Главная / Кэпсээннэр / Чөмчүүк айаҕын саҕа уот
Добавить комментарий
Акыыда Кубалааҕа былыр айан сырыы аартыга буолан,эҥин эгэлгэ сэһэннээх, олоҥхоһуттар да, кэпсээнньиттэр да тоҕуоруһан ааспыт Эбэтэ буоллаҕа. Кыһыҥҥы тымныы киэһэлэргэ ийэм аах балаҕаннарыттан көмүлүөк оһох буруота халлааҥҥа харбаһан,ыйдаҥа киэһэ ыраах ойуур иһигэр мутук тостон "тас"- кынар тыаһыттан кэриигэ аһыы киирбит куобах куттанан кирис кынар ыраах ыйдаҥа түүннэ. Бу айылаах түптэлэс тымныыга далга хоноһо Сулаҥда оҕонньор атын кытта эһэм ата күөх оту сиэн тиистэрин тыаһа суоруналыы кирдиргиир. Сулаҥда оҕонньор Андайбыттан кэлэн хоноһолообута хаһыс да күнэ. Эһэм Боһомо оҕонньордуун аллар атастыылар,тыаҕа,булка элбэхтэ бииргэ сылдьан, эһэни да бултаамалаабыттара. Оо дьэ киэһэ аайы эҥин эгэлгэ сэһэни сэһэргиир уус тыллаах үтүөтэ буоллаҕа Сулаҥда кырдьаҕас. Ол оҕонньор төбөтүн тириитэ,куйахата үөһэ аллара сүүрэлиир эбит. Ону кэпсиир эбит. Былыр оҕо сылдьан ыалга күүлэйдии кэлэн баран үөһэ чиэс маска сүөһү төбөтүн ириэрэ туралларын тарбаан сии турдаҕына ол төбө Сулаҥда төбөтүгэр түспүт,инньэ кынан төбөтүн суладаһынын хамсатан оннук куйахата туппат буолан сирэйигэр саба түһэн хаалар үһү. Ону икки ытыһынан үөһэ өрө ньиккэрийэн кээһэр эбит. Ол түүн ортотугар дылы сэһэргэһэллэр эбит,оргуйбут үүт иһэ иһэлэр олороллор . Дьобоой Ньукулайдаах Куруҥ күөлтэн кэлэн сэһэн истэллэр. Ньукулай ойоҕо ийэбиниин хоонньоһон сытталлар үһү. Онно көрө сыттахтарына көмүлүөк оһох холумтаныгар чөмчүүк айаҕын саҕа уот төкүнүйэн тахсар эбит. Онтон куттанан иккиэн бүрүнэн баран сыталлар эбит. Буһан бөҕө,куттанан суорҕаннарын аспаттар үһү. Ол саас Дьобоой Ньукулайдаахха үчүгэйкээн баҕайы куп кугас баттахтаах уол оҕо үнэ сылдьан эмискэ таарымталанан баран өлөн хаалбыт. Ийэм аах ол оҕону аһыйан бөҕө буолбуттар. Ону ол кырдьаҕастар мустаннар куһаҕаннык барда диэннэр тиити хаһан хорууда курдук оҥорон онно уган бараннар ойуурга таһааран ханна,хайдах көмпүттэр дуу араҥастаабыттара дуу биллибэт эбит. Били уоту дьиэ дьоно бары көрөллөр эбит кэлин билбиттэрэ. Онон дьикти ээ,ама абааһы сиэбитэ буолуо дуо ол оҕо муҥнааҕы.