, уураһа сылдьабыт. Өр сылларга кэтэспит түгэммит үүммүтүттэн бары даҕаны хайдах эрэ атын турукка киирэн хааллыбыт. Түүнү быһа үҥкүү- битии буолла. Бары Кыайыы күнэ кэлбитинэн пиибэ иһэ сылдьабыт. Эбии сүүстүү грамм буокка биэрдилэр. Мин, сахам хаана тардан уонна, ойуун ку- туруксута буола сылдьыбыт киһи, син сөбүгэр тыллаах-өстөөх буоллаҕым, доҕотторбор тиийэн этэбин: «Мы, якуты, дети солнца, когда радуемся, все люди встают в круг, держась за руки, изображая солнце. И поём, и танцуем, восхваляя солнце, за то, что оно нам даёт тепло и свет!» — диэн баран, дьоммун ыҥыртааммын оһуохай этэн бардым. Ити кэмҥэ, кыһалҕа кыһайан, нууччалыы син балачча кэпсэтэбин. Инньэ гынан, судургу да соҕустук буоллар, оһуохайбын нууччалыы эттим. Ыксаатахпына сахалыы тыллары кыбытабын. Сөҕүөм инни- гэр балачча улахан оһуохай түһүлгэтэ буолла. Оһуохайдаан бүппүтүм кэннэ хамандыырым кэлэн хайҕаата: «Хороший танец! Всех нас в один кулак собрал. Почувствовал я, что мы единый народ!» — диир. Миэхэ, саха буойунугар, онтон үрдүк хайҕабыл суох. Кырдьык даҕаны, билигин санаан көрдөххө, батареябытыгар баар тус- туһунан омуктар бары бииргэ туран, бары биир сомоҕо буолан, Кыайыы өрөгөйдөөх оһуохайын үҥкүүлээбиппит! Дьэ, нохоо, Кыайыы өрөгөйдөөх күнүгэр саха оһуохайа Чехос- ловакия сиригэр ити курдук үҥкүүлэммитэ! — кырдьаҕаһым өрүкүйбүтэ бэрдиттэн ойон туран хаамыталаан ылла, онтон төттөрү кэлэн олорон кэпсээнин салҕаата. — Ол сырыттах- пытына, сарсыарда күн тахсыыта, Праганы босхолооһуҥҥа кимэн киирии буолар диэн дьаһалы туттубут. Сэрии сокуона кытаанах. Сэрии бүттэ дии сылдьаммыт, хабыр киирсиигэ эмиэ киирэр буоллубут. Бэрт түргэнник хомунан хайысхабытын Прага диэки туттубут. Кырдьыгынан эттэххэ, кыайыы буолбутун истэ-билэ сылдьан кыргыһа киириибит аҕыйах чаас анараа өттүнээҕи күүстээх үөрүү, долгуйуу түгэнин биирдэ туора сотон кэбиспитэ. Өстөөҕү кытта кыргыһыыга киирэн баран, онтон тыыннаах тахсаҕын эрэ, тахсыбаккын?.. Саллаат дьылҕатыгар соччо- то суох түгэн этэ. Ким да бу сэрии бүтээри турдаҕына өлүөн баҕарбата чахчы. Ол айаннаан иһэн, бары бэйэбит ис турукпутугар киирэн хааллыбыт. Били үөрбүппүт-көппүппүт ханна да суох. Бары таас сирэй буолан олоро- бут. Саҥа-иҥэ суох, уу чуумпу. Урукку буолбатах, халлаантан биир да өстөөх көтөр аала кэлэн буомбалаабата. Ханна даҕаны утарсар өстөөҕү көрсүбэккэ Прагаҕа икки чааһы кыайбатынан тиийэ оҕустубут. Биһиги иннибитигэр тааҥкаларбыт ааспыттар эбит. Биир болуоссакка ньиэмэстэр улахан утарсыыны оҥорбуттарын көрдүбүт. Хас да биһиги тааҥкабыт умайа турар. Ньиэмэс да, биһиги да саллааттарбыт өлүктэрин быыһынан айаннаатыбыт. Прага бэтэрээ өттө босхолом- мут. Арҕаа өттүгэр уулуссаларга сэрии бара турар. Биһигини онно бырахтылар. Дьаһал су- дургу буолла. Хамандыырбыт кэлэн: «Бу уулус санан кимэн иһэр пехотабытын батареябыт уотунан өйүөхтээхпит уонна өстөөх уот аһар уйаларын суох оҥоруохтаахпыт», — диэн эттэ. Биһиги «түөрт уон биэстээх» пушкабыт куорат сэриитигэр олус табыгастаах тэрил эбит. Үс-түөрт буолан талбыккынан соһо сылдьаҕын. Үлэбит элбээтэ. Ким даҕаны «ураа!» хаһыытаабытынан атаакаҕа сүүрэн киирбэт. Ханнык эрэ дьиэ түннүгүттэн ытыа- лаатахтарына, тиийэн, пушканан тоҕута ытан иһэбит. Кэлин тиһэҕэр соҕотох да аптамаатчык буоллаҕына бултаһар буоллубут. Инньэ гынан, инники күөҥҥэ сырыттыбыт. Биир сиргэ өстөөх пулемёта биһиги дьом- мут кимэн киирэн иһэллэрин тохтотон кэбистэ. Батареябыт хамандыыра: «Ол пулемётчигы суох оҥоруҥ!» — диэн биһиги орудиеҕа би- рикээс биэрдэ. Пушкабытын аҕалан, дьиэ муннугар күлүктэнэн туран, хаста да ыттыбыт. Ыппыт снарядпыт халты түһэр буолан, пулемёт бөҕөргөтүүлээх уйатын алдьаппата. «Хайдах буолабыт?..» диэн сүбэлэһии буолла. Дьоммор этии киллэрдим: «Надо прямой наводкой бить. С протиположной стороны улицы». «Как будешь бить прямой наводкой? Если пулемётчик находится на пятом этаже?» — дьонум мин диэки соһуйбут харахтарынан көрдүлэр. Мин толкуйум судургу, өскөтүн аллараттан ойоҕолуу ыттахха, снаряд ньиэмэс пулемётчига саһан сытар дотун халты түһэн тэйэ турар, онон уун-утары сүүскэ ыттаххына биирдэ эрэ үнтү ытар кыахтаахпыт. «Значит, надо его бить с пятого этажа», — диибин. Дьонум, пушкаларын тула хаама сылдьан, толкуй бөҕөҕө түстүлэр. «Как орудие на пятый этаж поднимешь? Оно-то тяжёлое, большое. Не получится...» — дииллэр. Кырдьыгы этэллэр, бүтүн бэйэтин хайдах даҕаны таһаарбаккын, ол иһин эттим: «Нужно разобрать орудие на части. Только ствол и штанину возьмём с со- бой. Там соберём и выстрелим». Ити кэнниттэн бары биир санааҕа кэлэм- мит орудиебытын чаас-чааһынан араартаан, биир-биир сүгэммит, өстөөх пулемётчыгын утары турар дьиэ бэһис этээһигэр тастыбыт. Онно төттөрү хомуйан баран, уулусса кэтитэ биллэр буоллаҕа, ол доту биирдэ эрэ ытан кэбистибит. Ити түгэнинэн биһиги Прага босхолонуутугар кыттыһыыбыт бүттэ. Ол пушкабытын төттөрү-таары ыһыахпытыгар, хомуйуохпуту- гар диэри пехота биһиги кинилэри сиппэппит курдук иннин диэки сыҕарыйан хаалла. Куо- рат үгүс өттүн тааҥкалаахтар босхолоотулар. Батареябыт дьонун түүн утуйарбытыгар бэрт эрэйинэн буллубут. Ол түүн онно-манна ким талбыт сиригэр утуйуу буолла. Сарсыарда сырдаатын кытта биһигини аны Градец куорат хайысхатыгар ньиэмэстэри сонордооһуҥҥа бырахтылар. Онно тиийэн, биир уулуссаҕа аттаах, ньиэмэс формалаах нуучча казактарын атаакатыгар түбэстибит. Власовецтар эбиттэр. Биһиги Москуба анныгар, Доватор аттаах корпуһун буойуна буола сылдьан, ньиэмэс тааҥкаларыгар саабылалаах эрэ атаакаҕа киирбиппит курдук харса суох пулемёт уотун ортотунан, били киинэҕэ көрдөрөллөрүн кур- дук иһиирэ-иһиирэ, үөрбэлэрин туппутунан сүүрдэн киирдилэр. Тирээн туран, быһыта ытыалаан кэбистибит. Букатын даҕаны ыраахтааҕы генерала Шку- ро сэриитин тобохторо диэн буолла. Кырдьы- гын, сымыйатын билбэтим. Бииргэ сэриилэһэ сылдьар саллааттарым: «Ити сэбиэскэй былаас уонна хомуньуустар дьаарай өстөөхтөрө», — дииллэр. Ол саҕана итинник ааттаах үрүҥ генерала баарын саҥардыы истэбин. А ҕ а д о й д у с э р и и т и г э р б ү т э һ и к кыргыһыыбын, ити курдук, «бэйэбит дьом- мутун» кытта сэриилэһэн түмүктээбитим. Градеһы ылааппытын кытта ньиэмэстэр күргүөмүнэн бэринэн бардылар. Сэрии мин туспар ити курдук түмүктэннэ. Онон ити Кыайыы өрөгөйдөөх күнүн, биир саха буойуна буолан туран, санаа самныылаах даҕаны, өрөгөйдөөх даҕаны түгэннэрдээх көрсүбүтүм. Ол Чехословакия сиригэр үҥкүүлэммит оһуохай бу сыллар-хо- нуктар төһөнөн ааһаллар да, оччонон бэйэм өйдөбүлбэр дириҥээн, ыйааһыннанан иһэр. Бу мин, саха уола, үҥкүүлэппит оһуохайбар онно баар омук барыта киирэн үҥкүүлэспитэ. Ол иһигэр хуторбыт хаһаайына словак Мирош Гашек эмиэ кыттыспыта. Хайдах курдук биир сомоҕо этибитий!

Добавить комментарий