Главная / Кэпсээ / Аныгы үйэ оҕо сааһа
Добавить комментарий
Sydney Hall - 1 сентября 2019 18:23
Мин улааппыт ыллыгым. Бу кэпсээннэ ахтыллан ааьар дьоннор, сирдэр-уоттар, тубэлтэлэр дьин олоххо сыьыаннара суох, баар буолар тугэннэригэр, ал5ас курдук ылынын. Билии кунун бырааьынньыга субуота5а тубэьэн оскуола дьаьалтата киэьээнни еттугэр ункуу биэчэрин тэрийэр. Маарын сурун тэрээьиннэ маннык сонуну биллэрбиттэригэр о5о-аймах олуьун диэн уорэ-кете керсубуттэрэ. Биллэн туран уорэрбит, о5олор буоллахпыт. Уорэх дьылын са5ана ордук куутуулээх кэмнэр бырааьынньык куннэр биэчэрдэрэ буолла5а. Билинни уйэ5э оскуола5а маннык тэрээьин дэннэ кестер буолбатах. Уорэх кыьатын парламеныгар анаан-минээн бырааьынньыктары, биэчэрдэри олохтуур культ-массовай салаата ыйга биирдэ, иккитэ ыытар идэлээх. Мин уолаттары кытта администрация дьиэтин таьыгар- куруук керсуьэр сирбитигэр бу бачча5а диэн субэлэьэн баран, бириэмэтигэр тиийэн кэтэьэ турабын. Ким эмэ син биир урут кэлэн кэтэьээччи буолар. Бугун мин тубэстим. Бу администрация дэриэбинэ мунутуур киинэ. Олорор дьиэм баара-суо5а уьаайба ненуе баар. Аматтаах Саша беьуелэк со5уруу уьугар тэйиччи согус олороллор, ол иьин уксугэр мин эрдэлээччибин. Кинилэри куутэ таарыйа биллэрии дуоскатыгар баар беелуунну ардах кэннэ сорох сиринэн суураллыбыт суруктаах икки кумаа5ы ыйанан турарын аа5ыталыыбын. Биирэ турбута хас да хонук ааспыт: «атырдьах ыйын 27 кунугэр иномарка массыына куоракка барар. Билсэр телефоннут…» диэн ньуомэрдэринэн таайдахха Ньукулайаптар кутуоттэрин биллэриитэ. Бу сайын аймахтарыгар сайылыы кэлэ сылдьыбыт, ыраа5ынан тастын балтым Юля бу кининэн куораттаабыт, бада5а, ити кун барбыта. Иккис биллэриигэ: « 2007 сыллаах учугэй туруктаах Минск мотоцикл атыыланар, сыаната 20000. Семенов А.Е.». Ок дьэ бу туьалаах биллэрии эбит. Айсиэн матасыыкыл ылаары дьонтон ыйыталаспыта ыраатта. Хата ыла охсубатах буоллахтарына киниэнэ буолсууьук. Билигин биьи кылаас уолаттарыгар уксугэр тимир келелеехпут, арай бу Айсиэннэ уонна Саша5а суох. Аргыстаьар дьонум син уьаабакка кэллилэр. Дорооболоьон илии тутуьан баран, урарыттар атах танаьа тутуурдаах оскуолабыт диэки хаамабыт. Кербут биллэриим туьунан Айсиннэ этэбин:

Тезис 2019: Кытыл Чаранар «Билайн» сибээьин енете киирбитэ номнуо 7 сыл ааьа о5уста, эбиитин 4 сыллаа5ыта «Мегафон» антыанната дэриэбинэ урдунэн хоройбута. Бу куннэ диэри сибээс хаачыстыбатын тупсарыы боппуруоьа быьаарылла илик. Ити туьунан Саха Ереспуубулукэтин сибээскэ министрин солбуйааччы Г.Иванов этиититтэн быьа тардыы:
Биир тылынан, бу хампаанньаттан ханаал арендалаһан олороллор. Бүгүҥҥү күҥҥэ бу ситим 100 бырыһыан туолан турар. Суотабай оператордар сибээстэрин кэҥэтиэхтэрин баҕарар да буоллахтарына, «Росгосконнект» хампаанньа атыылыыр кыаҕа суох. Сотовай сибээс кэлиэн иннинэ 2010 сылга АТС ненуе интернет ситимин дьиэ5э киллэрэр кыах баар буолбута. Ол иннинэ тутаах тэрилтэлэр эрэ холбонон олорбуттара. Тургэнэ билиннигэ холоотоххо туорт тегул бытаан этэ. Онон, холобур, тыа оскуолатын учууталлара электроннай куннээ5и тэтэрээттэрин толороллоругар ус-туерт чаас кэринэ барыыллара. Сана тарыыбы киллэриэхтэриттэн ыла инник эрэй суох. Билигин ким ба5алаах АТС-ка заявка биэрэн баран дьиэтигэр ситим тартарар кыахтаах. Ол эрэн бу манна да5аны мэтээл икки еруттээх. Ситими туьанар буоллаххына, угус харчыны телуургэ бэлэм буол. Кысччаабыта биэс суус мегабайты елуускэлээн ылыахха сеп. Итиччэ елуускэн ыйга балтараа тыбьыынча солкуобай буолар. Дьон уксэ о5олоро туьаналларыгар диэн холботтороллоро. Онтон о5о киьи биир кэлим интернет ситимигэр угуьу билиэн-керуен ба5арар. Итинник курдук аьары туттан кэбиьэн нэдиэлэ иьинэн ыйдаа5ы нуорманы бутэрэн кэбиьии элбэхтэ буолааччы. Соро5ор сеп буолбакка эбии елуускэ ылан ый бутэьигэр икки бук харчыны дьоннор телетен ме5уллэр да тугэннэр бааллар.
Чэ уьуну кэпсии барбакка эттэххэ, бу кэмнэр боростуой дэриэбинэ киьитин оло5ун сотовай сибээс уонна интернет уйэдийэ илик уонна номнуо ааннаан кэлбит кэрчиктэригэр икки ана араарбыттара.