Кэпсээ
Войти Регистрация

Тэмтэрийбит

Главная / Кэпсээ / Тэмтэрийбит

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
18.11.2024 08:24
4k 0

An image to describe post Автор: проба 27 ноября 2012 01:54

    Папата Машаны көтөҕөн ылан восход матасыкыл бааҕыгар олордон кэбистэ. Стартерын биирдэ уктээн собуоттаата уонна бэйэтэ олордо, онтон мамата олоруста уонна дэриэбинэ устун хатааһылыы бардылар быһыыта. Маша бу о5о сааһын биир тугэнин тоҕо эрэ өйдөөн хаалбыт, дьиҥинэн иккитин да туола илик этэ ити кэмҥэ, арааһа дьол диэн кини кыра киһи санаатыгар бу буоллаҕа: дьоллоох ийэ, аҕа, матасыкыл бааҕа уонна кини... Онтон кыра бырааттанна. Тоҕо эрэ эбээлээхтэригэр сылдьаллара элбээтэ, папатын көрбөтөҕө ыраатта. Ыйыппытыгар аҕан куоракка улэлии барда детилэр. Аҕыннар да онно сөпсөһөн сырытта. Онтон аны кырачаан балтыланна. Үс сыры сыллатааҕы оҕолор тэбис тэҥҥэ улаатан истилэр. Ийэлэрэ оҕолорун туһугар, дьон сиэринэн сылдьалларыгар күһэллэрэ.

    Арай биир утуе кун дьиэлэрин иьигэр оонньуу сырыттахтарына мамалара киирэн кэллэ уонна сонун иьиттэн сиргэ тугу эрэ текунутэн кэбистэ. Маша: - „Уаай, ыт о5ото! Миэхэ да, миэхэ да? Ким диэн ааттыыбыт?”- игин диэн аймана тустэ. Ыттарын тутан ылан имэрийии томоруйуу, аьатыы- сиэтии буолла, Маша эппитинэн До5ор ден ааттаатылар. Кыыспыт мантан инньэ наар До5орун кытта бадьыыстаьар буолла. Ыппыт эмиэ Машаны кэнниттэн батыьа сылдьара.

    Ити кэмнэргэ клубка эдэр специалист кыыс улэлии кэлбитин ийэтэ бэйэтигэр олордо ылла. Кыыс аата Варя. Кини манан, синньигэс, кыьыннары уон сантиметр шпилька хобулугуктаах, тох эрэ муру моднай сонноох, кыьыл саьыл кулгаа5а сох бэргэьэлээх. О5олорго сыьыана да учугэй этэ. Ол курдук олордулар. Этэннэ кыьыны туораатылар.
Сайын арай папа5ытыгар куулэйдии барабыт диэн буолла. Уеруу кетуу мунура сох. Ийэлэрэ ус о5ону соспутунан дьоллоох Дьокуускай куоракка киирэн эдьиийин аахха тустулэр. Куорат дьоно дьиэтэ мааны бе5е. Итини тыытыман, манна олорун, иннэ олоруман, маны сиэ, ини сиэмэ, инник сиэмэ бе5е буоллулар. Маша тыына быара хаайтаран, дьиэтин а5ынна игин. Онтон ол ыалларга биир кыыс баарын кытта таьырдьа площадка4а оонньуу та5ыстылар. Хачыаллаатылар скакалкалаатылар, онтон дьиэ5э тептеру киирээри подъезд деки хаамтылар. Арай подъезд иннигэр сурдээх бехче5ер эмээхсин турар эбит. Маша санаатыгар инник бехче5ер дьэгэ бааба эрэ буолуон син курдуга. Толлон турда, кыыьа да куттанна быьылаах: "Давай ити эмээхсин барарын кэтэьэн баран киирэбит да? Э давай мин эйиэхэ Ленины кердеребун да?"- диэбитигэр биьи киьибит уерэ кете себулэстэ уонна сиэттиьэн баран уулусса диэки хаама турдулар. Площадь Ленина тиийэн памятнигы керен баран турдулар, Маша эьээ Ленин маннык эбиккин дуу диэн тула хаама сылдьан одууласта. Онтон дьиэлиэххэ дьоммут кыыьырыахтара диэн теттеру бардылар. Бардылар да дьиэлэрин сатаан булбатылар, арай туран барыта биир ба4айы дьиэлэр. Ол курдук куорат килбэйэр киинигэр мунан хааллылар.

    Ол курдук муна тэнэ сырыттылар дьиэлэри кэрийэ кэрийэ. Биьи дьиэбит ди санаабыттара атын буолан иьэр атын буолан иьэр. Маша ытаабата5ын ытаата аны хаьан да ийэтин, дьонун керуе керсуе сох курдуга. Кыыьа Катюша уоскута сатыыр, ытаан буппэтэххинэ бу окко сытан утуйуохпут, ити сиргэ сытан хонуохпун диэн куттуур. Маша уоскуйбут курдук буолан иьэн эмиэ санаан кэлэ кэлэ иэрийэ сыьыар диэри хара5ын уутунан суунна. Ол курдук теье ер хаампыттара буолла, биитэр биир сиргэ эргийэ сылдьыбыттара эбитэ дуу, арай биир дьиэ5э чугаьаабыттарыгар кирилиэьинэн ийэтэ кыратын кетехпутунэн суурэн туьэн иьэр эбит. Ийэтин кэнниттэн эдьиийэ кэргэнин кытта суурэн кэллилэр. Тугу эрэ этэллэр, ме5еллер. Маша ийэтин ыксаабыт сирэйин керен ессе куускэ ытаата. Бары уоскутар аакка тустулэр. Дьиэ5э киллэрэн иитэр уерэтэр улэ ыытан Катюшаны кыратык таьыйан табыр5аттылар. Ити курдук айманан сайманан хоннулар.
Сарсыныгар эрдэ туран автовокзалга тиийэн билет ылан ханнык эрэ автобуска олорон айаннаатылар а5аларын улэтигэр. Син ер айаннаан тиийдилэр. Ханна эрэ киирдилэр. Дьоннор бары милиция формалаахтар. Маша папам милиция5а улэлиир эбит дии санаата. Ийэтэ тох эрэ кумаа5ы бе5етун толордо, онтон биир милиция тетенька миигин батыьын диэн сирдээн коридорунан иттэ. Барыта тимир аан, решетка. Хас ааны аастахтарын аайы тастарыттан хатааьын тыаьа халыр гынарын Маша дьиктиргии иьиттэ, то5о да5аны таспытыттан хатыылларый дии санаата. Чэ оннук хааман тох эрэ хоско кэллилэр. Орон остуол олоппостор. Буттэ уонна тох да суох. Сотору со5ус атын дьээдьэ папаларын сирдээн а5алла. Керсуьуу айманыы буолла, о5олор папаларын керен уердулэр кеттулэр. Ийэлэрэ аьылык бэлэмнээн аьаатылар игин. Чэ инник хас да кун хоннулар. Атын хосторго эмиэ дьоннор бааллар этэ. О5олор да бааллара, олору кытары оонньоон керулээн да биэрдилэр.

    Оннук курдук папаларыгар куулэйдээн баран дьиэлэригэр теттеру кэллилэр. Кун дьыл ааьан истэ. Биирдэ эмит ийэлэрэ бэйэтэ баран кэлэр этэ а5аларыгар. Машалаах ол бириэмэ5э били кинилэргэ олорор специалист кыыьы Варяны кытта хаалаллара. Варя хата бэркэ керер этэ, аьатан сиэтэн, таныннаран детсадка илдьэттиир, ас астыыр, хаьан да мехпет, минньигэс да атылаьан кундулуурэ.
Маша детсаттан кэллэ эрэ ытын кытта оонньуура. Хата До5оро сурдээх сымна5ас ыт буолбута, лаппа улааппыта.
Ол курдук кун дьыл ааьан Маша оскуола5а барар кэмэ кэлбитэ. Долгуйуу игин бе5е. Манан куруьубалаах фартуктаах, манжеттаах школьнай формаланан, портфель сугэн ийэтин кытта сиэттиспитинэн оскуола диэки хаампыттара. Маша санаатыгар кинини атын сана, быдан интэриэьинэй олох куутэрэ.
Оскуола5а уерэнэрин олус себулээтэ. Ол тухары До5оро тэбис тэннэ батыьа сылдьар. Оскуола5а диэри атаарар, уерэнэн бутэрин кирилиэскэ сытан кэтэьэр этэ. Уроктар кэннэ тэннэ дьиэлииллэрэ. Кыьын хаар туспутун кэннэ муоста тымныытын иьин ду хайдах ду, оскуолаларын туннугэр диэри хаары курдьэн кэбистилэр. Ону эгэ эрэ диэбит курдук До5ор ол курдьуккэ тахсан кылааьы туннугунэн енейен баран сытта5а уьу. Буоларын курдук о5олор онно аралдьыйаллара элбээтэ. Учутала Машаны ыккын уур диэтэ. Тахсан уурэ сатаата да, биирбит уерэн кутуруга туулла сыста, барар аат суох. Сарсын ыта суох кэлээр диэтэ учутала. Ол иьин дьиэ5э хаалларан баран уерэнэ барар буолла. Онтуката уьун куну быьа олорбот буолла5а дьи дьиэ5э, симбиир кэлэ турар уонна улэтин курдук курдьук урдугэр тахсан олорунан кэбиьэр. Эбэтэр дьиэ5э хааллыбат ба5аттан сарсыарда эрдэ оскуола диэки баран хаалар уонна ыраахтан кыра хаьаайката иьэрин керде5унэ оскуола диэкиттэн суурэн бекунуйэн кэлэрэ. Онон курдьуккэ олороругар о5олор да учуутал да уерэнэн хааллылар.

    Маша, эппитим курдук, уерэнэрин себулээтэ. Аа5арга начаас уерэннэ, библиотека5а суруйтарда. Кылааьыгар староста игин буолла. Чэ инник уерэнээхтии сырытта. Биир уерэх сыла биллибэккэ ааста. Сайынны каникул буолла. О5о о5о курдук сайыны оонньоон керулээн, сетуелээн, ол бу кыра быракаас да онорон атаарда. Куьун буолан иккис кылааска киирдэ. Ийэлэрэ ыарытыйан балыаьа5а киирдэ. Онон Машалаах Варяны кытта олордулар. Варя барахсан кулууп улэьитэ буолла5а дьи онон киэьээнни мероприятие, киинэ игин буолар буолла5ына ус о5ону соьон эбээлээхтэригэр а5алан хааллартаан баран кулуубугар барара, эрдэ улэлээн буттэ5инэ теттеру илдьэ барара, соро5ор о5олор дьонноругар хоно хаалаллара. Биирдэ эмит улахан дьон сеансын киинэ кердерер сиртэн керерге, олох айдаарбат буоллаххытына диэн усулуобуйалаах кенуллээн илдьэ барара. Кыра балта онно наар подведи гынан то ыллыыр, то айдаарар, то ытыыр. Кырата да бэрт буолла5а дьи, тэьийбэтэ игин буолуо, онон кини уксугэр эбээлээ5эр хаалара.

    Арай биир киэьэ Варялара эмиэ уьуеннэрин эбээлээхтэригэр а5алан хааллартаан баран кулуубугар барда. О5олор хоско оонньуу сырыттылар, эмискэ ааны тонсуйдулар уонна ким эрэ киирэн кэллэ. "Дорооболорун!" диэн улахан сана иьилиннэ. Эбээтэ керен баран: "Баьах! Хата бу кэллэ!"- диэн емурэ тустэ. Айманыы буолла. Маша ким кэллэ5эй диэн енейен кербутэ бэйэлээх бэйэтин папата турар эбит. Маша кыбыстан тугэх хоско суурэн хаалла. Оронно киирэн олордо5уна эдьиийэ киирэн папа5ар барыахха диэн ынырбытын ытыы сыьа сыьа суох диэн тебетун быьа илгиьиннэ. Папатын ахтыбыта бэрт буолан атыныраан дуу, хайаан ду сенен олордо. Онтон эбээтэ кэлэн хостон сиэтэн таьаарбыта балта уже кетехтерен олорон тугу эрэ кэпсии а5ай олорор эбит. Быраата аттыгар туран эмиэ оонньуур массыынатын кердерер игин. "Машенька, кэл манна" диэн баран папата кете5ен ылла, сыллаата. Маша папатын кууьан баран дьэ син уоскуйда.

    Эбээлэрэ чэй бэлэмнээн айаннаан кэлбит киьини аьатта- сиэттэ. Остуолга олорон сонун нуобас уллэстиитэ буолла. Онтон папаларын кытта дьиэлиир буоллулар. Таннан та5ыстылар, куьунну киэьэ хараната сурдээх. Оннук чэ ону маны кэпсэтэ кэпсэтэ дьиэлэригэр кэллилэр. Ол туун да, аныгыс да кунугэр Варялара кэлбэтэ. А5алара кэьиитин сыалай биир чемодан яблоко а5албыт этэ. Сарсыныгар ону аймахтарын кэрийэ сылдьан уллэрдилэр, бэристилэр. Балтыта кырата бэрт буолан кетехтете суктэрэ сырытта а5атыгар, ону Маша то5о эрэ дэлби кунуулээтэ.
Онтон, хас кун ааспыта эбитэ буолла, мамалара балыаьаттан кэллэ. Дэлби ырбыт этэ, Маша ийэтин керен сатаан хара5ын уутун туттуммата, туалетка суурэн тиийэн хатанан олорон дэлби ытаата. Уонна дьэ бары бииргэ буоллубут диэн уоскуйбуттуу ере тыынан баран ийэлээх а5атыгар суурдэ.

    О5олор ийэлээх а5алара иккиэн баалларыттан уеруу кетуу бе5е. Ордук Маша дьоллонно. Быраата уонна балта папаларын соччо кербетех, ейдеебет буоланнар наьаа чугаьаабаттар. Онтон Маша папа о5ото.
Оннук хас да хонук ааста. Арай биир киэьэ Варялара киирэн кэллэ. Маша киниэхэ хостон утары тахсан кэлэн баран: "Эн манна хайыы кэллин? Биьи папабыт мамабыт кэлбиттэрэ. Бар!"- диэбитин кулгаа5а эрэ истэн хаалла. Дьинэ Маша инник этиэн ба5арбата5а. Итинник быьыыламмытын уонна Варя хомойбут харахтарын билигиннээннэ диэри умна уонна бэйэтин бырастыы гына илик. Ол кунтэн ыла Варяны кербете5е. Варя ыалга кеспутэ онтон олох да атын дэриэбинэ5э кеьен барбыта.

    Бары бииргэ буолуохтарыттан ыла этэннэ ыал ыал курдук олорон бардылар. Маша уерэнэр, кыралар детсадка сылдьаллар, ийэлэрэ улэлиир, а5алара бултуур, сылгы иитиитинэн игин дьарыктанар. Биирдэ Машаны папата оскуолаттан ыла кэллэ. Атынан. Кете5ен ылан ат урдугэр олордон кэбистэ уонна сиэтэн барда. Маша сурэ5э айа5ынан тахса сыста кутталыттан, аппыт иэ5эннээн туьэн, суулларан туьэриэх курдук. Кыыс олох хам тутуьан баран олордо, дьиэлэригэр чугаьаабыттарыгар дьэ ьуу диэх курдук гынан истэ5инэ арай дьиэтин ааьа бара турдулар. Баран аты уулатан кэлиэххэ диэтэ папата. Куелгэ тиийэн баран ата ойбонно тенкейен уулаан барбытыгар Маша букатын билигин бу сылгы моонньунан сырылаан ойбонно умсар буоллум диэн бэлэм олордо. Кутталыттан саната да тахсыбат. Киниэхэ холоотоххо быраата атынан бэккэ кетутэр, кыракый диэбэккин. Ону биирдэ Маша быраатыгар миигин аты мииннэргэ уерэт диэбитигэр, биирбит, чэ кэл санныбар олор диэн олоппостоно олоппостоно эдьиийин санныгар олордубута уонна хоьу биир гына хаамыталаабыта. Маша сууллуом диэн куттанан хаьыы ыьыы бе5е буолбута. Быраата: "Инник хаьытаатаххына ат соьуйан маннык гынар"- дии дии аны ыстаналаан барбыта. Маша ессе буусса хаьытаабыта уонна иккиэн дьыбаанна охтон туьэн баран кулэ кулэ сыппыттара. Маша ойбон таьыгар ат урдугэр олорон лучше быраатым санныгар олорбутум ордук эбит дии санаабыта. Дьиэтигэр тиийэн аттан туьэн баран ата5ын билбэт буола сылайбыт этэ. Ити кэннэ акка олох чугаьаабат буолбута. А5ата биирдэ хантан эрэ ыт о5олорун а5албыта, булчут ыттар уьу сура5а. Онтон Маша До5орун олох сэнээрбэт, туора тутар этэ. До5ор онно эрэ наадыйбат, киниэхэ главнайа Машата баар да буттэ5э дьи. Арай биирдэ До5ор сутэн хаалла. Маша тахса тахса ыныран керер мэлисээй, ханна да суох. Онтон сарсыныгар ду ейуунугэр ду папата До5ор тириитин а5алла. Андаатраьыттарга мэьэйдээбитин елерен кээспиттэр диэтэ. Маша турбут сирэ таннары эргийбиккэ дылы буолла, хайдах, кини До5орун, то5о, туох иьин?! Тебетун иьэ барыта боппуруос, биир кэм куугунаан олорор. Итэ5эйиэ суо5ун субу кини иннигэр а5ыйах эрэ хонуктаа5ыта мэниктии сылдьыбыт До5орун тириитэ сытара. Иирбит курдук буолла, тириини кууьан олорон имэрийэ имэрийэ уьун уьуннук ытаата. Онтон а5ата ыт тириитин ылан дьиэ урдугэр таьааран крыша аннынаа5ы веранда5а тиирэн кэбистэ. Маша барахсан хаьан ол тириини онтон ылыахтарыгар диэри дьонуттан кистээн хас кун аайы тахсан имэрийэ имэрийэ ытыыра. Ити Маша о5о сааьын биир саамай улаханнык хомойбут тугэнэ этэ.

    Ити буолбут тубэлтэ кэннэ Маша ытын аьыйан кун аайы ытыыра. А5ата элбэх ыттаа5а, инник булчут, маннык булчут диэбит курдук реклама бе5е. Ол эрэн ол ыттартан ким да киниэхэ дьиннээх до5ор буолбата5а. Уерэнэ олорон сотору сотору туннугу манаьара, арай До5ор тиийэн кэлиэ диэбиттии. Кун дьыл ааьан Маша бэьис кылаас буолла. Кылааьын о5олорун кытта бары учугэй сыьыаннаахтар этэ да арай биирдэ туохтан эрэ этиьии та5ыста. Ол этиьии быыьыгар однокласснига "ЭН ПАПАН ХААЙЫЫЛААХ" диэн хаьыытаата. Ону истэн Маша ата5а сири билбэт буолла, хара5а харанаран ылла. Ама, кини папата, хайдах хаайыылаах буолуой?!! Дьиэтигэр хайдах тиийбитин ейдеебете да5аны уонна дьиэ урдугэр тахсан ийэтэ хаьан да бу сумканы тыытааххыный диэбит кулуустээх кыракый чемоданы то5о тардан арыйа баттаата.

    Чемоданы арыйа баттаабыта барыта тобус толору сурук буолла. Маша олорон эрэн биирдии биирдии саьарбыт лиистэри ылан аа5ан барда. Ийэтэ а5атын кытта суруйсубут суруктара эбит. А5ыйах суругу аа5аат, однокласснига тугу да айан эппэтэ5ин ейдеете. Кини а5ата хаайыылаах эбит. Ол аата ийэлэрэ кинилэри соспутунан хаайыыга баран а5аларын керсен кэлэр эбит. Оо, Маша абарда5ын, кыыьырда5ын, кэлэйдэ5ин! Ити кэмнэ диэри дьинэ кини а5атын эр киьи идеалын курдук керер этэ. Ол барыта биирдэ суох буолла. Ийэтин аьынна олорон эрэн. Онтон чэ буолар буолла5а диэн дьиэтигэр тустэ уонна туох да буолбата5ын курдук тута сырытта.
Ити сыл ийэтэ ессе биир быраат бэлэхтээтэ. Дьол бе5е бары. Куьа5ан барыта умнуллан да барда. Ол эрэн кылгас эрэ кэмнэ дьоллоох этилэр. Кыра кыралаан а5алара арыгыны иьэр буолла. Иьэн баран дьон сиэринэн утуйан хаалар игин суох буолла5а дьи, айдаарар игин буолла. Бастаан утаа кыратык, о5олору игин уьугуннарбат гына хоьугар сытан ийэлэригэр ону маны лахсыйар этэ. Хата куьа5ан учугэйдээх диэбиккэ дылы, ургуччу хас да хонук арыгылаабат этэ, биир кун иьэн баран ус кун елеттерер этэ, уута, ууттэ, мууста дии дии сытааччы. Онтон кэлин о лбу табаарыстара игин кэллэхтэринэ арыгылаан баран акаарылар курдук охсуьар этиьэр буоллулар, о5олор бааллар игин диэн тохтоон да бэрт! Ити кэмтэн дьоллоох о5о саас буппутэ, барыта арыгыттан, папалара ханна эмит барда5ына ейдеех эрэ кэлэрэ буоллар диэн танараттан кердеьеллере.
Биирдэ эмиэ итирэн кэлэн баран ийэтин кытта этистилэр, ийэтэ тахсан баран хаалла. Маша маматын кэнниттэн эккирэтэн та5ыста, киьитэ куел диэки суурэн эрэр эбит. Эккирэтэ сатаата да сиппэтэ. Теттеру дьиэтигэр ытыы ытыы кэлэн аны балтын игин уоскута сатаата. Онтон эдьиийин (маматын бииргэ тереебут балтын) ынырда. Эдьиийдэрэ кэлэн туох буоллугут диэн ыйытта, ону Маша : «Мама куел диэки баран баран кэлбэтэ диэн» ытыы ытыы кэпсээтэ. Эдьиийдэрэ о5олору уоскутан баран ийэлэрин кердуу барда. Сотору со5ус буолан баран кэллилэр. Мамата ытаабыт а5ай быьылаах, хара5а дэлби испит. Хантан кэллин диэн Маша ыйыппытыгар , ээ, ойуурга баран уоскуйан кэллим диэхтээтэ.
Чэ, оннук кыьын буолла, биир киэьэ а5алара эмиэ иьэн кэлэн баран ууртэлээн ыытта дьиэттэн. Ийэлэрэ туерт о5отун таныннаран баран ытыы ытыы эбээлээхтэригэр барда. Дьэ иэдээн хартыына, арай эбээлэрэ ааны арыйбыта, кыыьа уонна сиэннэрэ бары ытаабыт сирэйдээх тураллар. Ессе эбиискэ буолан а5алара буолуохсут тиийэн кэллэ уонна эбээлэригэр : «Дьоннун букатынныы а5аллым, сатаан олоруо суохпут» диэн баран тахсан барда. Хас да хонук эбээлээхтэригэр олордулар. А5алара кэлэн айдааран илдьэ бара сатаата. Ийэлэрэ эппит тыла биир : Арыгыгын эмтэт!!! Инньэ гынан эмтэттэ, кэлэн кеьерен ылан барда. Ити курдук наьаа элбэхтэ буолла. Маша а5атыгар кэлэйдэр кэлэйэн истэ. Кыра быраата номнуо уже детсад игин киьитэ буолла. Балта, улахан быраата уонна Маша оскуола5а уерэнэн эмиэ ырааттылар. Эрэй мун анардаах олордулар инник гынан.
Биир кун а5алара туун хойут кэлэн ийэлэригэр айдаарда хос иьигэр киирэн. Ер со5ус этистилэр, онтон охсуьар тыас иьиллибитигэр Маша хоско суурэн киирбитэ, а5ата ийэтин муомахтыы сытар эбит. Кыыс ытыы ытыы а5атын кехсугэ саайталаата, тохтото сатаата, а5ата кыыьын анньан туьэрдэ. Маша куускэ ба5айы сиргэ олоро тустэ уонна марылаччы ытаан барда. Бу уйэ5э ийэтиттэн да а5атыттан да тарба5ынан да таарылла илик этэ. Дэлби кэлэйдэ, а5атын абааьы да керде. Оронугар баран ытыы сытта5ына а5ата кэлэн бырастыы кердеье сатаата, мин хаайыылаахпын игин диэн билиннэ игин. Машаны ити тухары билбэт дии саныы сылдьыбыт быьылаах. Чэ, ону маны этэн тыынан баран дьиэттэн тахсан барда. Ити туун дьиэтигэр хоммото. Сарсыарда эрдэ Маша маматын кытта куерчэх сии олордохторуна киирэн кэллэ уонна дьыбаанна баран сытан эрэ : «Барын!!!»- диэтэ. Ийэтэ, ол букатынныы барабыт да диэбитин. Букатынныы да барын диэтэ. Ийэтэ хомойбут харахтарынан Маша диэки керен олорон: «Хайыыбыт, Маша, эн быьаар, баччаанна диэри а5а5ытын кытта эьиги эрэ тускутугар олоро сатаатым, а5ата суох буолбатыннар диэн», - диэтэ. Маша: «Барыахха», - диэтэ. Улахан тугу да хомуммакка, тахсан эмиэ эбээлээхтэрин диэки бардылар. Онно тиийэн олордулар. Ийэтэ Маша5а элбэ5и кэпсээтэ, бу тухары илиитин кете5е илик этэ теье да истэр, аны билигин кэлэн уже бара турар буолуо игин диэтэ. Уонна Машаны саамай кэлэппит сонун диэн Маша ытын, До5ору а5ата бэйэтэ елеттербут уьу, туохха да наадата суох, дьону урбэт да хайаабат да ыт диэн. Оо, Маша ини истэн баран а5ата буолуохсут киьиттэн букатыннаахтык кэлэйдэ. Сэрэйэр этэ ол иьин то5о эрэ оннук диэн, ол эрэн наьаа папам инник гыммата ини диэн бэйэтэ бэйэтин сэмэлэнээччи.
Дьиэ буллулар, сууйдулар тараатылар уонна ол дьиэ5э эбээлээхтэриттэн кестулэр. А5алара кэлэн хаста да эйэлэьэ сатаата. Арай туран кини санаатыгар дьоно ыт курдук кини барын диэтэ5ин аайы бараллар, кэлин диэтэ5ин аайы кэлэн иьиэхтээхтэр быьылаах. Учугэйинэн да кэпсэтэ сатаата, айдааран да илдьэ бара сатаата. Маша били илии кете5уулээх туун кэннэ ийэтин а5атын кытта биир да мунуутэ со5отохтуу хаалларыан ба5арбат. Наар кэтии маныы сылдьар. Оскуола5а сырыттахпына кэлэн айдаарыа диэн сугун да уерэммэт буолла. Уроктар кэннэ дьиэтигэр суурэн кэлэр.
Оннук куттал баттал быыьыгар олордулар, а5алара инник ускул тэскил сылдьан дьыалаланан эмиэ хаайыы киьитэ буолла. Ити кэннэ эрэ хаалбыт о5о саас кэмэ син бэттэх кэллэ. Папабыт итирик кэлэн эмиэ айдаарыа, уехсуе диэн санаата суох олордулар. Онтон хаайыыттан тахсар кэмэ кэлбитэ. Буоларын курдук буулаабыт суолунан дьонугар тэмтээкэйдээн кэллэ5э уьу. Биллэ кырдьыбыт, холлубут этэ. О5олор буолла5ына бары улаатан, кыралара оскуола, улахаттар бары студеннар, сана дьылга дьиэлэригэр сынньана диэн кэлбиттэрин а5алара атыннык сынньатаары бу мэлэйэн олорор эбит. Улааппыт дьон быьыытынан куустээх кэпсэтии буолла. Кыра сылдьан сатаан эппэтэх тылларын, санааларын барытын то5о кутан кэбистилэр. Уонна мас таас курдук бу дьиэ5э суолу умун диэн буолла. Киьи эрэ буоллар ейдеете быьылаах, Машаны сууьуттэн сыллаан ылан баран тахсан барда.
Бэйэтэ себулуур тылынан эттэххэ БУКАТЫННЫЫ...

Добавить комментарий