Главная / Кэпсээннэр / Саҥа уол - Арсен Михайлов
Добавить комментарий
Бастакы кылааска тахсан үөрэнэ сылдьабыт. Биир күн үөрэнэ олордохпутуна кылаас аанын тоҥсуйан,киһи өҥөс гынна,учууталбытын ыҥырда. Агафья Васильевнаны кытта кыратык кэпсэттэ. Ол кэмҥэ бэскилээх баттахтаах уол өҥөс гынна.
Учууталбыт аатын ыйытта: -Шаша, - диэн хардарда. Кылааска киллэрэн оҕону билиһиннэрдэ уонна паартаҕа илдьэн олорто,салгыы үөрэнэн бардыбыт. “Шашабыт” Өлүөхүмэттэн кэлбит,оскуола боруогун саҥа атыллаабыт эбит. Онуоха холоотоххо биһиги,нулевойу бүтэрбит дьон, додо үөрэхтээх курдукпут.
Үөрэнэн бүтэн дьиэлээри туран, кылаас “хоруола” Уйбаачык:- Саҥа уолу саайыахха наада!- диэтэ. Уйбаачык тустан да,охсуһан да кими да тулуппат. Бэл, бэйэтинээҕэр биир сыл аҕаларф үксүлэрин, икки сыл аҕалары сорохторун кыайталыыр. Отой көрдөөн сылдьан тустар,охсуһар эрэт. Саҥа уолбут Һуурукканы кытта аргыстаһан барда, кэннилэриттэн батыстыбыт. Оскуолаттан тэйээт, баайсан үтүргэхтэһэн барабыт. Һуурукка уолун көмүскэһэн сүрдээх. Биири саҥардахрытына биэһи саҥарар, биэһи эттэхпитинэ уону хардарар. Ол быыһыгар түөскэ тэбэн кибилиннэрэр, кулгаах тааска сырбатар. Тыла умайыктанан олорор, илиитэ-атаҕа босхо,дьэ,сытыы кыыс. Ол эрэн үс буолан көмөлөөн иккиэннэрин ытаталыыбыт. Ол курдук суолу быһа охсуһан-этиһэн айаннаатыбыт.
“Тайахсыттарынан” ытаһа-ытаһа туораатылар. Ол иһэн Һуурукка эбэтигэр,эдьиийигэр үҥсүөх буолар. Биһиги күлсэ-күлсэ лааппыга ааһабыт, кыһалҕа кыра, кымаардаан да көрбөппүт. Лааппыга саамай сөбүлээн көрөрбүи хары чаһыылара. Эҥин араас чаһыы прилавокка тэлгэнэ сытап буолап. Таас прилавогы өҥөйө сытан: - Улааттахпына маннык чаһыыны ылыныам этэ,- диэн кэпсэтэбит. Бу сырыыга Уйбаачыкпыт тоҕо эрэ:- Барыаҕыҥ - диэн ыксатар. Аликтыын тоҕо ыксыырын муодаргыыбыт. Ону - Һуурукка эдьиийэ кэлиэ,- диир. Биһиги ону баардылаабатыбыт,чаһыыларбытын көрөбүт. - Бу үчүгэй, бу ордук- дэсиһэбит.
Дьэ,ол сырыттахпытына дьиэтиттэн Рита сурулаан түспүт. Киирээт:- Учууталлар бааргыт дуо?,- дэтэлиир,( биир да учуутал суох). Балтын көмүскэһэн саҥа бөҕөтө, саҕабытыттан ылан үһүөммүтүн биир муостаҕа тупуортаата. Туох да олох “итии чох” үрдүгэр турап курдук буолла,биһиэхэ. Баччааҥҥа дылы туора киһиттэн уоаханнык мөҕүллүбэтэх дьон,соһуйдубут. Уйбаачык эрдэ мөҕүллэн турап эбит, ол иһин эрдэ бара сатаабыт. Арыппыан аҕабын көрсөн: - Уол кыыһы ытаппыт - диэн эмиэ эппит. Киэһэ дьиэбэр аҕам сэмэлээн эттэ. Ити курдук аан бастаан Һааскыллайы көрсөн турабыт.
4.08.19 сыл Арсен Михайлов Маар с.Ньурба
Бастакы кылааска тахсан үөрэнэ сылдьабыт. Биир күн үөрэнэ олордохпутуна кылаас аанын тоҥсуйан,киһи өҥөс гынна,учууталбытын ыҥырда. Агафья Васильевнаны кытта кыратык кэпсэттэ. Ол кэмҥэ бэскилээх баттахтаах уол өҥөс гынна.
Учууталбыт аатын ыйытта:
-Шаша, - диэн хардарда. Кылааска киллэрэн оҕону билиһиннэрдэ уонна паартаҕа илдьэн олорто,салгыы үөрэнэн бардыбыт.
“Шашабыт” Өлүөхүмэттэн кэлбит,оскуола боруогун саҥа атыллаабыт эбит. Онуоха холоотоххо биһиги,нулевойу бүтэрбит дьон, додо үөрэхтээх курдукпут.
Үөрэнэн бүтэн дьиэлээри туран, кылаас “хоруола” Уйбаачык:- Саҥа уолу саайыахха наада!- диэтэ. Уйбаачык тустан да,охсуһан да кими да тулуппат. Бэл, бэйэтинээҕэр биир сыл аҕаларф үксүлэрин, икки сыл аҕалары сорохторун кыайталыыр. Отой көрдөөн сылдьан тустар,охсуһар эрэт.
Саҥа уолбут Һуурукканы кытта аргыстаһан барда, кэннилэриттэн батыстыбыт. Оскуолаттан тэйээт, баайсан үтүргэхтэһэн барабыт. Һуурукка уолун көмүскэһэн сүрдээх. Биири саҥардахрытына биэһи саҥарар, биэһи эттэхпитинэ уону хардарар. Ол быыһыгар түөскэ тэбэн кибилиннэрэр, кулгаах тааска сырбатар. Тыла умайыктанан олорор, илиитэ-атаҕа босхо,дьэ,сытыы кыыс. Ол эрэн үс буолан көмөлөөн иккиэннэрин ытаталыыбыт. Ол курдук суолу быһа охсуһан-этиһэн айаннаатыбыт.
“Тайахсыттарынан” ытаһа-ытаһа туораатылар. Ол иһэн Һуурукка эбэтигэр,эдьиийигэр үҥсүөх буолар. Биһиги күлсэ-күлсэ лааппыга ааһабыт, кыһалҕа кыра, кымаардаан да көрбөппүт.
Лааппыга саамай сөбүлээн көрөрбүи хары чаһыылара. Эҥин араас чаһыы прилавокка тэлгэнэ сытап буолап. Таас прилавогы өҥөйө сытан: - Улааттахпына маннык чаһыыны ылыныам этэ,- диэн кэпсэтэбит. Бу сырыыга Уйбаачыкпыт тоҕо эрэ:- Барыаҕыҥ - диэн ыксатар. Аликтыын тоҕо ыксыырын муодаргыыбыт. Ону - Һуурукка эдьиийэ кэлиэ,- диир.
Биһиги ону баардылаабатыбыт,чаһыыларбытын көрөбүт. - Бу үчүгэй, бу ордук- дэсиһэбит.
Дьэ,ол сырыттахпытына дьиэтиттэн Рита сурулаан түспүт. Киирээт:- Учууталлар бааргыт дуо?,- дэтэлиир,( биир да учуутал суох). Балтын көмүскэһэн саҥа бөҕөтө, саҕабытыттан ылан үһүөммүтүн биир муостаҕа тупуортаата. Туох да олох “итии чох” үрдүгэр турап курдук буолла,биһиэхэ. Баччааҥҥа дылы туора киһиттэн уоаханнык мөҕүллүбэтэх дьон,соһуйдубут. Уйбаачык эрдэ мөҕүллэн турап эбит, ол иһин эрдэ бара сатаабыт.
Арыппыан аҕабын көрсөн: - Уол кыыһы ытаппыт - диэн эмиэ эппит. Киэһэ дьиэбэр аҕам сэмэлээн эттэ.
Ити курдук аан бастаан Һааскыллайы көрсөн турабыт.
4.08.19 сыл
Арсен Михайлов
Маар с.Ньурба