Кэпсээ
Войти Регистрация

Чуумпу күүтүү...

Главная / Кэпсээннэр / Чуумпу күүтүү...

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
01.12.2024 01:46
3k 0

Альтернативное описание изображения темы

сулус_суьума Алина - 15 сентября 2016 20:52

Эмиэ киэһэ…🌌 Олоҕум биир күнүн чуумпу киэһэтэ. Бүгүн эмиэ хараҥа түннүккэ өйөнөн туран эйиигин саныыбын. Ханна сылдьаргын, кимниин, тугу саныыргын испэр таайа сатыыбын. Эппиэт булбакка, хараҥа халлааны ыйытардыы көрөбүн🌠. Күн аайы бу курдук күннэр солбуһан баран иһэллэр. Эн биһикки икки ардыбыт ыраах. Ол миигин тэйиппэт, төттөрүтүн ахтылҕаным күүһүрэр😍. Саныыбын күн ахсын эн хара харахтаргын, эйэҕэс мичээргин, элбэҕи эрэннэрбит тылларгын. Билбэппин, ол эрэн кырдьык эрэ…👐
Оргууй телефоммун ылан, суруйаргын күүтэбин. Онлаҋн олорон, суруйбаккын. Баҕар атынныын кэпсэтэрин буолуо. Мин халтай олорон, эйиигин эрэ маныыбын. Арай арай “привет” диигин. Бу тыл төһө да соҕотох буоллар, мин сүрэхпэр эрэл кыымын саҕар. Чочумча олороот, хардарабын. Ис-испиттэн тахсар сылаас тыллары аныыбын, кыбыстыбыт смайликтары туруорабын😊. “Хайдаххыный?” диигин. Барыта үчүгэй диибин. Дьиҥ туох күүтэртэн ураты үчүгэй кэлиэҕэй? Бааргын биллэрэн, боростуоҋ да тылларын мин сүрэхпин сылааһынан толорор. Доҕордуу… Билбэппин, доҕордоһуу баарын, ол эрэн сүтэрбэт баҕаттан сөпсөһөбүн. Кими эрэ таптааҥҥын сылаас тылларынан сарсыардаттан кутарын буолуо💔. Аваҕар бэйэҕин туруордаххына, мин үөрэбин. Үөрэбин сырдык мөссүөҥҥүттэн, мичээрдиибин этэҥҥэ сылдьаргыттан😃. Кэпсиигин эн миэхэ ханна сылдьыбыккын, кими көрсүбүккүн. Сөп ээ доҕоро эрэ буоллаҕым. Ол эрэн мин сүрэҕим ытырбахтыыр, күнүү санаа баһыйар😭. Ол да буоллар, үөрбүтэ буолан эппиэттиибин. Тулуйбакка ситимтэн тахсан барабын. Олорон толкуйдаан, уоскуйан төттөрү киирэн, дьолу баҕарабын. Таптал💘. Таптал буолуо дуо? Ким да эйиигиттэн ураты мин сүрэхпин үөрдүбэт. Эйиигинэн эрэ тыынан дьоллоох курдук сананабын. Харахпын симэн эйиигин ойуулаан көрөбүн. Бу хаһан да туолбат баҕа санаа буоларын билэн, харахпын оргууй аһабын. Үөһэ тыынаат, оргууй сүүрэр хараҕым уутун туора сотобун😥. “Минньигэс түүллэри” диэбиккин. Эйиэхэ эмиэ доҕоруом, туох баар дьолу баһан ылан ыытабын💁‍♀️. Оргууй түннүкпэр чугаһаан, халлааны көрөбүн. Туолбут ыйга этэбин, мин тапталбын киниэхэ тиэрт… 🌛Мин кимиэхэ да сипсийбэтэх кистээбит тапталбын. Баҕар кини эмиэ таһырдьа тахсан, мин ыыппыт баҕа санаабын ыйтан ылыаҕа. Ороммор тиийэн сытан, эн сөбүлүүр ырыагын холбуубун, эн эрэ мин санаабар эмиэ оргууй көтөн киирдин💑. Киирэн көрөбүн, онлайн. Кимниин эрэ суруйсаҕын, билэбин. Күүтүү, эрэл кыыма баарын статуспар суруйдум. Баҕар ааҕыан диэн эрэнним. Күүтүөм, хаһан сарсын буоларын. Баҕар аҕыйах да тылынан да буоллар суруйан кэлиэҕин😘. Оччоҕо мин сүрэҕим үөрүүнэн туолуоҕа…💞 дьоллоох буол, мин күндү доҕорум!😃

engaged
18 сентября 2016
аата печальнайын, эчи тулууруц, мин итинник сатаан кэтэспэппин да эрэммэппин да…

Тапталы утары барбаккын.
Бүгүн күһүҥҥү нуһараҥ чуумпу күн. Буоларын курдук иһирдьэнэн-таһырдьанан мэскэйдэнэн сылайдым. Кырдьаҕас киһиэхэ буолумна, саас бэйэтин биллэрэн эрдэҕэ. Ол да буоллар тэп курдук икки сиэннээх баабыскабын. Дьэ, хайдах маннык сиэн ӎинньигэһин билбит үөрүүбүн үллэстиэхпин баҕарабын. Оччолорго эдэр да этим. Ыал сиэринэн олорон, биир кыыс оҕоломмуппут. Күммүт-ыйбыт кыыспытыттан тахсара. Кининэн туран, кининэн утуйан. Кэргэним да оннук этэ да, биирдэ кэлээт малын хомунан баран хаалта. Сураҕа атыны таптаан иирбит үһү. Хайыамый таптаан бүппүт киһини тутан олоруом да, ыыттаҕым дии… Ол курдук кыыспынаан иккиэйэҕин хаалан күнү-дьылы аһардан испиппит. Барда диэн сытынан биһиэм да, кэм ийэ буоллаҕым. Аҕата ырааҕынан да сырыттар, көмөлөһөрө. Кини да буоллар таптыыр кыысчаана буоллаҕа. Ол курдук кыыһым оскуоланы бүтэрэн, куоракка үөрэххэ киирдэ. Соҕотох тоҕо хороллон олоруомуй, үлэм сыыһыттан уурайан куоракка көһөн саккыраан кииристим. Син удамыр сыанаҕа дьиэ куортамнаан олохпутун буллубут. Кыра тэрилтэҕэ үлэ булан үөрүүм муҥура суох. Кыыһым үөрэнэр, мин үлэлиибин. Ол курдук биир тэҥник олох устуо дии санаабытым кыыһым уларыйан барда. Үөрэҕин кэннэ эрдэ кэлэр бэйэтэ, хатааһыннаах дьиэҕэ киирэрим элбээтэ. Туох айылаах бу диэммин ыйыталаһа сатыыбын да, эппиэтэ барыта бэлэм. Онно ыҥырбыттар, манна хаалан уруогун аахпыт. Хайыамый, сөпсөһөбүн эрэ буоллаҕа.

Ол курдук күн-дьыл ааһан истэ. Кыыһым сессиятын нэһиилэ туттарда. Күн аайы библиотекаҕа сылдьан хойутуур киһиэхэ дьикти. Ол курдук бүгүн эмиэ наһаа хойут кэллэ. Дьэ, олох утары көрсөн

олорон кэпсэтэргэ сананным. Кыыһым ыйытыыбар туох диирэ иһиллибэккэ хоһугар ааһа турда. Ыксаан остуолга аһыырга ыҥырдым да, суох диэнтэн атыны истибэтим. Бэлэмнээн кэбиспиттэн кыһыйан, төттөрү холодильникка быраҕаттанным. Илиибин соттоон хоско көтөн түспүппүн бэйэм да билбэккэ хааллым. Бастакы боппуруоһум “ханна аһаан ыбылы тот кэллин?!” диэн. Мин хамнаһым диэхтээн баһа-атаҕа биллэр буоллаҕа, мээнэ туттарыгар биэрбэппин, баҕарбытым да иһин тиийээхтээбэт. Арай кыыһым моонньугар засостаах. Көрбүппүн итэҕэйбэккэ тиэрэ баран түһэ сыстым. Мэктиэтигэр тыыным хаайтара сыста. Онтон үөрэҕэ? Карьерабыт? Араас санаа барыта элэҥнээтэ. Кыыһым ылан моойдоох куопта кэтэн кэбистэ, бүттүбүт. Хаһыы аҥардаах хаһыытаан, ыйыттым:“Бу хайдах буола сылдьаҕын? Үөрэхпит? Мин курдук кыра үлэҕэ сылдьаары дуо?” Кыыһым туох буолан турдун диэбиттии көрөр. “Не начинай аа, улахаммын” диэтэ. Ханнааҕы улаханын, миэхэ куруук оҕо буоллаҕа. Иннибин биэрбэтим, син ыйыталаһан киһилэммитин биллим. Таптаабыт үһү кини саҥа кэлэн баран. Кимин олох да эппэтэ. Бу өрөбүллэргэ олох аҕалан көрдөр диэтим да, тахсан бардым. Сымыйанан сериалбын көрө сатыыбын да, өйүм-санаам атыҥҥа иэҕиллэ турар. Ол курдук кэпсэппэккэ уоту сабан утуйдубут.
Сарсыныгар хаҕым эрэ үлэбэр тиийээхтээтэ. “Хайа, туох айылаах буоллун, кими таптаатын дуу"дииллэр. Кыһыйдым аҕай, аны кэлэн онон оонньуу сылдьыам дуо диэммин. “Мин таптыам дуо, кыыһым таптаабыт үһү, оҕо эбээт” уонна барытын кэпсээн арыый да чэпчээтим. Улахан кыыс дии, бэйэтэ биллин ээ диэн чэйбэр чачата сыстылар. Хантан улахан буолуой, кыра оҕо буоллаҕа дии. Төһөтүн да иһин барытын хасыһан билэргэ, тэйитэргэ сананным. Онон бастакы сыалым ол киһитэ кимин билиэхпин наада.

Дьиэбэр тиийэн, син бииргэ олорон аһаатыбыт. Хайдах түбэһиннэрэрбин автобуска олорон былааннаабытым. Онон ыраах улууска олорор ийэбэр эрийдим. Соруйан улахаҥҥа туруоран баран, отгул ылан эйиэхэ тиийэбин диэтим. Эрдэ кэпсэппиппит курдук ийэм, үөрбүтэ буолар. Барахсан, барыахпын баҕарбытым да иһин ол ким отгул биэрэн ыытыай, кыыспын да хаалларбаппын буоллаҕа. Хараҕым кырыытынан көрдөхпүнэ, кыыһым кулгаах-харах иччитэ бөҕө буолбут. Онтон өссө өрө бараммын, итэҕэтээри тугу ылан илдьэрбин игин кэпсэттим. Уурааппын кытта кыыһым “бараҕын дуо” диир. “Баран, ыыппат буоллаххына суох барыам суоҕа” диибин. “Ээ, улахаммын баран кэл” диэтэ. Кыһыйдаҕым дии, бу үйэҕэ соҕотох хоммот бэйэтэ хайаан диэммин. Хоспор тиийэн мал хомунабын. Бэйэбин бэйэм итэҕэйэ сыстым. Киирэн, ааҥҥын үчүгэйдик хатана сылдьаар диэн сэрэттим. Сарсын үөрэххэр сырыттахха барабын диэн сэрэттим. Биир нэдэлиэнэн кэлиэм диэтим. Уһунуун! Чэ буоллун, самолетунан барбатым чахчы. Баара суоҕа утары ааҥҥа олорор соседкабар тахсабын. Глазогунан уонна кэтиэхтээхпин. Киирдилэр да бүттэ, аһан тутатттыыбын, үөрүүбүттэн күлүкпэр имнэнэбин. Саамай онтон кыһалларым биллибэккэ үлэбэр тиэстиэхпин наада.

тор_83
3 октября 2016
Молчать, всё понимать без слов, Превозмогая притяженье… Любовь без права на любовь, Любовь без права продолженья… Пьяня своею чистотой, Без тусклых свеч и белых платьев Нам освещает путь любовь, Любовь без права на объятья… Быть ближе пусть мешает страх, И лишь в мечтах до исступленья… Страсть, и печаль в твоих глазах — Любовь на грани преступленья… На нас спустилась благодать. Без объяснений и прощаний, Нам посчастливилось познать Любовь без разочарований. Любовь без права нам дана, Чтоб сердце греть и не обжечься. И пусть она обречена, Но как же от нее отречься…

тор_83
3 октября 2016
Ардах туьэр,арааската,ааспыт тапталы аьыйар,Сииктээх салгын мин иэдэспин тымныыннан хаарыйар.Былыт ытыыр,быьыыта,таптал буппутуттэн кэлэйэр,Таптыыр до5орум со5отох хаалларан ыраах симэлийэр.Хара сирим устун чалбах суурэр,оргууй улаатар.Тымныы таммах миэхэ тапталым ааспытын сипсийэр.Чункуйар сурэхпин кырыыстаах этиним аьыммат,Со5отох сордонор санньыар санаам уостары билбэт.Туустаах хара5ым уута иэдэьим устун сыыйыллар,Таммах таммалыыр,айманар дууьабын уоскутар.Сутэрсэбит,ыраас тапталы сиргэ-буорга тэпсэбит.То5о тапталбыт ааспытын бэйэбит отой билбэппит.Этин этэр,этиллибит эргийбэтин сэрэйэр,Аьынары билбэт ча5ыл5ан халлааны хайытар,Харса суох хатыылаах тылларгын хатылаан ытатар,Айманар дууьабын аьыммакка тырыта тыытар. ТЭЙСЭР КЭММИТ КЭЛБИТИН ЭТИН МИЭХЭ ЭППИТЭ,ААСПЫТ КЭРЭ КЭММИТИН АРДАХ СУУЙАН ААСПЫТА.ТАПТАЛ ДИЭНТЭН КЭЛЭЙЭН ДЬОЛУМ МИЭНЭ САСПЫТА,СЫЫЬА ЭППИТ ТЫЛЛАРТАН ТАПТАЛ УОСТАН СУППУТЭ.(

Манчаары
3 октября 2016
Ити үөһээ бастакы суруйуун хайдах эрэ ханнык баҕар киһи сүрэҕин-быарын ортотунан киирэрдии, киһини олус долгутардыы суруллубут…
Эдэр кыыскын дии?

Ол эрээри образка киирэн сааһыран эрэр орто саастаах дьахтар оҕотугар айманар туругар бэркэ киирэн суруйбуккун.
Ити үөһээ доҕоргун ватсаппка кэтиирин, киниэхэ дьолу баҕарарын наһаа да долгутуулаах тыллар.
Миэхэ эмиэ оннук. Көрөрүм кини өрүү онлайн олорорун, кимниин эрэ кэпсэтэрин. Статустарын уларытарын. Үксүн көрөрбүн сэрэйэн тугу эрэ таайтарардыы, чугаһатан суруйарын. Ол барыта бүппүтэ. Саатар оннук да көрөр кыаҕым суохпуттан билигин хомойбун. Үүрбүтэ, саппыта ааны, холус тыллары эппитэ.
Ол эрэн мин кинини син биир күн ахсын саныыбын ээ… Кинилиин сылдьыбыт сирдэрбитинэн хаамабын. Хайдах эрэ кини тыына, кута-сүрэ аттыбар баар курдук. Үнүрүүн пааркаҕа, бүгүн Күөх Хонууга…Икки сыллааҕыта доҕорбунаан сөтүөлээбит көлүччэбитин булан өр да өр чуумпуран олордум, хайдах эрэ салгыҥҥа ол дьоллоох кэм эйгэтэ, туруга баар курдук) Кутум-сүрүм арыый да уоскуйда, кыараабыт көхсүм кэҥээтэ, эргиллэн куорат диэки оргууй хаама турдум…

Сарсыарда кыыһым үөрэҕэр хомунан барардыы оҥоһунна. Ыраах айанныыр киһи быһыытынан, ону гынаар, маны гынаар, ааны хатыы сырыт диэтим. Сыллаан-уураан атааран, ааны хатанан олордум. Эрдэ соседкабын кытта сүбэлэспит буолан, дьэ онно таҕыстым. Кини эмиэ орто саастаах, мин кыыспыттан арыый да улахан саастаах уол оҕолоох дьахтар. Онон да буолуо, кэлиэхпититтэн тапсабыт, сылдьыһабыт. Иккиэн олорон, кэпсэтэн бириэмэ биллибэккэ ааста. Аныгы оҕолор хайдахтарын күрэхтэһэ күрэхтэһэ кэпсэтэбит. Дьэ, ол олорон чаһыны көрбүтүм ырааппыт. Кыыһым кэлэрэ чугаһаабыт. Баҕар суох эрэ диэн… тьфу3 дии дии аан глазогун кыҥаан турдум. Суох, ааным маарыҥҥытынан турар. Ол турдахпына, соседкам уола кэллэ. Миигин көрөн дорооболоһоот, соһуйда. Тоҕо ааҥҥа турар баҕайыный диирэ буолуо бука сэрэйдэххэ. Сотору буолаат, кыыһым дьиэтин аһан киирдэ. Дьэ, һуу диэт дьоммор киирдим. Соседкам уола үөрэҕин бүтэрэн, үлэлээн эрэр. Аҥардас ону да холобур оҥостуохха сөп. Бэрээдэгэ диэн, чөл олоҕо, кэпсэтэрэ-ипсэтэрэ. Мин да кыыһым хаалсыбат. Соһуйбута буолуо диэн, быстах-остох хонор сыалбын кэпсээтим. Уолум истэн баран, күлэн кэбиһэр. “Улахан кыыс быһыылаах дии, сырыттын ээ. Наар маннык кэтии, батыһа сылдьыан дуо” диир. Ону мин: “тыый, олох оҕо ээ диибин, көрүү-истии наада олох”-диибин. Ол курдук дьэ утуйдубут. Сарсыарда кыыһым тахсан барда. Хаста да тахсан ас астаары гынан баран, эчи ынырыгын ким да суох дьиэтигэр аны ас астанан турдаҕай. Нэдиэлэ диэбитим, тулуйабын. Үлэбэр бараары гыммытым, аны тапочканан киирэн хаалбыппын. Иэдээн, саппыкым аан таһыгар турдаҕа. Иирэн, тапочканан дойдулаабыт диэбитэ буолуо… Тахсан ылан кэбиһэрим дуу, ол эрэн абааһыга дылы. Соседкабыттан уларсан, үлэбэр ойдум.

Киэһэ сылайан-элэйэн дьиэбэр киирэн истим. Бүгүн лифт алдьанан , сатыы тахсар дьолго тигистим. Алтыс этээскэ олорор буолан эрэй, атахпын нэһиилэ соһон истим. Кыра да суумкам ыарахан таһаҕас курдук буолла, ылан быраҕан да кэбиһиэх курдуккун. Арай төрдүс этээскэ икки киһи турар. Тахсан иһэн, тохтоон иһиллиибин. Арай аһыы игин турар дьон буоллун, сэрэххэ кэтээтим. Арай кулгаахпар чопчу кыыһым куолаһа иһилиннэ. Сыыһыахпын сатаммат, төрөппүт кыыһым куолаһын арааран билбэтим кэлиэ дуо… Биирин көрө сатыыбын да, мэлэйэн туруом да, саһабын. Онон олох көстүбэттэр. Туох эрэ бэйэбин олох детектив курдук сананным. Оргууй үктэлтэн үктэлгэ тахсан иһэбин. Па, дьонум олох да үөһэ тахсан бардылар. Ааммыт өссө сабыллар тыаһа. Ити баар куоттардым. Кыһыыбар тыастаахтык үктэнэн, соседкабар киирдим. Кыһыыбын барытын кэпсээтим, билигин да ойох тахсыах курдук буоллум. Дьиэ иһин аймаатым быһыылаах, били көрө сатаабыт уолбун түөкүнтэн саҕалаан дэлби үөхтүм. Хаһан да түөкүҥҥэ кыыспын чугаһатыа суох буоллум. Ону истэн соседым уола Мичил: “Ол тоҕо түөкүн буолла? Таптал буоллаҕа дии, сотору кыыһын билиһиннэрэр ини” диир. Маны истэн өссө иэдээннээхтик кыһыйдым:“уоран түөкүннүүр буоллаҕа дии, өссө тугу уоруо биллибэт! Киһи барыта эн курдук көнө буотах ини”… Аамайданан аан таһыгар хоно сыһан турдум. Сарсыарда кыыһым бараатын кытта буулдьалыы ойон таҕыстым дьиэбэр. Ким да баар сибикитэ биллибэт. Туох да сүппэккэ, барыта орун оннугар курдук. Кухняҕа да биир кыыһым эрэ аһаабыт. Дьиибэтиин… Аны абааһыны көрбүт буоллаҕым дуу. Маны санаан олох тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буоллум. Куһаҕаҥҥа көстөр дииллэр. Ыксаан сытынан кэбистим. Кыыспар эрийэн кэлбиппин биллэрдим. Ол курдук кыыһым кэлэн, аһаатыбыт. “Хайа, эн тоҕо уларыйан хааллын?”. Мин эн абааһыгын көрдүм диэм да,

суох бэйэм диэтим. “Чэ, мин сарсын уолбун аҕалан билиһиннэрэр буоллум. Киэһэ баччаларга бэлэм олороор”-диэтэ. Үөрүөхпүн ытыахпын билбэккэ олорон хааллым. Саҥа үүнэр күнү, туох эрэ кэрэни бэлэхтиэ диэн сүрэхпинэн сэрэйдим…
Сарсыныгар ас бөҕө астаан, долгуйан, бу кэрэ кэм, өр миигин аалбыт кэм тосхойон эрэриттэн о х курдук оҥостон олордум. Кырдьыгы этиэҕэ бу түгэн… Ааны звоноктаатылар. Дьэ баран, арыйабын да саҥа кэм биһиги дьиэбитигэр киирэр, кыыһым төрүөҕүттэн хараҕым далыгар улааппыт көстүүлэрэ барыта харахпар элэҥнээтилэр. Олох ойуута буоллаҕа, тиһиллэн баран иһэрин сөпсөһөрбөр тиийэбин. Ааны арыйдым… Кыыһым үөрэн дьолломмут сирэйэ бу турар. Аан кэнниттэн сибэккилээх, кыбыстыбыт Мичил тахсан кэллэ. Уҥарбын дуу, тиллэрбин дуу билбэтим. Кыбыстан өлө сыстым. “Киирин, ааһын” диэтим. Саҥата суох кухняҕа ааһа турдум. Киирэн олордулар. Онно дьэ кэпсээтилэр, Мичиллээххэ баарбын билэллэр буоллаҕа. Онно төһөлөөх ону-маны туойан. Атаҕым таҥаһа да хаалбытын кыыһым көрбүт. Хата, сибиэн көрбөтөхпүн, кырдьык кинилэр эбит, икки аҥы киирбиттэр. Дьэ, онон үөрдүм ахан. Аны инник гыныа суох буолан, кыыһым улааппытын сүрэхпинэн сэрэйдим, харахпынан итэҕэйдим. Мичили да сөбүлүүрүм. Онон ханнык эрэ түөкүҥҥэ буолбакка, үчүгэй уолга түбэспититтэн үөрдүм. Сыл-хонук хардыыта диэбиккэ дылы, соседка дьүөгэбинээн аймахтыы буоллубут. Кини оҕолорбутун сэрэйбит эбит да, биллэ илик диэн кистээбит.Онон иккиэн көмөлөөн сиэннэрбитин көрөбүт. Үлэбин тохтоппутум. Эдэрдэр үлэлииллэр. Урукку кэмнэрбит кэннибитигэр үчүгэй өйдөбүл буолан хааллылар. Саҥа кэлэр кэмнэр өссө кэрэни бэлэхтиэхтэрэ диэн эрэнэбин. Тапталы утары барбакка, харыстаан!☺️

Оодьэ
22 октября 2016
Саьан турар сирэйин представила
И смех и грех

маша
23 октября 2016
Сулус суһума,ити куутуу диэн суруйбуккун ааҕаммын ытаатым,хараҕым уута тохтоло суох түьэн сыттыкпын инчэттэ..наһаа да ыарахан(((ком в горле

уус_мэхээлэ
Мэхээлэ
23 октября
Айуу айа быарым бутэ сыста сэргэхситтин агай дии сулус_суьума маладьыас инникигэр ситиьиини багарабын

Добавить комментарий