Кэпсээ
Войти Регистрация

Эн миигин умнумаар…

Главная / Кэпсээннэр / Эн миигин умнумаар…

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
27.11.2024 07:43
9k 0

Альтернативное описание изображения темы

Хомустан - 26 июля 2013 02:33

    Бүгүн, үлэбиттэн иһэн, муннукка биир дьахтары уун утары көрсө түстүм. Санаабар: «Ханна эрэ көрбүт дьахтарым» - диэн санаа охсуллан ааста.

  • Урут бу диэки Уоһукаптар диэн ыаллар бааллара. Этиэҥ дуо ханна олороллорун? – диэтэ ол дьахтар.
  • Онтон, ааһа барбыккын. Оол көстөр күөх олбуордаах ыал – Уоһукаптарыҥ – диэтим.
  • Чэ покаа! – диэтэ да түргэн үлүгэрдик эргиллэн бара турда.

Мин саҥата суох кэнниттэн көрөн турдум. Дьахтарым тэйэн иһэн, тохтоон, эргиллэн:

  • Баһыыба! – диэтэ.
  • Баһаалыста – диэн хааллым.

Кэнниттэн хаамарын көрдөххө кимиэхэ эрэ майгынныыр. Ити чэпчэки баҕайытык сэгэччи хаамыыны олох ханна эрэ көрбүппүн.
Хайа муҥун көрөн туруомуй – мин да дьиэлээтим. Ол да буоллар ити элэс көрбүт дьахтарым сырайа харахпыттан сүппэт. Хаһан эрэ, ханна эрэ урут көрбүт курдукпун. Дьиэм чугас буолан ситэри толкуйдаабакка дьиэбэр тиийэн хааллым. Мин мастыйбыт мэйиим успейдаан туох да өйдөбүлү биэрбэккэ хаалла.
Дьиэбэр киирээт санаам сүүрээнэ атын хайысхаҕа көстө.
Киэһэ утуйаары сытан били маарыынҥы дьахтары санаан кэллим.

  • Ханна көрдүм этэй? Хайдах эрэ урут олох чугастыы билэр курдукпун дии. Арба, Уоһукаптары көрдүүр этэ дии. Ким баҕайытай? – бу да сырыыга мэйиим утуйбут.

Ол сытан утуйан хаалбыппын. Арай түһээтэхпинэ били дьахтар эмиэ утары көрүстэ.

  • Хайа билбэтиҥ дуо? Мин эйиэхэ – миигин умнумаар диэбитим дии – диэтэ.
  • Сөбүлүү көрөбүн да кыайан өйдөөбөтүм дии.
  • Хайдах? Оччолорго эдэр да этибит дии!
  • Кырдьык кыайан өйдөөбөтүм ээ.
  • Эмиэ да аһара тоҥхойо кырдьа иликпит ээ. Буолар да эбит! – диэтэ да эргиллэн бара турда.

Эмиэ кэнниттэн көрөн хааллым. Эмиэ эргиллэн:

  • Мин эйиэхэ умнумаар диэбитим буолбаат! – диэтэ да сүүрэ турда.
    Уһуктан кэллим.
  • Бээрэ туох диэтэ? Ээ, миигин умнумаар диэбитим диэтэ дуу! Ким инньэ диэтэ этэй? Надя! Кырдьык кини эбит дии! – сүрэҕим тохтуу сыста. – Хаһан эрэ ити аат утуппат да, олорпот да буолбут кэмнээх этэ дии. Ырааппыт да эбит! Отучча сыл ааспыт. Арба, ханна эрэ хаартыската баара дии.

Түүннэри альбом хостоон көрүү буолла.

  • Ээ бу сылдьар. Уларыйбыт да эбит. Маарынҥы дьахтар бу хаартыскаттан утары көрөн олорор кыыстан олох атын эбит. Маарыынҥы баай-тот көрүҥнээх, чыын-хаан хотун дьахтар. Онтон хаартыскаҕа эдэркээн саҥа тыллан эрэр сардаана сибэкки курдук кыыс мичээрдии олорор. Арыый уһуннук көрдөххө кырдьык майгынныыр эбит. Хайа кэннигэр суруктаах эбит дии. Саатар били ачыкы ханна түспүтэй! Дьэ наадалаах кэмҥэ сүтэн биэрэр. Ээ бу сытар. Таак, туох диэний: «Эн миигин умнумаар!». Урут суруктааҕын өйдөөбөт этим дии.
    Аҕыс уонус сыллар ортолоро этэ. Бэс ыйын бүтэһик күннэрэ этэ. Мин тутууга маастарынан үлэлээбитим ый курдук буолбута. Саҥа киһини бары да үчүгэйдик көрүстүлэр. Уонна сибиэһэй киһи син билиилээх да буоллаҕым. Ол саҕана саҥа сыаналар киирэннэр сметалар бары атыннык суоттанар, ааҕыллар буолбут кэмнэрэ этэ. Онон саҥа сметаҕа иҥин «симиэрт» этим. Тоҕо диэтэххэ эргэннэн үөрэммэтэх киһи буоллаҕым дии. Атыттар бары саастаах этилэр. Онон сорохтор лаппа ыарырҕаппыттар этэ.

Биирдэ сассыарда прораб Байбал Тиит диэн маастарга үлэлэппит үлэтигэр аах суруйарыгар эттэ. Онтон миэхэ «Конебаза» сметатын, проегын ыскааптан хостоон таһааран көтөхтөрөн кэбистэ.

  • Бу проегы үөрэт! Сарсын ыйытыам. Сотору наада буолуо. Уонна ити объегы эн ылыаҕыҥ. Мин объектарынан бардым, бүгүн кэлбэтим буолуо – диэн баран тахсан барда.

Хоспутугар Тииттиин бэйэбит эрэ олорон хааллыбыт. Бары объектарыгар сылдьаллар. Били ыйы быһа обьега суох үтүөххэ-батаахха сылдьыбыт киһи – биирдэ биир көтөх кумаахылана түстүм. Оччолорго бу объект мин олохпор биир сырдык өйдөбүлү хаалларыан билбэт этим. Мин эрэ буолуо дуо? Айбыт таҥара да билэрэ биллибэт! Хайыам баарай проегы арыйан үөрэтэн бардым. Проегы өр гыммакка үрдүнэн-аннынан көрөн кэбистим. Боростуой гынан баран син үлэлээх эбит. Сыччах күрүөтэ-хаһаата да баһаан эбит. Сууммата да син баардыҥы эбит.
Арай Тиитим смета ылан тугу эрэ суруйан бооччойор. Миигиттэн уонча сыл аҕа киһи. Суруйа-суруйа хайыта тыыта-тыыта урна диэки элээрдэр.

  • Хайа
    Тиит тугу суруйдуҥ?
  • Бэйэҥ киэнҥин көр. Мин бэйэм да дьаһанар инибин – дии-дии суруйа олорор кумаахытын кум-хам тутан баран кыыратта.

Оннук күммүт аччаата. Сотору-сотору тахсан табаахтаан бусхатабыт. Үлэ чааһа бүтүүтэ урна көстүбэт да буолла.

  • Доор, Тиит ити кумаахыны бүтэрээри гынныҥ дии?
  • Бүттүн! Ити Байбал соруйан миэхэ суруттарар. Мин саҥа сметаны билбэппин билэр ээ. Бэрт дьон бэйэлэрэ саас баран үөрэнэн кэлтэрэ. Миигин тайҕаны кэриттэрэ сылдьыбыттара. Кэлин көрдөрүөх буолтара да ити баар дии!
  • Тиит эн миэхэ көрдөрүүй. Мин ити сметаны сиэбиттии билэбин!
  • Бу баар дии – киһим түөрт квартиралаах дьиэ сметатын куду аста.
  • Онтон объемнарыҥ?
  • Ээ бу выборкалаабытым – киһим аах форматын биэрдэ.

Объемнарын суруйбут, суотун кыайбатах. Саҥа сметаҕа онтон мантан бырыһыан ылан суруйуута элбэх. Урукку биири бииргэ төгүллүүр курдүк чэпчэки буоллаҕа дии. Өр гымматыбыт көмөлөөн ааҕы суруйан кэбистибит. Таарыччы киһибэр туох хантан кэлэрин, ылылларын быһааран биэрдим. Киһим санаата дьэ көнньүөрдэ.

  • Кыраны да кистэлэҥ оҥостубуттар эбит! Ноо, билэҕин дуо ити объеккын хайдах, кимниин тутаргын?
  • Суох.
  • Өйүүн икки строй этэрээт кэлэр. Биирин эйиэхэ ити объеккар биэрэллэр, биирин миэхэ хотон тутуутугар.
  • Бэрт эбит дии!
  • Аһара бэртээмэ! Онтукаларыҥ бары кыргыттар! Дьэ уонна бэртээ! Ол оҕолор хайдах туталлар?

Сарсыныгар – конебаза тутуллуохтаах сиригэр, сыалай биригээдэни илдьэ, стройотрядтар базаларын бэлэмнии тэбинним. База дэриэбинэттэн аҕыс биэрэстэлээх «Бэстээх» диэн алааска сайылык аттыгар тутуллар. Суол-иис мааны. Сайылык көһөн кэлбит кэмэ. Балаакка бөҕө туруордубут, туалет туттубут, душ оҥордубут, аһыыр сирдэрин навеһын туруордубут, емкость илдьэн водовоһунан уу куттардыбыт, хаптаһынынан кухня оҥорон оһохтоотубут. Уонна итини барытын күрүөлээн хаһаалаан кэбистибит.
Дьэ сройотрядтарбыт кэлэр күннэрэ үүннэ. Арба, били Тиит икки этэрээт диэбитэ үс этэрээт эбит. Үсүһүнэн Томскай куоракка үөрэнэр саха оҕолорун этэрээттэрэ эбит. Ону эмиэ Тииткэ биэрэллэр эбит. Иккитэ Дьокуускайтан биирэ ЯГУ-тан, биирэ медучилищеттан үһү. Миигин базаны санэпидтэргэ көрдөрө ыыттылар. Онон - официальнай көрсүһүүттэн маттым. Били биригээдэбин илдьэ базаҕа тиийэн санэпидтэрбитин кэтэстибит. Таарыччы ол-бу сиппэтэҕи ситэрдибит. Билигин билбэтим, урут стройотрядтары хайдах олохтуургун санэпидтэр булгу бэрибиэркэлииллэрэ. Тииткэ чэпчэки. Дэриэбинэҕэ уопсайдар элбэх буоллахтара. Онно улахан бэлэм наадата суох.

Хата санэпидтэрбит аһары кэтэһиннэрбэккэ кэлэн абыраатылар. Мин үөрүүбэр улахан претензия суох буолла. Арай:

  • Тэлгэһэ иһин отун охсуҥ – диэтилэр.

Ону көрдөрөн туран уолаттар охсон, отун мунньан кэбистилэр. Онон көҥүлгэ илии баттаан дьэрэлитэн кэбистилэр. Ол да буоллар дэриэбинэҕэ киэһэ хойут кэллибит.
Сассыарда үлэбэр кэлтим хонтуора атта толору хаки стройотрядовскай кууркалаах оҕолорунан туолбут. Көхсүлэригэр иҥин араас сурук бичик, ойуу-мандар бөҕө. Кырыы-кырыытынан кыыс аймах. Күлсүү-салсыы, ырыа-тойук! Аҕыйах сыллааҕыта мин эмиэ маннык таҥастаах-саптаах БАМ-наан испиттээҕим. Онно бары нууччалар этэ, манна көрөр тухары сахалар. Хонтуораҕа кииртим биир оннук. Проход толору стройотрядтар. Прорабскайга киирбитим быһаарсыы үгэннээн турар эбит. Үс этэрээт хамандьыырдара, прорабтар, маастардар.

  • Ноо, эн таһырдьа кэтэс. Биһиги манна үлэ үллэстиитигэр олоробут. Эйиэхэ ЯГУ-лар барыахтара. Уопсайынан бүгүн хомунан сарсын барыаххыт – быһата ааны ыйдылар.

Быстыам дуу, ойдуом дуу ааны сабан хонтуора кэлин аанынан таһырдьа таҕыстым. Дьиҥэр ол кинилэр кистэлэҥ кэпсэтиилэригэр наадам да суох.
Хата, табаахтыыр сиргэ ким да суох эбит. Табаахтыыр сиргэ төгүрүйэ ыскамыайкалар оҥоһуллан тураллар. Уонна хонтуора күлүгэ, полисадникка үүнэн турар хатыҥнар күлүктэрэ түһэр. Онон куруук сөрүүн, уютнай сир. Биир ыскамыайкаҕка олорон табаахпын саҥа уматтан эрдэхпинэ икки кыыс тахсан кэллилэр.

  • Привет! Эн манна үлэлиигин дуо?
  • Привет! Суох медка үөрэнэбин – дьээбэбэр, түөстэрин сүрүгун көрөн. Мин да кинилэртэн кыраннан аҕа буоллаҕым дии.
  • Сиикэйдээмэ! Бээһээ медтэрдиин бииргэ айаннаан кэлбиппит да эйигин көрбөтөхпүт – биир хара бараан хатыҥыр кыыс күлэ-күлэ.
  • Оонньоон этэбин. Манна маастардыыбын.
  • Ол иһин соторутааҕыта прорабскайга хаһаайын курдук киирэн эрэриҥ дии! Биһигини ханна ыыталлар үһү? Кистэлэҥ буолбатах буоллаҕына сырдат эрэ.
  • Хаһаайын да буолбатар! Хата киһини күллэрдигит. Ээ, ханна эрэ тайҕаҕа күрүө дуу, туох хаппыт дуу туттара ыыталлар үһү.
  • Ол дэриэбинэттэн ыраах дуу?
  • Ыраах-ыраах. Эһэ-бөрө дойдута. Примерно үс-хас
    көс – дьээбэлиибин.
  • Эмиэ сиикэйдиигин дуу, хайдах дуу? Хайдах эрэ чугас курдук кэпсээбиттэрэ дии! – эмиэ били хара кыыс.

Биирдэрэ сырдык сэбэрэлээх, уһун өрүү баттахтаах, орто көнө уҥуохтаах саха кыыһа, саҥата суох күлэр эрэ.

  • Тугу сиикэйдии олордомуй? Наада этэ. Арба, … диэммин – ааппын эттим.
  • Мин Тасябын, подругам Надя – диэн.
    Илии тутуһан билсии буолла.
  • Арба, биһигини ким салайарын билэриҥ буолаарай? – Тася ыйытар.
  • Итиннэ Тиит диэн усиктаах аҕым киһини көрбүккүт дуо? Ол киһи.
  • Оччоҕо, били бэҕэһээ, биһигини көрсөн, олохтообут киһи буоллаҕа дии?
  • Ол ини, мин бэҕэһээ суох этим. Атын объекка үлэлии сылдьыбытым.
  • Тоҕо эрэ ол киһи: «Эһигини атын киһи үлэлэтиэ» - диэн эрэрэ дии – кэм да Тася мөккүһэ олорор.
  • Буккуйбута буолуо. Бэйэтэ да буккуллаҕас киһи.
  • Эс! Дьэ конкретнай баҕайы киһи дии!
  • Ээ ити көрүҥэ эрэ. Бэйэтэ буккулаҕас соҕус.
  • Арааста эмиэ сиикэйдээн бардыҥ быһыылаах!
  • Онтон көрсүбүтэ, олохтообута диэбэтигит дуо?

Ити кэмҥэ хонтуораттан биир доруобай, хара уол тахсан кэллэ.

  • Бааска диэммин, Тарабыыкыммын. Эн биһиэхэ маастардыыгын дуо?
  • Ким эттэ? – үөнүм билигин да кэйиэлиир.
  • Онтон түннүгүнэн ыйан көрдөрдүлэр дии. Уонна киирэр үһүгүн.
  • Вася ол иһин, маарыҥҥаттан сиикэйдии олоророр эбит дии! Дьэ бэйикэй! – Тася күлүмнэтэр.
  • Чэ киириэх. Кыргыттар покаласпаппын, өссө да көрсүөхпүт.

Киирбитим моргуордаах мунньах бүппүт. Ол аата үллэстэн бүппүттэр.

  • Ноо, бу дьэ быһаарыстыбыт. Ити ЯГУ-лартан сүүрбэлэрин сарсын объеккар илдьэ барыаҥ. Уоннара манна үлэлиэхтэрэ. Хамандьыырдара бу баар. По ходу билсиэҥ. Кими хааллараргын бэйэҥ быһаарыаҥ. Ити маастардарын кытта бүгүн тэринии үлэннэн дьарыктан. Ыскылааттан күрдьэх, сүгэ, эрбии, «Дружба» ылыаҥ. Чэ уонна иһит-хомуос. Быһата ыскылаакка дьаһал биэрэн турабын. Эбиэт кэннэ Сааба тыраахтарынан ыскылаакка тиийиэ. Арба, верхонкаҕытын иҥин умнаайаҕыт. Билигин тахсан хаалларар оҕолоргутун быһааран испииһэктээн биэрээр. – прораб Байбал кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн Тиит диэки хайыста.

Бирикээс ылбыт дьон быһыытынан, Бааскалыын, таһырдьаны былдьастыбыт.

  • Оҕолоргун мус, оол түгэххэ баар мунньахтыыр залаҕа кэпсэтиэхпит – диэтим.
    Мунньахтыыр залаҕа тиийбитим хатанан турар эбит. Сэкиритээргэ өҥөйөн:
  • Иза дорообо! Ити зал күлүүһэ кимиэхэ буолуой? Ити студеннардыын мунньахтаары гынабын.
  • Бэҕэһээ комком уол тылбыта. Пахай ол киһиҥ бүгүн субботникка, от охсуутугар, барта.

Хотя, бүгүн субуота буолбатах да буоллар от саҕана таах хаамтарбат этилэр. Босхо соҕустары «Бука бары – хомуурга!» лозун хомуйтаан – хомуурга хототоллоро. Мин бу сылга «хомуурдаан» бүттүм быһыылаах.

Тахсан иһэн оҕолорбун көрсө түстүм.

  • Зал күлүүһүн булбатым, таһырдьа курилкаҕа тахсыаҕыҥ! – диэн таһырдьа хототтум.

Таһырдьа тахсан миэстэлэрин бултарын кэннэ – бастаан бэйэбин билиһиннэрдим.

  • Онон бүгүҥҥэттэн эһиэхэ маастарынан ананным. Үлэлиир сирбитигэр сарсын көһүөхпүт. Бүгүн тэринии үлэтинэн дьарыктаныахпыт. Бастатан туран – эһигиттэн уон оҕо манна хаалан атын объекка үлэлиэххит. Билигин ол оҕолору арааран прорабка ыытыахтаахпын. Баҕалаахтар бааргыт дуо?
  • Онтон манна кэлэрбитигэр бары бииргэ сылдьыаххыт диэбиттэрэ дии! – Тася тохтообот.
  • Дьэ ону мин билбэтим. Эһиги бастаргыт сөбүлэһэн хайытаа эрдэхтэрэ.
  • Онно тугу гынабыт?
  • Сыыһа истибэтэх буоллахпына бетоннай үлэлэргэ үлэлиэхтээхтэр.

Дьэ хааһыланыы саҕаланна. Отучча кыыс мустубута биримээнэ үөр хаас түһэн олорорун курдук.

  • Ол гынан ким барар буолла? Манна хаалааччыларга бары-барыта баар. Онтон ынтах балаакканнан сытыаххыт. Кумаардаах иҥин буолуо.

Инньэ диэбиппэр дьэ түргэтээтилэр. Уон кыыс түргэнник көһүннэ. Олору онно олорон испииһэктээн баран Байбалга атаартаатым.

  • Дьэ уоннааҕылар миигинниин алааска баран базабытын тутуохпут. Ким туох боппуруостааҕын ыйытан иһиҥ. Төһө кыалларынан эппиэттиэм.
  • Кэргэннээххин дуо? – урут бисибит киһи быһыытынан Тася чобуорхайар.
  • Үлэҕэ сыһыана суох да буоллар – холостуойбун.
  • Оо, манна үчүгэй кыргыттар элбэхпит. Мин да хайдахпыный? Барсыбаппын дуо? – тохтуур былаан суох.
  • Барсаҕын, барсаҕын! Уонна тугу ыйыталаһаҕыт?
  • Ханна үөрэммиккиний?
  • Ыраах, Сибииргэ.
  • Онно туох баарый? Ыраах дуо?
  • Онно ыанньык сайылыга баар. Сэттэ биэрэстэ баара буолуо.

Ол олордохпутуна хонтуораттан формалаах икки оскуола оҕото, нууччалаах-саха, тахсан кэллилэр.

- Бай! Бу эһиги оҕолоргут дуо?
  • Ээ ити детдом оҕолоро. Васялаах, Леха.Биһиги иитиллээччилэрбит. Сайын мээнэ бырадьаак сылдьыбатыннар диэн хас этэрээт аайы иитиигэ биэрэллэр.

Онтон дьэ төгүрүйэ олорон ирэ-хоро кэпсэттибит. Эдэр дьон биир тылы өр гынан булуохпут дуо? Кыргыттар матфак оҕолоро эбит. Арай, Бааска ИТФ эбит. Маастарынан ылбыттар. Арба, биир кыыс эмиэ ИТФ-тан эбит. Ол анараа хамаандаҕа барбыт. Онон бастакы контакт этэҥҥэ ааста. Бүтэһигэр үлэ дьыалатын быһаарыстыбыт.
Эбиэт кэннэ Бааскалыын уонна хас да кыыһы кытта тэринииннэн дьарыктанныбыт. Онтубутыгар да лаппа мэскэйдэннибит. Сэп-сэбиргэл, таҥас-сап, үтүлүк, иһит-хомуос уонна аһылык.
Сассыарда уонҥа тыраахтардаах тиийэн олорор уопсайдарыттан ылыах буолан тарҕастыбыт.
Сарсынынар хомунан айаннаатыбыт. Притцев үрдүгэр ырыа-тойук, күлсүү-салсыы буолан дэрэбинэттэн тахсан соҕуруу түһэ турдубут. Оччотооҕу оҕолор ис-киирбэх буолааччылар. Уонна үлэҕэ иҥин сыстаҕас буоллахтара. Бу хаһан да билбэтэх сирдэригэр, баҕа күүһүнэн үлэлии баран истэхтэрэ. Кинилэри күүстээх үлэ күүтэрин өйдүүллэрэ дуу, суоҕа дуу! Билбит суох. Бир бэйэм аҕыйах сыллааҕыта, эмиэ бу кинилэр курдук, строй этэрээккэ үлэлээн турардааҕым. Онно эмиэ маннык курдук ырыа-тойук түһэрэн айаннаабыппыт. Тиийбиппит ыарахан эр киһи үлэтэ кэтэһэн турара. Эмиэ балар курдук үксүбүт кыргытар этилэр. Тем-более куорат оҕолоро. Бастаан лаппа ыарырҕаппыппыт. Ол-да буоллар син сыалбытын ситиспипит. Баларга да аһары чэпчикитэ суох үлэ кэтэһэн турара. Өссө база бэйэтэ өтөххө буоллаҕына – күрүөтэ барыта ойуур иһинэн этэ. Бу куйааска, бу кумаарга ити барыта оҕо-дьахтар үлэтэ буолбатах ээ. Аны ол мастарын барытын ойууртан кэрдэн санныларынан таһыахтаахтар.
Оо! Эдэр саас ханна-ханна тиэрпэтэххиний! Туохха-туохха түбэһиннэрбэтэххиний!
Биһиги ыллыы-туойа ыарахаттары утары айанныы турдубут. Төһө да тыраахтарын иһин чарапаахы буолбатах буоллаҕа дии. Икки чааһынан тиийиэхтээх сирбитигэр тиийэн – сүөккэннибит.
Дьэ түһээт да балаакка былдьаһыыта саҕаланна. Биир балаакканы куос биэксэллэрэ былдьаата.

  • Миэнэ туспа буолуохтаах, медикамеммын иҥин ханна мээнэ быраҕа сылдьыахпыный? – арба биэксэллээхтэрин умнубуппун.

Биир медка үөрэнэр кыыс биэксэлинэн кэлбит. Хата син барыларыгар тиийдэ. Быһата миэхэ эрэ тиийбэтэ.

  • Хайаа, маастарбытыгар балаакка тиийбэтэх дии – диэн Тася унаарытар.
  • Ээ мин эһиги хоойгутугар киирэн сытыам. Ама икки кыыс икки-ардыгар сытан тоҥнохпунуй бу сай ортото. Оттон сытыарбатаххытына доярка да кыргыттарга барыллыа буоллаҕа дии – диибин.

Кыргыттарым күлэн охто сыталлар.

  • Чэ, оҕолор чаайгытын өрө туруҥ. Мин сайылыкка баран кэлиэм – диэтим да сайылык диэки тэпсэҥнии турдум.
    Сайылык булууһугар эт уурдара сытабын. Онтон аҕалыахтаахпын уонна үүт ылыах буолтум. Сайылык онтон баара-суоҕа үс сүүсчэ миэтэрэ. Өр буолбакка эргиллэн кэллим. Оҕолорум үүтү-эти көрөн үөрүү бөҕө. Аһаан баран Бааскалыын сирбитин көрө, кэмнии бардыбыт.
  • Доор киэһэ биһиги балааккабытыгар киирээр. Биһиги үһүөн улахан балааккаҕа баарбыт. Кыралары кыргыттар былдьаабыттара.
  • Ноо, мин да куруук манна хоно сыппатым буолуо. Манна бэйэҥ дьаһалымсыйыаҥ. Уонна итиннэ алааска күөл уҥуор балааккалаахпын, Дьонтон тыы улассан тахсан баран кэлэрбэр бэйэм тыыбын сэтиилэнэн кэлиэҕим.
  • Ити ынараа улахан алааска дуо?
  • Онно, ити эһиги сытар сиргититтэн ойуурунан сүүсчэ миэтэрэ буолуо. Бу сытар сиргит «Бэстээх» сайылыга диэн. Онтон ити ынараа алаас «Арыылаах» диэн. Ити кэлэн истэххитинэ уҥа диэки тиит ойуур көстөрө дии. Ол ойуур арыы. Эргимтэтэ көс кэриҥэ буолуо. Чэ кэлин кэпсиэм, итинтикэҥ улахан былыргы үһүйээннээх сир. Бу эһиги «Бэстээххит» ынараа алааска холоотоххо бып-быыкаа сир буоллаҕа эбээт.

Бааскалыын проекпытын тута сылдьан тутуу барыахтаах сирин кэмнээтибит. Дьиэ турар сирин, күрүө-хаһаа миэстэтин, сарайдар оннуларын. Икки үөрэхтээх дьон проегы тута сылдьан миэстэтигэр быһаарсан кэбистибит.

  • Дьэ Бааска кыргыттарыҥ сотору тутан сииллэрэ буолуо?
  • Ээ, дьэ! Бэйэм салла сылдьабын. Хайдах «ээх» диэбиппин өйдөөбөккө хаалтым. Бары кыргыттарын иҥин билэр этим ээ.
  • Ити Тася курдуктар хачайдаатылар ини?
  • Этимэ! Чэ хайдах эмит тулуйуллар ини.

Кэлбиппит эбиэт буһан быргыйбыт. Остуолга олорон эбиэттээн бардыбыт.

  • Хайа доор, били алаас туһунан кэпсиэх буолбуккун кэпсээ эрэ – Бааска миин иһэ-иһэ.
  • Оол тиит үрдүнэн көҕөрөн көстөрү көрөҕүт? Ити «Чыыбы» хайата диэн. Онно туох да хайата суох да буоллар былыр итинник ааттаабыттар. Уопсайынан үрдүк эрэ сир.Манна чугаһынан хайа суох дойдута. Былыр кыргыс са5ана,
    Тыгын сэрииитэ Туймаада диэкиттэн кэлэн ити «Чыыбы» хайатыгар тохтообут. Биир сытыы харахтаах киhилэрин бэс үөhэ таhааран чуҥнаппыттар. Онно көрдө5үнэ ортотугар тиит арыылаах биир улахан ба5айы күөл баара көстүбүт.
  • Онно күөлгэ хоптолор уста сылдьалллар – диэбит.
    Ону Тыгын:
  • Ол туос тыылаах тоҥустар буолуо – диэбит.

Ол түүн киирэннэр, арыыга хаайан, тоҥустары эhэн кэбиспиттэр.
Ол ити кэлэн истэххэ баар улахан алаас урут ууннан туолан турбут. Ону бу кэлин ааспыт үйэҕэ үс нэһилиэк дьоно кыттыһан хорон түһэрбиттэр.

  • Очоҕо үрдэл эрэ буоллаҕа дии?
  • Оннук. Уонна итиннэ тукалааннар бааллар.
  • Ол туохпутуй?
  • Кумах бархааннар. Бириэмэ-бириэмэ буола-буола сыҕарыйа сылдьаллар. Чэ оҕолор туран үлэлиэххэйиҥ.

Ол саҕана кинилэргэ да, миэхэ да сир бааһырдыытыгар сиэм-туом диэн төбөҕө да суох буоллаҕа дии. Билбэппит быһыытынан ол көтүтүллэр. Баран кэмнээн тоһоҕо саайа-саайа хаһан бардахпыт дии.

  • Чэ оҕолор маннык хаһа туруҥ. Мин дэриэбинэлээтим. Сарсын сатанар буоллаҕына лесоруб булан аҕалыам. Уонна ити дьиэҕит маһа иҥин кэлиэхтээх. Чэ покаларыҥ!
  • Кэһиигин аҕалаар! – эмиэ Тася, бүтэһик эрээккэ Надялыын дьаама хаһа тураллар.
  • Ол тугу?
  • Биһиги шоколад сиэччибит. Оннук дии Надю? – кыыһын диэки хайыһан.
  • Оннук-оннук! Бу да кыыс киһини сүгүн ыыт – күлэ-күлэ.

Надя күллэҕинэ иэдэһигэр ямочкалар тахсан кэлэллэр эбит. Айахпын атан баран ону көрөн турдум.

  • Эн наһаа Надюны көрүтэлээмэ эрэ! Миигин көрүөх буолтуҥ дии – Тася көрө охсон.
  • Хаһан?
  • Хайа, принародно хайҕаан баран Надюны хараҕынан сиэн барда буолбат дуо?
    Надя кыбыстан кытаран хаалла. Өссө тупсубукка дылы буолла.
  • Чэ, мин бардым. Сарсын эрдэ кэлэ сатыам – диэтим да эргиллэн тыраахтарым диэки хаама турдум.
  • Пахаай куотта! Надю киһи дьээбэлээтэҕинэ тоҕо кыбыстаҕын – диэн саҥа кэннибэр иһиллэн ааста.

Сарсыныгар прорабтан лесоруб Бииктэри көҥүллэтэн илдьэ бардым. Таарыйа дьиэ маһын тиэннибит. Маҕаһыын атынан ааһан иһэн икки плитка шоколад ылан таҕыстым. Харахпар шоколад сакаастаах кыргыттар көстөн аастылар. Уонна били Лев Попов ыллыыр:
Мин саһылбынан симэммит
Украинкам мичээрэ – диэн ырыата төбөбөр охсуллан ааста.

  • Хайа ноо тупсубуппут дуу? Уол оҕото успейдаан эрийсэ оҕустуҥ дуу? – Сааба күлэр.
  • Ээ маарыын авансабын ылтым – теманы токурутабын.
  • Биһиги да эдэр буола сылдьыбыппыт. Бэҕэһээ икки кыыс күлэ-күлэ далбаатаһа хаалтара дии.
  • Ээ олор сакаастара.
  • Чэ бэт-бэт! Киэһэ хоно хаалар буоллаҕыҥ дии? Тем-более сарсын өрөбүл.
  • Хаалан. Уҥуор дьоммор окко көмөлөһүөм. Эн ити Бииктэр кэрпит маһын трелевкалаан биэрээр эрэ. Баҕана маһыгар баттатар буоллахтара дии.
  • Онтон киэһээҥҥэ дылы төһөнү успейдыырбынан.
  • Понедельникка ынараа тыыннан тахсыаҕым. Эн маскын уонна Бииктэргин илдьэ кэлээр.

Ону-маны кэпсэтэ-кэпсэтэ өр гыммакка тиийдибит.
Тиийбиппит оҕолор үлэлэригэр эбит. Ынтах өтөххө буор хаһа сылдьаллара көстөр. Арай дьурууһунай эрэ кыыс баар. Чаай кутан биэрдэ. Биһигини көрөн Бааска тиийэн кэллэ.

  • Дорооболоруҥ!
  • Дорообо! Бааска бу лесоруб аҕаллым. Бүгүн уонна понедельникка маскытын кэрдэн биэриэ. Уонна бу Сааба ону состоруоҕа.
  • Элбэҕи кэрдэрэ буоллар.
  • Ээ ити киһи ордугу кэрпэтэҕинэ баһыыба. Профессионал. Билигин тахсан маһын ыйан биэриэҕим. Эн Саабалыын маһы сүөккээҥ онтон үргүччү трелевкалыаххыт. Кыргыттаргын мас охтор кэмигэр ойуурга чугаһатаайаххын.
  • Онтон трелевкаҕа бэйэм сылдьыам дии.
    Онон икки аҥыы араҕыстыбыт. Мин Бииктэрдиин ойуурга, Бааскалаах Сааба мас сүөккүү.
    Бииктэр бэйэтэ нуучча. Бу дойду күтүөтэ. Олорбута ыраатта. Мас кэрдээччиннэн үлэлиир. Быһата килиэбэ. Маһы ханна таптаабыт сиригэр түһэрэр. Бэл биир диэки иҥнэҕэр турар маһы эргитэн атын өттүгэр охторор. Кини кэрдэрин киһи көрөн туруох курдук буолааччы. Киниэхэ мас үтээччи иҥин наадата суох киһитэ. Киһи эрэнэр киһитэ.
    Бииктэрдиин өтөхтөн тахсар суолунан искэ кирдибит. Үнүр көрбүт буолан маһы түргэнник ыйан биэрдим. Киһим эрбиитин төлө тардаатын – кыргыттарга бардым. Тиийбитим өтөх сэрии хонуутун курдук буолбут. Барытын тибилийэн кээспиттэр. Тас эргиирин бүтэрэн ис ииччэҕин-бааччаҕын хаһа сылдьаллар. Онон итиннэ икки, манна үс, онно түөрт киһи көстөр. Биир-биир кэрийэн көрө-көрө, кэпсэтэ-кэпсэтэ антах түгэххэ хаһа сылдьар Тасялаахха тиийдим.
  • Дорооболоруҥ!
  • Хайаа! Тойон кэлбит! Дорообо! –
    Тася соһуйбута буолар.
  • Наһаа да тойон буолбатарбын!
  • Ээ, кавалер! Надю көрүүй – эмиэ эйигин сыгынньахтаан эрэр буолбат дуо?
  • Уонна тугу кэпсээтигит?
    -Хайа теманы уларыппытыҥ тоҕо түргэнэй. Туох сонуна кэлиэй? Дэриэбинэ кавалерыгар эйиэхэ буолуо?
  • Миэхэ да туох кэлиэй. Ити лесоруб аҕаллым. Бүгүн уонна понедельникка эһиэхэ маскытын охторон биэриэ. Ээ арба, сакааскытын аҕаллым - сакалааттарбын хостоон уунабын.
  • Уулла сыыспыт.
  • Ураа! Надю көрүүй кавалер тугу аҕалтын!
  • Бүт эрэ эн Тася! Киһини кыбыһыннаран! Баһыыба! – Надя унаарытта.
  • Хайа бөөлүүн хайдах утуйдугут?
  • Акаарыбытыгар балаакка аанын саппакка сылдьыбыппыт, сүөһүлэр кэлбиттэригэр кумаар бөҕө туолбут этэ. Түүнү быһа ону кытта сэриилэһэн таҕыстыбыт, дии Надю?
  • Онтон эн сөрүүдүйдүн диэн саптарбатаҕыҥ дии!
  • Эмиэ мин буруйданным. Уонна арба сайылыкка баран волейбол оонньообуппут. Астык баҕайы!
  • Дояркалардыын билистигит?
  • Билсэн, биһиги саастыыларбыт эбиттэр дии. Ээ айдааммар буолан умнан олоробун – улахан баһыыба! Надю эн баһыыбалаатыҥ дуо?
  • Эн курдук кавалер эрэ айдааннаах үһүбүн дуо? Маарыын баһыыбалаабытым дии! – мин диэки кылап-кылап көрөн ылар.
  • Чэ, баһыыбалаабыт буоллаххына тур! Үлэбит баһаам! Кавалер диэки кылапаччыйа олороору гынаҕын дуо? Забито! Эппитим дии! – диэн Тася уот умайа түстэ.
  • Кырдьык, бириэмэ ырааппыт. Мин барыым. Эбиэт да чугаһаабыт – балааккалар диэки тэпсэҥниибин.
  • Дьэ атын кыргыттары иирдээр эрэ – сырайгын-хараххын хайа тыытыахпыт – кэннибэр күлэр саҥалара бөҕө.

Ол күн үлэ бөҕөнү үлэлээтибит. Бииктэр сиҥнэрбит маһын Саабалаах Бааска таһан иһэллэр. Мин «Дружба» ылан баҕана быһыытыгар үлэлээтим. Уонна үргүччү хайаҕаһын эрбээн иһэбин. Тасялаах Надя онно быһарбар үлэлэстилэр. Маһы тутан, кэм тутан биэрэллэр. Быспыппын атыттар ойута охсо-охсо илдьэн туруоран иһэллэр. Перекур кэмигэр ону-маны, буолары-хаалары ыаһахтаһабыт.

  • Хайа, сырай-харах хайыта тыытар тыҥырах хаалбыт дуу? – Тася тыҥыраҕа тостубутун көрөн.
  • Үөрүмэ! Наада буоллаҕына манан да хайа тыытыахпыт! Дии Надю?
  • Оннук, оннук! Уонна миэнэ пока сыалай дии – Надя күлэ-күлэ тарбахтарын сарбатан көрдөрөр.

Эмиэ ямочкалар ойон тахсан иэдэһигэр иҥин араастаан хамсаан үҥкүүлээн бардылар. Киһи көрдөр-көрө олоруох курдук.

  • Хайаа Надю! Кавалер олох айаҕын атта дии? Эйигин олох ыйыстара чугаһаата.
  • Чэ туран үлэлиэҕиҥ. Быспыппыт бүтээри гынна – куотар аакка бардым.
  • Пахай кавалербыт олох сүүттэрбит! Эмиэ куотта. Оо дьэ эмиэ былдьатаары гынным буолбат дуо! Буолаары-буолан баар-суох подругам.
  • Тася бүтүүй! Эмиэ мээнэ-мээнэ саҥаран эрэҕин! Мне кавалер и даром не надо! – Надя подругатын тохтотор.
    Эмиэ эрбээн бардыбыт. Дружба тыаһыгар тугу кэпсэтэллэрин хантан истиэмий. Ол да буоллар Надя диэки өтөр-өтөр көрөн ылабын. Тугу эрэ кэпсэтэ-кэпсэтэ иэрийэ сыталлар. Арааста миигин хотоллор быһыылаах.
    Быыһыгар Надя мин диэки унаарыччы көрөн ылар. Оччоҕуна хайдах эрэ сүрэҕим мөҕүл гынар.
    Ол курдук киэһээнҥэ дылы үлэлээтибит. Бүгүнҥү күн лаппа таһаарыылаах буолла. Киэһэ сэттэ саҕана Саабалааҕы дьиэлэригэр ыыттым.
  • Хайа бэйэҥ тоҕо барбатыҥ? – аттыбар Тася баар буолла.
  • Эйиэхэ хоно хаалаары. Хоойгутугар киллэрэр инигит? – дьээбэлиибин.
  • Ураа! Надю истиий! Кавалер хоно хаалар үһү!
  • Оонньоон этэбин. Күөл уҥуор дьоммор оттоһо тахсыам. Сарсын өрөбүл дии.
  • Надю! Надю! Албыннаабыт! Оттуу барар үһү!

Бааскаҕа сарсыҥҥытын дьаһайан баран барардыы хомуннум. Тасялаах Надя иһит хомуйа сылдьаллар.

  • Оччоҕо сарсын кэлбэт буоллаҕыҥ дии? – Тася тохтуур санаата суох.
  • Суох – диибин.
  • Бу киэһэ сайылыкка волейбол уонна үҥкүү буолар кэлэҕин дуо?
  • Билбэтим, баҕар киэһэ тыыны төнүннэрэ кэлэ сылдьыам.
  • Тыыннан бараҕын дуо?
  • Сатыылаатахпына хас да күөлү эргийиэхпин наада, а так тыыннан уон биэс мүнүүтэ буоллаҕа дии. Эргийдэххэ ыраах сир. Уонна илиммин көрүөхпүн наада.
  • Балыктыыгын дуо?
  • Ээ кыралаан. Саҥа тутар буолан эрэр.
  • Балык сиэбит киһии! Надю истиий кавалер балыксыт үһү. Биһиэхэ киэһэ аҕалыах буолла. Дьэ сибиэһэй балык сиир буоллубут буолбаат.

Надя мин диэки сылаас баҕайытык унаарыччы көрүтэлиир.

  • Очоҕо киэһэ кэлиэҕим. Тыы аҕала таарыйа балык аҕалыам – диибин.
  • Надю аны эн утуйдуҥ дуо? Кавалеры наһаа одуулуу турума. Иһиккин сотон ис. Сүөһүлэр
    кэлэн эрэллэр. Ыам бүттэҕинэ диэбиттэрэ дии. Уонна «Забито» диэбитим дии – күлэн иэрийэ сытар.

Скоростаахтык куоттум. Биэрэккэ киирэн биир тыыны ылан бардым. Өссө икки тыы умса түһэн хааллылар. Киэһэ төннүөхпэр дылы көрдөөбөттөр ини. Саха оҕуска олордо да ыллыыр диэччилэр. Онтон мин оҕуһа суох киһи тыыга олордум да ыллыыбын. Киҥинэйэн. Ырыабын истэллэрэ буоллар этэрээт барыта куотуо этилэр. Хата ону ким да истибэт. Онно-манна хойутаабыт отчуттар көстөллөр. Уонна күөл төгүрүйэ хас да сиргэ отуу кутаата буруолуур. Күөл ньуура хамсаан да көрбөт уу чуумпу. Арай тыырахылар сүрэҕэлдьээбиттии тэйбэҥнэһэн аһаллар. Кумаара суоҕа буоллар киһи күнү да быһа уста сылдьыах курдук.

  • Арба, төннөрбөр кумаар эмэ умнубатах киһи.
    Баран иһэн илиммин көрөн аастым. Син туппут. Истэрэ моторуһан субу тэстиэх курдуктар.

Отуубар тиийтим дьонум бараары олороллор. Оттуур сирбитигэр икки миэстэлээх балааккалаахпыт. Онтубутун отунан бүрүйэн турабыт. Кэлин, ол миэстэтигэр үүтээн туппутум.

  • Балыкпын оҕолорго биэриэх буоллум. Ол иһин тыыга хаалларан кэллим. Кыратык охсо түһэн баран тыыны илдьэ таарыйа илдьэн биэриэм.
  • Наһаа түүннэри сылдьаайаххын. Сарсын кээһиэхпит – дьонум бүтэһик дьаһал биэрэн баран дьиэлээтилэр.

Урут ыһыах кэннэ окко киириллэрэ. Онон оттообуппут нэдиэлэтэн орто. Чай иһэн баран охсо киирдим. Улаханнык хоруппатарбын да син кэҥэс сири дайбаатым. Харахпар субу-субу Надя көстөн кэлэр. Оччоҕо сэмээр:

  • Надю! Надя! – диибин.

Оччоҕо сылаас салгын илгийэргэ дылы кынар.

  • Хайа, ноо эмиэ сүүттэрдим дуу?
  • Ама хайаан!
  • Ээ чэ, кэннэ кээнчэ да буоллун! Умайар буоллахха умайыахха буоллаҕа дии!
  • Наһаа кээнчэлээмэ! Көрүллүө диэххин.

Хотууру илгэн баран үрэххэ ыстанным. Отуо умайаары гынным!
Таҥас уларыттан, урукку стройотрядовскай хакибын кэтэн, баран биэрэккэ ыстанным. Дьон тыытын сэтиилэнэн уҥуор устан кулупаайдаатым.
Дьэ тиийбитим бары сайылыкка тэбинэн хаалбыттар. Ыт охсор киһи суох. Ынтах айдаан-куйдаан элбээбит.волейболлууллар быһыылаах. Балыкпын солуурга кутан баран төннөрдүү оҥоһуннум. Бириэмэ да ыраатта, сылайыы да барда. Онтон өйдөөн сурук суруйдум. «Балык аҕалан солуурга куттум» - диэн. Сурукпун остуолга көстөр сиргэ уура сырыттахпына кэннибэр атах тыаһа сурдурҕаан кэллэ. Эргиллэ түспүтүм Надя эбит.

  • Хайаа Надя оонньоон бүттүҥ дуо?
  • Бүтэн. Атыттар хааллылар. Чаай иһэҕин дуо?
  • Куттаххына иһиэм.
  • Эн ити Тася айдаарарыгар кыһаныма. Бэйэтэ итинник бэһиэлэй киһи. Биир хоско үс сыл олордубут. Эн-миммитин билсибит дьоммут. – чаай кута туран.
  • Ээ туохха кыыһырдамый? Сороҕор бэй эм эмиэ итинникпин. Арба, балык аҕалтым.
  • Балык даа? Үчүгэйиин! Маарыын Тася айдаарбытын аһары итэҕэйбэтэҕим ээ. Балык диэн баран муннукка ытаабыт киһи мин. Кыра эрдэхпинэ аҕам балык тылын мунньан сиэтэр этэ.
  • Надя бэйэҥ хантан сылдьаҕыный?
  • Кэбээйиттэн.
  • Ол иһин балыгымсах эбиккин дии.
  • Оннук. Ханна баарый? Буһарабыт дуо?
  • Мин уот оттуум, эн хатырыктыы тур – диэн баран балыгы аҕалан биэрдим.
  • Кыра баҕайы эбит дии? Биһиэнэ улахан баҕайы буолааччы.
  • Бу маннааҕы кэминэн кырата суох балык. Түөрдуоннаахха тутар балык.

Мас хайытан уот отуннум. Кыыспар көмөлөһө тиийтим – кыыһым былыыр дьаһайбыт. Барытын хатырыктаан үөстээн бүтэн эрэр.

  • Хайа, тоҕо түргэнҥиний? Мин быһахтанан-таймаланан кэлтим бүппүт.

Кыыһым күлэр.

  • Онтон балыкка төкүнүйэн үөскээтэҕим дии!
  • Ээ оннук этэ дуу! Мин эрэ балыксыт курдук туттубутум баара.

Балыкпытын буһара ууран кэбистибит.

  • Туохта эрэ кэпсээ эрэ? Бэҕэһээ ити алаас туһунан кэпсээбитиҥ наһаа интэриэһинэй этэ. Олох көрөн олорор курдук этэ.
  • Ээ ити билэрим эрэ ити. Уопсайынан бу кырдьаҕас сир. Нууччалар суруктарынан Дьокуускайдааҕар эрэ эдэр. Арба, «Төлкөнү» аахпытыҥ?
  • Ааҕан.
  • Маайа бу алааска төрөөбүт. Бу мантан арҕаа икки километрдаах сиргэ өтөхтөрө баар.
  • Онтон мээнэ ылыллыбыт персонаж буолбатах дуо?
  • Былыр «Төлкөнү» суруйарыгар Николай Якутскай манна кэлэн хонон-өрөөн сытан ол өтөҕү сурунан барбыт үһү.
  • Хайаа! Тутулуннугут! – Тася кэлэн хаһыытаабытыгар өрө ходьох гына түстүбүт.
  • Тугу хаһыытыыгын?Киһи сүрэҕин хайыта сыыстыҥ дии!
  • Онтон эн тоҕо күрээтиҥ? Кавалер кэлэрин билэн кэллиҥ ини?
  • Ээ, били биир уол «Пыш курдук кыыс, ямочкалаах кыыс» дии-дии мэлтэҥнээ
    да мэлтэҥнээ буолбутугар күрээбитим.
  • Ол эйигин хайыаҕай?
  • Эрийсээри гынар быһыылаах. Эмиэ да «Пыш» буолбатарбын. Уонна миигин кыҥыы-кыҥыы мээчигин быһар дии!
  • Эмээхсин кавалеры көрсө кэлэн баран кубулдьутаҕын ээ. Хайа бу балык буһардыгыт дуо?
  • Буһаран. Эн сиэччигин суох дуо?
  • Мин курдук үс сылы быһа «рыбный день» менюлаах олорбут бүтүн ЯГУ-га аҕыйах ини. Урут Кэбээйилэри кытта сибээстэһэ иликпинэ собону сиэн да бэрт! Оҕоҕо хатыыс подавай, на худой конец – күндүөпкү дай этим. Ону баара биир Кэбээйи вкуспун буккуйда. Билигин собо сиэбэтэххэ аһаабатах курдук сананабын.
  • Мин ити хатыыскын хартыынаҕа эрэ көрбүт киһибин. Төрүөхпүттэн собо, мунду, күөнэх.
  • Надю көрүүй мантыкаҥ «БАМ» диэн суруктаах эбит дии! Сурук-бичик баһаам сонноох эбит – Тася тохтоон да бэрт!
  • Ээ ити БАМ-ҥа стройотрядка үлэлээбиппит ол бэлиэтэ - диибин.
  • Тася били «Төлкө» Маайата маннааҕы үһү дии – Надя кэпсиир.
  • Ким эттэ? Кавалер дуо?
  • Мин кэпсээтим.
  • Өтөхтөрө манна чугас баар үһү.
  • Даа? Биһиэхэ көрдөрөөр эрэ ол Харатаайаптар өтөхтөрүн.
  • Онтон биирдэ эмит бара да сылдьыахха сөп. Хата онно дьэдьэн баһаам буолааччы.
  • Дьэдьэн даа? Дьэ итиччэ быктаран баран илпэтэххинэ өттүйүөхпүт! Дии Надю! Сырайын –хараҕын хайа тардыалыахпыт! РР! РР! Маннык! – тыҥыраҕын сарбаҥнатар.
  • Куттала да бэрт эбит дии – диибин күөһү таһаара туран.
  • Онтон эн тоҕо кэллиҥ?
  • Тохтообуккут буолуо! Мин оонньуу сылдьыахтаахпын – кинилэр сибидээнньэлии! – Тася күлэр.
  • Кырдьык бара сылдьыахпыт эрэ. Кэлин саныы сылдьыахпыт дии. Отуо кумаартан атын кэпсиирбит да суох курдук дии – Надя күлэр.

Мин эмиэ умсан ыллым.

  • Чэ кэлин бүтэргит диэки. Ок-сиэ бириэмэ ырааппыт дии! – чаһыыбын көрөн.
  • Пахай, бачча эрдэ күрүүгүн дуо? Мин эмиэ Кавалердыын эрийсэр санаалаах этим ээ – Тася уоһун толлоччу туттар.
  • Сарсын от кээһиэхтээхпин. Үлэ баһаам. Уонна күөлү да туоруурум баар дии.
  • Куттас куобах эбиккин дии! Куттас! Куттас! – Тася тохтообот. – Арба, Надю били уолуҥ «Пыш» курдук кыыс ханна барда диэн көрдөөн эрэрэ.
  • Көрдөөн көрдүн! Тася күөлү көрө таарыйа атаарбаппыт дуо?
  • Ээ даваай! Кавалербытын атаарыах. Отуо аара кыргыттар тутан ылыахтара. Тыытыгар олортун кэннэ биирдэ төннүөхпүт – дии-дии күлэн ыгыстар.

Үһүөн бирэктээтибит. Кыргыттарбын икки аҥыы кыбынным да тэпсэҥнии турдубут.
Биэрэккэ киирбиппит сайыҥҥы күн саҕахха түһэн эрэрэ. Күн тиһэх сардаҥалара күөл ньууругар түһэн көөчүктэнэ оонньуура. Арай ол чуумпуну балык сэмсээн дьиримнэтэр. Киһи эрэ уҥа-таала көрөн туруон курдук көстүүтэ. Бары саҥата суох көрөн турдубут.

  • Оппа! Бу үчүгэйин! – Тася бастакыннан саҥа аллайда.
  • Үчүгэйиин! Мин эмиэ дойдубар биэрэккэ киирэн олорорбун сөбүлээччибин – Надя күөл диэки көрөн туран.
  • Арба, онно дьиэлээххит дуо?
  • Суох. Эһиги курдук балаакканнан сытабыт. Оол көстөр хатыҥ чараҥ быыһыгар баар – ыйан көрдөрөбүн.
  • Кавалер эн миигин манна хаалларбаккын дуо? Күн-аайы киирэн киэһээҥҥи саһарҕаны көрүө этибит буоллаҕа дии! – дии-дии Тася ыгыстар.
  • Тася эн бүтүүй! - Надя тохтоппута буолар.
  • Онтон иккиэммитин да хааллардаҕына хааллардын ээ! Маннык дойдуга аҥардаһыахпын да сөп!
  • Дьэ поведенияҕыттан көрүллүө – диибин.
  • Хаалар туһугар овечка курдук сымнаҕас буолуохпут дии Надю?
  • Оннук – эмиэ ямочкалар оонньоон бардылар.
  • Чэ кыргыттар мин бардым – диэтим да тыыбар киирдим.
  • Онон сарсын кэлбэккин дуо?
  • Суох! Ынтах үлэм элбэх.
  • Саатар киэһэ баччаҕа?
  • Киэһээҥҥини ким билиэй. Төһөҕө бүтэрбинэн буоллаҕа дии.
  • Доор, кэлээриий! Кэтэһиэхпит дии! – Надя сылаас баҕайытык көрөн кээстэ.
  • Кэлиэҕим. Чэ үтүҥ! – тыыбын үттэрдим да эргийэн анараа биэрэк диэки эрдинэн бардым.

Кыратык баран иһэн эргиллэн көртүм кыргыттар биэрэккэ көрөн тураллара. Далбаатаан баран күөл уҥуор анньа турдум.
Сассыарда эрдэ туран кыратык от оҕустум. Дьонум хотоннорун иҥин дьаһанан күнүс эбиэт саҕана кэллилэр. Чайдаан баран оппутун икки чаас иһигэр кээһэн кэбистибит. Ото хойуу буолан бугула чугас. Уонна өрөбүлгэ мунньустан биэс эр киһи буоллубут. Оҕолордуун уончабыт. Сүбэлэһэн баран, иккис отко

тиийсик диэн, өссө биири кээстибит. Киэһэ сэттэ саҕана син сыһан-соһон бүттүбүт. Мин сарсын базаҕа тахсар буолан дэриэбинэлээбэппин. Дьонум үөрэн-көтөн дьиэлээтилэр.
Сып-сап суунан тараанан күөл уҥуор күпсүйдүм. Тиийтим бары эмиэ сайылыкка сүүрбүттэр. Арай били детдом оҕолоро кутаа аттыгар олороллор.

  • Ээ соторутааҕыта барбыттара. Бүгүн волейболга куоталаһаллар үһү. Дэриэбинэттэн матассыыкылынан уолаттар бөҕө кэлтэрэ – Леха кэпсии тоһуйда.

Кырдьык анараа сайылыкка саҥа-иҥэ элбээбит. Күлсүү-салсыы күргүөмнээбит.

  • Бэҕэһээ эн балык аҕалтыҥ дуо?
  • Мин.
  • Олус минньигэс этэ. Тася миэхэ бэйэтэ хаптарбыт курдук киһиргээбитэ – Леха үҥсэргиир.
  • Тася буһарсыбыта. Ону эттэ ини.
  • Суох-суох! Маннык хаптарбытым, маннык соһон таһаартым дии-дии кэпсээн-ипсээн – бөҕө буолта.
  • Чэ мин барыым. Ити балык аҕаллым. Ону буһарынаарыҥ. Покаларыҥ – диэн баран төттөрү тэпсэҥнээттим.

Дьиҥэр хаалар баҕа баһаам этэ да хайдах эрэ тутуннум. Арааста кэтэспэтэхтэр дии санаатым быһыылаах. Хайдах эрэ ол көр ортотугар баар буолуохпун эмиэ баҕарбатаҕым быһыылаах.
Уку-*** тыыбын үөскэ үтэн төттөрү уһуннум. Били күнү быһа от сүгэ сылдьан оҥорон көрбүтүм ханна да суоҕа. Күөлү ортолоон иһэн, бэйэм да билбэпинэн, хайыһан көрдүм. Арай биэрэккэ икки кыыс турар. Кимнээҕин сразу сэрэйдим да буоллар – көрөбөтөҕө буолан кулупаайдыы турдум.

Түүнү быһа кыайан утуйбатым. Эргичиҥнии хоннум. Бэйэбин үөхсэбин. Таһырдьа тахсан иһиттэхпинэ уҥуор дьон саҥата бөҕө иһиллэр.
Сарсыныгар тоҕуска кэлтим балааккаларга Бааска эрэ олорор. Проегын эргичиҥнэтэ олорор.

  • Бу манна сарай кыайан батыа суох. Арыый бу диэки сыҕарытабын дуо?

Проегы көртүм улахан уларыйыы тахсыбат эбит. Ол бурдук ыскылаата арыый саҕарыйбытыттан ким да сүүттэрбэт буоллаҕа дии.

  • Сыҕарыт-сыҕарыт. Итиннэ саатар улахан баҕайы чөҥөчөк олороро дии – өтөх ортотугар улахан баҕайы былыргы чөҥөчөк баарын өйдөөн кэллим.
  • Чэ хата бэрт. Билигин баран колышка анньаттаан биэриэм – диэтэ да кумаахытын илдьэ хаама турда.

Мин дьиэ тутуллуохтаах сиригэр бардым. Дьиэ күрүөттэн-хаһааттан тэйиччи ойуур иһигэр аһаҕаска тутуллуохтаах. Кыһынын тыал-куус көҥдөй күүлэйдээбэт сирэ. Тиийэн дьиэм олоҕун саҥа кэмнээн эрдэхпинэ Тася баар буола түстэ.

  • Аһаа күрүөйэх! Попался! Бэҕэһээ тоҕо күрээтиҥ?
  • Ээ ол оонньуу сылдьар дьону тоҕо да мэһэйдээтэмий?
  • Онтон биһиги кэлбиппит дии! Кэтэһиэхпит диэбиппит буолбат дуо?
  • Оннук баар курдуга.
  • Кэннигиттэн биэрэккэ киирбиппит ырааппыт этиҥ. Надя хомойон бөҕө. Бүтэһигэр мин буруйдаах буолтум.
  • Ол тоҕо?
  • Онтон баран кыратык волейбол оонньуохха диэн кучуйбут мин буолан биэртим. Надя киэһэни быһа буугунаабыта.
  • Наһаа да киэһэни быһа буолбатар!
  • Оннук-оннук! Чэ мин сүүрдүм. Эн кэлбиккин көрөн баран, туалетка бардым диэн ойуурга тахсан баран, кэлтим. Дьэ кырдьык сырайгын-хараххын хайыта тыытарбыт чугаһаата – диэтэ да сүүрэ турда.

Кэнниттэн көрөн туран баран сирбин кэмнээтим. Бүтэрим саҕана Байбал УАЗ-гынан тирилэтэн кэллэ.

  • Дорообо! Хайа, үлэ күөстүү оргуйар дуу?
  • Онтон син сыҕарыйар. Кыргыттар син үлэлии сатыыллар.
  • Баран көрүөххэ эрэ. Арба, эн сарсын командировкаҕа бардыҥ. Дьокууйкайга.
  • Ол туохха?
  • Ээ, мобилизированнайдары аҕала.
  • Ол туохтарбытый?
  • Оттуу кэлэр дьону. Обычно вытрезбиловкаттан иҥин хомуйан биэрээччилэр. Сороҕор ол-бу тэрилтэлэр буолааччылар.
  • Онтон объекка ким хаалар?
  • Пока Тиит сылдьыаҕа. Итиннэ базаҕа хаалла. Киниэнин пока бэйэм көрүөм. Дириэктэр олох ыыт диэн сатаабата. Онон миигинниин барсыаҥ.

Кэпсэтэ-кэпсэтэ оҕолорго тиийдибит. Тиит онно Бааскалыын хаама сылдьаллар. Биһигини көрөн бары муһуннулар. Тасялаах Надя бүтэһигинэн кэллилэр. Надя мин диэки тугу эрэ ыйытардыы көрөн кэбистэ. Ол кэмҥэ сүрэҕим түөспэр батымаары хаайда. «Тоҕо да бэҕэһээ барбыппыный! Саатар туралларын көрө-көрө» - диэн санаа аалан ааста.

  • Дорооболоруҥ оҕолор!
  • Дорообо!
  • Дьэ үлэ бөҕө үлэлээбиккит дии.
  • Онтон син хамсыыр – ити Бааска.
  • Бу үс күн иһигэр диэтэххэ элбэҕи үлэлээбиккит. Маладьыастаабыккыт!
  • Онтон маспытын кэрдэн, трелевкалаан биэрэн абыраатыгыт!
  • Бүгүн эмиэ иһэллэр. Суолга ситэн аастыбыт. Уонна Ньукулай диэн оҕонньор кэлиэҕэ. Ити дьиэ тутаргытыгар көмөлөһүө.
  • Маастарбыт уларыйбыта кырдьык дуо? – Тася ыйытар.
  • Кырдьык. Бүгүҥҥэттэн бу Тиит маастардыа.
  • Биһиги маастарбытын тоҕо уларыттыгыт?
  • Сарсын командировкаҕа Дьокуускайдыыр. Билигин миигин кытта барсар.
  • Ол аата букатын буолбатах буоллаҕа дии? – Тася тохтообот.
  • Суох-суох! Кэллэҕинэ син биир манна кэлиэ дии. Бу кини эппиэттиир объега. Мин санаабар нэдиэлэ курдук буолара буолуо.
  • Биһиги өссө уураппыттар дии санаабыппыт ээ.

Надя үөрбүт хараҕын көрөн аһардым.

  • Хайа ноо көмүскэчээччилэнэ охсубуккун дуу? – Байбал күлэр.
  • Бааллар ахан! Сороҕор тыҥырахтарын көрдөрдөллөр да.
  • Ол аата үчүгэй буоллаҕа дии. Куһаҕаннык үлэлиириҥ буоллар ким да наадыйыа суоҕа этэ. Көмүскэһээччилэриҥ да бойобуойдара бэрт эбит дии?
  • Биһиги маастарбыт киһи-киһитэ дии Надю?
  • Оннук! – Надя симиктик.
  • Чэ оҕолор үлэлээҥ. Тиит тыраахтарыҥ кэллэҕинэ дьаһайаар. Биһиги бардыбыт – диэн Байбал диспут бүппүтүн биллэрдэ.

Тасялаах Надя эргиллэн көрө-көрө киэр антах хаама турдулар.
Сарсыныгар долгуйар куораттаатым. Ол саҕана куорат икки оройуоннааҕа. Миигин Октябрьскай оройуон райсоветыгар ыыттылар. Сыалай нэдиэлэни быһа тэрилтэлэри, милииссийэ учаастактарын кэрийэн үс сөмүлүөт (чебурашка) киһини хомуйан ыыттым. Милииссийэттэн итирик аҥардаах, тэрилтэлэртэн син соҕус дьону хомуйтаатым. Тэрилтэлэр да улахан туһата суох дьоннорун ыыталлар. Үһүс сөмүлүөтүнэн бэйэм олорсон кэллим. Аҕалбыт дьоммун отделениялар көрсөн дьаһайбытынан бардылар. Барыта уонча хоннум быһыылаах.
Хонтуораҕа ааныгар бастакы көрсүбүт киһим Тиит буолан биэрдэ.

  • Хайа ноо кэлбиккинэн! Төһө элбэх дьону аҕаллыҥ?
  • Уопсайа үс сөмүлүөт.
  • Эйигин кыргыттарыҥ кэтэһэн иэдэйдилэр!
  • Хата бэйэҥ кэтэстиҥ ини?
  • Мин да таскайданарга элэйдим. Саатар ити сэп сорбун сордоото – диэн ИЖ Юпитер 4 матассыыкылын ыйан көрдөрөр.
  • Хайдах буолар?
  • Ээ эстибэккэ сордуур. Сотору уҥа атаҕым тилэҕэ туллара буолуо. Били тыллаах баҕайы Тася диэн кыыс күҥҥэ сүүстэ ыйыталаһар.
  • Ама дуу?
  • Оннук-оннук! Ханна бардыҥ?
  • Ээ дөкүмүөннэрбин толорон туттарыам. Командировочнайбын, чековай киниискэбин иҥин.
  • Чаас аҥарынан бүтэҕин дуо?
  • Онтон син успейдыыр инибин.
  • Чаас аҥарынан манна баар буолаар! – ыйыы конкретнай буолла.
  • Сөп, сөп! – иһирдьэ дьылыс гынным.

Хонтуора иһэ уу чуумпу. Бухгалтерияҕа икки дьахтартан ураты ким да суох. Командировкам отчуотун суруйа охсон туттараат таһырдьаны былдьастым.
Тиитим кэтэһэн олорор эбит.

  • Олор – диэтэ.

Матассыыкыл бу сырыыга бирилии түстэ. Киһим иккис скоростан хоҥнон дэриэбинэ быылын өрүкүтэ турда. «Зыыгыначчы» айаннаан дэриэбинэттэн тахсан үрэххэ тиийэн тохтоотубут.

  • Кэллибит! – кэпсэтии кылгас.

Киһим коляскатын хаһан биир буокканы элээрдэн таһаарда.

  • Бу урукку хасааһым. Ити эн бухгалтерияҕа олордоххуна баран аҕаллым.

Арба, ол саҕана Горбачев «сухой закона» бүрүүкээн турар кэмэ этэ. Ити ас хаһаастаах эрэ дьоҥҥо баара. Биэрэккэ олорон аһааһын саҕаланна. Кыра сокууска оҕолоохпут.

  • Дьэ ноо мин эйигин улаханнык убаастыыбын! Били ааспыкка да бэркэ көмөлөспүтүҥ. Уонна үлэни бэркэ аттарбыккын. Эдэр киһиттэн итинник дьаһаныа диэн кэтэспэтэҕим. Ынараа олох чаһыы курдук үлэлииллэр. Тугу эмит этээри гыннахха - барытын эйигин оннук-маннык гынаарыҥ диэбитэ диэн иһэллэр. Дьэ олох маладьыастаабыккын. Бэл Бииктэрдээх Сааба инньэ дииллэр. Чэ иһиэх!

Ити курдук хааһылаһа-хааһылаһа иһити ыраастаан, салаан кээстибит. Син лаппа сылайдыбыт. Куйааһа да бэрт этэ.
Сарсыныгар сэрэйбит курдук конебазабар ыыттылар.

  • Бу нэдиэлэннэн бүтэллэрэ буолуо. Материал барыта баар, астара баар. Онон манна тиэстиэ суоххун сөп. Отуо көрдүлэр да эмиэ ханна эрэ ыытаары хаайыахтара. Миэхэ онно киһи наада – Дьокуускайга буолбатах. Миэхэ тутуу барыан наада. Уонна дэлби былаанката илдьэ бар.Форма два-ҕын уонна нэрээккин толоро сылдьаар. Улахан наадаҕа эрэ кэлээр –садаанньа кытаанах буолан биэрдэ.

Мин үөрүүннэн кумаахы ылаат үүт собуотугар сүүрдүм. Санаам барыта онно. Баччаларга молоковоз биир сайылыктан кэлэн Бэстээххэ барыахтаах. Хата успейдаатым. Үүтүн саҥа сүөккээн бүтэн турара. Онон молоковозка хатаастан тэптэрэ турдум.

  • Ноо ити биэрэккэ эн тыыҥ сытар дуо? – молокобуос Болуодьа ыйытар.
  • Миэнэ.
  • Ол иһин инньэ дии санаабытым. Улахан үчүгэй тыы эбит дии. Икки киһи холкутук сылдьыыһык.
  • Урут, куска, икки буолан таһаҕастаах сылдьар этибит.

Өр гыммакка өрө сүүрдэн тиийдибит. Массыынаттан түһэн тиийтим базаҕа Тася эрэ баар. Эбиэт буһара сылдьар.

  • Оо кавалер кэллэ! Дорообо! – дии тоһуйда.
  • Дорообо Тася! Хайа сыллаһабыт дуо?
  • Эйигин кытта сыллаһан да бэрт!
  • Бай ол тоҕо?
  • Надюга киһи сырайын буортулатаары гынаҕын дуо? Кылатарым наада курдук ээ. Уонна бостуук Бааска да сыллыыра сөп – күлэр.
  • Бай! Бостууктана оҕустугут дуо?
  • Бостууктаммакка! Эйигин кэтии сылдьыллыа дуо?
  • Онтон хаалыах курдук саҥарар кыргыттар бааллара дии?
  • Бостуук да ыҥырдаҕына хаалыллыа. Эн курдук чугурус буолбатах!
  • Ээ сөп-сөп! Мин барыахпыттан-кэлиэхпэр дылы санаан сылдьыбытым бостууктанан хаалбыттар буолбат дуо?
  • Надю да саныыра сөп! Отуо кэлтэгэй буолара чугаһаата. Хараҕа аартыкка, санаата Кавалерга.
  • Ама хайаан?
  • Хайаанныы олоруоҥ дуо ити күөһү таһаар. Кырдьык даҕаны бүгүн Надюны ыҥыраар эрэ. Кэлбиккин көрдөҕүнэ үөрүө. Бэл били шоколаадыҥ хаҕын укта сылдьар. Эн Надюны атаҕастаайаххын эрэ. Наһаа наивнай кыыс. Ити истибэтигэр диэн этэбин. Миигин эппитэ диэйэҕин. Эйигин кумир гынан бүтэ сылдьар. Оскуоланы бүтэрэр сылыгар дьоно утуу-субуу ыалдьан өлөн хаалбыттар. Онон бырааттарынаан кырдьаҕас эбээлэригэр олороллор. Ыарахан баҕайы олохтоохтор.
  • Билбэтэҕим ээ.
  • Билигин билэҕин. Саатар барыахпытыгар дылы кавалердаа.
  • Дьиҥин эттэххэ мин да кинини сөбүлүүбүн ээ.
  • Оҕолор иһэллэр. Эппиппин өйдөөр. Дьиҥэр наһаа үчүгэй кыыс. Ол иһин тапсан сылдьабыт.

Ол икки ардыгар оҕолор кэллилэр. Били бастакы кэлбиттэриттэн олох атын көрүҥнэммиттэр. Сырайдыын-харахтыын, туттардыын-хаптардыын. Сибиэһэй салгын, ас, илии үлэтэ тугу оҥорботторо баарай. Бастаан оҕо курдук буоллахтарына – билигин олох атын көрүҥнэммиттэр. Быһата тупсубуттар ахан.
Миигин көрөн үөрүү бөҕө буоллулар.

  • Дорообо! Хайаа кэлбиккин дии! Биһиги эйигин аҕынныбыт ахан!

Ол быыһыгар күлэллэр:

  • Дьэ ноо сэрэн бостуук Бааска дуйгун тутуо. Тасялыын тугу гыммыккыт биллибэт – дии-дии ыгысталлар .

Оҕолор быыстарыгар харахпынан Надяны көрдүүбүн. Тоҕо эрэ көстүбэт.

  • Күлэ сылдьыҥ! Дуйгутун тутуом! Онтон били дьиэ тутааччыларгыт аһаабаттар дуо? – Тася хабытайданар.
  • Ээ таарыйбакка кэллибит.
  • Оччоҕо мин, дьиэни көрө таарыйа, баран ыҥыртыам – диэтим да кэккэлэтэ турдум.

Тиийтим - дьиэ көҥдөйө бүппүт. Түөрт кыыс күүлэ истиэнэтин хаптаһынын саайа сылдьаллар эбит.

  • Дорооболоруҥ оҕолор! Хайа дьиэни бүтэрбиккит дии?
  • Дорообо! Кэлбиккинэн! Билигин да ыраах буоллаҕа дии.

Надя миигин көрөн харахтара чаҕылыһа түстүлэр. Мичээрдээн ямочкалара тахсан кэллилэр. Сибилигин аҕай: серьезнай баҕайы киһи тоһоҕо саайа турара.

  • Хайа оҕонньоргут?
  • Илимигэр кииртэ. Балыктаан абыраата. Өссө кини баар буолан туттубут – дэһэллэр кыргыттар.
  • Тася эбиэт дии-дии хаһыытаабыта ыраатта. Миигин көрдөтө ыытта – диэтим.
  • Эбиэт даа? Оо эбиэти убаастыыбыт! Чэ барыаххайыҥ! – диэтилэр да тутан турар мастарын, молотуоктарын элээрдэн баран балааккалар диэки тэбинэ турдулар.

Надя туран хаалла.

  • Надю дорообо!
  • Дорообо доҕор!
  • Хайа, тугу кэпсээтиҥ?
  • Тайҕаҕа туох сонуна кэлиэй! Эйиэхэ?
  • Миэхэ да суох! Надя бу эйиэхэ – шоколадпын биэрэбин.
  • Уой! Баһыыба!
  • Надю киэһэ күүлэйдиибит дуо?
  • Поведенияҕыттан көрүллүө – диэтэ да күлэ-күлэ сүүрэ турда.

Тыа саҕатыгар тиийэн иһэн тохтоон эргиллэн:

  • Мин эйигин наһаа күүппүтүм - диэтэ да эргиллэн сүүрэ турда. Маҥан былаата мас быыһынан аҕыйахтык элэҥнээн хаалла.
    Барытын эргийэн кэлиэхпэр дылы бары аһаан бүппүттэр этэ. Таһырдьа ким да көстүбэт, бары балааккаларыгар сыталлара. Арай Тася иһитин сууйа турара. Мин кэлбиппэр миин кутан биэрдэ.
  • Хайа ити туох диэҥҥин өйө-төйө суох ыыттыҥ?
  • Кими?
  • Эмиэ атыны туойан барда! Надюны буолбакка. Манна көтүүннэн кэлбитэ. Сырайа сырдаабыта сүрдээх. Уонна аһаат балааккатыгар тэбинтэ. Араста шоколадын сии сүүрдэ быһыылаах.
  • Ээ кырдьык шоколад биэртим этэ дуу – билиммитэ буолабын.
  • Шоколад эрэ буолбатах быһыылаах. Киһи этэрин да өйдөөбөт буолбут. Урут иһит сууйсар этэ. Олох таһыччы тимирдэ.
  • Киэһэ күүлэйдиэх буолбуппут.
  • Ол иһин үөрбүтэ сүрдээх этэ. Чэ үчүгэй эбит. Ол гынан баран мин эппиппин өйдөөр.
  • Сөп-сөп!

Киэһээҥҥэ дылы күн уһаабытын көрүөҥ этэ. Дьон ортотугар да сырыттарбын Надялыын көрсөрбүн кэтэһии бөҕө. Уонна үксүн база тутуутугар сырыттым. Онно да быһаарыллыах боппуруос син баар буолан биэрдэ. Бииктэрдээх Сааба элбэх маһы кэрпиттэр. Онон улахан көмө буолбут. Кыргыттар ойууртан мас кэрдэн, сүгэн иһэллэрин ойуулаан көрдөххө соччо киһи хайҕаабат хартыыната көстөр.

    Сорохтор алааһы эргийэ баҕана үүтэ хаһа сылдьаллар, сорохтор күрүө саайаллар, сорохтор бэлэм күрүөнү хатырыктыы сылдьаллар, сорохтор соһуллубут мастан сиэрдийэ таскайдыыллар. Олох кымырдаҕас курдуктар. Инньэ гынан кыайар буоллахтара дии.
Киэһэлик дьиэ тутаччыларга тиийдим. Ньукулай оҕонньор «Беломорун» туора уобан олорор.

  • Дьэ ноо мин үлэм почти бүттэ. Атынын оҕолор бэйэлэрэ ситэрэллэр ини. Хата үлэһит кыргыттар эбит. Улахан эрэйэ суох туттубут. Бу киэһэ дьиэлиэм. Сарсыҥҥаттан оппор барыам этэ.
  • Дьэ оҕонньор баһыыба! Оҕолорго көмөлөһөн абыраабыккын.
  • Ээ мин көмөм диэн. Хата оҕолордуун сылдьан аралдьыйан абыранным. Дьиэҕэ таах көппөйөн сытыахтааҕар кэм аралдьыйыы буоллаҕа дии. Икки ынахха мантан инньэ от булар инибин – диэтэ да сис туттан баран, табааҕа буруолуу-буруолуу, хаама турда.

Кыргыттар күүлэлэрин саайан бүтэн иструменнарын хомуйа сылдьаллар. Надя миигин көрөн олус истиҥник мичээрдээн ылла.

  • Хайа саайбыппыт хайдаҕый?
  • Үчүгэй дии. Олох болуотунньук буолан бүппүккүт дии.
  • Ньукулай баар буолан туттубут. Хайа кыргыттар? – эргиллэн көрбүппүт биир да кыыс суох.

Кыргыттар былыр үйэҕэ Ньукулай кэнниттэн суоллара сойбут эбит. Сибилигин аҕай манна бааллара ээ.

  • Надя мин эйигин тоҕуска биэрэккэ кэтэһиэм. Кэлээр. Билигин үргүччү бардым. Тоҕуска баар буолуом. Сөп дуо?
  • Сөп! Чэ мин бардым. Итак кыргыттар күлэллэр. Оччоҕо тоҕуска! Кэтэһээр! – диэтэ да сүүрэ турда.

    Болдьохтоох кэмҥэ биэрэккэ баар буоллум. Күн арҕаалан саҕахха чугаһаан эрэрэ. Күнүскү куйаас дьүгэлийэн арыый сөрүүдүйэн эрэр кэмэ этэ. Быйыл кураан буолан кумаар аҕайах. Онон киһи эрэ үөрүөх курдук. Эбиитин Надюлыын көрсүөхтээхпит. Урут хаһан да сибидээнньэлээбэтэх киһи курдукпун. Долгуйан бөҕөбүн. Ынараа биэрэктэн кэлээри туран сибэкки хомуйан кэлтим. Дьиҥэр сибэкки да кэмэ бүтэн эрэр кэмэ этэ. Ол да буоллар син онон манан сэрбэйэн көстөр. Хата колокольчик бөҕө тыы тахсар чугаһыгар баарын сүрэҕэлдьээбэккэ хомуйан кэлтим. Мин колокольчик диибин – баҕар василёк буолуо. Чэ быһата нарын баҕайы халлаан күөҕэ сибэкки.
Биэрэккэ уонча мүнүүтэ кэтэстим быһыылаах. Олох киинэҕэ көстөр кавалер курдукпун. Арай хаалтыһым эрэ тиийбэт. Сибэкки дьөрбөлээх аартык диэки көрөн баран турабын.
Надя бөлкөй талах кэнниттэн стройотрядовскай форматын кэппитинэн көстүбүтүгэр дьэ «һуу» гынным! Утары сүүрдүм. Надя эмиэ миигин көрөөт эмиэ утары сүүрэн барда.
Утары көрсөн куустуһа түстүбүт. Сэрэнэн уураан ыллым.

  • Надя бу эйиэхэ – сибэккибин уунабын.

Кыыһым кыбыстыбыт бэйэтэ сибэккини көрөн үөрэ түстэ.

  • Уоаай! Наһаа үчүгэй сибэккилээр. Баһыыба! Миэхэ ким да сибэкки биэрэ илик. Наһаа үөрдүүм! – били кэмчиэриһии киэр илгилиннэ.
  • Надю эн кэлбиккэр олус үөрдүм дии – кыыһым үөрбүтүн көрөн.
  • Мин эмиэ эйигин көрөөт наһаа үөрдүм уонна, уонна суоххар ахтар эбиппин.
  • Мин эмиэ Дьокуускайга сылдьан эйигин эрэ саныырым. Надю тыыннан хатааһылыыбыт дуо?- Теманы уларытаары, күүрүүнү сымнатаары.
  • Чэ! Мин кыра сылдьан аҕам тыытынан күөлгэ киирэн хатааһылыыр этим. Биирдэ ийэбэр тутуллан мөҕүллүбүтүм. Аҕам эрэйдээх хата хайҕаабыта – Надя хараастан ылла.
  • Бииринэн барабыт дуу иккиннэн дуу? Миэнэ улахан тыы, икки киһи холкутук устар тэрилэ – эмиэ санаатын уларытабын.
  • Ээ, бииринэн барыахха! Эн миигин хатааһылатыаҥ дии! – эмиэ ямочкалар оонньоон бардылар.

Надя биллэ үөрэ быһыытыйда. Били санаа хааччахтара төлө бардылар быһыылаах.
Иккиэн биир тыыга олорон күөл устун устан бардыбыт. Күн, эмиэ били бастакы күн курдук, саҕахха түһэн тиһэх сардаҥалара ууга түһэн дьиримнииллэр. Киһи көрө үөрүөх курдук. Аттыбар саха нарын кыыһа мин диэки көрө-көрө, үөрэ-көтө олороро кэрэтиэн эбитиэн! Билигин бу сиргэ биһигиттэн атын дьоллоох дьон суоҕа!
Ону-маны кэпсэтэ-кэпсэтэ оргууй аҕай устан иһэбит. Биэрэк устун сэлэлии үүммүт хатыҥнар ааһан истэхпитинэ үөрбүттүү далбаатаһар курдуктар.

  • Доор, бу хатыҥнар олох ыһыах дьуохарыгар илии-илиилэриттэн ылсыбыт дьуохардьыт курдуктар дии! – Надя биэрэк диэки көрөн олорон.
  • Өссө бу чуумпу буолан оргууй хамсыыллар. Салгыннаахха тэлибирэстэхтэринэ көтөн эрэр курдук буолаллар. Надю мин наһаа үөрдүм, атыбар эн бааргыттан.
  • Мин эмиэ! Маарыын эн кэлбиккин көрөн ханна да барыахпын булбатаҕым. Ыллыыбыт дуо? – Надя үөрүүтүттэн.
  • Чэ! Эн саҕалаа, мин билэр буоллахпына кыттыһыам – диибин.
  • Мин үөрдэхпинэ ыллыах санаам кэлээччи.
  • Онтон ыллаарыый. Манна миигиттэн ураты ким да суох ээ.
  • Чэ ыллыым. Эн күлээйэххин. Сатаан ыллаабатар да – санаам көнньүөрбүччэ.

Үчүгэйиэн ыйдаах түүн
Тыыннан устар үрэххэ,
Эрчимирдэр эн күлүүҥ
Эрдэн биэрэн истэххэ.
Үчүгэйиэн үрдүбэр -
Үрүҥ туман быыһынаан,
Суһуох курдук лабаалаар
Хоҥкулдуйан ылаллар…
    Ыраас, лыҥкынас куолас күөл үрдүгэр ой дуораана буолан охсулунна. Олох бу түгэни хоһуйбут курдук ырыа. Ырыаһыта да кыраһыабайа бэрдэ. Мин эрдинэрбин да умнан айахпын атан баран Надюну одуулаан олоробун.

  • Надю эн олох маладьыаскын дии! Мин билбэт ырыам эбит. Тэлэһийэ сылдьан истибэтэх ырыаларым элбэх буоллахтара дии!
  • Ээ ити ырыа кырдьык биһиэхэ майгынныыр дии. Мин бу ырыаны наһаа таптаан ыллыыбын ээ. Уонна бүгүн наһаа үөрдүм.

Төһө да бытааннык устубут иһин тиийиэхтээх сирбит тиийэн кэллэ.

  • Бу эн оттуур сиргэр кэллибит дуо?
  • Оннук. Билигин отууга барыахпыт – диэтим тыыттан тахсан иһэн.

Тахсан тыыны соһон баран көнүүбэр утары Надя көрөн турара.

  • Надю! – диэтим да кууһан ыллым.

Уонна уураан бардым. Кыыһым урут уураспатах да быһыылаах. Хараҕын симэн сыстан турар.
Оргууй аҕай куустуһан баран отууга бардыбыт. Ол иһэн тугу кэпсэтэрбит буолла. Биигин ол өйбөр суох. Ол саҕана бу аттыбэр баар кэрэ киһиттэн, кини мичээриттэн атыны көрбүтүм да истибитим да биллибэт. Арбаҕастаах да кэллэҕинэ арааран көрүөм биллибэт.
Отууга тиийэн уот оттон чаай сылытынныбыт. Надю аттыбар баара, аттыбар үөрэ-көтө олороро үчүгэй даҕаны. Көтүөхпүн кынатым эрэ суоҕа.

  • Наһаа да кэрэ сиргэ оттуур эбиккит. Дьонум баалларыгар оттуур этибит. Эмиэ маннык хатыҥ чараҥ быыһыгар отууланааччыбыт. Ийэм хатыҥ быыһынан сылдьан ыллааччы.
  • Дьонуҥ хайдах буолтарай?
  • Ийэлээх аҕам үс сыллааҕыта утуу-субуу ыалдьан өлтөрө. Мин онуска үөрэнэрим. Дьиэбитигэр бырааттарбынаан бэйэбит туран хаалбыппыт. Бастаан аҕам хаана тоҕо баран барбыта. Сылгыһыт этэ. Онтон үс ый буолбакка ийэм сүрэҕэ тохтообута. Арааста аҕам суох буолбутун уйбатаҕа быһыылаах. Хата эбэбит атын дэрэбинэттэн көһөн кэлэн абыраабыта – Надя хараастан хараҕын уута таммалыыр, саҥата титирэстиир.
  • Надю уоскуйууй. Билбэккэ ыйыттым ээ. Билигин мин баарбын дии – хайдах ити акаарыбар билэ-билэ ыйыппытым буолуой.

Надябын ууруу-ууруу ааттыыбын. Бэйэбэр ыга кууһабын.

  • Чэ, ничего, билигин уоскуйуом. Дьоммун санаатахпына куруук ытамньыйабын. Уонна ити кэннэ лаппа чэпчиибин ээ. Эбэм эппитинии кинилэри солбуйа биһиги хааллахпыт дии.

Төһө уһуннук оннук куустуһан олорбуппут буолла. Тугу кэпсэппиппит, ыраламмыппыт буолуой! Ону алаас эрэ хатыҥнара билээ эрдэхтэрэ.
Өйдөнүөхпүтүгэр дылы чаайбыт эмиэ сойбут этэ. Чаайдаан баран төнүннүбүт.
Эмиэ тыыбытыгар олорон уҥуор уһуннубут. Надю үөрбүт, сүргэтэ көтөҕүллүбүт сырайын көрүөҥ этэ. Киһи эрэ күнү быһа ууруу олоруох курдук. Бу сырыыга олох быһа тутан кэбистибит.
Надя тыы иннигэр олорон эмиэ ыллаан барда:
Сир үрдүгэр баар саамай кыраһыабай
Алааһы көрдөрбүтүҥ эн миэхэ,
Харахпар хатанна ол чуумпу киэһэ
Былыттар быыстарынан ый устара.
Ол онно хоптолор аймана көтөллөр,
Ол онно эн биһикки көрсүбүппүт,
Умнуом дуо ама мин тииттэрдээх сыырдары,
Хоптолоох биэрэги – эйигиин…
Надя ырыалара ис сүрэхтэн тахсар буолан киһи эрэ истиэх курдук. Эбиитин мин диэки үөрбүт харахтарынан көрдөҕүнэ, мичээрдээн мичийдэхтэринэ дууһам дьолунан туолара.
Надяны балааккатыгар дылы атаардым. Балааккалар тастарыгар, сайылыкка ким да суоҕунан сылыктаатахха бары утуйбуттар.

  • Сарсын эмиэ хатааһылыахпыт сөп! – Надя арахсаары туран.
  • Оннук буоллаҕа дии! Надю мин бүгүн наһаа үөрдүм – диибин.
  • Мин эмиэ. Арба, мин эйигин бастакы күн хонтуораҕыт кэннигэр көрөөт сөбүлээбитим.
  • Мин эйигин кэлин били буор хаһа сырыттаххытына көрөн баран сөбүлээбитим. Онно мичээрдээбиккэр ямочкаҥ тахсан кэлтэ.
  • Чэ мин барыым. Тася дуйбун тутар буолла быһыылаах!
  • Бостуук Бааскатынаан күүлэйдии сырыттаҕа дии?
  • Ээ суох! Ханнык да Бааската суох! Маарыын сытта ини.
  • Онтон маарыын Бааскалаахпын диэн эрэрэ дии?
  • Ээ ити эйигин тэйитээри эттэ ини. Дьиҥэр Тася Дьокуускайга уоллаах ээ. Ити бойобуойун көрүмэ Тася наһаа үчүгэй кыыс ээ. Эдьиийим курдук. Боруоста бэйэтэ итинник көстө сатыыр.
  • Мин да үчүгэй киһи дии саныыбын. Ч э пока! Отуо кырдьык мөҕүллүөҥ! – кууһан ылан ууруубун.

Надя балааккатыгар чугаһаан иһэн төттөрү сүүрэн кэллэ. Кууһан ыллым.

  • Арба, мин эйигин ууруу илик эбиппин! Эн эрэ ууруоҥ дуо! – диэтэ да уураан ылла.
  • Чэ покаа! – диэтэ да балааккатыгар сүүрэ турда.

Сарсыныгар күнү быһа үлэ күөстүү оргуйда. Миигиттэн уонна Бааскаттан уратылар күүстээх илии үлэтигэр умса түстүлэр.
Бааска биһикки сметаны хаһан форма два ааҕын (акт выполненных работ) оҥордубут. Сыалай, энциклапедия саҕа халыҥнаах, сметаны подборкалаан суоттаан суруйуохха диэтэххэ син тиритиннэрдэ. Быыһыгар баран сорох объемнарбытын кэмниибит. Аны ити үлэлэрбитигэр нэрээт суруйуохтаахпыт. Быһата «Тоска» үлэ. Сүрэҕэлдьээн нэрээппитин сарсынҥыга салайдыбыт. Санаабытыгар бириэмэ өссө да баара…
Надя кэлэ-бара мин диэки мичээрдии сылдьара үчүгэй даҕаны. Киэһээ үлэ бүтүөн иннинэ кэрийэ бардыбыт. Бүтэһигинэн дьиэ тутааччыларга тиийдибит. Кыргыттар дьиэ фронтонун саайан бүппүттэр.
Тася аллараа хаптаһын эрбии турар.

  • Хайа кавалер биһиги да уһанар эбиппит буолбат дуо? – Тася күлэ тоһуйда.
  • Оһуобай эбиккит дии! Салыннардыгыт дии!
  • Ити барыта Надю саайар – диэн баран үөһээ лесаҕа турар Надяны ыйар.

Надя истибит курдук эргиллэн мин диэки мичээрдиир.

  • Хайа бэҕэһээ төһө бэркэ күүлэйдээтигит? Түүн хойут кэлэн киирэн эрэрэ дии. Өссө төннө-төннө уураһыылаах дуу?
  • Үчүгэй! Онтон эн бостуугуҥ?
  • Бостуук сынньаммыта – Тася далбаатаан кээстэ.
  • Олох маладьыастаабыккыт дии! Киһи сөҕүөх курдук. Кыргыттар туппуттара диэтэхпинэ итэҕэйиэхтэрэ биллибэт.
  • Ээ, ити Надюлаах. Мин поди-подай буола сылдьабын. Кавалер бу киэһэ эмиэ хатааһылыы бараҕыт дуу?
  • Баран.
  • Онтутун кистээн сордонор эбит дии. Киниэнэ барыта таска көстө сылдьар. Уурастыгыт дуо диэбиппэр – баһа тулла сыста. Сырайа алтан кытыйа курдук кытарта. Били мин эппиппин өйдүүр инигин?
  • Өйдөөн.
  • Дьиҥэр эн үчүгэй киһигин. Таах да бэйэм эрийсиэм хаалбыт – диэн баран хаптаһынын тутан дьиэ диэки хаамта.
  • Шабаш! Кыргыттар түһүҥ! Бүгүҥҥү күҥҥэ сөп буола үлэлээтибит! Барыаххайыҥ! – диэтэ да хаптаһынын «талыр» гыннара бырахта.

Кыргыттар ону эрэ кэтэспиттии хомунан тыас хомуннулар. Лесаҕа Надя эрэ туран хаалла.

  • Хайа кыргыттарыҥ хамаанданы истэллэр бэрт эби дии – күлэбин.
  • Онтон сылайдахтара дии уонна Тася хамандьыырбыт ээ. Кини эппитэ сокуон – Надя лесаттар трабынан түһэн иһэн.

Утары көрсөн кууһан ыллым.

  • Туттум ээ эйигин! Күнү быһа куота сылдьыбыккын!
  • Сүрэхпин сүүйэн баран туппаккаҕын. Тася маарыын ыйыталаһан сордообута. Ону мин партизан курдук буоллаҕым дии. Бэҕэһээ икки ардыгар ахтыбыт да эбиппин – Надя миэхэ сыстар.

Киэһэ эмиэ биэрэккэ көрүстүбүт. Бэҕэһээҥҥи курдук түүн хойукка дылы күүлэйдээтибит.

  • Сарсын били эн этэр өтөххөр бара сылдьыахпыт сөөп? – Надя арахсаары туран.
  • Сөп-сөп.
  • Тасяны илдьэ барыахпыт сөөп?
  • Оннук.
  • Доор, сотору биһиги барыахпыт. Мин ону санаатахпына сүрэҕим ыалдьар.
  • Мин эмиэ саныыбын. Чэ хайдах эмит сүтэрсибэт инибит – уоскутабын.
  • Эн миигин умнумаар, сөөп!
  • Ама, хайаан умуннамый!
  • Чэ сарсыҥҥа дылы! Эмиэ доппуруоска түбэһэр буоллум быһыылаах – диэтэ да сүүрэ турда.

Кэнниттэн одуулаан туран хааллым. Сэгэрим сүүрэрэ чэпчэкитин!
Сарсыҥҥы күн үлэ күөстүү оргуйда. Бүтэр чугаһаан кыргыттар
тутталлара да сымсатыйбыт. Били кыайыахтара суоҕа диэн бастаан санаабытым сыыһа буолан таҕыста. Ити дьарамаҕай бэйэлэрэ хантан күүс-уох ылаллара буолла. Иннилэригэр хайа да баар буоллаҕына сыҕарытан ааһыыһыктар. Бу тухары биир «ыарахан» диэн тылы истибэтим. Барытын санаалара күүһүнэн уонна эдэрдэрин уоҕунан кыайаллар. Кэлин үөрэнэннэр ону-маны барытын сатыыр буолбуттар. Хайдахтаах да үлэни үөрэ-көтө, ыллыы-туойа оҥороллор.
Бу күн киэһэ арыый эрдэ бүттүбүт. Тыл быктарбыт киһи быһыытынан кыргыттары өтөххө илтим. Уҥа-хаҥас кыбынан баран хаамса турдубут. Икки биэрэстэни өр гыныахпыт дуо! Аҕыйахта үктээн тиийдибит. Алаас арҕаа өттүгэр баар өтөххө киирэн кэллибит. Өтөххө балаҕан төҥүргэстэриттэн уонна кыҥнайбыт сэргэттэн ураты туох да суоҕа. Арааста хаһааҥҥы эрэ уот сиэн ааспыт быһыылаах

  • Дьэ бу Харатаайаптар өтөхтөрө – диибин.
  • Тоҕо кыратай? – Тася мыынар.
  • Урут баҕар киэҥэ буолуо. Уонна Харатаайаптар кулубалар буолбатахтар ээ. Быстар дьадьаҥы ыал.
  • Хайдах? Онтон кинигэҕэ кулуба диэн дии! – Тася үүтүн былдьаппыт оҕо курдук туттар.
  • Бу дойдуга Харатаайан диэн кулуба баар буола сылдьыбатах. Николай Якутскай кинигэ суруйарыгар дэриэбинэҕэ Харатаайаба диэн дьахтар сэбиэттээн олорбут. Ол дьахтар суруйааччыга бэйэтин өтөҕүн көрдөрбүт. Дьоно быстар дьадьаҥы дьон үһү. Онон кинигэҕэ суруллубут өтөх бу – диибин.
  • Дьикти эбит. Ону эн хантан билэҕин? – Тася син-биир бэриммэт.
  • Кыра эрдэхпитинэ Николай Якутскай оскуолаҕа кэлэн кэпсээбитэ. Уонна ол дьахтар манна билигин да баар ээ.
  • Чэ ити өтөх хоту өттүн диэки көрүтэлээҥ. Урут итиннэ үүнэр ахан этэ.

Кыргыттар төҥкөҥнөһөн бардылар. Өтөр буолбакка буллулар быһыылаах саҥалыын сүттүлэр. Мин чөҥөчөккө олорон табаахтаатым.

  • Кавалер! Тоҕо эрдэ аҕалбатаххыный? Хойутаабыт эбиппит дии. Дэлби хатан хаалбыт дии – от быыһыттан Тася саҥата.
  • Эрдэ бириэмэ баара дуо? Уонна санатыа этиҥ буоллаҕа дии!
  • Эрдэ эн ырааҕынан хаама сылдьыбытыҥ дии! Надюны кытта уураһан чобурҕатыспатаххыт буоллар бүгүн да аҕалыаҥ биллибэт! – күлэр саҥата бөҕө.
  • Тася! Эмиэ, эмиэ! Бүт эрэ – ити Надя.

Туран Надя саҥатын хоту бардым. Ойуур саҕатыгар от быыһыгар сыылла сылдьар эбит. Миигин көрөн:

  • Тэпсимэ! Син баар эбит. Итиннэ олор – диэн сибигинэйдэ уонна далбаатаата.

Мин өйдөөбөтөр да хаптайдым. Надя төттөрү сыыллан кэллэ.

  • Аҕынным даҕаны! – диэтэ.

Онно сытан уураһан бардыбыт. Надю толлойбут уоһа дьэдьэн амтаннаах. Киһи эрэ ууруу сытыах курдук.

  • Хайаа! Хомуйан ырааппыттар диэбитим били олоҥхоҕо курдук эбит дии. Бэйи туох диэн этэй! Ээ дьэ өйдөөтүм: «Сытыахха тиийбэккэ сылласпытынан бардылар, утуйуохха тийбэккэ уураспытынан бардылар…» - Тася саҥарбытыгар бурал гынныбыт.
  • Тася тоҕо киһини соһутаҕын?
  • Киһи кэлэн өлөртөөн да барбытын иһин билиэ суоххут дии! Надю төһөнү хомуйдуҥ?
  • Куруускабын ортолоотум.
  • Миэнэ туолан сороҕун былааппар куттум. Оо, дьэдьэн бөҕөнү тэпсэн кэбилээбиккит! Туруҥ! Хомуйбат буоллаххытына ынтах суолга тахсан уураһыҥ! – Тася күлэн ыгыстар.
  • Онтон хомуйуохпут дии! Чэ хомуйуохха. Эн ытыскар хомуйа-хомуйа миэхэ кутаар сөөп! – диэн баран чоҕулуччу көрөн кэбистэ.

Өр гыммакка иһиппитин толордубут. Иһит уонна суоҕунан, сиик түспүтүнэн сибээстээн төнүннүбүт. Кыргыттары балааккаларыгар атааран баран отуулаатым.
Билтим буоллар баран да бэрт этэ. Сарсыҥҥы күн былааммытын тосту уларыппыта… Билтим буоллаар! Хомойуох иһин – билбэтэҕим.
Сассыарда сэттэҕэ уһуктарбар балааккам аттыгар массыына кэлэн хорус гыммыта. Массыынаттан Байбал тахсан кэлбитэ.

  • Дорообо! Хайа саҥа турдуҥ дуо?
  • Дорообо! Саҥа.
  • Дьэ ноо эйигин ыла кэллим.
  • Тоҕо?
  • Бүгүн баһаарга барар буоллуҥ.
  • Ханна?
  • Өрүс уҥуор улахан баһаар турбут. Онно мобилизацияҕа барар буоллуҥ. Бүгүн уонҥа вертолет кэлэр. Онно мантан барар хамаандаҕа салайааччыннан ананныҥ!
  • Онтон объегым?
  • Тиит солбуйуо. Урут да солбуйбута. Онон билэр объега. Уонна бүтэн эрэр. Аҕыйах күн тулуйуо. Чэ олор бардыбыт.
    Уон чааска вертолет порттан көтөн хоту тута турбута. Баҕа санаам барыта хааллаҕа ол. Онно аны Надяны көрбөппүн – сэрэйбитим. Уонча хонон төннүүбүтүгэр стройотрядтар былыыр барбыт этилэр.

Арай остуолбар өстүөкүлэ анныгар кэмбиэр эрэ сытара.

  • Ити эйиэхэ били тыллаах кыыс хаалларбыта – Тиит ыйан көрдөртө.

Кэмбиэр иһигэр биир хаартыска толугураан сылдьара. Ол Надя хаартыската этэ. Аны көрдөххө суруктаах эбит. Оччолорго ити суругу өйдөөн да көрбөтөҕүм. Хаартысканы кэмбиэригэр төттөрү уган баран – төттөрү таас анныгар быраҕан кээспитим.
90-с сыллар ортолоругар тутуубут эстибитигэр, атын тэрилтэҕэ көһөөрү бөхпүн хомуна сылдьан, булан дьиэбэр аҕалтым. Онно да суруктааҕын өйдөөн көрбөтөҕүм.
Онтон ол кыһын командировкаҕа сылдьан көрдүү сатаабытым да булбатаҕым. Сураҕа эбэтэ өлөн академ ылан дойдулаабыт сурахтааҕа.

  • Ээ чэ туруохха сассыарда да буолбут. Бүгүн субуота да буоллар. Хата эрдэлээбиччэ эбэҕэ илим көрө киириллиэ. Уонна куска олорбут киһи. Ити көннөрү майгыннаттым эрэ быһыылаах – диэт турдум.
    Аһаан-сиэн хомунан барардыы оҥоһуннум. Ыһыгым сороҕун маҕаһыынтан ылан ааһыам. Эргэ УАЗ-пын эһэ турдахпына сиэппэр телефон тыаһаата. Мин ким звоннуурун көрбөт идэлээхпин. Ким-да буоллун – наадыйан звоннуур буоллаҕа дии.
  • Дорообо! – дьахтар саҥата.
  • Дорообо!
  • Билбэтиҥ дуо?
  • Суох – ити сэрэйдэрбин да.
  • Мин Надябын, өйдүүр инигин? Стройотрядка үлэлээбиппит дии!
  • Ээ, дьэ өйдөөтүм. Надя хантан саҥардыҥ?
  • Мантан. Бэҕэһээ көрсүбүппүт дии. Мин Уоһукаптары ыйыппытым дии. Эн билбэтэх эбиккин дуу?
  • Билбэтэҕим ээ.
  • Мин эйигин сразу билбитим. Олох уларыйбатаххын. Арай кыратык баараҕатыйбыккын. Чэ ити хааллын, кэнники. Хайдах олордуҥ?
  • Этэҥҥэ. Эн?
  • Мин билигин министерствоҕа үлэлиибин. Бу үөрэх сылын бэрибиэркэлии кэлэ сылдьабын. Ханна эрэ спокойно кэпсэтэбит дуо?
  • Мин билигин алааска илиммэр уонна кус маныы бараары турабын.
  • Били сиргэ дуо?
  • Онно. Өйдүүгүн балаакка турбут сирин? Онно үүтээн туттубутум.
  • Миигин илдьэ бар! Мин сарсын биирдэ барабын.
  • Массыынабын эһэн турабын.
  • Өссө үчүгэй! Билигин миигин кэлэн ылаар. Чэ кэтэһиэм – телефон арахсан хаалла.

Өр гыммакка алааска тэптэрэн тиийдибит. Хатыҥ сэбирдэҕэ саһаран тэммалаан эрэр эбит. Надя массыынаттан түһэн эргийэ көрүтэлиир. Уопсайынан сыл-хонук улаханнык таарыйбатах көрүҥнээх. Күллэҕинэ били мин таптыы көрбүт ямочкаларым бэйэлэрэ эрэ билэр үҥкүүлэрин үҥкүүлээн бараллар.

  • Бу дьиэттэн атына олох уруккутун курдук эбит. Хайдах эрэ отучча сыл ааспатаҕын курдук – Надя саҥа аллайар.
  • Онтон кыралаан уларыйыы баар буоллаҕа дии. Чэ киириэх – дьиэҕэ ыҥырдым.

Дьиэҕэ киирэн тимир оһоҕу тигинэччи оттон кэбистибит. Дьиэ быргыйа түстэ. Термостаах чаайтан куттан аспытын хомунан остуолга олордубут.
Кэлэн иһэн маҕаһыынтан сухой уонна водка ылтым. Надяҕа сухой, бэйэбэр водка кутуннум.

  • Чэ Надя көрсүбүччэ-үөрбүччэ! – охсуһуннардыбыт.
  • Чэ!
  • Ыраахтан кэлбит киһи кэпсээҥҥин дьэ тоҕо тардан кэбис!
  • Мин кэпсээним алыс үчүгэйэ суох да буоллар кэпсиим. Эйигин кытта араҕыстахпыт түүн кыайан утуйбатаҕым. Санаам барыта эйиэхэ этэ. Хаста да батыһан тыыннан уҥуор туораары гынан баран туттуммутум. Туттуммутум да буолбатах. Тася тохтоппута. Санаабар эйигин аны хаһан да көрүөм суоҕа дии саныырым. Хайдах эрэ оннук куттал киирэн хаалта. Сарсыныгар кэлбэтэххэр хоргута санаабытым. Саатар дэриэбинэттэн ол күн ким да кэлбэтэҕэ. Киэһэ тоҕуска биэрэккэ кииртим. Күөл нньуура кураанахсыйан көрсүбүтэ. Ону-маны санаабакка тыыга олорон бу манна кэлтим. Онтон аны ынараа кэлтэ буолуо диэн санаа киирэн кэлтэ. Тыын быһаҕаһа тыынан уҥуор устубутум. Кэлтим эмиэ суоҕуҥ. Өссө да төннүөх киһини Тася туппута. Сарсыныгар Тиит кэлэн баһаарга барбыккын кэпсээбитэ. Санаабар сурук аҕалта буолуо диэн кэтэһэн көртүм. Суох этэ. Маннык эрэ таҥнарыа диэбэт этим. Сороҕор үөхсэрим, сороҕор таптыырым.
  • Надю! Кырдьык сурук суруйуох хаалбыт. Төһө да ыксатталлар кыра саппыыска сыыһа суруйар бириэмэ көстүө этэ. Бырастыы.
  • Онтон бүтэн барыы буолбута. Тася сурукта суруй диэбитэ. Мин аккаастаммытым. Хомойбутум бэрт этэ. Тася эйигин көмүскэһэр этэ. Онтон барарбытыгар Тася Тииткэ сурук биэрэн эрэрэ. Тугу биэрдиҥ?- диэн ыйыппытым. Онно мин хаартыскабын кэмбиэрдээн эйиэхэ хаалларбытын эппитэ. Ол хаартысканы саас Тасяҕа бэлэхтээбитим. Кэннигэр суруктааҕа. Дьокуускайга тиийээт дойдулаабытым. Эбэм лаппа хотторбут этэ. Ол да буоллар күһүн үөрэхпэр ыыппыта. Өктөөп бырааһынньыгар тиийбэккэ быстыбыта. Мин сонно тута академ ылан дойдулаабытым. Хата оскуолаҕа миэстэ баар буолан үлэҕэ кииртим. Онтон үөрэхпин кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитим. Бырааттарым улаатан үөрэххэ киирбиттэригэр куоракка кииртим. Биир кырыы оскуолаҕа миэстэ көстөн үөрпүтэ. Эбиитин тулаайахпытынан туруорсан икки хостоох дьиэ ылбыппыт. Ити сэбиэскэй кэм бүтэһик кэмэ этэ. Билигин бырааттарым бэйэлэрэ туспа ыаллар, дьоһун дьоннор. Мин ол дьиэбэр олоробун. Аҕыйах сыллааҕыта министерствоҕа методиһынан ылтара. Онон бу улуустары кэрийэ сылдьабын. Бэҕэһээ командировкаттан төннөн иһэн манна түһэн хаалтым. Хайдах да түһэр санаа суоҕа. Онтон чаайнойга суумкабын илдьэ түспүтүм. Дьон аһыы кииртэ. Мин дэриэбинэ диэки хайыспытым. Ол иһэн ити эйигин көрсүбүтүм. Эн билбэтэҕиҥ дии. Мин утары көрөөт сонно билтим. Арба мин ийэм ити Уоһукаптар чугас аймахтара этэ. Уопсайынан маннааҕы этэ.
  • Дьэ Надя кырдьык бэһиэлэйэ суох кэпсээн эбит.
  • Ол сылдьан ыал буолбатаҕым. Бастаан утаа сыстаҥныыр уолаттары эйиэхэ тэҥнээн көрөрүм. Уонна тэйитэн иһэрим. Эйиэхэ хаста да суруйа-суруйа хайыта тыытарым. Онтон кэлин үөрэнэн хаалан кими да чугаһаппат эбиппин. Бырааттарым сордоно сатаан баран тохтообуттара. Дьэ итинник. Сарсын киэһэ таксиннан барыам. Өйүүн үлэм. Чэ иһиэх! Эн биһиккигэ олохпут өссө биир суукка бэлэхтээтэ. Мин бу кэмҥэ маны эрэ саныы сылдьыбыт эбиппин. Маарыын массыынаттан түһэн баран хайдах эрэ ол кэмҥэ түспүт курдук санаммытым. Арба, манна сарсыныгар эмиэ кэлэ сылдьыбытым. Мантан эн стройотрядовскай курткаҕын ылан барбытым. Хойукка дылы эн сытыҥ баар курдуга…
    Сарсыныгар Надяны чайнойга таксига олордон биэрбитим…

28 июля 2013
хотун
Учугэй да кэпсээн

Мин онно баар курдук сананным, эhигиттэн уонча сыл а5а да буолларбын. Диалектарыттан кердеххе Бчлчч дии. Арыылаах -мин тереебчт дойдум. Дойдубун а5ынным, эдэр сааспын санаатым, айманным, ытаатым. Хомустан, бэркэ суруйар эбиккин.

29 июля 2013
Бааска
Тыл-ес баай киьитэ эбиккин!

Олус учугэйдик суруйар эбиккин. Сурэхпэр сен,е сылдьар кэмнэрбин санаан ылан уйадыйан ыллым. Сэьэнин иьин бар5а махтал!

30 июля 2013
афанасий
хайдах хайҕыырга тылым тиийбэт

сахалыы тыл өс мааны киһитэ эбиккин олох харахпар барытын көрдүм, наһаа үчүгэй кэпсээн, өссө салгыырын боллар олох үчүөй буолуо этэ, атын да кэпсээннэргин аахпытым барыта олох ………….. тугу этиэхпин билбэппин, өссө суруйан ис кэтэһэн ааҕабын

Хомустан
18 мая 2013
Аахпыккытыгар барҕа махтал буолуохтун!
Салгыыта суох. Мин маны бүппүтүнэн ааҕабын.

Добавить комментарий