Кэпсээ
Войти Регистрация

АДЫН ЧАС

Главная / Кэпсээннэр / АДЫН ЧАС

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
18.11.2024 12:17
19 0

Содержание

Автор: NikBas 15 мая 2017 17:30

1 сырыы

5-ис кылааска үөрэнэ сылдьан маҥнай куоракка күүлэйдии кэллим. Дьонум аймахтарбар Саҥа Дьыллыы диэн ыыттылар. Син сылдьымахтаан дьоммор тиийэр автобустары игин биллим. Соҕотоҕун сылдьар игин буоллум. Биир үтүө күн остановкаҕа тоҥо-хата турдум. Биллэн турар киэһээ эрдэ хараҥарар, мин эрдэ тиийиэхтээх киһи онно-манна аралдьыйаммын дэлби хойутаатым. Барыта туман, тыбыс-тымныы. Автобус кэлэн абырыа дуу, хайыа дуу... Дэлби тоҥнум, аччыктаатым. Аны чаһыы хас буолбутун билбэккэбин өссө ыксал. Дэриэбинэ оҕото буоламмын олох да буорайдым. Остановкаҕа ким да суох. Арай биир ***** ааһан иһэр (ол билигин санаатахпына). Дьэ, мин туох баар ньуучалыы билиибин мунньаммын ыйытааччы буоллум:

  • Ыскажите пажалыста, ысколько ЧАСОВ?

***** олох да өйдөөх баҕайы сирэйин туттан баран этээччи буолла:

  • Слющай, малчык. Нармалный чэлабек носит АДЫН ЧАС! - сонун сиэҕин тиэрэн көрдөрөр хайыыр (бокуойа да бэрт), - Нада гаварыт сколко ВРЕМЬ! - диэтэ уонна хааман туман иһигэр киирэн сүтэн хаалла. Баҕайы инньэ гынан бириэмэтин эппэккэ барбыта. Бүттэхпит ити. Хата автобус сотору кэминэн кэлэн абыраабыттаах.

2 сырыы

Биирдэ үлэбиттэн иһэн аҕам аахха ыалдьыттаан аастым. Аҕам суох, үлэтиттэн кэлэ илик, эдьиийим эрэ баар. Ырбаччы тоҥон, сылаас киллэринээри, аҕам ылбыт саҥа "өйдөөх" чаанньыгыттан (ол саҕана сыана, 2002 сыл) чэй куттаары били үөһээҥҥи баттыыр кнопкатын батары анньан кэбистим! Онтон соһуйан, ыксаан, далбаатанааччы буолан остуол үрдүгэр иитиллэ турбут радиотелефону (стационар баар эрээри аҕам үлэтигэр туттаары ылыммыт) сарбыйан кээстим, аны онтукпун тутаары (реакциялаах баҕайы киһи курдук) тута сылдьар чааскыбын истиэнэҕэ тоҕо саайдым. Осколоктара илиибэр киириэхтэригэр диэри. Дьаабы, хаан-сиин, маат-куут! Ити барыта чыпчалыйыах бэтэрээ өттүгэр! Эдьиийим илиибин бэрэбээскэлээн, бэйэтэ урукку чаанньыгы хостоон уу оргутан чэй кутан саалаҕа аҕалан биэрдэ. Дьэ син уоскуйан итии үүттээх чэйбин сыбдыйа-сыбдыйа телевизор көрөөрү дистанционканы ыллым... Холбуурун баттааппын эрэ эмискэ "Пацццсс!!!" гынна да телевизор кэнниттэн буруо таҕыста. "Кэбис! Батя кэлэ илигинэ хайыһар кэтэргэ!" - диэт бэйэм дьиэбэр ойдум. Аҕам лаппа хойут үлэтиттэн кэлбит быһылааҕа, тоҕо 10 игин диэки эрийбитэ уонна биир эрэ тылы эппитэ: "Чума!"

3 сырыы

Убайбынаан кустуу сылдьабыт. Оччолорго бэһис-алтыс кылааспын. Күһүн. Үс күөллээх алааска табаарыстарбытынаан бардыбыт. Дьэ, сээкэйдэрбитин ууран, чэйдээн күөллэрбитигэр киирдибит. Мин отой да булчута суох киһи (саам да суох) отой улуу булчут курдук тутта-хапта сылдьабын. Убайбын кытары олоруохтаах миэстэбитигэр хааман иһэбит. Мин сааннан аҕыйахта ыппыт буоламмын отой "ыттыы" ытыахпын баҕарабын! Оннук саныы истэхпинэ убайым: "Эн ытаар сөп", - диэтэ уонна саатын туттаран кэбистэ. Көрүө этигит ол түгэҥҥэ бу сордоох сирэйин. Били сүөгэй сиэбит куоскаттан туох да уратыта суох ини. Харахтарым отой уулааҕынан-хаардааҕынан ыган кэллилэр, оннук үөрдүм. "Сэрэнээр, предохранителя мөлтөх!" - диэн буолла. Ол иһэн биир ааһан иһэр кусчуту көрсөн убайым кэпсэтэ турда. Син балай да сэлэстилэр. Ол тухары мин саабын имэрийэртэн бокуой суох. Биир кэм убахтаа да убахтаа. Сыллаабаппын эрэ быһылаах. Ол да буоллар предохранителим куһаҕанын өйбөр хатыы сылдьабын. Дьонум кэпсэтиилэрэ инньэ-кэннэ биллибэт буоларын саҕана ботуруоннарбын хостотолоон кэбистим, сэрэххэ уонна сиэппэр батары биэртэлээтим. Дьэ, хата кэпсэтэн бүттүлэр. Бардыбыт. "Билигин ол онтон ити киһи ытыаҕа, онон сааны аҕал", - диэн киһини уйадытта. Арыый өһүргэммит киһи быһыытынан титиристээбит куоласпынан: "Ботуруоннары угун" - диэн баран, били сиэппэр уктубут ботуруоннарбын уунан биэрдим. Сааһакааҕа киирэн олордубут. Мин ыттарбатылар диэн туох да ылар биэрэр суох "үллэн" баран олоробун. Сотору күөл нөҥүө баһыттан саа тыаһа "ДАДАЦ" гынна, убайым хаптас. "Хамсаама! Хамсаама!" - диэн тииһин быыһынан сыыйан саҥарар хайыыр. Икки кус көтөн даллаҥнаһан иһэллэр эбит, лаппа алларааннан. Мин барыта харах, кулгаах, тыыммат да буоллум. "Тыыныма!" - диир. Отой чугас кэлбиттэригэр саатын уоһун оргууй көтөҕөн чыыбыһын тарта онтуката "ЧИК" гынна. Түргэн үлүгэрдик мин диэки көрө ылла: "Осечка!" - диэн кыһыйбыт саҥата иһилиннэ. Иккис уоһун тарта, онто эмиэ "ЧИК" эрэ гынна. Чуумпу алаас иһин убайым абарбыт хаһыыта аймыы түстэ: "Ботуруон суоооооох!!!!" Ээ, мин оннук улахан иэдээн хаһыыныы истээт сааһаккам курдат тыа саҕатыгар ойо турдум. Били ботуруоннарбын киһим эмиэ ситэбигэр уктан баран дьаабылана сылдьар эбит.

4 сырыы

Аргы киhини онно-манна тиэрдэн. Биир үтүө киэһээ теплайга баар кафешкалары "кэриискэҕэ" дылы кэрийэ сылдьан индьириччи пиибэ бөҕөтө истим. Сиэбим иһэ хап-хачыгырас хаһыытыы сылдьар харчы, паспорт (тоҕо илдьэ сылдьыбыппын ыт да билбэт), сотовай (2004 сылга крутой раскладушка) дьэ мин киһи өҥ-түү бөҕөтө. Бу киһини күндүлээ, ити киһиэхэ аргыта кут буола сырыттым. Дьиҥэ икки буолан сылдьыбыппыт. Кыргыттардыыр игин былаан ПЭДДЭСЭЭТ... Хантан... Ол фестиваллыы сылдьан табаарыспын ханна эрэ сүтэрбиппин. Биирдэ өйдөөбүтүм теплай иккис муостатын аттыгар толпаны кытары сылдьабын. Пиибэ үрэҕинэн устар, гитара тыаһа куугунас. Мин гитараҕа солуута суох лабый да лабый, тымырым күүрүөр дылы ыллаан ыгылын да ыгылын, биримээнэ давлением тахсар игин быһылаах. Чэ ол курдук син олорбохтоон баран "манна чугас дьиэ баар, онно барыахха" диэн тема көтөхтүлэр. Ол кэмҥэ мин лаппа "сылайан" дьоммун отой кыҥаан эрэ көрөбүн. Төбөбөр туох киирбитэ буоллар, "ситиэм" диэн баран табах уматта турдум, муоста анныгар... Харахтарбын нэһиилэ арыйдым... Бастаан биирин, онтон иккиһин. Иэдээн... Муостам анныгар (почти) олорбутунан, табахтаан баран "аут" бараахтаабыппын! Төбөм дьалкыҥныы сылдьар, харахпар хараҥар хайыыр. Айаҕым иһигэр үөр куоскалар улуу ыһыах ыһан ааспыттарын кэриэтэ амырыын амтан... Сирэйбин туттан көрөбүн - ыалдьыбат (кырбамматахпын биллим). Ол эрэн син-биир хайдах эрэ тугум эрэ тиийбэт курдук. Атахтарбын умса көрөн олорон хара күүспүнэн табахтаатым. Көрдөхпүнэ атаҕым тарбахтара бэйэлэрин олохторунан олорор курдук хамсаан бөҕө. "Хайдахтар эрэ ити тарбахтар, тугу эрэ толкуйдуу, үөнү бэрилии сылдьаллар быһылаах" - диэн "гони" гына олордум. Испэр күлэбин. Онтон дьэ оройго бэрдэрбиттии санаатым!!! Хайдах атаҕым тарбахтара таах көҥүл-босхо тахсаннар хамсаныы бөҕө буола сылдьаллар?! Били саҥа бачыынкам сыттыын да суох. Андаатырдарым (носки) кытары көстүбэтилэр. Тулабын кыҥыы сатаатым да суохтар. Кууркам баар (саҥа кожанай бандитка), телефон, харчым, паспорым - барыта баар! Бачыынкаларым уонна андаатырдарым эрэ суохтар!!Өссө табахтаатым. Автобустар хайыы-үйэ сылдьыбыттар, массыыналар да тиллэн эрэллэр. Дьоллоох Дьокуускай куорат саҥа үлэ күнүн көрсөн, саһарҕа уотугар түннүктэринэн күлүмүрдүү оонньоото. Плять да буолар эбит! Уу аттын көрдүм - "хантан кэлиэй!" Наһаа чаһыы ыраата илигинэ барар санаа кэллэ. Аны ЯГУ аттынан ааһар буолан ыксал ПЭДДЭСЭЭТ! Сиргэ "Харк!" гына күүскэ соҕус силлээт түһүнэн кэбистим. Муостаҕа атах сыгынньах хаамар оһуобай эбит. Тымныыта үчүгэйин, отой буһан иһэр мэйиибин тилэхпинэн киирэн сөрүүккэтэр курдук. Онно ньамайан туруом да ЫКСАЛ! Ол, бастакы студеннар, преподтар уонна кимэ-туга биллибэт дьон оргууй быгаталаан эрэллэр. Мин атаҕым тарбахтарын кумуччу туттан баран (санаабар оччоҕуна ким да атах сыгынньахпын көрбүө суохтаах курдук саныыбын) хааман бусхаҥнатыы. Ларектан пиибэ ыла оҕустум уонна дьиэлэр быыстарыгар киирэн хааллым. Пиибэлээх сырыттахпына дьоннор: "Аргылаан баран атаҕын таҥаһын сүтэрбит", - диэхтэрэ диэн бу акаарыгыт бэрт толкуйдаах. Ол хайдахтаах киһи хараҕын тыыра тардаат хара сарсыардаттан куорат устун наскылара да суох атах сыгынньах лаһыйан иһиэй?! Чэ, ол бириэмэтигэр тоҕо эрэ итинник санаабытым. Тилэҕим тыаһа сарсыардааҥҥы чуумпу двориктарга отой ньиргийэн олорорго дылы. Пиибэбин ыймахтыыбын, ханан бардахпына аҕыйах дьон хараҕар хатанарбын лихорадочно толкуйдуубун. Петровского табаарыспар киирэн атах таҥаһын уларсарга санаа киирдэ. (Манна кыратык тохтуом... "Тоҕо харчылаах аата таксиламматын?" - диэн бастакы уонна сөрү-сөптөөх ыйытыы киириэхтээх Күндү Ааҕааччыга. Эппиэт: Ол түгэҥҥэ оннук санаа киирбэтэҕэ даҕаны. Тоҕо диэтэр, кыбыстыыта бэрт дии санаабытым, эбиитин КУРАЛЕЙ). Петровского киирэн истэхпинэ икки үчүгэй да кыргыттар утары иһэллэр. "Баҕайылар! Бачча сылаас сарсыарда утуйа сыппакка харахтарын тыыра көрөөт ханна кыймаҥнастылар эмиэ?!" - диэн өссө кыыһырыахчабын. Атаҕым тарбахтара отой бэйдиэ сылдьалларыттан кытарчы кыбыстан туора хаама сатаатым да кыргыттарым миэхэ утары туора хаамтылар! Дьаабы балаһыанньа буолла, ситуация критическэй. Хата, суол кытыытыгар от оҕото үүнэн турарын көрөммүн онно ойон түстүм да кыргыттар ааһалларын манаан турдум. Мин манёвырдарбын "аппайар акаары" эрэ өйдөөн көрбөтөҕө буолуо. Кыргыттар дьиктиргээбиттии көрөллөр, тугу эрэ сипсиһэллэр. Мин сордоох атахпыттан внимания араара сатаан сирэйбэр харахтарын хатаатыннар диэммин айаҕым муҥунан ырбайан саайдым уонна: "Үтүө сарсыарданнан!" - диэн доргуччу соҕус ньиргиттим! Кыргыттар "чиккэс" гына түстүлэр уонна лаппа түргэтээн хааман сыбдыраҥнастылар. "Бардылар ээ хата!" - диэн эрдэ үөрэн, быстах санааҕа киирэн биэрэн, абыраллаах оппуттан тахсааппын кытары биирдэстэрэ эргийэн көрдө дуу, хайа үөдэн дуу - кыргыттарым иэрийэ-иэрийэ күлүү бөҕөтө буоллулар. Сирдээн тимириэхпин сирим кытаанаҕа бэрт, халлааҥҥа көтүөхпүн кынатым суох!!! Омуммар Петровского уулусса кытары миигин күлүү гынарга дылы буолла. Кыргыттар диэки сутурукпун көрдөрөөт табаарыһым дьиэтин диэки сүүрэн куугунаттым. Атаҕым саллайан, тилэҕим элэйэн кэһэйдэ. Тиийбитим аны "эмэһэҕэ тэп" диэбиккэ дылы домофоннарын ылбатылар, ааннарын арыйбатылар. Аны бу ыксалга ким да тахсан биэрбэтэ. Тоҕус этээс тухары биир да тыынар-тыыннаах тахсан абырыа дуо!!! Ыксал. Бардым. Аны дьонум 17 кварталга олороллор... "Собаке ноги держал!" - диэни истибиккит дуу, суоҕа дуу? Катастрофа. Оргууй Октябрьскай уулуссаны Сбербанк өттүнэн өҥөс гынным: дьон син баар, массыына да хойдубут. П*****! Туруом да?! Ынырык серьезнай сирэйбин туттан баран, атахтарбын отой да ырааҕынан тэбиэлээн хааман бардым. Отой маннык буолуохтааҕын курдук тутта сылдьабын. Дьон хараҕын утары көрөбүн. Автокзалга тиийиэхпэр дылы дьон бөҕөтүн күллэрдим, сорох массыыналар тохтуу-тохтуу сигналлыыллар, түннүктэрин арыйа-арыйа алларастыыллар! Бэйэбин Дьокуускай куорат тус личнэй клоунун курдук сананным, абардым, кыбыhынным... Ол тухары син-биир такси игин тохтоппокко Горькова диэки киирэммин Кированнан Паркабар тиийдим. Парканнан барыахпын атахпын оттон-мастан (мас киириэ) харыстаабыта буолан Областной кытыытынан Манньыаттаахха киирдим. Ити эҥээргэ отой "ниндзя" курдук сырыттым. Хата дьонум чугаһаан санаам биллэ көтөҕөлүннэ. Эрдэ көтөҕөллүбүт... Манньыаттаахтан Газпром остановкатыгар дылы (ол саҕана) ЩЕБЁНКА сытарын бу хара сордоох отойдуун да харааччы умнан кэбиспит эбит. Окко киирэн да туһа суох, онно эмиэ сыталлар. Таастара кытаанаҕын, сытыытын!!! Отой да бу кэлбит киһи аны чаас аҥаарын курдук итиччэ кыра хаалбыт суолу хаамтым. Дьаабы. Дьонум дьиэтэ көстүбүтүгэр боруоста хараҕым уута кэлэ сыста үөрүүбүттэн! Сап-салыбырас киһи дьиэ кирилиэһигэр нэһиилэ кэллим. Атахтарым уотунан умайаллар, сүгүн үктэппэттэр. Хата эдьиийим таһырдьааҥҥы кирилиэһи сууйа сылдьар эбит, онон тааска сылаас ууну кутан марганцовкалаан таһааран биэрдэ. Бэйэтэ быара суох күлэр да күлэр. Мин саҥарар да кыаҕа суох таһырдьааҥҥы кирилиэскэ олороот атахтарбын ууга батары биэрдим уонна чэпчээн отой уҥа сыстым астыгыттан! Ол олорон толкуйдуубун: "Бачыынкабын били толпаҕа баар ыччаттар итирбиппин кэннэ илдьэ барбыттара буолуо дуо? Эмиэ да андаатырдарбын кытары ылыа этилэр. Ону ааһан харчылаахпын, телефоннаахпын кытары билэллэрэ. Аны хачыгырыы сылдьар саҥа кожа кууркам эмиэ баар... П***** бачыынкалара ханна хаампыттарый оччоҕуна?!" Оннук толкуйдуу олордохпуна аны күтүөт таҕыста. Сирэйбин көрдө уонна "Дорообо" диэт маҕаһыыҥҥа барда. Тыбыс тымныы пиибэлэри аҕалан биири арыйан туттарда. Дьэ, спокойнай обстановкаҕа олорон, тыбыс-тымныы пиибэ сиип гыннара-гыннара оргууйдук бэҕэһээҥҥи түүнү эргитэ саныы олордум... Дьэ өйдөөтүм туох буолбутун!!! "Бардыбыт дьиэҕэ", - диэбиттэригэр, - "Ситиэм!" - диэн баран атах сайҕана сатаабытым (итинник гоннаахпын). Табахтаан баран, атахтарым таҥаһын устаммын, андаатырдарбын бачыынкаларым иһигэр уган баран туора уурарбын өйдүүбүн. Атахпын илитэр этим курдук... Онтон туох эмиэ гениальнай өйбөр киирбитэ буоллар, аны бачыынкаларбын сайҕыы сатыы сылдьарым. Онно дэлби сэниэм эстибит быһылааҕа, бачыынкалары майдары ууга ыытан кэбиспитим (наһаа корабликтаах оонньооботум ини)!!! Онтон санаарҕаан муоста анныгар, арыый кытыыннан олорон, биир хаалбыт пиибэни "с горя" иһэр этим... Онтон табах уматтыбытым, аҕыйах затяшка оҥорбутум дуу, суоҕа дуу... Дьэ онтон сарсыарданнан өйдөнөн кэлбитим. Чэ, онтон туох буолбутун бэйэҕит да аахтыгыт ини.

Киһилии дьон бастакы саҥарбыт тыллара "Мама" да "Папа"...
Киһилии дьон бастакы саҥарбыт тыллара "Мама" да "Папа".
Утуйуом иннинэ куруутун хоруоска кирэн баран утуйар үһүбүн. Аны ол хоруоскабын моҕотойго дылы дэлби иэдэhим быыһыгар кыбынан баран утуйбуттаахха айанныыр буолан дьоммут куттуур эбиппин. "Бу оҕо хоруоскатыгар харара буолуо!" - диэн, ол айдаана үһү. Кэккэ табааарыстар утуйуом иннигэр, симиммит (хаhааммыт) хоруоскабын хостоору, айахпын хаһан аҕыс айдааны таһаараллар эбит. Кэлин син үөрэммиттэр. Арай биир үтүө күн ийэм барахсан ас астыы сылдьыбыт, мин обургу утуйан бусхайа сытар үһүбүн. Этин хотороору туспа иhиккэ ылан остуолга ууран истэҕинэ, мин утуйар хоспуттан: "Аһаатыам!" - диэн ынырык чуолкайдык киһи саҥарбыт. Ийэм сүрэҕэ "ПАЛК!" гына сыспыт. Хос ааныгар чугаһаан, өссө иһиллээбит. Эмиэ:"Аһаатыам!!!" - диэн саҥа иккистээн лаппа этиллибит. Сэрэнэн-сэрэнэн хос аанын сабыытын быыһынан өҥөс гынан көрбүтэ доҕоор! Мин "оҕонньор" уһуктан ороммор олорор үһүбүн уонна били хоруоскабын иэдэһим быыһыттан хостоон ылан сии олорор үһүбүн. "Аһаатыам!!!" - диэн докладтыы-докладтыы ыстаан имитии. Бастакы тылым оннук үһү.

Куттас «Кус»

Биир харана туун Кус сурэх диэн сурдээх куттас сордоох иhэ ыалдьан буhа -хата сыппыт. Дьыала дэриэбинэ5э буолан тахсар сирэ таhырдьа. Туун. Хабыс харана куhунну туун, туннук нөнуө көрдөххө бэйэтин оло5унан олорорго дылы. Били сордоох отой ыган кэлбитигэр дьиэлээхтэрин (утуйан бусхата сытар дьону) кэрийэ сылдьан тахсыhалларыгар көрдөһөр. Биллэн туран бары "ыраах-чугас сирдэргэ" ыыталлар, аны туран убайыттан сынньылла сыhан отой буорайар. Дьэ ууга-уокка туhэн таhырдьа өнөйөн көрөр. Ыас харана ыйыстан кэбиhиэх курдук кураанах харананнан онойон көрсөр, Кус сурэх дьиэ5э төттөру ойон туhэр. Көлөһунэ уу-чаккырас буолан тымныы сууругунэн көхсун иэнинэн быыстала суох тохтор. Салгын да таhаарыан куттанар буолла, аны уба5астаах ыытан иэдээни оноруон ыстаана да ахсааннаах, туруусуга онноо5ор да а5ыйах. Муннанан-эрэйдэнэн, куус уонна эр санаа ылан баран дьиэ аанын тэлэччи арыйа тардаат харана айа5ар умсары ойон тахсар да туалет диэки ыстаннарар. Чуут-чаат эрэйинэн куутулээх дьааматын атыллаан ыстаанын сулбуру тардан олоро биэрээт били туун анаарын быhа мунньубут ба5айытын тыбыыран саайда. Чэпчээбиччэ хара5ын уута кэлэн ылла. Ол эрэн уол билэр, таhырдьа харана, онтон биллэн туран харана5а элбэх араас билиибэт харамайдар кинини тутаары тиистэрин-тынырахтарын килэтэн сиэри-аhаары куутэн тураллар. Дьэ тургэн улугэрдик бутэн кумаа5ы имиттэ олордоҕуна эмискэ туалет хайанаhыттан:"Ыксаама, бэйэм сотуом!" - диэт туу буолбут ытыс быган кэлээт сотон "НЬАЛК" гыннаран кэбистэ! Кус сурэх сип-билигин чэпчээн баран кураанах иhиттэн тугун айылаа5ын булан эбитэ буоллар, гынан баран бастакытынаа5ар өссө ордук хойуутук тыбыыраат туалет аанын кытары холбуу дьиэтин иhигэр баар буолан хаалбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалбыт. Хайдах сулбуруйбут ыстааннаах суурбутун ким да билбэт. Арай биллэр, ыстаанын иhигэр тыбыырбыт кэhиитин илдьэ киирбитин. Онон биир ыстаанынан итээн турардаах.

Истибит кэпсээним

Биир бэртээхэй күн дэриэбинэ хачыгаардара Бүөтүр уонна Шурик түүҥҥү дежурства кэнниттэн солбуйааччы сменаны күүтэн олордулар. Бүөтүр аҕа киһи быһыытынан Шуригы туох да ылар-биэр суох дьаһайар, солуута суох соруйар. Сменаны бэрээдэктээх туттарыахтаахтар. Кырдьаҕас бүтүннүү тобугуран хаалбыт искиэрэтин хонноҕун анныгар дылы тардына-тардына сурунаалын толоро олордо. Дьэ биир сменщик кэлэн һуу-һаа буоллулар. Иккистэрэ суох. Кэлбит сменщик бөтүөнчүккэ аһыйбыт, бөлөнүөх буолан хаалбыт үүтү соһо сылдьар эбит. Бүөтүр обургу ону көрөөт үөрэн ымах гынар: "Хайа бу үүккүттэн бэрис эрэ", - диир киһи буолан биэрэр.

  • Па. Аһыйбыт, ону ааһан бөлүөхсүйэн хаалбыт.
  • Оо! Ол аата суорат буоллаҕа! Шурик, куруускаларгын хостоо. Уол түргэн үлүгэрдик икки иһити аҕалан биэрдэ. Иккилии куруусканы боруоста ыймахтаан кээстилэр. Дьэ иккис сменщиктарын күүтэ таарыйа телевизор көрө олордулар. Бүөтүр өҥө-түүтэ былыыр үйэҕэ баран хаалбыт искиэрэтин солуута суох өрө тардынар, Шурик бэйэтин иһин иһиллии олордо. Иһигэр туох эрэ дьалкыҥныыр, оргуйар курдук... Сменщик суох... Туһата суох сарсыардааҥҥы передача көстө турар... Бүөккэ отой да искиэрэтигэр сууланаары гыммыт курдук дьаабылана олорор... Арай доҕоор, Бүөтүр сирэйэ үллэ кытара түстэ, көлөһүн кыырпахтара киэҥ нэлэгэр сүүһүгэр күлүмнүү оонньоотулар, искиэрэтин ахтатыттан лаппаахы саҕа баппаҕайынан харбаан ылаат аллараа тарда тарда сүр улаханнык хаһыытаан саайда: "Хайа бу тугуооооооооооооой!!!" Шурик эдэрэ сытыыта бэрт буолан ойон тураат соҕотох туалекка ыстаннарда уонна сирэйэ-хараҕа суох хатанан кээстэ. Бүөтүр обургу искиэрэтин ахтатыттан ууннары тардан баран орулуу-орулуу дьиэтин диэки ахчаранныы турда...

Добавить комментарий