Главная / Кэпсээннэр / Биэс бырааттыы Буораахаптар, Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат
Добавить комментарий
Автор: Маасык - 27 мая 2015 16:03
Самаан сайын сатыылаан, айылҕа барахсан, дьэ ситиэҕинэн ситэн, уһуктан турар бэс ыйын бутэһик куннэрэ этэ. Бу куннэргэ Кыһыл өтуйэ колкуос буолаары турар оройуон ыьыа5ар бэлэмнэнэн, кымысчыт Киргиэлэй кырдьа5ас соруда5ынан биэлэри ыаьын са5аламмыта, биригэдьиир Сэмэн талбыт эттээх-куннаах субайдары елертеебуттэрэ, эмээхситтэр куех окко тегуруччу олорон сири иьиттэри , кэриэн ымыйалары , саламалаах ситии быаны тикпитттэрэ. Куех Далайтан бэрсиьиннэрэн Бергемде эбэ куустээх киьи илиитин курдук , лысхайбыт суон соболорун уелэн лаьыгырыппыттара. Дьон –сэргэ бары да уеруехтэрин да уерэллэрэ. Бу маннык улахан оройуон ыьыа5а буолбата5а хас да сыл буолан санаалара олус кете5уллэн, о5олуун-уруулуун сэмээр Ченкей Дьегуердэрин, биэс быраттыы Буораахаптарын илии-атах оонньуутугар эрэнэ саныыллара. Тереебут, уескээбит Тамалакааннарын аатын туьэн биэрбэт инилэр диэн истэригэр сэмээр киэн тутталлара. Уолаттар бары да иниир, ситии, киьи кереет да сык гынар кэрэ- талба таьалаах уолан дьон этилэрэ…
Санаабыттарын барытын ситэрэн, ох курдук оностон сарсын Тамалакааттар ейуун буолуохтаах ыьыахтарыгар аттанар куннэрэ чэмэличчи кулбутунэн тахсан кэлбитэ. Суотчут Иннокентий Туулээхэп салачааччылаах эдэр ыччат, эмэн, эдэр дьон ким сатыы, ким тэлиэгэлээх атынан тереебут туелбэлэриттэн сарсыарда тын хатыыта уерэ- кете аттаммыттара. Ат суурдээччи Буораахаптар кыра уоллара Сэмэнчик, быйыл 18 сааьын бу соторутаа5ыта туолан Ураанньыгын урдугэр олус кэрэтик , тэбис – тэн , кэчигирэс тиистэринэн мичээрдээн кулэн уерэн эмиэ да суурдэн ылара, эмиэ да сиэллэрэн ылара. Бугуьуйбут ат ол ахсын ахсымнык айаннаары гынна5ына Сэмэнчик уол, Ураанньыгар сындыыс курдук сыста туьэрэ уонна эрчимнэээх илиитинэн тохтотон кэбиьэрэ…
Этэннэ айаннаан, улуустарын киинин Куорамыкы сыьыыны кунус туертуур ыам са5ана булбуттара. О5олор куйааьа бэрт буолан, Хотун Булуугэ киирэн сетуелээн чомполообуттара. Кырдьа5ас дьон, уьуннук керсубэтэх уелээннээхтэрин кытта керсен, уерэ-кете ууттээх чэй иьэн сыыйбыттара, хатан табах тарпыттара. Кырдьа5астар биир сылыктааьыннарынан куйаас сайын буоларын кэпсэтэллэрэ, онтон олус дьиксинэллэрин, от, бурдук уунуутэ мелтеьуер буолсугун меккуьэллэрэ. Ол эрэн ол дьиксиниилэрин бу буолаары турар,сарсынны ыьыах кере-нара арыый да кынаттыыра. Туохха барытыгар бииргэ , тумсуулээх буолуулара инникигэ-эрэли куертуурэ. Буораахаптар бары, сааьыра барбыт тереппуттэрин уонна мурун буетэ кырачаан сибэккилэрин, 11 саастаах балтыларын Аанчыгы илдьэ ыьыахтыы кэлбиттэрэ. Кырачаан сибэкки Аанчык, убайдарын кэннилэригэр, элбэх киьи мустубутуттан кэмчиэрийэн ылара. Лыахтары сырсан тэлээрэ кетере, ийэтин, а5атын сурэхтэрин уулларара. Биэс бырааттыылары кербут , атын нэьилиэк дьоно бары да кинилэр диэки, биьирээбиттии кереллере, уолаттар сиппиттэрин, холлорун этэ хойдубутун, колхоз буппэт улэтигэр эриллэн, иниир –ситии, быьыы-тутуу ертунэн саха5а учугэй кестуулээх буолбуттарыттан киэн туттубуттара. Ол аайы толору дьоллоох ийэлээх , а5а кулуктэригэр имнэнэллэрэ, улаханнык санарбаттара, уеьэ эрэ тыыналлара… Куорамыкыга быйылгы ыьыахха бары да утуктуспут курдук учугэй уолаттар киирсэ кэлбиттэр этэ, ол курдук, Ороьуттан Бычырдаан, Боотулууттан Буучугурас, Тамалакаантан Ченкей Дьегуер уонна биэс бырааттыы Буораахаптар. Дьон сэргэ , дьэ, сарсынны ыьыах курэ5ин, ол иьин долгуйа куутэллэрэ, сорох кырдьа5астар кыратык чэпчээбиччэ, кыра харчыга себулээбит бе5естеругэр уксубуттара. Хапса5ай… Хапса5ай – саха киьитэ барыта себулээн керер да5аны, киирсэр да5аны курэ5э буолар. Ол эрэн былыр былыргаттан, бу куннэ дылы Уеьээ Булуу хапса5айа , атын улуус хапса5айыттан олох атын тэтимнээх, атахха эмискэ тэбэн баран ере куерэтэн ылан, быра5ар албастаах, куен керсуулээх да буолла5ын! Хапса5айдаьааччы бе5естер ол да иьин бу буолаары турар ыьыахха сэмэйдик , хас биирдии утарылаьааччыларын кереллере, сарсынны кун соргута быьаарыа диэн уеьээ эрэ тыыналлара…
Кэтэьиннэрэ барбакка, сайынны кун чэмэличчи тыган, ол эрэн туох эрэ сир урдугэр буоларын биттэнэн, хаьааннытаа5ар да , кытыаста керен, тахсан кэлбитэ… Бу бэс ыйын 22 кунэ этэ.. Дьон-сэргэ, ыьыахтыыр сир диэки аргыый умуеруспуттэрэ. Нэьилиэктэринэн туьулгэлээн олорон, тойоттор тыл этэллэрин истибиттэрэ, биир тылынан ыьыах кэлбитинэн мунньах буолбута. Учугэй стахановец улэьиттэргэ бириэмийэ диэн, кыра танас , кууллаах бурдук тунэппиттэрэ. Инникитин бу курдук , улэлээн-хамсаан иьин диэн дьону –сэргэни кууркэтэн, тыл этэн тыыммыттара, араатардаар айаатаабыттара… Бу мунньах кэннэ, нэьилиэктэринэн олорон , а5албыт астарын аьаабыттара, от- бурдук , улэ туьунан кэпсэппиттэрэ. Туелбэлээн олорон, аьааьын кэннэ, дьэ, онтон са5аламмыта ыьыах Хапса5айга курэ5э! Манна кэлэн дьон-сэргэ сирэйэ-хара5а сэргии тупсубута. Кыанар ерте бары хапса5ай туьулгэтин диэки, тайахтаах тайа5ыгар тэптэрэн, эдэр ерте элэстэнэ кетен, орто саастаах оттомноохтук хаамсан хапса5ай туьулгэтин диэки хаамсыбыттара…
Буораахаптартан ус улахан уол хапса5айга кыттаары эттэрин – хааннарын эрчийбиттэрэ. Хапса5ай курэ5э са5аламмыта. Бастакы эргииргэ уьус быраат Боотулуу аатырбыт бе5еьуттэн Буучугурастан бэрт тургэнник хотторбута. Буучугурас туьулгэ5э туста уерэммитинэн уонна кыа5ынан да баьыйан кыра бырааты эмискэ умса анньан кэбиспитэ. Иккис эргииргэ иккис уол Ороьу аатырбыт бе5еьун Бычырдааны кытта эрбии биитин курдук эрийсэ сылдьан, Бычырдаан саамай себулуур албаьыгар киирэн биэрэн эмиэ хотторуу хомолтотун билбитэ. Уьус эргииргэ Тамалакаан бе5еье Ченкей Дьегуер улахан убайы кытта киирсэн, хотторон, Буораахаптар харахтара сырдаабыта. Тердус эргииргэ Буучугурастаах Бычырдаан киирсэннэр, Буучугурас кыайыы ерегейун тереебут нэьилиэгэр бэлэхтээбитэ. Бэьис эргиир олус тынааьыннаах киирсиилээх, кеьутуулээх буолбута. Тула мустубут дьон, бэйэлэрин киьилэригэр ыалдьан хаьыытаьаллара, ол аайы бе5естер былчыннара куурэ туьэрэ, икки улахан атыыр о5ус курдук бэйэ- бэйэлэрин курдьуеттэьэн ылаллара. Онтон эмискэ, Буучугурас хайдах эрэ арыллан ата5ын аьан биэрбитигэр, улахан Буораахап сымса диэн бэйэлээхтик уна ата5ын эмискэ тэбэн, баран киьитэ кыратык туруйалыыр кэмигэр, ере баьан таьааран баран, аргыыйдык, сэрэнэн сиргэ бырахпыта! Тамалакааттар уеруу ерегейун билэн, сирэйдэрэ-харахтара сырдыы туспутэ, уолларын биир биир кэлэн э5эрдэлээбиттэрэ. Кырдьа5астар уолларын хай5аан саннын таптайбыттара, былчынын, илиитин бигээн ылбыттара.
Хапса5ай курэ5ин кэннэ, аны мас тардыьыытыгар, атах оонньуутугар курэхтэр буолбуттара. Маска орто быраат Бииктэр систээ5и систээх онорбото5о. Кини тардар кууьунэн, сиьэ, ата5а былчыннара сайдыбыттарынан барыларын сабырыйа хотон эрэллээхтик бастаабыта. Эмиэ тереебут нэьилиэгэр улахан уерууну а5албыта. Бииктэр Буораахапка сыалаах муьэ биэрбиттэрэ, дьон –сэргэ, ону тэнэ кыыс аймах кистэлэн биьирэбилин ылбыта… Атах оонньуутугар: буурга, кылыыга уонна куобахтааьынна тердус быраат Киэсэ, кыната эрэ суох курдук, кылыйбыта, буурдаан бур5алдьыйбыта, куобахтаан ойуоккалаабыта. Уурбут туостарын барытын, аьара туьэн, манна эмиэ кыайыы урдук ерегейун билбитэ!.... Курэхтэьиилэргэ хоппут дьонно сыалаах муьэ биэрбиттэрэ. Тамалакаан нэьилиэгин дьоно уолаттарыттан улаханнык астыммыттара. Ус бырааттыы Буораахаптар сэмэйдик мичээрдээн , дьон-сэргэ биьирэбилин, хай5абылын ылан тураллара керуеххэ ынырык астыга… мэлдьи маннык курэхтэьэн, улэлээн-хамсаан олоруохтара диэн киьи барыта санаабыта…. Ол иьигэр ордук да санааччылар бааллара… Ийэлэрэ Огдооччуйа, а5алара Дьегуер, кырачаан балтылара Аанчык-Хочуннара уолаттарын, убайдарын сэмэй ситиьиилэриттэн уерэн уонна кинилэргэ эрэнэн истэригэр уерсубуттэрэ, харахтара сырдаабыт, суем-урдээбит курдук буолбуттара…
Илии –атах, хапса5ай курэхтэрин кэннэ оьуокайдаан ойбуттара. Оьуокай курэ5эр Ергуетттэн сана тыллан эрэр эдэр дьуохардьыт кыыс- Ырыа Балбаара уус уран тылынан, уьун да тыынынан барыларын баьыйбыта. Бутун улуус киэн туттуутутун ылбыта, эдэр уолаттар куттарын ылба5ай ырыатынан, талба таьаатынан туппута. Ол быыьыгар дьахталлар туертуур ыамнарын да умнубатахтара. Дьон-сэргэ, о5о аймах бары мустан аны киэьээ серуун туьуутэ ат суурдуутун кере «Бэрэ» алааска мустубуттара. Быйылгы ыьыахха, ен дьыллар тураннар, айыы дьеьегей о5олоро теруехтэрэ тупсубута да дэлэйбитэ да. Ол иьин хас биирдии нэьилиэк, ыьыах иннинэ, эрдэттэн суурдэр аттарын баайбыттара, тэтимнээхтик дьарыктаммытттара, хас да суурук аттарыттан суумэрдээн, саамай талыы-талба сууруктэрин курэххэ киллэрбиттэрэ. Тамалакааттар Ураанньыктара , Сэмэнчик Буораахап уол суурдээчилээх киирэн эрэр, киэьээни, серуун куннэ туус манан таьаатынан, чочуонай быьыытынан дьон –сэргэ хара5ар тута быра5ыллыбыта. Урааннььык, кырдьык да, учугэй теруехтэн ууьаабыт, саха сылгытыгар уьун атахтардаах, сындыыс курдук субуруйбут уьун , хойуу сиэллээх, кене , кэтит моойдоох, наьаа кэдэ5эрэ суох систээх сууруук а5аттан ууьаабыт соно5ос этэ. Кини а5атын, аатырбыт суурук атыыры холкуоска бастаан киирии са5ана, биэс кыыстаах Тамалакаан терут олохтоо5о, кымысчыт уонна ат баайааччы Киргиэлэй Туулээхэп биэрбитэ. Онон Тамалакааттар соно5осторугар да уолларыгар да улаханнык эрэнэ саныыллара, сууруу буоларын куутэн о5олуун-уруулуун, кырдьа5астыын, эдэрдиин-эмэнниин Киргиэлэй кырдьа5ас тула мустубуттара, кэтэьэн турбуттара.
Барыта ас суурдуутугэр уон алта айыы дьеьегей о5ото суурэр буолбута. Аттары алталыы гына араартаан туьэртиир буолбуттара. Онон сэрэбиэй тумугунэн сорох ат иккилии эргиир суурэр чиэскэ тиксибитэ. Тынааьыннаах сэрэбиэй тумугунэн Ураанньык бастакы эргииргэ киирэн хаалбыта. Ол иьин бастакы эргииргэ хотор тугэнигэр иккис эргиири эмиэ суурэр балаьыанньаламмыта. Быраабыла быьыытынан бастакы эргиир кэннэ аттар сынньаныахтаахтара, ол эрэн ити быраабыланы улаханнык тутуспаттара. Чаас курдук сойутан баран аттары иккистээн туьэртииргэ судьуйалар субэлэспиттэрэ. Буолаары турар суурдуу олус тынааьыннаах буолара эрдэттэн биллибитэ. Быйыл элбэх нэьилиэктэн бу суурдуугэ кыттыыны ыла кэлбит буоланнар, оннук быьаарыныы ылбыттара. Дьэ, онон бастакы эргиири суурэ «Бэрэ» алаас тегурук эбэтин эргийэ, алта айыы дьеьегей о5олоро куен керсе, ким саамай быьыйын быьаарса суурэ тахсар бэлиэ5э кэлбиттэрэ. Дьон-сэргэ эмиэ кыралаан уксан барбыта. Ордук чорботон бу бастакы эргииргэ Ураанньыкка уонна Кэнтик соно5оьугар Чаппараахха уксубуттара.
«Чэ!» - диэн хамаанда кэнниттэн бугуьуйбут аттар иннилэрин хоту туьунэн кэбиспиттэрэ. Киэьээнни серууннэ, са5ахха киирэн эрэр кун сарданаларыгар айыл5а анаан, маанылаан айбыт алта дьеьегей о5олоро, саха сылгылара туос бетеренунэн суурэн иьэллэрэ керуеххэ олус астыга! Ураанньык бастаан соьуйбут курдук буолан, ус хардыы кэлин туспутэ. Дьон хаьыытыттан, киксэрэн биэрииттэн сорох соно5остор туора суурбуттэрэ, арай Чаппараах уеруйэх мунутаан, хамаанда бэриллибитин кэннэ, ыппыт охтуу иннин диэки буулдьалыы туьуммутэ, инники суурэн кутуруга ыьылланнаабыта.
Ыстапаан 25 апреля Бу арааьата уус-уран кэпсээн буолан кууркэтилээх быьылаах. Буучугурас торут Боотулуу киьитэ буолбатах, кини Мэйик киьитэ уонна Буучугурастыын Уоьээ Булуу ыьыахтарыгар тустубатах дьон. Бу кэпсээн арааьата Тамалкаантан А5а дойду Улуу сэриитин толоонугар охтубут быhаатты Федоровтарга ананар быьылаах. Онон кинилэр дьыл5алара син-биир бырааттыы Малгиннар курдук дьыл5аламмыттара. Ынырык дии биир дьиэ кэргэнтэн 5 туруу уолаттар сэриигэ баран умсаллара!
ББ 26 апреля Саха.сирин бары улууһугар,нэһилиэктэригэр бииргэ төрөөбүт бырааттыылар сэриигэ баран умсубуттара.Үөһээ бүлүү Өргүөтүттэн түөрт бырааттыы Туттукуровтар аҕа дойдуларын көмүскүү баран геройдуу охтубуттара.Ийэлэрэ,аҕалара төһөлөөх ытаан соҥоон биэрбиттэрэ буолуой..Баҕар биир эмэ уолбут эргиллиэ диэн ас бастыҥын хаһааналлара буолуо.Уонна уолаттара сэриигэ аттаммыт аартыктарын диэки чарапчыланан көрөн турбуттара,олорбуттара буолаахтыа...
Автор: Маасык - 27 мая 2015 16:03
Самаан сайын сатыылаан, айылҕа барахсан, дьэ ситиэҕинэн ситэн, уһуктан турар бэс ыйын бутэһик куннэрэ этэ. Бу куннэргэ Кыһыл өтуйэ колкуос буолаары турар оройуон ыьыа5ар бэлэмнэнэн, кымысчыт Киргиэлэй кырдьа5ас соруда5ынан биэлэри ыаьын са5аламмыта, биригэдьиир Сэмэн талбыт эттээх-куннаах субайдары елертеебуттэрэ, эмээхситтэр куех окко тегуруччу олорон сири иьиттэри , кэриэн ымыйалары , саламалаах ситии быаны тикпитттэрэ.
Куех Далайтан бэрсиьиннэрэн Бергемде эбэ куустээх киьи илиитин курдук , лысхайбыт суон соболорун уелэн лаьыгырыппыттара. Дьон –сэргэ бары да уеруехтэрин да уерэллэрэ. Бу маннык улахан оройуон ыьыа5а буолбата5а хас да сыл буолан санаалара олус кете5уллэн, о5олуун-уруулуун сэмээр Ченкей Дьегуердэрин, биэс быраттыы Буораахаптарын илии-атах оонньуутугар эрэнэ саныыллара. Тереебут, уескээбит Тамалакааннарын аатын туьэн биэрбэт инилэр диэн истэригэр сэмээр киэн тутталлара. Уолаттар бары да иниир, ситии, киьи кереет да сык гынар кэрэ- талба таьалаах уолан дьон этилэрэ…
Санаабыттарын барытын ситэрэн, ох курдук оностон сарсын Тамалакааттар ейуун буолуохтаах ыьыахтарыгар аттанар куннэрэ чэмэличчи кулбутунэн тахсан кэлбитэ. Суотчут Иннокентий Туулээхэп салачааччылаах эдэр ыччат, эмэн, эдэр дьон ким сатыы, ким тэлиэгэлээх атынан тереебут туелбэлэриттэн сарсыарда тын хатыыта уерэ- кете аттаммыттара. Ат суурдээччи Буораахаптар кыра уоллара Сэмэнчик, быйыл 18 сааьын бу соторутаа5ыта туолан Ураанньыгын урдугэр олус кэрэтик , тэбис – тэн , кэчигирэс тиистэринэн мичээрдээн кулэн уерэн эмиэ да суурдэн ылара, эмиэ да сиэллэрэн ылара. Бугуьуйбут ат ол ахсын ахсымнык айаннаары гынна5ына Сэмэнчик уол, Ураанньыгар сындыыс курдук сыста туьэрэ уонна эрчимнэээх илиитинэн тохтотон кэбиьэрэ…
Этэннэ айаннаан, улуустарын киинин Куорамыкы сыьыыны кунус туертуур ыам са5ана булбуттара. О5олор куйааьа бэрт буолан, Хотун Булуугэ киирэн сетуелээн чомполообуттара. Кырдьа5ас дьон, уьуннук керсубэтэх уелээннээхтэрин кытта керсен, уерэ-кете ууттээх чэй иьэн сыыйбыттара, хатан табах тарпыттара.
Кырдьа5астар биир сылыктааьыннарынан куйаас сайын буоларын кэпсэтэллэрэ, онтон олус дьиксинэллэрин, от, бурдук уунуутэ мелтеьуер буолсугун меккуьэллэрэ. Ол эрэн ол дьиксиниилэрин бу буолаары турар,сарсынны ыьыах кере-нара арыый да кынаттыыра. Туохха барытыгар бииргэ , тумсуулээх буолуулара инникигэ-эрэли куертуурэ.
Буораахаптар бары, сааьыра барбыт тереппуттэрин уонна мурун буетэ кырачаан сибэккилэрин, 11 саастаах балтыларын Аанчыгы илдьэ ыьыахтыы кэлбиттэрэ. Кырачаан сибэкки Аанчык, убайдарын кэннилэригэр, элбэх киьи мустубутуттан кэмчиэрийэн ылара. Лыахтары сырсан тэлээрэ кетере, ийэтин, а5атын сурэхтэрин уулларара. Биэс бырааттыылары кербут , атын нэьилиэк дьоно бары да кинилэр диэки, биьирээбиттии кереллере, уолаттар сиппиттэрин, холлорун этэ хойдубутун, колхоз буппэт улэтигэр эриллэн, иниир –ситии, быьыы-тутуу ертунэн саха5а учугэй кестуулээх буолбуттарыттан киэн туттубуттара. Ол аайы толору дьоллоох ийэлээх , а5а кулуктэригэр имнэнэллэрэ, улаханнык санарбаттара, уеьэ эрэ тыыналлара…
Куорамыкыга быйылгы ыьыахха бары да утуктуспут курдук учугэй уолаттар киирсэ кэлбиттэр этэ, ол курдук, Ороьуттан Бычырдаан, Боотулууттан Буучугурас, Тамалакаантан Ченкей Дьегуер уонна биэс бырааттыы Буораахаптар. Дьон сэргэ , дьэ, сарсынны ыьыах курэ5ин, ол иьин долгуйа куутэллэрэ, сорох кырдьа5астар кыратык чэпчээбиччэ, кыра харчыга себулээбит бе5естеругэр уксубуттара. Хапса5ай… Хапса5ай – саха киьитэ барыта себулээн керер да5аны, киирсэр да5аны курэ5э буолар. Ол эрэн былыр былыргаттан, бу куннэ дылы Уеьээ Булуу хапса5айа , атын улуус хапса5айыттан олох атын тэтимнээх, атахха эмискэ тэбэн баран ере куерэтэн ылан, быра5ар албастаах, куен керсуулээх да буолла5ын!
Хапса5айдаьааччы бе5естер ол да иьин бу буолаары турар ыьыахха сэмэйдик , хас биирдии утарылаьааччыларын кереллере, сарсынны кун соргута быьаарыа диэн уеьээ эрэ тыыналлара…
Кэтэьиннэрэ барбакка, сайынны кун чэмэличчи тыган, ол эрэн туох эрэ сир урдугэр буоларын биттэнэн, хаьааннытаа5ар да , кытыаста керен, тахсан кэлбитэ… Бу бэс ыйын 22 кунэ этэ..
Дьон-сэргэ, ыьыахтыыр сир диэки аргыый умуеруспуттэрэ. Нэьилиэктэринэн туьулгэлээн олорон, тойоттор тыл этэллэрин истибиттэрэ, биир тылынан ыьыах кэлбитинэн мунньах буолбута. Учугэй стахановец улэьиттэргэ бириэмийэ диэн, кыра танас , кууллаах бурдук тунэппиттэрэ. Инникитин бу курдук , улэлээн-хамсаан иьин диэн дьону –сэргэни кууркэтэн, тыл этэн тыыммыттара, араатардаар айаатаабыттара… Бу мунньах кэннэ, нэьилиэктэринэн олорон , а5албыт астарын аьаабыттара, от- бурдук , улэ туьунан кэпсэппиттэрэ.
Туелбэлээн олорон, аьааьын кэннэ, дьэ, онтон са5аламмыта ыьыах Хапса5айга курэ5э! Манна кэлэн дьон-сэргэ сирэйэ-хара5а сэргии тупсубута. Кыанар ерте бары хапса5ай туьулгэтин диэки, тайахтаах тайа5ыгар тэптэрэн, эдэр ерте элэстэнэ кетен, орто саастаах оттомноохтук хаамсан хапса5ай туьулгэтин диэки хаамсыбыттара…
Буораахаптартан ус улахан уол хапса5айга кыттаары эттэрин – хааннарын эрчийбиттэрэ. Хапса5ай курэ5э са5аламмыта. Бастакы эргииргэ уьус быраат Боотулуу аатырбыт бе5еьуттэн Буучугурастан бэрт тургэнник хотторбута. Буучугурас туьулгэ5э туста уерэммитинэн уонна кыа5ынан да баьыйан кыра бырааты эмискэ умса анньан кэбиспитэ. Иккис эргииргэ иккис уол Ороьу аатырбыт бе5еьун Бычырдааны кытта эрбии биитин курдук эрийсэ сылдьан, Бычырдаан саамай себулуур албаьыгар киирэн биэрэн эмиэ хотторуу хомолтотун билбитэ. Уьус эргииргэ Тамалакаан бе5еье Ченкей Дьегуер улахан убайы кытта киирсэн, хотторон, Буораахаптар харахтара сырдаабыта. Тердус эргииргэ Буучугурастаах Бычырдаан киирсэннэр, Буучугурас кыайыы ерегейун тереебут нэьилиэгэр бэлэхтээбитэ. Бэьис эргиир олус тынааьыннаах киирсиилээх, кеьутуулээх буолбута. Тула мустубут дьон, бэйэлэрин киьилэригэр ыалдьан хаьыытаьаллара, ол аайы бе5естер былчыннара куурэ туьэрэ, икки улахан атыыр о5ус курдук бэйэ- бэйэлэрин курдьуеттэьэн ылаллара. Онтон эмискэ, Буучугурас хайдах эрэ арыллан ата5ын аьан биэрбитигэр, улахан Буораахап сымса диэн бэйэлээхтик уна ата5ын эмискэ тэбэн, баран киьитэ кыратык туруйалыыр кэмигэр, ере баьан таьааран баран, аргыыйдык, сэрэнэн сиргэ бырахпыта! Тамалакааттар уеруу ерегейун билэн, сирэйдэрэ-харахтара сырдыы туспутэ, уолларын биир биир кэлэн э5эрдэлээбиттэрэ. Кырдьа5астар уолларын хай5аан саннын таптайбыттара, былчынын, илиитин бигээн ылбыттара.
Хапса5ай курэ5ин кэннэ, аны мас тардыьыытыгар, атах оонньуутугар курэхтэр буолбуттара. Маска орто быраат Бииктэр систээ5и систээх онорбото5о. Кини тардар кууьунэн, сиьэ, ата5а былчыннара сайдыбыттарынан барыларын сабырыйа хотон эрэллээхтик бастаабыта. Эмиэ тереебут нэьилиэгэр улахан уерууну а5албыта. Бииктэр Буораахапка сыалаах муьэ биэрбиттэрэ, дьон –сэргэ, ону тэнэ кыыс аймах кистэлэн биьирэбилин ылбыта…
Атах оонньуутугар: буурга, кылыыга уонна куобахтааьынна тердус быраат Киэсэ, кыната эрэ суох курдук, кылыйбыта, буурдаан бур5алдьыйбыта, куобахтаан ойуоккалаабыта. Уурбут туостарын барытын, аьара туьэн, манна эмиэ кыайыы урдук ерегейун билбитэ!.... Курэхтэьиилэргэ хоппут дьонно сыалаах муьэ биэрбиттэрэ. Тамалакаан нэьилиэгин дьоно уолаттарыттан улаханнык астыммыттара. Ус бырааттыы Буораахаптар сэмэйдик мичээрдээн , дьон-сэргэ биьирэбилин, хай5абылын ылан тураллара керуеххэ ынырык астыга… мэлдьи маннык курэхтэьэн, улэлээн-хамсаан олоруохтара диэн киьи барыта санаабыта…. Ол иьигэр ордук да санааччылар бааллара… Ийэлэрэ Огдооччуйа, а5алара Дьегуер, кырачаан балтылара Аанчык-Хочуннара уолаттарын, убайдарын сэмэй ситиьиилэриттэн уерэн уонна кинилэргэ эрэнэн истэригэр уерсубуттэрэ, харахтара сырдаабыт, суем-урдээбит курдук буолбуттара…
Илии –атах, хапса5ай курэхтэрин кэннэ оьуокайдаан ойбуттара. Оьуокай курэ5эр Ергуетттэн сана тыллан эрэр эдэр дьуохардьыт кыыс- Ырыа Балбаара уус уран тылынан, уьун да тыынынан барыларын баьыйбыта. Бутун улуус киэн туттуутутун ылбыта, эдэр уолаттар куттарын ылба5ай ырыатынан, талба таьаатынан туппута. Ол быыьыгар дьахталлар туертуур ыамнарын да умнубатахтара. Дьон-сэргэ, о5о аймах бары мустан аны киэьээ серуун туьуутэ ат суурдуутун кере «Бэрэ» алааска мустубуттара.
Быйылгы ыьыахха, ен дьыллар тураннар, айыы дьеьегей о5олоро теруехтэрэ тупсубута да дэлэйбитэ да. Ол иьин хас биирдии нэьилиэк, ыьыах иннинэ, эрдэттэн суурдэр аттарын баайбыттара, тэтимнээхтик дьарыктаммытттара, хас да суурук аттарыттан суумэрдээн, саамай талыы-талба сууруктэрин курэххэ киллэрбиттэрэ. Тамалакааттар Ураанньыктара , Сэмэнчик Буораахап уол суурдээчилээх киирэн эрэр, киэьээни, серуун куннэ туус манан таьаатынан, чочуонай быьыытынан дьон –сэргэ хара5ар тута быра5ыллыбыта. Урааннььык, кырдьык да, учугэй теруехтэн ууьаабыт, саха сылгытыгар уьун атахтардаах, сындыыс курдук субуруйбут уьун , хойуу сиэллээх, кене , кэтит моойдоох, наьаа кэдэ5эрэ суох систээх сууруук а5аттан ууьаабыт соно5ос этэ. Кини а5атын, аатырбыт суурук атыыры холкуоска бастаан киирии са5ана, биэс кыыстаах Тамалакаан терут олохтоо5о, кымысчыт уонна ат баайааччы Киргиэлэй Туулээхэп биэрбитэ. Онон Тамалакааттар соно5осторугар да уолларыгар да улаханнык эрэнэ саныыллара, сууруу буоларын куутэн о5олуун-уруулуун, кырдьа5астыын, эдэрдиин-эмэнниин Киргиэлэй кырдьа5ас тула мустубуттара, кэтэьэн турбуттара.
Барыта ас суурдуутугэр уон алта айыы дьеьегей о5ото суурэр буолбута. Аттары алталыы гына араартаан туьэртиир буолбуттара. Онон сэрэбиэй тумугунэн сорох ат иккилии эргиир суурэр чиэскэ тиксибитэ. Тынааьыннаах сэрэбиэй тумугунэн Ураанньык бастакы эргииргэ киирэн хаалбыта. Ол иьин бастакы эргииргэ хотор тугэнигэр иккис эргиири эмиэ суурэр балаьыанньаламмыта. Быраабыла быьыытынан бастакы эргиир кэннэ аттар сынньаныахтаахтара, ол эрэн ити быраабыланы улаханнык тутуспаттара. Чаас курдук сойутан баран аттары иккистээн туьэртииргэ судьуйалар субэлэспиттэрэ. Буолаары турар суурдуу олус тынааьыннаах буолара эрдэттэн биллибитэ. Быйыл элбэх нэьилиэктэн бу суурдуугэ кыттыыны ыла кэлбит буоланнар, оннук быьаарыныы ылбыттара.
Дьэ, онон бастакы эргиири суурэ «Бэрэ» алаас тегурук эбэтин эргийэ, алта айыы дьеьегей о5олоро куен керсе, ким саамай быьыйын быьаарса суурэ тахсар бэлиэ5э кэлбиттэрэ. Дьон-сэргэ эмиэ кыралаан уксан барбыта. Ордук чорботон бу бастакы эргииргэ Ураанньыкка уонна Кэнтик соно5оьугар Чаппараахха уксубуттара.
«Чэ!» - диэн хамаанда кэнниттэн бугуьуйбут аттар иннилэрин хоту туьунэн кэбиспиттэрэ. Киэьээнни серууннэ, са5ахха киирэн эрэр кун сарданаларыгар айыл5а анаан, маанылаан айбыт алта дьеьегей о5олоро, саха сылгылара туос бетеренунэн суурэн иьэллэрэ керуеххэ олус астыга! Ураанньык бастаан соьуйбут курдук буолан, ус хардыы кэлин туспутэ. Дьон хаьыытыттан, киксэрэн биэрииттэн сорох соно5остор туора суурбуттэрэ, арай Чаппараах уеруйэх мунутаан, хамаанда бэриллибитин кэннэ, ыппыт охтуу иннин диэки буулдьалыы туьуммутэ, инники суурэн кутуруга ыьылланнаабыта.