Главная / Кэпсээ / Оҕо саастан, Эбээттэн, Эһээттэн
Добавить комментарий
содуоччуйэ 7 февраля 23:53 Утуо киэьэнэн кунду Сахам Сирэ бары олохтооро, киьи хас биирдии бэйэтигэр саамай чугас, сурэ5эр тутар, дууьатын таарыйан этинэн - хаанынан билбит оло5уттан быьа тардан кэпсиирбин конуллээн, кууьунэн аа5ын диэн куьэйбэппин, Сахалыы шривы туттубат диэн бааламан - уорэнэн иьиэхпит)))
Мин тыа сиригэр улааппыт, быылыгар буоругар буккуллубут, уорбут - коппут мэниктээбит, дьонтон ордуга о5о саастаах этим... Ийэм арыый куулэй оло5ун батыьан дуу, кыра эрдэхпиттэн корботох буолан эбитэ дуу ииппэттэ5э, бэйэтигэр чугаьаппата5а. Арай бэйэбин ойдуохпуттэн Эбээ уонна Эьээ о5отобун, улаатыахпар дылы кинилэр мин тороппуттэрим дии саныыр этим. Сайын ип - итии кыып кыра сып сымна5ас окко тиэрэ туьэн сытабын, кыьыл горошектаах былааччыйалаахпын, манан улахан бантиктаахпын, Ньээм - ньээм оту айахпар уган эмэ сытабын..кун кыьалхата суох. Тэлгэьэбитигэр ууммут хатыннарга чыычаах бо5о мустан чырып-чырып диэн ыллыыра, итии салгын саба урэрэ, от быыьынан хомордуостар хаамаллара, лыах котон ааьара, кыстаммыт маска улэьит кымырда5астар тоттору - таары суурэллэрэ, тугэ5э биллибэт куех халлаан, киьи утары корбот ча5ылхай кунэ бу турарга дылы... Эьээм мааны киьи быьалаах, куруук ойдуурум тухары манан хортуустаах, бинсээктээх, коммунист бэрдэ киьи. Эттэрэ - буттэ! Кини эппитэ сокуон! ол са5ана бары да оннук буоллахтара. Эьээбитигэр сана кимиэхэ да суох "Москвич" массыыналаа5ын сууй да сууй, оноьун да оноьун, олох тэлгэьэ ортотугар турар, аттынаа5ы ыалтан киирэн о5олор дэлби сэнээрэ короллор, хаартыска5а туьуу буолла эрэ ол массына таьыгар. куруоттэн киириитигэр - тахсыытыгар мин хайаанда 10 миэтирэ олорсор дьоллоох куннэрим, массына иьэ сана кожа сыттаах. Бардачогун иьигэр куруук манан улахан минньигэс таблеткалар баалларын о5олор буолан уоран сиибит. онтубут бу санаатахха "Валидол" эбит. Биирдэ Эьээ массынатын оносто сырытта5ына, кулуустэрин укпут кожа суумкатыттан аранас сибэкки ойуулаах таас тугу эрэ буллум. Наьаа учугэй дэлби ымсыырдым, "Маны миэхэ бэлэхтиигин Эьээ, мин оонньурбар туттуом" - диэтим, Эьээм "Ыл, ьыллыай, хаьан эрэ улаатан, ыал буоллаххына массыына5ар туттуон буолла5а" диэтэ, Мин наьаа соьуйдум, кини куруук Суохтан атыны тугу да этээччитэ суо5а, арай бу сырыыга бэрт холкутук бэлэхтээтэ, наьаа уорэн дьоллонон, о5олорго игин баран киьиргээбитим быьылаах...ус мас бутэй куруоттэн куруо5э ойо - ойо о5олорго баран коочуктээн кэллим тоьо, ор сылдьыбыппын билбэппин. Арай кэлбитим Эбээм айманар - ытыыр, дьон бо5о мустубут, Эьээ сиргэ сытар...ол мин барбытым кэннэ сурэ5э тохтоон сууллан туспут да олбут. Кырам бэт буолан наьаа ытаабыппын ойдообоппун...арай Эбээм а5ыйах хонук иьигэр кырдьа быьыытыйда. Эбээм барахсан хомойбут уулаах харахтарын халаатын муннугунан сотун - сотун буолар. "Баран кордорун" диэн этэ сатаабытым барыа дуо диэн кэмсинии, хомойуу, харааста, эмиэ да мо5уттэрин таьыгар ботугураан ылар. Син бириэмэ ааста куьун буолла уьуйаанна сылдьабын, салхыы оскуола5а киирдим. Эбээм уорэ5инэн син уорэнэ сырыттам. Кини киьи куруук субэ - ама, ас астыырын, сир астыырын, иистэнэрин барытын кэпсээн маннык гыннаххына сеп, маннык сыыьа диэн олоххо уорэтэр. Сарсыарда турдахпына куерчэх, кунус миин, киэьэ эмиэ миин, суорат, уонна оттон алаадьыта, бэрэскитэ. Бу билигин олорон саныыбын ына5а суох этибит, хантан эт ас, уут-суегэй булан талан аьатан эрдэ5э,..
2000 сыллар, улахан кылаас кыргыттарабыт. Син орто кыраьыабайбын быьалаах уолатар сурук суруйаллар. Биирдэ оскуолабытыгар сана кыыс кэллэ, миигин кытары парта5а олордо, сытыы - хотуу куораттан кэлбит бааьынайдыны киэн харахтаах уьун унуохтаах Люба диэн кыыс. Тутатына барыларын кытары бодоруьан - кэпсэтэн, ипсэтэн Мода5а туох кэлбитин кэпсээн - кордорон кыыс. Сразу лучшай подруга буола тустэ. Сымыйанан кырдьыгынан уолаттары кытары сылласпытын, хас да уоллаа5ын омуннара - омуннара кэпсээтэ, Биьиги тыа кыргыттара улаата охсоору дуу хайдах дуу, ьуу - ьаа уой - аай бо5о буола тустубут, кини кэпсээннэрин онорон коро-коро истэбит. Сааскы каникулга хайаанда куоракка бассардыы быьаарынан Эбээ5э эрдэттэн сэрэтэн, харчытын мунньа турарын туьунан этии бо5о. Эбээ наьаа собулээбэтэр да кини да о5ото туохтан да ымсыыран матан туруон ба5арбатын туьугар син собулэстэ. Люба дьонун кытары кэпстэттэ. Собулэстилэр. Люба дьоно уруут бу дойдуга олорбуттар эбит, онтон улэлэригэр урдээн куоракка коспуттэр, манна эдьиийигэр кэлэн уорэнэ сылдьар. Таайыахха баара эбитэ буолуо, то5о тыа5а сытыы кыыс кэлбититн.
Куутуулээх каникул буолара бу кэллэ. Массыына булан куоракка каникуллуу бараары уоруу бо5о. Эбээм утуйаары сытан эттэ, "Куорат дьонугар кэьиилээх бараар, таьырдьа кыра дьааьыкка ас бэлэмнээтим, онтон барыанньатын уонна этин Ийэн аахха илдьээр диэтэ". Ийэбин сыл баьыгар ата5ар корсооччум, кэлээччи. Кэьиитэ суох, арай куоракка кини ханан дьиэлээ5ин да билбэппин. Аадырыьын игин суруйан биэрдэ, чып курдук айанныырга бэлэммин. утуйдум. Сарсыарда эрдэ туран айаннаатыбыт. Любалыын плеейерга музыка истэ - истэ кулэ - кулэ бэккэ айаннаан тиийдибит. Таас дьиэ таьыгар массыына хорос гына тустэ. Лифт ыныран уоьэ та5ыстыбыт. Люба Ийэтэ ааны арыйда. Мааны манан дьахтар, дьиэтээ5и танастаах, кэьиибин хостоон биэрдим сорохотун оссо дьоммор илдьиэхтээхпин балконна уурдардым. Чаайдаатыбыт. Дьэ маанытык олорор ыал эбиттэр. Люба хайдах маннык учугэй дьиэттэн дэриэбинэ5э тиийдин диибин. Манна хаалыахха оьох оттубаккын, баанньык оттубаккын, тугу да гыммакка эрэ сытыах эрэ курдуккун. Дьэ оностон куорат устун куулэйдии бардыбыт. Эбээ хайаан да кууртката уонна сапожката ылынаар диэбит харчытын анарын хаалларан баран ба5ар тубьэь корбуппун атыылаьым диэн бардыбыт. Манньыаттаах, Силует, Крестьянскай рынок сырыттым да мин харчыбар эппиэттир суохха дылы. Мароженнай сии-сии площадка олордохпутуна Люба табаарыстара уолаттар кэллилэр. Люба омун толон бо5о, нууччалыы - сахалыы бутуйан ону маны кэпсэттилэр. Билиьиннэрдэ танаспыттан кыбыстан турбакка эрэ ону маны корбутэ буола олордум. "Чэ давай барыахайын!" Люба миигин бардыбыт пивкалыы диир. Мин соьуйан туран батыстым. Уолаттар уьуолэр, ол баран иьэн, аны тиийэн мо5уллуохпут, аата сурун бастакы же кун игин дии саныы истим. Киоскаттан буолуохтаа5ын курдук 2 улахан пива ыллылар, дьиэ аннытыгар киирдибит. Клетка сонноох уол мин кордохпунэ син симпатичнай миигин сотор-сотору одуулуур курдук. Мин пиваларын собулээбэтим, испэтим Любам уор да уор айа5а ыпсыбат гына. Харанарда. тымныйда ыксаатым, Хата кыыьым "Дьиэлиэххэ" диэтэ. Саша аргыстаспаккын да диэн клетка сонноох уолу ынырда бардыбыт. Дьиэлэр быыстарынан ону маны киинэлэр игин тустарынан кэпсэтэ - кэпсэтэ бардыбыт. Саша миигиттэн ону - маны ыйытар. кыратык кэпсэттибит. Дьиэ5э тиийбиппит ким да суох, аьаатыбыт. сууннубут. утуйдубут. Сарсынны кунугэр Ийэтэ, А5ата бааллар кэпсэттибит, билистибит. Салхыы киинэ коро, эмиэ куулэй тэбэ бардыбыт. Дьоммор барыах санаа кэлбэт. киэьээ эмиэ Сашалаа5ы кытары куулэйдии бардыбыт, эмиэ пиволаатылар ол же миэстэ5э, бу сырыыга олохтон хаалымаары истим, уолаттар оссо баран ылан кэллилэр, табахтаатаххына оссо учугэй буолар диэтилэр, табахтаатым туран иьэн суттум, биирдэ ойдоммутум Люба дьиэтин таьыгар хотуолуу а5ай турабын, кыыьым кул да кул...син ор мачайдаьан баран дьиэ5э киирдибит, ким да костубэт сразу утуйдубут хата туун хотуолабатым, сарсыарда наьаа куьаан, эбиэт са5ана туран столичнайга баран куртка сапожка ылан, киэьэ дьоомор барыах буолан былааннанныбыт. Люба аадырыьы билэрдии, автобуска олорон Сайсарга айаннаатыбыт, Мас дьиэ5э киирдибит, иккис этээскэ тахсан эргэ ааннаах дьиэни тонсуйдубут. Биир дьээдьэ арыйда, кирдээх танастаах, сирэйэ - хара5а соччото суох"Кимнинээххитий!?" диэтэ, мин Маамабар кэлбиппин эттим, "Киир хоско сытар" диэтэ. Дьиэ5э киирэн иьэн Любабыттан кыбыста санаатым, билинни тылынан эттэхпинэ "Притон" бомж дьиэтин курдук, Люба аанна туран хаалла, хоско раскладушка5а арбайан бу сытар быьалаах, "Маа, маама" диэтим, наьаа куьаан сыттаах, хаьан да танаьа уларыйбатах, пакеттаах эппин муччу тутан баран таьырдьа тыын былдьаьан куотан та5ыстым. Кыыьым кэннибиттэн эккирэтэр. Мин хаьан да Маамалахпыттан баарыттан, суо5уттан наьаа хомойбот, санаархаабат этим эрээри, кини инник олохтоо5уттан наьаа санаархаатым, кыбыьынным...ытаатым... люба дьонуттан конуллэтэн 8-нан Эбээ5э эрийэн дэлби ытаатым, ба5ар ахтан буолуо, ба5ар дьэ ойбун сана тутан эрэр киьи буолан боло, сарсын дьиэлиирдии оностон утуйдубут. Кунус айаннаары сырыттахпытна Саша телефоннаан миигин кытары кэпсэттэ, Люба "эээ Любовь, Любовь" бо5о туьэрдэ. Дэриэбинэм суолугар алааьыгар кэлэн сурэ5им уоскуйбукка дылы буолла... Эбээ5э Маама туьунан хайдах баарынан кэпсээтим, Эбээм барахсан саната суох олорон эрэ сирэйин илиитинэн саба туттан олорон ытаата, Эьээ олбутун кэннэ ытыырын коро илигим..
Оскуоланы бутэрэр сайыммыт, экзамен, тиьэх чуораан, банкет, поход. Кылааьым о5олоро, Любам. Бары тутуспутунан Дьоллоох Дьокуускай куоракка бардыбыт, 2 уол армиялыырга сананан хааллылар, атыттар ким ханна кыах тиийэринэн. Люба сытыы - хотуу бэрдэ хайыы - уйэ киьи бо5отун кытары билсэн, Юрист буолар ба5алаах этибит ол са5а мода да курдук этэ кини ЯГУ-га киирдэ мин Историческайга, юридическайга киирэн дьол бо5о. Ол сайын Любалаахха олорон эрэ сайылаатыбыт. Тууннэри - кунустэри куулэйдээн. о5о бо5отун кытарын билсэн, Любам уолланан. Арай биир кун билэр кыргыттарбытын корустубут, артыыс уонна ырыаыьыт уорэ5э баар онно туттарса сылдьабыт диэтилэр. Мин наьаа интириэьиргээтим ,Эбээбэр да сэрэппэтим Культура колледжыгар туттарыстым. Ким да хаьан таайыа суо5а боло Ырыаьыт буолар ба5абар вокалга киирдим. Киэьэ Эбээбэр эрийэн эттим. "Ол культура уорэ5э, улэтэ иннэ-кэннэ биллэр буолла5а дии " урдук уорэ5и субэлии сатаата, Суох. Мин ырыаьыт буолуом диэтим да Дьиэлээтим, куьун кэлиэх буолан. Дьиэбэр алааспар тиийэн истэ5им аайы сурэ5им айманарга дылы, массыынаны ыксатыах санаа кэлэр. Дьиэм аанын арыйбытым Эбээм бу утары хааман иьэр, хайах дьуудьэйбиккэ дылы. Куустуьан сыллаьан ууттээх чэй иьэ-мьэ солуну кэпсээн, хайдахтаах курдук талааннах о5олор баалларын наьаа интириэьинэй культура чараас эйгэтигэр ылларбыппын, Эбээбэр оноо5ор ыллаан иьитиннэрдим. Эьээ5ин батан ырыаьыт буолла5ын ду диэн сана аллайда). Тыа сиригэр кун былдьаьан, куьунну куннэри муччу тутумаары улэ - хамнас бо5о. Уорэх са5аланан эрэринэн айаннаатым, хата колледжка общага биэрдилэр. Любалыын дорун-дорун корсобут, мин ырыа да ырыа, Биллэр сулустары кытары корсуьэн, мастер-класс биэрэн олох кинилэр курдук буолаары ба5а баьаам. Эбээбинээн сотовай сайдан кылгасты да буоллар кэпсэтэбит. Наьаа учугэй кыргыттары кытары хоспутугар тапсан олоробут. эбээм кэлэр барар дьонунан ас, харчы наада боло диэбит малын-салын ыыта турар. Биирдэ курсунан бары клуптуу бардыбыт. Ханна корбут киьибин корон аастым кэннибиттэн кэлэн харахпын саба тутар. Саша эбит. Оссо тупсубут, уьаабыт. Танаьа-саба мааны. Ол киэьэ икииэн буола сатаатыбыт. Телефонум номерын ылла. Кун аайы смс-тыыр. Колледжпыт да иьиттэн тахсыбакка уорэнэбит. Биирдэ эр санаа ылан Маамабар барарга сананным Сана дьыл са5ана быьалаах... Кыра продукта ыллым дьиэ5э тиийбитим, ааны арыйда, санарбат. Кимнээх эрэ бааллар, арыгы сыта син биир турар, ол да буоллар ааспыттаа5ы хартыынаттан арыый да. Аан таьыгар туран эрэ кэпсээтим, маннык олороруттан хомойон ытамньыйдым, Эбээ5э Сана дьылга барыах диэтим.
Хара5а сырдаан собулэстэ. Бу сырыыга уорэн та5ыстым бу дьиэттэн. Экзмаеннарбын олох учунэйдик туттаран. Саша корсон бэлэх уунан, Оржанка5а аан бастыкыбытын уураьан, арахса да иликтэн ахтыьан атаарда. Сарсынны кунугэр малбын хомунан Маамабар тиийдим, онтон таксинан бараары кини телефога суо5а. Эбээ5э фрукта ыллыи, таксинан Сайсарга тиийдим, ааны тонсуйдум хайа эрэ дьахтар арыйда, дьиэ иьэ толору киьи. Ынырыктык ньиэрбинэйдээтим, хоско котон тустум Маамам эмиэ раскладушкатыгар сытар. "То5о манныккыный!!??" дии дии илгиэлии сатаатым, олох турбат итирик. Ааны хайа тэбэн тахсан бардым, ма5аьыынна туран эрэ таксибын кууттум, Дойдуга айан, Эбээм ууттээх чэйэ куутэрэ, Саша ахтыл5ан СМС-тара эрэ уоскуталлар. Аны хаьан да кэлбэппин Мамабар дии санаатым.. Эбээбэр тиийдим, ооо ахтыбыппыаан...маннык уьуннук Эбээбиттэн тэйэ илик буоламмын оор да ор куустуьан турдубут, Эбээм былаата, мыччырыстыбыт илиитэ, эминньэ5э туспут кулгаа5а, ураты сурэхпин уоспутар сыта... Уорэ5им туьунан, курсум о5олорун туьунан ыьа-то5о кэпсээтим, Сашаны бастакы тапталбын эмиэ кэпсээтим. Эбээ буоларын курдук туох дьонноо5ун туоьуласта да оннук ыраах тиийэ иликпитиитэн уорэ санаата, эбэтэр долгуйан сал5ыы туоьуласпата.
Эбээм ыарытыйара элбээбитэ, эмп онон-манан сытара костор. Олох хайаанда бар балыьа5а кыратык ыарыйдын эрэ диэн этэ сылдьабын. Сашаны ахтарым кун-туун кууьурэн иьэр, кинитэ суох олох суо5ун кэриэтэ буолла. Дьолбун комуспун, кууьан баран утуйуохпун, оссо биирдэ ууруохпун, онноо5ор ыал буолан олорорбутун кытары мечтайдаан корор буоллум. Эбээм ас бо5о астаан атаарда, колледжка тиийбитим Саша бу кэтэьэ турар. Оо, уордэхпиин, малбын уура охсон, кыргыттарбын корсо охсон, таьырдьа куулэйдии бардыбыт. Кыьын - ол эрээри кини аттыгар ичигэс, сылаас, то5о эрэ тонорбутун олох ойдообоппун. Оннук таптал кутаа уотугар уйдаран, уорэхпин этэннэ тумуктээн Сайынны каникулга айаннаатым. Сурэхпиттэн арааран ылардыы Сашалыын ытаьан а5ай ара5астым. Сайын барахсан.. массыына быылы оро котутн Эбээм тэлгэьэтин таьыгар тохтоото. Дьэбит таьа эргэрбиккэ дылы, Эбээм сибэккитэ быйыл а5ыйахха дылы..тахсара эрдэ эбитэ дуу... Кыьын устата муспут букатын баул суумканы, наьаа быылла5ын иьин тэлэгэьэ аара хаалардым, дьиэ5э киирибит, Эбээм олорор, сытан турбут. Наьаа ыарытыйбыт коруннээх. Испэр туох эрэ баар таас дуу туох дуу диэтэ. Эйиигин корсон баран балыьа5а киирэбин диэтэ. Этэннэ эрэ буоллар диэн дьиэм мас танараларыгар кун аайы унэбин. Баран кордордубут. Мед.центрга ыытыллар. Куорат быраастара быьаараллар ини диэн эрэх-турах сананан, бэлэмнэнэн, айаннаатыбыт. Аны ханна да туьэр сир суох, общагам коменданын кытары кэпсэттим, харчыга хостор бааллар диэтэ. Ол да ба5алаах. Бэйэ сирэ аата бэйэ сирэ. Эбээбэр барытын кордоробун, ыарытыйар быьалаах да5аны миигин сэргэхситээри 3 этээьи кэрийэн кордо, дьинэ киьи короро туох да суох эрээри кэпсээччитэ мин буолан экскурсиялаттым. 4 этээскэ биир Эбээ баара кинилиин кэпсэтэн уордэ ахай хата. Сарсынны кунугэр Мед.йентрга сарсыарда эрдэ бардыбыт. Ип итии, дьон бо5о справочнайтан син атаардылар, булан тиийдибит. Кордордо, сарсын УЗИ-га диэтилэр, ойуун ханна эрэ диэтилэр, биир кун иьигэр буппэппитин ойдоотубут. Хас да кун сырыттыбыт, сылайыахпытыгар, Мед.центр иьигэр муммакка сылдьыахпытыгар дылы. Ол быыьыгар Сашалыын билистэ Эбээ, элэккэй о5о диэн собулээтэ. Саша эмиэ сылдьыста. Бутэьик куммутугэр бырааспыт ыныран ылан, анализтара биллибиттэрин кэннэ Областнойга онкология бырааьыгар направлениялаан ыытта. Мин сурэ5им ам тутар, Эбээм миигин долгутумаары туох да диэбэт. Саша сарсыарда кэллэ таксинан, айаннаатыбыт. Эбээни балыьа5а киллэрдилэр.... Эбээм барахсаан, халлан куех сибэккилэрдээх балыьа халаатын кэтэн баран, санитарканы батыьан каридор устун хаама турда. Куомэйбэр камок, Саша футболката ыгыллар уу буолуор диэри ытаа да ытаа олох сатаан тыын да ылбатты, сурэ5им сэрэйэр, кинини сутэрэн эрэрбиттэн...ас тастыбыт, диеталаттылар игин. Онтон бырааспыт ыныран ылан эттэ, биьиги оттуттэн комо барыта оноьуллунна диэн.. сал5ыы тугу эппитин соччо ойдообоппун... Балыьалар аккаастаммыттара, тахсаары турдахпытына Саша Ийэтинээн кэлбитэ Ийэтэ Светлана, наьаа аьыммыт харахтарынан барыбытын кууьан сыллаата уонна кэтэспэтэх оттуттэн биьиги барсыахпыт этэ Сашалыын диэтэ. биьиги Эбээлиин харахпытын утары корсон баран мичээрдээн, Сеп бо5о буолла5а диэн уорудубут. Общагаттан малбытын ылан, Саша Ийэтинээн сып курдук хомунаннар, тууннэри айаннаан дьиэбитин буллубут. Эпиитэрин курдук Скорай ыныран, ылыахтаах эмтэрин биэрэн.. син миэстэбитин булан утуйдубут. Светлана мин хоспор, Эбээ бэйтин оронгуар биьиги Сашалыын диванна. Таптаалаахпын кууьан утуйар куннээхпиттэн дьоллоохпун.. Ити Сайын Светлана кэлэ бара комолоспутэ, Саша сайылаабыта ыал курдук олорбуппут.. Арай Эбээм оронтон киьи комото суох, сатаан турбат, ыраах хаампат буолбута. Куьун уорэх са5аланыыта кураторбын кытары эрийэн конуллэттим, Саша уорэ5ин эмиэ быьаарсан кэлиэх буолта, Светлана, кэргэнин Кирилы илдьэ кэлбитэ. Саша А5ата хата тыа5а тахсан улэ-хамнас бо5о...Уруккуттан аймахтарбыт курдуктар. Эбээ биирдэ эттэ Саша кэллэ5инэ бырааьынньыктыах, О5ом уруутун киэьэтигэр тиийиэ суохпун диэтэ... Оол киэьэ Эбээ сэргэх ба5айытык туран остуолга олорон эрэ, Уруум киэьэтигэр этиллиэхтээх тылларын барытын эттэ, Саша дьонугар эрэнэн туттарда... нэдиэлэ да буолбакка анараа дойдуга уьуктубакка эрэ барбыта... мин Эбээм комуьум, аанньалым...
Маама Эбээ 40 хонугар кэлэ сылдьыбыта, сура5а хайа эрэ киьилиин эмиэ аьыы утахтарыгар ылларан олороллор уьу, Биьиги Сашалыын уорэхпитин бутэрэн, Куоракка Сыбаайбалаабыппыт. Саша дьоно биьиги ба5арарбыт курдук олохпут биир кэрэ бэлиэ кунун бэлэх ууммуттара. саша улэлиир, мин бастакы о5обутун куутэн уоппуска5а олоробун, Саша дьонун дьиэтигэр олоробут, Ийэлээх А5абыт даачаларын оностон коспуттэрэ. Сайын аайы Эбээм дьиэтигэр, торообут туолбэбэр, дойдубар сайылыы, сир астыы тахса сылдьабыт. Эбээм дьиэтин арыйан харахпын симэн киирдэхпинэ мичээрдээбитинэн утары кэлэн кууьуох, сууспуттэн сыллыах курдук, Эбээм сыта..
Манан бутэр кылгас кэпсээним, сугуруйэбин мындыр санаалаах олоххо уорэппит Эбээбэр, махтанабын Кэргэн, Ийэ, А5а толору дьиэ кэргэн тапталын билбиппэр.
содуоччуйэ 7 февраля 23:53
Утуо киэьэнэн кунду Сахам Сирэ бары олохтооро, киьи хас биирдии бэйэтигэр саамай чугас, сурэ5эр тутар, дууьатын таарыйан этинэн - хаанынан билбит оло5уттан быьа тардан кэпсиирбин конуллээн, кууьунэн аа5ын диэн куьэйбэппин, Сахалыы шривы туттубат диэн бааламан - уорэнэн иьиэхпит)))
Мин тыа сиригэр улааппыт, быылыгар буоругар буккуллубут, уорбут - коппут мэниктээбит, дьонтон ордуга о5о саастаах этим... Ийэм арыый куулэй оло5ун батыьан дуу, кыра эрдэхпиттэн корботох буолан эбитэ дуу ииппэттэ5э, бэйэтигэр чугаьаппата5а. Арай бэйэбин ойдуохпуттэн Эбээ уонна Эьээ о5отобун, улаатыахпар дылы кинилэр мин тороппуттэрим дии саныыр этим.
Сайын ип - итии кыып кыра сып сымна5ас окко тиэрэ туьэн сытабын, кыьыл горошектаах былааччыйалаахпын, манан улахан бантиктаахпын, Ньээм - ньээм оту айахпар уган эмэ сытабын..кун кыьалхата суох. Тэлгэьэбитигэр ууммут хатыннарга чыычаах бо5о мустан чырып-чырып диэн ыллыыра, итии салгын саба урэрэ, от быыьынан хомордуостар хаамаллара, лыах котон ааьара, кыстаммыт маска улэьит кымырда5астар тоттору - таары суурэллэрэ, тугэ5э биллибэт куех халлаан, киьи утары корбот ча5ылхай кунэ бу турарга дылы...
Эьээм мааны киьи быьалаах, куруук ойдуурум тухары манан хортуустаах, бинсээктээх, коммунист бэрдэ киьи. Эттэрэ - буттэ! Кини эппитэ сокуон! ол са5ана бары да оннук буоллахтара. Эьээбитигэр сана кимиэхэ да суох "Москвич" массыыналаа5ын сууй да сууй, оноьун да оноьун, олох тэлгэьэ ортотугар турар, аттынаа5ы ыалтан киирэн о5олор дэлби сэнээрэ короллор, хаартыска5а туьуу буолла эрэ ол массына таьыгар. куруоттэн киириитигэр - тахсыытыгар мин хайаанда 10 миэтирэ олорсор дьоллоох куннэрим, массына иьэ сана кожа сыттаах. Бардачогун иьигэр куруук манан улахан минньигэс таблеткалар баалларын о5олор буолан уоран сиибит. онтубут бу санаатахха "Валидол" эбит. Биирдэ Эьээ массынатын оносто сырытта5ына, кулуустэрин укпут кожа суумкатыттан аранас сибэкки ойуулаах таас тугу эрэ буллум. Наьаа учугэй дэлби ымсыырдым, "Маны миэхэ бэлэхтиигин Эьээ, мин оонньурбар туттуом" - диэтим, Эьээм "Ыл, ьыллыай, хаьан эрэ улаатан, ыал буоллаххына массыына5ар туттуон буолла5а" диэтэ, Мин наьаа соьуйдум, кини куруук Суохтан атыны тугу да этээччитэ суо5а, арай бу сырыыга бэрт холкутук бэлэхтээтэ, наьаа уорэн дьоллонон, о5олорго игин баран киьиргээбитим быьылаах...ус мас бутэй куруоттэн куруо5э ойо - ойо о5олорго баран коочуктээн кэллим тоьо, ор сылдьыбыппын билбэппин. Арай кэлбитим Эбээм айманар - ытыыр, дьон бо5о мустубут, Эьээ сиргэ сытар...ол мин барбытым кэннэ сурэ5э тохтоон сууллан туспут да олбут. Кырам бэт буолан наьаа ытаабыппын ойдообоппун...арай Эбээм а5ыйах хонук иьигэр кырдьа быьыытыйда. Эбээм барахсан хомойбут уулаах харахтарын халаатын муннугунан сотун - сотун буолар. "Баран кордорун" диэн этэ сатаабытым барыа дуо диэн кэмсинии, хомойуу, харааста, эмиэ да мо5уттэрин таьыгар ботугураан ылар. Син бириэмэ ааста куьун буолла уьуйаанна сылдьабын, салхыы оскуола5а киирдим. Эбээм уорэ5инэн син уорэнэ сырыттам. Кини киьи куруук субэ - ама, ас астыырын, сир астыырын, иистэнэрин барытын кэпсээн маннык гыннаххына сеп, маннык сыыьа диэн олоххо уорэтэр. Сарсыарда турдахпына куерчэх, кунус миин, киэьэ эмиэ миин, суорат, уонна оттон алаадьыта, бэрэскитэ. Бу билигин олорон саныыбын ына5а суох этибит, хантан эт ас, уут-суегэй булан талан аьатан эрдэ5э,..
2000 сыллар, улахан кылаас кыргыттарабыт. Син орто кыраьыабайбын быьалаах уолатар сурук суруйаллар. Биирдэ оскуолабытыгар сана кыыс кэллэ, миигин кытары парта5а олордо, сытыы - хотуу куораттан кэлбит бааьынайдыны киэн харахтаах уьун унуохтаах Люба диэн кыыс. Тутатына барыларын кытары бодоруьан - кэпсэтэн, ипсэтэн Мода5а туох кэлбитин кэпсээн - кордорон кыыс. Сразу лучшай подруга буола тустэ. Сымыйанан кырдьыгынан уолаттары кытары сылласпытын, хас да уоллаа5ын омуннара - омуннара кэпсээтэ, Биьиги тыа кыргыттара улаата охсоору дуу хайдах дуу, ьуу - ьаа уой - аай бо5о буола тустубут, кини кэпсээннэрин онорон коро-коро истэбит. Сааскы каникулга хайаанда куоракка бассардыы быьаарынан Эбээ5э эрдэттэн сэрэтэн, харчытын мунньа турарын туьунан этии бо5о. Эбээ наьаа собулээбэтэр да кини да о5ото туохтан да ымсыыран матан туруон ба5арбатын туьугар син собулэстэ. Люба дьонун кытары кэпстэттэ. Собулэстилэр. Люба дьоно уруут бу дойдуга олорбуттар эбит, онтон улэлэригэр урдээн куоракка коспуттэр, манна эдьиийигэр кэлэн уорэнэ сылдьар. Таайыахха баара эбитэ буолуо, то5о тыа5а сытыы кыыс кэлбититн.
Куутуулээх каникул буолара бу кэллэ. Массыына булан куоракка каникуллуу бараары уоруу бо5о. Эбээм утуйаары сытан эттэ, "Куорат дьонугар кэьиилээх бараар, таьырдьа кыра дьааьыкка ас бэлэмнээтим, онтон барыанньатын уонна этин Ийэн аахха илдьээр диэтэ". Ийэбин сыл баьыгар ата5ар корсооччум, кэлээччи. Кэьиитэ суох, арай куоракка кини ханан дьиэлээ5ин да билбэппин. Аадырыьын игин суруйан биэрдэ, чып курдук айанныырга бэлэммин. утуйдум. Сарсыарда эрдэ туран айаннаатыбыт. Любалыын плеейерга музыка истэ - истэ кулэ - кулэ бэккэ айаннаан тиийдибит. Таас дьиэ таьыгар массыына хорос гына тустэ. Лифт ыныран уоьэ та5ыстыбыт. Люба Ийэтэ ааны арыйда. Мааны манан дьахтар, дьиэтээ5и танастаах, кэьиибин хостоон биэрдим сорохотун оссо дьоммор илдьиэхтээхпин балконна уурдардым. Чаайдаатыбыт. Дьэ маанытык олорор ыал эбиттэр. Люба хайдах маннык учугэй дьиэттэн дэриэбинэ5э тиийдин диибин. Манна хаалыахха оьох оттубаккын, баанньык оттубаккын, тугу да гыммакка эрэ сытыах эрэ курдуккун. Дьэ оностон куорат устун куулэйдии бардыбыт. Эбээ хайаан да кууртката уонна сапожката ылынаар диэбит харчытын анарын хаалларан баран ба5ар тубьэь корбуппун атыылаьым диэн бардыбыт. Манньыаттаах, Силует, Крестьянскай рынок сырыттым да мин харчыбар эппиэттир суохха дылы. Мароженнай сии-сии площадка олордохпутуна Люба табаарыстара уолаттар кэллилэр. Люба омун толон бо5о, нууччалыы - сахалыы бутуйан ону маны кэпсэттилэр. Билиьиннэрдэ танаспыттан кыбыстан турбакка эрэ ону маны корбутэ буола олордум. "Чэ давай барыахайын!" Люба миигин бардыбыт пивкалыы диир. Мин соьуйан туран батыстым. Уолаттар уьуолэр, ол баран иьэн, аны тиийэн мо5уллуохпут, аата сурун бастакы же кун игин дии саныы истим. Киоскаттан буолуохтаа5ын курдук 2 улахан пива ыллылар, дьиэ аннытыгар киирдибит. Клетка сонноох уол мин кордохпунэ син симпатичнай миигин сотор-сотору одуулуур курдук. Мин пиваларын собулээбэтим, испэтим Любам уор да уор айа5а ыпсыбат гына. Харанарда. тымныйда ыксаатым, Хата кыыьым "Дьиэлиэххэ" диэтэ. Саша аргыстаспаккын да диэн клетка сонноох уолу ынырда бардыбыт. Дьиэлэр быыстарынан ону маны киинэлэр игин тустарынан кэпсэтэ - кэпсэтэ бардыбыт. Саша миигиттэн ону - маны ыйытар. кыратык кэпсэттибит. Дьиэ5э тиийбиппит ким да суох, аьаатыбыт. сууннубут. утуйдубут.
Сарсынны кунугэр Ийэтэ, А5ата бааллар кэпсэттибит, билистибит. Салхыы киинэ коро, эмиэ куулэй тэбэ бардыбыт. Дьоммор барыах санаа кэлбэт. киэьээ эмиэ Сашалаа5ы кытары куулэйдии бардыбыт, эмиэ пиволаатылар ол же миэстэ5э, бу сырыыга олохтон хаалымаары истим, уолаттар оссо баран ылан кэллилэр, табахтаатаххына оссо учугэй буолар диэтилэр, табахтаатым туран иьэн суттум, биирдэ ойдоммутум Люба дьиэтин таьыгар хотуолуу а5ай турабын, кыыьым кул да кул...син ор мачайдаьан баран дьиэ5э киирдибит, ким да костубэт сразу утуйдубут хата туун хотуолабатым, сарсыарда наьаа куьаан, эбиэт са5ана туран столичнайга баран куртка сапожка ылан, киэьэ дьоомор барыах буолан былааннанныбыт. Люба аадырыьы билэрдии, автобуска олорон Сайсарга айаннаатыбыт, Мас дьиэ5э киирдибит, иккис этээскэ тахсан эргэ ааннаах дьиэни тонсуйдубут. Биир дьээдьэ арыйда, кирдээх танастаах, сирэйэ - хара5а соччото суох"Кимнинээххитий!?" диэтэ, мин Маамабар кэлбиппин эттим, "Киир хоско сытар" диэтэ.
Дьиэ5э киирэн иьэн Любабыттан кыбыста санаатым, билинни тылынан эттэхпинэ "Притон" бомж дьиэтин курдук, Люба аанна туран хаалла, хоско раскладушка5а арбайан бу сытар быьалаах, "Маа, маама" диэтим, наьаа куьаан сыттаах, хаьан да танаьа уларыйбатах, пакеттаах эппин муччу тутан баран таьырдьа тыын былдьаьан куотан та5ыстым. Кыыьым кэннибиттэн эккирэтэр. Мин хаьан да Маамалахпыттан баарыттан, суо5уттан наьаа хомойбот, санаархаабат этим эрээри, кини инник олохтоо5уттан наьаа санаархаатым, кыбыьынным...ытаатым...
люба дьонуттан конуллэтэн 8-нан Эбээ5э эрийэн дэлби ытаатым, ба5ар ахтан буолуо, ба5ар дьэ ойбун сана тутан эрэр киьи буолан боло, сарсын дьиэлиирдии оностон утуйдубут.
Кунус айаннаары сырыттахпытна Саша телефоннаан миигин кытары кэпсэттэ, Люба "эээ Любовь, Любовь" бо5о туьэрдэ. Дэриэбинэм суолугар алааьыгар кэлэн сурэ5им уоскуйбукка дылы буолла... Эбээ5э Маама туьунан хайдах баарынан кэпсээтим, Эбээм барахсан саната суох олорон эрэ сирэйин илиитинэн саба туттан олорон ытаата, Эьээ олбутун кэннэ ытыырын коро илигим..
Оскуоланы бутэрэр сайыммыт, экзамен, тиьэх чуораан, банкет, поход. Кылааьым о5олоро, Любам. Бары тутуспутунан Дьоллоох Дьокуускай куоракка бардыбыт, 2 уол армиялыырга сананан хааллылар, атыттар ким ханна кыах тиийэринэн. Люба сытыы - хотуу бэрдэ хайыы - уйэ киьи бо5отун кытары билсэн, Юрист буолар ба5алаах этибит ол са5а мода да курдук этэ кини ЯГУ-га киирдэ мин Историческайга, юридическайга киирэн дьол бо5о. Ол сайын Любалаахха олорон эрэ сайылаатыбыт. Тууннэри - кунустэри куулэйдээн. о5о бо5отун кытарын билсэн, Любам уолланан. Арай биир кун билэр кыргыттарбытын корустубут, артыыс уонна ырыаыьыт уорэ5э баар онно туттарса сылдьабыт диэтилэр. Мин наьаа интириэьиргээтим ,Эбээбэр да сэрэппэтим Культура колледжыгар туттарыстым. Ким да хаьан таайыа суо5а боло Ырыаьыт буолар ба5абар вокалга киирдим. Киэьэ Эбээбэр эрийэн эттим. "Ол культура уорэ5э, улэтэ иннэ-кэннэ биллэр буолла5а дии " урдук уорэ5и субэлии сатаата, Суох. Мин ырыаьыт буолуом диэтим да Дьиэлээтим, куьун кэлиэх буолан. Дьиэбэр алааспар тиийэн истэ5им аайы сурэ5им айманарга дылы, массыынаны ыксатыах санаа кэлэр. Дьиэм аанын арыйбытым Эбээм бу утары хааман иьэр, хайах дьуудьэйбиккэ дылы. Куустуьан сыллаьан ууттээх чэй иьэ-мьэ солуну кэпсээн, хайдахтаах курдук талааннах о5олор баалларын наьаа интириэьинэй культура чараас эйгэтигэр ылларбыппын, Эбээбэр оноо5ор ыллаан иьитиннэрдим. Эьээ5ин батан ырыаьыт буолла5ын ду диэн сана аллайда).
Тыа сиригэр кун былдьаьан, куьунну куннэри муччу тутумаары улэ - хамнас бо5о.
Уорэх са5аланан эрэринэн айаннаатым, хата колледжка общага биэрдилэр. Любалыын дорун-дорун корсобут, мин ырыа да ырыа, Биллэр сулустары кытары корсуьэн, мастер-класс биэрэн олох кинилэр курдук буолаары ба5а баьаам. Эбээбинээн сотовай сайдан кылгасты да буоллар кэпсэтэбит. Наьаа учугэй кыргыттары кытары хоспутугар тапсан олоробут. эбээм кэлэр барар дьонунан ас, харчы наада боло диэбит малын-салын ыыта турар. Биирдэ курсунан бары клуптуу бардыбыт. Ханна корбут киьибин корон аастым кэннибиттэн кэлэн харахпын саба тутар. Саша эбит. Оссо тупсубут, уьаабыт. Танаьа-саба мааны. Ол киэьэ икииэн буола сатаатыбыт. Телефонум номерын ылла. Кун аайы смс-тыыр. Колледжпыт да иьиттэн тахсыбакка уорэнэбит. Биирдэ эр санаа ылан Маамабар барарга сананным Сана дьыл са5ана быьалаах... Кыра продукта ыллым дьиэ5э тиийбитим, ааны арыйда, санарбат. Кимнээх эрэ бааллар, арыгы сыта син биир турар, ол да буоллар ааспыттаа5ы хартыынаттан арыый да. Аан таьыгар туран эрэ кэпсээтим, маннык олороруттан хомойон ытамньыйдым, Эбээ5э Сана дьылга барыах диэтим.
Хара5а сырдаан собулэстэ. Бу сырыыга уорэн та5ыстым бу дьиэттэн. Экзмаеннарбын олох учунэйдик туттаран. Саша корсон бэлэх уунан, Оржанка5а аан бастыкыбытын уураьан, арахса да иликтэн ахтыьан атаарда. Сарсынны кунугэр малбын хомунан Маамабар тиийдим, онтон таксинан бараары кини телефога суо5а. Эбээ5э фрукта ыллыи, таксинан Сайсарга тиийдим, ааны тонсуйдум хайа эрэ дьахтар арыйда, дьиэ иьэ толору киьи. Ынырыктык ньиэрбинэйдээтим, хоско котон тустум Маамам эмиэ раскладушкатыгар сытар. "То5о манныккыный!!??" дии дии илгиэлии сатаатым, олох турбат итирик. Ааны хайа тэбэн тахсан бардым, ма5аьыынна туран эрэ таксибын кууттум, Дойдуга айан, Эбээм ууттээх чэйэ куутэрэ, Саша ахтыл5ан СМС-тара эрэ уоскуталлар. Аны хаьан да кэлбэппин Мамабар дии санаатым..
Эбээбэр тиийдим, ооо ахтыбыппыаан...маннык уьуннук Эбээбиттэн тэйэ илик буоламмын оор да ор куустуьан турдубут, Эбээм былаата, мыччырыстыбыт илиитэ, эминньэ5э туспут кулгаа5а, ураты сурэхпин уоспутар сыта...
Уорэ5им туьунан, курсум о5олорун туьунан ыьа-то5о кэпсээтим, Сашаны бастакы тапталбын эмиэ кэпсээтим. Эбээ буоларын курдук туох дьонноо5ун туоьуласта да оннук ыраах тиийэ иликпитиитэн уорэ санаата, эбэтэр долгуйан сал5ыы туоьуласпата.
Эбээм ыарытыйара элбээбитэ, эмп онон-манан сытара костор. Олох хайаанда бар балыьа5а кыратык ыарыйдын эрэ диэн этэ сылдьабын. Сашаны ахтарым кун-туун кууьурэн иьэр, кинитэ суох олох суо5ун кэриэтэ буолла. Дьолбун комуспун, кууьан баран утуйуохпун, оссо биирдэ ууруохпун, онноо5ор ыал буолан олорорбутун кытары мечтайдаан корор буоллум. Эбээм ас бо5о астаан атаарда, колледжка тиийбитим Саша бу кэтэьэ турар. Оо, уордэхпиин, малбын уура охсон, кыргыттарбын корсо охсон, таьырдьа куулэйдии бардыбыт. Кыьын - ол эрээри кини аттыгар ичигэс, сылаас, то5о эрэ тонорбутун олох ойдообоппун. Оннук таптал кутаа уотугар уйдаран, уорэхпин этэннэ тумуктээн Сайынны каникулга айаннаатым. Сурэхпиттэн арааран ылардыы Сашалыын ытаьан а5ай ара5астым.
Сайын барахсан.. массыына быылы оро котутн Эбээм тэлгэьэтин таьыгар тохтоото. Дьэбит таьа эргэрбиккэ дылы, Эбээм сибэккитэ быйыл а5ыйахха дылы..тахсара эрдэ эбитэ дуу... Кыьын устата муспут букатын баул суумканы, наьаа быылла5ын иьин тэлэгэьэ аара хаалардым, дьиэ5э киирибит, Эбээм олорор, сытан турбут. Наьаа ыарытыйбыт коруннээх. Испэр туох эрэ баар таас дуу туох дуу диэтэ. Эйиигин корсон баран балыьа5а киирэбин диэтэ. Этэннэ эрэ буоллар диэн дьиэм мас танараларыгар кун аайы унэбин. Баран кордордубут. Мед.центрга ыытыллар. Куорат быраастара быьаараллар ини диэн эрэх-турах сананан, бэлэмнэнэн, айаннаатыбыт. Аны ханна да туьэр сир суох, общагам коменданын кытары кэпсэттим, харчыга хостор бааллар диэтэ. Ол да ба5алаах. Бэйэ сирэ аата бэйэ сирэ. Эбээбэр барытын кордоробун, ыарытыйар быьалаах да5аны миигин сэргэхситээри 3 этээьи кэрийэн кордо, дьинэ киьи короро туох да суох эрээри кэпсээччитэ мин буолан экскурсиялаттым. 4 этээскэ биир Эбээ баара кинилиин кэпсэтэн уордэ ахай хата. Сарсынны кунугэр Мед.йентрга сарсыарда эрдэ бардыбыт. Ип итии, дьон бо5о справочнайтан син атаардылар, булан тиийдибит. Кордордо, сарсын УЗИ-га диэтилэр, ойуун ханна эрэ диэтилэр, биир кун иьигэр буппэппитин ойдоотубут. Хас да кун сырыттыбыт, сылайыахпытыгар, Мед.центр иьигэр муммакка сылдьыахпытыгар дылы. Ол быыьыгар Сашалыын билистэ Эбээ, элэккэй о5о диэн собулээтэ. Саша эмиэ сылдьыста. Бутэьик куммутугэр бырааспыт ыныран ылан, анализтара биллибиттэрин кэннэ Областнойга онкология бырааьыгар направлениялаан ыытта. Мин сурэ5им ам тутар, Эбээм миигин долгутумаары туох да диэбэт. Саша сарсыарда кэллэ таксинан, айаннаатыбыт. Эбээни балыьа5а киллэрдилэр.... Эбээм барахсаан, халлан куех сибэккилэрдээх балыьа халаатын кэтэн баран, санитарканы батыьан каридор устун хаама турда. Куомэйбэр камок, Саша футболката ыгыллар уу буолуор диэри ытаа да ытаа олох сатаан тыын да ылбатты, сурэ5им сэрэйэр, кинини сутэрэн эрэрбиттэн...ас тастыбыт, диеталаттылар игин. Онтон бырааспыт ыныран ылан эттэ, биьиги оттуттэн комо барыта оноьуллунна диэн.. сал5ыы тугу эппитин соччо ойдообоппун... Балыьалар аккаастаммыттара, тахсаары турдахпытына Саша Ийэтинээн кэлбитэ Ийэтэ Светлана, наьаа аьыммыт харахтарынан барыбытын кууьан сыллаата уонна кэтэспэтэх оттуттэн биьиги барсыахпыт этэ Сашалыын диэтэ. биьиги Эбээлиин харахпытын утары корсон баран мичээрдээн, Сеп бо5о буолла5а диэн уорудубут. Общагаттан малбытын ылан, Саша Ийэтинээн сып курдук хомунаннар, тууннэри айаннаан дьиэбитин буллубут. Эпиитэрин курдук Скорай ыныран, ылыахтаах эмтэрин биэрэн.. син миэстэбитин булан утуйдубут. Светлана мин хоспор, Эбээ бэйтин оронгуар биьиги Сашалыын диванна. Таптаалаахпын кууьан утуйар куннээхпиттэн дьоллоохпун..
Ити Сайын Светлана кэлэ бара комолоспутэ, Саша сайылаабыта ыал курдук олорбуппут.. Арай Эбээм оронтон киьи комото суох, сатаан турбат, ыраах хаампат буолбута. Куьун уорэх са5аланыыта кураторбын кытары эрийэн конуллэттим, Саша уорэ5ин эмиэ быьаарсан кэлиэх буолта, Светлана, кэргэнин Кирилы илдьэ кэлбитэ. Саша А5ата хата тыа5а тахсан улэ-хамнас бо5о...Уруккуттан аймахтарбыт курдуктар. Эбээ биирдэ эттэ Саша кэллэ5инэ бырааьынньыктыах, О5ом уруутун киэьэтигэр тиийиэ суохпун диэтэ... Оол киэьэ Эбээ сэргэх ба5айытык туран остуолга олорон эрэ, Уруум киэьэтигэр этиллиэхтээх тылларын барытын эттэ, Саша дьонугар эрэнэн туттарда... нэдиэлэ да буолбакка анараа дойдуга уьуктубакка эрэ барбыта... мин Эбээм комуьум, аанньалым...
Маама Эбээ 40 хонугар кэлэ сылдьыбыта, сура5а хайа эрэ киьилиин эмиэ аьыы утахтарыгар ылларан олороллор уьу, Биьиги Сашалыын уорэхпитин бутэрэн, Куоракка Сыбаайбалаабыппыт. Саша дьоно биьиги ба5арарбыт курдук олохпут биир кэрэ бэлиэ кунун бэлэх ууммуттара. саша улэлиир, мин бастакы о5обутун куутэн уоппуска5а олоробун, Саша дьонун дьиэтигэр олоробут, Ийэлээх А5абыт даачаларын оностон коспуттэрэ. Сайын аайы Эбээм дьиэтигэр, торообут туолбэбэр, дойдубар сайылыы, сир астыы тахса сылдьабыт. Эбээм дьиэтин арыйан харахпын симэн киирдэхпинэ мичээрдээбитинэн утары кэлэн кууьуох, сууспуттэн сыллыах курдук, Эбээм сыта..