Кэпсээ
Войти Регистрация

Кытылга

Главная / Кэпсээннэр / Кытылга

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
18.11.2024 18:54
5k 0

An image to describe postАвтор: Хомустан - 2 ноября 2016 23:38

Сыл аайы күһүн, балаҕан ыйын уон алтатыгар, арҕаа эбэҕэ сылдьар идэлээхпин. Арыый халыттым, ол эрэн кэлинҥи уон сылга көтүтэ иликпин.
Сылдьыбатах да сылларым бааллара. Ол араас биичиинэлэрдээҕэ. Бастаан армия, онтон үөрэх. Чэ, быһата син элбэх сыл эбит.
Сылдьар биричиинэм биир – кини. Кини – мин Өлөөнөм. Мин сүтүгүм, мин аалар ыарыым.
Былырыын. Чэ, бэйи сааһылыым. Бастакыттан саҕалыым.
Оччолорго бытык да быга илик киһитэ этим. Уон аҕыспын саҥа туола сылдьарым. Ол сайын от биригээдэтигэр от кээһээччиннэн үлэлээбитим. Уопсайынан полумех биригээдэҕэ уонтан тахса этибит. Икки Бөлөрүүс тыраахтар от охсоро, биир Бөлөрүүс от мунньара уонна от кээһэр ДТ тыраахтар баара. Ону кытта от кээһээччилэр сэттиэ этибит. Охсооччулары кытта бастакы алааспытыгар эрэ көрсөн ааспыппыт. Аҕыйах хонук иһигэр охсоот атын алааска көспүттэрэ. Уонна көрбөтөхпүт. Алаастан алааска көһөн кэллэххэ от охсуллан сытар буолааччы. Кээһээччилэр, утары субурҕаттан, күҥҥэ уон – уон икки оту кээһэрбит.
Күһүөрү арҕаа алааска көһөн тиийбиппит. Киэҥ, үс түөлбэлээх, үс көс курдук эргиирдээх улахан алаас. Хас түөлбэ аайы күөллэрдээх. Төгүрүйэ хатыҥ аабы. Онон манан тиит, харыйа көстөллөр. Уонна көрөр тухары хатыҥ. Оччолорго хатыҥ саһаран – көмүс күһүн кэмэ этэ. Биһиги бүтэһик түөлбэни оттуохтаахпыт.
Кус ытыата көҥүллэнэн оргууй аҕай сылдьарбыт. Күҥҥэ алта – сэттэ оту бөрөөтөхпүтүнэ баһыыба этэ. Киэһэ буолла да бары ыта киирэрбит. Саастаахтар сарсыарда эмиэ киирэллэрэ. Эдэрдэр киэһэ да турдахпытына сөп этэ. Оччолорго кус элбэх кэмэ этэ. Бэл мин куһаҕан ытааччы үс-түөрт кустаах тахсарым. Киэһэ уончаны өлөрөр уолаттар бааллара.
Биирдэ, эбэ хоту өттүгэр кыра култуук баарыгар ыта бардым. Үнүр көрдөхпүнэ кус үөрэ онон аалыҥнаһара. Тэйиччи буолан ким да онно баран ыппат сирэ. Отууларын да таһыттан ирээттэрин ылаллар.
Уруккаттан билэр буолан супту тиийдим. Баран иһэн ханан киирдэххэ ордугун толкуйдуубун. Санаабын хоту өттүгэр уурабын. Үөмэргэ бэрт сир. -- Оруобуна кытылга турар хатыҥ аннынан киирдэххэ сөп – диэн быһаарынабын.
Санаабыт сирбинэн эргийэн, манан баар диэн чүөм-чүөм үктэнэн киирэн истим. Ол иһэн...
Ыллыкка кэтиллэ түстүм. Сыалай айан суолун курдук, элбэхтик тэпсиллибит. Уонна оруобуна били хатыҥым диэки барар. Биир, ото суох, кураанах сиргэ көртүм кыра размердаах саппыкы суола көстөр. Биригээдэм дьонун санаан ыллым. Барыта баллайбыт саппыкылар. Уонна бу диэки сылдьааччылара да суох. Эбиитин бу диэки саа тыаһын истибэт да этим. Чугаһынан манан тиэстиэх да дьон суох курдуктар. Моой отчуттар оттоон бүппүт кэмнэрэ.
Ыллык устун оргууй үөмэн култуукпар киирдим. Арай хатыҥ анныгар киһи олорор. Чугаһаан көртүм эдэркээн кыыс эбит. Миигин көрбөт. Бэйэтэ киҥинэйэн ыллыы олорор эбит. Өссө ким эмит баара буолуо диэн уҥа-хаҥас көрүтэлээтим. Ким да баара көстүбэт.

  • Дорообо! – диэтим.
  • Дорообо!
  • Манна тугу гына олороҕун?
  • Суох, мээнэ – диэн баран ыраас баҕайытык көрүтэлээн кэбистэ.

Онно өйдөөн көртүм олох да билбэт кыыһым эбит. Ыраас, сырдык хааннаах, кырааска сыстыбатах номоҕон сырайдаах, икки гына өрүммүт хара баттахтаах, мин саастыым курдук кыыс эбит.
Кыбыстан култуугум диэки көрүтэлээтим. Киһи ыллыы олордоҕуна туох куһа кэлиэй!

  • Хантан манна кэллиҥ? – ыйытабын
  • Сайылыктан – диэн баран эмиэ мин диэки көрүтэлээтэ.

Онно өйдөөбүтүм саабын атаакаҕа киирэн иһэр киһи курдук ыга тутан турар эбиппин. Саабын дьэ өйдөнөн түргэн үлүгэрдик санныбар сүгэн кэбистим.
Итинтэн чугас атын отделение сайылыга баара. Биирдэ от иннинэ, табаарыстарбынаан, ол сайылыкка бара сылдьыбыппыт. Үксэ миигинниин үөрэммит кыргыттар үлэлииллэрэ. Атыттарын да син көрөн билэттиирим. Онтон бу кыыһы урут көрбөтөх эбиппин.

  • Бу сайын сайылыкка сылдьыбытым да эйигин көрбөтөҕүм дии.
  • Хантан көрүөҥүй – соторутааҕыта практикаҕа кэлбиппит ээ.
  • Кустуом диэн кэлтим.. – биир сиргэ тэпсэҥниибин.
  • Кустар көппүттэрэ – ыраас баҕайыннан көрүтэлээн кэбистэ.
  • Мантан чугас оттуу сылдьабыт – диибин.
  • Маарыын кэлэн иһэн көртүм.
  • Ол ханна үөрэнэҕит?
  • Сельхоз техникумҥа. Ветеринарга.
  • Ээ – диэн сэҥээрбитэ буолабын.
  • Үһүс курстарбыт. Бүтэрбит чугаһаата.
  • Манна
    олоробун дуо? – турарбын өйдөөн.
  • Ытырбат инигин? – күлэр.
  • Суох ини. Тииһим кыра дии – айахпын атан көрдөрөбүн. Кыыһым күлэн барда.
  • Чэ, тииһиҥ кыра буоллаҕына олороо эрдэҕиҥ!

Мин кыыс аттыгар окко олордум. Итинэн кытыла кыра сыыр оҕолоох буолан киһи олороругар анаммыт курдуга. Хатыҥ лабаалара лаппа аллараанҥа дылы намылыйан тураллара. Бэйэтэ дурда курдуга. Саабын аттыбар сытыары ууран кэбистим.

  • Ити ханнык ырыаны ыллаатыҥ? Истибэтэх ырыам эбит дии – ыйытабын.
  • “Эдэр саас кэрэтэ” – диэн саҥа ырыа. Куоракка билигин тарҕанан ахан турар.
  • Ээ, биһи дэриэбинэлэр хантан билиэхпитий! – күлэбин.
  • Оннук, оннук! Дэриэбинэлэр буоллаххыт – кыыһым үөннээх баҕайытык көрө-көрө тэбэнэттик күлэр.

Күллэҕинэ олох оскуола оҕотун курдук көрүҥнэнэр. Сырайа кытаран, имэ кэйэн барар.

  • Арба, куорат кыыһа ынах ыама буолбата дуо? – өһүргэммитэ буолабын.
  • Буоллаҕа дии – саҥата холку.
  • Оччоҕо?
  • Дьүөгэм ыыр.
  • Онтон эн?
  • Мин ыллыыбын – үөннээхтик көрүтэлиир.
  • Ээ, куорат кыыһа ынаҕы ыабат буоллаҕыҥ?
  • Соннук!
  • Кырааскалаах тыҥырах тостуо дии – дьээбэлэнэбин.
  • Ону хантан биллиҥ?
  • Киинэҕэ көртүм.
  • Ханнык?
  • Индиискэй – диэн баран күлэн тоҕо бардым.
  • Дьэ булан эттиҥ дии! – күлэр, - Дьиҥэр мин эмиэ дэриэбинэбин ээ.

Уонна биир кырыы дэриэбинэни ааттаата.

  • Олох да чугастан эбиккин дии.
  • Ээ, чугастан. Өрүс уҥуортан – күлэр.

Ол дэриэбинэ оруйуон түгэх дэриэбинэтэ этэ, биһигиттэн икки сүүсчэ километр баара буолуо. Өрүс уҥуор, быһата мин санаам тиийбэт сирэ.

  • Иккилии буолан биир доярканы солбуйабыт. Иккиэн дэриэбинэлэр буолан ону киһилиэхпит дуо? Ол иһин солбуһа ыыбыт. Дьүөгэм киэһэ, мин сарсыарда, күнүс көмөлөөн ыыбыт.
  • Оһуобай эбиккит дии!

Эмискэ, күөл диэкиттэн, биэс көҕөн көтөн сылыбыраһан кэлэн иннибитигэр түһэн барылаатылар. Мин саам үрдүгэр түстүм. Эргиллэн истэхпинэ кыыһым санныга таптайда.

  • Ытыма – диэн сибигинэйдэ уонна ааттаһардыы көрөн кэбистэ.
  • Тоҕо? – сибигинэйэбин.
  • Барахсаттар сырыттыннарыый.
  • Онтон кустуу кэлтим дии – диибин.
  • Кэлин да кустуоҥ дии – утары көрдөһөрдүү көрөн ылла.
  • Кэлин халлаан хараҥарыа дии.
  • Мин сотору барыам, онтон ытыаҥ буоллаҕа дии.

Саабын төттрү уурдум. Кыыһым махтаммыттыы көрөн ылла. Ол икки ардыгар эмиэ хас да үөр кус кэлэн түстэ. Били, киинэҕэ, соҕуруу куораттарга дьонтон аһыыр кустар курдук – олох аттыбытыгар уста сылдьаллар. Сорох-сороҕун киһи маһынан да саайан өлөрүөх курдук. Итиччэ көрдөһүү кэннэ өлөрөр-өһөрөр санаа тохтоон хаалла. Маарыын отууттан араҕаары туран:

  • Бүгүн мин саам эрэ тыаһын истэргит буолуо, чымпыылыктаан ытаталыыр буолуохтаахпын – диэн киһиргэммитим умнулунна.

Ити чымпыылык диэн чемпион диэбит быһыым. Наһаа куоталаспатарбыт да ким да хоторуон баҕарбата. Киэһэ аайы ким элбэҕи сууһарбыта учуоттанара. Мин мөлтөх ытааччы быһыытынан чымпыылыктаабытым суоҕа. Онон син добуоччу саҥата суох көрөн олордубут. Быыһыгар кыыһым диэки уоран кылап гынан көрөбүн. Саалар тыастара бастаан биирдиилээн, онтон күргүөмнээн тиҥийэн бардылар. Биир кэмҥэ кустарбыт эмискэ көтөн туран хатыҥнар кэннилэрин диэки сылыпыс гынан хааллылар. Арааста көрдүлэр быһыылаах.

  • Маны хантан билэн кэлбиккиний? – таах олоруохтааҕар ыйытабын.
  • Оол сытар тыыны көрөҕүн – кыыһым күөлгэ киириигэ сытар тыыны ыйар.
  • Көрөн.
  • Ити бостуук оҕонньор тыыта. Манна туулуур. Үнүр манна туу көрсө кэлэ сылдьан көртүм. Уонна сөбүлээбитим. Маарыын эмиэ кинилиин кэлтим. Онтон хаалан хаалтым. Бэҕэһээ эмиэ сылдьыбытым – диэтэ.
  • Ээ. Маарыын көрөөт соһуйдум ээ – диибин.
  • Оннук кутталлаах көрүҥнээхпин дуо? – күлэ-күлэ ыйытар.
  • Суох, киһи баара буолуо дии санаабатаҕым.

Күһүнҥү күн киирэ охсон боруктуйуох курдук буолла.

  • Чэ, мин барыым. Эн кустаа – диэтэ уонна олорор сириттэн турда.

Турбутугар көрдөххө дьылыгыр орто уҥуохтаах, бэйэтигэр барсар эттээх-сииннээх эбит.

  • Бачча эрдэ дуо? – өссө да ити кыыс аттыгар олоруох санаа баара.
  • Бороҥуйан эрэр. Сайылыкпар сырдыкка тиийиэм этэ дии.
  • Атаарыам буоллаҕа дии – диибин.

Кыыһым күлэн тоҕо барда.

  • Эбэттэн кавалердаах тиийдэхпинэ кыргыттар охтор буоллахтара дии!
  • Наһаа
    сайылыкка тиийбэккэ төннүөм дии – диибин.
  • Чэ, мин барыым. Кэлин атаарсыахпыт.
  • Кэлин диэн?
  • Сарсын иҥин, үчүгэйдик билсэн баран – кыыһым күлэр.
  • Билистибит дии.
  • Билистибит диэбиккэ дылы аатыҥ ким диэний?

Ааппын эттим.

  • Онтон эйиэнэ?
  • Лена, Өлөөнө диэххин сөп. Дьонум, дьүөгэлэрим бары инньэ диэн ыҥыраллар. Үөрэнэн хаалан Ленабын да умнабын – диэтэ илии тутуһа тутуһа.
  • Чэ, мин тэбиниим, сүтүктүөхтэрэ. Сарсын манна кэлиэҕим – диэтэ да чараҥ быыһынан былаата элэҥнээн хаалла.

Кэнниттэн сайыһа көрөн турбахтаан баран төттөрү олордум. Санаам барыта ити барбыт кыыска. Өлөөнөҕө. Кыра-кыралаан кус кэлэн син аҕыйахтык ыттым. Чараҥ быыһа эрдэ хараҥарар буолан өр буолбатым, куспун хомуйан отуулаатым. Рекорд да буолбатар уруккубунааҕар син өнүйдүм. Эбиллии баар курдук. Ити кыыһы көрсүбэтэҕим буоллар син чымпыылыктыа эбиппин. Ол эрэн көрсүбүтүм эмиэ ордук курдуга.

    Сарсыныгар үлэ бүтээтин сып-сап хомунаат кытылбар тэбинним. Өлөөнөнү өссө көрөр санаа күүстээҕэ. Хоҥнон эрдэхпинэ уолаттар:

  • Хайа чымпыылыкпыт ыксаабыта тоҕо сүрэй! Биримээнэ сибидээнньэҕэ хойутаан эрэр курдук туттар, бүгүн эмиэ кини тэргэнин тыаһын истэ эрэ олорорбут буолуо – диэн күлэ хаалтара.

Кинилэр уот харахха эппиттэрин хантан билиэхтэрэй! Бэҕэһээ киэһэттэн төбөбөр атын санаа олохсуйбутун хантан билиэхтэрэй! Өр-өтөр гыммакка, биир тыынынан кытылбар тэбинэн тиийдим. Оччолорго элэстэтэн эр бэрдэ буоллаҕым. Барбах уон аҕыспын эрэ ааһа сылдьарым. Күһүн армияҕа барыахтааҕым. Оскуоланы бүтэрээт сопхуоска оробуочайынан үлэлии кииртим. Сайын окко, кыһын тарбыйах көрүүтүгэр үлэлээбитим.
Хатыҥ анна кураанах буолан биэрдэ. Кэлэ илик эбит. Култуукпар да кус көстүбэт. Арай соҕотох тыыраахы уста сылдьар. Хатыҥ сэбирдэҕэ таммалаан ырааппыт.

  • Ээ, чэ кэлбэтэҕинэ да кыһалҕа кыччыгый! Хата бүгүн чымпыылыктыам – диэн бэйэбин саататабын.

Ол эрэн санаам барыта төннөн кэлэ турар. Ити кыыс тугунан эрэ санаабын туппут быһыылаах. Баҕар тэҥҥэ кэпсэппиппититтэн эбитэ дуу, эбэтэр ити лаһыгыраччы күлэрэ дуу?
Кэтэһэ таарыйа талах быһан хатыҥ анныгар дурда оҕото тутуннум. Иһигэр икки киһи холкутук олоруох курдук.

  • Ол аайы көрбөттөр ини! Бэҕэһээ көтөн турбуттара түргэнэ бэрдэ. Бээ-бээ ити тыы диэки эмиэ оҥостуохха баар. Бэҕэһээ манна хараҥарбытыгар киэҥ сиргэ өссө да сырдыга. Өссө да сүүрбэччэ мүнүүтэ киһи ытыах курдуга – дии санаат күөл кытыытыгар бардым.

Тыы сытар сириттэн сүүрбэччэ хаамыылаах сиргэ киһи олоруох курдук сирин булан дурдабын туттан бардым. Имэ утары да буолбатар син көстүүлээх соҕус миэстэ быһыылаах. Төһө уһуннук бодьуустаспытым буолла. Ким эрэ ыҥырар курдугун истэн эргиллэ түстүм. Арай тыы тахсарга икки киһи турар. Биирэ Өлөөнө, иккиһэ били кэпсиир бостуук оҕонньоро. Көрөн билэр оҕонньорум эбит. Алтауончалаах, саҥа кыырыктыйан эрэр баттахтаах, кыра уҥуохтаах, хара оҕонньор.

  • Нохоо манна кэлэ сырыт эрэ – диэн ыҥырда.
  • Дорооболоруҥ! – диэтим, оччотооҕу оҕолор дорооболоһору умнубат этибит.

Билигин да ол үөрэҕим баар, оскуолаҕа кытаанахтык укпуттар быһыылаах.

  • Дорообо! – диэтэ оҕонньорум.

Өлөөнө тоҥхох гынна уонна дорооболосто быһыылаах. Онто саҥата тахсыбата быһыылаах. Уоһа эрэ ибигирээтэ. Билбэтэҕэ курдук туттар.

  • Хайа нохоо ити биригээдэттэн сылдьаҕын дуо?
  • Ээ, бу бүгүн эрдэ бүтэммит кус ытыам диэн кииртим – диибин.
  • Мин оол сайылыкка бостууктуубун – хамсалаах табааҕын туора уобан олорон хоту диэки тарбаҕа чочоҥнуур.
  • Ноо, звеневодкут били Дьөгүөр дуо?
  • Кини.
  • Үс сыллааҕыта ВДНХ-ҕа бииргэ бара сылдьыбыппыт, киһи киэнэ кэрэмэһэ!

Оҕонньор өссө да уһуннук куолулуох быһыылаах.

  • Эһиги манна балыктыыгыт дуо? – оҕонньор сыалын санатабын.
  • Ээ, итиннэ уонча ардьалаахпын. Ону көрөн бу оҕолору аһатабын – диэн баран Өлөөнө диэки көрүтэлиир.
  • Чэ, оччоҕо мин тэйэн оол диэки барыыһыкпын – диэтим уонна Өлөөнө диэки көрөн кэбистим.
  • Оннук, тэйэн биэр. Манна тыылана сырыттахпына туох куһа кэлиэй – оҕонньор сөбүлэһэр. Мин сып-сап хомунан ыйбыт сирим диэки хайыстым. Оҕонньор, хамсатын тэбээн тоһугуратан баран, тыытыгар олорон эрэрэ. Эппит сирбэр баран иһэн талах кэннинэн эрийэ туттум.

Тиийэн олорорбун кытта Өлөөнө бу баар буолла.

  • Оҕонньор күөлүгэр киирдэ. Тахсарыгар барыаҕым – диэтэ.
  • Тоҕо?
  • Онтон сүтүктүү
    сылдьыа. Уонна эйигин көрдө дии. Билигин ону-маны саныы сылдьыа.
  • Оччоҕо төннүһэр буоллаҕыҥ дии?
  • Төннөн.

Бэйэм да өйдөөбөтөхпүн, итиннэ эмиэ тоҕо дурда тутта барбытым буолуой!

  • Чэ, бэйи наһаа паникалаама! Барсан баран төннүөм буоллаҕа дии – унаарыччы көрүтэлээн кэбистэ.
  • Хараҥаран хаалыа дии.
  • Буоллун! Сайылыкка барыахпын баҕарбаппын ээ. Уонна атаарыах буолбут кавалер баара дии – мин диэки көрүтэлиир.
  • Баара, баара. Баар быһыылаах – күлэбин.
  • Оччоҕо бэрт дии! Хайа бу дурда тутта охсубуккун дуу?
  • Ээ, чымпыылыктаары!
  • Хата бэрт баҕайы буолбут. Чэ, мин барыым, оҕонньор тахсара чугаһаатаҕа. Кэтэһээр “Кавалер” – диэт мичээрдээн баран элэс гынан хаалла.

Ол:”Кэтэһээр” – диэн баран мичээрдии турара, хойут, кинини санаатым да көстөрө. Ол кэмҥэ оҕонньор чалбааттаан тыы тахсарга таҕыста. Онтон тугу эрэ отур-ботур кэпсэтэ-кэпсэтэ талах кэннин диэки бара турдулар. Ону били дурдабар саһан олорон сайыһа көрөн хааллым. Кэтэһэ таарыйа били былааммар үлэлэстим. Үлэлэһэн да диэн... Икки куһу дэҥнээтим. Син сигийиэ эбиппин да санааи-оноом атынҥа. Сыыһа туттуу, халтай хамсаныы, салгыны сатарытыы. Субу-субу эргиллэн көрүү. Кэнникиннэн уум диэки көрбөт да буолан бардым. Өлөөнө кэтэспэтэх өттүбүттэн баар буолла. Хайдах кэлтин да көрбөккө хааллым. Хаппыт лабаа тостор тыаһыттан эргиллэ түстүм. Кыыһым номнуо хатыҥым кэннигэр кэлэн мичээрдии турар.

  • Ханан кэллиҥ? Мин кэлэр суолгун маныыртан сүнньүм ыарыйда дии – диэтим күлэ-күлэ.
  • Ити өттүнэн эргийэн кэллим – диэн баран хаҥас диэки ыйан көрдөрдө, - ити аата суолбун бутуйабын.
  • Ол эмиэ тоҕо бутуйдуҥ?
  • Оҕонньорбун кытта сайылыкка тиийбиппит дэриэбинэттэн уолаттар бөҕө кэлтэр. Оонньуу-битии ырааппыт. Биир уол үнүргүттэн эрийсэ сатаан сордоото. Бу да сырыыга оҕус курдук батыһа сылдьар. Нэһииччэ титиик кэннинэн саһан куоттум – диэн кэпсээннээх буолла.
  • Ол хайаларай? Ханнык дэриэбинэттэн кэлэллэр?
  • Бааска диэн быһыылаах. Доруобай уһун уҥуохтаах эдэр уол. Арааста эһиги дэриэбинэҕит уола быһыылаах.
  • Сүүһүнэн көрбүт, толлойбут уостаах хара уол дуо?
  • Оннук курдук быһыылаах. Кыыһыран хараҕым бүрүллэн кыайан сырайын да көрбөппүн.
  • Ээ, оччоҕо билэр эбиппин. Миигиттэн балыс, быйыл оскуоланы бүтэрбит уол – диэтим.
  • Кыысчаан дии дии саараама арахпат. Ол иһин киэһэ аайы манна кэлэбин. Күрээн.
  • Онтон миигиттэн куттаммаккын дуу?
  • Ээ суох! Куттаммытым буоллар бэҕэһээ куттаныам этэ. Эн хайдах эрэ биир убайбар майгынныыгын – дии дии күлэр.
  • Саалаах-саадахтаах киһи тиийэн кэлбитигэр куттамматыҥ?
  • Суох.
  • Ол күн аайы кэлэллэр дуо? – ыйыталаһабын.
  • Күн аайы. Матаксыыкылынан биирдэ баар буолан хаалаллар. Волейболлууллар иҥин. Кыргыттарым эрийсэн бөҕөлөр.
  • Ол көртөн эн тоҕо маттыҥ?
  • Ээ ити уолу абааһы көрөн.
  • Онтон атыттар суохтар дуо?
  • Бааллар. Уонна биир биричиинэлээхпин ээ.
  • Туох?
  • Кистэлэҥ!
  • Уоллааххын дуо?
  • Армияҕа сылдьар.
  • Ээ, пахай! Эрийсиэм дии санаабытым – таах эбит дии! – күлэбин.
  • Таах, таах – күлэр.

Кырдьык баҕа санаа баара. Ол эрэн оччотооҕу оҕолор уоллаах кыыһы кытта эрийсибэт этибит. Тем более уола армияҕа сылдьар буоллаҕына. Баҕар бэйэм эрэ санаам буолуо.

Аттыбар кэлэн олордо.

  • Оскуолаҕа сылдьан биир одноклассникпыныын доҕордоспуппут, кэлии уол этэ. Дьоно атын сиртэн көһөн кэлбиттэрэ. Онуска үөрэнэр сылбытыгар – диэтэ эбэ диэки көрөн олорон.
  • Онтон оскуоланы бүтэрээт ыал буолбуппут. Ыксаабыппыт сүрэ. Дьонум:”Ыксаама” – дииллэрин истэн да бэрт. Өктөөп бырааһынньыгар сыбаайбалаабыппыт. Бастакы ыйбыт ырайга курдуга. Уолум дьонугар олорорбут. Кэлии дьон буолан икки хостоох уопсай дьиэҕэ олороллоро. Ийэлээх аҕатыттан ураты начальнайга үөрэнэр быраата баара. Мин дьонум ол ыалы хара маҥнайгыттан истэригэр киллэрбэтэхтэрэ. Онон биһиэхэ сылдьыбат этилэр. Мин оҕонньорбунаан бэйэбит бара сылдьааччыбыт. Онтон Саҥа Дьыл күнүттэн саҕаламмыта. Бырааһынньыкка бары кылааһынан сылдьыбыппыт. Кылааспыт оҕолоро үксүлэрэ баара. Аҕыйах оҕо үөрэнэ барта. Атыттар бары сопхуоска үлэлиирбит. Ол киэһэ Баанньа диэн кыра эрдэхпититтэн бииргэ оонньоон, үөрэнэн улааппыт уолбун кытта хаста да вальска үҥкүүлээбиппит.
  • Биһи кылаастар эмиэ үксүбүт манна баарбыт. Саҥа Дьылы бииргэ ылбыппыт – диибин, кэпсэтиини өйөөн.
  • Бырааһынньык этэҥҥэ ааспыта. Сарсыарданнан дьиэбитин булбуппут. Оҕонньорум дьиэҕэ киирээт сырайдыын-харахтыын
    уларыйбыта. Уруккута ханна да суох буолбута. Баанньаҕа күнүүлээн кырбаабыта. Мин ытыыр, хаһыытыыр саҥабын истиэнэ нөҥүөттэн дьоно истэ сыппыттара да уолларын тохтоппотохторо. Арай кыра быраата, иккискэ үөрэнэр, көмүскэһээччи буолан көлүдүөргэ быраҕыллыбыта. Охторо сытан хаста да тэбэн иҥин ылта. Өйбүн сүтэрбит этим – диэн Өлөөнө кэпсээтэ.
  • Туох дьиикэй киһитэй! Иирдэҕэ дии!
  • Иирэн. Оннук төһө өр сыппытым буолла! Өйдөммүтүм сырайым баллаччы иһэн хаалбыт этэ. Этим-сииним барыта күөх баламах этэ. Бүттэтэ суох барым-барыта ыалдьара. Ол күн мин дьоммор барыахтаахпыт этэ. Онтубут баара. Оронтон да турар кыах суоҕа. Ол сытан били “ыксаабыппын” дьэ кэмсиммитим. Дьоммор куотар санаа үөскээбитэ. Нэһииччэ ороммуттан турбутум. Оҕонньорум утары диванҥа утуйа сытара. Оргууй соммун кэтэн көрүдүөргэ тахсыбытым – Өлөөнө хараҕыттан уу бычалыйан тахсан иэдэһинэн сүүрүк буолан сүүрэрин платогунан сотто-сотто.
  • Көрүдүөргэ ийэ кынным кэтэһэн олороро. Ньылбаарбыта сүрдээҕэ. Ханна да барыма диэн ааттаспыта. Уолун кытта кэпсэтиэх буолбута. Оччолорго акаары санаабар сөбүлэһэн төттөрү хоспор кииртим. Дьиҥэр онно бартым буоллаар... Киэһэлик оҕонньорум уһуктан эмиэ ааттаспыта. Оччолорго таптыыр да буоламмын буолуо син аһарбытым. Ол эрэн кэлэйбит кэтэх санаа син биир хаалта. Кынным дьахтар балыыһаҕа үлэлиирэ, онон бюллетень ылан биэртэ. Дьоммор:”Ыарыйдым, эргэ Саҥа Дьылга барыам” – диэн звоннаабытым. Ийэм хайдах эрэ сэрэйбит этэ да онно саҥарбатаҕа. Аҕам билтэ буоллар ол киэһэ дьиэбэр хонуом этэ... Дьиэбэр мөҕүллэр диэни билбэккэ улааппытым. Аҕам холуочук да кэллэҕинэ мөхпөт этэ. Хата сыллаа да сыллаа буолааччы. Итинник ынырыгы түһээн да көрбөтүм.
  • Ыарахан кэпсээннээх эбиккин!
  • Ити уоллааххын дуо диэн ыйыппыккыттан сылтаан кэпсээтим. Көрүҥүнэн били сайылыкка кэлэр Бааскаҕа майгынныыр.
  • Онтон билигин да бииргэ олороҕут дуо?
  • Суох. Армияҕа диэбитим дии.
  • Ээ, инньэ диэтиҥ этэ дуу!
  • Ол саас армияҕа барта. Барыар дылы эмиэ хаста да кырбаабыта. Санаабын олох самнарбыттара. Ийэтэ кигэр дуу диэхпэр дылы этэ. Аҕалара олох ынах курдук киһи этэ. Эмиэ дьиэҕэ куолаһа суох быһыылааҕа. Син ону-маны көрдүм, иһиттим дии сананарым да итинниги истэ илигим. Өлөөнө кэпсээнэ олох этим сааһын ортотунан киирдэ. Чугастара буоллар охсуһа барыах курдук буоллум.
  • Дьиҥэр аны санаатахха ийэ кынным инникиттэн да сөбүлээбэт эбит. Хайдах эрэ сиргэммит курдук көрүөлүүрэ. Уолугар тэҥэ суох быһыылааҕым. Сопхуос хотонун үлэһиттэрин оҕото ол интелигеннэри кытта тэҥнэһиэхпит дуо? Бэйэм эмиэ дояркалыырым. Үөрэҕэ суох, саҥа оскуоланы бүтэрбит оҕо сопхуоска атыны тугу үлэлиэмий. Сороҕор үлэбиттэн кэллэхпинэ ийэ кынным уолун кытта хобугунаһа аххан олорор буолааччылар. Миигин көрөөт туох эрэ хобу, кистэлэҥи кэпсэтэ олорор дьон курдук тохтоон хаалаллара. Сааскы призывка түбэһэн армияҕа баран абыраабыта. Барбыт күнүгэр дьоммор көспүтүм. Ийэ кынным ыытыан баҕарбатаҕа. Хата ону аҕалара эмээхсинин быһа саҥаран кэбиспитэ уонна сээкэйбин илдьиһэн биэртэ. Сээкэйим да диэн биир кыра чымыдаан оҕото этэ. Ийэм ол киэһэни быһа ытаабыта, аҕам үлэтиттэн кэлэн саалаах аахса бара сыыспыта. Ол сайын арыый үөһэ тыынаммын үөрэх туттарса бартым. Хата техникумҥа туттарсан кииртим. Барарбар эмиэ аҕа кынным көмөлөспүтэ. Икки сыл буола илик диэн ыытымаары гынтара. Ону кини директордыын кэпсэппитэ. Арба, кини сопхуос биир сүрүн специалиһа этэ. Быйыл дойдуларыгар көспүттэр этэ. Маны урут кимиэхэ да кэпсии илигим. Дьонум эрэ билэллэр. Бэл дьүөгэлэрбэр кэпсээбэтэҕим. Эйиэхэ тоҕо кэпсээбиппин бэйэм да өйдөөбөккө хааллым. Мунньустубут ыар санаабын кэпсээн чэпчээбиккэ дылы буоллум – диэн кэпсээнин түмүктээтэ.

Өр саҥата суох олордубут. Кустар кэлэ-кэлэ түһэллэр да онно эрэ наадыйбаппыт. Күһүнҥү халлаан боруктуйан барда.

  • Ок-сиэ! Олорон хаалаары гынным дии! Бириэмэ ырааппыт! – диэн саҥа аллайбытыгар дьэ бэттэх кэллим.
  • Атаарабын дуо?
  • Онтон ким чымпыылыктыыр? – кыыһым ыйытар.

Ыарыыта ааһан, санаатын кэпсээн чэпчээбит курдук буолбут.

  • Ээ хааллын! Син биир сиппэппин. Сааларын тыаһа оҥуобай дии!
  • Арай хаалар буоллаҕына. Атаараа эрдэҕиҥ! – кыыһым мүчүҥнүүр.

Сып-сап хомунан атаара барыстым. Ходуһаҕа тахсыбыппыт билигин да лаппа сырдык эбит. Сайылык көстөр сиригэр дылы аҕыйахтык үктээн тиийдибит. Сайылыкка волейболлуур саҥа-иҥэ баһаам.

  • Чэ мантан бэйэм барыым, аны дьон көрүө.
  • Көрөн хайыахтарай?
  • Все таки кэргэннээх дьахтар буоллаҕым дии.
  • Онтон
    арахсыбатаҕыҥ дуо?
  • Суох, армияҕа сылдьар киһини кытта араарбаттар. Онтон сарсын көрсүөхпүт дии, эмиэ кытылга – диэн унаарытта.
  • Чэ буоллун. Оччоҕо ууруубун дуо? – диэн ыйыппыппын өйдөөбөккө да хааллым.

Кыыһым утары көрөн турбахтаата. Иһигэр тугу саныыра буолла. Мин саҥарбыппын кэмсинэ турдум.

  • Чэ баҕар уураа даҕаны – диэн көҥүл биэрдэ.

Көҥүл ылбычча оргууй кууһан ыллым да уураан бардым. Кыыһым эппиэттэһиэх курдук уоһун хамсатан иһэн тохтоон хаалла.

  • Чэ мин барыым – диэтэ да төлө көтөн сайылык диэки сүүрдэ.

Уонча миэтэрэ ыраатан баран тохтоон эргийдэ.

  • Сарсын көрсүөхпүт, покаа – диэтэ да эргийэн хаама турда.

Икки аҥыы өрүүлээх баттаҕа уҥа-хаҥас далбаатана турда. Сайылыкка дылы батыһа көрөн түран баран отуум диэки тэбинним. Уоспар Өлөөнө уоһун амтана баар курдуга. Иккис киэһэ итинник интэриэһинэйдик түмүктэммитэ. Икки кустаах киһи чымпыылыктаабатым чуолкай.

    Сарсыныгар тохтуу-тохтуу түһэр ардахтаах күн буолла. Бүгүн кээһии суох. Онон сыта түһүөххэ сөп. Балааккаларбыт онон-манан тэһиннэллэр да хайыахпытый. Күнүс сэллээбитигэр күрүө тута таҕыстыбыт. Саҥа бастакы күрүөбүтүн тутан эрдэхпитинэ ардахпыт эмиэ курулатан барда.

  • Дьэ уһуннук кэллэ быһыылаах, туран биэртэ буоллар син түөрт күнүнэн бүтүө этибит буоллаҕа. Урут биир сыл эмиэ маннык ардах хаар түһүөр дылы түспүттээҕэ. Онно... – Дьөгүөр ардах туһунан уһун кэпсээнин саҕалаата. Ити кэпсээннэри сайыны быһа иһиттим. Уопсайынан ардахтаах сайын ааста. Чэ, туох да диэтин. Мин санаам атынҥа. Өлөөнөҕө. Эбиэт кэннэ ардахпыт буор ардахха көстө. Быһата бүгүн үлэ суох. Сарсын да эбиэккэ дылы кээһии суоҕа чуолкай. Сытабыт. Уолаттар хаартылыыллар. Мин сытабын.
  • Уолаттар дэриэбинэлээбэппит дуо? Бүгүн таанцы буолар буолуохтаах, субуота эбит – Ньыыкан диэн бу саас армияттан кэлбит уол таах сытартан сылайан.
  • Дьөгүөргэ этэн баран барыаххайыҥ – Бааска диэн эмиэ ол саастыы уол. Уопсайынан саамай эдэрдэрэ, буорах сытын билбэтэх мин. Биһиги балааккаҕа түөрпүт. Төрдүспүт Өндүрэй олортон эрэ саастаах. Атыттар атын балааккаҕа сыталлар. Тойоммут Дьөгүөр бэйэтэ туспа балааккалаах. Уонна маарыын от охсо барта. Быыһыгар эбэ кырыытыгар илиитинэн моой оттуур. Киэһэ биһиги куска киирдэхпитинэ отугар киирээччи. Бүгүн ардах быыһыгар охсор быһыылаах. Үнүр уолаттар:
  • Охсон биэрэбит дуо – диэбиттэригэр, баһа туллан түһэ сыыспыта.

Арааста айдаарыахтара диир быһыылаах. Бачча элбэх дьон биир киэһэ тэлэкэччийдэхпитинэ бүтүө этэ. Чэ, бэйэтин дьыалата. Сүпсүгүрүү саҕаланна. Киирии-тахсыы, кэпсэтии-ипсэтии. Дьиҥэр дэриэбинэ, быһа бардахха, көһү кыайбат сиргэ баар.

  • Дьөгүөр көҥүллээтэ – диэн таһырдьаттан Бааска киирэн.

Сып-сап хомунуу саҕаланна. Сытабын.

  • Хайа, Чымпыылык дьиэлээбэккин дуо?
  • Суох. Сарсын эмиэ сатыы кэлиэххэ наада. Айака! – диибин.
  • Доор онтон Дьөгүөр от мунньар Бөлөрүүһү эмиэ көҥүллээтэ ээ. Кэлэрбитигэр туус аҕалыахтаахпыт. Эбиэккэ баар буолаарыҥ диэтэ.
  • Ээ суох, суох! Хата кустуом – диибин.
  • Кусчут ээ! Кусчут диэбиккэ дылы кустары илдьэ барабыт. Таах сытыахтааҕар уҥучахтан хостоо эрэ – диэн буолла.

Дьэ кус мунньулла сатаабыт эбит! Хас да куул буолла. Аахтылар, учуоттаатылар. Биирдии киһиэхэ син элбэхтии тиксэр эбит. Ити өссө күн аайы буһаран сиирбитин таһынан.

  • Хайа ноко кырдьык барбаккын дуо? – Ньыыкан прицев үрдүттэн
  • Суох – диибин.
  • Таанцыга кыыс бөҕө буолуо.
  • Буоллун! Биир субуота миигинэ да суох сатанар ини – диибин.
  • Хозяин барин! – диэн нэлэс гынна. – Манна кыыс буллуҥ дуу? Кэлиҥҥи кэмҥэ дьиктитийдиҥ!
  • Хантан!
  • Билбэппин. Баҕар русалка саһыара сытарыҥ буолуо – диэн күлэн тииһэ килэс гынна.

Тыраахтар прицебын соһон дэриэбинэ диэки бурҕата турда. Отууга мин курдуктар түөрт киһи хаалла, Дьөгүөрдүүн. Биһиги балааккаҕа бэйэм эрэ. Сып-сап аһаан баран барарга сананным. Бириэмэ эрдэ соҕус да буоллар. Биир толкуй төбөбөр киирдэ. Эрдэ баран талах быыһыгар отуу туттуохтаахпын. Талаҕынан каркас оҥорон баран отунан бүрүйүөм. Тыы тахсар аттыгар баар кэбиһиилээх оттон кураанах от ылыллыа. Оччолорго оту ардахха арыйыан кэбиһииһикпин иҥин диэн толкуй суоҕа. Ыһык ылынным, эбиэккэ буспут кустан салапаанҥа угуннум. Уонна уот отторго сытар сүгэни ылан аастым.

  • Ноо ханналаатыҥ? – диэн саҥаттан эргиллибитим – Дьөгүөр турар.
  • Кустуу.
  • Тугуҥ
    сүгэтэй?
  • Дурда туттуом.
  • Баччатааҕы куска тугуҥ дурдатай?
  • Онтон ардахтыыр дии уонна отун тэпсэн бу көстөн олоробун.
  • Аҕалаар! Ити мин ыал буолбут сүгэм – диэн бүтэһик дьаһалы истээт тэбинним.

Тиийэн били дурда кэннин диэки талаҕынан отуу ураһа оҥоһуннум. Били оттон үстэ хаста кырынан үрдүн саптым, аллараа кытта тэлгээтим. Бэртээхэй отуу буола түстэ. Кыра ардахха хотторуо суох. Аны кэтэһии эрэ хаалла. Бириэмэ барбахтаабыт да билигин да ыраах. Аны баҕар ардахтаан кэлиэ суоҕа диэн санаа үүйэ тутта. Киирэн баран тахсан бэрт! Быыһыгар бэҕэһээнҥи кэпсээни, уураһыыны саныыбын. Оһуобанна уураһыыны. Кэтэһэ сытан утуйан хаалбыт этим.

  • Доҕоор, кэллим дии – диэн саҥаттан уһуктан кэллим. Харахпын арыйаат көртүм утары Өлөөнө мичээрдии олорор. Отуу иһэ боруктуйан эрэр эбит. Син уһуннук утуйбуппун.
  • Бүгүн ынахтарбын ыан хойутаатым. Бэрт баҕайы отуу оҥорбуккун дии.
  • Онтон кэллэххинэ ханна олоруохпутуй диэн оҥордум. Бүгүн ардахтаан үлэлээбэтибит. Ол иһин эрдэ кэлтим – диибин.
  • Онтон били чымпыылыктааһыныҥ? – күлэр.
  • Саам бэйэтэ кустуу сыттаҕа. Маарыын кэлээт дурдаҕа хааллартым – диибин.
  • Хата кус бөҕө өлөрдөҕө.
  • Суох ини, саа тыаһын истибэтэҕим. Арба, киэһээ ыабаппын диэбитиҥ дии?
  • Кыргыттар маарыын молоковоһу миинэн дэриэбинэҕэ таанцылыы бартара. Миигин кучуйа сатаабыттара.
  • Ээ, субуота этэ дуу! Биһиги уолаттарбыт эмиэ дэриэбинэлээбиттэрэ. Миигин эмиэ кучуйа сатаабыттара. Уонна уорбалааһынҥа киирдим быһыылаах.
  • Туохха?
  • Маарыын Ньыыкан диэн уол дьиктитик көрүөлээн эрэрэ.
  • Миигин оҕонньоругар “вернайдыыр” диэн саныыллар. Билэллэрэ буоллар саллыа этилэр.
  • Арба, мин эйиэхэ кэһиибин аҕалтым – диибин.
  • Тугу?
  • Дьэ таай эрэ.
  • Таак, тугу аҕалыаххын сөбүй? Сир аһа билигин суох. Отчукка туохтаах буолуой? Ама кэнсиэрбэ буолбата ини? Былыр балык тылын мунньан аҕалаллар үһү. Балыктаабаппыт диэбитиҥ. Оччоҕо кус буоллаҕа! Таайдым дуо? – диэн эргитэн таайан кэбистэ.
  • Таайдыҥ! – диэтим уонна рюкзакпын хостоон салапаанҥа сууламмыт кустарым этин уунабын.

Маарыын күөстэн син хас да улахан куһу хоторунан ылтым. Били үҥкүүһүттэр аһаабакка да бартара. Онон күөскэ кус элбэх этэ. Кыыһым үөрбүт харахтарын көрүө этигит!

  • Баһыыба доҕор! Дьиҥэ быйыл кус сии иликпин. Арай ити оҕонньор быччыкылаан аһатар.
  • Оччоҕо өссө баран кэлэбин дуо? Элбэх хаалта – диибин, кырдьык-хордьук барыах курдук туттабын.
  • Кэбиис! Барыма! Манна да додо курдук үөрэн олоробун – диэн тахсан эрдэхпинэилиибиттэн тутта.
  • Оонньоон этэбин, эн сии олор. Саабын иҥин дьаһанан баран киириэм – диэн баран таһырдьа таҕыстым.

    Тахсан саабын дьаһанным, табаахтаатым, быһата ону-маны гынным. Уонча мүнүүтэ буоллум быһыылаах. Буор ардах билигин да саккырыыр эбит. Уутан биир үөр кус көтөн барда. Бириэмэ ырааппыт быһыылаах. Былытаах буолан боруктуйа быһыытыйбыт. Киирбитим отуу иһэ лаппа хараҥарбыт этэ. Кэһии кус боппуруоһа быһаарыллыбыт этэ.

  • Уой! Эйиэхэ ордорботохпун дии! – диэн бэйэтэ да соһуйда.
  • Буоллун. Мин аһаан кэлтим. Уонна ити эйиэхэ кэһии дии.
  • Баһыыба! Маарыын икки доярка ынаҕын ыары сүгүн да аһаабатаҕым. Хата кэһии аҕалан абыраабыккын. Минньигэс баҕайы!
  • Баһаалыста! – диибин.
  • Доор били мультикка баар бөрө курдук буоллум – күлэр.
  • Хайдах?
  • Сейчасть точно запою! – дии-дии ыгыста сытар.
  • Кырдьык даҕаны ыллаа эрэ. Ааспыкка бэрт баҕайытык ыллыы олороруҥ дии – диэн көрдөстүм.
  • Иһим тотто ыллыахха да сөп! Сакаастаа! – күлэн лаһыгыратар.
  • Били үнүргү дэриэбинэлэр билбэт ырыабытын – диибин.
  • Онтукаҥ: “Эдэр саас кэрэтэ” – диэн. Хм! Хм! Куоласпын оҥостуум.
  • Дьэ эрэ!
  • Ыраах да ыраах буолларгын

Эн мин санаабар чугаскын,
Мэльдьитин мин түүлбэр көстөҕүн
Кэлиэ диэн эрэнэ күүтэбин.
Ыраас, киэҥ куолас хараҥа отуу иһигэр оргууй сыыйыллар. Бэйэтэ почти көстүбэт. Күлүгэ эрэ боругулдьуйар. Хос ыратын иккитэ хатылаан ыллаата:

  • Эдэр саас кэрэтэ, киэргэлэ Барыта эйиэхэ ананар,
    Олохпут инники эрэлэ
    Тапталлаах сүрэххэ кутуллар.
    Киһи эрэ истэ олоруох курдук истиҥник ыллыыр.
  • Үөрэхпин бүтэрэн эргиллиэм Көрсүөхпүт Бүлүүбүт бирэгэр,
    Ньургуһун намчытын бэлэхтиэм
    Уонна мин таптыыбын диэн этиэм.
    Иккис
    куплёт өссө бэрт буолан биэрдэ.
  • Эдэр саас кэрэтэ, киэргэлэ
    Барыта эйиэхэ ананар,
    Олохпут инники эрэлэ
    Тапталлаах сүрэххэ кутуллар!
    Хос ырыатын ылласпыта буоллум. Тарбыйах мэҥириирин курдук да буоллар үөрбүччэ.
  • Сарсыарда саһарҕа тыгыыта
    Киириэхпит Бүлүүбүт биэрэгэр,
    Саҥа күн саҕахха тахсарын
    Өр да өр одуулаан туруохпут!
    Хос ырыатын бу да сырыыга ылластым.
  • Бэрт баҕайы ырыа эбит дии!
  • Дии! Мин олус сөбүлээн ыллыыбын.
  • Ырыаһыта да оһуобай эбит!
  • Доор, бэҕэһээ эйиэхэ кэпсээммин чэпчээбит курдук буолбуппун. Бу сарсыарда ардахтаах силбик да буоллар миэхэ күннээх курдук сырыттым. Бэл аччыктаабыппын билбэккэ сылдьыбыппын. Кус сиэн өссө үөрдүм!
  • Онтон кэпсээн ыар сүгэһэриҥ чэпчээтэҕэ.
  • Оннук! Арба, бүгүн эн кэпсиир күнүҥ. Отуо уураспыппыт да эйигин билбэт эбиппин – күлэр саҥата иһиллэр.
  • Миэнэ туох кэлиэй? Оскуола, производства, онтон армия буолара буолуо.
  • Онтон кэпсээриий, ууруурга эрэ түргэнҥин дуу?
  • Ссоннук! Уураатаххына биирдэ кэпсиэм – диэн бөппүрүөктэспитэ буолабын.

Өлөөнө эргичийэр тыаһа иһилиннэ уонна сырайым утары тыына билиннэ. Онтон сып-сылаас уостар уоспар сыһыннылар. Оргууй уоспун уоһунан арыйан тыла тылбар таарыйда...
Санаабар сыалай чаас куустуһа сытан уурастыбыт.

  • Көрдөһүүгүн толордум, аны мин көрдөһүүм хаалла – диэтэ олох кулгааҕым аттыгар.

Уонна эмиэ тэйэн биэрдэ. Хайыам баарай кылгас биографиябын кэпсииргэ тиийдим. Кыыһым саҥата суох истэн сытта. Өр-өтөр буолбакка субурутан кэбистим.

  • Бүттэ дуо?
  • Бүтэн!
  • Пахай! Тоҕо кылгаһай!
  • Кылгас бөҕө буоллаҕа дии – диибин.
  • Доор онтон кыыстааххын дуу?
  • Суох.
  • Олох биир да кыыһы кытта билсэ сылдьыбатаҕыҥ дуо?
  • Онтон оскуоланы бүтэрэн баран биир кыыстана сылдьыбытым. Аҕыйах кэмҥэ. Онтон тэйсэн хаалбыппыт – диэн билинним.
  • Кэпсээриий?
  • Ууруубун?
  • Кэпсээтэххинэ – күлэр саҥата иһиллэр.

Быстыам дуу, ойдуом дуу? Кэпсииргэ тиийдим, итиччэ быктаран баран. Дьиҥэр бэйэбэр да билиммэт дьыалабын хайдах быктарбытым буолла. Арааста Өлөөнө кэпсээбитин кэннэ кэпсээтэххэ эрэ сатанара быһыылааҕа.
Онон дьикти тапталбын кэпсииргэ тиийдим. Таптал диэҕи таптал буолбатах этэ да буоллар.
Боруоста танцыга билсибиппит. Бастаан өрүкүнэһиэх курдук буолан баран уостан сүппүтэ. Кыыһырсыбатахпыт, күнүүлэспэтэхпит, боруоста тэйсэн хаалбыппыт. Билигин көрүстэхпитинэ приветтэһэбит эрэ. Ону барытын кистэлэ суох кэпсээн биэрдим. Кыыһым саҥата суох истэ сытта.

  • Онтон билигин ханна да баарын билбэппин – диэн тутах кэпсээммин түмүктээтим. Уонна аны мин кыыһым үрдүгэр нөрүйэн уураан бардым. Дьиҥэр өссө атаакалыах киһи хомойуо, тэйитэн кэбиһиэм диэн туттунарым. Өлөөнө киһи эрэ таптыах курдуга.

  • Доор, миигин хайдах кыыс дии саныыгын? – Өлөөнө бэйэтин муннугуттан.

  • Онтон, онтон киһилии.

  • Ол аата?

  • Нормальнай – диибин.

  • Хаһан да көрбөтөх киһитигэр суланар, уураһар, отууга кэлэр иҥин диэн дуо?

  • Суох. Оннук эрэ санаабатаҕым.

  • Оччоҕо хайдах?

  • Киһи эрэ таптыах кыыһа диэн.

  • Таптыаҥ этэ дуу?

  • Тоҕо этэ? Арааста бэлиэр ылларбыппын быһыылаах – билинэбин.

  • Аһынан?

  • Бастаан көрөөт хайдах эрэ дууһабар туппутум.

  • Кырдьык дуо?

  • Кырдьык, наһаа үчүгэйдик күлэриҥ. Онтон сарсыныгар кэпсээбиккэр олус аһыммытым. Уонна өссө чугаһыыр курдук буолтуҥ.

  • Все таки аһынан хаптарбыккын?

  • Суох. Дьылҕаҥ атын эбитэ да буоллар син биир ылларыа этим.

  • Дуо? Оннук үчүгэйбин дуо?

  • Үчүгэйгин. Урут маннык ыллара илигим.

  • Икки хонукка?

  • Сороҕор биир көрүү сөп буолар эбит. Бу күннэргэ эйигиннэн эрэ сырыттым – диибин. – Атын кыргыттардыын уон сыл биргэ үөрэммитим да маннык тартара илигим.

  • Баҕар көннөрү саҥа киһиэхэ санааҥ охтубута буолуо.

  • Буолуо. Ол эрэн санаам эйиэхэ тардыһар.

  • Дьикти... Мин эмиэ. Дьиҥэр сөбүлээбэтэҕим буоллар иккис күн кэлиэ суох этим. Уураһыа да суох этим. Билигин дьону син биллим дэнэбин. Эн аһаҕаскын көрөөт билбитим. Мин оҕоннторум атын этэ. Хайдах эрдэ көрбөтөҕүм буолла. Саатар дьоммун истибэтэҕим. Хараҕым сабылла, дууһам бүөлэнэ сылдьаахтаабыт быһыылаах. Арба мин эйигиттэн аҕа эбиппин.

  • Биир сыл диэн. Кыра буоллаҕа. Оннооҕор хас да сыл аҕалар биһигинниин үөрэммиттэрэ. Улахаттаргыт диэбэт этибит.

  • Өйүүн практикабыт бүтэн

    барабыт.

  • Уже дуо?

  • Уже буолбакка. Манна сүүрбэччэ хоннубут. Ол аата сарсын бүтэһик киэһэбит.

  • Бүгүн сайылыккар төһөҕө бараҕын? – ыйытабын.

  • Сарсыарда барыам. Кыргыттар сарсын кэлэллэр. Сарсыардаанҥы ыам эмиэ миэнэ. Ол оннугар сарсын киэһэ уонна өйүүн сарсыарда босхобун. Үчүгэй буолбат дуо?

  • Үчүгэй!

  • Чэ утуйуохха, сарсыарда күн тахсыыта туруохпут. Арба күннэнэрэ дуу?

Отуу аанынан таһырдьаны өҥөйөн көрдүм. Халлаанҥа сулустар кылапаччыһаллар.

  • Ардах бүппүт, сулустар көстөллөр. Түүн былыт төннүбэтэҕинэ күннэнэр ини – диибин.
  • Чэ, бэрт эбит. Сарсыарда күн тахсарын көрсүөхпүт. Сыыһа өйдөөбөт буоллахпына эбэҕэ ити оҕонньор тыыта сытар сиринэн тахсар буолуохтаах. Утуйуохха. Бириэмэ ырааппыт. Арба, түүн үөмпэт инигин?
  • Билбэтим – диибин. Добуочча саҥата суох сыттыбыт.
  • Чэ кэл саатар куустуһан утуйуох. Кыратык ууруоххун сөп. Көҥүллүүбүн – диэн күлэр саҥата иһилиннэ.

Сыҕарыс гынаат кууһан ыллым...
Сарсыарда күн тахсыыта туран таһырдьа таҕыстыбыт. Уубутуттан түүн хоммут кустар көтөн бардылар.

  • Итиннэ хатыҥ анныгар дурдаҕа олоруохха. Оруобуна утары тахсыаҕа – диэтим. Кыыһым сөбүлэһэн дурдаҕа киирэн олордубут. Сөтору-сотору уураһабыт. Уонна күммүтүн кэтэһэбит. Бастаан уҥуоргу хатыҥнар төбөлөрүн сырдатан оргууй аҕай күммүт тахсан барда. Өлөөнө ону көрөн олорон ыллаан барда.
  • Сарсыарда саһарҕа тыгыыта
    Киириэхпит Бүлүүбүт биэрэгэр,
    Саҥа күн саҕахха тахсарын
    Өр да өр одуулаан туруохпут!

Саҥата суох истэн олордум. Күммүт чараҥ үрдүнэн ойон күөл уутугар түһэн умсаахтаан суунан ылар курдук гынна. Төгүрүйэ окко-маска баар сиик күн көрөөтүн үрүҥ көмүс уотунан кылапаччыһа сандаардылар. Маннык кэрэ көстүүнү көрө олорор үчүгэйин. Оһуобанна таптыыр киһигинээн.

  • Саҥа күн саҕахха тахсарын өр да өр одуулаан туруохпут дуо? Хаһан эмит кэлин? – кыыһым ыйытар.
  • Туруохпут буоллаҕа дии! Манна куруук кэлэн күн тахсарын көрсүөхпүт – диибин.

Саҥата суох утары көрөн олордо.

  • Туруохпут! Манна! Бэрт да буолуо! – кыыһым үөрбүт саҥата.

Уонна миэхэ сыһынна. Санаабар уһуннук да уурастыбыт.

  • Хайаа хойутаары гыммыппыт – диэбитигэр биирдэ сиргэ төнүннүм.

Сып-сап хомунан сайылык диэки тэбиннибит. Эмиэ били сиргэ тиийэн тохтоотубут.

  • Доор мин мантан бэйэм барыым. Киэһэ көрсүөхпүт – диэт куустуһа түстэ.

Онтон арахсан эмиэ сайылык диэки сүүрэ турда. Кэнниттэн батыһа көрөн туран баран оттуур сирбэр төнүннүм.
Балааккаҕа киирэн эрдэхпинэ Дьөгүөр балааккатыттан тахсан кэллэ

  • Сүгэни аҕаллыҥ ини?
  • Оо умнубуппун! Киэһэ баран аҕалыам – диэт балааккаҕа умустум.

Таһырдьа Дьөгүөр тугу эрэ ботугураан эрэрэ. Ону-маны истэр, толкуйдуур кыах суоҕа. Санаам барыта Өлөөнөҕө этэ. Уолаттар кэлиэхтэригэр дылы утуйбут киһи. Ороммор оҕуннум да утуйбут этим.

  • Ноо тур! Тууһу сүөккэс! – диэн хаһыыттан уһуктан кэллим.

Дэриэбинэлээбиттэр кэлэн ампаалыктаһыы бөҕө буолбут. Күн ортолоон эрэр быһыылаах. Тахсыбытым үс тонналаах прицев толору туус аҕалбыттар.

  • Бачча элбэҕи ханна гынабыт?
  • Булан батарыахпыт. Эн сүөккүүргүн эрэ бил – диэтилэр.
  • Онтон прицев биһиэнэ дии, тоҕо сүөккүүбүт? Прицевка соһо сылдьан туттубаппыт дуо? – сүөккүүр санаа билигин да суох.
  • Ону-маны мээрилии турума сүөккээ! Тыраахтар билигин дэриэбинэлиир. Атын биригээдэлэргэ туус илдьэр үһү. Итинтикэҕит дьахтардаммыт быһыылаах. Бэҕэһээ эһиги барааккытын кытта барта уонна сарсыарда кэлтэ – Дьөгүөр дьаһалымсыйда.
  • Ол ханна сылдьар?

Саҥарбаппын.

  • Онтон чымпыылыктыы.
  • Ол гынан куһа?
  • Кустааҕын көрбөтөҕүм. Саата да суох курдуга.

Киһи эттэҕинэ соһуйабын. Саабын эмиэ умнубуппун. Били бэҕэһээ киэһэ дьаһайбыппынан сыттаҕа.

  • Ол эбэҕэ хантан кэлбит дьахтарый?
  • Бу да киһи! Сайылыгы була сыттаҕа дии. Онно дояркалар элбэхтэр буоллаҕа дии.
  • Хата инньэ диэ! Ол иһин! Үнүргэттэн чымпыылыктыам дии дии тиэстибит дии!

Саҥата суох туус сүөккүүбүн.

  • Хамсаан ис! Аһаан баран от кээһиэхпит.
  • Инчэҕэй буолуо дии.
  • Ол иһин туустанар буоллахпыт.

Эбиэт кэннэ от кээстибит. Инчэҕэйэ сүрдээх. Тууһу тиэйэ сылдьан хас эрээт аайы ыһабыт. Биир окко үс-түөрт куул барар. Бу кыһын тарбыйах көрүүтүгэр сылдьан тууһаммыт оттору көрөр этим. Сүөһүлэр олох тугун да ордорбокко сииллэрэ. Уолаттар ыйыталаһан көрөллөр да мин партизан буоллаҕым. Син үс оту кээстибит.
Киэһэ эмиэ хомуннум.

  • Эмиэ чымпыылыктыы бардыҥ дуу? – Ньыыкан балааккаттан батыһан тахсан.
  • Баран.
  • Саата суох?
  • Ынтах хааллартым – диибин.
  • Барсабын дуо? – дьээбэлэнэр.
  • Бэйэм да ытыалыыр инибин.
  • Элбэхтэр дуу?
  • Онтон син.
  • Уонна бары кутуруга суохтар?
  • Кутуруктаахтар быһыылаах – атыны таайтаран этэрин өйдөөтөрбүн да өйдөөбөтөҕө буолабын.
  • Чэ, чэ тэбин! Биһиги тиийиэхпит – диир күлэ-күлэ.

Сып-сап хомуннум. Ньыыкан балааккаҕа киирээтин күөһү өҥөйдүм. Аҕыйах кус көстөр. Хомуйан салапааммар суулаат рюкзакпар симинним. Уонна бардым.
Тиийбитим уу чуумпу. Өлөөнө кэлэ илик эбит. Уубар биир үөр моонньоҕон уста сылдьар. Отуу кэнниттэн бэҕэһээ уурбут сабын хостоотум. Ол хостуу сылдьан бүк тутуллубут кумаахы сытарын булан ыллым. Арыйа баттаатым. Онтум сурук буолан биэрдэ. Миэхэ Өлөөнө суруйбут.

Дорообо доҕоор!
Бүгүнҥэттэн практикабыт бүттэ. Сарсын дии саныы сылдьыбыппыт ээ. Ону маарыын кыргыттар молоковоһунан кэлэн кэпсээтилэр. Эбиэт кэннэ массыына кэлэн оройуон сыантырыгар киллэрэр үһү. Ыксал бөҕөннөн манна кэлэн суруйа олоробун. Онон киэһэ көрсүбэт буоллубут.
Мин эйиэхэ элбэҕи да этиэхтээҕим. Утары көрөн олорон этиэхтээҕим. Билигин суруйар эрэ буоллум. Кыайан санаабын барытын суруйуом билибэт. Ол да буоллар суруйуум.
Кэлинҥи үс күнҥэ эйигиннэн эрэ олордум. Бастаан көрөөт, били эн эппиккинии, сөбүлээбитим. Кырдьык сороххо биир көрүү эрэ наада эбит. Кэлинҥи кэмҥэ маннык эрэ буолуом дии санаабат этим. Санаам тостубута бэрт этэ. Уопсайынан биир да уолу чугаһаппат этим. Онтон эйиэхэ хайдах аһыллыбытым буолла. Баҕар дьылҕабыт буолуо. Быһата эйигин таптаатым быһыылаах. Бөөлүүн саамай дьоллоох түүнүм ааста. С милым и в шалаше рай диэн курдук. Оннук да быһыылаах. Уонна сарсыарда күн тахсыытын көрсүбүппүт үчүгэйин. Түүн – сарсыарда күннээх буоллаҕына кини, эн, миигин таптыыр эбит диэн саныах буолтум. Күн тахсыбытыгар наһаа үөртүм! Таптыыргар итэҕэйбитим.

  • Туруохпут буоллаҕа дии! Манна куруук кэлэн күн тахсарын көрсүөхпүт – диэбиккэр мин курдук дьоллоох киһи суоҕа. Кырдьык күһүн аайы манна кэлэн күн тахсарын көрсүөхпүт. Кылаабынайа бииргэ эрэ буолуохпутун наада. Буолар инибит. Ол туһугар муораны да туоруох курдукпун.
    Күһүн армиялыыбын диэбитиҥ. Ол аата икки сыл. Мин үөрэҕим бүтэрэ эмиэ икки сыл баар. Дойдугун буллаххына күһүн аайы бу манна кэтэһээр, бу кэмҥэ. Булгу кэлиэҕим. Аны арахсыбаттыы.
    Кылаабынайа моһоллору туоруохпутун наада. Мин олох босхолонон баран кэлиэҕим. Кэргэммиттэн, санааларбыттан. Булгу биллиэм. Кэтэһээр. Арба отуугун тутаар. Эн миигин көрдөөйөххүн.
    Бу үс мин саамай дьоллоох күнүм. Манна төннөргө күүскэ турунуом. Хайаан да эргиллиэм.
    Этэрбин эттим быһыылаах. Сатаан суруйбатарбын да дууһабар баары суруйа сатаатым.
    Мин эйигин таптыыбын! Таптыыбын! Таптыыбын! Кэтэһээр!
    Эн Өлөөнөҥ.
    P.S. Ууруубун! Сыллыыбын! Мин күндү чымпыылыгым! Хатынҥа былааппын ыйаан хааллардым.

Өр саҥата суох олордум. Харахпыттан уу таммалыыра. Санаам барыта Өлөөнөҕө этэ.
Онтон дьэ уоскуйан киирэн ытыалаатым. Бу сырыыга дьэ кырдьык чымпыылыктаатым. Кус кэлэн түһэ турар. Сырыы аайы хастыыны да хаалларабын. Уум кыараҕас буолан саам барытыгар тиийэр. Боруҥуйбутугар оҕонньор тыытынан куспун хомуйдум. Уон биэс кус. Халлаан эбэҕэ билигин да сырдык эбит. Били тыы тахсардааҕы дурдаҕа көстүм. Эмиэ хаһы да дэҥнээтим.

  • Хайа манна олорор эбиккин дуу? – диэн саҥаны истэн эргиллэн көртүм Ньыыканнаах кэлэн тураллар.
  • Манна – диибин.
  • Куһуҥ чымпыылык?
  • Ол сыталлар – ууну ыйабын.
  • Түөрт көстөр – дэһэллэр.
  • Уонна бу! – диибин рюкзакпын көрдөрдүм.
  • Чымпыылыктаабыккын.
  • Чымпыылыктаан.
  • Ноо, онтон кыыһыҥ?
  • Суох
  • Эс доҕор! Биһиги сайылыкка бара сырыттыбыт. Уу чуумпу. Эйигин ыйыталастыбыт да – ким да билбэт.
  • Онно тоҕо бардамый?
  • Дьэ дьикти! Чэ буоллун! Кускун хомуй дьиэлиэххэйиҥ. Хараҥаран эрэр. Били Дьөгүөрүҥ сүгэтин умнумаар.

Ол аймалҕанҥа били былааты умнубут этим. Хойут, оттоон бүтэн баран, били суругу хаттаан ааҕа сылдьан былааты умнубуппун билбитим. Успейдаан баран ылбатаҕым. Ылар баҕа баара ээ. Арааста ол былаат көрсүһүү бэлиэтэ буолан онно ыйанан туруохтаах буолан умнулуннаҕа.

Ол күһүн армиялаабытым. Учебкаҕа түбэспитим. Сержанскайга. Сахалар элбэхпит.
Биирдэ, сааһыары, Матейчук диэн уоллуун качегаркаҕа нэрээккэ бардыбыт. Качегаркаҕа киирбиппит биир нуучча уола оһох чоҕун күөдьүтэ сылдьар. Күрүүкэннэн котел иһин буккуйар.

  • Нэрээккэ кэллибит диэтибит.
  • Онно барыҥ – диэн түгэххэ көстөр аан диэки ыйан көрдөрдө.

Киирбиппит икки уол чайдыы олороллор. Биирэ саха, биирэ нуучча. РУБМ (Рота учебных боевых машин) диэн хаһаайыстыбаннай рота саллааттара. Сахата улахан киппэ көрүҥнээх, хара моһуоннаах.

  • Хайа нэрээккэ кэллигит дуо? – нууччата ыйытар.
  • Нэрээккэ – дэһэбит.
  • Оччоҕо ол ыйанан турар робалары кэтиҥ. Уонна үлэлээн барыҥ. Шлак таһаараҕыт, чох киллэрэҕит. Молодой көрдөрүө – диэн баран кэпсэтии бүппүтүн көрдөрөн куруускатыттан чаай иһэн сырылатан барда.

Чох быылыттан, оһох күлүттэн хап-хара буолбут робалары кэтэн кэбистибит. Тахсан эрдэхпитинэ сахата миигин тохтотто.

  • Доор хантан сылдьаҕын?

Дойдубун ааттаатым.

  • Олох да сэмилээк эбиккин дии – диэтэ.

Илиитин биэрэн дорооболосто.

  • Тахсан көрдөрөн биэр, мин землякпын кытта кэпсэтэ түһүүм. Молодойдуун үлэлии түстүннэр – диэн нууччатыгар дьарыйда.

Нууччата тахсыбытыгар чаай кутта. Уонна дьэ кэпсэттибит. Сулууспалаабыта ырааппыт. Сотору дьиэлээри сылдьар эбит. Быһата дембель эбит. Онтон үргүччү дойдубутугар көстүбүт. Киһим дэриэбинэтин ааттаабытыгар устуулбуттан суулла сыыстым. Өлөөнө эппит дэриэбинэтэ. Ол эрэн билбэтэҕэ буоллум.

  • Онно ойохтоохпун. Онтум сураҕа үөрэнэ сылдьар үһү – диэтэ.
  • Ханныкка?
  • Сельхозка дииллэр. Тиийдэхпинэ стройдатыам. Үөрэммитин биллэриэм. Бу ытыһым иһигэр ылыам. Сирэҕэс баара суруйбат даҕаны. Бу сутурук ыйааһынын санатыам – диэн саанардаах буолан биэрдэ.
  • Ама хайаан!
  • Кырдьык! Чэ кыра хаалла.

Мин сэрэйдим, иннибэр били Өлөөнө оҕонньоро олорорун. Туран хочуолнайга таҕыстым. Сутуругум кыһыйара сүрдээх. Арыый тутуннум. Иэстэһэр санаа үүйэ-хаайа хабарҕалаата. Харахпар Өлөөнө ытаабыт сырайа көстөн ааһар курдук гынна.

  • Чэ бэйи! Сарсын нэрээт бүтүүтэ быһаарсыллыа – дии санаатым.

Биир суукканы быһа чох, шлак наһыылканнан таһыыга охто сыыстыбыт. Нэрээппит бүтэн робабытын уста киирдибит. Били уол утуйа сытар. Атын ким да суоҕа. Онон санаабыппын толорорбор оруобуна этэ. Таҥаспын уларыттан баран Матейчугу хаһаарыматыгар атаардым.

  • Тур! – диэн баран утуйа сытар киһини наараттан сууллары тардан түһэрдим.
  • Туох буолла? – куттаммыт харахтар көстөн аастылар.

Армия иннинэ кыралаан охсуһар этим. Онон син үөрэхтээхҕим. Хойутуур сэрэхтээҕин билэр буолан уталыппакка тэбиэлээн бардым. Киһим били наглай сырайа ханна да суох буолла.

  • Хайдах буллуҥ? – дии дии боллугуруур.
  • Өлөөнө оҕонньороҕун дуо?
  • Кинини хантан билэҕин – диир, муннун хаанын сотто-сотто.
  • Дьахтары эрэ кырбыырга бэрт эбиккин. Сыраан киһи дуомаҕын. Өссө киһиргээн кэпсээбиттээх буола- буола!
  • Көссүүтэҕин дуо?
  • Суох! Доҕоробун!

Инньэ диэт тураатын кытта туора дайбаан түһэрдим.

  • Күүскүнэн өттөйөн төһөлөөх хаанын тохпутуҥ буолуой ыт!

Олох сап-салыбырас буолбут киһини өссө хаста да тэптим.

  • Күүскэ- күүс көстөр диэни аны умнума! Дойдугар да булуом! Охсуһар санаалаах буоллаххына бастакы ротаҕа кэлээр! – диэтим да аан диэки хаамтым.

Кэннибэр хааннаах харахтар батары көрө хаалтара. Онон Өлөөнө хараҕын уутун, тохтубут хаанын кыратык да буоллар иэстэспитим. Арааста дьылҕа хаан ити көрсүһүүнү тэрийбит буолуохтаах. Уонна хайдах итинник ыраах Приморьеҕа көрсүһүннэриэй, биир бииргэ. Саатар кыратык да буоллар иэстэһиннэриэй. Мин итэҕэйэбин. Кэлбэтэҕэ. Туох да айдаан тахсыбатаҕа. Арааста куттаммыта быһыылаах. Ол кэннэ ол киһийдэҕи көрбөтөҕүм. Ый курдугунан учебкам бүтэн войскаҕа барбытым.

Армияттан этэҥҥэ сулууспалаан кэлбитим. Өлөөнө: “Көрдөөйөҕүн” – диэбитин өйдүүр буолан көрдөөбөтөҕүм.

  • Бэйэтэ биллиэх буолта – диэн бэйэбин уоскутарым.

Сайыныгар соҕуруу үөрэнэ барбытым. Үөрэхпин бүтэрэн кэлэн сопхуоска үлэҕэ кииртим. Онтон ыла күһүн аайы кытылга баран хонон кэлэбин. Сир түҥэтиитэ буолбутугар оруобуна ол сири ылтым. Били отуу турбут сиригэр сыл аайы отуу туттабын. Эрдэ оттоон бүтэбин. Онон уон алтыска баран хонобун. Эбэһээт күнү көрсөбүн. Били былааты сыл-хонук ардаҕа- хаара, күнэ-тыала суох оҥорбута ыраатта.
Былырыын. Уон алтыска эмиэ хоно кииртим. Кэлтим отуубар киһи хонон барбыт этэ. Кытылга урукку дурда миэстэтигэр уһуннук олорбут этэ. Хайдах эрэ дьахтар сылдьыбыт дии санаабытым. Арааста Өлөөнө эрдэлээн сылдьыбыт быһыылаах дии санаабытым. Ол иһин быйыл эрдэлээн уон бэһискэ киирэн иһэбин.

    Эмиэ уруккутун курдук күһүн ортолоон турар. Хатыҥ сэбирдэҕэ саһаран, сир дойду араҕас өҥнөнөн турар. Уопсайынан ити сиргэ, оттуур буолуохпуттан, кытылтан тэйиччи хатыҥ чараҥ быыһыгар үүтээн туттубутум. Сайынын онно сайылыыбын диэххэ сөп. Үүтээн аттыттан оттоон саҕалыыбын. Кытылга бүтэһигэр оттоон тиийээччибин. Кытыл диэки оттоон тиийэрим саҕана ол отуубар күнүһүн чайдааччыбын. Сороҕор хонооччубун даҕаны. Оттоон бүттэхпинэ биирдэ дэриэбинэҕэ тахсабын. Тахсан да киирэ-тахса сылдьабын. Кустаабыта буолабын. Балыктаабыта буолабын. Отоннообута буолабын. Барыта кыралаан. Эбэҕэ оҕонньор тыыта сыппыт сиригэр аны мин тыым сытар.
Үүтээммэр тиийээт сып-сап хомунан кытылга киирдим. Хатыҥ аннынан кииртим уонча чөркөөкү уста сылдьаллар. Хоһулатан ытан үһү уонна көтүүгэ биири хааллардым. Бу билиҥҥи кэмҥэ бултуйуу. Кэлин кус сыл аайы аччаан иһэр. Уруккуга холоотоххо суоҕун тэҥэ. Тыыннан киирэн кустарбын хомуйдум. Уонна үргүччү ииммэр уһуннум. Ыраах баҕайы курдук эттим. Дьиҥэр тыы тахсартан сүүсчэ миэтэрэлээх сиргэ үтүллэн сытар. Кытай илимэ баар буолуоҕуттан дьон бары балыксыт буолан турар. Ол иһигэр мин. Түөрдуоннаах илимҥэ добуоччу тутааччы. Бу да сырыыга биэһуончаны араардым. Моторуһан бэрт балыктар.
Отууга тахсан уонча собону хатырыктаан буһара уурдум. Кустарбын эмиэ үргээн буһара уурдум.
Санаабар бүгүн Өлөөнө кэлиэ диэн эрэнэ күүтэбин. Былырыынҥы кэлэ сылдьыбыт Өлөөнө буоларын саарбахтаабаппын. Биир дьиктиргиирим бачча кэлэн баран тоҕо дэриэбинэҕэ тахсыбатаҕар, көрдөөбөтөҕөр.

  • Чэ, бүгүн ыйытыллыа – диэн саҥа таһааран санаабын түмүктээтим.

Киэһээнҥэ дылы бириэмэ ыраах, онон аһаан баран отууга киирэн өттүгэстээтим. Түһээн Өлөөнөнү көрдүм. Ыллыы-ыллыы ходуһа устун хаама сылдьар. Олус үөрбүт көрүҥнээх. Миигин көрөн:

  • Доор күн тахсарын көрсөр инибит? – диэн ыйытар.
  • Көрсөн доҕоор, аны куруук көрсүөхпүт – диибин.
  • Үчүгэйиэн! Үөрдэхпиэн! - диир саҥатыттан уһуктан кэллим.

Урут хаһан да түүлбэр киирбэт этэ. Түүлбүн санаан олус үөрдүм. Кэлиэ диэн эрэлим өссө күүһүрэргэ дылы буолла. Бу кэмнэргэ мин олохпор кыргыттар суохтара диэтэххэ сымыйа буолуо. Бааллара. Ол эрэн уһаабаттара. Арааста Өлөөнөҕө тэҥнээн чугаһаппат быһыылааҕым. Көстүбүттэрин курдук тыаһа ууһа суох сүтэллэрэ. Ол уонтан тахса сыллааҕы үс хонуктаах тапталым мүлтүйүөхтээҕэр өссө күүһүрэн, сытыырхайан иһэрэ. Ону билэн сүтээ эрдэхтэрэ... Бириэмэ билигин да эрдэ эбит. Күн билигин да үөһэ турар. Ону-маны гыммыта буолан баран эмиэ отууга киирэн сыттым. Ол сытан эмиэ утуйан хааллым.

  • Доҕоор, кэллим дии – диэн саҥаттан уһуктан кэллим.

Харахпын арыйтым Өлөөнөм кэлэн олорор. Олох уруккутун курдук. Мичээрдиир. Хайдах эрэ бу уһун сыллар ааспатахтарын курдук. Били ааспыт салҕыытын курдук. Итэҕэйбэккэ көрө сыттым.

  • Доор кускун буһардыҥ дуо? Айаннаан аччыктаатым аҕай – диэтэ мичээрдии-мичээрдии.

Дьэ бэттэх кэллим. Олоро биэрдим. Илитин туппутум сып-сылаас. Ил эбит!

  • Буһаран – диэн баран кууһа түстүм.

Өөр да өр куустуһан олордубут. Сэгэрбин ахтыбыт да эбиппин. Өлөөнө хараҕын уута тохтообокко субуллар. Бэл мин уйадыйдым. Элбэхтик оҥорон көрөрүм да маннык көрсүөхпүт дии санаабат этим. Наһаа да ахтыспыт эбиппит.

  • Доор куспутун сиибит дуо? – диэбитигэр өйдөнөн күөспүн киллэрдим.

Дьэ, уоскуйан, аһыы олорон ааспыт олохпутун кэпсэттибит.

  • Мантан бараат үөрэххэ умса түспүтүм – диэн Өлөөнө кэпсээнин саҕалаата.
  • Үөрэхпин бүтэрэн биир хоту улууска анаммытым. Үс сыл үлэлиэхтээҕим. Биирдэ командиовкаҕа Дьокуускайга кэлэ сылдьан уулуссаҕа оҕонньорбун көрсө түспүтүм. Холуочук этэ. Дэлби үөхпүтэ. Уонна арахсарга сөбүлэҥмин биэрбэппин диэбитэ. Быыһыгар төнүн диэн ааттаһар курдуга. Быыһыгар милииссийэннэн көрдөтүөх буолара. Быыһыгар көссүүгүнэн кырбаппытыҥ да диирэ. Мин куттанан саҥарбат да, хамсаабат да буолан биир сиргэ тэпсэҥнии турбутум. Хата биир ааһан иһэр киһи көмүскэһэн нэһииччэ төлөрүйбүтүм. Үс сылым бүппүтэ да дойду сиргэ кэлиэхпин куттанарым. Уонна эн үөрэнэ сылдьарыҥ. Били сайылыкка эн одноклассницаҕын кытта дьүөгэлэспитим. Кинилиин суруйсабыт. Онон эн тускунан истэ сылдьабын. Сурукка эн тускунан суруллубут буоллаҕына олус үөрэрим. Хаста да суруйаары гына-гына туттунарым. Арба, үлэбинэн кыһайан партияҕа ылтара. Онон арахсарым эмиэ бобуу курдуга. Киһибиттэн куттанарым даҕаны. Ханна баарбын биллэҕинэ сүгүннүө суоҕа дии саныырым. Эйигин эрэ көрүөхпүн баҕарарым. Били эн эппиккин куруук саныырым. “Сороҕор биир көрүү сөп буолар эбит. Бу күннэргэ эйигиннэн эрэ сырыттым” – диэбиккин куруук саныыбын. Мин эмиэ ити үс күн иһигэр сүрэхпин сүүттэрбитим. Онтум олоҕум тухара эбит. Куруук бу кытыл, хатыҥ санаабар баар буолара. Партия суох буолбутугар дьэ өйдөнөн суукка биэрбитим. Арахсарга. Онтум дьэ быһаарылынна. Ол киһим былыыр хаста да ыал буола сылдьыбыт эбит. Сууттаһаат сонно үлэбиттэн уурайан дойдубун быстым. Кэлтим уонча хонно – диэтэ.
  • Доор былырыын манна кэлэ сылдьыбатаҕыҥ дуо?
  • Суох. Сыл аайы бу кэмҥэ олус муунтуйабын. Былырыын олох кэлэ сыыспытым. Арыый туттуммутум.
  • Онтон былырыын ким эрэ кэлэн хонон барбыт суола баара. Ону эйигин кэлэ сылдьыбыт дии санаабытым – диибин.
  • Биир эмит булчут хонон ааста ини. Эбэтэр бэриэччитим кэлэ сырыттаҕа – дии дии күлэн лаһыгыратар.

Өлөөнө киһи эрэ ымсыырыах курдук, ис киирбэхтик, күлэн лаһыгыратар.

  • Бэриэччит диэбиккэ дылы маарыын манна сытан түһээбитим. Онно эн ыллыы-ыллыы утары хааман иһэриҥ – диибин.
  • Ынтах сырыттахпына дьүөгэлэрим бэриэччиттээх эбиккин диэччилэр. Мин итэҕэйээччим суох.
  • Кырдьык баар быһыылаах.

Аһаан баран хатыҥмыт анныгар киирэн олордубут. Ахтыспыт дууһалар таптал уотугар ыга куустуспутунан ыстаннахпыт ол. Хараҥарбытыгар отуубутугар киирэн хоннубут. Отууга да ырай баар буолар эбит. Сарсыарда, эмиэ уруккубут курдук, куустуспутунан күн тахсарын көрүстүбүт. Бу аан дойдуга биһиги курдук дьоллоох дьон суоҕа буолуо. Өлөөнө биһикки ыллыкпыт аны арахсыбаттыы биир суолга киирдэ. Аны биһи иннибитигэр мэһэй суох.

  • Сарсыарда саһарҕа тыгыыта
    Киириэхпит Бүлүүбүт биэрэгэр,
    Саҥа күн саҕахха тахсарын
    Өр да өр одуулаан туруохпут!
  • диэн иэйэн-куойан туран ыллыыбыт.

Кытылга саҕаламмыт таптал салҕыы салҕанар. Дьылҕа хаан тардыыта күүстээх!
Күн тахсан эбэҕэ сөтүөлээт сардаҥаларын сарбынньахтарын ыскайдыы оонньоон барда.

Эбэҕэ эн хаампыт кытылгар
Күһүммүт эргийдэ хаһыҥнаан,
Эмиэ дьэ хатыҥнар саһаран
Сэбирдэх көмнөҕүн ыстылар.

Эн биһи көрсүһэр хатыҥмыт
Тулаайах тураахтыыр кытылга,
Аттыгар баай хатыҥ турбута
Былырыын биир тыалга суулбута.

Билэбин эн аны хатыҥҥа
Миигинниин көрсүһэ кэлбэккин,
Сылаастык мичээрдээн-мичийэн:
"Дорообо доҕоччуок!" - диэбэккин.

Олохпут суоллара арахсан
Ойуттан түспүтэ тапталбыт,
Хатыҥҥа ыйаабыт былаатыҥ
Уоттуйан күл буолан көппүтэ.

Эбэҕэ эн хаампыт кытылгар
Күһүммүт эргийдэ хаһыҥнаан,
Эн биһи көрсүһэр хатыҥмыт
Тулаайах тураахтыыр
кытылга.

Хомустан

Ыҥыраар эн миигин бэйэҕэр
Ыҥыраар доҕоччуок, ыҥыраар,
Ыҥыраар бэйэҕин уҥуордаан,
Ыҥыраар дьон сиитин туораанҥын.

Ыҥыраар сарсыарда эрдэлээн
Күн уота түннүккэр тыгыыта,
Ыҥыраар киэһэтин күн киирэн
Таһырдьа хараҥа буолуута.

Ыҥыраар хомойбут кэмнэргэр
Ыар санаа ыгыта кууһуута,
Ыҥыраар дууһаҕын ытыктыы
Тыал түһэн ытыйан барыыта.

Ыҥыраар үөрүүгүн үллэстэ
Дьоро кэм тосхойор кэмигэр,
Ыҥыраар көннөрү да күҥҥэ
Оһоххор чаанньыгын тэбиитэ.

Хомустан

Утары көрөбүн астына -
Көрбөтөх ыраатан буолуо дуо,
Эн эмиэ утары көрөҕүн -
Үөрүүнэн сыдьаайа хараҕыҥ.

Көрөбүн мичээрдиир уостаргын -
Ууруохпун-уулуохпун баҕара,
Эн эмиэ мин диэки сылаастык -
Эйэргии көрөҕүн үөрбүттүү.

“Сэгэрим дорообо!” – диэбитэ -
Мин хаппыт-хатырбыт уостарым,
Эн эмиэ уостарыҥ ибирдээн -
“Дорообо доҕоччуок!” – диэбитиҥ.

“Аҕынным даҕаны!” – диэбитэ -
Муунтуйбут-мунчаарбыт мин дууһам,
“Мин эмиэ!” – диэбитэ үөрүүннэн
Элэккэй-тулаайах эн дууһаҥ.

Уостарбын-уостаргар холбуубун –
Уостубат кутааннан умайа,
Эн эмиэ уостарыҥ сэгэйэн –
Уотунан хаарыйдыҥ уостарбын.

Туруоруом сарсыарда эрдэлээн
Күн тахсар сарыала кыыһыыта,
Илиҥҥи саҕахтан саҕалаан
Саһарҕа былыкка тыгыыта.

Киириэхпит кытылга сиик кэһэн
Саҥа күн тахсарын одуулуу,
Астына-дуоһуйа истиэхпит
Алааспыт уһуктар сиккиэрин.

Тииттэрбит төбөтүн сырдатан
Күн тахсан күлүмнүү сыдьаайыа,
Эбэҕэ умсаахтаан сөтүөлээт
Алгыстаах айанҥа аттаныа.

Сардаҥа кыымнара түһүүтэ
Саҥа күн тойуга дьиэрэйиэ,
Түүнҥү сиик сыһыыга сандааран
Дьэрэкээн дьэргэлгэн дьиримниэ.

Туруоруом сарсыарда эрдэлээн
Күн тахсар сарыала кыыһыыта,
Хайаан да уһуктаар биэбэкээм -
Киириэхпит кытылга сиик кэһэн.

Хомустан

Добавить комментарий