Кэпсээ
Войти Регистрация

Маайыс кистэлэҥэ

Главная / Кэпсээ / Маайыс кистэлэҥэ

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
17ч назад
3k 0

An image to describe postАвтор: Дайыына - 16 июля 17:41

    "Маша,кытаат,уерэххэ киир"-диэн Толя илиитин биэрдэ.Мария ,эти хааны эймэнитэр куустээх ыарыы тииьиттэн уьуктан кэлэн,ити туул буолбутуттан,Толяны туьээн кербутуттэн,им иьиттэн хомойдо.Халлаан сырдыахча буолбут,аттыгар кэргэнэ Михаил холкутук тыынан утуйа сытар.Абытайдаах ыарыытын тулуйан,ынчыгын кыатана сатыы,сатыы аттыгар турар туумьага илиитин уунан икки таблетканы айагар уран,иьин ханас еттун аргыый имэрийэ сытта...

    Оччолорго Маайыс оскуоланы бутэрэн,улэ-производство диэн ынырыынан оройуон биир кырыы учаастагар ыанньыксыттыы сылдьара.Кинилэр выпустарыттан хасда уол,кыыс,барыта уонтан тахса эдэр ыччат,ыарахан улэ диэн чагыйбакка,бары кургуемунэн уерэ-кете,ыллыы туойа улэлииллэрэ.Маайыс оскуола эрдэгиттэн дэгиттэр спортсменка буолар хайыьарга,волейболга,баскетбол на колхозах,ону ааьан оройуонун чиэьин кемускуур улахан оройуон суумэрдэммит хамаандатын чилиэнэ этэ.

    Элбэх курэхтэьиилэргэ кыттара сорогор улэтигэр да моьуоктуура,хата управляющайдара,бэйэтэ уруккута спортсмен киьи ейдеен,солбук булан,туох да улахан моргуор суох буолара.

    Ол саас хайыьарга оройуон курэхтэьиитигэр кыттаары оройуон киинигэр киирэн бэлэмнэнэ,дьарыктана сылдьара.Субуотага,сааскы ылааны Кун,атын нэьилиэктэртэн киирбит кыргыттары кытта болдьоспут сирдэригэр керсен,бачча учугэй Кун уьуннук дьарыктаныахха диэн оностон,хайыьардарын кэтэн,киэн Эбэгэ киирдилэр.Кунускэ дылы сылдьан баран,Маайыс туспут ыалыгар киирэн,куе-дьаа кэпсэтэн,кулэн-уерэн,аьаан-сиэн тахсаннар,мантан киэьэ аны сыырдаах сирдэринэн сылдьыахха диэн субэлэьэн,Эбэ илин сыырын диэки туьунэн бистилэр.

    Кыргыттар,сыыры тахсан,аа-дьуо анньынан иьэн кербуттэрэ,куел урдугэр хаарга оголор булумахтаьа сылдьаллар.Чугаьаабыттара:оголор буолбатах,эдэр уолаттар эбит.Бэйэ-бэйэлэрин кытта тустан,сотору-сотору хаарга Бургас гыналлар.-Ээй,кыргыттар беге иьэллэр,уолаттаар,тохтоон,сынньаныаххайын-сытыы,хотуу уол хаьыытаата.

    Антах согус,биир уол кинилэргэ ойогоьунан,атагын урдугэр олорон,сыыр бэтэрээ еттугэр хаарга Кун Уота чагылыччы тыган дьиримниирин болгомтолоохтук одуулаьа олорор.Уолаттар сэргэхсийии ,кулсуу-салсыы беге буоллулар-кыргыттары биир-биир кынастаьан кере турдулар.

    Билсэн,биьиэххэйин,кыргыттаар-биьи эмиэ эти курдук,таьырдьа сылыйбычча,бу дьарыктана сылдьабыт. -Мин бу Пронябын,бу Слава,Володя,Ваня....сытыы уол салгыы билиьиннэртээн барда.-Люба,Зина,Шура,Дуня.......Уолаттар сэргэхсийии беге,Хас биирдии кыыс аатын эттэгин аайы керуу-истии кытаанага.Маайыс,саамай кэнникинэн илиитин уунна,Хас да уолМашаттан харахтарын араарбакка одуулаьа Туран хаалбыттарыттан бэйэтэ да кыбыьынна,дьуегэлэриттэн да симитиннэ.

    Маайыс,кулэ сылдьар саьархайдыны киэн харахтаах,айылга анаан биэрбит тупсагай быьыылаах-таьаалаах,куллэгинэ иэдэьигэр баар ямочкалара таххан кэлэллэр,оскуола да санаттан уолаттар киниэхэ аьары болгомто ууралларыттан,ардыгар сылайар даганы.Дойдутугар тапталга билинии суруктара Хас да чымыдаан сытар,билигин улэлиир учаастагар кинини эрэ кердербун диэччи Хас да уол баар,олортон Афоня букатын Кини таьыттан арахпакка сылдьар.Маайыс,тырымнаан,кулэн,-уерэн,элбэх уол сурэгин билиэн ылбыт киьи,бугун да уолаттар кинини болгомто киинигэр ылалларыгар букатын саарбахтаабат этэ.

    Ол гынан баран,Кини,кырдьагас вал уьус оголоро,кыыс ого сыанабыла диэни урдуктук тутара-бачча 19сааьыгар диэри биирдэ уоллуун сыллаьа,куустуьа илик,сурэгэ таптаан биир да уолу тала илик.-Хайа,Толя,кэл,бачча кыраьыабай кыргыттар кытта билис диэбиттэригэр,били ойогоьунан олорор уол аргыый Туран хааман кэлбитигэр кербуттэрэ-аатыран,сурагыран туста сылдьар Толя Макаровтара илэ бэйэтинэн эбит.Кыргыттар кытта Илии тутуьан билистэ,анарааны уолаттар курдук одуулаьа барбата,Маайыс иьигэр багар миигин керуе диэн иьигэр эрэл санаалаах турбута баара-киьитэ элэс эрэ керен аьарда.

    Маайыс,хайдах эрэ Толяны кытта Илии тутуьаат,сурэгэ эппэннээн ылла,сурэгэ куускэ тэбэн ылара бэйэтигэр кытта иьиллэр курдук буолла.,сырдык сирэйигэр иэдэстэрэ кытаран тагыстылар.-Ьуу,туох айылаах утаттым,Ханна эрэ уута иьэн ааьыагын,кыргыттаар диэбитигэр уолаттар:биьигини кытта остулубуойга киирэн уута иьэн ааьын дэстилэр.

    Кыргыттар,хайыьардарын торуоскаларын ылан,биирдии биирдии остулуьуойдуур массыына суолугар киирдилэр.Уолаттар куннэрэ дьэ тагыста,тылынан эрийсии беге,киэьэ культура дьиэтигэр таансыга керсуеххэйин диэн ынырдылар.Толя эрэ тылынан халаастаспакка,дуоспуруннаах багайытык туттан иьэр.

    Столовойга киирбиттэригэр повардар сылаас чэйи биир биир тириппит кыргыттарга кутуталаан биэрдилэр.-Оо,тымныы уу суох дуу?-Маайыс ыйытта.-Ити сылаас уу аттыгар турар ээ,кырдьагас повар ыйан биэрээтин кытта Маайыс куопсугу хаба Тардан ылан,куруускага тыбыс тымныы ууну устэ букатын устэ техтуруйэн истэ.Бу кэмнэ сылаас чэй иьээри куопсугун баакка тиэрдэн эрэр Толя Маайыска-Куустээх сууруу,дьарык кэнниттэн,сылаас ууну,чэйи иьэр буолун диэтэ.Маайыс ,хантан билээхтиэй,ити тиритэн баран тутатына тымныы ууну иьэрэ,кэлин Кини доруобуйатыгар хайдах курдук охсууну оноруон.Хайыьардаан,тиритэн кэлэн баран тымныы ууну иьэрин букатын идэ оностоору гынна.

    Утахтарын ханнаран,уолаттары кытта киэьээ таансыга керсуех буолан,кыргыттар хайыьардарын кэтэн элэс гынан хааллылар.Киэьэ бары биир сиргэ тумсэн дьэ таансыларыгар тиийбиттэрэ,ыччат беге ункуулээн битийэ сылдьаллар эбит.Сана кэлбит дьон быьыытынан,дьэ оннуларын булууларын сагана маагыын билсибит уолаттара саалага кутуллан киирдилэр.Ункуу сагаламмытыгар уолаттар кыргыттар ынырбытынан бардылар,Маайыьы букатын икки еттуттэн ынырдылар.Биир моднай танастаах уолу кытта эргийэ сылдьан кердегунэ:Толя улага диэки анньыллыбыт кулууп ыскамыайкаларыгар,иккис эрээккэ,биир сааьыра барбыт,бинсээгин иьинэн спортивной мастерканы кэппит киьилиин кэпсэтэ олороллор.Бииргэ ункуулуу сылдьар уолуттан:-Хайа,бу сорохторгут олох даганы ыскамыайка сылыта кэлбиттэр дуу,диэн ыйыппытыгар:-Ээ,ити Толя ункуугэ сылдьааччыта суох,бугун,эьиэхэ,кыргыттарга эрэннэрбиппитин эрэ иьин кэллэ-диэн хардарда.

    Тургэн ункуу кэмигэр кербутэ-Толя били киьитинээн саалаттан таххан эрэллэр эбит-Маайыс тула барыта кураанахсыйан хаалла.-Бээрэ,бу бугун туох буоллум?Били кинини себулээн сурук суруйар уолаттар:"Эн баарын да,кулэн тырымныы сылдьарын да учугэй,Эйиигин кербетехпунэ кунум киирэн,тулам барыта саппагыран хаалар"-диэн элэ-была тылларын этэн суруйбуттара илэ-бааччы бэйэтигэр Тиийэн кэллэ буолбаат!!!

    Бу да киэьэ дьиэтигэр атаарыан багарааччы элбэгиттэн,бэйэтэ да сехте.Ункуу бутэн фойега тахсыбыттара,Толя таннан,били киьилиин аргыстаьан бараары тураллар эбит:"Чэ,уолаттар,этэннэ тиийээрин,кыргыттар ситиьиилээхтик курэхтэьээрин,покаларын,диэт таьырдьа тахсан бардылар.Маайыс хайдах этэ ис-иьиттэн кыйыттыах санаата кэллэ,дьиибэтин хаьан да маннык турукка киирэ илигэ,барыларыгар аккаастаан чугас олорор Шура кыыстыын аргыстаьан бардылар.Бу-кини аан бастаан атаарар уола суох барда.

    Сарсыарда залга керустулэр:кыргыттар кэпсээн-ипсээн беге:Хайа уол кими атаарбытын туьунан.Ол гынан,кэпсэтии тумугэр,бары киксибит курдук Толяны себулуу кербуттэр эбит.Маайыс тугу да санарбата.Хата,элбэх боку Булонь актах Маайыс туспут ыалыгар аараанна диэри Шуралыын,онтон соготогун барбытыттан бары да дьиктиргээтилэр.

    Шура кыыс-"Ити Толя олох ункуулээбэтэ дии диэбитигэр,сытыы тыллаах Зина кыыс-Ээ,ол согуруунан-хотунан сылдьар уол биьигини кербет буоллага,хата нуучча,омук кыргыттарын кытта Ункуу беге буолуо дии,дии кулэн лыьыгыраппытыгар,Маайыс сурэгэ куускэ кымыстаан ылла.

    Хайыьар курэхтэьиитигэр,Хас да оройуон хамаандатын кэннилэригэр хаалларан,кыргыттар хамаандалара бастаан,Республикага курэхтэьэ киирэр буолла,уеруу-кетуу баьаам.Маайыс,бугун ис-иьиттэн эрчимирэн Туран суурдэ,биэтэккэ кэлбиттэригэр ыччаттар,ол иьигэр бэгэьээнни уолаттар уруйдуу керустулэр,онно Толя суогун керен курус гына тустэ.

    Маайыс,туспут эдьиийин аахха тиийэн,бараары малын-салын хомуна сылдьан,истиэнэгэ тоього иилиллибит элбэх Кыым,Эдэр коммунист,Соц Якутия,оройуон хаьыаттары ылан керутэлээтэ:бай даа,Толя хаартыската барыларыгар баар эбит.Эдьиийиттэн,спорта сыьыаннаагы мунньабын диэн ыйытан,Толя хаартыскалардаах хаьыаттары бэрт кичэллээхтик суулаан суумкатыгар уктан бистэ.

    Киэьэ курэхтэспит ыччаттары грузовой массыына улэлиир учаастактарыгар илдьэн биэрдэ.Маайыс Ким да суогуна хаартыскалары кырыйталаан ылан,тэтэрээт илииьинэн хахтаан баран кытыытын урун сабынан тиктэ уонна сыттыгын анныгар укта.Бу Кини кимнэ да эппэтэх Кистэлэнэ буолла.

    Улэ Кун ахсын тэтимнээхтик барар,ыччаттар субуота киэьээ Ункуу тэрийэн,арааьынай оонньуулары ыытан аралдьыйаллар.Дьэ,икки сыл дуогабардаьан улэлээбиттэрэ бутэрэ чугаьаан иьэриттэн бары да астыналлар,иллэн кэмнэригэр уерэххэ бэлэмнэнэллэр,кургуемунэн урдук уерэххэ киирбит киьи диэн былааннаахтар,сорохтор согуруу,сорохтор университекка араас идэлэргэ.

    Маай бырааьынньыга ааьан,ыьыахтар бутэн,уерэххэ документов туттарар кэмнэрэ чугаьаата,отделение салалтата документов туттараргытыгар кырдьагас ыанньыксыттарынан солбуттарыахпыт,согуруу барбат,маннаагы университекка туттарсааччылар,хаьан уерэххэ киирбиккит биллиэр,сана оголор кэлиэхтэригэр улэлээн диэн кердеспутун,ылыннылар.

    Маайыс документов туттара,экзаменнарын билсэ куораттыыр буолла.От ыйа сагаланан,куйаастар туьэн эрэллэр.Куоракка аймахтарыгар тустэ,СГУга экзаменнара от ыйын ортотугар буолар буолан,докумен туттараат,теннербуолла.Аймара дьахтар кырдьагас таайбар кэьии диэн биир чымыдааны тириэрт диэн биэрдэ.Ендетен кербутэ:ыарахан багайы эбит.чэ хайдах соьон-сыьан илдьэр инибин дии санаата.Еруьу трамвайынан туораан,чымыдаанын биир саастаах дьахтар таьыгар,кере тураар диэн туруоран ,дойдутугар барар массыынаны ыйыталаьа суурдэ.Хата,оройуонугар тиийэр массыынаны тургэнник булла,чымыдаанын агаларыгар кемелеьуннэрээри кузова олорор дьону керутэлээбитэ,уксэ сааьырбыт дьахталлар,оголор,биир саастаах огонньор киьи бааллар эбит.

    Бэйэм да агалар инибин диэн чымыдаанын сосуьан,массыынатыгар илдьэн иьэн,сынньанан тура баран,тенкейен ылан эрдэгинэ,эмискэ куустээх Илии чымыдаанын сиртэн кетеген ылла,Маайыс соьуйан Кене тустэ,били ылбыт киьилиин уун-утары кермен,харахтара харсыьан ыллылар.

    Мэктиэтигэр соьуйан тыына хааттара сыста,тун-тан барда-иннигэр Толя турар эбит.-Дорообо,Маша сылдьар эбиккин дуу,хайыьардьыт кыыс-Толя мучук гынна.-Ээ,мин,мин.-Маайыс соьуччута бэрдиттэн,эппэт кэлэгэй,таппат тардыас курдук буолла,Бэл куемэйэ хаппыт курдук-нэьиилэ итини ыган таьаарда.,-Хантан иьэгин?-Толя массыына диэки баран иьэн ыйыталаста.-Уерэххэ докумуон туттардым.-Онтон,эн?-хата биир боппуруоьу нэьиилэ толкуйдаан таьаарда-бу элбэх уол сурэгин сууйбут,харагын хатаабыт саха кырасыабай кыыьа.-Мин курэхтэьииттэн,дойдубар сынньана баран иьэбин,онтон эмиэ дьарыктана барыахтаахпын-Толя хардарда.Ити икки ардыгар массыынага кэлэ огустулар.Толя бэрт сымсатык,чэпчэкитик чымыдааны кузовка уунна,огонньор киьи чымыдааны сулбу Тардан иьэн эмискэ хаьыытыы тустэ:Хайаа,Толя Макаров илэ бэйэгинэн турар эбиккин буолбаат,огобут биьигини кыайыыларгынан уертун даганы,уердэрин ессе иннигэр турдага,араадьыйа манааччылар буоллахпыт биьи дии-дии астыммыт,уербут харахтарынан Толяны имэрийэ кере-кере.Дьахталлар эмиэ айманыы беге буоллулар:Огобут,кытаат-дэстилэр.Толя Маайыска эргиллэн:"Маша,кытаат,уерэххэ киир,хайаан уерэхтээх киьи буол "- диэн баран Илии тутуста.Чэ,пока,кинилэр массыыналарын кэннигэр ойогостуу турар массыынатыгар хардыылаан иьэн-Бу,эйиэхэ,кере сылдьар диэн баран,спортивнай кестуумун туеьугэр анньына сылдьар ,ханнык этэ куорат ааттаах значогун Маайыска уунна,уонна эргиллэн массыынага суурэ турда.

Маайыс,кузовка тахсан,кытыы,оннун булан олордо.Толялаах хара кузовтаах,от куегэ кабиналаах массыыналара собуоттанан,хоннон эрдэгинэ кузовтан ус хара тураах хаагыргаабытынан,Кётен даллаахтаьан тагыстылар."Аата дьиибэтин ,хантан кэлэн хааллахтарай диэн кыыс соьуйа керде.Массыыналара кинилэр массыыналарын аттынан ааьан истэгинэ Толя туннугу аьан далбаатаата,сэмэйдик мучук гынан ылла.Бары ойон туран далбаатаьыы беге буоллулар.Массыына буору кудээритэн Майалыыр аартыкка киирэн кестубэт буолла....

Ити массыынаны кытта Маайыс бу сиргэ тереен керсубут сурэгин саамай кунду ейдебулэ букатыннаатык барбытын курдук санаан,кыыс харага сиигирэн бараары гыммытыгар-Айыы даганы бу туох буоллум,аны хаьан да кербекке дылы,ессе да керсуехпут буоллага,багар,мин уерэххэ киирдэхпинэ-ити хорсун санаатыттан бэйэтэ да кыбыьынна.Толя биэрбит значогун,ханнык да алмаастаагар,кемустээгэр кундутук санаан,Кини илиитин сылааьа хаалбыта буолуо диэбиттии имэрийэн баран,плаьын иьинэн,кофтатыгар анньан бистэ,Айан былаьын дерун-дерун аргыый агай имэрийэ олордо.Оо,олох учугэйгин даганы,бугунну Кун киниэхэ суду уерууну бэлэхтээбититтэн ис иьиттэн мичийдэ.Соготого эбитэ буоллар,дууьатын уеруутун ойон туран-Тыыннаах диэн учугэй даганы диэн хаьыытаан таьаарыа эбит.

Толя,бу кэмнэ,уьун сылаалаах дьарыктан,элбэх курэхтэьииттэн,салгана турар айантан сылааьа киирэн нухарыйан киирэн барда:ол олорон туьээтэгинэ:сардааналар быыстарыттан быыстарыгар бу биэрэккэ керсубут кыыьа Маша сылдьар эбит.Толя диэки кэлэ сатыы,сатыы тугу этэ аллараа илиитинэн ыйар,Толя онно суурэн тиийбитэ,икки ардыларыгар Дирин чуемпэ ченеруйэн сытар эбит,Машаа билигин ыстанан эйиэхэ тиийиэм диэн баран ыстанна да букатын чуемпэ тугэгин диэки курулуу турбутуттан соьуйан агай уьугунна,суоппар-Тугуй,Толя куьаган туулу туьээтин дуу,хаьыытаан ыллын диэтэ.Салгыы,ити туох туулэ буоллагай,аата куьаганын диэн иьигэр саныы олордо.Кыыс диэни уйэтигэр туьээн керен илик бэйэтэ бугун,ити Машаны туьээтэгэ уьу.Дьарыктанарыттан,кэлииттэн -барыыттан ордон биир да кыыска утары хардыы оноро илик,дьининэн кыргыттар кинини кэрэхсээьин ,телефон бегете да,бу миэнэ диэн биир да кыыьы таба кербутэ суох.Хата,табаарыстара сырыы ахсын санаттан-сана кыыьы кытта билсибиттэрэ этэ баар,онтон Кини?Хата,бугун биэрэккэ Машаны керсен,кыыс долгуйбут сирэйин,тэтэрбит иэдэстэрин керен ,бу суолу быта кинини санаабыта,туулгэ кытта кеьуннэ дии.Уолаттар,бу саас Машаны керен баран,уеьээ-,аллараа тыыныы беге этилэр,харса суох атаакалаан баран,кыыс уолаттары олох дистанцияга илдьэ сылдьарын,кыраныыссаны кэстэрбэтин,тебе да элбэх уол болгомтотугар сырыттар,кытаанагын билэн тохтообуттара.Арай,мин Машаны кытта билистэхпинэ?Элбэх омук бухатыырын будуруппут уол дохсун санаата итиннэ кэлэн сыппаан биэрдэ,ол эрээри ,ол эрээри,куьун уерэххэ киирдэгинэ баран керсер эбиппин диэн хорсун санаа ылыммытыттан мучук гынан мичээрдээн ылла.Иннигэр ахтылганнаах дойдутун киэн дуола кеьуннэ.

Маайыс,улэлиир сиригэр айаннаан тиийбитигэр,солбуйа хаалбыт Киристиинэ,тургэнник да Кэллин диэбитигэр,экзамен бу ый ортото буолар эбит-ол иьин тенуннум диэтэ.Бииргэ улэлиир оголоро Маайыс олус настарыанньалаах,уерэн-кетен кэлбитигэр,багалаах уерэгэр киирээри,онтон олус уерэр быьылаах диэн сабагалаатылар.Киэьээ волейболлуур площадкага кэлбит ыччаттар Маайыс иьэрин керен,биир туспа уеруу буоллулар.Хайа хамаандага Маайыс киирэр да-ол хамаанда хотор.Бугун бастаан уолаттар уолаттары,кыргыттар кыргыттар,онтон кыыс,уол буолан анардаьан кииристилэр.Маайыс тырыбынайыы берете,кыраьыабай бэйэтэ ессе тупсан,кэрэтийэн хаалбыкка дылы.Биир да мээчиги аьарбакка быьыы да быьыы,Бэл уолаттары баьыйыах курдук.Ол быыьыгар Маайыьы уора-кесте кынастаьар бокулуонньуктара,кыыьы сеге-махтайа,ойогостон одуулаьа,били этэргэ дылы харахтарын сымната турдулар.Бугун,колхоз центрыттан,сайын аайы аймахтарыгар тахсан сайылыыр,нууччалыы учугэйдик санаран,сырдык сирэйдээх,уьун курбуу унуохтаах Тима диэн уол кэлэн мээчиктии сылдьар эбит.Тима бэйэтин билиммит,кыыс беге тебетун эргиппит уол былырыын сайыннаттан Маайыска инээннээн кэлэрин бары билэллэр.Ол эрээри кыыс того эрэ бу куорат уолун олох кэрэхсээбэт этэ,кеннеру кэпсэтэн ылара.Маайыс,кэлбит мээчиккэ,ере кете туьэн,биир быьыыны онорон баран,эргиллэн иьэн кофтатын уолугун харбаммыта-били значога мэлигир.

-Оголор,значокпун туьэрэн биспиппин,кердуеххэйин эрэ диэбитигэр кыыстыын-уоллуун бары кердеен тенкеннестулэр.-Ураа!!!Бугун миэхэ Баарт тосхойдо-дьэ Красавица Мария,один поцелуй,и значок-эйиэнэ диэн баран Тима,уьун бэйэтэ илиитин ессе уеьээ уунан,значогу кеечуктээтэ.Маайыс-Тима ,значогу баьаалыста биэриий дии,дии атагын тебетугэр Туран уол значоктаах илиитигэр тиийэ сатаата да,хантан тиийиэй?!.-Эппиппин толордоххуна эрэ значоккун ылыан дии,дии-Тима ,билигин кыыс миигин ууруо диэн,ис иьиттэн астынан,салгыы кеечуктуу труда.Маайыс,елеребут да диэтэхтэринэ,эйиигин сыллыа суохпун диэбитигэр:Тима кырасыабай сирэйэ тута ханньайан хаалла-тииьин быыьынан сыыйан-Ишь ты какая?Бу значогу баара суога,ити,бу урэх ненуе МАС кэрдэ нууччалар бэлэхтээбиттэр эйиэхэ диэн эрдэгинэ-Маайыс харага харанара тустэ да-Ытыьынан уолу иэдэскэ сырбаппытын бэйэтэ да билбэккэ хаалла.Куустээх улэттэн,эрчиллииттэн кытааппыт кыыс эрчимнээх илиитэ уол манан сирэйигэр кып-кыьыл улахан бээтинэни хаалларда.Тима кыбдьырына-кыбдьырына значогу уьуктаах бачыынкатын тинилэгинэн сиргэ тэбистэ ити икки ардыгар.Кыыс утары ыстанан эрдэ эрдэгинэ,Афоня Тиманы биир куустээх охсуунан умса биэрэн туьэрдэ.Сирэйэ,танаьа буор буолбут Тима,тэбэнэ туран-Дьэ,эьиги да буолун,куоракка керсер тугэммитигэр-кэпсэтии атын буолуо диэн саана-саана чугастаагы келукэ диэки бара труда.Кэнниттэн Тиманы бутэйдии таптаан сордонор ,бурэ дьуьуннээх,мелтех харахтаах Еля кыыс саппай уобуста.Буорга сытар значогу Афоня тэбээн,сотон Маайыска ууммута:Кэннин хатанара алдьанан туьэн хаалбыт.Маайыс наьаа хомойон,харагыттан уу-хаар тахса,тахса значогу илиитин иьигэр ыга тутан баран,кыргыттар олорор уопсайдарын диэки суурэ турда.Площадкага оонньуу уота-куеьэ умуллан,сыыйа таргаьыы буолла.Уолаттар кыргыттары олорор уопсайдарыгар атаара агалан биэрэн,уопсай аттыгар бары ону-маны кэпсэппитэ булла олордулар.Маайыс тааска уу кутан,хаьаайыстыбаннай мыыла,тирээпкэ,маарыла таьааран значогун ер да ер сууйда,кураанах маарыланан кичэйэн сотто.Аны туеьугэр кэтэ сылдьыбатын санаан,дэлби хомойдо,ол гынан баран наар бэйэбин кытта уктан илдьэ сылдьыыьыкпын дии санаата.Сотору согус аттынаагы тыаттан сурдээх хатан часкыыр иьилиннэ,ойон Туран бары ол диэки сырсыы буолла.Тиийэн кербуттэрэ догоор:Тима ырбаахыта суох сыгынньах,Елялэрин баттагыттан соьон,талах кэннин диэки соьо сылдьар эбит.Уолаттар ыстанан тиийэн Еляни Тиматтан былдьаан ыллылар.-Кыргыттар антах диэки баран биэрин,билигин кытаанах кэпсэтии буолуо диэтилэр уолаттар.Балайда буолаат Тима тыаттан тахсан ,сыыр урдугэр турар мотоциклын собуоттаан кэлбит суолунан бара труда.-Дьэ,аны хаьан да биьи диэки сирэйин тутуо суох буолан,тобуктаан олорон кердесте-ааттаста,элэ-была тылын этэ дэстилэр уолаттар.Еля эрэйдээх таах ибигирии олорор,аттыгар олорор Маайыска:Эьиги быыьаабатаххыт буоллар,сиэ эбит.Тас эрэ етте кыраьыабай-иьэ бутуннуу цен хаата эбит диэхтээтэ.

От ыйын ортото бу
Олан,сир-дойду торолуйа ситэн,сибэккинэн киэркэйэн ахан турар.Сир аьа беге ууннэ.Чагылхай куннээх халлаан ып-ыраас.Маайыс экзамен чугаьаан эмиэ куораттыыр буолла.Били"кистэлэннэрин":Толя хаартыскаларын,алдьаммыт значогун имэрийтэлээн ылла,сыа-сым курдук тутан суумкатыгар угунна.Бу саас Толяны керуегуттэн:Кини,мин аналым бу сылдьар диэн,сурэгэ куускэ тэбэн,баарын дьэ биллэрбитэ.Санаатыгар тула барыта кэрэ да кэрэ,истин да истин курдук.Толяны санаатагына сурэгэ эппэйэн ылар.Маайыс бэйэтин элбэх да уол таптаан,себулээн,билигин Кини сылдьар туругар киирэ сылдьыбыттарын санаатагына,аьынан да ылар.Эрдэ биир да уолга,бу Толяга курдук,сурэгэ эппэйбэтэгэ,ону Маайыс Дьылга Хааным Толяга харыстаан агалбыт эбит диэн бутэйдии махтанар.Толя буоллагына,холкутук,убай балтыгар этэрин курдук эппит агыйах тыллара,кулгаагар бу иьиллэ турар курдуктар.Дьинэр,Толя еттуттэн улахан суох курдук,арай ити значок бэлэхтээбитигэр,букатын уерэн еле сыспыта.Унуруун,иччэ сэргэстэьэ хааман иьэн,Маайыс чобуо бэйэтэ биир тыл кестубэккэ,сири кымыстыы испититтэн ,бэйэтэ да кэлэнэр.Анардастыы таптаан сордоно сылдьар дуу?Таптал сэмэй дииллэр,онтон Толя бэйэтэ ессе сэмэй киьи.Урут кыргыттары кытта сэкириэттэьэр бэйэтэ:бу Толяга иэйиитин икки атахха эппэккэ,туох эрэ кунду таас алдьанан хаалыа диэбиттии сурэгин тугэгэр биэбэйдии,ардыгар онтон эрэйдэнэн да ыла сырыттага бу.Ол эрээри,ол эрээри унуруун биэрэккэ керсуехтэриттэн,хантан эрэ биьиги хайаан да керсуехпут диэн эрэллээх санаа инэн хаалла дии,Толя миигин туох дии саныыра буолла диэн кистэлэн санаатыттан,Бэл бэйэтэ сылдьан,сирэйэ кытаран кэлэр.Керустэхпинэ оннук кэпсэтиэм ,маннык кэпсэтиэм диэн ейугэр онорон керер да ,тирээн кэллэгинэ эмиэ бутэн-оьон,атыны эрдэммин,туораттан кердеххе букатын анала анардаах кыыс курдук кестерум буолуо диэн,Маайыс бэйэтиттэн бэйэтэ кэлэнэр.

Куоракка,дьонугар тиийэн сып-сап уларыттан,суунан тараанан университета тиийэн расписаниены кербутэ:экзамен сарсын 2 чаастан буолар эбит.Теттеру тиийэн,пара биьлиотекаттан уларсыьыт кинигэлэрин ороон,холкутук бэлэмнэнэр гына былааннанна.Иннигэр Толя хаартыскаларын имэрийэн баран остуолна аагарын быыьыгар кере олордо:бу кэмнэргэ киирэн бэлэмнэнэ барыахтаахпын диэбитэ дии,багар,багар эмиэ соьуччу керсе туьуехтэрэ дии,ол санааттан сурэгэр сып-сылаас суурээн биллэн ааста.

Балачча хойукка дылы ааган,бэлиэтэнэн баран сытта.Туун баттатан эрэй берегу керде,дьинэр утуйа сытан баттатар диэни уйэтигэр билэ илигэ.Дэлби эрэйдэнэн нуктаан иьэн сурэгэ дэлби хамсаан,тыына хааттара сыьан олорор тустэ.Хайдах,хайдах буоллум диэн,тыын ылан уьуутуу олордо,сурэгэ оннугар туспэт,биир Кэм ере мехсер.Бу олорон кердегунэ,били бэлэмнэнэ олорон кере олорбут Толя хаартыскалара суох,остуолга кинигэлэрин сыгарытан керде,остуол аннын енейбутэ,онно сытар эбит.Арааьа,оносто Туран ,покрывалоны остуолга уурбута,онно сыгаллан туспут.Хаартысканы илиитигэр ылла:Толя санаатыгар хайдах эрэ хомойбуттуу керен олорор эбит.-Бырастыы,гын ,Толя- диэн баран хаартысканы оронугар,сурэгэр туттан сытта да,аанньа утуйбата.Эрдэ багайы Туран,дьонун кытта чэйдээн,иьит сууйан баран,чэ тугу гына сылдьыахпыный,эрдэ киирэн,багар биир эмиэ иллэн аудитория баар буоллагына,ессе хатылыам диэн быьаарынна.Маайыс,Сайсаартан куоракка киирэр автобуска олорсон айаннаан иьэр,бугун экзамен,Кини бэйэтигэр олох эрэх турах,хайаан да туттарыам диэн настройкалаах.Инники эрээккэ олорор саха огонньоро-"Оо,хаарыан ого бараахтаабыт,дьэ аба да эбит"-диэбитин кулгаагын уьугунан истэн хаалла.Ол огонньор аттыгар олорор саха дьахталлара-"Иэдээн эбит"дэьэллэриттэн,Хайа эрэ билэр киьилэрэ олохтон бардага-аата бачча учугэй кэмнэ диэн санаан аьарда.

Университет остановкатыгар туьэн,суолу туораан,главный корпуска чугаьаабыта,киьи беге,Онон манан элбэхтии буолан тугу эрэ кууруулээхтик кэпсэтэллэр.-Хайа,бу,Тугуй?!-Икки уол харахтарын соттон ытыы тураллар,экзамена проваллаан ытастахтара дуу диэн саныах курдук буолан эрдэгинэ,белуехсэн турар дьон хаьыаты уларсыьа сылдьан кереллер эбит,ессе Толя Макаров диэн билэр аата иьиллэн ааспытыттан соьуйан ол хаьыаттаах дьонно чугаьаан кэлбитэ:сирэйдэрэ-харахтара дэлби салбагыран,ытаабыт сирэйдэр кеьуннулэр.Сурэгэ дьиктитик нуелуйэн,аллараа баттаан,куускэ да куускэ мехсен ылла.-Туох баарый,ити хаьыакка?-бутэн хаалбыт куолаьынан ыйытта.-Тоойуом,били аатырбыт тустуукпут Толя Макаров барахсан былагайга былдьаммыт диэн эрдэхтэринэ-харага харанаран,атага былаат курдук буолан-байааттаннаан ылла.Хаьыакка Толя хара араамка кытыылаах хаартыската бэчээттэммитэ,ыраата-ыраата чугаьаата.

Биир дьахтар Маайыьы тонологуттан ейеен чугас турар ыскамыайкага илдьэн олорто:-Оо,эьиги,ыччаттар буолумнагыт ,онноогор биьиги,саастаахтар иэдэйдибит биир саната иьилиннэ.Кыыс тыына хаайтарыах курдук буолан,уьуутуу-уьуутуу олордо,тула дьоннор бары даганы бу ыар сурахтан долгуйан,Кини туругун ейдеен кербетулэр.Маайыс ер багайы таастыйан,биир сири одуулаан олордо.Биирдэ ейдеебутэ-кунус буолбут.-Арба,экзаменнаах этим дуу,-атагын нэьиилэ соьон,салбыннаан главный корпус иккис этээьигэр ер айаннаан,нэьиилэ тагыста.Уруккута эбитэ буоллар,Кини спортсмен киьи,сууруунэн,агыйахта уктэнэн тахсыа этэ.Тебете букатын ***-хаа курдук,Толя...Толя...Толя......Хайдах итиннигий диэнтэн ордугу тугу да толкуйдаабат буолла.Аудитория таьыгар тогуоруьан турар абитуриеннары иьирдьэ киллэртээн,билет ылларан олордуталаан,экзамен сагаланна.Экзамен тутааччы,нуучча дьахтара,туннук аттыгар олорор саха кыыьа ылбыт билиэтин тобулу одуулаан,тугу да бэлиэтэммэккэ олорорун керен-Время идет-диэн сэрэттэ.Сотору утуу-субуу тахсан эппиэттээн оголор таххан истилэр,саамай бутэьик Маайыс хаалла.Экзаменатор-Пора диэбитигэр Иннигэр тиийэн олордо.Тутааччы тётя эппиэт кэтэьэ сатаан баран"Вы,что,не готовы что ли диэбитигэр,кыыс тебетун ендетен кэгис гынна.-Тогда,приходите в следующем году ,девушка-диэбитигэр ,кыыс харагыттан уу саккырыы тустэ да,ойон Туран аудиторияттан суурэн тагыста.Тугу да ейдеебетех экзаменатор кыыьы кэнниттэн соьуйбут харагынан кере хаалла.

Маайыс,главный корпустан тахсан,корпус ойогоьун диэки уунэн турар талах мастар быыстарыгар киирдэ,хата манна Ким да суох эбит,онно дьэ теле баран кыатана сатыы-сатыы ,маккыраччы ытаата.Того Толя?Того Кини?Того? Того?Того?!!!Дэлби ытаан,арыый кэнээн,Сайсаарга туспут эдьиийигэр сатыы барарга быьаарынна.Бу тыыннаагын,сурэгэ тэбэрин тухары умнубат ыар кунугэр,эдэркээн сурэгэр биэбэйдии сылдьар ,кимиэхэ да эппэтэх истин иэйиитин былдьаппыт ынырык кэмигэр,,ологун саамай уьун,кутурганнаах,дууьа кыланыылаах суолугар атагын нэьиилэ соьон хааман иьэр,дэлби ытаабыт кырасыабай кыыьы ааьар дьон дьиктиргээн кэннилэрин хайыьа,хайыьа кереллер.Толяны атаарса барарым дуу диэн санаа киирэн иьэн,саха кыыьын килбик майгыта баьыйан,кимэ буолан кэллим диэхпиний,бэйэм анаан сибэкки уура,кэпсэтэ таххыыьыкпын дии санаата.Ити кэпсэтэ диэн билигин да итэгэйбэккэ сылдьар буолан толкуйа,аны киьи беге баар буолан,кэпсэтэрбин истиэхтэрэ диэн хааьы буолбут ейунэн,илэй-балай толкуйдаан ылла.Толя барахсан аанньал курдук буолан кыыс бегете себулуу,таптыы кердехтере дии,мин эрэ буолуо дуо?атын да кыргыттар беге кэлиэхтэрэ диэн санаан ылла.Ити курдук айаннаан,букатын киэьэлик,Кун киириитэ эдьиийин аагы булла.

Эдьиийэ,маагыын сарсыарда кулэн-уерэн,тырымнаан барбыт балтын оннугар,таастыйан хаалбыт,сааьыра барбыт сирэйдэммит балтыта сукуннаан киирбитигэр"Экзаменнын проваллаатын дуу,тугуй диэн ыйыппытыгар,кыыс кэгис баран хоьугар паста,тахсан аьаабата.Арай хос иьигэр туттуна сатыы,сатыы ытыыр саганы истэн,эдьиийэ киирэн"Чэ,ничего,учугэйдик бэлэмнэнэн баран,эьиил да туттарыан буоллага диэн букатын атыны эрдэ турда.

Маайыс,бу тууну Толя хаартыскаларын кытта кэпсэтэ,хаартыска илийиэр дылы харагын уутун тогон хонно,харагын биирдэ Симэн ылбата,саатар биирдэ сиэттиьэн хаампыппыт буоллар дуу диэн олус харыатыйда.Сарсынны кунугэр Маайыс дойдулаата,унуоргу биэрэккэ,били Толя керсубут сирдэригэр тохтоон,багар тиийэн кэлээрэй диэбиттии,харагын быьа Симэн ыла ыла одууласта.Сурэгэр,туох эрэ тааьы ыга симпиттэрин курдук ,ыбыс-ыарахан.Улэлиир сиригэр,олорор уопсайыгар киирэн кэлбитигэр,дьуегэ кыргыттар улаханнык атыныраатылар:урукку,харахтара эдэр саас уотунан кулэ сылдьар,тырыбынаабыт,эрчимнээх ,кэрэчээн Маайыс оннугар,таастыйбыт сирэйдээх,еспут харахтаах,бытаарбыт букатын атын Маайыс турара.Угуьу,элбэги кэпсэппэккэ-Провааллаатым,Онон эьиилгэ дылы манна улэлиир буоллум диэт, хоьугар киирэн оронугар,токуллан сытан бистэ.Сарсыныгар ынахтарын тутан ыата ыы олорон тохтоон,еер ер олорор.Аны туунун сатаан утуйбакка,биир туспа эрэйи керде:Толя хаартыскаларын сурэгэр тутан Туун тахсан дьагдьайыар дылы хаамар.Бу сылдьан,Толяны билэр,санаа уллэстэр киьи баара буоллар,Кини туьунан кэпсэтэн арыый бэттэх кэлиэм этэ дии саныыр да,хантан манна суох буоллага.Кырдьагас ыанньыксыт Киристиинэ Маайыс ити уларыйбытын бэлиэтии керен,сурэгинэн кыыс олорор хаьан да ааспат,арахпат туох эрэ буолбутун сэрэйдэ.Туох буолуо диэн таайа сатаан баран,дэлби ырбыт,кубарыйбыт,мэктиэтигэр Кене бэйэтэ умса туттан хаамар Маайыьы бэйэтэ буемнээн ыныран кэпсэттэ-"Маайыс ыарытыйдын дуу,тугуй,эбэтэр,эбэтэр балаьыанньалааххын дуу диэн ыйытан соьутан,суулларан туьэрэн сыста.Кыыс суох диэн быьа илгистибитигэр-Дойдугар киирэн нэдиэлэ курдук сынньанан,аьаан тагыс,мин солбуйуом диэтэ.

Дойдутугар кырдьагас ийэлээх агатын кытта бырааттаах,балта бааллар.Улахаттар туьунан ыал буолан туспа сиргэ олороллор.Аралдьыйа таарыйа дьиэни уборкалаан,сууйан-сотон барда.Дьиэ урдун сууйа Туран,тохтоон эмиэ еер да ер тохтоон Туран ылар.Аьылык кэнниттэн ампаар ойогоьугар сытар бэрэбинэгэ ер олорор,уьуктаах маьынан сири хаьан Дирин онхойдору онорор.Урут Маайыс дойдутугар кэллэр эрэ,Кини хаьан кулуутэ,арааьынай тэбэнэтэ,ыччаттар Кутулла туьуулэрэ,киэьээтин волейбол мээчигин тибиргэс тыаьа барыта сэргэхсийии берегу таьаарара.Бу сырыыга кэлбитин да Ким да билбэт.Ийэтэ эмээхсин,кыыьа Дьиэ сууйа Туран сотору-сотору тохтоон ыларын,ыар санаага ылларбыттыы уьуутаан ыларын,бэрэбинэгэ нуксуччу туттан еер-ер олорорун,кубарыйбыт сирэйин,таххан хаалбыт иэдэьин кере сылдьан биир киэьэ кыыьа бэрэбинэгэ олордогуна,аргыый кэлэн аттыгар олорон баран намыын куолаьынан:"Маайыс,балаьыанньалааххын дуу,тугуй?Ийэ киьиэхэ кистээбэккэ этэн бис"-диэн эмиэ соьутан елере сыста.Маайыс истибитин итэгэйбэккэ,мэктиэтигэр ойон турда-"Ийээ,аата сурун- эрэ диэхтээтэ.Бу уол диэни кытта сыллаьыахтаагар буолуо,куустуьа да илик,сиэттиьэн да хаампатах кыыс огону,икки кырдьагас ийэ киксибит курдук ыйыппыттара,тугун сурэй?!Маайыс,ол аата наьаа да буорайдагым дии санаата,Толя суох буолуогуттан сиэркилэ диэннэ керунэ илик.

Дьиэтин сууйан бутэрэн,кунус ерускэ киирэн таххарым дуу ,кунус дьон эбиэтин бириэмэтигэр киириллиэ диэн Маайыс бэлэмнэнэн барда,бу сылдьан сиэркилэгэ куораттан кэлиэгиттэн сана керуннэ,уонна чуут хаьыытыы сыста,ама бу мин дуо диэн,сиэркилэттэн кинини кырыыламмыт муннулаах,кубархай,ырыган сирэйдээх,антах туьэн хаалбыт харах дьахтар киьи одуулуу турара,ол иьин да онноогор ийэм барахсан онно манна балыйа сылдьаахтыыр эбит буолбат.Сотторун,тапочкатын ылан,ерус диэки аргыый хаамта,хата кими да керсубэтэ,хата диэбиккэ дылы ,туох эрэ уоруйах киьиэхэ дылы буолан туьэммин дии санаата.Кытылга,буемчу сири булан,сыгынньахтанан,ууга киирэн дэлби уьаты,Туора,иттэннэри сытан харбаата,дуоьуйа серуун ууга сетуелээн,хамсанан ейе санаата дьайгарбыкка дылы буолла.Кытылга,тахсан кумахха улахан соттоп,тэлгэнэн баран Кун уотугар сыламныы сытан,учугэйдик утуйбакка сылдьара таайан,утуйан хаалла.Ол сытан :Толя-Машаа,кытаат,хайаан да уерэхтээх буол-илэ бааччы санарбытыттан уьуктан олордо биэрдэ.Кун аргаалаабыт,утуйан дэлби сынньаммыт.Киьи дууьата елбет дииллэрэ кырдьык буолуо,ити аата Толя миигин араначчылыы сырыттага диэн санаабытыттан кыыс хайдах эрэ сэргэхсийэн хаалла.Туран,хомунан ,дьиэтин диэки хаамта.Кыыьа ерустэн сэргэхсийэн,сырдаан кэлбититтэн уерэн,ийэтэ ытаргата эйэнэлээтэ.

Кемус 17 июля
Наьаваа учугэй кэпсээн 👍👍👍 автор олох дьиннээх буолбут курдук суруйбуккун. Харахпар онорон керебун. Онтон переживаниелар киьи дьиннээхтик таптална ылларбыт киьи эрэ инник суруйар. Бу дьиннээх олохтон дуо? Аатырбыт тустуук, эдэр сааьыгар суорума суолламмыт Сахаарча прототипа дуу дии санаатым. Аогаьыырым буолуо, 70-сылларга биьи суох буоллахпыт. Салгыытын эрэнэ куутэбит 🙏

Ити кэмнэ кыс МАС кэтэгэр,кыргыттар кулэн бычыгыраьаллар иьилиннэ,калитка ван тэлэллэ тустэ да аллар атастара,дьуегэлэрэТанялаах Варя бу баар булла тустулэр.-Хайыы,Маайыс кэлэн баран саьан сытар эбиккин дуу,ерустэн таххан иьэргин ыраахтан керен кэллибит дии Маайыьы одууластылар.Кыыс уларыйбыт сирэйин соьуйбуттуу керен иьэр Таня:-Тыы,бу кыыьы экзамен обургу быьар быьагаьын сотон барбыт дии,дии дэлби куллэ.Маайыс Туора керен кэбистэ.-Дьэ,инньэ гынан туох уерэгэр киирдин?-салгыы ыйыталаьан бардылар.,-Суох,киирбэтим,провааллаатым диэбитигэр,кыргыттар иккиэн тэбис тэннэ -"Провааллаатым даа,ол хайдах диэн хаьыытаьа тустулэр-Маайыс оскуола сагаттан кыахтаах уерэнээччилэр,оскуоланы агыйах туертээх ,уксэ биэьинэн бутэрбитэ,ону таьынан бутун оройуон суумэрдэммит хамаандатын чилиэнэ,сценаттан туспэт чуор куоластаах ырыаьыт,этэргэ дылы бары еттунэн дэгиттэр кыыс хайдах провааллаабыта хайдах да ейдеругэр батан киирбэтэ.Маайыс ,тууппулэтин тебетунэн сири тарыйан баран:Чэ,оннук буолан хаалла,чэ кыргыттар ити хааллын диэтэ.Кыргыттар,хата эн кэлбиккинэн,бугун икки хамаанданы туруоран,курэхтэьэбит дуо диэн ууйэ-хаайа туттулар.Маайыс курэхтэьэр турукка киириэ ыраагын билэр булан,иьигэр аралдьыйа таарыйа ойогоьуттан олорон керерум дуу диэн санаа киирэн эрдэгинэ,аны эмиэ онно-манна кутуруехтэрэ диэн санаа ону хам баттаан кэбистэ.Хаьан да сымыйалаабат бэйэтэ"урдэрдим дуу,хайдах,кыратык сылаабайдаабыппын,киэьээ эрдэ сытыам диэн аны сымыйалаан кубарытта.

Варя,бараары туран-Арба даганы,хаьан теннегун,Маайыс?Понедельникка-Оччого,бугун четверг дии,биьи сарсын сарсыарда агабынаан,мотоциклынан,аймахтарбытыгар биир окко кемелеье,биир Кун дьэдьэннии,........оройуонугар барабыт ээ(Варя Толя оройуонун ааттаата),бэттэгинэн быьа барар суоллаах,биьигини кытта барсагын дуо,Маайыс?Маайыс бэйэтэ ону иьигэр саныы сылдьар буолан,барсабын диэтэ.Чэ,сарсыарда,алтаттан айанныахпыт диэбитэ агам,бэлэм бу ол аата кыргыттар кэлбиттэрин курдук,тургэнник суох буоллулар.Маайыс,иьигэр хайаан да Толяны керсе (унуогар диэн тылы ыраагынан да чугаьаппат),тиийэ сылдьыах буолбут санаата буолан эрэриттэн дэлби сэргэхсийдэ.Варя дьонноро оройуон киинин анараа еттугэр олороллорун,кииннэ улахан эдьиийим аах олороллор диэн кэпсиириттэн билэр этэ.Бээрэ,мин оччого сарсын Толяны керсе Варя эдьиийин аахха хаалар эбиппин,онтон ейуун дьэдьэннэьиэм диэн былааннанан сып-сап хомунан,илдьэр малын бэлэмнэнэн,кедаларын сууйан куурдан ,били эрдэ сытыам диэбит киьилэрэ тубук бегеге тустэ,маагыын ерус кытыытыгар абыраллаахтык утуйан ылбыт эбит,ейе-санаата дьэнкэрэн,харага сырдаан сылдьар.Бэл,ол быыьыгар быраатын кытта тэлгэьэгэ турар теннис остуолугар кыратык теннистээтэ,ол сылдьан Оттон халтарыйан охтон туьэн быраата Кини охтубутуттан,ынырык багайы сирэйдэммитин керен ,уруккутун курдук хатаннык кулэн ылла.

Маайыс ус суол уларыттар танас угунна:айанныырыгар,дьэдьэннииригэр,уонна...уонна Толяны кытта керсеругэр,ерус биэрэгэр кэтэ сылдьыбыт танаьын.Ессе,багар сетуелуехпут диэн тапочкатын,сотторун ылла.Ити курдук барытын дьып-дьап оностон утуйаары олорон,Толя хаартыскатын ылан:суолбутугар эрэйдэммэккэ,ардахха баттаппакка этэннэ сылдьарбытыгар кемелес диэн санаатынан кердесте.Толя миигин хайаан да кэтэьэр ,куутэр буолуохтаах биир санаатын кытта кыыс дэлби тубугурбутуттэн сылайан бу киэьээ дэбигис утуйан хаалла.

Сарсыарда эрдэ Туран,ийэтин кытта иккиэйэгин,куеччэхтээх килиэп сии-сии чэйдээтилэр.Кырдьагас киьи,точнай беге буоллага,оруобуна алтага олбуордарын таьыгар матассыыкыл кэлэн тохтоото,Маайыс айанныыр танаьын,суумкатын ылан,ийээ,чэ,керсуеххэ дылы диэн баран тахсыбыта,коляскалаах матассыыкылга Варя кэлээскэтигэр олорбут,уьуен хардарыта дорооболоьон,Маайыс кэннигэр олорон айаннарын аартыгын туттулар.Соторутаагыта ардах туьэн,сорох сиргэ,тыс быыьынаагы суолларга анньа да сырыттылар,икки эдэр кыыс ону тулуппаттар,дьэ арыый киьилии суол кэлэн,тохтоло суох айаннаатылар.Бу айылга сыта-сымара учугэйин,бииртэн биир кэрэ кестуу кэлэн иьэр:сардааналаах хочолор,сибэкки арааьа,оол ыраах хайалар суьурумтуйан кестеллер.Балайда айаннаат,Варя агата,матассыыкылбытын сойута туьуеххэйин диэн тохтоппутугар,араас сибэкки бегете уунэн турар хонуутугар сынньанан олорон Варя,Маайыстара букатын сынньаммакка сибэкки беге хомуйан илдьэ кэлбит хаьыатыгар суулаан суумкатыгар укпутун керен-Аата бу кыыс,сибэкки сага дэлэй суогар дылы еруьустэгин диэн муодаргыы санаан баран,тугу да ыйыппата,хата бээьээ киэьээ ,мээчиктээн бутэн кэлэн истэгинэ,Ганя ситэн кэлэн аргыстаспытын,тугу кэпсэппиттэрин саныы олордо.Салгыы айаннаатылар:Маайыс бу кэрэ кестуулэри дуоьуйа кере иьэн,Толя дойдутугар айаннаан иьэриттэн,антах тиийэн бу хомуйбут сибэккилэрбинэн учугэй да учугэй венок оноруом,Кини сылдьыбыт,хаампыт сиригэр уктэнэриттэн сурэгин хам ыла сылдьар аьыыта-абата кыратык да буоллар,арыый мулуруйэн ылла.

Айанньыттар иннилэригэр,оройуон киинэ кеьуннэ,матассыыкыл урдук мыраантан чугас,киэн багайы хаптаьын олбуордаах дьиэгэ тохтоото.Маайыс айанын танаьын тэбэнэ Туран Варяга:"Мин бугун манна хаалыам,кере илик беьуэлэкпин хата,иллэнсийбиччэ керуем,онтон сарсын эьигини кытта дьэдьэннэьэ барыам - диэтэ.Дьиэгэ киирбиттэрэ,аьаан -Сиэн бутэн эрэр.ыаллар,хаттаан.остуол Тардан,кинилэри аьылыкка.ынырдылар.Дьиэлээх хаьаайын ,ьуу-ьаа.диэбит ыксаллаах багайы киьи быьылаах,Варя агатыгар -Бээьээ,дэриэбинэттэн.дьоммут матассыыкылынан.кэлэ сырыттылар,кэлэр нэдиэлэгэ ардах.кэлиэх курдук.,Онон бары.тиийэн.,субуотунньуктаан,бугулламмыт оту.барытын кэбиьэн кэбиьиэххэйин диэн бу.бугун.дьиэнэн Кеьен.бараары олоробут-диэтэ.Дьиэьитинэн Вася хаалыага,килиэби ,аьы-уелу быьаарыага диэн.буолла.Инньэ гынан ,рюкзактарыгар.ейуе-тайаа хааланан Дьиэ кэргэн.бары:турбут уолаттардыын,агалыын-ийэлиин,Варялаахтыын бараары хомунан киирэн бардылар.Варя Маайыьы ыныран ылан,тэлгэьэ аргаа еттугэр турар улахан ампаар диэки илдьэн,ол таьыгар сылдьар эдэр уолга:"Бу Маайыс-мин дьуегэм,бугун иллэнсийдэххинэ ,хата беьуелэги кердереер эрэ,аьатаар,сарсын биьигини кытта дьэдьэннэьэ барсыа,-Онтон Маайыска ,бу Вася-быраатым,художественнайга уерэнэр,сайынын кэлэн уруьуйдуур,хартыыната элбэх-диэтэ.

Маайыс Васяттан уу,таас истикилээнкэ ыйыталаьан ,били илдьэ кэлбит сибэккилэрин кыратык ууга туруора туьэргэ сананна.Ампаар таьынаагы лаабыска ,кумаагы тэлгэтиллибитин урдугэр,Кун уотугар хатарылла турар хартыыналары Маайыс кэрэхсээн аргыый агай кэрийэ сылдьан керутэлээтэ,аттыгар сылдьар Вася-Ити бу куннэргэ бутэртэлээбит улэлэрим диэтэ.Салгыы Васялыын ампаарга киирдилэр:Манна эмиэ хартыына беге баар эбит.Вася олорон,киистэтин ылан биир уруьуйу кырааскалаабытынан барда,Маайыс эмиэ аа-дьуо уруьуйдары кэрийэн керутэлии сырытта,биир олус учугэйдик уруьайдыммыт ,киьи олох харагын араарыа суох курдук,ессе кыраьыабай багайы араамаламмыт хартыынаны ер багайы одуулаата,Вася ону керен сирэйэ -харага сырдаан,мичилийэн ойон кэлэн Маайыска:"Бу догор кыыспар,Люсябар,анаан уруьуйдаабыт хартыынам,Кини кэлэр нэдиэлэгэ кэлиэхтээх"- диэн.ис-иьиттэн ессе сырдаан Туран эттэ."Догор Кыыспар..." ити ис-истэн истинник иэйэн этиллибит тылтан,Маайыс сурэгэ "аьый" гынан ылла- онтон,онтон Кини догоро суох......соготох туруйа буоллага-Маайыс ити хартыынаттан тэйэн атын уруьуйга сыгарыйда...

Кыыс,хартыыналары керен истэ,онтон ити хартыыналартан арыый иьирдьэ турар,Урдук стойкага ининнэриллэн баран,боростуой харандааьынан уруьуйдаммыт,кыратык кырааскаланан иьэн тохтообут уруьуйу урдунэн керен иьэн тохтоон тонолуппакка одуулаата,хайдах-хайдагый,мин маннык кестууну Ханна кербуппунуй диэн,чугаьаан боростуой харандааьынан тардыллыбыты кынастаста,сыыр,Дьиэ,сыыры дабайан эрэр хайыьардьыт,аллараа куел омоонноро баар курдук.Бай,даа аны хайыьардьыппыт баттахтаах эбит дуу(Маайыс хайыьардыырыгар баттагын эмиэ икки аны ерунэн баран баайыы бэргэьэ кэтэн биьээччи),Онон олох аймагын курдук керде.-"Вася,онтон бу хартыына того ситэриллибэккэ турарый?диэн кынастаспытын кубулуппакка Туран.Арай,ер харда эппиэт иьиллибэтэгиттэн.эргиллэн кербутэ-Вася.киистэтин ууран,икки тонолохторун тобугар ууран,икки илиитин сутуруктарын сууьугэр ейеен , умса керен олорор эбит.

Билигин агай,кулэ-уерэ хартыыналарын кердертуу сылдьыбыт уол,эмискэ уларыйан хаалбытын,Маайыс муодаргыы.кере турда.Кэмниэ -кэнэгэс,уол бетен ыла-ыла-"Ити хартыынаны сакаастаабыт киьи-аны суох,хаьан да ити хартыынаны кербет диэн хардарда.Маайыс,миэхэгэ дылы чугастык саныыр киьитин сутэрэн бу курутуйа олордого диэн уолу бэйэтигэр чугастык ылынан,хайдах эрэ уолу аралдьыппыт киьи диэн"Кини кырдьагас киьи этэ дуо?-уолтан ыйытта.Вася,умса туттан олорорун кубулуппакка:Суох,мин олох чугас табаарыьым,саха сирэйдээх барыта киэн туттар ,себулуур уола -Толя Макаров диэн этэ,эн да бука Кини аатын истибитин буолуо?- диэбитигэр Маайыс кулгаага"чун" гына тустэ,били ,главный корпус таьыгар,Толя суох буолбутун истибит бастакы мунуутэтин курдук турукка киирэн,дейбут курдук турда.Биирдэрэ олорон,биирдэрэ Туран ,уу-чуумпу Балайда буруукээтэ.Маайыс ити хартыына аттыгар тоьоголоммут курдук,хам харагаланан турда.

Бу Туран били улэлиир учаастагар ыар сурагы истэн кэлэн,тууннэри утуйбакка сылдьан,оо Толяны билэр биир эмэ киьи аттыбар баар буолбаат ээ диэн санаабыт санаатын,арааьа танара истэн кемелестеге буолуо,Онон бу Васяны кытта тиксиьиннэрдэгэ дии санаата.Вася,арыый уоскуйан ,олоппоьугар кенен,бу Кини сутэрбит табаарыьын олох билбэт кыыс,Кини санаата ытылларын ейдеен ,бэйэтэ эмиэ тэннэ долгуйсан,ыйыппыттыы керен,,,, турар эдьиийэ дьуегэтэ кыыска туьаайан"Бэйэбин хайдах эрэ буруйдаах курдук сананабын,ити хартыынаны Тардан,ер онорбуппар,багар эрдэ буппутэ буоллар багар,багар Кини баар буолуо этэ,бутэрин кэтэьэ сылдьан ити буолан хааллага...хайдах гынарым буолла ити уруьуйбун?-Маайыс эмиэ ейе дьэнкэрэн,эргиллэн хартыынаны имэрийэн уонна сорунуулаахтык Вася диэки хайыьан баран аргыый"Вася,онтон бу хартыынаны мин...мин ылыахпын син дуо?-Мин эмиэ хайыьардааччыбын ээ...Уол,уербуттуу олоппоьуттан ойон Туран"Маша,сепке да толкуйдаатын,ити хартыына сиппэтэгиттэн,кере-керебун,Кун аайы санаага баттатабын,ону маны санаан илиим олох тиийбэт буолбута,оччого билигин начаас кырааскалаан,Кун уотугар куурда ууран,хатаран сарсын киэьээ дьэдьэннээн кэлэн иьэн ылан ааьыан этэ буоллага дии дии хартыынаны бэттэх кетеген агалан баран,кырааскаларын керутэлээн,бэрийтэлээн барда.Ити сылдьан чаьыытын кереет"Оо,магаьыын аьыллара буолбут,бээ мин килиэп Инин ыла барыахтаахпын,сууруунэн онно баран кэлэн баран,улэбин сагалыыьыкпын-диэтэ.Маайыс,ис иьиттэн ити хартыына тургэнник бутэрэ буоллар ыксыыр курдук,ол иьин-"Вася,онтон килиэпкэ мин баран кэллэхпинэ,эн кырааскалаабытынан бар ээ,уонна таарыччы беьуелэги да керуем этэ диэбитигэр Вася себулэьэн,дьиэгэ суурэн киирэн ус килиэптэ,кэнсиэрбэтэ ылаар диэн,арааьата ийэтин лааппыга илдьэ сылдьар,лоскуйдартан аттарыллыбыт суумкатын уонна харчы биэрэн,олбуор таьыгар тахсан"магаьыыммыт балачча ыраах,хаама туьэрин буолуо дии,дии кыыска суолун ыйан биэрдэ.

Маайыс,Вася ыйан биэрбит суолун устун тулатын кере кере хааман истэ,уулуссага от кэмэ буолан,киьи суеьу кестубэт,ол иьэн бу Уулуссаларынан Толя элбэхтик хаамтага,бу салгынынан элбэхтик да тыыннага дии санаан,бу дойду киниэхэ олус кунду,чугас буолан кеьуннэ.Салгыны эгирийэн ыла,ыла куускэ тыынна.Тохтоон ,дьиэлэри керутэлээн ,ыраах турар хайалары одуулаьан,оол ыраах сытар еруьу,моонньун уьата уьата керен,Балайда ер айаннаан магаьыыныгар тиийэн кэллэ.Манна да киьи суох курдук,агыйах эмээхсин килиэп ыла кэлбиттэр.Маайыс эмээхситтэр кэннилэриттэн килиэп,кэнсиэрбэ ыларын этэн баран,харчытын ууммутугар барадабыас дьахтар бу дойдуга сана кестубут кыыьы сонургаабыттыы одуулаьа-одуулаьа ,эппит бородуукталарын прилавокка ууран биэрбитин суумкатын уктан,тахсан кэлбит суолун устун,эмиэ тулатын кере-кере теттеру айаннаата.Син.Балайда.хааман Васялаахха тиийэн,агалбыт бородууктатын дьиэгэ киллэрэн,остуолга уурда,серуун ууттан куттан иьэн баран,тахсан ампаар диэки хаамта.Ампаар иьигэр Вася киниэхэ кехсунэн олорон уруьуйдуу олороругар аттыгар киирэн турда.Уол уруьуйдуу олорор хартыынатын керен иьэн,эмискэ хайдах эрэ буолла,куемэйин туох эрэ буелуу аста,бэйэтэ кэнэс харагын мунунан керде,тебетугэр бу уол ойуун дуу,гипнозтаах дуу диэн санаа элэс охсуллан ааста :уол хартыынага киэн эбэ куелу кытта,хайыьардаах кыыьы уруьуйдаан бутэрбит:бу,бу Кини танаьын,эн хантан биллин диэн нэьиилэ ыган ыйытта:Хартыынага уут-укчу бу саас курэхтэьиигэ бэлэмнэнэ сылдьан,били Толялаагы керселлеругэр Кини кэппит танаьын кэппит хайыьардаах кыыс сыыры дабайан эрэрэ.Вася,ити хартыынага уруьуйдаммыт кыыс танаьын керен того наьаа итинник.долгуйдагай диэн иьигэр.муодаргыы саныы саныы маннык диэтэ:Толя сынньанан кэлбит кунугэр киэьээ ыччаттары кытта мээчиктэьэ сылдьан миигин буемнээн ыныран баран:Вася ,эн миэхэ хартыына уруьуйдуон дуо,мин илдьэ барыам этэ,биир киьиэхэ биэриэм этэ диэбитэ.Ону тугу уруьуйдатагын диэбитигэр бу хартыынаны тылынан уруьуйдаан биэрбитэ:Чагылхай куннээх Кун,Киэн Эбэ,сыыр урдугэр тэйиччи кестер оскуола уонна сыыры хайыьарынан дабайан эрэр аранас еннеех помпончиктаах баайыы бэргэьэлээх,харага куех спортивнай ыстааннаах,эмиэ.харана куех туруору сагалаах,туеьугэр уонна кехсугэр урун табалардаах баайыы сибиитирэлээх,баттагын икки аны еруммут кыыьы уруьуйдаар диэбитэ.Табаарыьым,агыйах саналаагын билэр буоламмын,ити ымпыктаан-чымпыктаан эппитигэр.бэйэм соьуйбутум...

Маайыс ,ити Туран бу хартыына киниэхэ анаммытын сурэгинэн Сэрэйдэ ,хайдах эрэ иэгэннээн ылан баран Вася олорор олоппоьун аттыгар турар олоппоско лах гына олордо тустэ да ,умса туьэн илиитинэн сирэйин саба туттан маккыраччы ытаабытынан барда.Ол быыьыгар:итини билбитим буоллар,аата биир сылаас тылы эппэтэгим ,багар баар буолуо этэ....диэн сибээьэ суох тыллары санарталаата.Вася аттыгар олорон ,олус соьуйан ,тугу да ейдеебекке,бу ытаан сордоно олорор кыыьы,ойогоьуттан мээнэнэн кере олордо.Ити олорон тебеге огустарбыттыы Маша,хайыьардьыт кыыс -итини Ханна эрэ истибитим ээ,Ханна?Эмискэ Толяны атаарар куннэригэр олбуор таьыгар,Толя манна бэстилиэнэй айаннаан кэлиитигэр илдьэ кэлбит кырдьагас суоппар ,кинилэргэ-Толя табаарыстарыгар,Толя аара суолга утуйа олорон,тугу эрэ.туьээн кыратык хаьыытаан ылбытын-Маша-Маша дэтэлээбитин кэпсээбитин,ол Туран чугас эргиннэ оннук ааттаах кыыс суогун,ол хайалара буоллагай диэн тебетун сыспытын,атаарса кэлбит билбэт кыргыттары,итилэртэн хайалара буоллагай диэн одууласпытын,табаарыьа хайыьардьыт кыыьы уруьуйдаар эрэ диэн сакаастаспытын саныы биэрдэ уонна этинэн-хаанынан,сурэгинэн бу ытыы олорор кыыс ол Маша буоларын сэрэйдэ.Агыйах хонуктаагыта бу ампаарга хатана сытан бэйэтэ хас да хонукка хайдах курдук сордоммутун ейдеен,бу кыыс билинни туругун дууьатынан ,сурэгинэн ылынан,хайдах да уосутуон билбэккэ ,Туран,кыыс.олоппоьун,кэннигэр,ойогоьугар таах далланалыы сырытта.Бу сылдьан кинилэр хайдах курдук барсар,кырасыабай паара буолуохтара этэй,бэйэ-бэйэлэригэр эрэ ананан этиэхтээх тылларын эппэккэ арахсыбыттарын,бэйэтэ да билбэккэ уруьуйдаабыт хартыыната кинилэри холбуохтаага уруьуйдаммакка хаалбытын саныы-саныы,устунан эмиэ уйадыйан олоппоьугар кэлэн олордо туьээт маккыраччы ытаата.

Бэйэ бэйэлэриттэн кыбыстыбакка,тардыммакка кэккэлэьэ олорон дэлби ытаан,тыыннара тахсан ,арыый уоскуйан,олоппосторуттан Туран ,таьырдьа субуруьан тахсан тымныы уунан ер сирэйдэрин суунан,кэнээн,дьиэгэ киирэн чэй сылыттан иьэн,торуой Сиэн баран эмиэ ампаардарыгар тагыстылар.Кинилэр кестубэт ситиминэн бэйэ-бэйэлэригэр эдьиийдии -бырааттыы курдук чугаьастылар.Вася,олоппоьугар олорон,хартыынатын ситэрэрдии чугата тарта.-Машаа-диэн эдьиийин ынырарын курдук сымнагастык кыыьы ыныран.баран-Онтон бу эн билэр сиргин уруьуйдуур буоллагым,миэхэ ол сири туох ханан турарын,быьыытын чопчу этэрин буоллар диэтэ.Маайыс хартыынага чугаьаан-бу Дьиэ маннык быьыылаах,сыыр итинэн киириилээх...энин этитэлээбитин Вася кеннерен биэрдэ.-Уонна Куну улахан,Чагылхай гынаар-диэн кердесте.Ити курдук били муннаахтар муоралаабыттар диэбиттэринии,ытаьан-соноьон ,субэлэьэн,кеннерен,хартыыналарын онорон ,береен бутэрдилэр.Тумугэр,оруобуна бу сааскы Толялыын керсубут куннэрин олох чопчу санатар ,тыыннаах хартыына буолан тахсыбытыттан,Маайыс дэлби уердэ,Кини уербутуттэн Вася мичээрдии-мичээрдии хартыынатын дуоьуйа керен олордо.

Вася,хартыынаны сэрэммиттии тутан,таьааран лаабыс урдугэр турар хартыыналары кытта сэргэстэьэ хатара туруоран бистэ.Маайыс ,истикилээнкэ турар сибэкилэри Ороон уутун тэбээн,сахсыйан куннэ сарагыта уурда.Дьиэгэ киирэн танаьын уларыттар,били ерус биэрэгэр кэппит танаьын кэтэн,Васяга чугаьаан кэлэн-"Онтон Толя,Ханна ?(кемуллэн диэн тылы сатаан таьаарбата),ыйыппыттыы кербутугэр,уол тута ейдеен "Мантан чугас Мыраанна,билигин барыахпыт диэн баран,эмиэ дьиэгэ Танас уларытта киирдэ.Маайыс,сибэккилэрин биир-биир бэрийэн,сурдээгин кыьанан олорон,Сурэх курдук быьыылаах,венок онорон таьаарда.Уоллаах,кыыс тахсан Мыраан диэки бара турдулар.Урдук да Мыраан эбит,Маайыс тахсан иьэн,суьуегэ меген,хаста да будуруйтэлээн ылан,Васяттан тутуьан ылла.Хайыьардыы сылдьан,урдук сыырдары холкутук дабайарын санаан,мелтеебут да эбиппин дии санаата.Олус элбэх венок ууруллубутуттан,ыраахтан кестен турар сиргэ чуо тиийэн кэллилэр.Вася веноктары кеннертелеен,тэпсэнэлии туьэн баран,бу тугэннэ Уьус киьи наадата ейдуур буолан кыыска-" Маша,эн манна теье багарар сырыт,миигин кэтэьиэ диэн ыксаама,мин Мыраан тэллэгэр олоруом диэн баран аллараа туьэн киирэн барда.

Маайыс,урут кыра сылдьан ,эьэтин эрэ кемуутугэр сылдьыбыта,онно агыйах эрэ венок баарын кербут буолан,бу олус элбэх,урут-уеьэ уллэччи кыстаммыт веноктары чагыйа керде,ону тэнэ наьаа элбэх киьи сылдьан тэпсибит суоллара хаалбытын.Веногун,сурэгэр тутан,аргыый,сэрэнэн томтойо сытар буорга чугаьаата.Толя"-Хайа,Кэллин дуу диэбиттии кербут хаартыскатын Балайда ер тонолуппакка одуулаата.Дууьалыын,сурэхтиин айманан,били кырдьагас ыал огото буолан,дьонноро елбут киьиэхэ,Кини унуогар наьаа харах уутун тогор Айыы,барбыт киьи дууьата ыарыргатар диэни истэ улааппыт буолан,тиийэн кэлэ турар харагын уутун хайдах эрэ кыатаммыт киьи дии саныы тураахтаата.Тенкейен веногун буорга ууран,салгыы томтойбут буор аттыгар олорунан бистэ-"Иьит эрэ,Толя,мин кэллим ээ,кэлбэтэ диэннин,хомойбутун буолуо диэтэ буору имэрийэ-имэрийэ.Бу олорон салгыы,хайдах кинини бу саас хайыьардыы сылдьан кереет да таптаабытын,онтукатын хайдах да сатаан тыл таьааран эппэтэгин,Кини хаартыскаларын еруу укта сылдьан имэрийэ сылдьыбытын,ерус биэрэгэр керсен биир сылаас тылы тобулан эппэтэх абаккатын,кинини сутэрбит ынырыктаах кунугэр ,ону уллэстэр биир киьитэ суох буолан,бэйэтигэр бугэ сылдьан хайдах курдук айманан сордоммутун,танара дуу,туох дуу кеметунэн Кини табаарыьын Васяны керсен,ытаан-соноон тыынын таьааран кэнээбитин,киниэхэ анаммыт ,дьылгатын быьаарыахтаах хартыына тиксэриллибэккэ хаалбыт хомолтотун,кыыс ого буолан тереен билбит истин-иэйиитин тыыннаагын тухары сурэгэр илдьэ сылдьыагын:,барытын-барытын туерэ кистээбэккэ,тыыннаах киьиэхэ киьиэхэ кэпсиир курдук,уйадыйан ыла-ыла ,Толя хаартыскатын керен олорон ер да ер кэпсээтэ.Санаатыгар,Толя хаартыскаттан кинини наьаа болгомтолоохтук истэр курдук,чэ,кытаатан биэриий дииргэ дылы.Кыыс Туран,танаьын тэбэнэн баран,эмиэ Толя хаартыскатыгар туьаайан-"Бу кэлэн,эйиигин кытта кэпсэтэн аата дууьам уоскуйдагын,олох миэхэ Эрэн:Эн эппитин курдук Хайаан да урдук уерэххэ киириэм,олоххо,сырдыкка тардыьыам,Эйиигин хаьан да туьэн биэриэм суога,эйиэхэ кэлэн,кэпсэтэн ааьар буолуо диэн баран,буору ессе тегул имэрийэн ылан,хаартысканы умнан биьиэм диэбиттии ер одуулаьан баран,эргиллэн аргыый хааман аллараа туьэн турда.Кэннигэр,элбэх венок быыьыгар ,Кини хаалларбыт Сурэх быьыылаах кыра венога,ала-чуо,бэлиэтик кестен сытта.

Маайыс,мыраантан туьэн,аллараа Вася,кэтэх тардыстан нухарыйан сытарын,сиэгиттэн Тардан уьугуннаран,Туран,дьиэлэрин диэки хаамыстылар.Вася,кыыс сирэйэ сырдаабытын,бэйэтэ кэнээбит курдук буолбутун керен эгди буолла.Дьиэлэригэр тиийэн суунан-тараанан ,киэьээнни аьылыгы буьаран баран,иккиэн чэйдии олордулар.Бу кылгас кэмнэ кэргэнниьэн хаалан,бэйэ бэйэлэриттэн тугу да кистэспэккэ кэпсэттилэр.Уксун Вася кэпсиир:Люсятын кытта эьиил ыал буолан сыбаайбалыахтаахтарын быктаран ааста.Люся.,дьининэн бу ый бутуутэ практикага барыахтаагын,кэлин диэки кеьеттерен Васятыгар,бу ыарахан кэмигэр ейебул буолаары кэлэр нэдиэлэгэ кэлээри сылдьар эбит.Уол сып-сап туттан,тургэн улугэрдик ас астыы охсубутун керен Маайыс"Люсяга абыраллаах кэргэн буолсу диэн иьигэр сыаналаата,кинилэр олохторугар хаьан да ыар,куьаган куннэр буолбаттарыгар,ис-иьиттэн багарда.

Иккиэн да элбэх оголоох ыалга уескээбит буолан,эрдэттэн улэгэ эриллэн улааппыт кыыстаах ,уол аьаан бутэн,иьиттэрин имири хомуру сууйан сотон,дьиэлэрин хомуйан,киэьээ хойут от кэбиьэн кэлиэхтээх дьонноругар эбии ас буьаран,сарсын дьэдьэннии барарга илдьиллиэхтээги,ыагыйатыгар тиийэ бэлэмнии охсон,улэлэрин умурутэн,таьырдьа тахсыбыттара,аны ынахтар кэлэн маныраьа тураллар эбит.Вася,танаьын уларыттан,биэдэрэлэрин хомуйан,хотонно тахсардыы бэлэмнэннэ,Маайыс-Вася миэхэ ити танаста ,саппыкыта биэр,иккиэн тахсыахха диэбитигэр,кехеге ыйанан турар ийэтин халаатын уунна,саппыкыны ыйда.Эмиийдэрэ санньылыйыар диэри ыанньыйбыт ынахтар,аа-дьуо хааман,бэьиэн,хотонно киирэн,бааллан турар ньирэйдэрин аттыларыгар чопчу тиийэн туруталаан бистилэр.Маайыс,ынахтарын дэлби ахтыбыт эбит,Васяга-Эн ньирэйдэри ыытааччы,тардааччы буол, мин ыам-диэтэ.Вася бастакы ньирэйи ыытан ,эмнэрэн,тардаатын кытта,Маайыс олоппоско олоро туьээт ыан курулаппытынан барда.Хата,ынахтар олох атыныраьа суох,сымнагастар эбит.Вася кыратыттан ынахха сыстагас киьи,бэйэтин Балайда тургэнник ыыбын диэн сананара.Маайыс,киниттэн таьыччы тургэн эбит,тургэн улугэрдик ынагы ыан бутэрэ охсон атын ынахха кесте.Вася,кыыс тургэн туттуутун -хаптыытын сеге керен туран иьигэр"Табаарыьым догоро,айылга анаан биэрбит дьуьунугэр дьуэрэлии киьиэхэ мээнэ бэриллибэт утуе майгылаах ,хоьуун-улэьит кыыс эбит.Хаарыан кыыс хааллага.Аньыы даганы,того хааллага диэтэхпиний ,бачча учугэйкээн бэйэтигэр уол аймах харага элбэхтик хатанара буолуо,дьэ ону кини билинни туругунан чугатара биллибэт......сыыйа бириэмэ аастагына,сурэгин бааьа хагылайдагына,олох кердерен иьиэ буоллага диэн тебетугэр иьигэр эргитэ санаата.Маайыс тургэн улугэрдик,кэрийэ сылдьан ынахтары ыан бутэрэ огуста.Бу-кини холугар ого оонньуута буоллага-антах суурбэттэн тахха ынагы ыыр кыыска.Ынахтарын ыыталаан,танастарын уларыттан ,суунан бутуулэригэр Кун аргаалаабыт.Вася,-Бу куннэргэ дэлби олороммун,кеьуйээри гыммыппын :стадионна баран мээчиктээн тэнийэ барарым дуу,эн баран керееччунэн олоруон буоллага,аара хата беьуелэги кердеруем.Маайыс Керееччунэн хороллон олорорун санаан сонньуйан ылла,урукку эбитэ буоллар,итини истэн хатаннык,тэбэнэттээхтик кулуе эбитэ буолуо.Бу Вася Кини мээчиги ологун биир аргыьа оностубутун,Улуьуйэн мээчиктээтэгинэ аьыырын да.умнарын билбэт,сэрэйбэт да буоллага.

Киэьээнни серуун салгыны ыймахтыы,сэмээр кэпсэтэ-кэпсэтэ,уоллаах кыыс сэргэстэьэ хаамса истилэр.Ити быыьыгар Вася -Ити ку лууп,бу......диэн кердере истэ.Биир уулусса эргииригэр,тэйиччи сааьырбыт дьахтардаах,эрэ киьи аргыстаьан иьэллэрэ кеьуннэ.Вася,сытыы харагынан ыраахтан кереет ,бу Толя ийэлээх,агата иьэллэрин эндэппэккэ биллэ,харагын кырыытынан кыыс диэки керен ылла.Иьигэр ,хайдах эрэ,бу тогоостоох тугэн тосхойбутунан,кыыьы да,анарааннылары да бэйэ-бэйэлэригэр билиьиннэрэрим дуу дии санаан ессе тегул харагын кырыытынан керен ылбытын,умса туттан сири одуулуу,бэйэтин санаатын кытта кэпсэтэ иьэр Маайыс ейдеен кербете.Вася,итинник мучумааннанан баран"Бээрэ,того даганы эмиэ,бэйэтэ санардыыта арыый уоскуйан,бэттэх кэлбит кыыьы аймаатахпыный,уонна,уонна ити миэхэ эрэ итэгэйбит,атын дьонно кэпсэниллибэт кистэл иэйиитин астахпыный,уонна анараанныларга,сурэх баастаах тереппуттэргэ ону хаттаан кебуттэхпиний,оннуга ордук буолсу диэн ити санаатыттан аккаастанна.Маайыс ,бу утары тиийэн кэлбит ,саастаах,хайдах эрэ кыьалгага баттаппыт курдук сирэйдээх дьону Вася дорооболоспутун,анарааннылар аргыый"Васябыт иьэр эбиккин дуу дэспиттэрин истэн,эмиэ уол аттыгар тохтоото.Кырдьа барбыт гынан номогон сирэйдээх дьахтар"Биьиги сэргэхсийэ таарыйа,дьуегэбэр Екулууннэ баран иьэбит,куораттан сиэттэрэ кэлбиттэр,Екулуун ынахтара кытараан урун ас сиэбэккэ олороллор,онно бу киэьээнни ыамтан уут,суорат,куеччэх уутэ илдьэн биэриэхпит этэ диэтэ.Маайыс,ити ойоголуу Туран,дьахтар аттыгар турар сааьыра барбыт киьини "Бу киьини Ханна эрэ кербут курдукпун дии,чахчы,чахчы кербут курдук ээ.Ити кэмнэ сааьырбыт киьи Васяттан харагын арааран,Иннигэр,ыраагы,туох эрэ биллибэти одууласпытыгар,Маайыс Кини мессуенугэр,Маайыска бэйэтигэр чугас туох эрэ баарын таайа сатаата.Онтон,бу хайаларын оготой?-дьахтар аргыый ыйыппытыгар,Вася хайдах эрэ тебетун тенкетен ылла,кыратык тура туьэн баран-" Бу Маша,эдьиийим Варя дьуегэтэ,дьэдьэннэьэ кэлэ сылдьар диэтэ.Агамсыйбыт киьи итиннэ кыыьы утары керен ылбытыгар,Маайыс сурэгэ хайдах эрэ хам тутан ылла,бу киьи сабырыччы согус туспут хойуу хааьыгар,харагын олоруутугар киниэхэ олус чугас,истин туох эрэ баарга дылы.Маайыс"Бу кэлин кэмнэ хайдах эрэ тугу эрэ Ханна эрэ кербут санаа хаста да киирэ сырытта дии,салгыы маннык буоллахпына,уулуссага да сатаан сылдьыа суохпун дуу диэн санаага огустаран ылла.-Эьиги,Вася,бу ханналаан иьэгит?-Стадионна баран иьэбит,-уол хардарбытыгар,дьахтар "-Онтон...биьиги...-сирэйин умса туттан этэн эрдэгинэ,агамсыйбыт киьи,туохха эрэ ыксаабыттыы кэргэнин тонологуттан ылан-Биьиги эмиэ ыксыахха,бириэмэ ыраатан эрэр,-диэн,Васялыын покалаьан,салгыы аргыый хаамса турдулар...

Салгыы,кыратык хаамсан,Маайыс ити тебетугэр киирэн ,тугу эрэ ,Кини билэрин санатан ааспыт ейдебултэн санардыы босхолонон эрдэгинэ,Вася тохтоон баран сэрэнэн,"Маша,ити Толя тереппуттэрэ ээ- диэтэ."Оо,ол иьин даганы,сурэгим сэрэйбит"- кыыс ойогоьунан эргиллэн,кинилэртэн тэйэн,кехсулэрэ холбойон,ыар аьыыттан нуксуччу туттан хааман иьэр,дьылгата атыннык салайбыта буоллар,киниэхэ ийэтин-агатын кэнниттэн саамай чугас буолуохтаах дьону,эккирэтэн тиийэн санныларыттан кууьа туьуен,кехсулэрин имэрийиэн,сылаас да сылаас тыллары этиэн багарда,уонна ол хайдах да сатамньыта суох буолуо эрэ ейдеен тохтоото.Харагын уута,туман буолан харагын буелуер дылы,ол дьон хаьан харагын далыттан кестубэт буолуохтарыгар дылы керен турда...

Вася дьоллоох ,сити тугэннэ "Таах сибиэ этэн биьэммин,Маша дьэ кэнээн,санардыы уоскуйан эрдэгинэ,эмиэ куертээтэгим уьу,эмиэ айманаахтыыра буолуо,акаары да киьибин" диэн бэйэтэ- бэйэин мегуттэ турда.Маша,хата бэйэтин илиитигэр ылан,уоскуйан эмиэ стадион диэки хаамсыбытынан бардылар.Бугун,сурдээгин кэпсэттилэр да,хайа-хайалара бэйэ-бэйэлэригэр олус ыарыылаах буолуо диэн субэлэспит курдук,Толя туьунан кэпсэтиини тумна сатыыллар.

Стадионна тиийэн,волейбол сеткатын аттыгар турар ейенере суох ыскамыайкаларга олорор,сорохторо турар ыччаттарга чугаьаан эрдэхтэринэ онтон-мантан"Оо,Вася кэллээ,Вася...Вася....дьэ бэрт эбит" диэн сана аллайа,уерэ-уруйдуу керсубуттэриттэн,Маайыс бэйэтин дойдутугар,мээчиктиир площадкага чугаьаан истэгинэ уелээннээхтэрэ,оруобуна итинник,уерэ-айхаллыы керселлерун ейдеен,"Вася куустээх оонньооччу эбит"-диэн сылыктаан,иьигэр уердэ.

Маайыстаах ыччаттар аттыларыгар тиийэн турдулар.Белех-белех буолан турар уолаттары сэргэ,ыскамыайкага маанытык танныбыт кыргыттар олороллор,ыалдьааччылар быьылаах,аттыларыгар кыракый оторой-моторой,мээчик таьааччы уолаттар сырса,мэниктээн,бэйэ-бэйэлэрин кытта эккирэтиьэ оонньуу сылдьаллар.Ыскамыайкага олорор кыргыттартан биирдэстэрэ Васяга туьаайан-Хайа Вася,эмиэ Хайа кыыьы батыьыннардын бу?диэн ыйыппытыгар:"Ээ,дьэ,бу да кыргыттар,догоор ,букатын кун ахсын атын-атын кыыьы батыьыннаран агалар курдук этэн таьаардыгыт"-диэн кыргыттары куллэртээтэ.Бу эдьиийм Варя.дьуегэтэ-Маша диэн бары истэллэрин курдук этэн билиьиннэрдэ,уонна кыргыттар аттыларыгар баар иллэн миэстэгэ олорто.Дьэ санаа-оноо киьини наьаа да уларытар.Адьас соторутаагыта,били ерус биэрэгиттэн наьаа уерэн,эбии киэркэйэн,ессе тупсан кэлбит кэмигэр бу стадионна киирэн кэлбитэ буоллар ити турар ,барыта да холостуой,эдэр уолаттар Маайыс кэрэ бэйэтин керен,теьелеех-сегуехтэрэ-махтайыахтара этэй!!!Бугун,бу кыраьыабай гынан баран кубархай ,курус сирэйдээх,испит курдук харахтаах,иинэн хаалбыт курдук кыыьы керен,сегуехтээгэр,"ыарыьах" дуу ,хайдах диэнАьына кердулэр.Ыччаттар кэпсэтэллэрин иьиттэххэ,от кэмэ буолан сорохтор хойутуу кэлиэхтээхтэрин,Онон икки хамаандага сеп буолар киьи баарынан,оонньуу туруоххайын дэстилэр.Сетка икки еттугэр хайдыьан турунан бистилэр ,бэтэрээ диэки Маайыс олорор сирин утары Вася уолаттары,ол иьигэр уолаттартан барыларыттан ендес,ыга киппэччи симиллибит курдук кэтит уолу,(Маайыс кереет тута Киппэллибит уол диэн иьигэр ааттаан кэбистэ)кытта кэллилэр.Уолаттар оттоон ,онтон манна суурэн кэлэн,утаппыттар,сетка анараа еттунээги хамаандаттан биир уолу "биьи сагалыы туруохпут,эн начаас кэлэр буоллагына" -диэн биир уолу уу агалтара ыыттылар.

Хантан эрэ кэлбитэ биллибэт,мун кыраайынан суурэн агылыы бегетун агылаабыт,ити суурэкэлэьэ сылдьар которой уолаттартан арыый улахан уол площадка аттыгар хорус гына тустэ :Васялаах Киппэ уол хамаандаларыгар турар уолу сиэгиттэн тарда-тарда-"Убаай,от суекэьэ бара охсор уьугун "-диэтэ,кэлбитин курдук эмиэ мун кыраайынан суурэн,тилэгэ хараара турда.Тыа уолаттара барахсаттар от улэтигэр кыра эрдэхтэриттэн агаларын,убайдарын кытта тэбис-тэннэ улэлээн улааппыт буолан,дьонноругар сурун куус буоллахтара.Бу манна турар Уолаттар,кун уотугар килэриччи сиэппит сирэйдэрэ,хараарбыт илиилэрэ-атахтара,нууччатытан эттэххэ" загаардара" да,ону туоьулуур.

Начаас кэлиэхтээх ,уу ыллара ыыппыт уоллара кэллэгинэ,анараа хамаанда толору буоллагына,бэтэрээ,Васялаах Киппэ уол хамаандаларыгар,биир оонньооччу итэгэс буолла.Киппэ уол олорор кыргыттар диэки"Туьата суох дьоннор" диэбиттии керутэлээтэ.Маайыс,сити кэмнэ,маагыын Вася,Толя дойдутугар кэлбит киэьэтигэр бу стадионна киирэн мээчиктэспитин,киниэхэ анаммыт хартыынаны Васяга сакаастаспытын истибит буолан,хайдах эрэ ис-иьиттэн кычыгыланан,уонна баардаах баара батарбакка олорор буолан,ойон туран-"Мин оонньуубун дуо?-диэбитин кулгаага эрэ истэн хаалла,Киппэ уол,бу иинэгэс кыыьы мыыммыттыы керен баран:-Чэ,кыаттардарбыт да,ыалдьыппытын оонньотор буоллахпыт дии диэбит саната,Маайыс кулгаагар кыьыылаахтык иьилиннэ...

Маайыс сиэккэ анныгар киирэн Туран,Киппэ уол илиитигэр эргичитэ турбут мээчигин анарааларга бырахпытын батыьанкерен баран"Ити мээчиккэ Толя илиитин сылааьа хаалбыта буолуо,Кини манна турбута буолуо...диэн Санаатыгар огустара турдагына ,оонньуу сагаланан,киниэхэ туьаайыллан кэлбит мээчиги ейдеебекке,сетка ненуе буолбакка ,букатын Туора,бэйэтин дьонун диэки охсон кэбистэ...Ону,хата бэлэм турбут Уолаттар тоьуйан ыланнар,анараа утаардылар.Маайыска ,Вася киниэхэ ыалдьан ыгылыйбыт сирэйэ кестен,Киппэ уол -"Оо,дьэээ-диэн кэмсиммиттии сыыйан сана аллайбыт саната иьиллэн ааста.

Площадкага уларытыьыы буолан,Маайыс мээчик таьаарар уочарата кэллэ.Киппэ уол мээчиги,саатар маны хабаахтаа диэбит курдук,чуп-чугастан уунан кэриэтэ биэрдэ.Анараа хамаанда Уолаттар ,бастакы тумуллубут кехтере сутэн,син-биир тахсыбат мээчиги куутэн да диэбиттии,бэйэ-бэйэлэрин хаадьылаьа турдулар.Кыыс мээчиги ылан салгыны куускэ да куускэ эгирийдэ,харагар Толя"Чэ,кытаат!!!"-диэбиттии керен олорор мессуенэ кестен кэллэ.......Мээчик тиийэн ,сэрэммэккэ турар биир уол туеьугэр"Кип" гына тустэ.Мээчиккэ таптарбыт уол Иннигэр сытар мээчиги тургэн улугэрдик ылан ,Сэрэппэккэ сиэбит кыыс аттыгар турар Киппэ уол диэки(биллэн турар Киппэ уол кемелестеге дии),кыьыйбыттыы теттеру кыыратта.Маайыс турар туспа мучумаан:Вася тойон эрбэгин кердербут илиитэ,Киппэ уол харагын мунунан,эмиэ Ким кэлэн охсон биэрдэ диэбиттии кыыьы да буолбакка кыыс кэннин диэки хайыьан ылыыта,инники турааччы Уолаттар хамсыы туьуулэрэ...-Бу барыта чыпчылган тугэнигэр буолла.

Маайыс,иккиьин мээчиги илиитигэр ылан:Куерэттэ...Далайда.... Балысхан куускэ охсуллубут мээчик кыырайан тиийиитэ,анарааны хамаандага,аны уу агалбыт уоллара суурэн кэлэн,миэстэтин булунан,эмиэ аралдьыйыы тахсан ылбыт кэлбит бириэмэтигэр тубэстэ:кыьыл ырбаахылаах уол будуруйэ-будуруйэ мээчиги ыла сатаата да,таба туппата.Аьары наьаалаан эрэр Киппэ уолларын диэки одууласпыттара букатын атын хартыына арыллан тагыста:Киппэ уол сынаагын аллараа туьэрэн туруута,анараа хамаанда Уолаттара бутун бэйэлэринэн эргийэн антах диэки хайыспыттара,мээчиги илиитигэр тутан турар Кыыс,кинини мынаан турар ыскамыайкага олорбут кыргыттар,моторой Уолаттар,Вася уербут сирэйэ...Туох,туох буолбутун ейдеммет балаьыанньата уескээн,уу-чуумпу буруукээн-быьата "дьэбириэй'" тереен ааста .Бу кинилэр иннилэригэр,тугу да сатаабат,иинэгэс,"ыарыьах" кыыс ого буолбакка,бэйэлэрин кытта тэбис тэннэ хатыьар,баьыйыан да сеп Кыахтаах Киьи кэлэн турара ,оонньуу уеруйэх уолаттар ейдеругэр Дьэ Тиийдэ!...

.....Оччолорго ыччат себулээн куустээх улэ кэнниттэн тууннэри оонньуур волейбол мээчик оонньуута,хомойуох иьин Толялаах Машаны биирдэ да алтыьыннарбатага,сетка аттыгар керсуьуннэрбэтэгэ,Маайыс дьон болгомтотун тардар кыраьыабай оонньуутун Толя хаьан да кербетеге.Еруу курэхтэьиилэргэ,олор быыстарыгар илистиилээх дьарыктарга сылдьар уол атын курэхтэри,ункууну-таансыны кэрийэр бириэмэтэ суога.Бу саас,суппэт ейдебулу хаалларбыт керсуьуу иннинэ ,Толяны илэ-бааччы керен илигинэ,теье да биир оройуонна сырытталлар Маайыс Кини туьунан дьон сеген-махтайан кэпсэтэллэрин кэтэхтэн истэрэ,уол оройуон хаьыатыгар тахсыбыт хаартыскаларын улубээй,урдунэн керен аьарара.Ол керсуьуу кэнниттэн тугэн тосхойон Толя кэлэн Кини курэхтэьэрин кэлэн кере турарын билбитэ буоллар:Маайыс долгуйан ,илиитэ-атага сыаптаммыт курдук кыаьыланан,ити бугун теттеру охсубут мээчигин курдук,ессе туох теттеруну онорон-хотторуу хомолтотун аан бастаан билиэ эбитэ буолуо...

Мээчиги иккиьин таьаарбытын кэнниттэн,Маайыс урут курэхтэьиигэ киирээри Туран ,санаатын тумэн,бутуннуу хомунан ,бэйэтин илиитигэр ылан киирэрин курдук турукка киирдэ,ис-иьиттэн эрчимирэн кэллэ.Санаатыгар,бу стадионна киниэхэ туох биллибэт куус кемелеьер курдук.Маагыынны ээл-дээл туруу тохтоон,оонньооччулар бары даганы интэриэьинэй,хатыьыылаах оонньуу буолаары турарыттан бэйэ бодолорун тардынан,бу кыыс иннигэр наьаа сири буору уоппатах,кыбыстыыга киирбэтэх киьи диэн саныы турдулар.Оонньуу олох,атын сана тэтиминэн сагаланна.Ыалдьыт кыыс уолаттар туруорбут мээчиктэрин ньымсатык ере ыстанан,быьымахтык быьарын керен,уолаттар сэргэхсийбит сирэйдэрэ кеьуннэ,Бэл Киппэ уол кэтит сирэйигэр мичээр олордо.Киппэ уоллуун,дьэ нэмнэрин билсэн ,биир ейге-санаага киирэн тумуллэн оонньоотулар.Ити сылдьан уолаттар бу " дьэдьэннит" кыыска биир уратыны бэлиэтии кердулэр:кинилэр да дойдуларыгар мээчиктиир кыргыттар баар буоллахтара:оонньуу быыьыгар кинилэр чагаарыччы кулэллэрэ-уерэллэрэ сотору-сотору иьиллээччи,онтон бу.кыыс олус оттомноох,Бэл биирдэ мичээрдээн ылбатагын,кыагын билинэн,оннук буолуо диэн сыаналаатылар.Бастаан хардары-таары очко ылсан иьэннэр,Маайыстаах,Киппэ уол,Вася хамаандалара олох оруолларыгар киирэн оонньооннор анараа хамаанданы ,этэргэ дылы"хампы сыстылар".Оонньуу бутэн,кыыс тулатын керуммутэ,ыччат беге тогуоруспут,били хойутуу кэлиэхтээх отчут уолаттар кэлбиттэр .Маайыс улуьуйэн оонньоотогуна,тулатыгар туох буола турарын умнара,туох баар болгомтотун оонньууга,мээчиккэ тумэрэ.Бу оголор хаьан кэлэн тумсэн туралларын Бэл ейдеен кербетех.Бу сана кэлбиттэр бу кыыьы кытта холоьон кербут киьи диэн истэригэр бары да саныы тураллар.Халлаан харанара быьыытыйда,Васялаах Маайыс "дьоннорбут да кэллэхтэрэ,Хайа уонна сарсын дьэдьэннии барарга эрдэ туруохха наада." - диэн дьиэлиир буоллулар.Маайыьы кытта уолаттар Илии тутуьан быраьаайдастастылар"Ессе да кэлээр "дэстилэр,дьэ бу сырыыга кинилэри кытта кэлэн олус чагылхайдык оонньообут кыыьы аьыммыт буолбакка ,сехпут харахтарынан кердулэр.Ол Васялыын сэргэстэьэн стадионтан тахсан эрэр,ыраахтан сырдык куоптата туналыннаан кестер эдэркээн кыыс ,Ким буоларын,санныгар туох ыар сугэьэри сугэ сылдьарын хаьан да билбэтэхтэрэ манна хаалбыт уолаттар.

Стадионтан тиийиилэригэр ,Васялаах олбуордарын таьыгар мотоцикллар тохтоон,сорохторо олбуорга ейеннеруллэн туралларын керен"Дьоннорбут кэлбиттэр"-дэстилэр.Дьиэгэ киирбиттэригэр бары чэйдии олорчэйдэспитинэн бардылар.Бугунну соруктарын толорон,отторун туруоран,ардахха былдьаппат буолбуттарыттан уерэн,куе-дьаа кэпсэтэллэр.Ыал ийэтэ,Варя эдьиийэ,-"Бугун эбиэккэ дьоммун аьатан баран ,тахсан кыратык дьэдьэн кердум,дьэ быйыл дьэдьэн ууммут эбит,кэлэн иьэн тохтоон биир сири кердубут,онно ессе хойуу,кыргыттар сарсын ол сиргэ тиийэрин диэн ыйан биэрдэ.Сарсын,Варя агатынан,уьуе буолар барар буоллулар.Маайыс сытан эрэ ,бу дойдуга кэлбит сыалын толорбутун,онтон да атын угуьу,элбэги... эргитэ санаан,букатын сарсыарданан утуйда .Сарсыныгар,кырдьык да елгем дьэдьэннээх сир эбит,онно ургуу сылдьан Варя айага хам буолбат,тутууга стройотрядтар кэлбиттэрин,ессе да эбии кэлэллэр уьу,Кини Ганя диэн билсибитин,догордоьуу биэчэрэ буолуохтаагын,онно Танялыын кинини илдьэ барар санаалаахтарын кэпсээтэ."Кэллиннэр да бардыннар,эчи бу кыргыттар ейдере-санаалара барыта уол буолар туьэн"-бэйэтиттэн иккилии сыл ага дьуегэлэрин бэркиьии санаан,Маайыс букатын сааьырбыт киьи курдук толкуйдаата.

Уьуен ,Варя агатынаан эбиэккэ дылы елгем дьэдьэннээх сиргэ тубэьэн ургээн,илдьэ кэлбит ейуелэрин эбиэттэригэр Стэн баран,кыратык серуукуу таарыйа сетуелуеххэ диэн буолла.Варя киирэн хайыы-уйэ чомполонон ыраатта,Маайыс Кытылга тапочкатын хаалларан,аргыый хааман ууга киирэн,х--айдах эрэ эт-этэ тардан ылла,ууга туьумуехчэ-туспэккэ тура туьэн баран,Кытылга таххан,сотторун тэлгэтэн,онно тобугун кууьан олорон бистэ.Бу ,Кини баар суох киьитин былдьаабыт ерустэн,кырдьык салынна.Толя,бэстилиэнэй ынырыктаахай чааьын ыйыталаьыан,ол кистэлэнин токкоолоьуон,кыыс олус эдэрэ.Варя,дьуегэтин кэлин бириэмэгэ муодаргыыра,ейдеебете уксээн иьэр курдук.Унуруун дьиэтигэр кэлэн баран биллибэккэ олоруута,мээчиктии киирэртэн аккаастаныыта,биэчэргэ барыахпыт диэн бугун эппитин истибэтэх курдук туттуута,аны бу сетуелээбэккэ кытылга олоруута...барыта муода,киьи ейдеебет.Киьи оннугар букатын атын киьини уларыппыт курдук.Били дьуегэлэрэ Таня "Экзаменын провааллаан,уерэххэ киирбэккэ,онтон наьаа мунчаарара буолуо" диэбитинии,ама да буолтун иьин,экзамен аайы итинник уларыйыахха себуй?-Варя тебетун итинник иирбэ-таарба ыйытыылар киирэн ытыйаллар.Варя агата "Былытыраары гынан эрэр,Онон сып-сап хомунан дойдулуохпут этэ"-диэн кыргыттар эбиэттэн киэьэ эбии ургуу туьэн баран , тенуннулэр.Васялаахха тиийэн ,аьаан баран,дойдулуурдуу тэриннилэр.Вася бугуну быьа тубугурбут :хартыынатын араамалаан,таастаан,айанна алдьамматын диэн хортуону килиэйдээн хоруопка онорбут.Маайыьы ампаар кулугэр ыныран,хартыынатын кердерен баран хоруопкага укта,ессе таьынан ербегунэн кичэллээхтик суулаан баран,ыбылы быанан баайан баран кыыска" Маша,хоруопка иьигэр Толя саамай кэлин туспут хаартыскатын укпутум" диэн баран кыыска туттаран кэбистэ.Маайыс,бу икки кун иьигэр ейдуун-санаалыын чугас буолбут,бу ыарахан кэмигэр ейеебут уолугар хайдах да махтаныан билбэтэ.Эмискэ уол тебетун тенкеччу тардан,сууьуттэн ийэлии сыллаан ылла.Кыыс ого буолан тереен,аан бастаан уолу сыллааьына-бу Васяга анаммытыттан Кини терут кэпсиммэтэ.

Бу бастакы кэпсээммин сэнээрэн аахпыттарга,бэйэлэрин санааларын суруйбуттарга-Махтал!Маны,сорого олоххо буолан да ааспыт чахчыларга ологуран,уонна саха норуотун ааттаппыт Чагылхай дьоннорбут утуе-ааттара ,киьилии быьыылара елбеедуйбэтин,кинилэр тустарынан ыччаттар билэллэрин курдук,туох эмиэ уйэлээги онороойоллор диэн суруйдум.Маайыс кэлинни дьылгатын туьунан,тохтуу туьэн баран,сырдатан ааьыам.

сэнээрбит 27 июля
Дайыына кэпсээннин биир тыынынан аахтым. саха норуотун ааттаппыт Чагылхай уолбут Сахаачча хомойуох иьин ситэ билбэтэх таптала быьылаах дии санаатым.

Добавить комментарий