Кэпсээ
Войти Регистрация

Ааспыт кэм суоллара

Главная / Кэпсээ / Ааспыт кэм суоллара

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
15.11.2024 20:44
5k 0

An image to describe postАвтор: Сахаайа - 17 августа 2015 01:08

    Сиэркилэ иннигэр муус маҥан футболкалаах, шортиктаах эдэр дьахтар уп уһун суһуоҕун кэтэҕэр хвостиктыы туттарынан сирэйин хараҕын оҥоһунна, сиэркилэҕэ көстөр бэйэтин күлүгэр мичээрдээтэ. Аан хостон эдэр киһи саҥата "чэ, чыычаах ыксаарыый, маҕаһыын сабыллара буолла" наҕыллык ол эрэн чахчы ыксаабыт куолаһынан ыксатта. Чыычаах дэппит киһи көтүөн кыната эрэ суох буолла, аҥаар атаҕар эргичис гынаат хостон тахсан барда. Билсэн кэбиһиэххэ, аатым Сахаайа уонна бу кэпсээн дьиҥ олохпуттан суруллуоҕа. Таһырдьа тахсан дьиэ биир муннугуттан өҥөйөн көрбүтүм кэргэним барахсан массыынатын иһигэр миигин күүтэн чөкөллөн олорор, өссө киһи манньыйыах истиҥник мичээрдиир, тугу эрэ саҥаран уоһа хамсыыр. Кырдьык да маҕаһыыммыт сабыллара сүүрбэччэ мүнүүтэ эрэ хаалбыт. Ол туһунан кэргэним массыынаҕа киирэн олорооппун кытта санатта, өссө мин хаппырыыспынан мороженай уонна сок ыла баран иһэрбитин кытта өйдөттө. Икки мүнүүтэ айаннаан тиийиэхпитигэр диэри киҥир хаҥыр саҥарыстыбыт, өһүргэнсэн турдубут. Ол да буоллар син наадалаах маҕаһыыммытыгар тиийдибит. Кэргэним маҕаһыын иһигэр киирдэ, мин как положено уоспун толлоччу туттан кыыһырбыт киһи сиэринэн массыынаҕа олорон хааллым. Бу олорон иннибэр кэннибэр турар массыыналары одуулаһабын, ким киирэрин тахсарын көрөбүн. Иннибэр серебристай дьүһүннээх иномарка массыына турар, суоппара төбөтө биир кэм эргичиҥнээн олорор. Мин кыыһырбытым ааһа быһыытыйан маҕаһыын иһигэр киирэн көрөрдүү санаалаах массыынаттан тахсан маҕаһыын аанын диэки харбыаластым. Били иномаркам аттынан ааһан истэхпинэ түннүгэ арыллар тыаһа иһилиннэ уонна уруккаттан билэр истиҥ баҕайы куолаһым "привет, уһун суһуох" диэтэ. Көрбөккө да туран аҥардас куолаһыттан, ыҥырбыт аатыттан да ким буоларын тута сэрэйдим, сүрэҕим сүр күүскэ битигирэччи тэппитэ чэчэгэйбэр кытта билиннэ, тыыным хаайтарарга дылы буолла. Ол да буоллар эргиллэн көрбөккө, истибэтэҕэ буолан кубулунан маҕаһыыным диэки ааһа турдум.

    Дьэ ол курдук маҕаһыыным ааныгар чугаһаан тутааҕыттан ылыах курдук буолан истэхпинэ аан арылла биэрдэ, кэргэним илиитигэр торт курдук быһыылаах мороженайы уонна сөбүлүүр апельсиновай сокпун тутан тахсан кэллэ. Миигин көрөөт үөрэн мичик гынна, саҥата суох биилбиттэн кууһан массыынабыт диэки хааман тиийдибит. Төһө да харахпар көрбөтөрбүн анараа массыынаттан биһигини одуулуулларын көхсүбүнэн сэрэйдим. Массыынаҕа киирэн олорооппун кытта кэргэним үөрбүт сирэйдээх "чэ, чыычаах кыыһыран бүт, эйэлэһиэх. Мин чыычааҕым саамай үчүгэй, саамай күндү киһи дии" дии дии умса нөрүйэн уоспуттан оргууй уураан ылла. Дьэ итинник түргэнник эйлэһэ охсон үөрэ көтө дьиэбитигэр тиийдибит.

    Тиийэн били аспытын дуоһуйуохпутугар диэри сиэн, утахпытын иһэн баран киэһэлик утуйардыы оҥостон сыттыбыт. Кэргэним барахсан устар күнү быһа тилигирии сүүрэриттэн буолуо, олус сылайан сытаат утуйан хаалла, аргыый тыынарын истэ, төбөтүттэн имэрийэ сытан тоҕо эрэ мааҕыҥҥы куоласпын санаан кэллим. Хайдах уонна ханна этэй ити куолаһы кытта билсибит, элбэхтик эрэйи көрбүт кэмим Саҥа оскуоланы бүтэрээт үрдүк үөрэх кыһатыгар сатаан киирбэккэ төрөөбүт дойдубар төннөн кэлэн тугу да гынара суох киһи күнү күннээн сытан тахсарым. Киэһээ буолла да түүҥҥү түлүрбэхтэр чугас дьүөгэлэрбин кытта уулуссаны кээмэйдии ыстанарбыт. Орто үөрэххэ докумуон биэрэн ол түмүгэ биллиэр диэри санаабар итинник сылдьан оҕо сааспын кытта бырастыылаһар курдукпун. Ол эрээри ийэ аҕа тылыттан тахсыбаппын, түүн уон аҥаарга дьиэбэр ыксаан сүүрэн кэлэбин, оччолорго сотовай сибээс да суох. Ханна сылдьаргын дьонун хантан билиэхтэрэй, сүтэрэн ыксыахтара диэн син толкуйдуубун.

    Биир үтүө күн ийэм (биир тэрилтэҕэ кыра дуоһунастаах) "Һыллыый, биһиэхэ кыра да буоллар үлэ миэстэтэ таҕыста, үлэһиппит уоппускаҕа барда, эн кини оннугар саатар сайынын үлэлиирин дуу. Үөрэххэ бараргар кыра да харчы наада буолуо этэ буоллаҕа дии" диэтэ. Мин тута сөбүлэһэ охсон ийэбин кытта ол же күн үлэлиир сиригэр тиийдим. Сүрүн үлэм диэн кыра оннук маннык докуменнары бэчээттиибин, тэрилтэлэргэ илии баттата сүүрэбин. Биир үтүө сарсыарда хойутаан турдум, баттах да тараанар бириэмэтэ суох буолан үлэбэр ыстанным. Хоспор киирэн сирэй харах көннөрүнэн баран такыммынан сылдьар уһун суһуохпун ыһан сиэркилэ иннигэр тараана турдахпына арай кэннибэр "Оксиэ, туох уһун баттахтаах кыыс турарый" диэн сөхпүт куолас иһилиннэ.

    Кэннибин эргиллэн көрбүтүм уһун уҥуохтаах, сырдык сэбэрэлээх эдэр уол миигин сөхпүт баҕайы хараҕынан көрөн аҕай турар эбит, мэктиэтигэр чыпчылыйбат даҕаны. Мин олус кыбыһынным, баттахпын түргэн үлүгэрдик үөһээ эринэ охсон, иннибэр сытар ол бу баттах туттарар резинкаларбынан туттара охсоот таҥаспын көннөрүннүм уонна кэһиэҕирэн хаалбыт куоласпынан "тоҕо көрөҕүн" диэтим. Саатар дорообо игин диэххэ баара да, итинтэн атын тыллар төбөбөр киирбэтилэр быһыылаах. Киһим үөрэн мичик гынна, "аан аһаҕас турара, бырастыы гын" диэтэ уонна кумааҕы туттараат тахсан барда.

    Ол күн тоҕо эрэ мин өйбүттэн ол уол тахсыбата, эчи кырасыабайын, куолаһа үчүгэйин дии саныыбын, ис испиттэн үөрүөх санаам киирэр. Ол кэмҥэ мин хантан билиэхпиний ити кэрэттэн кэрэ сэбэрэлээх киһи миигин олохпор элбэхтэ эрэйдиэхтээҕин, хараҕым уутун түүннэри тоҕуохтааҕын. Ол курдук биир күн эмиэ түргэн үлүгэрдик ааһа охсон хаалла, киэһээ дьиэбэр хас да тэрилтэни докумен биэрээри тилийэ сүүрбүт киһи үнтү сылайан кэлэммин ороммор сытынан кэбистим. Санаабар атахпын уотунан оҕустаралларын курдук дырылыыр, ыйааһына хас да төгүл ыараабыт курдук. Ийэм киирэн киэһээҥҥи аһылыкка ыҥырбытыгар нэһиилэ атахпын соһон остуолга тиийэн олордум. Уонна атын сир диэки көрөн олорон кэпсэтии быыһыгар били мааҕыын көрбүт уолбун ыйыттым.

    Ийэм "ити биһиги суоппарбыт, атын нэһилиэктэн кэлэн үлэлиир, Дима диэн. Былырыын армияттан кэлбит үһү. Аҕата Иван Петровиһы кытта чугас доҕордуулар. Аҕата кэпсэтэн манна үлэлии киирбитэ" диэтэ. Мин "ээ, ол иһин да манна көрбөт киһим ээ" диэтим уонна кэпсэтиини атын темаҕа көһөрдүм. Киэһээ дьүөгэлэрбин кытта көрсүһэрим аҕыйаата, сылайарым да бэрт быһыылаах. Ол күн сүтэрэннэр бэйэлэрэ кэлэн дьиэм аттыгар сөрүүн окко олорон эрэн кэпсэттибит, сэкириэппитин үллэһиннибит. Таня диэн подругам эмискэ олорон эрэн "Сахаайа, эһиги тэрилтэҕитигэр саҥа суоппар уолгут аата кимий? Хантан кэлбитий? Мааҕыын биһиэхэ кэлэн барбыта. Наһаа да кырасыабай улыбкалаах, кэпсэтэрэ игин атын дьонтон уратылаах курдук. Миигин кытта аҕыйах тылынан бырахсан кэпсэппитэ" диэтэ. Мин хайдах эрэ буола түстүм, сүрэҕим сүр күүскэ тэбиэлээтэ, Таняҕа ордугурҕуу санаатым.

Тоҕо эрэ өсөһүөх санаам киирэн "ээ, билбэппин. Миэхэ суоппар биэрбэттэр, икки атахпынан сүүрэбин, ким да диэн буоллун мин наадыйбаппын" диэтим уонна испэр "эс, хайдах итиннигий? Аны күнүүлээри гынным дуу" дии санаатым. Чэ, ол кэпсэтии оннук ааста, күннээҕи сонуммутун ыһа тоҕо кэпсэтэн, дуоһуйуохпутугар диэри дэлби күлсэн дьиэ дьиэбитигэр тарҕастыбыт. Сарсыҥҥытыгар үлэбэр тиийэн эмиэ үгэспинэн компьютерым иннигэр бэчээттии олордохпуна ааны сэмэйдик тоҥсуйдулар. Мин экраммыттан харахпын араараат "киирин" диэтим. Аан аргыый аһыллан били бэҕэһээҥҥи көрбүт уолум киирэн кэллэ "эмиэ соһутуом диэн бу сырыыга тоҥсуйан киирдим" диэтэ, үп үрүҥ тииһэ кэчигирээн минньигэс баҕайытык мичээрдээн кэбистэ. Мин бэҕэһээҥҥи быһыыны өйдөөн кэлээт испэр кыбыста санаатым, бу сырыыга саҥа таһааран нэһиилэ "здравствуйте, киирэн олор" диэтим. Киһим киирэн утары олоппоско олордо, мин кини тугу этэрин манаан утары көрөн олордум. Киһим таах мичээрдиир эрэ, наадатын олох да этэр санаата суох.

Мин күүтэ сатаан баран "извините, туох наадалааххыный?" диэн ыйытааччы буоллум. Киһим ойон турда, мин илиибин хаба тардан ылан ытыспын бобо тутта уонна "билсиһэн кэбиһиэх, Дима диэммин. Манна быйыл суоппарынан үлэлии киирбитим. Оттон эн аатын кимий" диэтэ. Мин бэйэм да соһуйуом иһин " ааппын мээнэ эппэппин ээ" диэччи буоллум. Дима мин илиибин ыыппакка даҕаны соһуйбут да хомойбут да хараҕынан миигин одуулаан турда. Мин испэр бэйэбэр абаккара санаатым "били мисс мира буоллахпыный, ааппын эмиэ тоҕо кистээтим" дии саныыбын. Киһим эмискэ мичээрдээтэ уонна "чэ, оччоҕо эн миэхэ уһун суһуох диэн буолуоҕун" диэтэ уонна эргиллэн тахсан баран хаалла.

    Мин итинник диэҕэ диэн өйбөр оҥорон да көрбөтөх киһи соһуччу кэпсэтииттэн соһуйан хаалан илиибин утары ууммутунан даллайан туран хааллым, онтон өй булунан олоппоспор лах гына олорон эрэн дьэ туох буолбутун, тугу эппитин өйдөөммүн кыһыйан бэйэбин бэйэм испэр үөхсэ олордум. Онтон "ээ чэ, ким да диэтин, кини эмиэ миэхэ тугум буолан санааҕа ыллардахпыный" диэммин уоскутуна санаатым. Ол кэмҥэ Иван Петрович хоспор ойон киирэн "Сахаайа, дьэ көрдөһөр да ахсааннаах. Бүгүн эбиэттэн киэһээ куоракка киирэн таҕыс эрэ, докуменнары илдьэн биэриэн этэ" диэтэ. Мин ыксаабыт куоласпынан "ол ханна баарын мин билбэппин ээ, мунан хаалан бириэмэтигэр тиэрдиэм суоҕа" диэтим. Иван Петрович "соҕотохтуу ыыпаппын ээ, массыынанан барыан, Дима илдьиэ" диэтэ. Мин испэр төһө да документ илдьэрбин сөбүлээбэтэрбин Диманы кытта барар буолбуппуттан үөрэн ээх диэбиппин билбэккэ да хааллым.

Бу докуменнара бүппэтэ, бириэмэтигэр бэлэм оҥорботохторо эчи куһаҕанын, кэтэспит санаабар уһуннук да бэлэмнээтилэр. Мин бүтээттэрин кытта папканы сүр түргэнник харбаан ылаат дьиэбэр ыстанным. Диманы чааһынан дьиэбэр ыытыах буоллулар, онон ыксал. Тиийэн биир баар суох мааны былааччыйабын хостуу охсон өтүүктэнним, баттахпын иккистээн сууна оҕустум, сирэй харах оҥоһуннум уонна бэрт ыксалынан олорон аһаан эрдэхпинэ хап хара волга массыына кэлэн дьиэбит иннигэр тохтоото. Сүр тиэтэлинэн түүппүлэбин кэтэн паапкабын, суумкабын харбаат таһырдьа ыстанным. Ыксаан түргэнник туттуммуппуттан, эбиитин долгуйарбыттан да буолуо сүрэҕим икки чэчэгэйбэр тэбэр, тыынар салгыным тиийбэт курдук. Уоскуйа сатыы сатыы массыынаҕа тиийэн кэлиҥҥи олбоххо олорунан кэбистим. Эчи массыынатын иһэ ырааһын, бэйэтэ киһи сөҕүөн курдук кырасыабайын. Өссө эбии долгуйдум, харахпынан уулуссаҕа ааһар остуолбалары ааҕа олордум.

    Массыына куоракка айанныыр трассаҕа тахсаатын кытта киһим тохтуу биэрдэ уонна "эн куттаскын даа?" диэн эргиллэ түһээт ыйытан соһутта. Мин "суох, ол туохтан куттаныахтаахпыный" диэтим. Дима "миигиттэн куттаммаккын дуо?" диэтэ. Мин "суох, тугуй ол киһи куттанар киһитинэҕин да?" диэччи буоллум. Дима күлэн баран "куттаммат буоллаххына кэлэн иннигэр олор ээ, кэтэхпэр тыына олорорун хайдах эрэ" диэтэ. Мин хап сабар иннигэр тиийэн олорунан кэбистим. Оннук саҥата иҥэтэ суох суолбут ортотугар тиийдибит. Дима олоро сатаан баран "Сахаайа Гаврильевна, тоҕо тугу да саҥарбаккын? Саҥа диэн олох кэмчи киһитинэҕин дуу, утуйаары гынным" диэтэ. Мин дьэ өйдөммүт киһилии күлэ түһэн баран "наһаа аҕам аатынан ыҥырыма, Сахаайа диэ ээ" диэтим. Онтон ситимнээн син кэпсэтэн суолбутун билбэккэ куораппытыгар этэҥҥэ кэллибит. Аны эбиэт кэмигэр түбэһэн хаалан сылдьыахтаах сирбитигэр наадалаах дьоммут суох буолан биэрдилэр. Кафеҕа баран аһыахха диэммит эбиэттии кафеҕа айаннаатыбыт.

    Син ол күн этэҥҥэ сылдьан, барытын толорон киэһээ бэйэ бэйэбитин уруккаттан билсэр дьон курдук кэпсэтэн, ардыгар дьээбэлэһэн күлсэн айаннаан кэллибит. Бу күнтэн ыла Дима мин хоспор сыбыытыыра элбээбитэ, оннооҕор атын хоско үлэлиир дьон кытта ону бэлиэтии көрөр буолбуттара. Хоспор киирэригэр тоҥсуйан баран хаһан да ааппынан буолбакка "уһун суһуох, киириэххэ син дуо" диирэ. Биир күн Дима буоларын курдук киирэн олоро түһээт эмискэ "бүгүн тугу гынаҕын? Киэһээ миигин кытта дьаарбайа тахсыбаккын да? Олох тугу да гыныам, эйиигин хомотуом суоҕа диэн тылбын биэрэбин, тахсыахха" диэтэ. Мин сөбүлэһэн төбөбүн кэҕиҥнэттим. Ол киэһээ Дима уон саҕана дьиэм аттыгар уулуссаҕа кэлэн массыынатын уотун араарбакка кэтэһэн олордо. Таһырдьа син хараҥарар буолан эрэр буолан массыына фаратын уотун көрөөт таһырдьа ыстанным, күүтэн олороохтуур эбит.

    Ол күнү олус үчүгэйдик атаардыбыт, кини олорор дэриэбинэтигэр тиийэн түүн да буоллар таһынан сылдьан көрдүбүт, үөрэммит оскуолатын, сылдьыбыт оскуолатын, кулууптарын, маҕаһыыныгар тиийэ ааһан иһэн көрдөрө көрдөрө кэпсээтэ, саамай бүтэһик олорор дьиэтин аттыгар тохтоото уонна "бу мин дьиэм, хаһан эмэ манна сиэттиспитинэн киирэр инибит, дии" диэтэ уонна чугаһаан кэлэн сып сылаастык уураан ылла. "Сахаайа, аттыбар эн баарын наһаа да үчүгэй, хаһан да миигиттэн бараайаҕын сөп" диэн мин туох диирбин кэтэһэн илиибиттэн тутан олордо. Мин ону истэн мэйиим эргийэр курдук буолла, ама Дима итинник миигин чугастык саныыра буолуо дуо диэн испэр эмиэ да үөрэ эмиэ да дьиксинэ санаатым. Онтон өй ылан."эйиэхэ кырдьык олус наада буоллахпына куруутун аттыгар баар буолуоҕум, онно эрэн" диэтим. Дима үөрэн мичик гынна, өссө биирдэ уураан ылла уонна "чэ, чыычаах дьиэҕэр илдьиим сылайбытын буолуо" диэн массыынатын эргилиннэри тутан айан суолугар тахсан мин дьиэм диэки үөрэ көтө айанныы турдубут.

    Дьэ онтон саҕаланна түүннэри утуйбакка супту Диманы саныырым, кини куолаһын ахтарым, кини мичээрин күүтэрим. Бастакы ыраас уонна дьиҥнээх тапталым Дима буолбута. Аҕыйах ый иһигэр киниэхэ олус ыллардым, санаабытынан утуйар, аатын ааттаабытынан уһуктар күннэрим элбээн истилэр. Күһүҥҥү хахсаат күннэр үүннүлэр, үөрэҕим экзаменнарын син туттаран орто да буоллар үөрэххэ киирэр буоллум. Биир үтүө күн Дима кэлэн "Сахаайа, мин дэриэбинэбэр үлэ буллум. Онно көһөр буоллум. Эн эмиэ сотору үөрэххэр барарын буолуо дии. Уонна хаһан ханна көрсөбүт" диэтэ. Мин ол туһунан олох да санаабакка, аҥардас таптал кынатыгар уйдара сылдьыбыппын дьэ өйдөөтүм, хараҕым хараҥара түстэ, бөдөҥ таммахтар иэдэһим устун сүүрдүлэр. Дима ону көрөн кууһан ылан ытыһынан аргыый хараҕым уутун сото сото "акаарычаан, ытаама. Син биир көрсүөхпүт дии, билэҕин дии ханна олорорбун. Наада буоллахпына онно тиийээр, хайаан да эйиигин көрсүөм, биир даҕаны чаас эн тускунан умнуом суоҕа, куруутун өйдүү саныы ахта сылдьыам" диэн санаабын көтөҕөн син бэттэх кэллим, уоскуйа быһыытыйдым.

    Оннук ону маны буолары буолбаты кэпсэтэн ол күн олох да үлэ туһунан умнуллубута. Онтон Дима хоспуттан тахсаары туран "Сахаайа, киэһээ кэлиэм, баһаалыста тахсаар сөп. Сарсыҥҥаттан анараа үлэбэр көһөбүн ээ" диэтэ. Мин тахсыах буолан сөбүлэстим уонна "Дима, биир көрдөһүүбүн толороҕун дуо? Киэһээ кэлэргэр миэхэ хаартыскаҕын аҕалаар, сөп" диэн көрдөстүм. Дима өр толкуйдуурдуу туттан баран "хаартыска эрэ буолбатах, өссө тугу эрэ аҕалыам" диэн мичээрдээн баран тахсан барда. Киэһээ буола охсубата эчи бытаанын, кэтэспит санаабар олус да бытааннык бириэмэ устарга дылы. Ол эрэн кэлэр кэм син биир кэлэр буоллаҕа, көһүтүүлээх чааһым дьэ туолла, долгуйуу бөҕө буоллум тугу эрэ аҕалар диэн испэр таайа саныыбын.

    Олбуорум иннигэр массыына фарата тыгарын көрөн санныбар куртка сыыһа быраҕынан тахсан иһэн хоспор төттөрү сүүрэн киирэн альбоммуттан суһуохпун иннигэр түһэриммит хаартыскабын хаба тардан ылаат тахсар аан диэки харбыаластым. Кэннибиттэн аҕам "бу кыыс бачча түүн ханна барда" диэн ийэбиттэн ыйытар саҥата иһиллэ хаалла, ону кытта тэҥҥэ аан сабыллар тыаһа лап гынна. Массыынаҕа киирэн инники олбоххо олорунан кэбистим, Димам үөрбүтэ сүрдээх, санаабар хараҕа кылабачыйар курдук. "Бүгүн өссө тупсубуккун дии" диэн кууһан ылан уураата уонна массыынатын кэннинэн астаран уулуссаҕа тахсан трасса диэки айаннаатыбыт.

    Бу сырыыга сөбүлээн сылдьар чагда быыһыгар турар сыһыыга буолбакка трасса устун айаннаан уһук дэриэбинэ диэки бардыбыт. Дэриэбинэ биир уулуссатыгар кырачаан мас дьиэ аттыгар кэлэн тохтоотубут, Дима тахсан мин өттүбүнээҕи ааны арыйан илиибиттэн өйөөн таһаарда уонна сиэтэн дьиэҕэ илтэ. Мин сүрэҕим туһахха иҥнибит туллук курдук тилигирии түстэ, туох эрэ буолаары гыммытын сэрэйэр курдук состоянияҕа киирдим. Дима ону бэлиэтии көрөн "куттаныма, чыычаах. Манна эбээлээх эһээм олороллор, кинилэри кытта киирэн билсиэн буоллаҕа, таарыйа эт үүт ылан барыахпыт" диэтэ. Мин тута уоскуйдум эрээри түүҥҥү ыалдьыт буолартан туттуннум, бэйэтэ киирэн наадатын ситиһэн таҕыста уонна төттөрү айаннаатыбыт. Испэр хайдах эрэ абатыйа санаатым, эт үүт ыла кэлэригэр доҕор оҥостубут быһыылаах диэн хомойдум да этэ.

    Оннук саҥата иҥэтэ суох айаннаан истэхпитинэ Дима массыынатын суолтан кытыы таһааран тохтоото уонна сирэйбин тонолуппакка одуулаан олордо. Мин саҥата суох умса туттан олоробун. Эмискэ күүстээх илиитинэн моонньубуттан кууһан ылан "Сахаайа, тоҕо маннык үчүгэйгиний, тоҕо куруутун эйиигин эрэ саныыбыный? Аҥардас уп уһун суһуоҕун өйбүттэн тахсыбат. Аан бастаан көрбүт күммүн түүлбэр кытта көрөбүн ээ. Эн билбэккин, мин хайдах курдук эйиигин таптыырбын. Сотору барыан, миигин син биир умнуон. Үөрэнэр сиргэр атын уолаттары кытта билсиэн, миигин үөрэҕэ суох боростуой суоппар туһунан саныан да суоҕа дии. Ону санаатахпына эйиигин ханна да ыытыахпын баҕарбаппын ээ" дии дии төбөтүттэн имэрийэн, аргыый уоспуттан уураан ылбыта. Онтон "ээ, чыычаахпар бу оҥорон аҕаллым дии" диэн баран кумааҕы суулааҕы туттаран кэбистэ. "Дьиэҕэр баран көрөөр, хаартыскам ити иһигэр баар" диэтэ. Мин били хомойбут санаам тута ааһан хаалла, хайдах эрэ ити истиҥ тыллартан ытыах санаам кэллэ, куолайбар хомуок туора турбутун ыйыста сатыы олордум. Хаартыскабын сиэппиттэн хостоон Димаҕа утары ууннум. Киһим ону ылаат үөрэ түстэ ыйдаҥа сырдыгар көрө сатаан кыҥастаһа олордо.

    Ыйдаҥа сырдыга сирэйигэр түспүтэ өссө номоҕон, кыраһыабай гына көрдөрөр, хараҕар ый уота түспүтэ уоттаах курдук көстөр, мичээрдии олороро көрөргө эчи кэрэтин, үчүгэйин. Хаһан да бу көстүү бүтүөн баҕарбатаҕым эрээри син биир арахсар кэммит тирээн кэлбитэ. Куустуһан олорон уһуннук уһуннук уоспуттан уураабыта, хаһан да бэйэ бэйэбитин умнуо суох буолан андаҕайсан дьиэбэр аҕалан түһэрбитэ. Бараары туран "Сахаайа, бэйэҕин харыстан. Кимиэхэ да албыннатыма" диэбитэ уураан ылан баран массыынатыгар олорон барбыта. Мин дьиэбэр киирээт тута хоспор ааспытым, кумааҕы суулааҕы арыйан көрөөрү кыл тыынынан тас таҥаспын устаат ороммор олорон суутун арыйбытым.

    Кыра күөх дьүһүннээх хордуоҥка быыһыгар имиллибэтин диэн бэрт кичэллээхтик кыра хаартыска угулла сылдьарын сэрэнэн хостоон ылан ытыһым үрдүгэр ууран өр да өр одуулаан олордум. Иннибэр уһун көнө муруннаах, сырдык киэҥ харахтардаах, субу мичээрдээн кэлиэх курдук уостардаах күндүттэн күндү, кэрэттэн кэрэ киһи, мин тапталлаах Димам миигин утары көрөн олорор. Арахсыбыппыт аҕыйах да мүнүүтэ аастар номнуо ахтыбыт да эбиппин. Көрөн олорон харахпыттан таммах иэдэһим устун аллараа түстүлэр. Онтон өссө туох эрэ баарын өйдүү түһээт, хараҕым уутун туора маары соттон өссө биир кичэллээхтик сууламмыты аргыый сүөрэн көрбүтүм мастан бэйэтин илиитинэн кыһан сахалыы оһуордары оҥорбут эбит уонна онтун баттах туттарарга килиэйдээн заколка оҥорбут. Онтукатын кэннигэр уотунан сиэтэн "уһун суһуохпар, өйдүү сырыт" диэн ып ыраас буочарынан суруйан баран таһынан килбэчигэс лааҕынан соппут. Хаһан да маннык эриэккэс бэлэх туппатах киһи, өссө буолаары буолан таптыыр киһин бэйэтин илиитинэн оҥорбут бэлэҕин илиибэр тутан олорорбуттан олус диэн долгуйдум да, уйадыйдым да. Ойон туран сиэркилэм иннигэр баттахпын өрө туттаран баран заколкабын анньынан кэбистим. Кухняҕа тахсан итии чэй иһэн, бичиэнньэ сиэн баран хоспор киирэн утуйан хааллым.

Аҕыйах хонугунан үлэбин туттаран үөрэхпэр айаннаатым. Ол тухары санаабар Диманы күүтэрим эрээри тоҕо эрэ биир даҕаны күн биллэ сылдьыбата. Саатарын кини дьиэтигэр телефона суох буолан оннук кэпсэтии диэн биһиги икки ардыбытыгар суоҕа хомолтолоох баҕайы этэ. Биирдэ эмэ служебнай телефонтан наһаа аҕыннаҕына телефоннуур бэйэтэ онто да сүппүтэ. Санаабар күнүн аайы кэтэһэрим да ууга тааһы бырахпыттыы симэлийбитэ. Ол курдук тапталлааҕым ханна сылдьарын, тугу гынарын билбэккэ ыар баттык санаалаах үөрэхпэр барбытым. Сонун сир аата сонун сир, син киһи санаата сайҕанар эбит этэ. Бэйэҥ саастыы эдэр ыччат бөҕө мустубут сирэ. Дьэ оннук ырыа тойук, үҥкүү битии аргыстаах эдэр сааһым биир бэлиэ кэмнэрэ олорор уопсайбыттан саҕалаан күөстүү оргуйан студент олоҕо саҕаламмыта. Бастаан кэлээт да бииргэ үөрэнэр, хоско бииргэ олорор оҕолору кытта билсии көрсүү, кистии саба кими эрэ одуулаһыы буоллубут.

Мин Димабын олус суохтуурбуттан да буолуо санаабар Дима курдук уол баара буолаарай диэн кистии саба уолаттары көрөбүн эрээри мин таптыыр киһим курдук биир да уолан киһи суоҕа. Биирдэ эмэ дьүөгэлэрим сурук суруйдахтарына баҕар Дима туһунан биир эмэ тылы быктаран ааһаайаллар диэн суругу биир тыынынан ааҕарым да кини туһунан ким да билбэтэ, суруйбата. Түүнүн олус ахтаммын хаартыскатын илиибэр ылан көрө сытан ытаан муҥнанарым, оччоҕо түүлбэр киирэн уруккутун курдук кууһан туран "ытаама, баарбын дии" диирэ уонна уостан симэлийэн хаалара. Дьэ оннук күммүн түүммүн бараан этэҥҥэ саҥа дьыллааҕы каникулларга тиийдим. Дойдубар сынньана, күүлэйдии бараары дьоммор кыра бэлэх туһах ылыам диэн автовокзалтан чугас турар "1000 мелочей" маҕаһыыҥҥа киирэн дьоммор биирдиилээн анаан бэлэх көрдүү сырыттым. Арай иннибэр икки уоллаах кыыс үрүҥ эһэ оонньууру ылаары эргитэн көрө тураллар эбит, кыыс саҥата биир кэм чуопчааран олорор "маны ылан биэрдэххэ хайдаҕый? Иннигэр улахан бантиктыахпыт, сөбүлүө ээ, Дима" диэбитигэр мин түүлбэр кытта истэр күндүттэн күндү куолаһым "чэ буоллун чыычаах, эн эппитин барыта үчүгэй буолааччы, маны ылыахха" диэтэ. Мин истибиппин итэҕэйбэккэ турар сирбэр хам хараҕаламмыт курдук хамсаабакка да турдум. Дьонум кассаҕа бараары миэхэ уун утары эргиллэ биэрбиттэригэр Диманы кытта харахтарбыт харсыһа түстүлэр.

    Мин Диманы тонолуппакка одуулаан турдум, киһим хараҕын миигиттэн куоттаран умса көрдө уонна кыыһы илиититтэн сиэтэн миигин билбэт киһилии туттан аттыбынан ааһан касса диэки бара турдулар. Мин маннык соһуччу уонна хомолтолоох көрсүһүүттэн соһуйан хаалан тугу да саҥарбакка, эппэккэ да хааллым. Бэлэх эрэ туох эрэ барытын умнан тахсар аан диэки харбыаластым, таһырдьа тахсаат хараҕым уутун кыаммакка ытаан бардым. Хайдах итиннигий? Тоҕо? Туох буруйбар? Мин туох атыннаахпыный? Ама аҕыйах ый иһигэр били уҥа таала таптаабыт киһи итинник түргэнник умнан атыҥҥа барыа дуо? Хас итинник боппуруос бэйэбэр биэрдэҕим аайы кыһыыбыттан, хомолтобуттан уйа хайа суох ытаатым. Сүрэҕим ымыыта оҥостубут, үҥэр таҥара кэриэтэ көрбүт таптыыр киһим атыны кытта сылдьарын хайдах да сатаан өйбөр батаран оҥорбот этим. Били умнуо суох буолан биэрбит андаҕар тыла, миигин кэтэһиэх күүтүөх буолан эрэннэрбитэ барыта умнулла охсуллубута түргэнин. Собус соҕотох маҕаһыыным кэннигэр туран ытаан кыһыыбын абабын таһааран баран арыычча уоскуйан ол күн ыллым да дойдубар айаннаан хааллым.

    Дойдубар тиийэн дьоммун, доҕотторбун көрсөр үөрүүтүгэр буолан били көрсүһүүнү кыра да кэмҥэ умна быһыытыйдым эрээри түүн утуйаары сыттым да утары соһуйбуттуу көрбүт харахтара харахпар көстөн кэлэ тураллара, аттыгар турар биһиги туспутунан билбэт сэмэй кыысчаан дьолломмут сирэйэ, мичээрэ өйбөр сүрэхпэр сүппэт гына хатанан хаалбыттар эбит этэ. Түүн буоларын олус да абааһы көрөр буолан барбытым, бэйэм бэйэбэр санаа кулута буолан хараҕым уутун тохпотох түүнүм диэн суоҕун кэриэтэ буолбута. Өйбүнэн санаабынан араастаан кини ити быһыытын "баҕар балта буолуо, балтыны да чыычаах диэххэ сөп. Таптыыр атаах балта буолан итинник ааттаабыта буолуо" диэммин оправдайдаан көрөрүм эрээри, сүрэҕим Дима миигин умнубутун, мин киниэхэ наадата суох буолбуппун билэрэ, сэрэйэрэ.

    Саҥа дьыл буолар күнэ тиийэн кэлбитэ. Ас астааһын, кэлии барыы сүпсүлгэнигэр дэлби сылайан уон икки чааһы сибиэһэй соҕустук көрсөөрү киэһэлик нухарыйан ыллым. Түүн.уон икки кэннэ дьүөгэлэрбин кытта кулуупка тиийэн көрсүөхтээхпит, кылааһым оҕолорун да көрсүбэтэҕим өр буолан хайаан да барардыы сананан сылдьыбытым ыраатта. Арай ол сытан түүл түһүүбүн, арай кулууп ортотугар соҕотох турабын, тулам өттө туус маҕан туманынан туолбут. Дьүөгэлэрбин көрө сатыыбын да ким да суох, арай тас аан арыллаатын кытта уп уһун маҥан сонноох Дима киирэн кэлэн миэхэ уун утары хааман иһэрин көрөбүн. Хайдах эрэ күүппүт киһи курдук утары баран истэхпинэ ийэм саҥата "Сахаайа, кэл көмөлөс, түргэнник" диэн ыҥырар саҥатыттан уһуктан кэллим. Чаһыны көрбүтүм түүн уон биир аҥаар буолан эрэрэ. Түргэн үлүгэрдик ойон туран остуол бэлэмнэһэ оҕустубут. Ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт тоҕо сууланан кэлиилэригэр барыта бэлэм буолан, кэлээттэрин кытары саҥа сылы көрсөр маанылаах остуолбут тула олорордубут. Элбэх эҕэрдэ тыла этилиннэ, бэлэх бэрсиһии бөҕө буолла. Уон икки чаас буоларыгар ийэм кыра эрдэхпинэ үөрэппитин курдук кыра лоскуй кумааҕыга баҕа санаабын суруйбутум, ол баҕа санаам Дима аны мин суолбар көстүбэтин, олохпун аймаабатын диэн этэ. Остуолга турар чүмэчигэ кумааҕыбын уматан баран шампанскай толору кутуллубут бокалыгар быраҕаат биир тыынынан иһэн кэбиспитим.

    Син өр мучумааннанан, ас маанытын аһаан сиэн, бу күнтэн барытын саҥалыы саҕалыыр баҕа санаалаах саҥа дьылбытын көрүстүбүт. Биир чаас саҕана дьүөгэлэрим миигин кулуупка илдьэ барардыы оҥостон киирэн кэллилэр. Дэлби оҥостон, бичиэринэй былааччыйа кэтэн үөрэ көтө бары кулуупка ыстанныбыт. Кулууп иһэ лыык курдук киһи бөҕө, эдэр ыччаттар, саастаах дьоннор онно бөлүөхсэн, манна мустан тураллар. Бары да настарыйыанньа бөҕөлөрө, күлүү салыы ырааппыт. Биһиги тас таҥаспытын гардеробка туттараат тута үҥкүүлүүр саалаҕа киирэн дьон быыһыгар биир уопсай маасса буолан үҥкүүлээн бардыбыт. Бииртэн биир музыкаҕа уйдаран үҥкүүлүү сылдьан арай кэннибиттэн ким эрэ маныырын курдук чувство буолла. Дьон быыһынан ким миигин одуулуурун көрөөрү харахпынан сэмээр көрүтэлээтим эрээри кими да таба көрбөтүм. Син балачча үҥкүүлээн баран итиитэ бэрдиттэн таһырдьа тахсыахха диэн сиэттиспитинэн таһырдьа таҕыстыбыт. Тас ааны бүтэһик иһэр буоламмын сабаары гыммытым анараа өттүттэн кытаанах илии төттөрү тардан ылла. Кэннибин эргиллэн көрбүтүм үөрүөҕүнэн үөрбүт Дима мин кэннибиттэн тахсан иһэр эбит.

    Мин соһуйан хаалан илиибин аантан араарбакка да туран "привет, Дима. Бырааһынньыгынан" диэтим. Киһим үөрбүт аҕай, илиибиттэн ылаат "кэл, баран кэпсэтиэххэ эрэ" диэтэ. Мин дьүөгэлэрбиттэн өйөбүл көрдөөн хараҕым кырыытынан көрдөөн көрдүм да кыргыттарым мин соһуччу көрсүһүүбүн билбэккэ да хараҥа быыһыгар сүтэн хааллылар. Дима миигин өйдөнөр да бокуой биэрбэккэ илиибиттэн соһо тардан төттөрү кулууппар киллэрдэ уонна түгэх хос диэки илтэ. Онно тиийэн туох диир эбит диэммин соруйан да батыһан тиийдим. Дима иннибэр туран "хайа, Сахаайа, сураҕа миигин үөрэххэр тиийдэ тиийээт умна охсон кэбиспит үһүгүн дуу, соседтыы олорор уолум балта итинник диэбит этэ дии" диэн баран эппиэт күүппүттүү утары көрөн турда. Мин соһуйан хаалан тугу этиэхпин билбэккэ саҥата суох көрөн турдум, онтон өй ыламмын "ол иһин үөрэнэ барыам инниттэн сүппүтүн дуо?" диэтим. Киһим мух-мах барда, хараҕа сүүрэлээтэ. Онтон "Сахаайа, бүгүн эйиигин көрсөөрү кэллим ээ, ахтыбыт да эбиппин" диэт кууһаары илиитин санныбар ууран истэҕинэ илиитин төттөрү анньан кэбистим, били маҕаһыыҥҥа атын кыыстаах сылдьарын санаан баран хараҕын уун - утары көрөн туран "ахтар, саныыр киһи атыны кытта сылдьыбат. Аны миигин көрдөөмө, анараа кыыһы миигин таҥнарбытын курдук таҥнарыма. Дьоллоох эрэ буол" диэн баран тахсар аан диэки төттөрү бардым. Кэннибиттэн Дима саҥата "бырастыы гын" диирэ иһиллэн хаалла. Мин кэннибин эргиллэн да көрбөккө таһырдьа тахсан бардым. Саатар хайдах баарынан, бэйэбин тута оруна суохха буруйдаабатаҕа буоллар баҕар кэпсэтиэ эбитим буолуо, ону баара киһим хата миигин умнубуккун диэбитэ кыһыылаах да, хомолтолоох да этэ.

    Кыргыттарым миигин сүтэрэн кулуупка төттөрү киирэн иһэллэрин утары көрсөммүн туох буолбутун кэпсээн биэрдим. Кыргыттарым "ээ, сырыттын. Кини эйиигин бэйэтигэр тэҥнээбэт буолан итинник сыһыаннастаҕа дии, атыны көрсүөн, умнан кэбис" игин диэтилэр. Ол эрээри киһи хайдах ылла да бүтүн киһини өйүттэн сүрэҕиттэн аҕыйах кэм иһигэр ылан быраҕан, умнан кэбиһиэй? Мин "сүбэлээччи да бөҕөлөргүт ээ, эһиэнэ барыта түргэн, умнан кэбис буолан" дии дии күлэн кэбистим. Ол күн дуоһуйуохпутугар дылы үҥкүүлээн, бэйэ бэйэбитин кытта сэлэһэн бэртээхэй түүнү атаардыбыт. Сарсыарданан дьиэбэр кэлэн иһэн көрбүтүм олбуорум аттыгар массыына турар эбит. Испэр Дима буолуо диэн сэрэйэ санаан соседтар олбуордарынан киирэн дьиэбэр киирдим. Түннүгүм сабыытын аргыый кытыытыттан арыйан көрбүтүм массыына иһигэр биир киһи кулууптан кэлэр суолу манаан олорор эбит. Испэр "ээ, чэ. Сылдьыан ээ, олордоргун олор" дии санаан баран сыгынньахтанан утуйан хааллым. Түүлүм быыһынан иһиттэхпинэ дьиэ иһигэр кимнээх эрэ кэпсэтэллэр эбит. Уһуктан истиэнэ нөҥүө истибитим Дима киирэн аҕабыттан миигин ыҥырарыгар көрдөһө турар. Аҕам сотору буолаат кэлэн хоспун аргыый аҕай тоҥсуйда"Сахаайа, эйиэхэ биир уол кэлэн турар, улахан наадалаахпын диир. Тахсан кэпсэтэҕин дуо" диэн ыйытта. Мин кыккыраччы аккаастанным, төбөтө ыалдьыбыт утуйа сытар диэ диэтим.

Василиса 7 октября 2019
дануу оттон сал5ыыта??наьа учуей кэпсээн саамай интириэьинэйигэр бутэн хаалбыт!!!то5о суруйбата5ый ээ балтараа сыл ааспыт!!!

Аагааччы 9 октября 2019
Оо, эмиэ ситэ суруллубат кжпсээн ьуолла.🤔

Аагааччы 9 октября 2019 🤔

тиинч 9 октября 2019
Күүтэбит...

Добавить комментарий