Главная / Кэпсээ / Соҕотох туран хаалбытым
Добавить комментарий
Автор: куустээх санаалаах кыыс - 17 декабря 2016 23:46
Мин кылгастык оло5ум туьунан кэпсииргэ сананным. Мин ыал саамай кыра, со5отох кыыстара этим.Оскуола туйгун уорэнээччитэ, бастын спортсмена, сурун активииьа этим.Кыталык курдук нарын намчы ийэлээх, хорсун хоодуот а5алаах, икки эмдэй сэмдэй убайдартаах кыыс этим. Убайдарым эмиэ бастынтан бастын этилэр диэххэ.Ийэлээх а5абыт иккиэн урдук таьымнаах улэ5э улэлиир этилэр, ол иьин биьиги кырабытыттан туох да итэ5эьэ суох улааппыппыт, ба5арбыппыт барыта баар этэ. Ол эрэн атаах буотах этибит, наьаа ону маны кордообот этибит. Биьиги ийэлээх а5абыт куустээх тапталларыгар улаатыннарбыттара, дьонно утуо сыьыаны бэлэхтииргэ уорэппиттэрэ, бэйэ-бэйэбитин куруук ойоьо-ойдоьо сылдьарга уорэппиттэрэ. Буоларын курдук кырабытыттан бар дьонно барыларыгар туохтан да аккаастаабакка барытыгар куус комо буолар этибит. Биьиги ыал куруук бииргэ сылдьар этибит, тас дойдуга таххарбытыгар да буоллун айыл5а5а да таххарбытыгар буоллун. Ийэлээх а5абыт этиьэллэрин кыыьырсалларын ойдообоппун, ол эрэн кыра моккуор баар буолаачы биирдэ эмитэ. Чэ кылгатан эттэхпинэ биьиги дьоллоох дьиэ кэргэн этибит.Билигин этибит эрэ диибин.. Саамай улахан убайым миигиттэн 4 сыл а5а этэ, онтон биир убайым 3 сыл. Кинилэр студенны сылдьар кэмнэригэр олус да со5отохсуйааччым, ким да дьээбэлээбэт, мэниктэспээт, оххуспаат(убайдарбын кытта дьээбэлэьэн оххуьан ооньооччубут). Ол курдук кэлэр куннэрин аа5ан тахсар этим барыахтарыттан, кун аайы эрийэн ыйыталлара холобура "туох сонун?оскуолага туох сана баар?ким бааьар?" диэн. Чэ ол курдук сыллар хонуктар баран испиттэрэ. Мин оскуоланы бутэрэр сылым этэ. Сана дьыл са5ана дьонум куоракка убайдарбын сылгылыы таарыйа куоракка барар буолбуттара. Ол курдук дьэ куоракка этэннэ тиийэн убайдарбын ылаттаан тоттору дойдуларын диэкки айан туталлар. Мин сарсынны кун тургэнник уунэрин курдук эрдэ ба5айы утуйбутум. Кэтэьэрим бэт буолан буолуо, бириэмэ наьаа бытааннык барар этэ, ор ба5айы утуйбакка сарсынны куну саныы сыттым, ол сытан утуйбуппун ойдообокко хаалбыппын. Онтон сарсыарда бачча5а кэлиэхтээхтэр диэн эрдэ суоттанан турбутум. Бириэмэ барар да барар, арай дьонум суохтар. Эбиэт буолла, суохтар. Эрийэ сытаатым да5аны тиийбэт хайаларыгар да5аны. Бэйэбин уоскутунаары, чэ суол хаттыраан ол иьин налыччы иьэллэрэ буолуо дэнэр этим. Сотору сотору туннугу одуулуу одуулуу сылдьыбытым, хас массыына тыаьын онойон корорум. Эбиэккэ астаабыт аьым номнуо сойбута ырааппыт. Таьырдьа харанарда, дьонум кэм да кэлэ иликтэр. Дьиэбэр суоссо5отохпун, ким да суох. Дьэ ыксаатым, игин араас дьонно барыларыгар эрийэн ыйыталастым, ким да билбэт. Хайдах буоларбын, кимиэхэ эрийиэхпин билбэккэ олордум. Долгуйуубуттан хара5ым уута бу утэн кэлэр. Чэ оннук курдук ону маны саныы саныы барбах олоро тустум. Арай телефонум тыаьаата, ылбытым, ийэм бииргэ торообут эдьийэ эрийэр этэ уонна " иэдээн буолла" диэбитигэр хара5ым харанаран барбыта, илиим сап салыбырас буолан хаалла, онтон нэьиилэ салыбырыы сылдьар куоласпынан "туох?" диэн тылы ыган таьаардым. Эдьийим "дьонун..дьонун"диэт ытаан киирэн барда. Мин онно тута ойдоотум туох буолбутун. Ханна эрэ тугэххэ эдьийим ытыыра онон манан иьиллэн ылар этэ.. Хайдах сиргэ олоро баар буола туспуппун бэйэм да ойдообоххо хаалбытым, сатаан тыыммын сэниэлээхтик ылбакка биир сири одуулаан оор да ор олордум. Онтон ыраа5ынан аан тонсуйар тыаьа иьиллэр этэ, сатаан турбакка олорбутум курдук олорбутум. Аймахтарым иэдээн буолбутун билэннэр , телефоммун ылбаппын иьин долгуйан ыксаан ааны тонсуйа тураллар эбит. Мин сэниэм суох, тыыным тиийбэт, тулам хабыс харана, биир да уот холбонон турбат. Аймахтарым ыксаан ааны алдьатан киирбиттэригэр, дьиэ ортотугар илиибэр телефоммун туппутунан олорор уьубун. Дьонум аьыйан ытыыр этилэр. Дьон кэлбитин, уот аьыллыбытын кэннэ арыый бэттэх кэлэн эрэр курдук этим. Онтон куускэ туох баар сэниэбинэн тыын э5ирийэн баран часкыйбытынан ытаан то5о барбытым. Ол курдук хас да куну быьа аьаабакка утуйбакка дьиэбэр сыппытым. Маннык буолбутугар отой итэ5эйбэт этим. Орго дылы киирэн кэлэллэрин кэтэьэр этим. Тууннэри кунустэри ытаан хонор этим. Миигин кытта ийэм бииргэ торообуттэрэ олорсор этилэр. Ол дьонум игин араастаан барытынан аьата сатаан эрэйи муну корор этилэр. Дьоммутун харайбыппыт, ол кун хайдах тутуьан сылдьыбыппын отой ойдообоппун, барыта туул бит курдук саныыбын. Ол курдук оскуолам бутэьик сана дьылын куоттарбытым, сана дьылы корсубэтэ5им. Дьонтон барыларыттан тэйэн хаалбытым, кими да кытта кэпсэппэт чугаьаппат этим, куруук тобобор, харахпар ийэм а5ам убайдарым эрэ костоллор этэ. Бутэьигэр ытыыр хара5ым уута да суох буолбута. А5ыйах хонук иьигэр алдьархайдык уларыйбыт этим. Ыппырган, махма5ан, хара5ым анна куп куох, кыпкыьыл харахтаах.
Сал5ыы олох олоруохпун отой ба5арбат этим. Ийэлээх а5ам туохха барытыгар уорэппиттэрэ эрээти, кинилэрэ суох олорорго уорэппэтэхтэрэ. Уорэхпэр элбэх элбэ5и куоттарбытым. Дьиэбиттэн аймахтарбар олоро отой барыахпын ба5арбат этим, ол иьин дьиэбэр миигин кытта солбуйса сылдьан хонор этилэр. Арыый бэттэх со5ус кэлэн оскуолабар барар кэмим кэлбитэ. Уорэхпэр отой туьэн хаалбытым,сугун уорэммэт этим. Остуолбар умса туьэн барар харах уутун туьэрэ туьэрэ сытар этим. Учууталлар ойдууллэрэ, тыыппат этилэр. Онтон биир туун туулбэр а5ам кэлбитэ, аттыбар олорон тобобуттэн имэрийэ имэрийэ эппитэ:" сэгэрим, бырастыы гын со5отох хаалларан барбыппытыгар, олоххо туох ба5ар буолуон соп, киьи хаьан бу сиртэн барарын быьаарбат. Онтон эн бэринимэ, мин чыычаа5ым куустээх кыыс буолла5а дии, кыра сылдьар этэр этин ди улааттахпына куустээх кыыс буолуом диэн, онтукайгын толор, ситис. Биьиги эйигиннэн киэн туттабыт, туттуохпут. Дабай урдук сыырдары, кэрэттэн кэрэ5э эрэ талыс. Олох куьаган суолун батыьыма, олоххор барыта табыллыа. Кырачаан кыыспытыгар эрэнэбит, кытаат! Туох да буоллун бэринимэ!" диэбитэ. Уьуктубутум тыбыс тымныы колоьунунэн буруллубут этим. Эмиэ ытаабытынан барда5ым, ол сытан бээбэр тыл биэрбитим "мин дьонум ситэри олорботох олохторун хайаан да олоруом, сырдыкка кэрэ5э тардыьыам, бу олохпун кинилэргэ аныам. Барытын кинилэр тустарыгар оноруом!" диэбитим.
Ол курдук харана куннэр ааьан испиттэрэ. Мин дьонум туьугар, инники сырдык оло5ум туьугар, туох баар кууспун уохпун ууран туран уорэхпэр умса туспутум. Котуппуппун барытын ситиьэн, урукку турукпар арыый киирэн эрэр курдук этим, син оголору кытта тэннэ сылдьыьар этим, онтон туун буолла да5аны сыттыкпар хара5ым уутун туьэрэрим. Аймахтарым арыый уоскуйбут диэннэр, хоммокко кэлэ бара сылдьар этилэр. Уппулахан дьиэ5э со5отох олорор дьикти ба5айы этэ. Чуумпуга со5отох олордохпуна ийэм а5ам убайдарым кулсэллэрэ бу иьиллэргэ дылы. Заала5а турар истиэнкэ5э араас хаартыскалар тураллара, дьоллоох тугэннэри коро коро эмиэ ытыырым. Арай ойдоммутум оскуоланы бутэрэрим бу кэлбит эбит. Аны выпускнойбутугар хаччы хомуйааьына буолар. Юбилейнай выпуск буоларбытын быьыытынан, улахан тэрээьин ыытаары кыналлара, оннук курдук элбэх хаччы хомуйаллара. Мин аймахтарым бары бырахсаннар биэрбиттэрэ. Бырааьынньыкпар кэтэр танаспар эмиэ бары кыттыьан ылбыттара. Оннук курдук этэннэ экзаменнарбын туттартаан, выпускнойбар тиийэн кэлбитим. А5ам урут этээччи "о5ом оскуолатын бутэрэн урдук уорэхтээх киьи буолуо5а". Кини эппитин ситиьээри мин оскуолабын кыьыл мэдээлинэн бутэрбитим. Аттестаппын ыла туран уоьээ халлааны корон турар хара уутун туьэрбитим испэр "а5аа, мин ситистим" диэбитим. Ол курдук выпускнойбут учугэй ба5айытык ааспыта. Аймахтарым эмиэ хаччыннан кыттыьан оскуоланы бутэрбиккинэн диэн, абитуралыы бараргар диэн кырата суох суумма биэрбиттэрэ. Онтон дьэ абитуралыы барбытым, куоракка тиийэн а5ам бииргэ торообут быраатыгар туспутум. Араас уорэхтэргэ докумуоммун туттарбыппыт. Ол эрэн мин кырабыттан быраас буоларбын ба5арар этим. Ма5ан халааттаах дьоннору ааньал курдук корорум. Онтон дьэ биир утуо кун эбиэккэ ас астыы сырыттахпына убайым тиийэн кэлэн "ьыллыый, уорэххэ киирбиккин!" диэбитэ. Докумуон туттарбыт уорэхтэрбэр барытыгар киирбит этим. Онтон мин ба5арар уорэхпин талла5ым. Иннэ гынан быраас урдук уорэ5эр киирбитим. Хата уопсайыгар эмиэ киирбит этим. Уорэхпэр туйгуннук уорэнэр буолан, бары барытыгар кыттар буоламмын урдук стипендиялаах этим, оссо эбиитин потерябынан ылар этим, ол таьынан аймахтарым эмиэ ыыталлар этэ, уонна ас астаан ыытааччылар.Ол курдук уорэхпэр ананан баран сылдьыбытым. Сана сиргэ кэлэн сэргэхсийэн арыый чэпчээбит курдук этим. Дойдубар дьиэм со5отохсуйан тураахтыыра. 1 куурсу этэннэ тумуктээн, дойдубар тоннубутум. Оо дьиэбин ахтыбыт ахан этим, улааппыт тэлгэьэбин. Бу харахпар ойуулаан корбутум убайдарбын кытта сырсыакалаьа сылдьарбытын. Дууьам ыараабыта, сурэ5им тэбэрэ кууьурбутэ. Дьиэм аанын арыйбытым эчи кураана5ыын.. Аадьуо дьиэм иьин кэрийэ кэрийэ уруккуну санаан сиргэ олорон ытаабытынан барбытым. Онтон дьэ арыый уоскуйан сээкэйбин дьаьынан, дьиэбин быыллаан сууйан, ас астанан аьаабытым. Аьаан баран дьонум унуо5ар барбытым. Дьонум,кэлэрбин кэтэспиттии корон турар курдук этилэр. Тиийэммин туордуоннэрин ортолоругар олорон сыынсыйа сыынсыйа олохпор туох буолбутун кэпсээтим. Ол курдук оор да ор олорон баран, унуохтарын таьын ыраастаан, бэрээдэктээн баран дьиэм диэкки айан туппутум. Ол курдук сайыным бутэн эмиэ куорат диэкки айаннаатым. Эмиэ уорэх. Иккис куурус устудьуона буоллум. Эмиэ урукку курдук туох да уларыйыыта суох баран истэ. Онтон биир утуо кун дьуогэбин паарка5а сынньана бардыбыт. Ыскамыайга5а сэлэьэ олордохпутуна икки уол кэлэн бириэмэни ыйыппытаа буолан баран сал5ыы билсиьэн барбыттара. Иккиэн киьи сирбэт уолаттара этилэр.
Ол курдук икки уолаттар кэллилэр. Уьун унуохтаах, кэтит сарыннаах, уп уьун хойуу кыламаннаах, кэчигирэспит махма5ан тиистэрдээх иккиэн майгыннаьар ба5айы уолаттар этилэр. Ол эрэн аймахтыы буотах этилэр. Мин кордо короот биир уолун собулуу корон ылбытым. Мин да5аны киьи сирбэт кыыьа этим, ийэм курдук уп уьун хойуу хап хара баттахтаах этим, дьоннор этэллэринэн чо5улуччу корбут мооньо5он курдук харахтардаах этим, хойуу согус хаастаах кыыс этим. Ол эрэн отой оностубат этим, хайдах баарбынан сылдьарым. Хаьан да5аны уолу кытта билсибэтэх сылдьыбатах буоламмын наьаа кыбыстар этим. Ол уолаттарбыт дьэ кэпсээн ипсээн бого этилэр. Дьуогэм уолаттары кытары тургэн улугэрдик бэккэ диэн биир тыл булса уоруйэх буолан, дьэ хас да сыл билэттиирин курдук кэпсэтэр буолбута. Мин барахсан туораттан ол уолбун уоран коро коро мичээрдии мичээрдии олорбутум. Онтон биир уола дьуогэм номерын ылан баран барбыттара. Биьиги эмиэ олоро туьээн дьиэлээбиппит. Сарсынны кунугэр дьуогэбэр били уол звоннаан корсуоххэ диэн тыл котохпутэ( кыыьым собулуу корбут этэ ол уолу) дьэ уорууу котууу богото, ыстаналааьын хаьыытааьын богото. Ол курдук киэьэлик со5ус хас да чаас сиэркилэ иннигэр олорон оноьунна, бириэмэтин куут да куут, сотору сотору чаьыыны короттуур. Ону мин туораттан коро коро кулуу кына олордум. Онуохайа дьуогэм "дьэ кулэн эр, бэйэн да сотору маннык аймана сылдьар буолар инигин" диэбитэ. Онтон арай ханна эрэ ыраах ба5айы муузыка тыыьыр, ону баран иьиллээбитим телефонум тынкыныы а5ай сытар эбит. Корбутум билбэт нуомэрбиттэн хас да пропущеннай хаалбыт эбит, ону мин тотторутун эрийбэккэ "наадалаах киьи бээтэ эрийиэ5э" диэн баран ууран истэхпинэ эмиэ эрийдэ. Ылбытым били уол эрийэр эбит, куолаьын истэммин начаас билбитим. Ооо уордэхпиэээн, долгуйдахпыааан. Ол курдук эмиэ корсуох диэн буолла. Сымыйыаннан сиэккилэ иннигэр коруммутэ буолан баран корсо барда5ым ди. Чэ ол курдук кылгастык эттэххэ наьаа учугэйдик сылдьыбыппыт, биирдэ да уолу кытта сылдьа илик буоламмын наьаа кыбыстар этим. Онтон соторуннан уорэнэн наадыйбат буолбутум. Ол курдук кинилиин ус ый курдук инник до5ордоьо сылдьыбыппыт. Онтон биир кун олохпун тосту уларыппыта, кини "мин эйигин таптыыбын, биир суолунан айаныахха" диэбитэ. Мин са5а дьоллоох киьи суох этэ. Бэйэбин син арыый оностор корунэр буолбутум, оннуу курдук сырсар уолаттар элбээбиттэрэ. Биьиги араас элбэх ыарахаттары, кунуулээьини, албыны туораан кэлбиппит. 2 сылбытыгар кини миэхэ ис сурэхтэн тобугар туран "аны биьиги суолбутун хаьан да арахсыбаттыы холбуохха, эн миэхэ уоьэттэн анаммыт киьитэгин, дьыл5абыттан ылбыт кэьиим, олохпун сал5ыы эйигинниин сал5ыахпын ба5арабын уонна эйигинниин тумуктуохпун ба5арабын. Эн миэхэ кэргэн тахсыан дуо?" диэн тыллары эппитэ. Мин уоруубуттэн ытыы ытыыбын сыллаан ууран "аьаа" диэн тылы таьаарбытым. Уолум туьунан сырдаттахха кини толору дьиэ кэргэнтэн сылдьар этэ, бииргэ торообуттэр тордуолэр, бары уолаттар, кини уьус ого. Эрдэ предложения оноро илигинэ дойдутугар дьонун кытта билиьиннэрэ илдьэ бара сылдьыбыта. Дьоно наьаа сылаастык корсубуттэрэ. Ийэтэ наьаа уйан киьи этэ. Мин дьоммун сутэрбиппин билэн ытаан ылбыта( ону кытта мин эмиэ, туттуна сатаабытым да5аны сатаммата5а). Дьоно миэхэ кэпсээбиттээрэ, кыыс о5олонуохтарын наьаа ба5араллара уьу, ол эрэн уоьэттэн анаабатахтар уьу, ол оннугар кийиит ыыппыт эбит диэбиттэрэ. Чэ ити курдук бэйэлэрин кыыстарыгар курдук сыьыаннаьар этилэр, таптаан, кэлэ бара сыллыы сылдьар этилэр. Миэхэ ийэлээх а5ам оруолларын толорор курдук этилэр. Маннык дьонно тубэспиттэн наьаа да уорэбин. Уолум миигин ойдоон " эн фамилиягын ылыам, эн дьонун аатын ааттатыан,кинилэр бииьин ууьун тар5атааччы буола5ын" диэн мин фамилиябын ылбыта, дьэ дьикти араспаанньалаах этибит, ахсааннаа5а буолуо. Кэргэним инник быьыытыттан наьаа сохпутум, уонна оссо тапталым оссо кууьурбутэ. Кини уорэ5ин бутэрэн уже улэьит буолбута. Аан бастаан аймахтарбыт дьиэлэригэр ылассык олоро сылдьыбыппыт. Мин сана 5 куурус этим. Ол сылдьан хат буолбуппун билэн халлаанна котуохпун кынатым эрэ тиийбэт этэ. Кэргэммэр эппиппин кэннэ балконна таххан " мин дьоллоохпуун, махтал эйиэхэ махтаааал" диэн сарылаабыта. Барахсан хара5а ууламмыт этэ. Кэргэним атаахтатар харыстыыр а5ай этэ, мээнэ аьылыгы сиэппэт этэ. (арба бээбиттэн 4 сыл а5а). Ити курдук кыьынны томороон тымныыларга уол о5ону кун сирин кордорбутум. Кэргэним дьоно комолоьонноо, мин аймахтарым комолоьоннор 2 хостоох квартира ылан биэрбиттэрэ. О5обут кэргэним оттугэр саамай маннайгы сиэн этэ, дьэ иннэ гынан иннигэр кэннигэр суурэлии сылдьар этилэр. Биьигитини кытта эбээбит олорсоро, сиэнин короро. Куммут ыйбыт о5обутуттан тахсар. Оннук курдук кэргэним ийэтин кыттта туох да5аны утарылаьыы тахсыбакка бэйэ бэйэбитин ойдоьон ойоьон наьаа учугэйдик олорбуппут.
Оссо биирдэ бырастыы кынын, сал5ыытын хайаан да ситэриэм.
Автор: куустээх санаалаах кыыс - 17 декабря 2016 23:46
Мин кылгастык оло5ум туьунан кэпсииргэ сананным. Мин ыал саамай кыра, со5отох кыыстара этим.Оскуола туйгун уорэнээччитэ, бастын спортсмена, сурун активииьа этим.Кыталык курдук нарын намчы ийэлээх, хорсун хоодуот а5алаах, икки эмдэй сэмдэй убайдартаах кыыс этим. Убайдарым эмиэ бастынтан бастын этилэр диэххэ.Ийэлээх а5абыт иккиэн урдук таьымнаах улэ5э улэлиир этилэр, ол иьин биьиги кырабытыттан туох да итэ5эьэ суох улааппыппыт, ба5арбыппыт барыта баар этэ. Ол эрэн атаах буотах этибит, наьаа ону маны кордообот этибит. Биьиги ийэлээх а5абыт куустээх тапталларыгар улаатыннарбыттара, дьонно утуо сыьыаны бэлэхтииргэ уорэппиттэрэ, бэйэ-бэйэбитин куруук ойоьо-ойдоьо сылдьарга уорэппиттэрэ. Буоларын курдук кырабытыттан бар дьонно барыларыгар туохтан да аккаастаабакка барытыгар куус комо буолар этибит. Биьиги ыал куруук бииргэ сылдьар этибит, тас дойдуга таххарбытыгар да буоллун айыл5а5а да таххарбытыгар буоллун. Ийэлээх а5абыт этиьэллэрин кыыьырсалларын ойдообоппун, ол эрэн кыра моккуор баар буолаачы биирдэ эмитэ. Чэ кылгатан эттэхпинэ биьиги дьоллоох дьиэ кэргэн этибит.Билигин этибит эрэ диибин..
Саамай улахан убайым миигиттэн 4 сыл а5а этэ, онтон биир убайым 3 сыл. Кинилэр студенны сылдьар кэмнэригэр олус да со5отохсуйааччым, ким да дьээбэлээбэт, мэниктэспээт, оххуспаат(убайдарбын кытта дьээбэлэьэн оххуьан ооньооччубут). Ол курдук кэлэр куннэрин аа5ан тахсар этим барыахтарыттан, кун аайы эрийэн ыйыталлара холобура "туох сонун?оскуолага туох сана баар?ким бааьар?" диэн. Чэ ол курдук сыллар хонуктар баран испиттэрэ. Мин оскуоланы бутэрэр сылым этэ. Сана дьыл са5ана дьонум куоракка убайдарбын сылгылыы таарыйа куоракка барар буолбуттара. Ол курдук дьэ куоракка этэннэ тиийэн убайдарбын ылаттаан тоттору дойдуларын диэкки айан туталлар. Мин сарсынны кун тургэнник уунэрин курдук эрдэ ба5айы утуйбутум. Кэтэьэрим бэт буолан буолуо, бириэмэ наьаа бытааннык барар этэ, ор ба5айы утуйбакка сарсынны куну саныы сыттым, ол сытан утуйбуппун ойдообокко хаалбыппын. Онтон сарсыарда бачча5а кэлиэхтээхтэр диэн эрдэ суоттанан турбутум. Бириэмэ барар да барар, арай дьонум суохтар. Эбиэт буолла, суохтар. Эрийэ сытаатым да5аны тиийбэт хайаларыгар да5аны. Бэйэбин уоскутунаары, чэ суол хаттыраан ол иьин налыччы иьэллэрэ буолуо дэнэр этим. Сотору сотору туннугу одуулуу одуулуу сылдьыбытым, хас массыына тыаьын онойон корорум. Эбиэккэ астаабыт аьым номнуо сойбута ырааппыт. Таьырдьа харанарда, дьонум кэм да кэлэ иликтэр. Дьиэбэр суоссо5отохпун, ким да суох. Дьэ ыксаатым, игин араас дьонно барыларыгар эрийэн ыйыталастым, ким да билбэт. Хайдах буоларбын, кимиэхэ эрийиэхпин билбэккэ олордум. Долгуйуубуттан хара5ым уута бу утэн кэлэр. Чэ оннук курдук ону маны саныы саныы барбах олоро тустум. Арай телефонум тыаьаата, ылбытым, ийэм бииргэ торообут эдьийэ эрийэр этэ уонна " иэдээн буолла" диэбитигэр хара5ым харанаран барбыта, илиим сап салыбырас буолан хаалла, онтон нэьиилэ салыбырыы сылдьар куоласпынан "туох?" диэн тылы ыган таьаардым. Эдьийим "дьонун..дьонун"диэт ытаан киирэн барда. Мин онно тута ойдоотум туох буолбутун. Ханна эрэ тугэххэ эдьийим ытыыра онон манан иьиллэн ылар этэ.. Хайдах сиргэ олоро баар буола туспуппун бэйэм да ойдообоххо хаалбытым, сатаан тыыммын сэниэлээхтик ылбакка биир сири одуулаан оор да ор олордум. Онтон ыраа5ынан аан тонсуйар тыаьа иьиллэр этэ, сатаан турбакка олорбутум курдук олорбутум. Аймахтарым иэдээн буолбутун билэннэр , телефоммун ылбаппын иьин долгуйан ыксаан ааны тонсуйа тураллар эбит. Мин сэниэм суох, тыыным тиийбэт, тулам хабыс харана, биир да уот холбонон турбат. Аймахтарым ыксаан ааны алдьатан киирбиттэригэр, дьиэ ортотугар илиибэр телефоммун туппутунан олорор уьубун. Дьонум аьыйан ытыыр этилэр. Дьон кэлбитин, уот аьыллыбытын кэннэ арыый бэттэх кэлэн эрэр курдук этим. Онтон куускэ туох баар сэниэбинэн тыын э5ирийэн баран часкыйбытынан ытаан то5о барбытым. Ол курдук хас да куну быьа аьаабакка утуйбакка дьиэбэр сыппытым. Маннык буолбутугар отой итэ5эйбэт этим. Орго дылы киирэн кэлэллэрин кэтэьэр этим. Тууннэри кунустэри ытаан хонор этим. Миигин кытта ийэм бииргэ торообуттэрэ олорсор этилэр. Ол дьонум игин араастаан барытынан аьата сатаан эрэйи муну корор этилэр. Дьоммутун харайбыппыт, ол кун хайдах тутуьан сылдьыбыппын отой ойдообоппун, барыта туул бит курдук саныыбын. Ол курдук оскуолам бутэьик сана дьылын куоттарбытым, сана дьылы корсубэтэ5им. Дьонтон барыларыттан тэйэн хаалбытым, кими да кытта кэпсэппэт чугаьаппат этим, куруук тобобор, харахпар ийэм а5ам убайдарым эрэ костоллор этэ. Бутэьигэр ытыыр хара5ым уута да суох буолбута. А5ыйах хонук иьигэр алдьархайдык уларыйбыт этим. Ыппырган, махма5ан, хара5ым анна куп куох, кыпкыьыл харахтаах.
Сал5ыы олох олоруохпун отой ба5арбат этим. Ийэлээх а5ам туохха барытыгар уорэппиттэрэ эрээти, кинилэрэ суох олорорго уорэппэтэхтэрэ. Уорэхпэр элбэх элбэ5и куоттарбытым. Дьиэбиттэн аймахтарбар олоро отой барыахпын ба5арбат этим, ол иьин дьиэбэр миигин кытта солбуйса сылдьан хонор этилэр. Арыый бэттэх со5ус кэлэн оскуолабар барар кэмим кэлбитэ. Уорэхпэр отой туьэн хаалбытым,сугун уорэммэт этим. Остуолбар умса туьэн барар харах уутун туьэрэ туьэрэ сытар этим. Учууталлар ойдууллэрэ, тыыппат этилэр. Онтон биир туун туулбэр а5ам кэлбитэ, аттыбар олорон тобобуттэн имэрийэ имэрийэ эппитэ:" сэгэрим, бырастыы гын со5отох хаалларан барбыппытыгар, олоххо туох ба5ар буолуон соп, киьи хаьан бу сиртэн барарын быьаарбат. Онтон эн бэринимэ, мин чыычаа5ым куустээх кыыс буолла5а дии, кыра сылдьар этэр этин ди улааттахпына куустээх кыыс буолуом диэн, онтукайгын толор, ситис. Биьиги эйигиннэн киэн туттабыт, туттуохпут. Дабай урдук сыырдары, кэрэттэн кэрэ5э эрэ талыс. Олох куьаган суолун батыьыма, олоххор барыта табыллыа. Кырачаан кыыспытыгар эрэнэбит, кытаат! Туох да буоллун бэринимэ!" диэбитэ. Уьуктубутум тыбыс тымныы колоьунунэн буруллубут этим. Эмиэ ытаабытынан барда5ым, ол сытан бээбэр тыл биэрбитим "мин дьонум ситэри олорботох олохторун хайаан да олоруом, сырдыкка кэрэ5э тардыьыам, бу олохпун кинилэргэ аныам. Барытын кинилэр тустарыгар оноруом!" диэбитим.
Ол курдук харана куннэр ааьан испиттэрэ. Мин дьонум туьугар, инники сырдык оло5ум туьугар, туох баар кууспун уохпун ууран туран уорэхпэр умса туспутум. Котуппуппун барытын ситиьэн, урукку турукпар арыый киирэн эрэр курдук этим, син оголору кытта тэннэ сылдьыьар этим, онтон туун буолла да5аны сыттыкпар хара5ым уутун туьэрэрим. Аймахтарым арыый уоскуйбут диэннэр, хоммокко кэлэ бара сылдьар этилэр. Уппулахан дьиэ5э со5отох олорор дьикти ба5айы этэ. Чуумпуга со5отох олордохпуна ийэм а5ам убайдарым кулсэллэрэ бу иьиллэргэ дылы. Заала5а турар истиэнкэ5э араас хаартыскалар тураллара, дьоллоох тугэннэри коро коро эмиэ ытыырым.
Арай ойдоммутум оскуоланы бутэрэрим бу кэлбит эбит. Аны выпускнойбутугар хаччы хомуйааьына буолар. Юбилейнай выпуск буоларбытын быьыытынан, улахан тэрээьин ыытаары кыналлара, оннук курдук элбэх хаччы хомуйаллара. Мин аймахтарым бары бырахсаннар биэрбиттэрэ. Бырааьынньыкпар кэтэр танаспар эмиэ бары кыттыьан ылбыттара. Оннук курдук этэннэ экзаменнарбын туттартаан, выпускнойбар тиийэн кэлбитим. А5ам урут этээччи "о5ом оскуолатын бутэрэн урдук уорэхтээх киьи буолуо5а". Кини эппитин ситиьээри мин оскуолабын кыьыл мэдээлинэн бутэрбитим. Аттестаппын ыла туран уоьээ халлааны корон турар хара уутун туьэрбитим испэр "а5аа, мин ситистим" диэбитим. Ол курдук выпускнойбут учугэй ба5айытык ааспыта. Аймахтарым эмиэ хаччыннан кыттыьан оскуоланы бутэрбиккинэн диэн, абитуралыы бараргар диэн кырата суох суумма биэрбиттэрэ.
Онтон дьэ абитуралыы барбытым, куоракка тиийэн а5ам бииргэ торообут быраатыгар туспутум. Араас уорэхтэргэ докумуоммун туттарбыппыт. Ол эрэн мин кырабыттан быраас буоларбын ба5арар этим. Ма5ан халааттаах дьоннору ааньал курдук корорум. Онтон дьэ биир утуо кун эбиэккэ ас астыы сырыттахпына убайым тиийэн кэлэн "ьыллыый, уорэххэ киирбиккин!" диэбитэ. Докумуон туттарбыт уорэхтэрбэр барытыгар киирбит этим. Онтон мин ба5арар уорэхпин талла5ым. Иннэ гынан быраас урдук уорэ5эр киирбитим. Хата уопсайыгар эмиэ киирбит этим. Уорэхпэр туйгуннук уорэнэр буолан, бары барытыгар кыттар буоламмын урдук стипендиялаах этим, оссо эбиитин потерябынан ылар этим, ол таьынан аймахтарым эмиэ ыыталлар этэ, уонна ас астаан ыытааччылар.Ол курдук уорэхпэр ананан баран сылдьыбытым. Сана сиргэ кэлэн сэргэхсийэн арыый чэпчээбит курдук этим. Дойдубар дьиэм со5отохсуйан тураахтыыра. 1 куурсу этэннэ тумуктээн, дойдубар тоннубутум. Оо дьиэбин ахтыбыт ахан этим, улааппыт тэлгэьэбин. Бу харахпар ойуулаан корбутум убайдарбын кытта сырсыакалаьа сылдьарбытын. Дууьам ыараабыта, сурэ5им тэбэрэ кууьурбутэ. Дьиэм аанын арыйбытым эчи кураана5ыын.. Аадьуо дьиэм иьин кэрийэ кэрийэ уруккуну санаан сиргэ олорон ытаабытынан барбытым. Онтон дьэ арыый уоскуйан сээкэйбин дьаьынан, дьиэбин быыллаан сууйан, ас астанан аьаабытым. Аьаан баран дьонум унуо5ар барбытым. Дьонум,кэлэрбин кэтэспиттии корон турар курдук этилэр. Тиийэммин туордуоннэрин ортолоругар олорон сыынсыйа сыынсыйа олохпор туох буолбутун кэпсээтим. Ол курдук оор да ор олорон баран, унуохтарын таьын ыраастаан, бэрээдэктээн баран дьиэм диэкки айан туппутум. Ол курдук сайыным бутэн эмиэ куорат диэкки айаннаатым. Эмиэ уорэх. Иккис куурус устудьуона буоллум. Эмиэ урукку курдук туох да уларыйыыта суох баран истэ. Онтон биир утуо кун дьуогэбин паарка5а сынньана бардыбыт. Ыскамыайга5а сэлэьэ олордохпутуна икки уол кэлэн бириэмэни ыйыппытаа буолан баран сал5ыы билсиьэн барбыттара. Иккиэн киьи сирбэт уолаттара этилэр.