Уруккуттан баччаҕа диэри: “Олус үчүгэйдик суруйаҕын, бэчээккэ тахсыаҥ этэ…”- дииллэрин, бүгүҥҥүгэ диэри: " Ол туһунан толкуйдаабаппын"- диигин даҕаны, нуччалыы эттэххэ: не писать уже не можешь. Тем более без слов поддержки твоих читателей тоже не можешь.
Ол ис кутуҥ өссө да толору сэһэннэрим ситэ иликтэр - диэн интуитивнай санааҥ буолуо…Эбэтэр, эмиэ, саха үгүс эр киһитигэр характернай, кэтэмэҕэй санаа, сэрэхэччийэр турук буолуо… Ити иккиэн да буолуохтарын сөп.
Ол иьин, бу суруйарга сананным. Баҕар, көмөлөһүө диэммин…
Ответить
9 декабря 2014
Люина
Хомустаҥҥа
Уруккуттан баччаҕа диэри: “Олус үчүгэйдик суруйаҕын, бэчээккэ тахсыаҥ этэ…”- дииллэрин, бүгүҥҥүгэ диэри: " Ол туһунан толкуйдаабаппын"- диигин даҕаны, нуччалыы эттэххэ: не писать уже не можешь. Тем более без слов поддержки твоих читателей тоже не можешь.
Ол ис кутуҥ өссө да толору сэһэннэрим ситэ иликтэр - диэн интуитивнай санааҥ буолуо…Эбэтэр, эмиэ, саха үгүс эр киһитигэр характернай, кэтэмэҕэй санаа, сэрэхэччийэр турук буолуо… Ити иккиэн да буолуохтарын сөп.
Ол иьин, бу суруйарга сананным. Баҕар, көмөлөһүө диэммин…
Ответить
9 декабря 2014
Люина
Хомустаҥҥа
Ооо дьэ… телефонтан суруйабын. Өссө “доҕордоһо” иликпин, ол иьин барар эрэ, суох эрэ, четко билбэккэ хаалабын. Биирдэ барбатах этэ, ол иьин, сыыьа баттаан, иккилиитэ эҥин түһэр…Дэмин таба билэ иликпин…Онон, бары да, баалаабаккытыгар көрдөһөбүн. Хос түһүүтэ, өрө таһаарарга көмөтө суох быһыылаах этэ.
Ответить
9 декабря 2014
Люина
Хомустаҥҥа
Ооо дьэ… телефонтан суруйабын. Өссө “доҕордоһо” иликпин, ол иьин барар эрэ, суох эрэ, четко билбэккэ хаалабын. Биирдэ барбатах этэ, ол иьин, сыыьа баттаан, иккилиитэ эҥин түһэр…Дэмин таба билэ иликпин…Онон, бары да, баалаабаккытыгар көрдөһөбүн. Хос түһүүтэ, өрө таһаарарга көмөтө суох быһыылаах этэ.
Бу Сиргэ киһи сайдаары төрүүр. «Лучше поздно, чем никогда » диэн өс хоһооно этэринии, туох баар дьиҥ Кутуҥ тэнийиэ, уйулҕаҥ дириҥ, киэҥ, баай ис хоһоонноох астыныы туругун билиэ!
Дьол диэн ол буолар бу Орто Дойдуга,
Кытаат, кэтэмэҕэтийимэ! Туормастаама!
Кыаххын ас! Итэҕэй уонна бу кэпсээннэгин байыт. Онтон, үөрэ, долгуйа, астына бэчээккэ биэр.
Тоҕо диэтэххэ, бу эн эрэ буолбатах, биһиги көлүөнэни барытын көрдөрөр айымньылар буолуохтаах.
Лицо и образ целого поколения.
Элбэх хоһоонноргун кыбыт, киллэр!
Хомустан 26 июля 2013 02:02
Военкоматтан тахсан остолобуой диэки хаамыстыбыт.
Табаарыспынаан Дьууруйдуун, икки сыл бииргэ сулууспалаан, бүтэн – дойдубутугар маарыын сарсыарда самолёттан «чиккэс» гына түспүппүт. Бу военкоматка учётка туран тахсан иһэбит. Иккиэн, хара маҥнайгыттан – бастаан учёбкаҕа, онтон войскаҕа бииргэ сырыттыбыт. Иккиэн противотанковай взвод отделениятын командирдарабыт этэ. Сержаннарбыт.
Уежают в родные края
Дембеля, дембеля, дембеля.
Никуда ни смотри
В эти зимние дни –
Всюду пьяные бродят они!
Арай остолобуойга киирбиппит түгэх диэки остуолга, табаарыһым Павлик убайа Ѳлүѳсэ аһыы олорор. Дьэ тиийэн дорооболоһуу, куустуһуу бѳҕѳ буоллубут.
Кэпсэтэ-кэпсэтэ аһаатыбыт. Павлик Монголияҕа сылдьар эбит. Иккиэн да суруксута суох муҥнаахтар – сүтэрсибиппит ыраатта. Бастаан суруйан иһэн сүппүтэ. Сааскы призывка хабыллан барбыт. Дьоммуттан сурук туппатаҕым эмиэ ыраатта. Хас да ый буолла. Онон сонун элбэх буоллаҕа.
Дьэ, эбиэттээн бүтэн чүѳчэбитин баран ыллыбыт. Уонна биир миигиттэн аҕа уол баар. Дьууруйум биһигиттэн чугас дэриэбинэ уола. Оскуолалара восьмилетка буолан – биһиэхэ кэлэн, миигиттэн биир кылаас алын үѳрэммитэ.
Дьэ онон айаннаатахпыт дии. Кѳрсүһүүннэн бытыыкка бөҕѳ хаһаанныбыт. Суолга хаста да тохтоон – аһаатыбыт. Чүѳчэбит – урут билбэт чүѳчэм эбит. Биир биэстээх оҕону илдьэ сылдьар. Мин почти испэтим. Дьиэбэр итирик тиийэр санаам суох. Хата Дьууруйум син туттумахтаата. Лаппа «мыччыһынна».
Ол курдук айаннаан Дьууруйум дэриэбинэтигэр кэллибит. Ѳлүѳсэ тохтоон:
Киһибит тахсан иһэн:
Киһибитин түһэрээт «сур» гынныбыт. Түннүгүнэн кѳрдѳхпүнэ – киһим сайыспыттыы батыһа кѳрѳн туран хаалла. Сайыспакка, икки сылы быһа – «все тяготы и лишения воинской службы» бииргэ тэлэн кэллэхпит, эн-мин дэстэхпит. Киһи бииргэ разведкаҕа сылдьар табаарыһа. Уулусса ортотугар, кыра чемодан оҕолоох, сайыспыттыы, кѳрѳн туран хаалбыта – билигин да харахпар баар. Холуочуйбучча уйадыйдаҕа даҕаны. Уол оҕото – строй иннигэр чиккэҥнээтэҕинэ кѳрүѳҥ этэ!
Дэриэбинэм эрэйдээх оһохторо бур-бур буруолаан ыраахтан нэлэһийэн кѳһүннэ. Чугаһаатах аайы күндүтүйэн кѳстѳр буолла. Кулууп аттынан ааһан иһэн кѳрдѳхпүнэ: «Пираты ХХ века» - диэн афиша кѳстѳр. Мин чааспыттан араҕарбар эмиэ ол киинэ кѳстѳ хаалта.
Массыына мин дьиэм иннигэр кэлэн хорус гынна. Мин покалаһан тахсан эрдэхпинэ Ѳлүѳсэ шинельбиттэн тардыалаата.
Мин, хайдах да ѳйдѳѳбѳккѳ, миэстэбэр «лах» гына олоро түстүм. Үйэм тухары олорбут дьиэм – хайдах атын дьон дьиэтэ буолбутун ѳйдѳѳбѳтүм.
Онон убайым аахха тиийэн түстүм. Дьиэҕэ киирбитим убайым аах үѳрэ кѳрүстүлэр.
Онно телевизорга кѳрбүтүм – Брежнев хайа эрэ дойдуга тиийэн, самолёттан трабынан, түһэн эрэр.
Дьэ итинник, икки сыллаах иэспин тѳлѳѳн дойдубар – тиийэн кэллим. Эбэм кыыһыгар балтыбын илдьэ барбыт. Быраатым убайыгар олорор эбит. Онон дьиэбит, төрөөбүт уйабыт, ыһыллыбыт. Билинҥиннэн ыллахха армияттан БОМЖ буолан кэлбиппин. Баар суох – тѳрѳѳбүт уйата, дьиэтэ суох хаалбыппыт. Мин кэлэрбэр кыраннан тиийбэтэхтэр. Ити билинҥи санаам. Оччолорго итинник санаа суоҕа, эдэр да буоллаҕым, үѳрүү да мэһэйдээтэҕэ.
Саҥаһым маҕаһыынҥа сүүрэн «лимитин» биир кыһылы аҕалла. Аргыны “лимиттээн” ыалга биир эрэ бытыыкканы биэрэр буолбуттар эбит. Остуол хотойорунан ас тарта. Үѳрүү-кѳтүү үксээтэ. Дьэ дьэргэстэй ыһыаҕа саҕаланнаҕа ол. Икки сылы быһа дойдубун, дьоннорбун ахтыбыт да эбиппин. Оҕолор эрэйдээхтэр үѳрбүттэрин кѳрүѳҥ этэ. Саараама, олох хаамтарбаттар. Олох үлбүрүйэн олороллор. Ѳссѳ биир оҕоломмуттар. Онтукалара остуолга оҕо устуулугар «чалбааттана» олорор.
Киэһэ киинэҕэ бардым. Кулуупка тиийбитим уларыйбатах курдук. Эмиэ таһырдьа уолаттар бѳ5ѳ хочугураһан тураллар. Эмиэ «сүгэ ыйанар» буруота. Санаабар бэҕэһээ эрэ манна табаахтаһа турбут курдукпун. Мин онно тохтоон кэпсэтии-ипсэтии бѳҕѳ буоллум. Эмиэ дорооболоһуу, куустуһуу, үѳрүү-кѳтүү, табаахтааһын.
Миигин кытта ыҥырыллыбыт уолаттар бары кэлбиттэр. Бүтэһик мин эбиппин. Кѳрсүһүү уоҕа уҕараабытыгар кулуупка киирэн билиэппин ыллым. Биир үѳрбүт-кѳппүт билбэт кыыспар, арааста кэлии быһыылаах, билиэппин быстаран залга киирдим.Зал иһэ ыы-быччары дьон мунньустубут. Бастакы эрээттэргэ били оҕонньоттор, эмээхситтэр уруккуларын курдук олороллор. Икки сыл ааспатаҕын курдук. Санаабар бэл сонноро да уларыйбатах курдук. Киирэрбин кытта зал иһэ чуумпуран хаалла. Мин куруук буоларыныы, кэлин диэки харбыаластым. Дьон хараҕа барыта мин диэки. Билэр-билбэт сырайдарым бѳҕѳ. Саатар, били подкова тыаһа, чуумпурбут залга, сыалай взвод биир тэҥник тиҥилэхтээн иһэрин курдук тыаһыыр. Залы ортолоон истэхпинэ, дьэ «һуу» гыммыттыы, саҥа бѳҕѳ хойдо түстэ. Билээччи биллэҕэ, билбэттэр ыйыталаһан бардахтара. Быһата бүгүҥҥү киинэ иннинээҕи “сонун” буоллум быһыылаах. Зал түгэҕэр тиийэн миэстэ булан олордум. Кэлин биир подругам күлэ-күлэ:
Ити курдук икки сыл буолан баран дойдубар “регистрацияланным”. Киинэ кэннэ, тахсан иһэн, аанҥа үс кыыс хочугураһан тахсан иһэллэрин кѳрдүм. Хайдах эрэ олох кѳрбѳтѳх сырайдарым. Кинилэр да миигин саҥа кѳрбүттүү «тэрбэччи» кѳрѳллѳр. Биир син эттээх-сииннээх «пыш» курдук кыыһы оруу кѳрдүм. Хайдах эрэ киэҥ, хап-хара харахтарынан соһуйбуттуу көрүтэлиир.
Таһырдьа тахсан Коляны, армияҕа, учёбкаҕа, бииргэ сулууспалаабыт уолбун, кѳрсѳ түстүм. Киһим кэлбитэ уонча хоммут. Онон старожил буоллаҕа. Били кыргыттар тахсан, дэриэбинэ соҕуруу ѳттүн диэки, кэккэлээн баран – кэккэлэтэ турдулар.
Сүүрэн саҥаспын ситэн – дьиэлээтибит.
Дойду сир салгына тыынарга үчүгэйин. Бу баран иһэн дойдубар, дьоннорбор тѳннѳн кэлбиппин дьэ итэҕэйдим. Икки сылы быһа ыра гыммыт ырам – дьэ туолбут. Армияҕа сылдьан дойдубун ахтыбат этим диир киһини – олох итэҕэйбэппин. Саатар дьон барыта сахалыы да саҥарара – минньигэстик киирэр ини. Сайын эбитэ буоллар алааска баран аҕыйах күн сытыллыа этэ. Нууччалар ностальгиялара – биһиэхэ сахаларга «Алаас ахтылҕана» дэнэн эрдэҕэ. Билигин сааска дылы кэтэһэргэ эрэ тиийэбин. Сахам дьоно үчүгэйдэрин, кыргыттара олох сибэкки курдуктар. Ити Аня диэн кыыс «тэрбэччи» кѳрѳн кэрэтин. Чэ бэйи сарсын кѳрүллүѳ. Всё-таки санаабын сүүйдэ. Уонна били «бабнигым» оонньоотоҕо.
Сарсыныгар Колябар биэскэ тиийдим. Бэйэм дьиэбэр аан бастаан ыалдьыт буолан киирдим. Хайдах эрэ дьикти баҕайы. Дьиэм тастыын атын буолбут курдук. Туохтан эбитэ буолла атыҥырыы кѳрдүм. Киирбитим киһим остуол толору ас тардыбыт. Дьиэ иһэ эмиэ уларыйбыт. Онтон дьэ ѳйдѳѳтүм. Атын дьон, атын мебель, атын обстановка. Аны бу мин дьиэм буолбатах! Атын ыал дьиэтэ!
Уолаттар кэлбиттэр. Бары формалаахтар, килэһии-халаһыы бѳҕѳ. Мин киирбиппэр дьонум таҥнан бардылар.
Оскуола5а 9-10 кылаастарга НВП, начальная военная подготовка, диэни үѳрэтэллэрэ. Билинҥи санааннан толкуйдаатахха – уол оҕоҕо улахан туһалаах предмет эбит. Биһиги армияҕа олох бэлэмнээх тиийэр эбиппит. Ол да иһин армия олоҕун ыарырҕаппат эбиппит. Армияҕа эппиһиэрдэр Сахалары куруук тумус туттааччылар. Атын саллааттартан ордорон Сахалары бэйэлэригэр ыла сатааччылар. Сахалар үчүгэй саллааттар ахсааннарыгар сылдьааччыбыт. Икки сыл устата биир да Саха куһаҕаннык сылдьарын кѳрбѳтѳҕүм. Уопсайынан элбэх Саха сылдьыбыт Приморьетыгар сулууспалаабытым. Ардыгар: «Хайыһары» ыллаан диэрэтэн иһэр роталар баар буолааччылар. Дэлэ5э полкан: «Чё китайцы наступают что-ли» - диэн ыйытыа дуо? Онон военрукпутугар хойутаан да буоллар барҕа баһыыба!
сылдьыбыттар. Биһиги курдук молохочуостары диссипилиинэҕэ такайбыттар. Ол саҕанааҕы оҕолортон куһаҕан да киһи суох курдук. Мин саастыылаахтарбыттан хаайыыга да сылдьыбыт киһи суох. Баҕар ол, манна эрэ да буолуо. Билигин оскуолаҕа военруктар суохтара оҕо иитиитигэр улахан охсуу быһыылаах дии саныыбын.НВП-га үѳрэнэр оҕолор бары формалаах буолааччыбыт. Тохсус кэннэ биир нэдиэлэ полевой лааҕырдарга сылдьааччыбыт. Дьэ онон военруктар улахан үлэни үлэлии
Урут биһиги үѳрэнэрбитигэр, военрук, армияттан кэлбит дьону кытта корсүһүү куруук оҥорор этэ. Дьэ бу сырыыга биһиги уочараппыт кэлбит эбит.
Киэҥ сиринэн тэлэһийэн, эргиллэн кэллэххэ оскуолабыт барахсан – кыра да буолар эбит. Үѳрэнэр саҕана – киниттэн улахан дьиэ да суох курдуга. Оҕо сааспыт уйата кур бэйэтэ кубулуйбатах курдук.
Тѳрдүѳ буолан оскуола кѳлүдүѳрүн устун, подковалаах саппыкыннан, «лиһир-лаһыр» үктээн иһэбит. Кѳлүдүѳргэ оскуола оҕолоро хайдах эрэ биһи диэки ымсыырбыт курдук кѳрүтэлииллэр. «Лиһир-лаһыр» үктээн военрук кабинетыгар тиийдибит. Дьэ бу биһиги элбэхтик мѳҕүллүбүт
Байыаннай дьон быһыытынан военрукпутун:
Военрукпыт кыратык кырдьыбыт курдук буолбут. Офицерскай параднай формалаах.
Барыбытын кууһан сыллаталаан ылла, хараҕыттан уу-хаар баспыт.
Биһиги уйадыйан хааллыбыт. Учууталбыт маннык чараас дууһалаах киһи буолуо диэн билбэт да этибит. Киһибит хайҕыы кѳрѳр харахтара, долгуйбутун кистии сатыыра харахпар билигин да баар.
Охсуһуннаран баран иһэн кэбистибит. Учууталбыт охсуһуннарда эрэ.
Көрсүһүү официальнай чааһа этэҥҥэ бүттэ. Ол кэннэ үҥкүү буолла. Биһиги кыратык сылдьа түстүбүт.
Онтон дьиэбитигэр баран аһаатыбыт. Үѳрүү-кѳтүү бѳҕѳ. Сѳп соҕустук олорон баран кулууптаатыбыт. Кулуупка тиийбиппит үҥкүү ортолообут. Дьэ үҥкүүлээн хоххуллуу бѳҕѳ буолбут. Цивилизация син кэлбит. Аны магнитофоннай запиһынан үҥкүүлүүр буолбуттар. Биһиги киирэн били Ленин бюһун анныгар хочугурастыбыт. Онтон одноклассниктарбыт кэлэн бэйэлэрин кругтарыгар ыҥырдылар. Кинилэр түгэх диэки базаламмыттар. Ол аата арыый “өҥнөммүттэр”. Армияҕа барар саҕана аан чугаһыгар хочугураһарбыт. Ленинмытыттан онно кѳстүбүт. Санаабар били бытовойдарым кыргыттарын кѳрѳ сатыыбын. Кэлэ иликтэр быһыылаах. Кѳстүбэттэр.
Син балайда үҥкүүлээн баран, эмиэ эргиллэн кѳрбүтүм – били Ленин анныгар хочугураспыттар ээ. Ким эрэ тардыалаабытыгар эргиллибитим Колям эбит.
Дьэ ити Биэрискэттэн ханна да куоппаккын. Өссө «бабник» диэбэтэҕэр баһыыба!
Онтон сразу бардыбыт. Тахсан иһэн кѳрдѳхпүнэ Аня
Ол түүнү биир одноклассницам дьиэтигэр ыллыбыт. Кыргыттар барахсаттар ас-үѳл бѳҕѳнү тардыбыттар. Үѳрүү-кѳтүү, кэпсэтии-ипсэтии, ырыа-тойук, аһааһын-сиэһин, үҥкүү-битии.
Кинини кытта мѳккүһэн туһа суох. Билбит баҕайым. Биир паартаҕа олорбуппут да баар. Оттон Миланнан киирэн санаабын аймаата. Армияҕа сылдьан, сыта-тура толкуйдаан, Миланы солуута суохха – атаҕастаабыппын диэн санааҕа киирбитим. Онтон суруйан кѳрбүтүм да – суругум тѳннѳн кэлбитэ. Арааста, барбытын кэннэ толкуйдаммыппын.
Сарсыарданнан дьиэбин нэһиилэ буллум.
Понедельникка Колябынаан бытовойга бардыбыт. Таҥас тиктэрэ диэн. Армия иннинээҕи таҥастарым ханна тиийбиттэрэ биллибэт. Быһата армейскай таҥаспыттан ураты тугум да суох. Син таҥастаах-саптаах курдук сананар этим. Бэл фотоальбомум да суох буолбут. Мин курдук элбэх хаартыскалаах суоҕа. Кыра эрдэхпиттэн хаартысканнан дьарыктанарым.
Дьэ онон таҥас тиктэрэ бардыбыт. Икки этээстээх дьиэҕэ киирэн закройщицаҕа срочнай заказ түһэрдибит. Куртка уонна бүрүүкэ. Сарсын эбиэт кэннэ примеркаҕа кэлэр буоллубут. Онтон, “Парикмахерская” – диэни кѳрѳн, баттах кырыттарарга сананным.
Хоһу ѳҥѳйбүтүм Аня сурунаал кѳрѳ олорор. Биир да клиент суох эбит.
Сиэркилэ иннигэр баар кириэһилэҕэ тиийэн олорунан кэбистим.
Сиэркилэҕэ баар кыыс күллэ. Күллэҕинэ ѳссѳ тупсар курдук.
Сиэркилэ кыыһа баттахпын кѳннѳрѳн бүттэ быһыылаах. Кыҥнанныы-кыҥнанныы баттахпын кѳрѳр.
Аан тэлэллэ түстэ да – Коля сырайа мэлтэс гынна.
Колябын кытта тахсан дьиэбит диэки хаамтыбыт.
Онон, тараччы аккаастанан кэбистим. Колям киэһэ кимнээҕи эрэ кучуйан барыам диэтэ.
Мин дьыалам субуотаҕа кѳрүллэр, онон субуотаҕа дылы тулуйар инибин. Дьиҥэр баҕа баара да, бугүнҥугэ аккаас ылан баран тоҕо да мэҥийдэхпиний. Туох эрэ бэлиэ күнэ буоллаҕына эрдэттэн бары да билээ эрдэхтэрэ. Аня миэхэ эппэтэх буоллаҕына, ол аата мин бүгүн барбаппын. Конкретнай отказ ылбыт киһи быһыытынан субуотабын эрэ кэтэһэбин.
Сарсыныгар эбиэт кэннэ Колябар тиийдим. Киһим, саҥа туран, аһыы олорор. Кэтэһэн хоско киирэн олордум.
Дьиэм олох атын. Ол олорон, аан үрдүнэн тайниктаахпын, ѳйдѳѳн кэллим. Туора дьон билбэт тайнига. Хос аанын үрдүгэр, холуода пааһыгар кыра хайа5ас баара. Онно куруук сээкэйбин кистээччибин. Илиибин укпутум туох эрэ хаһыакка сууламмыт баар. Хостоон таһааран кѳрбүтүм күѳх баанчыгынан эриллибит Вера суруктара буолан биэрдэ. Дьэ ѳйдѳѳн кэллим. Армия5а барарбар түүн ааҕан баран – баанчыгыган эрийэн, хаһыакка суулаан баран укпутум. Вера, бүтэһик түүммүтүгэр, биир баанчыгын устан:
Дьиэттэн тахсан – бытовой диэки хаамтыбыт.
Бытовойбутугар тиийэн примеркаланныбыт.
Кэтэһэ таарыйа, эмиэ парикмахерскайга бардым. Онтум – хатааһыннаах. Чаас аҥаарынан таҥаспытын ылан дьиэлээтибит.
Сарсыныгар, массыына тутан, эбэм аахха бардым. Эбэм эрэйдээх лаппа хотторбут. Хараҕыттан уу-хаар баһа-баһа сыллаан бахсырытар. Балтым да лаппа улааппыт.
Эбэм:
Ол курдук онно үс хонон баран – субуотаҕа тѳннѳн кэллим. Киэһэ саҥа танаспын кэтэн үҥкүүгэ тэбинним.
Театр вещалкаттан саҕаланар, оттон кулууп тас кирилиэстэн. Эмиэ кѳрсүү, куустуһуу, табахтааһын. Ритуалы тутуһан баран иһирдьэ киирдим. Уолаттар киирэ түһүүгэ бильярдтыы сылдьаллар. Эмиэ, эмиэ… Быһата регистрацияланным. Фойе диэки ѳҥѳйѳн кѳртүм – син, дьон элбээбит. Кыратык бильярд кѳрѳ түһэн баран, сыгынньахтанан фойеҕа киирдим. Эмиэ «эһэбит» анныгар баран турдум. Хантан эрэ Колям баар буолан хаалла.
Бардыбыт – диэн баран, дьон быыһыгар киирэн сүтэн хаалла.
Батыспатым. Тохтоон кѳрүнэ түһэр санаалаахпын. Хайдах куруук атаакаҕа сылдьыллыай. Аттыбар Бииктэр кэлэн тохтоото. Кини эмиэ миигинниин үѳрэммитэ, учёбкаҕа эмиэ бииргэ сылдьыбыппыт. Войска5а Колялыын сылдьыбыттар. Уҥуохпут да, хатыҥырбыт да майгыннаһар. Ол гынан баран спортсмен бэрдэ. Бэйэтин лаппа кыанар уол. Коля биһикки кини аҥар да атаҕар да тиийбэт дьоммут.
Ответить
Хомустан
26 июля 2013
Хомустан
.
Тургэн музыка бүтэн зал ортото ыраастаныыта – дьэ кѳрдүм. Түгэх диэки муннукка тураллар эбит. Коляны кытта хас да уол, олор аттыларыгар, аалыҥнаһа сылдьаллар. Быһата конкуреннар. Буоллун. Мин да отунан-маһынан оноһуллубут буолбатахпын! Аня кими эрэ кѳрдүүр курдук залы эргитэ кѳрүѳлүүр. Биир уол иннигэр элэҥниир. Хаачыгыраан-кыычыгыраан вальс музыката дьэ холбонно. Хайдах эрэ зал иһэ үѳһэ тыынарга дылы гынна. Ону кытта түһүнэн кэбистим. Урут да зал кытыытынан сылдьыбат этим, билигин да быһалыы түстүм. Аҕыйахта атыллаат Аня иннилэригэр хорус гынным.
Аня хайдах эрэ үѳрбүт курдук буолла уонна илиитин биэрдэ. Сиэтэн зал ортотугар киллэрэн эргийэн бардым. Кыыһым хара харахтара эргийдэх аайы эрэллэнэн истилэр. Хайдах да уһата сатаабыт иһин – музыка бүттэ. Кыыспын дьүѳгэлэригэр дылы атаардым. Аныгыскы үҥкүүгэ эмиэ ыҥырыах буоллум. Кыыһым нарын баҕайытык кѳрѳн ылла. Тахсан истэхпинэ кэннибиттэн били уол ситэн кэллэ.
Дойдубар кэлиибин охсуһууннан саҕалыахпын баҕарбатар даҕаны – тахсарга тиийиллэр. Дембель мааркатын хайдах түһэн биэриэмий! Итинник дьыалаҕа урут да сутуругунан далбаатаныы баара. Уонна, армия иннинээҕи, бүтэһик охсуһуубун санаан ыллым. Таһырдьа тахсан – кулууп кэннигэр бардыбыт. Кэннибититтэн батыһан уолаттар бѳҕѳ таҕыстылар.
Тиийэн тохтоотубут. Түѳрт хас уол сиэх-аһыах курдук тутталлар. Молохочуостар буоллаҕа. Мин бу оскуолатын, үс сыллааҕыта, бэйэм тириибинэн ааспытым. Сынтарыйдыҥ да сииллэр. Били маарыынҥы уол балаһыанньа хаһаайынын курдук туттар. Акаарыны булбуттар. Арааста кыратык сыыстардыгыт ээ.
Армия5а: «Лучшая защита это нападение» - диэнҥэ үѳрэммитим. Онон дьыаланы уһаппакка сананным, таһырдьа ыам ыйа буолбатах. Итинник буоллаҕына кулгаах да түһүүһүк. Уонна уолаттарым кэннибэр баалларын билэбин. Толпалаары гыннахтарына кѳмѳлѳһүѳхтэрэ. Сырайа мэлэс гынаатын кытта – сонно сотон кэбистим. Табаарыстара успейдаан киһилэрин эрэ хаптылар.
Ыксал-тиэтэл бѳҕѳннон кулуупка сүүрдүбүт. Халлаан лаппа тымныйбыт. Кулуупка киирбиппит дьон сырайа барыта биһиги диэки. Билиард остуолун аттыгар турар уолаттар:
Вешалкаҕа киирбиппэр биир уол илиим диэки ыйан баран:
Онно ѳйдѳѳн кѳрбүтүм, илиибин дьукку охсубуппун, хаан таммалыы сылдьар эбит. Сиэппиттэн платок ылан илиибэр туттабын. Баас миэхэ түргэнник оһооччу. Арай Приморье5а кыайан оспокко сордообута. Илиим хаана бу да сырыыга түргэнник тохтоото. Платогунан хаанын соттон баран үҥкүүбүтүгэр киирдибит.
Киирэн ынтах түгэххэ аастыбыт.
Аня үѳрбүт хараҕа – кылапаччыйан ылла. Дьэ онтон ыла киэһээни быһа Анялыын үҥкүүлээтибит. Музыкалар быыстарыгар ону-маны кэпсэтэбит. Хайдах эрэ уруккаттан билсэр курдукпут. Аня оройуон кииниттэн сылдьарын, быйыл үѳрэҕин бүтэрэн кэлбитин биллим.
Үҥкүү бүтэн тарҕаһыы буолла. Колялыын тахсан кирилиэскэ турабыт.
Кыргыттар тахсан уҥа-хаҥас хаамсыы саҕаланна. Аня тахсаатын кытта уҥа ѳттүгэр баар буоллум.
Ону-маны кэпсэтэ-кэпсэтэ дэриэбинэ түгэҕин диэки хаамыстыбыт. Хайдах да хаампыт иһин дэриэбинэ иһэ тѳһѳ дуоннаах буолуой. Икки этээстээх дьиэҕэ тиийэн иҥиннибит. Кыратык ону-маны кэпсэтэ түһэн баран, сарсын, киинэҕэ кѳрсүѳх буолан араҕыстыбыт. Колям ханна да кѳстүбэт. Аралдьыйан хаалан – инники да хойут да барбытын кѳрбѳтѳхпүн.
Биир переулогы ааһан истэхпинэ, муннуктан, үс күлүк араҕыстылар.
Үс уол күлүгэ иннибэр бу барыс гыннылар.
Син-биир таптым. Ону кытта саҕаланна эбээт сутурук тыаһа. Хаста да сынааҕым аһыйбахтаата. Ол сылдьан эмиэ, кими эрэ, таптым быһыылаах. Эмискэ уҥа харахпар уот сардыргыы түстэ. Хаарга тобуктуу түстүм. Илиибинэн сырайбын саба тутуннум. Миигин тыыппаттар да охсуһуу бара турар. Ыһыы-хаһыы бѳҕѳ. Онтон атахтар тыастара түргэн-түргэнник куучугуруу турда.
Сарсыныгар туран сиэркилэҕэ кѳрбүтүм – сиэркилэттэн миигин, аҥар ѳттүгэр күѳх ачыкылаах, киһи уун-утары кѳрѳн турар. Хаарынан туттубут буолан испэтэх. Дьэ проблема бѳҕѳ үѳскээн таҕыста. Бугүн маннык киинэлээбэппин. Дураку ясно! А на свидание хочеться! Сэрилэспитим да баар.
Киэһэлик Колябар бардым. Киирбитим били үс уол онно кэлэн олороллор. Сырайдара-харахтара мѳлтѳѳбүт. Онон-манан фингаллаахтар. Били былдьаһар уолум утары туран кэллэ.
Онон илии тутуһан иллэстибит. Сыыһаларын ѳйдѳѳбүт буоллахтарына мин да тоҕо ѳстүйдэмий. Тем более, бэйэм саҕалаан баран. Откупнойдарын икки буоккалаахтар. Эйэлэһии туһугар биири сотон кэбистибит. Онтон уолаттар сып-сап хомунан бардылар.
Киинэ бүтүүтэ кирилиэскэ турунан кэбистим. Киинэ бүтэн дьон бѳҕѳ хочугураһан таҕыста. Колям эмиэ таҕыста.
«О5онньор бэйэҥ быктаран баран сиикэйдиигин дуу, хайдах дуу» - дии санаатым.
Ол икки ардыгар кулууп иһиттэн кыргыттар бу мэлтэс гына түстүлэр. Сонно мин Аня ойоҕоһугар баар буола тустум.
Кыыһым ѳйдѳѳбѳккѳ ис санаатын быктарбытын ѳйдѳѳн ах барда.
Ол икки ардыгар уопсайга тиийэ оҕустубут. Подъездка киирэн кирилиэс анныгар турдубут. Оргууй кууһан ылан уураан бардым.
Кыыһым бастаан кэмчиэрийиэх курдук буолан баран, эппиэттэһэн барда. Оргууй алараа уоһуттан саҕалаан тылын оборон ыллым. Санаабар уһун баҕайытык турдубут.
Ответить
Хомустан
26 июля 2013
Хомустан
.
Эмиэ уураһан бардыбыт. Бу сырыыга кыыһым довольно хорсуннук эппиэттэстэ.
Кыратык тура туһэн баран 3 нүөмэрдээх квартираҕа киирдибит. Кухнялыын түѳрт хостоох дьиэ эбит. Кухняҕа оһох аттыгар икки табаах уота кылаҥныыр. Залга үс кыыһы кытта икки уол остуолга олороллор. Сыгынньахтанан – залга киирдибит. Остуол ортотугар хаарты бѳҕѳ сытар. «Дурактыы» олороллор эбит. Сонно – устуул биэрэн олортулар. Аанчык:
Аня кэннибэр устуулга ѳйѳнѳн турар. «Имит» - диэбиккэ дылы имиллэн хаалбыт хаартыны буккуйбута буолаат түҥэттим. Дьэ оонньоотохпут үһү. Бастакы оонньууну син туораатым.
Кухняттан сырдыкка икки күлүк тахсыбытыгар кѳртүм – биирэ били мин Колям эбит.
Бу сырыыга «имитии» Коляҕа түбэстэ.
Бу да сырыыга хаарты миэхэ таҕыста. Арай бүтэһик оонньууга Аанчык кымаахтаабытын туора олорор Маша кѳрѳн айдаарсан ыллыбыт.
Онон хаартылаан бүттүбүт.
Дьэ штраф толоруута буолла. Сорох ыллыыр, сорох хоһоон ааҕар, бѳтүүктүү хаһыытааччы, ынахтыы маҥырааччы, сылгылыы кистээччи – бары бааллар.
Оонньуу бүтүүтэ, Коля аан диэкиттэн биир буокканы кытта, биир «Тамянканы» элээрдэн аҕалла. Сып-сап остуол тардылла оҕуста. Иһит-хомуос тыаһаата. Эр дьонҥо буокка кутулунна, оттон кыргыттарга «Тамянка».
– Кыратык табаарнай кѳрүҥэ да буортуйдар мин табаарыһым – киһи киэнэ кэрэмэһэ, саллаат киэнэ сатабыллааҕа! Мээнэ киһини сэбиэскэй армия сержана оҥорботтор! Сырайа да сэриигэ ылбыт бааһа. Эр киһини фингал киэргэтэр. Чэ, мин табаарыһым – этэнҥэ сылдьан кэлбитин туһугар, бу үрүүмкэни «тас» гыннаран баран – тааһын эрэ хаалларыҥ! – диэннээх буолла.
Бу киһи хаһаанҥыттан тыл этэр буолбутай? Урут сѳбүнэн да соҕус араатар буолара. Муннун анныгар «Чэ» - диэнтэн атыны билбэт курдуга. Арааста армияҕа постоянно тыл эттэрэ сылдьыбыттар быһыылаах.
Иһиттибит дуу, истибэтибит дуу диэбиттии иһиттэрбитин кураанахтаан кэбистибит.
Күѳ-дьаа, ону-маны кэпсэтэ-кэпсэтэ били иһиттэри дьаһайан кэбистибит.
Онтон мин Анялыын кухняҕа бардыбыт. Официально – табаахтыы, неофициально уураһа. Ааны «лип» сабан кэбистибит. Дьэ уонна саҕалаатахпыт дии.
Куустуһан туран уураһыы кытаанаҕа. Тохтоон, тыын ыла-ыла чобурҕатыһыы.
Ити курдук ол түүнү быһа кэпсэтэ-кэпсэтэ таптаһан таҕыстыбыт. Сарсыарда дьиэбэр дьонум туруулара тиийдим.
Ол курдук уонча хонук ааста. Киэһэ буолла да Аанчыкпар сүүрэбин. Биир сарсыарда сопхуос биригэдьиирэ киирэн кэллэ.
Сынньанан бүттэхпит ол. Хата киһиҥ испиэһэ бэлэм ээ.
Сарсыныгар испиэспин кэтэн фермалаатым. Ынах бѳҕѳ маҥырыы турар хотонугар, сыһыары тутуллубут хочуолнай – хаһаайына буоллаҕым ол. Киирбитим Сэмэн оҕонньор оһох иннигэр атырдьах уктана олорор.
Үлэ саҕаланнаҕа ол. Тахсан инчэҕэй метровканы кытта тустан бардым. КВ-300 котёлу тигинэччи оттон баран чааннарбын ууннан толорон, комбикорм таскайдаан куттум. Эмиэ таһырдьаттан лабыкта киллэрэн буккуйдум. Дьэ онтон оргуйан ыстаҥалыы турар котёлбун кырааннарын арыйан кѳѳнньѳрбѳ буһаран бардым. Урут, армия иннинэ аҕыйах күн үлэлии сылдьыбыт буолан – улахан буккуллуу суох. Оттон субайдьыттар мин кэлэрбэр сарсыардаанҥыларын аһатан, иһиттэрин босхолообут этилэр. Дьэ онтон саах күрдьэн нэһиилэ сылдьар оҕуһунан саахтарын уочаратынан тиэйэллэр. Хойутаабыт куруук бүтэһик буолааччы. Онтон Сэмэн тиэйбит отун түннүгүнэн симэллэр. Дьэ онон үлэ күѳстүү оргуйар. Мас инчэҕэй буолан паарым кыайан тахсыбакка сордоото. Кэлин маспын олох кыралаан син паарбын биэрэн абыраата. Бастакы күммэр син добуоччу мучумааннанным. Ол быыһыгар, атын хотонтон биир табаарыһым киирэн биир кыһылы дайбаатыбыт. Субайдьыттарым киэһээнҥи аһылыктарын нэһиилэ успейдаатым. Ол курдук дьиэбин түѳрт саҕана буллум.
Итиннэ, былыргы, сопхуос ат оҕустарын туһунан эппэтэххэ – кэпсээн хайдах эрэ быһаҕас курдук буолсу. Урут хотон аайы хас да ат оҕус баар буолааччы. Кинилэр баар буоланнар хотон үлэтэ үмүрүйэн олорбута. Оҕустар саах тиэйэллэрэ, от тиэйэллэрэ, үүт таһаллара. Ыскылааттан комбикорм аҕалаллара.
Саах тиэйэр оҕустар эрэйдээхтэр олох кырдьан охтуохтарыгар дылы үлэлииллэрэ. Сыарҕа дардата толору сааҕы «Пус-Пус» тыына-тыына соһоллоро. Олох дриссировкаланан хаалаллара. «Бар» - диэтэххэ бараллара, «Тохтоо» - диэн ордоотоххо тохтууллара. Сороҕор ол туран, от иҥин тохтубутун кѳрдѳхтѳрүнэ, сыарҕаларын бурҕалдьытын сургутан кэбиһэн баран – «лаһыйа» да турааччылар. Аҕыс айдаан тардылыннаҕа ол. Эдэр дьон дьээбэлээн миинэр этибит. Дьэ киһи уһуннук мииммэт кѳлѳлѳрѳ буолааччы. Уҥа-хаҥас муунньараҥнаан киһи эмэһэтэ хабылла сыыһара.
От тиэйэр оҕустар – биир эмиэ ыарахан олохтоохторо. Биирдэ, Сэмэн от тиэйэн кэлэн сүѳккээри ѳтүүтүн ѳһүлэ турда. Ааһан иһэр ыт эмискэ үрэн нньаҕыйда. Оҕус ыстанан кэбистэ. Ону кытта, били сыарҕалаах от – бүтүн фермэни быһа ыһыллан хаалла. Онно тѳһѳ дьарыллыбыта биллибэт.
Үүт тиэйээччи да үлэтэ онтон орпот этэ.
Мин кырабар улахан уолаттар сайын отчуттарга ыһык таһаллара.
Ответить
Хомустан
26 июля 2013
Хомустан
.
Ѳссѳ бэкээринэҕэ эмиэ оҕус баар буолааччы. Толору куорап килиэби тиэйэн баран бадараан устун анньан иһэрэ билигин да харахпар баар.
Быһата саханы ат оҕус быыһаабыта да диэххэ сѳп. Бэл ити мин кэлинҥи киһи билэбин. Былыр тѳһѳ эрэ туһалаата. Ити мин эт харахпынан кѳрбүппүн эрэ кэпсээтим. Киһи кыбыстыбакка памятник да тутуон сѳп этэ. «Ат оҕуска Саха дьонуттан» – диэн суруктаах.
Киэһээ буолла да Аанчыкпар сүүрэбин. Күнтэн күн – Аанчык мин дууһабар, хас биирдии клеткабар киирэн испитэ. Аҕыйах да чаас кѳрбѳтѳхпүнэ суохтуурум. Бэл субу-субу баттах кырыттара сүүрэрим. Сэгэрим да миэхэ убанан хаалта.
Ол курдук Сана Дьыл иҥин этэҥҥэ ааста. Сэбиэскэй Армия күнэ тирилээн кэллэ. Былаан диэн баһаам этэ…
Бээ, бээ хайдах этэй ол сордоох күн…
Урут бу күн улаханнык бэлиэтэммэт этэ. Армияҕа эрэ ылаллара. Уонна оскуолаҕа үѳрэнэрбэр ыларбыт. Онтон дэриэбинэҕэ субуотаҕа түбэспэтэҕинэ оннук хаалара. Бу да сырыыга үлэ күнэ түбэстэ.
Сарсыарда дьыбардаах да буоллар күнүс лаппа ылаарбыта. Син саас тыына биллэр курдук буолбут этэ. Мин үѳрэ-кѳтѳ кѳѳнньѳрбѳбүн буһардым. Хотонум кыргыттара «Шифр» одеколон бэлэхтээтилэр. Онон сып-сап үлэлээн икки саҕана бүттүм. Бүтэн, хомуна турдахпына таһырдьа – дьон саҥата бѳҕѳ буола түстэ. Аан тэлэллээтин кытта Колялаах Бииктэр кѳтѳн түстүлэр.
Уолаттар иккиэн таһаараа хотонҥо үлэлииллэр. Биирэ бэйэм курдук ас буһарар, биирэ тарбыйах кѳрѳр. Иккиэн бииргэ буолан күннүүллэр. Котёл ойоҕоһугар турар, улахан мас дьааһык остуолу – дьаһайан тѳгүрүйэ олорунан кэбистибит.
Ону-маны кэпсэтэ-кэпсэтэ били аспытын дьаһайан кэбистибит. Бодобуос Баасканнан ѳссѳ кырынныбыт.
Киэһэлик лаппа «сѳп» буолбут дьон дьиэлээтибит. Дьиэбэр киирээт оҕуннум.
Арай уһуктубутум бириэмэ ырааппыт. Бүгүн киэһэ Аанчыкпар барыахтааҕым. Хаалла5а. Тѳбѳм иһэ хардаҕаһы симэн кэбиспит курдук. Айаҕым иһэ тараччы хатан хаалбыт. Буочукаттан, хомуоска, муустаах уу баһан иһэн «күллүргэттим». Чаһыыны кѳрбүтүм – уон икки чугаһаабыт. Хойутаатарбын да барарга сананным. Сууммута- тарааммыта буолан баран, сып-сап таҥнан тэбинним. Тэбинним диэн күүскэ этии буолла быһыылаах. Салбаҥнаатым диэтэххэ сѳп буолуо. Арыый бэттэхтээбиппин да буоллар, баһым дьалкыһыйар. Туораттан кѳрдѳххѳ амырыын кѳстүү буолуо.
Дьэ оннук салбаҥнаан тиийдим. Киирбитим бырааһынньык ырааппыт. Колям туох да буолбатах киһи күлэ-сала олорор. Аанчык кѳстүбэт.
Гранёнай стаканҥа толору кыһыл кутан биэрдилэр.
Сылыйан хаалбыт «Каберне» киэбирбиттии киирдэ. Кыратык кэҕэрдэн ыллым. Били дьалкыһыйбыт мэйиим миэстэтин булла быһыылаах. Арыый бэттэх кэлбит курдук буоллум.
Батыһан кухняҕа таҕыстым. Ааны сабаат – сэгэрбин кууһан ыллым. Ахтыспыт да эбиппит. Арыый тыын ылбыппытыгар сэгэрим ыскаап кэнниттэн туох эрэ суулааҕы хостоото.
Арыйан көрбүтүм бүрүүкэ эбит.
Эмиэ куустуһан уураһан бардыбыт. Ол курдук син олордубут.
Сэгэрим тахсан баран сүтэн хаалла. Санаабар, чааһы быһа кэтэстим. Дьиҥэр уонча мүнүүтэ буолта дуу, суо5а дуу.
Кухня аана эмискэ тэлэллэ түстэ. Аанҥа Аанчык баар буола түстэ. Хараҕа ууламмыт.
Арыйан кѳрбүтүм күѳх баанчыктаах Вера суруктара эбит. Били урукку дьиэбиттэн ылбыппын булан ылбыт. Хайдах хостообокко сылдьыбытым буолла.
Хайыам баарай хомунан таҕыстым. Тахсан, табахтаары сиэппин хастыбытым – табаах тѳрүкү да суох. Арааста табаҕа суох кэлбиппин. Табаах кѳрдүү сылдьан булан ылбыт быһыылаах. Дьиэбэр саллаҥнаатаҕым ол.
Сарсыныгар, киэһэ үлэм кэннэ бытовойга сүүрдүм. Тиийбитим «Парикмакерскай» аана хатааһыннаах. Закройщица тахсан:
Хас да күн сылдьыбытым кэннэ:
Ол күн Колябынаан аргылаатыбыт.
Санаабар, уоскуйдаҕына суруйуо – диэн сэмээр кэтэһэ санаабытым.
Тоҕо да ол күн испитим буолла! Тоҕо да түүннэри барбытым буолла! Тоҕо да ол суруктар сиэппэр сылдьыбыттара буолла! Бары-барыта быалаах-туһахтаах дииллэрэ ол буоллаҕа.
Сурук да, сурах да кэлбэтэҕэ…
80-с сыллар ортолоро. Дьокуускай аэропорда. Самолёт кэтэһэн олоробун. Үѳрэхпин бүтэрэн дойдулаан иһэбин. Утары скамейкаларга, биир биэстээх-хастаах, оҕо аҕатын кытта олороллор. Оҕо мэниктиирин аҕата субу-субу буойар. Арай, биир дьахтар кэннибиттэн кэлэн аттыларыгар олорунан кэбистэ.
Эргийбитигэр кѳрѳѳт соһуйан саҥабыттан маттым. Уун-утары Аанчыгым кѳрѳн олорор. Тупсубут ахан. Силигилии сиппит хатыҥ курдук.
Сэгэрим харахтара хайдах эрэ үѳрбүт курдуктара.
Ити курдук – харахпытынан кэпсэтэн баран, самолётпар барбытым. Кэннибэр оҕо саҥата чаҕаара хаалбыта…
Дьоллоох буолан үѳрүү-кѳтүү
Аргыстанаар эн ѳрүү,
Хара харах нарын кэрэ
Тапталлааҕым быраһаай!
Түүнүн кѳстѳр түүлүм курдук –
Кѳстүбүтүҥ үѳрпүтүҥ,
Сарсыардаанҥы туман курдук
Симэлийэн сүппүтүҥ!
Ответить
27 июля 2013
олус интэриэьинэй
бу баардыы
Кэпсээннэрин олус итириэьинэйдэр тччнч быьа аахтым гынан баран тапталга табыллвбат эбиппит ити Мила,Аанчык киьи харагар бу баардык суруйагын ессе да суруй Хомус,хайдах эрэ ол Сэбиэскэй былааска теннчбчт курдукпун,эдэр саастары эргитэр чэ кытаат, ситииьини багарабын…
Ответить
Хомустан
29 июля 2013
Хомустан
Дорооболоруҥ! Махтал буоллун! Бу кэпсээн бэйэм олохпуттан. Суруллубута сылтан орто.
Манна атын топка баара. Маны кытта өссө сэттэ кэпсээни уонна хоһооннорбут таһаардым. Темата таптал. Бириэмэтэ сэттэуонус - аҕыһуонус сыллар. Этэҥҥэ буолуҥ!
image
Ответить
tumana
29 июля 2013
tumana
кинигэ таьаарарын буоллар
Наьаа киьи сурэ5ин таарыйар кэпсээннэр. Санаабар барытыгар мин сылдьыбыт курдукпун дии. Хомустан, улахан талааннаах киьи эбиккин. Оссо да суруйа тур.
Ответить
Хомустан
3 августа 2013
Хомустан
tumana барҕа махтал! Кырдьыгын эттэххэ кинигэ туһунан санаа да суох.
image
Ответить
Хомустан
13 октября 2013
Хомустан
Маны эмиэ өрө тардыахха.
Ответить
Хомустан
4 января 2014
Хомустан
.
Ответить
Хомустан
22 февраля 2014
Хомустан
.
Ответить
Хомустан
20 апреля 2014
Хомустан
.
Барытын ааҕыан баҕалаахтарга бу тиһигин угабын.
“Кэпсээннэргэ”:
http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?f=154&id;=1923439
“Дьоһун саас түһүлгэҕэ”:
http://forums.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=3049722&f;=298
“Кэпсээннэргэ” баара утары суруллуу. Онон хайдах суруллубутунан, комменнардыын сылдьар.
Онтон “Дьоһун саас түһүлгэ” форумҥа баар кэлиҥҥи эрэ комменнар, хоһооннордоох, хаартыскалардаах.
Ответить
23 апреля 2014
боб
аанчык
кэпсээнин эдэр сааспын, армияны, 80с сыллары, дьон сэргэ майгыта атын сэбиэскэй кэми санатта. Улэ хамнас устудьуон сыллары уонна сэмэй бэъиэлэй ыраас сахам нарын кыргыттарын. Эдэр саас
Ответить
23 апреля 2014
пелагея
Аанчык
диэн ааты эр дьон наһаа сөбүлүүллэр.Аанчыктар абыраммыккыт).
Ответить
24 апреля 2014
аппанас
хомустаанна
авыылаах бавыта бадаваан буолбут дии
Ответить
Хомустан
5 июля 2014
Хомустан
.
Ответить
Хомустан
22 октября 2014
Хомустан
.
Кэпсээннэр ссылкалара.
Баанчыктаах кыыс http://forums.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=2553985 Түһүлгэ
http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=2778386 Кэпсээннэр
Зал иһин толорор музыка http://forums.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=2651318 Түһүлгэ
http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=2778394 Кэпсээннэр
Мин мантан сэриигэ барбытым http://forums.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=2375732 Түһүлгэ
http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=2778409 Кэпсээннэр
Аанчык Түһүлгэҕэ сотуллубут быһыылаах, булбатым.
http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=2778426 Кэпсээннэр
Зина http://forums.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=2651353 Түһүлгэ
http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=2778434 Кэпсээннэр
Сахам кыыһа барахсан http://forums.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=2888366 Түһүлгэ
http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=2778434 Кэпсээннэр
Эн миигин умнумаар http://forums.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=2431744 Түһүлгэ
http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=2778451 Кэпсээннэр
Ахтылҕан http://forums.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=2431744 Түһүлгэ
http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=2778457 Кэпсээннэр
Хоһооннор http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=2779746 Кэпсээннэр
Барытын биирдэ ааҕыан баҕалаахтарга бу тиһигин угабын.
“Кэпсээннэргэ”: http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?f=154&id;=1923439
“Дьоһун саас түһүлгэҕэ”: http://forums.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=3049722&f;=298
“Кэпсээннэргэ” баара утары суруллуу. Онон хайдах суруллубутунан, комменнардыын сылдьар.
Онтон “Дьоһун саас түһүлгэ” форумҥа баар кэлиҥҥи эрэ комменнар, хоһооннордоох, хаартыскалардаах.
Ответить
23 октября 2014
уол
авторга
Дьэ олох учугэй кэпсээни аахтым бэккэ суруллубут мин эмиэ аанчык диэн кыыстаах этим армия кэннэ эмиэ ити курдук буолбута уруккуну хойуккуну барытын санаатым маладьыас олус учугэй сайыннаран ис
Ответить
23 октября 2014
п от ллмм
кырдык суруйбуккун , киьи дууьатын таарыйар
мин олохпор эмиэ итинник тубэлтэ буолта.
Ответить
Хомустан
24 октября 2014
Хомустан
Барҕа махтал буолуохтун!
Ответить
Я_Рита
22 ноября 2014
Я_Рита
олус да үчүгэй кэпсээни аахтым, авторга улахан махтал,
Ответить
Хомустан
23 ноября 2014
Хомустан
Махтал буолуохтун!
Ответить
Я_Рита
23 ноября 2014
Я_Рита
кэлин саҥа кэпсээн суруйдуҥ дуо?
Ответить
9 декабря 2014
Люина
Хомустаҥҥа
Мин эн кэпсээннэргин аахпытым үс сыл буолла.
Уонна бу сэһэннэргэр бэйэҥ образкын чаҕылхайдык көрөбүн.
Эн көлүөнэ киһибин.
Адьас, дьиҥнээх Саха уолаҕын, Эр киһитэҕин: симик, олус көнө, дьиппиэн, сорох түгэҥҥэ, үгус оччотооҕу -70-80с.ыччат курдук, тылынан буолбакка, судургутунан, сутурук сууттаах да буолар түгэннэр баар буолара элбэх…Үлэҕэр, эппит тылгар, тус бэйэҥ да интириэскин умнар курдук, эппиэтинэстээх, дириҥ таптыыр ис куттаах, ол иэйиилэрин, үөрүүтүн-хомолтотун таска олус таһаарбат, кимиэхэ да көрдөрө, кэпсии сатаабат майгылаах уол, эр киьи обраһа чаҕылхайдык көстөр.
Олус грамотнайдык, ааҕар киһини эрэ бары тардар курдук, күүстээхтик суруйаҕын.
Бу тобуҥ өрө таҕыстын диэн, хас да түһүмэҕинэн суруйуом.
Ответить
9 декабря 2014
Люина
Хомустаҥҥа
Мин эн кэпсээннэргин аахпытым үс сыл буолла.
Уонна бу сэһэннэргэр бэйэҥ образкын чаҕылхайдык көрөбүн.
Эн көлүөнэ киһибин.
Адьас, дьиҥнээх Саха уолаҕын, Эр киһитэҕин: симик, олус көнө, дьиппиэн, сорох түгэҥҥэ, үгус оччотооҕу -70-80с.ыччат курдук, тылынан буолбакка, судургутунан, сутурук сууттаах да буолар түгэннэр баар буолара элбэх…Үлэҕэр, эппит тылгар, тус бэйэҥ да интириэскин умнар курдук, эппиэтинэстээх, дириҥ таптыыр ис куттаах, ол иэйиилэрин, үөрүүтүн-хомолтотун таска олус таһаарбат, кимиэхэ да көрдөрө, кэпсии сатаабат майгылаах уол, эр киьи обраһа чаҕылхайдык көстөр.
Олус грамотнайдык, ааҕар киһини эрэ бары тардар курдук, күүстээхтик суруйаҕын.
Бу тобуҥ өрө таҕыстын диэн, хас да түһүмэҕинэн суруйуом.
Ответить
9 декабря 2014
Люина
Хомустаҥҥа
Ити үөһээ эппитим курдук майгылаах киһи олус лиричнай, тулалыыр айылҕатыгар, кэмиттэн кэмигэр, ис кутунан олус аһыллар. Тулалыыр айылҕаны дьыл араас кэмигэр, суукка хайа баҕарар түгэнигэр, олус дьэҥкэтик, хаартыскаҕа түһэрэр курдук, звукозапись оҥорор курдук, чаҕылхайдык ылынар…
Ответить
9 декабря 2014
Люина
Хомустаҥҥа
Уруккуттан баччаҕа диэри: “Олус үчүгэйдик суруйаҕын, бэчээккэ тахсыаҥ этэ…”- дииллэрин, бүгүҥҥүгэ диэри: " Ол туһунан толкуйдаабаппын"- диигин даҕаны, нуччалыы эттэххэ: не писать уже не можешь. Тем более без слов поддержки твоих читателей тоже не можешь.
Ол ис кутуҥ өссө да толору сэһэннэрим ситэ иликтэр - диэн интуитивнай санааҥ буолуо…Эбэтэр, эмиэ, саха үгүс эр киһитигэр характернай, кэтэмэҕэй санаа, сэрэхэччийэр турук буолуо… Ити иккиэн да буолуохтарын сөп.
Ол иьин, бу суруйарга сананным. Баҕар, көмөлөһүө диэммин…
Ответить
9 декабря 2014
Люина
Хомустаҥҥа
Уруккуттан баччаҕа диэри: “Олус үчүгэйдик суруйаҕын, бэчээккэ тахсыаҥ этэ…”- дииллэрин, бүгүҥҥүгэ диэри: " Ол туһунан толкуйдаабаппын"- диигин даҕаны, нуччалыы эттэххэ: не писать уже не можешь. Тем более без слов поддержки твоих читателей тоже не можешь.
Ол ис кутуҥ өссө да толору сэһэннэрим ситэ иликтэр - диэн интуитивнай санааҥ буолуо…Эбэтэр, эмиэ, саха үгүс эр киһитигэр характернай, кэтэмэҕэй санаа, сэрэхэччийэр турук буолуо… Ити иккиэн да буолуохтарын сөп.
Ол иьин, бу суруйарга сананным. Баҕар, көмөлөһүө диэммин…
Ответить
9 декабря 2014
Люина
Хомустаҥҥа
Ооо дьэ… телефонтан суруйабын. Өссө “доҕордоһо” иликпин, ол иьин барар эрэ, суох эрэ, четко билбэккэ хаалабын. Биирдэ барбатах этэ, ол иьин, сыыьа баттаан, иккилиитэ эҥин түһэр…Дэмин таба билэ иликпин…Онон, бары да, баалаабаккытыгар көрдөһөбүн. Хос түһүүтэ, өрө таһаарарга көмөтө суох быһыылаах этэ.
Ответить
9 декабря 2014
Люина
Хомустаҥҥа
Ооо дьэ… телефонтан суруйабын. Өссө “доҕордоһо” иликпин, ол иьин барар эрэ, суох эрэ, четко билбэккэ хаалабын. Биирдэ барбатах этэ, ол иьин, сыыьа баттаан, иккилиитэ эҥин түһэр…Дэмин таба билэ иликпин…Онон, бары да, баалаабаккытыгар көрдөһөбүн. Хос түһүүтэ, өрө таһаарарга көмөтө суох быһыылаах этэ.
Ответить
9 декабря 2014
Люина
Хомустаҥҥа
Бу " Кэпсээннэр" форумҥа суруйар автордар, биллэн турар, олус суруйааччы буолар талааннаах дьон буолбатах буолан баран, бары даҕаны тус бэйэлэрин, эбэтэр, олоххо бэйэлэрэ чопчу көрбүт дьон олохтор
ун кэпсиир буолан, ааҕарга, кырдьык, үксэ олус интириэһинэй. Автортан улахан дьиҥнээх суруйааччыларга туруорар ирдэбиллэрэ суох ааҕарбыт чуолкай. Сюжета, ис хоһооно эрэ, бастатан туран, болҕомтону тардар.
Онтон, Хомустаан, эн кэпсээннэриҥ уопсай таһыма, бүгүҥҥү күҥҥэ бэчээттэнэр айымньылар таһымнарыгар балачча эппиэттэһэр.
Ол гынан баран, бэйэҥ да олоххор туруорар принцибыҥ курдук ( тоҕо эрэ сыыспаппын дии саныыбын ээ): “Оҥорор буоллахха, мин оҥорбутум туох да эҥкилэ суох буолуохтаах”- диириҥ курдугу бэйэҕиттэн ирдиир буолан, бэчээттэнэр туһунан санаммаппын диириҥ буолуо. ???
Ответить
9 декабря 2014
Люина
Хомустааҥҥа
Чэ түмүктүөххэ:
Ханнык баҕарар, дьиҥнээхтик, толору астыннарар айымньылар, сюжетнай линиятыгар, хайаан даҕаны, лирическай отступление, ол аата, киһи ис кутун туругар эппиэттэһэр, тулалыыр айылҕа көстүүтэ, кини уйулҕатын туругар сөп түбэһэр тулалыыр эйгэ көстүүлэрэ, олус дириҥник туохха эрэ дьүөрэлээн, холоон, эбэтэр, хайдах баарынан, ааҕааччы кутун, туругун, бэйэигэр хам тардан, Ийэ кутун, Салгын кутун, уйулҕатын, иэйиитин уһугуннарар курдук, бэйэтэ бу турукка дьэҥкэтик баар курдук буоларын ситиһэр.
Саха тыла дьүөрэлиир, тэҥнээн көрөр, туохха эрэ холуур, майгыннатар тыллара Аан дойду атын тылларын кытта тэҥнээтэххэ олус баай.
Дьэ ити тыллары туһанан, бу кэпсээннэргин байытарыҥ, өҥнүүрүҥ, араас дорҕооннууруҥ буоллар, Хомустаан, дьэ бэйэҥ эрэ буолбакка, эдэрдиин-эмэнниин бука бары астыныа этибит.
Бэчээттэнэргэр даҕаны туох да мэһэй, уустук түгэннэр суох буолуо этэ.
Аныгы буолунай бэчээттэнэр айымньыларга, үгүстэригэр бу үөһээ этиллибит тиийбэт…
Оттон, киэн туттар, астынар Саха классиктарбытын ааҕыҥ эрэ!
Оччоҕо бука бары өйдүөххүт хайдахтаах курдук САХА ТЫЛА БААЙЫН, ДИРИҤИН, СҮМЭЛЭЭҔИН!
Хомустаан, эйиэхэ, киһи да быһыытынан, ҮС КУТУҤ ДЬЭ АРЫЛЛЫА, ДЬИҤНЭЭХТИК ТЫЛЛЫА.
Бу Сиргэ киһи сайдаары төрүүр. «Лучше поздно, чем никогда » диэн өс хоһооно этэринии, туох баар дьиҥ Кутуҥ тэнийиэ, уйулҕаҥ дириҥ, киэҥ, баай ис хоһоонноох астыныы туругун билиэ!
Дьол диэн ол буолар бу Орто Дойдуга,
Кытаат, кэтэмэҕэтийимэ! Туормастаама!
Кыаххын ас! Итэҕэй уонна бу кэпсээннэгин байыт. Онтон, үөрэ, долгуйа, астына бэчээккэ биэр.
Тоҕо диэтэххэ, бу эн эрэ буолбатах, биһиги көлүөнэни барытын көрдөрөр айымньылар буолуохтаах.
Лицо и образ целого поколения.
Элбэх хоһоонноргун кыбыт, киллэр!
Айар-хоһуйар Айыы Аныҥ аһылыннын! Дом!
ЭРЭНЭ КҮҮТЭБИТ.
Ответить
9 декабря 2014
Люина
Хомустааҥҥа
Өссө биири этэр эбиппин:
Ити бэйэҥ уруһуйдаргыр түһэрбит буолуохтааххын. Талааннаах киһи төгүрүччү талааннаах диэн мээнэҕэ эппэттэр.
Стиль диэн баар буолуохтаах хас биирдии авторга.
Эн бу айымньыларгын бэйэҥ оформляйдаа. Оруобуна, биһиги көлүөнэ, тоҕо эрэ ити күлүгүнэн түһэрэр, чёрно-белай, символичнай,уруһуйдары сөбүлүүр этибит… Мин бэйэм даҕаны итинник буолунай уруһуйдуур этим.
Өйдүүгүн: хас биирдии кыыска, элбэх уолга да илииннэн суруллубут, уруһуйдаммыт песенниктар, хоһоон хомуурунньуктаах уопсай тэтэрээттэр саамай астынар, үөрэр, саамай күндүттэн күндү буолара…Төһөлөөх элбэх уол, кыыс кутун долгуйар түгэннэрэ, үөрүүлээх эбэтэр хомолто, хоргутуу түгэннэрэ ол ырыа, хоһоон строкаларын иһинэн, атын киһи хараҕар көстүбэттии саспыттара буолуой? Ити эн символ курдук араас уруһуйдар, бэйэтэ билэр киһиэхэ, дьиҥнээх олоҕор баар, олоххо көрсүбүт, санаатыгар-кутугар иҥэриммит, уйулҕатын иэйиитигэр үйэтин да тухары илдьэ сылдьар түгэннэрин санатара буолуой!?
Чэ, Хомустаан, кытаат!
Ответить
Хомустан
11 декабря 2014
Хомустан
Люина махтал мааныта буолуохтун!
Дьэ кырдьык элбэҕи суруйбуккун. Үксэ баары суруйбуккун. Ити кэпсээннэр утары манна форумҥа суруллубут буолан сиикэйдэр. Ыксааһыннар да бааллара. Ойуулуур-дьүһүннүүр өттө кыаттарбатаҕа көстөр. Кэлин бириэмэ булан буккуйан көрбүт киһи дии саныыбын да ньэҥир тиийбэт.
Бэчээт туһунан кырдьык олох толкуйдаабаппын. Биирдиилээн хаһыаттар көҥүллэтэн хоһооннорбун уонна биир эмит кэпсээни бэчээттииллэр. Уонна билигин Саха араадьыйаҕа: “Эн миигин умнумаар” кэпсээммин ааҕа сылдьаллар. Бу киэһэ бүтэһик чааһын ааҕаллар.
Дьон ааҕарын туораттан истэн олорон “маны маннык көннөрүөххэ” сөп эбит дии саныыбын.
Өссө төгүл улахан махтал буолуохтун!
Ответить
15 декабря 2014
усуйаана
молодец дьээдьэгин
Оруобуна. Оччотоогу дьон майгыта. Олого. Хас биирдии киьи дууьатын чуораанын лынкынатар утуе мааны кэпсээннэр
Ответить
15 декабря 2014
усуйаана
молодец дьээдьэгин
Оруобуна. Оччотоогу дьон майгыта. Олого. Хас биирдии киьи дууьатын чуораанын лынкынатар утуе мааны кэпсээннэр
Ответить
Хомустан
16 декабря 2014
Хомустан
Усуйаана махтал мааныта буолуохтун!
Онтон оччотооҕу киһи буоллаҕым дии. Чэ этэҥҥэ буол!