Кэпсээ
Войти Регистрация

Толоостук кэһии

Главная / Кэпсээннэр / Толоостук кэһии

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
13.12.2024 12:03
1k 0

Альтернативное описание изображения кыыс, хатыҥ кыыс, хатыҥ Айыы Куо - 4 июня 16:05

    Аата үрдүгүүн! - Диэн бэйэтин иһигэр саныы олордо кырачаан кыысчаан, самолет иһигэр. Аллараа көрдөҕүнэ көҕөрөн хайалар көстөллөр эбит. Көтөр кынаттаах тимиргэ Зоя маҥнайгы көтөөһүнэ. Өр да көттүлэр кинилэр. Эмискэччи самолеттара аллараа түстэ уонна сиргэ түһэн тохтоото. Зояны саастаах дьахтар илиититтэн сиэтэн аан диэки хаамтарда. Кирилиэскэ Зояны билбэт эр киһи илиитигэр көтөҕөн түһэрдэ сиргэ. Сир барыта таас, улахан да кыра таастар сыталлар эбит. Зоя иҥнэ сыһа-сыһа аргыый хаамта. ,, Хааман ис! - Диэн иһилиннэ кэннититтэн уонна кэтэххэ бэрилиннэ. Умса түһэ сыһан оҕо бараххан улаханнык хардыылаабыта буолла. Күһүн кэлэн иһэрэ биллэрдик биллибит, мастар хагдарыйан эрэллэрэ, тымныы хотулуу сытыы тыаллаах эбит. Массыына турарга тиийэн саастаах дьахтар Зояны,, Киирэн ис эрэ! - Диэн бэлэһирдэ. Зоя саатар кырата да бэрт буоллаҕа, сатаан ыттыбакка тураахтаата массыына аанын таһыгар. Онуоха, дьахтар күүскэ сонун саҕатыттан туура тутан массыына иһигэр киллэрэн анньан кээстэ. Зоя массыына түннүгүнэн көрөн үөрээхтиир аххай. Араас дьиэлэр ааһаллар, оҕолор сүүрэллэр, оонньууллар. Зоя:" Мин саҥа дьиэҕэ тиийэн эрэбин! Аата үчүгэйин! Ийэ, аҕа диэн дьонноох буолуом! ,, Дии санаан олороро. Массыына тохтообутугар, аан аһылла биэрдэ уонна улахан илии Зояны хаба тарта уонна таһырдьа тааһааран,,, Бу ким кэллэ? Дии-дии сырайыттан итии, хатыылаах сирэй сылла да сыллаа буолла. Зоя күлэн барда, үөрдэ-көттө! Улахан илиилэр сымнаҕастара да кытаанахтара үчүгэйэ сүрдээх, үөһээ халлаан диэки көтүөлэттилэр оҕону. " Дьэ бу баар мин дьолум, дьонум"- дии түстэ оҕочоос барахсан. " Ыл, тохтоо! Аны оҕо хотуолуо! Бүт атаахтатан! Түһэр сиргэ!,, Диэн саҥа иһилиннэ. Ити Зоялыын көтөн кэлбит дьахтар саҥарбыт эбит. " Ама бу дьахтар мин ийэм буоллаҕай? " Дии саныы түстэ кырачаан кыысчаан. Ол да буоллар санаатын түһэрбэккэ,, Хата аҕам сымнаҕас, эйэҕэс, - диэн уоскутуйда Зоя.

    Ээ, оннук дуу? Дьиэн эппиэттээтэ эр киһи уонна уоран оҕону сүүһүн сыллаан ылла. Зоя олох да дууһата сымнаан хаалла.
Оҕо ииттэ ыларга олус уустуга бэрт да буоллар, Мааппалаах Дьөгүөссэ өссө биир оҕо, кыыс оҕону ылан ииттэргэ быһаарыммыттар. Кинилэр биир уол оҕону эрдэ ылан тапталга уйдаран ииттэ сылдьаллара. Саастара да ортолоон эрэрэ.. Уолларын Денис диэн ааттаабыттара, аҕыйах ыйдаах этэ, ылалларыгар. Оттон билигин аны кыыс оҕону ыллылар оҕо дьиэтиттэн, иккитин ааһа сылдьар кыыһы, бэрт үчүгэй ааттаах Зоя диэн.
Зоя уҥуоҕунан кып-кыра, уп-улахан бороҥ харахтаах, кылгас кугас баттахтаах, мэник-тэник дьүһүннээх. Зоя кыраттан хомойоро уонна үөрэрэ. Кини биир ыарахан ыарыылаах этэ, сүрэҕэ мөлтөх. Ол да буоллар, сүүрэн-көтөн, дьоҥҥо наһаа эйэҕэстик сыһыаннаһар, итэҕэйэр. Дьэ бу курдук, кинини ол да буоллар бу Мааппалаах Дьөгүөссэ ииттэ ыллылар.

Зояны илиититтэн сиэтэн Дьөгүөссэ дьиэ иһигэр хааман барда. Дьиэ тиэргэнэ улахан, киэн баҕайы, киирэргэ улахан террассалаах. Дьиэҕэ киирэн баран:" Ой! Бу кимий? - Диэн соһуйбуттуу Дениһы көрөөт ыйытта Зоя. " Бу убайыҥ, Денис диэн ааттаах, “-эппиэттээтэ Дьөгүөссэ. Зоя убайданным диэн олустук да үөрдэ. " Здравствуй! Диэтэ арай убайа. " Здрассте! “- Диэн эппиэттээтэ кыысчаан. Убайа илиититтэн сиэтэн хоско аастылар. Дьэ, ити курдук Зоя дьиэлэннэ, ийэлээх аҕаланна, убайданна. Мааппа Дьөгүөссэлиин күн аайы үлэлииллэрэ, оҕолор бэйэлэрэ эрэ дьиэҕэ хааланнар оонньоон, мэниктээн тюйэллэр этэ. Төрөппүттэрэ кэллэхтэринэ Зояны мэниктэппэт этилэрэ. " Сүүрүмэ, ыстаныма, мэниктээмэ! " Дииллэрэ. Оннук биир сыл ааста, Зоя үс саастанан үөрэ көтө сылдьара. Арай, биир күн Зоя ийэбэр көмөлөһүөм диэн, иһити сууйарга сананна. Ол сууйа туран чааскы тутааҕын тоһута тутан бистэ. Ону Дениска көрөн баран, " Чэ, биэдирэҕэ быраҕан бис” - диэтэ. Убайын истэн алдьаммын иһити быраҕан бистэ. Киэһээ дьонноро үлэлэриттэн кэллбиттэригэр, Зоя чааскы алдьаппытын туһкнан олох да умнан, эппэтэ тугу даҕаны. Арай утуйар кэм кэлбитигэр, аҕалара биэдирэ тоҕон баран киирэн ыйытта:“Чааскы алдьаммыт эбит дуо? " Ону Денис сүүрэн кэлэн баран:“Ити Зоя алдьаппыта! " -Диэн хоруйдуу биэрдэ. Зоя оронугар ол кэмҥэ сытар этэ, утуйаары. “Зоя даа?! “-Диэбитинэн Мааппа кыыска ойон тиийэн баттаҕыттан оронтон сулбу тарта. Оҕо ыарыытыттан часкыйан барда. “Өссө хпһыыраҕын да! “- Дии

дии Мааппа кур ылан оҕо этин охсуолаан барда. “Көрүҥ эрэ, бу кыыскыт үҥкүлээн эрэр! Дии дии эбии күүскэ Зояны этин таһыйан биэртэлээтэ. Кыыс бараххан ханна ла куотар, саһар сирэ суох буолан биир сиргэ эргийэ эргиэ, хаһыытыы хаһыытыы турда.

Аны иһити алдьатыан да? Диэн хаһыытаан ыйытта Мааппа. Кыыс бараххан “Суох, суох! Баһаалыстаа, миигин охсума, аны хаһан да иһит алдьатыам суоҕа! “- Диэн ытыы туран эппиэтээтэ. “Бар! Утуй! Баҕайы! -Диэни истээт даҕаны оҕо оронун диэки аргыый аҕай сөдөрөҥнөөн хааман тиийэн сууланан сытынан бистэ. Сыттыкка сирэйинэн умса түһэн аргыый аҕай ытаан барда. Кини кврачаан төбөтүгэр араас элбэх ыйытыктар үөскээннэр бокуой биэрбэттэр этэ. Аҕам тоҕо дьыбааҥҥа хаһыат ааҕа сытан ойон туран тохтоппотой ийэлэрин? Тоҕо миигин былдьаан ылбатай? Оттон убайа? Тоҕо күлэ күлэ турбутай? …. “Айыккааа… Илиилэрим, атахтарым бараххаттар аһыйалларыын, дии дии үрэ сатыы сытан утуйан хаалаахтаата. Ити маҥнайгы таһыллаһына этэ кыракый кыыска. Оҕо түргэнник умнар дииллэрэ сөп эбит. Зоя эмиэ этэ сиинэ ыалдьан бүппүтүгэр барытын умнаан эмиэ оонньоон, күлэн үөрэн сыодьыбыта. Ити курдук номнуо сыл ааһа оҕуста. Зоя биэс сааһын туолан, ааҕа суруйарга үөрэнэрэ, убайын курдук оскуолаҕа киирэн үөрэниэн баҕарара. Мааппа күн аайы остуолга саппыыска хаалларар этэ. Онно кюннэҕи дьиэ үлэтин суруйара. Биир күн муоста сууйарга, иккис күҥҥэ ыскааптары сууйарга, үһүс күҥҥэ отопления батареятын сууйарга уонна өссөда бүппэт дьтэ үлэтин күн аайы оҥоттороро. Биэстээх оҕо күн аайы дьиэни барытын көрөн харайан сылдьыбыта. Мааппа үлэтиттэн кэллэҕинэ үрүҥ баата ылан быыл баарын суоҕун бэрэбиэркэлиирэ. Биир эмит сиргэ баатата хараардаҕына кыыһы баттаҕыттан соһон сууйтарара иккистээн үһүстээн. Зоя оҕо барыта мин курдук олороллор диэхтиирэ, бэйэтин дууһатын сымнатара. Оҕо таһыллан киһи буолуохтаах диэн ийэтэ этэринэн сөбүлэһээхтиирэ. Зоя сороҕор ийэтэ суох кэмигэр, дьиэтин сууйан бүтэрдэҕинэ кыратык оонньуу түһээхтиирэ. Бу сууйарыгар убайа көмөлөһөөччүтэ суоҕа. Убайа куруук оскуола кэнниттэн оонньуу барааччы.

Зоя эрдэттэн ааҕа үөрэммитэ, алтатыгар номнуо оскуолаҕа киирбитэ. Оскуолаҕа киирэн Зоя наһаа үөрэрэ, дьиэтигэр олус барыан баҕарбат этэ, ол да буоллар кинини бииргэ үөрэнэр оҕолоро тоҕо эрэ сөбүлээбэтэхтэрэ. Ыстырыыстыыллара, дьээбэлииллэрэ. “Эн подкидышкын! " Дии диилэр ыаллара тарбахтарынан. Онтон кыысчаан наһаа хомойоро, ытыыра. Дьиэтигэр тиийэн биирдэ ийэтиттэн ыйыппыта"Оҕолор оннук диэн тоҕо күлэллэрий? " Диэн, ону Мааппа " Тугу сымыйаннан ону маны истэҕин? Дьиҥнээх дтонуҥ итирикситтэр, эниигин кврдьык бырахпыттара, ону туохха өһүргэниэххэ сюбүй? А! “- Дии дии кэтэххэ биэртэлээбитэ. Ол кэннэ Зоя ыйыппат буолта уонна оҕолоро үөхтэхтэринэ кыһаллыбат буолбута.

Зоя туйгуннук үөрэнэрэ, үөрэҕэр кыһаллар аххай. Киэһэ ийэтэ кэллэҕинэ кыыс тэтэрээттэрин бэрэбиэркэлиирэ төһө сыыһалааҕын. Төһө сыыһалаах этэй да соччото таһыйар этэ. Денис ийэтигэр тутуһан көмөлөһөр этэ Зоя таһыллар кэмигэр. Арай биирдэ уруһуй уруогар кыыс куукула уруһуйдаабыта, араас өҥнөөх гынан. Ону ийэтэ араас өҥнөрүн ыйытта. Ону кыыс өҥнөрүн этэ туран араҥас өҥү сатаан эппэтэ. Ооо, дьэ өр да толкуйдуу сатаата даҕаны кыайан эппиэттээбэтэ ийэтигэр. " Дьэ, ити өҥү этиэххэр дылы утуйбаккын бүгүн! “- Диэн эттэ ийэтэ. “Оодьэ, эрэй да баҕайы өҥөй”- диэн абатыттан саныы турла Зоя. Денис сүүрэн кэлэн"Белый диэн этиий, “- диэтэ. Ону Мааппа “Сахалыы саҥардын! “-Диэтэ. Кыра эрдэҕиттэн нууччалыы саҥарбыт кыыс саҥа оскуолаҕа киирэн сахалыы үөрэтэ сылдьара ол кэмҥэ. Ол иһин сахалыы үчүгэцдик билээхтээбэт да этэ. “Ыл ити олоппоһу уонна манна мин таспар тураҥҥын санаа ити өҥү”- диэтэ ийэтэ.

Дьиэ иһэ уу чуумпу турарыгар ким эрэ ботугууругар дылы иһиллэрэ"Үрүҥ, кугас, хара, кыһыл диэн иһиллэрэ хос иһиттэн онтон тоохтоон хаалара. “Хайа, онтон? “-Диэн эмискэ хараҥа быыһыттан саҥа иһиллэрэ. Оҕо соһуйан титирии түһэрэ, олоппостон суулла сыһан дьигис гынар. “Оодьээ, эрэйдээх да желтый өҥөй! “- Диэн саныы түһэрэ. “Саҥаттан эт! “- Диэн этэрэ ийэтэ, илиигинуур, у онна саҥаттан саҕалааҥҥын эт өҥнөрү”- диэтэ ийэтин куолаһа. Зоя өрө тыынан баран саҥаттан ботугураан барда. “Улаханнык саҥар! “- Диэн хаһыы иһилиннэ"мин истэрим курдук! " Кыысчаан куолаһын улаатыннаран баран саҥаран барда:” кыһыл, үрүҥ, хара, күөх, кугас, … Онтон эмиэ иҥнэн хаалла. Дьэ инник

курдук утуйа сыһа сыһа олоппостон охто сыһа сыһа түүнү быһа, илиитин төбөтүгэр тутан тураахтаата. Сарсыарда 5 саҕана аргыый аҕай үөмэн киирэн Дьөгүөссэ кыыһы илиитигэр көтөҕөн оронугар аҕалан сытыаран бистэ. Зоя олус сылайбыт буолан начаастык утуйан хаалла. 7 Чааска ийэтэ кыыһы ойутан туруорда уонна мөҕүттэ мөҕүттэ эттэ"Ыл, тур! Оскуолаҕар үөрэнэ бар! Киэһээ кэллэхпинэ өҥнөргүн этээр! " Кыыс туран суунан тараанан баран аһыы охсоот да, оскуолатын диэки сүүрдэ. Түүнү быһа утуйбатах буолан утуктаан ньэһиилэ сырытта. Дьиэтигэр кэлэн баран кыратык утуйан ылыам ити дьахтар суоҕар дии санаата. Арай остуолга саппыыска сытарын аахта:“Дьиэни сууй, аскын астаа” Ити ийэтэ суруйан хаалларбыт эбит. Оодьэ дии санаата кыыс, эмиэ утуйбат буоллаҕым дьии. Ону хайыай, сууйар бо, аны киэһээ кэлэн тугу да оҥорботоххун диэн эмиэ кырбыыр буоллаҕа.

Дьиэтин муостатын харбаан сууйан барда, саатар дьиэбит улахана бөҕөтө, кыччыгый илиилэринэн трэпкэтин ыга ыга муостаҕа умса түһэ түһэ илиилэринэн туора маары сууйара. “Дьэ, бүттүм! " -Диэтэ Зоя. Бириэмэтин диэки хараҕын бырахпыта номнуо киэһээ 5 буола оххубут эбит. “Оо, тоҕо түргэнэй бириэмэ ааспыта, аны ас буһарыахтаах этим дьии”- дии охсоот холодильникка сүүрдэ. Тоҥорор өттүтэ үөһээ турара, Зоя олоппоһу соһон үрдүгэр туран морозиһник аанын аста клёна тоҥ таба этин хостоото уонна сиргэ бырахта. “Ыччаа! Тымныытыын! " Тюргэнник остуолга уурда уонна уу оргута уурдаоһоххо. “Саатар оһохпут умайбат ду? " - Диэн баран оһох аанын ньэһиилэ аһан күрүүкэннэн булкуйда иһин. Мас эбии быраҕаары гыммытыгар маһа бүппүт, аны мас киллэриэххэ наада эбит дии санаат да сон кэтэн аны таһырдьа ойдо. Таһырдьа хойукку күһүн буолан тымныы да тымныы, тыал да тыал. Саһааннаах маска тиийэн көрбютэ бу ыксалга хайытыллыбыт маһа бүтэн хаалбыт эбит. “Оодьээ! “- Диэн ытыы сыста абатыттан.

Зоя күүлэттэн колуун сүгэни ылан баран аны мас хайытарга сорунна. Сүгэтэ ыарахан да вйааһыннаах эбит, кып кыччыгый кыысчаан өрө көтөҕө сатаата да кыайбата. Абатыттан хаһыытаата, ытаан барда. “Билигин дьонум кэлиэхтэрэ, ийэм эмиэ кырбыыра буолуо аһы бэлэмнээбэтин диэн! “- Дии дии ытаата. Хайдах кынабыный бу мастары, саатар улахаттара да сүрдээх. Дьиэтигэр киирэн араас толкуйга киирдэ. Ол олордоҕуна убайа Денис киирэн кэллэ, кыыс хаһан да үөрбэтэҕэр үөрдэ. Денис, мас дьиэҕэ бүтэн хаалбыт, маста хайытан киллэриэҥ дуо? Диэн көрдөстө. “Оодьэ! " Диэн баран таһырдьа ойдо. Сотору соҕус мас көтөҕөн Денис киирдэ. Оһох иннигэр бырахта. Зоя оһоххо мас бырахта, аһын астаан барда. Санаата көтөҕүллэн, мичилийэ мичилийэ сылдьан иһити сууйда, оһох иннитин харбаата. Ол быыһыгар уруоктарын толороро. Аҕата кэлбитигэр хайытыллыбыт бүппүтүн эттэ. Ийэлэрэ суох кэмҥэ аҕата кыыһы сыллаан ылара төбөтүттэн эмирийэрэ. Инник кэмнэри Зоя олус сөбүлүүрэ.

ludpetl6
11 июня
Мдаа, туох подкаблучник дьээдьэний инник ыаллар баар аҕайдар, дьахтар муҥур ыраахтааҕы, эр киһи тэрээпкэ элээмэтэ

Кыыс аһа буһан, остуолун бэлэмнии сырыттаҕына ийэтэ үлэтиттэн кэллэ. Мин барытын толордум! Диэн Зоя ийэтин үөрдээри мичилийэн эттэ. “Абыраабыккын! Дьахтар буолаҥҥын дьиэ үлэтин барытын бэйэҥ сатыахтааххын уонна оҥоруохтааххын! “- Лиэн саба саҥаран бистэ Мааппа. Оҕо бараххан хомойон хаалла. “Саатар маладьыас да диэбэтэ”- дии санаата. Аһыы олорон Мааппа кыыһыттан ыйытта"Хайа? Өҥнөргүн биллиҥ да? " Зоя бараххан олтуһунан олох да умнанбиспит дьии. Куттанан, " аһа” эрэ диэн хоруйдаата. “Оодьэ, бүгүн эмиэ утуйбат буолбуппун! Саатар ити кусаҕан баҕайы өҥөй! " Дии саныы олордо кыыс. Бары аһаан бүппүттэригэр Зоя иһитин сууйан бистэ, ол кэмҥэ Мааппа муоста ырааһын бэрэһиэркэлии сылдьара. “Бу? Оһох иннин тоҕо сууйбатын?! " “Сууйбутум ээ! Денис мас киллэрэн баран иннэ бырахпыта ээ! “- Диэн саҥаран истэҕинэ, Мааппа кыыһын баттаҕар түһэн аллараа оһох иннэ бырахта"Сууй илиигинэн! Өссө убайын сымыйаннан үҥсүбүтэ буолар, баҕайы! " Ону убайа истэн кэлэн эттэ"Ити мин буотах! Кини бэйэтэ сууйбатах этэ! “- Диэн олох да атыны этэн таһаарда. Ооо! Дьэ ону истээт даҕаны Мааппа олох да иирдэ, кыыһы үнтү кырбаан, оһох буккуйар күрүүкэтинэн этин хаанын охсуолаата.

Ааҕааччыы
11 июня
Наһаа ынырык дьахтар ди

Зоя этэ хаана

аһыс гына түстэ, “мин кырдьыгы этэбиииин! ‘- Диэн хаһыытаата оҕо. Уонна сиргэ киириэн баҕарар курдук муостаҕа эргиллэ эргиллэ сытта. “Айыккааа! “- Дии дии. Дьахтар тохтоон баран “Өссө сымыйалыаҥ да? “- Диэн ыйытта. “Суох, суох! “- Диир эрэ кыахтанна кыысчаан. Бар суун, баҕайы! Диэн сарылаата Мааппа. Кыыс ньэһиилэ муостаттан туран аргыый аҕай доҕолоҥноон сууна барда. “Һууу, һууу, айууу айааа “- диирэ аргыый аҕайдык илиилэрин үрэ үрэ. Тымныы ууннан суунан арыыйда ыалдьара аматыйбыт курдук буолла. “Ханна дьөлө түстүҥ! “- Диэн ийэтин хаһыыта иһилиннэ. Зоя аргыый аҕай хааман хоһун дьиэки баран истэ. “Хайа? Олоппоскун ыл, үрдүгэр тураҥҥын өҥнөргүн этэн саҕалаа! “- Диэтэ ийэтэ. Кыысчаан ийэтин хоһугар киирэн олоппоско турда. Мааппа оронун оҥостон сытынан бистэ. Улаханнык саҥар, истэрим курдук. Кыыс саҥаран барда уонна эмиэ ол сатана биллибэт өҥүгэр тиийэн иҥнэн хаалла. Саҥаттааан! Диэн сарылаата дьахтар. Кыыс соһуйан олоппостон суулла сыста. Уонна эмиэ саҕалаата. Дьэ ити курдук эмиэ иккис түүнэ ааста. Сарсыарданнан Дьөгүөссэ эмиэ аргыый аҕац үөмэн тиийэн кыыһын аргыый аҕай көтөҕөн бэйютин хоһугар ороҥҥо сытыарда. Кыыс этэ сиинэ атахтара илиилэрэ көҕөрөн иһэн хаалбыттарын көрөн аһына санаата"оҕобуун, бараххаммын” дии дии эмирийтэлээтэ. “Төбөбүн тыытыма, ыалдьар, шишкаламмыт”- диэн саҥарда уонна сууланан утуйан хаалла. Хата өрөбүллэр буолан кыыс оскуолаҕа барбат этэ. Дьоно эмиэ дьиэҕэ хаалар буоллахтара дьии. Дьөгүөссэ Мааппаны кытта кэпсэтэргэ санаммыт. Оһоҕун оттон, чаанньыгын оргута уурда. Эмээххинэ турбутугар, чэйлии олордулар. “Мааппа, эн кыыскын туох ааттаах күүскэ эттээтиҥ ити, а? " - Диэн кыыһырбыттыы ыйытта. “Албыннаан Дениһы саҥарбыта"диэн эппиэттээтэ дтахтар. “Мин бэйэм кэпсэтиэм иккиээнэрин кытта, эн мэһэйдэһимээр”- диэтэ эр киһи. “Билигин Зоя утуйдун, уһугуннарыма! Этин сиинин көрбүтүҥ да? Төбөтө иһэччи иһэн хаалбыт дьии! Сэрэниэххин төбөтүн! “- Диэн саҥарда Дьөгүөссэ. “Мин оҕолору илдьэ ойуурга барыам, сынньата, оонньото! " Мааппа саҥарбата, төбөтүн эрэ сэп диэбит курдук хамсатта. “Аста чээйдэ бэлэмнээр! " - Диэн эттэ остуолтан таххан баран Дьөгүөссэ
“Зоинькаа, тур сэгэрим! Барсаҕын дуо миигин кытта? " -Диэн аргыый аҕайдык эмирийэн ыйытта аҕата. “Барсабын”- үөрбүтүнэн туран таҥнан барда кыысчаан.

Оҕолор таҥнан баран таһырдьа ойдулар. Мааппа термоска итии чэй, алаадьы, бэчиэнньэ, хампыат бэлэмнээтэ. Дьөгүөссэ ыһыгын ылан таһырдьа таҕыста. Массыынатын эһэн оҕолорун кытта ойуур диэки айаннатта. Мааппалаах Дьөгүөссэ бииргэ үлэлиир ыаллары кытта сайын аайы сылдьар сирдээхтэрэ. Онно мунньустаннар оҕолор оонньоон, сөтүөлээн сылдьааччылар. Биир тылынан сынньанар миэстэ этэ. Дьөгүөссэ ол сиргэ айаннатта, оҕолор билэр сирдэрэ, дьиэ айдааныттан диэн сананан бэйэтэ да сынньана барда, ити дьиҥин эттэххэ. Дьэ ити курдук сынньанар сирдэригэр тиийбиттэрэ уонна оонньоон көрүлээн бирдилэр. Дьөгүэссэ кира хаһаастаах этэ, бытыыкка буоккачаан. Оҕолоругар бөһүөлэктэн таххан истэхтэринэ сок арааһын ылбыта уонна араас ас атыыласпыта. “Ити Мааппам хацдах эрэ буолбут ээ, тоҕо кыыспытын иччэ айыылаахтык таһыйара буоллар? Иччэ кырачаан оҕом улахан буруйу оҥороро буоллар? Саатар уолу тыыттарбат миэхэ, мөҕөөрү гыннахпына! “- Диэн араастык толкуйдуу толкуйдуу буоккачаанын хантатан истэ. “Зояаа! Күнүм, кэл эрэ аҕаҕар! “- Диэн ыҥырда кыыһы. Зоя сүүрэн кэлэн аҕатыгар куустарда"Сыллыый, Зоя мин эниигин уонна ийэҥ эмиэ таптыыбыт. Эн ийэҕин кусаҕаннык санаама, ити кини ыарытыйар, үлэтигэр сылайар дьэлби, сэп дуо? “- Диэтэ аҕата.

М
15 июня
Оруобуна мин кыра эрдинээги ааспыт абытайдаах кэпсээн эбит уруккубун санаан дэлби ытаатым

М
15 июня
Мин эмиэ икки саастаахпар дьиннээх тороппуттэрим иһэн аһаан аккаастаммыттара, иитэ ылбыт дьонум миигин ровно инник атаҕыстаан сордообуттара

“Сэп”-диэтэ кыысчаан уонна өрө тыынна. “Чэ, баран оонньуу түс, сотору дьиэбитигэр айанныахпыт”-диэтэ аҕата. Кыыс үөрүүннэн туран сүүрэн хаалла. Дьөгүөссэ малын аргыый аҕай хомунна, таһырдьа хараҥаран барбыт уонна тымныы салгыннаммыт. “Оҕолоор! Бардыбыт! “-Диэн ыҥыртаата оҕолору. Денистаах Зоинька дьэлби оонньоон сүүрэкэлээн сылайбыттар, массыынаҕа олороннор бары дьиэлэрин диэки айаннаатылар. Дьиэҕэ тиийэннэр оҕолор таҥастарын устаннар сууна бардылар, арай сууна сылдьаннар иһиттэхтэринэ"Ыл бар! Киэр бар! “- Диэн ийэлэрин хаһыытын иһиттилэр. Зоя ойон аххай таҕыста уонна"Аҕаны тыытыма! “-Диэбитинэн аҕатын диэки саба түстэ. Мааппа кыыһын саҕатыттан ылан хоһугар киллэрэн ороҥҥо бырахта. Ити кэмҥэ Дьөгүөссэ

таһырдьа таххан барда, гарааһыгар хонордуу сананна. Зоя"Барахсан аҕабын дьиэттэн үүрдэ! “- Дии санаата уонна хараҕа ууланна. “Улааттахпына аҕабын бэйэбэр ылыам, онтон ити дьахтары ылбаппын, тапталлаах Дениһа ыллын бэйэтигэр”- дии санаан олордо. “Хайа? Тоҕо олордуҥ? Баҕайы, кусаҕан аҕаҕын көмүскэһэҕин да өссө! “-Диэн баран кыыһы кэтэххэ саайда. Зоя бараххан муостаҕа сырайынан саайылынна. “Айыккаа! “-Диэн хаһыытаата.

“Утуй! Сарсын дьиэни уоту сууйаар! “-Диэтэ ийэтэ. Зоя оронугар сытан утуйан хаалла.
Хата өрөбүлгэ ийэтэ кыыһын мөхпөтө да сынньыбата даҕаны. Дьэ ити курдук олордулар, ханнык эрэ кэмҥэ үчүгэйлик эйэ дэмнээхтик, сороҕор эмиэ таһыллан ылааччы Зоя кыыс. Үөрэх кэмэ ааһа оҕуста, бириэмэ түргэнник ааһан хаалла. Зоя маҥнайгы кылааһын туйгуннук үөрэнэн бүтэрдэ. Денис маҥнайгы сүһүөҕүн бүтэрэн 5 кылааска таҕыста. Сайын кэлэн таһырдьа күннээх да күннээх, сирдэрэ, мастара көҕөччү көҕөрөн турдулар. Мааппа сайыҥҥы өттүгэр сынньана барда, соҕуруу дойдуга, Денисканы илдьэ барда бэйэтин кытта. Дьиэҕэ Дьөгүөссэлээх Зоя хааллылар. Мааппа куннээҕи үлэлэрин суруйан хаалларбыта. Аҕата табаарыстарын кытары ойуурга барааччы, кыыс оччотугар дьиэҕэ соҕотох хаалааччы. Оннук кэмнэри Зоя олус да сөбүлүүрэ, ким хаһыытаабат, мөхпөт, хаһан баҕарар утуйара да, турара даҕаны. Таһырдьа таххан оҕолору кытта мэниктээччи. Ол да буоллар бириэмэтэ түргэнник ааһара. Маапалаах Денис кэлэллэрэ аҕыйах кэм хаалбытыгар Зоя саппыыскатын ылан аахта"1 күн- түннүктэри иһиттэн таһыттан сууйуу, 2 күн- сервант иһитин сууйуу, 3 күн- таҥас сууйуу, 4 күн- батареялары сууйуу, 5 күн- таҥас өтүүктээһин, 6 күн- потолоктары сууйуу…. Дьэ ити курдук 15 күн барыта суруллубут этэ. Биир күн иһигэр кыысчаан кылабачыгас иһиттэри, батареялары уонна таҥастары сууйталаата. Онтон сарсыныгар түннүктэрин сууйталаата, киэһээ кыра кыралаан таҥастарын өтүүктээтэ. Ыскааптарын бэрийдэ, сааһылаталаата. Дьэ ити курдук суруллубун сорудахтарын ийэтэ кэлэр күнүгэр бэрт түргэнник толортолоото. Ол быыһыгар, Зоя олустук ааҕарын сөбүлүүрэ, кинигэлэри ылан киэһээ аайы ааҕааччы, араас кинигэлэри. Зоя сэрии кэмнээх кэпсээннэри сөбүлээн ааҕар этэ.

Ол да буоллар ийэтэ убайын суохтарыгар Зоя олус да үчүгэйдик олорбута аҕатын кытта. Аҕата баар кэмигэр кыыһын илдьэн маҕаһыыннарынан күүлэйдэтэрэ уонна баар суох столовойга тиийэн аһааччылар. Оннуе кэмнэри Зоя наһаа да астынара. Дьэ кини компот, араас минньигэстэри аҕатыгар атаахтаан ылларара. Уонна мотуйан сиэн астынара. Маҕаһыыҥҥа сылдьаннар кэмпиэт, бэчиэнньэ уонна да араас минньигэс астары сиэччилэр аҕатын кытта. Бу ааспыт күннэри Зоя кыыс олустук да үчүгэйдик саныыра. Ити кэмнэрэ түргэнник ааһан хаалбытыттан хомойоохтоон хаалла, ийэлээх убайа кэлэр күннэрэ үүммүтүттэн. Ол да буоллар ол күн тигинээн кэллэ. Зоя аҕатын кытта ас бөҕөтүн астаан, дьиэлэрин сууйан сотон бэлэмнээтилэр уонна дьоннорун көрсө бардылар портка. Самолет көтөн кэлэн сиргэ түстэ аргыый аҕай. Денискалаах ийэтэ самолеттан тахсыбыттарыгар Зоя кинилэри көрсө утары сүүрдэ. Убайын ахтыбыт аххай эбит, кууһан сыллаан ылла. “Ты чегоо? Отойди от меня! Фу! Еще целуется! “-Диэтэ убайа уонна Зояны анньан бистэ. “Я же скучала! “-Диэтэ кыысчаан ытыы сыһан. Убайа балтын кууһан баран"Прости, я так делать больше не буду. “- Диэтэ. Дьиэлэригэр кэлэннэр бары эйэ дэмнээхтик аһаатылар, ийэлээх аҕалара күлсэллэрэ, кэпсэтэллэрэ. Онтон"Дьэрэ! " Диэтэ ийэлэрэ. Уонна суумкалары аһыталаата. Кэһиилэри аҕалбыт диэн Зоинька үөрдэ аххай. Дьэ кырдьык, суумкаттан Мааппа араас таҥас бөҕөтүн таһаарталаата, кыыска саҥа оскуолаҕа кэтэригэр таҥаһын, атах таҥастарын, сапожканы уонна раҥас өҥнөөх сон таһаарда. “Дьэ, бу араҥас соннонноххуна бу үчүгэй өҥү умнубат буолуоҥ”- диэтэ ийэтэ. “Махтал! Наһаа астык дьии! Оттон мин араҥас өҥү үөрэттим ээ”- диэтэ кыыһа. Уонна үөрэн ийэтин кууһан сыллаан ылла.

“Таҥастаргы ылаҥҥын ыскаапкар сааһылаа”-диэтэ Мааппа. Зоя үөрэн саҥа таҥастарын ылаттаан хоһугар сүүрэн хаалла. Киэһээҥҥи аһылыкка ийэлэрэ “Мин сорудахтарбын барытын толордун дуо? “-Диэн ыйыппыта. Дьөгүөссэ кыыһын диэки көрөн"Зоя маладьыпс! Кини күн аайы дьиэтин сууйара, аһын астыыра, оҕуруоттах теплицатын таххан уу кутара! Онон биһиги кыыспыт улаатан үлэһит киһитэ”- диэн кыыһын хайҕаата. Зоя мичик гынан ийэтиттэн эйэҕэс тыллары истээри бэлэмнэннэ да, Мааппа тугу да эппэтэ, хайҕаабата даҕаны. Дьөгүөссэ уолун кытта ойуурга балыктыы бултуу барааччылар. Оттон Зоя ийэтин кытта күһүн аайы отоннуу сылдьааччылар. Кыыс ойуурга сылдьарын олус диэн сөбүлүүрэ. Араас мастарга куустуһан туран кэпсэтэрэ,

оҕо санаатаҕына кинини истэллэр мастар. Сороҕор ытыыра тоҕо барыта ыараханай диэн.

Онон олус ыарахан дьылҕалаахпын дэммэт этэ Зоя. “Хас биирдии киһи маннык дьылҕалаах”- диир этэ, бэйэтин уоскутара кыысчаан. Күһүн. Айылҕа барыта араҕастыйан, сорох сирдэринэн кытархай буолаллар. Зоя олорор дэриэбинэтин тула барыта араас хайалар өрө көрөн тураллара. Биир өттүттэн ууллубат хаардаах, биир өттүттэн таастаах, оттон икки өттүттэн ойуурдаах хайалар тураллара. Көрдөххө бары да чугастык тураллар дии саныыра Зоя. Онтуката олох даҕаны өрүстэри дабайан таххыахха наада этэ. Ону кырачаан оҕо ол кэмҥэ билээхтээбэт этэ. Дэриэбинэ дьоно бары Зояны билэллэрэ. Аһынаахтыыллара кинини. Зоя эйэ дэмнээх буолан элбэх доҕоттордооҕо уонна улахан дьон табаарыстардааҕа. Ол быыһыгар бөһүөлэк түгэҕэр олорор кырдьаҕас ыаллар Хабырыыллаах Өгдөөчүйэ. Кинилэр ынахтаах сүөһүлээх этилэр. Зоя ийэтин этиитинэн кинилэргэ баран үүт атыылаһааччы. Өгдөөччүйэлээх бэйэлэрин оҕолоро суох этэ. Биир оҕолоохторо этэ даҕаны ууга былдьанан бу сиртэн туораабыта оҕо эрдэҕинэ. Хабырыылла Зояны олус сөбүлээбитэ. “Оодьэ! Тоҕо бу кырачаан чобуо оҕото мин сиэним буолбатаҕай”- дии саныыра кырдьаҕас оҕонньор. Зоя үүт ыла кэллэҕинэ Өгдөөччүйэ остуолун тарда оххоро, үүтүнэн, сүөгэйинэн, алаадьыннан күндүлүүрэ оҕону. Зоя олус да сөбүлүүрэ кырдьаҕастары. “Мин эбээ уонна эһээ диэҕим эһигини, дуу? “-Диэн биирдэ оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ эттэ. Ону оҕонньордоох эмээххин олус үөрбүттэрэ уонна сөбүлэспиттэрэ. “Ийэлэюх аҕабар этимэн бу кэпсэтиибитин”-диэн көрдөспүтэ кыысчаан. Дьэ ол күнтэн Зоя бэйэтэ ааттаабыт эһээлээх эбээлэммитэ.

Дьыл хонук түргэнник ааһар да эбит. Кыыс Зоя улаатан номнуо уон сааһа буола оҕуста. Ыарахан дьылҕатын араастаан аһардара. Сороҕор ытаан, сороҕор бэйэтигэр тутан, араас санаалар киирэллэрэ. Зоя олустук спорду сэҥээрэрэ, 5 кылааска таххан баран сүүрэр спорду сөбүлээн оннук хайысхалаах секцияҕа сылдьар буолта. Улахан ситиһиилээх да буолбатар, бэйэтигэр үчүгэй эрэ дэнэн сылдьара онно. Түргэн тарҕан буолан дьиэ үлэтин бэрт түргэнник оҥороро, онтон сүүрэ барара спортзалга. Ол сылдьан биир күүҥҥэ иһэ ыалдьан ньэһиилэ сырытта. Киэһээ ыалдьара күүһүрэн учуутала кыыс олох истиэнэ таһыгар өйөнөн ньэһиилэ турарын көрөн “Зоя! Туох буоллуҥ? “-Диэн ыйыталаста, кыыска тиийэн. “Иһим тоҕо эрэ күүскэ хам тутта”-диэн ньэһиилэ эппиэттээтэ уонна ханна эрэ хараҥа быыһыгар буола түстэ. Оскуолаҕа массыына тиийэн кэллэ, үрүҥ халааттаах дьон наһыылкалаах сүүрэн киирдилэр. Зояны илдьэ барлылар. Оҕо өйө суох буолан хайдах балыыһаҕа тиийбитин да билээхтээбэтэ. “Срочно в операционную! “-Диэтэ быраас. Зоя"Оо, туох ааттаах уһуннук утуйдахпыныц”-дии санаата уонна хараҕын аста. Уу чумпу, хараҥа да эбит. Кыыс утаттым дьэлби диэн баран турардыы сананна. Арай иһэ"аһыс” гынна, “Айыккаа”-диэн хаһыытаата, чуумпу хос иһигэр өй дуораана иһиллибиттии буолла. Ким да суох, ким да эппиэттээбэтэ кыыска. “Бу туох буолбуппунуй? Наһаа да утаппыппын”- диэн баран аргыый аҕай олорон илиитинэн тугу эрэ көрдүүр курдук харбыаласта. Арай оронун таһынан олоппос дуу, остуол дуу турар эбит. Ол үрдүгэр чааскы уулаах уонна тоҕо эрэ биинтэоээр ньуоска сытара. Зоя чааскыны ылла да хантатан бистэ. “Үчүгэйиин бу уу"дии санаата кыыс. Аргыый аҕай оронтон муостаҕа үктэннэ, мэйиитэ эргийэн ньэһиилэ тутуһан хаалла. “Бу мин ханна баарбыный? Эмиэ ити ийэм тугу накаастаатай ду? “-Дии санаата. Иһин тыытаары гыммыта, онтуката бэрэбээскэлээх эбит уонна аһыйар да буоллаҕа. “Тыый, бу испин тугу гыммыт баҕайыта буоллар? " Ааны харбыалаһан аргыый арыйда. Хата аана тыаһаабакка арылынна. Кыыс хостон өҥөйөн көрдө. Уһуун көрүлүөр, ол түгэҕэр кыра уот көстөрө. “Миигин хайытан бараннар ханна эрэ киистээһиттэр ду? " Санаата. Туалет саатар баара эһитэ ду, бу дойдуга? Диэн баран аргыый аҕай хааман барда кырачаан көрүлүөр диэки. “Аата үчүгэйин, баар эбит “-диэн туалеты булаат киирэн хаалла уонна эмискэ хараҥа буолла эмиэ. Сирэйин ким таһыарыттан уонна бэрт куһаҕан сыттаах баатаны муннутугар анньалларыттан кыыс өйдөнөн кэллэ. “Зоя! Тур, тур! “-Диэн хаһыытыы турар эбит олох билбэт үрүҥ халааттаах дьахтар. “Айыккаа! “-Лии түстэ кыыс.

“Уоскуй, уоскуй, барыта үчүгэй буолуо”- диэтэ дьахтар. “Мин бу ханна баарбыный уонна тоҕо испин хайыттыҥ? “- Диэн кыыһыран ыйытта Зоя. “Эниигин оскуолаттан аҕалбыттара, муҥурдааҕын тэстэн операциялаабыттара түргэнник. Онон эн билигин балыаһаҕа сытаҕын”- лиэн уоскутта уонна эттэ-мин аатым Аанчык диэн, онон туох эмит наадыйдаххына

миэхэ этээр дуу? - Дии дии кыыһы төбөтүттэн эмирийэн сыллаан ылла. Зояны инник сымнаҕастык ийэтэ ла кэпсэппэтэҕэ, сыллабатаҕа, эмирийбэтэҕэ Зоя сылайбыт буолан утуйан хаалла дуоһуйан. Балыаһа үлэһиттэрэ Зоя таптыыллара, куруук эмирийэн, сюмэйдик кэпсэтэллэрэ. Зоя барыларыгар көмөлөһүөн баҕарара"“Муоста сууйабын да? Быыл сотобун да? Иһит хомуйабын да? “-Дии дии сиэстирэлэртэн ыйытара. Зоя бэрээдэктээх буолан быраас эппитин толороро, уколланарыгар тулуйан ытаабат этэ. Балыаһаттан дьиэтигэр таһааралларын билэн баран Зоя олус да хомойбута. “Оодьэ, дьиэбэр таҕыстахпына бу аанньалларым курдук ким да миигин таптыа, сөбүлүө суоҕа дьии”- диирэ. Дьиэтигэр таххарыгар Мааппаыла кэлбитэ. Дьон баарвгар ицэтэ сымнаҕас эйэҕэс да этэ. Хааман иһэн Мааппа кыыһын мөҕүттэрэ:“Сымыйаннан дьиэҕэ олорумаарыгын сүүрэ сылдьыбытыҥ ити баар дьи! Бүттэ, аны заалгар барбаккын! “-Диэтэ. Кыыс хомойон хаалбыта. Оттон быраас 3 ый дьарыкка сылдьымаар лиэбитэ, ыараханы көтөҕүмээр диэбитэ.. Кыыс дьиэтигэр кэлэн аһаан сиэн иһитин хомуйда уонна хоһугар киирдэ. Денис Зояҕа киирэн аргыый аҕай сиһин эмирийдэ уонна эттэ:“Иһиҥ хайдаҕый ээ? Көрдөрүүй? " Кыысчаан халаатын өрө көтөхтө уонна көрдөрдө"Бу, син ыалдьар кыратык”- диэтэ. “Чэ кытаат, эмтэнэҥҥин түргэнник үтүөрээр”- диэтэ убайа уонна таххан барда. “Тыый, ити Дениска туох ааттаах миэхэ үчүгэйдик сыһыаннастай? - Диэн толкуйдаата. Денис сааһа номнуо 14-дүн туолбута бу сылга.

Зоя эпэрээсийэтэ сайыҥҥа дылы ооһон эмиэ сүүрэр көтөр буолла. Ийэлээх аҕалара биир ыйга оппускаларыгар барбыттара соҕуруу дойдуга, оҕолору бииргэ үлэлиир дьоҥҥо хаалларбыттара. Зоя дьэлби үөрбүтэ оннук хаалартан. Ол күннэргэ итии да итии сайын буолан оҕолор күн аайв сөтүөлүү барааччылар, Денис табаарыстарын кытта, онтон Зоя соҕотох сылдьааччы. Биирдэ Денис Зояны дьиэҕэ барыахха наада, дьиэ быылын сото уонна таҥас сууйа диэн дьиэлэригэр кэлбиттэрэ. Денис дьиэҕэ тиийэн баран балтытыттан ыйытта:“Зоя, эн баанньыкка сылдьаҕын баттаа? Онно мин бииргэ үөрэнэр кыргыттарбын көрөөччүгүн да? " Зоя нпһаа соһуйда итинник ыйытыыттан:“Көрөөччүбүн, ону тоҕо ыйыттын? " Дениска:” Кинилэр түөстэрэ төһө улаханый? Сыччыыйдара түүлээх дуо? “-Диэн хардаран ыйытта. Кыыс уп улахан харахтарынан убайын диэки көрө түстэ уонна туох диэн эппиэттиирин санаата. Арай убайа:“Эн эмиэ кыыскын дьии! Сыгынньахтан! “- Диэн хаһытаата. Кыыс соһуйан аан диэки сүүрдэ. Денис эмискэ рстуолга сыппыт саха быһаҕын харбаан ылан балтытын эккирэттэ. Зоя ааны анньыалаабыта да аана аһыллыбата. Кыыс кутталыттан дьэлби хаһыытаата. Денис сүүрэн кэлэн баран баттаҕар түстэ. Зояны баттаҕыттан тардан сиргэ түһэрдэ уонна соһон барда. Кыыс дьэлби хаһыытаата, ыарыытыттан хараҕын уута таҕыста. “Убаай! Убаай! Баһаалыста бүт, айыккаа! “-Диэн көрдөстө кыысчаан. “Төһө баҕар хаһыытаа! Син биир да киһи истибэт! “-Диэн баран кыыһы диваҥҥа бырахта. “Сыгынньахтан! " “Суох! “Диэтэ Зоя. Денис кыыс сырайын охсон ыытта уонна моойугар быһаҕынан тирээн үрдүгэр олорон оҕону хаһыытаппытынан таҥаһын тардыалыы тардыалыы сыгынньахтаан барда. Зоя баар суох күүһүнэн куота сатаата да сатаммат бөҕөтө буо, улахан убайа күүстээҕэ сүрдээх этэ. “Баһаалыста, Денис, көрлөһөбүн, миэхэ ыалдьар дьии! “- Дии дии ытаан көрдөһө сатаата. Денис балтын дьэлби куттаан, күүһүлээн барда. “Айыккаа! Абытаай! “- Диирэ кыысчаан. Бу Зоя олус кырачаан оҕо буолан убайа тугу гынарын да билбэт этэ. Денис дьыалатын бүтэрэн баран тура оххон хостон таххан барда. “Айыы айаа! " - Дии дии Зоя бараххан ньэһиилэ сытта, атахтара кини истибэттэрэ да сүрдээх этэ. Өр соҕус буолан баран кыысчаан оронтон туран көрбүтэ атахтара барыта хаан буолбуттар, ону көрөн “Дениис! Мин өлөн эрэбиин! “-Диэн хаһыытаата. Убайа сүүрэн кэллэ уонна"Бар түргэнник! Бааннайга суун! “-Дьиэн Зояны анньан ыытта.

Денис бэрт түргэнник диваҥҥа сыппыт таҥаһы ылан хум хам суулаан баран пакетка укта. Таһырдьа таххан атын ыаллар помояларыгар быраҕан бистэ уонна дьиэҕэ төттөрү киирдэ. Телефонунан били хаалбыт дьоҥҥо звоннаан сэрэттэ:“Мин Зоялыын дьиэбитигэр бүгүн хонуохпут, таҥас сууйа сылдьабыт уонна дьиэбитин сууйабыт, онон сарсыарда утуйан баран тиийиэхпит”- диэн. Онтон ыскааптан дьыбаан сабыытын ылан баран дьыбааны бүрүйдэ. Зоя бааннайга сууна олорон ытаа да ытаа буолла:” Денис акаары быһылаах! Ити тоҕо миигин таһыйда, сыччыйкатынан?! “- Өссө да өйдөөбөтөх төбөтүгэр баар ыйытыылары ыйытта бюйэтиттэн. “Хайа? Суунан бүттүҥ дуо? “-Диэн эмискэччи убайын саүата иһилиннэ. Зоя дьэлби куттанна. " Таҕыс! Аста астаа!

Аччыктаатым мин! “- Диэн хаһыытаата убайа. Зоя суунан тараанан, соттон баран таҥнаары гыммыта да таҥаһа суох эбит. “Убаай! Миэхэ таҥаста биэриэҥ дуо, баһаалыста? “- Диэн көрдөстө кыысчаан. “Таххаҥҥын бэйэҥ ыл ээ! “-Диэн эппиэттээтэ Денис. Зоя сотторго сууланан тахсан баран истэҕинэ Денис сотторун сулбу тарта. Зоя ытаан барда уонна хос диэки сүүрэн барда. Денис күлэн барда уонна хаһыытаата"Таҥна оҕус! " Зоя ньэһиилэ уоскуйан таҥнан таҕыста уонна ас астаан барда. Убайа хоһугар киирэн улаханнык музыка холбоото. Ас буста, остуолу кыыс тарта уонна убайын ыҥырда. Денис остуолга тиийэн олордо, балтын хайҕаата уонна аһаан барда. Зоя саҥата суох эмиэ аһыы олордо. “Зоя, эн наһаа үчүгэйгин, баттаа? “- Диэтэ убайа. Зоя буруйдаммыттыы тугу да саҥарбата. " Кимиэхэ да этимээр дуу, ити хаан кэлбитин уонна мин таһыйбыппын, сөп? “-Диэн баран балтытын кууһан ылла. Зоя ытаан барда уонна эттэ"Мин чыычааҕым, наһаа ыалдьар дьии”. “Сотору ааһыаҕа, ытаама”- дии дии сыллаата төбөтүттэн. Зоя уоскуйан иһитин сууйда, бу күҥҥэ убайа олох балтытыгар көмөлөстө аххай, иһитин сотуста, муостаны харбаата уонна мультик холбоон биэрдэ. “Убайдар бары итинниктэр быһыылаахтар. Улаханнык кыыһырдахтарына инник таһыйаллара буолуо”-диэн олох даҕаны тугу да быһаарбакка саныыра кырачаан кыыс. Кини 10 -нун ааспыт саастааҕа. Билигин санаатахха ити кэмҥэ бу маннык түбэлтэлэри Ким да кэпсээбэт да саҥарбаттар даҕаны этэ. Кыыс Зоя бу күүһүлэнним дии санаабат да этэ. Ол да буоллар бэйэтин буруйданара, убайбын улаханнык кыыһырдаммын итинник гынна диэн саныыра. Аҕыйах хонугунан Мааппалаах Дьөгүөссэ кэлбиттэрэ. Араас кэһии бөҕөтүн аҕалбыттара.

Зоя убайыттан олус куттанар буолан кимиэхэ да тугу да кэпсээбэтэ. Ийэтэ суукканнан үлэлиир буолта. Үлэлиир кэмигэр кыыс утуйарын куттанар этэ. Убайа куруук кэтиир буолта балтытын. Кыыс сороҕор аҕатын хоһугар хонор буолбута. Ити быһыламмытын кэннэ Денис балтын куруук куттаан таххара"Кимиэхэ эмит эттэххинэ быһахтаан биһиэм”- диирэ. Кыыс ол иһин кимиэхэ да саҥарбат этэ. Оҕо араастык үөҕүллэрин, мөҕүллэрин, таһылларын аахайбат да буолбута, саамай куттанара лиэн убайа аны буолта.

Ити курдук күһүн кэллэ. Оҕолор оскуолалара саҕаламмыта. Зоя үөрэнэрин олус сөбүлүүрэ. Кини оскуолаҕа кэллэҕинэ сынньанара, кимтэн да куттаммат этэ. Оҕолор курлук сүүрэн көтөн, дьиэ аймалҕанын умнан биһэрэ. Ийэтэ биирдэ арай таҥаһын өтүүктээри өтүүгүн холбоото. Өтүүктүү туран өтүүгэ сүгүн саҕан итиппэт этэ. “Бу хайаабытый өтүүкпүт? “-Диэн баран өтүүгүн аннытын көрдө. “Хайаа! Бу тугуй! “-Диэн хаһыытаата Мааппа. Денис сүүрэн кэлэн “Туох буолла? “-Диэн ийэтиттэн ыйытта. “Бу ким өтүүгү умаппытый? “-Диэн ыйытта уолуттан. “Мин таҥас өтүүктээбэппин ээ, Зоя өтүктэнэр дии”- диэн эттэ уол. “Ханна баарый ити сирэҕэс! “- Диэн хаһывтаата дьахтар. Зоя хоһуттан тахсан кэллэ. Мааппа итии өтүүгүнэн сүүскэ саайда кыыһы. “Бу тугууй!? “- Дии дии кыыһын сарылаппытынан итии өтүүгүнэн саайталаата. Зоя бараххан илиитинэн төбөтүн сапта сатаабыта. “Ити мин алҕас умнан биспитим араарарбын”- диэтэ ытыы ытыы Зоя. Ити, оскуолаҕа үөрэнэр таҥастарын [школьнай форманы] өтүүктүү сылдьан убайа дьээбилээри, тутан хабан көрөөрү гыммытыгар куотааччы буолан өтүүгүн араарбатах этэ. Өтүүгүн сирэйэ харааран хаалбыт этэ. Сууйа сатаабыта да олох харата барбатаҕа. Кутталыттан өтүүгү оннук хаалларбыта, эппэтэҕэ кимиэхэ даҕаны. Ити курдук буруйдаммыта таххан кэлбитэ. Бу күн Зоя улаханнык таһыллан хоммута. Киэһээ утуйбакка кыыс сыттыгар умса түһэн кыра кыратык ытыыра:“Бэйэм буруйум! “Дэнээхтиирэ. Сарсыарда турбута сүүһүгэр үс муннук уруһуйдаммыт курлук сиэниллибитэ көстө сылдьара. “Аата сүрүн, оҕолор бүгүн эмиэ күлүү гыналлар эбит”-диэн санаарҕаата. Дьэ Зоя сэрэйбитин курлук оҕолоро кылааһыгар киирбитигэр “Зояны эмиэ ийэтэ кырбаабыт, сирэйэ кытарбыт! “- Дии дии анньыалаатылар. “Айыккаа, ыалдьар миэхэ! Тыытыман миигин”-диэн ытаан барда. Кылааска учуутал киирбитигэр оҕолор уоскуйаннар Зояттан тэйдилэр. “Зоя, бардыбыт миигинниин”- диэтэ учуутала уонна аргыый аҕай кууһан тахсан бардылар. Көрүдүөр түгэҕэр тиийэн баран ыйытта"Туох буоллай? Ийэҥ таһыйда дуо? “- Диэн ыйытта оҕоттон. “Ити мин бэйэм буруйбар ээ, ийэм миигин кырбаабат, оонньуу сылдьаммын итии өтүүккэ охтубутум”- диэтэ Зоя.

Айыы Куо
21 июня
Йцукенг, бырастыы гыныҥ, ол да буоллар ити оҕо дьиҥэ баар дьыалата. Инник ыарахан дьылҕалаах оҕону көрсүбэтэх буоллаҕын дьии. Итинник улааппытын оҕолоро да, эрэ да

билээхтээбэттэр ээ. Санаа киирэн суруйан бардым бу дьылҕаны.

Мвма
23 июня
Айыы Куо, кырдьык дуо. Иэдээн олох эбит. Танара накаастыа оҕону атаҕастаабыттарын

Тетя 40лет
22 июня
Бу фантазия дуу или дьиҥ олох? Дьиҥнээх олох буоллаҕына наһаа да жестокай дьоннор баар буолаллар эбит ди. Оҕону сөбүлээбэт эрээри тоҕо иитэ ылалларый? Маннык дьону того Айыы Таҥара накаастаабатый?

Бу үөрэҕин күнэ Зояҕа үчүгэйдик ааспыта. Учуутал оҕолору кытта кэпсэтэн өйдөтө сатаабыта, Зояны атаҕастаабаттарыгар. Кыыс учууталын олус сөбүлүүрэ. Биирдэ эмит кини Мааппаҕа звоннаан көҥүллэтэн оскуолатыттан дьиэтигэр илдьээччи. Зоя үчүгэй буочардааҕыттан уонна үчүгэйдик уруһуйдууруттан редколлегияҕа киллэрбитэ. Учуутал дьиэтигэр кэлэн бодоччу пуруукта сиэччи, минньигэс амсайара. Зоя дьиэтигэр минньигэс ас убайыгар эрэ тиксээччи, киниэхэ ийэтэ биэрбэт этэ, иһиҥ ыалдьыа, эккэр эминэхтэр таххыахтара диэн биэрбэттэр этэ. Кыыс убайын пуруукта сиирин көрөн ымсыырар аххай этэ. Хата Денис миини олох испэт этэ. Миин ордубутун Зояҕа сиэтэрэ Мааппа. Ол иһин сарсыарда аайыы биирдии курууска миин сиирэ. Куруускабыт да курууска-1литрдаах курууска этэ. “Сиэн ис миини! Уонна оскуолаҕа аһаабаккын, сымыйаннан аһаппаттар диэбит курдук сылдьыаҥ суоҕа остолобуойдарыгар! “- Диирэ ийэтэ. Кырдьык, уруок кэннэ чуораан тыаһаатаҕына оҕолор остолобуога сүүрэллэрэ аһыы. Онно араас ас баара, компуот, булочка араас минньгэстээх, бэчиэнньэлэр уонна атын астар. Зоя сымыйаннан киирэн көрөн эрэ барара. Биирдэ дьиэтигэр олордоҕуна аҕата үлэтиттэн кэлэн ыйытта"Зоя, мин сиэппиттэн харчы сүппүт, эн ылбатаҕын дуо? “. “Суох”-диэн эппиэттээтэ кыыс. Хойут киэһээ Денис оонньоон кэлбитигэр киниттэн эмиэ ыйытта, ону эмиэ суох диэбитэ. Ийэлэрэ ону истэн Зояны ыҥырда"Эн уордуҥ ини! Ханна гынныҥ аҕаҥ харчытын? “- Диэн ыйытта. “Мин ылбатаҕым! “-Диэтэ кыыс. Ол кэмҥэ Денис хоһугар уруок оҥосто олороро быһылааҕа. “Дениска! Кэлиий сыллый, миэхэ! ‘- Диэтэ ийэтэ. Денис кэлбитигэр ийэтэ “Эн харчыны ылбатаҕын буотта? “-Диэн уол төбөтүн эмирийдэ. Уол “суох ээ”- диэтэ. “Көрдүҥ даа! “-Диэн баран Мааппа кыыс баттаҕар түстэ. Курунан этин сиинин оххон барда. “Ханна гынныҥ харчыны! Тоҕо уордуҥ! Туохха наадыйаҥҥын! “- Дии дии сырбаталаата. “Мин ылбатаҕым! Кырдьык этэбин! “- Лии дии ытыы ытыы кыысчаан хаһыытыы сатаата. Эмискэ убайа кэлэн харчыны уунна ийэтигэр уонна эттэ"Ити Зоя учебнигыттан булан ыллым”-диэтэ. Оо, Зоя бараххан абарда, убайын лиэки куһаҕан хараҕынан көрдө. “Хайдаах! Мин харчыны ылбатаҕым! Хантан ол кинигэҕэ киирбитэй! “- Диэн саныы түстэ кыыс. “Мин ылбатаҕым ээ! “-Диэтэ ийэтин диэки көрөн. “Сымыйаччы! Уоруйах! “-Дии дии Мааппа иирбит курдук кыыһы үнтү охсуолаан барда. “Киэр бар, уоруйах! “-Диэтэ сылайан Мааппа. Зоя муостаҕа сытан ньэһиилэ туран аргыый аҕай хоһугар киирдэ.

Хоһугар киирэн Зоя сыттыгын кууһан ытаан барда, “Ити мин ылбатаҕым! Хантан ол кинигэбэр баар буолтуй, харчы? “-Диэн толкуйга түстэ. Этэ сиинэ аһыйан ыалдьара. “Мин уоруйах буолбатахпын ээ! Тоҕо барыта мин эрэ буруйданабыный? Мин кыыстаннахпына олох биир да тарбахпынан тыытыам суоҕа, таһыйыам суоҕа, айыкка, бу сиргэ олорор кусаҕан даҕаны! “-Диэн саныы сытара кыысчаан. Зоя сөбүлүүр кинигэтин ылан ааҕан барда, одеялатын анныгар, кырачаан фонарик уматынан баран. Бу кинигэтэ “Дети-герои” диэн ааттааҕа. Онно Зоя Космодемьянская туһунан сөбүлээн ааҕара. “Мин, бу Зоя курдук тулуурдаахтык өлүөм, өлөрөр буоллахтарына”-диирэ. Зоя улаатан эрэр кыыс буолан этэ сиинэ чочуллан эрэрэ, биир эрэ кинини хомоторо - кырачаан уҥуоҕуттан. Саатар арыый да уһуурум буоллар диэхтиирэ. Зоя сырдык үрүҥ эттээҕэ, онтуката хайа да сайын, төһө да күн көрдөҕүнэ кыратык да хараарбат этэ. Биир үчүгэйдээҕэ, маннык таһыллан, этэ сиинэ көҕөрдөҕүнэ начаастык бэйэтэ ооһор этэ. Эрдэ этиллибитин курдук, Зоя олус түргэнник кыыһырбытын аһарынара. Бу да түбэлтэтин аһарынан дьонугар кусаҕан санаата суоҕа.

Зоя, кыһын биирдэ дьиэтигэр уруогун оҥоро олордоҕуна, ким эрэ түннүгүн аннынан хапмар курдук истэн, куттанан убайыгар сүүрэн кэлэн:“Денис! Ким эрэ хаамар дьии, түннүгүм анныгар! “-Диэтэ. Убайа кыыс хоһугар киирэн түннүгү өүөйөн көрдө. Түннүк кэннитэ ыас хараҥата эрэ көстөрө уонна туох да тыаһа иһиллибэтэҕэ. “Тугуй? Акаары буолан эрэҕин да? “-Диэн баран кыыһы төбөҕө саайда. “Айыкка! “-Диэн эрэ этэн хаалла кыыс. “Кырдьык истибитим, хаар хачыгырыыр этэ, ким эрэ хаамарын курдук”- лиэтэ Зоч. “Аны уоруйах буола сатааҥҥын аны албынныырга үөрэммиккин ду? “- Диэн кыыһырда Денис. Уонна хоһугар баран хаалла. Зоя, хаалан баран, хайдах эрэ кинини ким эрэ көрөр курдук түннүк нөҥүө. Этэ тарта. “Ити тоҕо инник миэхэ иһиллибитий? Ким эрэ көрөргө дылы хараҥаттан дьии”- диэн иһигэр саҥарда. “Баҕар таҥара көрөрө буолуо ду? Эбэтэр миигин өлөр тыыным кэлэн кэтиирэ ду? “-Диэн араас санаа киирэрэ Зоя төбөтүгэр. Аргыый аҕай олоппоһугар олорон түннүгүн диэки одуулуу олордо даҕаны, туох да иһиллибэт буолта. Денис “Мин " табаарыспар хоно бардым”- диэн баран таххан барар тыаһа иһилиннэ. “Зоя! “-Диэн эмискэ аҕатын саҥатын иһиттэ. Кыыс аҕатын хоһугар тиийдэ, аҕата ороҥҥо сытара, утуйаары. “Сыллыый! Көхсүбүн охсуолааҥҥын массаастаа эрэ”- диэтэ Дьөгүөссэ. Бу киэһээ Мааппа түүүҥҥү үлэтигэр этэ.

мама
27 июня
Зояны аһынан харагым уута тустэ, агыйах моменна мин ого сааспар майгыннаан ылан уйулгам хамсаата

Саргы
27 июня
ого барахсаны аһынан, дууһам бары ыарыйда! Мааттыахпын багардым! Дальше кыайан аагар да кыах суох буолан иһэр, саатар сиэннэрим дэриэбинэгэ сылдьаллар, араас санаа бары киирэр!

мама
27 июня
бу дьин олохтон дуу, выдуманнай дуо

Зоя аҕатыгар массааж оҥорон барда. “Күүскэ кымаахтаа, оххуолаа”- диэн көрдөстө Дьөгүөссэ. Оҕо баар суох күүһүн ууран оххуолаата, кымаахтаан барда. “Аҕаа, мин сылайдым “- диэн эттэ аҕатыгар. “Ээ, мин оҕом илиитэ сылайдаҕа дьии”-дии дии ороҥҥо олорунан бистэ. “Тоҥ балык сиибит да? “-Диэн кыыһын диэки көрөн ыйытта. Зоя тоҥ балык сиирин наһаа сөбүлүүрэ, Мааппа сиэппэт этэ, оҕо күөмэйэ ыалдьыа диэн. “Ураа! Сиэххэриий”- диэн көрдөстө кыыс аҕатыттан уонна кухняҕа сүүрэн барда. Дьөгүөссэ морозилкатыттан дьарҕаалары таһаарталаата. Зоя туус бэлэмнээтэ, килиэп быста, остуолун тарта аһаары. Аҕата балыгы ыраастаан бысталаата. Дуоһуйан аһаатылар, аҕата кыра чааккыга буоккачаан куттан хантатан бистэ. “Зоя, ийэҕэр этимээр луу? “-Диэтэ онтон аҕата. “Оннук буоллаҕа дьии”-дии дии күллэ кыысчаан. Зоя чэйдээн бүтэн остулун хомуйда, иһити сууйан бистэ бэрт түргэнник уонна хоһугар утуйардыы баран сытынан бистэ. Дьөгүөссэ оһоҕун иннинэ табаахтаан бүтэн хоһугар барда. Зоя утуйа сытан бэрт дьикти түүлү көрө сытара: хараҥа хоско олорор эбит, ону ким эрэ кинини уоскутара уонна эмирийэр этэ. Кыыс эмискэ хараҕын аспыта Дьөгүөссэ үрдүнэн турара уонна кыыһын юмирийэн томуруйа турар эбит. “Аҕаа! Хайдах буоллуҥ? “- Диэн ыйытта оҕо. “Сыллыый! Уоскуй, көннөрү сыт, мин эниигин наһаа күүскэ таптыыбын”-диэн баран кыыһы уоһуттан күүскэ да күүскэ сыллаата. Зоя кыайан салгынын ылбакка илиитинэн атаҕынан такыаланна. Аҕата күүстээх, улахан киһи буолан кыайтарбата. “Аҕаа! Баһаалыстааа! Тыытыма миигин! “- Диэн ытыы ытыы көрдөстө Зоя. “Ийэҕэ үҥсүөм! “-Диэн хаһыытаата кыыс, аҕата иһиттэҕинэ тохтуо дии санаан. Дьөгүөссэ:“Бүт, бүт, хаһыытаама, барыта үчүгэй буолуо, ыалльыа суоҕа"дии дии кыыс турууһугун устан барда. “Тохтоо! Тохтоо! “-Диэн баран, хантан күүс кэлэн, Зоя аҕатын сырайын кыракый тыҥырахтарынан сарааппайдаата, атаҕынан күүскэ тэбиэлэннэ уонна ынырык күүскэ сарылаата :” Өлөрүөм! Тыытымаа! " Дьөгүөссэ итинник быһыыттан дуу, сирэйэ аһыйбытыттан дуу кыыһы ыытан бистэ уонна оронуттан муостаҕа сууллан түстэ. “Б…. Т дьахтара сымыйаннан көмүскэнэ сырыт! Син биир миэнэ буолуоҥ!! “-Диэн хаһыытаата аҕата. Кыыс кутталыттан бу түүн утуйбата.

мама
27 июня
эрэй да баи эбит, наһаа да дьаабы дьоннор
Но мин итэгэйэбин инник случай элбэх, онноогор тороппут кыыстарын кууһулууллэр, ол баар суол

мама
27 июня
спасибо Айыы Куо, уот харахха суруйагын

Түүн олус да уһун эбит ээ, кэтэстэххэ”- саныыра Зоя. Кини толкуйдуурунан ийэтэ төһө да Зояны абааһы көрдөр, аҕатын быһыытын бойуохтааҕа. Аҕам испит буолан инник дьаабыламмыта эбитэ дуу? Убай да куттуура миэхэ сөп гынар, бу икки сылы быһа кутталбыттан кимиэхэ да тыллаабакка сылдьабын! Онтон аҕам буоллаҕына төбөтүнэн буккуллан эрэрэ буолуо дуо бу? - Дьэ ити курдук уонна да араас ыйытыктар таххан биэрэллэрэ. Сарсыарда буолбутугар, Дьөгүөссэ туран чэй куттара иһилиннэ. Кыыс кутталыттан оронун анныгар саһан хаалла, хата аҕата киирэн өҥөйбөтө. Ол саһа сытан Зоя утуйан хаалла. Ийэтэ үлэтиттэн кэлэн эбиэтин буһара сырытта.

аллен_а
29 июня
наһаа ынырык дьиикэй дии (((((

Сааскылаана
30 июня
ужас, саатар уһуон бары атазастаатахтарай, эчи ынырыгын. Нет слов…

Зоя орон аннытыгар уһуктан кэллэ. Дьиэ иһин иһиллээн сыта түһэн аргыыйдык таҕыста. Кухняҕа ийэтэ ас астыы сылдьарын истэн сүүрэн таҕыста. “Ийээ! Ийээ! “- Дии дии кууһа түстэ уонна ытаан барда аҕатын санаан. “Хайа, бу туох буоллуҥ! “- Диэтэ ийэтэ уонна Зояны илиититтэн ылан"Ыл! Уоскуй! Туох буолаҥҥын ытаатын эмискэччи? “- Диэн ыйытта. Зоя ийэтин иннитигэр олоппоско олорунна, ньэһиилэ күүс ылынан кэпсээн барла:“Аҕам миигин түүн
кэлэн үрдүбэр ытта сатаабыта уонна уоспуттан күүскэ сыллаан ылбыта. " Мааппа мах баран олордо дөйбүт курдук. “Кырдьык этэҕин да? Мин олох итэҕэйбэппин! “- Диэн сарылаата. “Эн бэйэҥ санаатыҥ ини! Эн дьахтаргын буоллаҕа дьии! Бэйэҥ баҕараҥҥын оннук гыннаҕа дьии! “- Диэтэ кыыһыгар. “Баҕайы! Өссө аҕатын сымыйаннан эттэҕэ үһү! “- Диэн баран остуолга сыппыт быһаҕынан кыыһын садьайда. Зоя сирэйин илиитинэн саптан, быһаҕа тоҥолоҕун үрдүтүнэн сотон саайда. Илиитэ “Аһыс! “- Гына түстэ. Зоя тулуйда,, хаһыытаабата уонна эттэ"Мин кини сырайын хайа таппытым! Ол иһин миигин тыыппатаҕа! " Оннук диэн баран кыыс ойон туран таһырдьа ойон таҕыста. “Өльбүт киһии! Тоҕо барыта мин үрдүбүнэн буоларый? Ити миигин таҥара атаҕастатар дуо? Тоҕо? Туох куһаҕаны мин бу сиргэ оҥордохпунуй? Тоҕо миигин бу дьон ииттэ ылбыттарай? “- Дии дии, ытыы ытыы кыыс суол устун ойуур дьиэки буут быстарынан сүүрэ турда. Мааппа кыйаханан кэнниттэн таһырльа тахсан баран көрбүтэ, кыыһын суола да суох этэ. “Баҕайы! Өссө кэлиэҥ ээ манна! “- Диэн хаһыытаата Мааппа. “Саатар тоҥон да өлбөт ити дьахтар”- дии санаата иһигэр уонна дьиэҕэ киирэ турда. Хойукку күһүҥҥү кэм этэ, оттон Зоя бараххан таапочкалаах, ырбаахылаах уонна биир хос ыстаанынан таххан сүүрэн хаалла.

Дьөгүөссэ гарааһыттан таххан дьиэҕэ киирдэ, “Бу туох айдаана буоллай? “- Диэн Мааппатыттан ыраас хараҕынан көрөн ыйытта. Мааппа кэргэнин сирэйин көрөн баран ыйытта:“Ити туох буолла сырайыҥ? Хайа дьахтар сарааппайдаатай? " “Эс, хайдах буоллаххыный! Мотоциклбар сарааппайданным, өрөмүөннүү сылдьан бэҕэһээ киэһэ эн суоххар”- дии дии Мааппатын кууһан сыллаан ылла иэдэһиттэн. Мааппа ону кэпсээтэ:“Оттон кыыһыҥ эн күүһүлүү сатаабыккар сирэйин хайа таттым диэтэ ди? “- Диэн баран эрмн диэки кыыһырбыт хараҕынан көрө түстэ. “Ооо! Ол тоҕо сүрэй! Иннэ диэбэтэ ини ити кыыс? “- Диэтэ Дьөгүөссэ. Уонна кыыһын ыҥырла:“Зояаа! Кэл эрэ миэхэ! " Маппа:“Суох кини! Таһырдьа сүүрбүтэ “-диэтэ. “Ээ, киирдэҕинэ ыйытыахрыт эрэ”-диэн баран Дьөгүөссэ хос диэки ааһан барда.
Зоя сүүрэн сэниэтэ эстэн аргыый аҕай хаама турда ойуур диэки. “Ыччуу ычча, тымныытын таһырдьа” Ойуурга киирэн хатыҥ маһы көрөн баран, маһы кууһан дьэлби ытаата кыысчаан:“Ити тоҕо миигин бу дьон абааһы көрөрүй? Хатыҥчааным барахсан, абыраа, өрөһүй, бу куһаҕан дьылҕабын тохтотууй! Мин бу сиргэ олоруохпун баҕарбаппын! Өлөр ыйаахпын чугаһат! “”- Дии дии көрдөстө хатыҥчаантан. Өр соҕус бириэмэ ааста да туох да эппиэти истибэтэ лаҕаны, булбата даҕаны. “Сөп чэ! Мин маннык дьылҕалаахпын эбит! Эн да миэхэ көмөлөһөр кыаҕын суох дьэ! Хайдах буолуохпунуй, бу кусаҕан абааһы дьоҥҥо төннөр эрэ буоллаҕым дьии! Мин барытын тулуйуоҕум! Өлөр күннээх буоллахпына өлүөҕүм! Мин Зоя диэммин! Мин тулуурдаахпын! “- Дии дии хатыҥтан тэйэн баран төттөрү аргыый аҕай хааман барда.

Көмүс
1 июля
Туох ааттаах атагастабылай да бу!

Дьиэтин диэки хааман иһэн Зоя тоҥон титирэстээн таһын одуулуура “Биир эмит дьиэ көстүбэт эбит. Кыратык саатар ханна эрэ киирэн иттибит киһии”-дии саныыра.
Оттон ол кэмҥэ дьиэтинэр Денис кэллэ. Ийэтэ оҕотун көрсөн, сыллаан, төбөтүттэн эмирийэн “Аччыктаатыҥ дуо? Миин иһэҕин да? " Диэн ыйыталаста уолтан. “Оольээ! Миин даа? Сиэхпин баҕарбаппын! Сымыытта буһар! “-Диэтэ Денис. “Иии, оҕом сымыыт сиэри гыммыт дьии”-дии дии Мааппа бэрт түргэнник уолга сымыытын буһаран хоһугар илдьэ биэрдэ. “Зоя баҕайы, аҕаҕын күүһүлүү сыста диэн үҥүстэ. Эн тугу да истибэтэҕиҥ дуо? “-Ыйытта уолуттан Мааппа. “Эс! Ол Зоя хайдах буолтуй! Мин итэҕэйбэппин! Сымыйаннан эппитэ буолуо. Мин табаарыстарбар бартым бэҕэһээ киэһээ, онон тугу да билбэппин”-диэтэ Денис. Мааппа хостон таххыбытыгар, Денис сутуругун туттан “Ити кыыс баҕайы аны миигин үҥсэрэ буолуо, таһыйа түһүөххэ наада эбит”-диэн саныы түстэ. “Умнубут быһылаах мин кэһэппиппин! "

Зоя такыччы тоҥон аргыый аҕай хааман иһэн суолун одуулуура, “Биир эмит дьиэ да көстүбэт, ыччуу ычча! " Ол хааман иһэн көрдөҕүнэ арыый ыраах да буоллар сарай турар эбит. Күүс ылынан баран сүүрдэ. Сарайга тиийбитэ маһынан баттатыллыбыт аана. Аргыый аҕайдык сарай аанын аһан баран өҥөйөн көрдө. “Манна кыратык иттэ түһүөм онтон дьиэбэр сүүрүөм’- дии санаата кыыс. Сиргэ хараҥа өҥнөөх баата суулана сытарын көрөн Зоя үөрдэ:“Аата үчүгэйин! Хатыҥчааным барахсан сууланан иттэ түс диир быһылаах”-диэн санаата. Ол хараҥа баатата стекловата этэ. Ону оҕо билбэт этэ. Баатаны көннөрөн ортотугар олордо уонна бүрүнэн бистэ. “Наһаа хатыылаах баата эбит, кирдээх быһылаах. Чэ, буоллун! Тулуйаммын иттиэм онтон салгыы сүүрүөм”-дии саныы саныы утуйан хаалоа. Ол утуйан олорон түүл көрөрө:“Ийэтэ, аҕата уонна убайа төгүрүйэ тураннар Зоя этин хаанын иҥнэннэн кэйиэлээ да кэйиэлээ буолаллар”-эбит. “Айыккаа! Ыалдьар льии! “-Диэн хаһыытаабытынан уһуктан кэллэ. Кырдьык даҕаны, кыыс этэ хаана барыта аһыан ыаодьар эбит уонна эбиитин дьэоби кыһыйар эбит. Баатаны арынан туран кэлоэ, таҥаһа барыта кылабачыйарга дылы курдуга. “Айыкка! Бу миигин кырдтык дьонум кэлэн иҥнэлээбиттэр ду? “-Диэн сөҕөн аххай, тарбана тарбана таҥаһын илиитинэн тэбээтэ. Таһырдьа хараҥарбыт, тыалырбыт этэ. Зоя таххан баран ааны төттөрү баттатта уонна суол устун сүүрэн барда. Сотору кэминэн уоттар кылабачыйбыттар, кыыс үөрэн өссө эбии ыксаан сүүрдэ. Тиэргэнигэр тиийэн тохтоон салгынын эҕирийэн, уоскуйан дьиэтигэр хаамта. Ааны тарлан көрбүтэ аана аһыллан биэрдэ. “Дьонум миигин кэтэһэлоэр эбит дьии, ааны аһаҕас хаалларбыттар! “-Диэн үөрдэ аххай. Дьиэтигэр аргыый аҕай киирэн кэллэ уонна аан таһыгар турда. Хостон убайа таххан кэллэ уонна эттэ"Зоя кэллэ! " Мааппа кухняттан тахсан хаһыытаан барда:“Бу б… Хантан иличиискэлээн кэллин!? Эбэтэр ханнык эр киһиэхэ хоонньоһон кэллиҥ ду? " Зоя"Суох! Мин ханна да хоонньоспотум ээ”- диэтэ. “Оччоҕуна! Бачча хойукка дылы ханна сырыттыҥ? " “Ойуурга”-диэн эппиэтээтэ кыыс. “Бу таҥаһын туох буолла! “- Дии дии кыыһы сахсыйан барда. Дьөгүөссэ таһырдьаттан юмискэ киирэн кэллэ. “Хайа? Зоябыт кэлбит эбиккин дьии, мин буоллаҕына эниигин көрдүү сырыттым дьии”- диэтэ аҕата. Зоя аҕатын диэки көрбөтө даҕаны.

SNP
1 июля
Айуу ыарахан кэпсээн, вымышленнай эрэ буоллун, киһи киһиэхэ баҕарбат олоҕо

“Оҕобут дьэлби тоҥмут дьии, ыл хоскор бараҥҥын таҥаскын уларытын”-диэтэ аҕата. Мааппа “Эн тоҕо кыыскын кытта ааттаһа сылдьаҕыный? Эниигин албыннаан саҥара сылдьар буотта! “-Диэн кыыһыран эттэ. “Чэ, бүт, ити оҕо ситэ тапталбытын биэрбэппититтэн араастык саҥарар буоллаҕа дьии. Эн саатар күн аайы мөх да мөх буолаҕын дьии”- диэтэ аҕата. “Зоя, тоойуом! Аччыктаабытыҥ буолуо дьии, кэлэн аһыы оҕус”-диэн кыыһын ыҥырда. “Эн кыыска аһын бэлэмнээ! Туруоҥ да! “-Диэн мөҕүтүннэ Дьөгүөссэ. “Акаары да киһигин! Сотору ити дьахтар истээх кэллэҕинэ бэйэҥ саатыаҥ! “-Диэтэ Мааппа кухняҕа баран иһэн. Дьөгүөссэ кыыс хоһугар тиийэн аанын тоҥсуйда"Сыллыый! Тукаам! Кэлэн аһаа”-диэн көрдөһөрдүү саҥарда. “Зоя хоһугар киирэн баран таҥаһын уларыттан баран ытыы олороро. Аҕатын истэн баран сырайын, хараҕын соттон баран аанын аста:“Суунан баран тиийиэм”-диэтэ. Дьөгүөссэ эмискэ ааны аһан баран кыыс хоһугар киирэн баран ааны сабан бистэ. “Зоя, күнүм, кытаат ити түүн киирэммин эниигин холуочук буоламмын дьээбилээбитим ээ. Кытаат, миэхэ кыыһырыма дуу? Аны инник куттуом суоҕа, ийэҕэр түһээбитим эбит диэр”- диэн эттэ аҕата. Зоя саҥата суох турда. Дьөгүөссэ кыыһы сүүһүттэн сыллаан ылла. Зоя хоһуттан таххан сууна барда. “Хайа! Бу ханна дьөлө түстүҥ, хотуой! “-Диэн кухняттан хаһыы иһилиннэ Маапа саҥата. Зоя биир да тылы саҥарбакка остуолга кэлэн олордо. “Хайа, тоҕо тугу да саҥарбаккын? Бу аҕаҥ истэн олордоҕуна дьэ кэпсээ, миэхэ кэпсээбиккин” -диэтэ ийэтэ. “Түүлбэр көрбүппүн кэпсээбитим, аҕабын мөхтөрөөрүбүн”-диэтэ кыыс аргыый аҕай.

Мааппа соһуйбут хараҕынан көрөн олордо уонна эттэ:“Дьэ хотуой, инник сымыйалыыр буоллаххына аны эниэхэ туохха да итэҕэйиллиһэт эбиппит. Көр да маны! Өссө буола буола, аҕатын сымыаннан кэпсээбит! " Ону Денис иһигэр үөрэ санаата:“Хата аны итэҕэйбэппит диэтэ ээ. Мин аны күнүм үүммүт эбит” Зоя аргыый аһаан баран саҥата суох иһитин хомуйда уонна хоһугар барда. “Ыыый! Хайдах аны олоробунуй манна? “- Диэн сыттыгар түһэн ытаан барда. Ити курдук Зояҕа ийэтэ итэҕэйбэт буолта, төһө да туйгуннук үөрэммитин иһин, дьиэни уоту хомуйдар да куруук үөҕэн, мөҕөн таххара. Кыыс кэлин наадыйбат буолта Мааппа саҥардаҕына, саҥата суох тылын истэн биһэрэ, кырбаннаҕына ытаабат да буолта. Оннук Зоя улаатан номнуо 13 сааһын туолта. Денис оскуолатын бүтэрэрэ биир эрэ сыла хаалта. Ийэтэ аҕата суох кэмнэргэ балтытын күүһүнэн ылан уоскунара, Зоя отой симиктэнэн, күлбэт үөрбэт буолбута. Убайа"Өлөрүөм, дьоҥҥо кэпсээтэххинэ! “-Диэн куттаан илдьэ сылдьара балтын. Арай биир киэһээ Зоя иһэ ыалдьан отой аһаабакка ньэһиилэ сылдьара. Ийэтигэр этиэҕин син биир итэҕэйиэ суоҕа диирэ. Түүнү быһа иһин түгэҕэ ыалдьан утуйбата. Сарсыарда кимиэхэ да эппэккэ балыаһаҕа барбыта. Оҕо бырааһа нуучча дьахтара этэ, Зояны кыратыттан билэрэ. “Что случилось, Зоя? “-Диэн ыйытта кыыс аргыый аҕай киирбитигэр.

“Живот болит”-диэн эппиэттээтэ Зоя. “Как болит? Когда начал болеть живот? А голова не болит? “-Диэн элбэх ыйытыылары биэртэлээн барда быраас уонна тэтэрээккэ суруйа олордо. “Вчера начало болеть, голова немножко болит”-диэн доппуруоска олорордуу хоруйдаата. “А месячные когда были? “- Диэн эмискэ көрөөт ыйытта быраас. “Давно”- ньэһиилэ саҥарда кыыс. “Таак! Зоя, у тебя есть друг? Парень? Ты с кем нибудь дружишь? Из мальчиков? “- Дии дии ыйытта быраас. Зоя төбөтүн саннытыгар киллэрэ сыһан дьэлби куттанна"Нету у меня друзей” диэтэ аргыый аҕайдык уонна хараҕын уута таммалаан барда.

“А мама знает? Ты ей говорила что у тебя месячных нету? И сколько дней у тебя их нет? “- Ыйытта быраас. “Не знает. Незнаю сколько дней”- диэтэ Зоя. “Ты тут посиди, я сейчас вернусь, а ты жди меня, хорошо Зоя? " Кыыс куттанна ааххай, муостаҕа тобуктуу түстэ уонна ытыы ытыы быраас халаатыттан тутан көрдөстө"Пожалуйста! Прошу не говорите только маме что я здесь! " “Зоя, я маме не буду звонить и говорить ей, не бойся”- диэн уоскутта быраас уонна таххан барда.

Көмүс
3 июля
Эрэй да баита… Малаховка илдьиэххэ наада… Туох тиийиммэт дьоной да бу! Сүөһүлэр дии!

мама
3 июля
инниктэр бааллар манна инник отчим кууһулээн биир кыыс тороору суорума суолламмыта, ол таах хаалбыта

Кутует
4 июля
Ээс итинник ама баара буолуо дуо? Наһаа ынырык дии. Баар буоллазына ити Денис да маамата азата да просто дьон буотахтар бо

Чочумча буолан кабинекка икки быраас киирдэ. Биирэ саҥа быраас этэ, Зоя кинини көрбөтөҕө хаһан даҕаны. Саҥа бырааспыт дьахтар бырааһа этэ, Зоя Николаевна диэн ааттааҕа. “Зоя, здравствуй! - Диэн үөрбүт хараҕынан көрөөт дорооболосто кини, давай с тобой знакомиться, меня зовут Зоя Николаевна! " Зоя улахан хараҕынан көрдө саҥа бырааһы уонна аргыый аҕай дорооболосто. “Ты меня не бойся, я тебе не сделаю больно, хорошо? “-Диэн уоскутта уонна кыыс төбөтүттэн эмирийдэ. “Пойдем со мной ко мне, поговорим с тобой”- диэн баран кыыһы илиититтэн сиэттэ. Зоя куттана санаата уонна ыйытта"А мамы там моей нету? " “Нету, дорогая. Там никого нету”-диэтэ Зоя Николаевна. Кыыс уоскуйан барыста кинилиин.

Саҥа кабинекка Зоя Николаевна кыыһы киллэрдэ. Быраас кабинета икки хостоох этэ. Биир хоһугар бэрт дьикти тимир кириэһилэҕэ маарыҥныыр үрдүк мал турара. Зоя хайдах эрэ куттана санаата, эмискэ тымныы салгын этин хаарыйбыт курдук буолла. “Не бойся, зайка”- диэтэ Зоя Николаевна кыыска. “Давай с тобой просто поговорим, хорошо? Конфеты хочешь? Угощайся, бери сколько хочешь”- лиэтэ быраас уонна тэриэккэлээх кэмпиэт арааһын уунна. Зоя үөрдэ аххай уонна үс устуука кэмпиэт ылла уонна махтанна. " Сколько тебе лет? В каком классе учишься? Любишь учиться? " Диэн ыйыталаата кыыстан. Зоя арыый уоскуйан кэмпиэт сии олороорон кэпсээн барда:“Я учусь хорошо, на пятерки. Учусь в 7 классе, я очень люблю школу и учиться” Молодец, Зоя! “- Диэн хайҕаата быраас. Кыыс хайҕанан үөрдэ.

Зоя Николаевная Зояны сытыарда кушеткаҕа уонна ырбаахытын өрө тардан баран иһин баттыалыы олорон ыйытта:“Где больно? " Зоя иһин аллараатын ыйда, быраас баттаан аллараа түһэн баттыалаан көрдө. Айыкка” -диэтэ кыыс. “А месячные последние когда были? “-Диэн ыйытта быраас. “Не помню, давно кажется”- диэтэ Зоя. “А с мальчиками ты дружишь? " Диэбитигэр, Зоя куһаҕан хараҕынан көрдө уонна уордайбыттыы :“Нет! " Диэтэ. “А тебя парень или какой нибудь дядя не обижал? Может хотел тебя потрогать здесь? “- Диэтэ быраас уонна туруусугун диэки ыйда. Зоя наһаа куттанна уонна саҥата суох олордо, умса көрөн ытаан барда. “Толко маме не говорите, пожалуйста а то он убъет меня! “-Диэн ытаан барда Зоя. Быраас Зоя Николаевна эмискэччи соһуйда уонна Зоиньканы кууһан баран төбөтүттэн эмирийэ эмирийэ эттэ"Не плачь, золотце, я никому не скажу. Ты расскажи мне, кто тебя обижал? " Зоя күүскэ ытыы ытыы кэпсээн барда:“У него нож, он хотел меня убить и было очень больно и много крови. Он сказал чтобы я никому не говорила! “-Дии дии ытаата оҕо. “Не плачь, маленькая., Бэйэтэ ньэһиилэ хараҕын уутун туттуна туттуна эттэ быраас. - А кто это он? " Диэн аргыый ыйытта Зоя Николаевна. “Денис, мой брат”- диэбититтэн Зоя Николаевна тохтуу түстэ, бэйэтин иһигэр абатыйда. “Неужели мама с папой не знают? “-Диэн ыйытта кини. “Нееет! “-Диэтэ Зоя хаһытаан. “Он же тогда меня убъет! “-Диэтэ оҕо. “Ну все, все, успокойся, крошка. Больше он тебя не тронет”-диэтэ быраас. ! “Зоя, ты посили здесь, а я схожу к Маргарите Петровне” диэтэ Зоя Николаевна. " Пожалуйста, только маме ничего не говори! “-Диэн кыыс көрдөстө. “Нет, нет, мама ничего и никто не узнает”- диэн уоскутта оҕону уонна түргэнн баҕайытык таххан барда. “Бу хайдах буолбут ыалларый? Кыыстарын көрбөтөхтөрүй, харыстаабатахтарай? “- Дьэ инник уонна да арааһы саныы саныы педатр хоһугар киирдэ. “Маргарита Петровна! У нас беда! “-Диэбитинэн киирэн кэллэ. “Что случилось? " Зоя Николаевна саҥата ньэһиилэ таххан оҕо кэпсээбитин эттэ. “О, господи! “-Диэн истэн баран Маргарита сүрэҕин тутунна. “Что будем делать? “- Диэн ыйытта Зоя Николаевна.

Бу кэм сэбиэскэй былаас этэ, оҕуһуонус свллара. Бу кэмнэргэ кыыс оҕо, оскуолаҕа өсөө үөрэнэр оҕо хат буолар күннээх буоллахха улахан ыалга суут саат этэ. Бу Зояны кытта буолбут түбэлтэ ити кэмнэргэ аҕыйаҕа суоҕа, иитэ ылыллыбыт кыргыттар да уолаттар да улахан дьоннтон күүһүлэнэллэрэ даҕаны ыалтан таһыгар дьоҥүо таххыбат этэ. Отой, аҕыйах ыаллар инник быһыылары суут сокуоҥҥа таһаараллара, кыыстарын ду, уолларын ду атын туора киһи тыыппыт, күүһүлээбит буоллаҕына. Онтон бу түбэлтэ итиэйэх оҕолор улахан оҕолоро кыра кыыһы күүһүлээбитин отойун да киһи мэйиитигэр киирбэт түбэлтэ буолла. Мааппалаах Дьөгүөссэ бу бөһүөлэккэ бэрээдэктээх, норуот аатын сүкпүт ыаллар этэ. Үчүгэй дуоһунастаах, дьон итэҕэйэр, чиэһинэй ыалларынан ааҕыллаллара. Кыайан оҕоломмотторун дьон билэр этэ, аһынар да этилэрэ. Оҕолору иитэ ылалларыгар ньэһилиэк дьоно үөрбүттэрэ, хайҕабылга сылдьаллара.

Лена
5 июля
Сатаан дьуһун кубулунар дьоннор бааллар. Дьонно учугэйдик кестеллер. Дьиэлэригэр тираннар. Дальше туох буолбутай? Суруйан ис бпьаалыста.

Татьяна
5 июля
Ыарахан дьвлга эбит, ого барахсан. Итинник дьиикэй дьоннор бааллар

“Я сама поговорю с родителями Зои, а ты никому и ничего не говори, поняла? “- Диэн эттэ Маргарита Петровна Зоя Николаевнаҕа. “Бедный ребенок, что же будет? Она так боиться и брата и мать, если бы моя воля я бы в суд подала на них! “- Кыыһыран этиннэ Зоя Николаевна. “Это не твои проблемы и хватит бормотать. Молчи и все, иди и успокой Зою. " Зоя Николаевна эдэрэ да бэрт этэ, кабинетыгар сүүрэн барда. Кини аргыый аҕай киирбитигэр Зоя бараххан кушеткаҕа сытан утуйан хаалбыт эбит. “Как же тебе не везет в этой жизни, маленькая такая. За что бог тебе такое наказание дало? “- Саҥара саҥара Зоя Николаевна оҕо төбөтүн эмирийдэ уонна аргыый аҕай сүүһүттэн сыллаан ылла.

Маргарита Петровна толкуйдуу олордо"Туох диэммин этэбин, Мааппаҕа? Сүрэ да бэрт дьии, уолуҥ кыыскын күүһүлээн бу дьэ хат буолбут диибин дуо? "

“Уон үстээх оҕо, оскуола оҕото хат буолбут, саатар бииргэ иитиллэ сылдтар убайыттан диэн бу элбэх киһи, биир ыал суох буолуо дьии. Эмиэ даҕаны кыыһы аһынабын, эмиэ да дьонун аһынабын. Айуу айа, хайдах дьэ буолабын? “-Диэн бэрт элбэҕи толкуйдуура Маргарита, төбөтүгэр элбэх ыйытыылар буккулла сылдьаллара. Онтон үрүҥ халаатын устан сиэркилэҕэ көрүнэн, баттаҕын көннөрүнэн Мааппаҕа барардыы сананна. Мааппа уонна Маргарита Петровна эдэр эрдэхтэринэ бу ньэһилиэккэ субу тубуу кэлэн үлэлээбиттэрэ, Мааппа портка, Маргарита фельдшердаабыта. Ол сылдьан билсиспиттэрэ, үчүгэй дьүөгэлиилэр буолтара.

Маргарита таҥаһын уларыһьан, сиэркилэҕэ көрүнэн, баттаҕын көннөстөн, тараанан Мааппаҕа барда:“Эбиэт бириэмэтэ кэлэн эрэринэн Мааппаны дьиэбэр илдьэммин кэпсэтэн көрүөм”-дии саныы саныы ыксаан хаамта. Мааппаҕа кэлэн дорооболосто уонна эттэ:“Марфа Федоровна, пойдемте ко мне на обед” Мааппа: “Оо, привет! Как дела? Как давно я к тебе не ходила! Конечно пойду”- диэн баран хомунан Маргаританы кытта барыста. Маргарита кэргэннээх, икки оҕолоох, педиатр үөрэхтээх, үс хостоох мас диэлээҕэ. Дьиэтигэр кэлэн чаанньыгын холбоон, остуолун бэлэмнээтэ уонна Мааппа утары олорунна. “Ну, рассказывац, как живете? Как дети учаться? " -Диэн ыйыталаһан барда. “Да все у нас хорошо, дети учаться хорошо, Егор работает, с Дениской елюбят ездить на охоту, рыбалку. Денис у нас уже взрослый, хороший помощник отцу. “-Диэн кэпсээн барда Мааппа. “А дочька твоя как? “- Диэн ыйытта Маргарита. " А что она! Учиться тоже, как все дети. Тихая стала очень, не разговорчивая почему то. “- Эппиэтээтэ Мааппа. “А вчера она тебе не говорила, что у неё живот болит или что то еще? “- Диэн ыйытта Маргарита. “А сто, она к тебе приходила, да? Опять врет! Не хочет учиться наверное! Ты ей не верь, она обманывает! “- Диэн уордайда Мааппа. “Успокойся, Марфуша, сегодня я в школе проверяю детей и она сказала что у нее месячных давно не было. " “Каак? Не может быть! Точно врет! “- Диэн хаһыытыы түстэ Мааппа. “Она не врет, она беременна и она сказала что её брат изнасиловал”-диэн кыыһырда Маргарита. “Ты, Марфа поговори с ней, спроси как всё было. Это подсудное дело! Я никому ничего не скажу, но её осмотрела гинеколог наш в больнице. " - Диэн кэпсээтэ Маргарита. “Ты, Марфа не ругай девочку, она и так боиться тебя! " Мааппа саҥата суох олордо, итэҕэйбэккэ.

Мааппа түргэн баҕайытык туран баралдыы сананан турдаҕына, Маргарита эттэ"Подожди, Марфа! Зоя у нас в больнице сейчас, у Зои Николаевны, нашего врача гинеколога. Ты только не кричи на дочь и поговори с ней лаского”-диэтэ. " Мааппа саҥарбата уонна таххан барда. Маргарита түргэнник аанын хатаан баран кэнниттэн ситэн ылан баран тоҥолохтон тутта:“Че так резко бежишь, успокойся! Ты сейчас дочь свою испугаешь”- диэтэ. Балыаһаҕа киирэн баран дьахтар бырааһыгар бардылар. Көрүдүөргэ ыарыһахтар, көрлөрүнээччилэр олороллорун көрөн Мааппа аргыыйдык хаамта. Билэр дьонун кытта дорооболоһо дорооболоһо ааһан кабинекка киирдэ. Кэнниттэн Маргарита киирдэ. Зоя ийэтин көрөн дьэлби куттанна уонна Зоя Николаевна кэннигэр саста. “Не боймя, Зоя”- диэтэ Маргарита. Мааппа кыыһын лиэки илиитин уунан эттэ:“Зоя, тоойуом кэл миэхэ. Мин эниигин кыыһырыам суоҕа”- диэтэ. Зоя аргыый аҕай ийэтин диэки хаамта. “Ну, спасибо вам большое. Мы домой пойдем”-диэн истэҕинэ, Зоя Николаевна тохтотон эттэ:“Марфа Фёдоровна! Мы Вас очень уважаем, но нужно срочно принять меры на счет беременности Вашей дочери”- күүскэ саҥарда быраас. “Да я понимаю, нужно делать аборт! “- Диэтэ Мааппа. - Я дочь подготовлю к аборту и поговорю с ней. " “И прошу вас обеих, не надо никому ничего говорить! Это уже мои личные проблемы и больше не чьи! " Лиэн баран кыыһын кытта таххан бардылар. “Мне жалко девочеу! Как же после аборта она будет рожать? Вряд ли она после будет иметь детей”- диэтэ аргыый аҕайдык Зоя Николаевна. Маргарита ону эттэ"Это уже не наше с тобой дело. Это семейные проблемы, мы ничемне можем помочь им! И больше ничего не гоаори! “-Диэн баран кабинеттан таххан барда. “Да, и еще! Подготовь всеинструменты к аборту, может вечером сегодня или завтра Марфа принесет Зою и мы должны сделать это тихо и молча” - диэн өҥөйөн аргыый аҕай эттэ.

Вася
6 июля
Че за извращенка пишет такое. Ни в какие ворота не лезет. Вообще жесть.

Мааппа саҥата суох кыыһын кытта суол кстун хааман истилэр. Дьиэлэригэр кэлэн баран Мааппа кыыһыгар эттэ:“Кухняҕа тиийэн олор. Билигин мин тиийиэм. " Уонна Денис хоһугар киирдэ. “Денис! Эниигинниин кэпсэтии баар”- диэтэ уолугар. Денис музыка истэ сытар этэ оронугар. “Ол туох буолтуй? " Диэн ийэтэ эппитигэр истэн ыйытта. Мааппа киирэн баран магнитоффону араарда уонна ороҥҥо олорон ыйытта"Ити эн балтыгын тоҕо тыыттыҥ?! Ити кыыс эппитэ дьиҥнээх дуо? " “Ол тугу этэҕин! " Диэн ыйытта уол олорунан баран. “Акаары буолан бүт! Ыйытабын дьии, балтыгын кырдьык күүһүлээтиҥ дуо!? “-Диэн кыыһырда Мааппа. Денис ойон турда уонна сарылаан барда:“Оччоҕуна ытынан биһиэм! Миигин сымыйаннан эппитин аайы итэҕэйэ сылдьаҕын да! " Уонна хостон сүүрэн таҕыста. Дьэ, аҕатын саата ханна сытарын, күлүүһүн иҥин билэр этэ кини. Таххан иһэн Зояны көрдө уонна сутуругун көрдөрдө"Өлөрүөм! " Диэн этэн таһырдьа таххан барда. Зоя кутталыттан саҥата суох туран хаалла. Денис кэнниттэн Мааппа таһырдьа ойдо. Дьөгүөр бу кэмҥэ үлэлии сылдьара, бу баччп айдаан буолбутун отойун да билбэт этэ. Кини саатын, Икки уостаах кыра саа этэ, гарааһыгар тимир ыскаапка хатааччы, күлүүһүн гараас аанын таһыгар ыйыыра. Денис кыыһыран гараас аанын күлүүһүн ыларын отойун умнан бистэ. Мааппа уолун кэнниттэн сүүрэн ситэн тиийэн көхсүтүн оххуолаата:“Бүт! Тохтоо! Ким да билбэт ити дьыаланы! Барытын умнуохпут! Уосеуй! “-Дии дии уолун үрдүгэр түһэн кууһан ылла, “Бырааһы кытта кэпсэтэн ити дьахтары эмтиэхпит, ким да билиэ суоҕа. Мин билэбин, эн буруйуҥ суох, ити кини бэйэтэ баҕаран дьаабыламмыта буолуо”- диэн уоскутта уолун. Денис ытаан барда уонна ийэтин кууһан турдулар, ийэтэ төбөтүттэн эмирийэ эмирийэ турда, уоскута. “Кырдьык ким да билиэ суоҕа дуо! Зоя кэпсиэҕэ дьи оҕолорго эбэтэр атын дьоҥҥо? “- Дии дии бэтиэхтээтэ. “Суох, суох кимиэхэ да саҥарыа суоҕа, мин ону быһаарыам, аҕаҕар этэ эн этимээр! “- Диэтэ Мааппа.

Ааҕааччы
6 июля
Бу кэпсээни или бэйэтин олоҕуттан суруйар или билэр кыыһын олоҕун суруйар, өйтөн хайдах да суруллубат, күүтэбин дальше хайдах буолар

“Мин бүгүн дьиэҕэ хоммоппун, доҕотторбор барыам” диэтэ Денис ийэтигэр. “Сөп, бар, аралдьыйа түс уонна тугу да куһаҕаны санаама. Мин ити дьахтардывн кэпсэтиэм”-диэтэ Мааппа уонна дьиэҕэ киирдэ. Кухняҕа киирэн баран төлөпүөннээтэ:“Марго, привет! Вечером в больницу приведу Зою и нужно срочно убрать живот её”- диэн эттэ. Онтон Зояны көрөн сырайга саайда"Ити эн буруйуҥ барыта! Эн бэйэү сытан биэрбэтэҕиҥ буоллар туох да буолуо суох этэ! " Диэтэ хаһытаан. Зоя иэдэһин туттан баран тулуйда, ытаабата:“Оннук буолуохтаах этэ, кини хайа бааһы миэхэ итэҕэйиэй”- дии санаата. “Ыл бар хоскор уонна онтон быгыма! Көрүөхпүн баҕарбаппын эниигин! “-Диэтэ ийэтэ. Зоя хоһугар сүүрэн хаалла. “Тоҕо өлөрбөтө миигин! Мин олоруохпун баҕарбаппын! Денис өлөрөрүн күүтэр быһылаах”- дии дии сыттыгын кууһан олорон ытаан барда. Мааппа бу киэһэ барыта бүтүөҕэ, уонна ким да тугу да билиэ суоҕа диэн иһигэр саныыра. Дьөгүөссэ үлэтиттэн кэлбитигэр Мааппа аһын бэоэмнээн чэйдээтилэр. “Оттон бу оҕолорбут? “-Диэн ыйытта. Маапа эппиэттээтэ:“Денис табаарыстарыгар барбыта оттон Зоя иһэ ыалдьыбыт, ону билигин Марголуун кэпсэтэммин киниэхэ балыаһаҕа илдьиэхтээхпин, звоннаан сэрэппитим кинини” ‘Ээ, сэп чэ, мин гарааспар таххаммын мотоциклбын оҥостуом”- диэтэ Дьөгүөр, тугу да сэрэйбэккэ. Дьөгүөр таххыбытын кэннэ Мааппа Зоя хоһугар киирэн эттэ:“Таҥын! Бардыбыт балыаһаҕа! " Зоя таҥнан баран ийэтин кытта барыста.

Маргарита уонна Зоя Николаевна гинекологияҕа кэлэннэр инструменнарын уонна оҕо сытар оронун бэлэмнии сырыттылар. Маапалаах оҕо киирдилэр балыаһаҕа уонна көрүдүөргэ турдулар кэтэһэн. Балыаһа иһэ чуумпу этэ, ыарыһахтар баар да буоллахтарына утуйбуттар эбитэ дуу эбэтэр суохтара эбитэ дуу. Зоя Николаевна хостон тахсан Мааппаны көрөн тиийдэ уонна эттэ"Зоя только зайдет, а Вы здесь ждите. Пойдем со мной, Зоинька, не бойся”-диэн баран кыыһы сиэтэн көрүдүөрүнэн хаама турдулар. Мааппа кэтэһэ хаалла. Зоялаах хоско киирдилэр, “Зайка, ты сегодня будешь здесь спать, хорошо? “- Диэн ыйытта Зоя Николаевна кыыстан. “Хорошо”- диэтэ кыыс. Ол кэмҥэ Маргарита киирэн кэллэ. “К нам Зоинька пришла, как хорошо! Мы тебя сегодня посмотрим, хорошо. Ты же большая девочка и послушная? Я тебе укол поставлю, хорошо? И ты тогда поспишь, ладно? " Диэтэ кини. Зоя"Хорошо, я плакать не буду”-диэн эттэ, үөрбүт харахтарынан көрөн быраастарын диэки. “Сперва ты должна лечь на наше большое и интересное кресло”- диэтэ Зоя Николаевна. Зояны сыгынньахтаан баран кириэһилэҕэ сытыардылар, утуйар укол бирбиттэрэ. Оҕо бэрт түргэнник утуйан хаалла ол мытан. Быраастар кыыһы “эмтээн” бардылар. " Плод недельный, не менее четырех, пяти недель”-диэтэ гинеколог ыраастыы туран. Оҕо тугу да билээхтээһэккэ күүскэ утуйа сытта. Үлэлэрин бүтэрэн бараннар быраастар оҕону ылан баран оронугар илдьэн сытыардылар. Маргарита көрүлүөргэ таххан Мааппаҕа тиийдэ:“Марфа, иди домой. Зою мы почистили, она сейчас спит под наркозом, тебе тут нечего делать. Я утром позвоню и сообщу когда можно её забрать, хорошо? "

ааҕаччы
7 июля
Дьаабы уол ди(все бумерангом вернется

Уууууу
7 июля
Баще ынырык дии. Син биир эппиэттиэхтэрэ дии саныыбын. Мин ити ийэтин, аҕатын, убайын кэһэттэриэм этэ. Суут иннигэр эппиэттиэхиэрэ

мама
7 июля
хайдах суут сокуон сох дьоннорой
13 огону дьахтар дии дии
оссо иитэ ыла ыла

Мин
8 июля
Аматын да иһин иэдээн дьылга, ого барахсаны,

мама
8 июля
Оону кзбилззбиттзр дии(((того инник оону сордоон кзбилиигит лучше мехе иитз ду кердере беерин! Ого барахсаан тох да айыыта да сох куһаһагана да сох!!! Мин бзм оголорум курдук керуем ити Зояны)бзм 4оголоо дьахтарбн. Дьахтарбн дебзьпн те кыыспн!!! Здзркззн курдук кестебун! Школа оотун курдук)

маи
8 июля
Мин ити Зоя кыыс мааматын жооско кырбыам зтз ону кта уолун денискатын улту сынньыам зтз! Кыччыы2 буччукулаах зз! Интитин бьа кырыян кзьем зтз кыччыы2!!! Оону иитз2 кинилзр сордуур киһилзрин булбуттар ди(тохааттаах ого барахсаанын зрзйдззбиттзрий(мин Зоя курдук киһини бззбзр ылыам зтз(аата страшнайын маннык олоххо олорох дизн!!!!!

Түүнү быһа оҕо оронун таһыгар Зоя Николаевна олордо, кэтээн. Кыра да буоллар наркоз биэрбитэ, оҕону улаханнык траммаламматын диэн. “Бу айыылаах кэннэ, бу кыысчаан кэлин улаатан ийэ аналын сүгэрэ буоллар”- диэн бэйэтин уоскутунара. Зоя иһигэр тымныы грелка уурара, илиитигэр сүрэх тэбиитин бэрэбиэркэлиирэ. Сарсыарда Зоя хараҕын аһан сытта, “Иһим син биир аһыйар эбит дьии! Күүскэ да күүскэ утуйан хаалбыппын эбит дьии, ити укол кэннэ. Миигин сынньаннын диэбиттэр быһылаах. Ой, оттон тоҕо бу эрэһиинэ сытар испэр? Өссө иһигэр уулаах быһылаах, тымныы”- диэн кыыс соһуйан илиитинэн грелканы убахтаан, эмирийэн көрдө. Зоя Николаевна палатаҕа киирдэ, Зоя уһукта сытарын көрдө. “Доброе утро, зайка. Как себя чувствуешь? Что болит? “- Диэн ыйытта. Зоя мичик гынна уонна эттэ"Хорошо, немножко живот болит только. А почему мне воду положили на живот? " “А это чтобы живот не болел сильно”-диэтэ быраас уонна грелканы ылан бистэ"она уже не нужна. А голова не болит? " “Нет, не болит”. “Ну, тогда можешь встать, походить, но в корилор не выходи, горшок под кроватью. Завтрак девушка тебе принесет, поешь обязательно”- лиэтэ быраас уонна таххан барда. Зоя туран хос иһигэр хаамыталаата, арай эмискэ иһин түгэҕэ аһыйан итии баҕайы буолла. “Инник буолара буолуо, иһим аллараа түстэҕэ дьии”-диэн бэйэтин уоскутта. Палаатаҕа эдэр кыыс киирдэ уонна саҥата суох тумбаҕа хааһы, килиэп уонна чэй ууран таҕыста. Щоя аччыктаабыт аххай буолан начаастык сиэн бистэ барытын. Маргариталаах Зоя Николаевна киирдилэр палатаҕа. “Ну как ты себя чувствуешь? Ничего не болит? “- Диэн ыйытта Маргарита. “Ничего, месячные пришли”- диэтэ кыыс. “Так и должно быть, ничего всё будет хорошо”- диэн баран Маргарита оҕо төбөтүн эмирийдэ. “Ты пока здесь сегодня и завтра поһудешь. Уколы будут ставить и таблеточки попьешь, хорошо? А завтра посмотрим, можкт ломой пойдешь., Но в коридор не выходи, ни с кем не разговаривай кроме нас, ладно? " Хорошо- диэтэ Зоя. Чэ, курдук Зоя эмтэнэн икки хонон дьиэтигэр таҕыста.

Маргарита Маапаны балыаһаҕа ыҥыран кэпсэттэ:“Марфа, сеголня дочь можешь забирать и ни в коем случае с ней, с родными на эту тему не говори! Надеюсь, Егор ничего не знает? Это подсудное дело то что мы сделали. Да и сама ты это понимаешь! " Мааппа:“Ну, конечно, дорогая! Я ничего не говорила, просто у ребенка живот заболел сказала. Спасибр тебе, подруга. Я тебе тушу оленя передам как только нам отправят! " Ити курдук Зоя дьиэтигэр тахсыбыта. Бу күнтэн ыла Денис Зоялыын кэпсэппэт буолта, ийэлэрэ мээнэ кырбаабат буолта, Дьөгүөссэ буоллаҕына кыыһын таптаан сыллаан таххара.

Дьэ ити курдук Зоя тугу сэрэйбэккэ улаатан истэ, Денис оскуолатын бүтюрэн дойдутуттан үөрэххэ туттарса барбыта, балтытын тыыппакка. Зоя дьиэтин көрөрө, аҕатын кытта бултка балыкка сылдьыһара, ийэтин кытта отоннуу барсара күһүҥҥү күннэргэ. Зоя уолаттары кытта билсээччитэ суоҕа, бииргэ үөрэнэр эрэ оҕолорун кытта кэпсэтэрэ. Оскуола практиката сайын аайы буоллаҕына кини барара, оттуу, теплица, оҕуруот көрөөччүннэн, үүннэрээччиннэн. Ол курдук номнуо сыл ааһан Зоя оскуолатын бүтэрэн студент олоҕун билэ көрө дьоллоох Дьокуускай куоракка барбыта, соҕотох, Мааппа да гүөссэ даҕаны кинини арыаллаабатахтара. Зоя куоракка кэлэн педучилищаҕа туттарсан иитээччи идэтигэр туйгуннук үөрэнэрэ. Биир кырдьаҕас эбээтигэр олорбута биир хоско. Бу эбээтэ Мааппа ийэтэ этэ. 80-Тан таххыбыт эмээхсин Өрүүнэ диэн ааттааҕа, куоракка икки хостоох, баанналаах, туалеттаах квартиралааҕа. Эбээтэ биир хоһун дьоҥҥо куортамнаан олороро. Ол кэмҥэ эбэтин дьиэтигэр биир эдэр уол уонна кини убайа олороллоро. Уол аата Өндөрөй, оттон убайа Убаан диэн ааттаахтара. Уйбаан ханна эрэ центрга театрга үлэлиирэ, оттон Өндөрөй артыыс үөрэҕэр үөрэнэрэ, Зоя саастыы этэ. Зоя эбэтэ кыыһы кытаанахтык тутара, онно манна сырытыннараачыта суоҕа, үөрэҕиттэн хойутаатаҕына мөҕөрө. Зоя маҥнайгы курска үөрэнэн секцияҕа, музыкалтнай кружокка иҥин сылдьыан олус баҕарара. Эбэтигэр этэн көрбүтэ да, эмээхсин сөбүлээбэтэҕэ:“Сылдьыма онно манна, манна куорат, дэриэбинэ буолбатах, араас дьон элбэх, куһаҕаҥҥа үөрэтиэхтэрэ, онно манна тириэрдиэхтэрэ! “-Диирэ. Эмээхсин сиэнин сөбүлүүрэ, киэһээ аайыы баайарга, тигэргэ үөрэтэрэ, ас астыырыгар бииргэ илдьэ сылдьара. Дениһы олус сөбүлээбэт эбит, сымыйаччы, уоруйах диирэ. Ол иһин дьиэтигэр олордубат эбит, маҥнай кэлэн олордо сылдьыбыт этэ. Ону Зоя наһаа диэн дьиктиргиирэ. Биирдэ, өрөбүлгэ Зоя эбэтин кытта бэрэскии астыы олорон ыйыппыт:“Эбээ, ол тоҕо Денис куһаҕаный? Туох буруйун оҥорбутай? " Ону эмээхсин кэпсээбит:“Пенсиям кэлбитигэр ыскаапка уурбуппун уорбут этэ уонна отойун мэлдьэһэн хаһыытаабыта, үөхпүтэ миигин”-диэн баран хараҕын соттубута. “Одьэ эбит дии, тоҕо ол ылбытай! Ийэтэ куруук оттон харчыны ыытар этэ дьии”-диэн Зоя сөхпүтэ. Ол түүн Зоя утуйбата, ону маны, уруккуну хойуккуну санаан, “Ол аата Денис уруккуттан да уорара буолуо, урут миигин ийэм да аҕам да сынньаллара эн уорлуҥ харчыны диэннэр. Ол мин ылбаппын да диэтэхпинэ итэҕэйбэттэрэ, куруук миигин уоруйах дииллэрэ. Оттон Дениһы хаһан даҕаны таһыйаллара суоҕа, кини куруук чиэһинэй, бэрээдэктээх уол дииллэрэ. Онтукалара олох даҕаны кырдтаҕас эбээбин хаһыытаабыт, өссө үөхпүт”-диэн эбээтин аһынара. Зоя түргэн тарҕан туттуулаах буолан үөрэҕин кэнниттэн эбэтин дьиэтин сууйан, сотон ылара, маҕаһыыҥҥа сүүрэн кэлэрэ, кта, эмтэрин ылан. Аһылык астаан биэрэрэ.

Устудьуон буолар күннэригэр, ол сэтинньи ыйа быһылааҕа, таһырдьа тымныйан, тыалыран, күһүҥҥү таҥас кэтиллэн кыһыҥҥа бэлэмнэнэр мнэр эбит. Зоя ол тухары, эбэтэ боллоневай чараас куурканы ылбытынан, кроссовканнан сылдьара. Эбэтэ Мааппаҕа звоннаан мөҕүтүннэ"Эн бу кыыстаахпын дэнэҕин лу, суох ду? Таһырдьа кыһын буолан эрэ ээ, кыыһыҥ буоллаҕына чараас атах таҥастаах, кууркалаах сылдьар дии! “Диэн эттэ. Биир нэдиэлэннэн баһыылка кэллэ, Зоя аатыгар. Зоя наһаа үөрдэ, дьэ ийэтэ кинини н биир хайдах да буоллар, саныыр эбит диэн. Эбэтигэр кэоэн үөрбүтүнэн эттэ:“Эбээ ийэм бпһыылка ыыппыт! " Баһылкатын арыйа баттаата. Хаһыакка сууламмыт таҥас дии санаата уонна ону арыйда. “Ой! Бэргэһээ! “-Диэн үөрдэ кыыс уонна кэтэн бистэ. Мааппа хаалбыт андатр түүтүнэн бэргэһэҕэ маарыҥнатан тигэн кыыһыгар ыыппыт. Бэргэһэтэ мөһөөччүккэ маарыҥныыра, сымнаҕас, кондара кыра лэппэҕэр кулгаахтара уһун гына тигиллибит этэ онтун эрэһиинэлээбит этэ. “Оо, бу тугу тигэн дьаабылаабытый ити дьахтар! “- Диэн эмискэ Зоя диэки көрөн баран хпһыытаата эмээхсин.

Зоя соһуйан дьигис гынна. Эмээхсин кыыстан устан ылан илиитигэр кэттэ уонна өрдөрө көрдөрө эттэ:“Көр бу! Тугуй бу, ээ! Бэргэһэ да бу! Туох эрэ мөһөөччүгүн ыыппыт дьии! Аата сүрүн! Сатаан аны тикпэт буолбут дуо, ийэҥ, э! “- Ньиэрбинэйдээтэ. Зоя саҥарбата даҕаны кыайан уонна баһыылкатын өссө көрө барда хоско. “Оттон бу өссө биир бэргэһэни укпут дьии”- диэн баран эһэтигэр таҕыста. Зоя ондатртан бэрт үчүгэйлик киэбинэн тигиллибит бэргэһэни көрдөрдө уонна эмиэ кэтэн көрдө. “Пахай! Наһаа улахан дьии! Бу миэхэ барбат даҕаны, Денискаҕа ыыппыт быһылаах, кини маннык сараҥа өҥнөөх бэргэлэрдээх этэ ээ”- дьиэтэ кыыс. “Бэйи, тохтоо! Билигин ити дьахтарга эрийиэм! “- Диэн баран эмээхсин кыыһыра кыыһырп төлөппүөннээтэ. “Мааппа! Бу дьэ ыыппыекын ылан арыйанолоробут кыыскынаан. Ити туох дьаабы киэбэ да туга да суох, мөһөөччүк курдугу ыыттыҥ! Биирэ үчүгэй даҕаны аны кыыс төбөтүгэр олус улахан дьи! “- Диэн хаһыытаан эттэ. “Биирэ Дениска ыыппытым, кэлэн ылыаҕа, оттон биирэ ити Зояҕа да барсыаҕа. Уонна тугу да ыыппаппын! “- Диэн эппиэттээтэ Мааппа уонна төлөппүөнүн быраҕан бистэ. “Ооо, дьиикэй! Көр да маны, баар суох соҕотох кыыһвгар дьаабы бэргэһэни өссө ыыта ыыта өһүргэнэр ээ, баҕайы! “-Диэн саҥарда кырдьаҕас эмээхсин. Чэ, буоллун, ити уола кэллэҕинэ кэпсэтиэм! Диэн кытаанахтык саҥарда уонна. “Эбээ, кыыһырыма, мин бааныам бэйэбэр бэргэһэни”-диэн Зоя уоскута уоскута эбээтигэр эттэ. “Ээ, мин оҕом бааныам диэтэ дьии”-дии дии эбэтэ сүүһүттэн сыллаан ылла. “Уонна бу диэки тэрилтэҕэ муоста сууйааччы наада лиэбиттэрэ. Кыра да буоллар харчыланыан этэ бо, син биир ийэҥ эниэхэ харчы ыыппат, көмөлөспөт. Онон билигин эн, Зоя улахан киһигин, кимтэн да көмө көрдөөбөккөҕүн бэйэҥ үөрэнэҥҥин, үлэлээҥҥин атаххар туруоххун наада”- диэн сиэнигэр сүбэлээтэ эмээхсин. “Сөп, эбээ. Мин сарсын бараммын ыйытыам үлэни”- диэн сөбүлэстэ кыысчаан. Ол сарсыҥҥытыттан Зоя кэпсэтэн муоста сууйар буолта киэһээ аайы, үөрэҕин кэнниттэн. Ыйлар, хонуктар түргэнник ааһаллара оҕоҕо. Саас кэлэн, таһырдьа сылыйан, күн сардаҥалара итиитик тыгаллара, хаары ууллараллара, таммахтар түһэллэрэ дьиэлэр үрдүлэриттэн. Ыам ыйа саҕаланан эрэрэ. Биир киэһээ Өндөрөй хойукка дьиэҕэ суоҕа. Ол күн кини хойутаан кэлтэ, уонна биир табаарыһын аҕалбыт этэ. Зоя Өндөрөйдүүн табаарыстыы курдук буолтара. Өндөрөй күн аайы үөрэнэрэ, театрдарга баран үлэлиирэ, эмиэ харчыга наадыйара. Зоя Өндөрөйү кытта өйдөһөллөрө, сороҕор иккиэн дьиэ таһыгар кэпсэтэ, сэлэһэ күүлэйдээн кэлэллэрэ. Эбэтэ Өндөрөйү сөбүлүүрэ:Ити үчүгэйкээн баҕайы оҕо быһылаах дьии? “- Диэн аргыый сэмэйдик ыйытара Зояттан. “Оннук ээ”-диирэ биирэ. Бу үүммүт киэһээ Зоя дьылҕатын буккуйбута. Өндөрөй дьиэҕэ кэлэн баран эбээҕэ уонна Зояҕа эттэ:“Бу мин доҕорум, Бииктэр, билсэн биһиҥ” Бииктэр"Дорооболорун! Үтүө киэһээннэн”- диэн баран Зоя диэки мичик гынна. Зоя соһуйда даҕаны, үөрдэ даҕаны, ити киниэхэ ким да инник сылаастык көрбөтөҕө уолаттартан. Кыыс сүрэҕэ дьэлби күүскэ тэптэ. Уолаттар хосторугар киирэн хааллылар. Зоя эбэтэ сиэнин көрөн"Оо, бараххан. Мин оҕом үөрбүтүн даҕаны, уолу көрөн”-дии санаата иһигэр. “Чэйдиэххэ баран”-диэтэ уонна. Зоя туран кухняҕа барда уонна остуолун тарта. Эмээхсин"Мин оҕом тоҕо үчүгэйэй!! " Дии дии олоппоско олорунна.

“Оттон бу хойут кэлбит уолаттарбыт аһаабаттар дуо? “- Диэн хаһыытаата эмээхсин. Өндөрөй хостон таххан баран эттэ:“Аччыктаатыбыт ээ, аһыахха да сөп. Эбээ, ити табаарыспын икки үс хонорун ллүөҥ дуо? Барар сирэ суох. Аармияҕа бараары хамыһыйаҕа кэлтэ”- диэн көрдөстө эмээххинтэн. “Хайыыбыт, Зоя? “-Диэн ыйытта сиэниттэн, бэрт дьээһэтик көрөн. Зоя ону “Оттон хонор сирэ суох буоллаҕына хайдах биһиги даҕаны үүрүөхпүтүй? Баттаа, эбээ”- диэтэ кыыс. Өндөрөй эбээоээх Зояны сүүстэриттэн үөрүүтүттэн сыллаан ылла уонна Бииктэри аһылыкка ыҥырда. Бииктэр уол уһун уҥуохтааҕа, хап хара хойуу баттахтааҕа, мэник хара харахтардааҕа, уонна үөрүнньэҥ да этэ. Уолаттар остуол тула олордулар. Уонна чэйдээн бардылар бары. Бииктэр уонна Зоя бэйэ бэйэлэрин уорсан көрө олордулар. Өндөрөй күннээҕи ьыалаларын кэпсээн барда. Онтон эмээхсин ыйытта:“Оттон бу табаарыһыҥ тыла суох дуо? Бэйэҥ тускунан кыратык сырдатан ыларыҥ буоллар”

“Суох, суох, тыллаахпын ээ! “-Диэн күллэ Бииктэр. “Ньурбаттан төрүттэхпин, кыра бырааттахпын, балтылаахпын. Ийэм, аҕам бааллар. Бэйэм бу аармияҕа бараары хамыһыйабар кэлтим, сүрэххэр туох эрэ мэһэйдээххин диэннэр ылар, бэрэбиэркэлэтэ"диэн кэпсээн барда. Зоя Бииктэри көрө көрө дьэлби күллэ"Ити эн тоҕо ыллаан эрэр курдук саҥараҕыный? “- Диэн ыйытта. “Эс, мин ыллаан саҥарбаппын ээ, хата бэйэҥ ыллыыр курдуккун дьии”-диэтэ. “Мин даа? Суох ээ, мин эмиэ ыллаабаппын ээ”-диэн эппиэттээтэ Зоя уонна мичик гынна. Өндөрөй күллэ уонна эттэ"Ити Зоя дьээбэлээн этэр”- диэтэ Бииктэргэ. Эмээхсин истэн баран ттэ"Ээ, мин эмиэ ол сиртэн төрүттээхпин. Хата манна бары ол оройуоннартан сылдьар эбиппит дьии. Зоябыт эрэ куорат төрүттээх” Ити курдук билсэн, чэйдээн баран бары утуйа бардылар. Сарсыныгар дьиэҕэ эбээлэрэ эрэ олордо, оҕолор ким үөрэнэ, Бииктэр хамыһыйатыгар барыталаатылар. Зоя үөрэҕин кэннэ үлэтигэр сылдьан кэллэ дьиэтигэр. Эбээтэ утуйа сытарын көрөн хоско аргыый киирэн таҥаһын уларыттан кухняҕа таҕыста, чэйдии түстэ уонна экзаменыгар бэлэмнэнэ кинигэлэрин ааҕан барда. Кини маҥнайгы куурсун бүтэрээри сылдьара. Экзаменнара:анатомия, педагогика буолуохтаах этэ. Ону, Зоя анатомияны отойун сөбүлээбэт этэ, тоҕо эрэ. Ол орлоҕуна Бииктэр кэлбитэ. “Дорообо, красаабысса”-диэн кыыһы соһуппута. Зоя кыыһыран” Тоҕо миигин оһутаҕыный? “-Диэбитин бэйэтэ да билбэккэ хаалла. “Аргыый уонна, эбээутуйа сытар”-диэтэ. “Таһырдьа бэрт үчүгэй буолбут, сылыйбыт аххай дьии. Таххан хаамсабыт дуо? “-Диэн ыйытта Бииктэр. “Мин экзамеммар бэлэмнэнэбин ээ”-диэтэ Зоя. “Чэ, мин көмөлөһүөм онтон кэллэхпитинэ”-диэтэ Бииктэр. “Сэп чэ, барыахха”-диэн сөбүлэстэ кыыс. Аргыый аҕайдык хааман дьиэттэн таххан бардылар кыыстаах уол. “Эн тугу сөбүлүүгүнүй? “-Диэн ыйытта уол Зояттан, суол устун хааман иһэн. “Барытын! “-Диэн күллэ Зоя. Кинилэр ол кэмҥэ барахолка диэн миэстэҕэ тиийэн кэлбиттэрэ ол кэмҥэ. Бу манна дьон араас ону маны атыылыыллара. Ол хааман иһэн Бииктэр биир атыыһыт дьахтар таһыгар тохтоон осметиканы көрө турда уонна биир, элбэх өҥнөөх краскалардаах, сиэркилэлээх шкатулканы ыйан баран:“Миэхэ бу маны атыылаа, мин ылыам”-диэтэ. Зоя Бииктэр балтытыгар кэһии ылан эрэ дии санаата. Бииктэр харчытын биэрэн ан атыыласпыт шкатулкатын Зояҕа уунна уонна :“Бу эниэхэ”-диэтэ. Зоя наһаа соһуйда уонна улахан харахтарынан ктэр диэки итэҕэйбэтэх курдук көрдө. “Миэхэ да! “-Диэн ыйытта. “Аһа, мин эниэхэ бэлэхтиибин”- диэтэ Бииктэр. Зояҕа хаһан даҕаны бу курдуе хайа да уол тугу да бэлэхтээбэтэҕэ. Иһигэр элби үөрдэ даҕаны, хайдах эрэ куттана санаата"Бу тоҕо маны мтэхэ ыллай бу кини? Тугу гынаары? “- Диэн һигэр саныы түстэ. “Ыл, мин ис сүрэхпиттэн бэлэхтиибин! Куттаныма, мин үчүгэй кыыска баччаны эрэ бэлэхтиэм дуо? Ыйы да, күнү да ылыахпын баҕарабын эниэхэ! “- Диэн соһутта кыыһы. “Уай! Аата сүрүн! Ол тоҕо оннук диигин? “-Диэн ыйытта Зоя. “Эн үчүгэй кыыскын, ол иһин! “- Диэн эппиэттээтэ Бииктэр. Зоя уол бэлэҕин аргыыйдык ылан баран махтанна, “Наһаа сыаналаах дьии”-диэн кыыс долгуйан эттэ. “Ээ, ону санаама"диэн баран кыыһы кууһан ылла эмискэччи. Зоя уолуйан уолу илиитинэн анньан бистэ"Тыытыма миигин! “-Хаһыытаан бистэ уонна. “Алҕас, бырастыы гын”-диэн көрдөстө Бииктэр. Зоя саҥата суох хааман барда, Бииктэр кэннититтэн хаамта. “Наһаа Үчүгэйкээн кыыс ди бу! Аармияттан кэллэхпинэ кэргэн ылыам! “- Диэн иһигэр саныы истэ уол. Өссө хаамыталыы түстүлэр кыыстаах уол, онтон дьиэлэрин диэки бардылар. Бииктэр элбэх саҥалаах ан Зояҕа араас көрүлүөстэри кэпсээн күллэртиирэ. Зоя хаһан да бу маннык үчүгэй күн үүммэтэҕэ, ким да бу Бииктэр курдук боростуойдук сэлэспэтэх эбит, Зоя бу уолу кытта сылдьан күлэн үөрэн сырытта, бириэмэлэрэ бэрт түргэнник ааспыт курдуга. Дьиэҕэ кэлбиттэригэр Зоя эбэтэ туран көрүлүөргэ таххан кэтэһэн турара. “Хайа, бу хантан дьоллонон кэллиҥ!? -Диэтэ кыыһырбыт саҥатынан эмээхсин. Зоя куттанан төбөтүн төҥкөтөн аргыый аҕай эттэ"Кыратык күүлэйдии түстүм Бииктэрдиин”

“Ыл дьиэҕэ киир! Оттон эн! Тохтоо! Кэпсэтиэм эниигиннин! “- Диэн баран Бииктэри тохтотто. Зоя түргэн баҕайытык сүүрэн хаалла дьиэҕэ. “Эн, эр киһигин, кыыс төбөтүн иирдимэ! Ити кыыс үөрэниэхтээх, үөрэхтээх кыыс буолуохтаах, ону эн мэһэйдээмэ киниэхэ! “- Диэн ттэ эмээхсин Бииктэргэ. “Эбээ, уоскуй! Сиэҥҥин тыыппатым биир да тарбахпынан! Армияттан кэоэн баран ойох ылыам сиэҥҥин! “-Диэтэ ону уол. “Тоҕо түргэҥҥиний! Саҥа кэлэн бараҥҥын! Биир да хоно иликкин ди! Сымыаннан миэхэ кэпсээмэ”-диэн уордайбыттыы саҥарда уолга. “Мин сымыйалаабаппын! Кырдьыгы этэбин! “-Диэн эппиэттээтэ Бииктэр уонна дьиэҕэ киирдэ. Эмээхсин киирэн баран хоһугар киирдэ, Зоялыын кэпсэтээри. Зоя бэлэҕин көрө олорор этэ. “Эбээ, көр бу, миэхэ Бииктэр бэлэхтээтэ”-диэн үөрбүт куолаһынан саҥарда. “Ээ, мин оҕом үөрбүтүн даҕаны үчүгэйин. Зоя, эн ити уолу билбэккин дьии, сэрэнэ сырыт, албыннатан биһиэҥ”- диэн аргыый аҕай Зояны сыллаан ылла. “Сөп, эбээ”-диэтэ кыыс. Инник курдук икки хонон баран Бииктэр Зояны көрдөстө"Зоя, баһаалыста миигинниин барсыаҥ дуо, портка? Мин барар билиэппин ылыахтаахпын”-диэн.

Бу икки хонугу быһа киэһээ аайы кухняҕа олорон Бииктэр Зояҕа көмөлөһөн абырыы сылдьара, анатомия кинигэтин барытын кэпсээн, суруйан биэрбитэ. Зоя Бииктэр бу кинигэни билэриттэн олустук да соһуйара, ыйытар ыйытыытыгар эппиэттэн биэрэрэ, сиһилии. Зоя кыра оҕо курдук учкуталы имтэрин курдук барытын өйүгэр хатыыра, суруйара тэтэрээдигэр. Оттон бу, билиэт ылыахтаах күнүгэр"Барсыам! “- Диэбитэ уонна “Бачча миэхэ көмөлөспүтүгэр аккаастаабат буоллаҕым дьии”- дии санаабыта. Бииктэр кыыс барсарыттан дьэлби үөрбүтэ, эбэтигэр тиийэн көҥүл ылбыта"Эбээ, Зоялыын портка бара сылдьарбытын көҥүллүөҥ дуо? Куттаныма сиэҥҥин тыытыам суоҕа, икки чааһынан төннөн кэлиэхпит”- диэбитэ. “Сөп, нохоо. Бириэмэтигэр кэлээриҥ! “- Диэн көҥүллээбитэ эмээхсин. Бииктэр Зоя илиитин сиэтэн барбыта. Бу күннэргэ, тоҕо эрэ Өндөрөй бэрт куруук солото суох этэ, кини эмиэ экзаменнарга бэлэмнэнэр буолан хойут кэлэр буолта. Ол иһин кини бу Зоя табаарыһын кытта сылдьалларын билбэт да этэ. Автобуска олороннор Зоялаах порт диэки айаннаатылар. Портка тиийэннэр каассаҕа уочараттаатылар. Онтон билиэт ылбыта Бииктэр уонна эппитэ"Сарсын көтөр буоллум”. Зоя хайдах эрэ хомойо санаата. Бу курдук сырдык ыраас санаалахтык Бииктэрдиин сылдьыбат буоллаҕа дьии. “Баран куоратынан хаама түһэбит дуо? “-Диэн ыйытта Бииктэр. “Аһа, барыахха”-диэн үөрдэ Зоя. Уоллаах кыыс автобуска олороннор центрга айаннаатылар. Бииктэр ол тухары араас көрүдүөс кэпсээннээри кэпсээн Зояны күллэрэрэ, аралдьытара. Площадка тиийэн кэлэннэр хаамсан бардылар. ÷Зоя, эн сатаан хаартыга оонньуугун дуо? “- Диэн эмискэччи ыйытта уол. “Дурак эрэ сатыыбын, уонна эбээлиин баарстааччыбын. Ону тоҕо ыйыттыҥ”-диэн ыйытта кыыс. Киэһээ оонньоорубун эниигинниин-диэтэ Бииктэр уонна бэрт дьиибэлээхтик көрөн ылла кыыс диэки. Кыыс толкуйга түстэ. “Кусаҕаны санаама, мин эниигин тыытыам суоҕа”-диэн уоскутта уол. Зоялаах Бииктэр уулуссаннан хаамсан, күүлэйдээн, кэпсэтэн дуоһуйаннар дьиэлэригэр төттөрү айаннаатылар. Киэһээ буолбутугар Бииктэр Зояны хоско ыҥырда. “Эбээ кыыһырыаҕа! Уолаттар хосторугар киирэрбин абааһы көрөр ээ”- диэн аккастанна кыыс. Бииктэр"Оччоҕо билигин мин кухняҕа остуол тардыам, чээй иһэ иһэ уохпут, дуу? “-Диэтэ. Зоя эбэтин хоһугар киирэн хаалла уонна орнугар сытта. Эбээтэ номнуо утуйа сытара. Арай ким эрэ кыыһы баттаҕын таарыйар курдук эбит. Зоя соһуйан көрбүтэ, Бииктэр илиитин уунан ньэһиилэ тиийэр тиийбэт ыккардынан кыыс баттаҕын таарыай турар эбит аан диэккиттэн. Зоя аргыый туран кухняҕа барда. Арай көрбүтэ остуол үрдэ араас фрукта, кэмпиэт, бэчиэнньэ арааһа турар эбит. ! “Хайыы? Бу туох бырааһынньыгай? “-Диэн соһуйан ыйытта Зоя. “Ити мин сарсын барабын дии, эниигинниин эрэ остуолга олоруохпун баҕараммын бу хойукка дылы кэтэстим, эбэҥ мэһэйдээбэтигэр хаартылыахпыт, аһыахпыт диэммин”- диэтэ Бииктэр. Оннук гынан кыыстаах уол олороннор чэйдээтилэр уонна хаартылаан бардылар. “Бу оонньуубут баҕа санааны толоруу диэн буолар”-диэтэ Бииктэр. “Ол аата? “- Өйдөөбөтөхтүү ыйытта Зоя. “Ол аата мин үстэ хоттордохпуна эн баҕа санааҕын толоруом, диэбиккин барытын. Оттон эн хоттордоххуна мин баҕа санаабын толоруохтааххын. Ону эн булгуччу толоруохтааххын, сөп дуо? “- Диэтэ Бииктэр. “Чэ, буоллун даҕаны”-диэн сөбүлэстэ кыыс, һаҕаны тугу да толкуйдаабакка. Кини наһаа диэн Бииктэргэ эрэнэр уонна итэҕэйэр этэ. Хаста да оонньоотулар хаартыннан. Түмүгэр, Зоя хотторуулаах буолан хаалла. Зоя дьэлби кыыһырда, абатыйда даҕаны, ол да буоллар хайыай, эппит тылыгар турар буоллаҕа дьии. Бииктэр баҕа санаатын толоруохтаах. Иһигэр кыыс куттана саныыра, тугу куһаҕаны этиэ диэн.

“Ураа”-диэтэ Бииктэр, ытыһын эмирийэн уонна үөннээхтик көрдө кыыс диэки. ‘Ооо, иэдээн”- дии санаата Зоя. “Куттанныҥ? “-Диэн ыйытта уол, кыыс куттаммытын көрөн. “Суох”- диэн сымыйалаата Зоя уонна ис иһигэр куттанан олордо. Бииктэр олоппостон туран баран кыыс диэки хаамта уонна биир тобугар туран Зоя илиитин ылла, эмирийэ эмирийэ эттэ:“Бастакы баҕа санаабын этэбин - Зоя, эн миигин аармияттан кэлэрбин кэтэһиэхтээххин, иккис санаам атын уолаттары кытта билсиспэккин да сылдьыбаккын уонна үһүс баҕа санаам миэхэ кэргэн тахсаҕын! “-Диэн биир тыынынан этэн бистэ уол. Зоя тыла суох курдук саҥата суох олордо, истэн баран. “Сыллыый, мин эниигин маҥнай көрөөт даҕаны таптаабытым, итэҕэй миэхэ”- диэтэ Бииктэр. Зоя хараҕын уута эмискэччи таххыбытыгар, кыбыстан илиитин тардан хоһугар сүүрэн, аанын саптан бистэ. Ороҥҥо сыттыгын кууһан ылан ытаан барда. Киниэхэ ким да хаһан да инник эйэҕэс тыллары эппэтэҕэ. Бииктэр түүнү быһа утуйбата, төбөтө барыта Зоя саҥата, күлэрэ иһиллэр курдуга. Сарсыарда эбээтэ туран сиэнин уһугуннаран эттэ:“Зоя, аан таһыгар Бииктэр эниигин кэтэһэн турар, тугу биэрээри ду ыйытаары ду? " Зоя түргэнник таҥнан хостон таҕыста, суунан тараанан таһырдьа таҕыста. Бииктэр таһырдьа Зояны кэтэһэн турара, көтөрдүү бэлэмнэнэн. “Зоя, мин бэҕэһээ хомоттум дуо эниигин? Оннук буоллаҕына бырастыы гын, дуу? Ол эрэн, мин дьиҥнээҕи эппитим “- диэтэ. Зоя Бииктэргэ чугааһаан кэлэн илиититэн сиэтэн ылла уонна эттэ:“Мин эн эппиккин толоруом, кэтэһиэҕим кэлэргин, кимниин да билсиэм суоҕа уонна кэргэн тахсыам” Бииктэр үөрүүтүттэн Зояны өрө көтөхтө уонна иэдэһиттэн сыллаан ылла. “Урааа! Эн миэнэ эрэ буолаҕын! Миэнэээ! “- Дии дии хаһыытаата. Зоя сирэйэ кытаран хаалла уонна кыра оҕо курдук күлэн саһыгыраан барда.

Бииктэр дьоллонон, үөрэн көтөн дойдутугар барбыта. Кинини Чита диэки икки сылга аармияҕа ыыппыттара. Зоятыгар күн аайы сурук суруйан ыыталыыра. Оттон Зоя экзаменнарын биэскэ туттартаан, дойдутугар практикалана барбыта. Зоя Бииктэртэн биири кистээн дууһата ытыыра, хайдах диэн этэрин билбэт этэ. Ол да буоллар биир киэһээ олорон киистэлэҥин билинэригэр быһаарынан суругунан суруйда! :“Күндү доҕорум, Бииктэр! Мин бу дууһам миэстэтин булумаары гынна! Мин эн иннигэр улахан кистэлэҥнээхпин, ону суруйарга быһаарынным. Эн ааҕан баран эппиэтин ыксаабакка этээр. Мин кыыс буолбатахпын. Оҕо эрдэхпинэ миигин улахан уол күүһүнэн ылбыта кыыспын. Бырастыы көрдөһөбүн эниигиттэн, доҕоччугуом! Эппэтэхпэр, кистээбиппин эниигиттэн! Ииппит аҕам этээччи миэхэ -киһи чиэһинэй буолуохтаах, уонна эппит тылыгар туруохтаах, эппиэттиэхтээх. Онон, мин эппит тылбын тутуһуом эн ханнык быһаарыыны ылыннаххына. Чэ, манан кылгас суругум бүтэр. Зоя. “- Диэн суруйан ыытан бистэ.

Бииктэр, бу Зоя суругун, тутан, ааҕан дьиктиргээтэ уонна эппиэтин тутаныта суруйда:“Чычааҕым! Көмүһүм миэнэ! Эн эрэ миэхэ наадаҕын! Ону маны куһаҕаны санаама! Ол урут буолбуту эргитимэ! Эргиллэн кэллэхпинэ кэргэн син биир ылабын эниигин! Сыллыыбын, ууруубун эн соҕотох доҕоруҥ Бииктэр”-диэн баран суругун ыытан бистэ. Дьэ ити курдук, Зоя иитээччи идэтин баһылаан бүтэрэн дойдутугар кэлэн оҕо саадыгар үлэлээн барда. Оттон Бииктэр аармиятын бүтэрэн кыыска тиийэн кэлэн, кэргэн ылан, икки амарах оҕолонон бу сиргэ эйэ дэмнээхтик куоракка кэлэннэр олороллор.
ЧЭ БҮТТЭ БУ СЭҺЭНИМ, КҮНДҮ ААҔААЧЧЫЛАРЫМ! Бу сэһэним олоххо буола сылдьыбыттан быһа тардан суруйдум. Махталы Айыы Куо.

Ааҕааччы
10 июля
Ол иһин да дьиҥнээх олохтон буолуон сөп этэ, хата саатар инникитин дьоллоохтук олордор, кини да биир кыһалҕалаах киһи олоҕун олоро сатаата. Санаата кытаанаҕа бэрт буолан. Сатаан санаабаппын, син оҕо иитэ ылар буолан баран тоҕо инник айылаах атаҕастыыллара буолла? Улахан эппиэтинэскэ ылан иитэр буоллахтара. Ииттилэр да оҕону үөрэхтээх, үлэһитоҥорон, олоҕун оҥосторугар тирэх буолуохтаахтар этэ

Айыы Куо
10 июля
Ааҕааччы, сөпкө суруйбуккун! Ити Дьөгүөссэ ыараханнык ыалдьа сытан даҕаны кыыстан бырастыы тылы көрдөөбөтөҕө, оттон Мааппа бүтэһик суолугар Дениһы ыҥырбакка, биллэрбэккэ даҕаны кыыһын ыҥыран оҕолотон туораабыта, эрэйдэнэн бараахтаабыта. Зоя иитиэх дьоннорун ол да буоллар бырастыы гыммыта, төрөппүт дьонун көрдөөбөтөҕө даҕаны.

Айыы Куо
10 июля
мама, уонна да атын сэҥээрэн аахпыт ааҕаачыларбар тулуйан, кэтэһэн ситэри аахпыккытыгар барыгытыгар улахан махтабын тириэрдэбин. Барыгытыгар үтүөнү, кэрэни баҕарабын!

Сайыына
11 июля
дьэ бэрт интэриэһинэй кэпсээн буоллар, ол эрэн отто дойдуга маннык дьоннор бааллара хомолтолоох(

Аагааччы
14 июля
Онтон Денис кэнники Ханна тиийдэ

Айыы Куо
16 июля
Аагааччы, Денис дойдутугар тиийэн олорор, ойохтоммута, түөрт оҕолоох, балтын Зоялыын көрсүһэттэр, кэпсэппэттэр. Зоя даҕаны билсиэн баҕарбат убайын кытта. Биир да аймах суох да буолтун иһин Зоя онтон хомойбот, бэйэтэ атаҕар тура сатыыр, күүс кыайарынан. Сүрэҕэ мөлтөх да буоллар оҕолорун туһугар олорор бу дойдуга!

Сэнээрээччи
16 июля
Олох диэн эрэйдээх суол. Кыыс котоку ыйаага итинник буоллага. Ологор син учугэй дьон керсеннер олохтон кэлэйбэтэх. Мааны ийэ буолара буолуо.

Пепси
22 июля
Бу хаһан буолтуй бу кыыс кэлинни олоҕо хайдах эбитэ буолла

Йц
23 июля
Оппуонньа ханна тиийдэ

Маша
17 августа
Кэпсээни ытыы2 аахтым, итинник сидьин дьон баарыттан киһи эрэ кэлэйэр, абарар. Махтал. Бэйэн уонна чугас дьонун доруобай, дьоллоох, этэннэ буоллуннар.

Алып
20 августа
Наһаа үчүгэй кэпсээни аахтым, барахсан кыыс дьылҕата ыараханын, хата ыал буолан оҕо төрөппүт

Аагааччы27
16 сентября
Ол Зоя эн да айыы куо?

aleksaslep
15 октября
Наһа да учуой кэпсээн, олох наһа да ыарахан уустук, олоххо арааһынай буолар. Хата Зоя улаатан баран аналын дьолун булбутуттан наһа уордум

Добавить комментарий