Сергей, мантан ыла эн аны тугу да улэлии барбаккын. Ессе хаайыыга бардаххына мин сатаан тулуйуом суога. Ол кэриэтэ мин иитэн олоруом, билигин харчыны куьагана суохтук елерер буола сылдьабын.
Мин бу уруккуну саныы-саныы ынырык сонньуйабын, эмиэ да сегебун. Хайдах ол вазаны ыраахтаагы олоро сылдьыбыт двореьыттан биллэрбэккэ ийэм уорбута эбитэ буоллар. Дьэ дьикти. Урут видеонаблюдение игин диэн суох буоллага дуу?
Дьэ оннук биьиги сыаналаах вазавытын туппутунан биир антикварнай лавкага тиийбиппит. Лавка киирэн малы ханна туталларын ыйыппыппытыгар биир хоско киллэрбиттэрэ. Биир еврей курдук дьуьуннээх сааьыра барбыт огонньор олороро. Ол огонньор биир ханнык эрэ Россия киинэтин артыыьыгар майгынныыр этэ, артыыс аатын ейдеебеппун. Ийэм ол огонньорго эппитэ:
Я пришла сдавать старую, дорогую вазу, - диэбитэ уонна пакетын хостоон ол вазаны огонньор остуолугар уурбута, - сколько будет стоит?
Вот эту вазу? Это же старинная вещь. Откуда вы нашли? Ваза сделанная из малахита. Вот такая ваза наверно стоит в Зимнем дворце” – диэн огонньор олуьун соьуйбут харагынан кербутэ.
Неважно, откуда я нашла. Берите или мы уйдем, - ийэм кыыьырбыт тонунан эппитэ.
Подождите, подождите. Че сразу так? Конечно берем. Но надо оформить документы. Надо ждать до завтра, - диэбитэ огонньор.
А без документов никак нельзя да? Мне сегодня очень нужны деньги, для операции мамы. Вот этому принесла вот эту вазу, которую досталась бабушке по наследству, - диэбитэ ийэм уонна артыыстыырын курдук ытаан барбыта.
Если возьму без документов, я беру эту вазу всего лишь за 30 тыс. Вы согласны?
Содержание
Сэмэнчик_Уол 31 октября 2013 22:20
Олохпуттан быһа тардан кэпсээн
Бары этэллэрин курдук киьи тереппуттэрин сатаан талбат, биьиги дьылгабыт барыта тереппуттэрбититтэн тутулуктаах буоллага. Мин дьылгабын барытын ийэм салайбыта… Кэлинни кэмнэ олус да элбэх санаага ыллардым. Ити барыта мин тула уонна ийэм ологун тухары. Санаабын кимнэ эрэ кэпсээн дууьабын баттыы сылдьар ыар сугэьэри чэпчэтиэхпин багарабын, багар аьыылаах дууьам сайганыа дуу диэн санааммын. Биир эмэ чугас киьибэр кэпсиэхпин сатаан санаам буолбат, ол иьин манна суруйарга сананным. Мин ологум хайдах этэй? Билигин барытын саас-сааьынан сааьылаан ахтан санаан ааьыам. Интириэьиргиир дьон аагаарын, багар туох эмит субэ биэрэр буоллаххытына барыгытын истиэм. P.S Бу кэпсээммэр баар дьоннор бары ааттара уларытылынна.
Оччолорго 90-с сыллар саналарыгар мин кыракый ого этим. Ого-ого курдук мин эмиэ оонньуурум-керулуурум, дэриэбинэ оголорун кытта бары бииргэ кыттыьан сэриилээх буола оонньуурбут. Оччолорго билинни курдук кемпуутэр суога, киинэ диэн сана дэлэйэн эрэрэ. Билигин бу санаатахха билинни кэм оголоругар олох ымсыырбат эбиппин, урут биьиги курдук таьырдьа тахсан сэриилээх буолан оонньооботтор, бэл сасыьа оонньуохтара дуо? Багар билинни кэмнэ, ас-танас дэлэй кэмигэр тереебутум буоллар мин дьылгам атын буолуо этэ…
Мин ийэлээх-агабын кытта биир тугэх улуус кыра дэриэбинэтигэр олорбуппут. (Биллэр биричиинэнэн дэриэбинэм аатын эппэппин). Бииргэ тереебут иккиэ этибит, миигин тэнэ миигиттэн 4 сыл улахан эдьиийдээгим. Агабыт кыралаан коммерцант эйгэтигэр улэлээн испитэ, Сэбиэскэй былаас сана эстэн ол сагана элбэх киьи коммерсант, бэйэтэ кэтэх хаьаайыстыбалаах буолан барбыта. Агабыт куруутун айанна сылдьааччы, куруутун куоракка киирэн мал-сал атыылаьан ону эргинэн аьаан олорбуппут. Онтон ийэбит дьиэ керееччу хаьаайка этэ. Сарсыарда туран биьигини аьатан баран оскуолага илдьээччи. Ийэм ханна да атын сиргэ улэлээбэтэ, дэриэбинэгэ олорор дьон курдук ынах-суеьу да ииппэт этибит. Арай биьиги дэриэбинэбититтэн ыраага суох сиргэ соготох эбээбит олороро. Кини наар уут-суегэй ыытааччы. Биирдэ эмит эбээбит биьиэхэ ыалдьыттыы кэлэн баран: “Эьиги того ити ыал-ыал курдук ынах ииттибэккит? Хотону бу эн да керуе этин дии. Ууту-суегэйи хотонтон баьа олорор туох куьаганнаах буолуой?”, - диэн этэрин ейдеен хаалбыппын. Оччогуна ийэм маннык диэччи: “Ол мин сыттаах хотону манаан баран ынахтарым кутуругун манаан баран олоруом дуо? Уонна биьиэхэ ким оттуой-мастыай? Ганя (ити агабын этэр) куруутун куоратынан сылдьар буоллага. Кини оттууругар некогда”, - диэччи. “Онтон оту эьиги атыылаьан да ылыа этигит буоллага. Харчылааххыт дии” диэн эбээм эппитигэр ийэм саба санаран кэбиспитэ: - “Оту атыылаьыан оннугар ууту-суегэй атыыласпытым ордук буолбат дуо???”. Бу билигин санаатахха ийэм улэ диэни улаханнык улэлээбэтэх атаах дьахтар эбит. Куруутун киэргэнэ-киэргэ маанытык сылдьар буолара. Кини тереппуттэрэ (мин эбээлээх эьэм) олус мааны, кыахтаах ыал эбиттэр. Эьээм тыыннаагар салайар улэгэ сылдьыбыт улахан улэьит эбит. Мин ийэм кинилэр соготох кыыстара, онон олус атаахтык иитиллибит, иьит да сууйбата эбитэ уьу. Арай кэнники кэргэн тахсан эрэ баран биирдэ иьит сууйар буолбут, ас астыыр буолбут. Ийэм барахсан… Ол эрэн ийэм олус ейдеех, сытыы киьи этэ, арааьа эьээбин баппыта эбитэ буолуо. Ону таьынан ессе керуехтэн кэрэ олус кыраьыабай этэ. Ологун тухары кинини элбэх эр киьи эккирэтэрэ, бэл бу кэлиннээннэ диэри. Оскуола кэнниттэн кини Москвага баран урдук уерэххэ киирбит. Ол уерэнэ сылдьан сайын каникулугар Саха сиригэр кэлэ сылдьан агабын керсубут, устунан бириэмэннэй буолан хаалан уерэгин бырахпыт уонна агабар кэргэн тахсыбыт. Ону таьынан ийэм олус талааннаах этэ, анал уерэгэ да суох буоллар творческай личность буолар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Дэриэбинэ кулуубугар турар сыанкаларга наар кыттара. Бэйэтэ айылгаттан артыыс талааннаага. Багар ол талаана инники дьылгатын быьаарбыта буолуо.
Дьэ оннук курдук биьиги тердуен олус учугэйдик олорбуппут. Агабыт куруутун айанна сылдьара. Арыт ыйы-ыйдаан ыраах айанныыра, оччогуна биьиги бэйэбит эрэ хааларбыт. Бу билиннээннэ дылы ейдуубун – биир эмит туун биьиги утуйа сыттахпытына ааны тонсуйаллара. Оччогуна мин уьукта биэрэрим уонна: “Оо папа кэллэээ” диэн олус уерэрим. Ойон тураат ааны арыйа суурэрим. Ааны арыйааппын кытта агам коммерсанскай суумка беге тутуурдаах киирэн кэлэрэ уонна миигин кетеген баран иэдэспиттэн сыллаан ылара. Ол кэнниттэн ийэлээх эдьиийим уьуктан кэлээччилэр, ийэм чэй сылытан ас бэлэмнээн барара,
онтон биьи эдьиийбитинээн агабыт агалбыт суумкаларын арыйан кэьии беге тутарбыт. Ол туун биьи олохпутугар дьоро туун буолааччы. Онтон сарсыныгар мин доготторум кэлээччилэр. Агам агалбыт оонньуур массыыналарынан оонньооччубут, куорат минньигэс астарын сиэччибит. Бу билиннээннэ дылы ейдуубун, ол кун агабыт биьиэхэ бутэьигин кэлэн барбыта… Наьаа да учугэй кэмнэр ааспыттар эбит! Бу билигин саныы олороммун уруккуну санаан хайдах эрэ олус уердум, бука мин олохпор хаьан да маннык тугэн буола илигэ буолуо.Онтон агабыт агыйах хонук буолан баран эмиэ куоракка атыытын атыылаьа, эргинэ, таьагас таьа барбыта. Оччолорго мин бастакы кылааска уерэнэр орой мэник ого этим. Биир киэьээ биьиги киэьээнни аьылыкпытын аьаан бараммыт ийэм мин уонна эдьиийим буолан уьуен телевизорга Поле чудес диэн передачаны кере олорбуппут. Ол сагана улааппыт оголор багар ейдуургут буолуо дии поле чудес диэе передача баарын? Туох эрэ барабан игин эргитэллэр этэ уонна буква игин арыйааччылар. Дэриэбинэ телевизора наьаа куьаганнык хабара, наар помехалаах буолааччы, оччогуна телевизоры уонна антенаны сахсыйа туьээччибит, дьэ оччогуна биирдэ эрэ учугэйдик кердерер буолааччы. Дьэ оннук телевизорбытын кере олордохпутуна аан арылла туспутэ уонна агам бииргэ тереебут эдьиийэ (эдьиий Маша) киирэн кэлбитэ. Оо эдьиий кэлбит диэн биьиги уерэ агай туспуппут. Арай кербуппут эдьиийбит сирэйэ кып-кыьыл, бу сибилигин агай ытаан буппут курдук… Уонна олох бэрт куьаганнык ийэбэр эппитэ: “Лариса, кэл эрэ, мин ийиэхэ тугу эрэ этэрдээхпин, оголор истибэтиннэр”, - диэн ийэбин ынараа хоско ынырбыта. Ийэм сирэйэ кубарыйа туспутэ уонна эдьиий Машаны батыьан хоско киирбитэ. Мин эдьиийбинээн соьуйан хаалбыппыт уонна оголуу любапытнай санаабыт оонньоон хос ааныгар сыстан туран тугу ийэлээх эдьиий Машалаах кэпсэтэллэрин иьиллээн турбуппут. Эдьиий ийэбэр бутэн хаалбыт куолаьына аргыый ботугураан этэрин бутэьигин эрэ истэн хаалбытым: - “Бэгэьээ, аварияга…” Оо ол тыллар кэннилэриттэн ийэм хаьыытыы-хаьыытыы ытаан барбыта… Онно мин ийэм харагын уутун бастакыбын кербутум. Ол киэьэни быьа ытаабыта, оронугар сыппыта. Онтон эдьиий Маша ийэбин уоскута туьэн баран биьиэхэ кэлбитэ уонна нэьиилэ эппитэ: “Барахсаттарым сыыьа, тулаайах хаалаахтааххыт… Ньиэй, оголорум сыыстара… Аны папагыт суох…” Мин тугу этэрин соччо ейдеебетегум: “Папа ол хайдах суох буолуой. Папа баар-баар, сотору кэлиэ, миэхэ самолет агалыах буолбута!” Онтон бииргэ тереебут эдьиийим (Ньургуйаана) миигиттэн улахан буолан тута ейдеебутэ быьыылаага уонна ытаан киирэн барбыта. Мин кинилэр ытыылларын тулуйан кербетегум уонна ытыы сытар ийэбэр суурэн тиийэммин кинини кууьаат эмиэ тэннэ ытаьан барбытым… “Папа баар! Папа баар! Кини кэлиэ!”
Агабыт куоракка атыытын атыылаьан баран биир дэриэбинэгэ баран иьэн сааскы халтараанна массыына авариятыгар елбут эбит. Кыракый газик массыына утары кэлэн иьэр Камаз массыына прицебыгар туспут. Ол газикка соготох айаннаан испит агам тута тыына быстыбыт… Агам барахсан, икки оготун, таптыыр кэргэнин бу сиргэ хаалларан баран бэйэтэ 32 эрэ сааьыгар еллеге… Бу билигин санаан уйадыйдым агай…
Агабыт елугун массыынан тиэйэн агалалларыгар биьиги оголор эбээбитигэр барбыппыт. Ийэм олох буорайбыта, аьаабат да сиэбэт да буолбут этэ. Оронугар сытан ытыы хаалбыта. Ийэбин кере-харайа эдьиий Маша хаалбыта. Мин туох буолбутун ессе да итэгэйбэт этим, ол ого сааспар елуу диэн тугун да соччо билээхтээбэт буоллагым. Саныырбынан, биьиги сэриилээх буола оонньуурбут курдук елен баран бу тиллэн кэлиэ диэн саныырым. Суох, оннук буолбатах эбит. Эбээбитигэр тиийбиппитигэр кини эмиэ санаага ылларан сылдьар этэ. Соготох кыыьа эп-эдэр сааьыгар икки огону туппутунан огдообо буолан хааллага. Мин тиийэн баран туннук аттыгар туран эрэ агабыт биьигини кэлэн ылыа диэн кэтэьэрим. Суох, кини кэлбэтэгэ.
Эбээбитигэр биьиги уонча хоммуппут быьыылаага. Онон, агабыт кытта тиьэх бырастыылаьар похоронага сылдьыбатахпыт.Онтон похорона буппутун кэннэ уоскуйа туьэн баран ийэбит биьигини кэлэн ылбыта. Эбээбит биьигини ыытымаары уонна ийэбин олоро хаал диэн ыныра сатаабыта ийэм буолумматага, хайдах олорбут дьиэбититтэн онно-манна кеьен барыамый диирэ.
Онон агата суох мин, ийэм уонна эдьиийим буолан уьуен бэйэбит эрэ хаалбыппыт. Дьиэбит иьигэр санаа баттыыр буолан куьаган погода этэ, уруккубут курдук кулбэппит-уербэппит, ийэбит эмиэ олох буорайбыта. Ол эрэн кини депрессиялаан сытынан хаалбатага, сарсыарда аайы туран аьын бэлэмнээн биьигини оскуолага илдьэрэ уонна уерэнэн буттэхпитинэ кэлэн ылара. Ол сагана кыра дэриэбинэгэ оскуолага оголорун ким да илдьибэт-агалбат этэ, арай биьи эрэ ийэбит наар биьигини таьара. Агабыт елбутун кэннэ бастакы ыйдарга биьиги аспыт-танаспыт учугэй этэ, агабыт син уурумньу харчы хаалларбыт быьыылаага. Ол эрэн… Ол эрэн эрэ диирбэр тиийэбин. Биьиги олохпутугар агабыт елен этин эппитин курдук аны ардах эрэ туьэрэ хаалбыта. Ол курдук агам коммерсия эйгэтигэр бииргэ улэлэьэр партнера биир ыам ыйын бутэьик куннэригэр биьиэхэ тиийэн кэлбитэ. Кэлэн баран эппитэ: “Гаврил Васильевич миэхэ улахан иэстээх этэ. Ону ирдэьэ кэллим. Кэргэнэ эн буоллагын дии, кини иэьин саатар эн телес” диэбитэ. Онуоха ийэм соьуйуогун соьуйбута, кини ессе кэргэнин аьыйар аьыыта ааьа илигэ: “Мин икки оголоох бэйэм хааллым, саатар оголору аьын. Туохпутун аьаан-сиэн олоруохпутуй? Аьын биьигини, эн да оголордоогун буолуо дии” Онуоха ол киьи олус суостаахтык эппитэ: “Ол елле диэн мин ырааспын туохтан булан ылабыный? Иэьин телеспет буоллаххытына суутунан-сокуонунан да телетуем”, - диэбитинэн агам атыылыам диэн мунньуммут табаарын, магаьыынын тутан илдьэ барбыта. Ессе агам массыынатын ылбыта. Барарыгар ийэм ытыы-ытыы ол киьиэхэ тугу эрэ этэ сатаабытыгар кини маннык диэбитин билиннээннэ дылы ейдеен хаалбыппын: “Кини кэриэьигэр мин силлиибин!!! Еллегунэ еле сатаан кердун!!!” Ити тыллар ийэбин олус куьаганнык хаарыйбыттара уонна ол киьиэхэ хаьыытаабыта: “Ыл! Барытын ыл уонна киэр буол! Танара биьиги харахпыт уутун эйигинэн ирдэьиэ!”
Ол киьи оннук кэлэн биьиги баайбытын-дуолбутун илдьэ барбыта. Ол киьи билигин да баар, байан-тайан улахан тойон буолан, телевизорга да хаьыакка да наар тахсар биллэр киьи буолан олорор. Мин киниэхэ улахан ес санаалаах хаалбыппын, ол эрэн испэр бырастыы гыммытым. Кини эмиэ багар улахан кыьалгаттан итинник гыммыта буолуо, туох билиэ баарай?
Дьэ итинник курдук биьиги ууруммут уппут-аспыт бутэн барбыта. Урут дэриэбинэгэ син кыахтаах ыаллар кэккэлэригэр киирсэр этибит. Ол бэйэбит билигин туга да суох хаалбыппыт, арай олорор эрэ дьиэлээх этибит. Аьыыр аспыт биллэ мелтеебутэ, арыыта суох килиэби кытта наар этэ суох макарон эрэ сиирбит. Ол сагана олох диэн барыларыгар ыарахан быьыылаах этэ, 90-с сыллар буоллахтара дии. Арай атын дьоннор син улэлээх-хамнастаах буоланнар син аьыыр астаахтара. Онтон биьиги ийэбит улэлээбэт буолан биьиэхэ ыарахан этэ. Хам-тум биирдэ эмит эбээбит биэнсийэтин сыыьын кыратык ыытааччы. Оччогуна биьиги олус да уерсэрбит, ийэм магаьыынна баран ону-маны ылан кэлэрэ уонна хампыат агаларын ейдуубун. Ол сагана оннук хампыат хагыгар
сыстан хаалбыт буолара, ол да буоллар олус минньигэс буолара, таас кэмпиэт этэ, билигин санаатахха арааьа мятнай диэн быьыылаах. Танаспыт-саппыт биллэ мелтеебутэ, урут наар сана мааны танаьы кэтэр бэйэбит, билигин эргэ, абырахтаах танаьа кэтэр буолбуппут. Ийэбит биьи диэкки кере-кере уеьээ тыынар буолбута, оголорун аьынар буоллага.Дьэ оннук курдук биьиги агабытын аьыйар аьыыбыт кыралаан умнуллан барбыта. Бириэмэ тугу эмтээбэтэгэ баарай, ханнык да аьыылаах сурэги эмтиир буоллага. Мин иккис кылаас уерэнээччитэ буолбутум. Биир кун кунус уерэнэн кэлэн эбиэппитин сылбаххай ууну кытта арыыта суох килиэп сии олорбуппут. Ийэбит бугун того эрэ санаата улахан туьэн олороро.
Ытаан бутэн уоскуйан баран хоспохпутун арыйа баттаабытым уонна урут биьигини олордон соьон детсадка илдьэр эргэ салааскаларын соьоммун тыа диэкки суурэ турбутум. Санаабар тыага киирдин да мас ыьылла сытара буолуо диэммин. Суох, мас хантан кэлиэй? Ону ол диэбэккэ мин еьес санаабар тонуу хаары хаьа-хаьа онон-манан сытар хаппыт мутуктары итигэстээн салааскабар кыстыы сатаабытым. Икки чаастан ордук оннук хостуу сатаабытым буолуо. Ынырык тымныы этэ, атахпар кэтэ сылдьар унтуум иьэ барыта хаар буолбута, дэлби агылаабытым, тыынарбар кытта ыараан хаалбыта. Ону ол диэбэккэ салааскабын толорбутум уонна оннукпун соьоммун нэьиилэ дьиэм диэкки бара турбутум. Дьиэбэр тиийбитим ийэлээх эдьиийим миигин суохтаан аймана сылдьаллар этэ. “Сэмэнчик! Ханна сырыттын? Саатар халын бэргэьэгин да кэппэтэххин. Тонмуккун агай дии!” диэн урдубэр туспуттэрэ. “Ийээ, мин мас соьон агаллым”, - диэн мегуллубут киьи быьыытынан ботугураан эппитим. “Туох маьын этэгин?” – диэбитинэн ийэм итэгэйбэтэхтии таьырдьа тахсыбыта уонна салааскага хаппыт мутуктар сыталларын керен уербутэ: “Оо, огом барахсан. Хантан бу ыллын? Тыаттан дуо? Того тыа5а бачча тымныыга бэйэн барагын? Уонна бу мутук сыыьа умайдагына даганы туох сылааьы таьаарар уьу?” диэбитэ миигин сыгынньахтыы-сыгынньахтыы. Мин дэлби тонмут этим. Тономмун мэктиэтигэр атахпын билбэт буолбут курдугум. Дьиэгэ сылааска киирбиппэр танаспын кытта бэйэм инчэйэн хаалбытым. Оннук курдук биьиги биир кун оттор мастаммыппыт. “Ийээ, аны мин кун аайы да баран итинник мас мастыам”. “Суох, Сэмэнчик, хайдах буолагын?! Тыага тымныы, эьэ-бере да сиэ дии! Аны итинник барыма, мин кенуллээбэппин! Ол кэриэтэ мин бэйэм ханна эмит баран кыралаан хомуйуом”, - диэбитэ ийэм. Уонна таннан баран киэьээ харанарыыта салааскатын соьон бэйэтэ ханна эрэ барбыта. Ханна бардагай диэн мин дьиктиргии санаабытым. Тыага бардага дуу? Бэйэтэ эппитэ дии эьэ-бере баар диэн. Аны эьэгэ-береге сиэтиэ диэн куттана санаабытым. Ийэм уьаабатага, чаас анара курдугунан кэлбитэ. Таьырдьаттан хайытыллыбыт мас бегену киллэрэн оьогун оттон барбыта. Уонна тута биьиэхэ эппитэ: “Ийэбит мас булан агалла диэн кимнэ да кэпсээйэххитий!” Кэнники билбитим ийэм ол киэьээ чугас олорор ыалларбыт саьааннарыттан мас соьон агалбыт этэ. Багар уйэтигэр ол бастакы уорааьына эбитэ буолуо. Кэлин даганы мас буттэгинэ кини наар оннук салааскатын соьон ыал саьааннарыттан ыла барар этэ…
ус кун оронтон турбакка сыппытым. Сэниэм олох суога. Уьус кунугэр ыарыыбын тулуйбакка ейбун сутэрбит этим. Теье уьуннук сыппыппын билбэппин. Арай уьуктубутум дэриэбинэбит биэссэрэ Натааьа миэхэ тугу эрэ сыттата-сыттата уьугуннара сатыы олороро уонна укол биэрбитэ. Кини аттыгар ийэм ытыы олороро. Биэссэр эппитэ: “Ойогостоппут (пневмония). Сарсын сарсыарда улуус киинигэр балыаьага сыта киириэн наада. Пневмония кутталлаах ыарыы”. Итини истэн ийэм ессе ордук ытаан барбыта, кини санаатыгар пневмония киьи елер ыарыыта диэн саныыра буолуо. Урут эмп-томп мелтегер пневмонияттан элбэх киьи елере, билигин даганы елеллер эбит. “Чэ, уоскуй, утуеруеххут буоллага дии. Сарсын хайаан да балыаьага киириэххитин наада. Оо-дьэ саатар сарсын еребул дии. Улуус киинигэр барар массыына саатар суох. Хонтуора массыынатын кэпсэтэн ыыттарыам”, - диэн биэссэр Натааьа ийэбин уоскуппута уонна тахсан барбыта. Сарсыныгар сарсыарда нэьилиэк хонтуоратын массыыната миигин ийэбинээн улуус киинигэр балыаьага илпитэ. Балыаьага киллэрэн баран ийэм массыынаны кытта теннубутэ. Мин балыаьага бэйэм хаалбытым. Балыаьа диэн санаабар наьаа учугэй курдуга. Ого беге, куну быьа оонньоон тахсабыт. Уонна саамай учугэйэ диэн уерэммэппит. Огого онтон ордук дьол туох баар буолуой. Арыт биир эмит кун дэриэбинэттэн ийэм эбэтэр эбээм керсе кэлээччилэр. Ол балыаьага сытарбыттан биир тугэни ейдеен хаалбыппын. Биьиги нэьилиэктэн эмиэ мин саастыы Тома диэн ааттаах кыыс киирбитэ, эмиэ пневмония эбит. Состоянията олох куьаган этэ, аны куустээх антибиотик эмтэри тулуйбат уьу. Арай биир киэьээ олох температурата ынырык тахсыбыта. Сиэстэрэлэр айманыы бегелер этэ. Дежурнай быраас “срочно реанимацияга кеьерун” диэбитэ. Агыйах хонук оннук реанимацияга сытан ол кыыс елбутэ… Хаарыан ого… Детсад эрдэхтэн биьи бииргэ улааппыппыт. Детсадка наар уп-улахан манан бантиктаах кэлээччи. Ол иьин мин кинини кистээн себулуу керерум. Уонна ол себулуур санаабыттан кыбыстаммын биллэримээри наар ол кыыьы дьиибэлиирим, мап-манан бантигыттан тардарым. Кыыьым эрэйдээх уоьун чорбото-чорбото баспытааталга унсэрэ. Баспытааталлартан элбэхтик сэмэлинэрим, хаста да муннукка тура сылдьыбыттаахпын.Ол киэьээ эмискэ мин этим-хааным итийэ туспутэ. Улаханнык температуралаабыт этим. Хайыай, маарыыны быьа тонуу хаары кэьэн агылыы-агылыы мас итигэстээбитим ити буоллага. Ыалдьан ол киэьээни быьа ороммор сыппытым. Ийэм тугу эрэ этэ-этэ туох эрэ эмп дуомун миэхэ иьэрдэрэ. Сарсыныгар даганы ыарыым ааспатага, температурам олох туспэт, сетелуннэхпинэ тынам уотунан аьыйара, тебем ыалдьара. Оннук курдук дьиэбэр икки
Балыаьага ыйтан ордук сыппытым. Санаабар балыаьа наьаа учугэй этэ. Аьа даганы минньигэс буоллага, биьи дьиэбитигэр туох учугэй ас кэлиэй. Куруук килиэп, этэ суох макарон, биирдэ эмит уп-убагас мин иьэрбит. Ол да буоллар ардыгар дьиэбин ахтаахтырым. Дьэ оннук курдук эмтэнэммин утуербутум уонна дьиэбэр тахсар кэмим кэлбитэ. Ийэм кэлэн ылан барбыта. Дьиэбитигэр тиийбитим – дьиэбит уруккутун курдук турара, туох да тупсубатах, аьыыр аспыт ессе мелтеебут курдуга. Арай дьиэбит сылаас этэ. Куруутун отторго мас баар буолара. Сотору-сотору ийэм салааскатын соьон мас агалар буолбут этэ. Оо, куьаган да кэмнэр этэ. Киьи киьиэхэ сатаан тылынан кыайан эппэт кэмнэрэ… Сэрии эрэ сагана маннык аччыктыыллара буолуо. Билигин санаатахпына олох харагым харанаран ылар, бэйэбитин аьынабын… Биир кун олорон олус аччыктаабыппыт агай, аспыт кураанахтаммыта агай. Мин тулуйбаккабын “Мама, мин аччыктаатым”, - диэбитим. “Оо, оголорум муннаахтар. Эбээ аныгыс нэдиэлэгэ биэнсийэ кэллэгинэ харчы ыытыах буолбута. Онуоха дылы тугу аьаан олорорбут буоллагай. Агыйах бытархай баар буолуохтаах этэ, саатар килиэпкэ тиийэрэ дуу”, - диэбитэ уонна ыскаапка танастарын хасыьан агыйах бытархай булбута. “Чэ, магаьыынна баран килиэп ылан керуехпут буоллага. Бытархайым кыратык тиийбэт эбит, хайдах эмит иэс кердеьен керуем буоллага”, - диэбитэ ийэм уонна таннаммыт магаьыын диэкки барбыппыт. Биьиги дьиэбит дэриэбинэ тугэгэр баара, онно магаьыыммыт дэриэбинэ ортотугар турара, онон балачча хаама туьэн бараммыт магаьыынна кэлбиппит. Магаьыынна киирбиппит киьи беге этэ. Билбиппит, дьоннорго хамнастара кэлбит кун уьу. Ол иьин хамнастарын ылаат да магаьыынна ас-уел атыылаьа кэлбит этилэр. Ол сагана хамнаьы олус уьатан биэрэллэр этэ, элбэх киьи ер кэмнэ быстара туьэрэ эбитэ буолуо. Биьиги иннибитигэр уочаракка биьиги дэриэбинэбит олохтоого Дуся диэн дьахтар турар этэ. Дуся – мин однокласнигым ийэтэ этэ, ус оголоох дьахтар, кэргэнэ котельнайга кочегардыыра, бэйэтэ оскуолага повар этэ. Ол кун хамнас кэлбит буолан тута магаьыынна атыы атыылаьа диэн кэлбит этэ. Илиитигэр хозяйственнай суумка тутан турара, ол суумкатыгар тугу эрэ суулаагы уктубут этэ. Арааьа ылбыт харчытын суулаан уктубута буолуо. Дуся ол туран уочаракка турар дьахталлары кытта кэпсэтэрин ейдеен хаалбыппын: “Дьэ кыьалгалаах да кэмнэр буоллулар. Хамнас ер даганы кэлбэт, харчы тиийбэт. Урут сэбиэскэй сагана маннык буотах этэ, улэлээтин да харчын таах кэлэ
олорор буолара” – диэбитэ Дуся. Онно кини кэпсэтиитигэр детсадка остуораьынан улэлиир Фрося кыттыьа туспутэ: “Оо, этимэ даганы, сэгэриэм, кыьалга беге ууннэ. Билигин улэлиир да киьи аччыктыыр. Туохха-туохха баран эрэрбит буолла. Хамнаскыт теье кэллэ?”. Онуоха Дуся эппитэ: “Кэлэн да диэн ханнык эмэ кэллэ. Чэ син кыратык айах ииттэргэ тиийэрэ буолуо”. Дьэ ол курдук дьоннор биирдии-биирдии атыылаьан испиттэрэ. Мин ол туран наьаа да ымсыыра санаабытым. Кинилэр багарбыттарын ылаллар, кэмпиэт-сакалаат, рис, гречка, кэнсиэрбэ, халбаьыы, бичиэнньэ. Онтон биьи килиэп да ыларбыт багалаах, саатар ол килиэппитигэр да харчы тиийбэт. Дуся уочарата кэлбитэ. Биирдии-биирдии тугу ыларын этэн испитэ, онуоха биридибиэс Рита ол эппит аьын барытын ыла-ыла агалан ыйааьынна ыйыы-ыйыы суоттаан иьэрэ (ол сагана стрелкалаах ыйааьын баара дии, ейдуугут дуо). Атыылаьан бутэрин сагана биридибиэс теье эрэ сумманы эппитэ. Арай Дуся телеьееру сумкатын арыйбыты харчыта суох! “Хайа харчыбын ханна гыммыт багайыбыный?! Маарыын уктан кэлбит курдугум дии. Аара туьэрэн кэбистэгим дуу! Сор да буолар эбит!” – киьи куйахатын куурдуех курдук аймана туспутэ. “Аара туьэртин буолуо, баран кердее. Ким эмит ылан кэбиьиэ дии” – дьахталлар киниэхэ субэлээбиттэрэ. “Хайдах туьэрбит багайыбыный. Киирэрбэрэмиэ да баар курдуга. Сыыьа кербут мунум буоллага” – диэн ыксаабыта. Итинник аймана-аймана Дуся ыксаабыттыы тахсан барбыта. Магаьыын иьигэр дьоннор соьуйан ньамалаьыы бегелер этэ. Дьэ ийэбинээн биьи уочараппыт кэлбитэ. Арай соьуйуом иьин ийэм килиэп ылбатага, биирдии-биирдии ас бегену атыыласпыта, араас кэнсиэрбэ, курууппа, бичиэнньэ, халбаьыы, бэл сакылаат кытта ылбыта. Сакылаат диэн аьы агам тыыннаагар баай эрдэхпитинэ сиирбит. Мин соьуйбутум агай, маарыын эрэ килиэп да ыларбытыгар харчы тиийбэт курдуга дии. Ас бегену ылбытыгар биридибиэс Рита суоттуу-суоттуу ийэбиттэн ыйыппыта:Дьэ оннук биьи икки суумка тобус-толору ас беге ылан дьиэбитин диэкки бара турбуппут. Мин уеруубуттэн атагым сири билбэт буолбут этэ, тургэнник дьиэбитигэр тиийэн сии эрэ охсубут киьи диэн санаалаагым. Дьиэбитигэр тиийбиппитигэр эдьиийим Ньургуйаана соьуйбута агай:
Агабыт елуегуттэн ыла маннык тото аьаабыппытын ейдеебеппун. Бу аага олорор дьон багар соьуйуоххут кини бу хантан маннык атыыласта диэ. Мин бэйэм да соьуйбутум. Ону кэлин биирдэ билбитим. Мин ийэм ого эрдэхиттэн наар сурунар дневниктаах буолара, ол дневнигын кэнники аахпытым маннык диэн суруйбут этэ (кини наар нууччалыы суруйар этэ, ону бу сахалыы тылбаастаан кылгатан суруйуом): “Бугун уйэбэр бастакыбын туора дьонтон ыллым. Бэйэм бэйэбиттэн кыбыстабын. Кэмсиннэхпин. Дуся эрэйдээх… Кини эмиэ наьаа кыьалгалаахтык олорор, ус оголоох дьонно астара бэйэлэригэр тиийбэтэ буолуо. Хас да ыйы быьа мунньуллан сыппыт хамнастара биирдэ кэлэн баран суох буолан хааллага. Тиийэммин мин харчыгын ылбытым диэн теннерерум дуу? Ээ, кэбис, суох. Позор дии. Уонна ханнык сирэйбинэн кинини керуемуй. Иэдээним да буолар эбит. Хайдах гынан аньыыттан тахсыамый. Бу кэриэтэ елбут ордук диэн саныыбын. Кэбис! Тьфу, тьфу, тьфу… Мин еллехпунэ оголорум хайдах буолуохтарай… МИН АНЫ ХАЬАН ДА УОРУОМ СУОГА! Танара диэн баар буоллаххына, бырастыы гын, алгас инник гыммыппын. Оголорум барахсаттар аччыктаатыбыт дэьэллэр ээ… Хайдах гыныам баарай. Оо, Ганя, Ганя того эн миигин быраган бардын? Хайдах салгыы эйигинэ суох сатаан олоробун. Иэдээним да буолар эбит. Оголорбут сыыстара хайдах буолуохтарай?”. Дневнигар кини ити курдук суруйбут этэ. Дневнигар туох баар кистэлэн санаатын барытын суруйар этэ. Ессе суруйарын быыьыгар кини наар ытыыр эбит. Кумаагыга харах уута
инчэйэ сылдьан куурбута баар буолааччы. Бу кэнники ол дневнигын мин булан ылбытым уонна барытын аахпытым. Мантан иннэ ейдеммет тугэннэргэ мин кини дневнигыттан кылгастык суруйар буолуогум. Ийэм эрэйдээх. Оголорум аччыктаан елбетуннэр диэн кыьалгаттан итинниккэ тиийби эбит. Кэнники ол дневнигын аагарбар мин уйадыйан ытаан ылбыттаахпын, ийэбин аьынан… Ийэм барахсан… Билигин да санаатахпына куьаган буолабын.Дэриэбинэ устунан Дуся хамнаьын ылан баран магаьыынна баран иьэн ханна эрэ хаар быыьыгар туьэрбит диэн сурах таргаммыта. Ол туспут харчы хантан кестуей, ханна эрэ хаар быыьыгар туспутун саас хаар уулуннагына багар кестуе диэн дьоннор ырытыьаллара. Ким даганы уордарбыта эрэ буолуо дэспэттэрэ, буолаары буолан мин ийэм уордага буолуо диэн санаабатахтара. Бука итинник диэн ким эмит кэпсиирэ да буоллар итэгэйиэ суох эбиттэр, хайдах итиччэ мааны дьахтар, ессе ого сылдьан тойон киьи кыыьа хайдах уоруой? Дьэ ол курдук ийэм Дусяттан харчытын уорбутун кэннэ биьиги биир-икки ый курдук син тоттук олорбуппут. Куннэр дьыллар ааьан испиттэрэ сана дьыл буолар кунэ уунэн кэлбитэ, биьиэхэ оскуолага сана дьыл киэьэтэ буолуохтаах этэ. Хас да хонук инниттэн миигин куоска буолагын диэбиттэрэ, онтон эдьиийбин хаар буолагын диэбиттэрэ. Онон ийэм эрдэттэн миэхэ маскараад тигэн сагалаабыта. Аны туран ийэбин оскуолага вечерга кэлэн хаарчаана буол эрэ диэн кердеспуттэрэ. Ийэм аккаастаабатага, уерууну кытта себулэспитэ. Инники этэн аьарбытым курдук кини артыыс талааннаах этэ, кулууп сценкаларыгар, спектакларыгар наар кыттара. Кини эдэр сылдьан оскуоланы бутэрэн баран артыыс уерэгэр туттарсаары гыммытын ол сагана тыыннаах тойон эьэм себулээбэтэх. Хайдах артыыс буола сылдьыаный, уонна артыыстаан айаххын хайдах ииттиэний диэн кыыьырбыт. Онон ийэм Москвага баран атын урдук уерэххэ киирбит этэ. Багар кини артыыс буолбута буоллар учугэй артыыс буолуо эбит.
Дьэ ол курдук оскуолабытыгар сана дьыл киэьэтэ буолара бу тиийэн кэлбитэ. Биэчэргэ барарбытыгар танна турдахпытына ийэбит биьиэхэ эппитэ: “Оголоор, бугун эьиэхэ подарок биэриэ суохтара. Онон соьуйаайаххытый. Подарокка кыттыьарга харчыбыт тиийбэтэ”. Биьи хомойбуппут агай, онуоха ийэм эппитэ: “Чэ санаагытын туьэримэн. Сана дьыл туун ёлка анныгар дед мороз кэлэн подарок ууруо буоллага дии”. Дед морозка мин итэгэйбэт этим уонна хантан кэлэн ууруой. Онон настырыанньата суох оскуолага биэчэргэ барбыппыт. Биьи эрэ настырыанньабыт суох буолбатах этэ, дэриэбинэгэ элбэх киьи настырыанньата суога. Того диэтэр сана дьыл иннигэр хамнас кэлбэтэх уьу, онон дьоннор харчылара суох буолан бырааьынньыктыыр харчылара суога. Ол да буоллар кинилэр оскуолага сана дьылга оголоругар подарок биэрэргэ харчынан кыттыспыт этилэр, арай биьиги эрэ ийэбит кыттыспатагыттан мин наьаа хомойбутум. Дьэ ол курдук биэчэр сагаламмыта. Кыракый сана дьыллааны спектакль буолбута, мин куоска буолан кыра согус оруолу оонньообутум. Оонньуу кэнниттэн Дед Мороьу ынырыахха диэн буолбута. Подарок ылаары ыксаа уерсубут оголор “Дед мороз, Дедушка Мороз” диэн хаьыытаспыттара, арай мин эрэ подарок ылбаппын билэр буолан хаьыытаабатагым Дед Мороз кыьыл танастаах киирэн кэлбитэ, Дед Мороьунан биьиги физкультурабыт учуутала буолбут этэ, онтон хаарчаанан эппитим курдук мин ийэм. Дьэ оннук курдук Дед Мороз оголору биирдии-биирдии ыныра-ыныра подарок туттартаабыта, онтон биьи эдьиийбинээн тугу да ылбаппытын билэр буолан нэьиилэ хомойон олорорбут. Мин ытаамаары уоспун быьа ытыра сатыы-сатыы олорбутум. Арай ол подарок туттарарыгар икки огого подарок тиийбэтэгэ. Оскуола урдунэн аймалган буолбута. Ол маппыт оголор тереппуттэрэ кэлэн учууталларга айдаараллар агай этэ.
Сарсыныгар биьиги ийэбит уонна эдьиийим буолан эбээбитигэр чугас дэриэбингэгэ
сана дьыллыы диэн барбыппыт. Билиннээннэ дылы ол сана дьылы умнубаппын. Уьуеммутуттэн ким да иннибитигэр кэлэр сылга туох буолуохтаагын сэрэйэн да кербет буоллахпыт…Оннук курдук сана дьыл бырааьынньыктара ааспыттара, биьиги кыьыны каникулларбыт бутэн уерэхпитигэр теннубуппут. Урут сана танас диэни кэппэт бэйэбит ийэбит сана танас беге атыылаьан агалбыта уонна кэтэхпититтэн имэрийэ-имэрийэ эппитэ: “Оскуолага хантан танастанныгыт диэн ыйыттахтарына, куораттан убайбыт ыыппыта диэрин”, - диэбитэ. Ханнык убайдаахпытын билбэппит, ол иьин Ньургуйаана: “Маама, ол ханнык убайдаахпытый?”, - диэн интириэьиргээн ыйыппыта. “Убайдаахпыт диэрин да буттэ, атыны тугу да санараайагыт”, - ийэм куолаьын соноппута.
Каникул кэнниттэн тохсунньу биир тымныы кунугэр ол сана танаспын таннан оскуолага тиийбитим, санаабар мин сага мааны киьи суох курдук. Кылааспар киирбиппэр бары соьуйа туспуттэрэ, бэл учууталбыт “Сана ого кэллэ дуу?” диэбитэ. Онноогор наар мин куьаган танастаагым иьин сэнээн тахсар кылааспыт бастакы “хоруола” уол соьуйбут курдуга.
Дьэ оннук курдук олохпут тупсубута, урукку курдук аччыктаабат буолбуппут. Санаабар куоракка олорор хаьан да кербетех да, истибэтэх да убайбар махтанарым. Эдьиийим 6 кылаас этэ, кини сааьыгар кыргыттар киэргэнэн буолан эрэллэрэ, ийэм кинини маанытык таныннарар буолбута: “Мин да огом оготтон хаалсыбатын ээ” диэхтиирэ. Биьиги оголор хантан билиэхпитий ийэбит хара дьыаланан дьарыктанан биьигини иитэн олорорун.
Онтон биирдэ кулун тутар ый сааскы кунугэр дэриэбинэ урдунэн айдаан буолбута. Махсыымап Ыстапаан кэргэнэ Роза туох баар кемуьун сутэрбит уьу. Ханна сутэрбитин ким да билбэт. Сэрэйэллэринэн, 4 саастаах уоллара мэниктии сылдьан сутэрбит уьу. Ол сагана, тункэтэх тыа сиригэр уоруу-халааьын диэн суох буоллага, онон куруе намыьахтыы кыра огого балыйан кэбиспиттэрэ.
Аны туран ийэбит сотору-сотору улуус киинигэр киирэ чаастатыйбыта, ханна барарын ыйыталастахха: “Ээ, аймахтарбар баран кэлэбин” диирэ биьиэхэ. Онтон дьуегэлэригэр: “Ыарытыйар буолан эрэбин, ол иьин кердерунэ киирэбин”, - диирэ. Онуоха дьуегэлэрэ: “Кэргэнин аьыытыгар доруобуйан мелтеетеге дии”, - дэьэллэрэ. Ийэм утуерэ огустун диэн мин кистээн танараттан кердеье сатыырым, танара диэн тугун да билбэт буолларбын. Ийэм еллегунэ хайдах буолуохпутуй диэн, детдомна ыытыахтара диэн. Ол да буоллара оголоро керербутугэр кини ыалдьыбат курдуга, бэл эмтэнээччитэ суога. Арай дьуегэлэригэр уонна дэриэбинэ олохтоохторугар эрэ ыалдьар буолан кубулунар буолбута.
Ол кэмнэрдээги ийэм дневнигын биир лииьиттэн тылбаастаан суруйуум:
буолуо дуу??? Чэ мин туох да буолуум, оголорум эрэ этэннэ сырыттыннар. Бугун кунус оголор оскуолага сырыттахтарына суоппар Уйбааннаахха бара сырыттым. Тиийбитим дьиэлэригэр ким да суох эбит, ааннарын баттатаннар ханна эрэ барбыттар. Дьиэбэр теннееру гыммытым, арай испиттэн миигин туох эрэ тутар, “дьиэгэ киир” диэн миэхэ этэр курдук. Наьаа да куьаган санаа ээ. Сатаан туттуммакка дьиэлэрин баттыгын сыгарытан дьиэлэригэр киирэн кэлбитим, ханна барбыттара буоллагай диэн. Хосторугар киирэн ыскааптарын хаьан киирэн бардым, багар хаччыларын онно уураллара буолуо диэн. Кердуу сатаатым да тугу да булбатым. Арай, бу алдьархайы! Хоско турдахпына ким эрэ кэллэ, тэрээьэгэ атагын тыаьа иьиллэр. Оо буттум, хайдах буолабын ханна саьабын диэн санаатым. Арай маннык эрэ гыннахпына сааттан быыьанабын диэн – тургэн улугэрдик ыскаапка малы дьаарыстаан уга огустум уонна орон анныгар киирэн саьан хааллым. Кэлбит киьи дьиэгэ киирдэ, суоппар Уйбаан кэлбит этэ. Хата киьим ааммыт арыйбыттар диэн аймаммата, арааьа кэргэнэ кэлэн киирбитэ буолуо диэн санаатага буолуо уонна ынараа хоско баран оронугар сытынан кэбистэ. Багар утуйуо дуу? Мин орон анныгар чаас курдук тыаьа суох сыттым, онтон утуйда быьыылаах диэммин тыаьа суохтук уемэн тахсаммын суурэ турдум. Тутуллубатым. Кэбис, аны инник гынан бутууьукпун. Сэрэхтээх!”“Кэнники бэйэбиттэн наьаа куттанар буоллум. Хайдах мин манныкка тиийдим? Кэнники сатаан бэйэбин туттуммат буоллум. Ого эрдэхпиттэн атын киьи келеьунунэн булбутун ылар табыллыбат дииллэрэ. Ол да буоллар сатаан туттуммаппын… Хаьан эмит тутулларым
Дьэ этэн ааспытым курдук ийэм улуус киинигэр киирэрэ элбээбитэ, саас хаар хараарыыта уьуннук барар буолбута, ардыгар 2-3 хонооччу. Оччогуна биьиги эбээбитигэр барааччыбыт. Ийэбит ол баран куруутун биьиэхэ кэьии аглара, агалар сакалааттарын минньигэс амтанын билиннээннэ диэри ейдуубун. Уруккубут курдук аччыктаан буппуппут.
Арай биир кун ийэбит ол баран кэлэригэр биир 40-чэ курдук саастаах киьини сиэтэн илдьэ киллэрбитэ. Ол киьи сирэйигэр улахан шрамнаах этэ. Биьиги соьуйбуппут агай, арааьа били кэпсиир агабыт убайа дуу диэн санаабыппыт. Суох оннук буотах этэ, ийэбит сиэтэн агалан биьиэхэ эппитэ:
Биьиги хайыахпытый, теье да испитигэр себулээбэтэрбит, утарсыбат буоллахпыт. Сергейи мин атыныраабытым, хаьан даганы “папа” диэбэт этим. Мин агам киниэхэ тэннээтэххэ кун курдук ордук буоллага дии. Сергей арыгыны иьэрин себулуур этэ, итирэн баран: “Того миигин папа диэбэккит?! Мин эьиэхэ папа буолабын, эьиги папагытынаагар быдан ордукпун!” – диэччи уонна алларастыы-алларастыы кулээччи. Биирдэ ийэм уонна Сергей суохтарына эдьиийим Ньургуйаана эппитэ: “Ити Сергей хаайыыга олоро сылдьыбыт эбит дии”. Оннук Сергей хаайыыга олоро сылдьыбытын билбиппит, туох буруйу онорон киирбитин билбэтэхпит, босхолонон тахсыбыта ырааппатах эбит. Ийэм ол Сергейы таптыыр курдук этэ, наар чыычаах диэн ынырааччы. Арай ол олордохрпутуна сайын ыьыах иннинэ улахан айдаан буолбута – дэриэбинэбит хонтуоратын булгахтериятыгар кэлбит харчыны (дьонно хамнас биэриэхтээхтэр этэ) туун туннугу алдьатан киирэннэр халаан ылбыттар. Дьоннор аймалган беге буолбуттара, хамнаьа суох хааллахтара дии. Центртан милииссийэ беге тахсан силиэстийэлээбиттэрэ, дьонтон боппуруос беге ыйппыттара. Сергейга эмиэ кэлэннэр ыйыталаспыттарыгар Сергей эппитэ: “Суох, ол кун биьиги кэргэмминээн утуйа сыппыппыт. Тугу да билбэппит. Сарсыныгар айдаан беге буолбута, онно биирдэ эрэ истибиппит”, - диэн эппитэ. Оннук курдук ааспыта, ол кэнниттэн уруккуларын курдук ийэм уонна Сергей онно-манна бараллара агыйаабыта, бэл улуус киинигэр киирэллэрэ тохтообута. Биир киэьээ киэьээнни аьылыкпытын аьаары олорбуппут. Ньургуйаана уонна ийэм ас бэлэмнии сылдьаллар, Сергей хантан эрэ кыра холуочук кэлбит этэ уонна улаханнык кыыьыра олорор курдук этэ. Ньургуйаана киниэхэ чэй кутан агалбытыгар Сергей хаьыытыы туспутэ:
Ньургуйаана соьуйан бете бэрдэрбитэ уонна эппитэ:
Ол кэнниттэн Сергей кыыьырбыт киьи быьыытынан ону-маны санаран киирэн барбыта, баллыгырыы-баллыгырыы олорбута. Эдьиийим ол сагана улаатан эрэр кыыс буолан бэйэтин кемускэнэр буолан эрэрэ, тулуйбакка хаьыытыы туспутэ:
Ол онно билигин агай санара олорбут Сергей бэйэтэ соьуйан туох да диэн булбатага, туох эрэ диэн багарар быьыылаах этэ даганы сатаан санарбатага. Арай онуоха диэри тугу да санарбакка олорбут ийэм:
Итинник кэпсэтэ олордохторуна эмискэ этин этэн саайарын курдук Сергей остуолтан ойон турбута уонна Ньургуйаананы баттагыттан соьон хоско киллэрбитэ уонна кур ылан таьыйан барбыта. Ыьыы-хаьыы беге буолбуттара. Мин сатаан тулуйан кербеккебун таьырдьа ойон тахсыбытым уонна харагым ханна керерунэн, атагым ханна илдьэринэн инним диэкки суурэ турбутум. Бэйэбин таьыйбыттарын курдук ытыы-ытыы суурэрим. Суох ити дьиэгэ мин теннуем суога! Ханна барабын? Ханна хонобун? Таьырдьа теье да сайын буолбутун иьин туунун серуун согуьа. Эбээбэр барыахха. Кини биьиги дэриэбинэттэн ыраага суох сиргэ олороро, 15 км. курдук ыраах сиргэ. Уонна эбээм дэриэбинэтин диэкки суурэ турбутум. Тууну быьа бырдахха сиэтэ-сиэтэ агылаабытынан эбээм дэриэбинэтигэр суурэн кэлбитим. Уоскуйа туьэн баран эбээм тэрээьэтин аанын тонсуйбутум. Туун хойут буолан, эбээм утуйа сытар быьыылаага. Тохтуу туьэн баран ааны тонсуйар тыаьы истэн эбээм барахсан туран ааны арыйа кэлбитэ уонна миигин керен соьуйбута агай:
Эбээм миигин кууьан баран сууспуттэн сыллаан ылбыта дьиэгэ киллэрэн аьаппыта. Эбээм биир наьаа учугэй блюдалаах этэ – килиэби эбэтэр лэппиэскэни кыра гынан кырбаан баран суегэйгэ кутара уонна ону саахардаан баран буккуйан кэбиьэрэ. Ол оннук тапталлаах минньигэс аспын сиэн баран эбээм хоонньугар киирэн утуйан хаалбытым.
Эбээбэр 3-4 хоммутум быьыылаага. Эбээм барахсан соготох олороро, биир Куурусса диэн ааттаах ыанар ынахтаага. Ол ынагын того бэрт дьиктитик ааттаатахха диир эбит буоллахха, ол ынах ньиирэй сылдьан олбуорга кууруссалары кытта сырса оонньуур эбит, ол иьин Сибэкки диэн аатын уларытаннар Куурусса диэн ааттаабыттар. Эбээм соготох буолан оттуур киьитэ суога, ол иьин чугас ходуьатыгар киирэн бэйэтэ от охсон, ону кэбиьэн соготох оттуур эбит, ол Куурусса диэн ынагын аьатаары. Кыьынын отун хата дьоннор тиэйэн агалан абырыыллар эбит. Эбээм барахсан, эбээ диэни билэр ханнык багарар огого дьол буоллага. Кини эмиэ тереппут ийэ курдук кунду буолар буоллага! Эбээбэр оннук олордохпуна биир кун ийэм тиийэн кэллэ, миигин ыла кэлбит эбит. Эбээм ийэбин меге тоьуйда:
Итинник курдук кэпсэтии буолбута. Онтон кунус чэйдии олордохпутуна эбээм ийэбиттэн ыйыппыта:
Аьаан бутэн бараммыт ийэбин кытта сиэттиьэн дьиэбитигэр барбыппыт. Уруккубут курдук олорбуппут, Сергей иьэрин иьэр этэ. Хата кэнники уруккутун курдук кыыьыран кэлэн бардьыгынаабат буолбута. Биир киэьээ харанарыыта оголор утуйаары сыттахпытына. Ийэм уонна Сергей сугэ уонна биэдэрэ туппутунан ханна эрэ барбыттара. Ер согус буолбуттара, арай сана нухарыйан истэхпинэ теттеру тиийэн кэлбиттэрэ уонна таьырдьа тугу эрэ тыаьыыллар агай этэ, тугу эрэ соьор курдуктара. Мин олуьун интириэьиргээн таьырдьа кере тахсыбытым. Арай кербутум – Сергей эт эттээн буппут уонна онтукатын булууска киллэрэ сылдьар, онтон ийэм киниэхэ-илии атах буолан кемелеьер. Сэрэйдэххэ ханна эрэ суеьу елерен кэлбиттэр быьыылаах.
Мин киирэ охсон утуйан хаалбытым. Сарсыныгар сарсыарда турбуппар дьонум эт соккуойдаабыттар этэ. Олох сип-сибиэьэй, минньигэс да эт этэ. Аьыы олордохпутуна ийэбит эппитэ:
Биьиги “сеп” эрэ дэспиппит. Ол кэмнэ дэриэбинэ устун суеьу сутэр айдаана буолбута. Улуус кииниттэн милииссийэ беге тагыста. Ыаллар булуустарын кэрийэ сылдьан эт кердууллэр уьу, уоруйагы булаары. Ону истээт дьонум аймалган беге буоллулар, таьырдьа тахсан ол эти булуустан хостооннор, Сергей агам урукку Планета мотоциклынан ол эти кистии диэн тыага барбыта. Ол бараатын кытта тута биьиэхэ милииссийэлэр кэлбиттэрэ уонна булууьу хаьыспыттара:
Ити тубэлтэ кэнниттэн сэрэхэчийэннэр дьонум тохтообуттара, нэьилиэк урдунэн ынах-суеьу сутэрэ тохтообута диэххэ сеп. Аны туран ийэм уонна Сергей улууска киирэр дьаллыктаммыттара. Агам Планета мотоциклын миинэн иккиэн барааччылар. Баралларыгар наар сугэ уонна биэдэрэ уктан барааччылар. Ханна бараллар диир эбит буоллаххытына, кэнники билбиппинэн атын нэьилиэктэргэ баран суеьу уоран елереллер эбит уонна ол этин омуктарга туттараллар этэ. Дьэ оннук курдук ийэм уонна Сергей – икки туунну туулээх уллунах туекун дьон булсубуттара. Чэ ол биьиэхэ туох буолуой, уорар диэн куьаганын мин ол сагана кыра ого билээхтээбэт буоллагым. Учугэйэ диэн аьыыр аспыт тупсубута, ийэм биьигини таптыыра бэрт буолан наар шоколадтаах печенья агалара.
Арай кэнникинэн дэриэбинэ дьоно биьигиттэн тэйэн эрэр курдук буолбуттара, уруккубут курдук ыалдьыт сылдьыбат буолбута, бары халты хаамаллара, аанньа айах атан кэпсэппэттэрэ. Сергей арыгытын ол курдук иьэр этэ. Истэгинэ атыттартан ордуга диэн мээнэ шумнааччыта суох, ийэбин атагастаабат этэ. Арай биир кун ийэм улуус киинигэр соготогун киирбитэ, эдьиийим уонна Сергей дьиэгэ хаалбыттара, онтон мин оголору кытта келуччэгэ сетуелуу барбытым. Ого эрдэхпиттэн быьа ууну наьаа таптыыбын, уу анныгар 2-3 мунуутэ курдук умсарым, арай сайдыылаах игин сиргэ олорбуппут буоллар багар плавание спордунан дьарыктаныам эбитэ буолуо. Дьэ оннук курдук сетуелээн бутэн киэьэриитэ дьиэбэр тиийбитим – Сергей ийэм оронугар сытара уонна эдьиийбин Ньургуйаананы кууьуогун кууьан сытара. Ньургуйаана олус куттаммыт харахтардаага, субу ытаан буппут курдук сирэйдээх этэ. Мин ол сагана туох буолбутум ейдеебет буоллагым, соьуйбатагым даганы. Мин киирбиппин билэн Сергей ойон турда уонна хаьыытаата:
Дьэ оннук курдук Сергей теье да спокойнай согуьун иьин, ис иьигэр киирдэххэ дьиикэй киьи этэ. Хаайыыга олоро сылдьыбыт буоллага. Ол кунтэн ыла Ньургуйаана кулбэт да уербэт буолбута, уруккутун курдук мэниктээбэт этэ, наар соготох сылдьара, туохтан эрэ куттана сылдьар курдук туттара, нууччалыы эттэххэ наьаа “замкнутай” буолбута.
Ол курдук Сергей уьаабатага. Биир кун дьиэбитигэр олордохпуна милииссийэлэр киирэн кэллилэр уонна дьиэбит иьин барытын дьэгдийдилэр, булууьу кытта кердулэр. Елуу тубэлтэлээх диэхпэр дылы ол кун бэгэьээннитигэр эрэ суеьуну елерен агалан укпуттара, сарсыныгар куоракка киллэриэхтээх этилэр быьыылаага. Булууска суеьуну булан ыланнар милииссийэлэр Сергейы илдьэ барбыттара. Ийэм ытыы хаалбыта, Ньургуйаана уербут курдуга онтон мин уерэрбин дуу, ытыырбын дуу билбэт курдугум. Сергейы икки сылга хаайыыга олорорго уураахтаабыттара. Ийэм олох буорайа сыспыта…
Арай биирдэ биьи дьиэбитигэр эбэбит эмээхсин киирэн кэлбитэ уонна ийэбэр ытыы-ытыы эппитэ:
Куннэр-дьыллар ааьан испиттэрэ, мин 10 сааспын туолар куммэр сарсыарда дэриэбинэбит олохтоого Балбаара диэн кэлбит-барбыт, сытыы, саналаах-инэлээх дьахтар киирэн кэлбитэ уонна ийэбин ыххайан барбыта:
Ийэм суускэ огустарбыт курдук дейе туспутэ уонна тохтуу туьэн баран:
Балбаара ону истээт да да этин этэринии дэлби барбыта:
Ийэм онно сирэйин онно керуеххут этэ, олох уларыйа туспутэ, хаьыытыы туспутэ:
Киьи эрэ буоллар Балбаара санарбатага, арааьа ийэм куотунаары эппитигэр итэгэйдэгэ буолуо… Оннук курдук иккиэн Натааьалаахха барбыттара. Онно тиийэн ийэм Натааьага “Того сымыйанан балыйагын, миигин икки оголоох дьахтар оголорун тулаайах хааллараары гынагын дуо?” диэн аймалган таьаарбыт. Артыыс талаанын киллэрдэгэ дии, киьи итэгэйиэн эрэ курдук этээччи. Ол онон хаалбыта, ийэм ууттан кураанах тахсыбыта.
Ол кэнниттэн биьиги ааппыт-суолбут харааран барбыта. Ити тубэлтэ кэнниттэн бастаан туох эрэ сыыьа тагыстага, эбэтэр биэссэр Натааьа сыыьа кербутэ буолуо диэн буолбута. Балбаара уордарбыт мала теннубэтэгэ. Ол кэнниттэн ийэм уорара аччаабыта, олох сэрэгиэнэн эрэ онно-манна баран кэлэрэ. Ол да буоллар, дьонтон тугу уьуннук кистии сылдьыаный, буолаары буолан кыра дэриэбинэгэ. Дьоннор сэрэйбиттэрэ, саатар ийэм бэйэтин сатаан туттуммакка уорарын сатаан бырахпат буоллага, кыралаан дьон дьиэтигэр киирэн эбэтэр магаьыынна бардагына Аны туран Сергей хаайыыга киирбитин дэриэбинэ олохтоого бары билэллэр, хата Сергей сууттанарыгар силиэстибийэгэ ийэбин уган биэрбэтэх этэ, буруйу барытын бэйэтигэр уйуммут этэ. “Уоруйах Сергей кыыспытын кутуругар сереен эмиэ уоруйах онорбут” дэспиттэрэ. Ийэбэр дьуегэлэрэ кэлбэт буолбуттара, тугу гына уоруйах аатырбыт дьахтарга кэлиэхтэрэй, дьон ыраагынан куотар буоллага. Ол онтон сатаан уорбат буолбута, ол курдук биьиги эмиэ аччыктаан киирэн барбыппыт.
Ону таьынан биьигини оголору эмиэ атагастыыр буолбуттара. Уоруйах дьахтар оготун кытта ким догордоьуой. Оскуолага миигин миигин наар уоруйах дьахтар оготун курдук керер буолбуттара. Наьаа кыьыылаах этэ. Биирдэ учууталлар кэпсэтэллэрин алгас истибитим: “Сеня уерэгэ мелтеете”. “Хайыай уоруйах ийэлээх ого мелтуур буоллага. Абааьы дьахтар оготун оскуолаттан да ууруеххэ баар эбит”. “Ээ, ого онно туох буруйдаах уьунуй?!”. Ити кэпсэтэр тыллар мин дууьабын тымныы мууьунан хаарыйбыттара. Ол кэнниттэн оскуолага да барыахпын багарбат буолбутум. Биирдэ аьары соготохсуйан оголор оонньуур сирдэригэр тиийбитим. Урукку атастарым-доготторум оонньуу сылдьаллара. Онуоха биир уол:
Арай ол куотан истэхпинэ кэтэгим уот аьыйа туспутэ, хаамысканан тебебун бырахпыттар эбит. Мин ол ыарыытын тулуйбакка ытыы-ытыы дьиэбэр тиийбитим. Ийэм соьуйа керсубутэ:
Онтон тугу эрэ ер да ер толкуйдаабыта уонна эппитэ:
Ол кэнниттэн агыйах хонон баран малбытын-салбытын хомунан баран массыынага киирэн куорат диэкки айанныы турбуппут. Ол онно биьигини сана олох кэтэьэрин, ийэм аны хайдах курук атын таьымна тахсарын, кимнээх биьиги олохпутугар алтыьыахтарын сэрэйбэккэ да айаннаан истэхпит.
Биьиги дэриэбинэбит куьаган суоллаагынан аатырар этэ, ардах тустэ даганы суол дьаабыланааччы. Оннук куьаган суолунан айаннаан куорат диэкки тиийбиппит. Аара мин айанна хотуолаабытым агай, массыынана сылдьарга уерэммэтэх ого буоллагым. Куоракка бастакыбын баран иьэрим, урут бэйэбит дэриэбинэбититтэн, эбээбит дэриэбинэтиттэн уонна улуус кииниттэн ханна да ырааппатах ого буоллагым дии. Куоракка киирэн баран мэндэспит улахан дьиэлэри керен сехпутум агай, эчи элбэгин. Бастаан ессе омуммар хас дьиэ баарын аагар курдуга, суустэн тахсаны ааган баран “Чэ кэбис” диэн тохтообутум, аахтахпына бутуе суох курдукпун. Ол сагана куорат билинни куораттаагар олох атын этэ, куорат киинигэр мас дьиэ беге баара, билинни курдук 9 этээстээх новостройкалар суохтара. Ол да буоллар хаьан да улахан сири кербетех буоламмын наьаа сэргии, себулуу кербутум. Куоракка киирэн баран таксиспыт ыйыппыта: “Ханна барагытый?” Биьиги ханна барарбытын билбэт этибит, баран туьэр аймахпыт да суога, аны ийэм урут бииргэ уерэммит дьуегэлэрэ бааллара буолуо да билсибэт буолан сутэртээн кээспит этэ. “Барар сирбит суох” – ийэм эппитэ. “Хайдах суогуй? Тугу гына киирдигит?” Суоппар инник диэбитигэр массыына иьигэр олорор бииргэ айаннаа кэлбит биьиги дэриэбинэбит олохтоого дьахтар айах атан кыттыспыта: “Хайыы киириэй? Эмиэ уора киирдэ ини. Акаары дьахтар, оголорун да аьыммат”. Итинник диэни ийэм тулуйан истибэтэгэ уонна умса туьэн ытаан киирэн барбыта. “Чэ оччогуна барар сиргит суох буоллагына автовокзалга туьэртиэм, салгыы ханна бараргытын бэйэгит билэр буоллаххыт”. Итинник курдук дэриэбинэбит олохтоохторо бары биьигиттэн тэйбит этилэр. Суоппар биьигини автовокзалга туьэрбитэ, бары мал беге тута сылдьар этибит. Аны туран бу туун ханна да хонор сирбит суога. Автовокзал иьигэр киирэн баран мин сылайан скамейкага охтон туьээт утуйан хаалбытым. Ол утуйа сытан уум быыьыгар иьиттэхпинэ ийэм кимниин эрэ кэпсэтэр: “Хайа, Шура, хайыы сылдьагын?” Харахпын арыйан кербутум ийэм биир билэр дьахтарын керсубут этэ. Ол сагана кыра куоракка билэр киьигин син-биир керсер буоллагын дии. Кинилэр туран тугу эрэ кэпсэппиттэрэ, онуоха ол Шура: “Ханна да хонор сиргит суох да? Мин биир билэр нуучча дьонум дьиэлэрин куортамныыллар этэ. Ол онно бара сылдьын” диэбитэ уонна ийэбэр аадырыс суруйан биэрбитэ. Аадырыьы туппутунан биьиги биир автовуска киирэн Сайсаар тугэгин диэкки айанныы турбуппут. Ол дьиэгэ тиийэн олбуор аанын тонсуйбуппутугар биир нуучча эмээхсинэ ааны арыйбыта уонна киллэрбитэ. Ол эмээхсин хайдах эрэ наьаа дьикти керуннээгэ, туохтан эрэ куттана дуу, сэрэхэдьийэ сылдьар керуннээгэ. Аны туран дьиэтэ эргэ да эргэ, олох былыргы дьиэ этэ. Сайсар тугэгэр баар дьиэ. Бэрт дьиктитик дьиэтин олус чэпчэки сыанага куортамныы биэрбитэ, аны туран ол харчытын телууругэр ийэм харчытын анара тиийбэтэгэ, ону эмээхсин “Чэ буоллун” эрэ диэбитэ уонна тургэн багайытык куотан тахсыбыта. Биьиги дьиибэргии эрэ хаалбыппыт. Ол курдук дьиэбитигэр киирэн сыгынньахтаммыппыт, малбытын сааьылаабыппыт. Дьиэбит наьаа куьаган никсик сыттаага уонна туох эрэ атын багайы энергия баар курдук этэ, миэхэ ол тута биллибитэ.
Киэьээнни аьылыкпытын аьаан баран дьиэбитигэр баар черно-белайынан кердерер телевизорбытын керен баран утуйаары сыппыппыт. Ийэлээх эдьиийим биир хоско иккиэн бииргэ сыппыттара онтон мин залга баар эргэ дьыбаанна. Хата дьиэбититтэн постельнай игин агалбыт буоламмыт барыта баара. Куну-быьа айаннаан сылайбыт дьон буолан ийэлээгим тута утуйан хаалбыттара, муннуларын тыаьа иьиллибитэ. Онтон мин сатаан утуйбатагым, саатар дьиэбит сыта да куьагана. Аны туран кэннибиттэн ким эрэ тобулу керерун курдук санаалар киирбиттэрэ, мин ого эрдэхпиттэн быьа аьагас эттээх этим, ити эбээбиттэн бэриллибит этэ. Куттаналбыттан олох сатаан кэннибин хайыьан кербеппун. Оннук курдук ер эрэйдэнэн баран сарсыарда халлаан сырдыыта биирдэ утуйан хаалбыт этим. Сарсыныгар сарсыарда туран ийэм куорат рыногар барбыта, онтон биьи эдьиийбинээн иккиэн хаалбыппыт. Куну быьа дьиэгэ черно-белай экраммытын кере-кере олорбуппут. Ол сагана интернет да, ватсап да, контакт да диэн суох буоллага. Аралдьыйарбыт диэн телевизор эрэ, оннукпут даганы икки дуу ус дуу каналы эрэ хабар быьыылаага. Киэьэлик ийэбит кэлбитэ, илиитигэр икки хозяйственнай суумкалаага, ол суумкатын толору ас беге этэ. Биьиги хантан ылбытын ыйыталаьа барбатахпыт, уорар диэни дьэ биллэхпит дии. Киэьээнни аьылыкпытын аьыы олороммут мин ыйыппытым:
Дьэ оннук курдук биир кун ааспыта. Ол кун ийэм ханна сылдьыбытай диир эбит буоллаххытына, кэнники дневнигын кербуппунэн маннык диэбит этэ: “Куоракка кеьен кэллибит. Оголорум барахсаттар номнуо дойдуларын ахтан эрэллэр. Эх, аны кэлэн дьэ сатаан теннубэт буоллахпыт. Аны туран дьиэбит наьаа да эргэ, маннык дьиэгэ хаьан да олоро да киирэ илигим. Арай Москвага уерэнэр эрдэхпинэ однокурсница нуучча кыыс Подмосковьега дэриэбинэгэ биир маннык курдук эргэ дьиэгэ олорор этэ. Ону маннык дьиэгэ хайдах олороллоро буоллар дии саныырым. Ол бэйэм аны маннык дьиэгэ бэйэм олорор буоллагым. Ол кыыс билигин Москвага биир баай киьиэхэ кэргэн тахсан олорор диэн баара. Билигин мин манныкка олорорбун керере буоллар. Тургэнник атын дьиэгэ кеьуеххэ наада, ол туьугар элбэги улэлиэххэ наада. Манна куоракка миигин ким да билбэт, онон возможность элбэх. Бугун рынокка улэлээтим. Саатар хамнас игин кэлбэт буолан дуу дьон элбэх харчы укта сылдьыбат эбиттэр, онон ханнык эмит кыра харчыны буллум. Чэ онуоха-маныаха дылы аьыырга тиийэр ини. Сарсын эмиэ барыллыа”. Итинник курдук дневнигар суруйбут этэ. Оо ийэм арай бу кэнники кини дневнигын булан аахпыппын билэрэ эбитэ буоллар кыыьырыа да эбит. Билигин суох буолан дневнига, туох баар мала барыта миэхэ хаалбыта. Ол дневнигын аагаммын бу кэпсээммин суруйарга санаммытым.
Чэ ол курдук, ол туун эмиэ сатаан утуйбатым, санаабар дьиэбит иьигэр ким эрэ баар курдук, аны туран кухняга туох эрэ кыракый тыас иьиллэрэ. Оннук курдук хас да кун ааста, мин сатаан утуйбаппын. Ийэм кун аайы куоракка баран кэлэрэ. Арай биир туун эрдэ утуйбут этим. Оннук курдук утуйа сытаммын эмискэ уьуктан кэллим. Арай харахпын аспытым догооооор! Мин утуйа сытар дьыбааным таьыгар олоппоско муус манан баттахтаах, ене биллибэт харахтаах нуучча огонньоро олорор эбит. Саатар миигин тобулу керен баран олорор. Мин куттанаммын сар келеьунум барыта тогунна, хаьыытыахпын айахпыттан сатаан хаьыы тахсыбат, аны туран сатаан хамсаабат да буолуохпар дылы куттанным. Хата ол абааьы огонньор ер олорбокко ханна туран барбыта биллибэтти сутэн хаалбыта. Мин куттанаммын харахпын симэн баран арыйбатагым. Багар эмиэ кэлбитэ буолаарай диэн. Дьэ дьиэбитигэр дьиннээхтии абааьы баарын онно биирдэ эрэ билбитим. Оннук сытаммын утуйан хаалбыт этим. Сарсыарда тураммын ийэбэр дьиэбит абааьылаах диэн этэ сатаабыппар кини итэгэйбэтэгэ. Кини сэбиэскэй кэм огото буолан абааьы да танара да диэн суох диэн иитиллиилээгэ, онон абааьыга итэгэйбэт этэ:
Ити курдук хас туун аайы сатаан утуйбатым, ардыгар эмиэ ол огонньор хос иьигэр хаама сылдьар буолааччы.
Ол тууну мин хаьан да умнуом суога. Биир олус харана туун этэ, халлаана былыттаах буолан биир да сулус суога, ол иьин таьырдьа олус харана этэ. Таьырдьа харана буолан биьи хоспутун туох да сырдаппат этэ. Онноогор илиигин утары ууннахха илиин харанага кестубэтэ. Маны этэр буоллахтара ытыс таьынар ыас харана диэн. Дьэ оннук курдук мин ороммор утуйа сатыы сытабын, уум кыайан кэлбэт. Ол сытаммын арааьы барытын саныыбын, дэриэбинэбин ахтабын. Куоракка сана кеьен кэлбит ого адаптация диэни барарым бытаан буоллага. Эбээм барахсан хайыы сылдьара буоллар. Эмиэ уотуна холбоон баран хаьыат аага сытан утуйан хаалбыта буолуо. Эбээм наар хаьыат аага сытан утуйан хаалааччы, оннук уотун умулларбакка эрэ хаьыаты кытта хоонньоьон утуйар идэлээгэ. Ессе ол уотун араары гыннахха этээччи: “Уоту араарыма, хаьыаппын кытта утуйбатахпына утуйбут да курдук санаммаппын”. Дьэ оннук санаабар баттатан санаржыы нухарыйан истэхпинэ – арай догоор! Эмиэ буоларын курдук аттыбар ким эрэ хаама сылдьар, ол абааьы огонньор буолуо дии санаабытым. Куттанаммын ороммор хамсаабакка сыаппытым. Оннук курдук эмиэ утуйан хаалбытым. Ол утуйа сытан арай туьээтэхпинэ дьиэбит аана арыллан кэлэр уонна хаан-сиин беге саккырыы сылдьар ол абааьы огонньор киирэн кэлэр уонна мин суоргаммын арыйа баттаан тыбыс-тымныы илиитинэн атахпыттан харбаан ылан соьор. “Мааааамаааааа!” диэбитинэн мин уьуктан кэлбитим. Арай уьуктан кэлбитим кухняга муостага сытар эбиппин. Наьаа дьикти этэ, утуйарбар ороммор сытан утуйбутум, уьуктарбар муостага. Багар утуйа сыттахпына абааьы соьон туьэрбитэ дуу? Уьуктубутум олох сар келеьунум барыта саккыраабыт саккыраабыт агай, сурэгим ере мехсе сылдьар, тыынарбар да салгын тиийбэт курдуга. Мин “Маамааа!” диэн хаьыытыы-хаьыытыы сыппытым. Тууннэри мин хаьыыбыттан ийэм уьуктан кэлбитэ уоту холбоон баран: “Бу туох буоллун? Того тууннэри хаьыытыыгын? Того муостага сытагын?”. Мин нэьиилэ уоспун бабыгырата-бабыгырата ытаан барбытым: “Миигин… Абааьы… Муостага соьон туьэрдэ…” Ийэм соьуйбута агай уонна куттаммыт курдук туттан ороммор агалан сытыарбыта уонна аттыбар сыппыта. Ол туун ийэбин кытта бииргэ утуйбуппут. Ийэм барахсан миигин кууьа сытан утуйан хаалбыта, наьаа да учугэй этэ. Саамай эрэллээх киьим буоллага, кини аттыбар баар буоллагына абааьы да сылдьар буоллагына куттаныа суох курдук санаммытым. Сарсыныгар ийэм: “Беелуун мин эмиэ куьаган тууллэри туьээтим. Кырдьык бу дьиэгэ туох эрэ баар быьыылаах… Кеье охсуохха наада…” – диэн эппитэ, абааьы диэни итэгэйбэт да буоллар. Дьэ оннук курдук ол кун ийэм куоракка дьиэ кердуу киирбитэ, хата куорат центрыгар кпд дьиэгэ икки хостоох квартираны булбут этэ. Уонна биьи кеьен барбыппыт. Кэнники истибиппит ол олоро сылдьыбыт дьиэбитигэр урут сэрии кэнниттэн сэриигэ ус оголорун сутэрбит огонньор соготогун олорон олуьун тулаайахсыйбыт, соготохсуйбут этэ уонна тулуйбакка бэйэтигэр тиийиммит этэ. Бука арааьа ол огонньор уерэ сылдьара буолуо…
Сана кпд дьиэгэ баар квартирабыт наьаа учугэй этэ. Ийэм ол куннэргэ учугэйдик табыллан уорталаабыт буолан харчылаах быьыылаах этэ, ол онон телестеге дии. Биир хоско мин киирэн сыппытым, аны тууннэри учугэйдик утуйар буолбутум, урукку курдук абааьы буулаабат буолбута. Таас дьиэгэ бастаан кеьен кэлэр диэн наьаа да учугэй этэ. Унитаз, ванна диэни керен сехпутум агай. Омуммар куннэ хаста да ванналанар буолбутум. Ийэбит миигин уонна эдьиийбин оскуолага киллэрбитэ. Дьокуускай куорат 2-с нуемэрдээх оскуолата этэ. Мин тердус кылаас буолбутум. Хата маннаагы оскуолага ким да миигин “уоруйах огото” диэбэттэр этэ, мин олохпун билбэт буоллахтара. Учууталбыт да наьаа учугэй этэ, миигин куруук “Сенька” диэн ааттыыра, хаьан да “Сеня” диэбэт этэ. Мин ологум табыллан барбыта. Арай оскуолага биир улахан уол миигин того эрэ олох себулээбэтэ. Уроктар кэннилэриттэн кэлэн наар саайаары ыххайа сатыыра. Мин хорсун санаабын киллэрэн ол уолу кытта охсуьарым, охсустарбын да кырбанар этим. Ол уол миигиттэн улахан буолан кууьунэн баьыйар этэ. Билигин ол уол эрэйдээх елеехтеебутэ. Оскуолага улахан кылаастарга уерэнэр эрдэгинэ наркотик боруобалыыра, онтон сэмээр ылларан-ылларан барбыт. Оскуоланы бутэрэн баран передозировкаттан елбут уьу диэн сурага иьиллибитэ. Биир кун ийэм миигин ыныран ылбыта уонна эппитэ: “Сэмэнчик, эн улааттын. Мантан иннэ миэхэ кемелеьуеххун наада”. Мин соьуйа истибитим: “Ол тугу, тугу уорабыт?” диэн ыйытаммын ийэбин еьургэппитим быьыылаага. “Акаары уол! Хайдах иннэ диигин?” диэбитэ уонна хомойбуттуу тахсан барбыта. Ийэм ол саганаагы дневнигыттан: “Оголорум улааппыттар, мин тугунан дьарыгырарбын билэр буолбуттар. Оо, мин эрэ суолбун батыспатыннар. Оголорбун хайаан да урдук уерэхтээх, учугэй хамнастаах дьон онорорго кыьаллыахпын наада”. Ол онон оннук ааспыта. Ол кэмнэртэн ыла ийэм наар ханнык эрэ дьоннору кытта булсар буолбута. Бу санаатахха эмиэ уоруйахтар дуу, бандьыыттар дуу быьыылаага. Ол дьоннор наар хара еннеех омук иномарка массыынан сылдьар буолааччылар, ардыгар ийэбин кэлэн дьиэтиттэн илдьэ барааччылар. Биир кун ийэм уерэн агай киирбитэ, уеруутуттэн омунугар атага сири билбэт курдук буолбут этэ:
Биьиги соьуйдубут агай:
Биьиги Сергейы себулээбэт буоламмыт уерэ истибэтэхпит, Ньургуйаана кини аатын истэн саната суох барбыта. Мин эппитим:
Сарсыныгар биьиги эбиэппитин аьаан буппуппутун кэннэ ийэм табаарыьа тиийэн кэллэ. Кинилэр тугу эрэ кэпсэттилэр, онтон ийэм кэлэн миэхэ эттэ:
Мин урукку кыччаабыт, эргэ да эргэ соммун кэппитим. Аны туран ийэм мааны шубатын эмиэ кэппэтэ, урукку куьаган да куьаган сонун кэттэ. Оннук курдук таннаммыт биьиги массыынага тахсан олордубут. Массыынаны ийэм табаарыьа ыытар этэ. Мин массыынага киирэн астыммытым агай, омук массыыната учугэйин, сылааьын, аны туран олбохторо сымнагаьын. ГАЗик, УАЗик курдук буолуо дуо. Куьаган суолга нэксиэтэ да суох курдуга. Ийэм иннинээги олбоххо табаарыьын кытта кэккэлэьэ олорбуттара. Арай биьиги куорат иьигэр сылдьыбатыбыт, куораттан тахсан мыраан урдугэр тагыстыбыт.
Мин тугу да санарбатагым. Оннук курдук чаас курдугунан айаннаан Нам диэн сиргэ тиийбиппит. Ийэм табаарыьа кумаагыга суруммут аадырыьынан кердеен биир дьиэни булбута, ол дьиэ таьыгар кэлэн тохтообута уонна ийэбэр эппитэ:
Ити эппитин ийэм себулуу истибэтэгэ:
Итинник курдук биьиги массыынаттан туспуппут. Уонна ол аадырыстаммыт дьиэ ааныгар тиийэн тонсуйаммыт иьирдьэ киирбиппит. Икки этээстээх чааьынай дьиэ этэ. Наьаа учугэй да учугэй дьиэ, тээбиринэ, мебельа барыта саналыы этэ. Арааьа кыахтаах ыаллар быьыылаахтара. Биьигини биир сааьыра барбыт мааны дьахтар керсубутэ, ийэм киниэхэ эппитэ:
Онуоха ол дьахтар:
Онуоха ийэм соьуйбуттуу туттубута, тугу да билбэт киьилии:
Онуоха ийэм:
Ол онно дьиэлээх хаьаайка Ксения Андреевна ийэбин уоскутан барбыта:
Ийэм уоскуйбута, хаьаайка чэй сылытан киирэн барбыта уонна ыйыппыта:
Дьэ онно мин биирдэ ейдеебутум, ийэм туохха быьаарыммытын. Билэрим курдук кини ханнык да ЯПУга уерэммэтэгэ, Москвага уерэммитэ. Уонна биьиги Сунтаар улууьугар туох да сыьыаммыт суога.
Онуоха Ксения Андреевна:
Дьэ оннук курдук утуе хаьаайка Ксения Андреевна остуолугар олорон чэйдээн барбыппыт. Наьаа учугэй балык пирог астаабыт этэ, наьаа минньигэс амтаннаагын ейдуубун. Аьыы олорон Ксения Андреевна ууттээх чэйин иьэн сыпсырыйа-сыпсырыйа кэпсээбитэ:
Ити тыллары истэн Ксения Андреевна соьуйан харахтара уоттана туспуттэрэ:
Итинник курдук ыксаан-тиэтэйэн ийэм табаарыьын батыьан Ксения Андреевна тахсан барбыта. Биьиги дьиэгэ ийэбинээн иккиэн эрэ хаалбыппыт. Тахсаатын кытта ийэм остуолтан ойон турбута уонна эппитэ:
Мин аан таьыгар харабыллыы турбутум, ийэм тыаьын иьиттэххэ хоско киирэн кини ыскааптары хаьар этэ уонна суумкатыгар тугу эрэ уктара. Дьэ оннук курдук тургэнник туттунан тахсыбыта уонна:
Биьиги тургэнник танна охсон дьиэттэн тахсан барбыппыт. Ийэм суумкатыгар мал беге уоран уктубут быьыылаага. Тахсааппытын кытта олбуор айагар ийэм табаарыьа массыынага кэтэьэн олороро, массыынага киирэппитин кытта ол киьи ыйыппыта:
Оннук курдук Намна биир кыахтаах ыаллар дьиэлэрин халааммыт куорат диэкки айанныы турбуппут. Билигин санааммын ол ыаллар эрэйдээхтэри аьына да санаатым. Ксения Андреевна, билигин тыыннаага эбитэ дуу, суога дуу… Ийэм наьаа да хара санаалаах дьахтар эбит… Чэ итиннээгэр буолуох уорууларын кэлин дьарыктаммыта. Ол аньыытыгар иннигэр билигин ити буолан сырыттага… Салгыы ологор туох-туох буолбутун кэпсээн устатын тухары билэн иьиэххит.
Намна тахсан ыалы халаабыппыт кэнниттэн биир-икки ый ааспыта. Биир кун ийэм биир киьини сиэтэн дьиэгэ киирбитэ. Кербуппут Сергей эбит. Сергей уруккутун курдук, соччо уларыйбатах. Арай танаьа-саба мелтеге, хаайыылаах киьи буолара биллэр этэ.
Мин бараммын Сергейы кытта илии тутуьан дорооболоспутум. Онтон Ньургуйаан тугу да санарбакка хоьугар баран сытынан кэбиспитэ.
Ийэм киэьээнни аьылыгы тэрийбитэ, остуолга олорбуппут. Ньургуйаана аьыы тахсыбатага.
Итиннэ диэбитигэр Сергей ийэбин кууьан ылбыта уонна уураан барбыта. Аьаабакка уураьа олорбуттара, онуоха мин тулуйбаккабын биилкэбин кетехпутум уонна Сергейы биилкэнэн анньаары гыммыт курдук уунан турбутум:
Ийэм соьуйбута:
Куннэр-дьыллар ааьан испиттэрэ. Хаайыыттан маннай кэлээтин утаа Сергей аьыы утагы испэт курдуга. Онтон тохтуу туьэн баран атастарын керсубут быьыылаах этэ, дьиэтигэр итирик кэлэрэ элбээбитэ. Ессе уруккутунаагар элбэги иьэр буолбут быьыылаах этэ. Ардыгар дьиэтигэр соготох олорон иьэрэ. “Хаайыыга сытар табаарыстарым туьугар иьэбин” дии-дии бэйэтэ-бэйэтигэр тосто кетегере. Ийэм кини арыгыны иьэрин утарбат курдук этэ. Хата учугэйэ диэн ийэм арыгыны соччо иьээччитэ суога, биирдэ эмит кыратык вино дуу, шампанскай дуу эрэ амсайааччы. Ийэм буоларын курдук эмиэ ону-маны уора барара, ардыгар Сергейы эмиэ кемелеьуннэрээччи. Ийэм суогугар Сергей итирэн кэллэгинэ Ньургуйаана хоьугар киирээччи уонна ер багайы хатанан баран олорооччулар. Ньургуйаана ытаан-ытаан кэнники ытаабат да буолбут курдук этэ. Уерэннэгэ эбитэ дуу.
Биир киэьээ Сергей дьиэтигэр хоно кэлбэтэгэ. Урут хаьан да инник сутээччитэ суох этэ, теье да итирдэр кэлээччи. Барар да буоллагына этэн, сэрэтэн баран биирдэ эрэ барара. Ийэм айманыы бегену аймаммыта. Табаарыстарыгар эрийэн кердеттере ыыппыта. Суох туох даганы биллибэтэгэ. Ол туун ийэм сатаан утуйбатага. Сарсыарда туран кербуппут ийэбит харага ытаан кытаран хаалбыт этэ. Оннук курдук куускэ таптаабыт этэ ол киьини. Тугун булан таптаабыта буоллар? Улэтэ да, уерэгэ да суох, олоххо бэйэтин булбатах ускул-тэскил киьини… Таптал да араастаах буолар эбит… Таптал диэбиккэ дылы сотору тапталым туьунан суруйуом, ол онно ийэбиттэн хайдах курдук хомойбуппун…
Ол кунус ийэбин милииссийэ дьиэтигэр ыныран ылбыттара. Ийэм куттаныы бегену куттаммыт. “Кэбис барбаппын! Мантан куотуохха наада” диэн аймалган беге буолбута. Ол аймана сырыттахпытына телефон тырылаан тыаьыы туспутэ (хата биьиэхэ дьиэбитигэр телефон баар этэ). Трубканы ылбытыгар Сергей санарар эбит. Ийэм уеруу бегену уербутэ. Сергейы милииссийэлэр тутан хаайан кэбиспиттэр этэ. Итирэн баран охсуьууга биир киьини кырбаабыт эбит. Эмиэ силиэстийэ, эмиэ суут. Ийэм эппитэ: “Хата тыыннаах эбит. Хаайыыга да бардагына тахсыа буоллага дии”. Оннук курдук Сергейы эмиэ хаайыыга ыыппыттара. Теье болдьоххо ыыппыттарын бу диэн ейдеебеппун. Наьаа уьуннук буотах быьыылаах этэ. Биьиги бэйэбит эрэ хаалбыппыт, ийэм соготохсуйар буолан барбыта, онтон Ньургуйаана того эрэ уруккутун курдук уербэт буолбута.
Аны билигин эбээм туьунан кэпсиэхпин багарабын. Мин сайынын уонна каникулларбар дэриэбинэгэ эбээбэр тахсыахпын наьаа багарарым. Ону ийэм ыыппат этэ. Того ыыппатын бу кэнники эрэ ейдеебутум. Ол сагана эбээм кыыьа уоруйах буолбутун истэн улахан аймалган таьаарбыт этэ, улаханнык хомойбут ийэбин мехпут, уехпут. Онно ийэм улахннык еьургэммит уонна этиспиттэр. Этиьии тумугэр ийэм эппит: “Чэ миигиттэн наьаа да иннэр эбиккин. Ейдее, мин суолум мин дьылгам барыта бэйэм илиибэр. Эн миигин тыытыма. Аны кыыстаах этим диэмэ, мин даганы ийэлээх этим диэм суога…” диэбит. Итинник диэн дневнигар суруйбут этэ. Мин ону ааган баран биирдэ эрэ ейдеебутум… Ол кэнниттэн улахан санаага ылларбыттаагым…
Сыл – хонук дииллэринии, куннэр-дьыллар, сыллар-хонуктар ааьан испиттэрэ. Ийэбит уруккутун курдук уора барара, табаарыстарын кытта булсар этэ. Аны кини уруккутун курдук дьиэ игин халаабат буолбут быьыылаах, сэрэхэдьийэрэ эбитэ буолуо. Уорарыгар атын ньыманы булбут этэ. Ону манна кэпсиирим дуу, суога дуу? Чэ кэпсиим. Кини ытыар дылы ыга киэргэнэн баран рестораннна дуу, кафега дуу барара. Ол онно сылдьан биир эмэ кыахтаах согус керуннээх киьини кытта билсэр эбит. Ол киьини итирдэр эбит уонна дьиэтигэр барсар эбит. Ол киьи итирэн охтубутун кэннэ ийэм кини кошелегун, харчытын барытын сойботон ылан куотан хаалар эбит. Сарсыныгар ол дьоннор туох буолбутун ейдеебеттере да эбитэ дуу, хайдага дуу. Чэ того эрэ ийэм суут-сокуон иннигэр эппиэттээбэтэгэ, милииссийэлэр кинини бултаспаттар этэ. Оччо улугэр уорар талааннаах буолан уорбутун биллэрбэккэ хаалара эбитэ дуу? Ону бу кун бугунугэр дылы толкуйдаан тобула иликпин. Чэ туох эрэ дьикти баар этэ. Итини кэпсээбиччэ биьиги олохпутугар биир суолталаах киьи туьунан кэпсиим. Кини аата Егор диэн этэ. Ол Егор бандьыыт да, хайыылаах да, ийэм табаарыьа да буолбатах этэ. Егор – кини куорабииркка учугэй улэлээгэ , биир тэрилтэгэ салайар улэьитинэн сылдьара, улахан баай киьи буолбатах этэ, кеннеру кыахтаах эрэ киьи. Сааьа 40 этэ быьыылаага, эдэр да буоллар баттагар онон-манан кыратык манхайбыт суоллар бааллара, ол эрэн сирэйин керунэ эдэрэ. Урут кэргэннэнэ сылдьыбыт, икки кыыстаах эбит. Дьэ ол Егор биьиги олохпутугар хайдах кэлэн хааллай диир эбит буолларгыт маннык. (Ону мин улаатан баран Егортан бэйэтиттэн истибитим): Дьэ биир кун ийэм киэргэниэгин киэргэнэн, оностон-туттан Аэропорт районугар барбыт. Аэропортан тахсыбыт курдук туттан суолга тахсыбыт. Марха-Тулагы диэкки барар массыыналары тохтото сатаабыт. Того эрэ биир да махсыына тохтооботох эбит, ол сагана массыына да агыйага буолуо. Дьэ кэмниэ кэнэгэс биир Нива массыына кэлэн тохтообут уонна суоппар ыйыппыт (ол Егор эбит):
Ийэм киирэн олорсубут. Егор кэпсэтэн киирэн барбыт:
Егор онно аьынан аймана туспут:
Биир уопсай дьиэ аадырыьын эппитигэр Егор массыынатын кэлэн тохтоппут, туьэригэр ийэм эппит:
Дьэ итинник диэт ийэм массыынаттан туспут уонна ол дьиэгэ киирбитэ буолан иьирдьэ подъезка турбут. Егор эппитин курдук ханна да барбакка массыынатыгар кэтэьэн олорбут. Кыратык кэтэьиннэрэ туьэн баран ийэм сирэйин ытаабыта буолан кубулунан тахсан кэлбит уонна массыынага теттеру олорсубут:
Итинник курдук ейдеьеннер ийэм Егор дьиэтигэр хонордуу кэлбит. Егор ол сагана Лермонтова уулуссага квартиралаах этэ. Киэьээ бииргэ олорон аьаабыттар. Ийэм суумкатыттан вино хостоон таьаарбыт. Испиттэр, Егор кыратык холуочуйбут. Ийэм улэтэ буолан холуочуйа сатаабатах. Егор дьэ холуочуйбутун кэннэ ийэм эппит:
Дьигинэн Егор тахсыбытын кэннэ тугун эрэ уоран бараары гыммыта буолуо. Егор онуоха эппит:
Ол кун Егор ийэбин кереет да наьаа себулуу кербут, ол иьин итирэн эр санаатын ылынан ийэбин кытта оонньоьо сатаабытын ийэм чугаьаппатах:
Утуйан мунна тыаьаабытын кэннэ ийэм ыскааптарын хаьан киирэн барбыт, улахан туох да кемуьу булбатах, арай кумааьынньыгыттан кыра харчыны уоран ылбыт уонна тахсан баран хаалбыт. Итирик Егор тугу да билбэккэ утуйа хаалбыт, сарсыныгар агыйах харчы суппутун билбит, бастаан кыыьыра санаабыт. Онтон бырастыы гыммыт, багар кыьалгаттан уордага буолуо диэбит. Эппитим курдук кини ийэбин маннайгы керууттэн таптаабыт этэ, ол иьин ийэбин бэйэтэ кердуургэ санаммыт. Тулагыга били дьиэгэ тиийэн туох баар квартираны барытын тонсуйан ыйыталаьа сатаабыт, ким да билбэппит диэбиттэр, Халыматтан кэлиэхтээх аймахпыт суох диэбиттэр. Дьэ онно сэрэйбит – мин ийэм аферистка буоларын. Ол да буоллар тапталын кууьуттэн аферистка эрэ, уоруйах эрэ буоларыгар наадыйбатах, кердеен ессе биирдэ булуон багарбыт.
Дьэ оннук куннэр ааьан истилэр. Биирдэ мин ийэбин кытта куорат магаьыыннарын кэрийэ бардыбыт. Миэхэ танас-сап ыллыбыт. Стаканчик мороженай атыылаьан скамейкага сии олордубут, наьаа да минньигэс буолааччы стаканчик мороженай. Арай ол олордохпутуна биир саас ортолоох киьи тиийэн кэллэ (ол Егор). Уонна ийэбин кербутунэн кэлэн эттэ:
Ийэм соьуйан ах барда. Олох тугу да гыныан булбата, санаан да кердеххе ынырык неловкай положение эбитэ буолуо. Маны этэн эрдэхтэрэ – кетуеххун кынатын суох, сиргэ тимириэххин уьугун суох диэн.
Онно ийэм:
Итинник курдук биьиги Егор массыынатыгар олорсон дьиэбитигэр кэлбиппит. Биьи онно бастаан билсибиппит, сурдээх учугэй, эйэгэс киьи этэ. Санаабар олох урукку агам тиллэн кэлбитин курдук этэ.
Ол кунтэн ыла Егор мин ийэбин сырсар буолбута. Дьэ таптал диэн дьикти да буолар эбит. Таптаатахха – икки оголоох уоруйах да дьахтары таптыахха сеп эбит. Маны этэн эрдэхтэрэ дии биьиги ебугэлэрбит “Таптаабыт тайахтаагы батыьар диэн”. Теье да Егор ийэбин таптаатар, ийэм кини тапталыгар хардарбат этэ. Егор кэллэгинэ наар кэьиилээх кэлэрэ, миигин бэйэтин оготун курдук таптыыра, оонньуур, кэьии беге бэлэхтиирэ, ийэбэр да сыаналаах бэлэхтэри биэрэрэ. Биир кун маннык диэбитэ:
Ийэм акаары ити этиигэ себулэспэтэгэ. Онно мин наьаа да кыьыйбытым ээ. Хаайыылаах Сергейын кэтэьэн олорор эбит. Дьэ дьаабы этэ. Егорга барыта баара, кини миэхэ агам курдук буолбута. Учугэй, аламагай, эйэгэс киьи. Киниэхэ тахсыбыта буоллар дьоллоох да буолуо эбиппит, ийэм уорарын да бырахпыт буолуо этэ. Ол куннэртэн ыла мин ийэбэр кыралаан хом санаалары тутан барбытым. Уорар диэн куьаганын мин бэйэм-бэйэбэр испэр ейдеебутум. Бэйэбэр наар этээччим: “Улааттахпына хаьан да уоруом суога”. Ийэм да этээччи: “Улааттаххына мин суолбун хаьан да батыьаайаххытый!”. Ол да буоллар Егор ийэбин эккирэтэрэ тохтооботого, биьиэхэ наар кэлээччи. Ардыгар мин кинини кытта куорат устун куулэйдии барааччыбын, киинэгэ сылдьааччыбыт. Чэ, кини миэхэ агабын солбуйбута. Егор барахсанна билиннээннэ дылы улахан махтана саныыбын. Олохпор биир чугас киьим буоллага. Ийэм акаары уорар улэтин уонна хаайыылаах Сергейын хайдах Егордаагар ордорбутун сатаан санаабаппын.- Салгыытын киэьээ 9 чаас сагана суруйуом. Киэьээ Москвага хайдах курээн барбыппыт туьунан суруйуом. Уонна эдьиийим Ньургуйаана инники дьылгатын.
Куннэр-хонуктар ааьан испиттэрэ. Биьиги улаатан испиппит, эдьиийим Ньургуйаана оскуолага улахан кылаастарга номнуо уерэнэр этэ. (Эппитим курдук кини миигиттэн туерт сыл ага этэ). Ньургуйаана уерэгэр учугэй этэ, оскуоланы урун кемус мэтээлинэн бутэрэргэ кандидат этэ. Куну быьа дьиэтигэр кини аага-аага олорооччу. Арай кэнникинэн Ньургуйаана ийэбиттэн ыйыталар буолбута:
Урут Сергейы абааьы керер бэйэтэ хайдах уларыйан хаалбыта буоллар, аны кууппут курдуга. Чэ ити-итинэн хаалбыта. Олох син кыралаан тупсан барбыта. Араас доширак, чипсы оннук-маннык астар дэлэйэн барбыттара, суурбэ биирис уйэ уунэрэ чугаьаабыта. Сергей хаайыыттан тахсара биир нэдиэлэ курдук иннинэ биьиги олохпутугар улахан иэдээн буолбута – ийэм табаарыстарын кытта туох эрэ уоруулара милииссийэлэргэ биллибит курдук этэ. Ийэм сообщниктарын сорохторун тутан хаайталаабыт этилэр. Биир кун бииргэ улэлэьэр табаарыьа дьиэбитигэр ыксаан агай киирбитэ.
Ийэм аймана туспутэ:
Ол кэмнэргэ мин ийэбин кытта иккиэн бииргэ олорор этибит. Эдьиийим Покровскайга туох эрэ олимпиадага дуу, туохха дуу кытта барбыт этэ.
Ийэм табаарыьа ыксат да ыксат буолар этэ, ол иьин биьиги малбытын тургэн багайытык хомуна охсубуппут уонна массыынага олорсон Нерюнгри диэкки айанныы турбуппут. Барарбытыгар табаарыьа атаарбыта:
Дьэ оннук курдук биьиги милииссийэлэргэ эрэ тубэспэтэрбит диэн сокуон-суут харагыттан куотан Нерюнгрига айаннаабыппыт. Салгыы Нерюнгри кэнниттэн Москвага дуу, Казаньна дуу баран саьыахтаах этибит. Самолетунан кеппетехпут, багар паспорбыт даннайдарын аэропортан милииссийэлэр булан ылыахтара диэн ийэм куттанар этэ.- Дьэ оннук курдук ере согус айаннааммыт Нерюнгри куоракка тиийбиппит. Нерюнгри хайалар быыстарыгар тутуллубут эдэр куорат этэ. Айылгата хайдах эрэ биьиги Дьокуускайбытынаагар быдан эдэр курдуга. Олохтоохтор уксэ нууччалар этэ, сахалар олох агыйахтара. Онно Нерюнгри куоракка бастакыбын сылдьыбытым, ол кэнниттэн хаьан да сылдьа иликпин. Биьиги Нерюнгрига тимир суолун станциятыттан чугас гостиницага туспуппут. Манна икки хоммуппут. Гостиницага нууччалар арыгыны наьаа себулээн иьэллэриттэн сеге санаабытым. Нуучча эр дьоно итирэн баран ийэбэр сыстанныы сатыыллара: “Якутская красавица” бегелер этилэр. Нуучча норуота учугэйэ диэн итирдэхтэринэ да сахалар курдук этиьэ-охсуьа сылдьыбаттар этэ, арыгыны сатаан иьэллэрэ. Ол да буоллар арыгыта суох сатаан олорбот омук буоллахтара. Дьигинэн мин нуучча омугун наьаа убаастыыбын, биьигини сахаларгыт диэн сэнээбэттэр этэ, кэнники олохпор кинилэри кытта элбэхтэ алтыстагым. Ийэм манна да тиийэн дьаллыгын бырахпатага быьыылаага, итирик эр дьон хосторугар утуйа сыттахтарына киирэн ону-маны тутан тахсара… Гостиницага икки хонон бараммыт тимир суол станциятыгар киирбиппит уонна биир вагонна киирбиппит. Ийэм хантан эрэ билет булбут этэ дуу, эбэтэр проводницаны кытта эрдэттэн кэпсэппит дуу быьыылаага. Биир купега икки кэргэннии дьону кытта кыттыьан Москва диэкки айаннаабыппыт. Онно мин уйэбэр бастакыбын поеьынан айаннаабытым. Бастаан олордоххо наьаа учугэй курдуга, санаабар наьаа астыммытым. Урут поезд диэни телевизорга эрэ керер буоллагым дии. Арай бииртэн сехпутум – телевизорга тыаьыырын курдук “пуууп” диэн тыаьаабат этэ. Ону ийэбиттэн того итинник тыаьаабатый диэн ыйыппыппар:
Теье да бастаан поеьынан айанныыр астыгын иьин, нэдиэлэни быьа айанныах диэтэххэ сылаалаах да, салгымтыалаах да этэ. Мин чуумпу дьиэгэ сымнагас оронно сытыахпын багарбытым. Аара доширак диэн аьынан эрэ аьыырбыт, кун аайы, ессе буолаары буолан куннэ хаста да доширак сиэх диэтэххэ айыкка этэ. Ол кэнниттэн сурэхпэр астарбытым, ол иьин билиннээннэ дылы доширак диэн аьы сатаан сиэбэппин. Аны туран биьиги купебыт таьыгар баар купега айаннаан испит нуучча ыалларын оголорорун кытта бэркэ бодоруьан догордоспуппут. Ол уол мин саастыы этэ, кэлбит-барбыт сытыы уол этэ. Мин теье да нууччалыы билэрим мелтех буоллар бэркэ диэн тапсарбыт. Ол уол миэхэ табах боруобалаппыта, бэйэтэ кистээн табахтыыр этэ. Дьэ нуучча оголоро эрдэттэн табах тардаллар эбит. Дьонуттан “Беломор-канал” диэн ааттаах табагы уоран ылара уонна миэхэ кундулуурэ. Мин боруобалыырым, ол сагана табагы тардары сатаабат буоллагым дии, оборобун уонна сатаан эгирийбэппин (теье да билигин дьаарай табахсыт буолбутум иьин). Табагы сатаан эгирийбэтим ол уол кулбутэ агай. Мин эгирийэн ылаары дэлби сетеллубутум. Дьэ оннук курдук табах буруота сыттаах купебар киэьээ утуйаар киирбиппэр ийэм табах сытын ылан ынырыктаахайын мехпутэ.
Кини теье да мехтер миигин хаьан да таьыйааччыта суога, бэл тарбагынан да таарыйбат этэ. Оннук атаахтык иитиллибит огобун. Ол курдук аьары мехпутун тулуйбаккабын:
Мин сатаан тулуйбатагым, куемэйбэр хомуок турбута уонна ийэбин кууьа туспутум:
Ити итинэн ааспыта. Дьэ айаннаан-айаннаан биьиги ааттаах Москваларыгар тиийбиппит. Поездпыт Москвага кэлэн станцияга тохтообута. Мин купе туннугунэн кербутум – олус да улахан куорат эбит, киьитэ да элбэгэ. Манна тэннээтэххэ биьиги Сахабыт сирин куората Дьокуускай кыра да буоллага. Малбытын сугэммит вагонтан туспуппут уонна метрога киирбиппит. Дьэ онно керуеххут этэ, аан дойду нууччата барыта мустубут курдуга. Киьитэ элбэгэээ, бары ыксыы сылдьаллар, киьи киьиэхэ кэлэн кэтиллиэх курдук. Омуннаабакка эттэххэ кэлэнэ тэпсэн кэбиьиэх курдуктар. Аллараа туьэргэ эскалаторынан туспуппут. Эскалатор диэни кереммун мин наьаа сехпутум, ол иннинэ хамсыыр кирилиэстэр диэни ханна керуем баарай. Метро поеьыгар олорсубуппут уонна Москва тугэгин диэкки баар станцияга баран туспуппут. Билигин санаатахха ол арааьа Красногвардейская диэн станция быьыылаага. Ийэм урут Москвага уерэнэ сылдьыбыт буолан куоракка учугэйдик быьаарсара, барытын булан сылдьар этэ. Метроттан тахсан баран хаама туьэн баран биир гостиницага тиийбиппит. Наьаа куьаган гостиница этэ, мала-сала эргэтэ, хоьо кыарагаьа, кирдээгэ. Ессе туунун кылапы ыстыыр этэ, сарсыарда бырастыынабыт хаан буолбут буолааччы. Биьиги бу гостиницага ус дуу туерт дуу хоммуппут. Гостиницаттан тахсан куорат да устун куулэйдии барбат этибит, куну быьа гостиницага олорооччубут. Дьэ биир кун туран ийэм эттэ: “Дьокуускайтан туох да биллибэт. Арааьа манна ер буолууьукпут быьыылаах. Аны харчыбыт бутэн эрэр. Ер гостиницага олордохпутуна эстииьикпит, саатар сыаналара ыарахана… Ол иьин Питер куоракка барыыьыкпыт. Онно эн эдьиийин олорор этэ”, - диэбитэ. Питерга агам эдьиийэ олорор уьу. Урут Ленинград куоракка уерэнэ сылдьан нуучча киьитигэр кэргэн тахсыбыт уонна онно олохсуйа хаалбыт уьу. Кэнники ийэлээх агам эдэр сылдьан иккиэн холбоьон бараннар ол эдьиийбитигэр ыалдьыттыы бара сылдьыбыттар эбитэ уьу. Саатар ийэм ол эдьиийбитин кытта сибээс туппат эбит, ол иьин билигин ханна олорорун билбэт. Багар урукку аадырыьыгар олороро буолуо диэмит билбэккэ да сылдьан барарга санаммыппыт. Сарсыарда тураммыт биьиги автовокзалга барбыппыт уонна автобуьунан Питерга айанныыр билет атыыласпыппыт уонна ол кун киэьэтигэр автобуспутугар олорсон аатырбыт-сурагырбыт, мин ис сурэхпинэн таптаабыт куораппар Санкт-Петербург диэкки айанныы турбуппут.- Автобуьунан 10 чаас курдук айаннаабыппыт. Сарсыарда халлаан сырдыыта мин харахпын арыйбытым – Москваттан атын куоракка кэлбиппит этэ. Бу куорат олох ураты куорат этэ. Бу дьиэлэрэ кыраьыабайын, бу айылгата учугэйин. Олох киьи-киьиэхэ кэпсээбэт остуоруйа дойдутун курдуга. Ити Онон Питерга уктэнэ да иликпиттэн ол куораты себулээн кэбиспитим. Ити курдук Питеры кытта сана билсиьиим этэ. Ол кэмтэн ыла билиннээннэ дылы Питерга элбэхтэ сырыттым уонна олох умнубаппын ити тугэни. Билиннээннэ дылы Питерга тиийдэхпинэ бастакы сырыым курдук наьаа астынабын. Арааьа кэпсээммиттэн халыйаары гынным дуу? Чэ кэпсээн иьиим. Дьэ оннук курдук Санкт-Петербург куоракка тиийэн вокзалга тустубут. Москвага тэннээтэххэ манна вокзалларыгар киьитэ агыйах курдуга.
Биьиги вокзал таьыгар баар кыракый кафега сарсыардаанны аьылыкпытын аьаан бараммыт метрога киирбиппит уонна хайа эрэ диэкки айанныы турбуппут. Москвага тэннээтэххэ Питер дьоно метрога культурнай согустук сылдьаллара, ким да ханна да ыксаабата, ким да биьигини “бу туох омуктарай” диэбиттии куьаганнык кербете, ким да кими да тэпсиэх курдук буолбатах этэ. Балачча айанныы туьэн бараммыт биир станцияга туспуппут. Кэлин билбитим ол Выборгская диэн метро станция района эбит. Ийэм уруккуттан тугу ейдуурунэн эдьиийбит олорор дьиэтин аадырыьын кердеебуппут. Хата буламмыт уербуппут агай. Биир эргэ согус тутуулаах дьиэ подъеьыгар киирбиппит. Хата ол сагана домофон игин диэн суога быьыылаага. Дьэ аны квартираны булааьын диэн баар этэ. Квартира ханан турарын ийэм ейдуур эбит, гынан баран хаьыс этээскэ баарын ейдеебет эбит. “Уьус дуу, тердус дуу этээс быьыылаага” диирэ. Уьус этэскэ тахсан аанна звоноктаабыппыт биир нуучча огонньоро арыйбыта:
Онуоха ол огонньор хаьыытаан сатарыппыта:
Биьиги истибэтэх курдук туттаммыт аны тердус этээскэ тагыстыбыт уонна ол же миэстэгэ баар квартира ааны звоноктуу туран ийэм эппитэ:
Ер звоноктаабыппыт да ааны ким даганы арыйбатага. Биьиги ыксаабыппыт: “Оо, кеспетеге буоллаааар…” Дьэ оннук курдук ааны ким да арыйбатага. Ийэм санаата улаханнык туспутэ. Мантан атын сиргэ уонна ханна барыахпытый, бутэьик эрэлбит манна урут олоро сылдьыбыт эдьиийбит буоллага дии. Чэ оннук кэтэьэргэ санаммыппыт. Багар ханна эрэ барбыта буолуо диэн. Ер согус кэтэспиппит ким даганы кэлбэтэгэ. Мин аны ынырыгын хабагарбытым. Ону ийэм таьырдьа тахсан дьиэ анныгар туалеттаан киир диэбитэ. Мин таьырдьа тахсыбытым дьиэ анныгар киириэхпин дьиэ анныта суога, Дьокуускай курдук дьиэлэр сваяга турбаттар буоллага. Ханна баран туалеттыыбын диэн толкуйга тустум. Арай кыракый суолу туораатахха мастар, талахтар кестеллере. Ол онно барарга сананным. Бараммын мастар быыстарыгар чэпчэтинним. Дьиэбэр теннееру кэлбитим арай мунан хаалбыппын. Дьиэбин кердуу сатаатым даганы сатаан булбатым. Мин ыксааьын беге буоллум – манна ким да билбэт куоратыгар суттэхпинэ иэдээн дии! Аны хаьан да ийэбин кербетум буолуо, автовокзалга баран БОМЖ буоларым буолуо диэн санаалар киирдилэр. Улаханнык санаам туьэн биир баран скамейкага олордум. Арай ол олордохпуна кэннибиттэн хаьыы иьиллэр:
Кэннибин хайыьан кербутум – суол ненуе хаьытыы-хаьыытыы ийэм миигин кердуу сылдьар эбит. Мин кинини кереммун уердум агай уонна омуммар ойон тураммын суолу да кербеккебун ийэм диэкки ыстанным. Суол ортотунан туораан истэхпинэ арай эмискэ массыына кэлэн тормозтыы сатыыр тыас иьилиннэ. Кербутум оруобуна мин утары иьэр эбит. Мин уолуйан хааламмын дейен баран турдум. Ол массыына кэлэн миигин таарыйда, мин асфальга баран охтон тустум. Хата тугум да ыалдьыбат, кыратык таарыйбыт эбит. Мин тураммын тротуарга тиийдим, ийэм утары суурэн иьэр эбит. Ол массыына туннугуттэн кытаран хаалбыт нуучча дьээдьэтэ хаьыытаата:
Ол хаьыытыырын ийэм истибэтэ быьыылаага, олох ытаан буппут харахтаага. Уола манна кэлэн сутэн хаалан ессе эбиитин керен турдагына массыынага киирэн биэрдэгэ дии. Миигин кууьа тустэ, оннук куустуьан ер согус турдубут. Аттыбытынан ааьар нууччалар соьуйбут харахтарынан кереллер этэ. Санааларыгар “туох чукчалара кэлэн манна куустуьа тураллар” дииллэрэ буолуо. Дьэ оннук курдук дьиэбитигэр киирдибит. Тахсаммыт эмиэ ааны звоноктаатыбыт. Хата ааны ким эрэ арыйда. Кербутум эмиэ биьиги курдук сирэйдээх саха эмээхсинэ эбит. Оо, эдьиий быьыылаах диэн мин уербутум агай. Ааны арыйан баран ол эмээхсин ыйытта:
Дьэ оннук курдук Анастасия Михайловна диэн ааттаах аймахпыт эмээхсиннэ дьиэтигэр киирдибит. Анастасия Михайловна биьигини уерэ керустэ, ийэбин уонна миигин сыллаан баран биьигини чэйдэтээри ас тэрийдэ.
Дьэ оннук курдук Анастасия Михайловна диэн ааттаах агам эдьиийин кытта билсибитим. Анастасия Михайловна манна кэргэн тахсан олохсуйбут эбит, билигин пенсияга олорор. Эдэр сылдьан оскуолага учууталлаабыт уьу. Онон арыычча интеллигентнай согус этэ.
Питердаагы олох
Эмээхсин ону истэн куолаьа сонуу туспутэ:
Маарыын агай уерэ керсубут эдьиийбит эмээхсин сыьыана итиччэ тургэнни тымныйа охсубута. Ырыага ылламмыт, хоьоонно холбоммут остуоруйа куоратыгар – Питерга куннэн ааьан испиттэрэ. Биьиги Анастасия Михайловнага олорбуппут, эмээхсин уьун куну быьа дьиэтигэр олороро, ардыгар магаьыыннарга тахсара. Биьиги ийэбинээн ардыгар куорат устун куулэйдии барарбыт, Питер кэрэ миэстэлэрэ наьаа да учугэйдэр этэ. Сууьунэн каналлар куораты киэргэтэллэрэ. Кыралаан олох харчыбыты бутэн барбыта. Манна кэлэн ийэм тугу да улэлээбэтэ, тугу да уорбата-талаабата. Сахабыт сирин кыралаан ахтан барбыппыт. Мин ийэм табаарыстара эрийэн Дьокуускайга ыныралларын куутэрим. Саьа-куота сылдьар диэн куьагана да бэрт этэ.- Биир кун сарсыарда утуйан туран баран ийэм уонна ол эдьиийим Анастасия Михайловна буолан сарсыардаанны аьылыкпытын аьыы олорбуппут. Бугун того эрэ куруук эйэгэс-сайагас Анастасия Михайловна сарсыардаттан настроениета ончу суога. Туохха эрэ кыыьырбыт аанньа кэпсэппэт да буолбут этэ. Тыастаахтык чааскытыгар лимонун буккуйа-буккуйа ийэбэр эппитэ:
“Эн бу хаьан улэ булан улэлиигин дуу хайыыгын дуу? Хаьаанна дылы мин моонньубар иитиллэн баран олороору гынагыт?”. Ол онно мин хомойдохпуон, тута куемэйбэр хомуок тахсыбыт курдук буолбута. Этэргэ дылы сиргэ тимириэхпин сир кытаанах курдуга. Онно ийэм эппитэ: “Улэ булларбын эрэ улэлиэм буоллага дии”. Оо ол онно Анастасия Михайловна буолан-хаалан турбата дуо: “Кердехпунэ улэ кердуур курдук буолбатаххын дии. Того мин икки айах адагатын иитэн олоруохтаахпыный? Керегун дуо бэйэм да пенсиям кып-кыра дии. Бугун же харчы агалбатаххына барын мантан!”. Мин бете бэрдэрбиттии ойон тураат хоспор баран оронно сыппытым. Ийэлээгим бэйэлэрэ кэпсэтэ хаалбыттара. Оо ол онно ейдеебутум хайдах курдук атын куоракка дьиэтэ-уота суох олорор ыараханын. Арай бу кэриэтэ бэйэбит куораппытыгар туох да кыьалганы билбэккэ, кимтэн да ууруллэр диэни билбэккэ олорбуппут буоллар. Багар ийэм уора-талыы да сырыттын ээ… Оччогуна биьиги син урдубутугэр “крышалаах” буолуо этибит…
Ол сыттахпына ийэм кэлбитэ уонна эппитэ: “Сына, куоракка баран кэлиэххэ. Харчы суох, багар хантан эрэ булуохпут”. Арааьа эмиэ тугу эрэ “улэлии” бараары гыннахпыт дуу диэн мин туран таннан киирэн барбытым. Биир олус сииктээх кун Санкт-Петербург куоракка ууммут этэ. Биьиги метробут станциятыгар олорсон “Адмиралтейская” диэн станцияга барбыппыт, станцияттан туьэн Невскай проспегынан хаама туспуппут. Биир магаьыынна киирбиппит, туох эрэ подарок атыылаьар магаьыын быьыылаах этэ. Уербут-кеппут дьон ону-маны атыылаьа агай сылдьаллара. Буоларын курдук мин бэйэм магаьыын устун сылдьыбытым. Онтон ийэм кассага турар дьоннор аттыларыгар барбыта уонна ер багайы турбута, мин кербетегум даганы. Онтон аан диэкки баран тахса турбута, мин кини кэнниттэн тахсыбытым. Куолутунан ийэм ханна эрэ суурэ турара буолуо дии санаабытым, суох, ийэм ханна да ыксаабат этэ. “Сатаан тугу да ылбатым. Охранник миигиттэн харагын араарбат, керен баран турар. Чэ атын сиргэ барыахха. Багар туох эмэ тахсыа”. Кини сатаан тугу да уорбатах этэ. Биьиги Невскай проспект устун хаама турбуппут, арай иннибитигэр олус улахан площадь баар этэ (Билигин санаатахха Дворцовай площадь эбит). Ол Дворцовай устун хаама сырыппыппыт. Площади утары биир олус кэрэ кестуулээх дьиэ баара. Бутун Дворцовай болуоссаты киэптии турара, саатар олус урдугэ, олус элбэх туннуктээгэ. Мин олуьун интириэьиргээбитим: “Маа, ити туох дьиэтэй. Президеннар иннэ олороллор дуо?” диэн ыйыппытым ол дьиэни ыйы-ыйа.
Оо онно мин уербутум даганы. Ол культура диэн сыстыбатах огото ол того музейга киирэ сатаабыппын ейдеебеппун даганы. Багар итиннэ дьол тосхойуон сэрэйбитим буолуо.
Урдук да урдук арка вороталары ааьаммыт биьиги ол Зимний Дворец (Эрмитаж) олбуоругар киирбиппит. Музейга киирэр аан таьыгар олус элбэх дьон турара, уксулэрэ араас омуктар этэ – японецтар, европеецтар, американецтар, кытайдар быьыылаага. Чун-чан бегелер - олох кус-хаас тойуга. Чаас анара уочаракка тураммыт биьиги иьирдьэ билет атыылаьан киирбиппит. Дворец иьэ тобус-толору киьи, киьи-киьиэхэ кэтиллэр элбэх киьитэ. Биьиги керуехтэн кэрэ кемус кирилиэьи тахсаммыт иккис этээскэ тахсыбыппыт. Олох ынырык кыраьыабай дыбарыас этэ, зал уеьээ зал. Туга барыта кемустэн оноьуллубут, бэл потолога кытта кемус этэ. Ийэм дьэ онно кемуьу себулуур киьи астыммыт агай этэ, олох харага халтарыйа сылдьара. Мин ол заллар устун хаама сырыттым, хартыыналары керебун. Ол сылдьан ийэбин сутэрэн кэбистим, олус элбэх киьи иьигэр мунан хаалбыппын. Ол курдук чаас анара быьа курдук ийэбин кердеетум. Булбатым. Арааьа бу куоракка соготох мунан хааллым диэн биир зал скамейкатыгар баран олордум. Ол олордохпуна биир азиат омук кэлэн мин аттыбар олордо уонна японскайдыы миэхэ тугу эрэ пуль-паль беге туьэрдэ, мин ейдеебетум. Арааьа мегер дуу быьыылаах. Мин ойон тураат куота турдум. Арай биир залга ийэм сылдьар эбит, кереет да олус уердум, бараммын кууьа тустум. Ол ханнык залга керсуспуппутун билиннээннэ дылы ейдуубун. Былырыын Питерга бара сылдьан ол музейга сылдьан ол залга сылдьыбтым уруккуну санаан эмиэ да сонньуйан, эмиэ да кулэн ылбытым. Ол зал иьин барытын кемуьунэн онорбуттар, Куп-куех колонналар, куех онноох вазалар. Бу санаатахха наьаа сыаналаах маллар буоллага, урут ыраахтаагылар дыбарыастарын киэргэтэн турдахтара. Онтон ийэм эттэ: “Наьаа да учугэй вазалар. Бу мантан тугу эмит ылбыт киьи”… Инник диэт суумкатыттан пакет хостообута уонна эппитэ “Бараннын ол залы харабыллыыр чуечэни аралдьыт, тугу эмит ыйыталас. Мин тугу эмит ылыам”. Мин иьиттим-истибэтим диэбиттии залы харабыллыыр нуучча чуечэтигэр тиийдим уонна “Где здесь выход” диэн ыйыттым. Чуечэм миэхэ тугу эрэ быьаара сатыыр, мин ейдеебетеге буолан кубулунабын, ол аайы ессе тугу эрэ кэпсээн ейдете сатыыр. Ол кэпсии турдагына харагым кырыытынан кербуппэр ийэм биир вазаны ылан пакетыгар уктан кэбистэ. (Бу харса суогун керун эрэ!) Уонна туох эрэ кыракый записка суруйан баран ол ваза миэстэтигэр уураат тахсан бара турда. Мин ийэбин батыьан эмиэ залтан тагыстым. Ол тахсан ийэбэр тиийбиппэр ийэм биир нуучча эмээхсинин кытта кэпсэтэ турар эбит. Ол эмээхсин ийэм вазаны уктубутун кербут. “Почему вы взяли эту вазу” диир. Онуох ийэм хардарар: “Я же здесь работаю. Это для реставрации взяли” диэбитэ. Эмээхсин: “А, ясно” дии хаалбыта. Биьиги тургэн улугэрдик дворецтан тахса турбуппут, багар кэннибититтэн ваза суогун билиэхтэрэ, багар тутуллан хаалыахпыт диэн. Тургэнник таннан тахсаммыт Невскай проспекка барбыппыт. Ол баран иьэн ийэм этэр:
Мин бу уруккуну саныы-саныы ынырык сонньуйабын, эмиэ да сегебун. Хайдах ол вазаны ыраахтаагы олоро сылдьыбыт двореьыттан биллэрбэккэ ийэм уорбута эбитэ буоллар. Дьэ дьикти. Урут видеонаблюдение игин диэн суох буоллага дуу?
Дьэ оннук биьиги сыаналаах вазавытын туппутунан биир антикварнай лавкага тиийбиппит. Лавка киирэн малы ханна туталларын ыйыппыппытыгар биир хоско киллэрбиттэрэ. Биир еврей курдук дьуьуннээх сааьыра барбыт огонньор олороро. Ол огонньор биир ханнык эрэ Россия киинэтин артыыьыгар майгынныыр этэ, артыыс аатын ейдеебеппун. Ийэм ол огонньорго эппитэ:
Онно мин соьуйбутум агай. 30 тыьыынча диэн ол сагана баьаам харчы буоллага дии. Ийэм себулэспитэ уонна 30 тыьыынчага ол вазаны туттарбыппыт. Билигин санаатахха арай документ игин ненуе ол вазаны туттарбыппыт буоллар элбэх харчы буолара буолуо. Дьэ оннук биир Питердаагы куммутугэр син ботуччу харчылана туспуппут. Уоруллубут харчыны уонна вазаны иккиэннэрин холбооммут биир кун 40 тыьыынча курдук харчыны онорбуппут. Билиннинэн ол харчы бэйэтин кэмигэр элбэх харчы эбитэ буолуо. Киэьэриитэ биьиги олорор дьиэбитигэр, эдьиийбитигэр Анастасия Михайловнага тиийбиппит. Ийэм киниэхэ илиитигэр харчы туттаран кэбиспитэ: “Дьокуускайтан дьонум харчы ыыттылар” диэбитэ. Ол онно эдьиийим уерэ туспутэ уонна кухняга киэьээнни аьылыгын тэрийэ суурбутэ. Онон биьиги уоран да буоллар син олорор сирдээх хааллахпыт.- Биир кун тулуйа сатаан баран ийэм бэйэтэ табаарыьыгар эрийбитэ. Табаарыьа ылбыта. Олох даганы ийэбин милииссийэлэр кердеебет эбиттэр, сыыьа ейдеебуттэр уьу. Ийэм онно уерэн харага уоттана туспутэ. Уонна эппитэ: “Бугун же дойдубутугар барабыт!”. Мин эмиэ итини истэн олуьун уербутум. Эмиэ да табаарыстарыгар кыьыйа санаабытым. Хайдах кинилэр милииссийэлэр кердеебеттерун ийэбэр эрийэн эппэккэ сылдьыбыттара буоллар. Атын куоракка таах мээнэ эрэйдэнэ сырыттахпыт дии. Ийэм итини истээт авиакассага эрийэн Дьокуускайга дылы кетер билет баарын ыйыталаспыта. Хата бугун киэьээ кетерге билет баар эбит, наьаа уерсубуппут. Тута малбытын хомунан барбыппыт. Уонна барарга тэриммиппит. Ол барар куммутугэр эдьиийбит Анастасия Михайловна дьиэтигэр суога. Бараары туран ийэм Анастасия Михайловна ыскааптарын хаьан киирэн барбыта уонна шкатулкаттан кыьыл кемус оноьуктары булан ылбыта (ытарга, биьилэх, сыапачка игин этэ). Ол кемуьу хостоот суумкатыгар уктубута. Мин ону сатаан тулуйан кербетегум. Бачча учугэйдик биьигини олордубут эдьиийбит эмээхсинтэн уоран барара диэн наьаа ынырык дии. Санаабар наьаа аьыммытым, бэйэтин да пенсията кып-кыра буолуо дии. Мин ол сагана улаатаммын уорар куьаганын барытын эппинэн-хааммынан ейдеен эрэрим. Сатаан тулуйбаккабын ийэбэр эппитим:
Мин тугу этэ сатаабыппын ийэм тута ейдеебутэ быьыылаага:
Биьиги тахсан барбыппыт уонна аэропорт диэкки авиакасса диэкки айаннаабыппыт.
Санк-Петербург куоракка кун бутэн эрэрэ. Биьиги таксига олорсоммут аэропортка тиийбиппит. Рейспыт биир-икки чаас курдугунан кетуехтээх. Вокзалга регистрацияны ааьаары кэтэьэн олорбуппут. Ол олордохпутуна ийэм эппитэ: “Мин туалетка баран кэлиэм, эн манна кэтэс, малларгын манаан олор”, - диэбитэ уонна туалет диэкки бара турбута. Ол баран того эрэ наьаа уьаабыта. 10-20 минута курдук буолбута буолуо. Мин тулуйбаккабын малларбын хааллараммын аэропорт устунан баран кердуургэ сананным. Онно-манна кетееру киьи беге мустубут. Олор быыстарыгар ийэм кестубэт. Мин ыксаатым агай. Кердуу сатаатым – ол тухары кестубэт. “Арааьа ийэм миигин манна хаалларан барбыт”, - диэн санаалар испэр киирдилэр. Наьаа хомолтолоох этэ, олох харагым уута бу таммалаан туьуех курдук. Сылайаммын олорбут сирбитигэр тиийбитим – хата ийэм олорор эбит! Бу дьолу! Онно олуьун да уербутум ээ. Тиийбиппэр ийэм: “Хайа бу ханна сырыттын? Киьини куттаатын дии! Кэтэс диэбитим буолбат дуо? Хайа малларгын ханна гыннын?!” Онуоха мин уокка огустарбыт курдук дейен хааллым уонна нэьиилэ эттим: “Эйигин кердуу барарбар манна хаалларбытым ээ”. Ийэм аймана агай тустэ: “Туох хара накаастаах уолай бу? Того хааллардын? Малларбытын уордарбыппыт батта…” Биьиги иэдээн беге буолла, айманыы кытаанага. Манныкка тубэспит дьон ейдуургут буолуо миигин. Атын ыраах куоракка тиийэн баран малгын сутэрэр диэн алдьархайдаах сор буолааччы. Хата дьолго паспорбытын уонна билеттарбытын ийэм кыра сумочкатыгар укта сылдьар эбит. Уоруйахтан уорар диэн алдьархайдаах дьыала буолар эбит, киьи да кулуен курдук. Онон туох да багажа суох регистрацияга киирбиппит. Регистрацияны игин ааьан, кыратык кэтэьэ туьэн баран самолеткутугар киирин диэн биллэрбиттэрэ. Аэропорт таьыгар тахсыбыппытыгар автобус биьигини самолетка илдьибитэ. Ол сагана урукку сэбиэскэй самолет кетере. “Ту-154” диэн ааттаах быьыылаага, билинни Боинг самолеттар сыттара да суога. Трабынан тахсаммыт самолетка киирдибит. Мин былдьаьа-былдьаьа туннук аттыгар олордум. Санаабар наьаа астынабын, бу иннинэ хаьан да маннык улахан самолетунан кете илик буоллагым. Дьэ самолетпут собуоттанна, кыратык суурэ туьэн баран халлаан диэкки куерэйэн тагыста. Самолет туннугунэн кербутум – олох куьаган буола сыстым. Мэйиим кытта эргийдэ, самолет диэнинэн кетербун куттанарбын дьэ онно ейдеебутум. Ол иьин билиннээннэ дылы ити куттаммыт санаам хаалбыт эбит, билиннээннэ диэри хаьан да самолетка туннук таьыгар олоро сатаабаппын, уеьээ халлаанна тахсарыгар харахпын симэн баран олоробун, туьэригэр эмиэ биир оннук. Ону билэр дьон Аэрофобия диэн ыарыы диэбиттэрэ.
Дьэ Дьокуускай куораппытыгар тиийдибит. Дьокуускайбытыттан тэйбиппит ыйтан ордук бириэмэ аастага дии. Куораппыт уруккутун курдук тураахтыыр, туох да уларыйыы суох эбит. Россия киин куораттарыттан кэлэн баран кердеххе – Дьокуускай наьаа да кыра буолар эбит, дьоно-сэргэтэ да агыйага. Аэропортан тахсаммыт автобуска олордубут. Айаннаан сылайан кэлэн баран автобуска олорор куьагана сурдээх эбит, таксинан барыахпытын малбыт быыьыгар суулаан укпут харчыбытын малбытын кытта уордахтара дии. Ол иьин кун бугунугэр дылы харчыны хаьан да багажка угумуохха наада эбит диэн санаага кэлбитим. Айаннааммыт дьиэбитигэр тиийбиппит. Дьиэбит куорат киинигэр баара. КПД дьиэ этэ. Бу дьиэни биьиги снимайдаан олорбуппут номнуо хас да сыл буолбута. Уеьээ тахсаммыт квартирабыт аанын аьан дьиэбитигэр киирдибит. Билигин эдьиийбин керсуем диэн уерэн агай киирбитим. Суох, хантан? Биьигини ким да уерэ керсубэтэ, дьиэбит иьэ уу-чуумпу. Ийэм хос аанын арыйан киирбитэ… Арай… Арай Ньургуйаана оронугар ейе суох сытар эбит. Сирэйэ-харага барыта кегерен, иьэн хаалбыт. Тулатыгар барыта пиибэ, водка бытыылкалара ыьылла сыталлар. Ийэм улаханнык аймана тустэ, баран Ньургуйаананы кууста.
Эдьиийим санарбат, бэл хамсаабат даганы. Ийэм эмискэ куйахам кууруер дылы кылана тустэ уонна Ньургуйаана босхо барбыт тебетун илгийэ-илгийэ:
Мин эмиэ ытаан бардым. Алдьархайдаах куьаган кун этэ. Ол куну билигин да санаатахпына куьаган буолабын. Кэпсииргэ да ыарахан… Тапталлаах эдьиийим Ньургуйаана елбут этэ. Баара-суога 18 эрэ сааьыгар олох кэрэтин ситэ кербекке туораатага…
Хайдах елбут диир эбит буоллаххытына маннык. Ол сыл Ньургуйаана оскуоланы бутэриэхтээгэ. Эппитим курдук биьиги Москванан-Питерынан куруу барарбытыгар кини Дьокуускай куоракка суога, ол иьин ийэм мин ага курдук таптыыр киьибэр Егорга эппитэ – кере-харайа сылдьаар диэн, уонна биьиги айанныы турбуппут. Ньургуйаана Дьокуускайга кэлбитин кэннэ кинини Егор бэйэтигэр ылбыт эбит. Бастаан син учугэйдик олорон испит. Кини эмиэ Егоры агатын курдук чугастык, кундутук саныыра. Арай ол олордогуна Сергей хаайыыттан тахсыбыт. Кини тахсыбытын истээт Ньургуйаана Егор дьиэтигэр тулуйан-тэьийэн олорбот буолбут, онтон тиьэгэр тиийэн эппит: “Мин дьиэбэр баран олорууьукпун. Сергей хаайыыттан тахсыбыт уьу дии”. Ону Егор кинини ыыта сатаабатах, хаайыыттан сана тахсыбыт киьиттэн сэрэхэдьийэ да санаатага дии. Ону Ньургуйаана буолуммакка дьиэтигэр барбыт. Ол тиийбитигэр Сергей дьэ куннээбит. Ньургуйаананы куус еттунэн баьылаабыт, ону ол диэбэккэ бииргэ арыгылаьар эмиэ урукку хайыылаах доготторун мунньан, кинилэринэн эмиэ кууьулэттэрбит. Биир кун улаханнык итирэн баран сирэйин-харагын тебетун охсо-охсо кууьулээбиттэр. Ол кырбанан Ньургуйаана ейун сутэрбит уонна устунан елен хаалбыт эбит. Баара-суога биьи кэлиэхпит биир эрэ кун иннинэ этэ. Арай биьиги биир кунунэн эрдэ кэлбиппит буоллар – багар кини билигин да тыыннаах буолуо этэ.
Сергей сиэхсит билиннээннэ дылы хаайыыга олорор. Олордун ээ. Ким эрэ тыынын быьар, бэйэтиттэн кыагынан кыра киьини итинник куус еттунэн ылар дьону хаайыыга сытытыахха наада. Куннэр-дьыллар ааьан испиттэрэ мин лаппа улааппытым. Эдьиийим елуегуттэн ыла ийэм олох буорайбыта. Урукку кэрэ сэбэрэтэ сууйуллан-сотуллан хаалбыта, сааьыран барбыта харахха кестер буолбута. Дневнигар суруйарынан маннык диир эбит: Онорбут буруйдарбар, аньыыбар манныкка тиийдэгим, - диир эбит. Ол да буоллар онорор буруйдарын сатаан бырахпатага, уорарын курдук уора барара, халыырын курдук халыы барара. Аны туран кини атын дьаллыкка ылларбыта. Ол дьаллыгын – уйэтин тухары биир утуетэ этэ диэххэ сеп. Кини аны уоран булбут харчытынан кыаммат соготох ийэлэргэ кемелеьер буолбута. Багар маннык гыннахпына аньыым сотуллуо дии саныыра эбитэ буолуо. Урут Москвага бииргэ уерэммит однокурсницалаах эбит. Ол дьуегэтэ Таня диэн ааттаах этэ. Таня уерэгин бутэрэн баран Сахатын сиригэр теннен кэргэн тахсыбыт. Туерт огону тереппут эбит. Олус учугэйдик олорбуттар, ол олордохторуна тапталлаах кэргэнэ кинини уонна оголорун быраган барбыт, саатар оголоругар да кемелеспет эбит. Аны туран оголоро кыра буолан кыайан улэлиир кыага суога. Дьэ аны ийэм ол Таняны кытта булсубута, киниэхэ харчынан кемелеьер этэ. Таня наьаа да уерэрэ, билиннээннэ дылы ийэбэр махтана саныыр. Мин Танялыын билсэбин, ийэм туьунан биирдэ маннык ахтан ааспыта: “Кэргэним быраган барыагыттан ыла биьиги олохпут мелтеебутэ. Оголорум барахсаттары аьатарбар ас да суох этэ, кемелеьер тереппуттэрим суохтара, саатар аймахтарым кемелеьуехтэрин бэйэлэрэ кыамматтар этэ. Улэлии барыахпын – кыра уолум доруобуйатынан мелтех этэ, наар кинини ыарыылыахха наада. Государство ого харчыта уонна кырам пенсията биэрэрэ да ол теье буолаахтыай. Биэс айахха тиийбэт этэ. Онтон биирдэ эн ийэгин Ларисаны керсубутум, кинини кытта урут бииргэ уерэммиппит. Урут Москвага уерэнэр эрдэгинэ наьаа сытыы-хотуу, кэлбит-барбыт, мааны да кыыс этэ. Миигин тулаайагым иьин сэниир курдук туттара, ол иьин мин кинини абааьы керерум. Кэргэним миигин быраган барбытын кэннэ Ларисаны керустум, учугэйдик кэпсэттибит, кини миигин дьиэтигэр ыныран ылан аьатан-сиэтэн ыалдьыттатан кундулээтэ. Мин киниэхэ кыаммат ологум туьунан кэпсээбиппэр миигин наьаа аьыммыта, бэл аьынан харагын уута таммалаабыта. Ол кэнниттэн кини миэхэ сиэбиттэн харчы таьааран утары ууммута, оголоргун манан аьат диэбитэ. Мин соьуйан хаалбытым, ким да миэхэ маннык босхо харчы биэрбэт буоллага. Бастаан утаа ылымаары гыммытым, теье да харчыга наадыйбытым иьин. Ону кини миэхэ кууьунэн сиэппэр уган биэрбитэ. Ол кунтэн ыла кини миэхэ еруу кемелеьер буолбута. Кини баар буолан биьиги кун бугуннээннэ дылы тыыннаах олордохпут эбитэ буолуо. Утуе да киьи этэ – эн ийэн”, - диэн ахтааччы. Ити тыллар миэхэ олус сылаастык испэр киирбиттэрэ. Ол эрэн ити утуе быьыытынаагар хара аньыылара багар элбэгэ эбитэ буолуо, итини туох да диир кыагым суох.
Сыллар ааспыттара. Мин улаатан оскуоланы бутэрбитим. Оскуолага уерэнэр эрдэхпинэ учууталларым этэллэринэн тылга дьогурдаагым эбитэ уьу, ону таьынан физиканы, биологияны эмиэ интриэьиргиирим. Ханныкка туттарсабын диэн боппуруос уескээбитэ. Филологияга дуу, медицинага дуу, эмиэ да инженер буолуохпун багарар курдук этим. Ити эппит уерэхтэрбэр барыларыгар киирэр кыахтаах этим, ол эрэн мин тыл уерэгин талбытым. Онно уерэнэ киирэр буолбутум. Абитуралыыр кэммэр олус хомолтолоох тугэн буолбута. Дэриэбинэгэ олорор эбээм елбут уьу. Мин наьаа хомойбутум, улахан санаага ылларбытым. Мин наьаа уйан дууьалаах этим. Эбээбин бутэьигин начаальнай кылааска уерэнэр эрдэхпинэ, куоракка кеьен кэлиэхпит иннинэ кербутум. Этэн ааспытым курдук ийэм эбээбин кытта улаханнык этиспиттэр этэ, ол иьин биьи эбээбитин керсуьэ барарбытын ыыппат этэ. Ол иьин мин киниэхэ хом санаалаахпын. Толкуйдаан кердеххе, эмиэ да сепке гынара буолуо. Ол биьиги уоруйах дьахтар оголоро дэриэбинэгэ баран аймалган таьаарар буоллахпыт дии. Эбээм елуер дылы наьаа соготохсуйар эбит, дэриэбинэ дьоно ийэбиттэн кэлэйэннэр киниттэн тэйбиттэр уьу.
Дьэ куьун буолла, мин уерэхпэр ЯГУга киирдим. Наьаа да учугэй кэмнэр этэ. Дьон олого ол кэмнэргэ тупсан барбыта, сана уйэ, сана кэм буоллага дии. Хамнас уруккутун курдук уьаабакка кэлэр этэ. Уерэнэ сылдьан сана доготтордоммутум-атастардаммытым. Ийэм сааьыран барбыта, уорарын курдук уорар этэ. Онон харчыга тутайбат этибит. Мин кини уорарын испэр себулээбэт этим, ол иьин бастакы курска уерэнэр эрдэхпинэ киниттэн тутулуга суох буолаары улэлииргэ санаммытым. Уоруллубут харчынан наьаа аьаан, таннан олорботох киьи. Мин кыралаан араас холтуураларга улэлиирим, ардыгар грузчиктыыр да этим.
Дьэ билигин мин эьиэхэ маннайгы куустээх тапталым туьунан кэпсиэм. Ол сагана мин иккис курска уерэнэр этим. Биир кун миигин чугас догорум, однокурснигым Афоня тереебут кунугэр ынырда. Мин бараары бэлэмнэнии, уеруу-кетуу беге. Тугу бэлэхтиибин диэн боппуруос буолла, толкуйдаан толкуйдаан киниэхэ кальян бэлэхтииргэ сананным. Афоня табахтыыр этэ, ол иьин кальяны сириэ суога дии санаабытым. Дьэ бэлэхпин кыбынан кини аймахтарын дачатыгар бардым. Ол онно буолар этэ тереебут кунэ. Суурбэ сааьын туолар этэ. Тиийбитим дьоннор сана мустан эрэллэр этэ. Барыларын кытта дорооболостум, сорохторун билэттиир эбиппин, сорохторун кытта сана билсистим. Дьэ кердеех-нардаах тереебут кун сагаланна. Биьиги шашлык буьардыбыт, вино, пиво арыйан истибит. Ол олордохпутуна олбуор аана арыллан кэллэ уонна сэмэй да сэмэй кыысчаан киирэн кэллэ. Сааьынан миигиттэн балыс керуннээх, быыьанайдыны сырдык дьуьуннээх. Кини киирээтин кытта мин сурэгим хайдах эрэ нуелуйэ тэбиэлээтэ. Бу иннинэ хаьан да кыыьы кердехпунэ инник иэйиигэ ыллара илик буоллагым дии. Табаарыьым Афоня кинини керустэ, кыыс киниэхэ бэлэгин туттаран кэбистэ, Афоня кыыьы остуолга агалла уонна барыларыгар билиьиннэрдэ:
Дьэ онно мин аан бастаан кини аатын иьиттим. Сандаара… Наьаа да кэрэтик иьиллэр этэ. Ол кунтэн ыла кини аата миэхэ сандааран киирбитэ. Тереебут кун буоларын тухары мин кинини эрэ кистээммин керен тагыстым, наьаа да кэрэ иэйии этэ. Кыыьым наьаа сэмэй. Атын кыргыттар ол олороннор пиво, вино иьэллэр, онтон Сандаара олох испэт этэ. Мин кинини кытта бараммын чугастык билсиэхпин наьаа багарбытым, ол эрэн толло санаабытым. Дьэ оннук тереебут кун ааста. Ол кунтэн ыла мин Сандаара эрэ туьунан санаан тагыстым, утуйаары сытаммын кинини харахпар ойуулаан керебун, уьуктарбар кинини санаан уьуктан кэлэбин, туулбэр кытта кестер этэ. Биирдэ мин Афоняттан Сандаара туьунан ыйыттым:
Ити итинэн ааста.
Биир сааскы киэьээ дьиэбэр сыттахпына Афоня миэхэ эрийдэ уонна центрга Ленина болуосакка ыныран ылла. Ол сагана дьэ бука барыларыгар сотовай телефон баар буолбута, онон урукку курдук стрелкаласпат игин буолбуппут.
Ийэм сыллаан миигин атаарбыта. Эдьиийим елуегуттэн ыла ийэм туох баар таптала барыта миэхэ кеспутэ. Ескетун мин туох эрэ куьаган буолар тугэммэр ийэм барахсан сатаан тулуйбат буоллага, ол иьин миигин наар харыстыы сатыыр этэ.
Мин дьиэбиттэн тахсаммын киэьээнни автобуска олорсон Ленин болуоссатын диэкки айанныы турбутум. Саас ыам ыйа булан теье да киэьэрдэр кунускулуу сырдык этэ. Сайын чугаьаан дьоннор бары сэргэхсийэ агай сылдьаллара, куорат устун сиэттиспит уоллаах-кыыс паралар элбээбиттэр этэ. Ол паралары кереммун мин наьаа да ымсыыра санаабытым. “Арай мин эмиэ итинник Сандаараны кытта сиэттиьэ сылдьарым эбитэ буоллар”, - диэн санаабытым. Болуосакка тиийдим, дьон беге олорор эбит. Афоняга эрийэммин ханан баарын ыйыттым, фонтан таьыгар скамейкага олорор уьу. Дьэ ол диэкки бара турдум, арай фонтан таьыгар уоллаах кыыс олороллор. Уолу кэнниттэн кербутум – Афоня буоларын билбитим, онтон кыыьы билбэтэгим арааьа кыыьа Вера быьыылаах дии санаабытым. Дьэ иннилэригэр тиийэн кербутум арай Афоня таьыгар Сандаара олорор эбит. Мин соьуйдум агай. Афоняны кытта илии тутуьан дорооболостум, Сандааралыын эмиэ. Мин долгуйдум агай, Сандаара миигин ейдуурэ эбитэ дуу…
Мин дьэ испэр барытын ейдеетум. Афоня биьигини соруйан керсуьуннэрбит эбит, Сандаараны таптаабыппын билэр буоллага дии. Табаарыспар испэр наьаа да махтана санаатым. Дьэ оннук скамейкага кэпсэтэ-кэпсэтэ олордубут. Биьи Сандааралыын килбиктик мичээрдэьэн, уоран бэйэ-бэйэбитин керсе олоробут. Мин кинини кердехпунэ харагын куоттаран кэбиьэр, мин эмиэ оннук гынабын. Билигин кэлэн кулэ саныыбын. Арай ол олордохпутуна кэннибититтэн ким эрэ хаьыытаата:
Кэннибитин хайыьан кербуппут – Афоня кыыьа Вера турар эбит. Вера олус кунууьут, айдааннаах кыыс этэ. Суурэн кэлэн эттэ:
Барбыттарын кэннэ кулсэн беге буоллубут: “Сандаара, эн миэхэ кыыс буолбут уьугун дии” диэн буолла уонна кулсэн быарбыт быста сыста. “Иннэ диэбитигэр Вера итэгэйдэ дии”. Дьэ оннук биьиги олорон кэпсэтэ тустубут, сана билсэр буоламмыт тонуй согустук кэпсэтэбит, бэйэ бэйэбититтэн кыбыстыьар курдукпут. Сандаара эттэ:
Дьэ оннук кыыспын атаарар буоллум. Дьиэтэ Оржанка диэкки баар этэ. Биьиги бытаан согустук хаамсаммыт ону-маны кэпсэтэ кэпсэтэбит хаамса турдубут. Кэпсэтиибит уксэ уерэх туьунан. Дьиэтигэр кэлбиппитигэр мин кини телефонун нуемэрин кердеетум, испэр долгуйа-долгуйа. Оннук нуемэрдэрбитин атастастыбыт, СМСтаьыах буолбуппут. Кыыьым дьиэтин ааныгар киирэ турда, мин эмиэ эргиллэн бара турдум. Ол баран иьэн кэннибин хайыьан кербутум Сандаара эмиэ кэннин хайыьан миигин керер эбит. Ессе тегул илиибитин далбааттаьан покаласпыппыт. Мин уербуччэ-кеппуччэ, дьолломмучча дьиэ диэкки суурунэн тэбинэ турдум. Ол баран иьэн табаарыспар Афоняга СМС суруйан ыыттым: “Спасибо. Ты самый лучший друг”. Дьэ ол кунтэн ыла сана иэйиилэр, сана таптал, сана олох сагаланнага. Дьиэбэр кэлбиппэр ийэм суох этэ, бука арааьа ханна эрэ “улэлии” барбыта буолуо, киэьээ хойут харага уоттанааччы. Мин киниэхэ эрэ наадыйбатым, Сандаараны саныы-саныы утуйаары сыттым.
Сандаара! Сандаара ол кунтэн ыла мин олохпор хаьан да умнуллубаттыы киирбитэ, кини эрэ мин харана олохпун соготох кун буолан сырдаппыта. Хаьан да хоьоон диэни айбат киьи киниэхэ эрэ анаан хоьоон айар буолбутум, иэйиим араас ыырдарын арыйбыта, дууьабар кестубэт кыллары уьугуннаран оонньоппута. Кинини ахтыбытынан уьуктан кэлэрим, уьун куну быьа ейбер кини эрэ аата ааттанан тахсара. Таптал диэни урут хаьан да билэ илик киьи оннук курдук ылларбытым. Урут кинини керсе иликпин саныырым ээ – мин арааьа муус сурэхтээхпин быьыылаах диэн. Суох оннук буолбатах эбит, теье да тон муус сурэхпэр кини дьэрэкээн сибэкки буолан тыллыбыта.
Кинини атаарбыт кунум сарсыннытыгар телефоммун илиибэр тутан баран олоробун. Улахан санаага ыллардым – СМС ыытабын дуу, суох дуу диэн. СМС ыыттахпына багар эппиэттиэ суога диэн куттанабын. Ол эрэн тулуйа сатаан баран киэьэтин харса хабара суох санаабын киллэрэн телефоммун ыллым да киниэхэ СМС суруйан ыыттым: “Привет, как дела?” диэн. СМС барда, тиийдэ диэн доставка кэллэ. Ол эрэн эппиэт суох. Мин куну быьа уерэ сылдьыбыт киьи улаханнык хомойо санаатым. Телефоммун ыламмын хаста да керебун, СМС суогун курдук суох. Санаам улаханнык туьэн утуйан хааллым. Туун наьаа куьаган туул туьээтим: ийэбин милииссийэлэр тутан ылан хаайан кэбиьэллэр, миигин доппуруос беге ыйыталлар. Наьаа да куьаган туул этэ. Сарсыарда уьуктан баран – хата туул эбит диэн уерэ санаатым. Ийэм хаайыыга бардагына хайдах буолуомуй, миэхэ биир чугас киьим буоллага. Киниттэн атын кимим да суох. Ороммуттан тураат аттыбар сытар телефону харбаан кердум – икки СМС кэлбит эбит. Мин сурэгим долгуйан битиэлии тэбиэлээтэ. СМСтарбын арыйан кербутум – биир туох эрэ спам эбит, онтон иккис СМС киниттэн кэлбит. Бу дьолу! Сандаара суруйбут: “Привет, Сеня. У меня все отлично, а как у тебя дела?” диэбит. Мин наьаа уердум, арааьа бэгэьээ багар минуска барбыта буолуо диэн санаатым. “У меня тоже все хорошо. Может сегодня встретимся?” диэн саайдым уол огото. Хата СМС-ьа уьаабакка кэллэ: “Хорошо, после обеда встретимся в Оржанке” диэбит. Мин дьоллономмун сахага тэнэ суох сананным. Тураммын суунан-тараанан баран сарсыарда ийэм бэлэмнээбит аьын сиэтим уонна таннаммын куоракка тагыстым. Крестьянскай рынок таьыгар баар сибэкки магаьыыныттан алта манан роза сибэккини атыыластым. Уонна Оржанка диэкки сатыы хаама турдум. Мин куорат устун наар сатыы эрэ сылдьарбын себулуубун. Аан маннайгыбын кыыска сибэкки илдьэн эрдэгим дии. Оржанкабар тиийэммин кэтэьэ олордохпуна кэннибэр: “Сеня” диэн сананы истэммин кэннибин хайыьан кербутум – Сандаара уерэн мичээрдии агай турар эбит. Мин киниэхэ тиийэммин маарыын атыыласпыт – алта манан розабын туттаран кэбистим, испэр наьаа долгуйабын. Кыыьым соьуйда агай уонна эттэ:
Чэ буоллун, спасибо, - диэтэ.
Мин ол кун сана истибитим – четнай ахсааннаах сибэккини бэлэхтээбэттэрин, похоронага эрэ тутталлар эбитэ уьу. Дьэ оннук курдук биьиги куорат устун хаамыстыбыт, кыракый кафега киирэммит олордубут. Пирожнай сакаастаан баран кэпсэтэ олордубут. Кэпсэппиппит биьиги наьаа элбэх уопсай интириэстээх эбиппит. Онон араас темаларга ырытыьа олордубут, ол быыьыгар сепсеспетехпутунэ кыратык меккуьэн ылабыт, ол эрэн мин бэринэн кэбиьэбин. Ол кун мин кинини эмиэ дьиэтигэр атаарбытым. Ол онтон ыла чыычаагым сыыьа мин олохпор хаьан да тахсыбаттыы киирбитэ. Кун аайы кэриэтэ керсуьэн бииргэ куулэйдиир буолбуппут, ардыгар киинэгэ сылдьарбыт. Арай аны туран хаьан да театрга сылдьа илик эбиппит, ол иьин театрга барыахха диэн буолла. Саха театрыгар бараммыт биир ханнык эрэ спектаклы кереммут наьаа астыммыппыт, ол спектаклы билиннээннэ дылы кердереллер эбит. Ааспыт сыл ол спектаклга сылдьыбытым, хомойуох иьин Сандаарата суох… Ол кэмтэн ыла Саха театрын спектакларыгар наар сылдьабын. Театр диэн эйгэни ис сурэхпиттэн таптаабытым, бэл киинэтээгэр уонна музыкатаагар ордоробун. Театрга сылдьар диэн эмиэ биир ыарыы эбит. Гынан баран учугэй ыарыы.
Куннэр-хонуктар аастылар сайынны сессиябыт буттэ. Кини сайын сайылыы дойдутугар эбээлээгэр тахсар буолла. Мин кинини ахта-сайыьа хааллым. Ол сайыны мин куоракка атаарбытым уонна атырдьах ыйыгар ийэбин кытта Турцияга баран куулэйдээн, муорага сынньанан кэлбиппит. Ол сагана билинни курдук Таиланна игин барар муода суога. Уксулэрэ бары Турцияга уонна Египетка эрэ бараллара. Египетка ол сыл иннинэ однокурсниктарбын кытта бара сылдьыбытым. Ол сыл ийэм доруобуйата биллэ мелтеебут этэ, наар сэниэтэ суох курдук туттар буолбут этэ. Ол кэмнэргэ кини наар этэр буолбута: “Сэмэнчик, эн ыал буола охсуон этэ. Кийииппин керуехпун багарабын”. Мин ийэм ыарытыйар буолан куннэрэ аагыллыбытын билбэт да буоллагым.
Куьун уерэхпит сагаланарыгар Сандаара дойдутуттан кэлбитэ, чыычаагым сайын устата наьаа хараарбыт эбит. Сайын окко сылдьыбыт уьу. Кэьиитин диэн миэхэ барыанньа арааьын агалбыт этэ. Мин онно уердэхпит эриэхсит! Дьэ оннук куннэр ааьан истилэр, биьиги наар керсуьэр этибит. Наар бииргэ куулэйдиирбит. Биир алтынньы ыйынаагы кун киэьээ киинэгэ сылдьыбыппыт. Ол кун куоракка маннайгы хаар туьэн таммалыы турара. Ыраас да ыраас манан хаар сиргэ таммалаан тохторо уонна сири барытын буус-бутуннуу мап-манан гыммыт этэ. Кыыспын дьиэтигэр атаардым, дьиэтин таьыгар кэлэммит ер да ер утары керсен турдубут уонна мин кинини уураан ыллым. Наьаа минньигэстик уураьаммыт бэл сиртэн тэйэн тахсыбыт курдук санаммытым. Ол кун биьиги аан маннайгы уураьыыбыт этэ. Биьиги оголуу истин догордоьуубут аны ол кун туспут хаар курдук ыраас да ыраас тапталга кубулуйбута.
Ол кыьын тургэн улугэрдик ааспыта. Дьоллоох дьонно бириэмэ биллибэттии тургэнник ааьар эбитин эппинэн-хааммынан билбитим. Саас аны биьиги ыал буоларга санаммыппыт. Того диэтэр бэйэ бэйэтэ суох олох табыллыбат этибит. Аны сайын сыбаайбалыахха диэн буолбута. Мин кини дьонноругар билсиьэ барбытым, наьаа долгуйар этим. Кыыс дьонугар бастакыбын билсэ бардагым дии.
Оржанка болуоссатын таьыгар олорор дьиэлэригэр тиийбиппит. Ааны ийэлээх-агата арыйбыттара, биьигини уерэ-кете керсубуттэрэ. Ыраас дьиэлээх, кыахтаах, мааны ыал этилэр. Толору, минньигэс астаах остуолу тарпыт этилэр. Мин эттим:
Онуоха агата:
Сандаарам барахсан уерэн мичээрдии агай олороро. Оннук курдук мин кини тереппуттэрин кытта себулэспиппит уонна еребул кун мин дьоммун кытта билсиьэ кэлэллэригэр ынырбытым.
Мин еребул куну кууппутум. Дьиэбэр тиийэммин ийэбэр кэпсээбитим, ийэм теье да биьиги эрдэ холбоьорго санаммыппытын себулуу истибитэ уонна эппитэ:
Уорума диэхпин тылым тахсыбатага: - Сотору уерэхпин бутэрэн мин улэьит буолуом, эн уораргын бырагыан этэ. Мин эйигин иитиэм.
Биьиги ер согустук куустуьан олорбуппут.
Еребул кун тигинээн кэлбитэ, ийэм сарсыарда эрдэ туран ыллыы-ыллыы (кини иэйдэгинэ наар ыллыыр идэлээгэ, ол ыллыыр талаана миэхэ бэриллибэтэх, биир эмэ ырыаны сатаан ыллыырым эбитэ дуу суога дуу) фирменнай блюдатын мантыны кытта араас элбэх салат буьарбыта. Киэьээнни аьылыкка Сандаара дьонноро кэлиэхтээх этилэр, биьиги барытын бэлэмнээн бараммыт хаьан кэлэллэрин кэтэьэн олорбуппут. Баар-суох мааны танаспытын танныбыппыт. Эмискэ аан звонога тыаьаабыта, мин тураммын: “Ийээ, манна олор. Мин ааны бэйэм баран арыйыам” диэбитим уонна ааны арыйа суурдум. Ааны аспыппар эмиэ маанытык да танныбыт Сандаара тереппуттэрэ тураллара, кинилэр кэннилэригэр мин Сандаарам миигин керен эмиэ дьоллоно туспутэ. Ыалдьыттарым киирбиттэрэ, мин кинилэри саала хоско ынырбытым:
Розалия Ивановна, Дмитрий Дмитриевич уонна Сандаара саала хоско ааспыттара, кинилэри батыьаммын мин эмиэ киирсибитим.
Розалия Ивановна ийэбэр: “Здраствуйте” – диэн иьэн бете бэрдэрбитэ. Дорооболоьорун да ситэ эппэтэгэ. Ийэм онно сирэйэ-харага таас курдук тыйыс буола охсубута. Уонна эмискэ Розалия Ивановна соьуйбут курдук: “Бу эн дуо?!”. Мин туох буоллагай диэммин соьуйбутум, ийэм тугу да санарбакка умса туттубута.
Мин кыбыстаммын сиргэ тимириэхпин багарбытым, онтон Сандаара соьуйан кытарыагын кытаран хаалбыт этэ. Розалия Ивановна тохтооботого, ессе улаханнык хаьыытаан барбыта:
Мин икки харагым уутэ кестубэт буолуор дылы сааппытым уонна тулуйбакка дьиэттэн суурэн тахсыбытым. Харагын ханна керер да ол диэкки суурэ турбутум. Сандаара ийэтэ ити эппит тыллара кулгаахпар ессе да иьиллэр курдуктара. Бу сааты-сууту. Мин ийэм ким буоларын биллэхтэрэ. Хайдах курдук онно кыбыстыбыппын, хайдах курдук куьаган санаага ылларбыппын киьи-киьиэхэ кыайан эппэт. Бу мантан ыла Сандаара харагын аны хайдах кыбыстыбакка керебун. Табыллыбат!!! Бу кэриэтэ елбут ордук… Ол киэьэни быьа мин куорат устун харагым ханна керер да ол диэкки хааман испитим. Онтон атагым миигин атаьым Афоня дьиэтигэр агалбыт этэ. Кини биир хоьу снимайдаан соготох олорор этэ. Дьиэтигэр киирэммин ааны тонсуйбутум, догорум ааны арыйан киллэрбитэ.
Ол кун мин санаам оонньоон хаьан да испэтэх элбэх арыгыбын испитим.- Сарсынны кунугэр маннык санаага кэлбитим – аны Сандаараны хаьан да керуем суога. Аны киниэхэ кестерум табыллыбат… Ийэбэр улаханнык кыыьыра, естуйэ санаабытым, аны кинини эмиэ керуем суога. Хайдах буолабын?! Аны олох олорорум сатаан табыллыбат… Афоня дьиэтигэр суох этэ, ол кун кини уерэнэ барбыта, мин уерэнэ барбатагым… Арай биир санааны ылыммытым. Таьырдьа дьиэ таьыгар аптекага тахсыбытым уонна сиэппэр укта сылдьар бутэьик харчыбынан барытынан харагым себулуу кербут эмпин барытын атыыласпытым. Аптекарша соьуйбут курдук туттан ыйыппыта: “Бачча куустээх антибиотигы туохха ыллын?”. Миигин ити тыллар ис-испиттэн кыынньаабыттара: “Тебе то какое дело, б***?! Агал диэбит эмтэрбин ыйытыыта суох агал!” диэн хаьан да маатыранан санарбат киьи хааьыытаан саайбытым. Аптекарша тугу да аахсыбатага, куттаммыт курдук эмтэри агалан биэрбитэ. Ылыахтаахпын ыламмын атаьым дьиэтигэр киирбитим. Эмтэрбин хостооммун барытын остуолга уурбутум уонна бэгээьээнни ордубут водканы кытта барытын иьэн кэбиспитим. Харагым кыра-кыралаан умуллан барбыта… Туох буолбутун салгыы ейдеебеппун, эмиэ да хотуолуур курдукпун, эмиэ да ытыыр курдукпун… Онтон эмискэ барыта умуллан хаалла…- - Августина Николаевна, пациент Семен уьугунна быьыылаах, харагын хамсатта, - диэн тыллары истибитим. Мин тугу да ейдеебеппун. Бу ханна кэллим? Барыта мап-манан, тула аппараттар тураллар, система туруубкалара тураллар.
Мин тебем барыта ***-хаа курдук, иьим ыалдьар, егуйуех курдукпун. Нэьиилэ сана таьааран ыйыттым:
Мин ынырык элбэх таблетканы иьэммин ейе суох сыттахпына догорум Афоня кэлэн быыьаабыт этэ, тута суьал кемену ыныран балыаьага илпиттэр этэ. Багар онно агыйах чааьынан атаьым кэлбэтэгэ буоллар багар мин кун бугун суох буолуо эбиппин. Онон Афоня миэхэ сана ологу бэлэхтээбитэ.
Республиканскай балыаьага мин хас да кун сыппытым. Ессе да олох олоруохпун багарбат этим. Того мин елбетегум эбитэ буоллар диэн санаалар киирэ тураллара. Кун аайы догорум кэлэн миигин керсере, наар санаабын кетеге сатыыр этэ. Биир кэлээьинигэр миэхэ сотовай телефоммун агалбыта. Телефоммун кербутум – хас да пропущеннай звонок баар эбит. Сандаара уонна ийэм хаста да эрийэ сатаабыттар. Сандаара СМС ыыппыт этэ: “Сеня, ты где? Давай поговорим. Эн туох да буруйун суох ээ. Мин эйигин таптыыбын”. Мин туох да диэхпин булбатагым уонна хардаран СМС суруйан ыыппытым: “Сандаара, биьиги аны кэпсэтэрбит суох… Бырастыы. Быраьаай… Умун миигин”. Итинник диэн суруйан ыытаат кини номерын сотторон кэбиспитим уонна телефонум симкатын ыламмын тоьутан кэбиспитим… Санаабар кини нуемэрин умна сатыырым да, сатаан умнубат этим…
Балыаьага сыттахпына биир кун аан арыллан кэлбитэ уонна мин ийэм киирбитэ. Мин соьуйуогун соьуйбутум, арааьа Афоня манна сытарбын эппит быьыылаах. Ийэм ити агыйах кун иьигэр кырдьыбыт курдуга.
Мин хаьыытыы туспутум:
Түмүгэ
Куннэр ааьан испиттэрэ, мин балыаьаттан тахсыбытым. Санаабар ологум барыта буппут курдуга. 21 саастаах, чорон соготох, алдьаммыт олохтоох турар бэйэбинэн бэйэм эрэ хаалбытым. Уруккум курдук кулбэт-уербэт этим. Санаабар наар Сандаара, Сандаара эрэ кестере… Сандаарабын наьаа да ахтыбытым, испэр теье кинини кере барыахпын багарбытым буолуой, ол эрэн сатаан барар кыагым суога. Кини учугэй уерэхтээх, утуе тереппуттэрдээх, мааны кыыс буоллага. Онтон мин… Мин эрэйдээх уоруйах ийэлээх буоллагым… Ийэлээгим диир кыагым аны суох буолбута, ийэбиттэн тэйбитим… Олохпуттан кинини соппутум… Ол эрэн теьелеегун ийэбин керуехпун багарарым буолуой… Мин наьаа гордай этим… Хаьан да бастакынан эйэлэспэтим, эгэ бырастыы гыныам дуо…
Куннэр дьыллар ааспыттара. Балыаьаттан тахсан баран мин бастаан Афоняга олорбутум. Мин олохпор чугас аны ким да суох буоллага, бу Афоняттан ураты… Били урут Егор диэн агам тэнэ чугастык саныыр киьим атын куоракка кеьен барбыт этэ… Кинини ейдуургут буолуо, кини мин ийэбин таптаан кэргэн ыла сатаабыт киьи. Кини кун курдук утуе санаалаах киьи этэ.
Санаабар баттатан сылдьыбытым, уерэхпэр барбатагым. Аны арыгынан эрэ аьыыр буолбутум. Санаабар арыгы уохтаах утагын истэхпинэ чэпчиир курдугум… Урут хаьан да арыгыны эккирэтэн туран испитим диэн суога, аны кэлэн дьэ арыгыта суох сатаммат буоллагым… Уерэхпин бырахпытым, бастаан ыныра сатаабыттара да барбатагым (урут бастын уерэнээччи этим). Хас да экзаменна барбатагым иьин уьулабыт диэн приказ таьаарбыттар этэ. Мин “саатар эрэ” диэн санаабытым, аны кэлэн уерэх миэхэ туохха наада буолуой. Уерэнэммин аны киммин иитиэмий-аьатыамый… Кимиэхэ да туьата суох, “уоруйах уола” диэн сууспэр бэчээттээх хааллагым… Ол сагана догорум Афоня наьаа да аьынар этэ, миэхэ наар кемелеьере сатыыра, ейуурэ-ейдуурэ. Биирдэ эмит:
Елбутум буоллар ордук буолуо этэ.
Киьи олого туннэри туьэрэ тургэн да буолар эбит. Урут мин сага ейдеех, учугэйдик уерэнэр, улэлиир киьи суох буолара. Преподтарым миигин наар холобур эрэ оностооччулар. Ол бэйэм аны арыгыьыт буолан эрдэгим… Ол иьин да норуот еьун хоьооно сепке этэр эбит: “Уол огото биир кун ат урдутугэр, биир кун ат ерегетугэр” диэн.
Ол илини-аргааны билбэт буола сырыттахпына ийэм улаханнык ыалдьыбыт сурагын истибитим. Сурага миигин ыныртарар уьу, ону истэммин мин киниэхэ кыыьырбыт санаам ааьа илик буолан эппитим:
Ити итинник ааспыта. Ийэм эрэйдээх ол онно ологор куннэрэ аагылланнар агыйах эрэ хонук хаалбытын хантан билиэмий. Рак диэн ыарыы баар эбит, киьи этин-хаанын барытын суьурдэр, киьини иьиттэн кэрбээн сиир ыарыы. Хара кырыыстаах ыарыы!
Биир кун миэхэ Егор эрийбитэ. Олус куьаган куоластаах этэ:
Ол ону истэммин мин сурэгим доргуйа туспутэ… Суоооох! Хайдах… Ийэм аны суох… Елбут!!! Ол кэнниттэн ейе-тейе суох барбытым… Эмиэ да итирик киьи курдукпун, эмиэ да тугу да сатаан толкуйдуур кыагым суох…
Биирдэ ейдеебутум ийэм похоронатыгар сылдьар эбиппин. Ийэм харагын симэн баран мас хоруопка сытар эбит. Билигин кинини уйэлээх миэстэтигэр хара буор анныгар кистиэхтэрэ буоллага. Харагым уутун сатаан туттуммаккабын киниэхэ суурэн тиийбитим уонна марылаччы ытаан киирэн барбытым…
Ийэбин куоракка мыраан урдугэр Маган кладбищетыгар кистээбиппит. Унуогун урдугэр сэттэ розаны уурбутум. Били Наталья Харлампьева хоьоонугар дылы “Сэттэ сэмэ урдугэр, Манан кылабыыьатыгар, сэттэ манан розаны”. Аны ийэм миэхэ суох… Бу аньыылаах-харалаах сир ийэни хаалларан кеттеге атын сиргэ…
Ийэм похоронатын кэнниттэн Егор миэхэ биир кумаагыны туттарбыта: “Дьиэгэр тиийэннин аагаар диэбитэ”. Ийэм ыалдьан нэьиилэ сыттагына ону истэн Егор атын куоракка улэтин быраган туран мин ийэбин ыарыылыы кэлбит эбит. Бутэьик куннэригэр Егор илиитигэр ийэм елеехтеебут. Ол онно мин ааппын ааттаабытынан барбыт уьу. Мин бэйэбин бэйэм кыраммытым. Биир соготох уола кинини елер кунугэр ыарыылаабатах. Туох-туох санааны ылынан ийэм бараахтаабыта буоллар.
Суругу туппутунан дьиэбэр тиийдим уонна ийэм суруйбут кумаагытын аахтым. Таьыгар “КЭРИЭС” диэн суруктаах этэ. Буоларын курдук эмиэ нууччалыы тылынан суруйбутун тылбаастаан суруйуом. Кумаагыта инчэйэн баран хаппыт этэ. Бука ытыы-ытыы суруйбута буолуо. Мин арыйаммын ааган киирэн барбытым:
“Кунду, тапталлаах уолчааным Сэмэнчик! Огом сыыьа хайыы сылдьарын буоллар. Мин бу ыарахан ыарыыга ылларан нэьиилэ сытан суруйабын… Оо, огом сыыьа… Эн тереебуккэр наьаа да уербутум, эн хара харахтаргын кере-кере маннык кыра киьичээн миигиттэн тереебутэ буолуо дуо диэн саныырым. Огобун наьаа да таптыырым. Хаьан да улаханнык санаран мехпуппун ейдеебеппун, наар огобун эрэ хомоппотох киьи диэн саныырым. Эн улаатар сааскар куьаган дьаллыкка ылларбыппын билэбин. Билигин кэлэммин кэмсиммитим да иьин хайыамый… Хара кырыыстаах олох… Учугэй ологу олордум диэн санаабаппын… Сыыьа да быьыыламмыт эбит. Билигин кэлэммин биирдэ эрэ ейдеетум елер-хаалар куммэр. Теьелеех элбэх киьи харагын уутун тохпутум буолуой, теьелеех элбэх баардарын-суохтарын былдьаан ылбытым буолуой. Ол аньыыбар бу эдэр сааспар олохтон туораан эрдэгим. Уолчааным, билэбин мин – эн бу суругу ытыы-ытыы аага олорор буолуохтаахпын. Мин кэриэспин этэбин: эн тускунан билигин элбэги истибитим. Эн арыгыга ылларбыт сураххын истибитим. Маны эрэ аахтаргын ити кырыыстаах арыгыны иьэргин тохтот. Арыгы эйигин учугэйгэ тиэрдиэ суога. Уонна ессе биири этэбин: эн хаьан даганы туора дьон келеьунунэн булбут харчытын ылбат буолаар. Уоруу диэн баар эбит бу сиргэ саамай ыарахан аньыы. Чэ итинник диэн этэбин. Мин ийэ тапталым эйиэхэ уйэлэргэ умуллуо суога. Утуе киьи буолаар! Быдан дьылларга быралыйар бырастыы!”
Итинник диэн суругу суруйбут этэ ыалдьан нэьиилэ сытар ийэм. Мин тулуйбаккабын ытаан барбытым. Харагым уута таммалаан эмиэ ити кумаагыга тохтубута. Ити кумаагы ийэм уонна мин аьыы харахпын уутун инэриннэгэ.
Ол кунтэн ыла мин арыгы диэни иьэрбин тосту бырахпытым. Онтон ыла арыгыны эккирэтэн туран испитим диэн суога. Бэйэбин ийэм иннигэр улахан аньыылаагынан аагабын. Бэйэгит да ейдуеххут.
Дьэ аны мин билигин ханна тиийбитим туьунан кэпсиир буоллаххытына маннык. Ийэм елбут сылыгар уоскуйа туьэн бараммын уерэххэ туттарсан киирбитим. Урут уерэнэ сылдьыбыт уерэхпэр сатаан теннубэтэгим. Билинни уерэгим теье да орто уерэх буолбутун иьин – учугэй уерэх этэ. Уерэхпин бутэрэн бараммын бэйэм бизнес арыммытым, кэпсээбитим курдук агам бэйэтэ коммерсия эйгэтигэр улахан талааннаах киьи этэ. Ол талаана миэхэ бэрилиннэгэ. Кун бугунугэр дылы ол улэбинэн улэлии сылдьабын, миигин уонна тапталлаах кэргэммин, оголорбун аьата сылдьар бизнеспыт кыралаан уунэ-сайда турар.
Онтон Сандаара туьунан кэпсиир буоллахха маннык. Биьиги арахсыбыппыт кэннэ Сандаара миэхэ хомойботох этэ, урукку таптала уостубатах этэ. Миигин эккирэтэрэ, ону мин гордоьым оонньоон кинини чугаьаппатагым. Уерэхпин бутэрэр сылбар биир утуе кун Сандаараны куоракка керсубутум. Уруккубут туьунан ахта-санаан кэпсэппиппит. Кыыьым миигин ессе да таптыыр этэ – ону кини харахтара туоьу буолан кэпсииллэрэ. Арай Сандаара ыал буолаары сылдьабын диэбитэ миэхэ ыараханнык иьиллибитэ. Ол да буоллар миигин таптыыр буолан ол киьитин кытта арахсыбыта, биьиги онон холбоьорго санаммыппыт. Билигин биьиги ыал буолан олоробут, куннэ кербут икки кунду кемус оголордоохпут.
Тумуккэ этэр эбит буоллахха маннык. Кунду сахам дьоно! Эьиги хаьан даганы атын киьиттэн тугун да уоруман. Суобаскытын эдэриттэн харыстаан. Танара - диэн киьи дууьатыгар, киьи сурэгэр уонна суобаьыгар баар. Оголоргутун кыра эрдэхтэриттэн харчы хантан кэлэрин ейдетер буолун. Мин ийэбин наьаа маанылаан иитэннэр чэпчэки олоххо таластага. Биллэрин курдук – чэпчэкитик кэлбит, чэпчэкитик барар…