Главная / Кэпсээннэр / Соҕотох сур бөрө
Добавить комментарий
Алгыс - 15 октября 2014 14:22
Бугун халлаан наһаа да тымныйбыт, бирээмэ силлээтэххэ силин сиргэ туһуор диэри муус буола охсон туһэргэ дылы. Тыала да сытыы, киһини этин курдары урэн сирилэтэн, чараас танастаах дьону сиилиитин кытта тонорорго дылы. Атаҕыттан баһыгар диэри туу танаһы уллэччи кэппит, таһыттан кордоххо бэрт сымса, сытыы туттунуулаах эдэр киһи куол диэкиттэн муус алларан алтан солуурга толору котоҕон иһэр. Иһигэр кигинэйэн ыллыыр дуу, эмиэ да ботугураан кимниин эрэ уохсэр курдук, бэрт тургэнник хааман кэлэн уутээн аанын тиэрэ тардан дьиэ ортотугар биирдэ баар буола тустэ. Тимир оһоҕун урдугэр биэдэрэлээх мууһун ууллара уураат, оһоҕун иннигэр тас танаһын да устубакка тобуктаан олорон эрэ багыара томмут тарбахтарын оһоххо, эрчимнээхтик имитэн иттэн барда. Улахан ытыстарынан сирэйин сурамахтанаат ис иһиттэн дирин санааҕа баттата сылдьар киһилии бэрт иччилээхтик ис-иһиттэн иниэрсийэ быһыылаахтык оро тыынна. Онтон сымса бэйэлээхтик ойон туран туу танаһын устан аан таһынааҕы коҕоҕо ыыйаталаата. Бэргэһэтин устубута ыас хара будьурҕай баттаҕа урэлис гына туспутун кэтэҕин диэки анньынан кэбистэ. Арыы саһыл сырдык хааннаах, хойуу хаастардаах, сууһун аннынан сур боролуу сургуччу корбут чох хара харахтардаах суурбэччэ сааһын ааһан отутугар чугаһаан эрэр уола хаан бу улугэр аныгы уйэ, балысханнык сайдыбыт сана кэм бириэмэтигэр хара тыаҕа сирэйдэнэн, дьонтон сэргэттэн тэйэн, урэх баһыгар уутээн оҕотугар соҕотоҕун олордоҕой? ! Дьэ бу айдааннаах, ампаалыктаах дьоллоох Дьокуускай куоракка 5сыллаах урдук уорэх кыһатыгар уорэнэ сылдьан, айар-тутар эдэр саас муччургэннээх сырыытыгар халты тэбиммит, сыыһа уктэммит, сахаҕа бэйэтин сирдэрбэт корунунэн, ойунэн, кууһунэн даҕаны 5уолу кытта тэннэ охсуһар, доҕотторо таптаан, утарылаһааччыларын да толуннаран Боро диэн дьулаан ааты инэрбит уоллара Волков Вова буолар. Итинник ааты ылара анардас уол аҕатыттан илдьэ хаалбыт нуучча бырааһа Волков диэн араспаанньата тоһуу буолбута. Уол бары оҕолор курдук биэлсэр ийэтинээн бэрт эйэлээхтик суулаһан, дэриэбинэҕэ кыракый быраастар уопсай дьиэлэригэр улааппыта. Оҕо оҕо курдук оскуоланы бутэрэн бэйэтэ баҕатынан Дьокуускайга киирэн ЯГУ физкультурнайын уорэнэн бутэрэн. Санардыы сайдан эрэр куоракка тренер улэтэ тута костубэккэ, орто оскуола учууталынан улэтин саҕалаан иһэн бу араллаанна тубэһэн халын тыа иччитэ, тайҕа харабыла буолан олорбута иккис кыһыныгар баран эрэр. Ити икки ардыгар мууһа ууллан чаанньыкка уу баһан оһоҕун урдугэр оргута охсон ылаат итии чэйи сыпсырыйан иһэ-иһэ куолутунан урукку дьоллоох кэмнэрин санаан хараҕын симириктэтэн хантайан ыла-ыла оро уһуутаан, хойуу кыламаннарын силбэһиннэрбит хараҕын уутун кыатанан сатаан, атаҕын олбох маска эрийэ тардан кохсунэн уутээн тымныы истиэнэтигэр ойонон олороохтоото. Элбэх, кэрэ да кэмнэр элэннээн аастахтара эдэр саас эргиллибэт кунду куннэрэ. . . Устудьуоннуу сылдьан омук тылыгар уорэнэр кэрэчээн сибэкки курдук тырымнас, талба-мааны коруннээх Анюта диэн кыыһы кистии-саба астына короро. Элбэх да уол быһыыта ол кыыһы сырсара, арай кыыс санаата атынна кими да чугаһаппат, ол эрэ хомоппот гына биир тэнник барыларыгар доҕордуу сыһыаннааҕа. Биирдэ эмэ алҕаска утары корустэхтэринэн эдэр дьон имнэрэ кыыһын бэйэ-бэйэлэриттэн кыбыстар курдук тэйэ хаамсаллара, биирдэ да тыл бырахсан кэпсэппэттэрэ. Оннук 3курска диэри соптоох тугэн костубэккэ, Вова оҕотук иэйиитин киммиэхэ да аспакка бэйэтин иһигэр кистээн иитиэхтии сылдьыбыта. Арай биирдэ 5оптуобуска киирэн студгородок диэки айаннаан иһэн Анюта куруук бииргэ сылдьар дьуогэтинээн сатыы бэрт улахан суумкалардаах, Сэргэлээх диэки баран иһэллэрин корон кэлэр остановкаҕа автобустан туһэн кыргыттары кууппутэ. Кыргыттар бэркэ илистэн ыарахан суумкаларын илиилэрин атастаһыннара- атастаһыннара бу уун утары тиийэн кэлбиттэрэ. Дьуогэ кыыс бэрт сытыы-хотуу кэпсэтинньэн буолан биэрбитэ. -Хайа бу биһиэхэ комолоһуннэрээри аанньалларбыт анаан эйиигин биһиэхэ утары ыыппыттар дии-дии кулэн мичилийбитигэр, эттээх этигрэн мах манан сирэйэ оссо кэтирээн костубутэ, Анюта уутун тохпут оҕолуу сири корон туран кыыһы буойбута да, дьуогэ уоскуйар быһыыта суох хата оссо сытыырхайан пакет суумкаларын ыараханын талан уолга утары ууммута. Анаар илиитинэн уол модьу илиилэригэр иилистэ туһэн бодоруускалаан кэбиспитэ иннэ гынан икки илиитигэр толору кэнсиэрбэ, ол бу бородуукта симиллибит суумкаларын туппутунан эбиитин дьуогэ кыыһы бодоруускалаан аа-дьуо уопсайбыт диэки хаампыппыт. Ол баран иһэн дьуогэ кыыс аатын этэн Танюшабын диэн билсиһэн буолары-буолбаты тыл бырахсан уопсайга тиийэ охсубуттара. Анюта кэпсэтиигэ кыттыбат, туораттан
-Ыччуу, ычча тоҕо да баҕас тымныытай?! Бу хаһан сылыйар халлааный, былыт кэлэрэ буоллар туһахтарбын да баран корутэлиэм этэ. Били дьон олус да хойутаатылар, быһыыта били кололоро аара суолга моһуохтаата дуу, -тугуй? Боро соҕотоҕо бэрдиттэн атын туох да аралдьыйара суох буолан кыра уутээнин иһигэр топтору-таары хаамыталыыр. Оо кууттэххэ кун-дьыл бытаанык да ааһар, тоҕо да баҕас куруһай, харанатай, тымныытай?! Икки ый буолла дьону кытта айах атан кэпсэппэтэҕэ, амтаннаах аһы аһаабатаҕа, дьоно кэлиэх буолбут кэмнэрэ ааспыта 5хонук буолла. Унур кэлэ сылдьан хаалларбыт астарын сыыһын тоһо да кэччэйэн нуормалаан сиэтэр бутэр уһуга кэлэн туга да суох хаалан эрэр. Саатар бу куннэргэ наһаа тымныйан мас да которо коппот буолбут, манна таах итии чэйи иһэ-иһэ олордоҕуна таах хоргуйан олууһук. Онон сарсын хайаатар да эрдэ туран чугастааҕы туһахтарын баран корон кэллэҕинэ табыллыыбык. Сарсыарда оронуттан ойон тураат, бэйэтэ да намыһах уутээн баҕанатыгар ыйанан турар турнигар харса суох тардынан этин хаанын уһугуннарда, уутээн ортотугар ыйанан турар грушатын бастаан бастын доҕорун курдук икки илиитинэн кууһа туһэн ылла онтон сууһун аннынан сур боролуу сургуччу коро-коро эттээн кууһуннарда, ор соҕус эрчиллэн биллэ сэргэхсийдэ сылбырҕа ууну иһээт тас танаһын кичэллээхтик кэтэн, уон иккилээх доруоб саатын кохсугэр иилинэ быраҕан кыһынны тымныыга тахсан тумарык быыһынан тыына бурҕачыйан элэстэнэ турда…
Биир кун КЦ иннигэр кирилиэскэ уолаттары кытта кэпсэтэ туран Анюталаах Танюшаны корсо туһэн, кыргыттар уолу киэһэнни борщка аһыы киирэригэр ынырдылар. Хаһан да итинник ынырыыга эрэ тиксиэм дии санаабакка сылдьыбыт уол долгуйан хайыан да билбэккэ уопсайыгар киирэн таҕастарын бэриннэ душтана охсон ынырыллыбыт бириэмэтигэр кыргыттар хосторун аанын тонсуйан тобугуратта. Сытыы киһи Таня ааны арыйа баттаат: -прошу в наш райский уголок диэн урун тиистэрэ кэчигирэһэн мичилийэ тоһуйда. Анюта дьиэҕэ кэтэр чараас костуумнээх, баттаҕын оройугар эрийэн улахан боручуоскэ оностубут, кыбыстыбыт, долгуйбут коруннээх. Киир кыбыстыма диэн ууйэ-хаайа тутан сонун уста охсон остуол туорайыгар аҕалан олордон кэбистилэр. Ол тухары Таня айаҕа хам буолбат, киинэлэри, уорэҕин, уолаттары ыйытан кэпсээн, кутан симэн сэргэх кыыс дьэ. Хара килиэби кытта буруолуу сылдьар борщу тото -хана истилэр, унур комолоспуккэр улахан махталбыт бэлиэтэ уонна доҕордуу буоларбытыгар билсиһии киэһэтэ дэстилэр. Анюта кэлин син кыбыстара ааһаан бодоруһан кэпсэтэн барда. Онтон Танята кыыс кулгааҕар тугу эрэ сибис гыммытыгар, бэрт тургэнник остуолтан ойон туран: - чэ эһиги кэпсэтэ туһун, мин конспекпын салҕыахтаах этим диэт тэтэрээт кыбынан хостон тахсан барда. Таня дьуогэтэ тахсыбытыгар дьэ астыммыттыы ойон тураат хос аанын хатыы оҕуста, музыканы улаатыннаран уолу кэнниттэн кэлэн моонньуттан кууһан туран, кулгааҕар сылаас уостарын даҕайан ункуулуоххэ эрэ диэн сибигинэйдэ, эдэр дьон бэйэлэрэ да билбэт эдэр сурэх тэбиитин истибэт буолбут иэйиилэригэр куустаран маннай хос ортотугар музыка нарын тыаһыгар уйдаран ункуулээн ыллылар, онтон уос уостарынан даҕайсан омуннаахтык уурастылар, эмискэ уол сыыһа быһыыны онорон эрэрин ойдоон кыыстан уокка оҕустарбыттыы тэйэ хаамта, тырымнас сибэккитин Анютатын кэрэ морсуонэ хараҕар костон ааста да, дьуогэ кыыс алыптаах минньигэс уостара уол уоһун булан умсугуйа уураатылар, бэйэни туттунар кыах суох буолтунун уол ойдоото, кыыс куба маҕан моонньутун онтон улам аллараа толору туостэрин диэки уоһунан, хатыылаах тылынан куулэйдээмэхтээтэ, кыыстаах уол аа-дьуо биир-биир танастара уһуллан сиргэ тустулэр, сып-сылаас суурээн эдэр дьон этин буус бутуннуу сууйэн таҕылы ханнарар чуомпэ дирин далайыгар умустулар. Дуоһуйуохтарыгар дылы эмэрийсэн, соп буолуохтарыгар дылы таптаһан уол ойон туран танаһын таннан олоҕор биир сыыһа хардыыны оностон кыыс хоһуттан тахсан барда…
Боро хата бугун бэрткэ бултуйда, уоһэ мэнэ халлааны оро хантайан корон туран барҕа байанайыгар махтанан икки илиилэрин
Вова биир кун тренажернай саалаҕа эрчиллэ сырыттаҕына тренера Ким Вадимович уолу ыныран ылан учугэйдик эрчилин, икки нэдиэлэнэн дальнай восток курэҕэр кытта Хабаровск куоракка которбуоллубут диэн уоруулээх сонуну иһитиннэрбитэ. Республикаҕа 63киилэҕэ уксун 2миэстэни ылар буолан ЯГУ биир тарбахха баттанар бастын спортсмена буола сылдьар. Кини утарылаһааччыта Сима Сэмэнэп бу курэххэ бэлэмэ суох буолан барбат буолбут, республика боксаҕа ус тогуллээх чемпиона Вовалыын куруук илин кэлин тусуһэн, эрбии биитинии эрийсэн киирсэллэрин ыалдьааччылар бэрткэ сэнээрэн корооччулэр. Уол бу куннэргэ уксун дьарыкка сылдьан били Танялыын буолбут, кыбыстыылаах тугэнин умна да быһыытыйда. Хата кыыс да оттуттэн истин сыһыан, внимания эрэйэн туох да биллибэтиттэн уол кулугэр эрэ имнэнэр, уорэнэ саныыр. Арай дуоһа ыарыыта буолбут тырымнас кэрэ сибэккитин Анютатын саныырыттан да толлор, кыбыстар, мин киниэхэ тэнэ суохпун диэн сананар буолан, бэйэтин буус бутуннуу дьарыкка эрэ анаан стадионтан арахпат буола сылдьар. Тренера уорэнээччитин корон астынар, инникигэ эрэнэр кэлин ааппын ааттатар бастын уолум диэн сананар. Хабараҕа тиийэн элбэх дьарык тумугэ ото костон дальнай востокка чемпионнаан кэтит моонньугэр мэтээл кэтэн, маастар нуорматын толорон илии-тутуурдаах эргийэн кэлбит кэрэ куннэрин олоҕун биир чаҕылхай бэлиэ кэминэн ааҕынар. Сана Дьыл чугаһаан куорат тырымнас уоттарынан киэргэммит харыйалара оҕо аймах уоруутун уксэтэн, туох эрэ дьиктини, таайтарыылааҕы эрэннэрэн чыпчылыйа умайаллар. Дьон-сэргэ сургэтэ котоҕуллубутэ сур, маҕаһыыннарга уочарат, кэлии-барыы, чэ быһата Сана Дьыллааҕы супсургэн. Вова доҕотторунаан быйыл дойдуларыгар барбакка уопсайга бырааһынньыктаары хосторугар харыйа киэргэттилэр. ЯГУ бастын спортсменнарын чиэстиир дьоро киэһэҕэ Волков урун ырбаахы, костуум кэтэн киэргэнэн аҕан тиийдэ. Доҕотторо умуоруһэн эҕэрдэ боҕо, илии тутуһуута, куустуһуу. . . Ыытааччы саната бастын спортмен диэн кэнбиэртэн кумааҕыны хостоон-3курс устудьуона Волков Владимир Владимирович диэтин кытта саала иһэ оро хабылла тустэ, дохсун ытыс тыаһыгар уйдаран сыанаҕа суурэн таҕыста тренера уорэн икки илиитинэн уолу санныттан кууһан ылла. Вова харахтарыгар балысхан уоруу, дууһатыгар бэйэттэн астыныы, дуоһуйуу кулум гынан ылла. КЦ толору саалатын иһигэр симиллэн олорор эдэр дьон быыһыттан кини кыраҕы хараҕа эбитэ дуу, эбэтэр таптыыр сурэх эбитэ дуу кини таптала, сурэҕин анара, тырымнас сибэккитэ Анютата уолу астыммыт харатарынан корон олоруттан кулгаагын уһугар дылы кытаран таҕыста, сирэйэ итии чоххо баттаммыттыы итийэн ылла. Торжественнай чаас бутэн эдэр саас эрчимнээх ункуутугэр ынырар уоттаах куостээх дискотека саҕаланна. Уолаттар быыстарынан Воваҕа кини ааттаах утарылаһааччыта Сэмэнэп Сима уун утары ааман кэлэн, бугунну куннэр миэхэ махтан диэн уоһун быыһынан сыыйан санарда, мин курэххэ барбытым буоллар, эйиигин киһилээбэт этим, ыт оҕотун курдук тутан сиэхтээҕим диэн хатыылаах тылларынан отору-батары санарталаабытыгар Вова собулээбэтэҕин биллэрэн сууһун аннынан сур боролуу оһостук, сургуччу корон кэбиспитэ.
Ыас харана уутээн иһигэр эдэр уол, киһи куйаҕата кууруох ынырык хаһыыта иһийэн турар тыаны биир гына сатараабыта. Ийэ хара колоһунэ сарт туһэн, оронун танаһа ибис инчэҕэй буолуор дылы баттатан оро мохсубут Боро оронугар олоро туһэн тыын ылан ботуохтуу олорбута. Бу хасыһын даҕаны туулугэр киирэн сир анныттан ынырык ыар ынчыгынан ынырыланар уп уһун хара илиилэр кинини сир анныгар атаҕыттан соһо сатыыллар, кэл биһиэхэ диэн ыныраллар, бу хара дьайдаах уп уһун илиилэри кытта оро тустан кыаҕын ылларан бугун туун олох да барса сыспытын хата ити уһуктан быыһанна. . Уол оргууй туран оһоҕор мас эбэн уот оттон уутээнин сырдатынна, оһох аанын арыйан икки тобугар олорон эрэ уоһун иһигэр иһиллэр-ибиллибэттик ботугураан аан бастаан оһоххо тугу эрэ дук гынан эһэккэтин иччитин аһатта онтон кимиэхэ эрэ кэпсээн эрэрдии тугу эрэ элбэҕи санарда устунан ытаан санна титирэстээн барда, дойдутун, доҕотторун, тырымнас сибэккитин Анютатын, ийэтин ахтыбыт ыар санаата ыга баттаабыт сур ыарахан сугэһэрэ сыыйа санныттан туһэн суһуктуйан эрэр халлаан чуумпу, чэбдик сарсыардаанны салгыныгар ыйан хаалаахтаата.
Таня ханна эрэ сырбачыс гынан хаалтын кэннэ Вовалаах Анюта олус да дьоллоох киэһэни бииргэ атаарбыттара. Корбут киинэлэрин, аахпыт кинигэлэрин, собулуур геройдарын кэпсэттэхтэринэ бэйэлэрэ да соһуйуохтарын иһин майгыннаһар, биир тэн буолан испитэ. Бэл диэтэр собулуур астара кытта биириттэн кулсуу боҕо кулсубуттэрэ. Уоллаах кыыс истин доҕордоһуулара 4курска таптал уотугар кубулуйан хайа хайалара бэйэ-бэйэлэриттэн биир да кун кыайан тэйсибэт биир ситим буолбуттара. Таня хата дьуогэтигэр мэһэйдэспэтэҕэ мин баҕам массыыналаах, дьиэлээх уоттаах баай-талым олоҕу бэлэхтиир дьиннээх эр киһи, эһиги буоллаҕына бэйэ-бэйэҕитигэр барсаҕыт, онон дьоллоох эрэ буолун диирэ. 5Курсу бутэрдэхтэринэ холбоһуох буолан кэпсэтэн уоллаах кыыс тапталларын сылаас сыһыаныгар угуттанан наһаа да кэрэ, умнуллубат кэрэ-бэлиэ куннэри-тууннэри бииргэ атаараллара. Куорат устун бииргэ куулэйдитллэрэ, киинэҕэ, театрга, быыстапкаларга, торговай центрдарга бииргэ сылдьаллара. Саамай ыарахан уонна атыһар кэмнэрэ уол сборга дьарыктана бардаҕына буолара. Анюта доҕорун кэтит туоһугэр ыга сыстан туран ытамньыйан ылара, эн миигин хаһан да умнумаар дии-дии оро сынара, мин тырымнас сибэккичээним, мин кунум, мин ыйым дии дии уол кыыс кохсун имэрийэрэ. 5Курс уксэ практика уорэх бутэрэр сыла буолан, устудьуоннар угустэрэ уорэххэ умса туһэн сылдьар кэмнэрэ. Диплом суруйуута, ол быыһыгар курэхтэр, дьарык…
Бугун халлаан арыыйда тымныытын ыытан, халын былыт халлааны саба буруйэн Боро утуйа туһэн ылла. Туһээтэҕинэ сиэдэрэй сибэккилэринэн симэммит киэн хонуу устун, тырымнас сибэккитинээн Анюталыын илии тутуһан хаамса сылдьаллар. Кыыс уһун хара суһуоҕун биир гына оруммут, иннигэр туһэринэ сылдьар. Урумэ чараас ырбаахытын иһинэн бирээмэ этин быһыыта барыта курдат костор курдук, уолу корон мичээрдиир, ахтабын даҕаны дии-дии орутэ тыынар, саатар эн тускунан биир да сураҕы истибэтим куруһун, эн ханна сылдьаҕын арылы кустугум, тоҕо, туох буруйбут иһин маннык сутэрсэн кээстибит??? Диэн иччилээх баҕайы куолаһынан санара санара урумэ чараас ырбаахытын иһигэр киирэн сарсыардаанны сиик курдук симэлийэн хаалар. Уол уһуктан туулун ырыта сыттаҕына ыраах дыыгынас тыас иһиллэргэ дылы буолар. Боро сулбу ойон туран ааны тиэрэ баттаан кулгааҕын чорботон аҕай истэн турар. Оо иһэллэр, сарсыардаанны дьыбарга ыраах тыаһыыр буран тыаһа эдэр киһи чуор кулгааҕар чуолкайдык иһиллэр. Танна охсоот, оһоҕун оттон мууһун уутун чаанньыкка оргута уурар. Тимир оһох барахсан чачыгыраччы умайан куодупчулэнэр, уорбут-коппут курдук маһы инсэлээхтик сиэн кулубурэтэр. Ор отор буолбат дьиэ таһыгар буран бу оро бурхайан, хойуу буруота унааран тиийэн кэлэр. Которун этин дьонугар кэһии оностон сытыарбытын, куостуу ууран баран дьонун корсо таһырдьа тахсар. Хайа тоҕо уһаатыгыт? Кэлиэх буолбут куннутуттэн икки нэдиэлэ хойутаатыгыт дии диэн уол икки ыйтан ордук дьону кытта кэпсэппэтэх уоһун оһулэн омуннаахтык кутан симэн кэпстэн барда. Ээ аара аарыма улахан буур тайахха тубэһэн
Бугун халлаан арыыйда тымныытын ыытан, халын былыт халлааны саба буруйэн Боро утуйа туһэн ылла. Туһээтэҕинэ сиэдэрэй сибэккилэринэн симэммит киэн хонуу устун, тырымнас сибэккитинээн Анюталыын илии тутуһан хаамса сылдьаллар. Кыыс уһун хара суһуоҕун биир гына оруммут, иннигэр туһэринэ сылдьар. Урумэ чараас ырбаахытын иһинэн бирээмэ этин быһыыта барыта курдат костор курдук, уолу корон мичээрдиир, ахтабын даҕаны дии-дии орутэ тыынар, саатар эн тускунан биир да сураҕы истибэтим куруһун, эн ханна сылдьаҕын арылы кустугум, тоҕо, туох буруйбут иһин маннык сутэрсэн кээстибит? ? ? Диэн иччилээх баҕайы куолаһынан санара санара урумэ чараас ырбаахытын иһигэр киирэн сарсыардаанны сиик курдук симэлийэн хаалар. Уол уһуктан туулун ырыта сыттаҕына ыраах дыыгынас тыас иһиллэргэ дылы буолар. Боро сулбу ойон туран ааны тиэрэ баттаан кулгааҕын чорботон аҕай истэн турар. Оо иһэллэр, сарсыардаанны дьыбарга ыраах тыаһыыр буран тыаһа эдэр киһи чуор кулгааҕар чуолкайдык иһиллэр. Танна охсоот, оһоҕун оттон мууһун уутун чаанньыкка оргута уурар. Тимир оһох барахсан чачыгыраччы умайан куодупчулэнэр, уорбут-коппут курдук маһы инсэлээхтик сиэн кулубурэтэр. Ор отор буолбат дьиэ таһыгар буран бу оро бурхайан, хойуу буруота унааран тиийэн кэлэр. Которун этин дьонугар кэһии оностон сытыарбытын, куостуу ууран баран дьонун корсо таһырдьа тахсар. Хайа тоҕо уһаатыгыт? Кэлиэх буолбут куннутуттэн икки нэдиэлэ хойутаатыгыт дии диэн уол икки ыйтан ордук дьону кытта кэпсэппэтэх уоһун оһулэн омуннаахтык кутан симэн кэпстэн барда. Ээ аара аарыма улахан буур тайахха тубэһэн ону икки кун эккирэтиһэн, онтон бу колобут алдьанан тардыллан аҕай кэллибит диэтэ, тор курдук хара бытыгын кырыатын ыраастана-ыраастана кыра киппэ киһи. Сыарҕаҕа олорон кэлсибит эдэр уол уһун унуохтаах, кыараҕас харахтарынан биһиги уолбутун кэтээн корордуу тонолуппакка корон туран:- Боро, доҕорум хойутаатын диэн хоморуйума, хом санаама бэйэбит да эрэй боҕону корон айан киэнэ эрэйдээҕин, сырыы киэнэ сылаалааҕын айаннаан эн чуумпу уораҕайгар кэлэр куммут баар эбит дии диэн санара-санара доҕорун кэтит санныттан куустуһан чочумча турдулар, иккиэн эрэ билэр дууһаларын ыар ыарыыта костубэт ситии быанан ыйыллары баайталаата, оро тыынан ыллылар. Дьиэҕэ киирэн сибиэһэй мас которун этин астына сиэтилэр, ахтылҕан, сылаа таһааран икки иһит буокканы иһэн кэбистилэр, куо-дьаа кэпсэтэн, кулсэн сэргэхсийии боҕо буоллулар. Куорат, дэриэбинэ сонуннарын истэн Боро биллэ сэргэхсийдэ, ханна туох курэхтэһии буоларын сураста. Киппэ киһи таһырдьа чэпчэтинэ тахсыбытыгар Боро доҕоруттан -хайа били дьыалабыт хайдаҕый, хайаһыах курдугуй диэн сэрэммиттии ыйытта. Иннэ-кэннэ биллэ илик диэн анараанныта ситэ-хото быһаарбата. Боро улаҕан ытыстарынан тоботун хам туттан олорон -оо хаһан, оччоҕо хаһан? Дии дии оро уһуутаата. Тулуйарбын аастым дьоммун сэргэбин олус аҕынным, соҕотохпуттан хаҕым эрэ хаалан
Вовалаах уорэхтэрин бутэрбит туоһу суруктарын дипломнарын тутан, сана олох оностор улэ миэстэтэ кордонор тубугэр туһэн сылдьаллар. Бастын доҕоро Дима ыраах хоту улууска спортзал директорынан ананан, уоруутэ уксээн сылдьар. Вова тырымнас сибэккитин Анютатын уонна номнуо сааһыран эрэр ийэтин хаалларан ыраах барар кыаҕа суох буолан, куоракка улэ кордоһо сылдьар. Дималыын бастакы курстан биир хоско олорбут буолан олус бодорустулар, убайдыы-быраат курдук чугастык доҕордоспуттара. Хата Анюта чугас Нам улууһун биир боһуолэгэр омук тылын учууталынан анаммыта. Эдэр дьон кыыс ырааппат буолбутуттан уорсубуттэрэ. Ким Вадимович кэпсэтэн куорат оскуолатыгар физкультура учууталын улэтин булан биэрбитэ, онон уол бэйэтэ да дьарыктанарыгар, курэххэ кыттарыгар Дьокуускайга хаалбыта бары оттунэн табыгастаах этэ. Аныгы уйэҕэ оскуолаҕа улэлиир тоһо да эппиэтинэстээҕин, эрэйдээҕин биллэр уол улэтин собулээбитэ, аҕыйах баҕалаах оҕолору ылан бокса секциятын улэлэтэн саҕалаабыта. Оннук маннайгы чиэппэр кэннэ каникулга Намна Анютатыгар баран тыаҕа олорор кыыһыгар дьиэ оромуоннэһэн, комолоһон аҕай кэлбитэ. Сана Дьыл каникулугар Анюта кийииттии барсарга собулэһэн уол сурэҕин дьолунан толорбута, Вова ийэтэ кийиит кэлэрин кууппутэ ырааппыт буолан олус астына истибитэ, сэмээр бэлэмнэнэн барбыта. Алтынньы ый бутуутэ биир суббота кун доҕотторун корсон кулуубка сылдьан куулэйдээбиттэрэ, арыгы да элбэх иһиллибитэ, сытыы-хотуу кыыс оҕолорун да булан ункуулээн эриллэннэспиттэрэ. Киирбит-тахсыбыт, сытыы-хотуу куорат кыыһа ди-джей микрофонуттан хаһыытаабыта, бугун туун куорат таһыгар барыгытын торообут куммэр ынырабын диэн. Урдук хобулукка дугуммут кыысчаан иннэ диэн биллэрии этээт Вовплаах кругтарыгар киирэн имигэс бэйэлээхтик туттан ункуулээн барбыта, тонкойдоҕунэ туга барыта костуох курдук кулумурдэс платьета клуб уотугар кылабаччыйа кулумурдээбитэ. Элбэх буолан такси сакаастаан куорат таһыгар коттедж дьиэҕэ бырааһынньыктыы айаннаабыттара. Дьэ манна баара араас эгэлгэ учугэй ас, арыгы арааһа, билсии-корсуу, хос-хоһунан тарҕаһан таптаһыы, кыыс кыыстыын уураһыыта, элбэх буолан биир оронно утуйуу. Дьэ бу улугэрдээх тыас уус, уот куос буола сырыттахтарына таһыттан кыыс убайа доҕотторун кытта тиийэн кэлэн уолаттары таһырдьа соһуталаан таһааран охсуһуу боҕо буолбута, Вова таах улаханнык испэккэ киинэ коро олорбут буолан, охсуһуу буолбутугар сэргэхсийэ туһэн таһырдьа суурэн тахсан, ким тубэһиэх саайталаан хас да уолу дойутэн, алдьархайдаах аралаан ааныгар бэйэтэ-бэйэтинэн киирэн биэрэн эрэрин ойдообокко охсуһуу главнай геройа буола сырытта. Ол икки ардыгар бохтор - бохтор диэн хаһыы кэнниттэн уол коттедж урдук олбуорун урдунэн ойон эрэрэ, уулуссаҕа тахсан курткатын коннорунээт мунур кыраайынан сур боро курдук сундулуйан куорат диэки тилэҕин да тыаһаппакка суурэ турбута. Сарсыныгар тобото ыалдьан устан олорор дьиэтигэр арыычча сыттаҕына, куустээх илии ааны тонсуйбута. Ким Вадимович ыныттарыы кууппэккэ дьиэҕэ биирдэ баар буола тустэ: -Володя, хайа бэҕэһээ туох буоллугут? Айдаан боҕо тахсыбыт дии?! Тура оҕус, аҕыйах танаскын хомун, тургэнник суох буола охсуоххун наада. Аара суолга быһаарыам, уолу ыксатан-ыгылытан утуйэн кэриэтэ таһырдьа таһааран массыына аанын тыастаахтсык сабан, тугу да ыйыппакка эрэ Дьокуускай пордун диэки тургэн сырыынан айанныы турбута. Портка тиийэн доҕоро Дима олорор.
Хоту ыраах улууһугар билиэт ылан, котоҕун бугун хаһан тонноргун биллэриэхпит диэн быһыта баттаан эрэр курдук кытаанахтык эппитэ. Димаҕа эрийэ сырыттым, барытын тэрийиэм диэтэ. Доҕоргор уонна миэхэ эрэн, диэт уол кэтит ытытыһын ыга тутан турбута, олус долгуйбута, туох эрэ ыарахан санааҕа ылларбыта биллэр этэ. Ийэҕэр мин биллэриэм онтон атын ким даҕаны, Володя, иһиттин да ким даҕаны ойдоо эн ханна барбыккын билиэ суохтаах!!! Диэн модьуйардыы куолаһын кытаатыннаран эппитэ.
Дималаах Боро ор саната суох куустуһан турдулар, 7сыл бииргэ энэрдэһэн сылдьыбыт эдэр дьон, биллибэт бириэмэҕэ тэйсэн эрэллэриттэн суом туһэн курустук эмиэ арахсар чаастара кэлбититтэн ордук тыаҕа хаалар Боро санаата оонньуур, муннун таныыта кычыгыланар. Доҕоро уолу боҕургэтэн сутуругуган туоскэ охсубута буолар ол икки ардыгар сэргэхсийэ охсон тустубута буолан урун хаары оро ытыйан, эдэр саас эрчимнээх кулуутунэн иһийэн
Быйыл былырыыннытынааҕар тымныы буолсу дуу?! Киэһэ кыра наадалаах киһи таһырдьа тахсыбат тымныыта, урдук мэнэ халлаанна барчаламмыт сулустары оро хантайан коро турар бу эдэр киһи сурэҕэ хаһан да араҕан биэрбэт ыар ахтылҕантан ньуолуйэ ыалдьар. Оо, арай кыах баара буоллар, аҕыйах да бириэмэҕэ таптыыр доҕорун уһун хара суһуохтарын имэрийэн, кэрэ бэйэтин тонолуппакка одуулаан, чочумча ыксары куустуһан турар киһи, барыны умнан дьоллоохпун дии сананыа этэ. Онто ханна баарый? Хара тыа иччитэ, халын тайҕа харабыла буолан бэйэтэ-бэйэтин кытта кэпсэтэн уһун кунун атаарар, соххор аналлаах бу сукуллан тураахтаатаҕа. Боро таһырдьаттан киирээт, тимир оһоҕор мас эптэ, уутээнэ олус сылыйбыт дуу, эбэтэр тастан киирбит буолан сылааһа бэрт дуу? Танаһын уоһэ оттун бутуннуу устан кэбистэ. Чумэчи сырдыгар, кинигэ ааҕардыы оностон оронугар кэлэн сытта. Уутээн тымныы истиэнэтигэр кохсун сыһыаран соруукэннэ. Аҕа дойду сэриитигэр
Дьэ ойон турдум ээ кыах баар но санаа мелтех иэдээн бу убийца дииллэрэ чуолкай. Будук бадык уоттаах харана хоско сиэркилэ иннигэр эдэр кыыс чараас халаатын курун суорэн, этин сиинин корунэр, онон манан костор баас оннуларын, коҕорбут сирдэрин кичэллэн чараас гына мааһынан соттор. Уһун хара суһуоҕун саната суох ор соҕус тараанан тоботун оройугар улахан боручуоскэ оностон туттарынан кэбиһэр. Анюта остуолун тардарыттан тэтэрээт быыһыттан хоп хойуу хаастаах, арыы саһыл сырдык хааннаах, будьурҕай баттаҕын кэтэҕэр анньыммыт оһос харахтарынан тонолуппакка одуулаан олорор эдэр киһи хаартыскатын аргыый уоһугар таҕайан биллэр биллибэттик сыллаан ылла. Уһун кыламаннара ибигирээн ып ыпраас хараҕын уулаара иэдэһин устун молборуйэ суурэн, устунан санна титирэстээн уйа-хайа суох ой мэйдээх тулуйбат гына ытаан бараахтаата. Айманымына даҕаны куннэ корбут соҕотох доҕоро, олоҕун буус бутуннуу итэҕэйбит истин киһитэ, тапталлаах анала, арылы кустуга хара балыырга тубэһэн суппутэ сылтан орто. Кыыс маннай уолу олоруугэ буруйдуулларын истэн туул курдук саныы сылдьыбыта. Кини доҕоро Вова хайдах да оннук быһыыны онорботоҕор эрэнэрэ, итэҕэйиэн баҕарбат этэ, кини арылы кустуга олоруохсут аатын сугэн хара дьаралыктаммытын, ойо да сурэҕэ да онно собулэспэтэ. Аны Вовата тоҕо тугу да эппэккэ ууга тааһы бырахпыттыы, мун саатар тыыннаахпын диэн биллэрбэккэ сутэн хаалбытын ити унургу ынырык быһылаан буолуор диэри ойдообот этэ. 5Кылаас оҕолорун 6 уруок кэнниттэн дьиэлэригэр ыыталаан баран, аа-дьуо дьиэтин диэки баран истэҕинэ хап-хара таастаах омук массыыната сыыйылыннаран кэлэн, Анюта Тарасовна эн дуо диэн ыйыппыттарыгар, хайдах эрэ баҕар Вовам туһунан тугу эмэ истиэм-билиэм дуу диэн тута мин диэт утары хаампыта. Эн буолларгын киирэн массыынаҕа олор, кэпсэтии баар диэн эппиттэригэр, ону эрэ куутэн турбут курдук бэрт сулбарҕатык киирэн олорунан кэбиспитэ. Суоппар ааннары хатыыр тыаһа иһиллэрин кытта, гаһын уттээн айан суолун устун куугуната турбуттара. Куорат таһынааҕы мас дьиэҕэ атах сыгынньах кыыһы баттаҕыттан соһон киллэрэн кожаннай дьыбаанна тиэрэ туһэн олорор киһи иннигэр умса анньыбыттара. -Тоҕо билиммэккин, Волков ханна баарын, сиһилии кэпсээбэккин?!!! - Дьыбаанна олорор киһи уордаахтык баршыатаан ыйыппытыгар кыыс хатыныр бэйэтэ оссо куччаан тэтин сэбирдэҕин курдук муостаҕа титирии олороохтообута. Аат эрэ харата,
Олус да оһос кыыс эбиккин, эчи дьуһунун да мокутэ, ол Волков бааһынай нуучча анардаах уол эн курдуктары таптыы сылдьара буолуо диэн комускэспитэ буолан, кисьиигин да?! Кини билигин атын дьахтар хоонньугар сытара буолуо, онтон эн манна кинини комускэһэн санарбакка олороҕун!! Дии-дии муостаны тинилэхтээбитэ. Анюта сымыһаҕын быһа ытыран -Мин Вовам оннук буолбатах, кини оннук буолбатах диэн урут уоһэ этээхтиирин ким да истэ барбатаҕа. Баттаҕыттан соһон, хатан хайыта барбыт уоһун хаанын да сотуннарбакка эмиэ тымныы, харана хоско умса анньыбыттара. -Толкуйдан, Волков ханна баарын эттэххинэ биирдэ тахсыан диэн суоһарҕаммыттара. Анюта, тырымнас сибэккичээним диэн кини таптыыр доҕоро ааттыыр аата ханан да киниэхэ дьуорэлэспэт буолбут сирэйэ-хараҕа, танаһа-саба тырыта тыытыллан киһи билбэт гына уларыйан хос муннугар икки тобуктарын ыбылы кууһаан олороохтообута…
Халлаан номнуо суһуктуйан, ийэ айылҕа барахсан туох да улахан уларыйыы суоҕунуу бэйэтин кэрдиистээх кэмигэр сана кунун саҕалаан урун хаар урдугэр кун сарданалара кылбачыһа оонньууллара. Арай бу бириэмэҕэ уруккута эбитэ буоллар уутээн хойуу буруота унаарыйа сыыйыллыа этэ. Бугун Боро оронуттан кыайан турбакка, тыын быһаҕаһынан тыынан тоно икки итииргиир икки ардынан тон хааһах дьиэтигэр оро титирэстии сытаахтыыр. Туох айылаах абааһы ыарыыта буулаан эдэр
Алгыс - 15 октября 2014 14:22
Бугун халлаан наһаа да тымныйбыт, бирээмэ силлээтэххэ силин сиргэ туһуор диэри муус буола охсон туһэргэ дылы. Тыала да сытыы, киһини этин курдары урэн сирилэтэн, чараас танастаах дьону сиилиитин кытта тонорорго дылы.
истэр эрэ кыратык мичээрдиир улахан элбэх тылы санарбат, уопсай таһыгар тиийээт кыргыттар махтанан уоруу-котуу боҕолор, Анюта сэмэй баҕайытык баһыыба диир. Танюша атаҕын тоботугэр ондон тура-тура уолу иэдэһиттэн сыллаан чоп гыннараат сирэйэ кытаран хаалла. Корсуохпут дии-дии илиитинэн далбаатаамахтаата.Атаҕыттан баһыгар диэри туу танаһы уллэччи кэппит, таһыттан кордоххо бэрт сымса, сытыы туттунуулаах эдэр киһи куол диэкиттэн муус алларан алтан солуурга толору котоҕон иһэр. Иһигэр кигинэйэн ыллыыр дуу, эмиэ да ботугураан кимниин эрэ уохсэр курдук, бэрт тургэнник хааман кэлэн уутээн аанын тиэрэ тардан дьиэ ортотугар биирдэ баар буола тустэ. Тимир оһоҕун урдугэр биэдэрэлээх мууһун ууллара уураат, оһоҕун иннигэр тас танаһын да устубакка тобуктаан олорон эрэ багыара томмут тарбахтарын оһоххо, эрчимнээхтик имитэн иттэн барда. Улахан ытыстарынан сирэйин сурамахтанаат ис иһиттэн дирин санааҕа баттата сылдьар киһилии бэрт иччилээхтик ис-иһиттэн иниэрсийэ быһыылаахтык оро тыынна. Онтон сымса бэйэлээхтик ойон туран туу танаһын устан аан таһынааҕы коҕоҕо ыыйаталаата. Бэргэһэтин устубута ыас хара будьурҕай баттаҕа урэлис гына туспутун кэтэҕин диэки анньынан кэбистэ. Арыы саһыл сырдык хааннаах, хойуу хаастардаах, сууһун аннынан сур боролуу сургуччу корбут чох хара харахтардаах суурбэччэ сааһын ааһан отутугар чугаһаан эрэр уола хаан бу улугэр аныгы уйэ, балысханнык сайдыбыт сана кэм бириэмэтигэр хара тыаҕа сирэйдэнэн, дьонтон сэргэттэн тэйэн, урэх баһыгар уутээн оҕотугар соҕотоҕун олордоҕой? !
Дьэ бу айдааннаах, ампаалыктаах дьоллоох Дьокуускай куоракка 5сыллаах урдук уорэх кыһатыгар уорэнэ сылдьан, айар-тутар эдэр саас муччургэннээх сырыытыгар халты тэбиммит, сыыһа уктэммит, сахаҕа бэйэтин сирдэрбэт корунунэн, ойунэн, кууһунэн даҕаны 5уолу кытта тэннэ охсуһар, доҕотторо таптаан, утарылаһааччыларын да толуннаран Боро диэн дьулаан ааты инэрбит уоллара Волков Вова буолар. Итинник ааты ылара анардас уол аҕатыттан илдьэ хаалбыт нуучча бырааһа Волков диэн араспаанньата тоһуу буолбута.
Уол бары оҕолор курдук биэлсэр ийэтинээн бэрт эйэлээхтик суулаһан, дэриэбинэҕэ кыракый быраастар уопсай дьиэлэригэр улааппыта. Оҕо оҕо курдук оскуоланы бутэрэн бэйэтэ баҕатынан Дьокуускайга киирэн ЯГУ физкультурнайын уорэнэн бутэрэн. Санардыы сайдан эрэр куоракка тренер улэтэ тута костубэккэ, орто оскуола учууталынан улэтин саҕалаан иһэн бу араллаанна тубэһэн халын тыа иччитэ, тайҕа харабыла буолан олорбута иккис кыһыныгар баран эрэр.
Ити икки ардыгар мууһа ууллан чаанньыкка уу баһан оһоҕун урдугэр оргута охсон ылаат итии чэйи сыпсырыйан иһэ-иһэ куолутунан урукку дьоллоох кэмнэрин санаан хараҕын симириктэтэн хантайан ыла-ыла оро уһуутаан, хойуу кыламаннарын силбэһиннэрбит хараҕын уутун кыатанан сатаан, атаҕын олбох маска эрийэ тардан кохсунэн уутээн тымныы истиэнэтигэр ойонон олороохтоото.
Элбэх, кэрэ да кэмнэр элэннээн аастахтара эдэр саас эргиллибэт кунду куннэрэ. . .
Устудьуоннуу сылдьан омук тылыгар уорэнэр кэрэчээн сибэкки курдук тырымнас, талба-мааны коруннээх Анюта диэн кыыһы кистии-саба астына короро. Элбэх да уол быһыыта ол кыыһы сырсара, арай кыыс санаата атынна кими да чугаһаппат, ол эрэ хомоппот гына биир тэнник барыларыгар доҕордуу сыһыаннааҕа. Биирдэ эмэ алҕаска утары корустэхтэринэн эдэр дьон имнэрэ кыыһын бэйэ-бэйэлэриттэн кыбыстар курдук тэйэ хаамсаллара, биирдэ да тыл бырахсан кэпсэппэттэрэ. Оннук 3курска диэри соптоох тугэн костубэккэ, Вова оҕотук иэйиитин киммиэхэ да аспакка бэйэтин иһигэр кистээн иитиэхтии сылдьыбыта. Арай биирдэ 5оптуобуска киирэн студгородок диэки айаннаан иһэн Анюта куруук бииргэ сылдьар дьуогэтинээн сатыы бэрт улахан суумкалардаах, Сэргэлээх диэки баран иһэллэрин корон кэлэр остановкаҕа автобустан туһэн кыргыттары кууппутэ. Кыргыттар бэркэ илистэн ыарахан суумкаларын илиилэрин атастаһыннара- атастаһыннара бу уун утары тиийэн кэлбиттэрэ. Дьуогэ кыыс бэрт сытыы-хотуу кэпсэтинньэн буолан биэрбитэ. -Хайа бу биһиэхэ комолоһуннэрээри аанньалларбыт анаан эйиигин биһиэхэ утары ыыппыттар дии-дии кулэн мичилийбитигэр, эттээх этигрэн мах манан сирэйэ оссо кэтирээн костубутэ, Анюта уутун тохпут оҕолуу сири корон туран кыыһы буойбута да, дьуогэ уоскуйар быһыыта суох хата оссо сытыырхайан пакет суумкаларын ыараханын талан уолга утары ууммута. Анаар илиитинэн уол модьу илиилэригэр иилистэ туһэн бодоруускалаан кэбиспитэ иннэ гынан икки илиитигэр толору кэнсиэрбэ, ол бу бородуукта симиллибит суумкаларын туппутунан эбиитин дьуогэ кыыһы бодоруускалаан аа-дьуо уопсайбыт диэки хаампыппыт. Ол баран иһэн дьуогэ кыыс аатын этэн Танюшабын диэн билсиһэн буолары-буолбаты тыл бырахсан уопсайга тиийэ охсубуттара. Анюта кэпсэтиигэ кыттыбат, туораттан
Оо ол кун Вова долгуйбутун, кини да Анютаҕа чугаһыыр, кылгас да кэмнэ буолар, кинилиин билсэр кэмнээх эбит дии, Урдук Айыыларга улахан махталын биллэрэн уопсайыгар сууруу былаастаан тиийэн эрчиллэр танаһын хап-сабар хомунан стадион диэки тэбиммитэ.
-Ыччуу, ычча тоҕо да баҕас тымныытай?! Бу хаһан сылыйар халлааный, былыт кэлэрэ буоллар туһахтарбын да баран корутэлиэм этэ. Били дьон олус да хойутаатылар, быһыыта били кололоро аара суолга моһуохтаата дуу, -тугуй? Боро соҕотоҕо бэрдиттэн атын туох да аралдьыйара суох буолан кыра уутээнин иһигэр топтору-таары хаамыталыыр. Оо кууттэххэ кун-дьыл бытаанык да ааһар, тоҕо да баҕас куруһай, харанатай, тымныытай?!
Икки ый буолла дьону кытта айах атан кэпсэппэтэҕэ, амтаннаах аһы аһаабатаҕа, дьоно кэлиэх буолбут кэмнэрэ ааспыта 5хонук буолла. Унур кэлэ сылдьан хаалларбыт астарын сыыһын тоһо да кэччэйэн нуормалаан сиэтэр бутэр уһуга кэлэн туга да суох хаалан эрэр. Саатар бу куннэргэ наһаа тымныйан мас да которо коппот буолбут, манна таах итии чэйи иһэ-иһэ олордоҕуна таах хоргуйан олууһук. Онон сарсын хайаатар да эрдэ туран чугастааҕы туһахтарын баран корон кэллэҕинэ табыллыыбык.
Сарсыарда оронуттан ойон тураат, бэйэтэ да намыһах уутээн баҕанатыгар ыйанан турар турнигар харса суох тардынан этин хаанын уһугуннарда, уутээн ортотугар ыйанан турар грушатын бастаан бастын доҕорун курдук икки илиитинэн кууһа туһэн ылла онтон сууһун аннынан сур боролуу сургуччу коро-коро эттээн кууһуннарда, ор соҕус эрчиллэн биллэ сэргэхсийдэ сылбырҕа ууну иһээт тас танаһын кичэллээхтик кэтэн, уон иккилээх доруоб саатын кохсугэр иилинэ быраҕан кыһынны тымныыга тахсан тумарык быыһынан тыына бурҕачыйан элэстэнэ турда…
Биир кун КЦ иннигэр кирилиэскэ уолаттары кытта кэпсэтэ туран Анюталаах Танюшаны корсо туһэн, кыргыттар уолу киэһэнни борщка аһыы киирэригэр ынырдылар. Хаһан да итинник ынырыыга эрэ тиксиэм дии санаабакка сылдьыбыт уол долгуйан хайыан да билбэккэ уопсайыгар киирэн таҕастарын бэриннэ душтана охсон ынырыллыбыт бириэмэтигэр кыргыттар хосторун аанын тонсуйан тобугуратта. Сытыы киһи Таня ааны арыйа баттаат: -прошу в наш райский уголок диэн урун тиистэрэ кэчигирэһэн мичилийэ тоһуйда. Анюта дьиэҕэ кэтэр чараас костуумнээх, баттаҕын оройугар эрийэн улахан боручуоскэ оностубут, кыбыстыбыт, долгуйбут коруннээх. Киир кыбыстыма диэн ууйэ-хаайа тутан сонун уста охсон остуол туорайыгар аҕалан олордон кэбистилэр. Ол тухары Таня айаҕа хам буолбат, киинэлэри, уорэҕин, уолаттары ыйытан кэпсээн, кутан симэн сэргэх кыыс дьэ. Хара килиэби кытта буруолуу сылдьар борщу тото -хана истилэр, унур комолоспуккэр улахан махталбыт бэлиэтэ уонна доҕордуу буоларбытыгар билсиһии киэһэтэ дэстилэр. Анюта кэлин син кыбыстара ааһаан бодоруһан кэпсэтэн барда. Онтон Танята кыыс кулгааҕар тугу эрэ сибис гыммытыгар, бэрт тургэнник остуолтан ойон туран: - чэ эһиги кэпсэтэ туһун, мин конспекпын салҕыахтаах этим диэт тэтэрээт кыбынан хостон тахсан барда. Таня дьуогэтэ тахсыбытыгар дьэ астыммыттыы ойон тураат хос аанын хатыы оҕуста, музыканы улаатыннаран уолу кэнниттэн кэлэн моонньуттан кууһан туран, кулгааҕар сылаас уостарын даҕайан ункуулуоххэ эрэ диэн сибигинэйдэ, эдэр дьон бэйэлэрэ да билбэт эдэр сурэх тэбиитин истибэт буолбут иэйиилэригэр куустаран маннай хос ортотугар музыка нарын тыаһыгар уйдаран ункуулээн ыллылар, онтон уос уостарынан даҕайсан омуннаахтык уурастылар, эмискэ уол сыыһа быһыыны онорон эрэрин ойдоон кыыстан уокка оҕустарбыттыы тэйэ хаамта, тырымнас сибэккитин Анютатын кэрэ морсуонэ хараҕар костон ааста да, дьуогэ кыыс алыптаах минньигэс уостара уол уоһун булан умсугуйа уураатылар, бэйэни туттунар кыах суох буолтунун уол ойдоото, кыыс куба маҕан моонньутун онтон улам аллараа толору туостэрин диэки уоһунан, хатыылаах тылынан куулэйдээмэхтээтэ, кыыстаах уол аа-дьуо биир-биир танастара уһуллан сиргэ тустулэр, сып-сылаас суурээн эдэр дьон этин буус бутуннуу сууйэн таҕылы ханнарар чуомпэ дирин далайыгар умустулар. Дуоһуйуохтарыгар дылы эмэрийсэн, соп буолуохтарыгар дылы таптаһан уол ойон туран танаһын таннан олоҕор биир сыыһа хардыыны оностон кыыс хоһуттан тахсан барда…
Боро хата бугун бэрткэ бултуйда, уоһэ мэнэ халлааны оро хантайан корон туран барҕа байанайыгар махтанан икки илиилэрин
быластыы уунан, уһун хара кыламаннара кырыаран хаалбыт хараҕын симэн уоһун иһигэр тугу эрэ урут уоһэ ботугураамахтаата.Икки туһаҕар куобах барахсан иннэн сытарын тонон хаалбыт тарбахтарынан бэрт ор сыралаһан арааран ылан кохсугэр сугэ сылдьар урусааҕын тугэҕэр угуталаата, минньигэс куобах сибиэһэй этин амтана айаҕар биллэн ыларга дылы буолбутуттан, силин быһа ыйыстынна, чараас уостарын сэгэтэн мичээрдээтэ. Уутээнин диэки эрчимнээхтик хаама турда.
Боро кыра эрдэҕиттэн айылҕаны собулуурэ, ийэтин убайдарын кытта энэрдэһэн балыкка, булка сылдьа уоруйэх этэ эрэри, маннык уһуннук хара тыаны сирэйдэнэн олорор олохтоох буолуом эрэ дии санаабат этэ. Уол санаатын ситимин быһан урун хаар урдугэр саа тэбэр чугаһыгар айылҕа барахсан маанылаах бэлэҕэ буолан, улар обургу улуумсуйан олороро коһуннэ уол саатын эһэ охсон ылаат, ытаары бэлэмнэннэ, икки уостаах саатын чыыбыһын туруоран сомуогун тардан кэбиспитэ, халын хаарнан буруллэн турбут ийэ айылҕа барахсан соһуйбуттуу биирдэ дьигиһис гынан ылбыта. Боро кыырт котор чоппуускаҕа туһэн эрэринии бэрт сымсатык дэгиэ тыгырахтаах котор курдук ситэри олбокко иниирээ тардан оро моҕо сытар уларын ылан моонньун булгу эрийээт, урусааҕыгар уктан булдуйбут киһи буолан сургэтэ котоҕуллэн киэн-киэнник хардыылыы турбута.
Урдук сыырдаах хойуу мастаах тумул быарыгар кэлэн туран, уутээнэ буруолаабатын корон, били дьонум эмиэ кэлбэтэхтэр эбит диэн ***-сакы туттан, халлаан харана илигинэ, атахтарын аат харата соһон куну быһа аһаабакка итии киллэриммэккэ да сылдьара таайан унту илистэн тон хааһах дьиэһигэр кэлээхтээбитэ.
Вова биир кун тренажернай саалаҕа эрчиллэ сырыттаҕына тренера Ким Вадимович уолу ыныран ылан учугэйдик эрчилин, икки нэдиэлэнэн дальнай восток курэҕэр кытта Хабаровск куоракка которбуоллубут диэн уоруулээх сонуну иһитиннэрбитэ. Республикаҕа 63киилэҕэ уксун 2миэстэни ылар буолан ЯГУ биир тарбахха баттанар бастын спортсмена буола сылдьар. Кини утарылаһааччыта Сима Сэмэнэп бу курэххэ бэлэмэ суох буолан барбат буолбут, республика боксаҕа ус тогуллээх чемпиона Вовалыын куруук илин кэлин тусуһэн, эрбии биитинии эрийсэн киирсэллэрин ыалдьааччылар бэрткэ сэнээрэн корооччулэр. Уол бу куннэргэ уксун дьарыкка сылдьан били Танялыын буолбут, кыбыстыылаах тугэнин умна да быһыытыйда. Хата кыыс да оттуттэн истин сыһыан, внимания эрэйэн туох да биллибэтиттэн уол кулугэр эрэ имнэнэр, уорэнэ саныыр. Арай дуоһа ыарыыта буолбут тырымнас кэрэ сибэккитин Анютатын саныырыттан да толлор, кыбыстар, мин киниэхэ тэнэ суохпун диэн сананар буолан, бэйэтин буус бутуннуу дьарыкка эрэ анаан стадионтан арахпат буола сылдьар. Тренера уорэнээччитин корон астынар, инникигэ эрэнэр кэлин ааппын ааттатар бастын уолум диэн сананар.
Ол икки ардыгар Анюталаах Таня котон кэлэн Вованы круг ортотугар соһон киллэрэн тэтимнээх ункуукэ эргичийэн барбыттара. Волков киһи эрэ буоллар кыбыстан кыргыттар харахтарын утары корботоҕо. Таня тугу эрэ Анютаҕа сибис гыммыта уонна урдук хобулуктаах тууппулэтигэр эргичийбэхтээн ылаат, Воов, Анютаны эн эрэллээх илиигэр хаалларан баран туунну куорат угуйар олоҕун коро которбун конуллээ диэт ханна эрэ мырбачыс.Хабараҕа тиийэн элбэх дьарык тумугэ ото костон дальнай востокка чемпионнаан кэтит моонньугэр мэтээл кэтэн, маастар нуорматын толорон илии-тутуурдаах эргийэн кэлбит кэрэ куннэрин олоҕун биир чаҕылхай бэлиэ кэминэн ааҕынар.
Сана Дьыл чугаһаан куорат тырымнас уоттарынан киэргэммит харыйалара оҕо аймах уоруутун уксэтэн, туох эрэ дьиктини, таайтарыылааҕы эрэннэрэн чыпчылыйа умайаллар. Дьон-сэргэ сургэтэ котоҕуллубутэ сур, маҕаһыыннарга уочарат, кэлии-барыы, чэ быһата Сана Дьыллааҕы супсургэн.
Вова доҕотторунаан быйыл дойдуларыгар барбакка уопсайга бырааһынньыктаары хосторугар харыйа киэргэттилэр. ЯГУ бастын спортсменнарын чиэстиир дьоро киэһэҕэ Волков урун ырбаахы, костуум кэтэн киэргэнэн аҕан тиийдэ. Доҕотторо умуоруһэн эҕэрдэ боҕо, илии тутуһуута, куустуһуу. . .
Ыытааччы саната бастын спортмен диэн кэнбиэртэн кумааҕыны хостоон-3курс устудьуона Волков Владимир Владимирович диэтин кытта саала иһэ оро хабылла тустэ, дохсун ытыс тыаһыгар уйдаран сыанаҕа суурэн таҕыста тренера уорэн икки илиитинэн уолу санныттан кууһан ылла. Вова харахтарыгар балысхан уоруу, дууһатыгар бэйэттэн астыныы, дуоһуйуу кулум гынан ылла. КЦ толору саалатын иһигэр симиллэн олорор эдэр дьон быыһыттан кини кыраҕы хараҕа эбитэ дуу, эбэтэр таптыыр сурэх эбитэ дуу кини таптала, сурэҕин анара, тырымнас сибэккитэ Анютата уолу астыммыт харатарынан корон олоруттан кулгаагын уһугар дылы кытаран таҕыста, сирэйэ итии чоххо баттаммыттыы итийэн ылла.
Торжественнай чаас бутэн эдэр саас эрчимнээх ункуутугэр ынырар уоттаах куостээх дискотека саҕаланна. Уолаттар быыстарынан Воваҕа кини ааттаах утарылаһааччыта Сэмэнэп Сима уун утары ааман кэлэн, бугунну куннэр миэхэ махтан диэн уоһун быыһынан сыыйан санарда, мин курэххэ барбытым буоллар, эйиигин киһилээбэт этим, ыт оҕотун курдук тутан сиэхтээҕим диэн хатыылаах тылларынан отору-батары санарталаабытыгар Вова собулээбэтэҕин биллэрэн сууһун аннынан сур боролуу оһостук, сургуччу корон кэбиспитэ.
Ыас харана уутээн иһигэр эдэр уол, киһи куйаҕата кууруох ынырык хаһыыта иһийэн турар тыаны биир гына сатараабыта. Ийэ хара колоһунэ сарт туһэн, оронун танаһа ибис инчэҕэй буолуор дылы баттатан оро мохсубут Боро оронугар олоро туһэн тыын ылан ботуохтуу олорбута. Бу хасыһын даҕаны туулугэр киирэн сир анныттан ынырык ыар ынчыгынан ынырыланар уп уһун хара илиилэр кинини сир анныгар атаҕыттан соһо сатыыллар, кэл биһиэхэ диэн ыныраллар, бу хара дьайдаах уп уһун илиилэри кытта оро тустан кыаҕын ылларан бугун туун олох да барса сыспытын хата ити уһуктан быыһанна. . Уол оргууй туран оһоҕор мас эбэн уот оттон уутээнин сырдатынна, оһох аанын арыйан икки тобугар олорон эрэ уоһун иһигэр иһиллэр-ибиллибэттик ботугураан аан бастаан оһоххо тугу эрэ дук гынан эһэккэтин иччитин аһатта онтон кимиэхэ эрэ кэпсээн эрэрдии тугу эрэ элбэҕи санарда устунан ытаан санна титирэстээн барда, дойдутун, доҕотторун, тырымнас сибэккитин Анютатын, ийэтин ахтыбыт ыар санаата ыга баттаабыт сур ыарахан сугэһэрэ сыыйа санныттан туһэн суһуктуйан эрэр халлаан чуумпу, чэбдик сарсыардаанны салгыныгар ыйан хаалаахтаата.
Таня ханна эрэ сырбачыс гынан хаалтын кэннэ Вовалаах Анюта олус да дьоллоох киэһэни бииргэ атаарбыттара. Корбут киинэлэрин, аахпыт кинигэлэрин, собулуур геройдарын кэпсэттэхтэринэ бэйэлэрэ да соһуйуохтарын иһин майгыннаһар, биир тэн буолан испитэ. Бэл диэтэр собулуур астара кытта биириттэн кулсуу боҕо кулсубуттэрэ. Уоллаах кыыс истин доҕордоһуулара 4курска таптал уотугар кубулуйан хайа хайалара бэйэ-бэйэлэриттэн биир да кун кыайан тэйсибэт биир ситим буолбуттара. Таня хата дьуогэтигэр мэһэйдэспэтэҕэ мин баҕам массыыналаах, дьиэлээх уоттаах баай-талым олоҕу бэлэхтиир дьиннээх эр киһи, эһиги буоллаҕына бэйэ-бэйэҕитигэр барсаҕыт, онон дьоллоох эрэ буолун диирэ.
5Курсу бутэрдэхтэринэ холбоһуох буолан кэпсэтэн уоллаах кыыс тапталларын сылаас сыһыаныгар угуттанан наһаа да кэрэ, умнуллубат кэрэ-бэлиэ куннэри-тууннэри бииргэ атаараллара. Куорат устун бииргэ куулэйдитллэрэ, киинэҕэ, театрга, быыстапкаларга, торговай центрдарга бииргэ сылдьаллара. Саамай ыарахан уонна атыһар кэмнэрэ уол сборга дьарыктана бардаҕына буолара. Анюта доҕорун кэтит туоһугэр ыга сыстан туран ытамньыйан ылара, эн миигин хаһан да умнумаар дии-дии оро сынара, мин тырымнас сибэккичээним, мин кунум, мин ыйым дии дии уол кыыс кохсун имэрийэрэ.
5Курс уксэ практика уорэх бутэрэр сыла буолан, устудьуоннар угустэрэ уорэххэ умса туһэн сылдьар кэмнэрэ. Диплом суруйуута, ол быыһыгар курэхтэр, дьарык…
Бугун халлаан арыыйда тымныытын ыытан, халын былыт халлааны саба буруйэн Боро утуйа туһэн ылла. Туһээтэҕинэ сиэдэрэй сибэккилэринэн симэммит киэн хонуу устун, тырымнас сибэккитинээн Анюталыын илии тутуһан хаамса сылдьаллар. Кыыс уһун хара суһуоҕун биир гына оруммут, иннигэр туһэринэ сылдьар. Урумэ чараас ырбаахытын иһинэн бирээмэ этин быһыыта барыта курдат костор курдук, уолу корон мичээрдиир, ахтабын даҕаны дии-дии орутэ тыынар, саатар эн тускунан биир да сураҕы истибэтим куруһун, эн ханна сылдьаҕын арылы кустугум, тоҕо, туох буруйбут иһин маннык сутэрсэн кээстибит??? Диэн иччилээх баҕайы куолаһынан санара санара урумэ чараас ырбаахытын иһигэр киирэн сарсыардаанны сиик курдук симэлийэн хаалар. Уол уһуктан туулун ырыта сыттаҕына ыраах дыыгынас тыас иһиллэргэ дылы буолар. Боро сулбу ойон туран ааны тиэрэ баттаан кулгааҕын чорботон аҕай истэн турар. Оо иһэллэр, сарсыардаанны дьыбарга ыраах тыаһыыр буран тыаһа эдэр киһи чуор кулгааҕар чуолкайдык иһиллэр. Танна охсоот, оһоҕун оттон мууһун уутун чаанньыкка оргута уурар. Тимир оһох барахсан чачыгыраччы умайан куодупчулэнэр, уорбут-коппут курдук маһы инсэлээхтик сиэн кулубурэтэр. Ор отор буолбат дьиэ таһыгар буран бу оро бурхайан, хойуу буруота унааран тиийэн кэлэр. Которун этин дьонугар кэһии оностон сытыарбытын, куостуу ууран баран дьонун корсо таһырдьа тахсар. Хайа тоҕо уһаатыгыт? Кэлиэх буолбут куннутуттэн икки нэдиэлэ хойутаатыгыт дии диэн уол икки ыйтан ордук дьону кытта кэпсэппэтэх уоһун оһулэн омуннаахтык кутан симэн кэпстэн барда. Ээ аара аарыма улахан буур тайахха тубэһэн
ону икки кун эккирэтиһэн, онтон бу колобут алдьанан тардыллан аҕай кэллибит диэтэ, тор курдук хара бытыгын кырыатын ыраастана-ыраастана кыра киппэ киһи. Сыарҕаҕа олорон кэлсибит эдэр уол уһун унуохтаах, кыараҕас харахтарынан биһиги уолбутун кэтээн корордуу тонолуппакка корон туран:- Боро, доҕорум хойутаатын диэн хоморуйума, хом санаама бэйэбит да эрэй боҕону корон айан киэнэ эрэйдээҕин, сырыы киэнэ сылаалааҕын айаннаан эн чуумпу уораҕайгар кэлэр куммут баар эбит дии диэн санара-санара доҕорун кэтит санныттан куустуһан чочумча турдулар, иккиэн эрэ билэр дууһаларын ыар ыарыыта костубэт ситии быанан ыйыллары баайталаата, оро тыынан ыллылар.Дьиэҕэ киирэн сибиэһэй мас которун этин астына сиэтилэр, ахтылҕан, сылаа таһааран икки иһит буокканы иһэн кэбистилэр, куо-дьаа кэпсэтэн, кулсэн сэргэхсийии боҕо буоллулар. Куорат, дэриэбинэ сонуннарын истэн Боро биллэ сэргэхсийдэ, ханна туох курэхтэһии буоларын сураста. Киппэ киһи таһырдьа чэпчэтинэ тахсыбытыгар Боро доҕоруттан -хайа били дьыалабыт хайдаҕый, хайаһыах курдугуй диэн сэрэммиттии ыйытта. Иннэ-кэннэ биллэ илик диэн анараанныта ситэ-хото быһаарбата. Боро улаҕан ытыстарынан тоботун хам туттан олорон -оо хаһан, оччоҕо хаһан? Дии дии оро уһуутаата. Тулуйарбын аастым дьоммун сэргэбин олус аҕынным, соҕотохпуттан хаҕым эрэ хаалан олон эрэбин диэтэ. Боро! Тулуй, тулуй!!! Туох иһин сур боро аатын ааттанан, адьырҕа кыыл кэбин кэтэн хара тыа иччитэ буолан олороргун умнума. Билэбин ээ мин билэбин, доҕорбун эйиигин аһынарым кэмнээх буолуо дуо?! Уол Боро санаатын боҕургэтэн, дууһатын ыарыытын чэпчэтэн бутэһик уруумкэ буокканы кутан биэрдэ уонна доҕорун кэтит саннын таптайбахтаата.
Бугун халлаан арыыйда тымныытын ыытан, халын былыт халлааны саба буруйэн Боро утуйа туһэн ылла. Туһээтэҕинэ сиэдэрэй сибэккилэринэн симэммит киэн хонуу устун, тырымнас сибэккитинээн Анюталыын илии тутуһан хаамса сылдьаллар. Кыыс уһун хара суһуоҕун биир гына оруммут, иннигэр туһэринэ сылдьар. Урумэ чараас ырбаахытын иһинэн бирээмэ этин быһыыта барыта курдат костор курдук, уолу корон мичээрдиир, ахтабын даҕаны дии-дии орутэ тыынар, саатар эн тускунан биир да сураҕы истибэтим куруһун, эн ханна сылдьаҕын арылы кустугум, тоҕо, туох буруйбут иһин маннык сутэрсэн кээстибит? ? ? Диэн иччилээх баҕайы куолаһынан санара санара урумэ чараас ырбаахытын иһигэр киирэн сарсыардаанны сиик курдук симэлийэн хаалар. Уол уһуктан туулун ырыта сыттаҕына ыраах дыыгынас тыас иһиллэргэ дылы буолар. Боро сулбу ойон туран ааны тиэрэ баттаан кулгааҕын чорботон аҕай истэн турар. Оо иһэллэр, сарсыардаанны дьыбарга ыраах тыаһыыр буран тыаһа эдэр киһи чуор кулгааҕар чуолкайдык иһиллэр. Танна охсоот, оһоҕун оттон мууһун уутун чаанньыкка оргута уурар. Тимир оһох барахсан чачыгыраччы умайан куодупчулэнэр, уорбут-коппут курдук маһы инсэлээхтик сиэн кулубурэтэр. Ор отор буолбат дьиэ таһыгар буран бу оро бурхайан, хойуу буруота унааран тиийэн кэлэр. Которун этин дьонугар кэһии оностон сытыарбытын, куостуу ууран баран дьонун корсо таһырдьа тахсар. Хайа тоҕо уһаатыгыт? Кэлиэх буолбут куннутуттэн икки нэдиэлэ хойутаатыгыт дии диэн уол икки ыйтан ордук дьону кытта кэпсэппэтэх уоһун оһулэн омуннаахтык кутан симэн кэпстэн барда. Ээ аара аарыма улахан буур тайахха тубэһэн ону икки кун эккирэтиһэн, онтон бу колобут алдьанан тардыллан аҕай кэллибит диэтэ, тор курдук хара бытыгын кырыатын ыраастана-ыраастана кыра киппэ киһи. Сыарҕаҕа олорон кэлсибит эдэр уол уһун унуохтаах, кыараҕас харахтарынан биһиги уолбутун кэтээн корордуу тонолуппакка корон туран:- Боро, доҕорум хойутаатын диэн хоморуйума, хом санаама бэйэбит да эрэй боҕону корон айан киэнэ эрэйдээҕин, сырыы киэнэ сылаалааҕын айаннаан эн чуумпу уораҕайгар кэлэр куммут баар эбит дии диэн санара-санара доҕорун кэтит санныттан куустуһан чочумча турдулар, иккиэн эрэ билэр дууһаларын ыар ыарыыта костубэт ситии быанан ыйыллары баайталаата, оро тыынан ыллылар.
олон эрэбин диэтэ. Боро! Тулуй, тулуй! ! ! Туох иһин сур боро аатын ааттанан, адьырҕа кыыл кэбин кэтэн хара тыа иччитэ буолан олороргун умнума. Билэбин ээ мин билэбин, доҕорбун эйиигин аһынарым кэмнээх буолуо дуо? ! Уол Боро санаатын боҕургэтэн, дууһатын ыарыытын чэпчэтэн бутэһик уруумкэ буокканы кутан биэрдэ уонна доҕорун кэтит саннын таптайбахтаата.Дьиэҕэ киирэн сибиэһэй мас которун этин астына сиэтилэр, ахтылҕан, сылаа таһааран икки иһит буокканы иһэн кэбистилэр, куо-дьаа кэпсэтэн, кулсэн сэргэхсийии боҕо буоллулар. Куорат, дэриэбинэ сонуннарын истэн Боро биллэ сэргэхсийдэ, ханна туох курэхтэһии буоларын сураста. Киппэ киһи таһырдьа чэпчэтинэ тахсыбытыгар Боро доҕоруттан -хайа били дьыалабыт хайдаҕый, хайаһыах курдугуй диэн сэрэммиттии ыйытта. Иннэ-кэннэ биллэ илик диэн анараанныта ситэ-хото быһаарбата. Боро улаҕан ытыстарынан тоботун хам туттан олорон -оо хаһан, оччоҕо хаһан? Дии дии оро уһуутаата. Тулуйарбын аастым дьоммун сэргэбин олус аҕынным, соҕотохпуттан хаҕым эрэ хаалан
Вовалаах уорэхтэрин бутэрбит туоһу суруктарын дипломнарын тутан, сана олох оностор улэ миэстэтэ кордонор тубугэр туһэн сылдьаллар. Бастын доҕоро Дима ыраах хоту улууска спортзал директорынан ананан, уоруутэ уксээн сылдьар. Вова тырымнас сибэккитин Анютатын уонна номнуо сааһыран эрэр ийэтин хаалларан ыраах барар кыаҕа суох буолан, куоракка улэ кордоһо сылдьар. Дималыын бастакы курстан биир хоско олорбут буолан олус бодорустулар, убайдыы-быраат курдук чугастык доҕордоспуттара.
Хата Анюта чугас Нам улууһун биир боһуолэгэр омук тылын учууталынан анаммыта. Эдэр дьон кыыс ырааппат буолбутуттан уорсубуттэрэ. Ким Вадимович кэпсэтэн куорат оскуолатыгар физкультура учууталын улэтин булан биэрбитэ, онон уол бэйэтэ да дьарыктанарыгар, курэххэ кыттарыгар Дьокуускайга хаалбыта бары оттунэн табыгастаах этэ.
Аныгы уйэҕэ оскуолаҕа улэлиир тоһо да эппиэтинэстээҕин, эрэйдээҕин биллэр уол улэтин собулээбитэ, аҕыйах баҕалаах оҕолору ылан бокса секциятын улэлэтэн саҕалаабыта. Оннук маннайгы чиэппэр кэннэ каникулга Намна Анютатыгар баран тыаҕа олорор кыыһыгар дьиэ оромуоннэһэн, комолоһон аҕай кэлбитэ. Сана Дьыл каникулугар Анюта кийииттии барсарга собулэһэн уол сурэҕин дьолунан толорбута, Вова ийэтэ кийиит кэлэрин кууппутэ ырааппыт буолан олус астына истибитэ, сэмээр бэлэмнэнэн барбыта.
Алтынньы ый бутуутэ биир суббота кун доҕотторун корсон кулуубка сылдьан куулэйдээбиттэрэ, арыгы да элбэх иһиллибитэ, сытыы-хотуу кыыс оҕолорун да булан ункуулээн эриллэннэспиттэрэ.
Киирбит-тахсыбыт, сытыы-хотуу куорат кыыһа ди-джей микрофонуттан хаһыытаабыта, бугун туун куорат таһыгар барыгытын торообут куммэр ынырабын диэн. Урдук хобулукка дугуммут кыысчаан иннэ диэн биллэрии этээт Вовплаах кругтарыгар киирэн имигэс бэйэлээхтик туттан ункуулээн барбыта, тонкойдоҕунэ туга барыта костуох курдук кулумурдэс платьета клуб уотугар кылабаччыйа кулумурдээбитэ. Элбэх буолан такси сакаастаан куорат таһыгар коттедж дьиэҕэ бырааһынньыктыы айаннаабыттара. Дьэ манна баара араас эгэлгэ учугэй ас, арыгы арааһа, билсии-корсуу, хос-хоһунан тарҕаһан таптаһыы, кыыс кыыстыын уураһыыта, элбэх буолан биир оронно утуйуу. Дьэ бу улугэрдээх тыас уус, уот куос буола сырыттахтарына таһыттан кыыс убайа доҕотторун кытта тиийэн кэлэн уолаттары таһырдьа соһуталаан таһааран охсуһуу боҕо буолбута, Вова таах улаханнык испэккэ киинэ коро олорбут буолан, охсуһуу буолбутугар сэргэхсийэ туһэн таһырдьа суурэн тахсан, ким тубэһиэх саайталаан хас да уолу дойутэн, алдьархайдаах аралаан ааныгар бэйэтэ-бэйэтинэн киирэн биэрэн эрэрин ойдообокко охсуһуу главнай геройа буола сырытта. Ол икки ардыгар бохтор - бохтор диэн хаһыы кэнниттэн уол коттедж урдук олбуорун урдунэн ойон эрэрэ, уулуссаҕа тахсан курткатын коннорунээт мунур кыраайынан сур боро курдук сундулуйан куорат диэки тилэҕин да тыаһаппакка суурэ турбута.
Сарсыныгар тобото ыалдьан устан олорор дьиэтигэр арыычча сыттаҕына, куустээх илии ааны тонсуйбута. Ким Вадимович ыныттарыы кууппэккэ дьиэҕэ биирдэ баар буола тустэ:
-Володя, хайа бэҕэһээ туох буоллугут? Айдаан боҕо тахсыбыт дии?! Тура оҕус, аҕыйах танаскын хомун, тургэнник суох буола охсуоххун наада.
Аара суолга быһаарыам, уолу ыксатан-ыгылытан утуйэн кэриэтэ таһырдьа таһааран массыына аанын тыастаахтсык сабан, тугу да ыйыппакка эрэ Дьокуускай пордун диэки тургэн сырыынан айанныы турбута.
Портка тиийэн доҕоро Дима олорор.
Хоту ыраах улууһугар билиэт ылан, котоҕун бугун хаһан тонноргун биллэриэхпит диэн быһыта баттаан эрэр курдук кытаанахтык эппитэ. Димаҕа эрийэ сырыттым, барытын тэрийиэм диэтэ. Доҕоргор уонна миэхэ эрэн, диэт уол кэтит ытытыһын ыга тутан турбута, олус долгуйбута, туох эрэ ыарахан санааҕа ылларбыта биллэр этэ. Ийэҕэр мин биллэриэм онтон атын ким даҕаны, Володя, иһиттин да ким даҕаны ойдоо эн ханна барбыккын билиэ суохтаах!!! Диэн модьуйардыы куолаһын кытаатыннаран эппитэ.
Дималаах Боро ор саната суох куустуһан турдулар, 7сыл бииргэ энэрдэһэн сылдьыбыт эдэр дьон, биллибэт бириэмэҕэ тэйсэн эрэллэриттэн суом туһэн курустук эмиэ арахсар чаастара кэлбититтэн ордук
турбут аар тыаны уһугуннардылар, кун уота комуруо хаарга кулумурдуу оонньоото.тыаҕа хаалар Боро санаата оонньуур, муннун таныыта кычыгыланар. Доҕоро уолу боҕургэтэн сутуругуган туоскэ охсубута буолар ол икки ардыгар сэргэхсийэ охсон тустубута буолан урун хаары оро ытыйан, эдэр саас эрчимнээх кулуутунэн иһийэн
Боро буран тыаһа иһиллибэт буолуор дылы дьонун сайыһан таһырдьа турбахтаата, онтон дьиэтигэр сулбу ойон киирэн, оронугар умса туһэн бэрт ор саната суох сытта, онтон арыычча туран дьоно аҕалбыт астарын долбуурга сааһылаата, сыалаах халбаһыыны муннугар даҕайан ахтыбыт сытын ылбыттыы дуоһуйа тыынна. Дима аҕалбыт кинигэлэрин ылан бэрт кичэллээхтик имэрийтэлии тутан орон урдунээҕи долборук маһыгар саһылыы уурталаата, ордук санаата чумэчилэртэн котоҕолуннэ, билигин дьэ бэйэтэ таптаабытынан уутээнин сырдатынан, тоһо баҕарар уһуннук утуйбакка кинигэ ааҕан бириэмэтин атарыахтаах.
Арай ол кун Вова доҕотторун батыһан клубка барбатах буоллун, тырымнас сибэккичээнинээн Анютатынаан телефонунан кэпсэтэ2 сылаас дьиэтигэр олорон, кимиэхэ да хаһан эппэтэх истин иһирэх тылларын тапталлааҕын кулгааҕар сипсийэ олорбут буоллун?! Билигин барыта атын, кэрэ буолуо этэ. Сурэҕин иһигэр итиэхтээн илдьэ сылдьыбыт сылаас тапталыгар угуттанан доҕорунаан дьоллоохтук да олоруо этилэр, собулуур идэтигэр улэлээн, курэхтэргэ кыттан-уол итинник санаатын кылын таарыйар дууһа ыарыыта, сурэх бааһа оностубут кэмсинии анардаах элэннээн ааһар санааларын киэр уурэ олордо.
Дьыалата иннэ-кэннэ биллибэт эргиирдээх, уһун синньигэс быһаарыылаах буолан Боро бу хара тыаттан арахсыа суох. Куорат кыыһын дьиэтигэр алдьархайдаах айдаан, элбэх эдэр дьон олоҕор Конноруллубэт сыыһаны, аймалҕаннаах алҕаһы онорбута.
Волков кэлин доҕоруттан Диматтан манна эрэ кэлэн баран барытын сиһилии истибитэ. Бэйэтэ да билбэтинэн ус эдэр уол олоҕун быспыт улахан буруйга балыллан, олоруохсут аатын сугэ сылдьара саныырга дьулаан этэ. Бу олоҕун сана саҕалаан эрэр эдэр уолга хаһан да оһуллубэт сугэһэр, ааһан-араҕан биэрбэт дууһа ыар баттыга сурэх уймат ыарахан анала этэ.
Волков коттедж урдук олбуорун ойоотун кытта, кыргыттар ынырбыт милисиэлэрэ кэлэн биэрбэккэ, охсуһуу оссо да ор салҕаммыта. Киһи куйахата куурэр ынырык хаһыытын быыһыгар эдэр дьон ким да кимин да ойдоон корбокко, бэйэ-бэйэлэрин сэймэктэһэн, муннуларын тоҕута охсуһан кыа хаан буолбут сирэйдээх, ойдорун сутэрэн иирбиттии охсуһа сырыттахтарына олор олбутун, барар барбытын кэннэ сирена тыаһа оро уһууран, уоттара сандааран милисиэлэр дьэ тиийэн кэлбиттэрэ. Олбуортан икки коһуйэ томмут эдэр дьон олуктэрин, биир молтох туруктаах дьиэ хаһаайына урдук дуоһунастаах тойон киһи уолун буланнар скорайы ынырбыттара. Икки уол барахсаттар уһун билээҕинэн сурэххэ астаран тута кун сириттэн арахпыт этилэр. Сынаахтара тостуулаах, илиилэрэ-атахтара эчэйбит уолаттары барылары массыынаҕа толору тиэйэн отделга илдьитэлээбиттэрэ.
Тойон киһи атаахтык ииппит кыыһын сатаан туппатах буруйагар хаарыан уола эдэр сааһыгар урун кун сырдыгыттан матан суорҕанна-тэллэххэ сытан, ый анарын кэринэ дьон илиитигэр киирэн, аҕата Москваттан аҕалтарбыт быраастара куннэри-тууннэри эмтээн да быһаабаккалар сырдык тыына быстаахтаабыта. Уол балыһаҕа эмтэнэрин-сытарын тухары Волков, боксер Волков сиэтэ диэн унсэргиирэ. Аҕата Волковы сир да анныттан булан уолум, сырдык чиэһин комускуом, эн олоххун иэстэһиэм диэн уолугар андаҕайбыта. Дьинэр ити охсуһууга Вова кини уолун биир охсуунан дойуппут эрэ буруйдааҕа, сытар киһини кини охсор да, тэбэр да куһаҕан кэмэлдьитэ суоҕа. Тойон уола дойон сытан баран ойдонон туран оро холоруктуу сылдьан охсуһуу быыһыгар Волковы кордуу сатаабыта да уол ханна да костубэтэҕэ. Ол суурэкэлии сырыттаҕына кохсо аһыйыс гына туспутэ, хонноҕун аннынан сурэҕин туһаайыытынан итии хаан суурбутэ, адьырҕа кыыл курдук уол кылана сылдьан быһахтаах киһини коро сатаабыта да хаана баран мэйиитэ эргийэн ойун сутэрэн охтон туспутэ…
Быйыл былырыыннытынааҕар тымныы буолсу дуу?! Киэһэ кыра наадалаах киһи таһырдьа тахсыбат тымныыта, урдук мэнэ халлаанна барчаламмыт сулустары оро хантайан коро турар бу эдэр киһи сурэҕэ хаһан да араҕан биэрбэт ыар ахтылҕантан ньуолуйэ ыалдьар. Оо, арай кыах баара буоллар, аҕыйах да бириэмэҕэ таптыыр доҕорун уһун хара суһуохтарын имэрийэн, кэрэ бэйэтин тонолуппакка одуулаан, чочумча ыксары куустуһан турар киһи, барыны умнан дьоллоохпун дии сананыа этэ. Онто ханна баарый? Хара тыа иччитэ, халын тайҕа харабыла буолан бэйэтэ-бэйэтин кытта кэпсэтэн уһун кунун атаарар, соххор аналлаах бу сукуллан тураахтаатаҕа.
сылдьыбыт саллаат кэпсээннэрин сэргээн ааҕан утуйар уутун да умнан, умсугуйан туран кинигэтигэр ылларда.Боро таһырдьаттан киирээт, тимир оһоҕор мас эптэ, уутээнэ олус сылыйбыт дуу, эбэтэр тастан киирбит буолан сылааһа бэрт дуу? Танаһын уоһэ оттун бутуннуу устан кэбистэ. Чумэчи сырдыгар, кинигэ ааҕардыы оностон оронугар кэлэн сытта. Уутээн тымныы истиэнэтигэр кохсун сыһыаран соруукэннэ.
Аҕа дойду сэриитигэр
Туун уоһун ааһыыта этэ уу чаккырас буолан, ибигирии-ибигирии тиистэрэ бэйэ бэйэтигэр ыпсыбат буолбут, сурэҕэ дэлби олохсуйэн, куомэйэ хатан хаалан тымныы уу иһээри уһуктан кэллэ. Тобото ыбыс ыарахан, этэ уот сылаас, оронуттан тураары ондойбутэ сэниэтэ суох, хата дэлби мэйиитэ эргийэн хотуолуох курдук буолла. Хайа, пахай олох да аны бу хара тыа иһигэр сытан ыалдьан хаалан иэдэйииһикпин дии-диэн санаа тоботугэр кулум гынна. Аат харата туран, байааттаннаан тиийэн тымныы уу куттан истэ да улаханы туһаммата. Боро оһоҕун булкуйар сэниэтэ суох буолан, номнуо бутэн эрэр чумэчитин саба урэн, оронугар сытаахтаата.
Дьэ ойон турдум ээ кыах баар но санаа мелтех иэдээн бу убийца дииллэрэ чуолкай.
Будук бадык уоттаах харана хоско сиэркилэ иннигэр эдэр кыыс чараас халаатын курун суорэн, этин сиинин корунэр, онон манан костор баас оннуларын, коҕорбут сирдэрин кичэллэн чараас гына мааһынан соттор. Уһун хара суһуоҕун саната суох ор соҕус тараанан тоботун оройугар улахан боручуоскэ оностон туттарынан кэбиһэр. Анюта остуолун тардарыттан тэтэрээт быыһыттан хоп хойуу хаастаах, арыы саһыл сырдык хааннаах, будьурҕай баттаҕын кэтэҕэр анньыммыт оһос харахтарынан тонолуппакка одуулаан олорор эдэр киһи хаартыскатын аргыый уоһугар таҕайан биллэр биллибэттик сыллаан ылла. Уһун кыламаннара ибигирээн ып ыпраас хараҕын уулаара иэдэһин устун молборуйэ суурэн, устунан санна титирэстээн уйа-хайа суох ой мэйдээх тулуйбат гына ытаан бараахтаата. Айманымына даҕаны куннэ корбут соҕотох доҕоро, олоҕун буус бутуннуу итэҕэйбит истин киһитэ, тапталлаах анала, арылы кустуга хара балыырга тубэһэн суппутэ сылтан орто. Кыыс маннай уолу олоруугэ буруйдуулларын истэн туул курдук саныы сылдьыбыта. Кини доҕоро Вова хайдах да оннук быһыыны онорботоҕор эрэнэрэ, итэҕэйиэн баҕарбат этэ, кини арылы кустуга олоруохсут аатын сугэн хара дьаралыктаммытын, ойо да сурэҕэ да онно собулэспэтэ. Аны Вовата тоҕо тугу да эппэккэ ууга тааһы бырахпыттыы, мун саатар тыыннаахпын диэн биллэрбэккэ сутэн хаалбытын ити унургу ынырык быһылаан буолуор диэри ойдообот этэ.
5Кылаас оҕолорун 6 уруок кэнниттэн дьиэлэригэр ыыталаан баран, аа-дьуо дьиэтин диэки баран истэҕинэ хап-хара таастаах омук массыыната сыыйылыннаран кэлэн, Анюта Тарасовна эн дуо диэн ыйыппыттарыгар, хайдах эрэ баҕар Вовам туһунан тугу эмэ истиэм-билиэм дуу диэн тута мин диэт утары хаампыта. Эн буолларгын киирэн массыынаҕа олор, кэпсэтии баар диэн эппиттэригэр, ону эрэ куутэн турбут курдук бэрт сулбарҕатык киирэн олорунан кэбиспитэ. Суоппар ааннары хатыыр тыаһа иһиллэрин кытта, гаһын уттээн айан суолун устун куугуната турбуттара.
Куорат таһынааҕы мас дьиэҕэ атах сыгынньах кыыһы баттаҕыттан соһон киллэрэн кожаннай дьыбаанна тиэрэ туһэн олорор киһи иннигэр умса анньыбыттара.
-Тоҕо билиммэккин, Волков ханна баарын, сиһилии кэпсээбэккин?!!! - Дьыбаанна олорор киһи уордаахтык баршыатаан ыйыппытыгар кыыс хатыныр бэйэтэ оссо куччаан тэтин сэбирдэҕин курдук муостаҕа титирии
олороохтообута. Аат эрэ харата,
Олус да оһос кыыс эбиккин, эчи дьуһунун да мокутэ, ол Волков бааһынай нуучча анардаах уол эн курдуктары таптыы сылдьара буолуо диэн комускэспитэ буолан, кисьиигин да?! Кини билигин атын дьахтар хоонньугар сытара буолуо, онтон эн манна кинини комускэһэн санарбакка олороҕун!! Дии-дии муостаны тинилэхтээбитэ. Анюта сымыһаҕын быһа ытыран
-Мин Вовам оннук буолбатах, кини оннук буолбатах диэн урут уоһэ этээхтиирин ким да истэ барбатаҕа. Баттаҕыттан соһон, хатан хайыта барбыт уоһун хаанын да сотуннарбакка эмиэ тымныы, харана хоско умса анньыбыттара.
-Толкуйдан, Волков ханна баарын эттэххинэ биирдэ тахсыан диэн суоһарҕаммыттара.
Анюта, тырымнас сибэккичээним диэн кини таптыыр доҕоро ааттыыр аата ханан да киниэхэ дьуорэлэспэт буолбут сирэйэ-хараҕа, танаһа-саба тырыта тыытыллан киһи билбэт гына уларыйан хос муннугар икки тобуктарын ыбылы кууһаан олороохтообута…
Халлаан номнуо суһуктуйан, ийэ айылҕа барахсан туох да улахан уларыйыы суоҕунуу бэйэтин кэрдиистээх кэмигэр сана кунун саҕалаан урун хаар урдугэр кун сарданалара кылбачыһа оонньууллара.
киһи сэниэтин эһэн, этин-сиинин буус бутуннуу супту обортордоҕой? Сотоллуннэҕинэ туоһун иһэ кып кыыгынас, уотунан аһыйар. Уол тоһо ор сыппытын билбэт, арай маннык сытан тонон олууһубун диэн ыар санаа ууйэ тутан, остуолтан ойонон, ааһан иһэн грушатыттан тайанан тиийэн оһоҕун отунна, чаанньыкка уу кутан оргуппакка кыра уу баарын сылыттан куруускаҕа куттан сыпсырыйан истэ. Онтон сылааска таттаран эмиэ утуйуо кэлэн тиийэн оргууйдук оронугар сытта да тута утуйа охсубата. Сууһугэр быччалыйан тахсыбыт колоһунун оронун урдугэр ыйанан турар сотторунан соттон арыый да кэнээбит курдук буолла. Боро ол сытан илэтин дуу, туулун дуу ойдообот дьиэтин аана бэрт ыараханнык хаахынаан аһыллыбыт тыаһыттан коро туспутэ, кини ийэтэ санныгар туу былаатын бурунэн киирэн кэлбитэ.Арай бу бириэмэҕэ уруккута эбитэ буоллар уутээн хойуу буруота унаарыйа сыыйыллыа этэ. Бугун Боро оронуттан кыайан турбакка, тыын быһаҕаһынан тыынан тоно икки итииргиир икки ардынан тон хааһах дьиэтигэр оро титирэстии сытаахтыыр. Туох айылаах абааһы ыарыыта буулаан эдэр
-Оо, куннэ корбут соҕотох оҕом, комус чыычааҕым бу айылаах буолуоххар диэри, хара тыаҕа сирэйдэнэн олордоххун-дии дии уолун будьурҕай баттаҕын сып сылаас ытыһынан имэрийбэхтиир. Муннутун сыһыаран, кыра эрдэҕинээҕитин курдук сууһуттэн сыллаан ылар. Бэйэтэ буолаҕына баттаҕа манхайан, хайдах эрэ кыччаан, кырдьан хаалбыт курдук коруннээх.
Боро ийэтин сылаас илиилэрин бэйэтин кэтит ытыстарыгар сэрэммиттии бигии тутан сытар.
-Ийээ, Анюта хайдаҕый эйиэхэ биллэ сылдьар дуо? -Диэн ыйытан корор да ийэтэ кини санатын сатаан истибэт курдук. Тутан киирбит кыра иһититтэн уолугар сип сибиэһэй сана ыаммыт ынах уутун иһэрдэр, истин бэйэлээхтик мичээрдиир. Боро ууттэн сэниэ ылан этэ сиинэ биллэ сэргэхсийбиккэ дылы буолар. Онтон ийэтэ бэрт сулбурҕатыкойон туран уутээнтэн тахсан барар. Уол ойдонон кэлбитэ суос соҕотоҕун киһи тыына бурҕачыйар буола сойон хаалбыт уутээнигэр ыас харанаҕа сытар эбит. Боро ийэтэ кэлэн барбыта туулун дуу, илэтин дуу ойдоомунэ оронугар санааҕа баттатан сытаахтаата. Илэ диэҕи ийэтэ бу улугэрдээх тымныыга хайдах туу былааты эрэ бурунэн бу тун тыаҕа кэлээхтиэй, туул диэҕи уол айаҕар сибилинни испит сибиэһэй ынаҕын уутун амтана баарга дылы дии…