Кэпсээ
Войти Регистрация

Уйбаанчык

Главная / Кэпсээннэр / Уйбаанчык

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
17.11.2024 14:09
4k 1

An image to describe postАвтор: Петр Кычкин - Сайылык Бүөтүрэ

    Уйбаанчык саха киһитин сиэригэр уһун со5ус уҥуохтаах, эппиккэ дылы хайа ба5ар кэрэ аҥар сүрэ5ин сүүйэр быһыылаах-таһаалаах эдэр киһи. Ол эрэн эрдэ дьонун сүтэрбит буолан килбик со5ус, сэмэй майгылаах. Ааспыт үйэ дьалхааннаах 90-тар кэмнэрэ.
    Улуу Кыайыы 50 сылыгар Уйбаанчык уолугунан тыыммыт уол оҕото атын дэриэбинэҕэ, эдьиийигэр олоро барбыта, онно.Саҥа сир, саҥа дьон-сэргэ, билсиһии-көрсүһүү, ол быыһыгар киэһээ аайы кулууп дьиэҕэ эдэр дьон мустан Кыайыы фестивалыгар анаан бэлэмнэнии үгэнэ. Кини атыы-эргиэн тэрилтэтигэр үлэлиир эдьиийин кытта бииргэ үлэлиир эдэр кыргыттар,уолаттар үҥкүү ансаамбылларыгар киирэ охсон интириэһинэй олох саҕаламмыта уонна бэйэтиттэн биир сыл аҕа кыыһы таба көрөн хараҕа хатаммыта.
Ол кыыһа сахалыы "Дьиэрэҥкэй" үҥкүүгэ атын уоллуун үҥкүүлүүрэ. Ол уол эмиэ кинини атыннык көрөр-истэр быһылаах этэ. Тутта-хапта сылдьар майгытыттан, кыыһы кытары кэпсэтэриттэн ити барыта биллэр, көстөр. Уйбаанчык бастаан утаа чугаһаабакка ол курдук биир, икки күн оннук ааста.Онтон фойетыгар ол кыыс дьүөгэтинээн, сиэркилэ иннигэр үҥкүлүү сырыттахтарына көрсө түһэн билсибиттэрэ, кыратык тыл бырахсан кэпсэпиттэрэ, төлүпүөннэрин нүөмэрин бэрсиспиттэрэ,онтон ылата сүрэҕэ толугуруу мөхсүбүтэ. Ол саҕана дьиэтээҕи төлүпүөнүгэр өр да өр толкуйдаан баран биир үтүө киэһэ эрийэргэ сананна, бастакы күн хата күлэ-үөрэ бэркэ тапсан кэпсэпиттэрэ. Кини аны чааһынай убайын маҕаһыыныгар атыыһытынан үлэлиир эбит этэ уол ол-бу сылтаҕынан ол маҕаһыынтан атаҕа арахпат буолбута, быыс эрэ буллар онтон эрэ атыылаһар, сылдьар буолбута. Биирдэ киэһэ үлэ чааһын бүтүүтэ соруйан тиийэн атаарар албастаах сананна,кыыс да ону утарбатаҕа....Атааран иһэн отой сүрэҕэ уһулуччу ойон тахсыахча курдук эҥин диэтэҕин,улаханнык кэпсэпэттэр, арай харахтар эрэ тугу эрэ кэтэспиттии одуулаһаллара, көннөрү боппуруостарга эппиэт эрэ быһыытынан аа-дьуо хаамсан иһэллэрэ. Ол курдук үстэ,хаста атааран баран аны киэһэ күүлэйдииргэ санаммыта,дьэ ол курдук саас, киэһэ сөмөлүөт түһэр пордугар хаамсыы,кыра оҕолор курдук "Чоко -пай" эҥин аҕалааччы. Ол курдук кэпсэтиһэн, били бииргэ үҥкүүлүүр уолун туһунан ыйыталаһар. Ону киниэхэ туох да санаам суох, көннөрү бэйэтэ эккирэтэр,бириэмэ атаарабыт эҥин диир....
Дьиэтин аттыгар кэлэн,долгуйуу бөҕө, сүрэҕэ отой ыытыан баҕарбат🥺❤️💓.Чугаһата сатаан,уураары гынаҕын ону куоттара сылдьар, ити барыта бэйэтэ олус сэмэйиттэн эбитэ ду, иитиитэ оннуга эбитэ ду, буолбатах ыра санаата ону барытын сүрэҕин ыга тутара, төннөн иһэн абара саныыр, бэйэтиттэн да кэлэйэр курдук буолар.
Эрдэттэн бэлэмнэнилибит кэнсиэр күнэ ыган тиийэн кэлэр. Ыга симиллибит кулууп дьиэтэ, үөрүйэх уолаттар, кыргыттар дьиэрэҥкэй үҥкүүлэрин ситэ-хото толороллор, ол эрэн дьүүллүүр сүбэ атын сиртэн үҥкүүһүттэр бааллар эҥин диэн кинилэргэ иккис миэстэни биэрэллэр. Биллэрин курдук, оттон таҥас эҥин бөҕө тиктэрэн, бэлэмнэнии бөҕө буолбут дьон абаран эрдэхтэрэ буолуо, онтон уолбут онтон отой да кыһаммат. Мэлдьи ол кыыһын саныыр, кинини кытта бииргэ үҥкүүлээбэтэҕиттэн хомойор. Күн-дьыл ааһан истэ, өрөбүл күн эмиэ буоларын курдук төлөпүөнүнэн кэпсэтэн баран,киниэхэ ыалдьыттыы барар буолла❤️кыыспыт дьиэтигэр соҕотох хаалбыт эбит.Ыбылы сыты тупсарар одьукулуон куттан,үлтү долгуйан ахан күнүстэри да буоллар тиийдэ....Аны ол кэм сиэринэн эбитэ ду, оскуола саҕаттан саппыыска, анкета содула эбитэ ду, уолбут кыыска этиэхтээх санаатын барытын сурукка тистэ уонна тугу эрэ ситиһиэм ээ – диэн санаалаах кыыс дьиэтин ааныгар биирдэ баар буола түстэ. Чэйдээтилэр, буолары,буолбаты сэһэргэстилэр, дэриэбинэ сонунун эҥин.....Аны кини хотоҥҥо сүөһү уулата тахсыахтаах эбит....Чэ быһата уолу кытта аныгыскы көрсүөххэ диэри гынар эбит, онтон киниэхэ ол барыта "кыл түгэнэ"-буоллаҕа. Начаас ааһар. Ойбоҥҥо эҥин барсыах буолан эҥин...дэлби күллэрдэ- эҥин. Оттон киниэхэ ол барыта сүрэҕин таарымтата буоллаҕа эбээт❤️...' Хотоҥҥо таҕыста, уолбутун дьиэҕэ хаалларда. Аны чугас ыаллара көрүөхтэрэ диэн кыбыстыы бөҕө буоллаҕа. Дьиэҕэ соҕотох хаалан хаартыска альбомун көрөр, биир сэмэйдик мичээрдээбит күлүгүн уолбут ылан уктан кэбистэ. Син чаас аҥара буолан баран киирдэ,түннүгүнэн отой көрө олорор да буоллар киирбитигэр соһуйбута буолла. Суунан,тараанан эмиэ чэйдээтилэр,били сүрэҕин кистэлин, суругун оҕотун биэрбэккэ укта сылдьар.Хайыаҕай чаастан чаас солбуллан барар кэм уолдьаста, син борук-сорук да буолла.. Кыһыҥҥы күн кылгас да буоллаҕа. Ол эрэн биэриэхтээх суругун отой умнубат, тахсаары туран суругун ыган, ыган син биэрдэ да тахсар аан диэки былдьаста. Ол тахсан да аан кэннигэр өр соҕус турда. Төлө барбыт санаатын барытын эппит кэриэтэ сананан уоскуйа сатаата да сүрэҕэ биир кэм өрө мөхсө турда Эмискэ ааны анньан кыыспыт таҕыста Тахсан баран соһуйда:

  • "Тоҕо манна тураҕын..."- диэн баран сууйуллубут таҥаһын хомуйа баанньык диэки барда Уолбут хайыай, баанньыкка иккиэн киирдилэр таҥаһын хомуйарыгар тугу эрэ, элбэҕи кэпсиир, кини истэрэ да истибэтэ да биллибэт.

Аан таһыгар кэлбитин кэннэ уолбут уоту сабан кэбистэ, ылы-чып хабыс хараҥа иһигэр сүрэхтэр тыастара бит битигирэс. Бэйэтигэр сыһыары тардан баран арай уураары гыммыта да...,уот төттөрү аһыллан кэллэ, ону кытта барыта сүттэ... Кини кыбыстыбыт ду,кыыһырбыт ду?,хараҕа ону тэҥэ сааппыт соҕус, хорсунун киллэрэ сатаабыт Уйбаанчык уолйбут хараҕа. -"Аны хаһан да итинник гыныма"- ити тыллар өй дуорана буолан охсуллан,кыһыҥҥы тымныы салгыҥҥа охсулуохча эмиэ да сүрэҕи, быары ыга тутуохча - кыһыйыы дуу,абарыы ду?, былаастаах сөрүүн салгын, ону тэҥэ онон-манан кылахачыйар дьиэлэр уоттара, хараҥа уулусса.. ..

    Күн - дьыл оргууй устан истэ. Күннээҕи түбүк, үөрэх, үлэ буолан санаа сайҕанан, араас билсиһии, көрсүһүү эдэр сүрэххэ баар бөҕө буоллаҕа,ол эрэн умнуллубат харахтар, этиллибит,суруллубут санаалар ханна эрэ арыый туора садьыйыллан хаалбыт кэриэтэ буолбуттара. "Синэ биир"- диэн санааттан уол хорсунун киллэрэр, аралдьыйар, ону-тэҥэ ол саҕанааҕы ыччат биллэн туран аһыы аһы да амсайара баар суол буоллаҕа. Дьэ арай биирдэ дэриэбинэҕэ куораттан артыыстар кэнсиэртии кэллилэр диэн сурах тилэри көттө. Ол саҕана эрэһиинэ тэҥэ кулууп, эдэр дьону мунньар уоттаах-күөстээх дискотека, быһата дьоллоох эдэр саас, араас бары өрүтэ. .. Эдэр киһи аралдьыйара үгүс буоллаҕа, билсиһии да баар. Кэнсиэркэ билиэт ыла охсон куораттан кэлбит улуу артыыстары илэ көрөр саҕа дьол суох – диэтэҕиҥ. Биир билсэр кыыһы кытта иккиэн барыах буоллулар. Уол санаатыгар били кыыһын сэмээр кэтэһэн көрдө да туох да сибики биллибэтэ. Санаатыгар кыыһырар,абарар ол эрэн санаата бөҕөх. Кэнсиэрт буолуохтаах күнүгэр киниэхэ эрийдэ, күннээҕини кэпсэттилэр, онтон арыый сүрэх таарымтатыгар тиийдилэр. Барытын аһаҕастык кэпсэттилэр ол эрэн түбүгэ хобдох соҕус буолла.Кыыһырыстылар уонна иккиэн икки аҥыы арахсар буоллулар. Уйбаанчык атын билсэр кыыһыгар телефонунан барытын кэпсээн биэрдэ уонна ол кыыһыгар туох да санаата суоҕун эттэ, арахсыахха диэн буолла да ол кыыс ону өйдөөбөтө, Уйбаанчык трубканы ууран кэбистэ уонна ол киэһэ биир доҕорун кытта арыгы истилэр, кэнсиэрккэ тиийдилэр миэстэ ылан олоруох буолбута да хойутаан хааланнар туран эрэ көрөр чиэскэ тигистилэр. Кэнсиэрт ортолообутун кэннэ билсэр кыыһа кэлэн, кэпсэтии баар диэн таһырдьа илдьэ таҕыста. Кулууп кэннигэр тиийбитэ уолаттар тураллар эбит, кыыспыт бэйэтэ куотан хаалла. Уол ол уолаттары кытта боруоктаста уонна түмүгэр илдьи кырбанна. Сытар эбит хаарга, ким эрэ кэлэн туруора сатыыр, көрбүтэ ханнык эрэ билбэт уола өйөөн туруорда уонна дьиэҕэр илдьиэм диэн баран иһэн уолбут туох буолбутун барытын өйдөөн кэллэ. Бу орто дойду олоҕо киниэхэ анамматах, кыыһытыттан хаһыытаан ылла да, санаатыгар арыый чэпчээбиккэ дылы буолла. Атааран иһэр уолугар махтанан баран ыытта. Аа-дьуо итирик киһи тэйбэҥнээн иһэр. Били кыыһын эмиэ санаат, бу барыта эйигиттэн диэн үлтү хаһыытаата,абарда-сатарда уонна синэ биир диэн кини дьиэтин диэки барда. Тиэргэҥҥэ киирэн арыый таҥаһын көннөрүннэ, хорсунун киллэрэн тоҥсуйда, сотору буолан баран бэркэ билэр, кэтэспит харахтара кыыһырбыттыы көрүстүлэр. Биллэн туран итирик киһини кытта ким кэпсэтиэй , эбиитин хаан билик, дьүһүн-бодо быһата дьаабы буоллаҕа...
"Уол оҕото биир күн ат өрөҕөтүгэр, биир күн ат уорҕатыгар"- диэн бэргэн этии биһиги Уйбаанчыкпытыгар уот харахха сөп түбэстэҕэ.
Саас. Халлаан сылыйан киһи эрэ сүргэтин көтөҕөр ылааҥҥы күннэр,сибиэһэй салгын ону тэҥэ улуустааҕы военкоматтан эр киһи эбээһинэһин толорор повестка тигинээн кэлбитэ. Ылбат,биэрбэт,сыыһа-халты кэпсэтиилэр,чэ быһата күннээҕи олох түбүгэ,үлэ үөрэх кыһалҕата. Били хаһан эрэ көрсүһэн, бэркэ сылдьыбыт,хаамсыбыт авиаплощадкаҕа уол кыыһын сэмээр кэтэһэр,кэлиэх буолбута эрэл кыыма син биир баар. Уолу ылыахтаах самолёт кэлэ охсоро түргэнэ, уол харахтара самолёт төгүрүк тааһынан бэркэ билэр мөрсүөнэ көһүннэ,ону тэҥэ сүрэҕэ доҕуурга түбэспит туллуктуу өрө мөҕүстэҕэ, ол эрэн самолёт салгыҥҥа уйдаран, тыастаахтык дьирилээн үөһэ тахсан бара турда....
Төрөөбүт дойду ахтылҕаннаах мүөттээх салгына киһи эрэ сүрэҕин, дууһатын ортотунан ааһар буоллаҕа. Ааспыт түгэннэр, араас буолбут быһылааннар уол боруҥуй хоһун эстиэнэтигэр эрэ хаайыллан өй-санаа өрүкүйүүтэ буолан сүрэххэ,быарга сөҥөн олордоҕо. Сэргэхсийии, доҕоттору кытта көрсүһүү,ол барыта санааны, дууһаны көнньүөрдэр буоллаҕа. Уолбут сүрэҕин,дууһатын түгэҕэр саһа сылдьар санаатын тоҕо тэбэн бэркэ билэр атаһыгар,көрсүһүү уохтаах утаҕынан ааһар түгэнигэр эрэ үллэһиннэ. Доҕоро биллэн туран атаһын болҕойон,сыныйан истэр, барытын эр киһилии тэҥҥэ үллэстэр, ол эрэн биир тылынан туох да диэн этиэн, сүбэлиэн билбэт, көннөрү барыта ааһыа,кэм кэрдии эмтиэ эрэ диэн кэбистэ.
    Күнтэн күн аастаҕын аайы эдэр киһи сүрэҕин өрүкүйүүтэ, оспот баастыы, хатыылаах боробулуохханан дууһатын тарбыыр, санаатын саппаҕырдар. Ама буолуо дуо?,тапталлара диэн?...тоҕо киһи онтон сүрэҕэ үөрбэт, санаата биир сиргэ сыппат буоларый? Киһи биирдэ кэлбит олоххо тоҕо толору дьолу билэн олорботуй?, тоҕо маннык ыар баттык буоларый? - итинник санаалар үүйэ-хаайа туталлара күүһүрэн истэ, арай кырдьык арыгы эрэ арыый аралдьытыа - дии саныыр,ол эрэн ол эмиэ бэйэни албыннаныы буоларын чопчу өйдүүр...
    Биир үтүө киэһэ, туох эрэ бырааһынньык дискотекатын кэнниттэн атаһыгар хочуолнайга олорон баран, үрүүмкэтигэр били хаһан эрэ уоруллубут сэмэй мичээрдээх кыыһын күлүгүн ылан үлтү кырпастаан, онно туох баар муҥатыйыытын,санаатын холбоон кутан, үрдүгэр водка арыгытын толору кутан баран биир тыынынан ылан иһэн кэбистэ. Атаһа дьиэтигэр киэһэҥҥи чэйин иһэ барбыта,сотору, чааһынан кэлиэх буолбута онтон кини оҕо сааһын доҕоро Уйбаанчык барахсан бу муҥатыйа олордоҕо..
    Түлүк-талык буолан,ыбылы уордайан олордоҕуна хачыгаар доҕоро ааны тоҥсуйда. Уордайбыт куолаһынан:

  • "Кимий?"- диэн хаһыытаат, доҕоро кэлбитин дьэ өйдөөн арыйда.

Туман, кыһыҥҥы буруолаах салгын саба биэрдэ. Атаһа буорайбыт сирэйин көрөн долгуйда да куттана да быһыытыйда. Туохтан маннык буолбутун кини барытын дьиҥэ билэр:

  • "Оо, мөлтөх да киһигин, биир дьахтар аайыттан арыгыга убанан эрдэҕиҥ "- диэн атаһын Уйбаанчыгы аһыммыттыы дуу?,кэлэйбиттии одуулаан олордо.

Уйбаанчык туран хотуолаары таһырдьаны былдьаста,таһырдьа тахсан тымныы салгыны эҕирийэн,хотуолаан санаатыгар арыый чэпчээбиккэ дылы буолла. "Чэ, мин бардым"- диэт тахсан бара турда. Аҥаар кырыы бара турда, тымныы салгыны эҕирийээт өрө уһуутаан ылла да халлаан бытарыйыахча уу -чуумпуга туох баар абатын-сататын мунньан хаһыытаан түүҥҥү чуумпуну аймаата. Тоҕо?,туох иһин?- диэн ыйытыктар үүйэ-хаайа тутаннар, бу орто дойдуттан сүтэн хаалыаҕын санаата да халыҥ хаары кэһэн күөл диэки охто,охто бара турда, тоҥон өлүөҕүн санаата.
Ыбылы сууланан баран, хаар анныгар нухарыйан истэҕинэ ким эрэ илгиэлиириттэн уһукта биэрдэ. Атаһа кэлэн,иэдээн буолуоҕун сэрэйэн кэнниттэн батыһан, күөл диэки барбыт суолун ирдээн кэлбит эбит. Туруоран, үлтү саайталаан өйүн булларда, суолга таһаарда. Уйбаанчык төбөтө ыаҕастаах кутуллубут иһит курдук дьалкынныыр, өй -мэй курдук,атаһа кэнниттэн үтэрин күүһүнэн эрэ хаамар,охтор быластаан бөһүөлэккэ киирдилэр. Онтон дьиэтин ааныгар дэлби тоҥон, ыбыгыраан,арыычча өйдөммүккэ дылы буолан,аргыый киирэн утуйбутун бэйэтэ да билбэккэ барда... Чугас дьоно, кинини бэркэ билэр атастара Уйбаанчык күлүк курдук сылдьарын,олоххо интириэһин сүтэрбитин,күлбэт-үөрбэт буолбутун бэлиэтии көрөллөр эрээри сүрэх баастаах уолларын туораттан эрэ көрөллөрө. Күн- дьыл бэйэтин тэтиминэн ааһан истэ. Уйбаанчык үлэтэ да суох сылдьарыттан бэйэтэ да сылайа быһыытыйда. Ханна эрэ атын сиргэ олоро, үлэлии ду?,үөрэнэ барыаҕын саныыр. Биир үтүө күн уол ыллыыр талаанын таба көрөннөр ырыа күрэҕэр балаһыанньа кэлбитин,тастыҥ клупка үлэлиир эдьиийэ эппитин тута сөбүлэһэн барар буолла. Онно тиийэн ситиһиилэнэн санаата да көнньүөрдэ, биир бэркэ ыллыыр дьүөгэлэннэ.
    Ол кэмтэн ылата үгүс хаар түһэн уулуннаҕа, үгүс уу сүүрэн аастаҕа, ол эрэн ол сэмэй кыыс мичээрэ үйэ-саас тухары сүрэххэ эрэ сөҥөн хааллаҕа. Уйбаанчык кэлин ол кыыһын көрдүү да,көрсүһэ да сатаабатаҕа, ааспыты былыт саппытыныы симэлийдэҕэ. Билигин Уйбаанчык ырыаһыт ымыы кыыстыын ыал буолан бур-бур буруо таһаарынан үс кэрэчээн, чоҕулуччу көрбүт кыргыттар амарах аҕалара. Ыраах сиртэн гостроллаан айантан кэлэллэригэр кыргыттара эһээлээх,эбээ иһирэх дьиэлэригэр кэтэһэн, көһүтэн олорор буолаллара. Ити курдук уолбут ийэлээх,аҕатын булбут кэриэтэ сүрэҕэ сылаастык сылаанньыйар, мааны ыал күндү күтүөттэрэ буолан унаар буруолара уһун сылга унаарыйа устар...

    Кыыс оҕо ордук аҕатыгар чугас, оттон Эр киһиэхэ кыыс оҕо ордук чугас -диэн кырдьык баар эбит. Уйбаан сааһа ыраатан эрэриттэн ду?,эбэтэр оҕолоро үһүөн кыргыттар буолалларыттан эбитэ ду?,син эмиэ бэйэтин аатын ааттатыах уол оҕолонуон бүччүм санаата иһигэр кычыкаланан ылар кэмнээх, ол эрэн кэргэнэ доруобуйата мөлтөһүөр буолан ,саҥата тахсан быктарбат даҕаны... Кыргыттара улаатан,тупсан иһэллэрэ ханнык Да аҕа киһи сүрэҕин чопчулара,сылааһынан кууһара , хаһан да кини улаханнык кыргыттарын мөхпүтэ, сэмэлээбитэ суох, ийэлэрэ хата биирдэ эмит тыл тылга киирсибэт түгэннэрдээх.
    Сайын. От ыйын өҥөрүк куйааһа, От үгэнэ, Уйбаан онно барытыгар соҕотоҕун сылдьар,хата аймах уолаттара көмөлөһөн, илии-атах буолаллар. Кэргэнин, кыргыттарын,харыстаан буолуо, ходуһаҕа аҕалбат, дьиэлэригэр минньигэс ас,өйүө бэлэмнииллэрэ да сөп, уонна биирдэ эмит сир аһыгар диэн илдьэ кэлээччи.

    Сыл хонук элэстэнэн , кими да,тугу да кэтэспэккэ иннин хоту бөтөрөҥнөтөн баран иһэр, оҕолор уһуйаан, оскуола буоланнар, улахан кыыс номнуо тиһэх чуораана лыҥкыныыр долгутуулаах түгэнэ тиийэн кэлэр. Уйбаанчык Эр киһи сиэринэн дьиэ-уот туттан, эмиэ дьонтон итэҕэһэ суох үлэлээх-хамнастаах, кэргэнэ да дьаһаллалаах кыыс түбэһэн, иэримэ дьиэ иччитэ,хара дьиэ хараҥаччыта буолан бэркэ бур-буруо таһаарынан олороллор, ол эрэн урукку курдук ырыа ыллыы сылдьыбаттар, үлэ, түбүк,оҕо-уруу кыһалҕатыгар кыһарыйтаран,ырыаны умна быһыытыйбыттар. Араас тэрээһиннэргэ өрүү аккаастыыр буоланнар,кэлин эппэт Да буолбуттара, быданнаата. Арай, биирдэ эмит аймахтар үбүлүөйдэригэр, үөрбүтэ -көппүтэ буолан ыллаатахтарына, дьон-сэргэ биһирэбилин чахчы ылаллар....
Оскуола киэргэммит саалатыгар, долгутуулаах түгэнигэр, кыыстарын аатын кытта бэйэлэрин ааттарын истэн, күҥҥэ көрбүт көмүстэрин икки өттүттэн сиэтэн киллэрэн иһэн, "Ама бу биһиги оҕобут дуо?"- диэн долгуйбут харахтар дьоллоох көрсүһүүлэрэ кыл түгэнин курдук күлүмүрдэтэн аастаҕа.

    Оскуола кэннэ биллэрин курдук салгыы үөрэххэ туттарсар итии күннэр турдулар. Дьоллоох Дьокуускай куорат Итии таас эркиннээх дьиэлэрэ, күнү сырсыы, докумуон эккирэтиитэ - бу барыта ийэлэрин нарын санныгар сүктэрилиннэ. Уйбаан биллэн туран хаһаайыстыбатын түбүгэ,аны сылы таһаарар От айдаана буолан дойдутугар хааллаҕа. Кыыстара Дарина биир кэлим эксээмэннэрин этэҥҥэ үрдүк баалга туттарсан, үрдүк үөрэххэ докумуонун,ийэтин баҕатын толорон туттардылар, ону сэргэ икки орто үөрэххэ эмиэ биэрдилэр. Ол эрэн барыта эриэ - дэхси буолан испэт,олорор услулбуйа, харчы кырыымчыга барыта охсон төттөрү, докумуоннарын туттараат дойдуларыгар тэскилээбиттэрэ.
    Икки балтылара эмиэ чороччу улаатан эрэр кыргыттар, биирэ тохсуһу, иккиһэ сэттиһи бүтэрэллэр. Ордук кыра кыыс аҕатын муннун бүөтэ.

Кыыс оҕо ордук аҕатыгар чугас, оттон Эр киһиэхэ кыыс оҕо ордук чугас -диэн кырдьык баар эбит. Уйбаан сааһа ыраатан эрэриттэн ду?,эбэтэр оҕолоро үһүөн кыргыттар буолалларыттан эбитэ ду?,син эмиэ бэйэтин аатын ааттатыах уол оҕолонуон бүччүм санаата иһигэр кычыкаланан ылар кэмнээх, ол эрэн кэргэнэ доруобуйата мөлтөһүөр буолан ,саҥата тахсан быктарбат даҕаны... Кыргыттара улаатан,тупсан иһэллэрэ ханнык Да аҕа киһи сүрэҕин чопчулара,сылааһынан кууһара , хаһан да кини улаханнык кыргыттарын мөхпүтэ, сэмэлээбитэ суох, ийэлэрэ хата биирдэ эмит тыл тылга киирсибэт түгэннэрдээх.
    Сайын. От ыйын өҥөрүк куйааһа, От үгэнэ, Уйбаан онно барытыгар соҕотоҕун сылдьар,хата аймах уолаттара көмөлөһөн, илии-атах буолаллар. Кэргэнин, кыргыттарын,харыстаан буолуо, ходуһаҕа аҕалбат, дьиэлэригэр минньигэс ас,өйүө бэлэмнииллэрэ да сөп, уонна биирдэ эмит сир аһыгар диэн илдьэ кэлээччи.
    Күһүҥҥү күлүмнэс күннэр үүнэннэр, киһини уоскутар сөрүүн тыалынан кууспахтаан ылар,ону тэҥэ ураты дьикти турук киһини манньытар. Улахан кыыс икки үөрэххэ киирбититтэн ортотун талан бу бараары турар, ийэтэ төһө да үрдүк үөрэҕи талбатаҕыттан хомойо санатар да хайыай, саамай көмөлөһөөччүтүтэн, кыыһын сайыан хараҕын көмүскээһин уута иэдэстэринэн сүүрэрин кыатана тутта сатаатар Да таксига диэри атааран биэрдэ. Уйбаан арахсыы амтанын олох сөбүлээбэт буолан күөлүн диэки илимин көрө диэн сылтаҕыран сарсыарда тураат барбыта.

    Хаһан эрэ ол сахха, эдэр сылдьан "Дьиэрэҥкэй" үҥкүүлээбит кыыһа, Саргычога олоҕун аргыһа, истиҥ таптала, үс кыыһы бэлэхтээбит күндү киһитэ буолар. Олорон истэхтэрин аайы, сылтан сыл ол урукку омуннара арыый уостан, оҕо-уруу, дьиэ-уот түбүгэр кыбыттаран, төһө да уохтаахтык уураспатар да, син сыһыаннара улам бөҕөргөөн,махтаныы, убастаһыы курдук кубулуйан испитэ. Биир киэһэ ол кыыһа, Саргычога хайдах эрэ уларыйбыт, туохтан эрэ санаата түспүт,олохтон сылайбыт да курдук көрүҥнэммитэ, этэргэ дылы түбүгэ да билэн эрдэҕэ, дьиэтигэр оҕо, үлэтигэр оҕолор, киһи сэньиэтин ылан эрдэхтэрэ, кини оскуолаҕа учууталлыыр, аны үйэбит уларыйан,оҕо бырааба үрдээн, учууталлааҕар үрдүктүк тутталлара баар суол.
    Киэһээҥи аһылыктарын аһаан Уйбаан буоларын курдук дьыбааҥҥа сытан буолар,буолбат сонуннары бассаап ситимигэр көрө олорон саҥа аллайда.

  • Бу күн-дьыл ааһа охсон, оскуоланы бүтэрбиттэрэ номнуо 25 сылын көрсүһүүтүн түмүгэ, кылаас бөлөҕөр өрө оргуйан олорор эбит.

Саҥа аллайбытын иһит сууйа турар Саргыта сонньуйа иһиттэ да туох ханныгын чопчулаһа барбата. Уйбаан да ол көрсүһүү буоларын кэргэнэ сөбүлээбэтин билэр буолан быктарбата.
    Илин саҕахтан кыыһар сарсыардаҥҥы сардаҥа туох буолбутун мэлдьэспиттии,кыһыҥҥы дьыбарга эмиэ биир күн буолбутун туоһулаата ону тэҥэ Саргы телефонун тыаһа эмискэ өрө биэрэн,дьиэ иһиннээҕилэри уһугуннарда.
    Чочумча соҕус буолаат Саргы ийэтэ долгуйбут куолаһынан ыар сураҕы иһитиннэрдэ....

Салгыытын кэтэһин

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
9ч назад

    Саргы аҕата Уйбаанчыгы хара маҥнайгыттан истиҥник, бэйэтин уолун курдук ылыммыта. Бэйэтэ дьиҥэ уоллаах этэ, Саргы убайа, ол барахсан эдэр сааһыгар бултуу барабын диэн сааҕа дэҥнэнэн суорума суоламмыта. Ол аһыыта сойо илигинэ Уйбаан диэн күтүөт уол кэлбитин ытыс үрдүгэр түһэрбиттэрэ. Туох баар хаһаайыстыбатын, массыынатын,буранын күндү күтүөтүгэр туран биэрбитэ. Уйбаан ону олус өйдүүр уонна махтанар буолан бу тиһэх суолугар тиийэ, бүтүннүү дьаһайан атаарбыта. Төһө да хомолтолооҕун иһин салгыы олох салҕанар. Эр дьон хаһан да эрэй эрдэтинэ доруобуйаларын көрүммэт буоллахтара,ол да иһин эмискэ ,түүнүн наадатыгар тахсан баран сүрэҕэ тохтоон хаарга охтубутуҥ, кэргэнэ сүтэрэн тахсан булбута, ыар хартыына буоллаҕа, Ийэ барахсан бу күүстээх санаатын, оҕолорум утуйа сыталлара буолуо диэн түүнүн ыҥырбакка, сарсыарда эрийдэҕэ. Чугас ыаллара өйөбүл, күүс-көмө буолбуттара. Дьэ олоххо киһи үөйбэтэх өттүттэн кыһалҕа тирээн кэлэр, аны хаһан да эһэлэрэ минньигэс тутуурдаах үөрбүтүнэҥ киирэн кэлбэт буоллаҕа... Улахан кыыһы ийэтэ үөрэҕиттэн мэһэйдэтимээри ыҥырбатаҕа.
    Онон Уйбаанчыкка аны Икки бүк сүгэһэр сүктэрилиннэҕэ, ийэ гыннын илдьэ олоруон баҕарбыта да буолумматаҕа, 40 хонук туолуор дылы орто кыыһы кытта Саргы олорсор буолбуттара, онон кыра кыыһы кытта аҕата соҕотох олорорго күһэллибиттэрэ, ол эрэн ийэлэрэ кэлэ-бара сылдьар. Киэһэттэн буоларын курдук кыра кыыһынаан аһаан баран телефон көрөр үгэстээх, аныгы киһи барыта да оннук ини?, дьэ онно араас темалар оргуйан олороллор, бииргэ үөрэммит доҕотторо аны саас көрсүөх буолаллар эрээри Уйбаан онно эрэ кыһаммат, харчы эҥин кыттыһыах буолаллар. Саргытын аҕыннаҕына видеозвоногунан кэпсэтэллэр, син туспа олордоллор да ыал дьон ахтыһаллара баар суол буоллаҕа. Кэлиҥҥи кэмҥэ, аҕата суох буолуоҕуттан уларыйбыт курдук, өрүү ыксыы сылдьар курдук кэпсэтэр, сороҕор хаҕыстык хаарыйар ,өһүргэнсэр да курдуктар...

Добавить комментарий