Кэпсээ
Войти Регистрация

Кылаас сууйааһына - Арсен Михайлов

Главная / Кэпсээннэр / Кылаас сууйааһына - Арсен Михайлов

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
28.11.2024 12:58
12 0

    Төрдүс кылааска салайааччынан Екатерина Николаевна буолла. Остолобуой иннигэр кураанах турбут хоһу ылан “Эстетика” кабинета диэни тэрийдэ. Эдэригэр С.Зверев ансаамбылыгар сылдьыбыт буолан, ырыа-үҥкүү куттаах,онон буолуо Саха театрын,филармония артыыстарын кытта суруйсар, Мария Варламова диэн Театр артыыскатын кытта шефтэстибит. Артыыстарга анаммыт стендэлэр баар буоллулар,аны хантан эрэ пианино аҕалла, кылааспыт иһэ тупса,киэркэйэ түстэ. Ол кэмҥэ ити билиҥҥи “Дьөҥкүүдэ Кыталыктарын” тэрийдэ,кыргыттарбыт бары кэриэтэ онно киирдилэр,аҕыйах уол эмиэ сылдьаллар.

Биһиги продленнай группабыт “Тропинка” диэн ааттанан туох эрэ күрэххэ бастаан “Бэлэм Буол” хаһыакка таҕыстыбыт.

Начальнай кылааһы бүтэрбит дьон кылааспытын бэйэбит суунар буоллубут, дьуһуурустуба олохтонно. Инньэ гынан биир күн Аликтыын сууйар күммүт буолан уруок кэннэ хааллыбыт. Кылааспыт учительскай таһыттан чугас,кылгас көрүдүөргэ турар. Уйбаачык аргыстаһар буолан,биһиэхэ кучуһан тэҥҥэ сылдьыһар. Аны муоста сууйар швабра бөҕө оскуола үрдүнэн тиксибэт үлүгэрэ. Үлэ уруоктарыгар швабра бөҕө оҥоһуллара да,алдьаналлара элбэҕэ бэрт быһыылаах. Биир кэмҥэ ыһар буор) курдук элбиир онтон аны көстүбэт тэрил буолар. Ону ыйыталаһан- көрдөөн кылаастары кэрийэбит. Ол гынан билэрдии Алиадаттан ылыах буоллубут да, кыргыттарбыт налыччылара,ыксаабаттара сүрдээх,аа-дьуо кэпсэтэ-кэпсэтэ сылдьаллар. Биһиги ыксаабыт-кэтэспит санаабытыгар биир да мүнүүтэ уһун.


Арай Аликпыт өй укта: - Морскуойдуу сууйуохха!- диэн.
“Морскуойдуу сууйуу” диэни Алик оҕо эрдэҕиттэн билэр,эһэтэ күүлэтин муостатын сууйарыгар солуурунан уу ыһар, онтун сытыара түһэн баран, сууйан-сотон кэбиһэр.
Дьэ,оннук сууйааһыны “морскуойдуу сууйааһын” диэн ааттыыллар этэ. Аны кулуупка киинэлэргэ да элбэхтэ көрдөхпүт, матростар хараабылларын хайдах сууйалларын,көрөргө бэрт чэпчэкитик,үөрүүлээхтик,өссө ырыалаах сууйаллар. Онон Алик “идеятын” наһаа сөбүлүү иһиттибит,ол матростар курдук санана түстүбүт.


Дьэ, уонна үс уол үөрэ-көтө көрүдүөр устун кылааспытыгар солуурунан дьалкылдьыта-дьалкылдьыта уу таһааһына буоллубут. Күлсэ-күлсэ ууну халыччы ыстыбыт,сотору кылааспыт килэччи уу буолла.
    Үлэбитин бүтэрэн,астынан ааммытын сабаары туран син хайдах эрэ ороһуйа көрдүм. Ону кытта тэҥҥэ Алик- Понедельникка дылы кууруоҕа! - диэтэ,ону кытта мунаарбыт санаам “үрэл” гынан хаалла.
Санаабытыгар бэрт үчүгэйдик,түргэнник үлэлээн, ааммытын “лип” гына сабан, хатаан халыгыратан кэбистибит.
Арай, кэннибитин хайыспыппыт , Алиадалаах бүтэн, били көрүдүөргэ тохпут уубутун унтуулаах атахтарынан тумна хааман иһэллэр эбит. - Оо, бу уолаттар, туох ааттаах уутун тохпуттарай?!- диэн биһигини саҥараллар. Биһиги кыһалҕа суох, хаатыҥкалаах атахпытынан үрдүттэн тэпсэбит. Хаатыҥка тилэҕэ тоҥноҕуна хата, бэлэм хаҥкыы.

Понедельникка кэлбиппит, били субуотаҕа ыспыт уубут сорох сиринэн куурбакка, инчэҕэй сытар эбит. Учууталбыт тугун- туоҕун быһаарсан сэмэлээтэ
Аан бастаан кылаас сууйуубут ити курдук этэ.

17.07.20 сыл
Арсен Михайлов
Маар с.,Ньурба

Добавить комментарий