Дьиҥнээх Дед Мороз
Главная / Кэпсээннэр / Дьиҥнээх Дед Мороз
Атын
Алик ЖКХҕа сантехниктыыр, үлэлээбитэ хаһыс да сыла. Кини илиитигэр сэттэ дьиэ сантехникатын көрөр эбээһинэстээх. Ким эрэ крана тоҕо барар, кимнээх эрэ батарыайалара тоҥор, туалеттара бүөлэннэр. Барыта кини илиитинэн ааһар. Төһө кыалларынан оҥорон дьон махтала элбэх. Ол сылдьан ким хайдах олорорун барытын билэр.. хайа ыал кыахтааҕын, ким камматын. Сорох дьон үлэлээбитин иһин хаччы бирэр, сорохтор эбээһинэһиҥ диэн биэрбэттэр. Үксэ кыаммат түгэммэт өттө төлөбүр төлүүр курдук...ол киирбит хаччытын Алик мунньар идэлээх, ол маннык дьалаттан буолбута:
Алик дьонноро боростуой үлэһит дьоннор этилэр Ийиэтэ кулууб остуораһа, Аҕата хотон харыбынайа. Оҕолор үһүө этилэр. Алик улаханнара уонна икки балтылара. Ас таҥас өттүнэн куруук тиийимэт этилэр. Оскуолатын бүтээрээт СПТУга Сантехник идэтигэр үөрэнэн бүтэрбитэ. Уонна бу куоратка кэлэн үлэлээбитэ хаһыс да сыла. Балтыларыгар көмөлөһөн иккиэннэрин үрдүк үөрэхтээх дьон оҥортообута. Билигин үөрэ көтө үлэлии сылдьаллар. Кыра сылдьан, атын ыал оҕолоро элбэх да подарак ылбыттарын туһунан каникул кэннэ киһиргээн кэпсиилэрин истэрэ. Кинилэр муҥнаахтар барыларыгар биир да подарак ыллахтарына үөрүүлээх буолара. Ол иһин Алик кытаанах санаа ылыммыта...Улаатан үлэһит буолан баран, кыаммат ыал оҕолорун Саҥа Дылга подарак оҥорн түҥэтэн үөрдэр буолуоҕун. Ити дьалатын олоххо киллэрбитэ. Холтуура хаччытын мунньар идэлэммитэ, уонна сыл түгэҕэр кэлэн ол хаччытынан подарак уонна оонньуур ылар этэ. Кини ол дьыалатыгар балтыларын эмиэ килэрбитэ.. -Балтыкааннарым өйдүүр инигит, сорох сыл подарага суох көрсөрбүтүн?..Ол иһин бу кыаммат оҕолорго кыракый да үөрүү буоллун диэн маннык сананным-диэн эппитэ. Кыргыттар үөрэ ылыммыттара. Ол курдук Саҥа Дьыллар куруук.. ыал кэрийиитигэр көрсөр этилэр. Биир эмит балтыта сылдьыһар этэ Снегурочка буолан Алик Дед Мороз таҥаһын кэтэрэ. Ыалларга подарак түҥэтэн баран Алик дууһата чэпчээбит курдук буолара, оҕолор махтаммыт харахтарыттан, туох да үчүгэй суох курдуга...
Автор: СуорУола 24 декабря 2014 00:18
Сотору Саҥа Дьыл....Дора оҕолоругар подаракка хаччыта суох. Хамнаһын сыыһа куортамыҥар барыахтаах. Дьиэ хаһаайката дьиэҥ төлөбүрүн бырааһынньыкка дылы олоччу биэрэҕин диэн мас-тос курдук, кытаанахтык эппитэ. Уонна кыра хаалбыт хаччытын тобоҕор бырааһыньктарыгар кыракый ас дуома ылыахтаах. Кыра кыыһын Детсадыгар подарактарыгар харчытын кыайан биэрбэтэҕэ...ол иһин утренника ыраата санаалаах сылдьар. Уола Рева Ийиэтин өйдүүр, хаччы суоҕун билэр буолан эппитэ...
Уола итинник эппитин истэн Дора хараҕа ууланан сирэйин кистии туттан уолугар эттэ: -Оҕом сыыһын улахан киһи буоллаҕыҥ, саатар ити балтыгар туох эмит подарак оҥоруо этибит буоллаҕа дии..Мин хамнаһым кэллэҕинэ бу дьиэбит төлөбүрүгэр барыахтаах. Уонна Торт иҥин ылахпы сок иҥин ылан син көрсөр инибит...
Оскуола директора Геннадий Петрович Саҥа Дьыл бырааһынньыгын, куруук кэтэһэр бырааһынньыга. Кини оҕо эрдэҕиттэн тулаайах иитиллибит буолан, Дед Мороз оҕонньортон куруук Ийэлээх Аҕа көрдөһөр этэ, ол кыра да сылдьан оскуолаҕа да үөрэнэ сылдьар кэмигэр. Баҕар Дед Мороз кырдьык баар эбитэ буоллар, оҕо көрдөһүүтүн толорон абырыа эбитэ буолуо. Үрдүк үөрэҕин бүтэрэн үс сыл математика учууталынан үлэлээбитин кэннэ, бу оскуолаҕа директорынан ананнна бу сайыҥҥаттан үлэлээн эрэр. Кэллэ кэлээт кыаммат, элбэх оҕолоох ыал тустарынан учууталлартан, оҕолортон ыйыталаһан бэйэтин блокнотугар бэлиэтэнэр буолбута. Биирдэ педсоветка маннык этии киллэрбитэ. -Күндү учууталлар уонна педагогтар. Биһиги оскуолаҕа кыаммат уонна элбэх оҕолоох ыаллар, уонна соҕотох Ийэлэр элбэхтэр. Ол иһин мин эһиэхэ биир проект толкуйдаабыппыт иһитинэриэхпин баҕарабын. Мин онно эһигини күүспүнэн сөбүлэһиҥ диэбэппин, ким сөбүлэһэр сөбүлэһиэ....чэ ол маннык. Кыаммат эҥээргэ көмө диэн фонда тэрийэри кынабын..онно ким кыахтааҕынан хаччы хомуйан көрүлүө этэ, ону эһиги туох санаалаахыт?-диэн ыйыппытыгар, бары үөрүүнү кытта ылыммыттара.
Саҥа Дьыл буолар киэһээтэ Дора оҕолорун кытта остуолларын тэрийэ сылдьаллар...торт сок уонна туох баар буолуой. Арай ааннарын тоҥсуйар тыас иһилиннэ. Бачча бырааһынньык кэмигэр ким сырыттаҕа буолла диэн санаат Дора тиийэн -Кимий диэн ыйытта.
Кыысчаан ылаан бүппүтүн кэннэ Мороз оҕонньор куулун иһиттэн улахан баҕайы куобах.
Оонньууру кытта мөһөөчүк ойутан таһаарн туттаран кэбистэ.
Рева хоһоонун ааҕан бүппүтүн кэннэ Мороз мөһөөчүгүттэт хоруопкалаах телефону кытта сакалааттаах мөһөөчүк туттарда. Дора ону көрөн хараҕа ууланан киирэн барда.