Кэпсээ
Войти Регистрация

Жвачка - Арсен Михайлов

Главная / Кэпсээннэр / Жвачка - Арсен Михайлов

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
28.11.2024 13:06
476 0

Альтернативное описание изображения темы    80-с сыллар саҥаларыгар “жвачка” диэн үөдүйдэ.Кыралыын-улаханныын ыас ыстааһына буолла. Биһиэхэ,ону да улахан эдьиийдээх-убайдаах дьоҥҥо ыстаабыт ыастара тиксэр. Ону бэйэ-бэйэҕэр бэрсиһэ сылдьан ыстыыгын. Онтубут өр буолбат,сотору иирэн хаалан киһи ыстаабата буолар. Ону-маны билэр дьоммут, улахан уолаттар - Саҥа жвачка чараас пластинка быһыылаах,апельсин,клубника амтаннаах буолар үһү- диэн кэпсииллэр. - Хаарыаны,оннук ыаһы ыстаабыт киһи- дии саныыбыт.

    Ол сайын ыалбыт Ылдьаана Туолата куораттан сайылыы кэллэ.
“Сарыаллар” Американан, Канаданан гастроллаан кэлбиттэр, -Американскай жвачка бөҕөтүн аҕалбыт үһү,- диэн сурах тарҕанна.

    Былатыанап Баанньалыын онно таҕыстыбыт, Туолабыт баар эбит, үөрэ-көтө көрүстэ.

  • Оҕолорго кэһиим, - диэн түөрт муннуктаах, ирис кэмпиэккэ майгынныыры хаһы да туттартаата.
  • Бу курдук үрдэххитинэ , хабах тахсар- диэн көрдөрөр,
    ыстыы сылдьар ыаһа кытархай эбит.

Ону көрөн дьиктиргээтибит,биһиги ыстыыр ыастарбыт маҥан буолаллара.

    Наадабытын сиппит дьон быһыытынан өр буолбатыбыт, таҕыстыбыт. Оҕолорго киһиргиэх санаабыт киирдэ,эргим-ургум көрдүбүт да, биир да оҕо көстүбэт. Арай Баанньа эдьиийэ Ирка хайа эрэ кыыстыын ааһан иһэллэр:

  • Тугу гына тураҕыт?
  • -Ылдьааналаахтан таҕыстыбыт.
  • -Маарта баар дуо?
  • -Суох
  • -Тугу туттугут?
  • -Жвачка,американскай- диибит. Кыргыттарбыт
    харахтара уоттана түһэр.
  • Көрдөрүҥҥүтүүй,- дэһэллэр.
  • Бу, - диэн ытыспытын нэлэс гыннарабыт.

Биирдэрэ, сытыы баҕайы кыыс:

  • Бу жвачка буолбатах, хайыһар мааһа,- диир.

  • Ону баара жвачка,- диибит.

  • Арыйан көрдөрүҥ эрэ, кыһыл дуу, от күөх дуу өҥнөөх буолуо, жвачка маҥан буолар.

  • Туола ыстыы сылдьара кыһыл өҥнөөх.

  • Эһигини албыннаабыт, хаһан жвачка кыһыл өҥнөөҕүн
    көрбүккүтүй?
    Суутун арыйан көрдүбүт,чахчы биирэ кыһыл,биирэ күөх буолан таҕыста. Саарбахтыах санаабыт киирдэ да, Туола албыннаабатах буолуохтаах, - диэн бүк эрэнэбит

  • Хайыһар мааһа маннык үһү дуо,бу жвачка,- дэһэбит аат эрэ харата,албыннатарбыт чугаһаан.

  • Чэ,эһиэхэ хас да эбит, биһиэхэ бэрсиҥҥитиий, - диэн арахпатылар.

Биһиги хап-сабар бэрсэбит, албыҥҥа киирэн биэрбэтэхпититтэн уонна икки аҥы үөрэ-көтө тарҕаһабыт.


    Кыһыныгар Ылдьаана Туонньата кэллэ. Кулуупка эдэр хаһаайкалар күрэхтэригэр кыттан бастаата. Тугу күрэхтэспиттэрин умнубуппун, арай туорт оҥорон аҕалбытын өйдөөн хаалбыппын. Оонньуу бүтэн тахсан иһэбит, Лээхэп Һаачыкканы батыһа сылдьабыт. Һаачыкка бэргэһэтин сыҥааҕын холбуу баайан баран, сүнньүн диэки гына кэтэр, онто бэргэһэтэ хоройон олус муодунайдык көстөр. Мин эмиэ бэргэһэбин оннук кэтиэхпин баҕаран,сыҥаахтарын кэтэхпэр холбуу баайан, төбөбөр уурунан кэбистим.

    Ол иһэн кэннибэр эдэр дьахталлар үөрбүт-көппүт саҥалара иһиллэр:- Наһаа үчүгэй туорт, баран көрүөххэ,- дэһэллэр. Ону истэн, тахсыһан испит оҕолорбуттан арахсан, олору батыстым.

    Хоско Туонньаны төгүрүччү туран, кыайыытынан эҕэрдэлииллэр, дьон быыһынан кыбыллан киирбитим, иннигэр остуолга туорда турар. Миигин таба көрөнү,- Арсен, киэһэ ийэҕинээн киирээр, туорт сиэхпит,- диэтэ. - Сөп,- диэн хардаран баран, дьиэлээри бэргэһэбин кэтэбин. Ону көрөн,- Бэргэһэҕин хороччу кэппиккин, үчүгэйдик кэт, халлаан тымныы, кулгааххын үлүтүөҥ.

  • Үлүйбэт,- диибин уонна тахсар аан
    диэки барабын.

    Сэбиэт Балбааралаахха кэлиибэр икки кулгааҕым утуу-субуу “уот аһыс” гыннылар. Кулгаахтарбын саба туттан баран сүүрдүм, аны сүүрдэхпинэ, бэргэһэм төбөбөр иҥнибэт, түһэ сылдьар. Ыксаан, сыҥаахтарын быатын сүөрээри ыйылыннары тардан кэбистим. Ол гынан икки кулгаахпын саба туттан, бэргэһэбин төбөм оройугар өйөөн тиийдим.

    Дьиэбэр киирбитим дьонум киэһээҥҥилэрин чээйдии олороллор:

  • Оо, бу уол кулгаахтарын үлүтэн кэлбит,хайдах буолан бэргэһэҕин итинник кэтэҕин ?!
  • Оттон Лээхэп Һаачыкка маннык кэтэр да, кулгааҕа үлүйбэт, кинини үтүктүбүтүм.
  • Бэрт киһини үтүктүбүккүн,- диир аҕам, чэйин иһэ олорон.

Кэлин билбитим, бэргэһэм сыҥаахтарын холбуу баайбыт эбиппин, дьиҥэр, быата уһун гына бааллыахтаах эбит. Оччоҕо бэргэһэҥ сыҥааҕа кулгаахтаргын сабар эбит.

Арсен Михайлов
Маар с. Ньурба

Добавить комментарий