Кэпсээ
Войти Регистрация

Кыталык үҥкүүтэ

Главная / Кэпсээннэр / Кыталык үҥкүүтэ

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
18.11.2024 14:27
14k 0

Содержание

An image to describe postАвтор: Никифоров Валерий Иванович - СуорУола 28 февраля 2016 14:10

  • Били абааһы кыыһа бу ханна саста?- диэн хотуна Араппыана, хачыр дьоннор олорор балаҕаннарын аанын аһан, киирбэккэ эрэ тастан үөгүлээтэ. Балаҕан иһигэр, аҕыһын ааһан эрэр Саргычок кыыс куттанан, көмүлүөк оһох кэннигэр түстэ. – Хотуй...Саргычок, кэл эрэ бэттэх –диэн Араппыана, кыыһы таба көрөн бэйэтигэр ыҥырда. Саргычок кыыс көмүлүөк кэнниттэн тахсан, хотунун диэкки баҕарбаттыы, балаҕан буор муостатын көрө-көрө аатыгар эрэ чугаһаабыта буолан хааман иһэрин көрөн – Хайа сыадаҥнаан иһиий –диэн хаһыытаан тоҕо барда Араппыана.

Кыыс ону истээн, хотунун иннигэр баар буола түстэ. – Эт эрэ хотуй, били Сибэккии манна баар дуо?

  • Ки...ким? – диэн кыыс ыйытта.
  • Ким, ким Ньургуһуну этэбин ээ, далай акаары...-диир Араппыана.
  • Ээ, манна баар –диэн Сарргычок буруйу оҥорбуттуу туттан , төбөтүн сөҥөттө. Араппыана кыыс манна баарын истэн, дьээ балаҕан иһигэр киирэн муннун саба тутунна – Бу туох аатаах, кусаҕан сытай?. Тугу манна сытыта сытаҕыт дуу, ити ааҥҥын сэгэтэн кэбис эрэ хотуй -диэн кыра кыыска соруйда. Саргычок хотуна эппитин, толорон нэһиилэ ааны арыйа батаан кэбистэ. Араппыана тиийэн сабыыны арыйа батаабыта, кини көрдүү сылдьар Ньургуһуна бу сытар эбит. Ону көрөн турбахтыы түһэн баран сытар кыыска саҥарда.
  • Бу хатан истэнэн, төрөөбүтэ буола сытаҕын?. Хайалара оҕото буоларын эт диибин дии? –диэн төрөөрү сытар Ньургуһун кыыһы ыххайда. Дьон бу кыыһы уора көстө Сибэкии диэн таптаан аатыыларын Араппыанаҕа үрүҥ дьиэ иһигэр үлэлиир Кэтэҕэрээн Аанчык диэн, бу сытар Ньургуһун саастыыта кыыс кэпсээбитэ. Ньургуһун ыарытыйа сытар буолан, хотуна ыйытыытыгар эрэ кыһаллыбакка таныыта киирэн бэйэтэ эрэй бөҕө көрө сытар буолан эпиэтээбэтэ.
  • Сатана баара, хайа таххан эрэр дуо? –диэн Араппыана кыыстан ыйытта . Кыыһа оҕото тахсан эрэрин биллэрэн, хотунун диэкки көрөн сөбүлэһэн биллэрдэ. – Уу...дьэ кэм, билигин кими эмэ ыытыаҕым. Эн төрөөтүм диэн уонна киэбирэ сыппаккаҕын, сарсыҥҥатан үлэҕин үлэҕэр тахсаргын умнума. Өйдөөтүҥ дуо? –диэн ордоотоото Араппыана. Кыыс тугу да саҥарбакка , хараҕын куоттаран улаҕа диэкки эргийэн хаалла. Араппыана балаҕантан тахсан барарыгар ааны сапппакка эрэ дьиэтин диэкки ыксаабакка хааман тиийэн. Били Кэтэҕэрээн Анчыкка эттэ.
  • Хотуй баран Балбаараны ыҥыран, ити хачыр дьиэҕэ кэлэр үһүгүн диэ эрэ, онно ити били Сибэкки төрүү сатыы сытарын, кэлэн төрөтөн биэрдин. Миигин эттэ диэ. Чэ бар ыксаа, аны сатаан төрөөбөккө итиччэ үчүгэй үлэһитэ суох хаалан хаалыам. Аанчык иһитим –иһиппэтим диэбэккэ хотуна эппитин истээн, Балбаара олорор дьиэтигэр тэбиннэ.

Дьигинэн эттэххэ Араппыана бу кыыска кыыһырара оруоннаах этэ . Кини эрэ Бааһынай Балантыын диэн бу дьоннор тутаах тойонноро, ити эдэр кыыска хараҕын хатаабытын, Араппыана бу саас өйдөөн көрбүтэ. Кинилэр олорбуттара уонча сыл буолла да, кинилэргэ оҕо үөскэбэккэ куотан эбэтэр оҕо төрөөтөҕүнэ да биирин туолбакка баран хаалан, биэс алта сылы быһа эрэй бөҕөтүн көрбүттэрэ. Эрэ Балантыын биир биллибиит –аатырбыт Ойууну аҕалан көрүү көрүүлэннэрбитигэр. Ойууна биир сибэккии курдук кэрэ дьүһүнээх кыыс оҕолонууһуккун диэбитэ, ол гынан баран бэйэҥ ойоххутан буолбакка атынтан диэн, Балантыыҥҥа Ойуун кэпсээбитин истибит дьоннор Араппыанаҕа бэт буолаарылар кэпсээн биэрбиттэриттэн ити куттанан сүүрэ көтө сырыттаҕа. Ол кэпсэтии буола турдаҕына Балантыын, дьэ өйдөнөн атын истэ олорбут дьоннору барыларын үүртэлээн, соҕотоҕун Ойууну кытта элбэҕи кэпсэппитэрэ. Дьон тиахсан барбытын кэннэ Балантыын Ойуунтан ыйыппыта.

  • Кырдьаҕас, атынтан диэн ол тугу эттэххиний?. Мин ити ойохпун таптыыбын ээ. Эн киниэхэ оҕо уйатын оҥорон биэрэр, кыах баар буоллаҕына оҥорон биэрэҥ буоллаҕа этэ. Оҕо төрүүр ууһуур буоллаҕын, мин эйиэхэ үөр сылгыннан, ыанар ынаҕынан ону таһынан отуур ходуһаннан төлөһөүөм этэ.
  • Бэйэ тохтоо...Маҥнай мин этэрбин иһит...- диэн саҥара олорор Балантыыны Ойуун саба саҥаран, ыраах ханна эрэ баар тугу эрэ көрөрдү, дүҥүрүн кыра кыратык охсон ыла-ыла саҥаран барда – Ол да кыыс төрөөтөҕүнэ, элбэх эрэйи муҥу көрүүһү.

Бу олоххо улахан уларыйыы тэлэрийии, иирсээн айдаан бөҕөтө кыыс оҕо олоҕор мэһэйи тэһэйи үөскэтиэ турдаҕа. Кыыс оҕо, ийэ аҕа тапталын билбэккэ кыра эрдэҕиттэн элбэх ыалларынан кэрийэн оҕо аатын сүгүө сыттаҕа. Ол гынан баран, атын олоххо, атын көрүүлээх истиилээх дьон быыһыгар улаатан. Өйүн санаатын хам батаан , айыллыбыт аналын туһаммакка эрэй бөҕөтүн көрөрө турдаҕа. Онтон ити, бэйэ бэйэлээх ойоххор оҕо уйатын тутан да, көмө буолуо дии санаабаппын. Тоҕо диэн ыйытар буоллахха, ити дьахтарыҥ төрөппүт аҕата Улуу Удаҕан дьахтары “ Эн баҕас туох баардаах буолан” –диэн дьон бөҕөтө ортотугар күлүгүн кэлэн үктээбитин сабыдыала өтө сыттаҕа. Ол Удаҕан кыыс онно ойоҕун аҕатыгар кырыс тылларын эппитэ. “ Мин баҕас тугу гыныам сыттаҕай? . Эн утары тугу да гынар каҕым суох. Оҕо бөҕөтүн оҥоруоҥ, онон бүтээхтиириҥ буолуо. Этэргэ дылы киһи күлүгн быһа хаампын, бэйэтин удьуорун олоҕун быһа хаамар дииллэринэн туһанан эттэҕим буоллун “ диэбитэ үһү ол Удаҕан дьахтар. Ол иһин ити ойоҕуҥ бииргэ төрөөбүттэрэ, биир да оҕото суох . Ол Удаҕан Дьахтар эппит тылларын, элбэх биһиги курдуктарага көтүттэрэ сатаан көрдөспүттэрин үрдүнэн ким да ылсан баҕарбат. Сиэри туому тутустуннар диэн эмиэ биир өйдөбүл буолан эрдэҕээ. Ол эн кыыс оҕотун хааларар кыыскын көрөөт да бэйээҥ билиэҕиҥ, онон көрдүү сатаама. Кэмигэр бэйэтэ кэлиэҕэ. –диэн соһуппута Балантыыны Ойуун.

Ньургуһун, кыыс оҕону оҕоломмут сураҕа бу кыракый түөлбэ олохтоохторугар түргэнник тарҕаммыта. Кыыс оҕо төрөөт, тула өттүн ханна кэллим диэбиттии үөрэтэрдии көрөн баран биирдэ дьэ ытаан тоҕо барбыта. Кинини көрсүбүт Балбаара, төрөттө эрэ төрөппөтөҕө эрэ бу төрөөбүт кыыстан дьиксинэ санаабыта. Балбаара били кэпсиир Удаҕан Дьахтар урукку дьүөгэтэ этэ ээ. Балбаараны ол дьүөгэтин харахтара уун утары көрөн туралларыгар дылы санаан ылбыта. Балбаара төһө да дьүөгэтин иһин, киниттэн олус улахханык диэн толлор этэ. Кинилэр кыра эрдэхтэриттэн, баайдарга хамначчытынан үлэлээн кэлбиттэрэ. Маҥнай утаа кыыс оҕо, оҕо курдук мэниктээн баардааҕын биллэрэ илик кэмэ этэ. Онтон биир күһүҥҥү түүн, ол кыыс дьоннорун балаҕаннара хардаҕастан уот ыстанан умайан хаалбыта. Ортолоон умайан эрдэҕинэ, дьоннор көрөн кыыһы өйө суох сытарын эрэ быыһаан таһаарбыттара. Дьонноро буроҕа тумнастат, суорума суолламмытара. Кыыс хас да ыйы быһа, өйө суох сытан баран бэттэх кэлбитэ. Бэттэх кэлбитэ диэн буолуо дуо, хаһан да үөрбэт барытын тоҥулу көрө сылдьар саҥата иҥэтэ суох , күлүккэ кубулуйбута. Дьоннор кыыһы өйүнэн хамнаабыт дии санаан, аһынар эрэ этилэр. Бу кыыс оҕону аһыммыт дьоннор бэйэлэригэл ылан олордор буолбуттара. Онтон кыыстара сотору соҕус буолаат баардааҕын биллэрэн киирэн барбыта. Ол курдук, иитиллэн олорор Суоруна Арамаанааҕын дьиэлэригэр хантан эрэ айанаан иһиэр киһи киирэн ыадьытаан тохтообутугар, сандалыга ону маны кэпсээбитэ буолан аһыы олорор киһигэ кыыс суптуу хааман тиийэн, ол киһини утары көрөн туран эппитэ.

  • Эн тоҕо бу сымыйыаннан кэпсээним диэн кэпсии олороҕун?. Бу дьон туохтаах буолуохтара диэн куһаҕан санааҕын кистэнэн манна кэллиҥ?. Мин эйигин өтө көрөбүн, дьоннор тыынарын быһыталаан, халаан талаан барар идэлээххин билбэтэ буолуо диэн олороҕун дуо?. Олох сип-сибилигин мантан бара оҕус...-диэн кэлбит киһини , тарбаҕынан ыйан туран ис-иһиттэн саҥарбыттыттан ыадьыттара саҥатыттан матан, соһуйбуттуу улаатан эрэр кыыһы көрөн аҕай олорон баран. Иһин түгэҕэр туох эрэ диэн саҥаран баран, куругар иилинэ сылдьар быһаҕын ылан кыыс диэкки хасаннан итэҕинэ, кыра кыыс тарбахтарынан сирэйин тырыта тыытаары кыммыттыы токуччу тутан баран чугаһаан иһэр киһигэ “ ЧА” диэтин кытта, киһитэ көстүбэт эркинтэн кэтиллибитти тиэрэ баран түһэн иһэн итии чааньыгы бэйэтин сирэйигэр тоҕунна.

Онтон сиртэн ойон туран, кыыс диэкки куттаммытыы көрөн сиргэ атаан олордо.

  • Мантан бар диэтим дии...-диэн кыыс атаан олорор киһи сырайын өҥөйөн туран хаһыытаата. Киһитэ сөбүлэһэн, сээкэйинн да хомуммакка таһырдьа тахсан айан аартыгын диэккиннэн, сүүрэ турда. Итини барытын Суоруна Арамаан кыыһа Балбаарыска ийэтин кытта, көрөн олордохторуна буолбута. Ол киһи балаҕантан тахсан барарыгар, кыыс өйүн сүтэрэ буор муостаҕа охтон түспүтэ.

Бааһынай Балантыын бу түөлбэҕэ атын улуустан, бу улуус кыыһын ойох ылан көһөн кэлбитэ. Бэйэтин улууһугар аҕатыгар мэһэй буолумаары бу ойоҕун олорор түөлбэтигэр олоҕун оҥостоору быһаарыммыта. Сыл баһыгар атаҕар суол турдаҕына, эт арыы хомуйан Бодойбоҕо кууһунан баран туттараан кэлэр. Ону таһынан ол бу бултуур тэриллэри аҕалан, улуустары кэрийэн атылаан дохуот киллэринэр этэ. Бу сырыытыгар кини аҕалбыт эттээх арыытын, лааппы атыыһыта кыра санаҕа ылаары аҕыйах сумманы этэн Балантыын сырыым таах хаалыа диэн, бэт кыратык эптэрэн кууһунан туттарн дойдутугар төннүбүтэ. Онно хонон өрөөн сыттаҕына, биир дойдулаахтарын саха дьоннорун кытта кэпсэппитигэр. Ити тутар сыаналарынааҕар быдан үрдүк сыанаҕа атыылыыларын туһунан кэпсээбиттэрэ. Үлэһит дьон бириискэ тойотторун дьаһалларын сөбүлээбэттэрин, утары туран айдаарыахтарын баҕаралларын туһунан кэпсээбиттэрэ. Балантыын дойдутугар төннөн иһэн, элбэҕи эргитэ санаата. Бу саас хачыр кыыһы көрөн сөбүүлээн өй мэй буолан иирэ сылдьыбыта, ол кыыһа киниттэн истэммитин билэн били ыҥыра сылдьыбыт ойууна эппитин санаан кэлэн ол туһунан толкуйдуу олорор. Иһигэр эмиэ үөрэр да, ойоҕун эмиэ таптыыр кудук быһылаах. Дьэ сор диэтэҕиҥ, ойоҕо биллэҕинэ ол кыыһы киһи гыммата биллэр суол. Арай ол кыыстан оҕолонноҕуна бэйэлэригэр ыланнар, оҕо гынан ииттэхтэринэ. Оҕо турбат дьиэтигэр ылан оҕо дьылҕатын алдьатара эмиэ хайдах эрэ сатамат курдук быһылаах. Бэрэ...били туох дэббитэ этэй? Элбэх эрэйи...Сору моҥу көрүүһү... Ол аата оҕом сыыһа, эрэй сор бөҕөтүн көрөрүн хайдах эмит гынан тохтотор киһи. Биир эмит улуу киһиттэн хайдах гынарбын сөбүлэттэрбит киһи. Бэйэм хааммын, бэйэм оҕобун көрөн олорон баҕас атаҕастаппатах буолуохтаахпын. Сатаатар ыраахтан көрөн истэн, көмө буолар инибин. Сибэкиибин, наһаа да аҕынным...Ойохпун кэнникиннэн хайдах эрэ санаабат, наар ити кыыс эрэ туһунан толкуйдуур курдукпун. Ойоҕум барахсаны аһынабын да хайыахпыный, дьылҕа хаан ыйааҕа диэн сыттаҕа дии. Били этэллэригэр дылы хас биирдии киһи олоҕо, кинигэҕэ курдук барыта сурулла сылдьар үһү диэни истибиттээҕэ. Чахчы оннук буолар буоллаҕына, арай ол сурулла сылдьары киһи уларытара дуу... Кусаҕаннаах лииһин тырыта тыытан ылан быраҕан, бэйэҥ баҕарбыккынан суруйан биэрэр баар ини. Эбэтэр ол кинигэҥ лииһин тырыта тыыттаххына, онно тута олоҕуҥ быссатара дуу. Оо дьэ хаарыаны, оҕом сыыһын кинигэтин ылан көрбүт киһи баар ини. Кыаллар буоллаҕына төһө сатыырынан уларыттара сатыа этэ буоллаҕаа. Төһө да харчыны кэрэйбэккэ кутан биэриэ этэ. Чэ маҥнай дойдутугар тиийэ охсуоҕун наада этэ. Сибэккиитэ төрүүр кэмэ кэлбит буолуохтаах. Төһө да кыыс буолбутун иһин, бэйэ хаана буоллаҕа. Баҕар кэлин, баҕар уол да баар буолуо...Бу да киһи аны ону маны санаан –диэн бэйэтиттэн, бэйэтэ күлэн ылла.

Кыыс оҕо төрөөбүтүн истээт Араппыана сүрэҕэ ытырбахталаан ылла. “ Санаабыт санаам, ол да иһин кини оҕото. Сатана баара, дьэ дьиикэй кэллэххинэ сирэйгин хараххын көрүллүө турдаҕа. Ама миэнэ буотах диэн аккаастанар үһүгүн?. “ диэн оҕонньорун мөҕүттэ санаата. Ол гынан баран, эмиэ да оҕонньорун аһына саныыр. Хайа эр киһи оҕолонуон баҕарбат буолуой?. Кинилэр да хасы быһа сордоно сатаабыттара да, оҕо үөскээн биэрбэтэҕэ. Онно буруйдааҕынан кини төрөппүт аҕата буоларын дьон барыта билэр. Уонна уос номоҕо гынан, дьонтон дьоҥҥо кэпсэл гынан илдьэ сырыттахтара. Ол Удаҕан кыыс баара эбитэ буоллар, баран илэ бэйэтиттэн тиийэн көрдөһөн көрүө этэ буоллаҕа. Онто баара ханна барбыта биллибэккэ тааһы ууга бырахпыттыы мэлийэн сүтэн хаалбыта. Дьон кэпсииринэн иһиттэххэ биир саас симэхтэрин, таҥаһын таҥнан мыраан үөһээ тахсан халлааҥҥа көппүт курдук кэпсииллэр. Дьиҥнээх эрэ сымыйа, ким билиэ баарай. Ол удаҕан кыыһы көрбүт истибит дьон бу түөлбэҕэ элбэхтэр ээ. Кини аҕата ол кыыстыын иирсибит айдааннара туохтан тахсыбытын , кини хантан билиэҕэй. Билигин аҕата суох, кини бииргэ төрөөбүттэрэ хайалара да ыччаттана илик. Кини да оҕолонуон баҕарбат үһү дуо?. Билигин даҕаны, сааһа ыраата илик. Арай ити куоракка киирэн луохтуурга көрдөттөхтөрүнэ туох эмит билиэ эбитэ дуу. Ити таҥаралара диэн баҕар Удаҕан тылын хоторо эбитэ дуу. Били киһим кэллэҕинэ, куоракка киирэн луохтуурга көрдөрөрүн кэпсэтиллиэ, уонна таҥараларын дьиэтигэр баран ыраастыыларын ыйыталаспыт киһи кусаҕана суох буолуо. Дьэ онтон ити кыыһы оҕотун кытта, хайдах тугу гынабын?. Бачча тымныыга саҥа төрөөбүт кыра оҕолоох дьахтары үүрэн кэбиһэр, анньыыта да бэт. Төһө да таптаабытым, миэнэ диэбитим да иһин, ама хайаан оннук гыннахпыный. Оҕонньорум эрэйдээх , бэйэтин улууһуттан арахсан бу мин дойдубар көһөн кэлэн, манна хам баттаппыт курдук сылдьаахтыырыттан киһи да аһынар. Арай... ити кыыһы бэйэбитигэр ылан оҕо оҥоһуннахпытына?. Ону бэйэбэр ылыныам дуо?.- диэн Араппыана элбэҕи толкуйдаата санаата. Дьигинэн эттэххэ Араппыана наһаа кусаҕана суох. Аһыныгас ис киирбэх киһи буолара. Төһө да баай кыыһа буолбутун иһин, кыаммат дьадьаҥы дьоннору аһынар буолара. Кыра сылдьан аҕата үлэһиттэрин кырбыырын көрө –көрө аһынан ытыыр буолара. Бэйэтин курдук кыра хамначчыттарын оҕолоругар, куруутун аҕата аҕалбын минньигэс аһыттан куруук аҕата көрбөтүнэ кистээн бэссэр идэлээҕэ. Ол курдук киниэхэ чугас дьүөгэтинэн Балбаара эмээхсин кыыһа Оруоса буолара. Билигин дьүөгэтэ, атиын улууска кийиит буолан олорор. Оруосаны син сэнэх ыал оҕото көһөрөн илдьэ барбыта. Биирдэ эмитэ дьүөгэтигэр баран ыалдьытаан, хонон өрөөн кэлээччи. Хата дьүөгэтигэр баран кыһалҕатын кэпсээн ипсээн кэллэҕинэ сатаныыһы быһылаах диэн быһаарынна Араппыана.

Бааһынай Балантыын дьиэтигэр чугаһаатаҕын аайы, ойоҕуттан куттанара баһыйан истэ. Хайдах гынан туох диэн этиэн, олох да саарбахтаан мэдьэстэҕинэ да сатанар курдугун толкуйдаталыыр. Ким көрөн турбута баарай?. Эмээхсинэ Араппыана дьэ үчүгэй диэбэтэ чахчы. Арай эммээхсинэ бу мин оҕом, атын киһиттэн диэн киниэхэ эттэҕинэ кини да сөбүлүө суоҕа этэ ээ. Дьэ туох буоларын. Айбыт таҥара бэйэтэ быһаарар ини. Кини туораттан уора көстө көмөлөһүөм дии сананна.

Араппыана дүөгэтигэр Оруосаҕа сыарҕалаах атынан тиэллэн кэлэн , эһэ тириитэ олбоҕуттан нэһиилэ оронон туран улахан нууччалыы тутуулаах дьиэҕэ киирэн.

  • Ыалларга эҕэрдэ буоллун, туох кэпсээн? –диэн таһырдьаттан киирбит киһи быһыытынан эҕэрдэлии көрүстэ. Оруоса хос иһиттэн урукку хотун кыыһын саҥатын истэн, хос сабыытын сэгэтэн көрдө.
  • Оо...хата бу Хотунум Араппыана бэйэтинэн тиийэн кэллэ дии. Мин эһиги диэкки бара сылдьыбыт киһи диэн эрбин эрбии сылдьтыбытым. Киир киир, кыргыттар тиийэн ыалдьыты сыбытахтыы охсуҥ эрэ.- диэн дьиэтин үлэһит кыргыттарыгар сордохтоото. Икки кыыс кэлэн Араппыанаҕа соҥун, таҥаһын устарыгар кэлэн көмөлөөн бардылар.
  • Хайа бу?. Бу кыыс аны хачыр кыргыттардаммыкын дуу? –диэн Араппыана , Оруоса иһиттин диэн улаханнык саҥарда. Хостон Оруоса таххан кэлэн Араппыана иннигэр кэлэн турунан кэбиспитигэр , Араппыана дьэ биирдэ өйдөөн көрдө. Оруосата улахан истээх кини иннигэр тэскэйэн турарын.
  • Уай бы кыыс...Арааһата чугаһаабыт дии хотуй –диэн Арапыана дьүөгэтэ истэммитин көрөн үөрэн сэгэйдэ.
  • Чугаһаан, чугаһаан түөрт уонча хонугунан тахсара буолуо дииллэр- ичээн эмээхситтэр.
  • Хата бу үчүгэй сонун эбит. Хайалара үһү?. –диэн Араппыана Оруоса иһин кэлэн икки ытыһынан, сэрэнэн тутан туран ыйытта.
  • Уол, уол диллэр ээ. Мин бэйэм да оннук саныыбын – диир Оруоса үөрбүтүү.
  • Дьэ мин эйигин ахтаммын бу кэллэҕим үһү. Мин киһим били сиригэр, этин арыытын туттара барбыта. Бу күннэргэ кэлиэхтээх, тэһийиминэ мин эйиэхэ хоно өрүү кэллим.
  • Хата диэ, дойдум сонунун истибэтэх ыраатта. Наһаа ыксаабат инигин? – диир Оруоса.
  • Суох, кимнээх буолан ыксахпыный. Эдэр сааһым доҕоро эн эрэ хаалан сылдьаҕын дии. Ээ ол аата, эриҥ дьиэ үлэтигэр эйигин харыстаан ити оҕолору ыллаххыт дии?.
  • Ол дьиэ үлэтэ туох ыараханаах буолуой?. Ити эрим харыстаан сордоно сырыттаҕа. Бэйэтэ куоракка аттаммыта, хаһан кэлэрэ эбитэ буоллар. Хата дьуөгэм кэлбиккэр наһаа да үөрдэхпин –диир Оруоса.

Дьэ дьаабы диэтэҕиҥ

Били ааҕаачылларым харчы бырахсан кинигэ тахсарыгар көмөлөһүөххэ диэн ыҥырыыгытын туһанан, суруйаачы чилиэнэ киһи биһи аапытын киртиттиҥ диэн улахан айдааны тэрийдэ. Норуот бэйэтэ баҕаран туран тэрийбит хамсааһынын, миигин бэйэбин сааппакка умналаһа сылдьар курдук саҥаран Батсаап эйгэтин толордо. Эбэтэр норуот сөбүлүүр диэн, ымсыы санаата быһа сиэбитэ дуу?. Суруйааччылары сыыска буорга тэпсибэккэ ити көрдөһүүгүн тохтот диэн, миигин сырай харах анньар. Мин этэ сатаабытым эһиэхэ, саатаах кыбыстыылаах дьыала диэн.

Киэһээтин бэйэлэрэ эрэ иккиэйэх хаппахчыга сытан Араппыана , санаатын дьэ арыйда. Кыра эрдэҕиттэн хотунун оҕотун истэ үөрэммит Оруоска истэригэр эрэ тиийддэҕэ дии.

  • Оруоска, мин эн курдук чугас дьүөгэм суох миэхэ. Аттыбар баар дьахталлар миигин хотуннарын эрэ курдук истэллэр. Кинилэргэ киһи ис санаатын этэн туһа суох. Сүбэлиээхтээҕэр истэригэр кэһэйдин диир буоллахтарына да көҥүллэрэ. Мин ама хайа дьахтар курдук оҕолонуоҕун баҕарбат буолуохпунуй. Ол аҕам , сиэри туому тутуспакка кэбилэммитигэр биһиги эпиэтиирбит наһаа хомолтолоох быһыы. Чэ ити хааллын...Мин эйиэхэ биири этээри гынабын. Оҕонньорум, биир хачыр кыыска оҕо оҥорон кэбиспит. Мин маҥнай уутаа, күнүүлээн ол кыыһы бу тымныыга таһырдьа үүрэн кэбиһэр санаалаах этим. Онтон кэлин сыта тура толкуйдаан баран санаатахпына, ол кыыс туох буруйдаах буолуой. Мин ол кыыс оҕотун аһына саныыбын. Арай ол кыыстан оҕотун, көрдөөн ыллахпына туох буолуой диэн санааҕа кэллим. Ону буу эйигиттэн ыйытаары, сорунан туран бу айаннаан кэлбит быһыым. Эн миигин кыра эрдэххиттэн билэҕин, төһөлөөх эйигин көмүскэһэн хараҕым уутун тохпуппунуй. Мин бииргэ төрөөбүт эдьийдэрбинээҕэр миэхэ эн быдан чугас курдук буоларыҥ. Сорох кэм тоҕо мин балтым буотаҕай диэн санаалар киирэтэлиир этилэр мин оҕо санаабар. Дьэ дьүөгэм эрэ буолларгын, кистээбэккэ итугу саныыргын этэргин көрдөһөбүн –диэн Араппыана, Оруоска илиитин тутан олорон, ааттаһар кэриэтэ эппитэ. Оруоска итини истэ олорон, кыра оҕо сылдьыбыт кэмнэрин санаан ылла. Тоһутар тымныылаах дьохсун кыһыҥҥа буолбүт түгэн хараҕар ойууланан кэллэ. Кинилэр онно алталаах-сэтэлээх кыргыттар этилэр быһыыта. Хамначчыт дьонордоох кыыс ханан үчүгэй таҥастаах буолуой. Хотуна Араппыана ийэтэ кыракый кыыһы, тыаттан кытыан хомуйтара сордох биэрбитэ. Оруоска хотуна эппитин толороору бэйэтин чараас соҥун, уонна оннук курдук чараас этэрбэстээх таҥнан баран истэҕинэ, дьиэ таһыгар оонньуу сылдьар Араппыана көрсөн ханна баран иһэрин ыйыппыта.
  • Ханна бардыҥ Оруоска?
  • Ити. кытан хомуйа.
  • Тыаҕа дуо?
  • Ол онно...-диэн Оруоска ыраахх көстөр турар тыа диэкки ыйан көрдөрдө.
  • Таһырдьа тымныы баҕайы дии. Тоҥоруҥ буолуо.
  • Онтон аҕалбатахпына, эн ийэҥ миигин кэһэтэр буоллаҕа дии.
  • Кэһэппэт!. Эн барыма. Мин бэйэм барыам, эн дьиэҕэр киир. Мин ийэбэр этиэм –диэн Араппыана кыыска , хамаандалыыр курдук этэн баран дьиэтин диэкки хаамта. Оруоска тугу гыныаҕын билбэккэ турааран тоҥон киирэн барда. “ Дьэ кырдьык тымныы эбит, тугу гынабын” диэн тура түһэн баран балаҕаныгар киирдэ. Сотору соҕус буолаат, хотуна улахан кыргыттарын кычаабыт таҥастарын тутан кыра кыыһын Оруосканы батыһыннаран киирэн кэллилэр. Хотуна Оруоскаҕа чугаһаан , тутан кэлбит таҥастарын кыыска уунна.
  • Мэ бу эйиэхэ киллэрдим, маны кэт. –диэн баран, кыра кыыстан харахтарын кистии туттан, тэйэ хаамтан. Араппыана кыыс кэлэн, Оруоска тааллан турарын көрөн.
  • Таҥныый, уонна иккиэн барыахпыт. Мин эйигин соҕотохтуу ыытар буоллаҕына, син биир барыаҕым бэйэм диэммин ийэбэр эппитим. Эйигин таҥаһа чараас онно тоҥон хааллаҕына мин кимниин оонньуубун диэн эппиппэр ити ийэм, эдьийдэрим кыччаабыт таҥастарын көрдөөн уһаатыбыт. Түргэнник таҥын, иккиэн баран кэлиэхпит –диэн ыксата турда Араппыана.

Ити күнтэн ыла, Араппыана ийэтэ Оруосканы “ Кыыһым дьүөгэтэ” диэн аатыыр буолбута. Араппыана ыал кыра кыыһа буолан, ийэтигэр олох тойон этэ. Ийэтэ кини эппитин барытын толороро. Оруоска ол кэмнэри санаан харахтарыттан уута сүүрэн барбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалан, дьүөгэтин Араппыананы кууһан ылла.

  • Оо, дьүөгэм барахсан. Туох баарбынан сүбэлии сатыам. Ама эн үтүө санааҕын хайдах умнубат буолуохпунуй. Эн баар буолан бу ыал ийэтэ буолаары сырыттаҕым дии. Мин санаабар ол кыыс эйэиэхэ оҕотун биэриэ дии санаабаппын. Тоҕо диэтэххэ, кырыстан биһиги сахалар куттанарбыт турдаҕа. Эн бэйэҥ толкуйдаан көр. Ол кыракый кыыһы ыллахына, удаҕан кырыһа ол кыыстан ситиһиэ дии санаабаккын дуо.
  • Хара сорум эбит даа...Оччоҕо тугу гынабын?. Ол оҕо эмиэ ийэтин курдук ыал хамначчыта буолар сордоох дуо?.
  • Эн ол оҕоҕо үтүөнү баҕарар буоллаххына, тастан да сылдьан көмө буолуоххун сөп буоллаҕа дии. Били миэхэ көмөлөһөрүҥ курдук.
  • Онтон мин эмиэ Ийиэ буолуохпун, кыра оҕону кууһуохпун сыллыахпын баҕарар буоллаҕым ээ...
  • Эн кинилэри бэйэҥ дьиэҕэр көһөртөөн киллэрэн олортоххуна?
  • Эмиэ да сөпкө этэр курдуккун гынан баран, дьон туох дии саныай. Бу Балантыын икки ойохтоммут диэн сурах тарҕанар буоллаҕа дии.
  • Дьон тыла диэн, ити били Дөлүһүөн оҕонньору өйдөөбөккүн дуо, үс ойохтоох этэ дии. Кимнээҕэр үчүгэйдик тапсан сылдьаллар буолаллара ойохторо, ыһыахха бары биииргэ түһүлгэлэнэн ыһыах ыһаллара. Бары да ылбыт туппут дьоһунаах дьахталлар этилэр.
  • Хайдах өйдүөм суоҕай?. Кыра сылдьан эдьийдэрбин күлүү гынарым, Дөлүһүөн оҕонньор хаһыс ойоҕо буолаҕыт диэн. Онтукам бэйэбэр кэллэ быһыылаах хата. Ол Дөлүһүөн бастакы эмээхсиниттэн оҕото суоҕа. Иккиһиттэн үс уол оҕолоох. Онтон үһүс ойоҕо уолаах кыыс оҕоломмута.
  • Дьэ көр ол баар дии.
  • Били киһим кэллэҕиэ кэпсэтэн көрөрүм дуу –диир Араппыана.

    Балантыын эһэ үллүктээх сыарҕаҕа сытан уута кэлбэккэ, кэнники бу үс күнээҕи айаныгар ээрэйи көрдө. Сарсыҥҥы киэһээтин дьиэтигэр тиийээхтээх. Арааһата онто өтөн уута кэлбэт быһылаах. Ойоҕор Араппыанаҕа анаан диэн кэһии бөҕөтүн ылан иһэр. Онно баар нучча маҕан бурдуга, ону таһынан улахан баҕайы уруупардаах граммафон диэн тэрил баара. Ону таһынан ол тэрилгэ анаан түөрт устуука пластинка диэн аатыыр тэриллэрэ. Хаһан эрэ,аҕатын кытта куоракка биир ыалга итинник тэрили көрөн олус диэн дьиктиргээбитэ. Ол тэрилтэн араас музыка дьиэрэйэрэ, ону көрөн наһаа да ымсыырбытын өйдүүр. Ойоҕор Араппыанаҕа оннук тэрил баар диэн кэпсээбитин олох итэҕэйбэтэҕэ. “ Хайдах дьааһык ыллаҕай” диэн кини диэкки итэҕэйбэтэхтии көрбүтэ. Дьэ билигин ол тэрилин киниэхэ анаан тиэйэн истэҕэ. Ити сээкэйигэр боточчу соҕус сумманы биэрбитин кэрэйбэккэ иһэр. Араппыаната үөрдэҕинэ кыра оҕолуу ытыһын таһына-таһына ыстаҥалыырын өйдөөн мичээрдээн ылла. Онтон Сибэкиитигэр анаан, миэтэрэлээх ырбаахы таҥаһын ылбытын, ат ыытаачччы уолга онуоха маныаха диэри харайан эр диэн биэрэ сытара. Уол ити кимҥэ анаммытын билэр буолан, тойоно эппитин утары барыа баара дуо. Кини дьигинэн эмээхсинин Араппыананы таптыыр гынан баран ити кыыска хайдах төбөтүн ыллатарбытын билиҥҥэ дири таайа илик. Арааһата баҕар ол кыыс төрүүрэ, үөһээ айыылартан ыйылла сылдьара буолан эрдэҕэ. Чэ олох барбытын курдук баран иһиэ, өскөтө үөһээҥҥи айыылара анаабыт буоллахтарына барыта үчүгэй буолар ини.

Хачыырдар олорор балаҕаннарыгар, үлэһит дьон киэһээҥҥи астарын аһаары уһун мас сандалыга үмүөрүһэн олороллор. Сандалы биир баһыгар Силип оҕонньор олороорон дьаһайталыыр саҥата иһиллэр.

  • Ити били оҕоҕо, миннэ кутан илдьэн биэриҥ эрэ. Баҕар эмийигэр үүт киириэ этэ буоллаҕа дии- диэбитигэр били Саргычок кыыс балаҕан истиэнэтигэр турар долбууртан сүүрэн тиийэн, Ньургуһун мас тэриэлкэтин ылан аҕалан, үөрэ минин буккуйа турар Өкүлүүнэҕэ аҕалан ууммутун. Дьахтар бардьыгыныы түстэ.
  • Биһиги даҕаны төрөөбүппүт да, ким да ас таспат этэ. Аһыан баҕарар буоллаҕына туран аһаатын ээ.
  • Одьэ бу да дьахтар акаарыта, ити кыыс баар буолан хотуммут бэйэтин хаһааһыттан ынах иһин биэрбитэ эбээт. Хата махтаныаххын билбэккэҕин саҥалаахпын диэн саҥара тураҕын баҕайы...Хотуй Саргычок ити мас тэриэлкэтин оннугар баран дириҥ соҕус истээх кытыйата аҕалан биэр. Хотуммут кыыһы тото аһатыҥ диэбитэ- диир Силип. Саргычок тиийэн мас кытыйа аҕалбытыгар, Өкүлүүнэ иһигэр тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу боточчу соҕус кутан биэрбитин, кыра кыыс сэрэнэн тутан Ньургуһун сытар муннугар илдьэн биэрбитэ.

    Үс сыарҕалаах ат кэлэн улахан нучча сытыары тутулаах дьиэтигэр кэлэн тохтоото. Балантыын күндү бэлэҕин грамафонун туппутунан дьиэтигэр киирдэ. Эмээхсинэ Араппыана оҕонньоро кэлбититтэн үөрэн, киирбит киһини сээкэйин да уурдарбакка, кууһан сылыыр аакка киирбитигэр .

  • Бэйэ тохтоо эрэ, сатаатар бу сээкэйбин уурдар дуу –диэн Балантыын нэһиилэ, эмээхсинин илиититтэн мүччү туттаран киллэрбит сээкэйин остуолга аҕалан уурда.
  • Бу эйиэхэ кэһиибин аҕаллым, бу граммафон били кэпсээбит дьааһыгым.
  • Уоай, истиэххэриий –диир ытыһын таһына –таһына экирээн ылла.
  • Бэйэ тохтоо, саҥа таһырдьатттан киллэрдим дии. Ирэ түстүн ээ.
  • Хайдах олордугун, туох сонун баар? –диэн Балантыын соҥун уста туран ыйытар.
  • Соннун, кэпсээн элбэх. Киһи биидэ кэпсээн кэбиспэт –диэн Араппыана оҕонньорун харахтарын көрөр. “ Ити аата улахан кэпсээтии буолаары гыннаҕа” дии санаата Балантыын, үөрэн көтөн киирбит санаата барыта тахсан барда. Хоһугар киирэн, айан таҥаһын устан .

Киниэхэ анаан суунар хоско бэлэмнэммит мас уһаакка сууна киирдэ. Сууна олордоҕуна, ойоҕо Араппыана киирэн оҕонньоро суунарыгар көмөлөһөн көхсүн аалан барда. Ол аала олорон, оргууй саҥаран эттэ.

  • Мин биири билиэхпин баҕарабын, эн миигин таптыыгын дуо?
  • Туох диэн эттэххиний, хайдах таптаабат буоллахпыный.
  • Оччоҕо ити Сибэккииҥ? –диэн иһиллэр эрэ курдук сибигинэйдэ. Балантыын сирэйгэ бэрдэрбит курдук, тохтуу түстэ сырайа кытаран тахсыбытыттан кыбыстан, илиитинэн ууну баһан ылан сирэйин хаста да суумута буолан баран, эмээхсинигэр эргийдэ.
  • Сэгэрим, баҕар итэҕэй баҕар итэҕэйимэ. Хайдах итинник буолбутун бэйэм да билбэккэ хаалбыппын. Өйүм баалан...-диэн баран, хараҕын куоттарда.
  • Ол аата, хас үчүгэй сирэйдээх дьахтар аайы өйгүн сүтэрэн истэҕиҥ аайы, мин эрэйи көрөбүн дуо!?
  • Суох...
  • Оччоҕо?.
  • Мин эйигин эрэ таптыыбын. Онтон ити...Хайдах буолбутун билбэппин.
  • Чэ ити хааллын. Онтон оҕоҕун, ити тымныы балаҕаҥҥа олордоҕун дуо?.
  • Оҕоҕун...ол мин оҕом буолара хантан биллэр?. Баҕардар атын киһи киэнэ буоллаҕына да биллэр эбэт.
  • Бу киһи даҕаны, оҕо оҥорон баран билбэппин көрбөппүн диэри гынаҕын дуо?.
  • Оччоҕуна хайыыбын?. Тахсан оҕобун аҕал диэн былдьаан ылабын дуо ол?.
  • Ити кыыстыын кэпсэтэн дуу хайаан дуу, бэйэбитигэр ыллахпытына.
  • Бэйэбитигэр ыллахпытына...ону эн ол ылыныаҥ дуо диэн ыйытык үөскүүр. Атын дьахтар оҕотун, бэйэҕэр ылынаҥ дуо?.
  • Эн миигин, оччо муус сүрэхтээх кусаҕан дьахтар курдук саныыгын дуо?. Ол саҥа төрөөбүт оҕо туох буруйдаах буолуо дии саныахпыный. Мин эмиэ ийэ аатыын сүгэн, оҕо сытын сыттыахпын баҕарбат үһүбүн дуо?.
  • Ол аата, мин тугу да өйдөөбөтүм...
  • Ол аата, кыыс оҕоҕун бэйэҕэр ыл дии сатыыбын.
  • Төрөппүт ийэтиттэн арааран дуо?.
  • Ол иһин этэбин ээ, кэпстэтэн көр диэн ити Сибэккиигин кытта хайдах өйдөөбөккүн.
  • Кэпсэтэри баҕас кэпсэтиллиэ этэ гынан баран...
  • Миигиттэн толлоҕун диэ –диир Араппыана.
  • Оннук курдук...
  • Оччо оҕону ийэтиттэн араарыаххын баҕарбат буоллаххына, иккиэннэрин көһөрөн киллэр- диэн биир тыынынан Араппыана субурутан кэбистэ.
  • Хайдах иккиэннэрин? –диир Балантыын, эмээхсинин сирэйин диэкки соһуйбутуу көрөн.
  • Эмиэ өйдөөбөтөҕө буоллуҥ. Хайдах акаары киһи курдук өйдөөбөтөҕө буолан иһэҕин. Мин эйиэхэ өйдөнөр курдук эттим буотах дуо?.
  • Онтон өйдөөтүм гынан баран, хайдах диибин ээ.
  • Хайдах, хайдах. Иккис ойох оҥостон – диир Араппыана.
  • Эс...-диэн күлбүтэ буолла Балантыын.
  • Үчүгэй эр киһи, тоҕус ойохтоох буолар диэн сурах баар этэ буотах дуо?.
  • Үчүгэй эр киһи, ол былыр буоллаҕа дии.
  • Былыр да билигин да син биир буоллаҕа дии. Бу манна Дөлүһүөн диэн оҕонньор олорбута мин кыра сырыттахпына. Ити Хапытыанап Ылдьаа аҕата кини үс ойохттох этэ.
  • Дьон кэпсээбитэ, истибитим ол Хапытыанап оҕонньор туһунан –диир Балантыын.
  • Дьэ олоруҥ кимнээҕэр эйэлээхтик олорбуттара ойохторо. Бары бииргэ сылдьар буолар этилэр.
  • Дьон күлүүтүгэр киирээри дуо? –диир Балантыын.
  • Эс хайа акаары күлүү гынаҕай, хата ымсыырар инилэр. Бу Бааһынай Балантыын эр бэрдэ эбит диэн.
  • Билбэтим...-диир Балантыын.
  • Эн билбэт буоллаххына, мин бэйэм кэпсэтиим ити Ньургуһун кыыстыын. Оҕотоун баҕар биэрэн кэбиһиэ. Биэрбэт буоллаҕына, иккис ойох оҥосторгор тиийэҕин, мин быһаарыныым оннук –диир Араппыана.

Сибиэтиккэ

    Хотуннара Араппыана киирэн кэлбитигэр, балаҕаҥҥа баар дьон олорбут сирдэриттээн туран көрүстүлэр. Араппыана муннуе саба туттан Ньургуһун сытар муннугун диэкки баран иһэн дьоннор диэкки туһаайан саҥарда.
-Эһиги бары хотоҥҥо тахса түһүҥ эрэ. Биһиги кэпсэтэрбитин мээнэ дьон истиэхтэрин баҕарбаппын. Чэ , бары тахсыҥ –диэн эппитигэр дьоннор бары хотоҥҥо тахсар аан диэкки хамсаммытынан бардылар. Дьоннор бары тахсыбыттарын кэннэ Араппыана, Ньургуһун сытар сиригэр тиийэн сабыыны аһан көрөн баран, тиийэн талах олоппос ылан кыыс сытар сиригэр аҕалан ууран олорунан кэбистэ уонна сибигинэйэн кэриэтэ саҥарда.

  • Ньургуһун, мин эйиэхэ кэпсэтиилээх киирдим. Кэпсэтиибитин ити дьоннор истибэтиннэр диэммин хотоҥҥо атаарталаатым. Кыыһыҥ хайдаҕый?.
  • Билбэтим ээ, Балбаара этэринэн үчүгэй диэбитэ –диир Ньургуһун.
  • Оннук эрэ буоллун. Мин биири ыйытаары эйиэхэ киирдим, эн куттаныма буолбут буоллаҕа хайдах гынахпытый айыыларбыт ыйааҕа буоллаҕаа. Ити кыыскын эн...-диэн Араппыана этэн баран салгыы саҥарбыт киһи диэбиттии кыыс сырайын хараҕын көрөн баран тохтоон хаалла. Онтон дьэ эр санаа ылынан салгыы саҥарда – Биһиэхэ...миэхэ биэриэҥ этэ дуо?. Аҕатыгар диэн ыйытабын?.

Ньургуһун итинник эрэ ыйытыыны истибэтэҕин истэн соһуйан Араппыана диэкки көрөн баран сытта. Араппыана салгыы саҥаран барда.

  • Бу маннык тымныы балаҕаҥҥа, этэргэ дылы кыра оҕо тымныйан ыалдьан да хаалыан сөп. Биһиги...ити аҕата кыыһын иитэр кыахтаах киһи. Мин да өр толкуйдаан маннык быһаарыныыга кэллим. Кыыс биһиэхэ олороро ордук буолуо дии саныыбын. Өскөтүн кыыскын биһиэхэ биэрдэххинэ, боточчу соҕус үп биэрэн көҥүл суруктаах мантан барыаххын сөп. Онон толкуйдаа, эн эдэр кыыс дьөссө да төрүөҥ турдаҕа. Онтон мин эйиэхэ оҕону бэйэм оҕом курдук көрүөҕүм диэн эрэннэрэбин. Айбыт аҕата да аттыгар баар буолуоҕа дии. Кинини атаҕар туруорар үп биһиэхэ элбэх. Дьэ онон сарсыҥҥа дылы уһуппакаа эпиэтин биэрээр, ити дьоҥҥо тугу кэпсэппиппитин айахтаппака. Кэлин бэйэлэрэ да билиэхтэрэ. Эбэтэр оҕоҕун бэйэҕиттэн араарыаххын баҕарбат буоллаххына, мин эрбэр иккис ойоҕунан буолларгар этиэм этэ – диэн Араппыана эппитигэр Ньургуһун өссө хараҕын быччатан хотунун диэкки соһуйбуттуу көрдө – Эн миигин иирбит дуу, бырахтарбыт дуу дии санаама. Сорох эр дьоннор үстүү –сэттэлии ойохтоох , оннооҕор хаһан эрэ тоҕус ойохтоох киһи олорбут диэн кэпсэбил баар этэ. Чэ сытан толкуйдаа сарсын, эпиэтин биэрэргэр көрдөһөбүн, ити иккитэн биирин тала сатаа –диэн баран Араппыана олорбут сириттэн туран, балаҕантан тахсан барда.

    Ньургуһун соҕотоҕун хаалан, хотуна эппитин эргитэ саныы сытта. Хата бэт түгэн көһүннэ быһылаах, оҕоттон босхолонон босхо барар. Элбэх соҕус үбү кэрэйбэккэ биэриэм диэбитин туһанан оҕону биэрэн куоракка киирэн олоҕун оҥостуннаҕына арай?. Оннук гыннаҕына дьон төһө эрэ сиилиир кинини. Онтон арай, иккис ойоҕунан сөбүлэһэн таҕыстаҕына?. Иккис аата иккис. Туох ордуктаах буолуой. Итини кимниин эрэ сүбэлэспит киһи баар ини. Бу балаҕаҥҥа киниэхэ сүбэлээн биэриэх киһи суох быһылаах ээ. Хайыыбын...хайыыбын кимтэн ыйытабын. Бу оҕону дьигинэн кини олох баҕарбатаҕа ээ. Хаста да түһэрэ сатаан, соруйан таһырдьа тоҥуор диэри сылдьыбыта да олох туһалаабата. Билигин да кини эдэргин диэбитэ эбээт хотуна. Төһө харчы биэриэ этэй?. Сатаатар харчы диэни кини илиитигэр тутан көрө илик буолан, хантан билбит үһү. Айбыт аҕатыгар оҕотун атыылыыр диэн, кини истэ илик. Аҕатыгар буолуо дуо, ити кини ойоҕугар атыылыыр буоллаҕа. Кини да киһилии олоруон күүлэйдиэн баҕаран эрдэҕэ. Бу түгэни туһанан , мүччү туттарданнаҕына сатаныыһы. Билигин баҕас кини сатыыр, хайдах эр дьоннор төбөлөрүн иирдэри. Онтон бу кыыһын?. Кинини кытта хааллаҕына, эмиэ бэйэтин курдук хотонтон тахсыбакка үйэтин тухары дьон хамначчыта буоларыгар тиийэр. Аҕатыгар биэрдэххэ, үрүҥ дьиэҕэ олохтоох элбэх астаах үөлээх олоххо олоруо турдаҕа. Ити хотунум, дьигинэн наһаа кусаҕана суох дьахтар оҕону баҕас туораппатах буолуохтаах дии саныыбын. Төһө харчыны...төһө харчыга биэрэрбин ким миэхэ быһаарыай?. Арай ити кырдьаҕастан ыйытан көрөр киһи этиэ эбитэ буолуо дуо?. Чэ оччоҕо оннук быһаарыннахпына сатаныыһы- диэн Ньургуһун үөһээ тыынан ылла.
Саргычок кыыһы ыҥыран Силип оҕонньору бэйэтигэр ыҥыттарбытыгар оҕонньор кэлэн кыыс аттыгар олорбутун кэннэ Ньургуһун ыйытта.

  • Силип кырдьаҕас, эн миэхэ этиэҥ буолаарай харчы суолтатын. Киһи төһө элбэх харчылаах буоллаҕына, сору муҥу көрбөккө олоруоҕай?
  • Оо...хантан билиэмий тоойуом, мин хаһан да илиибэр элбэх харчы тутан көрбөтөх сордоохпун. Холобура биир ыанар ынах, үс солкобай курдук буоларынан толкуйдаан көрдөххө. Сэттэ –аҕыс суустээх буоллахха олоруохха син эбитэ дуу...дьэ бу диэн этэр кыаҕым олох суох. Эн тоҕо ону ыйыттыҥ тоойуом?.
  • Ээ бэйэм, харчы төһө суолталааҕын билиэхпин баҕарабын.
  • Ол билэн хайыыгын? –диир Силип , туох эрэ буолаары гыммыытын уорбалаан.
  • Дьөссө биири ыйтахпын баҕарабын?
  • Тугу тоойуом?
  • Куоракка дылы төһө харчыга барыахха сөбүй?
  • Ону мин хантан билэбин, билигин сотору суол сабыллан, аны күһүн суол турдаҕына биирдэ айан баар буолар. Эбэтэр сайын борохуотунан сорох дьон айаныыр курдук исибитим. Бээрэ эн бу туох буоллуҥ? Куоракка бараары гынныҥ дуу хайа сах дуу?- диир Силип оҕонньор.
  • Куоракка да киирдэхпинэ тугуй. Хайа муҥун дьоҥҥо хамначчытынан сылдьахпыный. Эн курдук бу кырдьар сааспар дылы ынах саахтаах хотонтон атыны билбэккэ олоруохпун баҕарбаппын ээ.
  • Ол аата мантан күрээри гынаҕын дуо? – диир Силип куттаммытыы кыыс диэкки көрөн.
  • Суох, суох тоҕо күрээн.
  • Оччоҕо тоҕо ити куорат туһунан ыйыталаһаргын өйдөөбөтүм –диир Силип.
  • Көҥүл сурук ылан...
  • Көҥүл сурук да?. Ол эйиэхэ ким көҥүл сурук биэрэр, ээ...бэрэ дьэ ол аата хотуммут мантан бар диэтэ дуо?. Көҥүл сурук биэрэн туран, мантан ыытар санаалаах эбит буоллаҕа.
  • Суох бар диэбэт гынан баран.
  • Оччоҕо тоойуом?. Эн миэхэ кэпсээ, тугу манна кэпсэппикитин хотуҥҥун кытта –диир Силип дьон истэн турара буолуо диэбитти кэннин диэкки көрүтэлээн ылан баран.
  • Эс суох, кэлин барытын бэйэҕит билиэххит. Миэхэ харчы суолтатын туһунан билиэхпин баҕарбытым.
  • Тугу эрэ кистиигин ээ быһыыта.
  • Ону бэйэм билэбин. Чэ мин оҕобун аһатарым кэллэ –диэн Ньургуһун кэпсэтэн бүппүтүн биллэрэн оҕонньорго эппитигэр. Силип олорбут сириттэн туран бэйэтин сытар сирин диэкки барда.

Силип сытааран ити Ньургуһун тоҕо харчы туһунан ыйыталаспытын толкуйдуу сытар. Арааһата хотуна мантан бар диэбит быһылаах. Көҥүл сурук уонна харчы биэриэм диэн, эриттэн атын сиргэ ыытаары кэпсэтэ киирэ сылдьыбыт буолуон сөп эбит. Ол иһин ити куорат диэкки бараары талыһан эрдэҕэ, дьэ сор диэтэҕиҥ. Ол кыра оҕоллоох куорат курдук сиргэ тиийэн ханна олороору. Хотуммут да, дьэ хотун эбит кыра оҕолоох киһини үүрэн ыытара. Эмиэ кинини өйдүөххэ да сөп курдук. Хайа дьахтар сөбүлүөй , хараҕыҥ далыгар эриҥ көсүүтэ тэһэлийэ сылдьарын. Ити да кыыс бэйэтэ сыҥаланан сүрэ бэрдэ этэ. Хайа эр бэрдэ баҕарбат буолуой бэйэтэ сыҥалана сылдьар эдэр дьахтары. Дьэ туох буолан иһэр. Ол биһиги сордоохтор онно тугу гынахпыт сыттаҕай. Тойон –Хотун утары барбаппыт сыттаҕа дии. Ити саҥа төрөөбүт оҕо барахсан, бэйэбит курдук бу сиргэ эмиэ сор олоҕу көрө кэлээхтээтэҕэ. Тоҕо баай тот дьон оҕоломмокко, бу бэйэбит курдук туга да суох сордоохтор оҕо бөҕөтө буолаллара эбитэ буоллар диэн Силип оҕонньор саныы сытан утуйар аакка барда.

    Араппыана төһө да оҕонньорун кытта ахтылҕаннарын таһаарбыттарын да иһин, сатаан утуйбакка баттатыы муҥун көрөн бөҕө буолбута. Төһөөтөҕүнэ ол бу кыыллар кинини сырсан сордоотулар. Ол быыһыгар сирэйэ көстүбэт удаҕан дьахтар дүҥүрүн охсо-охсо экирии эккирии иннин быһа сүүрэн куотарыгар мэһэйдээн суолун быһа сүүрэр. Онтон ханна эрэ үрдүк эмпэрэлээх өрүс үөһээ кыра оҕо туппутунан, эмпэрэ кырыытыгар турар буолан хаалла. Турар эмпэрэтэ хаҥас өттүттэн сиҥнэн кини диэкки чугаһаан –чугаһаан иһэргэ дылы гынар. Билигин кинилэр турар сирдэрэ сиҥнэн, алараа түһэр кутталлара бу тиийэн кэлэн эрдэҕинэ Араппыана уһуутаабытынан уһуктан кэллэ. Эрэ Балантыын соһуйбут харахтардаах кинини илгиэлээн.

  • Хайа бу туох буоллуҥ, уһуктан биэрбэккэ сордоотуҥ дии. Киһини кутаан –диир.
  • Айа да айа, сүрэҕим айахпынан тахсан бара сыыста. Наһаа ынырыктык куттанным – диир Араппыана.
  • Хата эйигиттэн мин куттанным, киһи уһугуннара сатыырын истибэккэ “ суох –суох” дии –дии киһини охсуолаатыҥ- диир Балантыын.
  • Чэ утуй, мин миэстэбин уларытан атах диэкки эргийэрим дуу –диэн баран Араппыана, оронун биир өттүгэр төбөлөнөн сытта да уута кэлбэккэ сордоото.

Өрүс устун устар мас тыыга турар эбит. Тула өттө барыта кутаа уотунан умайа турар. Араппыана хайа да кытыл диэкки тиксиэн билбэккэ сааран турар. Арай тыытын иннигэр кыра кыыс сууланан сытарын өйдөөн көрдө. Тиийэн кыыһы илиитигэр ылбытыгар, оҕо аһаары гыммытыы эмий көрдөөн айаҕа аппаҥныыр. Тугу гынан билбэккэ, тыы иһин көррүтэлээтэ да туох да суохха дылы. Иккиэйэх бэйэлэрэ эрэ баллар. Араппыана оҕону көтөҕөн тыыга олорунан, бэйэтин эмийин хостоон таһааран оҕо айаҕар батары аста. Дьиктитин да, кини эмийиттэн үүт кэлэргэ дылы гынан оҕо дьабадьытыттан үүт сүүрэн түһэрэ көстөр. Ол кэмҥэ , уҥа кытыл өттүттэн элбэх баҕайы аттаах дьон сүүрдэн киирэннэр ох саанан өрүс нөҥүө өттүн ытыалаан бараллар, тугу ытыалыылларый диэн өйдөөн көрбүтэ өрүс биир өттүгэр кыһыл таҥастаах, били хаһан эрэ Дуобуна эмээхсин кэпсээбит Тумат урдуустара кытылы тула сырса сылдьаннар, эмиэ аттаах дьоннор бэйэлэрин охторунан ытыалыыллар. Кинилэр охторун тыаһа дапсы тыаһыгар майгынаабакка, этиҥ этэригэр дылы ньиргийэр. Араппыана аны биһигитин табаллара буолуо диэн куттанан, аһыы сытар оҕотун саба кууһан тыы түгэҕэр түһэр. Онтон төбөтүн өндөтөн көрбүтэ, тыытыгар уотаах оноҕостор түһэннэр, тыыта умайан аҕай эрэр эбит. Араппыана тыы түгэҕиттэн туран, тыытын умуллара сатаан ытыһынан уу сомсоон ыла-ыла умайан эрэр оноҕосторго ыһа сатыы олордо...-онтон эмиэ ыһыытаан хаһыытаан уһуктан кэллэ.

  • Саттан утуйууһубун суох быһыыта. Чэ мин туруум –диэн эригэр этэн туран таҥныбытынан барда.

    Араппыана Кэтэҕэрээн Аанчык туран сарсардааҥҥы чэйин оргутар кэмигэр, таҥнан хамначыттарын олорор балаҕаннарыгар таҕыста. Балаҕаҥҥа киирбитэ үлэһиттэр ким туран хотоҥҥо, ким балаҕааҥҥа сарсардааҥҥы чээйин иһэ олорор этэ. Хотуннара кинилэргэ хара сасыардаттан киирбитин сэрэйэр буолан. Бары хомунан хотоҥҥо тахсан бардылар. Били Силип оҕонньору кытта кэпсэтии кэнниттэн, балаҕан иһигэр баар дьоннор истэригэр Ньургуһун кыыһын аҕатыгар биэрэр үһү диэн, сибигинэһэн кэпсэтиии туолбута. Ити сураҕы Өкүлүүнэ үлүннэрэ-үлүннэрэ , балаҕан иһигэр баар дьахталларга барыларыгар кэпсээбитэ. Араппыана балаҕантан дьон тахсан барарын кэтэһэн баран, кыыс сытар сиригэр хааман тиийбитэ.

  • Хайа, тугу толкуйдаатыҥ? –диэн Ньургуһунтан ыйыппыта.
  • Били эн эппитин курдук мин эдэрбин. Дьөссө да төрүөм турдаҕа. Ол иһин биэрэргэ сөбүлэһэбин...Ол гынан баран...-диэн баран тохтоон, хотунун сырайын хараҕын манаата.
  • Онтон ситэри этэн истэххинэ, ол гынан баран тугуй? –диир Араппыана.
  • Били көҥүл сурук, уонна харчы диэбитиҥ дии...-диир Ньургуһун , хараҕын кистии туттан.
  • Мин эппит тылбар турабын. Көҥүл суругу оҕонньорум кулубаҕа баран суруттаран кэлиэҕэ. Онтон харчы чааһыгар, бэйэҥ санааҕар төһө диигиний?.
  • Чахчы эттэххэ харчы төһө суолталааҕын билбэппин. Мин мантан куоракка барыахпын баҕарабын, көҥүл сурукпун ылан баран. Онно тиийэн олохпун оҥосторго төһө харчы сөп буоларын, мин билбэппин. Ити Силип оҕонньор этэринэн аҕыс-тоҕус сүүс барса сатыыра буолуо диэбититтэн. Мин тоҕус сүүс диэхпин баҕарабын, ону таһынан куоракка дылы ыытаргытыгар.
  • Бу кыыс, мээнэ кыыс буолбатаххын ээ быһыыта. Чэ сөп, ол гынан баран уонна хаһан да мин оҕом диэн туруласпакка. Ити эппит сыанаҕынааҕар, мин эйиэхэ тыһыынча үс сүүс ырааһынан ууран биэрэбин. Ол мин бэйэм уурунуум буолар. Өрүс суола аһылыннаҕына, борохуокка олордон куоракка ыттарыаҕым. Ону туох дии саныыгын?.
  • Мин туох дии саныахпыный, эппипин эттим. Ол гынан баран ити хас харчы диэбиккин өйдөөбөккө олоробун – диир Ньургуһун.
  • Ээ итини диэ. Ити эн эппит тоҕус сүүскэр эбии түөрт сүүһү эбэн биэрэбин ол аата. Билигин да өрүс суола аһыллыар диэри ырах , оуоха дылы оҕону эмтэрэриҥ буоллар үчүгэй буолуо этэ. Ол иһин эйигин ити кэтэҕэрээн Аанчык оннугар дьиэҕэ ону маны гынаачыннан киллэриэм этэ. Онтон Аанчык эн оннугар хотоҥҥо үлэһитинэн киириэҕэ. Билигин ити кыыскын, ылан дьиэҕэ тахсыаххын сөп, мантан туох да таҥаһы сабы ылыма. Ити таҥаскын сапкын барытын уларытан, суунан тараанан атын таҥас кэтиэҕиҥ –диэн кэпсэтии тахсыбытыттан Арапыана астынан дьиэтигэр таҕыста. Дьиэтин иһигэр баҕас Араппыана хотун этэ. Эрэ Балантыын кэлии киһи быһыытынан , улахан куолаһа суох этэ.

    Ньургуһун кыыс оҕотун хотунугар атыылаабыт диэн сурах , кыра олохтоох түөлбэни тэһэлийэ көппүтэ. Сорох дьоннор дьадьаҥы кыыһы өйдөөн сорох өттө сиилээн бэйэлэрин истэригэр, уоран кэпсэтэллэр этэ. Ньургуһуну төрөппүт Балбаара ити сураҕы истэн, наһаа улаханнык аймамматаҕа. Кини илиитигэр бу оҕону бастакы туппут буолан, төрөппүт ийэтэ оҕотугар хайдах эрэ кыһаллыбакка бэйэтиттэн эрэ босхоломмутун курдук этинэн хаанынан сэрэйбитэ. Кыыс оҕото, оҕо оҕо курдук тахсаат ытаабакка тула өттүн сиһилии көрөн үөрэтэн, ханна –ханна кэллим диэбиттии көрөн истэн баран биирдэ ытаабыта. Оннук гынан Балбаараны куттаппыта, уонна харахтара били урукку дьүөгэтин курдук көрөн этэ тардан ылбытын санаан кэллэ. Дьэ киһи олоҕор ону маны эргитэ саныыра элбэх. Бары барытыттан кутанан, саха дьоно итэҕэйэллэрэ элбэҕэ да сыттаҕа.

    Араппыана, оҕонньорун Бааһынай Балантыыны кытта улуус киинигэр ииттэ ылбыт кыыстарын сүрэхтэтэн кэлбиттэрэ. Кыра кыыска Светлана “ Сибиэтиккэ” диэн ааты бэрдэрэн миэтиркэтигэр суруттарбыттара. Кыра кыыһы Араппыана бэйэтэ төрөппүтүн курдук, анаан суруттарбыта. Олохтоох дьон ону билэр этилэр да, ким да сиилии дьадьаҥы кыыстан оҕотун былдьаабыт диэн санаабат да этилэр. Ньургуһун кыыһы куоракка барар борохуотка олордон, ыыппыттарын кэннэ кини туһунан, тааһа ууга бырахпыт курдук сурахтыын сүппүтэ. Сибиэтиккэни Араппыана бэйэтэ көрөн истэн, улаатынараргыгар сылдьар. Аҕата Баланыын сайынын эрэ дьиэтигэр көстөр буолан кыыска улаханнык болҕомтотун уурбат этэ. Кыыс биир сааһын туолбутун кэннэ, оҕону олох саҥарбат быһылаах диэн санааҕа кэлбитэрэ. Сибиэтиккэҕэ ону маны үтүгүннэрэн саҥарда сатыыллара даҕаны, биир да тылы үтүктэн саҥара сатаабата. Ол иһин кыыһы тыла суох оҕо диэн, дьон уоран кэпсэтэр буолбуттара. Араппыана оҕотун улуус киинигэр баар луохтуурга илдьэн көрдөрбүтэ да, онно үлэлиир луохтуур киһитэ тугу да быһааран эппэтэҕэ. Кыыс киһи саҥатын истэринэн истэр курдук этэ да, бэйэтиттэн саҥа таһааран саҥара сатаабат этэ. “ Сорох оҕолор, кэлин саҥараллар . Эһиги эмиэ кэтэһиҥ баҕар кэлин саҥарыаҕа” –диэн луохтуур киһи Араппыанаҕа субэлээбитэ. Кыра кыыһы аһынан Араппыана хадах буолуон билбэккэ сылдьаахтыыра. Эригэр Баланыыҥҥа этэн сатаабытыгар киһитэ онно эрэ кыһаллыбат курдук “ кэлин саҥарыаҕа” эрэ диэн кэбиспитэ.
Кыыс дьоннор кэпсэтэллэрин, манаан олорон истэр этэ. Уонна киниэхэ туһаайан ону маны эттэхтэринэ үөрэн мичээрдээн эрэ ылара. Аҕалара атыытын туттара бардахтарына Араппыаналаах икиэйэҕин эрэ хааллахтарына, ийэтэ кыыһыгар ол бу араас үһүйээннэри, остуоруйалары кэпсиир идэлээҕэ. Ону кыыс саҥата суох , иитийэх ийээтин харахтарын араарбакка көрө сытан истэрэ. Араппыананы көрбүт Дуобуна эмээхсин барытын бэйэтэ көрөн турбут курдук кэпсиирин иһин Араппыана кыыһыгар эмиэ оннук кэпсиир, сэһэргиир буолара.

    Балантыын дьигинэн иһигэр наһаа да махтана сылдьар Араппыанаҕа. Эмээхсинэ оҕону ылар санаатын истэн үөрбүтэ гынан баран таһыгар таһаарбатаҕа. Ону эмээхсинэ сүрэҕинэн быарынан сэрэйэр. Билэрэ бэт буоллаҕа дии кинини. Ким да көрбөтүгэр Балантыын оҕону көтөҕөн, илиитигэр эргитэ сылдьан сылыыр идэлээх, уонна түөһүгэр сыһыары тутан “ Оҕом сыыһын хата бэйэбэр ыллыбыт” диэн Араппыанаҕа махтана саныыр. Кыыһа да киниэхэ тардыһар, баҕар хаана тардан эбитэ дуу ону кини хантан билиэй. Атыытын атыылыы бардаҕына эбэһээт оҕотугар, ол бу таҥас сап кэһии бөҕөтө аҕалар этэ. Сороҕор эмээхсинэ Араппыана оҕону наһаа таптыырын көрө-көрө, күнүлүөх санаата кииртэлээн ылар. Кыыһа саҥарбатыттан, баҕар хойутуу саҥарыа диэн иһигэр кэтэһэ саныыр. Араппыана оҕону куоракка илдьэн көрдөрүөххэ диэн кинини ыххайар. Ону кини оччо ыраах айаны оҕо тулуйуо дуо диэн эппиэтиир. Оччоҕо суол турдаҕына ,куораттан баран луохтууру тиэйэн манна көрдөрдөххө диэн ыйыппыта. Арай кырдьык оннук сатанара дуу. Араппыанаҕа аҕатыттан хаалбыт үбэ элбэх этэ, оҕонньор баайын барытын кыыһыгар суруйан анаан халларбыта. Чэ иккитигэр дылы кэтэһэн көрөн баран, саҥарбатаҕына баран көрдөрүөхпүт диэн быһаарыммыттара.

Сибиэтикэ биирин лаппа ааһан хааман тоотоҥнуу сылдьар. Бу дьиэ иһигэр бэйэтин улаҕан хотун курдук туттан, сөбүлээбэтэҕинэ болточчу туттан, сөбүлээбитин ымайан эрэ көрдөрөр идэлээхэ . Ийэтэ иистэнэ олорорун көрөн кини диэкки хааман тиийбитигэр, тутан олорбут сээкэйин ууран кыыһын илиитигэр ылан сылаан ылан баран саҥарда.

  • Бу эйиэхэ ыһыахха кэтэр таҥаскын тигэ олоробун, саамай мааны таҥастаах оҕо буолуохтааххын бу ыһыахха эн. Аҕабыт баҕар сотору кэлэрэ буолуо, мантан күһүҥҥэ дылы барбат уонна суол туруор дылы. Сатаатар биир эмит тылла саҥара сатаан көрүүй...Ийээ эбэтэр Аҕаа диэн – диэн баран Араппыана кыыһын саҥарда сатаан хаста да хатылаабытыгар, кыыһа кыыһыран уоһун болточчу туттубутун көрөн – Чэ бүттүм бүттүм, саҥарбат буоллаххына саҥарыма- диэн кыыһын иэдэһиттэн сыллаан ылар. Уонна кыыһыгар ыһыах диэн тугун кэпсээн киирэн барар.

“ Бу биһиги сахалар, былыр былыргаттан сайыны көрсө, күөххэ үҥтэммит кэмнэригэр ыһыах диэни тэрийэр идэлээхпит. Дьэ ол тэрээһиҥэ ыраахтан чугастан дьон бөҕөтө мустан үөрүү көтүү үлэстэр. Кыахтаах дьоннор, кыаммат түгэммэт дьоннору мунньан аһатар сиэтэр идэлээхтэр. Дьэ ол ыһыахха , ким кыахтааҕын көрдөрөн, баар суох мааны таҥастарын кэтэн дьоҥҥо сэргэҕэ көрдөрөллөр. Бу онно анаан оҕобор, саамай кэрэ таҥастаах саптаах буоллун диэн анаан тигэ олоробун. Аҕабыт ити буолар ыһыахха анаан түөрт идэһэ буолар сылгыны хаайан аһаттара сылдьар. Ону таһынан кымыс оҥорон дьоҥҥо иһэрдиэхпит сыттаҕаа. Эн да улааттаххына оннук гынар буолуоҥ, оччоҕо норуот эйигин сөбүлүүр ытыктыыр буолуохтара сыттаҕа, ону өйдөө. Ити ыһыах диэни аан маҥнай бу сахалар төрүттэрэ Омой баай диэн киһи төрүтээбит диэн курдук истибитим, кырдьык эрэ сымыйа эрэ ону мин билбэппин. Ону миэхэ Дуобуна диэн эмээхсин кэпсиир идэлээх этэ кыра срыттахпына. Ону таһынан, бу биһиги олорор сирбитигэр элбэх баҕайы атын атын омуктар эбитэ дуу, туохтар эбитэ дуу... Тоҥустар, Туматтар, Дьирикинэйдэр , Тигиилээх сирэйдэр уонна Сахалар диэн олорбуттара үһү –диэбитигэр кыыһа Сибиэтиккэ, ийэтин диэкки ыйыппытыы көрбүтүн, өйдөөн көрөн Араппыана салгыыр- Биһии диэ...онтон биһи сахаларбыт быһылаах , хааммыт буккулаан хаалбатах буоллаҕына. Баҕардар буккуллан да хаалбыт буоллаҕына , ону мин хантан билиэхпиний. Олор дьэ бэйэлэрин кытта сэрии бөҕөтө буолаллар үһү, бэйэ бэйэлэрин ыккардыттан эдэр кыыс оҕолору уорсан ойох гынан илдьэ бараллар диэн кэпсиирэ. Ити Туматтар диэн саамай сэрииһит дьоннорун курдук өйдөөн хаалбыппын, дьэ олору холбоһон сырса сылдьан сэриилээн сүгүн олордубатах курдуктар. Онтон ити Тигиилээх Сирэйдэр диэн дьоннор сирэйдэрин, кырааскаланаларын иһин итинник атаабыттар үһү. Ити Туматтар диэн төттөрү эргиллэн кэлэллэрэ буолуо диэн куттанабын мин, тоҕо диэтэххэ түүлбэр куруутун кыһыл таҥастаах дьоннор кэлэн биһигитин хам батаан,сэриилээн ылалларын көрөр буоллум. Ол туматтар сэриилэһэр буоллахтарына кыһыл өҥү кэтэллэрин кээпсииллэрэ. Ити таба тириитин баҕар хаанынан кытардаллара эбитэ дуу, ону этэр кыаҕым суох. Ол дьон кэлэн биһигитин сэриилээн ыллахтарына, дьэ иэдээн буолар. Өр сылларга баттанан олорбуттарын таһаарар буолуохтаахтар. Хата мин оҕобор Кыталык туһунан кэпсиим, ол ордук буолуо кыыс оҕоҕо. Ити сэрии хааллын. Бу биһиэхэ сахаларга саамай ытыктанар көтөрүнэн Кыталык буолар диэни истибитим. Ким Кыталык үҥкүүлүүрүн көрбүт киһи, үйэтин тухаары дьоллоох буолар үһү. Мин хас да сааһын Кыталык үҥкүүтүн көрөөрү манаабытым да баччааҥа диэри. Түбэһэн көрө иликпин, хата сарсын эрдэ туран бу манна баар чугас кырдалга киирэн көрүөхпүт, онно Кыталыктар мустар сирдэррин көрдөрүөм. Эн дьоллоох буоллаххына баҕар биирдэ эмит түбэһэн көрөрүҥ дуу. Кэлин бэйэҥ улаатаххына, онну сылдьан маныыр буолаар. Ол мин дьоло суоҕум иһин, сатаатар эн дьолоох буолуоҥ буоллаҕа. Бу биһиги баайбытын дуолбутун бас билээччи эн буолар буоллаҕыҥ. Элбэх үптээх баайдаах кыыска. Сотору дьэ ойох кэпсэтээчилэр да сыбыытаан барыахтара турдаҕа дии. Ээ дьэ ...оҕом сыыһын аны ойох биэрээри тыллаһан эрэбин, бу да дьахтар. Баран чээйбитин бэлэмниэхэ –диэн кыыһын сиэтэн остуолун диэкки барда.

    Бүгүн ыһыах күнэ, Араппыаналаах Сибиэтиккэ саҥа туран аһаан сиэн ыһыахха барар таҥастарын кэтээри бэлэмнэнэ сылдьалар. Аҕалара Балантыын эрдэ туран барбыта ырааппыт, кини түбүгэ элбэх идэһэлэрин өлөттөрөн ол этин буһатарыыта уонна бэлэмнэппит кымыһын тиэйиитэ. Бэҕэһээ киэһээ кпсэтиилэринэн түһүлгэҕэ баар буолуоҕун эппитэ. “Эн кыыскын таҥыннаран, бэйэҕит тиийээриҥ. Ити дьоҥҥор этээр, үлэлэрин бүтэрэ охсон баран түһүлгэҔэ бары тиийдиннэр оҕолорун эҥин барытын илдьэ” диэн эппитин өйдөөн , үлэһиттэрин олорор балаҕаннарыгар таҕыста Араппыана. Балаҕан аанын арыйан көрбүтэ кыракый Саргычок эрэ кыыс, наараҕа олорон мас оҕотун ооньуурунан оонньообута буола олорон, хотуна ааны өҥөйөн турарын көрөн куттанан остуол анныгар саста.

  • Ээ ким да суох ддуо бу? –диир Араппыана.
  • Бары барбыттара үлэлии...-диир кыыс
  • Сөп, эн ыһыахха бараҕын дуо?. Дьоҥҥор этээр хайаан да ылалларын курдук.
  • Ийэм кэллэҕинэ мааны таҥаспын кэтэрдиэҕим диэбитэ, ол бэлэмнээн турар –диэн көкөҕө ыйанан турар мааны таҥастарын ыйан көрдөрдө, остуол анныттан.
  • Дьэ киһи киирдэҕинэ, саһар аакка түһэҥҥин сүрдээх кыыскын дии – диэн Араппыана саҥарбытыгар Саргычок остуол анныттан тахсан, хотунун диэкки чугаһаата – Аны итинник гынма.
  • Сөп...-диэн баран кыыс буруйдаммыттыы туттар.
  • Дьоҥҥор этээр, бары тиийдиннэр – диэн Араппыана дьиэтин диэкки барар. Дьиэтигэр киирэн кыыһыгар ыһыахха анаан бэлэмнээбит таҥаһын оҕотугар кэтэрдибитинэн барар. Били бу кыыс ийэтин дьиэ үлэтигэр диэн көһөрөн киллэрбитин кэнниттэн, ол кэннэ дьиэтин үлэтин саастаах Огдооччуйа эмээхсини ыллбыттара. Кэтэҕэрээн Аана эдэр буолан хотоҥҥо үлэһитинэн сылдьара. Ол Аанчык Араппыанаҕа өһүргэнэн сылаас сирин сүтэрэн, Өкүлүүнэлиин булсан , хотуннарын итэҕэһин уора көстө кэпсэтээн сиилиир идэлэммитэрэ. Дьоҥҥо, хотуннара кыыстан оҕотун былдьаан баран ыраах куоракка ыыпытын курдук холуннаран кэпсиир этилэр. Араппыаналаах таҥна сырыттахтарына эрэ Балантыын киирэн кэлэн, дьоннорун түһүлгэҕэ ильдээри ыксатан ууга уокка түһэртээтэ.
  • Хайа бу баччааҥҥа диэри таҥныбакка сылдьаҕыт дуо?. Ыксааҥ-ыксааҥ - диэн ыххайда.
  • Бэйэ тохтоо...Туох аатаах ыксалай бу – диир Арапыана.
  • Дьо бөҕө мустан эрэр, сотору ол бу күрэхтэр буолуохтара дии, ити кыыс бастакы ыһыаҕын өйдөөн хаалыа этэ буоллаҕа.
  • Сылайаахтыыра буолуо күнү быһа онно сылдьан –диир Арапыана.
  • Бүгүн олох үчүгэй күн буолбут быһылаах, ити кыыскын сыньатаргар суорҕанна эҥин ылаар эрэ.
  • Барытын бэлэмнээн сытабын –диир Арапыана.

    Араппыана кыыһын Сибиэтикэни сиэтэн ыһыах түһүлгэтин кэрийэн хаама сылдьаллар. Кыахтаах баай тот дьонноро, тус туһунан түһүлгэ оҥосто түөлбэ түөлбэннэн мустан олохтоммуттара. Кинилэртэн тэйиччи соҕус, үлэһиттэрэ хамначчытара бэйэлэрэ туһунан түһүлгэ тэринэн мустан олороллор. Арапыана дьүөгэтэ Оруоскалаах кэлбиттэрин истэн кинилэри көрдүү бу хаама сырыттахтара. Хата Оруоска ыраахтан кинилэри таба көрөн бу сүүрэн кэллэ.

  • Дьүөгэм Араппыана Ыһыаҕынан... ээ бу кыыһыҥ дуо?- диир Оруоска.
  • Оруоска эҕэрдэ Ыһыаҕынан эйигин. Бу эн кэлбиккин истэн , көрдүү сылдьар быһыыбыт.
  • Биһи ол, онно түстүбүт- диэн уҥуоргу өттүн ыйан көрдөрдө.
  • Бары кэллигит дуо?
  • Бары, биһиэхэ бара сылдьаҕыт дуо?- ыйытар Оруоска.
  • Барыахха, Сибиэтиккэ бу эдьийий Оруоса эҕэрдэлэс эрэ –диэн Арапыана эппитигэр кыыһа Сибиэтиккэ, Оруоска иннигэр туран төбөтүн тоҥхотон ылар.
  • Оо бу барахсаны да...-диэн баран Оруоска кыыһы илиитигэр көтөҕөн ылан, иэдэһиттэн сылаан ылар – Оҕобун мин көтөҕөн илдьиэм –диэн түһүлгэтин диэкки Араппыананы сирдээн хаамса турдулар. Түһүлгэлэригэр тиийэн, сиргэ кыракый уол оонньуу олороругар кыыһы онно олордон .
  • Бу мин оҕом Уйбаанчык, бу сотору биирин туолуохтаах хата онно биһирэмҥэ кэлээриҥ – диэн Арапыанаҕа этэр.
  • Хата мин кыыспар эр буолар, эр бэрдэ баар буолбут дии – диэн күлэр Арапыана.
  • Хата кырдьык да, оҕолорбутун холбоотохпутуна олох да аймахтыы буолар эбиппит –диир Оруоска. Кыракый Сибиээтиккэ кыыс, олорор уолу бобоччу кууһан сирэйиттэн сыллаан ылбытын анарааҥҥыта сөбүлээбэккэ илиилэринэн аньалыы сатаата да кыайан босхоломмокко ытаан барда. Уол ытаабытын көрөн кыыс куттаннан ийэтин Араппыана диэкки “ мин буруйум суох” диэбиттии көрөн ылла.
  • Оо дьэ мин оҕом муҥнааҕы баһыйыыһылар дии. Эрдэттэн бас бэриннэҕэ ити- диэн Оруоска күлэр – Чэ сырыттыннар бэйэлэрэ быһаарсахтара. Улаатахтарына бииргэ олоруохтара турдаҕа. Бэйэ бэйэлэригэр үөрэнниннэр. Баран орон кэпсэтэ түһүөххэ кэлин туох сонун баарын. Көрсүбэтэх да ыраатта. Оҕолору көрөөрүҥ диэн үлэһит кыргыттарыгар этэн Оруоска дьүөгэтин Араппынаны илиититтэн ылан бэлэмнэммит сандалыга илдьэ барар.
  • Дьэ оһуохайдыхпыт да буоллаҕа, эһигиттэн ким эмит оһуохай күрэҕэр кэллэ дуо? –диэн ыйытар Араппыана.
  • Кэлэн бөҕө буоллаҕа дии... туста, мас тардыһыыга уонна таас көтөҕүүгэ ити эрим киирсиэхтээх этэ. Бэлэмнэнии бөҕөтө буолан кэлбитэ дии. Хата онно киирэн онтун манын эчэтэн. Чэ кэһэйдэҕинэ анныгы сырыыга киириэ суоҕа –диир Оруоска.
  • Хайа бэт дии, тоҕо утарыластыҥ?
  • Харыстаан буоллаҕа дии...-диэн күлэр Оруоска.
  • Мин киһибин туһуннарбаппын, кими хотоору сымыйыаннан. Таас көтөҕүүтүгэр баҕар киирсиэм диирэ да, түбүгүттэн ордон көтөҕөр эрэ суох эрэ. Таас көтөҕүүтүгэр дьөһөгөй бирииһин туруобута дии – диир Араппыана.
  • Ээ...Бааһынай уола кыахтаах буолуо баҕар көтөҕүө дии, эн тоҕо туорайдаһаҕын оонньуурун? – диэн ыйытар Оруоска.
  • Хайдах да буоллун бэйэтэ билэр. Биһиги эйгэбит атын дии Сибиэтиккэ –диэн кыыһыгар этэр.
  • Оннук, онннук ол биһиги дьахталар эр дьон олоҕор орооспот буоллахпын дии –диэн сөбүлэһэр Оруоска.
  • Чэ биһиги бардыбыт оһуохайга көрсүөхпүт – диэн Араппыана кыыһын сиэтэн түһүлгэтин диэкки бараллар.

Оһуохайдыы сылдьар дьон ортолоругар, оҕо бөҕөтө ийэлэрин эбээлэрин батыһан кэлэн дьонноро оһуохайдыылларын көрө түһүлгэ ортотугар киирэн дьоннорун онтон маныы сылдьаллар. Оҕолор быыстарыгар кыракый Сибиэтиккэ кыыс эмиэ баар, ыраахтан ийэтэ Араппыана үкүүлүүрүн манаан турар. Ол турааран үкүү хаамыытынан, дьоннору үтүктэн илиитинэн хамсатар. Ону көрөн Араппыана кыыһа истэрин уонна өйдүүрүн быһаарда. Кыра кыыс батыһа сылдьан оһуохай этээр киһини истэ сылдьар, уонна дьоннор хатылыыр кэмнэригэр үтүктэн айаҕа хамныыр курдук буолар. Ийиэтэ Араппыана кэлэн кыыһын илдьэ бараары гыммытыгар, Сибиэтиккэ барымаары өрө холоруктана түстэ.

  • Чыычааҕым, билигин таас көтөҕүүтэ буолар дии...Аҕабытыгар баран ыалдьыа этибит буоллаҕа – диэтэ кыыһын иэдэһиттэн сыллаан ыла-ыла. Сибиэтиккэ төһө да баҕарбатаҕын иһин барсарыгар тиийдэ. Барсан иһээрэн кэннин хайыһан оһуохай түһүлгэтин саайыспыттыы көрөн ылар. –Сотору кэлиэхпит, чыычааҕым аҕаҥ эн баар буоллаххына үөрүө дии. Уонна күүһүгэр күүс эбиллэн кыайарга көмөлөһүө – диэн Араппыана кыыһыгар кэпсии иһэр.

Таас көтөҕөр күрэх түһүлгэтигэр тиийбиттэрэ дьон бөҕөтө мустубут этэ. Кулубалара бэйэтэ бээтинэн бу түһүлгэни баһылаан ыыта сылдьар этэ.

  • Дьэ күүстээх кыаххтаах эрэттэр!...Ким кыахтаах манна кыайаҕа. Бу сытар таас ону быһаарыаҕа. Бу тааспыт ыйааһына уонча буут курдук буолара буолуо. Онтнонбу күрэххэ кыайбыкка, ол турар дьөһөгөй буолар!. Дьэ ким кыахтаах, кэлэн холонон көрүҥ...-диэн дьону ыҥыртыыр суон саҥата дуораһыйар.

Сибиэтиккэ аҕата турарын көрөн, аҕатыгар сүүрэн тиийэн аларааттан үөһээ көрөн туран, илиитин уунар. Балантыын кыыһын көрөн, күүстээх илиитинэн чэпчэки баҕайытык кыыһын илиитигэр ылан үөһээ быраҕатаата. Кыыһа күлэн чачыгырыыр, аҕата кыыһын икки иэдэһиттэн болточчу сыллаан ылан баран сиргэ туруоран кэбистэ. Бу кини дьон көрөрүгэр оҕотун маҥнайгы сыллааһына этэ. Араппыана ону көрөн, сүрэҕэ салыбырар диэри үөрбүтэ. Кини Балантыын кыыһыгар олох, кыһалҕатын уурбат дии саныы сылдьыбыта. Араппыана эригэр хааман кэлэн.

  • Дьэ бу биһиги эйиэхэ ыалдьа кэллибит, кыыскар төһө кыахтаахын көрдөр эрэ. Ити кыыс оһуохайы олуһун да сөбүлээтэ быһылаах. Кэлимээри хапырыыстыы сырытта –диир Араппыана.
  • Дьэ кыах баарынан киирсэ сатыыр буоллаҕым дии. Күн да уһун, дьөссө да оһуохайдыаххыт буоллаҕаа.
  • Уонна оһуохайы үтүктэр курдук гынар кыыс –диир Араппыана.
  • Эппитим дии кэлин саҥарыаҕа диэн, мин эмиэ олох кэлин саҥарбыт үһүбүн ээ –диир Балантыын.
  • Оннук эрэ буоллун...-диэн Араппыана үөһээ тыынан ылар- Чэ биһи баран олорон көрүөхпүт, күүскэр күүс эбилиннин.

Таас көтөҕүүтүн бастаан Хардаҕас Ньукулай диэн аатаах, хатыҥыр уһун уҥуохтаах киһи саҕалаабыта. Илиилэрэ уһун буолан сытар тааһы бобоччу кууһан сиртэн өндөтөн ылан, тобугар уурунан тыын ыла түстэ. Онтон атахтарын көннөрөн тааһын туппутунан тураан кэллэ. Уонна аа –дьуо хардыылаан хааман киирэн барда, ахсыс хардыытыгар кэлэн тохтоон тыын ылан сынньана түһээри тохтоон ыллбыта. Ол кэннэ икки эрэ хардыыны оҥороот , тааһын бырахта. Дьон Хардаҕаһы уруйдуу айхалыы көрүстүлэр. Түөрт уол сүүрэн кэлэн тааһы таһар маска ууран төттөрү аҕалан бастаан сыппыт сиригэр ууран кэбистилэр. Иккиһинэн Бөҕө Бүөтүр диэн аатаах, улахан уҥуохтаах кахтааҕынаан биллибит бөдөҥ киһи таҕыста. Бу киһи туһунан дьон арааһы кэпсииллэрэ, дьон көрбөтүнэ кистээн борооскуну сүгэ оонньуур эбэтэр оҕуһу кытта тардыһан көрөр диэн.” Пахай, бу дьөһөгөйү Бүөтүр илдьэ барар буоллаҕа дии, кини кэннэ ким көтөхпүт үһү” диэн онтон мантан саҥалара иһилэтэлээн барда. Сибиэтиккэ саҥата суох күрэхтэһиини көрө олророр, арааһата кыыс сүрэҕинэн быарынан сэрэйэн аҕата бу күрэххэ каыайыахтааҕын баҕар олорор курдук көстөрө, араппыана хараҕар. Бүөтүр тааһы үөһээттэн бобо тутан көтөҕөн ылла, илиитигэр кууһа тутан оҕус курдук бытаанык хааман сүөдэҥнии турда. Тааһын туппутунан Бүөтүр бэлиэ маска дылы хааман тиийэн, сынньана түһэн баран төттөрү кэлэригэр сэниэтэ лаппа мөлтөөбүтэ көһүннэ. Уоннча хаамыыны тиийбэккэ тааһын ыһыктан кэбистэ. “ Уоннча хаамыыны тулуйбута буоллар, олох бэт буолуо хаалбыт” дэһэр саҥалар иһилэтэлиилэр. “ Итиччэҕэ да ким да тиийэрэ саарбах, аҥаарыгар да тиийбэттэр ини” диир сорох дьон. Үһссүһүнэн тааска Хабах Сүөдэр диэн эмиэ бэйэтин кахтааҕынан ааҕынар киһи киирбитэ. Бу киһи тааһы көтөҕөөрү сордоно сатаабыта, сиртэн да кыайан өндөппөтөҕө. Көрө олорор дьон , дэлби күлэннэр Хабах ол дьон диэкки кыыһырбыттыы көрөн, ылатыыр. “ Сүөдээр... дьөссө кыахта мунньуна түс” диэн күлүү элэк саҥалар онтон мантан иһилэтэлээн бардылар. Төрдүһүнэн Бааһынай Балантыын тахсыбытыгар, кыыһа Сибэтиккэ аҕата тахсыбытын көрөн, кыпыкыра илиилэрин түөһүн иннигэр боттточчу туттан харахтара кэҥээн тыыммат да буолан хаалла. Кыыс аҕатыгар долгуйарын көрөн Араппыана эмиэ долгуйан кыыһы үтүктэн илиилэрин эмиэ онниук түөһүн иннигэр ботточчу тутунна. “Кытаат Балантыын” диэн онтон мантан өрө түтар саҥалар иһилэтэлээн бардылар. Балантыын тааска хааман тиийэн эмиэ Бүөтүр курдук үөһээттэн түөһүгэр диэри көтөҕөн ылла. Тааһы түөһүгэр сытаран, илиитинэн ыбылы кууһан оргууй хааман киирэн барда. Хаампытын тохтоппокко бэлиэ маска дылы хааман тиийэн баран , сынньана барбакка үргүлдьү эргийээт төттөрү хааман кэлээ турда. Таас сыппыт сиригэр дылы кэлэн баран үргүлдьү барабын дуу диэбиттии дьон диэкки ыйыппытыы крүтэлээн баран, аҕыйах хардыы хааман ылан баран тааһын сиргэ бырахта. “ Дьөссө да барыаҕа хаалбыт” “ Каҕын ситэри туһаммата” “ Чахчы кахтаах эбит бу киһи” диэн онтон мантан дьон хаһыыта, Балантыыны хайгыыр саҥалар иһилэтэлээн бардылар. Сибиэтиккэ кыыс аҕата тааһы бырахпытын кэннэ илиитин таһынан үөрбүтүн көрдөрдө. Ол кэннэ аҕыйах киһи тааһы көтөхтө да, Балантыыны ким да куоһарбакка кайыылааҕынан кини буоларга тиийдэ. Кулубалар Балантыыҥа бирииһн дьөһөгөйү сиэтэн аҕалан туттарбытыгар. Балантыын бирииһин тутан туран илиитин өрө көтөҕөн мустубут дьоҥҥо маннык диэн саҥалаах буолла.

  • Бар дьоммор эҕэрдэ буоллун. Бу бирииһи бэйэм туруорбут киһи быһыытынан, мин этэрбин истиҥ. Бу бириисспин мин Бүөтүргэ биэрэрбин көҥүлээҥ...Киниэхэ тэҥнээтэххэ мин эдэр киһибин. Бэйэлээх бэйэм туруорбут бирииспин бэйэм ыларым миэхэ сүрүкэтэ бэт, ону эһиги баалаамаҥ –диэн Бөҕө Бүөтүрү ыҥыран таһааран, дьөһөгөйүн Бүөтүргэ туттаран кэбистэ. Дьон Балантыыны уруйдуур саҥалара өрө хабылла түстэ. Бүөтүр үөрүүтүттэн, атахтара сири билбэт буолур диэри салыбыраан Балантыыҥҥа сибигинэйэн саҥарда.
  • Дьэ чахчы кахтаах уол эбиккин. Дьэ нохоо, үйэм тухары эйиэхэ иэскэ киирдим. Эрэн эн тускар баспын да уурарбын кэрэйбэппэ уурабын.
  • Махтал Бүөтүр!- диир Балантыын.

Сибиэтиккэ аҕатыгар сүүрэн кэлбитин, Балантыын илиитгэр ылан сүнньүгэ олордон кэбистэ. Көрөөччулэр Баалантыыны уруйдаан-айхалаан үөрүү көтүү саҥата оргуйан олордо. Араппыана эрэ кыайбытыттан , бэйэтэ эмиэ кыайбыт киһилии үөрэн сүүрэн тиийэн оҕонньорун Балантыыны эҕэрдэлии тиийдэ.

  • Эҕэрдэ кыайыыгынан!. Эн көрүөҥ этэ кыыһыҥ хайдах долгуйан олорорун.
  • Дьэ билбэтим, хантан кыах киирбитин. Бэйэм да билбэккэ итиччэ ыраахха диэри хаампыппын. Тааспын быраҕан баран биирдэ биллим. Онтон ити бирииспин, биэрбиппэр кыыһырбат инигин доҕоор?
  • Ол бэйэҥ баҕаҥ. Ону мин туох диэхпиний.
  • Сынньана түһэн баран баран тустуу көрүөхпүт –диир Балантыын.
  • Эн туста киирбэт инигин? –ыйытар Араппыана.
  • Суох ини, дьону эчэтээри...-күлэн кэбистэ Балантыын.

    Сибиэтиккэ айылҕаҕа сылдьарын сөбүлүүр этэ. Дьиэтиттэн тахсан тэһилгэтин аттынааҕы тыаҕа дулуһара. Ол бу кыракый кыыллар кини аттыгар кэлэн, мустар этилэр. Ол курдук моҕотойдор, тииҥнэр уонна эҥин араас чыычаахтар Сибиэтиккэ аттыгар кэлэн мустар буолаллара. Кыыс олору кытта бэйэтэ билэринэн кэпсэтэр этэ. Кини аттыгар атын кии чугаһаатаҕына кыыллара уонна чыычаахтара баран хаалар этилэр. Итини барытын Араппыана ыраахтан манаан көрөр уонна маныыр буолан, дьону кыыһыгар чугаппат буола сатыыра. Биирдэ олорор сирдэригэр биир сэнэх соҕус кыахтаах киһи улахннык ыалдьыбытыгар, хантан эрэ улуу кырдьаҕас ыҥырбыттара. Ол киһи дьиэтигэр дьон бөҕөтө, Ойуун кыырарын көрөөлүрэр мустубуттара. Онно Араппыана кыыһын илдьэ эмиэ тиийбитэ. Киэһээ буолан балаҕан иһигэр борук- сорук, ону таһынан көмүлүөгү оттоннор киһи тулуйбат итиитэ. Түннүгү ааны барытын саптаран, кырдьаҕастара көмүлүөккэ көхсүнэн олорон баттаҕын ыһынна. Кутуруксутугар дүҥүрүн комүлүөккэ хататтара соруйан баран мустубут дьон диэкки кими эрэ көрдүүрдүү көрүтэлиир. Ол олорон сөтөллөн хаахтаан баран, сиргэ силээбитэ силэ сиргэ түһэн баҕа буолан ойуоккалаан иһэн сүтэн хаалла. Кырдьаҕастара куттаммытты дьону көрөрө дөссө күүһүрдэ, олбоҕуттан туран кутуруксугуттан дүҥүрүн харбаан иннигэр куйахтыы туттан мустубут дьон диэкки хааман кэллэ. Дүҥүрүн кэннигэр саһан дьону кэрийэн сирэйдэрин харахтарын көрүтэлиир. Дьон куттанан тыыммакка да тураллар, ойуун аатаах киһи кэлэн кинилэр иннилэригэр туруннаҕына кутталларыттан тыынара хаайтаран, харахтарын кистии куоттарллар. Ойуун Араппыана кыыһын көтөҕөн турар сиригэр кэлэн, тохтуу биэрдэ. Көтөҕөн турбур Сибиэтиккэтэ, кинилэр иннилэригэр хааман кэлбит киһигэ кыһаллыбакка да көрбөккө ийэтин ытарҕаларын тупахтаан оонньуу сылдьара. Ойуун Араппыана иннигэр кэлэн тохтоон, тура түһэн баран икки тобуктарыгар, тобуктуу түстэ. Дүҥүрүн уонна былаайаҕын сиргэ ууран тоҥхойон олорон, көрдөһөрдүү саҥаран барда. -Оо...Улуу Эдьийим бу баар эбиккин дии...Миигин ааттаһан көрдөһөн ыҥыраннар, бу кэлэн эн иннингэр түөрт атах буолан турдаҕым. Эн кырак да буолларгын күүһүҥ миигиттэн таһыма үрдүк буолаҥҥын, хам батыыр курдуккун...Көҥүлээ дуу миигин...Аапыт суолбун алдьатан сиргэ буорга тэпсимэ дуу...
    Дьоннор соһуйан, ойуун эппит тылларын истэн Араппыана диэкки куттаммытыы көрдүлэр. Сибиэтиккэ ийэтигэр көтөхтөрөн туран, кинилэр иннилэригэр түөрт атах буолан тоҥхойон олорор оҕонньору көрөн, мичээрдээн ылла. Араппыана бу быһылаантан соһуйан кыыһын сиргэ түһэрбитигэр, Сибиэтиккэ кырдьаҕас аттыгар туран, кыракый илиилэринэн санныга таптайда. Ойуун Сибиэтиккэ саннын таптыйбытын кэннэ, тобуктарыгар туран кыыс диэкки көрбөккө илиитин түөһүн иннигэр кириэстии туттан, көрдөһөрдүү саҥарда. -Көҥүлгүн ылынан көрүүм. Ол кэннэ аны бу диэкки суолум сабылынна. Мин аҕыс уон үһүс хаарбын үктэниэхтээх этим бу. Бу күҥэ дылы миигин утары көрөр суох диэн киэбирэ сылдьыбытым тохтоотоҕум...Миэхэ кыыһырыма диэн көрдөһүүлээх олорон, аатаһыам этэ. Кырдьаҕас киһини баалаама дуу...Суолбун ииспин быһыма...-диэн баран Сибиэтиккэ иннигэр олорон бокулуонаан тоҥхоҥноон бөҕө буолла. Сибиэтиккэ ийэтин Араппыананы илиититтэн ылан баран киирбит аанын диэкки ыйан кэбистэ “ Бардыбыт” диэн эппитин сэрэйэн Араппыана кыыһын көтөҕөн, балаҕантан тахсан барарыгар тиийдэ. Араппыаналаах тахсан барбыттарын кэннэ,кырдьаҕас дьэ атаҕар туран сүр улаханнык үөһээ тыынан ылла.
    “Мээнэ киэбирэн ыт өлүүтүгэр киирэн биэрэ сыыстахпын...Эдэрим эбитэ буоллар, күрэх былдьаһан быстыаҕым хаалла...Хата көҥүл биэрдэ. Оҕо диэтэххэ күүстээх айыылаах быһылаах. Ити кыыс улааттаҕына, этэ сиинэ бустаҕына Улуу Удаҕан буолан турара саарбаҕа суох. Саҥарбатар да , өйүн күүһүнэү соруйдаҕа тоҕо бэрдэй. Бу түүнүн тэск*****эхпинэ сатаныыһы. “Бүттүҥ да бар” диэн төбөм иһигэр киирэн олорн хаалла. Харахтарын көртүм буоллар өйбүн сүтэриэм диэн куттанан утары көрбөтүм. Ол да иһин бөлүүн соччото суох түүлү көрбүт эбиппин. Хара ыт буолан дьону үрэ сырыттахпына, тыаттан улахан тыһы бөрө тахсан сиэри эккирэппитин, нэһиилэ мүччү туттаран куоппутум. Күннээн күөнэхтээн олорбүт күнүм бүттэҕэ. Бу бүтэһик дапсырыйыым буолара буоллаҕа. Оччоҕо биирдэ тыынаах сылдьарым буолуо бадаҕа. Чэ сөп...Утары барбатахпына кини харыскалыгар киирэн баҕар сүүһүс хаарбын да көрдөхпүнэ көҥүлүм. Бу ыарыһаҕы туох баар күүспүн ууран үтүөртэхпинэ сатаныыһы. Ол кырдьаҕас туох баар күүһүн ууран туран , ыалдьыбыты эмтээн баран ол киэһээтин төттөрү куоппут сурахтааҕа. Оннооҕор үлэспит ыанар ынаҕын ээнньэтин ылбакка барбыт диэн дьон кэпсииллэрэ. Ити быһыылаан кэннэ дьон Сибиэтиккэни көрдөхтөрүнэ куттанан туора хаамар буолан барбыттара. Истэригэр “Улуу Удаҕан” диэн бэйэлэрин истэригэр кэпсэтэр этилэр, кыыс саҥарбатаҕын курдук саҥарбатаҕа. Аҕалара Балантыын дьонтон истэн биир киэһээ ойоҕун Араппыаналыын кэпсэппиттэрэ.

  • Ити кыыспытын дьон Удаҕан буолар диэн кэпсииллэрин иһиттим- диир Балантыын.
  • Ити били ааспыкка. Тарааһапптарга ыҥырбыт кырдьаҕастара кыыспытыттан көҥүл көрдөспүтүттэн буолуо. Киһи да күлэр...” Эдьийим көҥүлээ” диэбититтэн, кыракый кыыһы эдьийим диир ээ...-диэн кэпсиир Араппыана.
  • Эдьий диирэ сөп бөҕө буоллаҕа дии. Ол аата кырдьаҕас билэн эттэҕэ. Олорбуппут сыччах, аны сотору дьон кэлэн кыыспытын эмттэттэрэ сатаан сордууллара буолуо.

    Кударай куотан дьиэтигэр төннөн иһэр, ити кыра кыыстан куттанан куоппутун дьоҥҥо биллэрбэккэ барбыт аатаах да барытын көрөн турдахтара. Хайдах курдук биирин эрэ ааспыт кыыска сүгүрүйэн олорбутун. Кыыһа кинини сэнээбиттии кини диэкки көрө да барбатаҕа. Кыыс күүһүн доргутан көрөөрү баҕатын таһааран ыстаҥалаппытын, түргэнник суох оҥордоҕо сүрүн. Атын баардаахтар кини баҕатын кыайбаккалар, баҕата оҕуска дылы улаатан үллэр буолара, түүлэ да сэрэппитэ ээ...Хата кырдьаҕас киһини сордообокко кэлээн санныбын таптайдаҕа үһү. Бохсоруйа түһэн бараар диэбиттии кэлэн көрөн турара, кырдьык да дьулаан дьала. Оҕото бэт буолан сиэбэккэ ыыттаҕа. Билигин кини хантан билиэй, дьон кусаҕаны саныыр кусаҕаны эрэйэр дьон балларын билээхтээбэт буоллаҕаа. Этин туппут сиппит хопут Удаҕан эбитэ буоллар, итиннэ баҕас тыынаах хааларым биллибэт этэ. Били ханна барбыта биллибэт, эдэр сааһыгар сүппүт Удаҕан кыыс баар диллэрэ төннүбүтэ дуу...Ол кыыс төннүбүт буоллаҕына биһиги курдук кыра күүстээх иччилээх , туораан симилийэн хааларбытыгар тиийэрбит буоланан эрдэҕэ.
Төһө да кыратын иһин сотору суолун соломмутунан барара чахчы. Ол эрэн кинини үөрэтэр таккыйар киһи көһүннэҕинэ, үтүө буолара дуу...Арай, арай ол таккыйааччыннан мин буоллахпына туох буолуой?. Мин курдук киһи утары көрбөккө, харахпын кистэммит буоллахпына атыттары этэ да барыллыбат. Ол эрэн, сотору биһиги курдук дьоҥҥо итэҕэйбэт эрэммэт кэмнэрэ буолуох курдук диэн түүл- иис баар. Дьэ хайа буолан иһэр. Кыыс оҕо уҥуоҕа кытаатыар диэри тыынаах эрэ буоллуон , онно манна түбэспэккэ сылдьара ордук буоло этэ. Ити кыыс аҕатын бэйэбэр ыҥыттаран кэпсэттэххэ сатаныыһы. Бэйэм барбаппын, ким эрэ кинини харыстыыр курдук гынарга дылы –диэн Кударай Ойуун саныы истэ. Кини били кэпсэппит соболоҥун илдьэ кэлбэтэҕэ диэн оллуктаах этэ. Ол төлөбүр ити кыыс аатыгар ананан хаалбыта, көҥүл биэрбитин иһин. Бу кинини илдьэ иһэр кутуруксут уолун төнүннэрэн, ол ынаҕы ылан кыыс дьонугар илдьэн биэриэхтээх, ол сырыытыгар кыыс аҕатын ыҥыран кэпсэтиэҕэ. Итинник санааны ылынан Кударай санаата чэпчээбиккэ дылы буолла.

Араппыана кыыһын баттаҕын тарыы олордоҕуна, таһырдьаттан хачыр Саргычок кыыс киирэн.

  • Ити...итиннэ киһи кэллэ...
  • Кимий ол? –диэн ыйытта Араппыана.
  • Биббэппин...маннык улахан ынахтаах –диэн кыыс илиитин даллатан көрдөрдө.
  • Ынахтаах да?
  • Киирэн тойоҥҥун ыҥыран таҕыс диэтэ дии...
  • Туохха наадыйбыт баҕайытай, эмиэ ынах атыылыы кэлбит сордоох дуу? –дии санаан Араппыаана, таһырдьа тахсарыгар тиийдэ.

Таһырдьа тахсан көрбүтэ, били үнүргү кэлэ сылдьыбыт ойуун кутуруксута киһи ынах сиэтиилээх кэлэн турарын соһуйа көрдө.

  • Туохха кэллиҥ?. Эрим улуус киинигэр киирбитэ- диэн киһиэхэ туһаайан саҥарда.
  • Ээ онтон бу...Бу ынаҕы эһиэхэ аҕаллым дии. Кырдьаҕас эһиэхэ анатан тиксэрээр диэбитэ –диир кэлбит киһи.
  • Биһиэхэ дуо? – ыйытар Араппыана.
  • Бу кыыска анаан ыыппыта дии. Мин тугу билиэхпиний илдьэн биэр диэбитин аҕаллаҕым.
  • Кыыска анаан да? –диэн ыйытар Араппыана.
  • Ити иһи кыыскытыгар анаан, көҥүл биэрбитин иһин –диир киһи.
  • Ээ...дьиктитин. –диир Араппыана.
  • Уонна Кырдьаҕас кыыс аҕатын кытта кээпсэтээри гынарын эппитэ. Ону киниэхэ тиийэ сылдьарын этэр.
  • Кэллэҕинэ этиэҕим –диир Араппыана.
  • Чэ бу сүөһүгүн дьаһайтар, мин тиэрдиэхтээхпин тиэртим. Мин төттөрү айаныахпын суолбун быһа туруохпун диир кэлбит киһи ыксыырын биллэрэн. Араппыана кинилэр кэпсэтэллэрин истэн турар үлэһит дьонноругар этэн ынаҕы далга хаайтарар. Кэлбит киһи атынан кэлбит суолун диэкки, сордоҕун толорбут киһилии тэптэрэ турар.

Киэһээтин Бааһынай Балантыын кэлбитин кэннэ Араппыана оҕонньоругар сонунун кэпсии тоһуйар.

  • Ити далга ынах бааллан турарын көрдүҥ дуо?. Ити били кэлэ сылдьыбыт Ойуун собулаҥын кыыска биэрбит, ону аҕалан биэрдилэр.
  • Оо Улуу Ойуун бэйэтин собулаҥын кыра кыыска биэрбитэ тугун дьиктитэй –диэн соһуйар Балантыын.
  • Оннооҕор эппитим курдук Эдьийийм диэбитэ дии...-диир арааппыана.
  • Сатаналары хантан билиэхпиний, бэйэлэрин ыккардыларыгар эдьийдэһэн убайдаһан сырыттахтара.
  • Эйигин кытары ол кырдьаҕас кэпсэтиэҕин баҕарар , бара сылдьаҥ үһү.
  • Туохха ыҥыттардаҕай?. Бу күннэргэ бара сылдьар инибин.
  • Баран истэн билэн кэл, кырдьаҕас мээнэҕэ ыҥырбатах буолуохтаах. Баҕар кыыс туһунан тугу эмит этиэ буоллаҕа. Ити ынаҕы хайыыбытый?.
  • Хайдах хайыыбытый, ананан кэлбити хайыахпытый сүөһүлэргэ киллэтэрэн баайан кэбиһиэххэ, кыыс бэйэтин баайа буоллаҕа дии.
  • Бэйэтин баайа, бэт киһи кыыскын ынахын ыа диэ...-диир Араппыана.
  • Ол ыа диэтим дуо, ыыр дьон баллар дии. Чэ хата аскын тарт ону маны эргитэ санаабакка –диир Балантыын.

    Балантыын Кударай Ойуун балаҕанын аттыгар кэлэн, атыттан түһэн сэргэҕэ баайа турдаҕына балаҕантан ойуун кутуруксата тахсан ким кэлбитин көрө таарыйа хааман кэллэ.

  • Балантыын эн эбиккин дуу, кырдьаҕас мааҕыын сасыарда кэлиэргин эппитэ да хайдах эрэ итэҕэйбэтэҕим ээ.
  • Кырдьаҕас балаҕыныгар дуо? –диир Балантыын.
  • Онтон кэлиэҕиттэн ханна да бара илик, эйигин кэтэһэр быһылаах.
  • Туох аатаах буоллаҕҕай ол?.
  • Мин хантан билиэмий, бэйэтэ кэпсиэ. –диэн киһитин сирдээн балаҕаҥҥа киллэрдэ. Балантыын балаҕаҥҥа киирэн. Тастан киирбит киһи быһыытынан.
  • Дьиэлээхтэр туох кэпсээн? –диэбитинэн эҕэрдэлии көрүстэ.
  • Дьэ кэтэспитим, хата кэллиҥ дии. Киир итиннэ олор, кэпсэтии уһун соҕус буолара буоло. Эн Ыстапаан биһиэхэ мэһэйдээбэккэ бэйэҥ балаҕаҥҥара барарыҥ ордук буолуо – диэн кутуруксутугар анаан эппитин, киһитэ тураа түһэн баран.
  • Чэ сөп өйдөөтүм, мин киэһээтин биллиэҕим –диэн баран тахсан барда.
  • Чэ тоойуом. Мин эйигин кытта кэпсэтиим диэн ити кыыһыҥ туһунан буолар.
  • Ол мин кыыһым хайаабытын, кини туһунан кэпсэтээри бачча ыраах ыҥыттардыҥ? –диир Балантыын, дьигинэн бу оҕонньор тугу этэрин эрдэттэн сэтэйэр этэ да, чахчы ол туһунан туоһулаһан ыйытта.
  • Эн ыксаама...Маҥнай мин этэрбин сиһилии иһит. Ити кыыһыҥ, миигиттэн таһыма хас да мутук үрдүк олбохтоох буоларын этиэм этэ. Биһиги курдук айдарыылаах дьон, этэргэ дылы Улахан Ойуун кыырарыгар, Кыра Ойуун кыырбат дииллэригэр дылы буолан таҕыста. Өйбүн, санаабын олох хам батаан кэбиспитин, көрдөһөн ааттаһан тохтоттум. Сүдү күүстээх кыыс оҕото буолан тахсан эрэр диэн этихпин баҕарабын. Билигин кини кырата бэт, этин туттаҕына аар саарга аатырыһы быһыыта. Улаатыар дылы кинини харыстыахха, көрө истэ сылдьахха уһуйуохха баар этэ да...
  • Этэ да, диэн тугу этээри гынаҕынй? –диэн быһа түһэн ыйытар Балантыын.
  • Түүл бит куһаҕан... Бу дойду үрдүнэн туох эрэ улахан аймалҕан буолуох сибикитэ баар диэн түүлү көрөбүн. Биһиги курдук дьоннору итэҕэйбэт кэмнэрэ кэлииһик курдук быһылаах. Дьэ туох буолан иһэр. Ити кыыс олоҕун көрүүлэнэ сатаабытым да туоҕу да көрдөрбөт, бэйэтин харыстанан сабан кэбиһэн иһэр. Олох күүстээх харысхалаах сылдьар, онно манна киирэн биэриэ суоҕа. Онтон ити саҥарбат диэн куттаныма, сотору саҥардаҕына бэйэтэ саҥаран барыаҕа. Кини кыыллары, көтөрдөрү кытта кэпсэтэр, Ону маны дьиктини көрөр, онно олох ороһумаҥ. Ити эһиги аартыкытыгар айабын иитэлээтим, атын Ойуутар киирбэттэрин курдук. Ол кыыска туох да куһаҕаны оҥоруо суоҕа. Ити мин кыыһы көмүскээн ииппит быһыым. Ону эн мээнэ дьоҥҥо кээпсии сылдьар буолаайаҕын, көннөрү дьоҥҥо ол туох да куһаҕаны оҥорбот. Өскөтө кыыскыт тыаҕа баран сүтэр эҥин буоллаҕына, көрдүү барбат буолааарыҥ, бэйэтэ төннөн кэлиэҕэ. Тыаҕа кинини көмүскүүр кыыллара баллар. Кыыскытын туһунан хаппахчыга сытарыҥ. Ол хаппахчыгытыгар түннүгэ бэлэһэ суох буолуохтаах. Уонна төннөн олорор түөлбэҕэр киирбитиҥ кэннэ иккис турар балаҕаҥҥа , тыһы ыт төрөөн сытар. Хаһаайына хараҕа суох бохсоҥ оҕонньор баар буолуоҕа. Ол оҕонньортон, ытыҥ оҕолорун көрдөр диэҥҥин, ыт оҕолоруттан барыта хара өҥннөөх ыт оҕотун талан ылан кыыскар ильэн биэрээр. Ол оҕонньор ытын оҕотун төлөбүрүн көрдөөтөҕүнэ, тугу да саҥарбакка, тахсан бараар. Тахсыбытын кэннэ, оҕонньор ытын оҕолорун туппахтаан ааҕан көрүөҕэ, ол хара ыт отой кэлин тахсыбыт буолан ахсааҥҥа киирбэккэ сылдьар. Эйигин ыт оҕолорун сирдэ дии саныаҕа. Тахсан барагар отой тугу да саҥараайаҕын, ону олох өйдөө... Ол ыт оҕотун кыыскар бэйэтигэр туттараар, бстакы харабынайа ол ыт оҕото буолуоҕа. Чэ ити этэрбин барытын эттим быһылаах. Мин кыыстыын бэйэтин кытта мантан кэпсэтэ сытыаҕым. Ол биһиги, дьон курдук саҥаран кэпсэппэт дьон бйэбит билэбит. Эһиги ону билэргин туһата суох. Чэ билигин айанаа, ытыҥ оҕотун ылан ааһаргын умнума. Эппитим курдук тахсаргар тугу да саҥараайаҕын –диэн Кударай Ойуун Балантыыҥҥа эттэ.
  • Чэ барытын өйдөөтүм, ама хайдах умуннахыный –диир Балантыын.

Балантыын дьиэтигэр төннөн иһэн, Кударай тугу эппитин эргитэ саныы истэ. “Ити тугу-тугу этэрий улахан аймалҕан диэн? Биһи курдук дьоннору диэн?. Ол аата Ойууттары, Удаҕаттары этэр быһылаах арааһата” . Балантыын олорор аартыгар киирэн иһэн , кырдьаҕас эппитин өйдүү биэрэн суолун иккис турар балаҕаныгар кэлэн атын тохтотон балаҕаҥҥа киирдэ. Балаҕаҥҥа дьадьаҥы дьон олорор буолан сыта сымара диэн киирбит киһи муннунан кэтэҕэр саайар дылы амырыын сыт баар билиннэ. Балантыын киирээт, нэһиилэ тулуйан туран саҥарда.

  • Дьиэлээхтэр Нөрүөн Нөргүй!. Бу мннна ыт төрөөбүт үһү дии, оҕолорун көрүөм этэ – диэн улаханнык саҥарбытыган, балаҕан кырыытынааҕы нааратан киһи туран кэллэ.
  • Төрөөн...төрөөн, ити көмүллүөк кэннигэр сыталлар...Киирэн көрөөн талан ыл, ытым булчут ыт...Оҕолоро да булчут буолуохтаахтар –диэн баран, тайах маһын көрдөөн сиргэ тарбыаласта. Балантыын көмүллүөк оһох кэннин тиийэн өҥөйөн көрбүтэ , аҕыс ыт оҕото сыталлара ол быыһыгар саамай кыралара хап-хара хараҕа да аһылла илик саҥа төрөөн тахсыбыт ыт оҕотун харбаан ылаат таһырдьа ойдо. Кырдьаҕас эппитин курдук туох да диэн саҥарбакка ытын оҕотун хоонньугар уктаат атыгар олороот дьиэтин диэкки көтүтэ турда. Оҕонньор киһи тахсан барбытын истэн, көмүлүөк кэннигэр кэлэн ытын оҕолорун туппахтаан ааҕан көрөн баран.
  • Бу аата сирдэҕэ дуу. Тугун сирдэҕэй, дьон саккстаһан ылар ыттара этэ дии...-диэн бэйэтин иһигэр ботугуруу-ботугуруу миэстэтигэр тиийэн сытынан кэбистэ.

    Балантыын дьиэтигэр киирэн, кыыһыгар Сибиэтиккэҕэ хааман тиийдэ. Араппыана дьиктиргээн оҕонньоро туох буоллаҕай диэн, ыйыппака да хаалла. Балантыын кыыһын иннигэр тобуктаан олорон хоонньуттан ыт оҕотун хостоон таһааран кыыһын иннигэр ууран биэрдэ. Ыт оҕото, сылаас хоонньуттан тахсат, ийэтин эмийин көрдүү дуу саҥа киирбит сирин үөрэтэ дуу ол бу диэкки тиҥситрийэн киирэн барбытын кыыс соһуйан хаалан аҕатын сирэйин көрөн ылла. Ыт оҕото кыыс атаҕар кэлэн сытырҕалаан киирэн барбытыгар кыыс кэннинэн чугуруйан биэрдэ. Ыта кинини батыһан ньааҕынаан ылбытын, кыыс куттанан ийэтигэр сүүрдэ. Араппыана кыыһы илиитигэр көтөҕөн ыллан баран оҕонньоругар эттэ.

  • Хайа бу эмиэ туоххунуй? Оҕону кутаан...Ити хантан илдьэ кэллиҥ?.
  • Дьэ хотуй, ити кыыспыт харабынайа буолуохтаах үһү.
  • Дуо!?. Ким оннук диир. Кырдьаҕас биэрдэ дуо?.
  • Суох, кырдьаҕас биэрбэтэ гынан баран оннук сиргэ төрөөн сытар. Ону тиийэн ылан аас диир. Дьэ чахчы өтө көрөр кырдьаҕас эбит. Кини эппитин курдук уу харахха буолан таҕыста.
  • Ээ...тоҕо да кутталай. Онтон кыыс туһунан тугу диир?.
  • Чэ бээ, ону кэлин кэпсиэҕим –диир Балантыын.
  • Сибиэтикэ тойуом, ыккын аһатыахха эрэ. Баран били бытыылкаҕын аҕал эрэ –диэн араппыана кыыһын суостаҕа турууорда. Кыыс сытар хоһун диэкки сүүрэн баран хостон былыыка тутуурдаах тахсан ийэтигэр туттарда. Араппыана бытыылкаҕа үүт кута ас астыыр сиргэ киирэн, сотору соҕус бытыылкка тутан тазсан кыыһыгар туттаран кэбистэ.
  • Чэ тойуом ыккын бэйэҥ аһат –диэн баран ккыыс тугу гынарын көрөөрү тиийэн олопоска тиийэн олорунан кэбистэ. Кыыһа бытыылканы илиитигэр ылаат, маҥнай бэйэтэ соппойон ылла онтон тобуктарыгар олорон бытыылкатын ытын айаҕын диэкки эмтэрэрдии туһаайбыта, ыт оҕото сытырҕалаан ылан баран эмэн соппойон барда. Ону көрөн кыыс сүрдээҕин үөрдэ уонна ийэтин диэкки көр бу диэбиттии ыйан көрдөрдө.
  • Ээ оҕом, уонна баҕас эмсэхтэнэн бүттэҕиҥ. Ытыҥ оҕотун уонна бэйэҥ аһатаҕын сөп дуо? – диэн Араппыана кыыһыттан ыйытар. Кыһа сөбүлэһэн төбөтүнэ көрдөрөр.

Дьэ бу күнтэн ыла Сибиэтиккэ ытын оҕотун кытта арахсыспат доҕордуулар буолан киирэн барбыттара. Кыыс ити кэмҥэ балтаараатын ааһан эрэр оҕо этэ. Сибиэтикэ саҥарбатын курдукк саҥарбат, тугу баҕарбытын илиитинэн ыйан көрдөрөр, онооҕор оҕо курдук ытаабат да этэ. Киэһээтин кыыстара утуйбутун кэннэ, балантыын тугу истибитин барытын эмээхсинигэр кэпсээн биэрбитэ. Дьиэлэрин биир муннугар анаан кыыстарыгар хос оҥорор буолан быһаарыммытара, ол хоско кыыстара ытын кытта сыталларын курдук оҥоторуох буолбута Балантыын.

Ыт киһи доҕоро

    Сибиэтиккэ ытын оҕотун кытта, тэҥҥэ кэриэтэ улаатан иһэрэ. Ыт ыт курдук түргэнник улаатара. Ытын оҕотун кыыс бэйэтэ илиитинэн аһатар буолан , атын киһи кини ытын оҕотун аһата сатаабат этэ. Кыһын устата ыт оҕото улаатан, бөдөҥ улахан уҥуохтаах ыкка кубулуйбута. Кыыс ытын кытта хайдах кэпсэтэрин дьонноро олох билбэт этилэр. Оҕо тугу баҕарарын ыта эндэппэккэ таайара, кыыс аттыттан арахпакка куруутун батыһа сылдьара. Ким эмит кыыска чугаһаары кыннаҕына, ыта Сибиэтиккэ иннигэр кэлэн турунан кэбиһэн баран кыыска кэлбит киһини уөрэтэрдии көрөн истэн баран биирдэ туораан биэрэр этэ. Таһырдьа сылыйбытын кэннэ кыыстаах ыт, күнү быһа тыаҕа баран оонньооон тахсар идэлэммитэрэ. Араппыана кыыһын маныы сатаан баран кэлин ыкка итэҕэйэн, куттаммат буолан барбыта. Киэһээтин кыыстаах ыт дьиэлэригэр сылайан кэлэн баран, утуйар аакка бараллара. Утуйуохтарын иннигэр кыыс ытын бастаан аһатан, ол кэннэ бээйэтэ аһыыр этэ. Араппыана Саргычок кыыһы, Сибиэтиккэни маната диэн аатаан анаабыта да Сибиэтикэлээх киниттэн куотан син биир барбыттара эрэ баар буолара. Төһөлөөх онно кыыс эрэйдээх мөҕүллэн, сору көрбүтэ эбитэ буолуой. Ол да буоллар кыыстаах ыт сүтэллэрин курдук сүтэр этилэр. Сибиэтиккэ үһүн туолар сааһыгар, аҕата Балантыын көмүс хостуур бириискэлэргэ этин уонна арыы туттара барбыта. Онно бириискэлэргэ улахан айдаан буолан эрэр кэмэ буолан, илдьэ тиийбит сээкэйин кыайан туттарбакка уһуурга тиийбитэ. Бастаанньыйаны саба батаары, өрө турбут дьоннору саа уоһунан крсүбүттэрэ. Балантыын дьон быыһыгар холбоһо сылдьан, онно улахан эчэйии ылбыта. Тҥ сиртэн буулдьа тэйэн сиһин тонооҕоһугар түһэн Балантыын бааырыы ылбыта. Ити быһылаан 1912 сыл муус устар ыйыгар буолбута. Бодойбо көмүс сууйар бириискэлэригэр дьон буорту буолбут эти атыылааһынтан сылтаан буолбут диэн дьон кэпсиирин Балантыын истэн өһүргэнэ санаабыта. Кини таһар эттэрэ хаһан да буортурбут буолбатах диэн ити айдааҥа кыттыһарга тиийбитэ. Саха сириттэн Бодойбоҕо эт уонна арыы таһар дьон элбэх этилэр. Олор эмиэ онно кыттыһарга тиийбиттэрэ. Кинилэр эттэрин, атыыһыттар тутан баран, бэйэлэрин истэригэр үллэстэллэрин уонна үлэһит дьоҥҥо, өр баҕайы атыыга барбатах эти атыылыыларын быһаарсар соруктаах Балантыын эчэйиини ылбыта. Аҕата ити быһылааҥҥа түбэһэрин кыыһа Сибиэтиккэ сүрэҕинэн быарынан сэрэйэн, утуйа сытан “ Аҕаа” диэбитинэн олоро биэрбитэ. Кыыс аттыгар ийэтэ Араппыана иистэнэ олорон, соһуйан иистэнэ олорбут сээкэйин сиргэ ыһыктыбыта. Кыыс аттыгар сыппыт ыта, ойон туран туох буолла диэбиттии Сибиэтэ диэкки көрүтэлээбитэ. Араппыана кыыһа саҥарбытыттан соһуйан Сибиэтиккэттэн кэлэн туоһулаһа сатаабыта.

  • Тойуом туох буоллуҥ...кусаҕан түүл түһээтиҥ дуо?. Аҕаҥ туох буолла? –диэн ситэри уһукта илик кыыстан ыйыт да ыйыи буолбута. Кыыс ийэтин диэкки саҥа көрбүт киһилии.
  • Аҕам...аҕам...-эрэ диэбитэ
  • Туох буолла чыычааҕым, киһини кутаамарыый –диэн Араппыана кыыһын кууһан ылбыта. Кыыс тугу түһээбитин саныы дуу толкуйдуу дуу олорон, ийэтигэр туһаайан эппитэ.
  • Аҕам “ Айака” диэтэ...Кусаҕан дьоннор аҕабын сии сыыстылар...-диир кыыс.
  • Уой даа...Ол хайдах ? Тоҕо итинник диигин?- диэн Араппыана ыксаан киирэн барда.

Бөҕө Бүөтүр тойонун Бааһынай Балантыыны дьиэтигэр ат сыарҕатыгар сытыарааран тиэйэн аҕалла. Дьон аймалҕан бөҕөтө буолан көрүстүлэр. Бүөтүрдээх Балантыыны дьиэтигэр көтөҕөн киллэрэн оронугнар сытыардылар . Бөҕө Бүөтүр туох буолбутун Араппыанаҕа кэпсиир.

  • Тэриэсникэп диэн аппысыар бирикээһинэн дьоннору ытыалаатылар. Икки сүүстээн тахса киһини өлөрдүлэр диэн дьон айдаана сүрдээх, эчэйээчи да элбэх. Ону таһынан бу биһиги Балантыымыт эмиэ ыт ьуола сыыста. Дьоннор биһигитин буорту буолбут эт аҕалан туттараҕыт диэн саҥарбыттарын иһин онно сөбүлэспэккэ киирэн биэрдэҕэ үһү. Мин киниэхэ этэ сатаабытым үрдүнэн, дьо саҥатыгар киирэн биэриэхпин баҕарбаппын диэн олох истибэтэҕэ. Дьэ дьоннору аһыммакка ытыалыыллар эбит. Олох ытыы, ытыалыыллар.Ити кэннэ дьэ туох буолар – диэн баһын быһа илгистэр Бөҕө Бүөтүр.
  • Оо бу иэдээни. Хайдах ол дьоннору ытыалыылларый? –диэн Араппыана истибэтэҕин истэн, соһуйуу бөҕөтүн соһуйда. Бүөтүр тахсан барбытын кэннэ Араппыана эригэр тиийэн, эрэ хайдах туруктааҕын көрдө иһиттэ. Балантыын дьиэтигэр кэлэн сырайа сырдаабыкка дылы буолбут. Ойоҕун Араппыананы көрөн мичийэн ылла.
  • Дьэ көр бу Доҕоруум. Бу кэбилэнэн кэллэхпин. Хата тыынаах хаалбыппар таҥараҕа махтал. Ити Бүөтүр суоҕа буоллар, онно тэпсиллэн хааларым хаалла. Бүөтүр баар буолан эчэйээпин кытта сүгэн таһааран, мүччү тутаран тыынаах хаалым диэххэ сөп. Булдьа сиртэн тэйэн сиспин эчэппит диэн быһаарбыттара, аара дьаам дьиэтигэр кэлэн. Атахтарым истибэттэр. –диэн кэпсии сытта Балантыын.
  • Оо дьэ кэм биһиги буолуохпут. Ити эчэйэргин кыыһыҥ Сибиэтиккэ көрүүлэммитэ ээ...-диэн Араппыана сибигинэйэн эригэр эттэ.
  • Көрүүлэммитэ да? –диэн ыйытар Балантыын.
  • Биир күн кыыһыҥ “ Аҕаа” диэбитинэн утуйа сытан уһуктан соһуппута .
  • Кыыс саҥарда дуо? –диэн ыйытар Балантыын.
  • Саҥарда ээ онтон. Билигин тугу барытын саҥарар курдук.
  • Хата бу бэт сонун, били этэргэ дылы кусаҕан үчүгэйдээх диэбиккэ дылы –диир Балантыын.

Сибиэтиккэ аҕата кэлбитин истэн, дьонун хоһугар көтөн түстэ, аҕата ороҥҥо сытарын көрөн бастаан тааллан тура түһэн баран сүүрэн кэлэн аҕатын кууһа түстэ.

  • Аҕаа мин наһаа күүттүм дии –диир кыыс.
  • Ээ оҕом сыыһа. Хата саҥарардаах эбиккин дии –диир Балантыын.
  • Мин эйигин көрбүтүм ээ төһөөн –диэн кэпсиир кыыс.
  • Онтон бу ытыҥ ханна барда? –аҕата ыйытар.
  • Баар итиннэ олорор. Ытым аата Доҕор диэн кини улаатта ээ.
  • Тылгын истэр дуо ол Доҕоруҥ?.
  • Истэр, бар диэтэхпинэ барар.
  • Чахчы үчүгэй Доҕордоох эбиккин дии.
  • Аҕаа...эн соторү үтүөрүөҥ!. Ол гынан баран хаампат буолуоҥ- диэн кыыс аҕатыгар эппититтэн аҕата соһуйан кыыһыттан ыйытар.
  • Ону эн хантан билэҕин чыычааҕым?.
  • Онтон оннук дииллэр ээ. Ити миэхэ көтөрдөр эҥин барытын кэпсээн ааһаллар дии...-диир кыысччаан буруйдаммытыы туттан.
  • Ону эн мээнэ дьоҥҥо кэпсээбэт буол. Сөп дуо тоойуом?.
  • Сөп –диир кыыс. Кыыстаах аҕа ити кэннэ элбэх арааһы кэпсэппиттэрэ, кыыс айаҕа сабыллыбакка элбэҕи кэпсиирэ. Били кырдьаҕас эппитин курдук. Ол бу араас көтөрдөр саҥаларын үтүктэн, аҕатыгар саҥаран көрдөрбүтэ. Уонна аҕатыгар биир бэйэтин кистэлэҥин кээпсээбитэ. Ол кистэлэҥэ Кыталыктар үкүүлэрин көрбүтүн туһунан этэ. Кыыс кыталык хайдах туттан үҥкүүлүүрүн көрдөрө көрдөрө аҕатыгар кэпсээбитэ. Аҕата кыыһа кэпсээбититтэн догуйан хараҕа ууланан кэлбитэ, кыыһын бэйэтигэр ыҥыран сүүһүттэ сылаан ылла.
  • Ити кыталык үкүүтүн ийэҕэр эппитиҥ дуо? –диэн ыйыппыта.
  • Суох, ийэм көрдөхүнэ этээйэҕин диэбитэ дии...-диир кыыс.
  • Оччоҕуна тоҕо миэхэ кэпсиигиний, кимиэхэ да этээйэҕин диэбит буоллаҕына.
  • Кыталыктар көҥүлээбиттэрэ ээ михэ –диэн баран кыыс үөрбүтүү аҕатын көрөр.
  • Кыталыктары кытта эмиэ кэпсэтэҕин дуо? –диэн аҕата ыйытар.
  • Кэпсэтэллэр дии онтон.
  • Чэ оччоҕуна уонна кимҥэ да кэпсээмэ, сөп дуо?.
  • Ити эйиэхэ эрэ кэпсиибин, уонна кимҥэ да эппэпин –диир кыыс.

Көрүүлэнии

    Саргычоктаах Сибиэтикэ сибэккиилээх хонууга, сибэккии хомуйан оонньуу сылдьаллар. Ол олорон иккиэн бэйэ бэйэлэрин ыккардыгар, ону маны сэмээр кэпсэтэллэр. Улахан кыыс Саргычок Сибиэтикэҕэ кэпсиир.

  • Мин эн төрүүргүн көрбүтүм ээ. Кып-кыһыл үөн курдук этиҥ. Уонна кыракый баҕайы илиилэргинэн, бу маннык гын да гын –диэн илиитинэн сарбаҥнатан көрдөрөр Саргычок.
  • Чахчы дуо. Ол хайдах көрөҕүн? –диэн ыйытар Сибиэтиккэ. Саргычок хотуна Араппыана кыыс ким оҕото буоларын отой этээйэҕин диэбитин өйдөөн кэлэн. Эппитин уларытан кэбиһэргэ сананна.
  • Ээ оонньоон эттим. Ити бэйэм сымыйалаан айан кэпсиибин. Ол миигин ити эһиги дьиэҕитигэр киллэрбэт буоллахтара дии.
  • Саргычок...мин барытын билэбин ээ. Ким тугу толкуйдуу, саныы сылдьарын. Ол көстөр былыттар курдук харахпар көстөн кэлэллэр –диир Сибиэтиккэ.
  • Хайдах ол?
  • Онтон оннук ээ...
  • Оччоҕуна мин туох буоларбын, эн билэҕин дуо?.
  • Билэбин...
  • Дьэ туох? –диэн Саргычок кыыс Сибиэтиккэ диэкки чугаһаан биэрэр.
  • Билигин эппэпин...-диэн баран Сибиэтиккэ, олорбут сириттэн туран, ытын Доҕору ыҥырар. Ыта кыыс ыҥыраатын истээн, күтэрдии сылдьыбытын быраҕан киниэхэ сүүрэн кэлэр. Сибиэтиккэ ытын кууһан туран.
  • Баар суох чугас Доҕорум бу баар. Дьэ кини барытын билэр- ыта кыыска ачаалаан кутуругун хамсата хамсата, сирэйиттэн салаамахтаан ылар –Пахай да бара эрэ, киһи сирэйин сыраан кыннаҥҥын –диэн ытын бэйэтиттэн антах анньар. Ыта мөҕүллүбүттүү туттан тэйэн биэрэн баран, кэннин диэкки көрө-көрө эмиэ күтэрдии баран хаалар. Саргычоок кыыс билиэн баҕарбытын ситэри истээри Сибиэтикҕэ кэлэн ыххайар.
  • Чэ Сибиэтиккэ кэпсээриий...Мин билиэхпин баҕарабын дии...-диэн көрдөһөр. Кыыһа үөһээ тыынан ылан баран Саргычок кыыска этэр.
  • Өскөтө мин эйиэхэ кэпсээн биэрдэхпинэ, онно олорор дьон кыыһыраҕа дии –диэн халлаан диэкки ыйан көрдөрөр.
  • Чэ оччоҕо кэлин.
  • Биири этиэм...Эн биэс оҕолоноҕун. Икки кыыс уоннаҕыта уолаттар. Уонна...чэ сөп.
  • Уонна туох?
  • Сөп буолуо. Эйиэхэ сассыарда аайы ким да кэлэн эҕэрдэлэспэт дуо?-диэн Сибиэтиккэ ыйытар.
  • Суох. Арай ити Силип оҕонньор куруутун уһугуннарар. Тур да тур диэн сордуур- диир үөһээ тыынан баран Саргычок кыыс.
  • Онтон миигин, биир дьахтар кэлэн куруутун уһугуннарар. Бу манна суох мааныы баҕайы таҥастаах...
  • Кимий ол, мин кинини билэбин дуо?
  • Суох эн кинини билбэккин. Кини манна суох диибин дии.
  • Хайдах ол суох, уонна хайдах кэлэн уһугуннарарый?.
  • Билбэтим...Эг итини кимиэхэ да кэпсээмэ сөп- диир Сибиэтккэ.
  • Арай кэпсээтэхпинэ?.
  • Кэпсээтэххинэ...Эйигин кэһэтиэхтэрэ дии.
  • Айаката бэт дии. Оччоҕо кимҥэ да кэпсээбэппин.
  • Ити Силип оҕонньор туһунан кэпсиибин дуо хата? – диэн ыйытар Сибиэтиккэ.
  • Дьэ кэпсээ эрэ.
  • Ити Силип оҕонньор өр баҕайы олоруоҕа. Бу манна сотору, дьон иирэн турар кэмэ кэлиэ. Ким да үлэлээбэккэ мээнэ сүүрүү көтүү, ыһылыы тоҕулуу. Кыһыл таҥастаах маһынан далбаатыы далбаатыы хаһыытыы хаһыытыы төттөрү таары сырсыы. Ол гынан баран бу биһиги олорор сирбитин, наһаа улаханнык таарыйыа суоҕа. Ити мин аҕам бара сылдьыбыт сирин, айдааннарыгар хаампат буолан кэлбититтэн истибитиҥ дии. Ол курдук киһи барыта саа сүгүүлээх сылдьар кэмнэрэ кэлэллэр. Ол кэмнэргэ мин мантан барабын...
  • Ол ханна бараҕын? –диэн ыйытар Саргычок, дьүөгэтэ бу баран эрэрдии ыксаан.
  • Ыраах ыраах...Маннык муостаах кыыллар бааллар онно –диэн кыыс илиитин сарбатан көрдөрөр.
  • Тайах дуо?
  • Билбэтим. Кэлин, олох кэлин мин эйигин булуоҕум.
  • Хата оннук диэ –диэн баран Саргычок Сибиэтиккэн кууһан ылар.
  • Чэ дьиэлиэххэ, күнүскү аспыт буолара буолла. Ийэм кэтэһэн эрэр. Эн миигин кыытта дьиэбэр киирсээр- диир Сибиэттиккэ.
  • Ийэҥ көҥүллүө суоҕа –диир Саргычок.
  • Көҥүллүө, мин эттэхпинэ.
  • Чэ тиийдэхпинэ көрүөхпүт эрэ.
  • Дьэ көрөөр...Бэйэтэ ыҥыыраҕа эйигин –диир Сибиэтиккэ мичээрдээн. Кыргыттар ыттарын ыҥыран дьиэлэригэр сүүрэн тиийдилэр. Оҕолор саҥаларын истэн дьиэттэн Араппыана тахсан.
  • Ээ... оҕолор бу кэллилэр. Чэ киирэн аһааҥ, Саргычок кэл эн эмиэ киирэн дьүөгэҕин кытта киирис ээ. Сибиэтиккэ, дьүөгэтин Саргычок диэкки көрөн баран.
  • Ити баар дии...эппитим дии эйиэхэ –диир
  • Тугу эппикиний? –диэн Араппыана кыыһыттан ыйыта сатаата.
  • Эн миигин киир дииргин...-диэн Саргычок Араппыанаҕа эппиэтээтэ.

    Дойду үрдүнэн улахан айдаанаах өрөбөлүүсүйэ буолан, ыһыллыы тоҕулуу саҕаланан барбыта. Маҥнай утаа түөлбэ дьоно, айдаан буолбут сураҕын үһү эрэ диэн истэр этилэр. Онтон кэлин бэйэлэрэ да билэн барбыттара. Ол курдук Бөҕө Бүөтүр Балантыын атыылыыр эттээх арыытын таһа сылдьар буолан, элбэҕи көрбүтүн билбитин кэлэн кэпсиир буолара. Биир күн атыытын туттаран кэлэн баран маннык кэпсэлээх кэлбитэ.

  • Дьэ бу биһиги манна олорон , олохтон олох хаалан олорор дьоммут быһылаах. Ыраахтааҕыбытын устубуттар дуу бэйэтэ акаастаммыт эбитэ дуу. Киэрэнскэй диэн салайаачылаах Бириэмэннэй Бырабыыталстыба салайар буолбут диэн дьон кэпсиир.
  • Ээ ол да иһин ити били судаарыскайбыт туруммута сүрдэммит этэ дии –диир Бүөтүр кэпсиирин истэ олорон Араппыана.
  • Оннук, ити дьон курдуктар дьону иирдэннэр былааһы былдьаһан кэбилэнэн эрдэхтэрэ- диир Бүөтүр.
  • Дьиҥинэн эттэхэ бу биһиги курдук дьоннору, баайдар диэн аатаан. Хамначчыт дьону атаҕастаан олоробутун утары турар хамсааһын курдук диллэр дии –диир Балантыын.
  • Ол мин хайаан эйигин утары туруохпунуй?. Хата эн баар буолаҥҥын аһаан сиэн олордоҕум дии –диир Бүөтүр.
  • Бүөтүр ол эн санааҥ буоллаҕа дии. Онтон сүүс киһи санаата сүүс араас буолар. Ким эмит атаҕастаммыт баттаммыт аатыран да сөп.
  • Мин эһигитин өйдөөбөппүн, кими эрэ баттаан атаҕастаан албыннаабыккытын. Хата кыамматтарага көмөлөһө сатыыр дьон эрэ курдук саныыбын –диир Балантыын.
  • Ити биһиэхэ ыыпыт судаарыскайдара , ама хайаан киһи былааска олордор киһитэ буолуой. Ороспуой ороспуойунан дии, жандармы өлөрөн кэлбит диэн сурах баара. Күһүлэҥ үлэҕэ барыахтааҕын дьонноро кыахтаах буоланнар бу биһиги дойдубутугар сыылкаҕа кэлэн куотуммут диллэр этэ буолбат дуо?.
  • Дьэ чахчы, киһи эрэмммэт киһитэ.- диир Бүөтүр.
  • Онтон били Оруоскалаах Кулубаларын умнан кэбистигит дуо?. Ол сордоох бйэлэрин судаарыскайдарын олорор сириттэн хас да сыл үүрдэрэ сатаабыта дии. Ол киһи дьахтар кыыс бөҕөтүн күһүлээн олх муҥур тойон курдук сылдьыбыт сурахтааҕа. Дьөссө сэнээн “ Эһиги сахалар миигин утары бараары гынаҕыт дуо?. Эһиги баҕас дьон үһүгүт дуо?. Миигин эһигитин моһуоҥҥутун көннөтөрө манна ыыппытара” диир үһү ол киһилэрэ. Он кулубалара бэйэтэ тиийэн тыынын иһилээбитэ. Онтон ол кулубаларын судаарыстба киһитин өлөрбүккүн диэн ханна эрэ ыраах хандалы хаайыытыгар ыыппыттара дии –диэн Араппыана кэпсээтэ.
  • Ээ чахчы оннуктаах этибит дии. Төһө да судаарыскайдарын иһин биһигиттэн таһымнара үрдүк олороллор олорбут. Ити олороллоругар дөссө харчы ылар курдук диэн истибитим –диир Бүөтүр.
  • Оннук дьон былааска кэллэхтэринэ туох үтүөлээх буолара буоллар –диир Балантыын.
  • Дьэ этимэ даҕаны –Бүөтүр сөбүлэһэр. Араппыана ыалдьытыгар чэй бэлэмнэтээри хостон тахсан барбытыгар Бүөтүр Балантыын кулгааҕар сибигинэйэн этэр.
  • Кыахтаах дьон бары утары туран эрэллэр үһү. Саҥа ьылаастабыт диир дьоннорбут баайдары суох оҥортуохпут диэн туруммуттар. Мин эппитим курдук эйигин мин быраҕыам суоҕа. Манна баар да дьон оннук санаалаахтар.
  • Бүөтүр ол мин сатаан хаампат киһи хайдах утары турабын, бу оромуттан сытан дуо?.
  • Онтон оннугун оннук гынан баран. Бу манна даҕаны ол саҥа былаастарыгар кыттыһах дьон баллар дии. Олор кэлэн киэбирэ барыахтар турдаҕа.
  • Дьэ билбэтим ээ...Туох буолан иһэр. Сатаатар атахтааҕым эбитэ буоллар-диир Балантыын.
  • Мин ити сураҕы, истэ билэ сылдьар киһи быһыытынан бэйэни харыстанарга диэн бэнтиэпкэ уонна бэстилиэт атыылаһан аҕаллым. Бэйэбит да көмүскэнэр инибит.
  • Туох да? – диэн соһуйар Балантыын.
  • Чахчы улахан айдаан буолан эрэр. Ити дьонуҥ куттаныа диэн мин онон манан кэпсээтим. Дьиҥинэн эттэххэ, ити саҥа былаас дьонноро олох ыттыйбыттар. Биһиги да диэкки ол биллэрэ буолуо. Ол иһин атыыластаҕым.
  • Оннук диэн, киһи тыыныгар тураары гынаҕын дуо Бүөтүр?.
  • Киһи тыыныгар тураары гынам дуо, көмүскэнээри эһигитин көмүскээри ...
  • Дьэ хайа буолабыт...Чэ көрөн иһиэхпит. Били маннааҕы биһиги кулубабытын миэхэ кэлэ сырыттын диэн этээр эрэ. Кини ону маны билэн эрдэҕэ, сүбэлэһиэ этибит хайдах буоларбытын.
  • Этэн көрүөм, ол киһи чахчы утары турунаары дьон мунньа сылдьар диэн сураҕы истибитим. Ол курдук бэйэбит дьоммутун мунньан кинилэри кытта кыттыһан эбэтэр бэйэбит.
  • Эн Бүөтүр толкуйдаан көр, утары турабыт диигин да. Оҕолорбут ойохторбут туһунан санаабат эбиккин дии отой.
  • Олох буккуллан хаалым, саҥа былаастара диэн дьигинэн баҕар үчүгэй буолуор этэ гынан баран. Ити судаарыскайдары санаатахпына кыа хааным оонньоон клэр. Ити Араппыана эппитэ дии, ол судаарыскай мин балтыбын күһүлээбитэ. Дьигинэн мин баран дьаһайар санаалаах сылдьыбытым ээ. Ону ол кулуба бэйэтэ быһаарбыт этэ. Ол да иһин ити дьоннору олох өлөрдүү абааһы көрөбүн да диэххэ сөп.

    Сир дойду үрдүнэн аймалҕан бөҕөтө, олохтоох дьону аймаабыта. Хас олорор сир аайы, иккилии- үстүү аҥыы хайдыһыы саҕаланан киириэн барыталаабыта. Бу Сибиэтиккэ да олорор түөлбэтэ онтон хаалсыбакка олох олоҕор кыттыһан барбыта. Аҕата Балантыын бэйэтэ кыракый этэрээт хомуйан саҥа былаастарбыт диир дьону утарылаһар санаалаах дьону мунньубута. Бэйэтэ хаампат да буоллар, акка олортохторуна атынан баҕас айаныы үөрүйэх этэ. Кини аттыттан Бөҕө Бүөтүр харыс да сиргэ арахпакка наар Балантыын аттыгар батыһа, тойонун көрө истэ сылдьара. Хастыы да хонукка сүтэ –сүтэ кэлитэлиир барыталыыр буолан барбыттара.
Бу айдаанаах, аймалҕанаах кэмнэргэ Сибиэтиккэ кыыс уон иккитин туола кэмэ тиийэн кэлбитэ. Иккиэйэҕин ииппит ийэтинээн Араппыаналыын, бэйэлэрэ эрэ улахан дьиэлэригэр хаалан хаалбыттара. Дьиэҕэ үлэһитинэн сылдьыбыт дьахталлар, саҥа былаас көҥүл биэрэн ким баҕарарынан мээнэ сырсан барбыттара. Хотоҥҥо турар сүөһүлэрин Силип оҕонньору кытта Саргычок эрэ хааланнар көрө сылдьар этилэр. Кинилэргэ Сибиэтиккэ күүс көмө буолар. Биир күн Сибиэтиккэ хотоҥҥо көмөлөһө сылдьан Саргычоктан ыйыппыта.

  • Саргы, ити биһиэхэ үлэлиир дьон бары мээнэ атах балай баран хааллылар дии. Эн олору батыһан тоҕо барсыбатыҥ?.
  • Атах балай диэбиккэ дылы, ол ханна барабын?.
  • Онтон билбэтим. Биһигитин дьон баайдарынан ааҕан дьону баттаан олорорбут курдук саныыллар дии.
  • Олорбутум тухары оннук баттаммыппын өйдөөбөт курдукпун ээ мин. Хайдах буоланнар мээнэ барбыттарын санаабаппын. Манна барыта баарга дылы этэ дии. Аһыыр ас, утуйар сир. Ити били Кэтэҕэрээн Аанчыгы үнүр көрсүбүтүм, аччыктаан олох иэдэйбит этэ, ыалы кэрийэн ас көрдөөн сору көрө сылдьара.
  • Оо бу иэдээни, онтон тоҕо төттөрү кэлбэтий? –диир Сибиэтиккэ.
  • Мин эппитим ээ, ону барарбар хотуммун дэлби үөҕэн саҥаран баран барбытым диир. Онтон кыбыстар үһү. Дьэ бэйэтэ да саҥаран баран кэлээр диир дьахталлара. Мин кинини, кырдьык эттэххэ испэр киллэрбэппин. Мээнэҕэ “ Кэтэҕэрээн” диэн аатаабатах буолуохтаахтар.
  • Төһөтүн да иһин бэйэбит киһибит буоллаҕа дии. Мин ийэбин кытта кэпсэтэн көрүүм –диир Сибэтиккэ.
  • Оо дьэ, аны миигин күөттүүр дии саныыра буолуо ийэҥ Араппыана.
  • Тоҕо оннук диэҕэй, дьоннору хайдах эрэ сылдьаахтыыллар диэн киэһээтин аайы долгуйар.
  • Долгуйар да?
  • Мин ийэм, дьиҥинэн наһаа амара сүрэхтээх ээ. Аһыныгас -диир Сибиэтиккэ.
  • Ону дьэ дьон өйдөөбөт, ол эн биһиги санаабытагар.
  • Мин ити Силиптэн эмиэ ыйыппытым ээ, тоҕо барбатыҥ диэн.
  • Ону оҕонньор тугу диир? –диэн ыйытар Саргычок.
  • Ону дуо...Ол мин сэттэ уонмар чугаһаабыт оҕонньор ханна барыахпыный, эн миигин күүскүнэн да үүрбүтүҥ иһин барбаппын диир ээ. Ону мин тоҕо эйигин үүрүөхпүнүй диибин, бабатаххыттан үөрэн этэбин дии диибин.
  • Кырдьык ханна барыахпыный мин холобура. Ити оҕонньор да барар сирэ суох ини. Ити Аанчык курдуку ыалы кэрийэ дуо?.
  • Этимэ даҕаны. Саргычок мин эйиэхэ хаһан эрэ этиэх буолбутум дии...
  • Тугу, мин оннугу олох өйдөөбөппүн. Ол тугу этиэх буолбуккунуй?.
  • Онтон били эн олоҕуҥ туһунан...
  • Ээ кырдьык да, оннуктаах этибит дии, дьэ эрэ... –диир Саргычок.
  • Били эппитим курдук эн, биэс оҕолонуоҕуҥ. Икки кыыс уонна үс уолаттар, ол гынан баран...
  • Ол гынан баран, тугу этээри гынаҕыный? – диэн куттаммытыы көрөр Саргычок .
  • Ити мин...эн уолаттарыҥ туһунан этиэхпин баҕарабын. Эн уолаттарыҥ улаапыттарын кэннэ, утуу- субуу улахан аймалҕаннаах кыргыһыыга баран...
  • Ол аата бу аймалҕаммыт, оччо уһуох бэйэтэ дуу?
  • Суох бу аймалҕан буотах –диир Сибиэтиккэ.
  • Эмиэ оччоҕо аймалҕан буолар буоллаҕа. Дьон олорорун тухары айманаллар бараммат соро дуу?.
  • Мин сотору мантан барабын, эн манна хаалаҥҥын ити ийэбин Араппыананы көрөргөр этэбин...
  • Ол ханна бараҕын?
  • Ээ били, төрөппүт ийэм кэлэн илдьэ баран ааттаан...-диэн өрө тыынан ылар Сибиэтиккэ.
  • Төрөппүт ийэм диигин дуу?- диэн Саргычок ыйытар.
  • Билэр аата тоҕо ыйыппыта буолаҕыный?.
  • Онтон...этээйэҕин диэбиттэрэ, ол иһин.
  • Мин урут да эппитим дии эйиэхэ, мин барытын билэбин диэн. Мин ол дьахтары кытта барсыбатахпына, ити ийэбин Араппыананы отой сиэхтэрэ ол иһин эрэ барсарбар тиийэбин.
  • Ол кимнээх силлэр?
  • Саҥа былааспыт диир дьоннор...
  • Онтон хаһан эмит төннөҕүн дуо?
  • Олох кэлин...
  • Ол аата хаһан? –диэн ыйытар Саргычок.
  • Аны хас да сылынан. Ол иһин эйиэхэ ити ийэбин, көрө истэ сылдьаргар хааларабын. Төһө да төрөппөтөҕүн иһин кини миэхэ баар суох чугас киһим кини эрэ буолар. Уонна эн...
  • Төннөр буоллаххына, төһө кыах баарынан көрө сатыам.
  • Көрө сатыам диэмэ, көрүөм диэ –диир Сибиэтиккэ
  • Көрүөм...Көрүөм –диир Саргычок.

    Араппыаналаахха, Оруоска уолун кытта күүлэйдии хоно өрүү кэлбиттэрэ. Оруоска уола Уйбаанчык улаатан, маны баҕайы таҥастаах уһун уҥуохтаах уол оҕото буолан эрэрэ. Онуоха холоотоххо Сибиэтиккэ этэргэ дылы дьиэ бөҕө. Араппыана кыыһын Сибиэтиккэҕэ кулгааҕар сибигинэйэн эттэ.

  • Чыычааҕым баран мааны таҥаскын кэтиий, ыалдьыттарбытыгар бэйэбит үчүгэйбитин көрдөрүө этибит буоллаҕа дии.
  • Ийээ...мин бу хотоҥҥо тахсаары сылдьабын дии. Үлэбин бүтэрэн баран кэтиэҕим. Ханна да ыксаабаттар ини.
  • Оо дьэ бу кыыс даҕаны, эйигинэ да суох хотону көрөллөр ини.
  • Суох мин бэйэм баҕарабын ээ...
  • Чэ бэйэҥ бил Чыычааҕым. Уйбаанчык эйигин көрө кэлбит дии.
  • Көрө диэ...Ол көрөн да туох да...Ээ чэ хааллын. Мин таҕыстым –диэн баран Сибиэтиккэ таһырдьа тахсан барар.
  • Светлана наһаа улааппыт дии, прямо барышня буолбут –диир Уйбаанчык, Сибиэтккэ кинилэри кытта эҕэрдэлэһэн баран таһырдьа тахсыбытын кэннэ ийэтигэр Оруоскаҕа.
  • Иван, онтон эйигин кытта үөрэнэр кыргыттар хайдахтарый?.
  • Да так, есть некоторые. Но Светлана быдан красивее их –диир уол, сырайа кытарбытын кистии туттан.

Араппыана ыалдьыттарын аһатаары остуолга ыҥыртаабытыгар, уоллаах ийэ туран аһыыр сиргэ киирэллэр.

  • Хайа бу тугуй?. Биир да үлэһитиҥ хаалбатах дуо? –диэн Оруоска ыйытар.
  • Суох бөҕө буоллаҕа. Бу дьиэбит үлэтин бэйэбит оҥоробут, хата ити кыыһым улаатан көмөтө элбэхэ.
  • Биһиги үлэһиттэрбит эмиэ, сорохторо куотан саҥа былаастарга холбоһон. Олорбуппут сыччах. Дьон кэпсииллэринэн Дьокуускайга уонна киин сирдэргэ хамсааһын бөҕөтө үһү дии. Ону үтүктэн биһиги дьоммут эмиэ, саа сүгэ сүгэ хаамсыы бөҕөтө. Ким хайа өттүгэр кыттыһара, ханна сыстара билибэт да буоллар.
  • Этимэ даҕаны, мин Балантыыным бу сайыны быһа дьиэтигэр олох көстүбэтэ дии. Хаампат эрээри, утары турар санаалаах сылдьарыттан. Ол бу буолар түгэнигэр ол кинини быыһыы барыахтара дуо, бэйэлэрин тыыннарын харыстаммакка.
  • Ээ...мин киһим ити саҥа быылаастары кытта бодуруһан, дьиэбит иһэ ыстаап дуу хайа сах дуу курдук буолла. Ол иһин бу онтон сынньана таарыйа кэллэхпит. Эҥин араас ыал умнаһыттарыгар тиийэ, кэлитэлиир буоллулар.
  • Оруоска, онтон эн бэйэҥ да ити этэллэрин курдук дьадьаҥы буотах этиҥ дуо?
  • Төһө да мин оннук төрүттээҕим иһин, таах мээнэ сылдьар дьон. Хаартыннан дьон сээкэйин уоран талаан олорбут дьоннор ити саҥа былааска киирэннэр хамыһаар буолбуттарыттан киһи сөҕөр.
  • Хата эһиги саҥа былааска кыттыспыт дьоннор, сүөһүлэргитин хайаатыгыт?
  • Сүөһүлэрбитин уонна сылгыларбытын, саҥа былааска норуот туһаныытыгар диэн биэрэбин диирэ дии. Чэ ол баҕас бэйэтин баайын хайдах да гыннын, мин баайым бу уолум. Кини эрэ киһилии олордун. Онтон эһиги?.
  • Мин киһим дьонтон арыы эт атыылаһан, анараа баран туттарара дии. Аҕыйах үөр сылгыларбыт сыһыыга сырыттахтара. Эрим бэйэттэ дьаһайан сылдьар ини, мин олох онно орооспоппун.
  • Онтон тоҕо да кини бэйэтэ, утары турар санааҕа кыттыһа сырыттаҕай. Ол кинини ким тыытыа диэн. Хаампат орон тэллэх киһитин.
  • Мин этэ сатаабытым олох истиэн баҕарбат. Ити кулубабыт иирдэн кэбистэ дии саныыбын. Чэ ити хаалын, хата бу уолуҥ туһунан кэпсээ. –диир Араппыана.
  • Бэйэтиттэн ыйыт ээ, үөрэхтээх оҕо дии –диир Оруоска.
  • Уйбаанчык хайа хайдах үөрэнэ сылдьаҕын? –диэн Араппыана уолтан ыйытар.
  • Я Иван, ити Уйбаанчык диэн неучтар ааттара. Предь миигин Уйбаанчык диэмэҥ –диэн уол мас-тос курдук эппиэтиир.
  • Хайа тоойуом, туох буолан итинник кэпсэтэҕин? –диэн ийэтэ Оруоска уолугар кыыһырар.
  • Бырастыы гыныҥ Тетя Аграфена, оло гынан баран миигин Иван диэн аатыыргытыгар көрдөһөбүн.
  • Чэ буоллун, оҕо баҕатын толорор буоллаҕым. Ити Уйбаанчык диэн сахалыы буоллаҕа. Иван хайдах үөрэннэ сылдьаҕын?.
  • Билигин үөрэммэккэ сылдьабыт. А так прихдодской школаҕа үөрэнэр этим.
  • Ол билигин бу айдаан буола турдаҕына, салгыы үөрэнэргит буолуо дуо?.
  • Саҥа былаастарбыт таҥара дьиэлэрин сабар үһүлэр. Оччоҕо үөрэнэн бүттэҕэ дии. Ол гынан баран, саҥа былаастар кыаммат түгэммэт дьон оҕото барыта үөрэниэхтээх диэн истибитим. Биһиги дьиэбитигэр кэлэн мустан кэпсэтэллэригэр. –диир Оруоска.
  • Бу оҕолор үөрэхтээх буоллахтарына, бэйэлэрин үрдүк туттан улахан дьону кытта сүгүн кэпсэппэ буолаллар быһылаах быһыыта.
  • Тоҕо итинник диэтиҥ? –диир Оруоска уолун көмүскэһэ саанаан.
  • Тоҕо диэ?. Үнүр ити лааппыга, атыылаһа тиийбиппэр атыыһыт уола,сүгүн кэпсэппэтэ ээ. Бу биллэрии суруллан турар, итиннэ барыта суруллубута диир. Ону мин этэбин ээ “ Мин кыайан аахпаппын диэн”. Ону дөссө күлүү гынар. “Эһиги үөрэҕэ суох сордоохтор бааргыт иһин бу олохпут ыһылынна” диэнээх.
  • Били Тарааһап атыыһытуола дуо? –диэн ыйытар Оруоска.
  • Кини уола, аҕатын курдук улахамсыга диэн сүрдээх. Саҥа былаастарга аҕата кыттыһан, киэбирии бөҕөтө буола сылдьар. Ол билэриитигэр “ Баайдарга тугу да атыылаабаппыт “ диэн суруллубутун биир, оҕо ааҕан биэрэн соһуппута. Дьэ көр оннук. Ити кыыһым муҥнааҕы эрэ атаҕастаабатыннар, бэйэм хайдах эмэ тулуйа сатаан көрөр инибин.

Ньургуһун.

    Ньургуһун кыыс кыыһыһын аҕатыгар хааларан кэлиэҕиттэн, Дьокуускай куораты булбута. Элбэх харчынылаах кэлбит буолан, маҥнай утаа олорор сир куортамнаан, мааны таҥас таҥнар түбүккэ киирбитэ. Дьэ бэйэтигэр сөптөөх олоххо кэлбитигэр, үөрүүтүттэн күлүгэр имнэммитэ. Дьигинэн эттэххэ кини олох оҕолонуон, адаҕа сүгүөн баҕарбатаҕа. Айылҕатан кэрэ дьүһүнээҕин туһанан, эр дьоннору төбөлөрүн иирдэри баҕас сатыыр этэ. Куорат баай дьоннор мустар сирдэригэр, ол бу “ Доходный Дом” диэбит курдук эрэстэрээнэргэ сылдьаталыыр буолан барбыта. Сотору соҕус эмиэ истэнэн, кыратык тохтуу түһэригэр тиийбитэ. Кини санаатыгар, бу төрүүр оҕону эмиэ, оҕото суох кыахтаах дьоҥҥо атыылыыр санааны ылыммыта. Ол иһин. Билсибит дьонноруттан ыйыталаһан кимнээх оҕото суох дьоннору кэрийэн, саҥа төрүөхтээх оҕотун биэрэрин туһунан кэпсэтэрэ. Оннук гынан биир кыахтаах соҕус ханна эрэ үлэлиир, суруксут киһини булан оҕото төрөөтөҕүнэ кинилэргэ биэрэрин курдук кэпсэппитэ. Ол дьонтон, кэпсэппитин иһин аҕыйах харчы ылбыта, оҕото төрөөтөҕүнэ элбэх харчы ылахтааҕыттан үөрэн атаҕа сири билбэт буолуор диэри үөрбүтэ. Онто баара, өлбүт оҕону төрөппүтэ. Арыгыны, күүлэйи батыһа сылдьар онтон олох санаата да түспэтэҕэ. Хата харчыбын сүтэрдим диэн, өлбүт оҕоҕо кыыһырар курдук санаалаах этэ. Соҕурууттан сыылкаҕа кэлбит киһилиин билсибитэ, ол киһитэ кинини ол бу кистэлэҥ мунньахтарынан илдьэ сылдьталыыр буолан барбыта. Бу саҥа билсибит киһитэ уруккута, маҕаһыыннары бааннары халыталыыр ороспуойнньук буоларын туһунан мунньахтарга сылдьан билбитэ. Мунньахтарга мустар дьон, ол киһини туһанаары бэйэлэрин истэригэр киллэрбиттэрин кини хантан билиэ баарай. Били этэргэ дылы, дьахтар өйө күнээҕиннэн эрэ олорор диэбитт курдук “ Мин Гришам” дии санаан иһигэр киэҥ тууттар буолан барбыта. Бастаан бу Гриша диэн киһибит Ньургуһуну, туһанар эрэ туһуттан илдьэ сылдьыбыта. Бу баайдары утары туруу, буола турдаҕына кини кыахтаах баай кыыһы илдьэ сылдьара табыллыбат курдук этэ. Ол иһин биир киэһээ кинилэр истэригэр маннык кэпсэтии буолбута. Ньургуһун кыыс бу кэмнэргэ нууччалыы олус үчүгэйдик билэр этэ.

  • Ню, билэриҥ курдук мин ити өрөбүлүсүөнньүөрдэр кэккэлэригэр сылдьарым быһыытынан. Эн биһиги арахсахпытын наада –диир Гриша.
  • Тоҕо оннук диигин Гриша? –диир Ньургуһун.
  • Эн баай төрүтээх киһи, мин аттыбар сылдьарыҥ сатаммат!. Биһиги сотору эһигитин баайдары олох эмири эһэр санаалаах дьоннорбут.
  • Ол эн миигин, баай дии саныыгын дуо?
  • Баай буолан маннык улахан дьиэн куортамнаан олорор буоллаҕыҥ дии. Уонна ити кэтэ сылдьар таҥастаргынан көрдөххө, кыахтаах эрэ ыал оҕото итинник таҥаһы таҥныан сөп –диир Гриша.
  • Гриша, истиэххин баҕарар буоллаххына. Мин ханнык да баай удьуора кыыһа да буотахпын. Бу куоракка кэлиэм инниинэ, баайдар хотонноругар ынах көрөн улаапытым , этэргэ дылы хамначчыт этим.
  • Этим диигин да, хантан бачча байдыҥ оччоҕо?. Эбэтэр ол баайдаргын халаан-талаан баран маннакэллиҥ дуо?.
  • Халааһынын халаабатаҕым гынан баран...
  • Оччоҕо тугуй? –диэн ыххайар Гриша.
  • Чэ истэр буоллаххына кэпсиим...Мин хотунум кыайан оҕоломмот дьахтар, биһиэхэ оҕото төрөөн биэрдэххинэ диэн кэпсэтэн...Оннук гынан төрөөн баран...
  • Ол аата оҕоҕун биэрдэҕиҥ дии?
  • Элбэх харчыга...
  • Дьэ өйдөннө, ол аата эн эмиэ баайдартан атаҕастаммыт эбиккин дии, мин саҥа биллим. Биһиги сотору оччоҕо онно да тиийиэхпит- диэн баран Гриша сутуругун суулана туттар.
  • Тиийиэхпит диэн тугу этээри гынаҕын Гриша?
  • Эйигин атаҕастаан, оҕоҕун былдьаан ылбыттарын иэстэһэ...
  • Иэстэһэн ол хайыыбыный? . Бэйэм сөбүлэһэн биэрэн баран.
  • Бу сотору баайдар батаан, атаҕастаан олорбуттар тохтуоҕа. Биһиги кинилэри эмири эһиэхпит. Эн дьылҕаҥ туһунан мин дьоммор биллэрдэхпинэ сатаныыһы. Дьадаҥы эрэ диэн атаҕастаан төрөппүт оҕотун былдаан ылаллара диэн бу тугуй?. Эйигин бэйэбит кэккэтигэр киллэрэн, охсуһууга кыттыһыннардахха сатанар.

Дьэ ити курдук кэпсэтии тахсан Ньургуһуну бэйэлэрин кэккэлэригэр киллэрэн. Мустуу мунньахтарга, кини атаҕастаммыт баттаммыт олоҕун туһунан кэпсээн. Дьоннор санааларын дьөссө эбии кыынньаан биэрэр буолан барыта. Ити кэмтэн ыла, хас да сыл ааһа оҕуста. Саха сирин үрдүнэн , өрөбөлүүсүйэ эмиэ ньиргийэн, Ньургуһун кыыс куоракка уонна чугастааҕы улуустарга саҥа олох былааһын килэрии туһугар элбэх үлэни үлэлээн сүүрэ көтө сылдьар буолан. Дьойдутун диэкки барбакка сылдьаллара. Дьиҥинэн эттэххэ бэйэтэ да барыан баҕарбат этэ. Төһө да төрөппүтүн иһин, ол оҕону кини иһигэр абааһы көрөн киирэн барбыта. Бу ыксалаах кэм клэн турдаҕына, аны оҕону ылан адаҕаланара сыттаҕа диэн. Биэрбит аата биэрдэҕэ, ити быһылаанын Гриша туһанан . Көрүнньүк үөрэтии курдук оҥороору сылдьарын Ньургуһун сүрэҕинэн сэрэйэр. Хата итини туһанан бэйэтигэр ааат оҥостоору гыммытын кини билэр. Сороҕор таах да этэн кэбиһэммин диэн санаалар кииртэлиир буолан барбыттара Ньургуһуҥҥа.

Доҕор

    Доҕор уруккутун курдук иччитин үөрэ көтө батыспат буолбута. Ыт уонун аастаҕына, этэргэ дылы биэс уонаах, алта уоннаах киһиэхэ тэҥнэһэр дииллэрэ кырдьык эбитэ дуу. Дьэ ол курдук били сүүрэ мэниктии сылдьыбыт ыппыт сааһыран, сүрэҕэлдьээтэр да иччитин Сибиэтиккэн хааман батыһа эрэ сылдьар булолбута. Иччитиэ онно манна олордоҕуна аттыгар кэлэн сытынан кэбиһэн баран ханна эрэ бараары гыннаҕына, сүрэҕэлдьээбит курдук нэһиилэ төбөтүн өндөтөн көрөн баран, кэннитэн батыһар эрэ этэ. Сибиэтиккэ ыта кырдьыбытын билэр буолан доҕорун күүтэн ыксатарыгар эрэ тиийэр.

  • Доҕор кэлэн иһиий...Эйигин күүтэртэн соло суох – диэн ытыгар этэ. Ыта кини диэкки эйэҕэс баҕайы харахтарынан көрөн кэбиһэн барн, хаамарын син түргэтэппитэ буолар даҕаны, син биир бытаан.

Сир тоҥуута, түөлбэлэригэр Саҥа Былаас олохтуу диэн элбэх атаах дьон бөҕөтө биирдэ баар буола түспүттэрэ. Олору кытта били ыһыахха таас көтөҕүүтүгэр бастакыннан тааһы көтөхпүт Хардаҕас Ньукулай кыһыллар хамыһаардара буолан дьоннору үрдүлэринэн көрүтэлии сылдьара. Түөлбэ дьонун мунньан, улахан мунньах тэрийбиттэригэр Хардаҕас Ньукулай тахсан тыл эппитэ.

  • Түөлбэм дьоно...Бу биһиги саҥа олоҕу олохтуу диэн бу маннна кэллибит. Хайа муҥун, баайдар хара батталларыгар бүгэн олороору гынаҕын. Биһиги элбэх сиргэ бэйэбит былааспытын олохтоон кэллибит. Бу бэйэм төрөөбүт түөлбэбэр, хайдах саҥа олоҕу киллэриэм суоҕай диэн санаам хаарааста сылдьыбыта. Ол эрэн биһи да сирбитигэр, саҥа олох кэлэр дьолоох эбит...
  • Бу саҥа былааспыт дьонноро, түөкүттэри баппатары... хамыһаар оҥортуур буоллахтарына, соччото суох былаас дуу хайдах дуу? – диэн Охонооһой Сэмиэнэп диэн саастаах киһи ыйыттар.
  • Охонооһой, ол эн миигин түөкүн диигин дуо? –диэн Хардаҕас Ньукулай ыйытар.
  • Түөкүн диэбэккэбин...Ким мин сылгыбын уоран сиэбитэй?. Бэт киһи мин буотах диэ.
  • Ол хара тыа адьырҕа кыыллара тырыта тыыппыттарын, миэхэ бааһаары гынаҕын дуо?.
  • Эн миигин билбэтэ буолуо дии саныыгын дуо?. Төһөлөөх бултаатым эрэ бултаабатым эрэ. Бөрө суолун баҕас билэр инибин.
  • Чэ онон манан кииримэ, Охоноос. Билигин биһиги ким ол эн сылгыгын уоран сиэбитин быһыырар кэммит буотах.
  • Онтон саҥа былаас, олохтуу кэллим диигин буотах дуо? –диэн Охоноос кыыһырбыта ааспакка , дьон диэкки көрүтэлиир.
  • Чэ...чэ ити туһунан кэлин кэпсэтиэхпит –диэн Хардаҕас Ньукулай Охонооһу уоскута сатыырдыы этэр.
  • Ол кэлин диэн...Сылгыбын сылгыннан төлөөрү этэҕин дуу?
  • Баайдартан былдьаан ыллахпытына, төлүөхпүн да сөп.
  • Былдьаан ыллахпына диигин дуу?. Ол аата саҥа былааспыт, үйэтин туххары үлэлээн кэлбит дьонтон былдьаан талаан ылар былаас эбит буоллаҕа дии...
  • Дьэ бу оҕонньор сүгүннүө суох. Уолаттар ити оҕонньору, балаҕанын диэкки атаарыҥ эрэ, киһини сүгүн саҥардыа суох быһылаах – диэн кинилэри кытта кэлсибит байыас уолаттарга этэн, оҕонньору уолаттар тиийэн анньалаан үүрэн ыыталлар.
  • Дьэ бу манна аара кэлэн иһэн, истибитим ээ...Кулубаҕыт уонна кыахтаах соҕус дьонноргут утары туруу этэрээтин хомунан тыаҕа түспүт сурахтаахтара. Ол да иһин тоҕо эрэ манна көстүбэттэр. Биһиги кинилэр тоҥ суолларын ирдээн, син биир булуохпут. Батаан атаҕастаан олорбуттарын таһаарыахпыт...
  • Хардаҕас бу эн хайдах буоллуҥ?. Хаһан ол эн атаҕастаммыккыный? – диэн Силип оҕонньор ыйыттар.
  • Ол мин атаҕастамматар да, мин эһиги тускутугар кыһалла сырыттаҕым.
  • Онтон мин да, атаҕастана олоробун өйдөөбөт курдукпун ээ...-диир Силип.
  • Эһиги бу бары, ити аата саҥа былааһы сөбүлээбэккитин этээри гынаҕыт дуо?
  • Онтон хайдах эрэ, киһи эрэммэт соҕус былааһа быһылаах. Бу эн курдук дьоннор былааска кэллэхтэринэ. Уонна ити били көскө кэлбит судаарыскайдар? – диэн Балбаара саҥата иһилиннэ.
  • Дьэ ону маны лахсыһан эриҥ...Мин эһигитин ити саҥаҕытын дьөссө санатар инибин – диэн Хардаҕас Ньукулай дьон диэкки көрөн сутуругун күөрэҥнэттэ. Онтон хомунан баран иһэн, Араппыананы таба өйдөөн көрөн утары хааман тиийэн ыйытта.
  • Араппыана...Эриҥ Бааһынай Балантыын ханна баарый?
  • Хайдах ханна баарый диэн ыйытаҕан, арыытын хомуйа сылдьар ини...-диир Араппыана.
  • Саалаах саадахтаах арыы хомуйар буолбута дуо?.
  • Мин салаах сылдьарын көрө илик этим –диир Араппыана. Араппыана аттыгар турар кыыһы көрөн Хардаҕас Ньукулай ыйытар.
  • Били бу, Ньургуһун кыыһа бачча улаатта дуо?. Дьэ сотору төрөппүт ийэтэ бу диэкки кэлиэхтээх. Оҕотун төттөрү ылар сураҕа иһиллэр этэ.
  • Оҕобун кимҥэ да биэрбэппин – диэн Араппыана эпиэтиир.
  • Оҕобун диэ...Ким оҕото буолара биллэр. Эһиги баайдар батталаах олоххут бүттэ. Билигин эһиги баҕарбыккытынан олорбуккут тохтуура буолуо. Тойуом эн төрөппүт ийэҥ кэлэн, эйигин ылаҕын баҕараҕын дуо? –диэн Сибиэтиккэттэн ыйытар Хардаҕас Ньукулай.
  • Төрөппүт...Көрбүт...Ииппит...Барбыт...Сымыйа барыта сымыйа...Сымыйа былаас...Сымыйа дьон...-диэн Сибиэтиккэ Хардаҕаһы көрөн түран саҥаран барбытыттан, Хардаҕас Ньукулай хараҕын кистии туттан баран иһигэр санаата “ Иирээки”
  • Сотору бэйэҥ...-диэн кыыс киниэхэ эттэ.

Бүөтүрдээх Балантыын

    Бөҕө Бүөтүр тойонун, тойонун буолуо дуо доҕорун. Билигин кинилэр олох доҕордуулар буолан бүтэ сылдьаллар. Балантыын хаампат, бүөтүр кинини көтөҕө сылдьара. Бэйэтэ да бөдөҥ, кыахтаах буолан хатаччы хатан хаалбыт Балантыыны оҕо курдук көтөҕө сылдьара. Кинилэр билигин бандьыытар диэн аатана сылдьалларын дьоннортон истэн билэллэрэ. Балатыын бу этэргэ дылы бандьыыттарга, эбэтэр саҥа былааһы утары турааччыларга күүһэ көмөтө диэн, сэрии сэбин булан биэрэр кыһалҕаҕа сылдьар этэ. Урукку курдук баҕардыҥ эрэ сэрии сэбин булар кэм ааспыт буолан. Ыраах Иркутска уонна ону таһынан Кытай эҥин курдук ыраах сирдэртэн тиийэн аҕалара. Үксүн бу этэр дьоннорбут булка сылдьар сааларын, ону таһынан сүгэни уонна батаһы илдьэ сылдьар этилэр. Дьиҥнээх сэрии сэбэ, олох аҕыйах этэ. Оннооҕор ботуруон да ахсаанаах буолара. Сэрии сэбин бу дьоннор кыһыл этэрээтэриттэн, эбэтэр бөһүөлэк хамыһаардарыттан былдьаан ылаллара. Биирдэ биир дойдулаах киһилэрэ Сарбай Бааньа диэн булдунан дьарыктанар киһи кэлэн Балантыынаах Бүөтүрү көрсөн, кинилэр дойдуларын сонунун кэпсээбитэ.

  • Дьэ доҕотоор, били Хардаҕас Ньукулай хамыһаар буолан кэлэн киэбирии бөҕөтө буола сылдьар. Эһигитин ыраас мууска таһаартаан ытыалыах буолбута.
  • Ыт уола, кини онтон ордуо дуо. Дьон сылгытын уоран сиир аата, аны хамыһаар буолбут дуо?- диир Бөҕө Бүөтүр.
  • Охоноос оҕонньор, сыгытын туһунан санатан мунньахтан үүрүллэн тахсыбыта. Оҕонньоруҥ, киниттэн куттана сылдьа дуо. Маннык уоруйахтар былаастара кэллэҕэ диэн сирэй харах анньыбыта. Хардаҕас мин эһигитин кэһэтэлиэм диэн саанар, ким утары саҥарбыты.
  • Дьэ чахчы уоруйахтар былаастара кэлээри гыннаҕа дуу...Ити Хардаҕас эҥин курдуктар былааска кэллэхтэринэ, бары уоран эрэ аһыы сылдьарбыт буолуо –диир Балантыын.
  • Уонна...били Ньургуһун, кыыһын ыла кэлэр үһү диэн сурах баар курдук – диир Сарбай.
  • Кыыһын ыла да?-диир Балантыын.
  • Онтон Хардаҕас, эн ойоххор оннук диэн саҥаран эрэрэ дии...
  • Ол дьахтар, ол туох буолбут?
  • Ол ханнык эрэ, хамыһаар ойоҕо буола сылдьар курдук истибитим. Ханна эрэ мэллиисийэ буолар сурахтааҕа. Ону ааһан иһэн кыыһын ылан ааһар курдук эппитэрэ.
  • Саҥа быылааска сыстан, киэбирэ сырыттаҕаа дии оччоҕо ол дьахтар. Бүөтүр дойдубутугар баран билсэ сырыттахпытына сатаныыһы дуу, хайдах дуу, эн туох дии саныыгын?.
  • Бара да сылдьахха баар этэ. Хардаҕаһы булан хархтарын көрбүт киһи баар ини сатанаа баарын – диир Бүөтүр.
  • Ол харахтарын көрөн хайыыгын? –диэн ыйытар Балантыын.
  • Охоноос сылгытын уоран бараан, миигин күтүрүү сатаабыта ээ, Баҕар бу Бүөтүр сиэбитэ буолуо диэн дьоҥҥо кэпсиир сураҕын истибитим. Ону кыра уола, оҕолору кытта оонньуу сылдьан хоонньуттан буспут сылгы этэ тоорохойун хостоон таһааран оҕолорго күндүлээбит этэ. Ону ыйыппыттарын, аҕам тыаттан аҕалбыта диэн кэпсиир үһү.
  • Ол аата, уола аҕатын...-диэн күлэр Балантыын
  • Дьэ кырдьык киһи эрэ күлүөх. Ол оҕо муҥнаах хантан билэр, киниэхэ барыта кэрэ буоллаҕа дии. Аҕам уоран ыллбыта буолуо дии санаабат буоллаҕа дии.
  • Оҕо муҥнаах диэбиккэ дылы. Кыыспын хайдах гынаабын?. Бу бэйэбитин кытта илдьэ сылдьар сүрүкэтэ бэт буолаарай.
  • Уол эбитэ буоллар, баҕар илдьэ сылдьаха син эбитэ буолуо. Ол гынан баран, оҕо аата оҕо буоллаҕа дии- диир Бүөтүр.
  • Банньа эн биһигитин кытта барсаҕын дуо оччоҕо? –диэн ыйытар Балантыын.
  • Бэйэм билэр дьоннорбун кытта сылдьарым, ордук буоллаҕа дии миэхэ.
  • Дьэ бэт эбит, мин ити тойоммутун кытта кэпсэтиэм. Бу суол турдаҕына соҕуруу бараары сылдьабыт, онно эмиэ эйигин илдьэ барыам ол курдук өйдөө –диир Балантыын.
  • Уркуускай дуо?. Барсан бөҕө буоллаҕа дии –диэн үөрэр Сарбай.

Үс ыҥыырдаах атынан, түүн үөһүгэр Балантыынаах олорбут сирдэриттэн айаҥҥа туруммутара. Тойонугар Балантыын туох сыалаах дьиэтигэр барарын кэпсээбитигэр, тойоно бары тиийэн ол Хардаҕаһы уонна онно кэлсибит кыһыл этэрээтин тутарга эппитэ. Ону Балантыын, олорор сирбэр хааны таһаартарбаппын диэн утаран, бэйэм быһаарсам диэн туруорсубута. Бэйэтин кытта Бөҕө Бүөтүрү уонна Сарбай Бааньаны илдьэ барарын туһунан эппитэ. Суол туруор диэри эргийэн кэлэн, саа сээдэх ыла барарын туһунан санатан ааспыта. Бу билиҥҥи кэмҥэ, ол соҕуруу да сэрии сэбин булар ыарахтаардааҕын туһунан кэпсэппитэрэ. Сатаатар кыаллар буоллаҕына, булт саатыгар ботуруон буллахтарын , эбэтэр буораах буулдьа кутарга сибиниэс курдук була сатыыллара буоллар.

  • Ол дьоннору хайыыгыный? -диэн тойон киһи ыйытар.
  • Хайыыгын диэ?. Онтон бэйэлэрэ билиэхтэрэ, хайдах көрсөллөр оннук. Өскөтүн саалаах көрүстэхтэринэ, биһиги да туран биэрбэт дьоннор инибит.
  • Харыстанан соҕус сылдьа сатаарыҥ эрэ. Эн курдук билсиилээх киһини сүтэрдэхпинэ, ким биһиэхэ өйөбүл буолуоҕай.
  • Дьылҕа хаан көрдөрүө...-диир Балантыын.

Түүн үөһүгэр Балантыынаах дьиэлэригэр киирэн кэлбиттэриттэн Араппыана куттанан, хоһуттан тахсан кэлэн баран Бүөтүр кини эрин Балантыыны көтөҕөн киирбитин көрөн, дьэ уоскуйбута.

  • Хата бэйэм дьоум эбит дии, мин кутана санааттым ээ. Били дьахтар кэллэ дии санаан –диир Араппыана.
  • Били дьахтар диэн, Ньургуһуну этэҕин дуо? –диэн ыйытар Бөҕө Бүөтүр.
  • Олох утуйар да уум көтөн хаалан сылдьар, санаабар хайдах эрэ бу ити тиийэн кэлиэҕэ диэн кэтэһэ сылдьар курдук буолан хааллым.
  • Бэйи тохтуу түһүҥ эрэ бу эһиги, кыыс истиэ –диир Балантыын дьонннорун диэкки кыыһырбытыы көрөн.
  • Хата кыыһыҥ биһигинээҕэр билэр курдук. Утуйа сытар –диир Араппыана.
  • Билэр курдук диэн, ол аата ийэтин кэтэһэр дуо?-диир Балантыын.
  • Суох кэтэһэрин кэтэспэт гынан баран...Олоҕум суола оннук диир. Тугу эрэ күүтэр курдук сылдьар.
  • Ол аата эмиэ сэрэйэн эрдэҕэ. Арай кыыспын бэйэбин кытта илдьэ бардахпына?.
  • Бу киһи иирдиҥ дуо?. Ол кыыс оҕону бэйэҕин кытта ханна илдьэ сылдьаары.
  • Эмиэ да оннук ээ. Оччоҕо хайдах, тугу гынабыт? –диир Балантыын
  • Эн бэйэтин кытта кэпсэтэн көрөөр кыыскынаан. Элбэх элбэҕи эппитэ да минн тугу да өйдөөбөтөҕүм. Биир кэм ботугураан олорор, мэнэрик киһи курдук.
  • Чэ оччоҕо туруор, биһиги сырдыыта төттөрү барыа этибит. Аны биир эмит киһи үҥсэн алдьархай таһаарыа –диир Балантыын. Араппыана кыыһын уһугуннар, кыыс хоһугар киирэр. Сотору соҕус хостон Сибиэтиккэ сүүрэн тахсан аҕатын кууһа түһэр.
  • Аҕаа мин эн кэлэргин билбитим ээ...
  • Хайа тоойуом, хайдах олордуҥ? –диир аҕата кыыһыгар.
  • Дьиэҕэ олорор киһи туох буолуохпунуй. Арай эһиги, хара тыаны кэрийэн, туһата суохха эрэнэ сылдьаҕыт.
  • Ол аата тагу эттэҥий? –аҕата ыйытар кыыһыттан.
  • Ити чорҕор бэргэһэлээх дьоннору. Дьон өйүүр этэбин.
  • Онтон...ийэҥ кэлэн ылар сурахтааҕа дии, ону туох дии саныыгын?.
  • Билигин да эрдэ, ол ылан да диэн...
  • Барсаххын баҕарар буоллаххына, кистээбэккэ эт –диэн Балантыын кыыһын харахтарын утары көрөр.
  • Миин баҕарарбын, баҕарбаппын ыйыппака илдьэ барыахтара. Ол эрэн...
  • Тоҕо ситэри эппэккин?. Тоҕо оло эрэн диигин –диэн аҕата ыххайар.
  • Барыта үчүгэй буолуо.
  • Төттөрү кэлэҕин дуо?.
  • Суох, олох кэлин...Чэ аҕа инникигин билэ сатаама –диир кыыс.

    Араппыана санаата барыта кыыһыгар сылдьара. Бачча бэйэтин сүрэҕэр иҥэрбит, баар суох күндү киһитин сүтэриэҕин баҕарбат. Ол иһин түүнүн наар уоран ытыыр буолла. Ол курдук биир түүн кистээн ытыы сттаҕына, аттыгар кыыһын Сибиэтиккэ саҥата иһилиннэ.

  • Ийээ...Эн тоҕо ытыыргын мин билэбин –диэн баран кыыһа, ийэтин оронугар олорунан ийэтин имэрийэн барда. Араппыана оронугар олоро биэрээт кыыһын кууһан ылан бэйэтигэр түөһүгэр сыһыара тарта.
  • Оҕобун олох сүтэриэхпин баҕарбаппын –диэн баран Араппыана ытаан киирэн барда.
  • Эн син биир миэхэ, кимнээҕэр күндү киһи буолоҕуҥ. Кэлин, олох кэлин мин эйиэхэ кэлиэҕим Ийээ...Ону эн күүтээр.
  • Оҕом сыыһа, дьэ ону эн бэйэҥ билэн эрдэҕэ. Эн бардахын хайдах тулуйарбын билбэппин. Бу билиҥҥэттэн санаам түһэн, хайдах эрэ кэхтэн эрэр курдукпун сэрэйэбин.
  • Үөһэттэн ыйыллыбыт олох суолун хайыыр да кыах суох. Барыта бэйэтин суолунан баран иһиэҕэ. Биири эрэ өйдүөх тустааххын...-диэн баран Сибиэтиккэ тохтоон, ийэтин сирэйин көрөн олордо.
  • Тугу ол чыычааҕым? – диэн Араппыана кутаммыттыы ыйытта.
  • ...наһаа ытыыргын, хараҕын уутун тоҕоргун тохтоторгор этэбин.
  • Хайдах ытыам суоҕай?. Ити Аҕаҥ ханна сылдьара биллибэт, эйигин кэлэн илдьэ бардахтарына...олох соҕотох хаалабын...
  • Ити Саргы кыыһы, эйигин көрөөр диэн эппиппин сөбүлэспитэ. Мин кэлиэхпэр дылы эйигин хараҕын харатын курдук харыстыаҕа.
  • Саргычогу этэҕин дуо?
  • Кинини...
  • Билигин биһиги дьон аатыттан тахсан турабыт. Иитэн аһатан олорбут дьоммут, хара батталлга олорбут аатыран мээнэ сырсан хаалылар. Аҕаҥ, икки ыанар ынаҕы хааларан баран атынын барытын үүрэн илдьэ барбыттара.
  • Аҕам, ити мин эппиппиин толорон оннук гыммыта. Ити барбыт дьон сотору сыыһа быһыыламмыттарын кэлин өйдүөхтэрэ. Бу саҥа былаастара кинилэри босхо аһата олорботох буолуохтаах. Биир өйдөө, наһаа ытыыргын тохтот.
  • Туттуна сатыам чыычааҕым туттуна сатыам...-диир Араппыана.
  • Бу суол турдаҕына кэлиэхтэрэ...
  • Оо бу иэдээни. Бу кэлбит эбит дии оччоҕо –диэн баран Араппыана эмиэ ытаан барбытын, Сибиэтккэ кууһан ылан баран.
  • Ытаама диибин ээ...Ытаама, бэйэҕин харыстан
  • Бүттүм, бүттүм –диир ийэтэ.

    Гриша бүгүн кыыһыран аҕай кэлбитэ, дьигинэн кини бэйэтин санаатынан куорат таһынааҕы чугас сиргэ хааларыахтара дии санаабыта табылыбатаҕыттан. Кинини ханна эрэ ыраах Сунтаар улууһугар милиисийэнэн анаан ыыппыттара. Буолаары буолан көннөрү милиисийэ. Өчөһүөҕүн, эбэтэр акаастаныаҕын туттуммута. Бу кэнники кэмҥэ, кини урукку сырыылара онно мэһэй таһай буолбуттара. Онтон кини олох кыһаллыбат, ол да сиргэ бэйэтигэр аат оҥостор ини. Көннөрү да милиисийэ билигин былааһа үрдүк дии саныыр.

  • Хайа Гриша тугу саҥаны иһиттиҥ? –диэн Ньургуһун ыйыта тоһуйда.
  • Туох саҥа баар буолуоҕай?. Арай суол турдаҕына айаныа этибит.
  • Суол турдаҕына диэ. Ол хайа диэкки?.
  • Сунтаар улууһугар...
  • Эчи ырааппытын да. Бэттэх чугас миэстэ көстүбэтэх баҕайыта дуу.
  • Суох, онуох маныаха дылы онно сылдьа сатаан көрөр инибит- диир Гриша.
  • Оччоҕуна...били...-диэн баран Ньургуһун тохтоон хаалла.
  • Тугу этэҕин? –диэн Гриша кыыһырбыттыы ыйытта.
  • Ээ онтон...били кыыһы ылбат инибит...
  • Ол эмиэ тоҕо?. Баар суох куоһурум ол этэ дии. Хайаан да ылан ааһыахтаахпыт.
  • Оччо ыраах айаны ол оҕо тулуйуо дуо?
  • Тулуйара тулуйбата миэхэ оруолу оонньообот. Эн кыыскын ылаххын баҕарбаккын дуо?.
  • Кыыскын диигин да. Көрбөтөх буолан баран, оҕом диирим тылым тахсыбат.
  • Ол эйигиттэн күүстэринэн былдьаан ылбыттарыгар эн туох буруйдаах үһүгүн?
  • Былдьаан ылбатахтара ээ. Аҕатыгар олордоҕо дии. Уонна мин...
  • Чэ ол бу диэн куотуна сатаама. Ити кыыс мин куоһурум ону өйдөө, кэлин бэйэҥ өйдүөҕүҥ.
  • Ол оҕону куоһур оҥостон, тугу гынаары гынаргын отой өйдөөбөтүм.
  • Эһиги сахалар ону толкуйдуур төбөҕүт суох. Мин этэрбин иһиттэххинэ барыта үчүгэй буолуо.

Ньургуһун Гришатын утары саҥарыан куттанар этэ, кини эрэ куттаныа дуо бу киһи сидьиҥ майгытынан билибит куорат баппат ороспуойа буола сылдьыбыта. Онтон кэлин бу саҥа былаас дьонноругар сыстан, олоҕун суолун булбут аатыра сылдьара. Соҕуруу да олоро сылдьан бэйэтин олоҕуттан киһиргээн кэпсиириттэн иһиттэххэ, ханна да сылдьыбытын иһин өлөрүү- өһөрүү аргыстаах буолан иһэр. Дьэ ханна ханна тиэрдэр. Оҕобун ылахпын баҕарабын диэн таах да тыллаһан кэбиһэн.

    Таһырдьа Доҕор харса суох үрбүтүттэн Араппыана сүрэҕэ сэрэйэ түстэ. Кыыһын Сибиэтиккэ диэкки куттаммыт харахтарынан, хаһан да көрбөтөҕүн көрөн ылла.

  • Сибиэттиккэ сас, арааһата кэллиэр быһыылаах –диэн кыыһыттан көрдөһөрдүү сибигинэйэн саҥарда.
  • Ийэ састахпына, эйиэхэ куһаҕанынан тахса дии, кэбис –диир Сибиэтиккэ.

    Гриша атыттан түһэн дьиэҕэ киирээри гыммытыгар, аан айаҕар сыппыт хара улахан ыт туран үрэн моргуйда. Кинилэри кытта кэлсибит Хардаҕас Ньукулай дьиэ диэкки харса суох хааман киирэн барбытын, ыт киллэрэр санаата суох суолларын иннигэр турунан кэбиһэн баран тииһин ырдьаппытынан турунан кэбистэ. Иккиэн саараан турдулар. Дьиэттэн баҕар ким эрэ тахсыа диэн кэтэһэн турдулар даҕаны, ким да тахсыбата. Хардаҕас сиргэ сытар мас сыыһын ылан ыты бырахта.

  • Чот... сатана ыта –диэн хардаҕас ыты үүрэрдии хаһытаабытыгар, ыта эмискэ ырдьыгынаабытынан дьоҥҥо утары ыстанна. Кэлбит дьоннор кутанан, куотар аакка тиийдилэр. Ыт кыратык сырса түһэн баран тохтоон , хайыыллар эбит дии санаан тохтообут сиригэр тииһин килэппитинэн турунан кэбистэ. Гриша сыарҕалаах акка олорсон иһэр Ньургуһҥҥа кэлэн эттэ.
  • Эйигин билэрэ буолуо ити ыт, баран киирэн көр.
  • Ээ кэбис, билбэт ытым. Мин мантан барбытым олус ыраатта дии, кэбис кэбис аны киһини ытырыа –диир Ньургуһун. Гришалаах Хардаҕас бэйэлэрин ыккардыгар тугу эрэ кэпсэтэ түһэн баран, Хардаҕас кабууратыттан нагаанын хостоо баран ыт диэкки хаамта. Ыта киһи кэлэн иһэрин көрөн тииһин килэппитинэн хааман иһэр киһигэ ыстанан эрдэҕинэ , иккитэ нагаан тыаһа “пөс-пөс” гынан тыаһаабытыгар ыт ыйылаат сиргэ охтон түстэ. “Суох” –диэбитинэн дьиэттэн Сибиэтиккэ кыыс сарылаабытынан, охто сытар ыкка сүүрэн кэлэн тобуктуу түстэ. Өлөөрү эппэҥнии сытар ыты туруора сатаан тардыаласта. Ыта иччитин диэкки санаарҕаабыт баҕайы харахтарынан “ Төһө кыах баарынан тохтото сатаатым” диэбитти көрө сытаахтыыр. Кыыс ытын төбөтүн, түөһүгэр сыһыары тутат хаһыытаан сатарытта.
  • Хара тыынаах Хардаҕас Ньукулай... Хара санааҥ харааран, ыттыы эн да өлөрүҥ кэлиэҕэ эбээт...Бу бэт буола сатыыр дьонуҥ, бэйэҕин ытты ыталарын билбэттиҥ сыттаҕаа...-дии –дии Хардаҕас диэкки мээнэ баран хаалбыт харахтарынан көрө көрө, кырыыр дуу үгэргиир дуу быһыытынан этэн тыынан барбыта. Бэстэлиэт тыаһын истэннэр, онон манан дьон бөҕө кэлэн мустан барбыттар. Дьиэ иһиттэн Араппыана тахсан кыыһа сиргэ олорорун көрөн, сарылаабытынан илиитигэр нагаанаах турар Хардаҕас Ньукулайга кэлэн баттаҕар түстэ.
  • Оҕобун сиэбит –диэн хаһытыы –хаһыыты , батаҕыттан илгэлээбитигэр Хардаҕас дьэ өй ылан, Араппыананы сиргэ анньан түһэрдэ.
  • Бу иирээкилэр көрүҥ эрэ, хата доҕоор...-диэн баран илиитигэр тутан турар нагаанынан үөһээ ытан ылан баран, кээҕинээн хаалбыт куолаһынан часкыйда.
  • Ол бу буолан бүтүҥ эрэ...Ыт аайытын итинник кэбилэнэр буоллаххытына, барыгытын да ытыалаан кэбиһиэм...
  • Уоскуй эрэ табаарыс Кардашов –диэн Гриша кэлэн киһитин сэмэлээтэ. Гриша сиргэ олорор Араппыананы турага көмөлөһөн баран, сиэбиттэн кумаахы хостоон таһааран утары аста.
  • Бу бигиги...Ээ Дьөгүөрэбэ Ньургуйана Сэмиэнэбинэ оҕотун ылар диэн суругун аҕаллым .
  • Онтон бэйэтэ, ол дьахтар ханна баарый? –диэн Араппыана ыйытар.
  • Бэйэтэ баара суоҕа ону быһаарбат, Саҥа олох утарыллыбат уурааҕа буолар. Эһиги ол дьону албынаан баттаан олорор кэмҥит ааспыта.
  • Мин кими да албынаабатаҕым...-диир Араппыана.
  • Эн албынаабатаҕыҥ иһин, хара батталаах баайдар ааттарын сүгэн сырыттаҕыҥ. Эт эрэ хата оҕонньоруҥ Бааһынай Балантыын утары турунуу тэрээһиҥҥэ кытта сылдьарын билбэккин дуо?.
  • Эрим миэхэ хас хардыытын кэпсии сылдьыбат. Мин бэйэм да кини дьалатыгар ороһо сатаабан дьахтарбын. Туох да диэбитиҥ иһин кыыһы илдьэ барабыт, хата киирэн кыыс таҥаһын бэлэмнээ ...-диир Гриша. Сибиэтиккэ кыыска кэлэн, ыты кууһан олорор кыыһы таҥаһыттан тардыалаан баран .
  • Баран хомун, биһигитин кытта барсаҕын .
  • Бу сиэбиккитин харайдахпына биирдэ барабын –диэн Сибиэтиккэ Хардаҕас диэкки өһүөнээх харахтарынан көрөн ылла. Хардаҕас кыыска тугу эрэ этэн хардараары гыммыта, иһиттэн саҥата кыайан тахсыбата күөмэйин туох эрэ бүөлүү турунан кэбиспит курдуга. Ону таһынан кыыс кинини көрөрүттэн илиитэ атаҕа кыайн хамсаабат буолан хаалбыкка дылы буолла. “ Арааһата кыыс кырдьык Удаҕан быһыылаах, ити кэлии сатанаҕа бэт буола сатаан аны удаҕан кырыһыгар киирэн биэрдэҕим үһү” –диэн санаа төбөтүн иһигэр охсуллан ааста. Дьоннор кыыс туһунан кэпсииллэрин истэр этэ гынан баран улахаҥҥа уурбакка сылдьыбыта. Кударай Ойуун онооҕор бу кыыстан көрдөспүтүн көрбүтүн өйдүү биэрэн, көхсүтүнэн тымныы сүүрээн ааспыкка дылы буолла. Бээрэ “ Бэт буола сатыыр дьонуҥ...Бэйэҕин ытыахтара “ –диэн эппитэ дии, ол аата миигин ыталлара буолуо дуу?. Хата кыыстан ыйытан көрбүт киһи дии санаан, сиргэ олорор кыыс аттыгар тобугугар олорунан ыйытта.
  • Ыттыы ытыахтара диэн, кимиэххэ эттиҥ?
  • Ыты...Ытыы ытыахтара...
  • Миигин дуо?.
  • Эн, ыттааҕар ыт эн бааргын –диэн кыыс кинини көрбүтүгэр Хардаҕас тугу да хардарбакка туран тэйэ хаамта.

    Дьиэтигэр киирэн Араппыана ытыы-ытыы кыыһын таҥастарын хомуйа сылдьара. Туох баар мааны таҥастарын, кыһыҥҥы соҥнорун ыһыахха күүлэйгэ кэтэр таҥастарын барытын хомуйтаабыта. Оччо элбэх таҥаһы көрөн Күөрэгэй киһитигэр Гришаҕа туох эрэ диэн кулгааҕыгар сибигинэйбитигэр, Гриша кэлэн таҥастартан боростуой соҕус таҥастары талан ылбыта уонна Күөрэгэйгэ бэйэҥ быһаар диэбитигэр Күөрэгэй Араппыанаҕа эппитэ.

  • Саҥа былаас туһугар охсуһа сылдьар дьоннор оҕолоро, дьон оҕотутааҕар ордук таҥастааҕа көҥүлэммэт.
  • Оннук диэн кыыскын таҥыннарбакка сылдьаары этэҕин дуо? –диир Араппыана.
  • Эн онно кыһаллыма, саҥа былаас эһиги курдук кими да батаабат.
  • Баттаабат диигит да, ити ыалыы улуус дьоннорун утары тураачыларга көмөлөспүкүт диэн ытыалаталаан кэбиспиттэрин туох диигин?
  • Оннук гымматахпытына биһиги кыайар кыахпыт суох –диир Күөрэгэй.
  • Ол эмээхситтэр,оҕонньоттор туох буруйдарын иһин?
  • Чэ чэ ону маны лахсыйа олорума, оҕонньорҥ туһунан хата санаа...
  • Оҕонньорум?. Билбэт киһи курдук туттума. –диир Араппыана.

    Араппыана кыыһын хаппахчыга ыҥыран киллэрэн, тэллэх аннытыттан кэтит курга майгыныыр тирииттэт тигиллибити кыыһыгар кэтэртэ, уонна кулгааҕыгар сибигинэйдэ.

  • Чыычааҕым ,бу маны олох харыстаан илдьэ сырыт. Быстар ойдор кэмнээх буоллаххына бу туһалыаҕа, өйдөө...Уонна миигин, бу маны көрдөххүнэ саныыр буолаар – диэн баран Араппыана ытыы-ытыы кыыһын иэдэһиттэн сыллаа да сылаа буолуталаата.

Сибиэтиккэҕэ дьиэ таһыгар үлэлиириигэр кэтэр соҥун кэтэрдэн сыарҕаҕа олордон кэбиспиттэрэ. Ийиэтэ эһэ тириитэ олбох биэрэ сатаабытынттөттөрү быраҕан биэрбитэ Гриша. Сарҕалаах аттар айаныыларыгар Араппыана саҥа түспүт хаарга ытыы-ытыы тобуктаан олорон хаалбытын көрөн, Сибиэтиккэ ийэтин аһынан эмиэ хараҕын уута субуруйан түһэн киирэн барбыта.

  • Ийэ...Мин эйиэхэ эргилиэҕим...Эн эрэ буолаҕын, миэхэ дьиҥнээх Ийэм...-диэн хаһыытаабыта Сибиэтиккэ. Гриша кыыһы саҕатыттан ылан олорор сиригэр төттөрү олордьу таппыта, уонна кыыс сырайыын өҥөйөн баран хаһыытаабыта.
  • Молчи..зажралась на вольных хлебах.

Күөрэгэй Гриша итинник кэбилэнэрин көрөн, кыыһын аһына санаабыта. Буолар буолбутун кэннэ кэлэн, хайдах да уларытар кыаҕа соҕуттан кутана санаабыта. Гриша кыыһырдаҕына иккиэннэрин , өлөртөөн да кэбистэҕинэ ким тугу булан ылаҕай. Араппыана Ньургуһуну тохтотон туһаайан эппитэ.

  • Ньургуһун иһит, ити кыыс аһыһар олох хапырыыс. Эт буһаран сиэтэр буоллаххытына, сиикэрик соҕус хаанаах буоларын ордорон сиир, маҥнай этин сиэтэн баран миинин иһэрдэр буол...өйдөө сиикэрик, хаанаах...
  • Ол эмиэ туохпутуй? –диэн Ньургуһун араппыана эппитин кулгааҕын таһынан истэн аһарда. Сыарҕатыгар олороотун кытта Гришата атын кымньыылаан айаннарыгар турунан бардылар.
  • Өйдөө...Сиикэрик, Хаанаах...-диэн араппыана хаыытыы хаалла. Сибиэтиккэ атаҕар туран ииппит ийэтин, диэкки хайыһан.
  • Ийээ мин эйиэхэ эргилэҕим. –диэн хаһыытаан хаалаахтаата.

    Саҥа түспүт хаарынан ат сыарҕатын суола, тугу да билбэтэхтии буолуохтааҕын курдук субулан , саҥа олоххо эбитэ дуу эбэтэр эрэйдээх сордоох олоҕу көрсө дуу, айаннарын суруйан хааларан истэ. Суолларын кытыытыгар турар балаҕаҥҥа, аттарын сынньата таарыйа бэйэлэрэ эмиэ сыньана аһыы тохтообуттара. Сибиэтиккэни Ньургуһун илиититтэн тутан, балаҕан диэкки сиэтэн илдьэн ааны аһан дьиэҕэ киллэрдэ. Балаҕан иһигэр көмүлүөк оттулан турар буолан, киһи ону маны удамаҕалатан көрөр этэ. Уҥа турар оронтон уһун синьигэс оҕонньор туран ыалдьыттарын көрүстэ.

  • Ыалдьыттар кэпсээҥҥит, хайа диэкки баран иһэр дьон буолаҕыт? –диэн кыҥкынаан ыйыппыта буолла.
  • Сунтаар улууһугар айанаан иһэр быһыыбыт. Ити эрим онно милиисийэннэн ананан баран иһэр быһыыбыт. – диир Ньургуһун.
  • Дьэ ыраах айанаан иһэр эбиккит. Бу өссө оҕолоох айаныыр эбиккит дуу. Бу оҕо айаны тулуйуо дии санаан эрдэххит. Айан ыараханын билбэккэ сырыттаххыт дуу...-диэн баһын быһа илгистэр оҕонньор.
  • Оннук диэн оҕобун хаалларан кэбиһэр санаа суох. Оҕонньор хата эн чаанньыккыт туруор дьон олоҕор кыттыһыма. Биһиги кэлиэхпит да барыахпыт онно эн дьалаҥ буолбатах –диэн Ньургуһун оҕонньорго дьаһайыы курдук эппитигэр кырдьаҕаһа, сөбүлээбэтэхтии эпиэтээтэ.
  • Бу да дьахтар, кырдьаҕас киһигэ одоотоон түһэҥҥин тоҕо сүргүнүй?. Эбэтэр ол милиисийэ ойоҕо буоллум диэҥҥин тутум үрдээтим дии сананныҥ дуо?.- диэн баран түргэн-түргэнник хамсанан чааньыгар муус көйөн быраҕаталаата, уонна көмүлүөгүгэр оргута ууран. Оронугар тиийэн кэтэх тардыстан сытынан кэбистэ. Ол кэмҥэ таһырдьаттан Гришаны кытта кинилэри арыалаан иһэр Хардаҕас Ньукулайы кытта Ньолбоо диэн аатаах киһи аҕыйах кырбас эти туппутунан киирэн кэллилэр.
  • Кырдьаҕас күөс буһарар иһиккин бэлэмнээ эрэ –диэн Хардаҕас оҕонньорго эттэ.
  • Ээ бу Ньукулай сылдьар эбиккин дуу, эн эмиэ Сунтаардаан иһэҕин дуо?-диир оҕонньор.
  • Эчи суох Борукуоппай, ити аарааҥа диэри атаарса сылдьар быһыым, Бүлүү куоратын аартыгын буллардахпына төнүөм этэ.

Салҕыытын Валерий Никифоров-Суор Уолун "Харах уулаах кэпсээннэрэ" диэн кинигэтин булан ааҕаарын.

Добавить комментарий