Кэпсээ
Войти Регистрация

Анараа дойду дьоно

Главная / Кэпсээннэр / Анараа дойду дьоно

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
12.12.2024 22:03
1k 0

Альтернативное описание изображения дьол дьол Сындыыс сулус - 30 июня 2015 17:46

    Түүн ортото Саргы түүлүттэн куттанан, оронугар олоро биэрдэ:
-Маамаа-аа-а, -дии-дии ытаан тоҕо барда.
Ийэтэ уутугар аҥаарыйа сырыттар да, сүүрэн кэлэн, түөрт эрэ саастаах оҕотун көтөҕөн ылла.
-Сыллыай, эмиэ түүһээтиҥ дуо? Чэ куттаныма, маама бу баар дии.
-Түүл буолбатах ээ, ити турар дии мааны таҥастаах киһи, -кыыс ийэтигэр көтөхтөрө сылдьан аан диэки ыйар.
Ийэтэ ону истэн, бэйэтэ да куттана-куттана аан диэки чугаһаан кэлэр уонна илиитинэн салгыны уҥа-хаҥас далбаатыы-далбаатыы:
-Бу көр тукаам, ким даҕаны суох. Эн куттаныма, оччоҕуна ким да кэлиэ суоҕа.
Саргы икки хараҕын быһа симэн, ийэтин ыга кууһан кэбиһэр. Онтон оргууй аҕай аҥар хараҕын аһан көрбүтэ, түүлүгэр киирбит дьон, кырдьык сүтэн хаалбыттар.
-Чэ сыллыай, хоонньоһон утуйуохха, -ийэтэ бэйэтэ даҕаны олус куттанан, оҕотун хоонньугар уктан сытар.
Сотору соҕус кыыс барахсан утуйан букунайан хаалаахтыыр. Онтон ийэтэ уута көтөн хаалан ону-маны эргитэ саныыр. Кини куттана сылдьар буолбута оруннаах. Арыгыһыт эрэ баҕайы, хас итирэн кэллэҕин аайы кырбаан сордуура. Оҕотун да аһыммат дьиикэй киһи. Биирдэ эмиэ кырбаары сутуругун суулуу тутан, утары хааман эрдэҕинэ, Саргы барахсан ийэтин көмүскэһээри икки ардыларыгар киирэн биэрбитин, аҕата буолуохсут илиитин таһынан киэр садьыйбыта, эһиллэн тиийэн остуол муннугар сүүһүн дьөлө түһэн кэбиспитэ. Онтуката бу сааһын-үйэтин тухары чэр буолан хааллаҕа. Баҕайы хата хаайыыга киирэн абыраатаҕа, онуоха-маныаха диэри сынньаттаҕа. Абааһы киһититтэн эрдэ-сыылла арахсан хаалбаккабын, оҕобун сүрэх бааһа гыннаҕым. Онтон даҕаны куттас буолан хаалан, ону-маны түүһээн, түүн аайы аанньа утуйбат буолаахтаатаҕа. Оҕом улааттаҕына бэйэбит даҕаны хайдах эмэ олорор инибит. Ийэтэ ытамньыйа-ытамньыйа кыыһын чэрдээх сүүһүттэн сыллаан ылла.
Ол эрээри ийэтэ Саргы улаатарыгар тиийбэтэҕэ… Аҕата буолуохсут өссө ордук кыыллыйан, ыттыйан, хаайыыттан босхолонон, тиийэн кэлбитэ. Төһө да арахсыбыттарын үрдүнэн, барар-кэлэр сирэ суох буолан кинилэри буулаабыта, күүһүнэн кэриэтэ дьиэлэригэр киирэн олорбута. Күн аайы арыгылыырын кубулуппатаҕа. Биир күн Саргы, түүн аанньа утуйбакка, утуктуу-утуктуу үөрэнэ олордоҕуна оскуола дириэктэрэ кабинетыгар ыҥыран киллэрбитэ, Хайдах саҥалаан этин билбэккэ мух-мах буолан ылбыта, онтон:
-Захарова, аҕан буолуохсут ийэҕин үлтү кырбаан өлөрөн кэбиспит. Аны дьиэҕэр барбатын буолуо, биһиги эйиэхэ анаан интернакка миэстэ булан биэрдибит. Бу күнтэн ыла интернакка олороҕун. Билигин воспитатель кэлэн илдьэ барыаҕа. Сөпсөһөр инигин? Оскуола дириэктэрэ ити курдук быһа-бааччы этэн-тыынан кэбиспитэ.
-Сөп, -Саргы ытаабатаҕа, хараҕын уута да ыгыллан тахсыбатаҕа. Кини олоҕо табыллыа суохтааҕын, дьонтон-сэргэттэн куруук атаҕастана сылдьыахтааҕын, оннооҕор тулаайах хаалыахтааҕын оҕо эрдэҕиттэн, бэйэтэ даҕаны өйдөөбөтүнэн, хайдах эрэ билэ сылдьара.
Воспитатель кэлэн Саргыны интернат диэки илдьэ бара турбута…

    Сыл-хонук ааһан испитэ, Саргы хороччу улааттар да, кимниин даҕаны доҕордоспотоҕо, бэйэтэ-бэйэтигэр сылдьарын ордороро. Атын кыргыттар уолаттары кытта суруйсар, сорохтор аһаҕастык доҕордоһор буолан барбыттара. Арай Саргыны биир да уол көрбөтө, хата ол оннугар күлүү-элэк оҥостоллоро. Бэйэтин көрүнэ сатаабат, кырааскаланар, косметикаланар диэни билбэт, уларыттар таҥаһа кэмчи, суоҕун да кэриэтэ кыыһы хайа уол көрүөй. Онтон уонна, дьонтон итэҕэһэ суох сууннар-тарааннар даҕаны, иҥэн хаалбыт дьикти куһаҕан сыттаах буолара. Онон “Вонючка” диэн хос аат иҥэн хаалбыта.
Биирдэ түүн, куруук буоларын курдук, ону-маны түүһээн, аанньа утуйбакка, күнүс оронугар сытан утуйан хаалаахтаабыта. Ол сыттаҕына интернат оҕолоро дьээбэлээн атаҕын тарбахтарын икки ардыларыгар кумааҕы бөҕө кыбытан баран уматан кэбиспиттэрэ. Дьэ, уонна хайдах өрө тэбиэлэнэ-тэбиэлэнэ ойон турарын кэтэспиттэрэ. Суох, Саргы аһара кытаанахтык утуйа сытар буолан уһукта охсон биэрбэтэҕэ. Атаҕын быһа сиэн, матарааһа умайан эрдэҕинэ уолаттар ыксаан, таҥас саба быраҕан, умулларбыттарын эрэ кэннэ уһуктан кэлбитэ. “Айаа-уо” дии-дии уот быһа сиэбит атаҕын туттаахтаабыта. Дьэ онно уоллуун-кыыстыын, туох эрэ үчүгэйи көрбүт дьон курдук, бары быардарын тарбана-тарбана күлсэн тоҕо барбыттара. Саргы кинилэр күлэллэригэр кыһаммакка, өр баҕайы хамсаабакка, атаҕын туттан олорбута, ыарыыта сүрэ бэрт этэ, ол да буоллар биир даҕаны таммах хараҕыттан ыгыллан тахсыбатаҕа. Өссө биир чэр, аны атаҕар баар буолбута.
Саргы ханнык эрэ атын эйгэҕэ киирэн хаалбыт курдук, бэйэтэ-бэйэтигэр сырыттар даҕаны, хаһан да соҕотохпун дии санаммат этэ. Кини кыра оҕо эрдэҕиттэн көрөр кутталлаах түүлүгэр үөрэнэн хаалбыта. Онно баар дьону кытта

ыкса бодоруспута, доҕордоспута да диэххэ сөп. Сорох ардыгар дьиҥ илэ кэриэтэ кэпсэтэрэ, түүн ортото оронуттан туран кэлэн, тэҥҥэ оонньоһоро, мэниктэһэрэ. Инньэ гынан биир хоско олорор кыргыттарын дэлби куттуура. Кыргыттар тулуйа сатаан баран, түбэһиэхчэ онон-манан быраҕаттаатахтарына, бэйэтэ даҕаны уһуктан кэлэн соһуйара.
Бу түүлүгэр тыллара тахсан салыбырыы сылдьар, моонньуларыгар ыга тардыллыбыт быалаах, түөстэригэр ыарахан тааһы ыга кэлгиммит, истэрэ үллэн, бүтүннүү көҕөрөн хаалбыт, сүүстэрин ортотугар хайаҕастаах дьон кэмэ суох элбэхтэрэ. Олор ортолоругар биир мааны бэйэлээхтик таҥныбыт, тыыннаах киһилии сэргэх сирэйдээх-харахтаах эдэр киһи баара. Бу уол Саргыны сиэтэ сылдьара, көрөрө-истэрэ, харайара. Сорох ардыгар тыыннаах киһи көрүҥүн сүтэрбиттэрэ быдаҥнаабыт доҕотторо наһаалаары гыннахтарына буойталыыра. Оччоҕуна ол дьон тылын истэн ньакыс гына түһэллэрэ. Ол эрээри, дьиҥ олоҕор курдук, манна кинини ким даҕаны атаҕастаабат. Бу дьикти дьону кытта тэбис-тэҥҥэ оонньоон-көрүлээн, үөрэр-көтөр буолбута. Биир хоско олорор кыргыттара, Саргы түүн туран хаама сылдьан күлэн алларастыырын истэ-истэ өссө ордук абааһы көрбүттэрэ, үөҕэллэрэ, атаҕастыыллара үксээбитэ.
Оннук атаҕастана-атаҕастана аат харата үөрэнэн сордонон, Саргы оскуолатын нэһиилэ бүтэрбитэ. Уонна салгыы үөрэнэн, туох эмэ идэ ылаары Дьокуускай диэки айаннаабыта…

    Саргы үрдүк үөрэххэ олох таласпат. Кини билиитинэн онно киирэн үөрэнэр кыаҕа суох уонна ким кинини үбүлээн үөрэттэриэй. Онон быһа бааччы орто анал үөрэххэ дьыалатын туттаран кэбиспитэ, хата повар буоллахпына куруук тот сылдьыам дии санаахтаабыта. Маҥнай куоракка кэлэн баран, хонор ыала суох буолан онно-манна хоно сылдьыбыта, аанньа утуйбакка эрэйдэммитэ аҕай. Онтон хата, түһэр сирэ суох, тулаайах оҕо диэн уопсайга хос биэрэн абыраабыттара, ол оннугар уопсай өрөмүөнүгэр босхо хамначчыт буолбута. Бу сылдьан өйдөөбүтэ, интернат оҕото буолан, туох да үлэни сатаабат эбит этэ. Онтон сылтаан эмиэ мөҕүллэрэ, атаҕастанара, күн тура-тура үөҕүллэрэ уруккутун курдук салҕанан барбыта.
От-мас хагдарыйан, ардахтыы-ардахтыы тоҥорон күһүн тиийэн кэлбитэ, үөрэх кэмэ саҥаламмыта. Куһаҕан сыттаах, дьикти түүллээх, бэйэтин көрүммэт, өйүнэн тиийиммэт курдук кыыс сураҕа биир гына тилэри тарҕанан олорор уопсайдарын толоро охсубута. Саргы барахсан урукку олоҕо эбии бэргээн салҕаммыта. “Вонючка” диэн хос аата иккистээн арахпат гына иҥпитэ. Эмиэ кимниин даҕаны доҕордоспокко бэйэтэ-бэйэтигэр сылдьаахтаабыта. Бииргэ олорор, Саргыга холоотоххо быдан мааны, кыргыттарыгар сөп буола-буола уолаттар күүлэйдии кэлэллэрэ. Оччоҕуна кыргыттар Саргыны “бу түүн ханна эрэ атын сиргэ баран хон” диэн модьуйар кэриэтэ көрдөспүтэ буолаллара. Саргы утарыласпата “таах даҕаны аймахтарбар хоно бараары сылдьыбытым” диэн сымыйалыыра.
Ол курдук биир субуота күн кыргыттара уолаттар кэлэллэригэр бэлэмнэнэн, хартыынаттан түспүт кырасаабыссалар бэтэрээлэринэн, кырааскаланан, духууланан оҥосто сылдьыбыттара. Саргы кыргыттар оҥостоллорун бэркэ бэркиһээн көрө олордоҕуна, Жанна уоһун помадатын көннөрүнэ-көннөрүнэ:
-Хайа-а, Саргычок хаһан дьоҥҥор бараҕын? Уолаттар кэлэллэрэ чугаһаата дии, -диэн албыннаспыта буолбута.
-Уой кырдьык даҕаны, хойутаары гыммыппын, чэ кыргыттар мин бардым, -Саргы халтан сонун кэтэн хостон тахсыбыта. Ааны сабан иһэн иһиттэҕинэ Жанна саҥата:
-Туярка, ити Саргы оронун духигынан ыстаран биэр эрэ, фыы блин воняет, -бары күлсэн тоҕо барбыттара.
Саргы эрэйдээх ханна баар дьонугар бараахтыай, билэрдии оргууй аҕай парка диэки хаама турбута. Онно тиийэн, куруук сиэн баҕарар мороженнайын, харчытын сыыһын ааҕа-ааҕа атыыласпыта уонна аны ким эрэ былдьаан ылыа диэбиттии дьон суох сирин диэки, мастар быыстарынан ыраата барбыта. Киһи уҥуоҕар тиийэн кэлбитэ, онтон этэ тардан төптөрү хаампыта. Тута сылдьар мороженнайа ууллаары ыксатан, биир сири булан олорбута уонна дьэ мороженнайын минньигэс баҕайытык салаан ылбыта. Түүн да уһун, оргууй аҕай ыксаабакка сиэм, чэ баҕар уулуннаҕына уулуннун диэн салапаан мөһөөччүгэр уган кэбиспитэ. Онтон сыыйа-баайы олорон эрэ нухарыйан барбыта, алҕас мөһөөччүгүн ыһыктан кэбиспитэ. Онтон соһуйан “һук” диэбитинэн уһуктан кэлбитэ да, морженнайын харбыалаһан сир диэки көрө түспүтэ. Кылабачыйыар диэри ыраастаммыт хап-хара бачыыҥкалаах, кырыыланыар диэри өтүүктэммит ып-ыраас бүрүүкэлээх, муус маҥан ырбаахылаах, пиджагын устан аҥар илиитигэр тута сылдьар, үллэ сылдьар былчыҥнардаах, көбүс-көнө уҥуохтаах, хоп-хойуу баттаҕын өрө тарааммыт, сырдык хааннаах уол мороженнайдаах мөһөөччүгүн сиргэ тиэрдибэккэ хабан ылан баран, мичээрдээн көбүс-көнө тиийсэрэ килбэһэн кинини утары көрөн турар эбит. Саргы, эмискэ кини иннигэр баар буолан хаалбыт уолу, алларааттан үөһээ, онтон үөһээттэн аллараа халтарытан аҥала курдук көрөн турбута. Уол мичээрдиирин кубулуппакка:
-Мороженнайгын чуут сиргэ түһэрэ

сыыстын. Мин аатым Дьол, онтон эн аатын ким диэний?
-Саргыбын, -Саргы мөһөөччүгүн көҥөммүттүү харбаан ылбыта.
-Мороженнайын ууллан эрэр, сии оҕус.
Саргы кырдьык даҕаны диэбиттии ойутан таһааран сиэн барбыта. Онтон, тонолуппакка көрөн, мичээрдии турар уол диэки хайыһан, кыбыстан кытаран ылбыта. Бэйэм эрэ сии турар эбиппин дуу, дии санаан ылбыта:
-Эйиэхэ кыратык ордоробун даа?
-Олус үчүгэй буолуо этэ, мин эмиэ мороженнайы сөбүлүүбүн аҕай.
Саргы бэрт кыраны хаалларан, уолга мөһөөччүктүү баҕастыы туттаран кэбиспитэ. Мааны уол атыттар курдук киниттэн сиргэммэтэҕэ, ууллан эрэр мороженнайы мөһөөччүктэн таһаарбакка эрэ салаан барбыта. Уоһа, иэдэһэ, мунна бүтүннүү мороженнайга биһиллибитэ. Ону көрөн Саргы бу олоххо хаһан даҕаны күлбэтэҕин күлбүтэ:
-Мэ, -диэн сиэбиттэн таһааран кумаланан хаалбыт эргэ платогун уолга ууммута. Дьол ылан сирэйин туора-маары соттубута уонна утары көрсөн туран олох да уруккуттан билсэр дьон курдук кыбыстыбакка күлсэн тоҕо барбыттара.
Ол түүнү быһа кыра оҕолуу мэниктээбиттэрэ, хачыаллаан хатааһылаабыттара, бэс мастар быыстарынан сырса буола оонньообуттара. Сарсыарда буолбутун билбэккэ да хаалбыттара. Дьол Саргыны илиититтэн тутан ылбыта, бэйэтигэр ыкса тардыбыта уонна:
-Мин барар кэмим кэллэ, аны хаһан көрсүөхпүтүй?
-Билбэппин.
-Аныгы сырыыга иллэҥ буоллаххына манна кэлээр.
-Сөп, -Саргы хайдах эрэ хомойбут курдук буолан ылбыта уонна ыраатыар диэри кэннин хайыһан көрбөккө баран испитэ. Онтон тохтоон мичээрдээн ылбыта уонна кэннин хайыспыта Дьол атааран, далбаатыы турара. Ол курдук мичээрдээбитинэн хоһугар киирэн кэлэн, оронугар умса түһэн сытынан кэбиспитэ. Кыргыттара кинини көрөн ыла-ыла, сибигинэһэ-сибигинэhэ кистээн күлсүбүттэрэ.

    Саргы ол күнү быһа үөрүүтүттэн кынаттаммыт курдук, көтө-дайа сылдьыбыта. Бэл диэтэр дьон истэригэр хаһан даҕаны ыллаабат бэйэтэ ботугураан ыллаан да ылбыта. Ону истэннэр кыргыттара күлүү гыналлара эбии үксээбитэ:
-Бу кыыспыт уолламмыт дуу, дьоммор бардым дии-дии ханнык эрэ уолу кытта хоонньоһон кэлэр дуу.
-Уол амтанын билбит быһыылаах, дьэ эрэ кэпсээ эрэ, -дии-дии ыкпыттара-хаайбыттара.
Уонна истибэтигэр:
-Кинини кытта хайа уол хоонньоһуой. Фуу, хоонньоһуохтааҕар сытыттан сиргэнэн чугаһаабат да буоллахтара, -дии-дии күлсүбүттэрэ.
Саргы үөҕүллэ, атаҕастана үөрэнэн хаалбыт буолан онно соччо кыһаллыбатаҕа. Арай күнү быһа Дьолу саныы сылдьыбыта. Итиччэ үчүгэй уол, кыыс баранан, тоҕо миигин буллаҕай? Соруйан ким эрэ эмиэ күлүү-элэк оҥостоору угаайылыы сылдьар дуу? Чэ, миэхэ синэ биир, күлүү гынан тугу туһаналлар үһү, син-биир күн аайы күлүүгэ-элэккэ сылдьабын. Ол эрээри наһаа да үтүө санаалаах, элэккэй баҕайы, үчүгэй да уол. Ама миигин кытта кини дьон-сэргэ ортотугар сиргэммэккэ, кыбыстыбакка сылдьыа дуо?
Киэһэ кыргыттара сылайбыттара бэрт буолан сытаат да утуйан хаалбыттара. Саргы даҕаны түүнү быһа мэниктээн, кыргыттарынааҕар итэҕэһэ суох сылайаахтаабыта. Хараҕа сабыллан утуйан иһэн, эмискэ тугу эрэ өйдөөн кэлэн, онтон соһуйан оронугар олоро биэрбитэ. Чугас сытар Жанна ситэ уһуктубакка эрэ:
-Закалебала, эмиэ түүһээн эрэр, -диэт үөрэнэн хаалбычча, тапочкатын харбаан ылан, уутугар аҥаарыйа сылдьан быраҕан кыыраппыта.
Суох бу сырыыга Саргы түүлүттэн соһуйан буолбакка, түүлүн өйдүү биэрэн олоро түспүтэ. Бу сыллар тухары, кыра оҕо эрдэҕиттэн, кини Дьолу түүлүгэр көрөр эбит. Таҥаһа мааныта, сирэйин-хараҕын олоруута үүт-үкчү кини! Түүлэ илэ буолан тахсыбытын дэлби сөхпүтэ, дьиктиргээбитэ. Ол эрээри кимиэхэ да кэпсиэм суоҕа дии санаахтаабыта.
Ити күнтэн ыла Саргы үөрэнэн бүттэ да пааркаҕа барар буолбута. Сорох ардыгар “мороженнай ыллахпына баҕар ыраахтан көрөн, тиийэн кэлиэ"дии санаахтаан бэрт кырыымчык харчылаах да буоллар, бэйэтэ бэйэтиттэн көҥөнө-көҥөнө мороженнай ылан, урукку сиригэр кэтэһэн олоро сатыыра. Суох, Дьол ууга тааһы бырахпыттыы сүтэн хаалбыта. Саргы санааҕа ылларбыта, куруук кинини эрэ саныы сылдьар буолбута. Ол курдук биир күн үөрэнэ олорон, санаата кый ыраах тиийэн хаалбыта. Учуутал кэпсиирин олох да истибэккэ кулгааҕын таһынан ыыта олорбута. Онтон иннигэр олорор уол:
-Проснись Вонючка, -дии-дии тардыалаабытыгар уһуктан кэлэргэ дылы гыммыта. Учуутала кыыһыран кытара аҕай олорор эбит:
-Телефоҥҥун араар эрэ. Эбэтэр мин уруокпун аанньа ахтыбат буоллаххына тахсан бара тур, -дии-дии остуолун тоҥсуйбута.
Саргы кырдьык-хордьук телефонун араараары ылан көрбүтэ СМС кэлэн сандаара сытар эбит. Ылан аахпыта:“Түннүгүнэн көр, мин эйигин күүтэн турабын” диэн буолан биэрбитэ. Саргы түннүк диэки хайыспыта, онно суол кытыытыгар Дьол икки илиитинэн далбаатыы

турара. Саргы хараҕа сырдаан, мичээрдээбитин бэйэтэ даҕаны өйдөөбөккө хаалбыта. Учуутал өссө ордук буорайбыта, хаһыытаан тоҕо барбыта:
-Захарова, таҕыс кылаастан, өссө ымайбыт буола-буола, -укааскатынан аан диэки ыйан кэбиспитэ.
Саргыга ол эрэ наада курдук, сып-сап хомунаат тахсан бара турбута.
-Кыыспыт түннүгүнэн ыстана сыыста буолбаат, -диэн оҕолор кэнниттэн күлсэ хаалбыттара.
Таһырдьа сүүрэн тахсыбытыгар, Дьол утары хааман кэлэн кууһан ылбыта:
-Мин эйигин наһаа аҕынным.
-Мин эмиэ, -Саргы уол кэтит түөһүгэр төбөтүн ууран атаахтыах санаата киирбитэ.
-Мин эйигин күн аайы кэриэтэ пааркаҕа тиийэн күүтэ сатаабытым.
-Ону билэбин, бырастыы гын сатаан кэлэр кыаҕым суох этэ. Ону мин бүгүн боруостуом, хаһан даҕаны сылдьыбатах дойдугар сырытыннарыам.
Уоллаах кыыс сиэттиһэн сүүрэ турбуттара…

    Сарсыҥҥы күнүгэр Саргы уутун ханан, эрдэ баҕайы уһуктан кэлбитэ. Бэҕэһээ Дьолу кытта бииргэ атаарбыт күнүн санаан мичээрдии сыппыта. Кини олоҕор маннык кэрэ күн хаһан даҕаны буола илигэ. Учуутал уруогуттан үүрэн таһаарбыта, оҕолор күлүү гынан күлсэ хаалбыттара диэхтээн. Бу курдук түбэлтэлэр күн аайы буолаллар. Онтон.., Дьол кинини тэҥнээҕин курдук сиэтэ сылдьан күүлэйдэппитэ, хаһан даҕаны харахтаан көрбөтөх сирдэринэн сырытыннарбыта, олох түүл-бит курдук наһаа даҕаны үчүгэй этэ. Бэйэ эрэ, ама ити сылдьыбыт сирим бу Орто дойдуга баара буолуо дуо? Диэн Саргы саарбахтаан барбыта. Бастаан үөрэнэр сириттэн тахсыбытын кэннэ, Дьол кинини кууһан ылан, абылаан кэбиһэргэ дылы гыммыта. Мэйиитэ эргийэн эрэр курдуга, онтон тулалыыр эйгэтэ уларыйан, чыҥха атын буолан хаалбыта. Бүтүннүү чэпчээн, бу эрэйдээх олоҕуттан тэйэн, Дьолу кытта сиэттиһэн, ханна эрэ ыраах-ыраах кыырайа көтөн тахсан эрэрэ. Оннооҕор хаар сып-сылааска, көбүөр тэҥэ сымнаҕаска дылыта. Сүүнэ улахан хагдарыйбыт хатыҥ анныгар куустуһан турдахтарына, ханна эрэ ыраах уоллаах кыыс дьэрэкээн куоластарынан ыллыыллара дуораһыйан иһиллэрэ. Бу ырыа тыллара бүүс-бүтүннүү кинилэргэ ананар курдуга. Дьол Саргыны синньигэс биилиттэн кууһан, бэйэтигэр ыга тардыбыта уонна:
-Кэмниэ кэнэҕэс мин эйигин буллум, -диэбитэ уонна уоһуттан уураан ылбыта.
Саргы остуоруйа дойдутугар тиийбит курдук санана сылдьар бэйэтэ, өссө ордук туймаарбыта. Хараҕын быһа симэн уолу моонньуттан кууспута:
-Мин эйигин уруккуттан билэр курдукпун дии.
-Суох Саргы, эн миигин өссө да билэ иликкин, онтон мин эйигин уруккуттан билэбин, -Дьол Саргыны дьэдьэннии тэтэрэн хаалбыт иэдэһиттэн, ыга кууһан туран, уураан ылбыта.
-Дьол, эн эмиэ истэҕин даа, ханна эрэ ыраах наһаа үчүгэй ырыа дьиэрэйэр дии.
-Ити мин доҕотторум ыллыыллар, ити ырыаны мин уонна эн эрэ истэбит. Атын дьон истэр кыахтара суох.
-Онтон доҕотторун ханна баалларый? Мин кинилэри көрбөппүн дии.
-Куттаммат буоллаххына хаһан эрэ кинилэри кытта билиһиннэриэм.
-Тоҕо мин кинилэртэн куттаныахтаахпыный? Мин кимтэн даҕаны куттаммаппын ээ…
-Саргычок, чэ төннүөххэ, бүгүн эн элбэҕи биллин, -Дьол Саргыны илиититтэн сиэтэн уопсайыгар диэри атааран аҕалбыта уонна өссө биирдэ сыллаан ылбыта. Покалаһан баран, саҥа түспүт хаары хачыгыраччы тэпсэн бара турбута. Саргы барахсан бу Орто дойдуга кыыс оҕо буолан төрөөбүт дьолун саҥа билэн, сүрэҕэ биир кэм долгуйа тэбиэлээн, ыраас салгыны түөһүгэр толору эҕэрийэн, өрө тыына турбута.
-Захарова итиннэ тугу гына тураҕын? Ааны хатаан эрэбин, киирэ оҕус, -диэн баахтаҕа олорор эмээхсин аантан өҥөйөн туран, хаһыытаан дэлби баран, имэҥнээх санаатын үрэйэн кэбиспитэ. Саргы хоһугар киирбитигэр бииргэ олорор кыргыттара куруук буоларын курдук, күлүү-элэк гынан барбыттара. Ол эрээри кини сүрэҕэ урут билбэтэх дьикти сылаас иэйиинэн туолбута, кыргыттар саҥаларыгар олох да кыһамматаҕа.
Дьол кинини кууһан ылан сыллаабытын олох итэҕэйбэтэҕэ. Аматын да иһин, итинник үчүгэй уолан хайдах миигин сыллыаҕай, түүл ини диэн саныы-саныы хараҕын симэн, дьикти сылаас иэйиигэ куустаран салгыы утуйан хаалбыта.

    Ити күнтэн ыла Дьол сотору-сотору Саргыга кэлэр буолбута. Ол эрээри хаһан даҕаны уопсайыгар киирбэт этэ. Саргы, Дьол кэлэн таһырдьа күүтэн турарын, бэйэтэ да билбэтинэн, хайдах эрэ сэрэйэр буолбута. Өр күүттэрбэккэ тахсан кэлэрэ. Оччоҕуна куустуһан баран, күннээҕи кыһалҕаларын олох умнан, куорат устун күүлэйдииллэрэ, иккиэн сөбүлүүр мороженнайдарын дуоһуйа сииллэрэ. Быһатын эттэххэ кинилэр икки ардыларыгар таптал кыыма умайбыта. Ордук Саргы ахтар-саныыр этэ, доҕоро кэлэрин күн аайы хоһун түннүгүттэн арахпакка күүтэрэ. Кэлбэтэх күннэригэр оронугар умса түһэн, сыттыгын

ыбылы кууһан, хаһан даҕаны хараҕын уута тахсыбатах бэйэтэ, кимиэхэ да көрдөрбөккө ытаан муҥнанара.
Биир күн эмиэ үөрэнэн бүтэн, доҕоро кэлэрин кэтэһэ аҕай олорбута. Кэмниэ кэнэҕэс илиититтэн ыыппакка олорор телефона илибирээн ылбыта. Сып-сап көрө охсубута “Тапталлааҕым, эйигин аҕынным аҕай, тахсаҕын дуо? " Диэн СМС эбит. Саргы ойон туран таҥныбыта уонна таһырдьа ыстаммыта, телефона остуолга сытан хаалбыта. Бииргэ олорор кыргыттара кэнниттэн күлэ-күлэ “туох бэйэлээх кавалера буоллаҕай” дэһэ-дэһэ, көрө охсоору түннүгү былдьаспыттара. Суох, Саргы собус-соҕотоҕун тиэтэйэ хааман ыраата турбута. Онтон остуолга сытар телефонун ылан хаһыспыттара, туох да оруннаах суругу булан ылбатахтара. Кыыс сүрэҕин итиччэ үлүгэр долгутуох айылаах уол суруйбутун көрбөтөхтөрө даҕаны. Инньэ гынан “кыыспыт артыыстыыр эбит” дэспиттэрэ.
Ол эрээри Саргы уопсайыттан ойон тахсаат, көбүс-көнө уҥуохтаах, үллэҥнии сылдьар былчыҥнардаах, этиэхтэн кыраһыабай, мааны таҥастаах уол моонньугар хатааста түһэн, ахтылҕанын таһааран сылласпытын-уураспытын, онтон илии-илиилэриттэн ылсан тиэтэйэ-саарайа хаама турбуттарын, бу тэһэҕэс харахтаах кыргыттар хантан көрүөхтэрэ баарай.
-Саргы мин бүгүн эйигин доҕотторбун кытта билиһиннэриэм. Эрдэттэн сэрэтэбин, куттаммат эрэ буоллаххына.
-Сөп, Дьол, олох куттаныам суоҕа, эрэннэрэбин.
-Чэ оччоҕуна бардыбыт, -Дьол ыга кууспута, Саргы эмиэ абылаппыт курдук мэйиитэ эргийэн ылбыта, тула өттө барыта уларыйан, санаата чэпчээн хаалбыта.
Уоллаах кыыс сиэттиһэн дайар кэриэтэ сүүрэ турбуттара. Куорат атын дьиэлэриттэн туох да уратыта суох биир чааһынай дьиэ иннигэр кэлэн тохтообуттара.
-Бу мин дьиэм, аны эн билэҕин ханна олорорбун, хаһан баҕар кэлэ сылдьыаххын син, -Дьол олбуор аанын аһан кыыһы урут киллэрбитэ. Онтон дьиэ аанын аһан киирэн эрдэхтэринэ, кимнээх эрэ:
-Кэллилэр, кэллилэр, -дэһэ-дэһэ кыбыстыбыт курдук, түгэх хос диэки сырсыбыттара.
-Уолаттар, кыргыттар, чэ тахсын. Бу биһиги доҕорбут Саргы, билсэн кэбиһин.
Бастаан гитараларын туора сүкпүт уоллаах кыыс сиэттиспитинэн тахсан кэлбиттэрэ. Кинилэри илэ көрөөт Саргы хараҕа быччайан, сыҥааҕа аллараа түһэн хаалбыта. Кинилэр моонньуларыгар ыга тардыллыбыт быалаах сылдьаллара, тыллара уһаан хаалан айахтарыттан быгыалыыра. Онтон түөстэригэр ыарахан тааһыы кэлгиммит, көҕөрөн хаалбыт үллэ сылдьар истээх диэн, чэчэгэйдэригэр, сүүстэригэр хайаҕастаах диэн, онтон да атын, киһи көрөн этэ тардыах дьоно биир-биир тахсан билсибиттэрэ. Бары билсибиттэрин эрэ кэннэ, Саргы уолуйбута бэрт буолан, биир тылы быктарбакка Дьол диэки бүтүннүү хайыһан, туохха, ханна түбэспитин өйдүү илигин биллэрэн, айаҕын аппытынан, биир тылы ыһыктыбакка, ыйытардыы утары көрөн турбута.
-Саргы, бу эн оҕо эрдэнээҕи түүллэрин буолбатах, бу илэ, -Дьол кэлэн Саргыны кууһан ылбыта, -Кинилэр бары бэйэлэригэр тиийинэн өлбүт дьон. Атын дойду дьоно. Ол эрээри ханна даҕаны барар сирдэрэ суох буолан, бу Орто дойдуга илэ сылдьаллар.
-Онтон тоҕо мин эрэ кинилэри көрөбүнүй, атын дьон тоҕо көрбөттөрүй?
-Эн айылҕаттан бэриллибит ураты дьоҕурдааххын. Кинилэри илэ көрөр киһи аҕыйах. Ол эрээри кинилэр бу Орто дойдуга баалларын араастаан биллэрэллэр ээ. Бу Никита уонна Майя ыллаан дьиэрэттэхтэринэ ырыалара салгыны хайа сотон Орто дойдуга тиийэ иһиллээччи. Көннөрү да дьон кулгааҕар тиийэр. Онтон бу Артур, -Дьол, ыарахан тааһы түөһүгэр кэлгинэ сылдьар көҕөрөн хаалбыт киһи диэки ыйбыта, -Орто дойдуга баар ыарахан даҕаны ыйааһыннаах маллары хайа баҕарар сыҕарытар, көтөҕөр кыахтаах. Инньэ гынан дьону куттааччы, соһутааччы. Онтон бу…, -Диэн эрдэҕинэ:
-Онтон Дьол, эн, эн тыыннаах киһи инигин?..
-Хомойуох иһин мин кинилэртэн биирдэстэрэбин, -Дьол төбөтүн умса туттан кэбиспитэ.
-Эн дьиҥнээх киһи көрүҥнээххин дии.
-Мин улуу ойуун сиэнэбин, оннук айдарыылаахпын. Талбыппынан дьүһүн кубулунуохпун син, хайа баҕар дойдуга көҥүл сылдьар кыахтаахпын. Эн эмиэ удаҕан сиэнэҕин, көннөрү дьон көрбөтүн көрөр, сатыыр кыахтааххын. Биһиги күүспүтүн төһө баҕар туhаныаххын сөп, ыҥырыан эрэ кэрэх.
Саргы Дьол кэпсиирин истэ туран хараҕыттан уу ыгыллан тахсыбыта:
-Ити эн кэпсиирин миэхэҕэ олох наадата суох, миэхэ киhилии таптал эрэ наада этэ, истиҥ доҕордоох эрэ буолуохпун баҕарабын, -диэн ытыы-ытыы тахсан бара турбута.

    Саргы ытаан сыҥсыйа-сыҥсыйа хоһугар киирэн кэлбитэ. Ону эрэ кэтэһэн олорбут курдук кыргыттара:
-Уо-уо-уо кавалер бросил да? Конец любви, -дии-дии күлүү гыммыттара.
-Ну ты большая актриса, ханнык даҕаны уолун суох бытта, сымыйаннан ытаама эрэ-диэн Жанна, эргэйэн элэйэн хаалбыт телефону уп-уһун тыҥырахтаах тарбахтарынан эргитэ-эргитэ ыган

кэлбитэ.
-Аҕал телефоммун, -Саргы харбыалаһа сатаабытын, Жанна орон үрдүгэр ойон тахсан, телефоннаах илиитин өрө уунан кэбиспитэ. Саргы тардыалаһа-тардыалаһа ыстаҥалыы сатыы сырыттаҕына, Туйаара диэки быраҕан кыыраппыта. Туйаара сыыһа тутан кэбиһэн телефон сиргэ баран түспүтэ. Циферблатын тааһа хайа ыстанан туох да көстүбэт буолан хаалбыта. Ол да буоллар Саргы ылан сиэбигэр уктан кэбиспитэ уонна эмиэ оронугар умса түһэн сыппыта.
-Ой телефон сломался, чур я не виновата, -Туйаара ытыһын охсуммута.
-Ээ чэ, эта черно-белая “деревяшка” наверное копейки стоит. Тапталлааҕа бэлэхтиэ буо, -кыргыттар иккиэн күлсүбүттэрэ.
Ол киэһэ Саргы эрэйдээх хараҕын уута бараныар диэри ытаабыта. Олоҕо ыарахан буолуохтааҕын кыра оҕо эрдэҕиттэн биллэр даҕаны, маннык буолуо дии санаабатаҕа. Саатар кини таптала киһиттэн ураты. Хаһан эрэ бэйэтигэр тиийинэн өлөн хаалбыт киһини илэ таптыы сырыттаҕа. Ол иһин кыргыттара күлүү гынан эрдэхтэрэ. Дьол кэлэн түннүгүн анныгар далбаатыы турара бу бүтэй эттээх кыргыттар харахтарыгар олох даҕаны көстүбэт буоллаҕа. Тоҕо мин олоҕум дьонтон уратыный, түүл-бит курдугуй? Саргы дьиҥ олоҕун, түүлүн кытта үлтү булкуйан, бэйэтэ даҕаны сатаан арааран өйдөөбөккө, түүнү быһа утуйбакка эргитэ саныы сыппыта.
Онтон ыла хас да күн ааспыта, Саргы олоҕун кылгастык да буоллар, күн курдук сырдатан, сэргэхситэн ааспыт Дьол тааһы ууга бырахпыттыы сүтэн-симэлийэн хаалбыта. Түүлүгэр даҕаны көстүбэт буолбута. Саҥа дьыл бырааһынньыга чугаһаан кэлбитэ. Кыргыттар бэлэмнэнэн саҥа таҥас-сап ылынан, маҕаһыыннары кэрийэллэрэ үксээбитэ. Киэһэ аайы атыыласпыт таҥастарын кэтэн, сиэркилэ иннигэр эргийэллэрэ-курбачыйаллара, бэйэ-бэйэлэрин хайҕаһан, сороҕор ордук санаһан биир кэм тыллара кытарара. Ол быыһыгар Саргыны сытыы тылларынан үөҕэн, хаарыйан ааһалларын олох тохтоппотохторо. Саргы эрэйдээх хантан кэлбит харчытынан ыарахан сыаналаах, саҥа таҥас ылыныай. Ол эрээри кини даҕаны кыыс буоллаҕа, саатар бырааһынньыкка киэргэниэн баҕарара ханна барыай.
Биир күн биллэриинэн булан, бэрт аҕыйахтык кэтиллибит, саҥатык көрүҥнээх былаачыйаны чэпчэки сыанаҕа атыылаһан, Саҥа дьылга кэтиэм диэн үөрэн-көтөн, сиҥнэн хаалбыт дьиэлэрдээх Сайсары биир кыараҕас уулуссатын устун хааман испитэ. Ону-маны саныы-саныы, түннүктэрэ тас өттүттэн ыбылы сабыллыбыт дьиэни ааһан иһэн эмискэ тохтуу түспүтэ. “Хайыа, бу дьиэ дии, Дьол миигин манна аҕалбыта дии. Онно үчүгэй соҕус туруктаах курдуга, онтукам баара быраҕыллыбыта быдаҥнаабыт эбит дуу. " Саргы төннөн кэлэн, тоҕо эрэ олох куттаммакка, олбуор аанын аһан, дьиэҕэ чугаһаан кэлбитэ. Тобугар диэри тоҥ хаары кэһэн, дьиэни эргийэ сылдьан чуҥнаабыта. Дьон баар сибикитэ биллибэтэҕэ. Оргууй ааны аһан дьиэҕэ киирэн кэлбитэ. Дьиэ иһэ, ким эрэ соторутааҕыта хомуйбутун курдук, чөкө буолан биэрбитэ, барыта орун-оннугар. Арай оттуллубатаҕа ырааппыт буолан тыбыс-тымныы. Сэрэнэн-сэрэнэн хос аанын сэгэтэн көрбүтэ матараастаах тимир орон, аттыгар кыракый туумба, истиэнэни кыйа таҥас ыйыыр ыскаап баара. Саргы Дьолу саныы-саныы, ороҥҥо кэлэн олорбута. Кини билигин даҕаны Дьолу олус ахтар, ахтар эрэ буолбатах ис сүрэҕиттэн таптыыр. Ол курдук дэлби тоҥуор диэри өр да өр олорбута. Онтон, тумба үрдүгэр сытар кумааҕыны ылбытын, бэйэтэ да өйдөөккө хаалбыта. Ол кумааҕыга көнө баҕайы буочарынан суруллубут этэ:“Таптал олус күүстээх, таптал кэминэн даҕаны, ырааҕынан даҕаны, тугунан даҕаны хааччахтаммат… " Саргы бу кумааҕыны суулуу тутан, сиэбигэр уктубута уонна дьиэттэн тахсан барбыта.
Уопсайыгар кэлэн, хоһугар киирбитэ бииргэ үөрэнэр оҕолоро бары мустан олороллор эбит. Киирээтин кытта:
-Наконец-то Вонючкабыт кэллэ.
Староста боччумнаах баҕайытык туттубута буола сатыы-сатыы:
-Позор Вонючка, атын группалар бары кыһыҥҥы экзаменнарын ситиһиилээхтик туттарбыттар. Арай биһиги группабытыттан эн эрэ проваллаабыккын. Короче… Үөрэххиттэн үүрүлүннүн.
-Онно отчислен диэҥҥэ аҥардас эн эрэ аатын ыйанан турар.
-Чэ бардын, группабытын позори гына сылдьыбатын…
-Наконец-то, -игин диэн атын оҕолор хос сыҥаах буолбуттара.
Саргы атыыласпыт былаачыйатын ыһыктан кэбиспитэ. Ол курдук дөйөн тураахтаабыта…

    Сарсын Саҥа дьыл. Оҕолор үөрүүлэрэ-көтүүлэрэ сүрдээх. Эрдэттэн астарын атыылаһан астаналлар, бэйэ-бэйэлэригэр бэлэх бэрсээри бэлэмнэнэллэр. Онтон уонна каникул кэмигэр, ийэлэригэр-аҕаларыгар атаахтыы, дьиэлэригэр барыахтара турдаҕа. Арай Саргы ханна да барар сирэ суох. Саатар уопсай комендана, таҥаскын-сапкын туттар, миэстэҕин босхолоо, диэн күн аайы ыксатан сордуур буолбута. Ону таһынан бииргэ олорор кыргыттара аҕала сатыы-сатыы мэһэйдэтэллэрэ үксээбитэ.
-Биһиги Саҥа дьылы группанан бары манна, бу хоско көрсөбүт, эн онуоха диэри вообще суох буолуохтааххын, -Жанна айаҕа кытара

олороро.
-Биир даҕаны копейканы кыттыспатах эрээри, бэлэми аһаары гынаҕын что ли, -диэн Туйаара, онтон да атын кыргыттар хос сыҥаах буолаллара.
Саргы эрэйдээх, барытын өйдүүрэ, ол эрээри барар-кэлэр сирэ суох буолан, туох эрэ элбэх маллаах киһи курдук, сырыы аайы сыыйа-баайы, бу тахсан барыахтыы, хомуммута буолара.
Ол курдук таҥаһын барытын хомунан, сарсын Саҥа дьыл үүнэр күнүгэр хоһуттан тахсан бараары бэлэм олорбута. Алдьанан, тааһа хайа баран, туһаттан тахсыбыт телефонун, быраҕан кэбиһиэн кэлэйэн, туумбатын түгэҕэр уган кэбиспитэ. Хомунан бүппүтүн көрөннөр кыргыттара арыый да уоскуйарга дылы гыммыттара. Саҥа дьыл иннинээҕи түбүктээх күн түмүктэнэн, бэрт хойутуу ороннорун буланнар, дьэ сыппыттара. Кыргыттар утуйан ырааппыттара. Арай Саргы ханна барарын толкуйдаан тобула сатыы оронугар эргичиҥнии сыппыта. Ол сыттаҕына туумбатын иһигэр сытар, алдьаммыт телефона биир кэм быыстала суох илибирээн барбыта. Эмиэ түүһээн эрэбин быһыылаах дии санаан Саргы туран көрө да сатаабатаҕа. Онтон гитаранан доҕуһуоллатан, уоллаах кыыс ырыалара бэрт чуолкайдык иһиллэн кэлбитэ. Жанна уутугар аҥаарыйа сылдьан, оронун анныттан тапочкатын булан ылан, быраҕан кыыраппыта:
-Заклебала, араар эрэ музыкаҕын…, -Диэн иһэн, көрбүтүн итэҕэйбэккэ, оронугар олоро биэрбитэ, Туйаара эмиэ хараҕын быччатан, туран кэлбитэ. Ол курдук таалан хаалбыттара. Алдьанан хаалбыт телефон умайан сандаара-сандаара, бэйэтэ көтөн кэлэн Саргы ууммут илиитигэр кэлэн түспүтэ. Ыарахан тааһы түөһүгэр ыга кэлгиммит Артур телефону Саргыга туттаран баран:
-Эйиэхэ сурук кэллэ, хайаан даҕаны аах, -диэн мичээрдээбитэ. Аан аттыгар Никиталаах Майя кэрэ куоластарынан ыллыы тураллара. Онтон бары “эн биһиги доҕорбут буолаҕын” диэн тахсан барбыттара.
Саргы телефонун циферблата бытарыйыар диэри алдьаммыт да буоллар, “Таптыыбын эйигин, эрэнэ күүтэбин, эн доҕорун, Дьол” диэн сурук бэрт чуолкайдык көстүбүтэ. Саргы телефонун ыга кууһан, хабыс-хараҥаҕа бэйэтэ бэйэтигэр мичээрдии сыппыта. Кыргыттара дьиктиргээн ыйыталаһа сатаабыттарыгар тугу даҕаны хоруйдаабатаҕа.
-Э-эй, Вонючка, что это было?
-Истэҕин дуо, тоҕо саҥарбаккын? Кажется, телефонун оҥотторбут быһыылаах.
-Но все равно, телефоны сами по себе не летают же?
-Ты тоже видела, странно дии? Диэн бэркэ дьиктиргээн кэпсэппиттэрэ.
Саргы туох да диэн хоруйдаабатаҕа. Арай, “Эһиги мин тапталбын хаһан даҕаны көрүөххүт, өйдүөххүт суоҕа. Кини тыыннаах, мин сүрэхпэр баар” диэн санаан аһарбыта.
Билигин Саргы ханна барарын чуолкай билбитэ, кини даҕаны дьонтон итэҕэһэ суох доҕоттордоох эбит. Ыарахан кэмигэр умнубакка көмөҕө кэллэхтэрэ.

    Саргы ханна даҕаны ыксыыра суох буолан, утуйан букуната сыттаҕына, кыргыттара сахсыйан, түҥнэри-таҥнары тардыалаан уһугуннарбыттара.
-Күн оройо буолла, утуйа сытыан дуо тур.
Саргы мичээрдээбитинэн туран кэлбитэ, бүгүн киниэхэ эмиэ бырааһынньык. Кини ханна да ыксаабат. Кыргыттара хаһан барарын кэтэһэн күнү быһа мөхпүттэрэ-үөхпүттэрэ эрээри, үөрэ сылдьарын кубулуппатаҕа. Тиһэҕэр тиийэн, бырааһынньыктыыр астарын барытын бэлэмнээн бүтэн, остуолларын тардан, бары группаннан театырга бараары туран:
-Кэлэрбитигэр сытын даҕаны суох буолуохтаах, -диэн бүтэһиктээхтик сэрэтэн тахсан барбыттара.
Соҕотоҕун хаалан баран, Саргы сиэркилэ иннигэр мөссүөнүн көрүнэн чочумча олоро түспүтэ. Онтон кыргыттарын косметичкаларын ылан иннигэр уурунан кэбиспитэ. Бу тэриллэринэн хаһан даҕаны туттубатах бэйэтэ, бэрт сатабыллаахтык хааһын үргэммитэ, онтон кыламаннарын өрө эринэн, баттаҕын оҥостон, киэргэнэн барбыта. Тиһэҕэр тональнай креминэн сүүһүгэр баар чэрэ көстүбэт буолуор диэри соттон, өссө ордук тупсарынан пуудараланан кэбиспитэ. Чап-чараас хара дьүһүннээх колготкатын ылан кэппитэ, саҥа атыыласпыт былаачыйатын эргитэн-урбатан көрбүтэ уонна кэтэн кэбиспитэ. Ийэтиттэн хаалбыт, бэрт аҕыйахтык кэтиллибит норка саҕынньаҕын, чымадааныттан ылан кэппитэ. Төһө да түүтэ кыратык кытардар, размера арыый да улахан буоллар, быһыытын олус тупсарбыта. Кыһыҥҥы саппыкыта суох буолан, үрдүк хобулуктаах чараас саппыкытын кэппитэ. Сытын тупсарынан духууламмыта. Сиэркилэ иннигэр кини буолбатах, олох атын кыыс турара. Ол курдук итэҕэйбэтэхтии мөссүөнүн көрүнэ турдаҕына, группатын оҕолоро саккыраһан, күлэн-үөрэн, хоско кутулла түспүттэрэ. Сорох-сорхтор билбэккэ:
-Тыый бу хайа кырасаабыссаный, -дэспиттэрэ. Онтон Саргы эбитин билэн айахха бэрдэрэн тура түһэн баран, күлүү гыналларын умнубатахтара:
-Туох ааттаах киэргэннин, кыыскын алдьаттара баран эрэҕин что ли?
-Хантан эрэ таҥас уорбут дуу, кини баҕас хантан харчыланан атыыласпыт үһү…
-Ой, дикарка, мин духибынан ыстарыммыт дии, -Туйаара айаҕа кытара түспүтэ.
-Уонна мин косметикам батта, -Жанна хаалсыбатаҕа.
Саргы онно олох кыһамматаҕа, тахсан баран иһэн:
-Чэ оҕолоор

быраһаайдарын, хаһан эрэ хайаан даҕаны көрсөр кэммит кэлиэҕэ, -Саргы мичээрдээбитинэн тахсан бара турбута.
Оҕолор кэнниттэн араас быдьыр тылларынан үөҕэ хаалбыттара. Саргы тулуйбатаҕа, тохтуу биэрбитэ уонна ботугураан “Артур мин эйигин ыҥырабын… " Диэтин кытта, хос иһигэр толору астаах остуол өрө көтөҕүллэн тахсыбыта да, түөрт атаҕын тосту түһэн кэбиспитэ. Хос иһэ эмискэ соһуйбут, куттаммыт хаһыыларынан туолбута. Саргы мичээрдээбитинэн, чап-чараас таҥастаах, бэргэһэтэ да суох Сайсары диэки хаама турбута. Уулуссаҕа ааһан иһэр уолаттар ымсыырбыттыы, мааны кыыһы эргиллэн, сүнньүлэрэ эриллиэр диэри, кэннилэрин хайыһа-хайыһа көрөллөрө. Ону ол диэбэккэ Саргы Дьол дьиэтигэр тиийэн кэлбитэ. Дьиэҕэ киирэн иһэн тимэхтэммэккэ сылдьар саҕынньаҕын санныттан түһэрэн кэбиспитэ уонна ороҥҥо кэлэн сыппыта. Ол курдук сытан эрэ утуйан хаалбыта. Суох, кини олох да тоҥмотоҕо, тохсунньу дьыбар тымныытын билбэтэҕэ даҕаны.
Чаһы уон иккини охсубута, таһырдьа салют ытан субуруппуттара, уулуссалар үөрүүнэн-көтүүнэн туола түспүттэрэ. Сотору кини Дьоло тиийэн кэлбитэ, ыга да ыга кууспута. Ол курдук ыга кууспутунан Анараа дойдуга илдьэ бара турбута. Онно Саргы хайаан даҕаны дьоллоох буолуо…

Сындыыс сулус
11 июля 2015
Кэпсээммин сэҥээрэн аахпыт дьоҥҥо бар5а махтал.

Сөпкө таайбыккын.Сындыыс сулус,Араҥас сулус,Чолбон,Сулус уола онтон да атын халлаан сулустарынан ньыыктаах мин буолабын.
Кэпсээннэрим барыта абааһылардаах-иччилэрдээх,табыллыбатах таптал,олох туһунан буолаллар.Ол иһин абааһылары албыннаан, кураана5ы харбатан,ньыыкпын уларыта сылдьабын.

Саргы Анараа дойдуга ДЬОЛУН булбута.
Кини билигин дьоллоох. Онтон дьоллоох киһи иэстэһэ оонньуу сылдьара соччото суох дии саныыбын. Онон кэпсээн логическай түмүктээх, салҕанара сатаммат курдук. Атын кэпсээннэрбин булан ааҕын…

Добавить комментарий