Кэпсээ
Войти Регистрация

Кирпииччэ лааҕыра - Арсен Михайлов

Главная / Кэпсээннэр / Кирпииччэ лааҕыра - Арсен Михайлов

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
28.11.2024 12:21
31 0

    Төрдүс кылааһы бүтэрбит сайыммар кирпииччэ лааҕырыгар киирэн үлэлээтим. Салайааччыбыт Ян Иванович икки - кирпииччэ уонна от лааҕырынан сылдьар.
    Окко сылдьааччылар - “ЛТО” диэн ааттаналлар,олор Эбэҕэ базалаахтар,хоно сытан икки сменанан үөрэх кэмэ кэлиэр дылы сылдьаллар.
Биһиэнэ дэриэбинэ таһыгар “Таҕа Күөлүгэр” баар,ол иһин дьиэбититтэн сылдьан үлэлиибит. Ян Иванович үксүн ЛТО-ҕа хоно сылдьар,биһиэхэ биирдэ эмэ кэлэр онон лааҕырбытын бырааттыы Пахомовтар салайаллар.
    Үлэбэр бара-кэлэ уонна эбиэккэ Ли Киэсик, Байбааскы буолан аргыстаһабыт. Дьиэм тэйиччи буолан Лилэргэ эбиэттиибин,аҕаларын Ньукулайы ийэм быраатыргыыр. Күндээдэттэн Ньукулай быраата Ли Өлөксөй таарыйан ааһааччы,саха быһаҕын оҥорор эбит этэ,онтун кэһии гынан аҕалбытын өйдүүбүн.
Онон сарсыарда аайы Лилэргэ кэлэбин,дьиэҕэ үксүн ийэлэпэ,оҕолор баар буолаллар. Ардыгар Һэргэйи утары көрсөбүн,эльиийигэр Аанаҕа оттоһор. Сорох күн Колик алаадьылыы турар буолар,алаадьыттан ылан Киэсик дьиэтин,күүлэтин аанын тэбэн тахсар. “Боотулуулар” бааһыналарыгар киирэрбитигэр кыра уол Толик үктэл үрдүгэр туран- Киэсик б-т, ааны тоҕо тэбэн тахсаҕын?!- диэн хаһыытыы хаалар. Убайа ол аайы кыһаммат. Байбааскыга таарыйан үлэбитигэр барабыт. Ол иһэн да киһибит сүгүн хаампат,тугу эмэ көрөн эпчиргэлиир,арагаакканан ытыалыыр,биһиги кэнниттэн үтүктэ иһэбит. Арай Виктор Михайлович дьиэтин таһынан супту ааһабыт,кэлэ-бара.
    Киэсик мэник,саҥаран-иҥэрэн,көрөн-истэн дьэргэлдьийэн сытыы уол. Оскуолаҕа баппаттар кэккэлэригэр сылдьар,сотору-сотору кини туох эрэ буруйу оҥорбут буолар.
    Хата ЛТО үлэлээн барда да дэриэбинэ оҕолоро түөлбэннэн атааннаһыылара тохтуур,лааҕырга да,дэриэбинэҕэ да улахан оннук хайдыһыы тахсыбат.
Мин Һэргэй 1 кытта мешалкаҕа үлэлиибит: кумах,буор,уу таһан, иккитэ эрийтэрэн раствор диэни бэлэмниибит. Бастаан уубутун солуурунан таһар этибит онтон Ян Иванович уһун шланга аҕалан,холбоон биэрдэ онон үлэбит чэпчээтэ,атынын наһыылканан таһабыт. Уолум биир сыл аҕа да,моойдоох баһынан улахан,мин саннынан сылдьабын. Оскуолаҕа үчүгэй үөрэнээччилэр ахсааннарыгар сылдьар,дружинаҕа актив,үлэтигэр эппиэтинэстээх,кыайа-хото үлэлиир.
Үс биригээдэ баар: иккитэ уолаттар,биирэ кыргыттар. Уолаттары Пахомовтар,кыргыттары хайа эрэ улахан кылаас кыыһа салайар.

Былаан сырсыыта: күҥҥэ хас эрэ кирпииччэ оҥоһуллуохтаах онон биригээдэлэр икки ардыларыгар куоталаһыы. Уопсай түмүккэ бастаабыт биригээдэ бириэмийэ ылыахтаах,инньэ гынан раствор былдьаһыыта,сорох биригээдэ үлүмнэһэн,раствора бүтэ илигинэ кэлэн ылар. Хойутаабыт биригээдэ биһиги бэлэмниирбитин кэтэһэн олорор
Биригэдьиирдэр ол мөккүөрэ,ордук Димканы кытта кыргыттар биригэльиирдэрэ биир күнэ суох мөккүспэккэ-этиспэккэ аһарбаттар. Сороҕор биһигини да хаарыйыах курдуктар,бэлэмнээн испэккит диэн,бэйэбит бокуойа суох сылдьар дьону.
Оннук үлэлии сырыттахпытына “Булчут” Сэмэнчик үлэлии кэллэ,бастакы сменаны ЛТО-ҕа үлэлээн бүппүт. Димка тута бэйэтин биригээдэтигэр ылла,биир кылаастар. Сэмэнчик кэлиэҕиттэн мөккүөр өссө сытыырхайда,уоллуун-кыыстыын бары кыттыһар буоллулар. Ол кэмҥэ Һааска уолаттара кэтии сылдьан бэлэмнэммит раствору урут түһэн илдьэ бараллар,ону көрөр анараалар эмиэ түһүнэллэр,куоталаһыы саҕаланнаҕа ол.
    Дөрүн-дөрүн сопхуос прораба,аатын умнубуппун,хос аата “Ый сирэй”, кыһыл-маҥан доруобай киһи маҥан “Маскыбыыһынан” иһэрэ ыраахтан көстөр. Сороҕор Ян Ивановичтыын сылдьар буолаллар,биригэдьиирдэри кытта көрсөн ,үлэни-хамнаһы быһаарсаллар. Сарайга киирэн дьаарыстанан турар кирпииччэлэри ааҕаллар-көрөллөр,үлэбитин хайгыыллар, былаан туолара кыра хаалла,кытаатан эйэлээхтик үлэлээҥ диэн барар.
    Биир күн сарсыардаттан ардаата,инньэ гынан өрөөтүбүт. Сарсыныгар тиийбиппит сарайбыи тэстэн,сорох кирпииччэлэрбит уу түһэн алдьаммыттар. Ол күн сарайбытын абырахтаан,алдьаммыттары туораталаан,бүтүттэри саҥаттае сааһылаан уурдубут. Салгыы үлэлээн бардыбыт,ол гынан сотору былаан туолла,аны былааны таһынан үлэлээҥ- диэн буолла.
    Кыргыттарбыт эрдэттэн да былаан туолла да,бүтэбит дииллэр. Биһиги - Баран көрүҥ, бэйэбит да үлэлиэхпит- дэһэбит. Кыргыттары кытта соҕотох уол,саамай кырабыт,Һаанньыкка үлэлэһэр.- Тоҕо кинилэри кытта сылдьаҕын,биһиэхэ кэл- диибит,бэйэбит диэки тарда сатыыбыт. Уолбут чопчу хоруйу биэрбэт,бииргэ үөрэнэр кыргыттарын Саргылаах Ньуккуну тутуһа сылдьар. Оннук хас да күн ааста,уолбут кэлиэн баҕарар да,кырныттарыттан тэйиэн эмиэ баҕарбат.
Биир күн Пахомов Һааска туойунан “Черная метка” диэни оҥордо,пираттардаах киинэни үтүктэн. Оннук “метканы” туппут киһи ыйааҕа быһаарыллар,сэрэтии бэлиэтэ. Оттон биһиги чааспытыгар:- Кэлбэт буоллаҕына кэлбэтин,кыргыттарын кытта сырыттын,аны бэйэбитигэр чугаһаппаппыт- диэн.
Бастаан чугас ыалыгар Артурга ол сорудах бэриллэн иһэн,аны миэхэ көстө,бииргэ үөрэнэр уолгар эн туттараҕын- диэн. Улахан күһэллииннэн,баҕарбатарбын да туттарар буоллум. Сынньалаҥ кэмигэр чэй,быырпах аҕалбыппытын иһэбит,ол олорон - Чэ,баран чернай меткаҕын туттар- диэн хаайдылар,аат эрэ харата туран,кыргыттар олорор бөлөхтөрүгэр чугаһаан,уолбун ыҥырдым. Утары кэлбитигэр- Һаанньыкка,ытыскын тоһуй- диибин,хап-сабар илиитин уунар, меткабын туттаран кэбиһэбин. Киһим барытын өйдөөтө,инньэ гынан былаан туолбутун кэннэ кыргыттары кытта барсан хаалла.
Бэйэбит эрэ хаалан,икки биригээдэ үлэлээн бардыбыт.
Һэргэйи- Димка,миигин Һааска бэйэлэрин хамаанлаларыгар ыллылар,урукку курдук үлүмнэһэн үлэлээбэппит онон

мешалкаҕа үлэлиир анал дьон суох буолла.
    Буоба уонна Сэмэнчик мопедтарынан сылдьаллар,улахан уолаттарбыт ону сүүрдэллэр,биһиги мэҥэстэбит. Арай биирдэ куоталастылар. Таҕа Күөлүн эргийэн кэлэргэ. Буоба киэнэ сабыс-саҥа “Рига-22” ,Сэмэнчик Пекаттан ылбыт эргэ,газовай мопедтаах. Буоба син биир ситэр диэн ким да мөккүспэтэ да, сакалааттаспата даҕаны. Онтубут Сэмэнчик урут кэллэ,биһиги соһуйуу бөҕөтө- газовай да скоростааҕы ситэн кэлбитигэр. Буоба ситтэрэн кэлэн кыһыйар аҕай, Һааска- скоростаах мопед газовайга хайдах да ситтэриэ суохтаах - диэн хаһыста.
Иккистээн сүүрдүү буолла,бу сырыыга Буоба ырааҕынан быраҕан кэллэ,ити курдук сынньалаҥмыт уһаата.
    Ол быыһыгар оонньуубут,сороҕор ойуур кэрийэн ылабыт.
Күһүөрү үлэбитин түмүктээн,хамнаспытын ааҕыстыбыт,миэнэ 75 солк.буолла,онтубар бэлисипиэт ылынным. Оттон бириэмийэни барыбытыгар тэҥҥэ үллэрбиттэр этэ.
Аан бастаан хамнас аахсан үлэлээбитим итинник этэ.

Арсен Михайлов
Маар с.Ньурба

Добавить комментарий