Кэпсээ
Войти Регистрация

Баанчыктаах кыыс

Главная / Кэпсээннэр / Баанчыктаах кыыс

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
15.11.2024 23:54
6k 3

An image to describe postХаамаайы - 12 декабря 2011 11:54

    Верить не хочу и думать не хочу Что придёт разлука и не сбудутся мечты…

  • диэн ырыа көлүдүөргэ телевизортан иһиллэр.

Ити ырыа тыллара хайдах эрэ дууһам ортотунан киирдэ. Арба ол хаһан этэй, бу ырыа өйбүн-санаабын аймаабыт кэмэ. Сэттэ уонус сылар ортолоругар, оскуоланы бүтэрээт, «Оскуола – производство – үрдук үөрэх» – диэн девиһинэн совхуоска улэ5э киирбитим. Ол са5анаа5ы о5олор үксүбүт да5аны ол суолунан ааспыппыт. Хотон түннүгүнэн Москва көстөн турар – диэн буолара. Сорохторго кырдык – Москва көстөөччү. Ол да иһин биһиги выпустар үөрэ5и кыайан ылбатах курдукпут. Билигин үксүбүт дойдубутугар баарбыт. Үксүбүтугэр ол девиз: «Оскуола – производство – армия – производство» - буолбута. Армия кэннэ саңа үөрэхтэрин бүтэрбит о5олордуун туруктаһар кыах суох курдуга. Онон орто, орто-анал үөрэхтэринэн түмүктэнэрбит… Күһүн, бала5ан ыйыгар, хотон ремонугар – Ньукулай о5онньору кытта үлэлиир буоллум. Хотоннор муосталарын, үрдүлэрин, ааннарын, түннүктэрин, күкүрдэрин, сургуйдарын ремоннуубут. Биирдэ күнүс, хотон иһигэр үлэлии сырыттахпытына, кыргыттар бө5ө киирэн кэллилэр. Ньукулайбын кытта тугу эрэ кэпсэтэн баран тахсан бардылар. Ньукулайым тугу эрэ ыйар курдук туттар, илиитин далбаңнатар. Мин тэйиччи турар буолан көрөн эрэ хааллым. Тахсааттарын кытта киһибэр тиийдим. Ньукулайым кэтэ5ин тарбана-тарбана:

  • Училище о5олорун ыыппыттар, хотон таһын ыраастата, кыралара да бэрт – диэтэ.

Түннүгүнэн көрдөхпүнэ, били кыргыттарым, хотон аттыгар сыыс хомуйа сылдьаллар. Эдэр киһи быһыытынан ымсыыра көрөн турдум. Кыргыттар барахсаттар ыллыы-ыллыы хотон таһын сыыһын-бө5үн биир кууча5а таскайдыыллар. Сотору-сотору тыал:
Верить не хочу и думать не хочу Что придёт разлука и не сбудутся мечты… – диэн ырыа тылларын охсон аһарар. Киэһэ кулуупка киинэ буолла.

Табаарыспын Павлигы кытта бүтэһик эрээккэ киирэн олордубут. Киинэ са5аланан эрдэ5инэ залга кыргыттар бө5ө «то5о» кутуллан киирдилэр.

  • Училище о5олоро кэлбиттэр, ферма5а сыыс ыраастыыллар – диэн, эрдэ билбит киһи быһыытынан дакылааттаатым.

    Ол икки ардыгар, кыргыттар проходунан кэлэн биһиги иннибитигэр, үөр кус көтөн кэлэн мончуукка «барылаабытын» курдук, олорунан кэбистилэр. Ону кытта, биир улахан ба5айы, халлаан күөх оңнөөх баанчык киинэбин бүүс-бүтүннүү бүөлээн кэбистэ. «Широкоэкраннай» экран син кэңэс со5уһа да, баанчык кэннэ туох да көстүбэт. Хайдах да онон манан өңөңнөөн көрдүм да – «туһа суох». Дьэ элбэхтик бааллыбыт, сараччы тэрэйбит баанчыга буолан биэрдэ. Хайыамый, сыалай киинэни быһа, ол баанчыгы көрө, үөрэтэ олордум. Киинэ бүтэн, тахсыыга, уот умайбытыгар көрдөхпүнэ: били «Баанчыгым» кыра уңуохтаах, хара моһуоннаах, эдэркээн кыыс-о5о эбит. Хайдах эрэ, сразу – сөбүлүү көрдүм. «Үңкүүгэ көрсүөхпүт» – дии санаатым. Ол күн, кулуупка үңкүү буолуохтаа5а. Мин дьэ, үңкүүгэ били «Баанчыкпын» эрийсэрдии сананным. Сыалай киинэни быһа манаабытым да баар. Дьиэм кулууптан чугас буолан оргууй а5ай хомунан бардыбыт. Бардыбыт да диэн буолуо дуо? Уулуссаны эрэ туорааһын буолла5а. Кулуупка кэлбиппит хабыс-хараңа. Муңар ол са5ана уоппут чаастатык барара. Аны санаатахпына ГЭС уота кэлэ илик кэмэ быһыылаа5а, оттон дизель киэһэ уон иккигэ дылы үлэлиирэ. Дьиңэр ол ким да уолуйбат, обычнай дьыалата этэ. Уопсайынан дэриэбинэ5э үңкүү уон икки кэннэ са5аланааччы. Биллэриигэ төһө да – то5ус, уон диэн сурулуннар, уон икки иннинэ – ким да кэлээччитэ суох. Кулуупка киирбиппит онно манна чүмэчи умаппыттар. А5ыйах киһи баара онно-манна бөлөхтөһөн көстөллөр. Дьон ситэри кэлэ илик эбит.

  • Бу хараңа5а, дьон быыһыттан били «Баанчыкпын» хантан булабын? – диэн санаалар охсуллан аастылар.

    Ол кэмңэ кулууп дириэктэринэн будьурхай баттахтаах – куорат уола үлэлиирэ. Кини били мин бииргэ үлэлиир Ньукулайбар олороро. Тугунан эрэ аймахтара үһү. Ол уол муннук диэки баянңа оонньуу олорор. Билигин санаатахха: чүмэчи сырдыгар баянынан до5уһуолланан үңкүүлүүр үчүгэй да эбит. Ол уол соро5ор гитараны тыаһата-тыаһата ыллыырын өйдүүбүн. Санаабар: «Всё, всё что в жизни есть у меня…» – дии-дии ыллыы олороро бу баарга дылы. Үңкүүгэ баянынан вальсы, твиһи, тустебы, польканы оонньууллара. Уонна да атын оонньуулары, үңкүүлэри оонньуурбут. Көр буолааччы. Биһиги да киирэн бүдүк-бадык быыһынан үңкүүлээн бардыбыт. Сотору со5ус, ыанньыйан, дьон элбээн барда. Студеннар каникулларыттан бара илик кэмнэрэ этэ. Онон дэриэбинэ5э ыччат элбээбит кэмэ. Онно-манна одноклассниктарым да көстөн ааһаллар. Мин хара5ым аан диэкиттэн арахпат. Санаабар били «Баанчыктаахпын» кэтэһэбин. Соро5ор: «Батта5ын ыста5ына хайдах булабын? Итиччэ элбэх кыыстан бу хараңа5а хайдах булабын?» – диэн санаалар киирэн ааһаллар. То5о эрэ: «Үңкүүгэ кэлиэхтэрэ суо5а» – диэн толкуй суо5а. Санаам барыта «Баанчыктаахпар» этэ. Эмиэ, маарыын киинэ5э курдук, үңкүү ортолообутун кэннэ – аан аһылла түстэ. Дьэ до5оор – кыыс бө5ө хочугураһа түстэ эбээт! Хара5ым барыта кинилэргэ. Киирээт фойе биир муннугар баран турунан кэбистилэр. Саңа кэлбит дьон быһыытынан «публиканы» үөрэтэллэр быһыылаах Кыргыттар быыстарыгар «Баанчыкпын» көрдүүбүн. Уңуо5а кыра буолан кыайан көстүбэт. Чүмэчи уотугар дьон быыһыгар күөх баанчык көстөн ааспытыгар дьэ «һуу» - гынным. Аны баян хаһан «вальсы» оонньуурун кэтэстим. Кэтэстэххэ, наадалаах музыкам тыаһаабакка сордоото. «Вальсы» тыаһатааттарын кытта, быһа түһүөхтэрэ диэбиттии, зал ортотунан муннук диэки тэбинним. Урут кыргыттардаабатах киһи диэтэххэ – хорсун быһыы диэтэ5иң. Оскуола5а сылдьан кыргыттары көрбөт этим диир – арааһа сымыйа буолуо.

    Көрүүтүн-көрөр этим да, итинник туруммутум суох этэ. Арааһа сөбүлүү көрөр кыргыттарым уолаттардаахтара быһыылаа5а. Сорох-соро5ор бэйэм да кэмчиэрийэрим буолуо. Быһата уопут диэн суох муңнаа5а этим. Аны санаатахха – бириэмэтэ дьэ кэлбит эбит. Муннукка тиийэрбэр сүрэ5им тэбэрэ күүһүрбүккэ дылы буолла. Хара5ым барыта «Баанчыкпар». Тиийэн кыыспын үңкүүгэ ыңырдым. Мин дьолбор, кыыһым улгумнук сөбүлэстэ. Илиититтэн сиэтэн зал ортотугар киирдим. Ол кэмңэ төгүрүйэ мин «Баанчыктаахпыттан» ураты ким да суох курдуга. Атыттар бааллара буолуо да – хара5ым, санаам барыта «Баанчыктаахпар» этэ.

  • Кыысчаан, аатың ким диэний – диэн буолла.
  • Вера
  • Оттон мин …– ааппын эттим. Ол киэһэни быһа бииргэ үңкүүлээтибит.

Вера атын оройуонтан сылдьарын, училище5а туттарсан киирбитин кэпсээтэ.

  • Вера, үңкүү кэннэ атаарабын дуо?

Кыыһым мух-мах бара түһэн баран:

  • Атаараар ээ – диэтэ.
  • Үңкүү кэннэ таһырдьа күүлэ5э кэтэһиэм, бүтэһик со5ус тахсаар – диэтим, эр ылбычча.

Кыыһым саңата суох мин диэки көрөн кэбистэ. Бутэһик үңкүүнү биллэрээттэрин кытта, таңнан, таһырдьа тахсан күүлэ5э турунан кэбистим. Халлааммыт ыйдаммыт. Дэриэбинэ иһэ ыйдаңа5а боругулдьуйан көстөр. Күүлэ5э мин курдук тэпсэңнэһээччилэр да бааллар. Үңкүү бүтэн тар5аһыы са5аланна. Бастаан, куруук буоларыныы, уолаттар бө5ө хочугураһан та5ыстылар. Испиискэ уота, табаах буруота, саңа-иңэ элбии түстэ. Өр буолбата, «даамалар» тахсыылара са5аланна. Үөрүйэх дьон быһыытынан, олохтоох кыргыттар бастакыннан хочугураһан та5ыстылар. Хас да кавалер олору кытта сүттүлэр. Основной состав – син биир турда. Дьэ онтон училищеларбыт тахсан бардылар. Мин бэлиэ «баанчыкпын» көрө сатыыбын. Уонча уол бастакылары кытта бардылар. Аттыбар соседым Болуодьа баар буола түстэ.

  • Эн били, улахан ба5айы «баанчыктаах» кыыһы кэтэһэ5ин – дуо? – диэн соһутта.
  • Эн ону хантан биллиң?
  • Отто, киэһэни быһа үңкүүлээбиккин көрбөтөх үһүбүн дуо?, дьиңэр мин билсибит – Дуся диэн кыыһым подругата ээ, – бутэһик тахсыах буолбуттара.

    Мин санаабар – кулуупка иккиэйэх эрэ курдукпут ээ… Болуодьаны үңкүүгэ көрбүппүн да өйдөөбөппүн. Саамай бүтэһигинэн, Вера биир бэйэтин са5а кыыстыын тахсан кэллилэр. Болуодьам санныга таптайан баран Вера подругатын диэки хаамта. Мин да Вера аттыгар баар буолбуппун билбэккэ хааллым. Кэннибитигэр кулууп хатанар – боробуойун тыаһа, уонча уол – күлсэр саңалара иһиллэ хаалла. Ону-маны кэпсэтэ-кэпсэтэ уңуор барыгылдьыйан көстөр ферма диэки хаамтыбыт. Отделениялар о5олору ферма уопсайыгар олохтообут этилэр. Дэриэбинэни тахсарбыт са5ана Болодьалаахтан кыратык хаала быһыытыйдыбыт. Хайдах да уһата сатаабыт иһин, сотору ферма уопсайыгар тиийэн кэллибит.

  • Өссө хаамса түһэбит дуо? – диэтим.

Кыыһым саңата суох төттөрү хаамта. Икки эдэр дьон кэпсэтэрбит диэн – баһаам буолла5а.

  • Арба да5аны, мин эйигин маарыын ферма5а көрбүтүм. Хотонңо үлэлии сылдьаргын, өссө түннүгунэн көрөн турарың дии.
  • Оттон мин онно то5о эрэ күөх баанчыктаах кыыһы көрбүппүн өйдөөбөппүн дии? Арай киинэ көрдөрбөтөх «Баанчыгы» өйдүүбүн – диэтим күлэ-күлэ. Кыыһым эмиэ күлэр:
  • Үлэ5э, хайдах итинник баанчыктаах сылдьыамый? Кулуупка эрэ барарбар өрүммүтүм. Итиччэтигэр аны баанчыктаныам суо5а
  • Суох! Кэбис, баанчык эйиэхэ олус барар, куруук баанчыктанар буолаар. Дьиңэр баанчыгың суо5а буоллар – мин эйигин итиччэ элбэх кыыс быыһыттан хайдах булан ылыамый? Уонна ити киинэни хаһан эмит көрүөм буолла5а дии. Хата, ити баанчык мэһэйдээн эйигин кытта көрүстүм буолбат дуо? Билигин эйигин баанчыккынан – сүүс да кыыс ортотуттан булан ылыам. Арба аны киинэ5э кэккэлэһэ олоруом, оччо5о мэһэйдиэ суо5а.

Кыыһым үөрбут харахтара ыйдаңа5а кылапаччыһаллар. Хаста да төттүрү-таара хаамсан баран уопсай ааныгар – сарсын киинэ5э көрсүөх буолан ара5ыстыбыт. Сарсынңыбын саныы-саныы диэбэр кэлбиппин билбэккэ хааллым. Олбуорга киирэн, дьиэм кирилиэһигэр тахсарбар кэннибэр калитка аана тыаһаата. Эргиллэн көрбүтүм Болуодьам эбит.

  • Хайа, до5ор эккирэтэн сиппэтим дии, хаһыытаабыппын да истибэтиң. Дьэ хаамардаах уол эбиккин.
  • Ама, дьүлэй буолламый? Хаһыытаабытың буоллар син истиэм этэ.
  • Кырдьык, кырдьык кыратык да буоллар хаһыытаан көрбүтүм. Наһаа дэриэбинэни уһугуннарар курдук «хайа барбат» буолла5ым дии. Эн олбуортан тахсаргар биһиги дьиэ кэннигэр турбуппут. Онтон сразу, покалаһаат эккирэппитим.
  • Хайа, төһө бэркэ күүлэйдээтиң?
  • Үчүгэй буолла5а дии, биһиги онно-манна хаампакка дьиэ кэннигэр турбуппут. Эһиги кэлэ-кэлэ төннөргүтүн көрөн турбуппут. Дьэ ноко, ол турдахпытына элбэх уол кэлэн барда. Хараңа буолан кими да билбэккэ хааллым.
  • Хайа, ноо сарсын көрсүөх буоллугут дуо?
  • Киинэ5э – диэтэ.

Онтон, арахсан утуйа киирдибит. Түүнү быһа кыайан утуйбатым. Харахпар: Верам бу көстөн кэлэ турар. Хап-хара харахтарынан утары көрөн турара бу көстөн кэлэргэ дылы. Хантан эрэ күнүс истибит: Верить не хочу и думать не хочу Что придёт разлука и не сбудутся мечты…

  • диэн ырыа тыллара охсуллан ааһаллар. Элбэхтик эргичиңнээн баран, сарсыарданнан утуйдум.
  • Нохоо, бу бүгүн үлэ5эр барбаккын дуо? А5ыс ааста – диэн эбэм тардыалыырыттан уһуктан кэллим.

Ойон туран, кылатарым дуомун ньуххаммыта буолан баран, остуолга олордум. Саныыр санаам-оноом барыта ыраах, атын сиргэ сылдьар. Ол быыһыгар:

  • Уугун кыаммат буоллаххына то5о түүннэри сылдьа5ын – диэн эбэбиттэн хаарылынным.

    Сып-сап аһаабыта буолаат сүгэбин ылан, үлэбэр сүөдэңнээтим. Бэ5эһээ сытыылаан кэлиэх буолбутум хаалла5а. Тиийбитим о5онньорум былыыр кэлбит. Сургуй саайа сылдьар.

  • Саайан да диэн, баайтаһын дьахталлар син биир өр гымматтар – дии-дии күлэн лаһыгыратар.

Кэпсэтэ түһээт сиэрдийэлэрбитин суора та5ыстыбыт. Били сыппах сугэм дьэ «иэстэстэ». Саараама хоппот, дьо5ойон эрэ дьурукаайдыыр. Сотору-сотору, о5онньортон игии улассан сытыылаабыта буолабын. Бастаан кыратык хотон иһэн – мэлийэн хаалар. Ханна эрэ училище о5олоро ыллыылларын истэн чөрбөс гынным.

  • Ньукулай, мин туалетка барыыһыкпын, иһим хайдах эрэ буолла – диэн баран, тэйиччи турар туалет диэки, хаамтым.

Баран иһэн хара5ым тэйиччи турар – субай хотонун диэки. Туалетка чугаһыырбар ынтах үлэлии сылдьар кыргыттар көһүннүлэр. Мин көрдөхпүнэ бары биир курдуктар. Туалет таһыгар туран кыңастастым. Кыргыттар ону-маны хомуйа-хомуйа чохчолуу сылдьаллар. Санаабар, харахпынан күөх баанчыгы көрө сатыыбын. Син кыңастастым да көстүбэт. Хайа муңун туруомуй, төттөрү сүөдэңнээтим. Ол да буоллар хара5ым ынараа хотон диэки. Иңин-араас санаалар субуруңнаһан аастылар. Төннөр суолбун ортолоон истэхпинэ субай хотонун аана аһылла түстэ. Биир кыыс уһун сиэрдийэни баһыттан соһон та5ыста. Сиэрдийэ бүтүүтэ, төрдүн туппутунан күөх баанчыктаах кыыс тахсан кэллэ. Верабын – көрөн, суол ортотугар аппайан турдум.

  • Ноо, хааман иһиий! – диэни истэн дьэ сы5арыйдым.

Тиийбитим о5онньорум – былыыр суоран бутэн, миигин кэтэһэн олорор.

  • Хайа, иһим ыалдьар диэн баран – туалетка сылдьыбакка кэллиң дуу?
  • Онтон, тиийэн истэхпинэ – нүөлүйбэт буолан хаалла ээ
  • Атын иһиң ыалдьыбыт быһыылаах ээ – диэн баран, о5онньорум мүчүк гынна уонна сис туттан баран хотон диэки кэккэлэтэ турда. Хотонңо киирэн иһэн:
  • Ноо, сиэрдийэ5ин таскайдаа – диэтэ.

Быстыам дуу, ойдуом дуу – сиэрдийэ сүкпүтүнэн барда5ым дии. Ол эрэн, ыраахтан да буоллар, «Баанчыктаахпын», Верабын көрөн сэниэлэммит курдугум. Ити кэмңэ хайа да хайаны хайа – суоруох курдук этим, ол сиэрдийэ сыыһын ба5ас… Эбиэт кэннэ аттыбытынан ааһан иһэллэрин хаста да көрдүм. Күөх баанчык ыраахтан этэрээт былаа5ын курдук тэлээрэн көстөр. Мин санаабар: Вера барыларыттан үрдүк, кыраһыабай буолан көстөр. Уонна, ааһан иһэн, мин диэки эргиллэн көрөр курдук гынар. Ол аайы сүрэ5им мө5үл гынар, хайдах эрэ – ураты дьолломмут курдук буола түһэбин.

    Киэһэ киинэ5э ох курдук оңостон кэллим. Арыый эрдэ кэлэн уолаттары кытары кэпсэтэ-кэпсэтэ күүлэ5э турдум. Бэйэм олох атын кээмэйгэ киирэн хаалбыт курдукпун. Хара5ым барыта совхуос хонтуоратын диэки. Ферматтан кэлээччилэр хонтуора кэнниттэн тахсыахтаахтар. Уолаттар кэпсэтиилэрин күдээринэ истэбин. Киирэн, киинэм билиэтин атыылаһан та5ыстым. Тахсыбытым хонтуора кэннин диэкиттэн – училище о5олоро то5о анньан иһэллэр. Ким эрэ, санныга, охсубутугар эргиллибитим – Болуодьам кэлэн турар.

  • Хайа, кэтэһэн тура5ын дуу? – диэтэ.
  • Ээ, оттон…

Ол икки-ардыгар кыргыттар саңа-иңэ бө5ө буолан, үөр хаас саңатын түһэрэн, кэлэн кулуупка кутулуннулар. Кэннилэриттэн кыратык тохтуу түһээт киирдибит. Киинэ уже са5аламмыт. Кыргыттар билиэттэрин ылан киирэн эрэллэр. Биһиги батыһан киирэн бүтэһик эрээккэ кэккэлэһэ олордубут. Мин ол онно ханнык киинэни көрбүппүн, туох туһунанын билигин да билбэппин. Кыыһым ча5ылыңныыр харахтарыттан уонна ытыһын туппахтыырбыттан атыны тугу да өйдөөбөппүн. Бу мин кыыстыын бастакы киинэ көрүүм этэ. Тугу эрэ сибигинэһэр быһыылаахпыт. Киэһэ үңкүүгэ көрсүөх буоллубут. Киинэ кэннэ, дьиэлээн иһэн, былаан бө5өтүн былааннанныбыт. Ити кэмңэ, олохтоох студеннар баар буоланнар, үңкүү – почти күн аайы буолара. Арааста, кулууп дириэктэрэ уолу үңкуу тэриттэрээри сордуур буолуохтаахтар. Үңкүү этэңңэ, кэминэн ааста. Бу киэһэни быһа мин Вераттан арахпатым. Олох «килиэйдэммит» курдук сыстыбыт аата биир. Музыка бүттэ5инэ хараңа муннукка баран турабыт. Биһигиттэн ураты дьоллоох киһи суо5ун курдук. Быыһыгар ону-маны кэпсэтэбит. Үңкүү кэннэ атааран бардым. Бу сырыыга оргууй а5ай, онон-манан эргийэн бардыбыт. Ол онно тугу кэпсэппиппитин, туохтан үөрбүппүтүн, тугу ыраламмыппытын ый эрэ билэн эрдэ5э.

    Ыйдаңа суолун устун куустуһан баран түүнү быһа хаамыстыбыт. Ол түүн, мин Верабын аан бастаан уураабытым. Ол уураһыыбыт кылгас да буоллар киһи өр сылларга саныы сылдьар уураһыыта этэ. Кыратык уоспутун таарыйсан ылбыппыт да буоллар бу дьиңнээх иэйии уураһыыта этэ. Кэлин уурастым-уураспатым ини, ол гынан баран ол уураһыыттан ордук минньигэс, иэйиилээх, долгутуулаах суо5а. Хайа да тылынан этиллибэт дьол этэ. Сэгэрим кэмчиэрийбит сырайа билигин да харахпар көстөн ааһар. Иэдэһигэр хара5ын уута таммалыыра. Ити мин кыыстыын бастакы уураһыым этэ. Мин эрэ буолуом дуо, Верам эмиэ. Кэлин уоскуйан баран:

  • Хара5ың уута кэлбит – диэбиппэр, оргууй сибигинэйэн:
  • Долгуйан – диэбитэ.

    Ол түүнү быһа тохтуу-тохтуу, хаама сылдьан уураспыппыт. Сэгэрим сып-сылаас уостарыттан утаппыттыы ууруурум. Олох кыайан арахсыбакка өр сылдьыбыппыт. Күөл кытыытыгар киирэн ый суолун одуулуурбут. Ый уота күөл уутугар түһэн дьиримнээн көстөрө. То5о эрэ ол ый суола киэң-ыраас суолга ыңырар курдуга. Кэмниэ-кэнэ5эс халлаан суһуктуйуута, сарсын эмиэ көрсүөх буолан, арахсыбыппыт. Онно да5аны:

  • Эн бастаан киир, онтон мин барыам, – эбэтэр – эн бастаан бар онтон мин киириэм – диэннэр бааллара. Онтон иккиэн: «Чэ» – дэһэн баран эргиллэн барбыппыт.

    Ол да буоллар уоран хайыһан көрбүтүм. Кыыһым аанын тутаа5ын тутан баран, эргийэн мичээрдии-мичээрдии көрөн турара. Көрөөт – көрбөтө5ө буолбутум уонна дьэ дьиэлээбитим. Верам сайыспыттыы эргиллэн көрөн турарыттан испэр үөрэ санаабытым. Урут хайа да кыыс сайыспатах киһитэ буолла5ым дии. Кэннигэр киһи сайыһа хаалара төннөрго эрэли үөскэтэр.

    Дьиэбэр кэлэн эмиэ кыайан утуйбакка сордоннум. Эргичиңнии сатаан баран туран аһаабыта буоллум. Онтон мастерскойга тэбинним, били сүгэбин сытыылата. Мастерскойдар эрдэ кэлээччилэр. Сүгэбин чочуга аалларан, үөрэ-көтө фермалаатым. Тиийбитим о5онньорум кэлэ илик. Тахсан сиэрдийэ суоран бардым. Иккис сиэрдийэбин суоран бүтүүбэр Ньукулайым куулга тоһо5о сүгэһэрдээх тиийэн кэллэ.

  • Хайа, ноо бу манна хоннуң дуо? – диэн о5онньорум соһутта.
  • Хайдах?
  • Оттон эрдэлээн үөрпүтүң көстүбэт курдуга дии.
  • Биирдэ эрдэлээтэ5им дии.
  • Ээ, ол иһин хара5ың дьөлтөччү кытарбыт дии – о5онньор бэтиэхэлээхтик күлэр.

    Ол күн уһаабытын көрүөң этэ. Бүттэр-бүтэн биэрбэккэ сордоото. Олордум да утуйан барабын. Ол киэһэ дьиэбэр тиийээт ороммор охтубутум. Уһуктубутум уон икки чугаһаабыт этэ. Сып-сап чай иһээт, хомунан кулууптаатым. Ол курдук уонча хонук биир хонук курдук ааспыта. Үлэ, киинэ, үңкүү, күүлэй… Уураһыы… Күн аайы дьолбут туолан иһэрэ. Биһиги санаабытыгар бүтэр уһуга суох куруук маннык буолуох курдуга. Бэйэ-бэйэбитигэр тардыьыыбыт улааттар-улаатан барбыта. Күнүс көрсүбэтэхпитинэ суохтаһар этибит. Тугум эрэ тиийбэт курдуга. Оттон көрүстэхпитинэ – корсүбэтэ5э ырааппыт дьон курдук буоларбыт. Миэхэ Верабыттан ордук кэрэ, күндү, ахтыл5аннаах – кыыс суо5а. Миэхэ кинилиин уураһар са5а минньигэс суо5а. Киһи сал5ыбакка күнү быһа ууруу эрэ олоруох курдуга. Быһата, таптал кутаата сүрэхпитигэр күөдэпчилии умайара. Биһиги киһи барыта ыалдьар – бастакы тапталыгар ыалдьыбыппыт. Ол иннинэ таптал суох – диир да буоллахпына, билигин таһырдьа тахсан:

  • Таптал баар, мин Верабын таптыыбын!!! – диэн хаһыытыах курдугум.

    Биирдэ, үлэлии сырыттахпына эмиэ ырыа-тойук түһэрэн Вералаах ааһан иһэллэрэ. Вера кыргыттарыттан хаалан, аттыбар кэлэн тохтоото.

  • Киэһэ, үлэң кэннэ, манна кэтэһээр – диэтэ. Уонна кыргыттарын эккирэтэн баанчыга «элээрэ» турда.

Онно көрбүтүм о5онньорум эргиллэн, батыһа көрөн турара. Дьүлэйдиңи буолан кэпсэтэрбитин истибэтэх быһыылаах.

  • Ити о5о туохха кэлэ сырытта?
  • Ээ, ааһан иһэн дорооболоһон ааста – диэн көлбөрүтүннүм.

Киэһэ, үлэ бүтүүтэ:

  • Ньукулай бара тур, мин туалеттаан баран ситиэ5им – диэтим.

О5онньорум бэтиэхэлээхтик күлэ-күлэ хомунан дьиэтин диэки тэпсэңнии турда. Син уһуннук кэтэстим. Тапталлааххын кэтэһии долгутуулаах да буолар эбит. Мин «манан кэлиэ» – диэн ферма уопсайын диэкини маныыбын. Онтон, ал5аска, дэриэбинэ диэки эргиллэн көрдүм. Арай көрдөхпүнэ дэриэбинэ даамбатыгар күөх баанчыктаах кыыс хааман иһэр. Сүрэ5им, сэгэрим иһэрин, сонно таайда. Верам тиэтэйбит ахан, соро5ор сүүрэн сэгэйэн ылар. Хаһан тиийэн кэлиэр дылы хас биирдии хаамыытын, хамсаныытын аа5а көрөн турдум. Хотонңо киириитэ утары көрсөн куустуһан туран уураһыы-сыллыьыы бө5ө буоллубут. Ахтыспыт да эбиппит! Былыыр сүтэрсэн баран булсубут дьон курдукпут. Онтон кэлин уоскуйан баран:

  • Биһиги практикабыт бүгүнңүннэн бүттэ – диэн соһутта.
  • Хайдах?
  • Онон сарсын барар буоллубут… Саңата суох олордубут.

Мин хайдах да Верам барарын кыайан өйдөөбөккө, кыайан буһарбакка дөйөн олордум. Мин санаабар куруук маннык буолуох курдуга. Хайдах эмискэ…

  • Кулуупка кэнсиэрт көрдөрдүбүт. Мин ыллаат манна кэллим. Ыллыы туран эйигин кэтэһэрэ буолуо диэтэхпинэ ыгылыйан ылабын. О5олорум өссө да кэнсиэртии хааллылар. Киэһэ то5уска биһиэхэ кэлээр. Банкет курдук оңоруохпут. Кэтэһиэм – диэтэ.
  • Оттон маарыын то5о инньэ диэбэтэххиний? Саатар ыллыыргын баран көрүөм этэ.
  • О5онньоруң көрөн турара уонна эйиэхэ бэйэ5эр бүөмнээн этээри гыммытым. Уонна… ахтыбыт курдугум. Билигин эппитим үчүгэй буолбат дуо?
  • Үчүгэй. Мин эмиэ а5ынным ахан. Маарыын эн барбыккар туохпун эрэ былдьаппыт о5о курдук буолбутум.
  • Мин эмиэ. Маарыын кэлэн иһэн хайдах этэбин диэн толкуй бө5ө.

    Ол аайы ыксыыбын, ардыгар сүүрэн ылабын быһыылаах. Ол курдук дэриэбинэ диэки көрөн куустуһан олордубут. Онтон чаһыыбын көрбүтүм – ырааппыт этэ.

  • Вера бириэмэ ырааппыт, кэлэрим да чугаһаабыт. Эн бар, онтон мин барыа5ым.
  • Кэлээр, олус кэтэһиэ5им – диэн баран иэдэскэ «чоп» гыннараат тахсан барда.

Сэгэрим сыыһа күөх баанчыга көстүбэт буолуор дылы түннүгүнэн көрөн турдум… То5уска ферма уопсайыгар баар буоллум. Сэгэрим таһырдьа кэтэһэн турара. Мин кэлбиппэр мичээрдээбитинэн утары хааман кэллэ. Онно үөрбүтүн көрүөң этэ. Таһырдьа уол аймах син элбээбит. Били Болуодьам эмиэ баар. Онтон киирэн остуолга олоруу буолла. Аһааһын, кэпсэтии-ипсэтии бө5ө буолла. Онтон таһырдьа тахсан оонньооһун иңин баара. Бу барыта өйбөр хаалбатах. Остуолга олорон өйдөөн көрдөхпүнэ сорох-сорох кыргыттары олох да билэттээбэт эбиппин. Билиэхтээ5эр көрбөтөх да курдукпун. Аны биир уоллаах эбиттэр. Олор бары – ол курдук, ол киэһэ өйбүттэн көтөн хаалтара Бу олорон тэңнии көрдөхпүнэ мин сэгэрим, «баанчыгым», Верам олус кэрэ, барыларыттан таһы кыраһыабай, күндү буолан көстөр. Кини мин аттыбар баарыттан, кини миэнэ буоларыттан – олус дьоллоо5ум.

    Онтон биһиги, дьиэттэн тахсан, күүлэйдии бардыбыт. Бу түүнү быһа илэ хааман та5ыстыбыт. Санаабытын санньыар сай5ыыра. Ол кэмңэ биирбит-биирэ суох – биир да күн, биир да чаас сатаныа суо5ун курдуга. Тохтоло суох уураһарбыт.. Хайдах эрэ, аны хаһан да көрсүө суох курдукпут. Барыта манан бүтүөх курдуга. Бу а5ыйах күн иһигэр убанса да охсубут этибит. Сарсыарда күн тахсыыта покалаһан, сыллаһан-уураһан ара5ыстыбыт. Арахсаары туран:

  • Самолётка атаара киирэ5ин дуо? – диэтэ.
  • Суох, үлэм кэмэ уонна уһун атаарыыны сөбүлээбэппин. Оттон син биир көрсүөхпүт буолла5а дии… Дьиңэр самалётка атаара киириэхпин олус ба5арарым. Ол эрэн то5о эрэ чугуйбутум. Арааста, кыыһым аһары аймаммытыттан буолуо. Иккистээн хара5ын уутун көрүөхпүн ба5арбата5ым быһыылаах. Сэгэрим Вера хара5ын уутун сотто-сотто аан аттыгар туран хаалбыта. Хаста да эргиллэн төннүөхпүн ба5арталаан ылбытым… Билинңи санаабынан эбитэ буоллар батыһан да барыа эбиппин. Кэнэн да эбиппин. Кэлэйэн да диэн.

    Самолёт көтөн тахсан үрдүбүнэн «бирилээн» ааста. Санаабар: Верить не хочу и думать не хочу Что придёт разлука и не сбудутся мечты… – диэн ырыа иһиллэн ааспыт курдуга. А5ыйах хонон баран бастакы суругун туппутум. Иккис да суруга өр күүттэрбэтэ5э. Суруктара барыта ахтыл5ан аргыстаах этилэр. Сэгэрим суруктарын, сиэппэр укта сылдьан, илбирийиэхтэригэр дылы аахпытым. Онтон эмискэ сурук кэлбэт буолан хаалта. Өктөөп бырааһынныгар кулуупка киирэн иһэн Вера подругата Дусяны көрсө түспүтүм. Миигин көрөөт мух-мах барбыта.

  • Вера дойдулаабытын билэ5ин дуо?
  • Суох.
  • Биир сарсыарда туран хомунан – дойдулаабыта.
  • То5о?… Хара5ым хараңарарга дылы буолбута уонна кулууптан тахсан барбытым.

    Санаабар дойдутуттан суруйуо диэн кэтэһэ санаабытым. Суруйбата5а… Сурэх ыарыыта уһуннук сордоон баран – син сө5үрүйбүтэ. Ардыгар били ырыа иккис чааһа: Ночью я кричу, от горя я кричу Если снится что меня – не любишь ты… – диэн иһиллэн ааһара. Өр кэмңэ, ол түлэй түүннэр – түүлбэр чаастатык киирэллэрэ. Оччо5о олус үөрэн, дьоллонон уһуктарым. Билигин да5аны хам-түм түүлбэр киирэн санаабын иирдэллэр. Мин бастакы тапталым ити курдук долгутуулаахтык, түргэнник, ыарылаахтык ааспыта. Бастаан утаа ким эрэ кырбаабыт, ата5астаабыт киһитин курдугум. Билинңи телефон, сотовай, интернет кэмигэр эбитэ буоллар ба5ар туох-эмит уларыйыы тахсыа хаалла5а. Муң саатар киһилии суолбут да суо5а. Уонна оччотоо5у о5о кэнэн да со5уһум буолуо… Кэм ааста5ын аайы ол күннэр – мин оло5ум биир саамай үтүө кэмнэрэ эбит диэн саныыбын. Соро5ор «Ол күн, күөх баанчык экраны бүөлээбэтэх буоллун, хайдах-туох буолуо этэй?» – диэн бэйэм-бэйэбиттэн ыйытабын. Бастаан утаа ол боппуруоска кыайан эппиэттээбэтим. Билигин билэбин – син биир көрсүө этибит! Дьыл5а-хаан көрүһүннэриэ этэ. Мин «Баанчыкпар», Верабар, «Бастакы тапталбар» – кылгастык да буоллар таптал муңун биллэрэн ааспытыгар олус махтанабын. Уонна бу ырыа тылларынан түмүктүүбүн: Махтанабын эйиэхэ Кылгастык да буоллар Ча5ылхайдык олохпор Эн сандаарыйан ааспыккар. P.S. То5уһуонус сыллар саңаларыгар командировка5а сылдьан Верабын көрсөн турабын. Санаабар эмиэ уруккутун курдуга. Ол эрэн иккиэн уларыйбыт этибит… Тапталбытын сыллар-хонуктар – уулара-хаардара сай5аата5а. Алдьаммыты силбээбэккин.

Хаамаайы 13 декабря 2011
Аа5ааччыларбар.

Бол5ойон аахпыккытыгар улахан баьыыба. Бу бэйэм олохпуттан биир кэрчиги суруйдум. Аны атын баар буолуо биллибэт. Манна баар персонажтар бары реальнай дьоннор. Ньукулайтан уратылара тыыннаахтар, тыыннаахтара буолуо диэн эрэнэбин. Биир эмит манна кэпсэнэр киьи ба5ар аа5ыа. Ор санаабар тута сылдьыбыт буолан биир тыынынан суруйан кэбиспитим. Анал уорэ5э суох киьи бадьаата литературнай да сыаната суох ини. Чэ барыгытыгар улахан баьыыба! Этэннэ буолун! Хаамаайы. Салгыы хаамыым.

Хаамаайы 14 декабря 2011
Аа5ааччыларбар

Урут мин кыра эрдэхпинэ, ааспыт уйэ алтауонус сылларыгар, со5отох киьини - Хаамаайы диэччилэр. Ол аата со5отох, хаьынна хаампыт, о5ото-ойо5о суох киьи - диэн буолуо. Мин билинни турукпунан онно майгынныыбын. Уонна инин араас ааттаах дьон баьаам. Арыый уратытык коьуннун диэн ааттанным. Оттон салгыыр санаа суох. Хайдах эрэ санаабын баттыы сылдьыбыппын уллэьинним. Олох сы5арыйар. Биир кэмнэ хаалан хаалбыт киьи диэн суох. Вера билигин дьоллоохтук олорор. Ону буккуйар, да буккуьар санаам суох. Арай санаам батарбата5ына, атын тугу эмит суруйан быра5ыам. Бастакы таптал киьиэхэ биирдэ эрэ бэриллэр. Аны баанчыктаах кыыс суох! Ол сомулуот илдьэ барбыта. Эдэр сааскытын миигин кытта санаспыт буоллаххытына - мин уорэбин. Син кэпсиэх буолбутум дьонно тиийбит - диибин. Эьиги отзывкыт миэхэ кунду. Бары этэннэ буолун! Хаамаайы.

Пенсия5а олорон хаалбыт 14 декабря 2011
Оло5ун

быдан дьылларга быралыйбыт страницатын бу кэпсээннинэн сап. Айымньын геройдара бэйэлэрин оччотоо5у олохторунан олордуннар.Аны "Хаамаайы" клеймотун кэтээри, ол оруолу оонньоору гыммыккын "Жизнь игра, а люди в нем актеры", "Киьи санаа кулута". Уьугун. Это было давно... Почти все через это проходят, но заживо себя не хоронят. Встречается любовь в любом возрасте. Итиччэ талаан бэриллибитин туьан, темаҥ "70е-80е" аудитория есть, грамотный. Жизнь продолжается. Удачи.

Кырдьагас Хотун 25 января 2012
Бастакы таптал

Кэпсээни сана аахтым уонна уордум. Наьаа чугастык ылынным. Харахпар барыта костор.Мин эмиэ фермага комсомольскай звенога тарбыйах корбутум. Тумуу-сотол диэни билбэт, мээчиги кытта тэннэ тэйиэккэлиир, этэн коро-коро кулэр Куо Мэтэкэлэр этибит. Тапталы билэ иликпит, уураьыы туьунан кэпсэтэр даганы кыбыстыылаах этэ.Тунуйдар этибит. Ол эрэн Дьылга Хаан Тапталы биэрбитэ эмискэ. Кулуупка В.Ободзинский "Только точки после буквы л..." диэн ыллыы турдагына, Кини ункуугэ ынырбыта...Кохсубуттэн тарбах бого утуруйдэ быьыылаах, "киир-киир" диэн сана баарга дылыта. Мин ункуугэ ынырыллыбыт уоруубуттэн уонна кыбыстан Кини тугу диэбитин чуолкай ойдооботум даганы, аапппын эттим быьыылаах. Ол курдук таптал сагаламмыта. Билигин сааьыран баран толкуйдуубун:,син кэргэн тахсан, оголору торотон, дьиэ тэринэн олоро сырыттым да, ити бастакы ыраас иэйии суога.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
16.11.2024 13:25

Хаамаайы 15 декабря 2011
Аа5ааччыларбар эмиэ таптал.

Мила

    Бу кэпсиир кэмим – эмиэ ааспыт үйэ сэттэ уонус сылларын ортото этэ. Оскуоланы бүтэрэн совхуоска үлэлии сылдьарым. Үѳрэ5э суох о5олор туппай-иппэй үлэлэргэ үлэлиирбит. Кылааһым о5олоро, үксүлэрэ да5аны, оскуолаттан отделения тѳһүү үлэһиттэрэ буолан хаалбыппыт. Кыыс аймах дояркалыыра. Уолаттар кѳѳнньѳрбѳ буһарыытыгар, тарбыйах кѳрүүтүгэр, иҥин араас үлэлэргэ үлэлиирбит. Бары бииргэ үлэлии сылдьар буоламмыт бэһиэлэй ба5айы этэ. Бэйэ-бэйэбитин күн аайы кѳрсѳрбүт. Кѳрсүмүнэ – сорохтор биир хотонҥо биир биригээдэ5э үлэлиир буолан баран. Аны ол кэмнэр эргиллибэттэр. Үлэ кэннэ сууна-тараана охсоот кулуупка сүүрэрбит. Кун аайы киинэ, билиард буолара. Субуота аайы уонна гастроллар кэллэхтэринэ үнкүү-битии буолара. Биһиги кругпут саамай улахан буолааччы. Буолумуна, почти сүүрбэччэ киһи буоллахпыт. Мин кыһыны быһа тарбыйах кѳрүүтүгэр үлэлээтим. Саас тиийэн кѳрбүт тарбыйахтарбын туттаран баран, от техникатын кѳрүүгэ ананным, Ыстапаан диэн тырахтарыыс киһиэхэ кѳмѳ5ѳ анаатылар. Косилка быһахтарын, кыраабыл тиистэрин уларытабыт. Оргууй а5ай сылдьабыт. Биир күн, күнүс эбиэт кэннэ, тас күүлэ5э тахсан табаахтыы олордум. Ыраас үчүгэй ба5айы күн этэ. Кѳтѳр-сүүрэр барыта кэлэн, от-мас тиллэн, силигилээн турара. Арай ол олорон кѳрдѳхпүнэ утары үрүйэ уҥуор турар түѳрт квартиралаах дьиэ диэкиттэн икки кыыс күлсэ-күлсэ утары иһэллэр. Кѳрдѳхпүнэ билбэт кыргыттарым. Уонна маннаа5ы кыргыттары ыраахтан, походкаларыттан да билэр буолла5ым. Суох-суох олох билбэт кыргыттарым эбит. Син чугаьаабыттарыгар кѳрбүтүм кэлиилэр быһыылаах. Олох билэттээбэт кыргыттарым эбит. Мин диэки кѳрѳн аастылар. Ааспыттарын кэннэ, ханна баралларын кѳрѳѳрү дьиэ ойо5оһугар хаамтым. Кыргыттар. кэпсэтэ-кэпсэтэ, товарнай ма5аһыынна киирэн хааллылар. Мин ба5ар тахсыахтара диэн, кэтэһэ таарыйа, эмиэ табахтаатым. Болгарскай, «Шипка» табаах уоспун салаабытыгар ѳйдѳнѳн, быра5ан баран үлэбэр хомуннум. Олбуортан тахсан иһэн ма5аһыынна сылдьан ааһарга сананным. Уулуссаны туораан, күүлэ5э кыратык тохтуу туһээт, ма5аһыыммар киирдим. Арай киирбитим кыргыттарым уун-утары прилавокка тураллар. Ааһан, ону-маны кѳрүѳлээбитэ буолан баран, тахсан мастерскойбар тэпсэҥнээтим. Ол иһэн саныыбын: «Саҥа атыыһыттар кэлбиттэр. Ити кырата мэлтээски да буоллар син эбит. Бэйи ити Павликтаах диэкиттэн иһэллэрэ. Киэһэ Павликтан ыйытыллыа. Кини, обургу, булгу билэр буолуохтаах. Маарыын ханна эрэ бараары отделение аттыгар тыраахтарга олороро». Ол күн, аһары да – быһа түһэр курдук буолбатар, син сүѳдэҥнэстибит. Куйааһа да бэрт курдук. Биэскэ, дьиэбэр тиийэн суунан эрдэхпинэ, Павлигым бу киирэн кэллэ. Киһим киирбитигэр хоско аастыбыт. Хоско, книжнай ыскаап кэннигэр, кырыкый хостоохпун.

  • Хайа бүгүн ханна сырыттыҥ?
  • Ээ сайылыкка комбикорм быра5ан кэллибит.
  • Ноо, маарыын эһиги диэкиттэн ма5аһыынҥа икки кыыс ааһан эрэллэрэ – билэ5ин дуо?
  • Ээ биһиги соседпытыгар икки практиканка кыргыттар кэлбиттэр. Соседпыт биирин аймахтара үһү. Бэ5эһээ рабкооп массыынатынан тахсыбыттара.

Хата киһин билэ сытар эбит.

  • Бүгүн кулуупка танцы буолар үһү – диэн кэпсээннээх буолан биэрдэ. – Хайа ылабыт дуо?
  • Оттон тахсан киириий, бу сырыыга эн уочаратыҥ – диэтим, таҥас уларытта туран. Киһим иһиттим дуу, истибэтим дуу – диэбиттии таһырдьа элэс гынан хаалла. Ити аата ма5аһыынҥа аргы атыылаһа сүүрдэ. Онтукабытын – «диссертация» туттарыы диэн ааттыыбыт. Аһары ма5аһыынҥа элэҥнээмээри – уочаратынан ылабыт. Соро5ор атын уолаттарбыт кэллэхтэринэ арыый сыбыытыырбыт аччыыр. Ма5аһыынҥа кырдьа5ас атыыһыттар тураллар. Дьоммут саастыыта дьоннор. Онон о5олорун курдук кѳрѳллѳр. Соро5ор үѳрэтэллэр да5аны. Аһары бор5оһуйа илик буоламмыт толлобут. Ол иһин уочарат кэһиллибэт. Бу то5о дьиэтигэр тойон курдук тутунна, дьоно то5о кѳрбѳттѳрүй? – дии саныаххыт. Бу кэмҥэ дьиэ5э кырдьа5ас эбэбин уонна балтылаах-бырааппынаан эрэ олорорбут. Кинилэр миигиттэн биэс- сэттэ сыл балыстар. Дьэ онон дьиэ хаьаайына, уон а5ыстаах уол о5о, мин буолабын. Эбэм хотонуттан, дьиэ дьаһалыттан орпот да5аны. Мин истэхпинэ да5аны эбэм утуйбутун кэннэ кэлээччибин. Уонна миигин улаханнык саҥарбат да этэ. Уруккута тапталлаах хоой сиэнэ буолла5ым. Почти уонча сыл эбэм хоонньугар утуйа сылдьыбытым. Убайдар улаатан бараннар орон босхолонон туспа кѳспүтүм. Билигин быраатым аах хоой о5олоро. Оччолорго эбэм а5ыс уончата этэ. Уонна хамнастаах тойон мин буолла5ым. Эбэм эрэйдээх уон солкуобай пенциялаа5а. Киһим ѳр буолбата, икки «Агдамы» кыбыммытынан, хос ортотугар биирдэ баар буола түстэ. Хоско былыргы концелярскай остуол турара. Икки оттугэр хатааһыннаах ааннаах, сырайа германтин. Остуол анныттан ыстакаан хостоон, биир бытыылканы, кэпсэтэ-кэпсэтэ – дьаһайан кэбистибит. Куйааска эбиллэн «били ба5айы» син оонньоото ээ. Арба, биири умнан олоробун. Сарсын быыбар күнэ! Онон үҥкүү, түүнү быһа, сарсыарда 6 чааска дылы буолуохтаах. Онтон, быыбардаан баран биирдэ дьиэлиэхтээхпит. Бу мин бастакы быыбарым. 18-спын саас туолбутум. Тѳрѳѳбүт күнүм маайга буолан, армия5а, сааскы призывка хабыллыбата5ым. Биһиги кылаастан биир уол барбыта. Сура5а Чита диэки, танковай чааска түбэспит үһү. Оттон Павлик туола илик буолан кѳтѳр. Таҥнан-саптан кулууптаатыбыт. Дэриэбинэ5э саҥа кыыс кэлиитэ улахан событие буолааччы.

Күһүн «хойобулланан» баран Сана Дьыл диэки син ѳрүттүммүтүм. Онуоха дылы испэккэ сылдьыбыт киһи – кыралаан «Тэп» гыннарар буолбутум. Аһаатахпына умнуллар курдук буолара. Ол Сана Дьыл кэннэ, ол-бу кэлии-барыы кыргыттары кытта ходьох-идьэх хаамсыы элбээбитэ. Үксүлэрэ, сарсыныгар ааттыын умнуллан бараллара. Саҥа кыргыттары эрийэргэ сыалай конкурс курдук буолааччы. Соро5ор сутуругунан далбааттаныы да баара. Уопсайынан ити дьыала5а син уопутурдум дии сананабын. Биирдэ, уонча сылы быһа, паарта5а, бииргэ олорбут одноклассницам Биэрискэ:

  • Ноо, уларыйбыккын ахан, быһата «Бабник» буолбуккун – диэбитэ.
  • Хайдах?
  • Бэйэ5ин кѳрүн. Кэлбиккэ-барбыкка барытыгар иҥээннээн сүрдээххин. Сорох-соро5ор син туттунуо да эбиккин – диэтэ.
  • То5о?
  • Оттон били күһүн Вера диэн үчүгэй ба5айы кыыстаах этиҥ дии?
  • Ону эн хантан билэ о5устун?
  • Акаары миигин хара5а суох диигин дуо? Урут уруок устарга эйигиннээ5эр кѳрѳр курдугум. Билигин да мѳлтүү илик. Хас кутурук аайы хайбаҥныыргын кѳрбѳт үһүбун дуо?

Инньэ диэн саҥата суох ыытан турардаах, «Эбиитин эмэһэ5э тэп» диэбиттии бааспын соролообута. Киһи таптыы уонна таптата сылдьан эргимтэтин ѳйдѳѳн кѳрбѳт эбит. Верабын, ааһан биэрбэт бааспын, санаатахпына сурэ5им хаанынан о5уолуура. «Бабник» ааттанна5ым ол. Дьэ ол кэннэ арыый мүлтүйэ сылдьар кэмим этэ. Кулууп таһыгар улахан ба5айы: «Бука бары быыбарга!» диэн плакат ыйанан турар. Аан ойо5оһугар: «Быыбар буолара 1 хонук хаалла» диэн биллэрии баар. Уонна туох да сарсынҥы быыбары кэпсиир суох. Арай, киинэ биллэриитэ ыйанар сиригэр: «Зита и Гита» - диэн киинэ биллэриитэ ыйанан турар. Билигин онно ханнык быыбарга кыттыбыппын ѳйдѳѳбѳппүн.

Кулууп кирилиэһигэр уолаттар бѳ5ѳ табаахтаан бусхата тураллар. Биһиги эмиэ дьон быыһыгар туран буруолаатыбыт. Киинэ буолуо арыый эрдэ курдук. Күлсүү-салсыы, кэпсэтии-ипсэтии баһаам. Быыһыгар олох да «мыччыстыбыттар» бааллар. Тохтуу түһээт, сѳрүүн кулуупка киирэн, кассаттан билиэт ыллыбыт. Зал иһэ эймэҥнэс киһи. Индиискэй киинэ буолан о5онньордуун-эмээхсинниин, турардыын-турбаттыын, эдэрдиин-эмэнниин бары кэлбиттэр. Үѳр хаас түһэн олорорун курдук саҥа-иҥэ толору. Били «Зал иһин толорор музыка…» диэбит курдук, бэйэтэ туспа музыка. Билигин аны оннук суох. Ба5ар куораттарга оннуга буолуо. Дэриэбинэ5э аны киинэ буолбат. Буолбата5а да ыраатта. Улахан экранҥа киинэ кѳрбѳтѳх сыалай поколение улаатта. Биһиги киирэн кэннин диэки аастыбыт. Миэстэ да аччаабыт. Биир сиргэ миэстэ булан – нэһииччэ кыбылынныбыт. Ол-бу диэки мэлээриҥнээтим да5аны били кыргыттар кѳстүбэттэр. Дьон билигин да кэлэ турар. Ол да буоллар, бириэмэтэ кэлэн, киинэбит са5аланна. Икки сиэрийэни биир тыынынан кѳрѳн кэбистибит. Эмиэ да күлүүлээх, эмиэ да санньыардаах, эмиэ да үѳрүүлээх киинэ. Дэлэ5э да5аны үчүгэйи барытын: «индиискэй киинэ курдук» - диэхтэрэ дуо? Киинэ кэннэ, тахсан иһэн, эмиэ кѳрүѳлээтим да кыргыттарым кѳстүбэттэр. Павликпынаан дьиэлээтибит. Баран иһэн о5олору, ыал таһыттан, дьиэлэригэр илдьэн утуталаатым. Эбэбит былыр хаптайбыт. О5олор утуйтарын кэннэ били «Агдаммытын» тоҥсуйдубут, хаһыытаабат оҥордубут. Дьэ уонна хомунан кулууптаатыбыт. Кулууппут да ыраа5а суох. Баара суо5а уулуссаны эрэ туоруоххун наада. Ону биһи дьон ѳр гыныахпыт баара дуо? А5ыйахта сабыта үктээн тиийдэхпит дии. Куруук буоларыныы – кулууп иннэ толору ыччат. Табаахтыы таарыйа сонун бѳ5ѳнү кэпсэттибит. Ол турдахпытына били икки кыыс кэлэн, кулуупка, киирдилэр. Били, айдаан бѳ5ѳ буола турбут кулууп иннэ чуумпуран ыларга дылы буолла. Табаах буруотун быыһынан: «Красная Москва» - духи сыта биллэн ааһар курдук гынна. Киирээттэрин кытта биир уол саҥата:

  • Арылыйан сытым дии, ити хайа барахсаттарый? – диэтэ.

Аан сабыллаатын кытта кулууп иннэ эмиэ куугунуу түстэ. Обсуждения са5аланна5а ол. Мин, кыратык турбахтыы түһэн баран, иһирдьэ сылыпыс гынным. Сайын буолан сыгынньахтаныы иҥин суох, фойе5а сразу киирэ5ин. Фойе иһэ бүдүк-бадык. Дьон тобус толору. Тымтайга собону симэн кэбиспит курдук. Анараа ѳттүгэр аан аһа5ас быһыылаах да5аны – итиитэ сүрдээх. Бэйэ5ин хобордооххо ыһаарылана сытар собо курдук чувствуйдуугун. Киирэн иһэн уу чаккыраан бара5ын. Динамиктан сапожник ырыата ыыра барар:

  • Тогда не надо переживать, тогда не надо перебивать…

Ол аайы зал иһэ эмискэ-эмискэ то5о барар. Мин ол-бу диэки ѳҥѳҥнѳѳн кѳрѳбүн да, били кыргыттар кѳстүбэттэр. Ким эрэ, кэннибиттэн үппүтүгэр эргиллэн кѳрбүтүм – били кыргыттарым эбит. Оказывается, айахпын атан баран, ааны бүѳлээн турар эбиппин. Халбарыс гынан киллэртээтим. Кыргыттар киирэн Ленин бюһын аннын диэки баран – турдулар. Фойе5а киирдэххэ муннукка Ленин гипсовай бюһа баара. Кэлин олох уларыйбытын кэннэ кѳстүбэт буолбут. Биһиги, аныгы хаһаайыннарбыт – кулууп кладбища буолбатах диэбиттэр быһыылаах. Били ыстаналаһыы музыка тохтоотун – ах барда. Хайдах эрэ зал ѳрѳ тыынарга дылы гынан ылла. Аныгыскы музыка тыаһыар дылы бары муннуктар, истиэнэлэр диэки халбарыйдылар. Зал ортото арыый аһыллар курдук буолла. Сорох-сорох таһырдьаны былдьаста. Санаабар ѳр хаачыргаан проигрывательбыт дьэ тѳлѳ барда. Уонна зал иһин вальс музыката толордо. Тыаһаата дуу, тыаһаабата дуу диэбиттии били кыргыттар – куустуһан баран эргийэн бардылар. Оргууй а5ай эргичиҥнээн зал түгэ5ин диэки устан, платьелара тэлээрэ турдулар. Ойо5оспор биир уол саҥата:

  • Ити кимнээ5ий? – диэтэ.
  • Билбэппин – диэтим эригийбэккэ эрэ.
  • Хайа, хайытлыы киирэбит дуо?
  • Давай! бардыбыт - диэтим да утары устан иьэр кыргыттар диэки үҥүѳхтээтим. Хара5ым кытыытынан кѳрѳохпүнэ түннүк диэкиттэн икки уол хамсаан иьэн тохтоотулар. А5ыйахта хаамаат ытыспын «тас» гыннардым. Кыргыттар биһи иннибитигэр хорус гыннылар. Били маарыын оруу кѳрбүт мэлтээски кыыьым – мин ѳттүбэр түбэстэ. Дьэ табыллаары – табылынным.
  • Разрешите – диэн буолла.

Маарыын эппитим курдук – саҥа кыргыттарга конкурс курдук буолааччы. Атын уол эрийэ сылдьарыгар киирэн кырбаныаххын сѳбѳ. Оннукка авторитет да, арба5астаах да быыһаабат. Онон забивайдаабыт тойон. Ол кэриэтэ кэлин син атаакалыаххын сѳбѳ. Ол да соро5ор сотуьуута суох сатаммата. Но итинниккэ, разборка5а, авторитет уонна арба5астаах кѳмѳлѳһүѳн сѳптѳѳ5ѳ. Дьэ онон табылынныбыт. Табыллаары табыллан били кыыһым мин ѳттүбэр түбэстэ. Ити үтүѳ бэлиэ. Кыыспын илиититтэн ылан эрийэн бардым. Наһаа да үчүгэй үҥкүүһүт буолбатарбын дьо5ойон эргичиҥнээччибин.

  • Кыысчаан Ким диэнҥиний? Мин … - ааппын эттим.
  • Мила.

Кыыһым – хара тѳкүнүк сырайдаах, кылгас баттахтаах, бэйэтигэр барар эттээх сииннээх. Кѳрүҥүнэн мин саастыым быһыылаах. А5ыйахтык кэпсэтэн эрдэхпитинэ – пластинка бүтэн хаалла. Ол са5ана магнитофон олох а5ыйах кэмэ этэ. Дьэ онон үҥкүү үксүн пластинканнан барара. Соро5ор ол пластинкалар, алдьанан, биири хатылыы турар буолааччылар. Кыыспын – Ленинын анныгар атаардым. Баран иһэн аныгыскы вальска ыҥырыах буоллум. Кыыспын атааран баран, таһырдьа тахсан, сѳрүүкээн киирдим. Киирээт Ленин анныгар бардым. Сонно тута түгэх диэкиттэн:

  • Белый танец! Дамы приглашают кавалеров – диэн хаһыытаатылар. Ону кытта зал иһин: «Я пригласить хочу на танец Вас и только Вас, И не случайно этот танец – вальс. Вихрем закружит этот танец, Ох и услужить этот танец, Если закружит этот танец нас!»
  • диэн ырыа музыката толордо.
  • Разрешите – диэн, Мила миигин үҥкүүгэ ыҥырда.

Дьэ итинэн оло5ум саҥа эргимтэ5э киирэн – эргичиннээн барда5а ол. Ол түүнү быһа арахсыбакка үҥкүүлээтибит. Мила, атын оройуонтан кэлэн, «Школа магазин» үѳрэнэр эбит. Билигин, практикаларыгар, дьүѳгэтинээн маннаа5ы рабкоопка кэлбиттэр. Сарсыарданнан тахсан, быыбарбытын кэтэһэ таарыйа, күѳл кытыытыгар күүлэйдээтибит. Эдэр дьон сүрэхпит тэбиитэ биир суолга киирэн айанныы турда. Сарсыарда быыбар кэннэ дьиэтигэр атаардым. Дьиэбэр тиийэн сыттыкка тѳбѳбүн ууран эрэрим да, утуйбут этим.

    Киэһэ киинэ кэннэ күүлэйдии бардыбыт. Сайын дэриэбинэ5э күүлэйдиир проблемалаах со5ус. Сырдык буолан о5олуун-о5онньордуун бары сүүрэ сылдьаллар. Түүн үскэ дылы дэриэбинэ утуйбатын тэҥэ. Биһиги эмиэ ферма5а, хотонҥо киирэн, хор5ойдубут. Алааска барыа5ы кумаар баар дии. Кууһан ылан уураан иһэн тохтоон хааллым. Уураан иһэн кѳрбүтүм атын кыыс! Уоһа атын! Хара5а атын! Вера буолбатах! Туормастанан хааллым. Кыыһым, хара5ын симэн кэтэһэн турбахтыы түһэн баран, харахтарын аста. Ѳйдѳѳбѳтѳхтүү мин диэки кѳрүѳлээтэ. Мин кууһан турбут илиибин ыһыктан кэбистим. Саҥата суох утары кѳрсѳн турдубут.

  • Чэ дьиэлиэххэ – диэтим, хайдах да быһаарар кыа5ым суо5а.

Били үѳрэ-кѳтѳ барбыт дьон, уку-*** дэриэбинэлээтибит. Олбуоругар дылы атааран баран, покааласпакка да, эргиллэн дьиэм диэки кэккэлэтэ турдум. Кыыьым кэннибиттэн кѳрѳн туран хаалла. Ѳр утуйбакка эргичиҥнээтим. Харахтарбын симтим да – Вера хара5ыттан уу таммалыы-таммалыы, уун-утары кѳрѳн турар буолар. Аһардым дии санаабытым – ааспатах эбит. Бастаан утаа курдук эмиэ, түүну быһа, субу баардыы кѳстѳн кэлэ турар. Сарсыарданнан сылаа кыайда быһыылаах, утуйбут этим.

  • Ноо, тур үлэ5эр бар – диэн эбэм тардыалаабытыгар уһуктубутум, то5ус чугаһаабыт этэ.

Быстыам дуу, ойдуом дуу кыратык хабыалыы түһэн баран үлэбэр сүѳдэҥнээтим. Эбэм эрэйдээх бэлэмигэр тѳкүнүҥнээн да сылдьыбыт эбиппин!

    Үлэ чааһа сор бѳ5ѳнѳн, күнү быһа сыыллан, дьэ бүттэ. Дьиэбэр нэһииччэ кэллим да суулуннум. Баһым иһэ барабаан курдук. Саҥа утуйуох курдук гынан эрдэхпинэ:

  • Бэ5эһээ эрдэ да кэлэн эрэр этиҥ, бу киһи то5о сүргүнүй! Түүнү быһа ханна сырыттыҥ? Чэ тур, бүгүн ба5ас эн уочаратыҥ! – диэн, Павлик тардыалыырыттан уһуктан кэллим. Туран сууна сүѳдэҥнээтим. Киһим хаһыат кѳрѳ хаалла.
  • Павлик, бүгүн эн тахсан киир. Ол кэриэтэ кэлин мин, субуруччу сылдьан, ситиһиннэриэм буолла5а. Бүгүн хайдах эрэ нэһииччэ сылдьабын.
  • Чэ оччо5о мин бардым.
  • Ноо мэ ѳссѳ иккитэ ылаар, наада – диэтим, киһим ѳйдѳѳбѳтѳх курдук кѳрѳн турарын – кѳрѳн.

Уолум ѳр гыммата түѳрт бытыылканы элээрдэн киллэрдэ. Бу сырыыга бииринэн түмүктэммэтибит. Иккиһи эмиэ дайбаан кэбистибит.

  • Дьэ ноо бэ5эһээ табыллыбатым.
  • Хайдах?
  • Оттон кѳстѳн кэлэ турар.
  • Туох?
  • Оттон Вера.
  • Хайдах?
  • Уураһаары гыммытым олох атын уос, сырай, кыыс! Хайдах да уураһар кыа5ым суох эбит. Ыксаан сразу тѳннѳн кэлбиппит. Ааста диэбитим – ааспатах. Бѳѳлүүн эмиэ сордоото. Чэ ити хааллын иһиэх.
  • Оттон киинэ5э барбаппыт дуо?
  • Мин барбаппын, барар буоллаххына бэйэҥ бар. Миигин ыйыттахтарына сиргэ барбыта диэр. Киһим хомунан киинэлээтэ. Мин таһырдьа тахсан олордум. Истэ5им аайы ѳссѳ кэлэн иһэр курдук гынар. Ыксаан дьиэ5э киирэн сыттым. Санаабар Вера иһимэ диир курдуга. Онтон олох умулан хаалбыппын. Арай туһээтэхпинэ хоспор Вера киирэн кэлэр.
  • То5о эн миигин ыныра5ын? Эн биһи тапталбыт бүппүтэ дии.
  • Ыҥырбаппын, бэйэн барбакка сордоотуҥ дии?
  • Суох, мин барбытым. Самолёт илдьэ барбыта. Эн онно киирбитиҥ буоллар, мин хаалыам этэ. Чэ, наһаа айманыма, аны кѳстүѳм суо5а. Ол да буоллар, ити кыыһы бырах – кини эн аналыҥ буолбатах.
  • Хайдах – диэбитинэн ороммор олоро биэрдим.

Дьиэ иьэ уу чуумпу. Арай истиэнэ5э чаһыы маятнига тыаһыыр.

    Ойон туран таһырдьа тахсан табаахтаатым.

  • Бээрэ. Тугу-тугу туһээтим. Илэ курдук дии. Бырах диэтэ дуу? Аналыҥ буолбатах диэтэ буолбат дуо? Ээ сылаам уонна аргы о5уста ини. Ама оннук буолла5ай? Чэ-чэ кѳрѳн иһиллиэ. Хас чаас буолта буолла. Хайдах эрэ үс чаас иҥин курдук. Син утуйбуппун быһыылаах. Били Павлик кэлин кэлэ сылдьыбыта дуу – суо5а дуу? Били аспыт бүппүтэ дуу – суо5а дуу? Дьиэ5э киирэн кѳрүѳххэ.

Хоспор киирбитим били барахсан, биир ордон, остуол кэннигэр кылбайан, кѳстѳр.

  • Ээ Павликка бара сылдьыахха. Ба5ар Миланы кѳрүѳм.

Санаатым – толордум. Били барахсаны уктаат киһибэр тэбинним. Тиийтим, киһим саҥа волейболлаан кэлбит. Чай кутта сылдьар. Тахсан били табаарыһы боппуруоһун быһаардыбыт. Мунньах боппуруоһа утарылаһааччы суо5унан сууххай со5устук быһаарылынна. Мунньахсыттарга перекур биллэрилиннэ.

  • Ноо, маарыын миигин ким да ыйыппата ини?
  • Оттон Мила суохтаан эрэрэ. Ханна барда да, ханна барда диэн сордообута.
  • Павлик киирэн тахсыый?
  • Утуйдулар ини.
  • Буоллун, миигин ыҥырар диэ.
  • Туохпун сүтэрэрим баарай, киирэн да тахсыахха сѳп буолла5а дии.

Киһим анараа аанҥа киирэн хаалла. Урут да, билигин да дэриэбинэ дьоно ааннарын хатанааччылара суох. Киһим ѳтѳр буолбакка бу тахсан кэллэ.

  • Билигин тахсыа. Хата утуйа иликтэр эбит – диэн баран дьиэтигэр киирэн хаалла. Сонно тута, Мила тахсан кэллэ.
  • Привет!
  • Привет!
  • Маарыын киинэ кэннэ күүтэ сатаабытым.
  • Ээ, сиргэ баран кэллим.
  • Павлик эппитэ.
  • Мила кыратык хаамса түһэбит дуо? Кыыһым илиибиттэн ылла уонна хаамса турдубут.
  • Мила бэ5эһээннини бырастыы гын! Кэлин кэпсиэ5им Мин бэ5эһээ хайдах да туохтуур кыа5ым суо5а.

Кыыһым саҥарбат. Кулууп кэннигэр баран, күѳлү кѳрѳн, турдубут. Эмиэ эргилиннэрэ тартым. Бу сырыыга, мэһэйэ суох, уурастыбыт. Хайдах эрэ уураһартан атын санаа да суо5а. Тохтоло суох, ахтыспыттыы, уһуннук уурастыбыт. Сылаас-сылааспытыгар, эт-эппитигэр сыстыһан таптал кынатыгар уйдаран – түлэй түүнү бараатыбыт. Дьон туруута, сарсын ыһыахха бииргэ сылдьыах буолан, ара5ыстыбыт. Дьиэбэр тиийээт хаптайдым.

    Күнүс эбиэт са5ана уһугуннум. Хайдах эрэ дэлби ыалдьан уһугуннум. Тѳбѳм ыарыыта сүрдээх, хайа бараары хаайар. Хотуолуох да курдукпун. Лаппа температураламмыппын. Арааһа, бу сай ортото, тумуулаабыппын быһыылаах. Бѳѳлүүн ырбаахыннан сылдьыбытым о5уста быһыылаах. Ыһыахха, түһүлгэ5э киирэр туһунан толкуй да суох буолла. Таһырдьа, сырылатан-сырбатан, куйаас да куйаас. Мин буолла5ына титирии сытабын. «Зуб на зуб не поподает». Павлик тиритэн-хорутан киирэн кэллэ.

  • Хайа бу киһи тура илик! Оттон ыһыах? Оттон Мила? Чэ тур, бүгүн эйигинэ суох ыһыах буолбат үһү! Сырайбын-харахпын кѳрѳн баран:
  • Хайдах буоллуҥ?
  • Тумуулаатым быьыылаах.
  • Ѳлѳттѳрбүккүн быһыылаах.
  • Хантан!?
  • Оттон мунньах аһа.
  • Суох, суох! Тумуу.
  • Чэ билигин таһаарыахпыт – диэтэ да суумкатыттан буокка хостоон таһаарда.
  • Манны «тап» гыннар, оччо5о ааһыа.
  • Кэбис ноо, куһа5ан буолаарай?
  • Истэххинэ чэпчиэ.

Биирдии порсияны, аһыыр аппарат диэки, аһыыр5ата-аһыыр5ата – атааран кэбистибит. Хайдах эрэ киирдэ. Хотуолуох курдукпун.

  • Чэ мин бардым. Кимиэхэ, тугу тиэрдэ5ин?
  • Бар-бар, онноо5ор бараах барар! Оттон киэһэ, үҥкүүгэ, бэттэх кэллэхпинэ тиийиэм. Атынын бэйэҥ билэ5ин.

Уолум «элэс» гынан хаалла. Абырахтанан да абырамматым. Ѳссѳ ыарыйдым. Киэһэ үҥкүүлүүр кыах суо5а. Мила кэтэстэ5э. Ба5а баһаам да кыах суох. Сарсыныгар харахтан сыыһы ылбыттыы – чэмэлкэй туран кэллим. Хонтуора5а тиийбитим:

  • Бүгүн хомунан оккутугар барыҥ! – диэн хаайа олороллоро.

Быстыахпыт дуу, ойдуохпут дуу хомунан бардахпыт дии. Ол са5ана ыһыахтаатыҥ да сарсыныгар окко атаараллара. От биригээдэлэригэр дьону, сэби-сэбиргэли, техниканы түҥэппиттэрэ ыраатта. Онон сээкэйбит почти бэлэм этэ. Арай бэйэбит эрэ хомунарбыт хаалан турара. Мин дьиэбэр кэлэн хомунар аакка түстүм. Мыла баарын үрдүнэн Миланы кѳрѳѳрү ма5аһыынҥа та5ыстым. Прилавокка подругата турар. Кыратык тэпсэҥнии түһэн баран, мыылабын ыллым.

  • Окко бардым – диэтим.

Тахсан таарыйа «ыһыкпын» биири ыллым. Атыыһыттар үѳрбүттэр ахан.

  • Дьэ бүгүн эр дьон сыбыытыыр күнэ буолбут, атыы бѳ5ѳ барда – дэһэллэр. Ор буолбатахпыт, дэриэбинэ5э хомуһан, айаннаатыбыт. Дэриэбинэттэн тахсыыга биир биригээдэ аһыы олороругар, тохтоон, асаһан аастыбыт. Павлик ол биригээдэ5э баран иһэрэ.
  • Ноо, мин эйиэхэ кэпсээннээхпин, чэ кэлин бэйэҥ да истиэҥ – диэтэ ара5ан эрдэхпитинэ, быыс булан. Оттуу бардахпыт ол.

    Бу кэпсээммэр, сыһыана суох да буоллар, кыратык от туһунан кэпсээн ааһыым. Отделения түѳрт-биэс полумеханизированнай биригээдэлэри, хас да илии биригээдэлэрин тэрийбитэ. Мин ол полумех биригээдэ5э кээһээччи быһыытынан барыстым. Онно икки от охсор МТЗ, биир мунньар МТЗ уонна кээһиигэ биир ДТ баара. Уопсайа уон икки этибит. Тырахтарыыстартан ураты а5ыс от кээһээччи баара. От охсооччуларбытын бастаан эрэ кѳрбүппүт. Бастаан тиийбит сирбитигэр икки кун о5устаран баран, бүтэн атын алааска кѳспүттэрэ. Биһиги тиийэн икки күн бэлэмнэнэн баран мунньан, кээһэн барбыппыт. Күнҥэ уон икки, уон үс оту кээһэрбит. Ардах мэһэйдээбэтэ5инэ күн иллэҥэ суох сылдьарбыт. Хата ону ардах, сотору-сотору, кэлэн сынньатара. Ол сыл ардах түһэ сатаабыта. Соро5ор хастыы да күн кутара. Күһүѳрү, кус о5ото кѳтѳн, арыый дьарыктаммыппыт. Тиийбит күммүтүгэр улахан «Сабантуй» буолла. Балаакка таһыгар хоммут диэн, аҥара балаакка5а хоммут диэн элбэх этэ. Биир быйыл оскуоланы бутэрбит уол баара. Киэһэ аһыы олорон миэхэ:

  • Ноо, «тис» гына бара5ын дуо? – диэн ыҥырда.
  • Чэ – диэн батыстым.

Тыа са5атыгар тиийэн уолум тохтоон:

  • Бэ5эһээ ыһыахха то5о сылдьыбатыҥ? – диэтэ.
  • Ээ ыалдьан тарайа сыттым.
  • Чэ, кэпсиим да5аны. Ити атыыһыттыыр Мила диэн кыыс эйиэнэ дуо?
  • Оттон миэнэ да буолбатар, бииргэ сылдьабыт.
  • Бэ5эһээ били Уйбаанныын куустуһан баран сылдьаллара. Арахсыах быһыылара кѳстүбэт этэ. Дьон баар диэбэккэ уураһан чобур5атыһыы этилэр.
  • Ханнык Уйбаан?
  • Отто били, соторутаа5ыта армияттан кэлбит.
  • Чэ сылдьан кѳрдүннэр, мин арахсыбытым – диэтим, испэр кымаахтаатар да.
  • Ээ ону этээри гыммытым.
  • Ити хааллын – диэн дискуссияны тохтотон кэбистим.

Дьиҥэр, маарыын Павлик кэлэ5эйдээбитигэр, хайдах эрэ ытырыктата санаабытым. Ол эрэн аһара убана илик буолан дуу, хайдах дуу улаханнык ѳлѳттѳрбѳтүм. Кыра күнүүлүүр курдук санаа эрэ киирэн тахсыбыта. Ити курдук биир ый ааста. Мин ол тухары биирдэ да дэриэбинэ5э барбатым. Возможность баара да, хайдах эрэ, барыахпын ба5арбат этим. Биирдэ, мунньааччы уол, ыһык ыла дэриэбинэ5э баран кэлэн баран, миигин ыҥырда.

  • Ноо, мунньарбын кэтэргэ кѳмѳлѳс эрэ.

Мунньара тэйиччи ходуьа5а сытара. Тыраахтарга олорон онно тэптэрдибит. Тыраахтартан түһэн чугаһыырын кэтэһэн турдум. Киһим кабинатыгар тугу эрэ хасыһар. Онтон икки буоккалаах туһэн кэллэ.

  • Бу эйиэхэ – диэн баран туттаран кэбистэ.
  • Хантан?
  • Били ма5аһыынҥа үлэлиир Мила диэн кыыс ыытта – диэтэ.
  • Хайдах?
  • Бу да киһи, айаххын атанҥын. Оттон эйиэхэ аадырыстаан ыытта5а дии. Уонна тылынан: «Бырастыы гыннын» - диэбитэ.

    Оннук сайын ааспыта. Биричииэ булла-була дэриэбинэлээбэт этим. Хайдах да уһата сатаабыт иһин, күһүн барахсан кэлэр. Биир ардахтаах, силбик күн, оттоон бүтэн, дэриэбинэ5э кѳһѳн кэллибит. Сайыны быһа сылдьыбатах киһиэхэ дэриэбинэ уларыйбыт курдук буолан кѳрүстэ. Ардах түһэн киэҥ да уулуссалар – кыараабыт курдук кѳстѳллѳр. Дэриэбинэ дьиэлэрэ илийэн – эргэрбит-самнайбыт курдуктар. Дьиэбэр киирэн аһаан баран сыттахпына Павлик киирэн кэллэ. Кинилэр биригээдэлэрэ үнүр кѳһѳн киирбиттэр. Ону-маны кэпсэтэ таарыйа биир кыһылы дьаһайдыбыт.

  • Ээ, бүгүн танцы буолар, барар инигин?
  • Оттон бараа инибин, кулуупка сылдьыбатах да ыраатта.
  • Ноо, били Мила үѳрэ5э бүтэн манна үлэлии кэлбит.
  • Үлэлээтин ээ.
  • Билигин оркестрга ыллыыр дэһэллэр. Бүгүн оонньууллар үһү.
  • Чэ бардахпытына кѳрүѳхпүт .

Ансамбль туһунан кыратык быһаара түһүүм. Ол са5ана ВИА-лар бумнара этэ. Ханнык да дэриэбинэ5э тиий – син-биир ВИА-лаахтара. Бу кыһын, биһиги эдэр ыччат, харчы мунньан инструмен атыыласпыппыт. Кулууп дириэктэрэ кѳл5үлээн ансамбль тэриммиттэрэ. Онон эмиэ атын дэриэбинэлэр курдук ансамблламмыппыт. Билигин да, ол ансаамбылы ахта саныыбын. Син бэркэ оонньууллара. Танцыга эмиэ оонньоон үѳрдэллэрэ. Кэлбит-барбыт дьоннор хай5аатахтарына бары да, сүѳм үрдүүрбүт. Хас да солистах буолааччылар. Кыргыттар да онно ыллыыллара. Ол ансаамбылтан са5алаан, бэйэлэрин кэмнэригэр, республика5а биллэр – ырыаһыттар, музыканнар үүнэн тахсыбыттара. Ол бэйэтэ туспа остуоруйа. Киэһэ хараҥарыыта, бадараанҥа түһэ сыыһа-сыыһа кулууптаатыбыт. Уулуссаны нэһиилэ туораатыбыт. Барыта колья уонна бадараан. Хата этэҥҥэ туораатыбыт. Эмиэ кулууп күүлэтэ толору киһи. Хараҥа5а табаах уота бѳ5ѳ кѳстѳр. Дьон саҥата толору. Биһиги эмиэ, олорго холбоһон, кыратык туран табаахтыы түстүбүт. Дорооболоһуу, куустуһуу, кэпсэтии-ипсэтии. Кѳрсүһүү официальнай чааһа бүппүтүгэр иһирдьэ киидибит. Киирбиппит уолататр бѳ5ѳ бильярдтыы сылдьаллар. Эмиэ дорооболоһуу куустуһуу, кэпсэтии-ипсэтии. Фойе5а а5ыйах киһи үҥкүүлүү сылдьара кѳстѳр. Фойе түгэ5эр подмостка музыкан уолаттар кѳстѳллѳр. Настройкаланаллар быһыылаах. Сыыйа-баайа кулууп иһэ дьонунан туолла. Мин, уочаратым кэлэн, бильярдтаатым да – хотторон кэбистим. Арай ол турдахпына сѳҥ кыраһыабай ба5айы куолас: Зал иһин толорор музыка,
Дьон бары үҥкүүгэ эргийэр,
Арай кыыс со5отох чуҥкуйан,
Муннукка мунчааран олорор.

  • диэн ыллаан барда. Мин фойены ѳҥѳйѳн кѳрдүм. Арай подмостка Мила ыллыы турар. Киирэн аанна турдум. Санаабар Мила миигин кѳрѳр курдук гынар.

Динамиктан:
Кэтэһэр эрэнэр киһитэ,
Атынныын куустуһан киирбитэ,
Кыыс диэки эргийэн кѳрбѳккѳ,
Үҥкүүгэ эргийэн барбыта.

  • диэн ырыа дуорайар.

Санаабар Мила эрэ буолбакка, кулууп барыта миигин кѳрѳр курдуктара. Ырыаны ситэри истибэккэ тахсан бардым. Хайдах эрэ эмискэ иһиэх санаам оонньоон кэллэ. «Били Павлик ханна түспүтэй? Дьиэ5э кѳстүбэт. Таһырдьа баара дуу» - дии дии – таһырдьа та5ыстым. Таһырдьа тахсыбытым, кулууптан тэйиччи, уолаттар бѳ5ѳ бѳлѳхтѳһѳн тураллар. Табаахпын уматтаат – олорго бардым. Тиийбитим охсуһуу буолаары турар эбит. Хайа эрэ уол – хайаларын эрэ ата5астаабыт. Разборка ортолоон эрэр эбит. Сутуруктаһаллара эрэ хаалбыт. Мин аһары боксер да буолбатарбын, кыһыны быһа, син эрчиллиилээх этим. Итинник разборкалар куруук да буолбатар – син буолаллар этэ. Бүтэһигэр, туохтан охсуһуу буолбутун билэр да дьон а5ыйах буолааччы. Бу сырыыга «билбэччэй» мин. Ол оннугар, кэлин ким да иэс баайса сылдьааччыта суох. Сарсыныгар биир ферма5а саах күрдьүѳхпүт баар ээ. Уонна хотторбут киһини илдьи кырбааһын суо5а. До первой крови – диэбит курдук. Тиийээппин кытта бастакы сыҥаах тыаһаата. Ону кытта са5аланна5а ол. Мин да кѳрѳн туруом дуо? Уҥа-хаҥас дайбаһан бардым. Хаста да, ыарылаах со5устук, таптардым да – син атахпар сырыттым. Павлик иҥин дьон быыһыгар кѳстѳн ааһара. Онтон, ким эрэ кэннибиттэн илиибин харбаабытыгар, сутурукпун туппутунан, эргиллэ түстүм. Илиибин Мила тутан турар эбит. Хара5ыттан уу-хаар баспытынан, клубоктан соһон таһаарда. Тѳһѳ да иирэ сырытталлар – кыыстаах киһини ким да охсооччута суох. Онно кѳрдѳхпүнэ охсуһуу уота намтаабыт. Үксүлэрин дьонноро тохтоппуттар. А5ыйах хаалбыта – «словеснай дебатка» кѳспүттэр. Быһата разборка почти бүппүт. Онон манан кѳ5ѳрбүт, бааһырбыт элбээбит. Ол разборка туохтан буолбутун – билигин да билбэппин. Мин уоһум лаппа ыалдьар. Сыҥаахха да сутурук ыалдьыттаабыт «сылааһа» биллэр. Сутуруктарым да аһыйаллар, тириитэ сороломмут быһыылаах.

  • Хайдах буолан охсуһа сылдьа5ын! Соторутаа5ыта аанҥа турар курдугун дии – дии Мила платогунан уоспун сотор.

Хара5ыттан уу таммалыыр. Хайдах эрэ уураан ылыахпын ба5ардым. Санаатым – толордум. Харах уута, помада, хаан буккуһан хайдах эрэ хабархай амтаннаммыт.

  • Мила ханна эрэ барыахха эрэ
  • Бэйи мин таҥнан тахсыам. Охсуһуу буолла диэттэрин кытта – турбуппунан тахсыбытым. Плащпын ылаат тахсыам. Манна кэтэс, эмиэ охсуһаайаххыный!

    Кыыһым ѳр буолбакка та5ыста, күлэр.

  • Диэ5э киирэн таҥна туран сиэркилэ5э кѳрбүтүм – дьаабы кѳстүү. Сырайым барыта хаанынан биһиллибит, хара5ым кырааската таммалаабыт. Быһата киһи күлүѳх курдук. Дьон бѳ5ѳ кѳрдѳ5ѳ. Хата умывальникка уу баар эбит. Сор түргэнник суунаат кэллим – диэтэ.

Дьэ онтон, куустуһан баран тэпсэҥнии турдубут. Ханна да буоллун, лишь-бы кулууптан эрэ ыраах буоллун. Сотору-сотору, тохтуу-тохтуу – уураһан чобур5атыһыы. Ахтыспыппыт эбитин. Биир сиргэ тиийэн, бэрэбинэ үѳһэ олорон, таптаһыы бѳ5ѳ буоллубут.

  • Миигин бырастыы гын! Ыһыахха эн кэлбэтэххэр – аһары хомойбутум. Подругабынаан биир кыһыллаахпытын испиппит. Иһэн да диэн, үксүн мин хантаппытым. Уонна онно кими кытта да сылдьыбыппын ѳйдѳѳбѳппүн. Чэ бэйэҥ да истибитиҥ буолуо. Билигин кэлэн кэмсинэн да диэн. Урут аргы испэт этим. Дьиэбэр подругам тутан илдьибит этэ. Сарсыныгар кыбыстаан бѳ5ѳ. Киэһэ дьиэ5эр тиийбитим – баран хаалбыт этиҥ. Үѳрэхпин бүтэрэн баран – манна кѳрдѳьѳн та5ыстым. Санаабар, сайыны быһа биирдэ эмит кэлиэ диэн кэтэспитим. Кэлбэтэ5иҥ. Маарыын кэлэн трактортан түспүккүн, ма5аһыын түннүгүнэн, кѳрбүтүм. Танцыга долгуйа-долгуйа кэлбитим. Эн кэлэн, бильяртыы сылдьаргын кѳрѳн – үѳрбүтүм ахан. Ыллаабыппар киирэн кѳрѳн турарыҥ дии. Онтон: «Охсуһуу буолла» - диэбиттэригэр, сразу эйигин санаабытым. Тахсыбытым «тэлэмээттэнэ» ахан сылдьарыҥ дии. Илиигин тутаммын нэһиилэ тохтоттум. Туохтан охсустуҥ?
  • Ээ, оттон бары охсуһаллар. Мин да хайдах кѳрѳн турдамый.
  • Акаары, арай үлтү кырбаммыт буол!
  • Ааһыа буолла5а.
  • Мин кутанным ахан. Ол дьон охсуһуутугар то5о кытынныҥ?
  • Билбэппин, оттон эйигин кѳрѳн хайдах эрэ, санаам оонньообута.
  • Мин эйигин кѳрѳѳт наһаа үѳрбүтүм. Сайын то5о кэлэ сылдьыбатаххыный?
  • Оттон, хайдах эрэ – эйиэхэ хом санаалаах курдугум.
  • Сайыны быһа кэтэспитим. Бүгүн булгу быһаарсардыы сылдьыбытым. Хата ону охсуһуу быһаарда. Итэ5эй-итэ5эйимэ, эйигин бастаан дьиэҥ аттыгар олороргун, кѳрѳѳт сѳбүлээбитим.
  • Миэхэ эмиэ оннук баара.

Түүн биллибэккэ ааспыта.
Онтон ыла күн аайы кѳрсѳр буоллубут. Бэйэ-бэйэбит кѳрсүбэтэхпитинэ сатаныа суох курдукпут. Аргы да испэт буоллум. Арахсыахпыт эрэ дии санаабаппыт. Куруук бииргэ буолуох курдукпут. Ол эрэн олох чааркаана иитиллэн ырааппыт этэ.
Биир субуота5а дьону кытта куобах үүрэ бардым. Сарсыныгар хонукпутугар кэллибит. Син бултуйдубут. Мин биир саьылы дэҥнээтим. Били Лев Попов ыллыыр украинкатын курдук Мила сырайын оҥорон кѳрѳбүн. Бултуйдахпына күн аайы,
Туһээн кѳрѳн үѳрэбин,
Мин саһылбынан симэммит –
Украинкам мичээрин.
Диэн быһыылаа5а. Дьиэбэр кэлбитим дьонум биир сонуннаах олороллор.

  • Бэ5эһээ, эйиэхэ сэбиэттэн бэбиэскэ кэлтэ. Армия5а ыҥырбыттар – диэтэ эбэм, чай кута туран.
  • Сарсын сарсыарда рабкооп массыыната 7 чааска барар үһү. Онон киирэр үһүгүн.

Аһаат Мила олорор дьиэтигэр сүүрдүм. Чугаьаан иһэн кѳрбүтүм – икки киһи күлүгэ уулуссаннан бара турдулар. Ыга куустуспуттар а5ай. Дьиэ5э тиийэн тоҥсуйдум. Ааны Мила убайа арыйда.

  • Мила суох! Маарыын барбыта. Эйигинниин барбата5а дуо?

Ааны сабаат уулусса5а сүүрэн та5ыстым. Күһүнҥү хараҥа5а дэриэбинэни биир гына кѳрдѳѳбүтүм да, булбата5ым. Билигин санааахпына булбата5ым да ордук курдук эбит. Оччолорго санаа атын этэ. Быһаарсан баран – тэйэр санаалаа5ым. Сарсыныгар кузовка олорон военкомоттаабытым. Үс хонон, армия5а барар буолан тѳннүбүтүм. Кэлэн баран кѳрсүбэккэ сырыттым. Үлэбиттэн уурайан, барардыы ох курдук оҥостуу. Мила туһунан санаабата5а буола сатыыбын. Атаарыыннан сибээстээн аргыбын эмиэ «кыл» кыннарар буоллум. Биир киэһэ үҥкүүгэ тиийбитим – кулууп иһэ толору кыыс аймах. Училищелар концертыы кэлбиттэр. Арай, биир кыыс миигин кѳрѳр да кѳрѳр. Онтон, табаахтыы тахсан турдахпына, кулууптан батыһан та5ыста.

  • Хайаа билбэтим дии, олох уларыйан хаалбыккын – диэн соһутта.
  • Ол миигин хантан билэ5ин?
  • Оттон былырыын манна практикаламмыппыт дии, эн Вералыын сылдьар этиҥ дии.
  • Мин эйигин олох ѳйдѳѳбѳппүн.
  • Хантан ѳйдүѳнүй? Вераттан атын дьон баарын кѳрбѳт да курдугуҥ.
  • Кырдьык кими да ѳйдѳѳбѳт эбиппин.
  • Вера суруйар дуо?
  • Дойдутуттан суох. -Чэ мин тѳҥнум киирэбит дуо?
  • Киириэххэ.

Ол киэһэни быһа ол кыыстыын үҥкүүлээтим. Онно да аатын ыйыппата5ым, билигин да билбэппин. Үҥкүү бүтэрин са5ана фойе5а Мила биир кыыстыын киирэн кэллилэр. Холуочуктара – киһи хара5ар быра5ылла сылдьар. Миигин кѳрѳѳт хааман кэллэ.

  • Таһырдьа тахсан кэпсэтиэх – диэтэ да, тахсан барда.
  • Туохха кэлэ сырытта?
  • Наада5а. Сотору кэлиэм – диэтим да – Миланы батыһан та5ыстым.

Мила эргиллэн кѳрбѳккѳ, совхуос хонтуоратын диэки бара турда. Кэнниттэн батыһан, ситэн ыллым. Кыыһым дьэ тохтоон – эргиллэ түстэ.

  • Ити аата бүттүбүт дуо?
  • Бүтэн.
  • Мин эйигин таптыыбын дии.
  • Үнүргээнҥэ дылы мин эмиэ оннук саныырым.
  • Оччо5о?
  • Үнүр кѳрбүтүм.
  • Ол мэнээк, тулуйбакка.
  • Ѳйуун барабын. Онон туһата суох.
  • Күүтүѳм этэ буолла5а дии.
  • Таах кураана5ы то5о кэпсэтэбит?
  • Оччо5о барыахха.

Кууһан ылан убураан ыллым уонна бара турдум.

  • Туох диэтиҥ? – кэннибиттэн.
  • Бүттүбүт. Дьоллоох буолаар!

Кулуупка киирбэккэ дьиэлээтим.
Ѳйүүнүгэр сарсыарда туран армиябар бардым. Дьиэттэн тахсарбар эбэм хара5ыттан уу-хаар баһан, сыллыы-сыллыы:

  • Кэлэргэр тиийэбин дуу, суох дуу – дии-дии боруокка туран хаалбыта. Эбэм кэлэрбэр тиийбитэ, но атын сиргэ олорор кыыһыгар кѳспүт этэ. Эбэм эрэйдээ5и кытта уонна бииргэ олорботохпут. Армияттан кэлэн баран, бара сылдьыбытым. Эбэм эрэйдээх лаппа хотторбут этэ. Биирдэ командировка5а баран иһэн киирбитим, эбэм эрэйдээх – ѳлѳѳрү кими да билбэт буола сытара. Тѳннѳн иһэн харайсан ааспытым.
    Оттон Миланы ол кэннэ кѳрбѳтѳ5үм. Сура5а дойдутугар – ыал буолан, дьоллоохтук олорор үһү. Билигин ыал эбээтэ буолла5а. Онон түүлүм туолбута.
  • Этэнҥэ буол Мила! – диэн алгыыбын.

Хаамаайы 25 декабря 2011
Аа5ааччыларбар

Барыгытын кэлэн иьэр Сана Дьылынан! Дьоллоох-саргылаах буолун! Доруобай буолун! Дом! Дом! Дом! Бу мин буккуурдаах олохпуттан икки тугэни суруйдум. Сатаан суруйбат киьи, санаабар бодьоолуу сатаатым. Аахтаххытына суруйан иьин. Эьиги санаа5ытын билиэхпин ба5арабын. Ба5ар, эьиги кынаттаатаххытына, эбии тугу эмит суруйуом. Санаа баьаам да бириэмэ суо5а бэрт. Чэ этэннэ буолун! Эрэллээх буолун! Хаамаайы.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
16.11.2024 13:42

Хаамаайы 28 декабря 2011
Герой биир, кэпсээн атын. Эмиэ таптал

Аня

    Военкоматтан тахсан остолобуой диэки хаамыстыбыт.

  • Ураа! Аны гражданскай дьоннорбут – дии-дии бэргэһэбитин үѳһэ быра5аттыыбыт. Табаарыспынаан Дьууруйдуун, икки сыл бииргэ сулууспалаан, бүтэн – дойдубутугар маарыын сарсыарда самолёттан «чиккэс» гына түспүппүт. Бу военкоматка учётка туран тахсан иһэбит. Иккиэн, хара маннайгыттан – бастаан учёбка5а, онтон войска5а бииргэ сырыттыбыт. Иккиэн противотанковай взвод отделениятын командирдарабыт этэ.

Сержаннарбыт. Уежают в родные края Дембеля, дембеля, дембеля. Никуда ни смотри В эти зимние дни – Всюду пьяные ходят они!

  • диэн ырыалаахпыт. Таҥас-сап мааны, килэбэччийэн олорор. Гормошка саппыкыбыт шпората ыраахтан «чылыр5аан» олорор.

Арай остолобуойга киирбиппит түгэх диэки остуолга, табаарыһым Павлик убайа Ѳлүѳсэ аһыы олорор. Дьэ тиийэн дорооболоһуу, куустуһуу бѳ5ѳ буоллубут.

  • Скорайга суоппардыыбын, биир о5олоох дьахтары кѳрдѳрѳ а5албытым. Аһаан баран чүѳчэбин ылан тѳннүѳм. Ээ эһигини ылан бѳ5ѳ буолла5а. Миэстэ баһаам – диэтэ.

Кэпсэтэ-кэпсэтэ аһаатыбыт. Павлик Монголия5а сылдьар эбит. Иккиэн да суруксута суох муҥнаахтар – сүтэрсибиппит ыраатта. Бастаан суруйан иһэн сүппүтэ. Сааскы призывка хабыллан барбыт. Дьоммуттан сурук туппата5ым эмиэ ыраатта. Хас да ый буолла. Онон сонун элбэх буолла5а. Дьэ, эбиэттээн бүтэн чүѳчэбитин баран ыллыбыт. Уонна биир миигиттэн а5а уол баар. Дьууруйум биһигиттэн чугас дэриэбинэ уола. Оскуолалара восьмилетка буолан – биһиэхэ кэлэн, миигиттэн биир кылаас алын үѳрэммитэ. Дьэ онон айаннаатахпыт дии. Кѳрсүһүүннэн бытыыкка бѳ5ѳ хаһаанныбыт. Суолга хаста да тохтоон – аһаатыбыт. Чүѳчэбит – урут билбэт чүѳчэм эбит. Биир биэстээх о5ону илдьэ сылдьар. Мин почти испэтим. Дьиэбэр итирик тиийэр санаам суох. Хата Дьууруйум син туттумахтаата. Лаппа «мыччыһынна». Ол курдук айаннаан Дьууруйум дэриэбинэтигэр кэллибит. Ѳлүѳсэ тохтоон:

  • Ноо, Дьууруй түс дьиэ5эр кэллиҥ – диэтэ.

Киһибит тахсан иһэн:

  • Дьиэм ханнаный? Ээ бу турар эбит – диэтэ.

Киһибитин туһэрээт «сур» гынныбыт. Туннугунэн кѳрдѳхпүнэ киһим сайыспыттыы батыһа кѳрѳн хаалла. Сайыспакка, икки сылы быһа «все тяготы и лишения воинской службы» бииргэ тэлэн кэллэхпит, эн-мин дэстэхпит. Киһи бииргэ разведка5а сылдьар табаарыһа.Уулусса ортотугар, кыра чемодан о5олоох, сайыспыттыы, кѳрѳн туран хаалбыта – билигин да харахпар баар. Холуочуйбучча уйадыйда5а да5аны. Уол о5ото строй иннигэр чиккэҥнээтэ5инэ кѳрүѳҥ! Дэриэбинэм эрэйдээх оһохторо бур-бур буруолаан ыраахтан нэлэһийэн кѳһүннэ. Чугаһаатах аайы күндүтүйэн кѳстѳр буолла. Кулууп аттынан ааһан иһэн кѳрдѳхпүнэ: «Пираты ХХ века» - диэн афиша кѳстѳр. Мин чааспыттан ара5арбар эмиэ ол киинэ кѳстѳ хаалта. Массыына мин дьиэм иннигэр кэлэн хорус гынна. Мин покалаһан тахсан эрдэхпинэ Ѳлүѳсэ шинельбыттан тардыалаата.

  • Ноо, эн манна олорбоккун, ити дьахтар түһэр – диэтэ.

Мин, хайдах да ѳйдѳѳбѳккѳ, миэстэбэр «лах» гына олоро түстүм. Үйэм тухары олорбут дьиэм – хайдах атын дьон дьиэтэ буолбутун ѳйдѳѳбѳтүм.

  • Ноо, дьонуҥ кѳспүттэрэ. Билигин убайгар илдьиэм – диэтэ.

Онон убайым аахха тиийэн түстүм. Дьиэ5э киирбитим убайым аах үѳрэ кѳрүстүлэр.

  • Хайа, Брежневы кытта бииргэ киирэн кэллиҥ – диэтэ убайым.

Онно телевизорга кѳрбүтүм – Брежнев хайа эрэ дойдуга тиийэн, самолёттан трабынан, туһэн эрэр. Дьэ итинник, икки сыллаах иэспин тѳлѳѳн дойдубар – тиийэн кэллим. Эбэм кыыһыгар балтыбын илдьэ барбыт. Быраатым убайыгар олорор эбит. Онон дьиэбит, семейнай очагпыт, ыһыллыбыт. Билинҥиннэн ыллахха армияттан БОМЖ буолан кэлбиппин. Баар суох – тѳрѳѳбүт уйата, дьиэтэ суох хаалбыппыт. Мин кэлэрбэр кыраннан тиийбэтэхтэр. Ити билинҥи санаам. Оччолорго итинник санаа суо5а, эдэр да буолла5ым, үѳрүү да мэһэйдээтэ5э. Санаьһм ма5аһыынна сүүрэн «лимитин» биир кыһылы а5алла. Остуол хотойорунан ас тарта. Үѳрүү-кѳүү үксээтэ. Дьэ дьэргэстэй ыһыа5а са5аланна5а. Икки сылы быһа дойдубун, дьоннорбун ахтыбыт да эбиппин. О5олор эрэйдээхтэр үѳрбүттэрин кѳрүѳн этэ. Саараама, олох хаамтарбаттар. Олох үлбүрүйэн олороллор. Ѳссѳ биир о5оломмуттар. Онтукалара остуолга о5о устуулугар «чалбааттыы» олорор.

  • Убаай – дии-дии соһулла сылдьаллар.

Киэһэ киинэ5э бардым. Кулуупка тиийбитим уларыйбатах курдук. Эмиэ таһырдьа уолаттар бѳ5ѳ хочугураһан тураллар. Эмиэ «сугэ ыйанар» буруота. Санаабар бэ5эһээ эрэ манна табаахтаһа турбут курдукпун. Мин онно тохтоон кэпсэтии-ипсэтии бѳ5ѳ буоллум. Эмиэ дорооболоһуу, куустуһуу, үѳрүү-кѳтүү, табаахтааһын. Миигин кытта ыҥырыллыбыт уолаттар бары кэлбиттэр. Бутэһик мин эбиппин. Кѳрсүһүү уо5а у5араабытыгар кулуупка киирэн билиэппин ыллым. Биир үѳрбүт-кѳппүт кыыска билиэппин быстаран залга киирдим. Зал ыы-быччары дьон мунньустубут. Бастакы эрээттэргэ били о5онньоттор, эмээхситтэр уруккуларын курдук олороллор. Икки сыл ааспата5ын курдук. Санаабар бэл сонноро да уларыйбатах курдук. Киирэрбин кытта зал иһэ чуумпуран хаалла. Мин куруук буоларыныы, кэлин диэки харбастым. Дьон хара5а барыта мин диэки. Билэр-билбэт сырайдарым бѳ5ѳ. Саатар, били подкова тыаһа, чуумпурбут залга, сыалай взвод биир тэнник тиҥилэхтээн иһэрин курдук тыаһыыр. Залы ортолоон истэхпинэ, дьэ «һуу» гыммыттыы, саҥа бѳ5ѳ хойдо түстэ. Билээччи биллэ5э, билбэттэр ыйыталастахтара. Зал түгэ5эр тиийэн миэстэ булан олордум. Кэлин биир подругам күлэ-күлэ:

  • Дьэ киьи эрэ соһуйуох курдук киирэн кэлбитиҥ – диирэ.

Ити курдук киинэ кѳрѳн та5ыстым. Киинэ кэннэ, тахсан иһэн, аанҥа үс кыыс хочугураһан тахсан иһэллэрин кѳрдүм. Хайдах эрэ олох кѳрбѳтѳх сырайдарым. Кинилэр да миигин саҥа кѳрбүттүү «тэрбэччи» кѳрѳллѳр. Биир син эттээх-сииннээх «пыш» курдук кыыһы оруу кѳрдүм. Хайдах эрэ киэҥ, хап-харахтарынан соһуйбуттуу корүтэлиир.
Таһырдьа тахсан, биир Коля диэн армия5а, учёбка5а, бииргэ сулууспалаабыт уолбун кѳрсѳ түстүм. Киһим кэлбитэ уонча хоммут. Онон старожил буолла5а. Били кыргыттар тахсан, дэриэбинэ со5уруу ѳттүн диэки, кэккэлээн баран – кэккэлэтэ турдулар.

  • Ноо, ити хайа кыргыттарый?
  • Ээ, бытовойдар. Ааспыт субуота5а билсибитим.
  • Оттон ити кытыыга сылдьар кыыс ким диэний? Уоллаах дуо?
  • Аня диэн парихмакерша, уоллаа5ын кѳрбѳтѳ5үм. Соторутаа5ыта кэлбит үһү. Атыттара да сайын кэлбиттэр үһү. Хайа тѳһѳ бэркэ сырыттыҥ?
  • Учугэй. Оттон уолаттар?
  • Бары кэлтэрэ. Эн бутэһиккин. Сарсын миэхэ биэскэ кэлээр, бэлиэтиэхпит. Уолаттарга эппитим. Уонна үҥкүү буолар. Бары формалаах кэлээриҥ диэбитим. Бииргэ сылдьыахпыт.
  • Чэ мин бардым сарсын кѳрсүѳхпүт – диэтим, саҥаһым кэтэһэн турарын кѳрѳн.
  • Ээ арба мин урукку эн дьиэ5эр олоробун – диэтэ, баран эрдэхпинэ.

Сүүрэн саҥаспын ситэн – дьиэлээтибит. Дойду сир салгына тыынарга үчүгэйин. Бу баран иһэн дойдубар, дьоннорбор тѳннѳн кэлбиппин дьэ итэ5эйдим. Икки сылы быһа ыра гыммыт ырам – дьэ туолбут. Армия5а сылдьан дойдубун ахтыбат этим диир ураанхайы – олох итэ5эйбэппин. Саатар дьон барыта сахалыы да саҥарара – минньигэстик киирэр ини. Сайын эбитэ буоллар алааска баран а5ыйах күн сытыллыа этэ. Нууччалар ностальгиялара – биһиэхэ сахаларга «Ааас ахтыл5ана» дэнэн эрдэ5э. Билигин сааска дылы кэтэһэргэ тиийэбин. Сахам дьоно үчүгэйдэрин, кыргыттара олох сибэкки курдуктар. Ити Аня диэн кыыс «тэрбэччи» кѳрѳн кэрэтин. Чэ бэйи сарсын кѳрүллүѳ. Всё-таки санаабын сүүйдэ. Уонна били «бабнигым» оонньоото5о. Сарсыныгар Колябар биэскэ тиийдим. Бэйэм дьиэбэр аан бастаан ыалдьыт буолан кэллим. Хайдах эрэ дьикти ба5айы. Дьиэм тастыын атын буолбут курдук. Туохтан эбитэ буолла атыҥырыы кѳрдүм. Киирбитим киһим остуол толору ас тардыбыт. Дьиэ иһэ эмиэ уларыйбыт. Онтон дьэ ѳйдѳѳтүм. Атын дьон, атын мебель, атын обстановка. Аны бу мин дьиэм буолбатах! Атын ыал дьиэтэ! Уолаттар кэлбиттэр. Бары формалаахтар, килэһии-халыһыы бѳ5ѳ. Мин киирбиппэр дьонум таҥнан бардылар.

  • Эн сыгынньахтаныма, билигин оскуола5а барыахпыт.
  • То5о?
  • Ээ оскуолалар кѳрсүьүү тэрийэллэр. Хата эн оруобуна кэлбиккин. Биэс аҥарга – военрук хоһугар баар буолуохтаахпыт. Онтон алта5а – залга о5олордуун кѳрсүһүү буолар.

Оскуола5а 9-10 кылаастарга НВП, начальная военная подготовка, диэни үѳрэтэллэрэ. Билинҥи санааннан толкуйдаатахха – уол о5о5о улахан туһалаах предмет эбит. Биһиги армия5а олох бэлэмнээх тиийэр эбиппит. Ол да иһин армия оло5ун ыарыр5аппат эбиппит. Армия5а эппиһиэрдэр Сахалары куруук тумус туттааччылар. Атын саллааттартан ордорон Сахалары бэйэлэригэр ыла сатааччылар. Сахалар үчүгэй саллааттар ахсааннарыгар сылдьааччыбыт. Икки сыл устата биир да Саха куһа5аннык сылдьарын кѳрбѳтѳ5үм. Уопсайынан элбэх Саха сылдьыбыт Приморьетыгар сулууспалаабытым. Ардыгар: «Хайыһары» ыллаан диэрэтэн иһэр роталар баар буолааччылар. Дэлэ5э полкан: «Чё китайцы наступают что-ли» - диэн ыйытыа дуо? Онон военрукпутугар хойутаан да буоллар бар5а баһыыба! НВП-га үѳрэнэр о5олор бары формалаах буолааччыбыт. Тохсус кэннэ биир нэдиэлэ полевой лаа5ырдарга сылдьааччыбыт. Дьэ онон военруктар улахан үлэни үлэлии сылдьыбыттар. Биһиги курдук молохочуостары диссипилиинэ5э такайбыттар. Ол са5анаа5ы о5олортон куһа5ан да киһи суох курдук. Мин саастыылаахтарбыттан хаайыыга да сылдьыбыт киһи суох. Ба5ар ол, манна эрэ да буолуо. Билигин оскуола5а военруктар суохтара о5о иитиитигэр улахан пробел быһыылаах дии саныыбын. Урут биһиги үѳрэнэрбитигэр, военрук, армияттан кэлбит дьону кытта корсүһүү куруук оҥорор этэ. Дьэ бу сырыыга биһиги уочараппыт кэлбит эбит.

    Киэҥ сиринэн тэлэһийэн, эргиллэн кэллэххэ оскуолабыт барахсан – кыра да буолар эбит. Үѳрэнэр са5ана – киниттэн улахан дьиэ да суох курдуга. О5о сааспыт уйата кур бэйэтэ кубулуйбатах курдук. Тѳрдүѳ буолан оскуола кѳлүдүѳрүн устун, подковалаах саппыкыннан, «лиһир-лаһыр» үктээн иһэбит. Кѳлудүѳргэ оскуола о5олоро хайдах эрэ биһи диэки ымсыырбыт курдук кѳрүтэлииллэр. «Лиһир-лаһыр» үктээн военрук кабинетыгар тиийдибит. Дьэ бу биһиги элбэхтик мѳҥүллүбүт кабинеппыт. Биирдэ, охсуһууга кыттан баран, манна хоно сыспыттаахпыт. Онно военрук «Эр киһи, солдат» туһунан туун аҥардаах лексия аахпыта. Биирдэ мантан, тиэриилээх хаатыҥкалаах киирэн баран – бачыыҥка са5аннан быһыллыбыт, хаатыҥкалаах тахсыбытым. Ол кэннэ үйэм тухары хаатыҥкабын тиэрбэтэ5им. Ол кэриэтэ уһун буолла5ына быһабын. Тоҥсуйан:

  • Разрешите – диэбитинэн кабинетка кутулла түстүбүт.

Байыаннай дьон быһыытынан военрукпутун:

  • Здравия желаем – диэн э5эрдэлээтибит.

Военрукпыт кыратык кырдьыбыт курдук буолбут. Офицерскай параднай формалаах. Барыбытын кууһан сыллаталаан ылла, хара5ыттан уу-хаар баспыт.

  • Вижу, вижу – дэтитэлиир.
  • Дьэ уолаттар маладьыастар! Хайдах курдук салдааттары иитэн таһаарбыппыный?

Биһиги уйадыйан хааллыбыт. Учууталбыт маннык чараас дууһалаах киһи буолуо диэн билбэт да этибит. Киһибит хай5ыы кѳрѳр харахтара, долгуйбутун кистии сатыыра харахпар билигин да баар.

  • Чэ уолаттар кѳрсүһүүннэн – диэт, ыскаабыттан биир буокканы «элээрдэн» таһааран остуолга турар стаканнарга кутта. Охсуһуннаран баран иһэн кэбистибит. Учууталбыт охсуһуннарда эрэ.
  • Уонна испэппит. Мин мероприятия ыытар киһи испэппин. – диэт бытыыккатын ыскаабыгар дьаһайан кэбистэ.
  • Билигин торжественнай построение буолуо5а. Эһиги армейскай бутэһик парадкыт! Аны гражданскайдаргыт, ийэ дойдугутугар иэскитин чиэстээхтик тѳлѳѳтүгүт!

    Көрсүһүү официальнай чааһа этэҥҥэ буттэ. Ол кэннэ үҥкуу буолла. Биһиги кыратык сылдьа түстүбүт. Онтон дьиэбитигэр баран аһаатыбыт. Үѳрүү-кѳтүү бѳ5ѳ. Сѳп со5устук олорон баран кулууптаатыбыт. Кулуупка тиийбиппит үҥкүү ортолообут. Дьэ үҥкүүлээн хоххуллуу бѳ5ѳ буолбут. Цивилизация син кэлбит. Аны магнитофоннай запиһынан үҥкүүлүүр буолбуттар. Биһиги киирэн били Ленин бюһун анныгар хочугурастыбыт. Онтон одноклассниктарбыт кэлэн бэйэлэрин кругтарыгар ыҥырдылар. Кинилэр түгэх диэки базаламмыттар. Ленинмытыттан онно кѳстүбүт. Санаабар били бытовойдарым кыргыттарын кѳрѳ сатыыбын. Кэлэ иликтэр быһыылаах. Кѳстүбэттэр.
Син балайда үҥкүүлээн баран, эмиэ эргиллэн кѳрбүтүм – били Ленин анныгар хочугураспыттар ээ. Ким эрэ тардыалаабытыгар эргиллибитим Колям эбит.

  • Ноо, бытовойдар кэлбиттэр. Барабыт дуо?
  • Чэ.
  • Онно-манна сүүрэлээмэҥ. Билигин барыахпыт . Одноклассниктар кѳрсүһүү тэрийэбит – Биэрискэ обургу кѳрѳ охсон. – Бүгүн ба5ас биһиэнэ5ит, сарсын ханна да сүүрээриҥ! Дьэ ити Биэрискэттэн ханна да куоппаккын. Оссо «бабник» диэбэтэ5эр баһыыба!

Онтон сразу бардыбыт. Тахсан иһэн кѳрдѳхпүнэ Аня

  • Хана бардыҥ? – диэбиттии ып-ырааһынан батыһа кѳрѳн хаалла.

Ол түүнү биир одноклассницам дьиэтигэр ыллыбыт. Кыргыттар барахсаттар ас-үѳл бѳ5ѳнү тардыбыттар. Үѳрүү-кѳтүү, кэпсэтии-ипсэтии, ырыа-тойук, аһааьын-сиэһин, үҥкүү-битии.

  • Били Милаҥ эн барбытын кэннэ уһаабата5а, дойдулаабыта. Уол о5ото дьэ сүрэ5ин сүүйбүт быһыылаа5ыҥ. Хайдах эрэ сырайдыын уларыйбыт курдуга. Ээ кэлэ иликкиттэн аны бытовой кыргыттарын кѳрѳн бардыҥ дуу?
  • Оттон наһаа да буолбатар.
  • Эмиэ миигин хара5а суох гынан бардын. Маарыын Коляны кучуйан сүүрэ сыыстыгыт буолбат дуо? – диэн Биэрискэ дискуссияны түмүктээтэ.

    Кинини кытта мѳккүһэн туһа суох. Билбит ба5айым. Биир парта5а олорбуппут да баар. Оттон Миланнан киирэн санаабын аймаата. Армия5а сылдьан, сыта-тура толкуйдаан, Миланы солуута суохха – ата5астаабыппын диэн санаа5а киирбитим. Онтон суруйан кѳрбүтүм да – суругум тѳннѳн кэлбитэ. Арааста, барбытын кэннэ толкуйдаммыппын.
Сарсыарданнан дьиэбин нэһиилэ буллум.
Понедельника Колябынаан бытовойга бардыбыт. Таҥас тиктэрэ диэн. Армия иннинээ5и таҥастарым ханна тиийбиттэрэ биллибэт. Быһата армейскай таҥаспыттан ураты тугум да суох. Син таҥастаах-саптаах курдук сананар этим. Бэл фотоальбомум да суох буолбут. Мин курдук элбэх хаартыскалаах суо5а. Кыра эрдэхпиттэн хаартысканнан дьарыктанарым.
Дьэ онон таҥас тиктэрэ бардыбыт. Икки этээстээх дьиэ5э киирэн закройщица5а срочнай заказ туһэрдибит. Куртка уонна бүрүүкэ. Сарсын эбиэт кэннэ примерка5а кэлэр буоллубут. Онтон, парикмахерская диэни кѳрѳн, баттах кырыттарарга сананным.
Хоһу ѳҥѳйбүтүм Аня сурунаал кѳрѳ олорор. Биир да клиен суох эбит.

  • Дорообо! Батах кырыйа5ын дуо?
  • Кырыйан. Кэлэн манна олор – диэтэ. Куолаһа хайдах эрэ минньигэс ба5айытык иһилиннэ.

Сиэркилэ иннигэр баар кириэһилэ5э тиийэн олорунан кэбистим.

  • Билсэбит дуо? Мин аатым … - диэтим.
  • Билэбин. Миэнэ Аня – диэтэ.
  • Баттахпын кѳннѳр эрэ, хайдах эрэ уһаабыт курдук.
  • Наһаа да уһаабатар, чэ кыратык кѳннѳрѳн биэриэм - диэтэ сиэркилэ5э кѳстѳр кыыс покрываланнан саба-саба.
  • Аня киэһэ тугу гына5ын?
  • Суох.
  • Күүлэйдиибит дуо?
  • Суох! Дьиэбэр үлэм элбэх.
  • Оттон сарсын?
  • Сарсын оройуонҥа киирэбин, манна пока үлэ суох. Химкабын иҥин ыллахпына суббота диэки тахсарым буолуо.
  • Чэ оччо5о суббота5а? Сиэркилэ5э баар кыыс күллэ. Күллэ5инэ ѳссѳ тупсар курдук.
  • Наһаа ынырык киһигин дии?
  • Хайдах?
  • Кэлэ иликкиттэн уже эрийсэ сатыыгын.
  • Хайдах? Оттон дойдубар хас да хоннум дии саныыбын дии.

Сиэркилэ кыыһа баттахпын кѳннѳрѳн бүттэ быһыылаах. Кыҥнанныы-кыҥнанныы баттахпын кѳрѳр.

  • Киһи улаханнык кырыттарбат батта5ын, эрийсэр эрэ туһуттан кырыттарабын диэбиккин билбэт үһүбүн дуо?
  • Ол гынан суббота5а туох диэтиҥ?

Аан тэлэллэ түстэ да – Коля сырайа мэлтэс гынна.

  • Манна эбиккин дуу? Бүттүҥ дуо?
  • Бүтэн, кэтэс тахсыам. – диэтим покрывалабын ыла-ыла.
  • Харчыта тѳһѳнүй?
  • Кырыйбатым да5аны, бар-бар – босхо.
  • Оттон суббота?
  • Суббота5а тиийдэххэ кѳрүллүѳ.

Колябын кытта тахсан дьиэбит диэки хаамтыбыт.

  • Ноо, мин кэпсэттим.
  • Тугу?
  • Оттон швеялары кытта.
  • Сарсын обед кэннэ диэбиттэрэ дии.
  • Ээ, эн олох атын тема5а сылдьа5ын.
  • Ханнык?
  • Эн парикмахерша5ыттан атыны кѳрбѳт буолла5ыҥ. Ааспыкка билсибитим диэбитим дии
  • Ону?
  • Бүгүн эн биһи кинилэргэ ыҥырылынныбыт! Киэһэ а5ыска.
  • Оттон Аня?
  • Бу да киһи буккулланҥын! Биир дьиэ иһиттэн ханна барыай? Баар буолуо буолла5а дии! Арба, эйигин ол Анян туоһуласпыт а5ай үһү. Кыргыттар, чып кистэлэҥинэн, кэпсээтилэр. Уонна табаарыскын булгу илдьэ кэлээр диэтилэр.
  • Ол туох бырааһынньыгай? Эйигин билэр киһилэрин ба5ар ыҥырдыннар да5аны, причём тут я?
  • Билбэппин! Наадыйбыт буоллаххына киирэн ыйыталас ээ!
  • Мин как раз наадыйбаппын. Миигин ыҥырбатахтара. Миигинэ да суох сылдьаар.
  • Киһи билиһиннэрээри гынна5ына то5о тиэрэ түһэ5ин?
  • Чэ дискуссия бүттэ! Бэйэҥ кимнэ эрэ булан сылдьаар. Мин пас!

Онон, тараччы аккаастанан кэбистим. Колям киэһэ кимнээ5и эрэ кучуйан барыам диэтэ. Мин дьыалам субуота5а кѳрүллэр, онон субуота5а дылы тулуйар инибин. Дьиҥэр ба5а баара да, бугүнҥугэ аккаас ылан баран то5о да мэҥийдэхпиний. Туох эрэ бэлиэ күнэ буолла5ына эрдэттэн бары да билээ эрдэхтэрэ. Аня миэхэ эппэтэх буолла5ына, ол аата мин бүгүн барбаппын. Конкретнай отказ ылбыт киһи быһыытынан субуотабын эрэ кэтэһэбин.
Сарсыныгар эбиэт кэннэ Колябар тиийдим. Киһим, саҥа туран, аһыы олорор. Кэтэһэн хоско киирэн олордум.
Дьиэм олох атын. Ол олорон, аан үрдүнэн тайниктаахпын, ѳйдѳѳн кэллим. Туора дьон билбэт тайнига. Хос аанын үрдүгэр, холуода пааһыгар кыра хайа5ас баара. Онно куруук сээкэйбин кистээччибин. Илиибин укпутум туох эрэ кумаахыга сууламмыт баар. Хостоон таһааран кѳрбүтүм күѳх баанчыгынан эриллибит Вера суруктара буолан биэрдэ. Дьэ ѳйдѳѳн кэллим. Армия5а барарбар түүн аа5ан баран – баанчыгыган эрийэн, хаһыакка суулаан баран укпутум. Вера, бутэһик түүммүтүгэр, биир баанчыгын устан:

  • Саныы сылдьаар – диэбитэ.
  • Хайа бардыбыт дуо? – диэни истэн, барытын сиэппэр уктан кэбистим.

Дьиэттэн тахсан – бытовой диэки хаамтыбыт.

  • Дьэ ноо, бэ5эһээ барсыбакка кѳртѳн маттыҥ. Түүнү быһа оонньоотубут. Эйигин ыйыталаһаллар этэ. Чэ-чэ парикмахершаҥ суох этэ. Хоско утуйа сытар диэбиттэрэ. Маарыын биэс са5ана кэллим. Дьэ биир кыыһы туттум ээ. Арба били киномеханик кыыс эмиэ онно баар эбит.

Бытовойбутугар тиийэн примеркаланныбыт.

  • Кэтэһиҥ, чаас аҥаарынан бүтүѳ – диэтилэр.

Кэтэһэ таарыйа, эмиэ парикмахерскайга бардым. Онтум – хатааһыннаах. Чаас аҥарынан таҥаспытын ылан дьиэлээтибит. Сарсыныгар, массыына тутан, эбэм аахха бардым. Эбэм эрэйдээх лаппа хотторбут. Хара5ыттан уу-хаар баһа-баһа сыллаан бахсырытар. Балтым да лаппа улааппыт. Эбэм:

  • Эн барбата5ыҥ буоллар, бары, бииргэ олоруо этибит – дии-дии айманар. – Бэйэбит дьиэбит үчүгэй да этэ. Куруук ону саныыбын.

Ол курдук онно үс хонон баран – субуота5а тѳннѳн кэллим. Киэһэ саҥа танаспын кэтэн үҥкүүгэ тэбинним.

    Театр вещалкаттан са5аланар, оттон кулууп тас кирилиэстэн. Эмиэ кѳрсүү, куустуһуу, табахтааһын. Ритуалы тутуһан баран иһирдьэ киирдим. Уолаттар киирэ түһүүгэ бильярдтыы сылдьаллар. Эмиэ, эмиэ… Быһата регистрацияланным. Фойе диэки ѳҥѳйѳн кѳртүм – син, дьон элбээбит. Кыратык бильярд кѳрѳ түһэн баран, сыгынньахтанан фойе5а киирдим. Эмиэ «эһэбит» анныгар баран турдум. Хантан эрэ Колям баар буолан хаалла.

  • Хайа, хаһан кэллиҥ?
  • Маарыын эбиэт кэннэ.
  • Ноо, били кыыһын эмиэ бүгүн кэлбит үһү. Баар. Мин олору кытта үҥкүүлүү сылдьабын.

Бардыбыт – диэн баран, дьон быыһыгар киирэн сүтэн хаалла. Батыспатым. Тохтоон кѳрүнэ түһэр санаалаахпын. Хайдах куруук атаака5а сылдьыллыай. Аттыбар Бииктэр кэлэн тохтоото. Кини эмиэ миигинниин үѳрэммитэ, учёбка5а эмиэ бииргэ сылдьыбыппыт. Войска5а Колялыын сылдьыбыттар. Уҥуохпут да, хатыҥырбыт да майгыннаһар. Ол гынан баран спортсмен бэрдэ. Бэйэтин лаппа кыанар уол. Коля биһикки кини аҥар да ата5ар тиийбэт дьоммут.

  • Ноо, ол хайа кыыһый?
  • Ону мин хантан билэбин?
  • Ээ били Николаевна кыыһа эбит буолбат дуо?
  • Кырдьык, били кыра ырыаһыт кыыс баара дии.
  • Ол, ол. Тупсубут ахан дии – диэтэ да ол кыыс диэки тэбэ турда.

Тургэн музыка бүтэн зал ортото ыраастаныыта – дьэ кѳрдүм. Түгэх диэки муннукка тураллар эбит. Коляны кытта хас да уол, олор аттыларыгар, аалыҥнаьа сылдьаллар. Быһата конкуреннар. Буоллун. Мин да отунан-маһынан оноһуллубут буолбатахпын! Аня кими эрэ кѳрдүүр курдук залы эргитэ кѳрүѳлүүр. Биир уол иннигэр элэҥниир. Хаачыгыраан-кыычыгыраан вальс музыката дьэ холбонно. Хайдах эрэ зал иһэ үѳһэ тыынарга дылы гынна. Ону кытта түһүнэн кэбистим. Урут да зал кытыытынан сылдьыбат этим, билигин да быһалыы түстүм. А5ыйахта атыллаат Аня иннилэригэр хорус гынным.

  • Разрешите – диэн буолла.

Аня хайдах эрэ үѳрбүт курдук буолла уонна илиитин биэрдэ. Сиэтэн зал ортотугар киллэрэн эргийэн бардым. Кыыһым хара харахтара эргийдэх аайы эрэллэнэн истилэр. Хайдах да уһата сатаабыт иһин – музыка бүттэ. Кыыспын дьүѳгэлэригэр дылы атаардым. Аныгыскы үҥкүүгэ эмиэ ыҥырыах буоллум. Кыыһым нарын ба5айытык кѳрѳн ылла. Тахсан истэхпинэ кэннибиттэн били уол ситэн кэллэ.

  • Ноо, ити мин кыыһым. Аны чугаһыан да кэлэйиэҥ! – диэн саанардаах буолла.
  • Оттон ѳссѳ да чугаһыыр санаалаах турабын. Претензиялаах буоллаххына этэн кэбис.
  • Оччо5о та5ыстыбыт. – диэн баран, тас аан диэки хаама турда.

Дойдубар кэлиибин охсуһууннан са5алыахпын ба5арбатар да5аны – тахсарга тиийиллэр. Итинник дьыала5а урут да сутуругунан далбаатаныы баара. Уонна, армия иннинээ5и, бутэһик охсуһуубун санаан ыллым. Таһырдьа тахсан – кулууп кэннигэр бардыбыт. Кэннибититтэн батыһан уолаттар бѳ5ѳ та5ыстылар.

    Тиийэн тохтоотубут. Түѳрт хас уол сиэх-аһыах курдук тутталлар. Молохочуостар буолла5а. Мин бу оскуолатын, үс сыллаа5ыта, бэйэм тириибинэн ааспытым. Сынтарыйдыҥ да сииллэр. Били маарыынҥы уол балаһыанньа хаһаайынын курдук туттар. Акаарыны булбуттар. Арааста кыратык сыыстардыгыт ээ.

  • Эн то5о киһи забивайдаабыт кыыһын эккирэтэ5ин?
  • Ол хаһан забивайдыы о5устуҥ? Тоһо5о үһү дуо забивайданар?
  • Бүгүн танцыга! Эн сытыҥ да суо5а!
  • Тохтууруҥ буолуо! Мин уруккаттан билэр кыыһым – диэн кубарыттым.
  • Үнүр кэлээт билбит үһүгүн дуо? Дембельбин диэн ѳҥнѳнѳѳрү гына5ын дуо! – дии-дии, силэ бырдаҥалыы-бырдаҥалыы сырайа субу чугаһаан кэллэ.

Армия5а: «Лучшая защита это нападение» - диэнҥэ үѳрэммитим. Онон дьыаланы уһаппакка сананным, таһырдьа маай ый буолбатах. Итинник буолла5ына кулгаах да түһүүһүк. Уонна уолаттарым кэннибэр баалларын билэбин. Толпалаары гыннахтарына кѳмѳлѳһүѳхтэрэ. Сырайа мэлэс гынаатын кытта – сонно сотон кэбистим. Табаарыстара успейдаан киһилэрин эрэ хаптылар.

  • Сынки!, оссо дембельлэргэ ыстаҥалаары гына5ыт дуо? Онноо5ор буолуо5у кѳрдүбүт ини! Киһигитин хомунуҥ, аны бу боппуруос сабылынна – диэбитинэн кэннибиттэн Коля баар буола түстэ. Ынараанҥылар киһи эрэ буоллаллар – тэск*****илэр. Дакылааччыт мѳлтѳѳбүтүнэн мунньах сабылынна.
  • Чэ кириэх. Маарын миигин кытта бартыҥ буоллар – маннык буолуо суо5а этэ. Онно быһаарыа этибит. Чэ буолбут да буолбут. Манныга даже үчүгэй. Аны ыстаҥалыахтара суо5а.

Ыксал-тиэтэл бѳ5ѳннон кулуупка сүүрдүбүт. Халлаан лаппа тымныйбыт. Кулуупка киирбиппит дьон сырайа барыта биһиги диэки. Билиард остуолун аттыгар турар уолаттар:

  • Хайа боппуруоһу быһаарбыккыт то5о түргэнэй? Дембеллэр диэх курдук – дии-дии күлсэллэр.

Вешалка5а киирбиппэр биир уол илиим диэки ыйан баран:

  • Илиигин ханна ѳлѳрдүҥ? – диэтэ.

Онно ѳйдѳѳн кѳрбүтүм, илиибин дьукку охсубуппун, хаан таммалыы сылдьар эбит. Сиэппиттэн платок ылан илиибэр туттабын. Баас миэхэ түргэнник оһооччу. Арай Приморье5а кыайан оспокко сордооччу. Илиим хаана бу да сырыыга түргэнник тохтоото. Платогунан хаанын соттон баран үҥкүүбүтүгэр киирдибит. Киирэн ынтах түгэххэ аастыбыт.

  • Хайа Коля ханна сылдьа5ытый? Табаарыскын билиһиннэриий – дии-дии биир кыыс күлэн бычыгырыыр.
  • Ээ таһырдьа тахсан киирдибит. Бу мин табаарыьым …
  • Мин Машабын, бу Даша, бу Катя, бу Рита оттон Анянылыын билсэ5ит быһыылаах.

Аня үѳрбүт хара5а – кылапаччыйан ылла. Дьэ онтон ыла киэһээни быһа Анялыын үҥкүүлээтибит. Музыкалар быыстарыгар ону-маны кэпсэтэбит. Хайдах эрэ уруккаттан билсэр курдукпут. Аня оройуон кииниттэн сылдьарын, быйыл үѳрэ5ин бүтэрэн кэлбитин биллим.

  • Маарыын манна биир уол баара. Олох тыыннарыа да суох курдук туттара. Барбыт дии, хата.
  • Мин кэлбиппин кѳрѳн паастаата5а дии.
  • Хайдах эрэ паастыах курдук буолбатах этэ.
  • Ээ билбэтим, мин кѳрбѳтѳ5үм дии. Мин кэлэрбэр суох этэ дии?
  • Чэ кырдьык, барбыт быһыылаах, кѳстүбэт.
  • Аня миигин күүттүҥ дуо?
  • Хаһан икки-ардыгар билэн күүтэбин?
  • Оттон үнүр билсибэтэхпит дуо?
  • Ол билсии үһү дуо – диэн баран үѳннээх ба5айытык кѳрѳн кэбистэ.

    Үҥкүү бүтэн тар5аһыы буолла. Колялыын тахсан кирилиэскэ турабыт.

  • Ноо, ынтах эрдэ тиийдэххинэ кэтэһээр – бииргэ тѳннүѳхпүт диэтэ.
  • Арай кэлимэ, үлүйэбин дуо?
  • Чэ, чэ наһаа хойутуом суо5а. Үлуйүѳҥ суо5а.

Кыргыттар тахсан уҥа-хаҥас хаамсыы са5аланна. Аня тахсаатын кытта уҥа ѳттүгэр баар буоллум.

  • Хайа Аня ханна олоро5ун?
  • Бытовой уопсайыгар. Кыргыттардыын.
  • Ол ханна баарый?
  • Оттон бытовой аттыгар. Икки этээстээх дьиэ5э.

Ону-маны кэпсэтэ-кэпсэтэ дэриэбинэ түгэ5ин диэки хаамыстыбыт. Хайдах да хаампыт иһин дэриэбинэ иһэ тѳһѳ дуоннаах буолуой. Икки этээстээх дьиэ5э тиийэн иҥиннибит. Кыратык ону-маны кэпсэтэ түһэн баран, сарсын, киинэ5э кѳрсүѳх буолан ара5ыстыбыт. Колям ханна да кѳстүбэт. Аралдьыйан хаалан – инники да хойут да барбытын кѳрбѳтѳхпүн.

  • Ээ чэ, дьиэлиэххэ. Муммат ини – диэн баран уулусса5а тахсан дьиэм диэки тэпсэҥнээтим. Биир переулогы ааһан истэхпинэ, муннуктан, үс күлүк ара5ыстылар.
  • Сүгүн аһарбат буоллулар. Эрэйиин эмиэ далбаатанабын дуо – диэн санаа охсуллан ааста. Үс уол күлүгэ иннибэр бу барыс гыннылар.
  • Дьэ уһуннук кэтэһиннэрдиҥ дии? Чуут чороччу тоҥо сыыстыбыт – дии-дии били маарынҥы уол, перегар сытынан аҥылыйан, бу мэлэс гынна.
  • Уһатан туһа суох – дии санаат эмиэ кибилиннэрдим.

Син-биир таптым. Ону кытта са5аланна эбээт сутурук тыаһа. Хаста да сынаа5ым аһыйбахтаата. Ол сылдьан эмиэ, кими эрэ, таптым быһыылаах. Эмискэ уҥа харахпар уот сардыргыы түстэ. Хаарга тобуктуу түстүм. Илиибинэн сырайбын саба тутуннум. Миигин тыыппаттар да охсуу бара турар. Ыһыы-хаһыы бѳ5ѳ. Онтон атахтар тыастара түргэн-түргэнник куучугуруу турда.

  • Миигин кэтэһээр диэбитим дии. Тоһуйуохтара дии санаабытым ээ. – Колям кэлэн турар эбит – шакаллар.
  • Чэ тур, биһиги да кинилэри тосторун биэрдибит быһыылаах.
  • Хараххын сии сыспыттар. Мэ хаарынан тутун.

    Сарсыныгар туран сиэркилэ5э кѳрбүтүм – сиэркилэттэн миигин, аҥар ѳттүгэр күѳх ачыкылаах, киһи уун-утары кѳрѳн турар. Хаарынан туттубут буолан испэтэх. Дьэ проблема бѳ5ѳ үѳскээн та5ыста. Бугүн маннык киинэлээбэппин. Дураку ясно! А на свидание хочеться! Сэрилэспитим да баар. Киэһэлик Колябар бардым. Киирбитим били үс уол онно кэлэн олороллор. Сырайдара-харахтара мѳлтѳѳбүт. Онон-манан фингаллаахтар. Били былдьаьар уолум утары туран кэллэ.

  • Дьэ, убаай сыыһа быһыыламмыппыт. Саатар хотторон баран – тохтооботохпут. Онон убаай бырастыы гын! Эйигин манна кэлиэ диэн кэтэһэн олоробут – дии-дии илиитин уунна.

Онон илии тутуһан иллэстибит. Сыыһаларын ѳйдѳѳбүт буоллахтарына мин да то5о ѳстүйдэмий. Тем более, бэйэм са5алаан баран. Откупнойдарын икки буоккалаахтар. Эйэлэһии туһугар биири сотон кэбистибит. Онтон уолаттар сып-сап хомунан бардылар.

  • Ноо, мин киинэ5э барбаппын. Маннык хайдах барыамый. Эн бар миигин кэлиэ диэр. Киинэ бүтүүтэ таһырдьа кэтэһиэм. Охсуһууну кэпсээйэххин.

Киинэ бүтүүтэ кирилиэскэ турунан кэбистим. Киинэ бутэн дьон бѳ5ѳ хочугураһан та5ыста. Колям эмиэ та5ыста.

  • Билигин тхсыахтара. Эйигин ыйыталаһан бѳ5ѳлѳр. Охсуһуу буолбутун истибиттэр. Хантан истибиттэрэ буолла. Уулусса да кураанах курдуга.

«О5онньор бэйэҥ быктаран баран сиикэйдиигин дуу, хайдах дуу» - дии санаатым. Ол икки ардыгар кулууп иһиттэн кыргыттар бу мэлтэс гына түстүлэр. Сонно мин Аня ойо5оһугар баар буола тустум.

  • Привет!
  • Привет!
  • Хайа Аня тѳһѳ үчүгэй киинэни кѳрдүгүт? Кыратык хаала түһүѳхэ эрэ.
  • Үчүгэй. Кѳрбүт киинэм да буоллар. Эйигин бэ5эһээ охсуспут диэбиттэрэ дии.
  • Наһаа да буолбатар. Ол ким кэпсии о5уста?
  • Оттон маарыын Коля кэпсээн эрэрэ. Уонна хара5ыҥ биримээнэ фонарик курдук дии – диэтэ күлэ-күлэ.
  • Дьэ бэйикэй ол Коля5ытын тоһун ылыллыа. Аһа5ас айах эбит дии. Табаарыс да буолаахтаан – кырдьык-хордьук сутурукпунан далбаатанабын.
  • Хара5ыҥ ыалдьар дуо?
  • Суох?
  • Маарыын кэпсээбитигэр куттанан бѳ5ѳ.
  • Туох диэтиҥ?

Кыыһым ѳйдѳѳбѳккѳ ис санаатын быктарбытын ѳйдѳѳн ах барда.

  • Аня кырдьык куттаммытыҥ дуо?
  • Санаабар хара5а тэстибитэ буолуо дии санаабытым.

Ол икки ардыгар уопсайга тиийэ о5устубут. Подъездка киирэн кирилиэс анныгар турдубут. Оргууй кууһан ылан уураан бардым. Кыыһым бастаан кэмчиэрийиэх курдук буолан баран, эппиэттэһэн барда. Оргууй алараа уоһуттан са5алаан тылын оборон ыллым. Санаабар уһун баайытык турдубут.

  • Наһаа ынырыккын дии.
  • Ол аата?
  • Ѳй-тѳй биэрбэккин дии
  • Аня тугу уһатан-кэҥэтэн.
  • Оттон сразу итинник буолуо дии санаабата5ым ээ.
  • Уураспыппыт куһа5ан дуо? Мин астынным.
  • Мин эмиэ.

Эмиэ уураһан бардыбыт. Бу сырыыга кыыһым довольно хорсуннук эппиэттэстэ.

  • Уураһан бүтүҥ! Киириҥ – диир саҥаттан икки аҥыы бардыбыт. Туттубуппут тургэнин кѳрүѳҥ этэ. Туораттан күлүүлээх буолуо.

    Кыратык тура туһэн баран 3 нуомэрдээх квартира5а киирдибит. Кухнялыын түѳрт хостоох дьиэ эбит. Кухня5а оһох аттыгар икки табаах уота кылаҥныыр. Залга үс кыыһы кытта икки уол остуолга олороллор. Сыгынньахтанан – залга киирдибит. Остуол ортотугар хаарты бѳ5ѳ сытар. «Дурактыы» олороллор эбит. Сразу – устуул биэрэн олортулар. Аанчык:

  • Мин оонньообоппун, кѳрүѳм эрэ – диэтэ.
  • Саҥа киирбит киһи имит – диэн баран, холуоданы миэхэ, бобуччу, туттаран кэбистилэр.
  • Дурак буолбут киһи сразу фантигын биэрэн иһэр – диэн аттыбар олорор Мааша диэн кыыс быһаарда.

Аня кэннибэр устуулга ѳйѳнѳн турар. «Имит» - диэбиккэ дылы имиллэн хаалбыт хаартыны буккуйбута буолаат түҥэттим. Дьэ оонньоотохпут үһү. Бастакы оонньууну син туораатым.

  • Аанчык оонньообот буоллаххына саатар фантигы хомуй – диэн Мааша дьаһалымсыйда. Онон бастакы фантик Аанчык илиитигэр киирдэ. Балайда оонньоотубут. Син тулуйбахтастым. Сыыһа түһээри гыннахпына Аанчык кымаахтаан биэрэр. Оччо5о тохтоон хаалабын. Сорохтор хастыыта да буоллулар.
  • Бу күѳх харахтаахпыт кѳҥдѳйдүү кѳрѳр дуу, хайдах дуу – то5о буолбатый? – дэһии элбээтэ.
  • Аанчык этэн биэрэ турар буолбат дуо? – биир уол дьор5ойор.
  • Олох да эппэппин, бэйэн акаары буолбуккар мин буруйданнахпыный.
  • Саатар били дьон ханна түстүлэр? Дашаа уураһан бутэн кухняттан кэлиҥ эрэ, бу күѳх хараххыт – сатанарыттан ааста.

Кухняттан сырдыкка икки күлүк тахсыбытыгар кѳртүм – биирэ били мин Колям эбит.

  • Кэлиҥ манна олоруҥ, мин туруум штрабым итак элбээтэ. – диэн Мааша турда.
  • Ээ миэнэ да хас да буолла – диэн биир уол кѳ5үрээтэ.

Бу сырыыга «имитии» Коля5а түбэстэ.

  • Дьэ күѳх хара5ы кэһэтиҥ, оҥорботоххутуна бэйэ5ит ыллыаххыт – дии-дии Маша бычыгырыыр.

Бу да сырыыга хаарты миэхэ та5ыста. Арай бүтэһик оонньууга Аанчык кымаахтаабытын туора олорор Маша кѳрѳн айдаарсан ыллыбыт.

  • Мин олох да эппэтим – диэн Аанчык ылларбата.

Онон хаартылаан бүттүбүт. Дьэ штраф толоруута буолла. Сорох ыллыыр, сорох хоһоон аа5ар, бѳтүүктүү хаһыытааччы, ынахтыы маҥырааччы, сылгылыы кистээччи – бары бааллар. Оонньуу бүтүүтэ, Коля аан диэкиттэн биир буокканы кытта, биир «Тамянканы» элээрдэн а5алла. Сып-сап остуол тардылла о5уста. Иһит-хомуос тыаһаата. Эр дьонҥо буокка кутулунна, оттон кыргыттарга «Тамянка».

  • Дьэ бүгүн мин табаарыһым, однополчаниным армияттан кэлбитин бэлиэтиибит – диэн киһим тыл этэн кэ5ийэн барда. – Кыратык табаарнай кѳрүҥэ да буортуйдар мин табаарыһым – киһи киэнэ кэрэмэһэ, саллаат киэнэ сатабыллаа5а! Мээнэ киһини сэбиэскэй армия сержана оҥорботтор! Сырайа да сэриигэ ылбыт бааһа. Эр киһини фингал киэргэтэр. Чэ мин табаарыһым – этэнҥэ сылдьан кэлбитин туһугар, бу үрүүмкэни «тас» гыннаран баран – тааһын эрэ хаалларыҥ! – диэннээх буолла.

Бу киһи хаһаанҥыттан тыл этэр буолбутай? Урут сѳбүнэн да со5ус араатар буолара. Муннун анныгар «Чэ» - диэнтэн атыны билбэт курдуга. Арааста армия5а постоянно тыл эттэрэ сылдьыбыттар быьыылаах. Иһиттибит дуу, истибэтибит дуу диэбиттии иһиттэрбитин кураанахтаан кэбистибит.

    Күѳ-дьаа, ону-маны кэпсэтэ-кэпсэтэ били иһиттэри дьаһайан кэбистибит. Онтон мин Анялыын кухня5а бардыбыт. Официально – табаахтыы, неофициально уураһа. Ааны «лип» сабан кэбистибит. Дьэ уонна са5алаатахпыт дии. Куустуһан туран уураһыы кытаана5а. Тохтоон, тыын ыла-ыла чобур5атыһыы.

  • Маарыын охсуспуккутун истэн баран сүрэ5им айахпар тахса сыыспыта.
  • Кырдьык куттаммытыҥ дуо?
  • Кырдьык. Үстэр этэ дуо?
  • Ээ оннук ини, аа5а турбут суо5а. Ааһыа5а.
  • Мин эйигин бүгүн кэлбэтэ буолуо диэн санаабытым.
  • Оттон бэ5эһээ обещайдаабытым дии. Уонна эйигин корүѳхпун олус ба5арбытым.
  • Мин эмиэ.
  • Аня мин эйигин Аанчык диэн ааттыам. Отуо Аня диэн хайдах эрэ.
  • Миигин дьонум Аанчык дииллэр, эн да оннук ааттаата5ыҥ дии.
  • Аанчык эн субуотаны кэтэспитин дуо?
  • Нэдиэлэни быһа ынтах үлэлээбитим. Понедельника таһааран биэриэхпит диэбиттэрин – пятница5а хомунан кэлэ турбутум.
  • Аанчык, мин эйигин кэлбит күммэр киинэ кэннэ кѳрбүтүм.
  • Мин эмиэ. Бастан киинэ5э киирэргэр кѳрбүтүм. Кѳрбѳккѳ да хаалыахпын ата5ыҥ тыаһа улахана бэрдэ.
  • Оттон мин тахсан иһэн кѳрѳѳт миэнэ буолуо дии санаабытым.
  • Оттон мин – эмиэ биир киһиргэс кэлбит дии санаабытым.
  • Хайдах?
  • Оттон саппыкыта подковалаах, бэргэһэтэ кэтэ5эр, ѳтүүктээх шинеллээх. Дембеллэр бары ону-маны кыайбыт ба5айы курдук туттанҥык би-бис бииргит.
  • Оттон биир таҥастаах буолан баран майгыннаһыахпыт суо5а дуо?
  • Син биир биһиги эрэ диэбиттии тутта5ыт.
  • Оччо5о миигин киһиргэс диэбитин дуо?
  • Оннук санаабытым эрэ.
  • Онтон сарсыныгар үҥкүүгэ кѳрѳн аххан турарыҥ дии?
  • Кѳрбѳккѳ. Саппыкыннан лаһыйа сылдьар киһини. Мин киирбиппэр тахсан барбыккыт дии.
  • Ол күн эйигин үҥкүүгэ ыҥыраары гыммыппын – тутан илдьэ бартара.
  • Аһары, тутуллан иһэр курдук буолбатах этиҥ дии.
  • Кѳрсүһүү оҥоробут диэн тутан бартара.
  • Тѳһѳ бэркэ корүстүгүт?
  • Үчүгэй буолла5а дии. Эн тѳһѳ бэркэ үҥкүүлээтиҥ?
  • Үчүгэй.
  • Били бэ5эьээнҥи ыччаты кытта тэйдигит дуу?
  • Суох. Бэ5эһээ эн эрэ иннигэр – баар буолта. Эрийсэ сатаан бѳ5ѳ этэ.
  • Аанчык үнүр баттах кырыттарарбар то5о киэһэ кэлээр диэбэтэххиний?
  • Оттон Коля эттэ5инэ кэлиэ дии санаабытым. Кэтэспитим ээ. Онтон кэлбэтэххэр хоско киирэн сыппытым.
  • Мин эйигин ыҥырбата5а диэн барбата5ым.
  • Маша киирэн кэлбэтэх диэбитэ.
  • Мин субуота5а диэбитэ диэн – субуотаны эрэ кэтэспитим.
  • Мин эмиэ субуотаны кэтэспитим.
  • Кырдьык киһиргэс диэбитиҥ дуо?
  • Бэ5эһээ үҥкүүгэ эмиэ охсуспуккут дуо?
  • Суох, кѳннѳрү быһаарсыбыппыт.
  • Охсуһуу буолла диэбиттэрэ. Онтон эн киирбиккэр үѳрбүтүм.
  • Кырдьык дуо?
  • Санаабар, кырбаабыттара буолуо диэн кутана санаабытым. Били уолаттар кэннигиттэн тахсан иһэллэрин кѳрбүтүм.
  • Ээ кѳннѳрү быһаарсыбыппыт. Ону кыайан ѳйдѳѳбѳккѳ тоһуйа сылдьаллар этэ.
  • Наьаа ынырык дии.
  • Маарыын проблеманы быһаарбыппыт.

Ити курдук ол түүну быһа кэпсэтэ-кэпсэтэ таптаһан та5ыстыбыт. Сарсыарда дьиэбэр дьонум туруулара тиийдим. Ол курдук уонча хонук ааста. Киэһэ буолла да Аанчыкпар сүүрэбин. Биир сарсыарда совхоз бригадира киирэн кэллэ.

  • Дьэ ноо, армияттан кэлбиккинэн э5эрдэлиибин.
  • Ээ оттон дьон бары сылдьан кэлэр сирэ.
  • Чэ ноо сѳбүн сынньаннын, сарсын субай хотонугар – кѳѳнньѳрбѳ буһарааччыннан тахса5ын. Онно Сэмэн о5онньор бара буолуо, кѳрдѳрүѳ. Спецкин ити күүлэ5э а5алан бырахтым. Сарсыарда хойутаайа5ын. – диэн чиҥ-чаҥ этэн кэбистэ.

Сынньанан бүттэхпит ол. Хата киһиҥ спеһэ бэлэм ээ. Сарсыныгар спецпин кэтэн фермалаатым. Ынах бѳ5ѳ маҥырыы турар хотонугар, сыһыары тутуллубут хочуолнай – хаһаайына буолла5ым ол. Киирбитим Сэмэн о5онньор оһох иннигэр атырдьах уктана олорор.

  • Дьэ ноо оһо5уҥ бу баар. Мас таһырдьа. Уотурбан ити аан аттыгар кыстанан турар. Хотон икки ѳттүгэр биэс чаан баара буолуо онно уу кутан оҥорбутунан бара5ын. Лабыкта эбэргин умнаайа5ын. Арба колуннааххын дуо?
  • Суох.
  • Оччо5о ити масс кыстыырга сытар колуну илдьэ сырыт. Миэнэ. Кимиэхэ да биэрээйэ5ин. Мин манна от тиэйиэ5им. Буккулуннаххына ыйытаар – диэтэ.

Улэ са5аланна5а ол. Тахсан инчэ5эй метровканы кытта тустан бардым. КВ-300 тигинэччи оттон баран чааннарбын ууннан толорон, комбикорм таскайдаан куттум. Эмиэ таһырдьаттан лабыкта киллэрэн буккуйдум. Дьэ онтон оргуйан ыстаҥалыы турар котёлбун кырааннарын арыйан кѳѳнньѳрбѳ буһаран бардым. Урут, армия иннинэ а5ыйах күн үлэлии сылдьыбыт буолан – улахан буккуллуу суох. Оттон субайдьыттар мин кэлэрбэр сарсыардаанҥыларын аһатан, иһиттэрин босхолообут этилэр. Дьэ онтон саах күрдьэн нэһиилэ сылдьар о5уһунан саахтарын уочаратынан тиэйэллэр. Хойутаабыт куруук бутэһик буолааччы. Онтон Сэмэн тиэйбит отун түннүгүнэн симэллэр. Дьэ онон үлэ күѳстүү оргуйар. Мас инчэ5эй буолан паарым кыайан тахсыбакка сордоото. Кэлин маспын олох кыралаан син паарбын биэрэн абыраата. Бастакы күммэр син добуоччу мучумааннанным. Ол быыһыгар, атын хотонтон биир табаарыһым киирэн биир кыьылы дайбаатыбыт. Субайдьыттарым киэһээнҥи аһылыктарын нэһиилэ успейдаатым. Ол курдук дьиэбин түѳрт са5ана буллум.

    Итиннэ, былыргы, совхуос ат о5устарын туһунан эппэтэххэ – кэпсээн хайдах эрэ быһа5ас курдук буолсу. Урут хотон аайы хас да ат о5ус баар буолааччы. Кинилэр баар буоланнар хотон үлэтэ үмүрүйэн олорбута. О5устар саах тиэйэллэрэ, от тиэйэллэрэ, үүт таһаллара. Ыскылааттан комбикорм а5алаллара. Саах тиэйэр о5устар эрэйдээхтэр олох кырдьан охтуохтарыгар дылы үлэлииллэрэ. Сыар5а дардата толору саа5ы «Пус-Пус» тына-тыына соһоллоро. Олох дрисировкаланан хаалаллара. «Бар» - диэтэххэ бараллара, «Тохтоо» - диэн ордоотоххо тохтууллара. Соро5ор ол туран, от иҥин тохтубутун кѳрдѳхтѳрүнэ, сыар5аларын бур5алдьытын сургутан кэбиһэн баран – «лаһыйа» да турааччылар. А5ыс айдаан тардылынна5а ол. Эдэр дьон дьээбэлээн миинэр этибит. Дьэ киһи уһуннук мииммэт кѳлѳлѳрѳ буолааччы. Уҥа-хаҥас муунньараҥнаан киһи эмэһэтэ хабылла сыыһара. От тиэйэр о5устар – биир эмиэ ыарахан олохтоохторо. Биирдэ, Сэмэн от тиэйэн кэлэн суоккээри ѳтүүтүн ѳһүлэ турда. Ааһан иһэр ыт эмискэ үрэн нньа5ыйда. О5ус ыстанан кэбистэ. Ону кытта, били сыар5алаах от – бүтүн фермэни быһа ыһыллан хаалла. Онно тѳһѳ дьарыллыбыта биллибэт.
Үүт тиэйээччи да үлэтэ онтон орпот этэ.
Мин кырабар улахан уолаттар сайын отчуттарга ыһык таһаллара.
Ѳссѳ бэкээринэ5э эмиэ о5ус баар буолааччы. Толору куорап килиэби тиэйэн баран бадараан устун анньан иһэрэ билигин да харахпар баар.
Быһата саханы ат о5ус быыһаабыта диэххэ сѳп. Бэл ити мин кэлинҥи киһи билэбин. Былыр тѳһѳ эрэ туһалаата. Ити мин эт харахпынан кѳрбүппүн эрэ кэпсээтим. Киһи кыбыстыбакка памятник да тутуон сѳп этэ. «Ат о5уска Саха дьонуттан» – диэн суруктаах.

Киэһээ буолла да Аанчыкпар сүүрэбин. Күнтэн күн – Аанчык мин дууһабар, хас биирдии клеткабар киирэн испитэ. А5ыйах да чаас кѳрбѳтѳхпүнэ суохтуурум. Бэл субу-субу баттах кырыттара сүүрэрим. Сэгэрим да миэхэ убанан хаалта. Ол курдук Сана Дьыл иҥин этэҥҥэ ааста. Сэбиэскэй Армия күнэ тирилээн кэллэ. Былаан диэн баһаам этэ…

    Бээ, бээ хайдах этэй ол сордоох күн…
Урут бу күн улаханнык бэлиэтэммэт этэ. Армия5а эрэ ылаллара. Уонна оскуола5а үѳрэнэрбэр ыларбыт. Субуота5а түбэспэтэ5инэ оннук хаалара. Бу да сырыыга үлэ күнэ түбэстэ. Сарсыарда дьыбардаах да буоллар күнүс лаппа ылаарбыта. Син саас тыына биллэр курдук буолбут этэ. Мин үѳрэ-кѳтѳ кѳѳнньѳрбѳбүн буһардым. Хотонум кыргыттара «Шифр» одеколон бэлэхтээтилэр. Онон сып-сап үлэлээн икки са5ана бүттүм. Бүтэн, хомуна турдахпына таһырдьа – дьон саҥата бѳ5ѳ буолла. Аан тэлэллээтин кытта Колялаах Бииктэр кѳтѳн түстүлэр.

  • Дьэ ноо бүгүн кулуупка туох да буолбат үһү. Бу Бииктэр били кулууп уолун кѳрсѳн кэлбит. Сэбиэттэр үлэ күнүгэр үҥкүүнү боппуттар үһү. – диэн баран хоонньуттн икки буокканы элээрдэн таһаарда.
  • Маарыын Бодобуос Баасканнан ылларбыппыт. Килиэбиҥ баар ини?
  • Ээ икки быһыы баар. Уонна термоска чай тобо5о баар.
  • Үчүгэй эбит. Биһиэхэ да ас баар.

Уолаттар иккиэн таһаараа хотонҥо үлэлииллэр. Биирэ бэйэм курдук ас буһарар, биирэ тарбыйах кѳрѳр. Иккиэн бииргэ буолан күннүүллэр. Котёл ойо5оһугар турар, улахан мас дьааһык остуолу – дьаһайан тѳгүрүйэ олорунан кэбистибит.

  • Мэ, ноо оһоххун аһат – диэн курууска тугэ5эр кутан биэрбиттэрин илдьэн сѳ5үрүйэн эрэр чоххо ыстым. Алгыыр иҥин диэни хомунньуус о5ото хантан билиэмий.

Ону-маны кэпсэтэ-кэпсэтэ били аспытын дьаһайан кэбистибит. Бодобуос Баасканнан ѳссѳ кырынныбыт. Киэһэлик лаппа «сѳп» буолбут дьон дьиэлээтибит. Дьиэбэр киирээт о5уннум. Арай уһуктубутум бириэмэ ырааппыт. Бугун киэһэ Аанчыкпар барыахтаа5ым. Хаалла5а. Тѳбѳ иһэ харда5аһы симэн кэбиспит курдук. Айа5ым иһэ тараччы хатан хаалбыт. Буочукаттан, хомуоска, муустаах уу баһан иһэн «күллүргэттим». Чаһыыны кѳрбүтүм – уон икки чугаһаабыт. Хойутаатарбын да барарга сананным. Сууммута- тарааммыта буолан баран, сып-сап таҥнан тэбинним. Тэбинним диэн күүскэ этии буолла быһыылаах. Салбаҥнаатым диэтэххэ сѳп буолуо. Арыый бэттэхтээбиппин да буоллар, баһым дьалкыһыйар. Туораттан кѳрдѳххѳ амырыын кѳстүү буолуо. Дьэ оннук салбаҥнаан тиийдим. Киирбитим бырааһынньык ырааппыт. Колям туох да буолбатах киһи күлэ-сала олорор. Аанчык кѳстүбэт.

  • Ураа! Дьэ эрэ кыргыттар штрафнойун кутан биэриҥ эрэ. Толору-толору, хойутаабат буоллун!

Граненай стаканҥа толору кыһыл кутан биэрдилэр.

  • Пей до дна, пей до дна – диэн до5уһуолунан биирдэ киллиргэтэн кэбистим. Бүтэһигин ба5ас нэһиилэ ынтах аһардым.

    Сылыйан хаалбыт «Каберне» киэбирбиттии киирдэ. Кыратык кэ5эрдэн ыллым. Били дьалкыьыйбыт мэйиим миэстэтин буолбут курдук буолла. Арыый бэттэх кэлбит курдук буоллум.

  • Хайа кэллин дуо?- сып сылаас тарбахтар кэннибиттэн тобобун имэрийдилэр. Сэгэрим тына биллэн ылла.
  • Кэлэн Аанчык, эн кэлээр диэбитин дии – эргийбэккэ эрэ сэгэрим ытыьын ылан иэдэсэр сыьыардым. Бу сылааьын, бу сымна5аьын.
  • Уонна иьимэ, мин эйиэхэ кэьиилээхпин, бардыбыт – диэн баран оргууй а5ай илиитин арааран кухня диэки хаамта.

Батыьан кухня5а та5ыстым. Ааны сабаат сабаат – сэгэрбин кууьан ыллым. Ахтыспыт да эбиппит. Арыый тыын ылбыппытыгар сэгэрим ыскаап кэнниттэн туох эрэ суулаа5ы хостоото.

  • Бу эйиэхэ бырааьынньыгынан!
  • Тугуй?
  • Арыйан корууй.

Арыйан корбутум буруукэ эбит.

  • Ити размерын закройщица5а баарынан заказтаабытым. Ма5аьыынна киьилии подарок суо5а. Одеколон инин хайдах эрэ.
  • Баьыыба наьаа уордум!

Эмиэ куустуьан уураьан бардыбыт. Ол курдук син олордубут.

  • Мин чай кутан киллэриэм. Сибилигин киириэм – диэи баран Аачык ынараа хос диэки барда.
  • Таарыччы сонум сиэбиттэн табаахпыт илдьэ кэлээр.

Сэгэрим тахсан баран сүтэн хаалла. Санаабар, чааһы быһа кэтэстим. Дьиҥэр уонча мүнүүтэ буолта дуу, суо5а дуу. Кухня аана эмискэ тэлэллэ түстэ. Аанна Аанчык баар буола түстэ. Хара5а ууламмыт.

  • Табаа5ын бу баар! Мантыка5ын илдьэ мантан сүт! Аны кэлээйэххин – куолаһа титрэстии-титирэстии, миэхэ туох эрэ кумаахыга сууламмыты бырахта.

Арыйан кѳрбүтүм күѳх баанчыктаах Вера суруктара эбит. Били урукку дьиэбиттэн ылбыппын булан ылбыт. Хайдах хостообокко сылдьыбытым буолла.

  • Аанчык хайдах буоллуҥ – бу уруккулар дии.
  • Бар! Уонна манна үктэнээйэ5ин! Урукку буоллун, саҥа буоллун! Син биир! Аны мин эйиэхэ суохпун!

Хайыам баарай хомунан та5ыстым. Тахсан, табахтаары сиэппин хастыбытым – табаах тѳрүкү да суох. Арааста таба5а суох кэлбиппин. Табаах кѳрдүү сылдьан булан ылбыт быһыылаах. Дьиэбэр саллаҥнаата5ым ол.

  • Сарсын уоскуйда5ына кэлиллиэ – дии санаатым.

Сарсыныгар, киэһэ улэм кэннэ бытовойга сүүрдүм. Тиийбитим «Парикмакерскай» аана хатааһыннаах. Закройщица тахсан:

  • Аанчык оройуонҥа киирбитэ – диэтэ.

Хас да күн сылдьыбытым кэннэ:

  • Аанчык уурайбыта, атын кыыс кэлэр – диэтилэр.

Ол күн Колябынаан аргылаатыбыт.
Санаабар, уоскуйда5ына суруйуо – диэн сэмээр кэтэһэ санаабытым.
То5о да ол күн испитим буолла! То5о да түүннэри барбытым буолла! То5о да ол суруктар сиэппэр сылдьыбыттара буолла. Бары-барыта быалаах-туһахтаах дииллэрэ ол буолла5а.
Сурук да, сурах да кэлбэтэ5э…
80-с сыллар ортолоро. Якутскай аэропорда. самолёт кэтэһэн олоробун. Үѳрэхпин бүтэрэн дойдулаан иһэбин. Утары скамейкаларга, биир биэстээх-хастаах, о5о а5атын кытта олороллор. О5о мэниктиирин а5ата субу-субу буойар. Арай, биир дьахтар кэннибиттэн кэлэн аттыларыгар олорунан кэбистэ.
Эргийбитигэр кѳрѳѳт соһуйан саҥабыттан маттым. Уун-утары Аанчыгым кѳрѳн олорор. Тупсубут ахан. Силигилии сиппит хатыҥ курдук.
Сэгэрим харахтара хайдах эрэ үѳрбүт курдуктара.

  • Привет! – диэтэ сэгэрим харахтара.
  • Привет! – диэтэ миэннэрэ.
  • Мин эйэгин кѳрѳн үѳрдүм ахан.
  • Мин эмиэ.
  • Мин билигин ыалбын.
  • Кѳрдүм.
  • Бырастыы гын.
  • Эн миигин. Акаарыбар…
  • Оо онно барбата5ыҥ буоллаар, миигин истибэтэ5иҥ буоллаар!
  • Чэ хааллын. Буолбут буолла5а. Мин умнубутум.
  • Мин куруук эйигин саныыбын. Ыҥырарыҥ буоллар билигин да барсыам этэ.
  • Чэ Аанчык мин бардым. Этэҥҥэ буол!
  • Эн эмиэ!

Ити курдук – харахпытынан кэпсэтэн баран, самолётпар барбытым. Кэннибэр о5о саҥата ча5аара хаалбыта… Дьоллоох буолан үѳрүү-кѳтүү Аргыстанаар эн ѳрүү, Хара харах нарын кэрэ Тапталлаа5ым быраһаай! Түүнүн кѳстѳр түүлүм курдук – Кѳстүбүтүҥ үѳрпүтүҥ, Сарсыардаанҥы туман курдук Симэлийэн сүппүтүҥ!

Сахалина 17 января 2012 Хаамаайыга

Бу кэпсээни са5аланыа5ыттан бутуор дылы быстыбакка аа5ан урукку кэми санаан, мин курдук, астыммыт аа5ааччы элбэх буолуо дии саныыбын. Суруллубут кырдьык автор оло5ор буолан ааспыт тугэннэр буолуохтарын соп. Форумна киирэн кэпсээни интириэьиргээбит киьи элбэх, ол быыьыгар араас санаа атастаьыыта эмиэ баар.Сорохтор авторы хаарыйан, сорохтор хай5аан.Мин саныахпар ол барыта соп.Хас биирдии киьи олоххо ураты туспа коруулээх. Хаамаайыга этиэм этэ бастакы тапталы, эдэр сылдьан корсон билсибит кыргыттаргын истинник ахта саныы сылдьаргыттан маннык аа5ааччылары умсугутар, долгутар, сорох ардыгар хомотор тугэннэр сурулуннахтара. Инникитин да5аны оччотоо5у эдэр ыччат оло5ун сырдатар, кордорор кэпсээннэри суруйан биьигини уордуон, интириэьиргэтиэн диэн эрэнэ куутэбин эн Сахалинан.

Хаамаайы 18 января 2012 Сайдам аа5ааччыларбар.

Утуо кунунэн! Отзывкыт иьин улахан баьыыба! Кырдьыгын эттэххэ, мин бу кэпсээннэрбин - маннык чугастык ылыныахтара дии санаабата5ым. Таптала элбэх ээ диэбит табаарыска - ама оччолорго 20-х киьи итинэн бутуом дуо? Кыратык хойобулланан баран ааьар буолла5а. Мин санаабар киьи таптала оло5ун тухары баар. Таптаабатах киьи баара буолуо дии санаабаппын. Сахалина5а кэпсээннэрим са5аланыа5ыттан арахпакка котор кынат буолбуккар бар5а махтал буолуохтун! Дьоллоох-соргулаах буол! Ити кэннэ ба5ар сойо туьэн баран салгыам. Таптал баар! Таптаан уонна таптатын! Таптал дьол аргыьа! Барыгытыгар бар5а махталы кытта Хаамаайы.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
16.11.2024 16:41

Хаамаайы 30 января 2012 Оссо биири кэпсиим

Зина

«Максим Аммосов» теплоход Эбэни ѳксѳйѳн со5уруу диэки устан күпсүйэр. Соторутаа5ыта, айдаан бѳ5ѳнү түһэрэн, долгуйар Дьокуускай куорат харахтан симэлийбитэ.
Бу кэпсиир кэмим а5ыс уонус сыллар саҥалара этэ.
Теплоход иһэ барыта устудьуон аймах. Биһиги СПТУ о5олоро Ѳлүѳхүмэ5э хортуоска хомууругар айаннаан иһэбит. Биһигини, СПТУ-лары трюмҥа олохтообуттара. Атыттары син бастакы, иккис кылаастаах каюталарга олохтообуттара. Киирии- тахсыы, тиэрэ-маары хаамсыы баһаан буолла5а.
Үксүбүт бүгүн саҥа кѳрүстүбүт. Биһиги диэн: уон биэс уол уонна сэттэ кыыс. Урут «борокуот аалга» олорсубатах киһиэхэ барыта дьикти, барыта саҥа. Уонна кылаабынайа саҥа билсиһиилэр. Баһыйар аҥарбыт армияттан саҥа кэлбит – мин диэбитинэн сылдьар эрэттэрбит. Арай кыргыттарбыт саҥа оскуоланы бутэрбит кѳрүҥнээхтэр. А5ыйах уол син саастаах курдуктар, ээ ѳссѳ биир отуччалаах нууччалаахпыт. Саамай эдэрбит – Леха диэн оскуоланы саҥа бутэрбит, хатыҥыр уһун уҥуохтаах уол баар. Ону маарыын речпорка кэлэрбэр автобуска билситим.
Борукуот кэннигэр туран табаахтыы турдахпына – биир хатыҥыр, кыра уҥуохтаах, син сылдьымахтаабыт кѳрүҥнээх, уоһун үрдугэр «тор» курдук бытыктаах, ырбаахытын са5атынан тельняшка кѳстѳ сылдьар киһи кэлэн аттыбар тохтоото.

  • Билсиэххэ Николай Гаврильевич диэммин. Маарыын киирэргэ кѳрдѳххѳ иккиэн биир команда5а баар курдукпут.

Мин ааппын этим.

  • Мин урут бу Эбэ5э элбэхтик сылдьыбыт киһибин. Сухогрузка боцманнаан иҥин сылдьыбытым. Билигин дойдубар …. оройуоннугар баарбын. Чэ быһата «Боцман» - диэр – диэн баран лаппаакытын биэрдэ.

Кэккэлэһэ туран табаахтаан бусхаттыбыт.

  • Чэ киириэх, манна сѳрүүдүйдэ да5аны. Били кыргыттары иҥин-кытта билсиэх – диэтэ да трюм диэки чинник үктээн хаама турда. Кэнниттэн саппай уобустум. Киһим үѳрүйэх-үѳрүйэх курдук аллараа сылыпыс гынан хаалла. Мин хас биирдии кирилиэһи аа5ан түһүѳхпэр дылы, киһим кыргыттарга тиийэн тоҥхонноон эрэрэ. Тиийбитим киһим илии тутуһан ырааппыт этэ. Уонна хата киһим билиһиннэрээччи буола о5уста.
  • Ноо кэл билис бу Надя, бу Зина, бу Варя, бу Люба… - диэн былыыр үйэ5э билэр курдук билиһиннэрэн барда.

Мин урут да кэрэ аҥартан толлон турбатах киһи онтон иҥниэм дуо, билсэн барда5ым дии.

  • Дьэ хата кыргыттар бу уолгут мээнэ киһи буолбатах – спорт маастара!

Хантан ылан маастар диэбитэ буолла. Литроболтан атын спорка сыһыаным да суох курдуга.

  • Ээ бу киһи оонньоон этэр, хантан маастар буолуомуй? Баара-суо5а кандидаппын эрэ – диэн кыччаттым.
  • Ханнык кѳрүнҥэ? – дии түстүлэр.
  • Литроболга – диэн саайбат дуо!
  • Ол туох кѳрүҥүй?
  • Ээ саҥа кѳрүн, биһиэхэ саҥа киирэн эрэр кѳрүн. Бу уолгут армия5а дьарыктанан кэлбит.
  • Ол хайдах?
  • Чэ кэлин бэйэтэ кэпсиэ. Олохпутун иҥин буллахпытына.Эһиги хайа дойду о5олоро5утуй?

Ити курдук билсии икки ѳттүттэн үѳрүүлээхтик ааста. Киһим буолары-буолбаты барытын ытыйар. Бэйэтин туһугар эмиэ кэпсээннээх табаарыс түбэстэ. Уонча мүнүүтэ ынараа ѳттүгэр билбэт киһим миигин уруккуттан билэр курдук дьаабылыыр.

  • О5олор манна киэһэ үҥкүү буолар. Дьэ хата бииргэ сылдьыахпыт.
  • Ол хаьан буоларый?
  • Киэһээ аһылык кэннэ. Чэ мин кэлэн этиэ5им. Чэ ноо, айаххын атан туруоҥ дуо бардыбыт. Ороммутун иҥин оҥостуохтаахпыт – диэн илдьэ барда.

Биһиги трюм тугэ5эр миэстэлээхпит. Киһим мин ойо5оспор олохтоммут.

  • Ити то5о литроболлаатыҥ?
  • Ээ кыргыттар хантан билиэхтэрэй! Ноо, хата кыратык «сып» гына5ын дуо?
  • Кутаары олорон то5о ыйыта5ын? Итак литроболга суруйдун буолбат дуо?
  • Ол аата үчүгэй буолла5а. Саппаас баар.

Киһим рюкзагыттан «Московскай» водка элээрдэн таһаарда. Мин бэрэски таһаардым. Сып-сап биирдии үрүүмкэни – аһыыр аппараттарбытыгар, аһыыр5ата-аһыыр5ата атааран кэбистибит.

  • Чэ ноо ѳссѳ биирдэ иһэн баран уолаттарга барыахха.

Кылгас «чэ» диэнинэн ѳссѳ биирдиини хантаттыбыт. Уонна уолаттарга бардыбыт. Анараа проходунан түгэххэ, уолаттар айдаан-куйдаан бѳ5ѳнү түһэрэн, хаартылыы олороллор. Тиийбиппитигэр землягым Сиэнньэ үѳрэ түстэ.

  • Хайа ноо ханна сылдьа5ын ас бүтээри гынна дии
  • Ээ табахтаан киирдим, таарыччы кыргыттары кытта билистибит.
  • Биһиги маарыын киирээт билсибиппит. Ити Надя диэн кыыс син минэ барыах курдук. Атыттара да ничеголар.

Эмиэ кыралааһын буолла. Биир ёжик баттахтаах сырдык уол кутан биэрдэ.

  • Ким диэммин, Хаҥаласпын. Ой пахай Немогу диэн сиртэн сылдьабын – диэтэ.

Утары олорор бѳлтѳйбүт улахан уол охсуһуннара-охсуһуннара:

  • Коля диэммин Ленскэйбин, бу землягым Сашка, иккиэн биир дэриэбинэлэрбит.

Дьэ онтон куо-дьаа буолан, кэпсэтии-ипсэтии бо5о буолла. Ким эрэ санныга таптайбытыгар эргиллибитим – будьурхай баттахтаах ханна эрэ кѳрбүт уолум турар.

  • Ородьуйуоммун – диэтэ.

Кэпсэтэн билбитим землягым эбит. Эбиитин бииргэ армия5а сулууспалаабыт уолум убайа эбит.

  • Ол иһин ханна эрэ кѳрбүт курдукпун – диэтим.
  • Оттон биһиги оройуоммут улахан дэриэбинэ буолла5а, онно-манна кѳрсѳѳ эрдэхпит.

Ити курдук хааһылаһа олордохпутуна ужинҥа ыҥырдылар. Теплоход тумсугар баар остолобуойга баран аһаан кэллибит. Кэлэрбитигэр күһүнҥу халлаан боруктуйан барда. Тото аһаабыт дьон быһыытынан таһырдьа тахсан табахтаатыбыт. Ол турдахпына Боцман тиийэн кэллэ.

  • Ноо ынараа баска үҥкүү буолан эрэр. Кыргыттар бараары оҥостуу-туттуу бѳ5ѳ. Чэ ноо ыксыахха, предлагайдаан баран хайдах сүтэн хаалыахпытый.
  • Оттон эн предлагайданан эрэриҥ дии.
  • Чэ бардыбыт, бардыбыт! Били Булуҥ кыыһа эн диэки үчүгэй ба5айытык кѳрүѳлээн эрэрэ.
  • Ол хайаларын була о5устуҥ?
  • Оттон били кыра Зина диэн кыыс.
  • Ээ оттон бэйэн кѳрүѳлүүр курдук туттар этиҥ дии?
  • Акаары, мин кырдьа5ас бѳрѳ буолла5ым! Кэрэ аҥаары билбэттээх буолуом дуо? Ити да сырыттарбын кѳрѳ сылдьабын. Явно интэриэһиргэппит этиҥ.
  • Соруҥ да бэрт, бардыбыт.

    Аанҥа чугаһаан эрдэхпитинэ кыргыттарбыт тахсан кэллилэр.

  • Хайа ханна сылдьа5ытый? Үҥкүүлэтэ илдьиэх буолан баран бэйэ5ин то5о сүтэ5ит?
  • Ээ манна сылдьабыт. Чэ барыаххайын. Мин бастыым. Кэннибиттэн хотоһоорун – диэн баран Боцман борохуот иннин диэки хаама турда.

Кэнниттэн саппай уобустубут. Кыргыттар иннибэр – мин кэнники. Ол иһэн били Зинаны кѳрѳбүн. Бэйэтигэр сѳп эттээх-сииннээх, кыра уҥуохтаах, кылгас баттахтаах кыыс эбит. Борокуот баһыгар тиийэрбитигэр бороҥуйга дьон үҥкүүлүү сылдьара кѳһүннэ. Динамиктан: Лето, ах лето Лето звёздное Будь со мной,

  • диэн иһиллэр.

Биһиги, дьон быыһыгар киирэн, үҥкүүлээн бардыбыт. Вальс музыката тыаһаабытыгар Зинаны үҥкүүгэ ыҥырдым.

  • Зина үҥкүүлүүбүт дуо?

Кыыһым, саҥата суох унаарыччы кѳрѳн баран, илиитин биэрдэ. Дьон а5ыйа5ынан туһанан а5ыйахтык эргийэн хааллыбыт. Онтон дьон киирэн биир сиргэ тэпсэҥнии турдубут.

  • Зина оскуоланы быйыл бутэрдиҥ дуо?
  • Быйыл.
  • Атын үѳрэххэ туттарсыбата5ыҥ дуо?
  • Ээ баалым кыайан хаппата5а. Ол иһин бу бухгалтер киэнигэр киирдим.

Ол киэһэни быһа үҥкүүлээтибит. Үҥкүү кэннэ корма5а баран турдубут. Ону-маны, буолары-буолбаты кэпсэтэбит. Эдэр дьон буоллахпыт. Сорох-сорох тылларын дьикти ба5айытык саҥарар. Ол аайы дьээбэлээн бѳ5ѳбүн. Күлсүү-салсыы бѳ5ѳтѳ. Чаас курдук турбут кэннэ – тымныйан трюммутугар киирдибит. Кыыспын миэстэтигэр атааран баран, антах аастым. Киирбиппин кѳрѳн Боцман туран кэллэ. Арааста, «били ас» кыаттарбакка кэтэһэ сыппыт бадахтаах. Уоруйахтар курдук – тыаһа-ууһа, саҥата-иҥэтэ суох куттан иһии буолла. Нууччалардыы «между первым и вторым перерывчик не большой». Иккис стопка кэннэ саҥабыт улаатан киирэн барда. Хата ынараа уолаттар бэйэлэрэ саҥалара хойуу.

  • Хайа ноо кырдьа5аһын билэр эбит буолбат дуо?
  • Оттон наһаа да буолбатар, мин бэйэм эристэ5им дии.
  • Суох, ноо инникиттэн интэриэһиргээбэтэ5э буоллар – чугаһатан да бэрт! Сразу кэннигинэн хаамтарыа этэ. Мин диэн опыт бѳ5ѳ буолла5ым.
  • Чэ ба5ар буоллун да5аны – киһибин хомотумаары мѳккүспэтим.
  • Подьём! Гады! – диэн хаһыы, олорор сирбититтэн – ойутан туруорда.
  • Подьём козлы, макаки! – диэн хаһыы аан диэкиттэн иһилиннэ.

Боцманныын проходка сүүрэн та5ыстыбыт. Аан аттыгар үс нуучча уолаттара тураллар. Биһиги эрэ буолуо дуо – трюм барыта үллэҥнии түстэ. Ыҥырыа уйата то5о тардылынна5а ити.

  • Чё козлы обосрались!
  • Чё вам надо мужики – ити Боцман.

Танастаах буолан Боцман биһикки бэтэрээ проходтан бастакыннан тиийдибит. Ынараа проходка аһыы олорбут уолаттар эмиэ баар буола о5устулар.

  • Ничего себе макаки собрались – диэн биир уол, саҥаран иһэн, кѳтѳн хаалла. Ону кытта, кѳрүѳх бэтэрээ ѳттүгэр, нууччаларбытын то5о солоон кэбистибит.
  • Тохтооҥ! Тохтооҥ! – Боцман уолаттары уоскутар. – Тосторун ыллылар. Барын утуйуҥ! Хаайыы аһылыга буолаары гынныгыт дуо?

Нууччаларбыт, тохтобулунан туһанан, кирилиэһинэн биир уолларын соспутунан – куоттулар.

  • Оттон то5о киэптииллэрий! Ѳссѳ манна киирэн үѳхпүт буола-буолалар – Уолаттар хааннара оонньообута сүрдээх. Сорох таҥастаах, сорох турууссугунан эрэ сылдьар.
  • Аны кэлиэхтэрэ суо5а. Ноо, Ородьуйуон ити охсоруҥ то5о күүһэй? А5ыйах тииһи солоотун быһыылаах – Боцман, аралдьытан, баттааһыны намтатар.
  • Оттон то5о үѳхсэрий! Мин макака буолбатахпын! Аныгыскыга сэрэнэн хаһыытыа. Хата сутурукпун тииһигэр хайа о5устум.
  • Чэ утуйуҥ. Аны кэлбэттэр ини. Тар5аһыҥ. – диэн барыларын уоскутар.

    Саҥа-иҥэ буолан тар5аһыы са5аланна. Арай эргиллэн кѳрбүтүм – кыргыттар куттаммыт ба5айы харахтарынан кѳрѳн олороллор.

  • Хайа кыргыттар куттанныгыт дуо?
  • Онтон хаһыытаабыттарыгар куттанан ѳлѳ сыыстыбыт.
  • Чэ наьаа куттанымаҥ, бүттэ, аны киириэхтэрэ суо5а. Итирэн дуу, «тардан» дуу сылдьаллар.
  • Ол тугуй?
  • Анаша, наркотик. Армия5а сырыттахха табаахха буккуйан тардан баран иирэн хаалааччылар.
  • Ол иһин харахтара сүүрэлээн сүрдээх этэ.
  • Чэ утуйуҥ – аны кэлбэттэр ини, тосторун ыллылар дии. Спокойной ночи! – диэн баран түгэх диэки бардым. Тиийбитим Боцманым уже кута олорор.
  • Ити, кэлбэттэр диэтим да5аны ѳссѳ кэлэллэрэ буолуо.
  • Син тохтууллар ини.
  • Дьэ ноо, билбит ба5айым, кэлиэхтэрэ.
  • Кыргыттар куттаммыттар ахан.
  • Куттаммакка! Ити алдьархай хаһыыга. Чэ ноо – тѳннѳ иликтэринэ иһиэххэ.

Саҥа иһэн эрдэхпитинэ – эмиэ хаһыы бѳ5ѳ буолла. Чуут – чачайа сыыстым. Ол да буоллар, антах атаардым.

  • Сатамматтарыгар тиийдилэр – диэбитинэн Боцман ойон турда. Мин да саппай уобустум. Эмиэ трюм иһэ үллэҥнии түстэ. Тиийбиппит кирилиэскэ – капитан помощнигын кытта тураллар.
  • Ну чё мужики в тюрму захотелось! За просто устроим! Зачем матросов избили.
  • Сами начали и получили по заслугам – ити эмиэ Боцман.
  • Ничего себе по заслугам! У одного два зуба не хватает. О других вообще не говорю.
  • Еще раз полезут, убьём! – уолаттар хаһыылара.
  • Чэ уолаттар бутуҥ! Сүгүн кэпсэтиннэриҥ – Боцман.

Ити кэмҥэ үѳһэ, биһигини илдьэ баран иһэр, сопхуос преставителя тиийэн кэллэ. Боцман,представитель уонна капитаннар буолан үѳһэ тахсан ааны сабан кэбистилэр. Хайыахпытый ороннорбутугар тѳнүннүбүт. Кыргыттарга таарыйан, эмиэ, успокои гынан аастым.

  • Чэ кыргыттар буттэ быһыылаах, аны кэлбэттэр ини – диэтим. Тугэхпэр тиийэн ороммун саҥа оностон эрдэхпинэ Боцман бу тилигирээн кэллэ.
  • Агроном быһаарсар ини, дьэ бүттэ быһыылаах.

Бытыыккабытын түгэхтээн баран хаптайдыбыт. Сарсыныгар күнү быһа күпсүйэн, киэһэлик, Кыыллаах Арыыга тиийэн түстүбүт. Дэриэбинэ5э, сопхуос биригэдьиирэ кѳрсѳн – биэрэктэн чугас кураанах дьиэ5э олохтоото. Хата маладьыаһын ас бѳ5ѳнү астаппыт. Онон аһаан-сиэн баран хаптайдыбыт. Бороҥуйан эрдэ5инэ кэлбит буолан – дэриэбинэни да ѳйдѳѳн кѳрбѳтүбүт. Сарсынҥаттан хортуоска хостооһуна.

Манна оччотоо5у Кыыллаах Арыы туһунан суруйдахха сатанар.
Син улахан дэриэбинэ эбит этэ. Икки уһун уулуссалаах эбит. Үксэ эргэ дьиэлэр этэ. Ол да буоллар а5ыйах саҥа дьиэлэр кѳстѳллѳрѳ. Икки ма5аһыын баара. Ол чугаһыгар бэкээринэ баара. Икки этээстээх, 50-60-с сыллардаа5ы тутуу, оскуола баара. Оччолорго саҥатык со5ус кулууптаахтара. Дэриэбинэ ортотугар эргээ ба5айы таҥара дьиэтэ баара. Маһа хараара сатаан баран кѳ5ѳрбүт этэ. Чугастан кѳрдѳххѳ истиэнэтэ барыта муо5унан бүрүллүбүт этэ. Таҥара дьиэтин чугаһыгар бытовой комбинат баара. Бытовойдарга сылдьа үѳрүйэх киһи онно сылдьыбытын буолуо диэтэххитинэ – сылдьыбата5ым. Биһиги түспүт дьиэбит кэннигэр, биэрэк үрдүгэр, эргэ баанньык баара. Сорох сиринэн, үрдэ сууллан, халлаан кѳстѳн турара. Баанньыктан дальше – биэрэк үрдүгэр ыһыахтыыр сир баара. Ѳрүс уҥуор уонча дьиэ биэрэккэ кѳстѳрѳ. Ону Даппарай учаастага диэн быһаарбыттара. Быйыл телевизорга ол Даппарайы кѳрдѳрбүттэрэ. Сыалай дэриэбинэ буолбут этэ. Нэһилиэнньэтэ бары сахалар этилэр. Арба, онно эдьиийдии-балыстыы ол са5анаа5ы эстрада артистара Кильбиновалар олороллоро. Уопсайынан нэһилиэнньэ биһиэхэ кэлии дьэнно эйэ5эстик сыһыаннаспыттара. Онон Кыыллаах Арыыны – билигин да итиитик саныыбын. Ити мин ѳйбѳр хаалан хаалбыты суруйдум. Атын үтүѳ да, мѳкү да баар буолла5ына ѳйбѳр хаалбатах.

  • Туруоҥ! Туруоҥ! Сарсыарда буолла – диэн Боцман хаһыытыттан уһуктан кэллим.

Утары остуолга икки солуур буруолуу турар. Дьиэ үрдүнэн уопсай «тыыллаҥнааһын» са5аламмыт. Хайыахпыный, дьон туртун кэннэ, утуйан тыылла сытыам дуо – турдум. Сууммута буолан кылатарым дуомун ньухханан баран остуолга кэлэн олордум.

  • Бу туох ааттаах килиэбэй? Таһа хоруо, иһэ чиэстэ! – Ким эрэ саҥата остуол түгэ5иттэн.
  • Онтон бэ5эһээ уобалыыргыт сүрдээх этэ дии?
  • Хайыахпытый сиэн эрдэхпит дии.
  • Хата утуруктууртан бокуой суох буолара буолуо? – дии-дии күлсүү бѳ5ѳ.

Дьэ кырдьык тот киһи чугаһаабат килиэбэ этэ. Хата хортуоска буһарбыттарын сиэн онон иһи бүѳлэннибит. Бэ5эһээ киэһэ, Боцман кыргыттарга ас буһарыытыгар дьуһуурустуба оҥорон эрэрэ. Уонна сарсыарда уһугуннарыах буолбута. Аһаан баран, тахсан табаахтаан бур5ата олордохпутуна, ГАЗ-51 массыына кэлэн тохтуу биэрдэ. Массыынаттан бэ5эһээнҥи биригэдьиир түһэн кэллэ.

  • Дорооболоруҥ! Хайа о5олор тѳһѳ бэркэ хоннугут?
  • Дорообо! Үчүгэй.
  • Хата эрдэһит эбиккит. Ѳссѳ мин, утуйа сытар дьонҥо кэлэрим дуу – дии санаабытым.
  • Боцман үстэ утутуо! Кини ордоото5уна ѳлбүт да киһи уһуктуох курдук!
  • Чэ о5олоор бүгүн мантан чугас буола5а барыахпыт – диэтэ.

Хайыахпытый быстыахпыт дуу, ойдуохпут дуу хомунан массыына5а хатаастыы буолла. Арай кѳртүм, кыргыттар кыайан тахсыбакка массыына кэннигэр хаамса сылдьаллар. Уот оттор аттыгар сытар дьааһыгы илдьэн массыына кэннигэр ууран биэрдим уонна кѳмѳлѳһѳн үѳһэ таһаартаатым. Бүтэһигинэн, Зина тахсан иһэн сылаас ба5айытык кылап гына кѳрѳн ылла. Сүрэхпэр сылаас сүүрээннэр сүүрэлээн ыллылар.

    Чугас сытар бааһына5а массыына ѳр гыммакка тиийдэ. Син улахан со5ус бааһынаны копалкалаах Беларусь хаһа сылдьар. Хортуоска лаппа үүнэ сатаабыт. Буолунай тэлгэнэ сытар. Массыынаттан түһэн паараннан арахсыы буолбутугар Зина – мин аттыбар кэлэн турда.

  • Мин эйэгинниин үлэлиибин – диэт, мин диэки ыраас ба5айытык кѳрѳн кээстэ.

Ба5а санаабыт биир буолан та5ыста. Мин хайдах гынан эппит киһи диэн саныы турбутум. Зина миигинниин үлэлиир буолбутуттан үѳрдүм ахай. Ол күнү быһа бииргэ үлэлээтибит. Мин куул соһооччуннан, баайааччыннан уонна тиэйээччиннэн сылдьабын. Зина хомуйа-хомуйа куулга кутан иһэр. Быыспар эмиэ хомуйсабын. Ол сылдьан эмиэ кэпсэтэ сылдьабыт. Аттыбар Зина баара күүспэр-күүс эбэр курдук. Уонна уонтан тахса уолтан миигин талбыта эмиэ кынаттыыра. Эдэр дьон буолан үѳрүү-кѳтүү бѳ5ѳтѳ. Күнү быһа ол курдук үлэлээтибит. Эбиэккэ дьиэбитигэр тахсан аһаан киирдибит. Киэһэ алта ааһыыта, бутэһигин тиэйэн, дьиэлээтибит. Киэһээнҥи аһылык кэннэ киинэ5э барыы буолла. Мин кѳрбүт киинэм буолан уонна Зина барбаппын диэбитин иһин барбатым. Сарсын Зина Надялыын дьуһуурустубалыахтаахтар. Уолаттар, сорохторо, маанымсыйан баран кулууп диэки тэбиннилэр. Таһырдьа кутаа оттон баран чай ѳрдүбүт. Таарыччы сарсынҥы Зиналаах – оттор мастарын хайытан бэлэмнээтим. Дьиэ5э хаалбыттар бары кутаа тула мунньуһуннулар. Хайа эрэ уол солуурдаах хортуосканы а5алан чоххо таҥнары ууран кэбистэ. Уонна чо5унан кѳмтѳ. Хортуоска буһарын кэтэһэ таарыйа – ону-маны ыаһахтаһабыт.

  • Хайа Сиэнньэ, бэ5эһээ теплоходка ырыа бѳ5ѳ этиҥ дии, ыллаа эрэ – диэн Надя кѳрдѳстѳ.

Сиэнньэ элбэхтик этиппэт киһи буолла5а –гитаратын, дьиэттэн, таһааран кутаа кытыытыгар олорон ыллаан барда. Туруйалар хаһыыран Тумараттан кѳттүлэр, Дууһам тылын таарыйан Ытаттылар сүрэхпин. Хара-хара харахтар Хомойбуттуу кѳрдүлэр Хайыстылар киэр антах Хааллардылар со5отох. Уол олох бэркэ ыллыыр эбит. Бары чѳрѳьон баран, истэн даллаьан, олоробут. Соро5ор ылласпыта буолабыт. Кутаа тѳгүрүйэ харахтар бѳ5ѳ кылапачыһаллар. Мин Зиналыын кэккэлэһэ олоробут.

  • Зина ѳрүс диэки хаамса түһэбит дуо?
  • Чэ барыах.

Оргууй а5ай туран – ѳрүс диэки хаамсабыт. Дьонтон тэйээт сиэттиһэн бардыбыт.

  • Зина маарыын миигин то5о таллыҥ?
  • Оттон, эн мин диэки кѳрѳн турарыҥ дии.
  • Эйигинниин бииргэ улэлээбит киһи – дии саныы турбутум.
  • Мин эппиппин билбэккэ хаалбытым.
  • Эппитиҥ үчүгэй буолбат дуо?
  • Онтон, этэн баран кѳрбүтүм үѳрбүт ба5айы этиҥ дии.

Мин астынан хааллым. Ѳтѳрүнэн кыыс да талбыта суо5а. Били Боцман билэн эппит быһыылаах. Сир быта буолла5а! Ити курдук кэпсэтэ-кэпсэтэ биэрэккэ киирдибит. Ѳрүс кытыытыгар, сүѳккэнэ сытар, бэрэбинэлэргэ олорунан кэбистибит. Мин ѳрүскэ олорботох киһиэхэ барыта саҥа. Субу-субу борокуоттар айаатаһан ааһаллар. Миэхэ борукуоттар барыта биир курдуктар. Хата кыыһым, хараҥа да буоллар, хас борокуоту барытын билэр.

  • Бу сухогруз, бу танкер…
  • Дойдубар сылдьан а5абынаан киэһэ биэрэккэ киирэн олорооччубут. Уонна ааһар борокуоттары, ыраахтан, то5ойтон быгааттарын кытта таайа оонньооччубут. Онон ити борокуоттары ба5ас сразу билэттиибин. А5ам билигин бэйэтэ киирэн олордо5о. Тѳһѳ эрэ суохтаан эрдэ5э. А5абынаан иккиэбит эрэ. Ийэм эрдэ ѳлбүтэ – кыыһым саҥата ытамньыйан ылла.
  • Доор Зина, а5аҥ билигин биэрэккэ киирэн, эмиэ маннык, эйигин саныы олордо5о дии – диэн кыыспын уоскутаары.
  • Зинаккам үѳрэнэ сылдьар диэн саныы олордо5о ээ.
  • Онтуката хортуоска хостуу сылдьар!
  • Унур кэлэрбэр телефоннуу сатаабытым да тиийбэтэ5им.
  • Куоракка ханна түспүккүнүй?
  • А5ам быраата баар. Онно сайылаатым.
  • Куорат хайдах дии санаатыҥ?
  • Ээ биһиэхэ тиийбэт. Туундара салгына да үчүгэйэ сүрдээх буолла5а дии. Уонна а5ам уучах мииннэрээччи.
  • Кырата ишагы миинэн иһэр курдук буолуо.
  • Эмиэ киһини күлүү гынна. Табаны миинэр үчүгэй буолла5а. Ишак курдук буолуо дуо? Хаһан кѳрбүт ишакпытын мѳккүһэрбит буолла. Баһаалый, «Кавказкая пленница5а» Шурик миинэрэ дии.
  • Сарсын эн суоххар ким миигинниин сылдьара буолла?
  • Оттон Алёшкалаах иҥин бааллар дии! Киһилэрдэр элбэхтэр дии.
  • Туох диэтиҥ?
  • Тугу?
  • Оттон киһилэрдэр диэн? – ѳйдѳѳтѳрбүн да дьээбэлээн.
  • Оччо5о дьоннордор.
  • Зина манна – киьилэр, дьоннор диибит.
  • Оттон биьиэхэ бары инньэ диибит ээ.

Син уьуннук оннук кэпсэтэ-кэпсэтэ олордубут. Хас мүнүүтэ аайы, мин дууһам наивнай ба5айы санаалаах, эдэркээн хоту кыыһыгар ылларан истэ. Сүрэхпэр саҥа иэйии тиллэн барда.

  • Хайа Зина барабыт дуо? Бириэмэ ыраатта. Кыргыттарыҥ сүтүктээтэхтэрэ.
  • Барыахха!

Кыыспынаан сиэттиһэн дьиэлээтибит. Кэлбиппит уолаттар киинэттэн кэлэн – үллэҥнэһии элбээбит. Дьэ ампаалыктаһыы диэтэ5ин. Сорох чаайдыыр, сорох таһырдьа уот аттыгар олорор. Дьиэ5э киирэн истэхпинэ, утары, Боцман тахсан кэллэ.

  • Мин эйигин маарынҥаттан кѳрдүүбүн. Ханна саһа сырыттыҥ?
  • Ээ биэрэккэ баран кэллим.
  • Ноо, ити диэки бара сылдьыах эрэ – диэн дьиэ кэннин диэки ильтэ.

Дьиэ кэннигэр былыргы сибиинньэ уйата баара. Ол кэннигэр тиийэн тохтоото.

  • Дьэ ноо, кыратык «тэп» гыннарабыт дуо?
  • Чэ.
  • Маарыын иһит инин таһаарбытым. Ханна иһэбит.
  • Биэрэккэ киириэххэ.

Киһим сибиинньэ уйатын кэнниттэн – кыра сумка хостоон таһаарда.

  • Маны ильдьэ бара тур. Мин кэннигиттэн тиийиэм.

Суумканы ильдьэ бирэктээтээтим. Тиийэн эмиэ бэрэбинэ5э олорон эрдэхпинэ – киьим хараҥаттан бу баар буола түстэ. Сып-сап дьаһанан аһаан бардыбыт. Хата киһиҥ, били чоххо буспут, хортуоскалаах иҥин.

  • Ноо ити балтыбын Зинаны наһаа иирдэйэ5ин эрэ.
  • Эс до5ор, ол то5о инньэ диэтин?
  • Биһиги хотулар кѳнѳ уонна итэ5ийимтиэ буолааччыбыт, кыыһын олох сүүттэрдэ быһыылаах.
  • Аһары да буолбатар.
  • Дьэ ноо, мин кѳрѳ сылдьабын. Олох сүүттэрэн бүттэ. Маарыын паралааһынҥа эйиэхэ ойбутун кѳрүѳҥ этэ.
  • Онтон, сүүттэрбэтэр да5аны кимниин эрэ хомуйуон наада дии.
  • Олох о5о дии. Дьэ ноо, сэрэппэтэ5э диэйэ5ин. Сүрэ5ин сүүйэн баран сүтэн хаалаайаххын.
  • Чэ убаай бириэмэ ыраатта дьиэлиэххэ.
  • Эн бар. Мин олоро түһүүм. Биэрэккэ олордохпуна сынньанабын.

Дьиэ5э тиийбитим киирии-тахсыы аччаабыт. А5ыйах уолаттар кутаа Тула кѳстѳллѳр. Тыаһа суох киирэн – хаптайдым. Сарсыарда, ким-эрэ тардыалыырыттан уһуктан кэллим. Кѳрбүтүм Зина эбит.

  • Тур. Чайбытын ѳрүѳхпүт.

Сып-сап таҥнан таһырдьа та5ыстым.

  • Дьоннордор тураллара чугаһаата, кутааны умата о5ус.

Бэ5эһээ бэлэмнэммит буолан кутаны ѳр гымматым. Икки солуурга чай уутун эмиэ – оргута уура о5устум. Кыргыттар ыраастаммыт хортуоска а5албыттарын эмиэ уурдум.

Зина харахтара мин диэки – үѳрбүттүү кѳрүтэлииллэр. Надята дьиэ5э киирбитигэр аттыбар олорон илиибин туппахтыыр.

  • Зина бүгүн эйигинэ суох ѳлѳрүм буолуо
  • Ѳлбѳт инигин. Атын уолаттар бааллар дии.
  • Сылайан диэбэппин ээ, суохтаан.

Онно кыыһым үѳрбүт сырайын кѳрүѳ этигит!

  • Кырдьык суохтуугун дуо?
  • Онтон бэ5эһээ аттыбар баарын үчүгэй да этэ дии.
  • Миэхэ эмиэ. Киэһэ кэллэххитинэ бэ5эһээнҥи сирбитигэр барыахпыт сѳп.
  • Сѳп-сѳп. Надяҥ та5ыста.

Илиитин сор түргэнник арааран күѳс буккуйбута буолар. Сотору ас буһан уолаттары уһугуннартаатым. Аһаан-сиэн баран хомуурбутугар бардахпыт дии. Бүгүн олохтоохтору кытта үлэлээтибит. Кыргыттар бѳ5ѳ кэлбиттэр. Уолаттар үҥкүү оҥортороору эрийсии бѳ5ѳлѳр. Били Кильбиноваларбыт эмиэ бааллар Биирдэрэ кулуупка үлэлиир эбит. Киэһэ, тар5аһар са5ана, син кыайдылар быһыылаах – үҥкүү оҥоруох буоллулар.

Дьиэ5э тиийэн эмиэ бэ5эһээнни сценанарийынан барда. Суунуу-тарааныы, аһааһын-сиэһин, киинэ5э баран ампаалыктаныы. Мин эмиэ барбатым. Мин былааным атын. Кэлэн баран, дьон элбэ5эр, Зиналыын билсибэтэ5э буолсабыт. Дѳрун-дѳрун Зина үѳрбүт харахтарын кѳрѳн ылабын. Дьон аччаабытыгар биирдэ чугаһаатым. Кыыһым иһит сууйа сылдьар. Почти бутэрбит.

  • Зина били сиргэ тиийээр. Мин бардым.
  • Иһит сууйан буттэхпинэ тиийиэ5им, кэтэһээр.
  • Кэтэһиэм!

Биэрэккэ тиийиибэр куһунҥу халлаан боруктуйан барда. Уонча мүнүүтэ олорбутум кэннэ Зина тиийэн кэллэ. Утары туран кууһан ыллым уонна сып-сылаас уостарыттан уураан бардым.

Сэгэрим оргууйдук, сэмэй ба5айытык эппиэттэспитэ буолар. Урут уураспыта да биллибэт. Олох о5о буолла5а. Хара5ын симэн баран турар. Уос-уоспутугар сыстыһан турбахтаатыбыт.
Лаппа саҥата суох турдубут. Онтон арахсан бэрэбинэлэрбитигэр олордубут. Кыыһым сотору-сотору мин диэки кылап гына кѳрүтэлиир, мичээрдээн ылар.

  • Зина бугун эйигинэ суох үлэ хайдах эрэ, күнү быһа эйигин санаан та5ыстым – диэн уһаабыт тохтобулу тохтотон.
  • Мин эмиэ эйигин санаабытым.
  • Кырдьык дуо?
  • Кырдьык буолумуна. Сарсын эмиэ бииргэ үлэлиэхпит дии.
  • Оннук буолла5а дии, аны атын кими да кытта үлэлиэм суо5а.
  • Эн урут кыыстаах этиҥ дуо?
  • Баара да, барбыта.
  • Ханна барбытай?
  • Дойдутугар.
  • Онтон то5о хаалбата5ай.
  • Хомойон
  • Туохтан?
  • Миигиттэн. Мин бэйэм куһа5аммыттан барбыта.
  • Ол туох куһа5аннааххын?
  • Кыайан туппата5ым.

Кыыһым саҥата суох олордо.

  • Онтон миэхэ ким да суо5а. Эйигин кытта бастаан уурастым. Мин урут уураһаллара хайда5а буолла дии саныырым. А5ам сыллыыра атын буолла5а дии.
  • Дьэ хайдах эбитий?
  • Наһаа учугэй! Эмиэ уураһыахпын ба5ардым.

Ол киэһэни быһа, куустуьан олорон, уурастыбыт а5ай. Онтон, анныбытыгар борокуот кэлэн орулаабытыгар – ѳйдѳнѳн дьиэлээтибит. Дьиэбитигэр кэлбиппит уолаттар сорохторо – үҥкүүлээн бүтэн кэлбиттэр. Сорохторо кэлэ иликтэр үһү. Ити Боцман информацията. Кутаа тула дьон элбээбит. Дэриэбинэ кыргыттара иҥин кѳстѳллѳр. Сиэнньэ син биир ортоку, син биир гитаралаах. Үѳрүү-кѳтүү үксээбит. Зина биһикки олор аттыларыгар кэлэн турдубут. Кыыһым ѳтѳр-ѳтор мин диэки мичээрдээн ылар. Ол аайы сүрэ5им тахсан бараары хаайар. Ама эмиэ сүрэ5им сүүттэрдэ дуо? Арааста олох буккулунна быһыылаах. Харааччы иирбит. Хоту кыыһа аны тахсыбаттыы киирбит бадахтаах. Бу аттыбар мичээрдии турара кэрэтин.

Ама маннык кэрэни ким таптыы кѳрүѳ суо5ай! Мин да эр киьи элээмэтэ буолла5ым. Ама да тапталбар сатамматарбын сүүрбэбиттэн кѳрдүүрбүн тохтоттохпунуй. Бу аттыбар сибэкки мичээрдии турда5ына – айыы да былыр ѳлѳн хаалбыт киһиэхэ дылы. Зина сэрэйбит курдук мин диэки эйэ5эс ба5айытык кѳрүтэлээн ылар. Ол аайы хайдах да буолуохпун булбаппын. Быһата харааччы иирдим. Хабыр5абар дылы – таптал кутаатыгар умустум. Били Боцман тугу-эрэ ботугураабыт быһыылаах. Элбэх оһох килиэбин сиэбит киһи – иичээн буолуо. Ээ чэ, кэннэ кээнчэ да буоллун! Кэтэмэ5эйдээн туһа суох!

  • Зина хаамса түһэбит дуо?
  • Чэ!

Тэйэ түһэн баран эмиэ уураһан бардыбыт. Ити икки ардыгар ахтыспыт курдукпут дии.

  • Мин эмиэ хаама түспут киһи диэн саныы турбутум, оһуобанна уураһарбын саныы турбутум. Хайдах да бачча эрдэ эйигинниин уураспакка утуйуо суо5ум курдуга.

Оргууй хааман биэрэккэ киирдибит. Бэрэбинэлэрбитигэр чугаһаан эрдэхпитинэ – киһи туран кэллэ.

  • Хайа бу түүннэри тугу гына сылдьа5ыт? – Боцман эбит.
  • Күүлэйдии сылдьабыт.
  • Хата, үлэлии сылдьабыт диэбэтигит. Манна кэлэ сырыт эрэ. А5ыйахта атыллаан Боцмана тиийдим.
  • Хайа туохха бэһирдиҥ?
  • Ноо, «сып» гына5ын дуо?
  • Ээ суох, кэлин.
  • Ноо, оччо5уна атааран баран кэлээр. Кэпсэтии баар.
  • Чэ сѳп! – кини «кэпсэтиитэ» биллэр. Маарыын рюкзакпар биир баарын биэрбитим.

Зинабар тиийэн кууһан ыллым уонна тѳттѳрү хаамыстыбыт.

  • Туохха наадыйбыт?
  • Кѳннѳрү. Табаах кѳрдүүр. Табаа5ын умнубут.
  • Оттон биэрбэтиҥ дуо?
  • Миэнэ эмиэ бүппүт. Дьиэттэн ылан илдьиэх буоллум.
  • Боцман наһаа үчүгэй киһи дии? Миигин куруук балтым диир.
  • Хоту киһитэ. Элбэх эрэйи кѳрбүт киһи. Оннук дьон – үтүѳ санаалаах буолаллар. Ол иһин ити киэһэ аайы баран олорор. Ба5ар дьонун иҥин саныыра буолуо. Бу эбэннэн элбэхтик устубутум диэбитэ. Онон ону да саныыра буолуо. Миэхэ: «син ускул-тэскил сырыттым» - диэбитэ.
  • Эрэйдээх, киһи аһыныах. Дьонноро ханна үһүлэрий?
  • Билбэтим, мээнэ кэпсээбэт.
  • Чэ Зина эйигин атааран баран – табаах илдьэн биэриэм.

Кутаа уота кѳстѳр сиригэр кэлэн эмиэ уураһан турбахтаатыбыт.

  • Чэ мин сүүрдүм! Түүнү быһа миигин түһээр. Мин эмиэ эйигин саныам. Бүгүн наһаа үчүгээй! Ой Надям мѳ5ѳрѳ буолуо – диэтэ да тэбинэ турда.

Кэнниттэн батыһа кѳрѳн турбахтаан баран биэрэкпэр тѳнүннүм. Тиийбитим, Боцманым кэтэһэн ахан олорор эбит. Эмиэ аһааһын са5аланна.

  • Ноо, сүүйтэрэн бүттүҥ дуу?
  • Онтон оннук буолла быһыылаах.
  • Эппитим дии сүүйтэриэн диэн. О5ону ата5астаайаххын эрэ.
  • Бу да киһи тылын!
  • Инньэ диэмэ! Биһиги хотулар айыл5абыт курдук ранимай буолааччыбыт. Таптаатыбыт да биир таптааһын, атыны кѳрѳѳччүбүт суох. Ыт курдук эрэллээх буолааччыбыт. Таҥнарар диэни билбэппит. Дойду сир дьонуттан олох атыттарбыт.
  • Чэ убаай дайбыахха.
  • Ити мин эппиппин ѳйдѳѳ! Мин, ѳссѳ тэлэһийэ сылдьыбыт буолан – онно-манна син үѳрэнним. Ити кыыһын о5ото бэрт. Олох ата5астаайа5ын! Киһи кыраттан бүдүрүйэр. Уонна бу дьыаланы эмиэ бырахтаххына сатанар.

Чаас аҥардаах лекция кэннэ – иһиппитин дьаьайдыбыт. Мин дьиэлээтим. Киһим эмиэ олорон хаалла.

  • Ноо, ити мин эппиппин доло5ойгор туттуҥ ини, эйигин киһи диэммин кэпсээтим.
  • Чэ мин бардым. Эн эппиккин ѳйдүү сатыам – диэтим да дьиэлээтим.

Сарсыарда, туран суунан киирбитим, остуолга Боцман айдаара олорор.

  • Дьурууьунайдар трудовой книжка5ытын ильдьэ манна кэлиҥ эрэ!
  • Что-же шум а драки нет?
  • Ас астаан кэбилээбиттэр! Киһи сиэх буолбатах! Барыта чиэстэ! Килиэппит чиэстэ, аны аһылыкпыт чиэстэ буолара хаалбыт дии – дии, сыстан биир кэлимсэ буолбут лапсаны хомуоһунан баһа турар.
  • Чэ-чэ бут! Кыргыттарыҥ саспыттар быһыылаах. Онтон балык кэнсиэрбэтэ арынан сиэн эрдэхпит дии.

Ити күн этэнҥэ ааста. Күнү-быьа Зиналыын бииргэ улэлээтибит. Киэһэбитин эмиэ бииргэ атаардыбыт. Олох инньэлээх сап курдукпут. Ити курдук сүүрбэччэ күн ааста. Тапталбыт күүһүрдэр күүһүрэн истэ. Быыс буллубут да бииргэ буола сатыыбыт. Бүтэн барарбыт чугаһаатар-чугаһаан истэ. Уолаттар дэриэбинэ5э бэйэ дьоно буолан бүттүлэр. Киэһэ аайы танцы-манцы-обниманцы бѳ5ѳ. Онтон түүнү быһа куулэй уонна прижиманцы и целованцы. Биир уол миэхэ кэлэн дьааьыйа-дьааьыйа:

  • Абыраммыт киһигин, биһиги курдук түүннэри сүүрбэккин – диэтэ5э үһү!

Биирдэ киэһэ «үҥкүүһүттэр» бараары турдахтарына Боцман дьаһалымсыйар:

  • Бу ким да бэкээринэ кыргыттарын билбэт дуо?, ама ким да маслоцех кыргыттарын билбэт дуо?!

Уолаттар күлэ-күлэ үҥсүһэн биэрэллэр.

  • Дьэ уолаттар кыргыттаргытыгар этээриҥ эрэ килиэптэрин ситэри буһардыннар! Маслоцех уолаттара хаһан сүѳгэй сиэтэ5ит! Быһата, комсомольскай садаанньа ылбыт курдук толкуйдааҥ! Сарсын остуолга сүѳгэй баар буолуохтаах уонна наконец-то киһилии килиэп сиэхтээхпит!

Кырдьык ол кунтэн ыла суогэйгэ коспуппут. Килиэппит да арыый буолбута. Уолаттар комсомольскай садаанньаны толорбуттара диэххэ соп.
Хайдах да элбэтэ сатаабыт иһин – Кыыллаах бааһыналара бүтэр уһуктаахтар. Биир күн эбиэккэ дылы хомуйан – бүтэрэн кэбистибит. Ол күн «банный день» оҥордубут.
«Баанньык бэлэм» диэттэрин кытта хомунан тэбиннибит. Тэбинэн да диэн баанньык дьиэбит кэннигэр баара. Баанньыкка киирбиппит биир о5онньор КВ300 котёлу отто сылдьара.

  • Чэ о5олоор киирэн суунан барыҥ. Ууну сылыппытым. Паарга наадыйдаххытына тоҥсуйаарыҥ. Уонна паарга сэрэнээриҥ – диэтэ. Туохтан сэрэнэрбитин этэн бэрт.

Халлаан кѳстѳн турар хоһугар киирэн – сыгынньахтанан антах аастыбыт. Суунар хоско, кырааннаах икки чаантан уу куттан, чалбааттанан бардыбыт. Булумахтана түһэн баран парнойга киирдибит. Үѳһээ полка5а олорон баран тоҥсуйан тобугураттыбыт.

  • Сэрэнэээҥ! – диэн о5онньор хаһыытын кытта, утары быган турар турбаттан паар сирилээн барбат дуо!

Хата утары ким да суох буолан биэрдэ. Утары киһи баара буоллар – буһуо эбит. Дьэ ол курдук баанньыктанан, ырааһыран дьиэлээтибит. Сарсыныгар сарсыарда биригэдьиир кэлэн баржа5а хортуоска тиэйиҥ эрэ диэн кѳрдѳстѳ. Харчытын утары тѳлүүр үһүлэр.

  • Син биир сарсын эрэ бара5ыт. Тугу гына сытыаххытый?

Харчы туһунан истээт хомунан бардыбыт.

  • Кыргыттаар киэһэ аьыахпыт – аһылыкта бэлэмнээриҥ! Уолаттар прощальнай ужинҥа дьон бѳ5ѳнү ыҥырбыттар –диэн Боцман тахсаары туран дьаьалымсыйар.

Причалга тиийбиппит биир сухогруз турар. Биэрэккэ хортуоска бѳ5ѳ кыстанан турар. Борукуоттан биир дьахтар түһэн биригэдьиири кытта тугу эрэ кэпсэттилэр. Онтон биһиэхэ кэлэн:

  • Дьэ о5олор, тоннатын аайы 5 солкуобай тѳлүүбун – диэтэ.
  • Ол налогтуун дуо – билэр киһи Боцман токкоолоһор.
  • Бутэһигэр уопсай суумматтан нолуогу тутабын.
  • Уопсайа хас тоннаный?
  • То5ус уон тонна буолара буолуо.

Биһиги түѳрт мѳһѳѳктѳн ордугу ыларбытын суоттуу о5устубут. Икки аҥыы арахсан сүгэн бардыбыт. Сорох ыстаабылтан ыйааһынна дылы сүгэр, сорох ыйааһынтан трюмна таскайдыыр. Киэһээнҥэ дылы барытын сүгэн кэбистибит. Харчыбытын сонно аахсан ыллыбыт.

  • Уолаттар маны үллэстэ оонньуу сылдьыахпыт дуо? Мин уолаттары кэпсэтэн моторканнан куоракка киирэн тахсыам. Икки чааһынан манна баар буолуо5ум. Аһылык иҥин ылыам дии – диэн Ким этии киллэрдэ.

Бары сразу сѳбүлэстибит. Киммит дьиэ5э да киирбэккэ моторка кѳрдүү тэбиннэ.

Дьиэ5э кэлэн, суунан-тараанан баран кыргыттарга кѳмѳлѳстүбүт.
Зина мин диэки имнэнэн баран – биэрэк диэки кэккэлэтэ турда. Биэрэккэ, дьон кѳрбѳт сиригэр, тиийэн уураһан бардыбыт.

  • Ким куораттаабыта дуо?
  • Ону хантан иһиттиҥ?
  • Уолаттар кэпсэтэллэр.
  • Маарыын барыам диэбитэ, барта дуу – суо5а дуу?
  • Ородьуйуон барбытын кѳрбүт үһү.
  • Ол аата барда5а дии.
  • Киэһэ иһээйэххин эрэ.
  • Мээнэ то5о истэмий.
  • Бүгүн Кыыллаахха бүтэһик күммүт. Онон танцыга барыахпыт эрэ. Саатар кулууптарын кѳрүллүѳ.
  • Дьэ кырдьык, кэлин саныы сылдьыахпыт дии.
  • Чэ мин бардым Надям кэтэстэ5э – диэтэ да, платьета тэлээрэ турда.

Сэгэрим, Ким барбытын истэн, ыксаабыт быһыылаах. Ааспыкка – Боцман биһикки мѳ5үллүбүппүт. Хата, хомуур кэмигэр ма5аһыынҥа аргы атыылаабат буоланнар, син бохсуллан сырыттыбыт. Киэһэ да туттунар инибин. Онно, утарытын тутуллубатар да – сарсыарда перегарбыт баһаам буолла5а. Чэ кѳрүллүѳ. Биэрэккэ, олорон табаахтыы туһэн баран дьиэлээтим. Кэлбитим киирии-тахсыы элбээбит. Остуол иҥин тардыллыбыт. Сотору буолан баран – Ким бу чиккэс гына түстэ. Сырыыта табыллыбыт. Ас бѳ5ѳ атыыласпыт. Ким бара сылдьыбата5а буоллар – хобдох со5ус остуол буолуо эбит. Билигин – биримээнэ сыбаайба остуолун курдук буолла. Ыалдьыттар кэлэн остуолга олоруу са5аланна. Зина Боцман биһикки ардыгар, кэлэн, олорунан кэбистэ. Уонна мин диэки ыраас ба5айытык кѳрүтэлээн кэбистэ. Бу маннык хаһан эрэ баар этэ диэх курдук санаан ыллым. Ээ били, биэс сыллаа5ыта, Вералаа5ы атаарааһынна. Эмиэ маннык этэ дии. Аны санаатахха, Вералаах –Зина туохтарынан эрэ майгыннаһар курдуктар эбит ээ. Ба5ар эдэрдэринэн буолуо, ба5ар майгыларынан буолуо, ба5ар мин аттыбар баалларынан буолуо. Уҥуохтара да майгыннаһар курдук ээ. Сэгэрим кэрэ да5аны. Санааларбы, бастакы туос хаһыыта, уйгурдан кэбистэ. Үѳрүү-кѳтүү үксээбит эбит. Дьэ,аһааһын-сиэһин са5аланна5а. Мин почти испэтим. Ама да мин буолтум иһин, тылбын биэрэн баран, иһэ олордомуй. Ырыа-тойук ыраатта. Били гитара – биир бастан иккис баска дылы мэскэйдэнэн биэрдэ.

Аһааһын бүтэн үҥкүүгэ барыы буолла. Дьиэ иһэ биир кэм үллэрэҥнээн олорор. Мин Зиналыын эмиэ, били биэрэкпитинэн эргийэн, кулууптаатыбыт.
Кулуупка тиийбиппит үҥкүү үгэннээн эрэр эбит. Дьон син мунньустубут. Ѳрүс уҥуортан, Даппарайтан, студеннар иҥин кэлбиттэр. Пластинканнан, хаахынаабыт проигрывательнан үҥкүүлээһин бѳ5ѳ диэтэ5иҥ. Уолаттар – дьиэлэригэр курдук сылдьар буолбуттар. Уопсайынан олохтоохтор эйэ5эс, ыалдьытымсах дьон эбит. Дойду сиргэ – кэлиилэри мээнэ хаамтарбат буолуллара. Сутуруктаан да барбатар бас-баттах сырытыннарбат этибит. Биһиги кыратык үҥкүүлээн баран, тахсан, күүлэйдии бардыбыт. Ыйдаах киэһэ буолан, таһырдьа, күнүскү курдук сырдык.

  • Таҥара дьиэтин кѳрѳбүт дуо?
  • Кѳрүѳххэ да буолла5а дии.

Кулууптан чугас, кѳстѳн турар, былыргы таҥара дьиэтигэр – а5ыйахта атыллаан тиийдибит. Аана ыт баһын са5а күлүүстээх турар.

  • Бу олох былыргы быһыылаах дии?
  • Кѳрүүй, истиэнэтэ муо5унан үүммүт дии.
  • Манна былыр тѳһѳ эрэ дьон сырыттылар?
  • А5абыыт мэлииппэ аа5ан доллоһутта5а дии
  • Мин таҥара диэтин иһин кѳрүѳхпүн олус ба5арабын.
  • Армия5а сылдьан, уолаттары батыһан, биир таҥара дьиэтигэр киирэ сылдьыбытым. Килэйэн-халайан сүрдээх этэ. А5абыыт буруоннан сапсына-сапсына, ыллаан доллоһута турара.
  • Дьокуускайга, абитура5а сылдьан, кѳрѳѳрү гыммытым хатанан турара. Хомойбутум ахан.
  • Чэ барыахха.

Түүнү быһа түлэй хаамтыбыт.

    Бу түүн биһигиттэн ордук дьоллоох суо5ун курдуга! Быыстала суох уураһарбыт. Ону-маны кэпсэтэрбит, инникибитин ыраланарбыт. Хайдахтаах да ха5ыс тыал халбаҥнатыа суох курдуга. Сэгэрим үѳрбүт сырайа, минньигэс мичээрэ сүрэхпэр сылааһынан илгийэрэ. Бу кэмҥэ халлаантан ыйы да тууран биэриэх курдугум. Маннык куустуспутунан, тоҥхойо кырдьыахпытыгар дылы, бииргэ олоруох курдукпут.
Күн тахсан күлүмүрдүү оонньуута, дьиэбитигэр кэлэн, утуйдубут.
Ол күн, киэһэ, Ѳлүѳхүмэ5э киирдибит. Сарсыарда эрдэ «Метиор» ракета5а олорон, киэһэ түѳртүүр са5ана, долгуйар Дьокуускай куоракка кэлэн түстүбүт.
Сэгэрим дьонугар барда. Биһиги уопсайга та5ыстыбыт. Ол са5ана уопсайбыт «Орбита» ма5аһыын таһыгар баара. Үѳрэххэ дылы ѳссѳ да үс-түѳрт хонук баара. Зиналыын СПТУ-га кѳрсүѳх буолбуппут. Бу күннэргэ дьэ күннээн хаалбыппыт. Сарсыардаттан үлэ гынан «литроболунан» дьарыктанарбыт. Куораты биир гына тилийэ сүүрэн кэбиспитпит. Онно-манна түбэһии са5аламмыта. Хаста да охсуһа инин сырыттыбыт. Бэйэ-бэйэбитин күѳттэһэ-күѳттэһэ баран иһэбит. Биир түүн успейдаан 2-с ГОМ-на хонон та5ыстыбыт. Үѳрэх бастакы күнэ бу тиийэн кэллэ. Сарсыарда, улахан тѳбѳ ыарылаах, торжественнай линейка5а бардыбыт. Короленка5а ѳр гыммакка тиийдибит. Аны санаатахха, 3-4 кун литроболлаабыт дьон, сырай-харах бѳ5ѳ буолуохпут ээ. Олбуор иһигэр табахтыы турдахпына, дьиэттэн, Зина тахсан кэллэ. Сэгэрим, бу кѳрбѳтѳх күннэрбэр, ѳссѳ тупсубут курдук буолбут.

  • Привет! Хайаа бу то5о киирбэккэ тура5ын?
  • Привет! Саҥа кэллим.
  • Бу күннэргэ эйигин кѳрбѳккѳ – ахтыбыт курдукпун.
  • Мин эмиэ.
  • Үѳрэх кэннэ миигин кэтэһээр. Бииргэ барыахпыт.
  • Сѳп. Чэ бар эйигин Надян кэтэһэр быһыылаах – диэтим Надя кэлэн турарын кѳрѳн.
  • Умнаайа5ын кэтэһээр. Туох эрэ этэрдээхпин – диэт Надятын диэки бара турда.

Халлаан почти сайынҥылыы этэ. Онон торжественнай линейканы таһырдьа олбуорга оҥордулар. Биһиги Кыыллаахар биир группа5а уончабыт. Сорхторбут атын группа5а бааллар. Кыргыттар бары «Бухгалтердар». Атыттар да элбэхтэр. Линейка5а туран санаабыт барыта абырах. Линейка кэннэ 15 мүнүүтэлээх перемена буолла. Оччолорго, онтон чугас Горького муннугар – ма5аһыын баара. Дьэ онно тэбиннибит. Биир – нуучча атыыьыт дьахтара, биһигини эрэ кэтэһэн турбут курдук, биэс буокканы үѳрэ-кѳтѳ прилавокка ууран биэрдэ. Ону онтон тэйбэккэ эрэ биир олбуорга киирэн дьаьайан кэбистибит. Абырахтаныахтаа5ар буолуох – лаппа сынтайдыбыт. Дьэ онтон дэлби мыччыстан хаалан баран училищебытыгар тиийдибит. Ѳлүү болдьохтоох диэбит курдук киирээт дириэктэргэ түбэстибит. Барыбытын дириэктэрскэйгэ хочугуратан киллэрдэ. Кып-кыһыл сырайдаах, сааһыран эрэр нуучча киһитэ хаһыы-ыһыы бѳ5ѳнү түһэрдэ. Миигин тарба5ынан ыйа-ыйа:

  • Пьяница! Выгнать к чёртовой матери – дии-дии силэ бырдаҥалыыр.

Онон уонтан тахса киһи, биир лииһи марайдаабакка, үѳрэнэн бүттэхпит ол. Ѳссѳ дѳкүмүѳммүтүн дойдугутугар сопроводиловкалаан ыытыам диэн – сааныылаах. Синэ-биир диэн баран – дальше бардыбыт. Үүрүллүбүппүтүн сууйа. Ханна-ханна сылдьыбыппыт буолла. Сарсыарда уопсайга уһуктан кэллим. Тѳбѳ ыарыта баһаам. Эбиитин Зинабын таҥнарбытым – эбии тѳбѳ ыарыыта буолар. Бэ5эһээ кэтэһиэх буолбут киһи бу кэбилэнэ сытта5ым. Тѳһѳ эрэ кэлэйдэ. Ол сытан дьиэлииргэ быһаарынным. Суунан-тараанан эдьиийбэр тэбинним. Кыыллаахтан кэлиэхпиттэн бу аһы батыьан сылдьа да иликпин. Эдьиийим үѳрэ-кѳтѳ кѳрүстэ. Аһаан баран, уурдара сытар, хаһаас харчыбын ылан та5ыстым. Сразу агенство5а баран сарсынҥыга билиэт ыллым. Онтон СПТУ-га тиийэн учёбнай чаастан дѳкүмүѳммүн кѳрдѳѳн ыллым. Таһырдьа тахсыбытым, олбуор иһигэр биир ЗиЛ массыына тугу-эрэ тиэнэ турар. Уолаттар ол аттыгар туралларыгар тиийдим.

  • Биһиги Ѳктѳмнүүр буоллубут. Бу киһи биһигини ылыах буолла. Туох-эрэ тос курдук тойон быһыылаах, биһигини кытта барса5ын дуо? – диэтэ Боцман.
  • Суох ноо, дойдулаатым. Манна сатаан сылдьыа суохпун.
  • Чэ ноо, сопко толкуйдаммыккын. Биһигинниин уһун соннонуоҥ суо5а. Зина5ын илдьэ бараар, манна хааллараайа5ын.
  • Малга дылы эттэний! Ба5алаах буолла5ына барсыа буолла5а.
  • Ноо, миигин иһит! Манна хаалларыаҥ – матыаҥ!
  • Хайдах?
  • Манна эр дьон суо5а буолуо дии саныыгын дуо? Таптыыр буоллаххына илдьэ бар! Чэ ноо пока! Сѳпкѳ быһаарыммыккын! Только мин эппиппин ѳйдѳѳ! Хаалларыаҥ – тэйсиэххит! Биһиги бу бардыбыт. Сир тѳгүрүк – ханна эмит кѳрсѳр инибит! – Киһим, хара5ыттан уу-хаар баһан, куустуһан баран – эргиллэн хаама турда. Ол кэннэ кѳрсѳ иликпит. Билигин ханна эрэ хаама сырытта5а.

Мин занятия бүтэрин кэтэһэн, олбуор таһыгар, уһуннук тэпсэҥнээтим. Кэмниэ-кэнэ5эс дьэ бүттүлэр. Ыччаттар бѳ5ѳ тахсан үрүѳ-тараа бардылар. Бутэһигинэн Зиналаах Надя тахсан кэллилэр. Надя миигин кѳрѳѳт Зиналыын покаласта уонна «Центральнай» кинотеатр диэки түһэ турда. Зина уулуссаны туораан бу тиийэн кэллэ.

  • Привет!
  • Привет!
  • Билэбин, Маарыын кыргыттардыын сурук суруйан киллэрбиппит. Ону биллэриэх буолтара.
  • Наадата суох. Мин дьиэлээри билиэт ыллым. Манна сатаан сылдьыа суохпун.
  • Оччо5о миигин илдьэ бар!
  • Зина эн үѳрэн, онтон каникулгар тиийиэҥ буолла5а.
  • Суох-суох! Мин эйигинэ суох манна хаалбаппын!
  • Зина эн үѳрэниий, эһиил миэхэ тиийиэҥ дии.
  • Оччо5о Булуҥнуох. Мин паапабар звоннуом – пропуск ылан ыытыа. Оччо5о иккиэн барыахпыт.
  • Суох Зина эн үѳрэн, профессия наада дии. Баара-суо5а биир сыл. Эһиил бииргэ буолуохпут дии.

Ол киэһэни быһа күүлэйдээтибит. Сэгэрим хаста да кѳрдѳһѳн баран, тохтоото. Киэһэ хойут дьиэтигэр атаардым.

  • Сарсыарда манна кэтэһээр, мин порка барсабын – диэн, үѳскэ-батааска биэрбэттии, арахсаары туран дьаһайда.

Ол түүн уопсайга түннүгунэн киирэн хоннум. Сарсыарда хомунан портаатым. Баран иһэн Зинабын кѳрсѳн бииргэ киирдибит. Регистрация буолан арахсыы бу тиийэн кэллэ.

  • Мин сарсын тиийиэм, кэтэһээр!
  • Суох Зина! Суох! Каникулга тиийиэҥ дии.
  • Мин манна эйигинэ суох хайдах үѳрэниэмий?
  • Зина үѳрэн! Мин эйиин олус таптыыбын!
  • Мин эмиэ олус таптыыбын! Илдьэ барыый!
  • Баара-суо5а биир эрэ сыл дии!
  • Син-биир үѳрэниэхпин ба5арбаппын! – хара5ар уу-хаар баһан.
  • Чэ пока! Каникулга кѳрсүѳхпүт – диэтим да аан диэки хаамтым…

Бэйэм да уйадыйан нэһииччэ туттуннум. Оссо уһаабытым буоллар: «Бардыбыт!» - диэ эбиппин. Саатар проводница ыксата турара. Аан сабыллан эрдэ5инэ, батыһа кѳрѳн турарын, кѳрѳн хаалбытым. Ити кэннэ Зинаны кѳрбѳтѳ5үм. Сэгэрим хомойбут сырайа ѳйбѳр оннук хаалан хаалбыт. Боцман сѳпкѳ эппитин то5о да истибэтэ5им буолла. Сааһыары Зинаттан сурук кэлбэт буолбута… Сэгэрбин хомоппутум бэрт эбит… Аны кэлэн кэмсинэн да диэн. Сэгэрим эрэ дьоллоох буоллун!

Хомустан 2 июня 2012 Бу кэпсээни СКЗ-га таһаара сылдьыбытым.

Онно биир киһи табаарыһым Николай Гаврильевич Григорьев - Боцман туһунан суруйбута. Доҕорум Коля - Боцман сүрэҕэ тэппэт буолбут. Доҕорум Коля - диҥнээх киһи, доҕор этэ. Баара буоллар төһө эрэ үөрэр этэ...

Хомустан 8 декабря 2012 Бу "Дьоһун саас" форумтан аҕаллым.

БОЦМАН - соьуйдум21.02.2012 (01:16) (80.239.243.220)
Николай Гаврильевич Григорьев диэн этэ дуо? Мин кинини бэркэ диэн билэбин ээ Соьуйбукка. - Хаамаайы21.02.2012 (15:59) (80.83.239.107)
Дорообо! Николай Гаврильевич ханна баарый? Суруй. Николай у8рэх б858 - Соьуйбут21.02.2012 (23:35) (80.239.242.228) бутэрэн дойдутугар сололоох улэ5э сылдьан сурэ5инэн ыалдьан биьиги кэккэбититтэн туораабыта. Ити 2006 этэ быьыыта. Мин кэргэнин билэбин онно кыыс о5олоох. Соьуйбукка. - Хаамаайы21.02.2012 (23:59) (80.83.238.82)
Ньукулай дьонугар кутур5аммын тиэрдээр. До5орум киьи-киьитэ этэ. Тыыннаа5а буоллар утары корсон сэьэргэьиэх хаалбыт. Дьоно-сэргэтэ дьоллоох-соргулаах буллуннар! Учугэйдик - Соьуйбут23.02.2012 (00:48) (217.212.230.106)

Цитата: румтан саныыргар махтал. Дьонугар тиэрдиэм, эьиэхэ эмиэ уту8ну.

Хомустан 25 февраля 2012 Кэпсээннэрбин аахпыт, сэҥээрбит дьонҥо бар5а махтал буолуохтун!

Аат туһунан. Ити Хаамаайы диэн суруйар аатым. Оттон Хомустан диэн дьиҥнээх сахалыы аатым. Эбэтэр төрөөбүт күммэр тубэһэр сахалыы аат. Пока ааппын уларытар санаам суох. Сүрэх чопчута диэн үчүгэй аат. Онтон ити ааты регистрацияланан кэбис. Манна ааккын атын дьон иҥэринэн кэбиһиэ. Ол привычнай дьыала. Форумнарга ааттарын былдьаһааччылар баар буолааччылар. Регистрацияланнаххына кэпсэтэргэ да судургу буолуо. "Народ требует" диэччилэргэ - бутэһик кэпсээним ыарахан со5устук сурулунна. Онон тохтуу түһэрим буолуо. Онтон санаам кыайда5ына ба5ар кыралаан са5алыам. Билэ-көрө сылдьаарыҥ. Этэҥҥэ буолуҥ!

Хомустан 1 марта 2012 Хайа ким да аахпат буолбут дуу?

Бу таах олоруохтаа5ар хоьоон суруйдум. Эйигин күн аайы көрдүүбүн сүтэрбит сүрэ5им аҥарын. Эйигин күн аайы көрдүүбүн ааһар дьон быыһыттан булаары. Элбэх да хаар уулунна санныбар эн тахсан барбытыҥ кэнниттэн. Элбэх да күн ааста ол күнтэн бутэһик быраһаай кэнниттэн. Ол кэмтэн ааста5а элбэх уу Өлүөнэ өрүспүт устунан. Билэбин эн бааргын бу сиргэ Бутэһик тапталым, эрэлим. Бу куорат иһигэр ханна эрэ Эн хааман истэ5иҥ оргууйдук. Билигин эн миигин билбэккин мин эмиэ билбэппин эйигин. Ба5ардар санаа5ар ол иһэн дьон быыһын одуулу истэ5иҥ. Билэбин суолларбыт тиксиэ5э ханна эрэ бу куорат иһигэр.

Добавить комментарий