Главная / Кэпсээннэр / Дэриэтинньик
Добавить комментарий
саха уола - 19 июня 06:28
КИҺИНИ СИИР АБААҺЫ, ҮКСҮН ӨЛБҮТҮН БИЛБЭККЭ СЫЛДЬАР, ТЫЫННААХ КУРДУК ТУТТАР-ХАПТАР, ОЛ ЭРЭРИН ТҮҮНҮН КИҺИНИ ТЫЫННААХТЫЫ, ДУУҺАЛЫЫ БАҔАСТЫЫ СИИР АБААҺЫ… диэн кэпсээммин саҥа аллайыам ду күндү ааҕааччылар.
Сэрии саҕана, сайын икки саха уола фронтан кэлэн испиттэр. Ол курдук биир өтөххө тохтообуттар. Ааттарын баайаннар дьиэҕэ киирбиттэр. Сылайбыттарада бэрт буолан, тута утуйан хаалбыттар. Биир доҕоро, туох эрэ кирэр тааһы истэн, уһуктан кэлбит,көрбүтэ, киһитин туох эрэ миинньэн олорон, сүннүн кирэ олорор эбит. Уол саатын ылан ытан саайбыт, онтуката ыһыытаат, таһырдьа ойбут.
Киһитэ тыыннаах эбит уонна хайдах эрэ саҥаран барбыт:“Миигин суон диэбит тииткэр кэлгий, иккиэммит атын ылан хоту диэки бар, онно эн дьону булуоҥ, кэннигэр тыас тыаһаатаҕына көрүмэ, туох бааргынан сүүрдэ тур”,-диэт өлбүт. Эппитин курдук оҥорбут,тииткэ кэлгийбит уонна барбыт. Арыычча ырааппыт, борук-сорук буолан барбыт,арай кэннигэр тыас тыаһаабыт. Көрбүтэ, доҕоро олох дьүһүннүүн уларыйан, баайыллыбыт тиитин сүкпүтүнэн, сүүрэн аҕай иһэр эбит.
Уол иннин диэки ыстаннарбыт, киһитэ субу кэлбит уонна аты охсубутугар уол охтон түспүт. Абааһы биир аты тырыыта тыытан сиэн барбыт, уол үрдүк маска ыттыбыт, саамай үөһээ тахсан олорбут. Били күтүрэ аттары өлөрөөт, аны маска ытта сатаабыт да, кэлгиллибит маһа мэһэйдээн да буолуо, аллараа хантайан баран олорбут, онтон күн тахсыыта, часкыйаат охтон түспүт уонна төптөрү табаарыһа буолан хаалбыт.Уол сэрэнэн түһэн, киһитин көмөн баран хоту барбыт, чугас баар дьону булбут, олорбут. Арай, биир түүн түүлүгэр доҕоро көстүбүт уонна эппит:" Эн миигин киһи курдук көмтүҥ, билигин кэлэр - барар дьону дьээбэлиэм",- диэбит, онон кэлэн умса көм диэбит. Уол дьону кытта кэлэн, эппитин курдук умса көмпүт. БҮТТЭ…