Главная / Кэпсээннэр / Барҕа бааһынай хаһаайыстыба - Арсен Михайлов
Добавить комментарий
2016 сыл күһүөрү сайын “Барҕа” бааһынай хаһаайыстыбаҕа үлэһит уурайбытыгар,ол оннугар киирдим. Салайааччы Иванов Егор Егорович эрдэ салайар үлэлэргэ сылдьыбыт,онтун тосту уларытан тыа хаһаайыстыбатыгар көһөн иккис сылын фермердиир.
“Орто Көлүйэ” диэн урукку сопхуос саҕанааҕы пиэрмэ баара. 200 ыанньык сүөһү киирэр балачча уһун-улахан хотон , онно сыһыары үүт тутар - кээмэйдиир хостоох , “Кыһыл муннук” диэн бэлиэ күннэргэ уоттаах-төлөннөөх тыллары этэр-эҕэрдэлиир, үүккэ былаан туолуутун,былааны аһара толорууга ,күүрээннээх үлэҕэ ыҥырар биригэдьиир,бэтэринээр , управляющай, партком ыанньыксыттары , хотон тас үлэһиттэрин кытта көрсүһэр хосторо. Ол таһынан эмиэ икки сүүсчэ бороон турар хотоно . Ыанньыксыттар олорор уопсай дьиэлэрэ ,кормоцех,хочуолунай, кыбыы-хаһаа, бэйэтэ кыра дэриэбинэ- учаастак этэ. Ол быраҕыллан- алдьанан , арыый ама тутуулары дьон көһөрүнэн,сороҕун оттук мас гынан, өтөхсүйэн, аҕай турбута.
Билигин тас өттө маҥан ылтаһын лиис эркиннээх сабыс-саҥа хотон, онно эбии күрүө-хаһаа,дал-кыбыы тутулуннулар. Үрэхтэн чугас Хаттаабыс бааһынатын күрүөтэ саҥа хатырыктаммыта ыраахтан кылбайан- сандааран көстөр.
Дьөгүөр бэйэтин киэнигэр дэриэбинэттэн сааһыран, ыараҕырҕатар буолбут дьон сүөһүлэрин эбии ылан,уопсайа сэттэ уонча курдук төбөлөөх. Олорго эбии сибиинньэлэр, көтөр бииһин ууһун арааһын мунньан, түптэ буруота унааран, һай-һат буолан, “Орто Көлүйэ” сөргүтүлүннэ. Үлэһиттэр түөрпүт - Ыччат Миисэ Баһаарын Өлүөскэлиин, мин Олоотуур Миисэлиин иккилии күнүнэн солбуйсан сылдьыахтаахпыт. Билигин сир харатыгар бары көмөлөөн,борооскулар туруохтаах сирдэрин хотоҥҥо сыһыары тутабыт. Икки Миисэ баар буолан, улахан уҥуохтааҕын Мэхээлэнэн ыҥырабыт. Ыанньыктарбыт үөн-көйүүр хаптайан ыраата бараллар,киэһэ аһары хойутуулларын иһин эрдэ соҕус хомуйтуубут. Күнүн аайы кэриэтэ “Улахан Күөлгэ” баран кэлэбит. Субайдар кэлбэттэр даҕаны, сиргэ хоно сылдьаллар. Кинилэргэ наадыйбаппыт, арай “Бэмби” диэн ороһу дьүдэх тыһы борооску баар,эрдэ төрөөбүт, быйылгы да тарбыйахтартан кыра, онтубутугвр харахпытын быраҕа сылдьабыт.
Сир - дойду курааннаан, хата сылдьарга үчүгэй, ханна да атаххын сиигирдибэккин, барбах эрэ бачыыҥканан хаамаҕын. Ынах ыаһыҥҥа Дьөгүөр Миисэлиин сылдьаллар, биир ыам кэмигэр Дьөгүөр таба көрбүтэ, киһитэ ынаҕын эмиийин соппокко эрэ таһаарбыт
Күһүн соччо түбүгүрбэккэ эрэ кыстыкпытыгар киирдибит. Субайдарбыт хас да сиринэн арахсан сылдьыбыттарын, барыларын этэҥҥэ хомуйталаан хотоҥҥо киллэрдибит. Ыанньыксыт Ольга үлэтигэр таҕыста,сынньалаҥҥа олорбута. Биһиги икки күн үлэ,икки күн сынньалаҥ, үлэбит графигар киирэн холкутук сылдьабыт. Эбии Куока оһох оттооччунан уонна сибиинньэ көрөөччүнэн киирдэ. Ол гынан салайааччыбытын кытта сэттиэ буоллубут.
Идэһэҕэ икки-үс күн сылдьабыт. Күҥҥэ хастыы да сүөһүнү туттабыт. Этин ампаарга тоҥоро ыйаан, иһин сууйан-сотон эмиэ тоҥоро ууран иһэбит. Сороҕор эт былдьаһык, сүөһү туттуллуон иннинэ дьон эрдэ үлэһэн,хол-буут үллэһиллибит буолар. Үрдүттэн үлэлии сылдьар киһи эрдэ- Бу сүөһү этиттэн ылабын ,- диэн талан сылдьаҕын. Суордар ас тахсарын билэн,чугас мастарга олорор буолаллар, элиэтээн саҥарсан ааһаллар.
Идэһэ туттааһына өр “харарҕаан” сылдьар саха киһитигэр кэтэһиилээх, үөрүүлээх кэм. Сүргэҥ көтөҕүллэн,сэһэн-сэппэн да саҕаланар,Мэхээлэ - Бастаан Хорулаттан күтүөт буолан кэлбиппэр, Саҥа Дьылга харыйа туруорбут киһи,- диэбиппэр,эмээхсиним убайа Балантыын,- саамай үчүгэй харыйалар “Эбэ Төбөтүгэр” бааллар,- диир. Онтум Маарга сир аайы үүнэр эбит. Биһиэхэ Хорулаҕа харыйа суох, Киирэпкэ сылдьар чох массыыналарыгар үлэһэн аҕалтарабыт - диэн кэпсиир. Кырдьык,биһи дойдуга харыйа элбэх, оттон Балантыын сайылыгын күндүтүк саныыра бэт буолан иннэ диэтэҕэ,дьиҥэ харыйа да харыйа,биир буоллаҕа. Дьэ ,киэһэ хойукка дылы сылдьан бүтэн,сүөһүбүт иһин үөһүн ыгыччы буһаран, тото-хана аһааһын,эбиитин “куолай халтарытыылаах” ,киһилиин-суордуун бырааһынньык тэҥэ.
Ас тахсан, эбии үүт харчытыгар эт атыыга баран,сүөһүлээх дьоҥҥо үтүө кэмнэр. Ол эрээри наар үүт-тураан үчүгэй буолбат,араас кыһалҕа баар бөҕө буоллаҕа, маннык тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга Бастаан грант ылан,кыһыл лиэнтэ быһан,үчүгэй баҕайытык тэринэн үлэлээн иһэн уостан, сороҕор сабыллан да хаалар кэмнэрэ улуус аайы баар. Ол биричиинэтэ элбэх- барытын бааһынайдар бэйэлэрэ билэн сырыттахтара. Мин үлэлээн сылдьыбыт киһи санаабар,сүрүн кыһалҕа үлэһит суох, билигин хотоҥҥо ким да үлэлиэн баҕарбат буолла. Оннооҕор буолуох үлэлэргэ хамнаһа кыра диэн, - киирбэттэр, эгэ хотоҥҥо киириэхтэрэ дуо? Дьөгүөр билигин Миисэлиин үлэлии сылдьаллар.
25.01.24 сыл Арсен Михайлов Маар с.Ньурба
2016 сыл күһүөрү сайын “Барҕа” бааһынай хаһаайыстыбаҕа үлэһит уурайбытыгар,ол оннугар киирдим. Салайааччы Иванов Егор Егорович эрдэ салайар үлэлэргэ сылдьыбыт,онтун тосту уларытан тыа хаһаайыстыбатыгар көһөн иккис сылын фермердиир.
“Орто Көлүйэ” диэн урукку сопхуос саҕанааҕы пиэрмэ баара. 200 ыанньык сүөһү киирэр
балачча уһун-улахан хотон , онно сыһыары үүт
тутар - кээмэйдиир хостоох , “Кыһыл муннук” диэн бэлиэ күннэргэ уоттаах-төлөннөөх тыллары этэр-эҕэрдэлиир, үүккэ былаан туолуутун,былааны аһара толорууга ,күүрээннээх үлэҕэ ыҥырар биригэдьиир,бэтэринээр , управляющай, партком ыанньыксыттары , хотон тас үлэһиттэрин кытта көрсүһэр
хосторо. Ол таһынан эмиэ икки сүүсчэ бороон турар хотоно . Ыанньыксыттар олорор уопсай дьиэлэрэ ,кормоцех,хочуолунай, кыбыы-хаһаа, бэйэтэ кыра дэриэбинэ- учаастак этэ. Ол быраҕыллан- алдьанан , арыый ама тутуулары дьон көһөрүнэн,сороҕун оттук мас гынан, өтөхсүйэн, аҕай турбута.
Билигин тас өттө маҥан ылтаһын лиис эркиннээх сабыс-саҥа хотон, онно эбии күрүө-хаһаа,дал-кыбыы тутулуннулар. Үрэхтэн чугас Хаттаабыс бааһынатын күрүөтэ саҥа хатырыктаммыта ыраахтан кылбайан- сандааран көстөр.
Дьөгүөр бэйэтин киэнигэр дэриэбинэттэн сааһыран, ыараҕырҕатар буолбут дьон сүөһүлэрин эбии ылан,уопсайа сэттэ уонча курдук төбөлөөх. Олорго эбии сибиинньэлэр, көтөр бииһин ууһун арааһын мунньан, түптэ буруота унааран, һай-һат буолан, “Орто Көлүйэ” сөргүтүлүннэ.
Үлэһиттэр түөрпүт - Ыччат Миисэ Баһаарын Өлүөскэлиин, мин Олоотуур Миисэлиин иккилии күнүнэн солбуйсан сылдьыахтаахпыт. Билигин сир харатыгар бары көмөлөөн,борооскулар туруохтаах сирдэрин хотоҥҥо сыһыары тутабыт.
Икки Миисэ баар буолан, улахан уҥуохтааҕын Мэхээлэнэн ыҥырабыт.
Ыанньыктарбыт үөн-көйүүр хаптайан ыраата бараллар,киэһэ аһары хойутуулларын иһин эрдэ соҕус хомуйтуубут. Күнүн аайы кэриэтэ “Улахан Күөлгэ” баран кэлэбит. Субайдар кэлбэттэр даҕаны, сиргэ хоно сылдьаллар. Кинилэргэ наадыйбаппыт, арай “Бэмби” диэн ороһу дьүдэх тыһы борооску баар,эрдэ төрөөбүт, быйылгы да тарбыйахтартан кыра, онтубутугвр харахпытын быраҕа сылдьабыт.
Сир - дойду курааннаан, хата сылдьарга үчүгэй, ханна да атаххын сиигирдибэккин, барбах эрэ бачыыҥканан хаамаҕын.
Ынах ыаһыҥҥа Дьөгүөр Миисэлиин сылдьаллар, биир ыам кэмигэр Дьөгүөр таба көрбүтэ, киһитэ ынаҕын эмиийин соппокко эрэ таһаарбыт
Күһүн соччо түбүгүрбэккэ эрэ кыстыкпытыгар киирдибит. Субайдарбыт хас да сиринэн арахсан сылдьыбыттарын, барыларын этэҥҥэ хомуйталаан хотоҥҥо киллэрдибит. Ыанньыксыт Ольга үлэтигэр таҕыста,сынньалаҥҥа олорбута. Биһиги икки күн үлэ,икки күн сынньалаҥ, үлэбит графигар киирэн холкутук сылдьабыт. Эбии Куока оһох оттооччунан уонна сибиинньэ көрөөччүнэн киирдэ. Ол гынан салайааччыбытын кытта сэттиэ буоллубут.
Идэһэҕэ икки-үс күн сылдьабыт. Күҥҥэ хастыы да сүөһүнү туттабыт. Этин ампаарга тоҥоро ыйаан, иһин сууйан-сотон эмиэ тоҥоро ууран иһэбит.
Сороҕор эт былдьаһык, сүөһү туттуллуон иннинэ дьон эрдэ үлэһэн,хол-буут үллэһиллибит буолар. Үрдүттэн үлэлии сылдьар киһи эрдэ- Бу сүөһү этиттэн ылабын ,- диэн талан сылдьаҕын.
Суордар ас тахсарын билэн,чугас мастарга олорор буолаллар, элиэтээн саҥарсан ааһаллар.
Идэһэ туттааһына өр “харарҕаан” сылдьар саха киһитигэр кэтэһиилээх, үөрүүлээх кэм. Сүргэҥ көтөҕүллэн,сэһэн-сэппэн да саҕаланар,Мэхээлэ - Бастаан Хорулаттан күтүөт буолан кэлбиппэр, Саҥа Дьылга харыйа туруорбут киһи,- диэбиппэр,эмээхсиним убайа Балантыын,- саамай үчүгэй харыйалар “Эбэ Төбөтүгэр” бааллар,- диир. Онтум Маарга сир аайы үүнэр эбит. Биһиэхэ Хорулаҕа харыйа суох, Киирэпкэ сылдьар чох массыыналарыгар үлэһэн аҕалтарабыт - диэн кэпсиир. Кырдьык,биһи дойдуга харыйа элбэх, оттон Балантыын сайылыгын күндүтүк саныыра бэт буолан иннэ диэтэҕэ,дьиҥэ харыйа да харыйа,биир буоллаҕа.
Дьэ ,киэһэ хойукка дылы сылдьан бүтэн,сүөһүбүт иһин үөһүн ыгыччы буһаран, тото-хана аһааһын,эбиитин “куолай халтарытыылаах” ,киһилиин-суордуун бырааһынньык тэҥэ.
Ас тахсан, эбии үүт харчытыгар эт атыыга баран,сүөһүлээх дьоҥҥо үтүө кэмнэр. Ол эрээри наар үүт-тураан үчүгэй буолбат,араас кыһалҕа баар бөҕө буоллаҕа, маннык тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга
Бастаан грант ылан,кыһыл лиэнтэ быһан,үчүгэй баҕайытык тэринэн үлэлээн иһэн уостан, сороҕор сабыллан да хаалар кэмнэрэ улуус аайы баар. Ол биричиинэтэ элбэх- барытын бааһынайдар бэйэлэрэ билэн сырыттахтара. Мин үлэлээн сылдьыбыт киһи санаабар,сүрүн кыһалҕа үлэһит суох, билигин хотоҥҥо ким да үлэлиэн баҕарбат буолла. Оннооҕор буолуох үлэлэргэ хамнаһа кыра диэн, - киирбэттэр, эгэ хотоҥҥо киириэхтэрэ дуо?
Дьөгүөр билигин Миисэлиин үлэлии сылдьаллар.
25.01.24 сыл
Арсен Михайлов
Маар с.Ньурба