Кэпсээ
Войти Регистрация

Эрэл

Главная / Кэпсээннэр / Эрэл

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
29.11.2024 11:50
2k 0

Альтернативное описание изображения темыХимавари - 5 июля 2017 13:13

    Күнтэн күн баҕа санаан сүтэн симэлийэн иһэриттэн киһи хомойор. Кынатын тостор, барыта баттыыр, тыынын хаайтарар. Көмө көрдөөн уҥа хаҥас үөһээ аллара көрөҕүн да им-дьим. Барыта түүҥҥү хотун сонунан саба бүрүйбүттүү ыас хараҥа. Арай нэһиилэ тыынарын эрэ иһиллэргэ дылы. Сытаҕын илдьи баттаммыттыы, бытарыйбыттыы, илиин-атаҕын тимир тоҥ сыабынан ыга кэлгийбиттии хамсаабат. Үөһээ көрөҕүн ооол онно ыраах туолбут ый сырдаан турар. Ыйы көрө көрө сытан эрэ саныыгын. Туох баар куһаҕан да үчүгэй кэмнэрин хараххар дьүкээбил уотун курдук сырдаан ылар. Тугу көтүппүпүнүй, туохха алҕаһаабыппыный диэн төттөрү эргитэн аҕала аҕала мунчаара сытаҕын. Хас сылаас кэмнэри көрө көрө хараххыттан тобус толору уу кэлэр. Тыынын хаайтаран, салыбыраан киирэн бараҕын, хараххын быһа симэҕин. Истэргэр да көрөргөр олус ыарахан. Мөҕүс да мөҕүс. Ыарыын өссө күүһүрэр. Тоҥ сыап илиигин атаххын хам кэлгийэн сытар. Часкыйаҕын, сарылыыгын, мөхсөҕүн. Ол мөхсө сытан сыапкын төлө көтөн атах балай куотан хаалаҕын. Ууга тимирбит киһи салгын көрдөөбүттүү курдук ыас хараҥаҕа сүүрэн иһэҕин. Баһа атаҕа биллибэт ыас хараҥа. Сылайан элэйэн тохтооҥҥун кэннигин көрөҕүн. Оннук курдук дьүкээбилин уота күлүмүрдүү туран хаалла. Сыапкын өһүлэ сатыыгын да кыаллыбат. Соһо соһо хааман иһэҕин. Дьэ ол иһэн арай өтөххө кэлэҕин. Киирэҕин остуолга соҕотох чүмэчи уота күлүмүрдүү турар. Остуол тула сытыы инньэлээх сонноох, өрө тыыммыт сор, биир илиитигэр табах, бииригэр хаартылаах аһыы утах абааһыта, саһарбыт тиистэринэн ырдьайбыт албынчык, уонна остуол кэтэҕэр аҥаар өттүгэр быалаах, бииригэр сытыы хотуурдаах өлүү олорор эбит. Түөрт хараҥа хаһаайыттара мустан умайбыт күллээх чэй иһэ иһэ кэпсэтэ олороллоро.

Сыаптаах киһини көрөн киир, аттыбытыгар олорон чэйдэс дэһэллэр. Киһи киирэн аттыларыгар олорор. Киниэхэ сор дьон хараҕын уутун чааскыга кутар, аһыы утах абааһыта табаҕын күлүн, кыратык аһыы утаҕыттан бэрсэр, албынчык дьон кыһыйбыт санааларын кутар уонна барытын өлүү тимир ньуоскатынан булкуйан баран киһиэхэ уунар. Киһи чааскытын иһиэн иннинэ бэйэтин остуоруйатын кэпсээтэ. Бары кулгаах иччитэ буолан олордулар. Киһи барахсан барыларыттан сүбэ көрдөһө сатаата. Бары атын атыннык сүбэлээтилэр. Чэ ис ити биэрбит чэйбитин, оччоҕо санаан чэпчиэ дэһэллэр уонна кырыстаах харахтарынан көрөн олордулар. Эн оро тыынан баран иһэн истэххэ аан тоҥсуйар. Бары аан диэкки хайыһан көрөллөр. Хайалара кэллэний диэн өлүү аанын аһа барбытыгар арай сиэбин диэки көрөҕүн. Дьон сырдык тыыннара, баҕа санаалара, күүстэрэ барыта биир хаппахчыга сылдьаллар эбит. Өлүү аанын аһар ким да суох. Киһини албынаары гыналлар дуу диэн быыл буолбут кинигэтин хостоон таһааран көрдүүр. Бары кинигэни көрөн турдахтарына арай эйиигин ким эрэ саҕаҕыттан тардан ылан илдьэ барар. Били чэйдээх чааскыбыт хампырыйан хаалла. Илиигин хам туппут соһон иһэр киһини көрөҕүн да сирэйэ хараҕа көстүбэт. Атаҕа ыт атаҕын курдук сүүрэрэ түргэнэ диибин диэн. Кэннигин хайыспытын били түөрт абааһылар аттарын миимитинэн эккирэтэн иһэллэр. Эн атаҕын эрэ хамсыыр. Соһуллан иһэҕин. Сор сытыы инньэтин оҕунан ытар. Ол инньэ буулдьа барбыттыы эн диэки көтөн истэҕинэ халыҥ щиттаах сытыы оһуордаах, күн сардаҥалаах сонноох сырдык санаалардаах түгэннэрдээх дьол инньэни уулларан кээстэ. Иккис аһыы утах абааһыта муннуннар диэн табах буруотунан туман оҥорон кээстэ. Иккиэн тохтоон турдахпа арай оҕо сылдьан баҕарбыт баҕа санаан хотугу сулус буолан суолу сирдэтэн кулар. Эн сүүрэн иһэн атаҕын сэниэтэ эбиллэн түргээн иһэҕин. Үһүс албынчык суолу бутуйан бэлиэлэри уларытан кээһэр. Дьэ тохтоон турдаххына. Эн дьоҥҥо эрэл чиэһинэй хараахтырын улахан сүр бөрө кэриэтэ кубулуйан сүүрэн кэлэр. Иккиэҥҥитин олордон бөрө биирдэ ыстанан түөрт абааһылары ыраагынан бырахта. Бүтэр уһугар өлүү бэйэтэ уһун, дьон моонньугар ыалдьыттаабыт быатынан бырахта. Мооньугар сытыы, ыарахан сыттаах быа хам туттан кэлгийдэ. Дьэ тутулуннун диэбиттии түөрт абааһылар быаны бары тартылар. Тыынын хаайтаран соһуллан истэххинэ арай эйиигин соһон илдьибит киһи сүүрэн кэлэн быаҕын сүөрэ сатаата да кыаллыбата. Ол сытан өйдөөн көрбүтүн ол киһи үүт үкчү бэйэн курдук сирэйдээх эбит. Хараҕын симмиллэн өйгүн сүтэриэхчэ сыттаххына киһин кууһан ылан соҕотох сатаан сүөрбэппин, миэхэ көмөлөс. Эн көмөлөстөххө эрэ сүөрүөхпүт бу абааһы быатын диирэ иһиллэр. Эйиэхэ кини сылаас салгына куккар киирэр, кини күүһэ-уоҕа эйиэхэ киирэр, кини инники эрэлэ

эйиэхэ улам-улам күүс эбиллэр. Били сыаптаах илиигинэн быаҕын тутан мөхсөн киирэн бараҕын. Соһуллан иһэн оттон-мастан тардыһаҕын. Иккиэн тутан туран мөкү хараҥа хаһаайыттара киэр буолун диэтибит. Хас этиибит аайы саҥа тыын эбиллэргэ дылы гынар. Киһим миигин көрө көрө үөрэр, тэҥҥэ саҥаран истэ. Быабыт улам-улам синньээн сап курдук быстан хаалла. Түөрт абааһылар часкыйбыттыы куотан сүтэн симэлийэн күл эрэ буолан хааллылар. Киһим илиибиттэн тутан туруорда. Кууһан ылан кулгаахпар бэйэҕэр эрэлгин хаһан да сүтэримэ диэн баран быраһаайдаста.

Добавить комментарий