Главная / Кэпсээннэр / Продлёнка - Арсен Михайлов
Добавить комментарий
Сэбиэскэй саҕана төһө да иччи,абааһы суох диэн үөрэттэллэр,“көстүбэт күүс” баарын итэҕэйиллэр этэ. Оҕо сааска түгэн көһүннэҕинэ кэпсэтэн аҕай биюрэрбит,онтубутун “случай” диэн ааттыырбыт. Сороҕор учуутал ыарыйдаҕына,солбук кэлбэтэҕинэ,учительскайга биллэрбэккэ,кылааска чуумпуран олорон кэпсэтэбит. Случай кэпсиир идэтийбит оҕолор баар буолааччылар. “Арай биирдэ…” - диэн саҕалаан барда да, кулгаах-харах иччитэ буолан истэҕин. Ардыгар саамай кутталлаах түгэнигэр чугас олорооччуну соһутаҕын, ким эмэ куттанан ыһыытаатаҕына ону күлүү гынааһын буолар. Үксүгэр кыргыттар кэпсэтэ олорон- соһуппаккыт,куттаабаккыт, диэн мэктиэ тыл бэрдэрэллэр. Элбэх случай Дьокуускайга буолбут,сүрүн герой - студент уол эбэтэр кыыс кэпсэнэр. Сороҕор бэйэ-бэйэтигэр майгыннаһар случайдар баар буолаллар.
Ол сырыттахпытына “продленнай группа” диэн киирдэ. Уруок кэннэ хаалан уруок үөрэтэбит,эбии үөрэхтээһин курдук. Инньэ гынан киэһэ хараҥаҕа дьиэлиир буоллубут. Күһүҥҥү ытыс таһынар хараҥаҕа быһалыы диэн,ойуурунан сылдьабыт. Тоҕо да эргийэ дэриэбинэнэн барбаппыт буолла. Икки Сардаананы кытта аргыстаһабын,били күнүс кэпсэппит случайдарбытын санаан кэлэбит. Санаабытыгар ойуур иһигэр толору абааһы,иччи.
Кыргыттарым куттанан,икки өттүбэр икки илиибин хам кууһан иһэллэр. Ол да буоллар,биир илиибэр мастаахпын, онтубунан абааһыны үүрүөхтээхпин. Кинилэр куттаналлара миэхэ эмиэ бэриллэр,хаҕым эрэ иһэр,онтубун биллэрбэт буола сатыыбын. Арааһа фонарик дефицит эбитэ дуу,хайабытыгар да суох. Сырдыкка аахайбакка ааһар чөҥөчөгүҥ,сыгынаҕыҥ,үрдүк мастарыҥ хараҥаҕа отой атын буолан көстөллөр,аны хаппыт мас хаахыныыр тыаһа. Санаабытын бөҕөргөтөн бэрт улаханнык ырыа ыллыыбыт:
Саабынаптары аастыбыт да ыал бүтэр." Тайбаан арыыта" ыал олохсуйа илик,аһаҕас сир. Сүрүнэ, СПТУ гарааһыгар тиийиэхтээхпит,гарааж тас өттүгэр лаампа умайар, онтон А.Сардаанв дьиэтэ бу турар. Агрономнар тас уоттарын холбооботох буоллахтарына аны биир Сардаагабын дьиэтигэр атаарабын. Икки илиим улук буолан хаалар, биир кэм токуччу туттан уонна суолу быһа икки кыыс хам кууһан кэлбит буолан.
“Хоту” дэриэбинэ оҕолоро подвал ойуурун эмиэ “моһол” бөҕөнү туораан дьиэлэрин булаллар.
Кыһыары күһүн “Соппуоһунньук” ойоҕун өлөрөн кэбистэ,сарсыарда-киэһэ ол кэпсэтиитэ буолла,дэриэбинэ. Өр буолбата,аны “Соппуоһунньук” ойоҕун түүппүлэтэ хараҥаҕа дьону сырса сылдьан тэбиэлиир үһү- диэн сурах-садьык оскуола оҕотун толорон кэбистэ. Продленнай группа кэнниттэн “хоту” дэриэбинэ оҕолорун подвал ойууругар сырса сылдьан “тэбиэлиир” эбит. Били ханна эрэ ыраах буолар случайбыт аны,бэйэбитигэр дэриэбинэҕэ баар буолла. Хараҥаҕа дьиэлиир моһуок буолла. “Оҕолор куттаналлар” - диэн төрөппүттэр педсовекка туруорсан продленнай группа тохтоото.
Күнүс сырдыкка дьиэлиир буоллубут. Дьэ,били “түүппүлэни” көрө диэн, Алик,Уйбаачык буолан бардыбыт. Онтубут гарааж боруотатын кытыытыгар , кып-кыһыл, харыс саҕа хобулуктаах түүппүлэлэр оскуоманан хам сааллан тураллар эбит. Гарааж таһыгар хайа эрэ дьон тураллар: - Билигин түһэн сырсыа,дьиэлии охсуҥ,- дэһэллэр. Биһиги кырдьыктанан, тиэтэйэ-саарайа дьиэбит диэки барабыт. Продленнай группа тохтоон, Сардааналаах Саргы миэхэ киирэн уруок ааҕынар буоллубут. Кинилэр дьонноро үлэлэригэр,онон мин ийэм хонтуруоллуохтаах, уруок ааҕарбытын. Ийэм сэрии саҕана оҕо сааһа буолан,оскуолаҕа үөрэммэтэх. Биһиги ону туһанан - Города,реки… оонньуубут. Сотору-сотору мөккүһэбит: холобур, Профессия - диэҥҥэ “директор диэни. Былатыанап Баанньыккаттан *директор- профессия буолбакка, дуоһунас буолар- диэн билбит буолан,ону аахсабын. Эбэтэр,ханнык эрэ бууеубаҕа наадалаах тылгын булбакка, сымыйанан айан суруйаҕын, ону - *оннук баар-суох диэн мөккүһэбит. Ийэм хоско киирэн:- Туох ааттаах мөккүһэҕит?- диир, - Уруок ааҕабыт- дэһэбит,суруна олорор тэтэрээппитин көрдөрөбүт. Тахсан чэйин бэлэмниир,сотору остуолга ыҥыртыыр. Ол гынан иккитэ-хаста чэйдээһиннээх, “уруок ааҕабыт”. Сарсыныгар уруокпутугар мэлийэн тахсабыт
Бука,биһиги эрэ буолбакка,син элбэх оҕо уруок аахпатах буолурхтаах,продленнай группа тохтоон. Сотору били *случайбыт умнуллан,уонна уруок ааҕыллыбата элбээн буолуо, продленнай группабыт эмиэ үлэлээн барда.
15.10.18с. Арсен Михайлов Маар с.Ньурба
Сэбиэскэй саҕана төһө да иччи,абааһы суох диэн үөрэттэллэр,“көстүбэт күүс” баарын итэҕэйиллэр этэ. Оҕо сааска түгэн көһүннэҕинэ кэпсэтэн аҕай биюрэрбит,онтубутун “случай” диэн ааттыырбыт. Сороҕор учуутал ыарыйдаҕына,солбук кэлбэтэҕинэ,учительскайга биллэрбэккэ,кылааска чуумпуран олорон кэпсэтэбит. Случай кэпсиир идэтийбит оҕолор баар буолааччылар. “Арай биирдэ…” - диэн саҕалаан барда да, кулгаах-харах иччитэ буолан истэҕин. Ардыгар саамай кутталлаах түгэнигэр чугас олорооччуну соһутаҕын, ким эмэ куттанан ыһыытаатаҕына ону күлүү гынааһын буолар. Үксүгэр кыргыттар кэпсэтэ олорон- соһуппаккыт,куттаабаккыт, диэн мэктиэ тыл бэрдэрэллэр. Элбэх случай Дьокуускайга буолбут,сүрүн герой - студент уол эбэтэр кыыс кэпсэнэр. Сороҕор бэйэ-бэйэтигэр майгыннаһар случайдар баар буолаллар.
Ол сырыттахпытына “продленнай группа” диэн киирдэ. Уруок кэннэ хаалан уруок үөрэтэбит,эбии үөрэхтээһин курдук. Инньэ гынан киэһэ хараҥаҕа дьиэлиир буоллубут.
Күһүҥҥү ытыс таһынар хараҥаҕа быһалыы диэн,ойуурунан сылдьабыт. Тоҕо да эргийэ дэриэбинэнэн барбаппыт буолла.
Икки Сардаананы кытта аргыстаһабын,били күнүс кэпсэппит случайдарбытын санаан кэлэбит. Санаабытыгар ойуур иһигэр толору абааһы,иччи.
Кыргыттарым куттанан,икки өттүбэр икки илиибин хам кууһан иһэллэр. Ол да буоллар,биир илиибэр мастаахпын, онтубунан абааһыны үүрүөхтээхпин. Кинилэр куттаналлара миэхэ эмиэ бэриллэр,хаҕым эрэ иһэр,онтубун биллэрбэт буола сатыыбын. Арааһа фонарик дефицит эбитэ дуу,хайабытыгар да суох. Сырдыкка аахайбакка ааһар чөҥөчөгүҥ,сыгынаҕыҥ,үрдүк мастарыҥ хараҥаҕа отой атын буолан көстөллөр,аны хаппыт мас хаахыныыр тыаһа.
Санаабытын бөҕөргөтөн бэрт улаханнык ырыа ыллыыбыт:
-Санаабытыгар абааһыттан куттаммаппыт - диэн биллэрэ сатыыбыт. Үөрэппит ырыабыт аҕыйах эбит, ол иһин хат-хат ыллыыбыт, суолбут да уһун.
Саабынаптары аастыбыт да ыал бүтэр." Тайбаан арыыта" ыал олохсуйа илик,аһаҕас сир. Сүрүнэ, СПТУ гарааһыгар тиийиэхтээхпит,гарааж тас өттүгэр лаампа умайар, онтон А.Сардаанв дьиэтэ бу турар. Агрономнар тас уоттарын холбооботох буоллахтарына аны биир Сардаагабын дьиэтигэр атаарабын.
Икки илиим улук буолан хаалар, биир кэм токуччу туттан уонна суолу быһа икки кыыс хам кууһан кэлбит буолан.
“Хоту” дэриэбинэ оҕолоро подвал ойуурун эмиэ “моһол” бөҕөнү туораан дьиэлэрин булаллар.
Кыһыары күһүн “Соппуоһунньук” ойоҕун өлөрөн кэбистэ,сарсыарда-киэһэ ол кэпсэтиитэ буолла,дэриэбинэ. Өр буолбата,аны “Соппуоһунньук” ойоҕун түүппүлэтэ хараҥаҕа дьону сырса сылдьан тэбиэлиир үһү- диэн сурах-садьык оскуола оҕотун толорон кэбистэ. Продленнай группа кэнниттэн “хоту” дэриэбинэ оҕолорун подвал ойууругар сырса сылдьан “тэбиэлиир” эбит. Били ханна эрэ ыраах буолар случайбыт аны,бэйэбитигэр дэриэбинэҕэ баар буолла. Хараҥаҕа дьиэлиир моһуок буолла.
“Оҕолор куттаналлар” - диэн төрөппүттэр педсовекка туруорсан продленнай группа тохтоото.
Күнүс сырдыкка дьиэлиир буоллубут. Дьэ,били “түүппүлэни” көрө диэн, Алик,Уйбаачык буолан бардыбыт. Онтубут гарааж боруотатын кытыытыгар , кып-кыһыл, харыс саҕа хобулуктаах түүппүлэлэр оскуоманан хам сааллан тураллар эбит. Гарааж таһыгар хайа эрэ дьон тураллар: - Билигин түһэн сырсыа,дьиэлии охсуҥ,- дэһэллэр.
Биһиги кырдьыктанан, тиэтэйэ-саарайа дьиэбит диэки барабыт.
Продленнай группа тохтоон, Сардааналаах Саргы миэхэ киирэн уруок ааҕынар буоллубут. Кинилэр дьонноро үлэлэригэр,онон мин ийэм хонтуруоллуохтаах, уруок ааҕарбытын. Ийэм сэрии саҕана оҕо сааһа буолан,оскуолаҕа үөрэммэтэх. Биһиги ону туһанан - Города,реки… оонньуубут. Сотору-сотору мөккүһэбит: холобур, Профессия - диэҥҥэ “директор диэни. Былатыанап Баанньыккаттан *директор- профессия буолбакка, дуоһунас буолар- диэн билбит буолан,ону аахсабын. Эбэтэр,ханнык эрэ бууеубаҕа наадалаах тылгын булбакка, сымыйанан айан суруйаҕын, ону - *оннук баар-суох диэн мөккүһэбит. Ийэм хоско киирэн:- Туох ааттаах мөккүһэҕит?- диир, - Уруок ааҕабыт- дэһэбит,суруна олорор тэтэрээппитин көрдөрөбүт. Тахсан чэйин бэлэмниир,сотору остуолга ыҥыртыыр. Ол гынан иккитэ-хаста чэйдээһиннээх, “уруок ааҕабыт”. Сарсыныгар уруокпутугар мэлийэн тахсабыт
Бука,биһиги эрэ буолбакка,син элбэх оҕо уруок аахпатах буолурхтаах,продленнай группа тохтоон. Сотору били *случайбыт умнуллан,уонна уруок ааҕыллыбата элбээн буолуо, продленнай группабыт эмиэ үлэлээн барда.
15.10.18с.
Арсен Михайлов
Маар с.Ньурба