Главная / Кэпсээннэр / Нулевой кылаас - Арсен Михайлов
Добавить комментарий
Оскуола диэни саҥа билэр кэммитигэр детсаакка сылдьыбатах өттө ,отой “кулун босхо” сылдьыбыт оҕолор кэлэн үөрэнэн саҕалаабыттара.Бааска - сайылык киһитэ,төрүт да “сыһыыттан сылгыланан”,“хонууттан хомуллан” кэлбитэ.Ол кэлэн таҥас ыйыыр сиргэ чөкө олорор эбит,уруогар киирбэккэ.Бастакы уруок кэннэ тахсан соһуйа көрөн “Кылааска киир”- диэн этэ сатыыбыт.Киһибит истибэт,өчөһөн олорор.Түөрэ бары көмөлөөн,уоллуун-кыыстыын чаҕааран,сосуһан-анньан эрдэхпитинэ учууталбыт Агафья Васильевна тохтотор:" Оҕолоор,тохтооҥ,Вася үөрэнэн истэҕин аайы бэйэтэ киирэр буолуо,айманымаҥ,олоро түстүн".Ол курдук хас да күн олордо,таҥас ыйыыр сиргэ,үөрэнэн бүтүөхпүтүгэр дылы.Кэлин дьэ,кылааска киирэр буолла. Васильев Алик оскуолаттан саамай чугас олорор,ким хайа иннинэ кэлэн баран уруогар киирбэккэ кумахха оонньуу сылдьар эбит.Ону Агафья Васильевна үөрэтэ туран түннүгүнэн таба көрөн ыҥыран киллэрдэ,хата,уола “тук” курдук киирдэ.Ол курдук иккитэ-үстэ хатыланна. Аны өрөбүл күн өрүүрбүт туһунан учуутал сэрэппитин үрдүнэн Киэһэппий үөрэнэ кэлэр.Дьиэтигэр эдьиийэ төһө эмэ - Бүгүн үөрэммэккин,оскуолаҕа барбаккын- диэбитин үрдүнэн истибэккэ,дьоно утуйа сыттахтарына хатыылаах оскуолаттан төннөр.“Айака,сөп буолуо,үөрэнэн бүттүм уонна оскуолаҕа барыллыбат”- дэспиттэр эмиэ бааллар,ити курдук бастакы үөрэх нэдиэлэтэ ааста. Нулевойга саҥа киирбитим эбитэ дуу,бүтэрбитим эбитэ дуу ,ийэбинээн оскуолаттан бардыбыт.Кыһыл тастаах “Азбука” биэрбиттэр,онтубун кыбына сылдьабын.Аара хайа эрэ ыалга таарыйдыбыт да суохтар.“Кыйыах” Балбааралаахха киирдибит,ийэм эрдэ балыыһаҕа үлэлээбит буолан билсэллэр.Дьиэ иһигэр Балбаара,эбэлэрэ Хобороос ,оҕолор бааллар.Киирэн кинигэбин кэккэлэһэ турар олоппоско уурдум,онуоха улахан кыыс Наташка,миигиттэн биир сыл аҕа:" Азбукаҕын" үчүгэйдик тутан олор,ити эмээхсин уокка быраҕыа,түөһэйбит.Былырыын миэхэ эмиэ биэрбиттэрэ,онтубун оһох оттубут этэ"- диэтэ.Онуоха куттанаммын - Чахчы кинигэбин уокка быраҕыа - диэммин ыга кууһан олордум.Ол ыккардыгар Балбаара остуолга ыҥыртаан,ийэбинээн кэпсэтэ-кэпсэтэ чээйдээн бардыбыт.Эбэлэрэ остуолга олорсубата,тугу эрэ гынан төттөрү-таары хаамар,ол быыһыгар таһырдьа тахсан киирэр.Мин эмээхсини кэтиибин,кинигэбин ойоҕоспор ыга кыбынан олоробун,инньэ гынан сүгүн да чэйдэспэтим. Кэлин оскуолаҕа кэлэ-бара Аликка таарыйдахпына Сомсуонаптарынан сылдьабыт онно Хобороос эмээхсин дьиэтин таһыгар сылдьарын хам-түм көрөбүн.Кини туһунан биир кэпсээни өйдөөн хаалбыппын: дэриэбинэҕэ телевизор саҥа тарҕанарын саҕана эмээхсин ыалларыгар Сомсуонаптарга тахсан телевизор көрөр эбит,киинэ кэнниттэн дьиэтигэр киирэн утуйаары оҥосто сылдьан:“Ыаллар тэлэбиисэрдэрэ үчүгэйэ бөҕө,киэһэ аайы араас киинэ көстөр,биһиэнигэр наар биир киһи саҥаран “дабдыгыратар””- диэн.Хобороос , ол “Время” биэрии кэмигэр киирэр эбит,дьиэтигэр..Бука,Кириллов диктор сонуннары ааҕа олороругар түбэһэн эрдэҕэ.“Время” биэрии кэнниттэн буолар киинэни көрбөккө утуйар эбит,кырдьаҕас киһи. Оскуолаҕа кэлэ-бара икки Сардаананы кытта аргыстаһабын,ону Аликтаах Уйбаачык -Кыргаттары кытта сылдьаҕын- диэн күлүү гыналлар.Ол да күллэллэр бэйэлэрэ эмиэ аарааҥҥа дылы аргыстаһаллар.Ардыгар элбиибит,оччоҕо дьэ,оонньуубут-көрбүт элбиир.Сүгүн хаампакка,бэйэ-бэйэни дьээбэлэһэн,анньыалаһан,охторсон,ардыгар онтон сылтаан охсуһабыт. Биир күн хас да буолан уолаттар Таайыккалаах Туомукканы “буллубут”.Кыргыттар эбэлэрэ тикпит андаатар өрөҕөтө саҕынньахтаахтар,онтулара үтүлүктээх киһиэхэ халтархай буолан сүгүн туттарбаттар.Ол гынан түөрүтэ-таарыта анньыалаан,кыралара да бэрт,хаарга охтортоотубут.Туомукка кыыһыран,суумката хаарга түспүтүн ылбакка,сол курдук дьиэлэригэр бардылар.Хаһан,ким кэлэн ылбыта буолла,суумкатын? Аһары бардахпытына кыргыттар Ассыакканы (Анджела) көмөҕө ыҥыраллар,ол гынан " Баанньык Уутугар" тоһуйан турар буолаллар.Ассыаккаттан кыайтарабыт,кинини кыайар уол да суох быһыылаах.Биллэрбит да,бэлэмнэнэн баран үс буолан түһүнэн кэбиһэбит,кыыспыт уҥа-хаҥас дайбаталаан,тэбиэлээн үһүөммүтүн охтортуур.Аны туран куотан көрөбүт,Алексеева Сардаана хайабытын да атахтаах оҥорбот,быһыйа бэрт,дьэ,били кэтэһэн турар кыргыттардыын холбоон бэйэбитин хаарга буккуйаллар,суумканан төбөҕө охсоллор.Иэстэһии кытаанаҕа,ытааһыннаах эҥин буолар.Дьэ,тыыннара тахсан Ассыакка быраатын Алигы туруоран,хаарын тэбээн дьиэлииллэр.Мин бэйэм ыллыкпыттан туораан,Уйбаачыкпынаан аргыстаһан эргийэ дьиэлиибин. Ити курдук сорох күн эйэлэһэн,сорох күн охсуһан айанныыр этибит.
20.07.20сыл Арсен Михайлов Маар с.,Ньурба
Оскуола диэни саҥа билэр кэммитигэр детсаакка сылдьыбатах өттө ,отой “кулун босхо” сылдьыбыт оҕолор кэлэн үөрэнэн саҕалаабыттара.Бааска - сайылык киһитэ,төрүт да “сыһыыттан сылгыланан”,“хонууттан хомуллан” кэлбитэ.Ол кэлэн таҥас ыйыыр сиргэ чөкө олорор эбит,уруогар киирбэккэ.Бастакы уруок кэннэ тахсан соһуйа көрөн “Кылааска киир”- диэн этэ сатыыбыт.Киһибит истибэт,өчөһөн олорор.Түөрэ бары көмөлөөн,уоллуун-кыыстыын чаҕааран,сосуһан-анньан эрдэхпитинэ учууталбыт Агафья Васильевна тохтотор:" Оҕолоор,тохтооҥ,Вася үөрэнэн истэҕин аайы бэйэтэ киирэр буолуо,айманымаҥ,олоро түстүн".Ол курдук хас да күн олордо,таҥас ыйыыр сиргэ,үөрэнэн бүтүөхпүтүгэр дылы.Кэлин дьэ,кылааска киирэр буолла.
Васильев Алик оскуолаттан саамай чугас олорор,ким хайа иннинэ кэлэн баран уруогар киирбэккэ кумахха оонньуу сылдьар эбит.Ону Агафья Васильевна үөрэтэ туран түннүгүнэн таба көрөн ыҥыран киллэрдэ,хата,уола “тук” курдук киирдэ.Ол курдук иккитэ-үстэ хатыланна.
Аны өрөбүл күн өрүүрбүт туһунан учуутал сэрэппитин үрдүнэн Киэһэппий үөрэнэ кэлэр.Дьиэтигэр эдьиийэ төһө эмэ - Бүгүн үөрэммэккин,оскуолаҕа барбаккын- диэбитин үрдүнэн истибэккэ,дьоно утуйа сыттахтарына хатыылаах оскуолаттан төннөр.“Айака,сөп буолуо,үөрэнэн бүттүм уонна оскуолаҕа барыллыбат”- дэспиттэр эмиэ бааллар,ити курдук бастакы үөрэх нэдиэлэтэ ааста.
Нулевойга саҥа киирбитим эбитэ дуу,бүтэрбитим эбитэ дуу ,ийэбинээн оскуолаттан бардыбыт.Кыһыл тастаах “Азбука” биэрбиттэр,онтубун кыбына сылдьабын.Аара хайа эрэ ыалга таарыйдыбыт да суохтар.“Кыйыах” Балбааралаахха киирдибит,ийэм эрдэ балыыһаҕа үлэлээбит буолан билсэллэр.Дьиэ иһигэр Балбаара,эбэлэрэ Хобороос ,оҕолор бааллар.Киирэн кинигэбин кэккэлэһэ турар олоппоско уурдум,онуоха улахан кыыс Наташка,миигиттэн биир сыл аҕа:" Азбукаҕын" үчүгэйдик тутан олор,ити эмээхсин уокка быраҕыа,түөһэйбит.Былырыын миэхэ эмиэ биэрбиттэрэ,онтубун оһох оттубут этэ"- диэтэ.Онуоха куттанаммын - Чахчы кинигэбин уокка быраҕыа - диэммин ыга кууһан олордум.Ол ыккардыгар Балбаара остуолга ыҥыртаан,ийэбинээн кэпсэтэ-кэпсэтэ чээйдээн бардыбыт.Эбэлэрэ остуолга олорсубата,тугу эрэ гынан төттөрү-таары хаамар,ол быыһыгар таһырдьа тахсан киирэр.Мин эмээхсини кэтиибин,кинигэбин ойоҕоспор ыга кыбынан олоробун,инньэ гынан сүгүн да чэйдэспэтим.
Кэлин оскуолаҕа кэлэ-бара Аликка таарыйдахпына Сомсуонаптарынан сылдьабыт онно Хобороос эмээхсин дьиэтин таһыгар сылдьарын хам-түм көрөбүн.Кини туһунан биир кэпсээни өйдөөн хаалбыппын: дэриэбинэҕэ телевизор саҥа тарҕанарын саҕана эмээхсин ыалларыгар Сомсуонаптарга тахсан телевизор көрөр эбит,киинэ кэнниттэн дьиэтигэр киирэн утуйаары оҥосто сылдьан:“Ыаллар тэлэбиисэрдэрэ үчүгэйэ бөҕө,киэһэ аайы араас киинэ көстөр,биһиэнигэр наар биир киһи саҥаран “дабдыгыратар””- диэн.Хобороос , ол “Время” биэрии кэмигэр киирэр эбит,дьиэтигэр..Бука,Кириллов диктор сонуннары ааҕа олороругар түбэһэн эрдэҕэ.“Время” биэрии кэнниттэн буолар киинэни көрбөккө утуйар эбит,кырдьаҕас киһи.
Оскуолаҕа кэлэ-бара икки Сардаананы кытта аргыстаһабын,ону Аликтаах Уйбаачык -Кыргаттары кытта сылдьаҕын- диэн күлүү гыналлар.Ол да күллэллэр бэйэлэрэ эмиэ аарааҥҥа дылы аргыстаһаллар.Ардыгар элбиибит,оччоҕо дьэ,оонньуубут-көрбүт элбиир.Сүгүн хаампакка,бэйэ-бэйэни дьээбэлэһэн,анньыалаһан,охторсон,ардыгар онтон сылтаан охсуһабыт.
Биир күн хас да буолан уолаттар Таайыккалаах Туомукканы “буллубут”.Кыргыттар эбэлэрэ тикпит андаатар өрөҕөтө саҕынньахтаахтар,онтулара үтүлүктээх киһиэхэ халтархай буолан сүгүн туттарбаттар.Ол гынан түөрүтэ-таарыта анньыалаан,кыралара да бэрт,хаарга охтортоотубут.Туомукка кыыһыран,суумката хаарга түспүтүн ылбакка,сол курдук дьиэлэригэр бардылар.Хаһан,ким кэлэн ылбыта буолла,суумкатын?
Аһары бардахпытына кыргыттар Ассыакканы (Анджела) көмөҕө ыҥыраллар,ол гынан " Баанньык Уутугар" тоһуйан турар буолаллар.Ассыаккаттан кыайтарабыт,кинини кыайар уол да суох быһыылаах.Биллэрбит да,бэлэмнэнэн баран үс буолан түһүнэн кэбиһэбит,кыыспыт уҥа-хаҥас дайбаталаан,тэбиэлээн үһүөммүтүн охтортуур.Аны туран куотан көрөбүт,Алексеева Сардаана хайабытын да атахтаах оҥорбот,быһыйа бэрт,дьэ,били кэтэһэн турар кыргыттардыын холбоон бэйэбитин хаарга буккуйаллар,суумканан төбөҕө охсоллор.Иэстэһии кытаанаҕа,ытааһыннаах эҥин буолар.Дьэ,тыыннара тахсан Ассыакка быраатын Алигы туруоран,хаарын тэбээн дьиэлииллэр.Мин бэйэм ыллыкпыттан туораан,Уйбаачыкпынаан аргыстаһан эргийэ дьиэлиибин.
Ити курдук сорох күн эйэлэһэн,сорох күн охсуһан айанныыр этибит.
20.07.20сыл
Арсен Михайлов
Маар с.,Ньурба