Главная / Кэпсээннэр / Ити кимий? - Арсен Михайлов
Добавить комментарий
Хайа баҕарар кыра уолаттар ортолоругар -Дэриэбинэҕэ саамай ким күүстээҕий? - диэн ыйытык турбут буолуохтаах. Сити да боппуруос биһигини тумнубатаҕа,оскуолаттан дьиэлээн иһэн элбэхтэ мөккүөр буолара - Маарга саамай ким күүстээҕий?-
Алик:- Дьоппоһук- диир. Уйбаачык:- Ньууккай- диир.
Дьоппоһук луосканы сытыылаан баран истиэнэҕэ тура түһүөр дылы быраҕар,хаайыыттан үөрэнэн кэлбит.
Ити курдук бүппэт мөккүөрдээхтэр,хайалара да иннин биэрбэт. Мөккүһэ сатаан баран сакалааттаһаллар, мин туоһу буолан “быһааччы” буолабын. Илии тутустулар да “быһан” иһэбин. Кыайбыт сүүйүүтүн аҥарын миигин кытта үллэстиэхтээх. Сакалааттаһыылара сырыы аайы уларыйа сылдьар: кэмпиэт,бэчиэнньэ,арагаайка,бүк тутуу быһах уо.д.а. Оччолорго биһиэхэ күндү астар,маллар.
Биирдэ эмэ мөккүөргэ кыттан:- Бу киһи күүстээх - диэтэхпинэ, - Ол киһини таах кыайаллар- дэһэллэр,отой саҥардыбаттар. Онон “быһааччынан” сылдьабын,оннуга ордук да курдук. Кэпсэтии быһыытынан минньигэс ас буоллаҕына аҥаара миэнэ, туттар мал буоллаҕына уларсан туһаныахтаахпын.
Ньууккайы хам-түм түбэһэн көрөбүн,көрдөххө да уолаттартан бастыҥнара,уол да уол. Ханна эрэ соҕуруу сылдьан каратэҕа үөрэммит үһү - диэн истэбит. Дьоппоһугу көрөн билбэппин,сураҕа сопхуоска суоппар үһү. Алик аҕата эмиэ суоппар ,онон билэр быһыылаах
Ол курдук хас сыл мөккүспүттэрэ буолла,кэм улаатаммыт мөккүөр тохтоото. Кыайыылаах суох буолан сакалаат аҥаара тиксибэтэ.
Сэттиһи тахсыбыт сайыммар Бороҕонтон убайым Һааса уоппускатыгар оҕолорунаан кэллэ. Сайын саҕаланыыта буолан,өрүскэ таһаҕастаах бааржалар кэлэллэр. Онно куруус үлэтигэр дьон бөҕөтө,араас дэриэбинэлэртэн киирэн үлэлииллэр. Ону көрө киирдибит.
Үөһэттэн көрүөхпүт диэн ыскылаат кэтэҕэр турар ыскамыайкаҕа бардыбыт. Тиийбиппит,биир киһи олорор,убайбын кытта илии тутуһан дорооболостулар. Һааса кэккэлэһэ олорунан кэбистэ,кэпсэтэн бардылар,бэрт синньигэс саҥалаах хатыҥыр киһи. Мин кинилэр кэпсэтиилэрин истэ барбатым. Хас да бааржа кэлэн сүөккэнэ тураллар,киһи элбэх,массыыналарга таһаҕас тиэйэллэр. Толору тиэйиилээх массыыналар сыыры дабайан ыскылааттарга кэлэллэп,сорохторо айан суолунан дэриэбинэ диэки бараллар. Ону көрөн аралдьыйан төһө өр сылдьыбытым буолла.
Өйбөр Дэлиһиэбис Уйбаан, Ярослав курдук бөдөҥ-садаҥ, улахан саҥалаах буолуо диэн саныырым, таҥнарыта буолан таҕыста.
Саатар убайым эрдэ эппэт ээ,итиччэ түбэһэн баран өйдөөн көрүө эбиппин- диэн, саныы-саныыбын айаннаһа турдум.
10.11.20 сыл Арсен Михайлов Маар с.Ньурба
Хайа баҕарар кыра уолаттар ортолоругар -Дэриэбинэҕэ саамай ким күүстээҕий? - диэн ыйытык турбут буолуохтаах. Сити да боппуруос биһигини тумнубатаҕа,оскуолаттан дьиэлээн иһэн элбэхтэ мөккүөр буолара - Маарга саамай ким күүстээҕий?-
Алик:- Дьоппоһук- диир.
Уйбаачык:- Ньууккай- диир.
Дьоппоһук луосканы сытыылаан баран истиэнэҕэ тура түһүөр дылы быраҕар,хаайыыттан үөрэнэн кэлбит.
Ити курдук бүппэт мөккүөрдээхтэр,хайалара да иннин биэрбэт. Мөккүһэ сатаан баран сакалааттаһаллар, мин туоһу буолан “быһааччы” буолабын. Илии тутустулар да “быһан” иһэбин. Кыайбыт сүүйүүтүн аҥарын миигин кытта үллэстиэхтээх. Сакалааттаһыылара сырыы аайы уларыйа сылдьар: кэмпиэт,бэчиэнньэ,арагаайка,бүк тутуу быһах уо.д.а. Оччолорго биһиэхэ күндү астар,маллар.
Биирдэ эмэ мөккүөргэ кыттан:-
Бу киһи күүстээх - диэтэхпинэ, - Ол киһини таах кыайаллар- дэһэллэр,отой саҥардыбаттар.
Онон “быһааччынан” сылдьабын,оннуга ордук да курдук. Кэпсэтии быһыытынан минньигэс ас буоллаҕына аҥаара миэнэ, туттар мал буоллаҕына уларсан туһаныахтаахпын.
Ньууккайы хам-түм түбэһэн көрөбүн,көрдөххө да уолаттартан бастыҥнара,уол да уол. Ханна эрэ соҕуруу сылдьан каратэҕа үөрэммит үһү - диэн истэбит.
Дьоппоһугу көрөн билбэппин,сураҕа сопхуоска суоппар үһү. Алик аҕата эмиэ суоппар ,онон билэр быһыылаах
Ол курдук хас сыл мөккүспүттэрэ буолла,кэм улаатаммыт мөккүөр тохтоото. Кыайыылаах суох буолан сакалаат аҥаара тиксибэтэ.
Сэттиһи тахсыбыт сайыммар Бороҕонтон убайым Һааса уоппускатыгар оҕолорунаан кэллэ. Сайын саҕаланыыта буолан,өрүскэ таһаҕастаах бааржалар кэлэллэр. Онно куруус үлэтигэр дьон бөҕөтө,араас дэриэбинэлэртэн киирэн үлэлииллэр. Ону көрө киирдибит.
Үөһэттэн көрүөхпүт диэн ыскылаат кэтэҕэр турар ыскамыайкаҕа бардыбыт. Тиийбиппит,биир киһи олорор,убайбын кытта илии тутуһан дорооболостулар. Һааса кэккэлэһэ олорунан кэбистэ,кэпсэтэн бардылар,бэрт синньигэс саҥалаах хатыҥыр киһи.
Мин кинилэр кэпсэтиилэрин истэ барбатым. Хас да бааржа кэлэн сүөккэнэ тураллар,киһи элбэх,массыыналарга таһаҕас тиэйэллэр. Толору тиэйиилээх массыыналар сыыры дабайан ыскылааттарга кэлэллэп,сорохторо айан суолунан дэриэбинэ диэки бараллар. Ону көрөн аралдьыйан төһө өр сылдьыбытым буолла.
-Матассыыкылга мэҥэстэн иһэн:
Дьэ, мин соһуйуу бөҕөтүн соһуйдум, били аатырдар Дьоппоһуктара ити эбит дуу?- диэн.
Өйбөр Дэлиһиэбис Уйбаан, Ярослав курдук бөдөҥ-садаҥ, улахан саҥалаах буолуо диэн саныырым, таҥнарыта буолан таҕыста.
Саатар убайым эрдэ эппэт ээ,итиччэ түбэһэн баран өйдөөн көрүө эбиппин- диэн, саныы-саныыбын айаннаһа турдум.
10.11.20 сыл
Арсен Михайлов
Маар с.Ньурба