Кэпсээ
Войти Регистрация

Түннүктэр

Главная / Кэпсээ / Түннүктэр

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
18.11.2024 02:52
4k 0

An image to describe postСулус уола - 21 апреля 2016 22:48

    "Эбээм эмээхсин,эбэтэр сахалар барахсаттар..." диэн кэпсээним иккис түһүмэҕин хайаан да суруйуом.Ол иннинэ олохпор буолан ааспыт биир түгэни кэпсиэхпин баҕаран кэллим.
Биир сарсыарда үгэспинэн Ленин аатынан проспект устун сатыы хааман истэхпинэ,сэттэ уонун лаппа ааспыт эмээхсин:

  • Айаал бу эн дуо? Диэн илиибиттэн харбаан ылан соһутта.
  • Ээ,мин,-өйдөөн көрбүтүм,хараҕын уота умуллубута быдаҥнаабыт Ирина Ивановна илэ бэйэтинэн турар эбит.
  • Билбэтиҥ дуу?
  • Ирина Ивановна,хайдах билиэм суоҕай,тута биллим.
  • Оччоҕуна тоҕо оройбуттан үктүү сыыһан,дорооболоспокко даҕаны,ааһа көтө сыыстыҥ?

Мин туох диэн хоруйдуохпун билбэккэ мух-мах буолан ыллым:

  • Александра хайдаҕый,ханна тиийдэ? Диэн хата утары ыйытааччы буоллум.
  • Александра..,-Ирина Ивановна сирэйдиин-харахтыын кубарыс гына түстэ.Ситэ саҥарбакка илиибин ыһыктан кэбистэ уонна ол курдук бөкчөччү туттан,оргууй аҕай хааман бара турда.

Мин кэнниттэн көрөн, туран хааллым.Ол туран эдэр сааспын санаан эмиэ да хараастыахпын,эмиэ да киэҥ туттуохпун билбэккэ бутуллан ыллым.Ааспыт аастаҕа,ону билигин хайдах да эргиппэккин...

    Киһи эрэ буолларбын,кэмниэ кэнэҕэс ыра санаам дьэ туолбута.Мин билигин Университет устудьуонабын.Бу үөрэххэ киирээри хас эмэ сыл бэлэмнэнэн,библиотека библиотеканы барытын аймаан,төһөлөөх элбэх кинигэни хаһыспытым эбитэ буолла,ону ким билиэ баарай? Икки төгүл төхтөрүйэн баран,саха ньоҕой-оҕото өссө ньоҕой,диэбиккэ дылы,өсөһөн туран, аармыйаттан кэлбит сылбар, өйбүн-төйбүн тутан,үһүс сырыыбар экзаменнарбын барытын туйгун сыанаҕа туттаран,бэрт холкутук баҕарбыт үөрэхпэр киирэн хаалбытым.
Бүгүн маҥнайгы үөрэх күнэ. Сарсыарда Ленин аатынан проспект устун,түөспүн мөтөтөн,киэҥ туттан,Университетым диэки үгэспинэн сатыы хааман иһэбин.Үөрүүм муҥура суох тобус-толору,кимниин,хайдах үллэстиэхпин бэйэм да билбэппин.Бэйэ, ылбычча киһи үрдүк үөрэххэ үөрэммэт ээ.Өссө да олус эрдэ,онон ыксаабакка, дьону-сэргэни чинчийэн көрө-көрө,тугу толкуйдуу иһэллэрин таайа сатыы-сатыы аа-дьуо баран иһэбин.Сарсыарда аайы куруук көрсөр дьонум төптөрү-таары суксуруһаллар.Бу проспект устун сатыы сылдьарым тухары бэлиэтии көрбүтүм диэн баар,дьон барахсаттар тугу да өйдөөн көрбөттөр эбит,бука бары харахтара тэстэринэн ыксыыллар да ыксыыллар.Атахтарын тумсун эрэ кылаталлар,тулалыыр эйгэ кинилэри хаарыйбат курдук.Онтон өйдөөн-төйдөөн көрө сырыттахха, күнтэн күн араас дьиктилэр тахса тураллар эбээт.Холобур,ити утары иһэр дьахтар,бэҕэһээ халтаҥ сонун тимэҕэ түспүт этэ,бүгүн тиктибит.Ол эрээри хара сордоох,отой атын дьүһүннээх сабынан тиктээхтээбит.Онтон ити баран иһэр уол джинсы ыстаана килэрийэн түһэн кибис-кирдээх этэ,бурдук ыһыахха сөп курдуга.Маладьыаһын хата сууйбут,онто ыбылы тардан хаалаахтаабыт,ыга тутара бэрдиттэн,атаҕын маадьаҕара бэргээбиккэ дылы буолбут.Таптал суох,диэччилэр олох сыыһаҕыт.Көрөн кэбиһиҥ,бу миигин ситэн,ааһан иһэр уоллаах кыыһы.Кинилэр куруук сиэттиһэн сылдьаллар.Барахсаттар,таптал абыгар ылларбыт сүрэхтэрэ долгуйа тэбэрэ кулгаахпар иһиллэргэ дылы.Билигин кыыс "Космофизика" институтугар киириэҕэ,сэрэйдэххэ онно үлэлиир быһыылаах,онтон уол ааһа барыаҕа.Арахсыахтарын иннинэ хайаан даҕаны ис-киирбэхтик уураһан ылыахтара.Киэһэ,үлэ чааһын кэнниттэн манна көрсүөхтэрэ,ахтыспыт дьон быһыытынан эмиэ уураһыахтара.Мин кинилэргэ дьолу эрэ баҕарабын. Онтон түннүктэр...Түннүктэр эмиэ туһунан сонуннаахтар,өйдөөн көрөр киһиэхэ кинилэр эмиэ элбэҕи кэпсииллэр.Проспекка турар дьиэлэр хастыы түннүктээхтэрин, түүн ортото да ойутан туруоран ыйыттаргыт,ханнык дьиэ хас түннүктээҕин сыыспакка чопчу этиэм этэ.Оннооҕор ханнык дьиэҕэ, хайдах дьон олорор диэтэргит,ол дьон туһунан син балай да сиһилии кэпсиэм этэ.Холобур бу,проспект биир эргэ дьиэтэ.Манна маҥнайгы этээс кытыы түннүктэригэр соҕотох нуучча дьахтара олорор.Кини "Уют" диэн мебель атыылыыр маҕаһыыҥҥа үлэлиир эбитин мин билбитим ыраатта.Дьиэтин иһэ араас дьэрэкээн мебелинэн туолбут,ону ааһан,истиэнэ-истиэнэ аайы кэрэ бэйэлээх көбүөрдэр ыйаммыттар.Соҕотох бэйэтэ тоҕо итиччэ үлүгэр хааччыммыта эбитэ буолла.Ону бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ.Онтон ити ортоку түннүктэргэ...Бай,бэйэ эрэ..,ол кытыы түннүккэ төп-төгүрүк сирэйдээх,уоллуу кылгас гына кырыттарбыт баттахтаах эдэркээн кыыс тугу да сыыска-буорга түһэрбэтэрбин ханнык диэбиттии уулуссаны чоҕулуччу көрөн олорор.Аата холкутун,өссө сыҥаах баттаммыт буола-буола.Дьэ күн кыһалҕата суох,кимнээҕэр да холку киһи бу баар быһыылаах.Чугаһаан кэлэн,аттынан ааһан иһэн,көрбөтөҕө буола-буола,хараҕым кырыытынан кылатабын.Эчи кубархайын,күн уотун көрбөтөҕө быдаҥнаабыт курдук..,аттыгар турар остуолга үрүт-үрдүгэр кинигэ бөҕө кыстаммыт.Итини барытын тэҥинэн ааҕара дуу? Бу кыыһы хаһан даҕаны көрө иликпин эбээт.Мин бэйэлээх оннооҕор дьиэ аннынан кутуйах сүүрэн эрэрин ыраахтан көрөр обургу,хайдах бүтүн киһини баччааҥҥа диэри хараҕым далыгар киллэрбэккэ сылдьыбыппыный? Ити курдук маҥнайгы күммүн үөрэнэн,олус астынан,саҥа билсибит бииргэ үөрэнэр доҕотторбун кытта аргыстаһан,дьиэбэр төннөн истим.Чоҕулуччу көрбүт,төгүрүк сирэйдээх кыыһы олох да умнан кэбиспитим.

  • Оҕоло-о-ор,"Кристалга" киирэн аһыахха,-диэн биир уол этии киллэрдэ.
  • Кырдьык даҕаны,мэйии кэмэ суох үлэлээн,куртах курулаата,-дэһэн оҕолор бука бары сөбүлэстилэр.
  • Чэ,манан суолу туоуруохха,-дэһээт уолаттар сүүрэ турдулар.

    Мин эмиэ суолу туораары,чугаһаан кэлбит массыына ааһарын кэтэһэн,суол кытыытыгар турдум.Ол туран уҥа-хаҥас көрүөлүүбүн,суол кытыытыгар турар эргэ дьиэ хараҕым далыгар киирэн хатана түстэ.Мин били кыыһы өйдүү биэрдим,ыраахтан да буоллар түннүгүн кыҥастастым.Бай,кубарыйан хаалбыт төгүрүк сирэй билигин даҕаны мэлбэйэн олорор.Өҥдөйөн тура сылдьыбыт көрүҥэ да баара биллибэт.Мин тоҕо эрэ суолу туораабакка,оҕолорбуттан хаалан,ити түннүк иннинэн ааһарга быһаарынным.Суол нөҥүө өттүттэн уолаттар хаһыытаан ыҥыра сатаатылар,онно соччо кыһамматым.Эргэ дьиэҕэ чугаһаан иһэн хаамарбын лаппа бытаардан,хараҕым кырыытынан түннүктэринэн өҥөйөн кыыс дьиэтин иһин чинчийэ көрөбүн.Сэрэйдэххэ сэнэх соҕус дьиэҕэ маарынныыр,мала-сала тупсархай.Саастаах дьахтар кэлэн, кыыһы кэнниттэн кууһан сыллаан ылла,ийэтэ буолара өтө көстөр,олус маарыннаһаллар.Кыыс онно соччо кыһаммата,айаҕар уктан олорбут уруучукатынан түргэн үлүгэрдик тугу эрэ сурунан,бэлиэтэнэ оҕуста.Ол тухары түннүгүн иннинэн ааһан иһэр дьону тонолуппакка көрөр да көрөр.Сөп буола-буола кумааҕытыгар умса түһэн тугу эрэ сурунар.Ити тугу сурунара буолуой,тоҕо күнү супту түннүгүнэн уулуссаны маныырый?

    Сарсыарда ойон тураат,сыыһа-халты хабыалатаат Университетым диэки ыстанным.Суох,бүгүн баҕас үөрэхпэр соччо-бачча ыксаабаппын.Түннүккэ мэлбэйэн олорор төгүрүк сирэйдээх кыыһы көрө охсоору ыксаан иһэбин.Эргэ дьиэҕэ чугаһаан иһэн,эрдэттэн бэлэмнэнним.Төһөннөн өр кинини көрөбүн да,соччоннон элбэҕи кини туһунан билиэхтээхпин бэркэ диэн өйдүүбүн.Онон атын түннүктэргэ аралдьыйбакка,кини түннүгэр харахпын хатыыбын.Ыраах соҕустан да буоллар чуо көрдүм,сэрэйбит сэрэх,хара сарсыардаттан түннүгүн манаан олорор.Эмиэ уруучукалаах, эмиэ сурунар.Туох сатана кыыһай,тугу одуулуур,тугу сурунар? Чугаһаан кэлэн,бытаарабын,олус бытаарабын,хараҕым халтаһам хаҥас кытыытыгар кыбылла сыыһыар диэри кылатабын да кылатабын.Кыыс чуолаан миигин көрбөт курдук,хайдах эрэ уулуссаны бүтүннүү хабан,киэҥ сири тайаан бэрт дьиктитик одуулуур.Ол курдук эмиэ оруннааҕы билбэккэ ааһа бара турдум.Сарсыныгар эмиэ кини түннүгүн иннинэн ааһабын,өйүүнүгэр эмиэ..,оннук күн аайы.Тоһуттар тымныылаах кыһыҥҥы ыйдар тухары,чаҕылыччы тыгар күннээх сааһы нөҥүөлээн,киирбэт күннээх сайыҥҥы ыйдар тухары,ардахтаан,хаһыҥнаан тоҥорор күһүҥҥү ыйдары аахсыбакка бу түннүк иннинэн күн аайы ааһабын да ааһабын.Онтон кыыс саараама хал буолбакка түннүгүнэн өҥөйөн,олорор да олорор,ол быыһыгар умса түһэ-түһэ тугу эрэ сурунарын кубулуппат.
Оннук лоп бааччы биэс сыл ааһа охсор.Мин билигин бэһис куурус устудьуонабын.Үөрэхпин бүтэрэн, үлэһит киһи буоларым чугаһаан сылдьар.Хайыы- сах үлэлиир сирбин булунан,үөрэҕим быыһыгар үлэлээбитим ыраатта.Онон проспект устун төптөрү-таары хаамарым элбээн турар.Проспект ымпыгын-чымпыгын билэрим,дьон хараҕар көстүбэти булан көрөрүм үксээбитэ.Мин айылҕаттан бэриллибит айдарыым итинэн эрэ муҥурдаммат буолбута.Бэйэм да билбэппинэн оҕо эрдэхпиттэн дьарыктаан, сыыйа-баайы сайыннарбытым эбитэ дуу? Эбэтэр хара ойуун аатырбыт хос-хос эһээм иҥэрбит илбиһэ туолар кэмэ кэлбитэ эбитэ дуу? Ону хайдах да быһаарар кыаҕым суох.Быһатын эттэххэ дьону курдаттыы көрөр буолбутум.Ким туга ыалдьарын,уҥуоҕун хаһан,хайдах тоһуппутун,онто сөпкө дуу,сыыһа дуу оспутун быһаарар кыахтаммытым.Онон эрэ муҥурдаммакка аны дьон тугу толкуйдуу иһэрин харахтарынан киирэн,мэйиилэрин хасыһан,эндэппэккэ таайар буолбутум.Аныгылыы,билим этэринэн "телепатие" дэнэн эрдэҕэ.Устудьуоннуу сылдьар кэммэр мин олохпор ити курдук уларыйыылар буолбуттара.
Күн уота чаҕылыччы тыган,эмиэ эрдэ баҕайы уһуктан хааллым.Бүгүн мин олохпор быһаарыылаах күн,сыл аҥара библиотекалартан быкпакка олорон,суруйбут дипломмун, халыҥ таас ачыкылаах учуонайдар иннилэригэр туран,көмүскүөхтээхпин.Бэйэлээтэр бэйэм суруйбут үлэбин баһыттан атаҕар диэри сиһилии билэбин,онон олох долгуйбаппын.Түөһээҥки оҕонньоттор тугу да ыйыттыннар,барытын быһааран хоруйдуурга,мөккүһэр буоллахтарына мөккөһэргэ да бэлэммин. Маанытык таҥнан,көстүүмнэнэн-хаалтыстанан,үгэспинэн проспект устун сатыы хааман иһэбин.Проспект устун сатыылаабатаҕым нэдиэлэ кэриҥэ буолла,олус суохтаабыппын.Дьону-сэргэни көрө-көрө, туох уларыйыы тахсыбытын бэлиэтии-бэлиэтии эргэ дьиэҕэ чугаһаан кэллим.Арай көрбүтүм, саас ортолоох киһи кыыс түннүгүн иннигэр туран эрэ икки илиитинэн далбаатыыр да далбаатыыр,ааһан иһэр дьон дьиктиргии көрөллөрүгэр олох кыһаммат.Ол быыһыгар алларастыы-алларастыы күлэр.Кыыс эмиэ күлэ-күлэ тарбахтарын араастаан хамсатар,киһи ону болҕойон көрөр уонна тута илиитин араастаан хамсатан хоруйдаабытынан барар.Арааһа тугу эрэ кэпсэтэллэр быһыылаах.Мин түннүк иннинэн ааһа бара турдум.Ааһан истэхпинэ,кыыс миигин көрөөт,умса түһэн,кумааҕытыгар тугу эрэ бэлиэтэнэрин умнубата.Балай эмэ ыраатан баран,кэннибин хайыһан көрөбүн,биир нуучча дьахтара түннүк иннинэн ааһан иһэн,илиитин өрө уунан,мичээрдээн кыыһы эҕэрдэлээн ааста.Көр эрэ маны,дьон син болҕойон көрөр эбит ээ,эҕэрдэлээн,оннооҕор кэпсэтэн ааһар буолбуттар.Арай мин эмиэ эҕэрдэлээн аастахпына тугум да туллан түспэт ини.Төһөтүн да иһин биэс сыл устата,күн тура-тура хараҕын аалан,түннүгүн иннинэн элэҥнээтим ини, элэҥнээбэтим ини. Ити курдук дипломмун ситиһиилээхтик көмүскээн,үөрэ-көтө дьиэлээн истим.Киһитэ мин,хайдахтаах курдук сатабыллаахтык араатардаан,аар саарга аатырбыт профессордар тугу да ыйыталлара суох буолуор диэри айахтарын бүөлээтим,диэн бэйэбин хайҕана,киэҥ тутта истим.Үөрүүм өрөгөйө бэрдиттэн,мэлбэйбит сирэйдээх кыыс түннүгүн иннинэн ааһан иһэн,аҥала тэҥэ күлэн ымайа-ымайа илиибин өрө ууммуппун бэйэм да өйдөөбөккө хааллым.Кыыс эмиэ мичээрдээтэ,түннүгүн тоҥсуйан,"тохтуу түс"диэн биллэрдэ уонна тугу эрэ суруйан хадьымахтаста.Суруйбут кумааҕытын түннүгэр сыһыары тутта.Кумааҕыга туох суруллубутун ыраахтан да буоллар чуо аахтым "Устудьуон уол,ситиһиигинэн э5эрдэлиибин" диэн эбит.Мин махтанан,тоҥхох гынным уонна күлэн ырбайбыппын кубулуппакка бара турдум.Дьиэбэр тиийэн эрэ баран өйдөөтүм,ити кыыс,мин устудьуон буоларбын хантан билбитэ эбитэ буолла? Ити күнтэн ыла мин эмиэ кыыһы кытта дорооболоһон,сорох ардыгар түннүгүн иннигэр тохтоон,быстах-быстах кэпсэтэн ааһар буолбутум.

    Диплом ылар үөрүүлээх күммүт.Билигин мин хайыы сах үлэлээх,үрдүк үөрэхтээх киһибин.Маҥнай туйгуннук үөрэммит оҕолорго кыһыл диплом туттардылар.Миэнэ кыһылга бэрт кыраннан тиийбэтэр да,диплом аата диплом буоллаҕа.Ааппын ааттаан ыҥырбыттарыгар,кыһыл дипломнаах оҕолортон туох да итэҕэһэ суох,хаһан да бу курдук күүскэ долгуйбатахпын долгуйдум.Мин эрэ буолуо дуо,оҕолор бары долгуйаллар.Үрдүк үөрэх дипломун күн аайы туттарбаттар эбээт.Значокпун уордьан тэҥэ сананан,түөспэр иилинэн кэбистим.Дипломум обургута бэрт,биир да сиэппэр баппата,инньэ гынан хараҕым харатын курдук харыстаан,кумааҕы сыыһын булан суулаан кэбистим.Мантан киэһэ диплом сууйуута,ресторан,үҥкүү-битии күүтэр.Ол иннинэ диплому дьиэҕэ тиэрдэ охсуохха,дьоммор көрдөрөн киһиргии түһүөххэ, диэн санаалаах икки хараҕым тэстэринэн дьиэм диэки тэптэрэн истим.Эргэ дьиэни быдан ааһа түһэн эрэ баран,соһуйан тохтуу биэрдим.Бай,мэлбэйбит сирэй түннүккэ суох дуу? Биэс сыл устата оптомноохтук уулуссаны одуулаан олорбут харахтар бүгүн кэлэн сүтэн хаалбыттара эчи дьиктитин.Мин төннөн кэлэн, атаҕым төбөтүгэр тура-тура,кыыс түннүгүн өҥөйөн көрө сатаатым.Суох,көстүбэт...Ол туран,көннөрү киһи истибэтин истэр чуор кулгаахтарым кыыс үөрэр-көтөр саҥатын истэллэр.Ити кини..,кини куолаһа...Мин тута сэрэйдим,дьиэтин иннигэр салгын сии тахсыбыт.Дьиэни эргийэ көтөн,иннигэр баар буола түһэбин.Сэрэйбит сэрэх..,кумааҕы курдук кубарыйан хаалбыт мэлбэйбит сирэйдээх кыыс кэлээскэтин көлүөһэлэрин икки илиитинэн харса суох эрийэ-эрийэ:

  • Мин билигин атахтаахпын,көҥүл көтүөхпүн кынатым ханнаный?

Дии-дии,үөрэ-көтө төптөрү-таары хатааһылыы сылдьар эбит.Подъезд аанын айаҕар турар ийэтэ,кыыһын көрө-көрө итэҕэһэ суох үөрээхтээбит.Үөрүүтүттэн ыгыллан тахсар хараҕын уутун кыра оҕолуу туора-маары соттоохтуур.Барахсаттар,үөрүөхтэрин үөрэн эрдэхтэрэ,бу кэлээскэни төһө эрэ өр уочараттаан,манаан ылбыттара эбитэ буолла. Мин эмиэ кинилэри ыраахтан көрө-көрө,тэҥҥэ үөрсэ турдум.Кыыс мин диэки эргиллэ биэрдэ:

  • Устудьуон уол дорообо,-уруккуттан билэр киһитин курдук туттар-хаптар.
  • Дорообо,Александра.
  • Диплом ылбыт күҥҥэр эҕэрдэ эйиэхэ.Итиннэ таалан туруон дуо,чугаһаа киһилии билсиэххэ.
  • Хантан билэҕин устудьуон буоларбын,күн бүгүн диплом ылбыппын? Чугаһаан кэлэн иһэн ыйытабын.
  • Статистика хаһан даҕаны сыыспат.Эн тускунан элбэҕи кэпсиэхпин син.Холобур,үөрэҕин быыһыгар үлэлииргин эмиэ билэбин.Онтон бүгүн диплом ылбыккын түөскэр иилиммит значогун кэпсиир,урут суох этэ.
  • Кырдьык даҕаны.
  • Бу сыллар устата мин түннүгүм иннинэн хаста ааспыккын билэҕин дуо?
  • Пахай,хантан билиэхпиний.
  • Биэс тыһыынча алта сүүс сэттэ уон иккискин ааһан иһэҕин.Проспект устун сатыы сылдьааччылар рекордсменнара буоларгын билбэт эбиккин.
  • Оччоҕуна ханна үлэлиирбин этиэн буолаарай?
  • Ону билигин быһаара иликпин,эн этимэ.Сотору суоттаан таһаарыам,чопчу быһаарыам.Онтон УЛК-аҕа үөрэнэргин хайыы сах суоттаан таһаарбытым.
  • Хайдах?
  • Скорость твоего движения,расстояние до УЛК,барыта закон физики.Формулалары хайдах да утарбаккын,онон мэлдьэһэр кыаҕын суох.
  • Кырдьык оннук эбит.

Кэпсэтэ олордохпутуна ийэтэ чугаһаан кэллэ:

  • Үтүө күн,эдэр киһи.
  • Үтүө күн Ирина Ивановна.
  • Бу мин ийэм.Ийэ-ээ,эн дьиэҕэр киир,миигин эдэр киһи киллэриэ.Оннук буолбат дуо? Кыыс мин диэки хайыста.
  • Оннук,оннук киллэриэм.
  • Арба даҕаны,аатын ким диэний?
  • Айаал,-баччааҥҥа диэри ааппын эппэккэ олорор эбиппин дуу.

Ити курдук, хайабытыгар да олус үөрүүлээх биир күн, биһиги соһуччу бэйэлээхтик илэ билсибиппит.Диплом сууйа барыахтаахпын таһыччы умнан,киэһэ хойуккааҥҥа диэри элбэҕи да элбэҕи кэпсэппиппит.Бу киһи хаҕа буолбут кыыс,дьиэтиттэн быкпакка олорор бэйэтэ,билиитэ киэҥин сөхпүтүм.Философияттан саҥалаан физиканы,ахсааны,онтон да атын билим бары салаатын ымпыгар-чымпыгар диэри сиһилии үөрэппит.Ордук сэргээн статистика туһунан үрүт-үрдүгэр ыйыталастым.Кыыс араатардаан эрэр тэҥэ ис-иһиттэн,холобур аҕала-аҕала быһаарар.Этэрэ барыта оруннаах,барыта ылы-чып буолан тахсан иһэр.Статистиканы киһи хайдах да утарар кыаҕа суох эбитин чопчу өйдөөтүм.Эдэркээн бэйэлээх кыыс кэпсэтэ олоруохха олус интэриэһинэй киһи.Өссө да өр олоруохпутун,кымаар саба түһэн сүгүннээбэтэ,ону эбии ийэтэ сотору-сотору тахсан,ыраахтан көрөөхтүүр.Ийэ киһи долгуйан эрдэҕэ,бачча сааһыгар диэри таһырдьа быкпатах оҕотун маныыра сөп буоллаҕа.

  • Чэ,Айаал дьиэбэр киириэм этэ,-кыыс барахсан кымаар сиирин тулуйбата.

Кэлээскэни анньан подъезд иһигэр киирэн баран,кирилиэстэн иҥнэн тохтоон хааллым,салгыы хайдах дьиэтин аанын булларыахпын толкуйдаан,кэтэхпин тарбана турдум.

  • Айаал,тугу толкуйдуугун? Көтөҕөргөр эрэ тиийэҕин,атын вариант суох.
  • Статистика оннук этэр буоллаҕына көтөҕөр буоллаҕым,-кыыска кумааҕыннан сууламмыт дипломмун туттардым уонна көтөҕөн ылан,дьиэтигэр киллэрэн,олоппоско олордон кэбистим.Онтон кэлээскэтин киллэрэн баран,быраһаайдаһан тахсаары турдахпына кыыһым:
  • Бэйэ эрэ,Айаал,эн мин ааппын,ийэм аатын хантан билэҕиҥ? Мин эйиэхэ эппэтэҕим ээ,-диэтэ.

Мин ыксаан хааллым.Хараххынан киирэн,мэйиигин хасыһан аахпытым,эн тускунан элбэҕи билэбин,олоххун биир-биир сааһылаан кэпсиир кыахтаахпын, диэм дуо.

  • Бэйэҥ эппитиҥ,хайыы сах умнан кэбистиҥ дуо? Диэт,харда кэтэспэккэ, таһырдьаны былдьастым.

Проспект устун хааман иһэн,саҥа билсибит диэххэ дуу,кыыспын ырыта санаатым.Дьэ сүрдээх да күүстээх санаалаах киһи эбит.Кэпсэтэрбит былаһын тухары биирдэ даҕаны киһи хаҕабын диэн үҥсэргээбэтэ,бу сордоно олоробун диэн ытамньыйбата.Хата төптөрүтүн олоҕо барыта иннигэр буоларын,өссө да элбэҕи билиэ-көрүө турарын хаста эмэ хатылаан эттэ.Билим диэн бараммат баайдаах байҕал,төһөннөн дириҥник хасыһаҕын да соччонон умсугутар,диэтэ дуу.Кырдьык оннук...Ити этиититтэн хайдах эрэ кыбыһынным аҕай.Кини сэттэ көлөһүнүн тоҕон,төбөтүн үлэлэтэн,суоттаан-учуоттаан,формула бөҕөтүн таһааран,дьиэтиттэн быкпакка олорон барыны-барытын билэр-көрөр.Оннооҕор мин УЛК-аҕа үөрэнэрбин суоттаан таһаарбыт.Ол аата миигин эрэ суоттаабатаҕа сэрэйиллэр,сатыы сылдьар дьону бука барыларын билэрэ буолуо ээ.Билбэт киһи бу кыыһы дьиҥнээх "телепат" диэ эбитэ буолуо.Онтон мин..,дьону харахтарынан киирэн,бэлэми ааҕабын..,пахай даҕаны,эчи кыбыстыытын. Ээ,чэ рестораанныы барбат инибин,хойутаатым.Дьиэм диэки салайан иһэн,"бабат" диэн тохтуу биэрдим.Дипломум хаалан хаалбыт...

    Дьиэбэр тиийэн баран, дипломмун саныы-саныы долгуйуу бөҕө.Ылбыт күммэр тута сүтэрэн кэбиһэн, саакка-суукка киирэр кыбыстыыта бэрт буолаарай.Хайдах буолуохпун билбэккэ,түлүпүөн иннинэн төптөрү-таары хаамыталыы сырыттым.Арай,туох абааһы кумааҕытай,диэн быраҕан кэбистиннэр..,саатар суулаабыт кумааҕым да баар ээ,бэйэтэ бөх курдук..,бу иэдээни...Кэбис эрийиэххэ,өссө да эрдэ,утуйа иликтэрэ буолуо.Туруупканы харбаан ылаат эрийбитинэн бардым,онтон төптөрү ууран кэбистим.Арай,хантан нүөмэрбин билэҕин диэтин,инньэ диирэ биллэн турар..,оччоҕуна туох диэн хоруйдуубун.Ээ,чэ синэ биир,дипломмуттан матыам дуо.Туруупканы ылан эрийбитинэн бардым:

  • Алло,-Александра куолаһа.
  • Дипломум хаалан хаалбыт,-быһа-бааччы этэн кэбистим.
  • Хантан номербын билэҕиҥ,диэн соһуйбута-өмүрбүтэ буолуом этэ да,туһата суоҕун толору өйдүүбүн.Хата дипломун хаалбыта иккистээн көрсөрбүтүгэр төрүөт буолбутуттан үөрдүм,-Александра даҕаны эрийэ-буруйа барбакка, көнөтүнэн этэн-тыынан кэбистэ.

Сарсыҥҥы күнүгэр дипломмун ыла тиийдим.

  • Дьэ,дипломҥун төннөрбүт манньабар бүгүн миигин күүлэйдэтэҕин,-дии тоһуйда Александра.

Тэҥнэһиэм дуо,көтөҕөн таһааран,кэлээскэтигэр олортум уонна чугас эркин болуоссатынан,проспект устун анньа сылдьан күүлэйдэттим.Күүлэйдиирбит тухары кыыһым айаҕа хам буолбат,ону-маны кэпсиир да кэпсиир.

  • Бу Орто дойдуга дьон тугу да өйдөөн көрбөт,бука бары ыксыыллар да ыксыыллар,төптөрү-таары сүүрэллэр да сүүрэллэр.Онтон олох дьиктитэ-кэрэтэ барыта бу баар ээ,барыта аттыбытыгар.Мин сааһым тухары босхоҥ да буолларбын,сүүрэ-көтө сылдьар дьон олоҕор олох ымсыырбаппын,мин кинилэртээҕэр быдан элбэҕи көрөбүн-билэбин.Холобур,Лондоҥҥа баар "Глобус"диэн театр хас миэстэлээҕин эн билэҕин дуо? Диэн эмискэ ыйытта.
  • Билэбин.
  • Дьэ,эт эрэ,-диэн,Александра мин диэки хайыһан утары көрдө.

Мин кини хараҕын утары көрөөт да,тугу саныырын хостоон таһааран, кэпсээбитинэн бардым.Бу тыйаатыр хаһан аһыллыбытын,умайа сылдьыбытын,реставрацияламмытын,тиһэҕэр тиийэн:

  • "Глобус" диэн түҥ былыргыттан аатырар тыйаатырга олорор миэстэ суоҕун,онон төһө баҕарар киһи симиллэн киирэн, туран эрэ оонньууну көрөллөр,-диэн түмүктээтим.

Кыыһым дьиктиргээн,бүтүннүү мин диэки эргиллэн,быччайыаҕынан быччайан уун-утары көрөн олордо,онтон:

  • Үкчү мин саныырым курдук кэпсээн таһаардыҥ дии,дьэ буолар да эбит,-диэтэ.

Ити курдук күүлэйдээн, ирэ-хоро кэпсэтэн, дьиэтин иннигэр кэлэн турдубут.Ол турдахпытына,муус маҥан,сабыс-саҥа "Волга" массыына кэлэн иннибитигэр хорос гына тохтуу түстэ.Отуччалаах киһи тахсан,күлүүһүн тарбаҕар эрийэ-эрийэ,массыынатыгар өйөнөн турда.Онтон үөһээ түннүктэр диэки хантайан,тарбахтарын айаҕар батары анньан,хаста эмэ иһиирэн субурутта.Түннүгүнэн уолаттар сирэйдэрэ мөлбөс гына түстүлэр да,өр өтөр буолбакка,таҥнары саккыраһан бу ойон таҕыстылар.Сабыс-саҥа массыынаны эргийэ сылдьан көрдүлэр-иһиттилэр. Тылларын саппааһа бараныар диэри хайҕаатылар.

  • Хаска ыллыҥ бачча бэйэлээх кырасаабыссаны,-диэн биирдэстэрэ ыйытта.
  • Ээ,баара суоҕа тоҕус аҥаар тыһыынча,-диэн бэрт холкутук суоппар хоруйдаата.
  • Ай да молодец,ай да орёл,-диэн аны массыыналаах киһини хайҕаан бардылар.
  • Чэ,көрөн туруоххут дуо,хатааһылыы бардыбыт,-суоппар массыынатын аанын тэлэччи аһан кэбистэ уонна,-прошу,-диэн тоҥхох гынна. Сотору массыына кэннинэн тэйэн суолга таҕыста уонна кылбайан айанныы турда.
  • Баара суоҕа тоҕус аҥаар эрэ тыһыынчаҕа,диэтэ дуу? Биһиги барахсаттар түүһээн даҕаны баттаппат элбэх харчыбыт,-диэн массыынаны ымсыырбыттыы кэнниттэн көрөн турдум,-эчи хаарыанын ити курдук массыыналаах киһи,ама дьоллоохпун дэниэ суоҕа дуо?
  • Сорох материально байар,сорох духовно байар.Мин санаабар- мин баайым билиибэр.Онтон эн туох дии саныыргын билбит суох.

Александраны көтөҕөн дьиэтигэр киллэрдим.Арахсаары турдахпытына:

  • Айаал дипломҥун ыллыҥ,аны көрсүбэппит буолуо дуо?
  • Көрсөр инибит.
  • Эн саҥан соччо-бачча элбэҕэ да суох буоллар, эйигин кытта сэһэргэһэрбин олус диэн сөбүлээтим.
  • Оччотугар сарсын эмиэ кэлиэм,чэ пока.
  • Пока,устудьуон уол.
  • Устудьуон буолан бүппүппүн бигэргэтэр кумааҕым бу баар,-диэн дипломмун көрдөрдүм уонна быраһаайдаһан тахсан бардым.

Ити кыыс эчи булан эппитин,"материальнай,духовнай" баайдаах буола-буола.Сабыс-саҥа массыынанан хатааһылыы сылдьар саныахха да үчүгэй курдук.Онтон билиини байытар тугунан барыстааҕа эбитэ буолла?..

    Александралыын күн аайы кэриэтэ көрсөр буолбутум.Сарсыарда түннүгүн иннинэн ааһан иһэн, хайаан да дорооболоһобун,киэһэ үлэбиттэн кэлэн иһэн,дьиэтиттэн көтөҕөн таһааран,кэлээскэтигэр олордон,куорат устун күүлэйдэтэбин.Ол тухары Александра барахсан,айаҕа хам буолбакка саҥаттан саҥаны кэпсиир да кэпсиир.Билими баһыттан атаҕар диэри биир гына хасыһар,сотору-сотору түүһээн даҕаны баттаппатахпын ыйытан соһутар.Оччоҕуна мин обургу,кини тугу толкуйдуу иһэрин,ытыска уурбут курдук ааҕан ылабын уонна бэйэтигэр төптөрү кэпсээн биэрэбин.Ол аайы кыыһым соһуйан,хантан барытын билэҕин? Диэхтиир.Кини бараммат баайын-билиитин хасыһан,мин эмиэ син өйдөөх курдук көстөрүм эбитэ буолуо.Кырдьык да кини билиитэ бараммат дириҥ,төһө да сомсон ыла сатаа,түгэҕин булуоҥ суоҕа.Хата күн тура-тура эбиллэн,элбээн иһэр.Ол эрээри кини хайдах босхоҥ буолбутун туһунан хаһан даҕаны санаабат этэ.Саныыра эрэ барыны барытын баһылыыр,билиитин кэҥэтэр туһунан этэ.Онон мин эмиэ хайдах маннык олохтонон хаалбытын билбэккэ сылдьыбытым.
Биир күн куораты кэрийэн,күүлэйдээн кэлэн баран,кини дьиэтин иннигэр кэпсэтэ олордубут.

  • Айаал,арай мин икки атахтаах,кыанар киһи эбитим буоллар.Күүспүнэн буолбакка өйбүнэн хайаны халбарытыа,сулустары халлаантан таҥнары тардан,сиргэ биир биир кэчигирэтиэ эбиппин.Ону баара айылҕа барытын тэҥниир быһыылаах ээ.Биир үчүгэйдээх буоллаххына хайаан да туох эрэ куһаҕаннаах буолаҕын.
  • Александра,эн хайдах босхоҥ буолбуккунуй?

Үөрэ-көтө кэпсии-ипсии олорбут кыыһым эмискэ бэйэлээхтик курус гына түстэ.Чочумча саҥата суох олорбохтоон баран:

  • Мин ити туһунан санаабакка буола сатыыбын уонна уопсайынан бэйэм да бу диэн үчүгэйдик өйдөөбөппүн.
  • Бырастыы гын,алҕас ыйыттым.

Эмиэ уу-чуумпу бүрүүкээтэ.Онтон кыыһым кэпсээн киирэн барда:

  • Баара суоҕа үс эрэ саастаахпар олбуорум иһигэр,кумахха оонньуу сылдьыбытым,ийэм аттыбар таҥас баайа олорбута.Өлүү түбэлтэлээх дьиэ иһигэр түлүпүөн быыстала суох тыаһаан тирилиирэ аһаҕас түннүгүнэн иһиллибитэ.Ийэм миигин соҕотохтуу хаалларан,дьиэтигэр сүүрбүтэ,түргэн үлүгэрдик төннүөм дии санаахтаабыта буолуо.Ол кэмҥэ аҕам буолуохсут үгэһинэн өлөр итирик тиийэн кэлбитэ.Оҕотун таптаатаҕа аатыран,көтөхпүтэ уонна арыгы сытынан аҥалыйа-аҥалыйа сыллаан ыла-ыла өрө быраҕаттаабыта.Биир быраҕыытыгар тэмтээкэйдээн хаалан сатаан хаппатаҕа,мин намыһах тимир күрүөҕэ сиспинэн баран түспүтүм,тута өйбүн сүтэрэн кэбиспиппин.Бүттэҕэ ол.
  • Оо,хара сордоох.
  • Онон бүппэтэх,аҕам тыыммын иһиллии сатаан баран,өлбүт дии санаабыт.Хайдах буолуон билбэккэ көтөхпүтүнэн атах балай сүүрэ турбут.Ол курдук тыа саҕатыгар тиийэн,миигин кууспутунан,түүн оройо буолуор диэри ытыы-соҥуу олорбут.Ол олордоҕуна мин харахпын аһан тиллэн кэлбиппин.Аҕам онтон үөрэн биир кэм сыллаа да сыллаа буолбута уонна,"кимиэхэ даҕаны,тугу даҕаны кэпсээмэ,кэпсээтэххинэ аҕан хаайыы киһитэ буоларыгар тиийэр",диэн үрүт-үрдүгэр көрдөспүтэ.Ол көрдөһүүтэ мин мэйиибэр сүппэттик баччааҥҥа диэри хатанан хаалбыт. Дьон бүтүннүү атахтарыгар туран,аймалҕан бөҕө тардан,көрдүү сырыттахтарына дьиэбитигэр тиийэн кэлбиппит.Миигин тута ороммор сытыаран утутан кэбиспиттэрэ.Сарсыарда сатаан турбатаҕым,турар кыаҕым суох этэ.Онно дьэ суһал көмөнү ыҥырбыттара,айдаан-куйдаан тахсыбыта.Мин аҕам көрдөһүүтүн толорбутум,баччааҥҥа диэри кимиэхэ да кэпсии иликпин.Билигин аҕам суох,онон бу кистэлэҥи бэйэм эрэ билэбин... уонна эн.
  • Сүүрбэттэн тахса сыл устата кимиэхэ да кэпсии иликкин дуо?
  • Суох,оннооҕор ийэм билбэт.
  • Оччоҕуна олох кэрэтин билбэккэ,сааһын тухары дьиэҥ түөрт муннугун көрөн олороохтообуккун дии,-мин Александраны ис-испиттэн аһынан кэллим.
  • Оннугар тахсар.Мин хаамар диэни,көҥүл күүлэйдиир диэни билбэтэҕим,ол эрээри мин олоҕум туһунан кэрэлээх дии санаабаккын дуо? Кыыһым хараҕа сырдыы түстэ,мичээрдээн тиистэрэ кэчигирэстилэр.
  • Туох кэрэлээҕий?
  • Мин иллэҥ кэмим муҥура суох дэлэй.Ханна да ыксаабаппын,күнү быһа сытан эрэ кинигэ ааҕабын,билиибин халыҥатабын.Сир ийэ дойдуларын бүтүннүү үөрэппитим,хайа дойдуга хас куорат баарын саарбаҕа суох билэбин.Мин фантазиям муҥура суох,санаатым да хайа баҕарар куоракка,хайа баҕарар дойдуга тиийэргэ дылыбын.Мин күүстээх санаабынан,киэҥ билиибинэн олоробун,ону миигиттэн ким даҕаны былдьаан ылар кыаҕа суох.

    Ити эппит тыллара быһа-бааччы сүрэхпинэн киирдилэр.Александраны өссө ордук күүскэ аһынным.Төһө да киэҥ билиилээҕин иһин,төһө да күүстээх санаатынан олордор,бу Орто дойдуга төрөөбүт киһи атын дьонтон тутулуга суох, бэйэтэ бэйэтин бас билэрэ быдан ордук ини.Ону ааһан таптал диэни билбэккэ сылдьан,кыыс оҕо буолан төрөөбүт аналын толорон,оҕо төрөтөн,ыал ийэтэ дэтэр үөрүүтүн билбэккэ эрэ, хайдах кини толору дьоллоох олоҕу олорон аастым диэҕэй.Син биир дьон көрбөтүгэр хараастара,муҥутуйара буолуо.Хайдах гынан киниэхэ көмөлөһүөхпүн сөбүй? Мин урут уҥуох ыарыылаах дьону имэрийэн-томоруйан эмтээбитэ буолар этим.Сорох дьон ыарыылара симэлийэн,"абыранныбыт" дииллэрэ.Сорохторго илбиһим тиийбэтэ эбитэ дуу,"туһалаабата",диэн хомойоллоро.Эбэтэр быстах кэмҥэ үтүөрбүккэ дылы гыналлара,онтон ыарыылара хат бэргээн кэлэрэ.Кэпсэтэ олорон,ыарыһах олох да билбэтинэн,тылынан алҕаан эмтиир ньыыма эмиэ баар.Арыгыларын эмтэтиэхтэрин отой баҕарбат дьону,ойохторо,эбэтэр чугас дьоно көрдөһүүлэринэн,оннук ньыыманы туттан хаста да эмтии сылдьыбыттаахпын.Александра эрэйдээх босхоҥ буолбута ньиэрбэтиттэн тутулуктааҕа саарбаҕа суох.Медицина этэринэн өлбүтэ быдаҥнаабыт ньиэрбэ хайдах да тиллибэт,ол эрээри олоххо араас дьикти буолааччы.Баҕар сатаныа,баҕар..,баҕар..,барыта баҕар.Кэлэри ким тымтыктаан көрбүтэ баарай.Хайдаҕын да иһин кини даҕаны,мин даҕаны тугу да сүтэрбэппит.Бэйэ ийэтиттэн ыйытыллыа,сөбүлэһэр буоллаҕына сыыйа-баайы ылсан көрүллүө. Биир күн ийэтэ дьиэтиттэн тахсарын аан айаҕар манаан турдум.Өр кэтэһиннэрбэтэ,тахсан автобус тохтобулун диэки хааман эрдэҕинэ кэнниттэн эккирэтэн кэллим:

  • Ирина Ивановна,дорообо.
  • Айаал дорообо,Александра эн түннүк иннинэн ааһаргын манаан олорор.
  • Мин эйигин кытта кэпсэтиэхпин баҕарабын.
  • Ол тугу?
  • Быһа-бааччы этэн кэбиһиим дуу.Мин үлүгэр күүстээх отоһут да,эмчит да буолбатахпын.Ол эрээри кыралаан дьону эмтиир адьынаттаахпын.Александраҕа көмөлөһүөхпүн баҕарабын.Көннөрү тылбынан алҕаан сыыйа-баайы эмтээри гынабын,ону кини бэйэтэ да билиэ суоҕа.Алгыһым тиийдэҕинэ көмөлөһүө,суох да суох.Тугу да эрэннэрбэппин.
  • Соҕурууннан-хотуннан сылдьан араастаан эмтэтэ сатаабыппыт,кистээн аатырбыт отоһуттарга,удаҕаннарга тиийэ сылдьыбыттаахпыт.Туох даҕаны абыраабатаҕа.Уонна манна диэн эттэххэ,оҕом барахсан хонноҕум анныгар баарыгар үөрэнэн хааллым ээ.Барахсаным атахтанан хаалар түгэнигэр ханна-ханна тиийиэн олох сатаан санаабаппын.Онон хайдах эрэ саарбахтыыбын.Ол эрээри ити,"тугу да эрэннэрбэппин" диэбиккин,бэркэ сөбүлээн иһиттим.Дэлби эрэннэрэн баран сатаан атаҕар туруорбатаххына сүрэ бэрт.Бэйэ эрэ бэйэтэ да билиэ суоҕа диэтиҥ дуу?
  • Оннук.
  • Толкуйдуом,быһаарыннахпына биллэриэм.

Ити кэпсэтии кэнниттэн хас да күн ааспыта.Мин Алексанраны кытта ыкса доҕордоспутум,күн аайы үлэбиттэн кэлэн иһэн,кэлээскэтигэр олордон күүлэйдэтэрбин кубулуппаппын.Александра үгэһинэн күн устата тугу билбитин,тугу көрбүтүн хам буолбакка кэпсиир да кэпсиир.Оннооҕор кимиэхэ да кэпсээбэт кистэлэҥ санааларын быктарар буолан барбыта.

  • Айаал,таптал диэн баар дуо? Эн биир эмэ кыыһы таптыыгын дуо?
  • Мин доҕордоһор кыыстаахпын,кинилиин оҕо эрдэхпититтэн куруук бииргэ сылдьабыт.Билигин кини хат,бу күһүн сыбаайбалыыбыт.
  • Абыраммыт киһигин дии.
  • Ол эрээри таптыырбын,таптаабаппын сатаан быһаарбаппын.Кинини оҕо эрдэхпиттэн эдьиий курдук саныыбын ээ.Онтон таптала да суох дьон бэйэ бэйэлэрин өйдөһөн олороллор дии,биһиги да олорор инибит.
  • Эчи дьиктитин.Онтон миигин ким эмэ таптыыра буоллар,ол киһини ис сүрэхпиттэн таптыам этэ.
  • Олоххо эн этэрин курдук,барыта судургу буолбат,сороҕор ыарахаттардаах.
  • Кырдьык, оннук да буолуо.Мин олоҕу теоретически эрэ ырытан билээхтиибин.Дьиҥ олох ымпыга-чымпыга үгүс буоллаҕа,ону мин бэлэмҥэ сылдьар киһи билбэппин.

Ирина Ивановна өр да толкуйдаабыта.Кэмниэ кэнэҕэс биир үтүө киэһэ дьэ эрийбитэ.

  • Айаал,сөбүлэһэбин,чэ ылсан көр.Түмүгэ хайдах да буоллар бу биһиги кистэлэҥ кэпсэтиибитин ким да билбэтин.Александрам барахсан тугу да билбэккэ атаҕар турдар ордук буолуо.Санаатын күүһүнэн өрүттүбүт курдук сананыа этэ.
  • Оннук,Ирина Ивановна.

    Александраны эмтиирбин саҥалаабытым.Биллэрбэккэ тылынан саҥаран эмтиир киһи элбэҕи саҥарыахтаах,ол саҥарарын быыһыгар алгыстаах тыллары чып кистэлэҥинэн кыбытан иһиэхтээх.Ити албаһы тутуһан аны мин саҥарарым хойдубута.Буолары буолбаты лэбэйдиибин,сорох ардыгар түҥ-таҥ кэпсээн бутуллан да ылабын.Ол да буоллар кыыһым куруутун бэркэ сэҥээрэн истэр,бутулуннахпына көннөрөн биэрэр.Мин киниэхэ олох туһунан кэпсиибин,сылдьыбыт куораттарым туһунан омуннаан-төлөннөөн,сүүс төгүл тупсаран сэһэргиибин.Атаххар турар түгэннээх буоллаххына хайаан да ол куоракка тиийэ сылдьаар,илэ хараххынан көрөөр диэн ымсыырдабын.Оннук ый кэриҥэ ааһар,туох да тупсуу баара биллибэт.Эрэл кыыма умуллан,от-мас хагдарыйан күһүммүт чугаһаан кэллэ.Мин сатаан көмөлөһүө суохпун сэрэйэн,санаам түспүтэ,ол да буоллар алгыырбын уураппаппын.Баҕар..,баҕар..,барыта баҕар.
Арай биир киэһэ утуйаары оҥостон сыттахпына түлүпүөн тырылаата.Бачча хойут хайалара эрийдэҕэй, дии-дии ылбытым,Александра эбит.

  • Айаал,мин тоҕо эрэ атахпар турар туһугар охсуһуох санаам киирэн кэллэ.Эн кэпсиир куораттаргын илэ көрүөхпүн баҕардым,-диэтэ.

Мин онтон олус үөрдүм,алгыһым тиийэн эрэр эбит.

  • Кытаат Александра,кытаат.Хайаан да ол куораттарга тиийиэн,илэ хараххынан көрүөҥ.

Ити күнтэн ыла Александра дьиэтин иһэ араас спортивнай тэриллэринэн туолбута.Харса суох дьарыктанан барбыта.Ол быыһыгар күүлэйдии сылдьан,ону-маны кэпсээбитэ буола-буола алгыыбын,ону кыыс барахсан олох да сэрэйбэт.Арай, кэмчи соҕус саҥалаах бэйэҥ туох ааттаах тылын элбээтэй,диэн дьиктиргээн хаста да ыйыппыта. Биир күн эмиэ күүлэйдээн,салгын сиэн кэллибит.Бу сырыыга олох ыраатан,пааркаҕа тиийэ сырыттыбыт,стадиоҥҥа киирэн куоталаһан да көрдүбүт.Мин сүүрэбин,кини кэлээскэтинэн сырсар.Икки төгүл хотторон дэлби кыһыйда.

  • Өссө биирдэ куоталаһыахха,-диэн хаайда.
  • Кэбис сылайдым,сүүрэр сылаалаах,хата эн кэлээскэҕэ олорор эбиккин дии,-диэн кыһыттым. Кыыһым ньоҕойо диэн сүрдээх:
  • Өссө биирдэ сырсабыт онон бүтэр.
  • Чэ улахан сиэтин,диэн сөбүлэстим.

Кыыһым, "чэ", диэт көлүөһэлэрин харса суох эрийэн,түһүнэн кэбистэ.Кэнниттэн сырыстым да сиппэтим.Дьэ онно көрүөххүт этэ,хайдахтаах курдук үөрбүтүн.

  • Ураа,мин кыайдым,дии-дии кэннин да хайыһан көрбөккө бара турда,өссө ордук түргээн биэрдэ.Кыайыытын өрөгөйүгэр сылайбытын да умнан кэбиһээхтээтэ.

Астына күүлэйдээн,сылайан,тиритэн-хорутан дьиэтигэр тиийэн кэллибит.Үгэспинэн кэлээскэни анньан подъезд иһигэр киллэрдим уонна кыыспын көтөҕөн ылан, квартиратын аанын атахпынан анньан астым.Боруогу атыллаан эрэргэ дылы этим да,олох да салгыны атыллаан кэбиспиппин уонна боруоктан иҥнэн,кыыспын ыһыктан,эбиитин туох баар ыйааһыммынан атаҕын быһа үктээн,үрдүнэн адаарыйа көтөн,умса баран түстүм.Кыыһым:

  • Айыка-аа,атахпын,-диэн сарылыы түстэ.

Мин кыбыстыыта бэрдиттэн,ойон турдум да,сыыһа-халты тардыалаан кэлээскэтин дьиэ иһигэр киллэрээт,куотар аакка бардым.Тахсан иһэн:

  • Бырастыы гын,-диэтим быһыылаах.

Онтон өйбүн-төйбүн булан,тохтуу биэрдим:

  • Айыка-аа,атахпын, диэтиҥ дуу?
  • Аһаа,атахпын быһа үктээтиҥ дии.
  • Ыалдьар дуо?
  • Ыалдьыбакка акаары,ханна ба..,-кыыһым айахха бэрдэрбиттии тохтоон хаалла.

Икки илиитинэн айаҕын саба туттан,көрөн турбут ийэтэ үөрүүтүттэн хараҕын уута ыгыллан таҕыста.Куһаҕан үчүгэйдээх диэбиккэ дылы,бары куустуһан олорон, күлсэн тоҕо бардыбыт.Ол быыһыгар кыыстаах ийэ үөрүүлэриттэн,харахтарын уутун харыстаабакка ытастылар.

    Александра олоҕор,кыра соҕус да буоллар, эрэл кыыма умайбыта. Атаҕын быһа үктээбитим ыалдьыбыта мээнэҕэ буолбатах.Ити күнтэн ыла кыыспыт тугу барытын умнан туран,утумнаахтык дьарыктанан барбыта.Сарсыарда аайы чоҕулуспут харахтарынан түннүгү манаан,мэлбэйэн олорбот буолбута.Үлэ чааһын кэнниттэн күүлэйдиирбит эмиэ аҕыйаабыта.Күһүҥҥү халлаан тымныйан,күүлэйдииргэ табыгаһа да суох этэ,ону эбии эрдэ хараҥарар да буолан барбыта.Мин проспект усун хааман иһэн,сэмээр Александра түннүгүн көрөн ааһабын.Биэс сыл устата,күн аайы көрөн олорбут чоҕулуспут харахтар көстүбэттэр.Суохтаатарбын даҕаны бэркэ диэн өйдүүбүн,хайаан да дьарыктана сылдьар буолуохтаах.Түннүгүнэн көрөн,мээнэ олоруохтааҕар,дьарыктанара билигин киниэхэ быдан туһалаах. Мин биэс сыл устата үрдүк үөрэххэ үөрэнэн,кэм билии туомун ылан, бу үлэһит киһи аатыран сырыттаҕым.Онтон Александра барахсан дьиэтиттэн быкпакка олорон, аҥардас кинигэ арааһын ааҕан,бу түннүгүнэн уулуссаны одуулаан өйүн сайыннардаҕа.Хас төгүл кини түннүгүн иннинэн ааспыппын чуо билэр,оннооҕор ханна үөрэнэрбин суоттаан таһаарбыт.Миигин эрэ буолбатах,проспект устун сатыы сылдьар дьон ханна үлэлииллэрин,хаста түннүгүн иннинэн ааспыттарын барытын нойосуус билэр.Өйүнэн баҕас мин сордооҕу быдан куоһарар.Дьэ,алдьархайдаах кыыс диэтэҕиҥ.Атаҕар турдаҕына кини иннигэр киэҥ аартык арыллыа.Дьэ ийэтэ эппитинии,ханна-ханна тиийэрин ким билиэ баарай. Биир сарсыарда биэс чаас саҕана, кытаанах бэйэлээхтик утуйа сыттахпына,харса суох түлүпүөн тыаһаан-тирилээн уһугуннарда.

  • Алло,-уубар аҥаарыйа сылдьан,туруубканы ылан саҥардым.
  • Бырастыы гын Айаал,ханна эрийиэхпин сатаан быһаарбакка,эйиэхэ эрийдим.Суһал көмө ыҥырыахпын хайдах эрэ сүрэ бэрт.
  • Истэбин,Ирина Ивановна.
  • Кыыһым хайдах эрэ буолла...
  • Хайдах буолла? Мин долгуйан сүрэҕим ытырбахтаан ылла.
  • Атахтарын иҥиирэ тардан,тобуктарынан токуруйан хаалла.Олох ыыппат.Түүнү быһа сордонно.
  • Сотору тиийиэм.

Сып-сап таҥнан,ойо турдум.Сүүрүү-хаамыы былаастаан,аҕылаан-мэҥилээн тиийэн кэлэн,көрбүтүм,кырдьык да тобуктара толору токуруйан,омуннаан эттэххэ,тилэхтэрэ эмэһэтигэр тиийэн сыстан хаалбыттар.Ыарыытын тулуйбакка айаҕыттан күүгэн бөҕө тахса сытар эбит. Ол да буоллар миигин көрөөт кыбыстан, суорҕанын тардынан, сапта охсон кэбистэ.

  • Тоҕо кэллиҥ,ким эйигин ыҥырдай? Дии тоһуйда.
  • Кэбис Александра,итинник диэмэ.Доҕорбор көмөлөһө кэлэр буоллаҕым дии.
  • Тугу көмөлөһүөххүнүй,бырааска дылы тылластаххыный.
  • Кыбыстыма Александра,көннөрү көрүөм.Баҕар көмөлөһөр кыахтааҕым буолуо,-саҥарда барбакка суорҕанын арыйа баттаан,икки илиибинэн тилэхтэрин туттум.Оргууй аҕай имэрийэн бардым.Кыыһым маҥнай утаа утарылаһан булумахтаста.Кыбыстара биллэн турар,хаһан кинини эр киһи имэрийбитэ баарай.Онтон сыыйа-баайы налыйдар-налыйан хаалла.Мин атаҕын бүтүннүү имэрийэн,тардыбыт иҥиирин сымнаттым.Барахсан этэ суостаныар диэри түүнү быһа тулуйа сатаахтаабыт.
  • Эчи илиин сылааһын,эчи үчүгэйин..,-диэн иһэн,сылаата киирэн, кыыһым утуйан хаалла.

Мин ол олорон,сиһин чинчийэн көрдүм,тоноҕос-тоноҕосторун биирдии-биирдии ырытан,тутан-хабан көрдүм.Барыта үчүгэй,бэл диэтэр сиһин мэйиитэ төбөтүттэн саҥалаан,кутуругар тиийэ туох да уларыйыыта суох.Ньиэрбэлэрэ эмиэ өлүөргэ дылылар.Туох эрэ кыраттан иҥнэ сылдьар,ону мин хайдах да быһаарар кыаҕым суох,анал үөрэхтээх быраас буолбатахпын.Ол эрээри хайаан да атаҕар турар кыахтааҕын сэрэйдим. Хостон тахсыбыппар Ирина Ивановна Бэркэ долгуйан,ыйыта тоһуйда:

  • Хайа хайдаҕый,тоҕо ити иҥиирэ тардыбытый?
  • Ирина Ивановна,мин ону быһаарар кыаҕым суох,быраас буолбатахпын.Ол эрээри..,-мин тугу этиэхпин толкуйдаан,тохтуу түстүм.
  • Ол эрээри тугуй? Этэ оҕус.
  • Иҥиирэ тардыбыта үчүгэйгэ дии санаабаккын дуо?
  • Оннук-оннук,мин эмиэ ити курдук санаабытым.Хайдах буолабыт оччоҕуна,салгыы тугу быһаарынабыт?
  • Салгыы медицина кыайыа диэн,тоҕо эрэ бигэ эрэнэбин.Кыраныысса таһыгар тахсаргыт быдан ордук буолуо этэ.Сайдыылаах дойдуларга эмтиэхтэрэ,атаҕар туруоруохтара дии саныыбын.
  • Оҕом туһугар тугу да кэрэйбэккэ түһүнэн көрүллүө.Махтал эйиэхэ,Айаал.

Мин дьиэттэн тахсан,үлэм диэки проспект устун хаама турдум.Эчи эрдэтин,бачча эрдэ үлэбэр тиийэн тугу гынабын?..

    Дьокуускайга кыстык хаар хойуутук да хойуутук түһэр.Уулуссалар,болуоссаттар халыҥ хаарынан бүрүллэллэр.Эмиэ кыһыммыт тиийэн кэллэҕэ.Таһырдьа массыына аҕыйаан,куораппыт чуумпура имирбиккэ дылы.Проспект устун сатыы сылдьар дьон биллэ аҕыйаабыт,тымныыттан толлон,дьон үксэ автобустанар буолбут.Арай мин сатыы сылдьарбын кубулуппаппын.Кыһын обургу бэйэтэ эмиэ туһунан кэрэлээх,быыл-буор бурҕайбат,тыынарга чэпчэки уонна тымныы салгын киһини олус сэргэхситэр. Биир өрөбүл күн,тойонум сорудаҕын толорон,хойуккааҥҥа диэри үлэлээн баран, дьиэлээн истим.Эргэ дьиэҕэ чугаһаан иһэн,үгэспинэн түннүгү көрөн ыллым.Арай мэлбэйбит сирэй чоҕулуспут харахтарынан миигин көрөн олорор эбит..,ити Александра.Үөрэн,илиибин өрө көтөҕөн далбаатаан эҕэрдэлээтим.Кыыһым сапсыйар,арааһа киирэ сырыт диэн биллэрэ сатыыр быһыылаах,үөрбүтэ диэн сүр.Ааны звоноктуурбун кытары Александра бэйэтэ бэйэтинэн,кэлээскэтинэн сырылатан кэлэн, аста.

  • Күндү доҕорум,киир,аас. Онтон куукунаттан ийэтэ тахсан кэллэ.
  • Айаал дорообо,биһиги дьэ үчүгэй сонуннаах олоробут.
  • Туох сонуннааххыт,-мин тута сэрэйдим эрээри,суолтатыгар эрэ ыйыттым.

Чэйдии олорон,кыыстаах ийэ былдьаһа-былдьаһа үчүгэй сонуннарын ыһа-тоҕо кэпсээтилэр,түмүгэр тиийэн:

  • Дьэ,онон өйүүн Германия аатырбыт клиникатыгар,эппэрээсийэлэнэ диэн ааттаан,айаннаары олоробут.
  • Олус бэрт,барыта сатаныа диэн эрэнэбин,-мин кэпсээннэрин долгуйа истэн,тэбис-тэҥҥэ үөрүстүм.

Сотору соҕус Ирина Ивановна:

  • Бэйэ, мин ыалга тахса сылдьыам,сотору киириэм,-диэн тахсан барда.
  • Айаал, арай мин эйигин көрсүбэтэх буолуум,оччоҕуна атахпар турар туһугар охсуһар санаа киириэ этэ дуо? Диэн Александра кэтэспэтэх өттүбүттэн ыйытан соһутта.
  • Туох барыта кыраттан сиэттэрэн саҥаланар.Көрсүөхтээхпитин көрүстүбүт ини,айыы-таҥара оннук айбыта буолуо.
  • Айыы-таҥара буолан,-кыыһым туох эрэ дьиктини истибит курдук айаҕын ата-ата күллэ,-айыы да таҥара да реальнай олоххо суох.Барыта киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах.
  • Оннук да буолуо,мөккүһэр кыаҕым суох.
  • Мин атахпар турдахпына хайдах киһи буолуохпунуй,эн туох дии саныыгын?
  • Кэлэри тымтыктаан көрбөппүн,ол эрээри эн курдук өйдөөх киһи, халыҥ билиигинэн ыраата барыаххын сөп.
  • Айаал,мин олоххо билбэтим олус үгүс эбит ээ.Олох кэрэтин барытын эппинэн-хааммынан билиэхпин баҕарабын.Түүннэри-күнүстэри ону эрэ саныыбын.Икки атахтарынан көҥүл хаама сылдьар дьону көрө-көрө,хаһан да ымсыырбат бэйэм, ынырыктык ымсыырар буолан хааллым.Эппэрээссийэлэнэрбин күүтэбин да күүтэбин,хаһан өйүүн буола охсоруй,-Александра кэлээскэтин сыҕарытан иннибэр кэлэн,уун-утары көрөн олорунан кэбистэ.

Онтон икки илиибин ылан тобуктарыгар уурда уонна налыйан олорон:

  • Илиин тоҕо баҕас сылааһай,тоҕо үчүгэйэй.Мин ийэм имэрийдэҕинэ,илиитэ тоҕо эрэ бу курдук сылыппат ээ,чыҥха атын буолааччы.Эр киһи илиитэ ураты алыптаах буолар буоллаҕа дуу?
  • Илиим сылааһа тиийэрэ үчүгэй.Ол аата эмтэнэн,атаххар турар эрэлиҥ улахан.

Таҥнан,тахсан бараары турдахпына,Александра чугаһаан кэлэн:

  • Айаал,биирдэ өйдөөн көрбүтүм мин соҕотох доҕордоох эбиппин ээ.
  • Ол кимий?
  • Эн.

Өйүүнүгэр Александра ийэтинээн айаннаабыттара,мин кинилэргэ ситиһиини баҕара хаалбытым.Онтон ыла хонуктар ааһаллар,ыйдар ааһаллар.Кыһыҥҥы дьыбардаах күннэргэ,проспект устун хааман иһэн, эргэ дьиэ кытыы түннүгүн хойуу туман быыһынан күн аайы өҥөйөн ааһабын.Хараҥа,куруук хараҥа,биирдэ да уот умайан ылбата.Проспект атын түннүктэригэр холоотоххо, бу түннүк туох да саҥаны кэпсээбэт.

    Саас.Саас дьон сэниэтэ суох,утуктуу сылдьар турукка киирэр эбит буоллахтарына.Мин төптөрүтүн дьэ тыллан кэлэбин,сэниэм элбиир,нэҥирим тэһэ барыахтыы тыыммын-быарбын хаайар,ону таһаарбатахпына өйүм-санаам бутуллан,иирэн бараары гынабын.Оннооҕор көрөрүм сытыырхайар,истэрим тупсар,сыты ыттааҕар ордук, быдан ыраахтан ылан,биир-биир наардаан араартыыбын.Көрүүлэнэрим эмиэ үксүүр,онтон кыһайтаран,уум айманар,түүннэри утуйбакка сордонобун.Саас көрүүлэммитим илэ тэҥэ буолааччы,үксэ туолааччы диэтэхпинэ даҕаны сыыспатым буолуо.
Биир түүн түүл икки, илэ икки ардынан дьикти бэйэлээх түүлү көрөн уһуктан кэллим.Арай,проспект устун Александра икки атаҕынан холку бэйэлээхтик хааман иһэр.Олус тупсубут,баттаҕын уһаппыт,кырааскаланан туомнаммыт,бэл диэтэр үрдүк хобулуктаах түүпүлэ кэппит.Ол эрээри туора-маары байааттаҥнаан ылар.

  • Сэрэн,туора-маары хаамыма,бүдүрүйэн,охтон түһүөн.Саҥа хаамарга үөрэнэ сылдьан тоҕо эмиэ үрдүк хобулуктаах түүпүлэ кэттиҥ? Диэн ыйытабын.
  • Күндү доҕоруом,олох куттаныма.Бүдүрүйүөм суоҕа,айыы-таҥара ыйан биэрбит суолунан,чэпчэкитик-чэпчэкитик айанныы туруом,-диэн, күлэ-күлэ бара турар.

Бадаҕа ол күн быһыылаах этэ,киэһэ үлэбиттэн кэлэн иһэн,Александра түннүгүн ааһаат тохтуу биэрдим.Сыт кэлэр,билэр сытым.Ити кини сыта..,кэлбиттэр.Мин кыратык эмэ саараабакка даҕаны,подъезд иһигэр сүүрэн киирдим уонна быыстала суох звоноктаан чарылаттым.Аан нөҥүө Ирина Ивановна саҥата иһилиннэ:

  • Хайалара тиийэн кэллэҕэй,кими да кэтэспэт курдук этибит дии.

Ааны аһаат,үөрэн ырбас гына түстэ,кэннин хайыһан:

  • Тукаам,Айаал илэ бэйэтинэн тиийэн кэлэ оҕуста,түлүпүөҥҥүн уур.

Түөрт атахтаах намыһах остуолга маарынныыр тэрили иннигэр анньан,тайанан,икки атаҕар хаама сылдьар Александра хостон тахсан кэллэ:

  • Күндү доҕорум,Айаал аҕынным даҕаны.Эйиэхэ эрийэ олордохпуна оруобуна киирэн кэллиҥ дии,-Александра истиэнэттэн тайанан кэлэн,моонньубар хатааста түстэ.Ол курдук кууһан турда.
  • Александра,кыайыыгынан эҕэрдэлиибин.
  • Мин күүстээх санаалаах киһибин дуу?
  • Оннук.
  • Аны миигин ити кэлээскэҕэ ким да төптөрү олордуо суоҕа.

Аһыы олорон хайдах эмтэммиттэрин,хайдахтаах курдук кэрэ дойдуга сылдьан кэлбиттэрин кэпсээтилэр.

  • Айаал,биһиги эрэйдээхтэр хаарбах дойдуга олорор эбиппит.Манна киһи иилэ хабан ылара,киэҥ тутта кэпсиирэ туох да суох эбит.Соҕуруу дойду дьоно Саха сирин туһунан тугу да билбэттэр,биһиги даҕаны тымныыттан,алмааспытыттан ураты ирэ-хоро кэпсиирбит суох эбит.Олох сайдыыта,кэрэтэ биһиэхэ тиийбэккэ сарбыллан хаалбыкка дылы.
  • Оннук ээ,-диэн ийэтэ бигэргэтэн биэрдэ,-Германияҕа инвалид олорор дьиэтигэр анаан-минээн тиийэн кэлэн,буор босхо пантус оҥороллор эбит.Кэлээскэни тута атыылаһыахха сөп.Биһиги эрэйдээхтэр ити кэлээскэни ылаары түөрт сыл кэтэспиппит.
  • Айаал,истэҕин дуо? Бэрт кыраттан иҥнэн сүүрбэ икки сыл устата суорҕаннаах-тэллэх киһитэ буолан сыттаҕым үһүө.Тоҕо манна ыарыыбын билбэтэхтэрэй,тоҕо манна эппэрээсийэ кыаллыбатаҕай.Омуннаан эттэххэ Германияҕа баара суоҕа биир эрэ күнүнэн атахпар туруоран кэбистилэр.Хаарыаннаах сылларым мээнэ хааллахтара,-Александра кыһыытыттан ытамньыйан ылла.

Мин кэпсииллэрин саҥата суох истэн олордум.Бу хаһан даҕаны үҥсэргээбэт бэйэлэрэ бүгүн кэлэн,киксибит курдук туох ааттаах былдьаһа-былдьаһа үҥсэргээн хааллахтарай дии санаан ыллым. Александра дьарыктанарын кубулуппатаҕа.Маҥнай дьиэтин иһигэр,онтон чугас эргин тахсан хаамар буолбута,кэлин пааркаҕа тиийэн күн аайы сүүрэр этэ.Күн тура-тура тугу ситиспитин,хайдах дьарыктаммытын түлүпүөнүнэн кэпсиирэ.Мин эмиэ үлэбиттэн кэлэн иһэн,үгүстүк ыалдьыттаан ааһарым.Атаҕар бигэтик туран эрэрин көрө-көрө тэбис-тэҥҥэ үөрэрим.Ол эрээри туһунан кыһалҕалаах ойохтоох,оҕолоох киһи буоллаҕым.Кэлин сылдьарым аҕыйаан,сыыйа-баайы тэйсэн хаалбыппыт.Кини даҕаны биирдэ эмэ эрийэр буолбута.Атаҕар турбут киһи интэриэһэ уларыйан, саҥа билбит олоҕун айааһаан эрдэҕэ.

    Ити курдук сайыммыт ааһан,от-мас хагдарыйан,хаар кыыдамнаан кыһыммыт үөмэн,чугаһаан кэлбитэ.Биир киэһэ үлэбэр олордохпуна Александра эрийдэ:

  • Привет,Айаал.
  • Привет.
  • Мин бүгүн төрөөбүт күнүм дии.
  • Өйдүүбүн ээ,Александра.
  • Үлэҕиттэн кэлэн иһэн,киирэ сылдьыан буолаарай?

Мантан киэһэ дьиэбэр түбүгүм элбэх да буоллар:

  • Ээх,-диэн сөбүлэһэн кэбистим.
  • Манна диэн эттэххэ биир даҕаны доҕорум суох эбит,ол иһин ити суолтатыгар эйиэхэ эрийдим.

Александра куолаһа хайдах эрэ ураты,баҕар истибэтэҕим ырааппыт буолан эбитэ дуу.Ол эрээри муҥутуйуу,хараастыы баара чуо биллэр.Кырдьык да,сааһын тухары дьиэтиттэн быкпакка,суорҕаннаах-тэллэххэ сыппыт,саҥа олоҕу билэн эрэр киһи хантан кэлбит доҕоттордоох буолуой. Үлэ чааһын кэнниттэн,төрөөбүт күнүгэр анаан,бэлэх оҕото атыылаһан,Александраҕа тиийдим.Кыыһым хайдах эрэ ураты бэйэлээхтик хараҕа уоттанан хаалбыт,айаҕыттан арыгы сыта аҥалыйар.

  • Киир,-диэтэ.

Куукунаҕа киирбитим,остуолга ас тардыллыбыт,соҕотох чүмэчи умайар.Остуол ортотугар сухой арыгы,мин аҕай диэбиттии,киэбирэ кылбайан,хороллон аҕай турар. Бэлэхпин туттаран кэбистим,кыыһым арыйан көрө барбакка туора ууран кэбистэ.

  • Манна олор,-диэн олоппос диэки ыйда.
  • Онтон ийэҥ ханна баарый?
  • Ийэм өссө да даачатыгар олорор.Билигин бэйэм бэйэбин көрүнэр кыахтаахпын, миигин манаан олорбот буоллаҕа.Кистээн эттэххэ биир киһини кытта билсибит,кинилиин романтикалыыллар,-кыыһым күлэн ылла,-кини олоҕо эмиэ уларыйдаҕа дии,иллэҥ кэмэ элбээн, хайдах буолуон билээхтээбэт.
  • Хата саҥа паапаланыан,онтон аны бэйэҥ ойох тахсыаҥ,дьол буолбатах дуо?
  • Оннугунан оннук эрээри,-Александра бокалларга толору арыгы кутаттаата уонна,-чэ,олох устун эрэллээхтик тирэнэн,хааман иһиэххэ,-диэн баран иһэн кэбистэ.Ол курдук айаҕа аһыллан,кэпсээнэ-ипсээнэ үксээтэ.Сотору-сотору тост этэ-этэ бытыылкатын кураанахтаан кэбистэ.Тиһэҕэр,толору кутуллан турар,мин бокалбын хаба тардан ылла уонна куолайын диэки анньан кэбистэ.
  • Айаал биирдэ өйдөөн көрбүтүм тула өттүм чуҥкук баҕайы эбит.Ким даҕаны мин иннибэр-кэннибэр түспэт.Уопсайынан ким даҕаны миигин ухаживайдаабат.Оннооҕор төрөппүт ийэм мин туспар сүүрбэт-көппөт,короче уруккутун курдук кыһаммат буолан хаалла.
  • Кэбис туох диэн эттэххиний.Кини эмиэ туһунан олохтоох киһи буоллаҕа.Баҕар дьолун булан,олоҕун оҥостуон баҕарбыта буолуо.
  • Онтон на родную дочь наплевать да? Чэ, ити хааллын.Мин атыны этиэхпин баҕарабын.Мин дууһам тырыттар,тугу эрэ эрэйэр,тугу эрэ көрдүүр.Бу сааспар диэри билбэтэхпин ирдиир.Ол туох буолуон сөбүй?
  • Барыта кэмигэр кэлэн иһиэ...
  • Суох,мин билигин баҕарабын,барытын ситиһэ охсуохпун баҕарабын,-Александра туран кэлэн,моонньубуттан кууһан ылла,-сатабыла суох баҕайытык,арыгы сытынан аҥалыйан, уоспуттан уураан ылла,-таптал диэн тугун билиэхпин баҕарабын,-өссө ыга сыстан сыллаата.

Онтон илиибиттэн сиэтэн хоһун диэки состо,халаатын устан,кыыратан кэбистэ.Кус сыгынньах этинэн миэхэ ыга сыһынна уонна моонньубуттан кууһан,харса суох сыллаабытынан барда.Мин өйүм бааллан эмиэ ыга куустум,утары уураатым,ол эрээри арыгытын сытын тулуйбатым,тосту атыҥыраатым.Тэйиччи анньан кэбистим уонна:

  • Александра,аньыыны оҥорумуохха,мин ойохтоох,оҕолоох киһибин эбээт.
  • Буоллун,туохтаах үһү,-дии-дии кыыһым сыста сатаата.

Тулуйбатым,оронугар тиэрэ анньан кэбистим уонна сыыһа-халты таҥнан,тахсан бара турдум. Кэннибиттэн:

  • Айаал,мин эйигин таптыыбын..,-диэн эрэрэ да,истэ барбатаҕым.

Киһи түргэнник да уларыйар буолар эбит,итиччэ өйдөөх кыыс хайдах итинник буолан хаалла диэххэ айылаах. Сарсыарда киһи эрэ буоллар,Александра эийдэ,быһа-бааччы:

  • Бырастыы гын,-диэтэ.
  • Сөп.

Итинэн кэпсэтиибит бүппүтэ.Ол күнтэн ыла биэс сыл устата кинини көрсүбэтэҕим.Проспект устун син-биир сатыы сылдьар этим,ол эрээри суол нөҥүө өттүнэн.Кини түннүгүн диэки хайыһан да көрбөт буолбутум.

    Тоҕус уон сыллар саҥаланыыларыгар аатырбыт "Арбат" диэн рынок устун оҕобутун сиэтэн,ойохпунаан күүлэйдии сылдьабыт.Манна талбытын барыта баар,харчылаах киһи тугу баҕарбытын атыылаһар кыахтаах.Таҥнар таҥас арааһыттан саҥалаан,ас амтаннааҕа тэлгэнэн сытар.Оннооҕор арыгы көҥүл атыыланар.Ыарахан сыаналаах "Наполеон" диэн ханньаахтан саҥалаан,хоройо сытыйбыт улахан бытыылкалаах "Роял" диэн чэпчэки сыаналаах испииргэ тиийэ дэлэй.Кыанар соҕус дьон ыарахан сыаналаах арыгыны ордороллор.Онтон кыра-хара сордоохтор испиири кыайа туталлар.Барахсаттар ыраата барбакка,суол ортотугар туран, куолайыттан хантатан иһэллэр уонна ыраата барбакка,суол кытыытыгар охтон утуйан да ыллахтарына көҥүллэрэ.Ким даҕаны кинилэргэ кыһаммат,хайа да үөдэн буоллуннар.Ускул-тэскил сылдьааччылар үгүстэрэ манна түмсэр,хайдаҕын да иһин аһыыр-сиир сирдэрэ буоллаҕа. Өрөбүл күн буолан рынокка киһи-сүөһү тобус-толору.Мин дьоммуттан хаалан,сүтэрсэн кэбистибит.Дьоммун көрдөөн,ырааҕы одуулуу-одуулуу инним диэки хааман иһэбин.Ол иһэн, итирэн тэмтээкэйдии турар уолу,алҕас саннын анньан аастым.Уолум эргиллэ биэрээт маатыралаан субурутта:

  • Сылтах көрдүүгүн дуо? Диэн,атаҕар нэһиилэ уйуттан турдар да,охсуһарга бэлэм сутуругун күөрэппэхтээтэ.

Аттыгар табаахтаан бусхата турар, көҕөрөн,дэлби иһэн хаалбыт харахтаах,кур итирик кыыс мин диэки көрдө.Баҕайы өссө уоһун кып-кыһыл гына помадаламмыт,өлүөр хараҕын хоп-хойуутук,кырааскаламмыт.Итирик дьоҥҥо кыһаммакка ааһа баран эрдэхпинэ:

  • Айаал,-диэн бэркэ билэр куолаһым иһилиннэ.

Эргиллэн,өйдөөн көрбүтүм Александра эбит.Биллим, ол эрээри тугу да этэрим суох.

  • Күндү доҕорум,Айаал,-Александра миигин кууһан ылла.Таҥаһа бүттүүн никсик сыттаах,ханна эрэ хаарбах дьиэҕэ хонон турбут.Арыгыны эккирэтэн ханна да тиийэрин улахаҥҥа уурбат буолбута өтө көстөр.
  • Айаал,көр бу миигин,-атаҕын төбөтүгэр эргийэн ылла,-мин кимтэн да тутулуга суох,көҥүл хаама сылдьабын.Баҕардым да ханна баҕар тиийиэхпин син.Дьол буолбатах дуо?
  • Оннук.
  • Витя,сүгүннээ эрэ ыл,-мин иннибэр,охсуһардыы сутуругун күөрэтэн,байаатаҥныы сылдьар уолу буойда,-это Айал,мой лучший друг,-диэтэ.

Уол онно дьэ уоскуйбукка дылы буолан:

  • Ви-Ви-Витя,-диэн,билсээри илиитин уунан иһэн, умса баран түстэ.

Александра охтон хоролло сытар уолга күлэ-күлэ илиитин уунна:

  • Хаһан даҕаны бүдүрүйүмэ,куруук тирэхтээхтик атахпытыгар сылдьыахтаахпыт.

Итинэн туһанан,итирик дьону кытта бодоруһа барбакка,куотан эрдэхпинэ Александра хаһыытаан ыҥыран ылла:

  • Друг мой,на похмелье..,-диэн эрдэҕинэ,сиэппиттэн балай эмэ элбэх харчы таһааран,туттаран кэбистим.Онно үөрбүтүн көрүөххүт этэ,хараҕа сырдыы түстэ,көтүөн кыната эрэ суох курдук тутунна.Билигин киниэхэ итинтэн ордук атын көмө наадата суох. Баран эрдэхпинэ эмиэ ыҥырда,эргиллибиппэр:
  • Я все таки вычислила,-диэтэ.
  • Тугу?
  • Суол нөҥүө өттүнэн сырыттаргын даҕаны,я теперь знаю где ты работаешь,-дии хаалла.

P.S. Ирина Ивановна илиибин ыһыктан,тугу да кэпсээбэккэ,бөкчөччү туттан бара турдар даҕаны,туох буолбута барыта харахтарыгар сурулла сылдьара. Александра барахсан буор иһээччи буолан хаалбыт,арыгыһыт киһини булан таптаабыт,сатаан оҕоломмотох,Ирина Ивановна тулуйа сатаан баран,тиһэҕэр тиийэн,дьиэтиттэн үүрэн кэбиспит.Ол курдук биир күн,итирик сылдьан,Александра барахсан тоҥон өлөн хаалаахтаабыт.Киһи барахсан олоҕо итинэн бүттэҕэ. Арай миигин көрсүбэтэх буоллун,сааһын тухары кэлээскэҕэ олоруо эбитэ буолуо.Оччоҕуна баҕар сыыйа-баайы билиитин кэҥэтэн,аатын ааттатар киһи буола үүнэн тахсыа эбитэ дуу.Эбэтэр кылгас эрээри дьонтон тутулуга суох,бэйэтэ бэйэтин бас билэр, көҥүл олоҕу олорон ааспыта ордук дуу? Ону мин быһаарар кыаҕым суох. Проспекка турар эргэ дьиэни көрүөх бэтэрээ өттүгэр көтүрэ охсубуттар.Сорох дьон хаһан көтүрэ охсубуттарын билбэккэ да хааллаҕа.Манна хас эмэ этээстээх сабыс-саҥа дьиэ мэлдьэспиттии, түргэн үлүгэрдик күөрэйэн тахсыа.Эргэ дьиэ умнуллуо,оннук буолуохтаах да буоллаҕа.Ол дьиэ хас түннүктээх этэй? Диэн ыйыттахпына ким эмэ сөпкө хоруйдуура дуу,суоҕа дуу.

Күндү ааҕааччыларым манан кэпсээним бүтэр,аныгыскы кэпсээннэрбэр көрсүөххэ диэри.Сэҥээрэн аахпыт дьоҥҥо махтал.

Saaschaana
27 апреля 2016
Махтал кэпсээҥҥэр, өссө да кэпсээннэргин суруйа тур.. .

Сөптөөх суолун булаахтаабатах: (......

Октай
28 апреля 2016
Дьэ курус. Кытайдар этэллэринэн быыьаабыт киьи, эппиэттииир ол киьи оло5ор диэн. Бу сырыыга эппиэт ийэтигэр хаалбыт. Сулус уола эмтиэн иннинэ ийэтиттэн кецул ылбыт, ол иьин

Кемус
30 апреля 2016
Автор, сырдыкка, кэрэгэ сирдээн, суолун ыйан биэрэн баран эмискэ киэр хайыьан кыыьы улаханнык хомоппуккун, кини эйиигинэ суох илиитэ атага суох курдук буоллага. Ол иьин этэллэр дии между мужчиной и. женщиной нет дружбы диэн. Кини таптаан кэбиьээхтээтэгэ. Саатар атын уолаттардывн билиьиннэрбэтэххин. Бу улахан самостоятельнай олоххо кини бэлэмэ суох этилэрэ этэ. Хомолтолоох...

Сулус уола
30 апреля 2016
Көмүс диэн ааттаах ааҕааччы суруйбутун ааҕан баран туох диэн хоруйдуохпун билбэккэ бутулла олоробун.

Атаҕар турарыгар итиччэ көмөлөһөн баран,ойохпун оҕобун умнан туран,кинини өссө уолаттары кытта сыбааттаан, олоҕун ситэри тобулан оҥорон биэриэхтээх этим дуо?Эбэтэр атаҕар турарыгар көмөлөспөтөҕүм быдан ордук буолуо этэ дуу?Инникини тымтыктаан көрбүт суох,хайдах буолан тахсыаҕын билбэтэҕим. Бар дьон туох дии саныыра эбитэ буолла?

Кемус
1 мая 2016
Сулус уола айманыма, буолбут да буоллага, ааспыт да аастага, дьинэр салгыы догордоспутун буоллар учугэй буолуо этэ. Кэргэнин, огогун билиьиннэрэн, утуе дьоннуун, доготтордуун билиьиннэрэн. Кини чорон соготох мунан хаалаахтаабыт эбит. Светскай олоххо бэлэмэ суох. Дьону учугэйдик билбэт, уруннэрин хараларын. Барахсаны. Дьинэр ити быьылаан ердеегутэ буолбут эбит. 80-сылларга. 90_с сылларга буккуллуу тэккиллии кэмигэр оннун булумматах эбит. Саатар кэмэ да ыарахан эбит. Мин ого эрдэгинээгим буолан ейдуубун. 90-годы...

сулус фаната
1 мая 2016
Мин санаабар, ити дьин олоххо буолбут буоллагына, Сулус уола буруйа суохwhite up pointing indexкини Александрага полноценнай олох олорор шансы биэрбит, оттон Александра ону сатаан туьамматахflushed faceконечно кыыс барахсан уолтан атыны кэтэспитэ буолуо, таптаатага дьи все таки, но уол киниэхэ куьаганы ба5аран атагар туруорбут буолбата5а буолуо..

сааскылаана13
17 июля 2016
Наьаа да учугэйдик суруйазын. Оо дьэ ити кыыс итиччэ этэннэ атазар туран баран улэьит буолан ийэтин ииппитэ буоллар, арыгыьыт буолан хаалбыта наьаа да хомолтолоох.

Тыа сахата
17 мая*

Сулус уолун куруук ааҕабын. Бу олус табыллыбыт кэпсээн.Кыыс эрэйдээх биир ыарахан олохтон биир ыарахан олоххо тиийэн хаалбыт. Сулус уола суруйбатаҕа ыраатта,саҥа кэпсээннэргин кэтэһэбин

Ый кыыьа
19 мая
Ити аата кыыьы таптал эмтээбит эбит,кини уолу наьаа таптаан учугэйгэ-сырдыкка талаьан утуорбут, санаатыгар мин доруобай киьи буоллахпына Айаал миигин таптыа диэбитэ туолбатах,онтон санаата туьэн арыгыны до5ор оностубут. Айаал да бэйэтэ эмиэ кыыска эрэл кыымын уматта5а дии.(хас да сылы быьа кэлэн-баран)

тыа уола
13 июня
Александра кырдьык со5отох до5оругар на4аа убанан таптыа дии санаабыт эбит, кырдьык кэргэннээх ки4иэхэ ыарахан бала4ыанньа буолбут, ити тухары кэргэнин кытары били4иннэрэн балты курдук гына иитэн та4аарыахтаа5а хаалбыт. Александра да санаата кенньуеруе этэ, таптыырым кенуллэммэт диэ этэ ба5ар. Авторга улахан махтал, айар улэ5эр, олоххо сити4иини...аныгыс кэпсээннин куутэбит

Добавить комментарий